Текст книги "Сааскы кэм"
Автор книги: Николай Мординов
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 7 (всего у книги 26 страниц) [доступный отрывок для чтения: 9 страниц]
Микиитэ үөрдэ, ааны одуулаһан олордо.
Сэмэн оҕонньор бэрт аргыый унньулуйан киирдэ, торбос үтүлүгүн, тэрэпиискэ бэргэһэтин наһаа холкутук уҥа көхөҕө ыйаата уонна сүөгэй иирдэ олорор эмээхсинин диэки хайыһан көрөөт, хайдах эрэ чугурус гынна, туох да хоһооно суох соһумар улаханнык «Һуо!» диэн кыланна. Микиитэ төйөн хаалла. Ол курдук чыпчылыйбакка эмээхсинин супту одуулаһан турбахтаан баран, дьэ хоһоонноохтук ордоотоото:
– Бу күлүккэр туттан, туох аһын астыыгын, с…!
Эмээхсин кыратык дьигис гынна уонна ыаҕаһын халбарытан, оҕонньор диэки хайыста. Били күлэ-үөрэ олорор дьон бары кирийдилэр, кыччаатылар, суһуктуйдулар. Кэпсии-ипсии чаҕаарыйа олорбут Балааҕыйа тута бүдүк кырдьаҕас эмээхсин буолан хаалла. Сэмэн уот кытыытыгар тиийэн көхсүнэн турунан баран, чэлкэхтээх киэҥ харахтарынан тымныы-тымныытык ол-бу диэки кынчыатыы турда, туора киһи баар эбит диэн кыратык да сэҥээрэ барбата, халтарыта көрүтэлээн аһартаата. Ол курдук турбахтаан баран, эмиэ хоһооно суохтук кылана түһээт, бардьыгынаан ыйытта:
– Хайа, чэйбиэт?
– Ситэ оргуйа илик ээ, – диэтэ эмээхсин, бэрт улахан буруйдаах быһыынан.
Оҕонньор тугу да саҥарбакка эрэ, чаанньыгы сулбу тардан таһааран оһох кэннин диэки уунан умса тутан кэбистэ уонна кураанах чаанньыгы холумтаҥҥа иҥнэри бырахта.
– Бу ас хаһан!.. – диэн хаһыытаат, уокка кыынньа турар чугууннаах үүт диэки иҥиэттэн кэбистэ.
– Сотору кыынньыаҕа… – эмээхсин куолаһа титирээн барда.
– Оччоҕо күөлгэ тоҕо быраҕан… – Оҕонньор ырбаахытын икки сиэҕин ууннары тардыталаан баран, чугууннаах үүтү харбаан ылла да, таһырдьа дьулуруйда.
Микиитэ, ким эрэ өлөрөөрү эккирэппитин курдук, ыйылыы түһээт, оҕонньору аттынан мүччү түһэн таһырдьа ыстанна…
Кэнники да Сиидэркэ уола оҕонньор дьоҥҥо-сэргэҕэ күлэр-оонньуур, үтүө майгыннаах аатырар.
Сор да буолар эбит! Ханна баарый атаҕастаммыт аралдьыйар сирэ, аһыннарар киһитэ?..
Түөрт уол икки суханан, түөрт оҕуһунан уонча хонукка үгүс сири сухалаатылар, үлэлэрэ бүтэрэ чугаһаата.
Микиитэни уолаттар атаҕастыыллар, араастаан муҥнууллар, биир да саҥаны сүгүн саҥарпаттар. Чэй иһэ олорон, «тыаһыы-тыаһыы» киниэхэ балыйаллар; өлүү лэппиэскэтин быыкаайыгы быраҕан биэрэн баран, бэйэлэрэ «алҕас» былдьаан сиэн кэбиһэллэр; сири сутурҕалаан көрө-көрө: «Манна кылаат сытар, тыаһа хобурҕас!» – дэһэллэр уонна кинини ыган туран, ол сири хастараллар. Ол курдук аһаан-сиэн баран, «тойоттор» табахтыы быардарынан сытан хаалаллар, Микиитэ мэччийэ сылдьар түөрт оҕуһу тутуталаан, иккитэ кырынан буолак аннынааҕы бадарааннаах сүлбэҕэ уулатан таһаарар.
Кини Мииппээҥҥэ сиэтээччи. Сүүнэ улахан күрүҥ оҕус өрө мэҥийэн үрүҥ күүгэн томторуктанар, дьэбиннээҕинэн тиэрэ-маары көрүтэлиир, иһирдьэ-таһырдьа бүгүллэҥнии хаамар, кыл быатынан уол илиитин быһыта тыытар. Уолаттар ыһыыларын-хаһыыларын ортотугар бэрт муҥунан оҕуһун көнөтүк хаамтаран, кини холкутуйар. Умна түһэрин кытта суха тутааччыта сухатын өрө көтөҕөөт, соһумардык кыланар да, сулламмыт хахыйах кымньыынан оҕус сиһин уһаты курбуулуур. Оҕус мүччүрүтэ көтөр, туорута ойор, Микиитэ бүдүрүйэн охтор. Көр-нар буолар уолаттарга. Микиитэ ытаамаары аллараа уоһун хам ытырбахтыыр да, тыа, күрүө, тартарыллыбыт сир барыта биир бутумах буолан күөгэлдьийэр.
Туох иһин бачча абааһы көрөллөрүн билбэт. Кинилэр бэйэлэрэ атаҕастабылга сылдьар дьон. Атаҕастана үөрүйэхтэр бэйэлэринээҕэр мөлтөҕү булан атаҕастаатахтарына астыналлар. Оннук көстүбэтэҕинэ көлүнэр оҕустарын кырбыыллар, дьиэтэ суох ыты атаҕын тоһута быраҕаттыыллар.
«Эйигин да өлөрбүт, ыты да өлөрбүт синэ биир», – дэһэллэр. Сокуонньуттара ньаллырҕай Уйбаан этэр: «Микиитэ, кырдьык да, туоһу суох ээ. Оҕус муоһунан сиэлийэн кэбистэ диэтэххэ, бүтэр дьыала». Кырдьык да, оннукка дылы.
Биирдэ чэй иһэ олорон, ыххайан туран, Микиитэни хаарты оонньоттулар. Икки уол хаартытын өҥөйөн көрө-көрө, Мииппээҥҥэ имнэнэллэр, тарбахтарын хамсаталлар, кулгаахтарын, муруннарын туппахтаналлар. Аҕыйаҕы сүүйтэрдэҕинэ төлүүрүгэр тиийэр, үгүс сүүйтэрии төлөбүрүн киниттэн ким эрэйиэй! Бөдөҥ-бөдөҥнүк уурталаан, түргэн-түргэнник сүүйтэрэн барда. Мөһөөҕү сүүйэн баран, өйдөннүлэр.
– Сүүйүүнү аҕал, – диэн буолла.
– Мөһөөгү дуо? Өссө сүүйэ түспэккит дуо?
Уолаттар сирэйдэрин көрсүһэ түстүлэр. Өлөксөй ол-бу диэки малаараҥнаата, төгүрүк төбөтүн имэриммэхтээтэ уонна үһүүрэн кэбиһээт, эттэ:
– Мөһөөгү тугунан төлөөрү гынар сыакаарый бу! «Мөһөөк» диэни эн билэҕин дуо?
– Мөһөөгү бүтүннүү ылан бэйэ киһитин алдьатар сатаммат, – диэн ыттаҥнаата Уйбаан, бэдэр мэйии. – Үлэлээбитигэр ылар балтараа солкуобайын билигин биэриэҕэ, уоннааҕытын сааһын тухары төлүө буоллаҕа.
– Сааһым тухары хамначчыт гыммакка саатыаххыт ээ!
Аҕыйах саҥалаах Мииппээн аргыый туран кэллэ, таҥнары өҥөйөн акыйда.
– Тоҕус уон сүүһү билигин ырааһынан ыл, уонун сарсыардааҥҥа дылы күүт.
– Бу киһигит хата элэк гынар буолбат дуо?! – диэтэ Уйбаан.
– Хара түөкүн, өссө элэктээх баҕастаах! – Мииппээн уолугуттан харбаан эрдэҕинэ, уол хайдах эрэ мүччү садьыйда да, тыа диэки сүүрдэ.
Уончалаах уолу сүүрбэччэлээх киһи тулуппата, тыаҕа балачча киирбэхтээн эрдэҕинэ, ситэн ылан умсары дайбаан кэбистэ. Микиитэ охтоот, тиэрэ эргийдэ, Мииппээн ойон кэлэн уол иһигэр тобуктуу түстэ. Уот сиэбит бадарааныгар тимирчи баттанан, уол оччо ыалдьыбат, тыына хаайтарар.
– Чэ, бааһырт, бааһырт… үҥсүөхпүт, – диэн бобуллаҥныыр, бааһыртарыан олус баҕарбыт курдук буолар.
– Бааһыртарбакка саатыаҥ ээ… – кини бүтэй бобута харбыалыыр, тобугунан миккийэр.
Уйбаан тиэрэ-маары үктэнэн, сүүрэн саппырдаан кэлэн, эттэ:
– Доҕоттоор, туруҥ эрэ. Тыл-өс буола сылдьаарай…
Кырбааччы өс киирбэх тура эккирээн, үлэлиир сирин диэки хойуоҥнаата. Микиитэ куруҥ инчэҕэй буорун сүгэн турбутун Уйбаан хоҥнорута тыытта.
Икки уол тугу эрэ ботугураһан кэпсэтэ истилэр. Босхо-босхотук мүлгүрүҥнүүр тобуктардаах тиэрэ атахтарынан хаадьараҥнаан иһэн, Уйбаан тугу эрэ үгүстүк саҥарар, сэмэлиир быһыылаах. Анарааҥҥы аҥала, нэстик акылдьыйан иһэн, дөрүн-дөрүн киҥинэйэр.
Быарынан сытан табахтыы хаалбыт Өлөксөй улаханнык соһуйа тоһуйда:
– Хайа, доҕор, бу сатананы өлөрөн кэбиспэтэххин дуу?
– Өлөттөөй, кэбит, доҕой, – диэтэ Уйбаан.
– Кырдьык даҕаны… – диэн баран Мииппээн эргиллэн, туох да быһаарыыта суох акаары харахтарынан уолу «супту» көрөн турда.
– Өлөр ээ! – диэн часкыйа түһээт, Микиитэ инчэҕэй буору, эмискэччи харбаан ылан сирэйгэ быраҕан ньылк гыннараат, сүүрэн маҕыйда.
Эккирэтиһии буолла. Буолак аннынааҕы бадарааннаах сүлбэни кырыйа сүүрэн истэҕинэ, анарааҥҥыта көхсүн халты харбыалаата, Микиитэ ыксаан, ууга ыстанан кэбистэ. Кэннигэр эмиэ уу тыаһаата. Ууга охто-охто, киинигэр диэри кэһэн баллаахтаан туораан баран көрбүтэ: Мииппээн этэрбэһин айаҕар ууну киллэримээри киэҥник атыллаан ахчаҥнаталаан төннөн тахсан эрэр эбит.
Микиитэ олоро түһэн этэрбэстэрин элээмэлэрин ньылбырыта тардыталаата. Уолаттар быраҕаттыыр хаппыт буордара сиирэ-халты түһүтэлээтилэр. Микиитэ этэрбэстэрин икки аҥыы кыбыммытынан ойон турда да, балаҕанын диэки сүүрэн ыһыллаҥныы турда.
Киэһэтигэр Микиитэ эбэтэ Баһыахтыыр Балбаара кэлэн, оҕото атаҕастаммытын истэн кыратык айдаарбахтаан баран, торбуйаҕы көрөөрү оһох кэннигэр барда. Ол кэмҥэ Сыллай Луха кытар гына түстэ. Холуочук. Чиҥ-чиҥник үктэнитэлээн, Микиитэҕэ чуо кэлэн үрдүттэн таҥнары өҥөйөн кэбистэ:
– Нохоо, эн үлэни ыһан, күрээн кэлбиккин. Барыах!
– Барбаппын, уолаттарыҥ киһини… – уол ытаары ыгыллаҥнаата.
– Барыах диибин. Илдьээри оҥостон кэллим.
– Барбаппын…
– Илдьэн арахсыам, кэрэдэк! – олорор уолу окумалыттан харбаан, сулбу тардан ылла.
Дьэ, доҕоор, сохсо суулларыныы соһумар алдьархайы төлө тарта эбээт! Баһыахтыыр Балбаара баттаҕа арбайбытынан, тырыттыбыт лаҕыыр ырбаахыта күөдэллэммитинэн ойон кэллэ да, Сыллайы түөскэ кимэн кэбистэ. Сыллай өрө чинэрис гына түстэ. Эмээхсин икки модороон харытын ньыппарыммытынан, кутаа уотунан илгистибитинэн барда:
– Хойуугар бөтөҥҥүн, убаҕаскар чачайаҥҥын, баайгар бардамнааҥҥын, Сыллай түөкүн, киһиттэн чиэски тылламмыккын, урааҥхайтан ураты майгыннаммыккын! Көтүрдэр тииһим миилэтин, көрдөр хараҕым дьүккэтин дьэ хайдах гынан күүскүнэн илдьэ бараргын көрдөҕүм!
– Эмээхсин, аргыый, аргыый…
– Аҕаҥ хаартынан илэтиискэлээн аан дойдуну саралаан муспут баайыгар уһаты уойдаҕыҥ, туора тоттоҕуҥ ини! Биһиги эмиэ дьоммут!
Сыллай кэннинэн аан диэки сыҕарыҥнаан истэ. Эмээхсин кимэн киирэн истэ.
– Иирдиҥ дуу, эмээхсин, бэйи…
– Иириэм! Уһуктааҕынан анньыам, биилээҕинэн охсуом. Баҕыста сытыйбыт сирэйгин быһыта сынньаммын ааккын алдьатыам, сураххын сууйуом. Киэр буола тарт, икки харахпар көстүмэ!
Сыллай таһырдьа даадахыс гынна. Эмээхсин аан ороҥҥо олоро түстэ, өрө уһуутаан кэбистэ, ытыстарынан баттаҕын силэйтэлээтэ уонна сүр холкутук эттэ:
– Дьиккэр, киһини кыыһырдан, арааһы саҥардан эрдэҕин… «Икки харахпар» буола-буолабын. Биирим да мэлийэн эрдэҕинэ… Чэ, Сөдүөччүйээ, чаанньыккын таһаар. Хотон хонтуорабар хойутаары гынным…
Кинээс ыйааҕаДьөгүөрдээн бэрт өр ыарытта. Кэриэс тыл этээри оҥостон баран: «Оҕолорум олус кыра дьон хааллыгыт. Сатаатар аны», – диэт, кыайан саҥарбакка уурайда. Ол курдук өлүөхчэ өлбөккө сытан баран, саҥардыы арыый үтүөрэн, онтон-мантан тутуһан уот кытыытыгар кэлэр буолан эрэр. Ыаллар сонуоктара ньуолах күөҕүнэн бүрүннүлэр. Арай Лэглээриннэр быыкаайык сонуоктара үлэлэммэккэ турар. Кыһыны быһа хоргуйа-хоргуйа сиэбэтэх, тахса-тахса ытыстан ытыска кутан көрөн астыммыт отут муунта ньэчимиэннэрэ куулга култаччы баайыллан дьааһыктарыгар сытар. Аҕалара үс-түөрт хонугунан үтүөрэ охсон бурдугун ыһар тыллаах.
Урут турааччы киһи ийэлэрэ биир сарсыарда соһумар сонуннаах киирдэ:
– Дьөгүөрдээн, сонуокпутун Сахаар оҕонньор сухалаан эрэр.
– Туох даа?! Иирдэҕэ дуу ол…
Өлөксөйдөөх Микиитэ илбиркэй суорҕаннарын хаһыйан кэбиһээт, ойон туран ааны сэгэтэн көрдүлэр. Сахачаан Алаапыйа диэн кыракый уҥуохтаах чаҕаарыйбыт дьахтарга салдьыр муостаах дьаҕыллаах оҕуһун сиэттэрэн, бэйэтэ суха тутан, Сахаар оҕонньор сонуок хабыллар хаба ортотунан хайа тыырдаран баран эрэр эбит.
Ытык кырдьаҕаска Дьөгүөрдээн титирэстээн тиийиэр диэри биһиги Сахаар оҕонньору кытта билсэ түһүөххэ.
Сахаар Масчыт, Бэһиэлэйэптэр тастыҥ аймахтара эрээри, кинилэри кытта тапсыбакка, аҕатын хос аатынан Масчыт диэн араспаанньаламмыт. Кини ааттаах булчут. Бэйэтин кэпсээнинэн, Одун Хаантан оҥоһуулаах, Дьылҕа Хаантан ыйаахтаах булчут. Былыр түһээтэҕинэ, иччилэр иһин хайытан көрөн бараннар: «Улуу ойуун буолуоҕун таалын уҥа кырыыта арыый мүлүркэй эбит. Онон улуу булчут буоллун» диэн түстээбиттэрэ үһү. Кыһын аайы тайаҕы, саһылы, бэдэри бултуур. Былыр эдэригэр улахан күүстээх киһи эбит. Ыкса ыала Дохсун Уйбаан, аатырбыт күүстээх киһи, соноҕос атын сиэтэн истэҕинэ, Сахаар кыдьыгыран:
– Түөкүн, мин көнтөспүн уорбуккун! – диэн хаһыытаабытынан ойон тиийэр.
Анарааҥҥыта утары дьардьыгыныы тоһуйар. Тардыалаһыы буолар. Сабыс-саҥа кыл көнтөһү быһыта тыытан кэбиһэллэр.
Ыалга киирэн баран балаҕан өһүөтүн өрө анньан үтүлүктээх бэргэһэтин кыбытаары гынар. Дьиэ үрдэ хамсаан, буор тохтубута үһү. Мары-мадьаҕар атахтардаах, мору-мотоҕор түөстээх мааһаҥнаабыт оҕонньор. Мултугур сэҥийэлиин, кылдьыылардаах сырдык харахтыын, омойбут уостуун, кини эмис собоҕо маарынныыр.
Уон биэстээх-алталаах соҕотох уола, бэрт өр ыалдьан, икки хараҕа суох буолан, муҥ бөҕөнү көрөн, саҥардыы өлбүтэ. Сэттэ уонуттан тахсыбыт аҕаарыма кырдьаҕас эрээри, чэгиэн буолан, көннөрү аҕамсыйбыт эрэ көрүҥнээх.
Ол эрээри кинини да «хаар бөҕө баттыыр» буоллаҕа. Сүлүһүннээх эбиэн ырбата буур тайаҕы туос иһит курдук тоҕу түһэрэ мөлтөөбүт, куһаҕаннатан куоттартыыр буолбут Садырыыннаах чолбон ырбата саһылы-бэдэри сүрэхтэн уураан, кылыыны мииннэрэ охтороро ахсаабыт, холтон-хоҥкучахтан халты хадьырыйар буолталаабыт. Кыраман ыраах олоотуу олорор улары чокуурдаах бинтиэпкэтинэн көмөгөйүн үүтүгэр түһэрэр бэйэтэ дьукку көтүтэн түүнү бурҕатар буолбут. Маны барытын харах уота өһөн, илии эрчимэ эстэн эрдэҕэ, сарыаллаах сайын ааһан салбыктаах күһүн кэллэҕэ диэхтээбэт. Булчут үҥэр үрдүк таҥарата Баай Барыылаах салыйдаҕа, хоргуттаҕа диир. Түүн аайы түһээн, ынырыктык энэлийэ туойан, ол Барыылаах таҥаратын араастаан ааттаһар, эргийэргэ, эйэлэһэргэ көрдөһөр. Барыылааҕа эргийбэт.
Бэҕэһээҥҥи бэдиктэр, эдэр булчуттар баай хара тыа түгэхтэринэн эҥсэ сылдьаннар тайаҕы, саһылы, бэдэри киллэрэллэр.
Сахаар оҕонньор мэлийэрэ үксүүр. Хаһан кимиэхэ хайдах чаахааны, айаны уларсыбытын, хаһан хайа үрэх баһыгар үрүйэ маарыгар саһыл холотун, тайах эбиэнин сүтэрбитин өйдүү сатыыр. Баай Барыылаах сылаас тыына ол сэптэри кытта атыҥҥа халбарыйдаҕа дии саныыр.
Оҕотун аһыыта, булдун хомолтото кини көхсүн «хараҕын» дьөлө баттыыллар, күөмэйин куурдаллар, үөһүн тарҕаталлар. Санаатыгар, кырдьаҕас барыта киниэхэ өстүйэн чарапчыланар, эдэр барыта кинини элэктээн мичээрдиир. Оҕонньор абаланар, өстүйэр, ситиһиэн баҕарар. Иирсэр, үөхсэр, үҥсэр. «Оҕом баара буоллар, оҕобуттан иэстиэхтэрэ диэн тардыныам этэ. Соҕотох бэйэбин тугу гыныахтарай» диэн тыллаах. Эмээхсининээн иккиэйэх бэйэлэрэ көлүнэр аттаахтар, оҕустаахтар, сүүрбэччэ сүөһүлээхтэр, ас-таҥас кыһалҕатын билбэттэр. Ол гынан баран, дьадаҥы быраатыгар былыыр-былыр биэрбит ынаҕын «төрүөхтэри-арыылары» иэстээн үҥэн муҥнуур. Иҥсэрэн буолбатах, өстүйэн. Кини араспаанньатын Масчыт диэн уларыппытын кэннэ анарааҥҥыта Бэһиэлэйэбинэн хаалбыт буруйдаах.
Бу кэмҥэ Дьөгүөрдээн «Сахаартан ылбыт туубар балык аанньа киирбэт» диэн кэбиспитэ оҕонньорго тиийбит. Өстүйэрэ, үөҕэрэ биллэр этэ. Ол эрээри киниттэн даҕаны маннык быһыыны көһүппэтэхтэрэ.
Аҕаларын кэнниттэн бары үөмэхтэһэн таҕыстылар. Сахаардаах эргиллэн, утары тартаран иһэллэр. Дьөгүөрдээн мас тайахтанан салҕаластаан сонуогар киирдэ уонна оҕонньордооххо уонча хаамыы чугаһаан баран, көхсүттэн саҥата тахсыбат буолан туран, эттэ:
– Сахаар оҕонньор, бу туох быһыытын быһыыланныҥ?
– Бэйи эрэ, – диэт, Сахаар уһун талах кымньыыны туппутунан ынырык холкутук мааһалдьыйан тиийэн кэллэ: – Киһи быһыытын быһыыланабын дии саныыбын. Сыыһанан аахтаххына, үҥэн тойотунан буойтар. Бу сири бачча тухары эн ыттыы сиэн олорбутуҥ. Түксү! Бу тулаайахтар сирдэрэ.
– Ханнык тулаайахтар?
– Бу Саабыннар!
– Сылтан сыл бэйэм табыйан таһаарбыт сирим буолбат дуо, бу?
– Табый да таралый! Бу дьон сирдэрэ. Нэһилиэгиҥ биэтэмэһин бараҥҥын көр. Бу дьоҥҥо уон муунта бурдук сирэ биэтэмэскэ ыйыллан сылдьар. Быйыл сиргин толору биһиги кутуохпут. Эһиил туспа кэпсэтии буолуо. Онон бүтэр. – Оҕонньор сухатыгар мааһалдьыйан тиийдэ да: – Тартар! – диэн хаһыытаата.
Салдьыр муостаах оҕус тардан дьүккүйбүтүнэн барда.
Дьөгүөрдээн суха суолун туорайдыы умса охтон түстэ, бурдугум сирин анныбыттан сулбу тардан ылыахтара диэбиттии, икки илиитин уунан уон тарбаҕын буорга батары баттаата уонна эттэ:
– Сахаар оҕонньор, миигин ортобунан быһа тартаран баран сирбин ылыаҥ! – Тоҕонохторо, хоннохторун анна тырыттыбыт, көхсө хайыттыбыт ырбаахыта өрө сыҕаллан таҕыста, хаһан да уларыйбатах лаҕыыр тордох ыстаанын иитэ дьэллэйдэ, ырыган көхсө сыгынньахтанан ырыттаҥныы сытта.
Оҕус сиэтээччи Сахачаан Алаапыйа «Тыый!» диэбитинэн чугурус гынна.
– Тартар! – диэн ордоотуу түһээт, Сахаар оҕонньор суха тутааҕын аҥаар илиитинэн харбаабытынан көнө түстэ да, оҕуһу кымньыынан курбуулаата.
Оҕус хоҥхочоҕун хоодьос гыннаран, икки кэлин атаҕын хатыйа үктүү түһээт, дьүккүйбэхтээн кэбистэ, Сахачаан Алаапыйаны соспутунан Дьөгүөрдээн үрдүгэр соҕотохто барыс гынна. Дьиэ кэргэнэ бары тэҥҥэ сарылаһа түстүлэр. Аҕалара этэ тардан дьик гынаат, сиригэр өссө ыксары сыһынна, икки хараҕын быһа симнэ. Сахачаан оҕуһу туора тардан таһаарда.
– Тартар! – диэн хаһыытыы-хаһыытыы, кымньыылаан куһурҕатта, сухата сири тырыта тыытта.
Онтон оҕонньор ойон кэлэн үҥкүүлүүр курдук тула тэпсэҥэлээтэ уонна Дьөгүөрдээни атаҕыттан соһон кэбиһээри нүрүс гынна. Онуоха Сөдүөччүйэ ыстанан тиийэн оҕонньор илиитигэр сөрөнө түстэ:
– Киһи утары көрбөтүгэр киһиргээн эн олустаан эрэҕин! Киһигин дуу, эн туоххунуй? Чэ, бачча дууһаны барыбытын кырган барбатаххына, саатыаҥ! – Оҕонньору тула көтөн сарымтахтана сырытта.
Микиитэ кыргыһыыга бэлэмнэнэн, тоһоҕо аҥаара маһы өрө тутан кэбистэ.
Оҕонньор арыый намырайда:
– Оҕо-дьахтар дьыалата буолбатах бу! Бу холуобунай дьыала! – диэмэхтээтэ уонна сытар киһини ырааҕынан эргийэ хаама сылдьан куолутуйда: – Бу иннигэр эн туохха тиийэргин билэҕин дуо, акаарыа? «Сокуоннай ойохпун сынньан барда» диэн баайыллаары, ойоххун буойбаккын. Сокуону эйигиттэн баҕас арыый ордук билэр инибин. Ыспыт бурдуккун үҥэн ылыам, икки киһи, биир оҕус күнүн төлөтүөм…
– Көҥүлүҥ буоллаҕа, эн бэйэлээх…
Сахачаан Алаапыйа ити бириэмэҕэ оҕуһу булгута охсон сыарҕаҕа көлүйэн аҕалла. Сахаар сухатын көтөҕөн ылан сыарҕаҕа тиэрэ быраҕан, Лэглээриннэри саана-саана, кэлгийэ турда.
– Дьөгүөрдээн, миэхэ хоргутаахтаама, мин ханна сирдээхпин-уоттаахпын да билбэт киһибин, – диэн ботугураан ааста Сахачаан Алаапыйа.
Сахаар оҕонньор оҕуһун миинэн, икки мас «боотулу» күрүө биир сүллүгэһин тосту тартаран, тахсан түҥкүлүү турда.
Аҕаларын өйөөн туруоран ахчарыстылар.
– Сахаар оҕонньор, тоҕо өлөртөөн кэбиспэккэ, бардыҥ? – диэн хаһыытаата Сөдүөччүйэ.
– Ччу! Сүгүн! – диэтэ аҕалара тобуктаан туран.
Саабын диэн быста дьадаҥы киһиэхэ былыыр-былыр манна уон муунта бурдук сирэ суруллубуттаах эбит. Сылтан сыл баһымньынан кэҥэтэн, Лэглээриннэр отут муунта сири таһаарыммыттара уонтан тахса сыл буолбут. Быйыл Саабын Арамаан өлбүтүн кэннэ, кини ойоҕо Сахачаан Алаапыйа икки кыра оҕотун уонна бүдүгүрэ кырдьыбыт хотунун батыһыннаран, тыһаҕастаах ынаҕын сиэтэн, Сахаардаахха көһөн кэлбит. Кини Сахаар эмээхсинин балта эбит. Уонча хонукка олордон баран үүрэн кэбиспиттэрэ, Сахачааннаах Лэглээриннэргэ көһөн кэллилэр. Итинэн дьыала бүтүөх курдук эбит…
От үлэтэ чугаһаабытын кэннэ биир ардахтаах боруҥуй киэһэ холумтаннарын толору мунду балыгы үөлэн, айдаара-аймана олордохторуна, Сахаар оҕонньор мааһас гына түстэ. Күөх сукуна сэлээппэтин чулбуччу тутан умсары кэппит, саһара эргэрбит убаҕас кыллаах дэйбиирин таҥнары намылыппыт, көҕөччөр түрүкүө кылгас болтуотун нэлэкэйдэммит, көлөһүннээх маҥан тиит баккытын өрө ньыппарыммыт. Мары-маадьаҕар суон сотолорун бөҕө бөтөҕөлөрө дьигиһис гыныахтарыгар диэри чиҥник үктэнитэлээн даадаҥнаан тиийэн уҥа ороҥҥо олорунна. Балаҕаны эргиччи көрөн будулутан баран, киэр хайыһан, аһаҕас аанынан дьиэ таһын одуулаһан кынчыатаата.
– Сахаар оҕонньор, тугу иһиттиҥ? – диэтэ Дьөгүөрдээн.
Оҕонньор дьиэ таһын одуулаһан кынчыатаабытынан олорон, бэрт аргыый туос холтуунун ылан боруоска сыҥсыйан, наһаа улаханнык ытырдан бытарытта уонна эттэ:
– Суох! Мин эрэйдээххэ туох кэпсээнэ кэллэҕэй… Арай эн бэйэлээх наадаҕар сорук-боллур уол буола сылдьабын. Улахан кинээһиҥ эйиэхэ кыраамыкы сурук ыытта. Ону тус бэйэҕинэн тутан хаал.
Бэркэ сылаарҕаабыт быһыынан нэмийэ-нэмийэ, үөһэ тыынан буугунатта, бэрт ыараханнык түөһүллэн икки өттүнэн иҥиэттэҥнээн хоонньун хаһынна, сиэптэрин оронно, тоҕо эрэ холтуунун аһан көрдө. Онтон сэлээппэтин түгэҕиттэн бакыат ылан күөрэччи уунна. Өлөксөй аҕатыгар илдьэ охсон биэрээри сүүрэн тиийбитигэр, суругу тэскилэтэн, уолу үрдүнэн өрө уунан кэбистэ. Ортотунан сургуустаах, икки куорсун сараччы ойууламмыт, үс муннуктаах бакыаты Дьөгүөрдээн ылан эргим-ургум тутта:
– Бу туох дьыалата эбит буоллаҕай… Куорсуннаах эбит.
– Тугун билиэмий. Кыраамыкы сурук ылбыт тойон аахтаран истиэҥ буоллаҕа дии. Куорсуннаах эбит дуо? Оччоҕо оҕо оонньуута буолбатах эбит буоллаҕа. – Сэлээппэтин умса уурунан кэбистэ, туран аан диэки мордьоҥноото; ааҥҥа тиийэн баран, тохтуу түһэн, бэрт аргыый эргилиннэ:
– Дьыаланы тус бэйэҥ тутан хааллыҥ ити.
– Туттум, – диэтэ Дьөгүөрдээн дьиибэ улгумнук.
Оҕонньор барда.
Бары уларса сылдьан бакыаты көрдүлэр-иһиттилэр. Бакыат Микиитэ илиитигэр иккиһин тиксэрин кытта: «Ааҕыым эрэ», – диэбитигэр, аҕата «Кэбис!» диэт, бакыаты сулбу тардан ылла. Онтон балачча өр биир сири көрөн турбахтаан баран, уолун диэки уунна.
– Чэ мэ, ааҕан да көр. Сургууһун алдьатыма.
Тоҕо эрэ бары сибигинэһэн сэрэтиһэ-сэрэтиһэ, сургууһу алдьаппакка бакыаты арыйдылар. Кырдьаҕас киһи адаархай суругун уол бытааннык салҕааттаан тохтуу-тохтуу аахта:
«Инородцу Егору Ляглярину.
Эсиги «Дулгалак» джиен хочогутун Захар Масчитка мин биэрдим. Староста наслега Иван Сыгаев».
Илии баттааһынын төгүрүччү тардан баран ортотугар киһи харахтарын, айаҕын, муннун ханньаччы ойуулаан кэбиспит. Туоска тордоммут бэчээти баттаабыт.
Молоохтор оттуур, иитиллэр Дулҕалаах диэн, дулҕанан бүрүммүт маар хочолорун нэһилиэктэрин улахан кинээһэ Сахаар Масчытка бэлэхтээбит… Дулҕа сиэлин тиниктэһэн аҕыйах бугулу туруоралларыттан мэлийбиттэр. Сахаар соҕотох бэйэтэ оттууругар дэлэй ходуһалаах оҕонньор. Дулҕалаахха кини наадыйбат. Хаамтараары соруйан буллаҕа.
Иккиһин-үсүһүн аахтылар: барыта оннук. Абаланыы, аһыйыы буолла. «Суругу тутуо суох баара. Тутан хааллыбыт да, толорорбутугар тиийэбит…. Итинник суругун ким билбитэй? Ырҕайа сытыйбыт аанньаҕа ыйаах ыыппатаҕа сэрэйиллэр этэ», – дэһэн булкуллаллар.
Сарсыҥҥытыгар, өйүүҥҥүтүгэр Дьөгүөрдээн суругу сэбиргэнэ быыһыттан ылан хаста да уолугар аахтарда. Биир эмэ тыла атыннык ааҕаарай, алҕаһыыра буолаарай дии саныыр. Онтон биир көстөөх сиргэ олорор «Улахан суруксут» киһиэхэ илдьэн аахтаран кэллэ.
– Бу киһибит суругу сөпкө аахпыт эбит, – диэтэ кини уонна балачча өр саҥата суох олорбохтоон баран, сүрдээхтик абаламмыт куолаһынан эттэ: – Ынайа сытыйбыт баара, Дулҕалаахпытын, кырдьык, бэрдэрбит… Сирбин биэриэм суоҕа, урут киирэн охсон кэбиһиэм, хайдах гыналлар, көҥүллэрэ!
Ол киэһэ Сахаар оҕонньор мааһарыс гына түстэ да, аантан туран көбүөлээтэ:
– Хайа, бу тойон, кинээһиҥ кыраамыкы суругун аахтыҥ дуо?
– Аахтым. «Дулҕалааҕы биэр» диэбит. Сатаан санаабаппын…
– Тугун билиэмий? Улахан кинээс ыйааҕын көтүрэр күүһэ суох оҕонньорбун. Биэр диэбит буоллаҕына, ыллаҕым дии.
– Мин хочобун биэрбэппин! Бу бачча дууһа биһиги хайдах…
– Сонуоккун биэрбэккин! Ходуһаҕын биэрбэккин! Эн бу туоххун саныы-саныы, киэбирэр дьабыҥҥыный? – Сахаар өрө көбүөлүү түстэ, холтуунун сулбу тардан таһаараат, төттөрү уктан кэбистэ.
– Дьадаҥыны, куһаҕаны бэйэҕит көрө-билэ сылдьаҥҥыт… Мин бачча оҕолоох-уруулаах киһи…
– Оҕото-уруута суоҕу, миигин, үөхтэҕиҥ дии! Хайыай! Ээ, дьиккэр оҕолор! Ити аата кэпсэтиллиэ! – Сахаар таһырдьа даадахыс гынан хаалла.
«Сахаар соруйан булла… Сүгүннээмээри гынна… Көрө сатаата» дэһэллэр.
Ыалларыттан киирэн аһыннылар. Бары: «Тыый, улахан кинээс ыйааҕын толордоххо табыллара буолуо», – дииллэр.
Сарсыҥҥытыгар туралларын аҕай кытта Сахаар оҕонньор эмиэ мааһарыс гына түстэ, сэлээппэтин уста биэрэн үс муннуктаах, муннугун аайы куорсун ойуулаах бакыаты ойутан таһаарда, дьиэ айаҕыттан ууммутунан, ыган кэллэ:
– Мэ, тойон, бу кинээһиҥ ыйааҕын тутаҕын дуо? Иккиһин кыраамыкы сурук ыытта.
– Туппаппын, өрүү тутуом суоҕа.
– «Мин оҕолоох-уруулаах киһибин» дии-диигин киэбирэҕин. Мин оҕом өлбүтүнэн үөҕэҕин. Үөдэни сирэйгин дэлби охсон тахсыах киһи… Мэ!
Кырдьаҕас киһи соҕотох оҕото өлбүтүнэн «үөхпүт» сураҕын истээт, Дьөгүөрдээн ыгылыйда. Оҕонньор алҕас өйдөөбүтүн этэн быһаарсаары хаста да оҕонньор диэки ньүрүҥнээтэ да, бакыаты харбаан ылла.
– Чэ, ити тус бэйэҕинэн туттуҥ!.. – диэт, оҕонньор таһырдьа даадахыс гынан хаалла.
Бу сырыыга сурук сургууһун алдьатан аахтылар.
«Инородцу Якутской Области, Амгинскаго наслега, Т/Улуса Егору Дмитриеву Ляглярину. «Дулгалак» хочотун Захар Масчитка биэрдим джиен ейиехэ иккисин етебин. Меккюсиме ерю. Бу ыйаахпын толорботокуна улахан буруйдах буолуонг.
Улахан кинээс Иван Сыгаев, Приложением казенной печати».
Икки бэчээт ууруллубут.
Эмиэ: «Дьыаланы тутуо суох баара…. Өйдөөбөт курдук… Үлүгэр эбит, доҕоттор», – дэһэн айдаара түстүлэр.
Дулҕалаах хочото барда.
Сайыны быһа баайдарга бэдэрээттэрин оттоон бараннар, Дьөгүөрдээн аҕата Молоох оҕонньордуун бэйэлэригэр оттоно күһүн ыраах үрэх баһыгар бардылар.
Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?