Текст книги "Сааскы кэм"
Автор книги: Николай Мординов
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 9 (всего у книги 26 страниц) [доступный отрывок для чтения: 9 страниц]
ҮҺҮС ТӨГҮЛЭ
ҮТҮӨ-МӨКҮ
Муҥнаах булугас, эрэйдээх этигэс.
Бырааттыылар
Амма үрэх кэтэҕинээҕи бүтэй хочо синньигэс кырдалыгар Дьөгүөрэптэр диэн үс бырааттыылар олороллор.
Кырдал илин уһугар Мэхээлэ Дьөгүөрэп олорор. Кини көбүс-көнө уһун уҥуохтаах, кыараҕас хардыыларынан сүр түргэн битиилээхтик хаампыт, түргэн бөтүгүрэс саҥалаах, бытыга суох уһун томтоҕор сирэйдээх, алта уонча саастаах киһи. Үс бырааттан кини убайдара. Мэхээлэ Дьөгүөрэптээҕи «Соҕуруу ыал» диэн ааттыыллар.
Кырдал арҕаа уһугар ортоку бырааттара Киргиэлэй Дьөгүөрэп олорор, онон «Хоту ыал» диэн ааттанар. «Хоту ыалтан» хоту биэс-алта дал, кыбыы, сылгы күрүөтэ баар; дал кэтэҕэр арҕастыы чараас титирик тыа көстөр, ол тыаны саҕалыы собус-соҕотох харыйа үүнэн турар, ону дойду иччитэ оонньоон үүннэрбит маһа дииллэр, кимиэхэ да тыыттарбаттар. Киргиэлэй Дьөгүөрэп киэҥник кэдирги дайбаан, киэҥ-киэҥник атыллаталаан хааман дайаҥныыр; кини сүһүөхтээх улахан муруннаах, саһархайдыҥы эрилийбит киэҥ харахтаах, нүксүгүр, улахан уҥуохтаах киһи.
Кырдал ортотугар кыра бырааттара Арамаан Дьөгүөрэп олорор. Төрөппүттэрэ оҕонньордоох эмээхсин киниэхэ олороллор; онон, Арамааннаах ааттара «Оҕонньордоох» диэн.
Арамаан хайа да бырааттарынааҕар баай уонна «аныгылыы» киһи буола сатыыр. Кэлэр-барар, айанныыр, «үтүөлэри» кытта билсэр. Кини кыҥнаҥныы-кыҥнаҥныы, үөһээ уоһун үрдүнэн кугастыҥы ньалака бытыгын имэринэ-имэринэ, тииһин быыһынан саҥаран сыыбыргыыр, мары-маадьаҕар атахтарынан көнтөрүктүк хааман түөрэҥэлиир.
Үс бырааттыылар тус-туспа дьон.
Мэхээлэ Дьөгүөрэп киэнэ бары быһыыта түргэн-дөбөҥ, нарын-ньамчы. Киргиэлэй Дьөгүөрэп – барыта холку, киэҥ, томороон. Дьон утуйа сыттахтарына Мэхээлэ үлэтигэр барар, күн арҕаалыырын кытта үлэтиттэн төннөр. Киргиэлэй хойут үлэтигэр киирэр, түүн төннөр. Мэхээлэ омуннаах, санаатын тута биллэрэр. Киргиэлэй дьиибэргии иһиттэҕинэ-көрдөҕүнэ унаарыччы «үөдээ-иин!» диэт, хайдах эрэ кулун кистииригэр маарыннаахтык, дьырылаччы күлэн кэбиһэр, сирбитин-сөбүлээбитин дөбөҥнүк биллэрбэт киһи. Мэхээлэ бастыҥ уус. Киргиэлэй хоро салаҥ. Мэхээлэ дьиэтин сэбэ-сэбиргэлэ, үлэлиир сэбэ барыта чэпчэки, чараас, дьоҕус, оонньуур курдук. Киргиэлэй киэнэ барыта томороон, толоос, ыарахан, адаҕа курдук. Мэхээлэ төҥкөйбөккө хонойон туран, сүр кыараҕастык тэлэн, быыстала суох сабаан от охсор. Киргиэлэй, көммөккө эрэ, бөкчөйөн сылдьан сүрдээх киэҥник тэлэн, бэрт бытааннык охсон эҥсэр. Мэхээлэ дьадаҥы, Киргиэлэй баай. Мэхээлэ бэрт ыраастык олорор, туттар, дэлэйдик аһыыр. Киргиэлэй наһаа күтүр, кэмчитик туттар, маратык таҥнар, үгүс сылгытыгар-ынаҕар кулут буолар.
Арамаан Дьөгүөрэп «аныгылыы, мааны» киһи буолан үлэлээбэт; эппиппит курдук, кэлэр-барар, эргинэр. «Кэпсэтиигэ» кини куруук сүүйтэрэр. Үтүө аты хайҕаан-хайҕаан баран, муоһа суоҕун аанньа «сомуорускай» диэн аатырар оҕус тыһаҕаска атастаһан кэбиһэр. «Сомуорускайа» түөртээҕэр тиийэн «туһалыырын» саҕана, арбаан-арбаан баран, өлөрөн сиэн кэбиһэр. Икки уостаах сааны ыар сыанаҕа атыылаһар; дьиэтин анныгар түспүт кустары ытан сыыһан кэбиһээт, киэһэни быһа саатын хайгыыр: «Икки ардыларынан көрөн ыппытым, көрбүт сирбин уот харахха саайда ээ», – диир. Саатын, билсиһэр үтүөлэригэр албыннатан, күттүөнэ суохха атыылаан баран, сирэн «тугу да таппат сэп этэ» диэн кэпсиир.
Сэппэрээтэр уонна иистэнэр массыына аан маҥнай киниэхэ баар буолбута. Сэппэрээтэрдэрэ аҕалара оҕонньор суоҕуна үүт астыыр, массыыналара оҕонньор суоҕуна иистэнэр. Ийэлэрэ эмээхсин маҥнай: «Туохпут баҕайытай?! Бачча тухары олоруллубута», – диэмэхтээн баран, айдааны тарпакка, оҕонньортон кистиир кыһалҕаҕа кыттыһан хаалар.
Микиитэ аҕалаах ийэтэ Киргиэлэй Дьөгүөрэптээххэ хамначчыттар. Эһэлээх эбэтэ Арамаан Дьөгүөрэптээххэ хамначчыттар. Быраата Өлөксөй үксүн эһэтигэр олорор. Хардарыта кэлэ-бара сылдьаллар. Арамааннаахха ордук: кинилэр астара дэлэй, араас ыалдьыттар сылдьаллар, оҕонньор дьиэҕэ суох кэмигэр оҕолор талбыттарынан айдаараллар. Тойон Арамаан дьиэтигэр аҕыйахтык баар буолар, оттон хотун Алаапыйа бэйэтэ кимтэн да ордук айдаарар, күлэр-салар, кини үчүгэй майгыннаах. Уонна Микиитэлээх эбэлэрэ Баһыахтыыр Балбаара сүрдээх күүстээх-уохтаах, дохсун эмээхсин, Алаапыйаҕа бэйэтэ хотун, кырдьаҕас оҕонньор суоҕуна, дьиэ иһинээҕи дьону барытын мөҕөн-этэн, ыһыахтанан күүдэпчилэнэн кэбистэҕинэ да көҥүлэ киһи.
Үс быраат аҕата аҥаар хараҕа суох, уһун уҥуохтаах хатыҥыр Дьөгүөссэ оҕонньор киэһэ ырбаахытын устан уокка аргынньахтаан олорорун таптыыр. Санаата көммүт киэһэтигэр бэрт көрүдьүөстүк былыргыны кэпсиир. Киҥэ холлубут киэһэтэ буоллаҕына, бокуойа суох хабарҕатын тарбана-тарбана унаарыччы «тыыннаах ыттар!» дии-дии дьону мөҕөр, ол быыһыгар оҕолорго эмискэччи эргиллэ түһээт, «Болҕойуҥ!» диэн бардьыгыныыр. Оҕонньор киҥэ киирбит киэһэтигэр бэрт үгүс киһилээх дьиэ курус буолар. Оннооҕор оһох уота хоргустук умайарга дылы гынар. Оччоҕо дьахталлар хаҥас диэки олорон: «Эмиэ муҥа киирбит», – диэн ботугураһаллар. Таһырдьа үлэлии сылдьар киһи «оҕонньор иһигэр былас муостаах киирбитин» истэн сэмэйдик туттан киирэр. Оҕонньортон куттаммат биир киһи баар – ол сааһын тухары кини хамначчыта, Микиитэлээх эбэлэрэ. Кинилэр «киирсиэхтэрэ» диэн биир куттал, «кииристэллэр» эрэ киэҥ айдаан, хайалара да хаалсыбат дьоннор. Дьолго, эмээхсин хотонтон тахсыбат, оҕонньор таһырдьаттан киирбэт.
Киргиэлэйдээххэ ыалдьыт аанньа сылдьыбат, көр-нар суох, тойон ханна да айаннаабат, хамначчыттарыттан ордук аһаабат-таҥныбат, итэҕэс үлэлээбэт. Хотун Дьэбдьиэ от мунньааччы, бурдук быһааччы бастыҥа, тиэрэ дайбаан мэтэлдьийэ сылдьан араас үлэни бүтэрэр-оһорор. Кини биир «сүрүн» итэҕэстээх, – кыыһырдаҕына төгүрүк хара харахтарын симириктээн, уһун, хойуу кыламаннарын бокуойа суох сапсыннара-сапсыннара, төбөтө титирии-титирии тохтообокко саҥарар да саҥарар. Кини ордук үлүһүйдэҕинэ хайдах эрэ чабырҕахха маарынныырдык саҥаран барар:
– Дьахтар курдук мэтэҥнээтэҕим дуу, ханаҥнаатаҕым дуу, куйбаҥнаатаҕым дуу, сырбаҥнаатаҕым дуу, чынаҥнаатаҕым дуу, чоноҥноотоҕум дуу! Саллар сааһым, үллэр үйэм тухары үрүҥ харахпын өрө көрбөккө үлэҕэ баттатабын. «Эн бэркин» диир буоллаҕыҥ… Эрэйдээх оҕолор! Кырдьыга даҕаны, мин бэрпинэн бу аҕыйах ынах-сылгы, бу мас балаҕан баһын билэн олорор инигин…
Киргиэлэй уокка аргынньахтаан, кылгас болотуна ырбаахытын уонна илбирийэн төгүрүччү сарымта быкпыт нэк истээх сарыы ыстаанын икки ардынан синньигэс биилин этэ кэтит кур саҕа кытаран, төҥкөйөн олорон, икки ньилбэктэригэр харыларын ууран баран, уп-уһун көнө тарбахтарын төбөлөрүн харсыһыннартыыр; ойоҕун дойҕоҕор үөрэнэн хаалан, иһиллии да соруммакка, кини букатын атыны толкуйдуу олорор быһыылаах. Ол эрээри, букатын кыыһырбакка эрэ, үөрэнэн хаалбычча, бэрт сэдэхтик төбөтүн өндөтөн:
– Һэ-һэ… Эн бэркин! – диир уонна эмиэ бүк туттан, бэйэтэ туспа толкуйдаабытынан барар.
Ити аҕыйах, холку тыллар, уокка кыраһыыны куппут курдук, Дьэбдьиэни эбии тэбиэһирдэллэр.
Араатары ыалдьыт киирэн, хотоҥҥо сүөһү харсыһан, ханнык эрэ кыра быһылаан тахсан тохтотор. Араатар тохтуур да, олох оннугар түһэн хаалар, кыра да хоргутуһуу, өстөһүү ханна да суох, ким да буруйдаммат, ким да кырдьыгын таһаарыммат. Таҥара дьиэтигэр сулууспа ылланан бүппүтүн курдук.
– Доҕоор, хайдах гыныах баҕайыный? Саа сэбэ атыылаһа түһүөххэ баар эбит дуу. Саас буолан эрэр эбээт, – диир Киргиэлэй.
Дьэбдьиэ тоҕо эрэ хаҥас хараҕын быһа симэ түһэн, толкуйдуурга дылы гынар уонна этэр.
– Билбэтим, доҕоор… Таҥас-сап хаалара бэрт ээ.
– Ээ, хааллын. Баҕар, араас куһу-хааһы сууһаран аҕалыллыа.
– Хааһы буолбакка! Эн кубаны өлөрүөҥ!
– Олорон биэрдин эрэ! Суон моонньун төрдүгэр ытан чаҕылыттахха кубабын диэ дуо, өлөөхтүө буоллаҕа.
Күлсэллэр, бэрт өр, бэрт эйэлээхтик сэһэргэһэллэр. Киргиэлэй сэһэнньит бастыҥа.
Донускуой хаһаактар сүүрэн иһэр ат биирдэ ойуутугар аннынан үстэ эргийээт, ыҥыырыгар лап гына олоро түһэллэр үһү. Кинилэр ат ыҥыырыгар туран баран, муҥ кыраадыһынан ойутан иһэн саабыланан икки өттүлэринэн кууһуннартаан аастахтарына, өстөөх ыраахтааҕы саллааттарын төбөлөрө, уот сиэбит дулҕаларын тамнааттаабыт курдук, төкүнүһэллэр үһү. Дьэ оннук дьоннор… Оттон мин бэйи лаппа олорон баран сыгынньахтаныах тустаахпын: баҕар, көлөттөн охтуом, – диир кини саҥата утуйаары түһэрбит быыс кэнниттэн.
Ол түүн Микиитэ саабыланы өрө туппутунан ырыых-ыраах сис тыа курдук барыйан турар өстөөх сэриитин диэки муус маҥан аты муҥунан көтүтэн иһэр буолар. Күнүһүгэр, оҕуруот баҕаналарын төбөлөрүттэн хаары суулларыта охсо-охсо, сүүрэлиир.
Эбэтэр Киргиэлэй «бэстилиэнэй тыһыынча!» диэн сүрдээх ынырык суолу оонньуу-күлэ кэпсиир.
– Чыккымай кус биир сымыытын биэс киһи араччы көтөҕөр буолуо үһү. Киһи ол курдук кыччыа-мөлтүө үһү. Ол кэмҥэ отут төгүрүк сылы мэлдьи умайар уот кураан буолан, бар дьон хоргуйуохтара. Баҕа холо балтараа мөһөөк, чоху буута тоҕус уон сүүс…
– Пахыый! Ол кэриэтин өлбүт көнө! – диэн хаһыытаһа түһэллэр.
Онуоха Киргиэлэй:
– Үөдэттэ-иир! Өлөр эмиэ да кытаанах ини… Баҕа холо бэрт ас буолуо буоллаҕа, – диир уонна дьырылаччы күлэн кэбиһэр. – Оччоҕо куул муҥунан кыһыл көмүһү сүгэн сылдьар киһи, чардааттаах киһи уҥуоҕун тоҥсуйа-тоҥсуйа: «Аата эн, дьоллоох киһи буолаҥҥын өлө сыттаҕыҥ, мин бу муҥу көрө сырыттаҕым», – диэҕэ.
Микиитэ аҕатын кэтит көхсүн кэннигэр сытан, куттанан, муунньаҥныы-муунньаҥныы, илбиркэй нэк суорҕанын анныгар киирэн барар, ийэ-хара көлөһүнэ түһэр, тыына хаайтарар.
Дьон бары утуйан хаалаллар, оһох уота сирэлийэ-сирэлийэ, умуллан барар. Микиитэ «бэстилиэнэй тыһыынча» туһунан саныыр. Чыккымай биир сымыытын биэс киһи араччы көтөҕөр буолтун кэннэ биир киһи кууллаах кыһыл көмүһү сүгэрин дьиибэргии саныыр да, уһугар тиэрдибэккэ санаатын атыҥҥа салайан кэбиһэр. Өлбүт киһини ордук санааччыны сэмэлиир, тыыннаах хайаан да ордукка дылы. Чыккымай сымыытын биэс буолан көтөҕөр дьон кыралара бэрт буолуо, биир куһу өлөрбүт киһи кыһыны быһа сиэ эбит ээ, – дии санаат, ордугургуурга дылы гынар.
Дьон бары сүрдээхтик кыччыыллар-мөлтүүллэр. Аан дойдуга биир эрэ билиҥҥи киһи хаалар. Ол кини. Кыыһырдаҕына, билиҥҥи эрбэһин курдук, тииттэри турута тыытан быраҕаттыыр, биэс киһи көтөҕөн сордоммут сымыытын айаҕар уган кэбиһэр. Киэлимэ диэн үс нэһилиэк оттуур ааттаах күөл онно ходуһаны Эрдэлиир, Тохороон, Найыын, Туу уола эҥин диэн быстар дьадаҥы дьоннорго биэртэлиир. Билэр мааны кыргыттарын барыларын араас бэйэтин курдук сирэлиспит-боролуспут уолаттарга ойох биэртэлиир, ким утарыласпыты барытын кыргар. Ол эрээри, биир да билэр киһитин өлөрбөт, барыларын аһынар. Милиэтий диэн киниттэн быдан аҕа уол, куруҥ тыаҕа хаҥас быччыҥын быһа тутан туран куобах сааҕынан сирэйгэ быраҕаттаабыта. Арай ону хаайыыга угар. Милиэтий хаайыыга олорон ытыыра иһиллэр. Онуоха Микиитэ улам-улам аһынан баран, уол буруйун чэпчэтэ сатыыр, бэйэтиттэн араастаан көрдөһөр.
Кини тыаҕа кырбаабыта. Баһыахтыыр Балбаара уолун харытыттан харбаан ылаат, атаҕын сиргэ аҕыйахтык үктэннэрэн лэглэритэн, үс Дьөгүөрэптэр дьиэлэрин тастарынан кыһыл тылынан уоттуу сабаан, тэйиччи олорор Милиэтийдээххэ тиийбитэ. Дьон туох алдьархайа буоллаҕай диэн соһуйан, дьиэлэр тастарыгар бөлүөхсэн хаалбыттара. Дьулаан киһи күүдэпчилэнэн иһэр айдаанын истэн, Милиэтий эрбэһининэн бүөлүү үүммүт эргэ ампаар үрдүгэр саспыт этэ. Оттон төбөтүн чолос гыннарбытын Микиитэ көрбүтэ да, эбэтигэр эппэтэҕэ. Ампаар үрдүгэр батыччахтаан таҕыстаҕына киэҥ айдааны аһар киһи! Дьиэ иһигэр холоруктуу ытыллан киирээт Милиэтий эбэтигэр эмээхсин кириэтии түспүтэ:
– Икки хараҕыҥ элээмэтэ баар буоллаҕына, көр: бу көтүрдэр тииһим миилэтин, көрдөр хараҕым дьүккэтин бу оҕобун, эһиги уолгут хайдах кэбилээбитий! Уолгутун буойуҥ. Буойбатаххытына, мин буойуом! Ханна барда, ол түөкүн бэйэтэ? Ыал хамначчытабын диэм суоҕа, киэҥ айдааны тардыам! – дии-дии, эргичиҥнээбитэ, сирбиэтэммитэ.
Сэниэ ыал, ону ааһан Дьөгүөрэптэр уруулара, биир тылы сатаан утары эппэккэ хаалбыттара.
Микиитэ олус аһынан кэлэр, соҕотох хаайыылааҕы босхолуур. Ол курдук кырдьык – сымыйа кини өйүгэр булкуллар.
Киргиэлэй Дьөгүөрэп Микиитэ сүрэхтээбит аҕата. Микиитэ кинини таптыыр. Арай бииртэн куттана саныыр. Киһи аньыытын барытын таҥара сүрэхтээбит киһиттэн иэстиир үһү: «Эн кинини үөрэтиэҥ этэ», – диир үһү. «Онон сүрэхтээбит аҕа, хайаан да оҕо хаанын таһаарыах тустаах», – диэн кини кэпсиир. – Хааннаатаҕына кини ол дойдуга этэр: «Айыым-таҥарам, мин кинини үөрэтэммин, хаан тахсыар диэри кырбаабытым ээ. Ону истибэтэх буоллаҕа, бэйэтиттэн иэстээ». Микиитэ диэки ыйа-ыйа, Киргиэлэй этэр: «Бу уол сааһын тухары араас аньыыны оҥоруо. Ону барытын мин толуйуом дуо? Тохтоо, доҕор! Арай хааннаатахпына сөп буолсу».
Иннэ төбөтүнэн тарбаҕын кыратык дьөлө астар син да буолуо этэ. Ону таҥара ылынара дуу, суоҕа дуу? Аньыыны Киргиэлэй сүктэр, Микиитэҕэ эмиэ да барыыстаах буолуо эбит. «Ынырык суут» диэн дьулааннаах хартыына Мэхээлэ Дьөгүөрэптээх истиэнэлэригэр сыһыарыллан турар. Кини, улахан киһи, тулуйуо этэ, Микиитэ оҕо буоллаҕа…
Киргиэлэй биирдэ чэй иһэ олорон эппитэ:
– Бу уолга мин биир тыһы кулуну биэриэм этэ. Баҕар, сылгылаах киһи буолуо.
Онтон ыла, Микиитэ өргө диэри ол кулуну түүнүгэр түһүүр, күнүһүгэр санаа эргимтэтэ гынар этэ. Кулуна биэ буолан тыһы кулуну төрөтөр. Ону быраатыгар Өлөксөйгө бэлэхтиир. Кулуннар улаата-улаата, эмиэ кулуннары төрөтөн иһэллэр. Сотору кинилэр сылгыларын үөрдэрэ түптэҕэ кэлэн кэҕиһэ тураллар… Бастыҥ сылгылар, бастыҥ дьиэлэр, бастыҥ хотуттар кинилэргэ буолаллар.
Алта уонча ынах турар хотонун Микиитэ ийэтэ күрдьэр. Кини күнү быһа үлэлээн, киэһэтигэр сүүнэ бугул саҕа баҕайыны биир сиргэ чөмчөхтөөн баран, кыараҕас түннүгүнэн таһырдьа эһэр. Хотун таһырдьа балбаахтыыр. Түннүк икки өттүгэр туран этиһэллэр. Киэһэни быһа этиһэллэр, утуйаары сытан да баран тохтооботтор.
Киргиэлэй дөрүн-дөрүн этэн унаарытар:
– Доҕоор, Дьөгүөрдээн, бу дьахталлар сатанымаары гыннылар эбээт… Хайыах баҕайыный? Сүбэтин булуохха эрэ-э…
Дьөгүөрдээн киниттэн олус толлор, тугу этиэн булбат:
– Ким билэр, – диэн кэбиһэр уонна Сөдүөччүйэни буойан ботугуруу сатыыр да, биирдэрэ истибэт, хотун саҥардар эрэ хардарбытынан барар.
Уһугар тиийэн, үксүн Сөдүөччүйэ ытыыр. Ытаатар эрэ Дьэбдьиэ уурайар, эмиэ да аһынарга дылы гынар. Ийэтэ ытаатар эрэ, Микиитэ кэҥириитэ кычыгыламмытынан барар. Ытыырын кыатана-кыатана, ийэтин быыһыыр туһунан толкуйдуур, киниттэн атын дьонун барытын умнан кэбиһэр. Улаата охсор уонна ийэтиниин ырыых-ыраах үрэх баһыгар тахсан иккиэйэҕин олороллор. Кини бултуур, ийэтэ күөстүүр уонна таҥаһын абырахтыыр. Онтон ийэтэ кинини сыллаан-уураан баран өлөн хаалар. Өлө сытан оҕотун аһынан хараҕын уута субуруҥнуур. Былыр Чаачар диэн оҕонньор быыкаайык уолун батыһыннаран үрэх баһыгар балыктыы сылдьан өлбүтүн, уола хатырыгынан бүрүйэн баран дойдутугар киирбитэ диэн хайгыыллар. Кини ийэтин эмиэ хатырыгынан бүрүйэр, күөх мас лабаатынан үллүйэр. Кини санаатыгар тоҕо эрэ куруук сайын. Дьэ уонна чуо Дьэбдьиэҕэ кэлэр. Халҕаны тэлэйэ баттаат, киниэхэ ойон киирэр уонна: «Мин ийэм өллө. Эн мөҕөр, ытатар этиҥ. Үөр!» – диэн бардьыгыныыр. Бардьыгынаат, муунньаҥныы-муунньаҥныы суорҕан анныгар киирэр, кистээн ытыыр. Сороҕор аҕата уһуктан сүүһүттэн сыллыыр уонна, хабырына-хабырына, утуйан барар, салгыны омурдугар мунньа-мунньа үрэн «ппу» гыннартыы сытар.
Киргиэлэй Дьөгүөрэп убайын Мэхээлэ Дьөгүөрэби кытта туохтан эрэ биирдэ кыыһырсыбыттар…
Биир сарсыарда чэй иһэ олордулар. Өлөксөй уол сүүрэн тоһугуруу сылдьарын Киргиэлэй төбөтүттэн имэрийдэ уонна эттэ:
– Бу киһи бостуой күн эрэйигэр төрөөбүт киһи… Дьадаҥы киһиэхэ биир уолтан ордук наадата суох…
Ол «аһыныыттан» Сөдүөччүйэ улаханнык өһүргэннэ, киһи истэр гына «Аата сүрүн баҕаһын», – диэтэ уонна киһи истибэтинэн үксү ботугуруу олордо.
Арай Мэхээлэ Дьөгүөрэп ойоҕо Бороскуобуйа, сүрдээх хатыҥыр, кыһыл харахтаах дьахтар киирэн кэллэ. Кини холумтаҥҥа этэрбэстэрин тумсунан тоһурҕата-тоһурҕата, уокка ытыстарын ититэ туран эттэ:
– Киргиэлэй, мин эйиэхэ кэллим.
Соһуйан ах бардылар. Киргиэлэй холку муҥутаан, оннооҕор кини, аһыы олорор ньуоскатын күөрэппитинэн эргиллэ түстэ.
– Эйиэхэ кэллим… – Бороскуобуйа долгуйан көхсүн этиппэхтээтэ. – Бөлүүн убайыҥ араас саҥатын барытын саҥарда, муҥатыйыы бөҕөнү муҥатыйда… Түүн утуйбат буолла: кини тупсуон баҕарар да, убай киһи… Киргиэлэй, ооккоом, эн тубус…
Им-ньим буолла.
Киргиэлэй ньуоскатын аргыый остуолга уурда, тыастаахтык үөһэ тыынна уонна аргыый-аргыый эттэ:
– Хайдах кыыһырар киһиний? Бэйэтэ кыыһырар эбээт…
– Оттон эн ааттаспыта буол ээ, кинини. Мин орооһуом да суоҕа этэ. Муҥнанара, санааргыыра бэрт. Ааттас. Кини сүрэҕэ чугас Эмиэ саҥа суох буолла. Онтон Киргиэлэй иһиллэ-иһиллибэттик эттэ:
– Буруйум эмиэ суохха дылы…
Онуоха Дьэбдьиэ чаҕылла түстэ:
– Эйигин ким буруйдааххын диэтэ?! Убайгын ааттас дииллэр буолбат дуо?
Буруйа да суох буоллар ааттаһар наадалаах эбит. Киргиэлэй барар буолла. Бороскуобуйа кэлэн этэ сылдьыбытын биллэримээри дьиэтигэр сүүрдэ.
Сиэбигэр иһит аҥаара арыгыны уктан тойон барда. Сотору соҕуһунан: «Бу оҕолор, баран билэн кэлиҥ», – диэн буолла да, Киргиэлэй улахан уола Бүөтүр Микиитэлиин сүүрэн тэлэмээттэнэн, киһилэрин аара ситэн аастылар.
Дьиэлээх тойон төбөтүн төҥкөтөн уокка аргынньахтаан олорор эбит. Бороскуобуйа тугу да билбэтэх киһи буолан, оһох хаҥас иэдэһигэр сыстан туран, уолаттары кынчарыйар, уоһун чорботон баран кистээн: «Тут!» – диир. Бара сылдьыбыппын айахтатыахтара диэн куттанар.
Киргиэлэй аргыый киирэн кэллэ да, буостаптан чааскы ылан арыгы кутта уонна эттэ:
– Доҕоор, Мэхээлэ, бу кыыс арыгыта баар ээ…
Кини саҥардыыҥҥыта улахан кыыһын эргэ биэрбитэ. Мэхээлэ эмискэччи: «Суох!» – диэтэ да, ойон турда, уҥа орон үрдүнэн ыйанан турар сонун-бэргэһэтин сулбу тардан ылан кэтэ охсоот, уһун кумааһынай курун курдаммытынан барда.
Ийэлэрэ, хаар маҥан баттахтаах, аҥаар хараҕа туртаччы эргэлээх намыһах эмээхсин, нүксүгүлдьүйэн киирдэ да, улахан уолун тииҥ тулалаах былыргылыы чомпой бэргэһэтин туура тардан ылла уонна, уолун ортотунан буолан туран, илиититтэн тардан ырычаахтаста, онтон кэнниттэн кэлэн саннынан үтүрүйдэ, көхсүгэ, санныга топ-топ гына охсуолаата.
– Нохоо, Мэхээлэ, тубус, хайаан да тубуһуннаран арахсыам! Мин сотору өлүөм. Эйэлээх хаалыҥ… Хайа, нохоо!
Ийэтэ киирэрин кытта Мэхээлэ уйадыйбытынан барда, төбөтүн бүк туттан, хамсаабакка дьыраччы тэбинэн дадаллан туран быстах-быстахтык, өһөспүт оҕолуу ботугураата:
– Тупсубаппын… Арыгыны испэппин. Кини… Мин… Ийээ… Мин киниттэн хомойобун…
– Кыыс арыгыта. Тупсуохха, – дии-дии, Киргиэлэй аҥаар илиитигэр чааскылаах, аҥаарыгар бытыылкалаах тэпсэҥнии турда.
Микиитэ тулуйбата, таһырдьа ойон тахсан, дьиэтин диэки сүүрэн сэмнэхтэнэ турда.
– Хайа, тубустулар дуо? – диэтилэр.
– Ааныска эмээхсин Мэхээлэни таһыйда.
– Сол, акаары!
Микиитэ туох буруйдааҕын өйдөөбөккө хаалла.
Тупсубуттар.
Ити сааһыары кыһын этэ. Сайыныгар ийэлэрэ өллө.
Эмээхсини дьиэттэн таһаарарга улахан уола Мэхээлэ, оҕонньор киһи, хайдах эрэ кыра оҕолуу ыгылыйбыт куолаһынан: «Ийээ!» – дии түһээт, ытаата.
– Һэ-һээй-сиэ!.. Бу киһи аны аныаха диэри ийэ аһыйан! – диэтэ Киргиэлэй.
Кыра быраат Арамаан, хайаларын сиилээбитэ буолла, көннөрү иҥиэттэҥнээн кэбистэ.
Ийэлэрин хоруопка уган баран, үс уола алта биэрэстэлээх таҥара дьиэтигэр сүгэн бардылар. Кэннилэриттэн оҕонньор тайахтанан батыста.
Эмээхсинин туһунан оҕонньор биир сымнаҕас тылы эппитэ иһиллибэтэ, биир таммах харах уутун түһэрбитэ көстүбэтэ.
Оҕонньор эдэригэр күүстээх, сытыы буолуон сөптөөх, эрчимнээхтик хайысхаламмыт, ордоотообут оҕонньор. Эмээхсини «дьахтартан сабырыйа дьахтар этэ» дэһэллэр. Быстар дьадаҥылара үһү. Куйуурга ойбону Ааныска алларан курдурҕатара, эр киһи муус харбыыра үһү.
Оҕонньоттор манныгы кэпсииллэр. Киэҥ күөл оннугар үгүс отчут ыаллаһа от кэбиһэ турбуттар. Дьөгүөрэптэр эмиэ. Дьөгүөссэ кэбиһэн бүтэрэн эрэр отторун түстүү үөһэ турбут. Ааныска балтараа саһааннаах кыдама атырдьаҕы, ньилбэгэр биллэҕэн туруораат, ньүрүс гынан, кыдама төрдүттэн икки илиитинэн харбаан ылан сүүрэн кэлэ-кэлэ, бугул аҥаардыыта оту өрүтэ эһэн биэрэ турбут.
Арай тыал сиккирээбит, уот курбуу чаҕылҕаннарынан тырытта-тырытта, ыас-хара былыт халыйан тахсыбыт, ырыых-ыраах этиҥ лүһүгүрээбит. Дьон ыксаабыттар. Бу кэмҥэ Ааныска баһар ото улам кыччаан, өрө көтөн эһэрэ улам мөлтөөн барбыт. Эр киһи кыыһырбыт. Онуоха ойоҕо тохтуу түһэн, аргыый эппит:
– Доҕоор, мин ыарыйдым ээ. Сатаан үлэлиэ суохпун. Дьиэбэр тахсыыһыкпын.
Эр киһи кэбиһиилээх от үрдүттэн кыбдьырына түспүт:
– Эн бу ыксалга кэлэн төрөөн сүөкэнээри сылдьыбытыҥ дуо. Ол-бу буолума! Оппутун бу иһэр ардах харыстыа дуо?!
Ханныгын да иһин Ааныска дьиэтигэр тахсыбыт, тиийээт Мэхээлэни төрөппүт.
Биэһинэн ордук күүстээх, уонунан ордук үлэһит дьахтар куһаҕан киҥнээх эрин сааһын тухары утары көрбөккө үөрэммит.
Кыстык хаар түспүтэ. Оҕонньор дьиэ таһыгар хаар күрдьэ сылдьыбыта. Бүгүн кини таҥара дьиэтигэр баран эмээхсинин уҥуоҕун хаарын күрдьүөх буолбута. Арай оҕонньор туох да наһаа сирбиэтэнэн киирдэ, үтүлүгүн-бэргэһэтин турута тыытынан ороҥҥо элитэлээн кэбистэ да, бардьыгынаан тоҕута барда:
– Тыыннаах ыттар! Сүөһү сүөһүлээн, ас астаан! Бии балай борооскулары ойбоҥҥо мээлэ ыытар буоллаҕа! Ойбоҥҥо симэн сиэри!
Өлүү түбэлтэлээх, «балайа» – Баһыахтыыр Балбаара киэҥинэн айҕаарыйбыт хотон бэтэрээ эҥээригэр баар эбит; саҥата күүдэпчилэнэ түстэ:
– Хас сүөһүгүн сиэтим? Мин курдук хамначчыттаах буолан сэттэ уон сүөһүлэммитиҥ.
Эмээхсин дьиэҕэ ойон таҕыста, сааһын тухары олохсуйбут кыраныыссатын син туораабата; оһох хаҥас иэдэһигэр кэлэн чугурус гынна.
Уҥа диэки киэбирэ турбут оҕонньор кыбдьырына түстэ, хаҥас диэки эмээхсиҥҥэ ыстанна.
– Бу тыыннаах ыт тылын! Киһини сэттэ уон сүөһүлүүр эрээри, бэйэҥ тоҕо сэттэ да ытыҥ суоҕуй? Аны биирдэ саҥар!
Оҕонньор сутуруга күөрэйбитинэн барда.
– Дьэ охсон көр! Түөскүн үлтү симиэм! – диэт, эмээхсин сыҥааҕын энньэттэ, могдьоччу туттан дьиппинийэн кэбистэ; хаҥас сутуругун оҕонньор түөһүн тылын диэки утары уунна, уҥа сутуругун ойоҕоһугар сыһыары тутунна. Иитиилээх айаҕа маарынныы түстэ.
Оҕонньор наһаа соһуйан, тугу этиэн, тугу гыныан булбакка сутуругун өрө күөрэппитинэн тэпсэҥнии турда.
Хантан эрэ Алаапыйа ойон кэлэн икки ардыларыгар түстэ, иккиэннэрин ааттаста, эмээхсини хотон диэки, оҕонньору уҥа диэки үтүрүйэ сатаата. Оҕонньор онуоха өйдөнөн, дьэ эр ылан, быстах-быстах тыллары хаһыытыы-хаһыытыы, эмээхсин диэки дьулуспута буолла. Ол курдук кириэтээн, киэбирэн баран, улам мөлтөөн-ахсаан, төннөн, үтүлүгүн-бэргэһэтин ылан, сэниэтэ суоҕунан саана-саана, хаарын күрдьэ тахсан барда.
Микиитэ эбэтэ уон да оҕонньору хотор күүстээх. Охсуһуу чуо кутталын чааһынан Микиитэ холку. Ол эрээри кини эбэтэ Дьөгүөссэ оҕонньору охсорун санаатаҕына, иэнэ тымныйталыыр; таҥара мөссүөнүн талаҕынан таһыйар курдук сатала суох быһыы…
Оҕонньор хаарын бүтэрэн баран киирэн, туох да саҥата суох чэй иһэ олордо.
Арамаан Дьөгүөрэп кыргыттара – хап-харанан чоҕулуччу көрбүт, хатыҥыр, сытыы, Микиитэ саастыыта Маайа уонна энньэччи туттубут, төп-төгүрүк маҥан сирэйдээх, сүрдээх көссүө, сэмэй, Өлөксөй саастыыта, Илибиэһэ, Өлөксөй уонна Микиитэ буоланнар орон үрдүгэр тахсан, атахтарын-илиилэрин хомунан, куттанан чаҕылыһа олордулар. Ким эмэ кинилэртэн саҥараары гыннаҕына тоҕонохтоон кэбиһэ-кэбиһэ: «Оҕонньор мөхтөҕүнэ, эйигиттэн буолуо!» – диэн ботугураан бордурҕаһан кэбиһэллэр.
…Олоххо аҕыйахтык этиллэр ыраас, истиҥ тыллары этиэҕи баҕарыллар балыс, доҕор Маайа кэриэһигэр… Кыра саастарыгар бииргэ уонна бэйэлэрин оҕолуу олохторугар тэҥник үөскээбиттэрэ. Көтө-көтө чугас баран түһэр тураах үөрүн маһынан быраҕаттаан бултаары Микиитэ эккирэтиһэн сырата быстар. Маайа: «Үөн сиирэ бэрт, Микиитээ, дьиэбитигэр барыах-хаа», – диэн ытамньыйа-ытамньыйа, бырдах-оҥооччу сиэн логлоруттан тахсыбыт, куйааска кытарчы буспут сирэйин-моонньун ньууххайданар; ыраахтан батыһа сылдьар.
Киэҥ алаас үрдүнэн иэҕиллибит кустук анныгар тиийээри сиэттиһэн атах сыгынньаҕын сүүрэллэр. Тохтоон тыын ыла-ыла, сүүрэллэр да сүүрэллэр. Кустук буоллаҕына тэйдэр тэйэн иһэр. Эбэтэр мас саанан ону-маны ытыалыы-ытыалыы, бөҕү-сыыһы көтөҕөн аҕалан «куһу-хааһы» үргүүллэр, астыыллар. Сороҕор Микиитэ кинини атаҕастыыр, оччоҕо этиһэ сатаан баран: «Муҥмун муҥнаан…» – диэт, Маайа ытыыр; биирдэ да үҥсүбэт, хата тугу аһаатын, бэлэхтэттин – барытыгар «Хайа, Микиитэҕэ?» – диэбитинэн барар…
Ол эрээри олохторун икки аҥыыта сотору биллибитэ. Маайа куоракка үөрэнэ киирбитэ, Микиитэ мөссүйүөҥҥэ түөрт группаны бүтэрээт, үөрэхтэн матан хаалбыта… Онтон аҕыйах сылынан Маайа ыраах сиргэ эргэ тахсан баран, кэлэ сылдьыбыта. Мааны баҕайы таҥастаах, ыарахан буолан сүрдээх улахан истээх, сирэйэ кубарыйан эбирдэнэн хаалбыт, Маайаттан атын дьахтар, арай хап-хара сытыы харахтара эрэ күллэҕинэ, уруккутунан чаҕылыһа түһэллэр. Онтон эмиэ атын дьахтар буолан, бу дойдуттан туох да сонуну, кэрэни көһүппэтэхтии туймаарыччы көрөн сыппаан бараллар. Микиитэ уолугун төрдүгэр туох эрэ бүөлүү анньан тиргиллэн кэбистэ. Кэпсэтэ сатаабытын уол кыайан кэпсэппэтэ. Ону кини куруубайынан, сайдыбакка бүтэҥитинэн Маайа быһаарда быһыылаах. Аҕыйах бириэмэнэн кини төрүүбүн диэн өлбүтэ иһилиннэ. Микиитэ аһыйбытын ким да билбэтэ…
Билигин кини көмүллүбүт да сирэ көстүө суоҕа. Сып-сырдык уоттаах хап-хара харахтаах, ып-ыраас сүрэхтээх саха кыыһа аҕыйах сылга сылдьан өлбүтүн ким кэриэстии саныай? Ньургуһун сибэкки курдук үүнэн иһэн араас мичэлиспит саха кыргыттара, араас Мотуо, Даайа, Маайа, Балагыай, Сүөкүлэ диэннэр уостан хаалбыттара аҕыйах буолуо дуо?..
Оҕонньорго төннүөххэ. Оҕонньор чэйин иһэн бүттэ: «Баран көрүөм буоллаҕа», – диэн уоһун кытта кэпсэтэ-кэпсэтэ, сонун кэттэ. Кини бардар эрэ ыт буолан, атын оҕолору куобах гынан тутуталаары Микиитэ ыксаан хараҕын тиэрэ-маары көрө, саҥата суох ырдьыгынаан ырдьаҥныы олорор. «Мөхтөҕүнэ, чэ ол барыта эйигиттэн буолуо», – диэн оҕолор ботугураһаллар, өрүтэ сыҥсыйбахтыыллар.
Оҕонньор туран, кулгаахтардаах кулун бэргэһэтин кэтэн баанна, кулун тыһа үтүлүктэрин кэтэн баран нэмийэ-нэмийэ өттүктэригэр суураламмахтаан кэбистэ, аан диэки барда. Оҕолор иэдэстэрин күлтэччи үрүтэлээн кэбиһэн баран, уостарын саба тутта-тутта, оронтон түһээри өндөҥнөстүлэр, сараҥнастылар. Оҕонньор аҕыйахтык атыллаат, тохтуу түстэ, аҥаар үтүлүгүн хараҕар чугаһатан эрбэҕин төрдүн атыҥнатан көрдө уонна эттэ:
– Үөдэн, сүрэҕэлдьээн бу үтүлүгү абырахтаабакка өлбүтэ баар эбээт. Бу алдьаммыта алдьаммытынан сылдьар. Уонна кини хаарын хаардаан айгыһыннаран. Сыттын!
Оҕонньор төннөн кэлэн сыгынньахтанан, таҥаһын ыйаан кэбистэ. Ырбаахытын устан уот иннигэр аргынньахтыы олорунна, хабарҕатын тарбаммытынан барда: «Тыыннаах ыттар!» – диэтэ. Кэри-куру киэһэ буолла. Оҕолор дьоллоро ыкса кэлээт, төттөрү ойдо…
Аны оҕонньор утуйарын кэтэһии буолла. Кини утуйдар эрэ, хайдах да айдаар, уһуктубат. Онтон оҕо аймах доҕоро, саамай тапталлаах, ахтылҕаннаах киһитэ Найыын Дьөгүөр диэн хамначчыт үлэтиттэн кэлиэхтээх. Кини сырдык күөҕүнэн көрбүт, нууччалыы дьүһүннээх, кэтит сарыннаах намыһах киһи. Найыын кыра эрдэҕиттэн табыллыбатах киһи. Былыр аҕата, бэрт үгүс оҕолоох дьадаҥы киһи, кунан оҕуһу уоран сиир. Ол кунан төбөтүн тыаҕа көммүттэрин буланнар Найыын дьонун уорбалаан, кинээстэр ыҥыртаран ылаллар. Найыын ийэлээх аҕата булгуччу мэлдьэһэн кэбиһэллэр. Туоһу суох, куоталлара буолар. Онтон Найыын, кыракый уол, сүүрэн кэлэр да: «О, бии биһиги сиэбит оҕуспут баһа бу маччаллаахтаан сытар эбит дуу?» – диэн саайар.
Бодойбоҕо үлэҕэ сылдьан 1912 сыллаах араллааҥҥа түбэһэр. Күрээн кэлэн баран, тутуохтара диэн куттанар. Кэнники ойоҕо биир наһаа көрдөөх уус оҕонньору батыһан баран хаалар.
Кини таһырдьаттан киирдэр эрэ, түөрт оҕо кэтит тирии куругар төгүрүччү иилистэ түһэллэр, онтон тула сүүрэн дьиэрэҥкэйдэһэллэр: «Табалаах-табалаах Найыыммыт кэллэ-кэллэ курдук дуу!» – дэһэн ыллаһаллар. Кини суон талаҕынан эриэн ынахтары, бүтэй муостаах ала оҕустары оҥортоон биэрэр. Ону үөрэн-көтөн оонньоомохтоон баран, «өлөрөн» тырыта суруйан дьиэ дьону аһаталлар. Найыын аны «хаһан да оҥоруо суох» буолар да, нөҥүө киэһэтигэр эмиэ оҥорбутунан барар. Бэйэтэ сааһыгар оҕото суох да, оҕону олус таптыыр. Кини оҕолору сыыһа охсуталаабыта буолан, баҕананы сутурҕалыыр, холбуу тута-тута ороҥҥо охтортуур, улахан сонунан саба быраҕар. Найыыны көрдөҕүнэ оҕо ыалдьыыта, хомойуута ааһан хаалар. Кинини кытта үөрүү, күлсүү, сүүрэкэлэһии аргыстаһар.
Оҕонньор утуйарын, Найыын кэлэрин кэтэһэллэр…
Лэглээриннэр кыһыныгар баайдарга олороллор, сайыныгар ый аҥаарыгар бэйэлэригэр оттонон баран, баайдар бэдэрээттэригэр оттуу бараллар. Дьэ ол бэйэлэрин эбэлэригэр – Дулҕалаахтарыгар оттууллара толору дьоллоох кэмнэрэ.
Ол кэм туһунан кинилэр сылы быһа араас былааны бысталлар, сэһэргэһэллэр, өйдөтүһэллэр. Хоно сылдьан үлэлииллэр. Үлэҕэ хойут киирэллэр уонна эрдэ «сынньана» тахсаллар. Ол эрээри айдааран, күлсэн, сэһэргэһэн, туох эрэ бултаах буоллахтарына, ону күөстээн-астаан аһаан-сиэн, хойукка диэри утуйбаттар. Дулҕалаах ортотугар хомуһунан бүөлэммит улахан күөл, ону тула кыра көлүйэлэр бааллар, кэрэ Амма үрэх Дулҕалаах аҥаар кырыытынан устан мэндээрийэр. Күөл хомуһун, көлүйэ отун, уулаах дулҕалар быыстарынан кус оҕото сүүрэн ньолбоһуйар, хоп-хойуутук «Маах!» диэт, атах анныттан ийэ көҕөн көтөн өрүкүйэр.
Амма бытархай тааһынан муосталаммыт, ырааһынан дьэҥкэрбит «чэпчэки» уутугар алыһар үөрэ тиҥсириһэр, күстэх үрүҥ көмүс ойоҕоһо кылбаҥныыр, сордоҥ балык уу кыраларын уолутан суптурута түһэр.
Тыаҕа бочугурас бычыгырыыр, охтубут тиит лабаатын анныттан куобах ойон тахсар, кулгаахтарын сиһигэр сыһыары туттан ойон ууна-ууна түһэр, кыһыл хаастаах куртуйах омунугар мас лабаатыттан иҥнэ-иҥнэ көтөн күлүбүрүүр.
Микиитэлээх Өлөксөйү харыстаан оччо үлэлэппэттэр: «Уҥуохтара хааннырыа. Кинилэр да саастарын тухары көлөһүннэрин тохпохтоо инилэр. Өлбүппүт кэннэ, – дьоммут атаахтатар этилэр – диэхтэрэ», – дэһэллэр. Оҕолор бултууллар. Көлүйэлэр билиилэригэр тиргэлииллэр, Аммаҕа күөгүлүүллэр, тыаҕа туһахтыыллар. Күҥҥэ сэттэтэ сөтүөлээн Амма сырдык курустаал уутун өрүтэ ыспахтыы оонньууллар.
Молоох оҕонньор былыргы саха чокуурдаах бинтиэпкэтинэн бастыҥ сааһыт кырдьыбыта, аныгы дьон доруоп саанан сыыһалларын бэркиһиир:
– Ити күрдьэхтээх буор курдук үгүс буулдьанан ыппыттара ханан барарый? Хайдах көрөн ыталларый?!
– Дьэ быыс-арыт булан сыыһа барар, доҕор! – диир уола Дьөгүөрдээн, бэрт дэҥҥэ сыыһар киһи эрээри.
Ааттаах сааһыттары кэпсэтэн бараллар. Аҥкыыйап оҕонньор эдэригэр, ампаар истиэнэтин быыһыгар кыбыппыт сылгы сааҕын сүүс хаамыы сиртэн ытан таппыт. Бэркиһээн иккиһин ыттаран баран, иккис буулдьа суолун ханна да булбатахтар. «Ампаары да таппатах», – диэн күлүү гыммыттарыгар, Аҥкыыйап маҥнайгы буулдьа суолун хаспытыттан икки буулдьа түһэн кэлбит. Онтон алта уон хаамыы сиргэ туруору аспыт быһах биитигэр буулдьатын хайа ыппыт… Үрэх уҥуор талах быыһыттан төбөтө быган сытар тайаҕы кулгааҕын үүтүнэн түһэрбит. Онтон сааһыкка көрсөр көрдөөх хомолтолору кэпсэтэллэр. Чомуут Бүөтүр ыппыт тайаҕа тиэрэ түһэн тэбиэлэнэн адаарыҥныы сыппыт. «Тайах өллө! Ас-таҥас буолла!» – диэт Чомуут солуурун сүөрбүт. Тайаҕа туран, ыраах-ырааҕынан атаралаан акыһыйан хаалбыт. Хааһы ытан ылан, көхсүн дэлби тэпсэн-тэпсэн, моонньун булгу эрийэн-эрийэн баран, ыстаанын кэтэ олордоҕуна, хааһа: «Хааллаҕыҥ!» – диэбит курдук хаҥынайа түһээт, өрө көтөн киэҥ халлааҥҥа быластана турбут…
Внимание! Это не конец книги.
Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?