Текст книги "Сааскы кэм"
Автор книги: Николай Мординов
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 8 (всего у книги 26 страниц) [доступный отрывок для чтения: 9 страниц]
Амма өрүс мууһа турбутун, кыстык хаар түспүтүн кэннэ Молоох уола Дьөгүөрдээннээх Боллоорутта Баһылайдаахха көһөн тиийдилэр. Хочолорун киһиэхэ былдьатаннар үрэх баһыгар оттоон, кинилэр наһаа ыраах тэбилиннилэр. Арааһа… көс баар.
Амма өрүс иччитэх сыырын үрдүн үөт талах, хахыйах бүөлүү үүммүт. Ол быыһыттан икки ыал балаҕанын буруота тыргыллар. Ыаллар кэтэхтэринэн устата-туората биллибэт сис тыаҕа талах үрүйэ эҥсиллэн тахсар. Үрүйэ икки эҥээрдэригэр көөрөнөн түһэ турар буор хайалар модьоҕолуу үтэн киирбиттэр.
Чуҥнаабыттыы чуумпу дойду.
Боллоорутта оҕонньор балаҕанын тэлгэһэтигэр хас да хаппыт хатыҥнар тараадыһан тураллар. Ол хатыҥнарга кубарыйа куурбут сылгы чөмчөкөлөрө таҥнары ыйаммыттар.
Боллоорутталаах иккиэйэхтэр. Дьиэлээх тойон аҕыс уончалаах, ыыс араҕас бөдөҥ тиистэрэ бары бүтүн, ханан да түү сыстыбатах малаҕар сирэйдээх, кыараҕаһынан кылаччы көрбүт, лааһайбыт оҕонньор. Кини ойоҕо отуччата буолбут, аҕыйах саҥалаах, хойуу кыламанын быыһынан сүр тымныытык чуҥнаабыт саһархай харахтаах, долгуйа үүнэн түспүт сымнаҕас чачархай баттахтаах муус-маҥан дьахтар.
Оҕонньордоох дьахтар табыгаһа суох тус-туспа дьоннор. Икки ойоҕо өлбүт «үтүө төрүттээх» кырдьаҕаска дьадаҥы кыыһы ойох биэрбиттэр. Биэс уонча сылынан аҕа оҕонньор туттара-хаптара, күлэрэ-салара ойоҕунааҕар эдэр. Кини бэрт кыраны да сэргэҕэлиир-кэрэхсиир. Мотуруона үөрбүтэ-хомойбута, сирбитэ-хайҕаабыта биллибэт, чачархай кыламаннарын быыһынан оруоллаабыт харахтарын муус тымныы толбонноро хаһан да уларыйбат.
Кини сыл аайы төрөтөр оҕолоро өлө тураллар. Ыарахан сылдьан ордук бытаарбат, төрөөн баран арыый чэпчээбэт: ынчыктаабакка-ыһыытаабакка төрүүр, үөрбэккэ-күлбэккэ оҕолуур, аһыйбакка-аймаммакка көмөр. Аан дойду үөрүүтэ-хомолтото, куорат сонуна, ыраахтааҕылар сэриилэрэ, нэһилиэк мунньаҕа, айдааннаах күрэстэһиилэр, кистэлэҥ тапталлар… Ол кинини букатын таарыйбакка, бүтүннүү ырааҕынан ааһаллар. Хайдах эрэ… уу нөҥүө көстөр курдук тунаархай… тугу да таптаабат, кимиэхэ да өстөммөт, кими да аһыммат, өһүөннээбэт.
Кинилэр соҕотох ыаллара Дуобачаанаптар кыыстара, аҕамсыйбыт дьахтар Настааччыйа, быйыл ыараханнык төрөөн баран «түҥ-таҥ» буолан ыалдьар. Икки илиитигэр ыаҕастары туппутунан кини араас ырыалары ыллаан эйээрэ-эйээрэ, сыыры таҥнары чоҥкучахтаан киирэн ойбонтон уу баһар. Настааччыйа арыт суолун алҕаһаан, ыаҕастарын таһынан дьалкыҥнаппытынан, Боллоорутталаахха көтөн түһэр. Мотуруона куолутунан, кыламанын быыһынан тыбыс-тымныытык чыпчылыйбакка көрөн тиийэн, Настааччыйа ыаҕастарын ылан бэйэтин иһитигэр таҥнары тутуталаан кэбиһэр уонна этэр:
– Настааччыйаа, уугун баһан дьиэҕэр бар.
– Баһан кэллим буолбата дуо, оттон ити?
– Манна аҕаллыҥ ээ, дьиэҕэр аҕалбатыҥ.
– Ээ, оннук эбит дуу! – диэбитинэн Настааччыйа таһырдьа ыстанар.
Мотуруона булумньу уутуттан эргэ алтан сылабаарга кутан бэрт холкутук чох угуталыыр.
– Ити эрэйдээх уутун… сүрүн баҕаһын, – диир Сөдүөччүйэ.
Тугу этэр буоллаҕай диэбиттии Мотуруона одуулаһан турбахтыыр уонна кэрэхсээбэтэх куолаһынан этэр:
– Бэйэтэ аҕалла дии.
– Ыалдьар эрэйдээҕи…
– Кини ыалдьарын билбэт ини.
Кэпсэтии итинэн бүтэр. Кыһыҥҥы өлбөөдүйбүт күн саҥардыы күөрэйэн иһэн, таҥнары санньыйбытынан барар, соҕуруу өттүлэригэр өрөһөлөнөн турар буор хайа лоҥкур тииттэриттэн иҥнэн бытарыс гына үлтү ыстаныах курдук чугаһаан иһэн, арыый анараа өттүнэн халты түһэр. Борук-сорук буолар. Таҥнары өҥөйбүт сүдү хайалар, систэрин көннөрөн өссө үрдүүргэ дылы гыналлар. Тымныы сырылыыр. Амма мууһа хайыта тоҥон, сыыр аннынан нүксүйтэлиир.
Боллоорутта Баһылай отун тиэйэн кэлэн, эргэ түнэ этэрбэстэрин дьиэ таһыгар тэбэнэн лүһүргэтэр.
Бэрт өр тэбэнэн лүһүргэтэн баран эһэ тыһа бэргэһэтин дьиэ таһыгар сүөрүнэн, үтүлүктэрин «уостарынан» илиилэрин быктаран, икки ытыһын көрдөрө нэлэппитинэн дьиэлээх тойон киирэн кэлэр. Ааҥҥа чугурус гына тохтоон бэргэһэтин устар, киэҥник далайан хаҥас ытыһыгар охсон тэбээбитинэн, бүдүрүйтэлии хааман кэлэн, аҕылыы-аҕылыы, таҥаһын көхөҕө ыйаан баран, оһоххо тиийэн, сыгынньах илиитинэн хардаҕастары эргитэ тутуталыыр. Дьиэ иһэ им-ньим буолар.
Онтон Мотуруона чэй кутаары остуолу уот иннигэр тарпытын, чааскылары аҕалбытын кэннэ оҕонньор, лэҥкэйбит маҥан төбөтүн тула имэринэ-имэринэ, ыйытар:
– Хайа, тукаам, чэйбит хайаста?
– Оргуйда, – диир ойоҕо, хобдох куолаһынан.
Туох да быһаарыыта суохтук «ээ» диэн кэбиһээт, оҕонньор тииһин быыһынан чыпчырыммахтыыр, сүр эрчимнээхтик «көхсүн этиппэхтиир» уонна «ньылас» гына түһээт, уҥа орон диэки силлээн унаарытар.
Кытыйа иһин муос ньуосканан кыһыахтаан хаста эмэтэ нэмийэ-нэмийэ күөрчэхтээх лэппиэскэни баһан ылан, тоҕо эрэ одуулаһан олорбохтоон баран, эмискэччи кэҕис гынан айаҕар быраҕынар. Айаҕын чаллырҕата-чаллырҕата, ыстаан кэҕилдьийэрдиин, чэйдээх бүлүүссэни тарбахтарын төбөтүнэн күөрэччи анньан олорон аҕылыы-аҕылыы, сыпсырыйардыын – кини дьон одуулаһарыгар анаан соруйан туттар-хаптар курдук. Дьахтар бүк түһэн олорон бүлүүссэтин остуолга эргиппэхтээн кубаҕай тыҥырахтаах нарын эрбэҕэ элэҥниир.
Онтон оҕонньор чэйиттэн дьэ бүтэн бүлүүссэтин салаамахтаан баран чааскытын умса ууран хачыгыр гына антах анньар уонна кимиэхэ да туһаайбакка, туох да ситимэ суохтук этэр:
– Били бэдэр барахсан хоту диэки ааспыт ээ…
«Били бэдэр» диэн үрэх сиһигэр, Баһылай оҕонньор от тиэйэр суолун быһа туораабыта өр буолбут, куруук кэпсээҥҥэ сылдьар кыыл.
– Оттон саһылыҥ?
– «Саһылыҥ даа?» – Ойоҕун тылыгар элэктээһин эҕэтин сэрэйиэх курдук мылаллан олорбохтоон баран хоруй ылбакка, оҕонньор холкутуйар. – Ол түөкүн биллибэт буолан хаалла. Сис былыт кэлиэр диэри бүктэҕэ буолуо… – Туох да сылтаҕа суох, ойоҕун көхсүгэр илиитин ууран сүрдээх түргэнник ибигирэтэр, саннын таптайбахтыыр, күлэн күһүгүрүүр.
Мотуруона онтон үөрэн сүрэҕэ сылыйбыта да, өһүргэнэн этэ тарпыта да биллибэт, төбөтүн ньүрүччү туттан, сургуччу көрөн олорор.
Ситинтэн ыла Боллоорутта оҕонньор малы-малаҕар сирэйэ, кыараҕаһынан кыласпыт харахтара сырдаабытынан бараллар, тохтообокко мичээрдээн ыыс-араҕас кэтит тиистэрэ ырдьайаллар. Хаҥас диэки тумус быыс кэннигэр Лэглээриннэр эмиэ сэргэхсийэллэр, улам быгыалаһан уҥа диэки кэлэллэр.
Онтон Дьөгүөрдээн айатын кэрийэн тоҥ куобаҕы кыбыммытынан эбэтэр үрэххэ от тиэйэ сылдьан саанан өлөрбүт уларын сайбаарыччы туппутунан киирэн кэлэр. Оҕонньор айхаллыы тоһуйар, оҕолор саба сырсан тиийэллэр.
Дьахталлар хотоҥҥо киирэллэр. Эр дьон сэһэргэһэллэр.
Боллоорутта оҕонньор булчута суох эрээри булт туһунан ордук таптаан кэпсэтэр. Кини бэдэргэ, саһылга, эһэҕэ барытыгар сүрдээх сымнаҕастык, уруургуурдук, аһынардык быһыытыйар, барыларыгар хос дэгэт аат биэртэлиир: «Саһыл – түөкүн, бөрө – обургу, эһэ – кырдьаҕас», – дэтэлиир. Кини «бэйэтин» тыатыгар баар кыыллары кэпсээтэҕинэ, төбөтүн лыкыччы туттан кыараҕас кыласпыт харахтарын быһа симэр, аллараа сыҥааҕын энньэтэр уонна кистэлэҥнээхтик сибигинэйэн барар. «Бэйэтин» тыата буоллаҕына, кини балаҕаныттан илин, түгэҕэ биллибэт хара тыа бүтүннүү быһыылаах.
– Дьэ, эһэ кырдьаҕас өйдөөх киһи! – диир Боллоорутта оҕонньор. – Көр, уһун куруҥах маһы туура тардан ылан баран, икки кэлин атаҕынан хаама сылдьан, часкыйа-часкыйа ууну кырбыыр ээ. Ол курдук үлтү ураҕастаан, кус оҕолорун хонууга үүрэн таһааран баран, көҥүл бултаталыыр.
– Бу киһиҥ өйүн-мэйиитин! – диир Дьөгүөрдээн.
– Оннооҕор тууну уоран көрөр. Тууну бэрт сэрэҕинэн көтөҕөн таһааран балыгы хонууга сүөкүүр уонна тылбыйбакка эрэ оргууй илдьэн төттөрү уган кэбиһэр. Дьэ ол кэннэ оҥостон олорон балыгын биликтиир эбээт.
– Киһиҥ холкутун көр!
– Ээ, дьэ киҥ да баар кырдьаҕаһа! – диир Боллоорутта оҕонньор. – Торҕон бөрөлөр суптурута түһэллэр ээ киниэхэ! Оччоҕо эһэ кырдьаҕас самыытын сыгынахха анньан олорон, дуолан хаһыыны түһэрэ-түһэрэ, ураҕас маһынан таҥнары сабаан кууһуннартыыр эбээт.
– О, бу үлүгэри!
– Дьэ таптаҕына киһилээбэт киһи буолуо! Кини саамай дьулайар киһитэ үгүрүө чыычаах ээ. Атаҕын анныттан «чаат!» диэбитинэн үгүрүө көтөн таҕыстаҕына, эһэ кырдьаҕас ытыһын «лас!» гына охсуммутунан тиэрэ таһылла түһэр. Ити кэннэ тигээйиттэн ыксыыр. Тигээйилэр сабыта түстэхтэринэ, илгистэ-илгистэ, икки ытыһынан хардарыта муннун ньууххайданар уонна ытыыр курдук киҥинэйэр.
– Баҕар, ытыыра да буолуо.
– Ытыыр быһыылаах… Тыытыспат киһини тыыппат киһи. Үрэххэ истэхпинэ, элэктээн, суолбар туора сытан кэбиһэр ээ. «Кырдьаҕаһы-тулаайаҕы куттаама. Уһун суолгун оймообут, кэтит суолгун кэспит аньыым суоҕа» диир буоллаҕым дии. Илиилэригэр төбөтүн ньолбоччу ууран сытан иһиллээн баран, оргууй туран туора хааман баспаҥнаан хаалар.
Баһылай оҕонньор бары хамсыырга-харамайга, кыылга-сүөһүгэ барытыгар киһилии өйү-санааны, үөрэр-хомойор дьоҕурдары анаталыыр. Кини кэпсээнин истибит киһи бултуон да кэрэйиэх курдук. Кини кэпсээнинэн кыыллар, көтөрдөр бэйэ-бэйэлэрин сиэһэр эрэ буолбатахтар, кинилэр көмүскэһэллэр даҕаны. «Тайахха-табаҕа үөмтэххэ чыс, куобах, моҕотой урут биллэллэр эрэ, сүүрэн тиийэн этэн ааһаллар. Тайах-таба күрэнэн хаалар. Оттон куска үөмтэххэ, тураах билэ охсон, күөлү үрдүнэн айдааран ааһар. Кустар көтөн күүгүнэһэллэр», – диир.
Барымайы барытын өйдөөҕүнэн-санаалааҕынан ааҕар бэйэтэ кини арай… абааһыны атаҕастыыр. Абааһы акаары, киһиргэс. Ол да иһин Боллоорутта тэлгэһэтигэр хаппыт хатыҥнарга кубарыйа куурбут сылгы чөмчөкөлөрө ыйанан тураллар эбит. Кур чөмчөкөлөр харах-чэчэгэй оруннарынан оҥоруттубуттара – ынырык.
Борук-сорукка дьиэ таһыгар абааһы кэлээт, ол чөмчөкөлөр «чыпчылыйбакка одуулаһалларын» дьиибэргээн тохтуур үһү. Онтон күрэстэһиэх санаата көтөн түһэн, урут чыпчылыйбат мөккүөрүнэн утары одуулаһар. Түүнү быһа ол курдук тураллар. Халлаан сырдыыта «тыыннаах тыыннааҕа өтөн» абааһы чыпчылыйан кэбиһээт, кыбыстан куотан хаалар үһү…
– Доҕоор, бу абааһыны киһи бэйэтэ олус арбыыр эбээт, – диир Боллоорутта оҕонньор. – Биирдэ абааһы оҕото уруу малааһыныгар сылдьан баран, ийэтигэр-аҕатыгар ытаан-соҥоон кэлбит ээ. «Туох буоллуҥ, нохоо?» – дэспиттэр кырдьаҕас абааһылар. «Мин тугу да тыыппакка хаҥас муннукка хам-бааччы олорбутум Айыы дьоно, итирэн бараннар, солуурдаах хааһыларын тоҕу көтөн кэбистилэр уонна: «Абааһы моһуоктаата, абааһы!» – диэн ботугурастылар». Ити курдук кэпсии-кэпсии, абааһы оҕото эрэйдээх ытаан, түүлээх ытыһынан хараҕын ньууххайдана олорбут. – «Тугу барытын биһиэхэ балыйбыт бэйэлэрэ», – дэһиспиттэр кырдьаҕас абааһылар уонна оҕолорун аһынан ытаспытынан барбыттар…
Хотонтон дьахталлар тахсаллар. Оҕонньор туран ойоҕун ыаҕаһын өҥөйөн көрөр уонна саннын таптайбахтыыр.
– Оо, ынахтар дьэ уолаахтаабыттар. Буолаахтаамына. Дьыл да ыраатта эбээт. Чэ, тукаам, боччукка сылытан кэбис. – Төннөн кэлэн олорунан кэбиһэр уонна этэр:
– Дьөгүөрдээн, истэҕин дуо?
– Истэбин.
– Сарсыарда дьыбарга уонна киэһэ им сүтэн эрдэҕинэ ааттаах ырыаһыт киһи айаннаан иһэн ыллаан доллоһуттаҕына, ардыгар, былыт кыыһа күрэстэһэн ыллаһар ээ. Ол сүрдээх абааһы! Киниэхэ хотторбут киһи өлөр. Кини ыллаатаҕына уурайар, атыҥҥа аралдьыйар сатаммат. Бэрт өр ыллаһан баран: «Хоолдьук үүтэ, куонньаар уҥуоҕа!» диир үчүгэй. Былыт кыыһа ити тыллары дьиибэргээн: «Туох, туох диир», – диэн саҥа аллайа түһэр. Оччоҕо «Хоттуом-хоттум» диэн халлаан диэки хаһыытаан кэбиһэллэр. Абааһыны көрдөххө: «Таптым!» – диэн хаһыытаабытынан илии таһынан быһаҕынан бырахтахха эбэтэр саа уоһун таҥаһынан бүөлүү анньан баран, эмиэ «Таптым!» диэбитинэн ытан бытарыттахха, өһөх хара хаан тохтон хаалар…
Абааһыны улахаҥҥа уурбат, кини кэпсиир абааһытын киһи дөбөҥнүк хотор. Биэскэтин эрэ билиэххэ наада.
Таҥараҕа да кини тоҥуйдук туттар. «Аҕабыыт бэйэтэ элбэх аньыылаах урааҥхай ини!» диэн кэбиһэр. Ыырайы, аады кини эмиэ ахсарбат: «Ол дойдулары көрөн кэлбит суох», – диэн баран үөһэ тыынан кэбиһэр.
Ыкса киэһэ халҕан тоҥ бүрүөтэ таһыттан тардыргыы түһэр.
– Һэ, дьэ кэлээхтээтэ! – диэбитинэн оҕонньор ойон туран ааны аһар.
Тымныы ыыс-быдаанын ортотунан ыт мөлбөрүс гына ойон киирэр. Оҕонньор олох маска олоро түһээт, атахтарын тумсунан быыстала суох сири табыйбахтыыр уонна илиилэринэн ньилбэктэрин охсуммахтыыр. Ыт төттөрү-таары сундулуйбахтаан баран, ойон кэлэн икки илин атаҕын оҕонньор ньилбэктэригэр уурталыыр. Оҕонньор ыты моонньуттан ыга кууһар уонна… уоһуттан «чоп» гына уураан ылар. Онтон ыт, сиэрин эрэ ситэрэр быһыынан, оргууй аҕай хотуҥҥа тиийэн ньилбэгэр төбөтүн уураары гынан эрдэҕинэ, хотун саҥата суох, халбарыччы хаһыйан кэбиһэр. Дорооболоһордуу дьиэ дьонун барытын кэрийэн, сороҕу илиититтэн салаан, сорох ньилбэгэр төбөтүн уура охсон ылан чиэстэтэлээн баран, ыт кырдьаҕас тойонугар төннөр. Хоҥоруутун сиигинэн синньигэс ураанньыктаах, кутуругун төбөтүгэр үрүҥ «хоболоох», моойторуктаах, ыас хара ыты дьиэлээх хотунтан ураты бары таптыыллар.
Оҕонньор мас тэриэлкэҕэ ас уура охсон биэрэр. Онтон ытын сыҥааҕыттан ытыһынан өйөөн олорон, хоҥоруутун өрүтэ имэрийэ-имэрийэ «сэһэргэһэр». Кини саҥатын хоһоонун иһиллээтэххэ, ыт кутуругун хамсата, төбөтүн кыҥнаҥната туран иччитэ эрэ истэр гына сибигинэйэн сэһэргэһэр курдук.
– Хайа, доҕоор, ханна сырыттыҥ? – диир оҕонньор уонна тохтоон ытын сирэйин-хараҕын одуулаһан олорбохтоон баран, хоруй ылбыт быһыынан дьүккүс гынаат, этэр: – Ээ, Чооруостаах үрүйэни бостуой кэрийэр буоллаҕыҥ дии! Куобах билигин маарга бүктэҕэ буолуо. Эн тыаны төрүт да кэрийбэтиҥ сөп этэ. Билигин от-мас барыта кырыаран айа кылыытын кыайан көрүөҥ суоҕа. Ээ, көрбөккүн, доҕор, киһиргээмэ! Хайа, харах-сирэй да мөлтөөн эрэр ини. Эн биһикки кырыйдахпыт да буолуо суоҕа дуо?.. Чэ, оччоҕо сэрэнэн сырыт, бэркэ сэрэнэн! Дьон айатыгар өлбүт куобаҕы тыытаҥҥын сааты оҥороойоҥуй?.. Холобурун этэбин, өһүргэнимэ, доҕор…
Онуоха Дьөгүөрдээн этэр:
– Дьэ, хата тыыппат. Үнүрүүн «Биир куобахпын сыллаан ааспыт» диэбитим дии.
– Эмиэ оннук баара! – Оҕонньор ыта хайҕанан үөрэ түһэр.
Бэрт өр ити курдук тапталлаахтык сэһэргэһэн баран, бырастыылаһар быһыынан, ытын эмиэ «чоп» гына уураан ылар. Ыт утуйар сиригэр оһох кэннигэр барар. Дьон бары сыталлар.
Уот кытыытыгар Мотуруона соҕотоҕун олорон хаалар. Кини аан дойдуга, киһи билэрэ, биири эрэ чахчы таптыыр, харыстыыр, биэбэйдиир. Долгуннура үүнэн түспүт чачархай өҥнөөх, ньалака сымнаҕас уһуун-уһун баттаҕын…
Дьиэ иһэ им-ньим буолар, арай хотоҥҥо ынахтар үөһэ тыынан буугунаһаллар, дьиэлээх оҕонньор түһүү охсон дөрүн-дөрүн тугу эрэ үлүгүнэйэр. Өһөн эрэр оһох уота күөх төлөннөрүнэн чыпчылыйбахтыыр.
Оһох чанчыгар борук-сорукка Мотуруона боруйан олорор. Кини чачархай ньаассын баттаҕын суунан, илиитинэн сахсыҥнатан уот сылааһыгар куурдан баран, бэрт өр тараанан намылыппыта. Онтон төттөрү өһүлэ-өһүлэ, бэрт наҕыллык өрөн баран, билигин икки илиитинэн хардарыта оргууй сыыйа тардыалаан кэрэхсии олорор. Кини дьиҥнээх истиҥ санаатын, сылаас мичигин өлгөм баттаҕар эрэ аныыр быһыылаах. Мотуруона төрөөбүт сирэ – сиэркилэ курдук мэндээһийбит киэҥ ыраас күөллээх Айыана алаас – Амма уҥуор баар. Онно дьадаҥы гынан баран, бары мас уустара буоланнар мааны нуучча дьиэлэри, «нэмиэскэй» муннуктардаах ампаардары тутуталаабыт, бары эйэҕэс, оонньуулаах-күлүүлээх бырааттара олороллор. Мотуруона кинилэргэ сылдьыбат, бырааттарын туһунан биирдэ да саҥарбат.
Сыл аайы төрөөн өлөр, олох уота иҥмэтэх чэлкэрэҥ оҕолор, эһэтэ буолуон сөптөөх аҕыс уоннаах эр. «Эйигин Баһылай оҕонньор көрдөөн барда» диэбит ынырык киэһэлэригэр диэри кистэлэҥ эрэмньилээх, килбик үөрүүлээх кыыс оҕо сааһыттан уларыйбакка хаалбыта – чачархай ньаассын долгуйар суһуоҕа буоллаҕа. Ону таптаабат, кэриэстээбэт, биэбэйдээбэт буолуо дуо! Кимниин кэпсэтиэй, кими таптыаҕай?!
Балаҕан үрдүгэр ыстанан кэбиһээри гыммыт курдук, инники өттө сиргэ батары иҥнэстибит ампаар турар. Онно мааны быыһык саҕынньахтар, суккуна соннор, оһуордаах, оҕуруолаах этэрбэстэр ыйанан намылыһан тураллар. Хаһан да кэтиллибэттэр. Хара баархат чаппараахтаах, киһилии сирэйдээх, батастыы соҕотох муостаах, атыыр сылгылар өрүтэ дьохсооттоспут ойуулаах көмүс ыҥыырдар, көлүнэн барар ат күндү сэптэрэ тураллар. Хаһан да туттуллубаттар. Долбуурга күндү сылабаардар, көмүс таҥаралар тураллар. Хаһан да тыытыллыбаттар. Кыһыл тараах кырааскалаах, туора-маары тимиринэн таарбайыллыбыт, улахан дьааһыктар көмүһү, түүлээҕи, харчыны ыйыстан тураллар. Хаһан да аһыллыбаттар.
Эдэр кэрэ кыыс оҕо дьолун-сүрүн эмсэхтэнэн, отутчатыгар тымныы харахтаабыт, кур тыҥа сирэйдээбит үҥэр үрдүк эмэгэттэр, суостаах абааһылар бу бааллар. Кинилэри илииҥ таһынан быһаҕынан быраҕан чаҕыппаккын, сылгы кубарыйа куурбут чөмчөкөтүн уҥуоҕунан дьулаппаккын.
Өр буола-буола, «ый баһыгар-атаҕар» Боллоорутта оҕонньор ампаарыгар тахсан иһиттэн олунан кэбиһэр. Үрдүк эмэгэттэригэр, кырыктаах иччилэригэр үҥэр-сүктэр. Былыр өлбүт маҥнайгы икки ойохторун – баай төрүттээх мааны хотуттар киэннэрэ. Тыыннаахтар бу малларынан туһамматтар. Бу маллар тыыннаахтарынан эмсэхтэнэллэр. Тыыннаахтарга хомуруттубут эргэ алтан сылабаар, былыр үлтүрүйэн бараннар ньаалбаан кырадаһынынан үүйүллүбүт чааскылар, эмтэриттибит мас хамыйахтар.
Сааһыары биирдэ Мотуруона ийэтэ – саһархай харахтарынан дьиибэргээбит курдук чөрбөччү көрбүт кыра эмээхсин энньэкэччийэн тиийэн кэллэ. Мотуруона үөрүүтэ, соһуйуута, кэрэхсэбилэ суохтук:
– Хайдах олороҕут? – диэтэ.
Эмээхсин сүр түргэнник эргичиҥниир, өрүтэ сыҥсыйбахтыыр, уончалаах кыыс тастыҥ аймаҕар аан маҥнай хоно кэлэн баран килбигийэрин биллэримээри гынарын курдук туттар. Кини кыыһын – «Тукаам Мотуос!» диэн, күтүөтүн «Баһылай оҕонньор!» диэн ыҥыртыыр. Оҕонньор баарына чахчы кыараҕастытар, кини тахсан бардаҕына үөрэ-көтө, кэҥии түһэр.
Нөҥүө күнүгэр киэһэлик, оҕонньор отун тиэйэн кэлэ илигинэ, эмээхсин Мотуоһун сүүһүттэн сыллаан баран дьиэлиирэ буолла. Биир кырбас буспут эти күөх окко суулаан хоонньугар угунна уонна тахсан киэҥник тайаарыччы дайбаан, Амма мууһун устун халтаҥнаабыт тыс этэрбэстэринэн бэйбэҥнии турда.
Кини барбытын кэннэ сотору соҕуһунан оҕонньор от тиэйэн кэллэ. Эмээхсин туһунан биир да тылы саҥарбата. Ыкса киэһэ ампаарыгар тахсан бэрт өр буолан баран кини ынырыктык хаанньайа мичээрдээбитинэн, ньуура холлон, уҥуоҕа хамсаан биир сиргэ таба үктэммэт буола салҕаластаан киирдэ. Уот иннигэр кэлэн холкутуйа сатаата, өрүтэ уһуутаамахтаата. Холкутуйбата. Дьэ ордук ыгылларга, тууйулларга дылы буолла. Титирэстээбит куолаһынан, кэхтэрэн тохтуу-тохтуу, бытааннык, ньүһүөрдүк эттэ:
– Таһырдьа… Саа-а-гынньах сиэбигэр бэдэр баа-ат-таҕын аҥаара баар этэ. Ханнаный ол?
Мотуруона олорон эрэ түҥнэри хайыһан кэбистэ:
– Билбэтим. Мин онно…
– Дьөлө, суккуйа охсон бардаҕа!
– Эн бэдэргэр мэҥийбэтэҕэ буолуо…
– Ити курдук супту чупчуруйан эрдэххит! – Оҕонньор күөмэйэ чөллөрүйэн саҥата үрдүү түстэ.
– Эн баайгар мин…
– Хайыыгы-а-а-н?! – диэн биир тылынан дьөлө кыланна да, оҕонньор малҕарыс гынан ойон тиийдэ, умса нүрүйэн олорор дьахтары көхсүгэ сутурҕаан «лүҥ» гыннарда.
Дьахтар охтон иһэн, аҥаар ытыһынан сиртэн тайанан өрүһүннэ. Оҕонньор удьурҕайдаах хахыйах силиһин курдук бадьырыттыбыт тарбахтарын таҥнары баҕыырдаабытынан баттаҕар түһэн эрдэҕинэ, дьахтар туора ойдо, икки илиитин өрө уунан харыларын туора тутуталаан кэбистэ уонна түөһэ түллэ түһээт, наһаа эрчимнээхтик, кырыктаахтык «Тыытыма!» диэн кыланна. Туох эрэ итиини харбаабыт курдук, оҕонньор икки илиитин кэннигэр тутта оҕуста. Дьахтар олох маска олорунна уонна икки ытыһынан сирэйин саба туттубутунан бүк түһэн барда. Оҕонньор сэниэтэ суохтук бакылдьыйан кэлэн уокка аргынньахтаан баран ырбаахытын устан ньилбэгэр уурунан умса көрөн олордо.
Онтон Мотуруона хайдах эрэ дьүккүс гынна, көхсүн түгэҕиттэн бүтэйдик, түргэн-түргэнник сөтөллүтэлээн ылла да, нэмийэ-нэмийэ өҕүйбэхтээтэ. Айаҕыттан хараҥа хаан санньылыс гына түстэ. Оҕонньор кистээн, хараҕын кырыытынан көрөн кэбистэ уонна эмиэ төҥкөччү тутунна.
Өр олордулар ол курдук.
Кэмниэ кэнэҕэс Мотуруона тугу эрэ өйдүү түспүт курдук, дьиибэ имигэстик ойон туран, дэгэйбэхтии хааман таһырдьа таҕыста. Кини аспыт аанынан Моойторук утары мөлбөрүс гынан киирдэ. Куолутунан, дьиэни ортотунан сундулуйан иһэн, туора халбарыйан, сиргэ халыйан сытар хараны сытырҕаан көрдө. «Бу туох буоллугут» диэххэ айылаах оҕонньор диэки хайыһан көрдө уонна, сүүнэ улахан буруйдаахтык туттан оһоҕун кэннин диэки куймуҥнуу турда.
Охсуһуу туох да сонуну таһаарбата. Мотуруона тымныы харахтара уруккуларынан кыламаннарын быыһынан оруоллууллар. Оҕонньор куолутунан кыыллар, сүөһүлэр өйдөрүн, абааһылар акаарыларын кэпсиир.
Биирдэ күнүс Моойторук айаҕа табыллан киирдэ. Бөдүргэйигэр эбиэн ырба курдаттыы саайыллыбыт. Ырба угун тосту хадьырыйан бырахпыт, илин аҥаара бүтүннүү кэлимсэлэһэ тоҥмут. Кими да чугаһаппакка, быһыта хабаары дьаҕырыйан кэбиһэ-кэбиһэ, оһох кэннигэр сытта.
Киэһэ иччитэ от тиэйэн кэлэн иттэ турдаҕына, Моойторук оһох кэнниттэн бэрт нэһиилэ иэгэлдьийэн таҕыста.
– Бу ооккобун… Эппэтэҕим дуо?! – диэн аймана түһээт, оҕонньор таалан турбахтаата.
Ньилбэгэр ытын туора сытыаран баран, сылаас уунан сууйа-сууйа, оҕонньор үлэлии олордо. Ыт харахтарыттан сырдык таммахтары мөлбөрүс гыннара-гыннара, быһыта симмэхтии, киһилии ынчыктыы сытта. Оҕонньор бэрт эрэйинэн ырбаны таһааран аттыгар турар олох маска талыр гына бырахта уонна ытыһын тилэҕинэн харахтарын баттаамахтаан кэбистэ. Нухарыйбыт курдук ньилбэгэр сытар ыт кулгаахтарын туппахтыы-туппахтыы, оҕонньор бэрт өр бүк түһэн олордо. Ыкса киэһэ оһох кэннигэр от тэлгэтэн ытын сытыаран баран:
– Доҕоор, бу эн билбэт ырбаҥ дуу? – диэтэ.
– Суох ээ… – диэтэ Дьөгүөрдээн.
– Итиччэ үрдүк хололоох хайа соххор эбитэ буолла… Арай сарсын суоллаан көрүөм буоллаҕа.
Ким да саҥарбата.
– Эн ырбаҥ буолбат дуо? – диэн быыс кэннигэр бүгэн олорор Сөдүөччүйэ ботугураан ыйытта.
– Саҥарба… Бэдэргэ ииппиппэр… Суоллаатаҕына өлүү доҕоор. – Дьөгүөрдээн утуйа сытар Өлөксөйү өҥөйөн көрдө, онтон Микиитэ диэки ньүрүс гынан эттэ: – Бу, улахан уол, эн сэрэн!
Дьолго, ол түүн хаар ыга түһэн кэбистэ.
Сааһыары Моойторук оҕонньордуун көмөлөөн орон анныгар уйа туттулар. Биир сарсыарда көрдөххө, Моойторук уйатыгар биэс оҕоломмут. Кыҥнаҥныы-кыҥнаҥныы одуулаһар, кини өйдөөх киэҥ харахтарыгар күн ийэ тапталын, кини көмүскэлин толбонноро охсуллаллар…
Оҕонньор чохчойон олорон ыт оҕолорун биирдии-биирдии уурталаан, имэрийэ-имэрийэ ыммалыйда.
– Оо, барахсаттары даа! Кэрэлэрин, үчүгэйдэрин даа! Ааттаах да булчут буолуохтара эбээт. Үтүө да сүүрүк буолуохтара эбээт! Сытыы да харахтаах буолуохтара! Сэргэх да кулгаахтаах буолуохтара! Сытымсах да муруннаах буолуохтара!
Онтон туран быыкаайык солуччахха саламааттаан сырдьыгынатта.
Ол барыта «Ыт Айыыһыта» диэн наһаа өһүргэс уонна киһиргэс иччини албынныыр.
Сааскытыйан истэ. Уҥа диэки өттүлэригэр өрөһөлөнөн турар буор хайаны үрдүнэн күн унаарыйа устан ааһар буолла. Күнүһүгэр хаар үрдэ ирэн бөһүөннүрэр, түүнүгэр тоҥон көмүрүөтүйэр буолла. Суолга, тэлгэһэҕэ тохтубут «от сыата» быһа сиэн, чалбах бычыгыраата.
Моойторук биэс оҕотун батыһыннара сылдьан дьиэ таһыгар көрүлэтэр, көччүтэр. Кини күҥҥэ биирдэ балачча өр сүтэн баран, оҕолоругар кэһиитин – куобаҕы, чыһы, кутуйаҕы ытыран кэлэр. Оҕолоро саба түһээт, ардырҕаһан, быһыта хапсан бардахтарына, ойоҕоско сытан буойардыы, сэмэлиирдии киҥинэйтэлиир.
Онтон биирдэ Моойторук кэлбэтэ.
Сүтэн хаалла.
Оҕонньор аһыйарын-абаланарын саҥарбат гына кытаанах кутурҕаҥҥа бүк баттатта. Биэс ыт оҕотун иитэр кыһалҕа киниэхэ бэйэтигэр тирэннэ. Бары тула көтөллөр. Оҕонньор биир-биир көтөҕүтэлээн ылан түөһүгэр ыга кууһуталыыр, кулгаахтарын туппахтыыр, самыыларын таптайбахтыыр, тугу эрэ ботугуруур. Тар тобоҕо баранна, толооҥҥо өлбүт ньылба кулун бүттэ, ынах тыҥата, ньоҕор балык сытыйбыта эһиннэ. Биир киэһэ, өрүтэ ыстана-ыстана тула сүүрэ сылдьар ыт оҕолорун ортотугар чигдигэ эргичиҥнии туран: «Бэйэбин сиэҥ!» – диэн ыксаабыттыы көбдьүөрүйдэ. Нөҥүө күнүттэн ыла ыт оҕолорун дьоҥҥо түҥэтэр кыһалҕаҕа киирдэ.
– Бу оҕону эйиэхэ анаан сылдьабын. Булчут бастыҥа буолар билгэлээх. Соруйан биэрэбин, – диир оҕонньор ыалдьыт иннигэр ыт оҕотун тараччы көтөҕөн туран.
Ыалдьыта ылыан баҕарбат буоллаҕына кини чахчы хомойор, ааттаһа сатыыр. Ыалдьыт ылар буоллаҕына, ытын оҕотун түөһүгэр хам кууспахтаан баран, киһи хоонньугар уган биэрэр уонна тарбахтарын төбөлөрүнэн ытын оҕотун муннун тутан ибигирэтэр, бэйэтэ лыкыччы туттар, хараҕын быһыччы көрөр уонна тииһин ырдьата-ырдьата көрдөһөн ботугуруур:
– Үчүгэйдик иит. Ийэтэ бэрт өйдөөх барахсан этэ. Атаҕастыа суоҕа диэммин биэрэбин…
Моойторукка маарынныыр биир оҕону бэйэтигэр хаалларда.
Бу кыһын Микиитэ сүөһү, кыыл олус өйдөөхтөрүн уонна абааһы наһаа акаарытын туһунан биллэ. Уонна соҕотох ыалларын улахан уоллара сэлликтээн ыалдьар, сүрдээх хатыҥыр, сүүрбэччэлээх Сэмэн Дуобачаанаптан саалтыыр ааҕарга үөрэннэ. Сэмэн буукубаны «охумал» дии-дии көрүдьүөстүк күлэн хараҥа балаҕанын сырдатар.
Боллоорутталаах дьиэлэрэ сытыары истиэнэлээх киэҥ, атыттарга холуйдахха, сырдык дьиэ. Ол эрээри хайдах эрэ киһи тэһийбэт, «кута-сүрэ тохтообот», тоҥуй. Дьиэ дьиҥнээх баһылыктара бэрт өр ыалдьан өлбүт соҕотох кыыстарын көмсө туора нэһилиэккэ барбыттарын курдук. Кинилэр суохтара хобдох. Кэллэхтэринэ ынырык буолуо…
Кэтэҕэриин орон, уҥа орон кураанахтар, дьиэ ортото кураанах. Боллоорутталаах бэйэлэрэ аан диэки муннукка олороллор. Лэглээриннэр – хаҥас муннук дьоно.
Саас эрдэ Дьөгүөрдээннээх үөрэн-көтөн бэйэлэрин тапталлаах уйаларыгар – быыкаайык балаҕаннарыгар көстүлэр. Хаппыт хатыҥнарга сылгы кур чөмчөкөлөрүн уҥуохтара чыпчылыйбакка супту одуулаһан хааллылар.
Күһүнүгэр, маҥнайгы хаар түһэн талбааран эрдэҕинэ, Микиитэ уол Боллоорутталаахха көтөн түстэ. Мотуруона соҕотоҕун уот кытыытыгар чэй иһэ олорор эбит. Кыратык да дьиибэргээбэтэ, ахсарбата, муус тымныынан көрөн кэбиһэн баран:
– Хайдах олороҕут? – диэтэ.
– Үчүгэй. Эһиги хайдах олороҕут?
– Биһиги дуо?..
Наһаа көтөхтөрбүт, көмүскэтин түгэҕэр түспүт харахтарын тулатыгар күөх мэҥнэр олохсуйбуттар, сирэйигэр уһаты-туора дириҥ дьураалар охсуллубуттар. Арай өһүлэн баран түөһүгэр долгуннурда түһэрбит чачархай ньаассын баттаҕа өссө ордук торолуйбукка, көтөҕүллүбүккэ дылы. Ол өлгөм баттах сибилигин «үрэл» гына түһээт, үөһэ диэки талбаарыҥныы көтө туруох курдук… Хастана хаппыт кур чөмчөкө уҥуоҕа оҥоруттан хаалан баран сыгынньах сыҥааҕын ырдьах гыннаран: «Биһиги дуо?» – диэн хатаннык чаҕаарыйа түһүөххэ айылаах.
Уол көхсүн тымныы хаарыйталаата. Итиниэхэ барытыгар кини эмиэ туох эрэ буруйдаах курдук. Туох? Көрөн олороро буолуо дуо кини буруйа?
– Ыалдьаҕын дуу?..
– Чэй иһиэҥ дуо? – диэтэ онуоха Мотуруона хапсабар.
Уол олус симитиннэ, дьулайда.
– Суох, испэппин…
Тахсан, кытыл кырдалын устун тыаны саҕатынан, кэннин хайыһа-хайыһа, сүүрэ турда.
Сотору «Боллоорутта ойоҕо Мотуруона таҥаралаабыт үһү» диэн иһилиннэ…
Аҕыс-сэттэ сылы урут түһэн сэһэргээтэххэ маннык.
Гражданскай сэрии маҥнайгы өрө түллүбүт күүстээх долгуна ааста. Эмискэччи күөрэс гына түһээт, дөбөҥнүк кыайтаран, мэлис гынан хаалбыт Пепеляев генерал төгүлэ саҕаланан эрэр кэмэ.
Охотскай суолунан кыһыл этэрээттэр ааһыталаатылар. Кэннилэриттэн таһаҕастар субустулар.
Сэрииһит нууччалар сахалыы истибэттэр. Сыарҕалаах сахалар нууччалыы билбэттэр. Тылбаасчыт наада. Ол көстүбэт. Сорох буолуммат. Сорох сатаабат. Арай Амма нэһилиэгин суруксута Микиитэ Лэглээрин баар. Кини буолунар даҕаны, тылбааһы сатыа даҕаны бука. Арай сокуоннай сааһын ситэ илик.
– Ол сөп дуо? – диэтэ ревком бэрэссэдээтэлэ Эрдэлиир Миитэрэй.
– Нии-чаво-о! Ар-рел! – диэн баран обуос начаалынньыга Чурин, халлаан күөҕүнэн арылыччы көрбүт, багдаһыйбыт, көрдөөх эдэр нуучча Эрдэлиирдээх Микиитэни иккиэннэрин санныларын таптайбахтаан кэбистэ.
Онон хайаларын ордук биһирээбитэ биллибэккэ хаалла.
Айан суолугар быһа түһээри, бэрт элбэх көлөлөөх, нууччалыы-сахалыы тойуктаах дьон Боллоорутта Баһылай балаҕанын аттынан тоҕу ааҥнаан ааһан истэ.
Боллоорутта оҕонньор балаҕанын айаҕар тахсан чарапчыланан турда. Күрдьүллүбэккэ, мөлбөйбүтүнэн турар тэлгэһэҕэ Микиитэ атын туоратан таһаарда.
Оҕонньор кыратык да уларыйбатах. Одуулаһан кылаччы көрөн турбахтаан баран, ымас гынан, ыыс-араҕас тиистэрэ бөлтөрүттэн көһүннүлэр:
– Эн эбиккин дуу? Тугу иһиттиҥ?
– Суох. Эн?
– Ээ, суох… Бу туохтарбытый?
– Ити кыһылларбыт.
– Ээ буоллаҕа… Доҕоор, эн Моойторугу өйдүүгүн дуо?
Мотуруона хаанын сыллаан көрөн баран, Моойторук оһох кэннин диэки куймуҥнаабытын Микиитэ өйдүү түстэ.
– Өйдүүбүн, оҕонньоор, барытын өйдүүбүн. – Ааһаары атын эргилиннэри тарта.
– Бэйи эрэ… Эһиги көһөргүтүн кытта Чооруостаах үрүйэ төбөтүттэн булбутум. Миэхэ хаалбыт оҕото сүтэн хаалбыта. Ыалбыт көһөн хаалбыттара. Били аппын былырыын кыһын ытыгылаабытым. Мотуруона бу ампаар кэннигэр сытар… – Сыҕарыҥнаан кэлэн ат иннигэр турунна уонна сүр кистэлэҥнээхтик ботугураан эттэ: – Эн аҕаҥ киэнэ манна биир ырба хаалбыт этэ. Ону, өйдөөбүччэ, илдьэ бар…
Ампаарыгар бадьараҥнаан тиийэн, мас олууру сулбу тардан, киирэн хаалла. Дьиэ айаҕыттан ампаарга, Аммаҕа, кыстык маска сатыы киһи ыллык суоллара тыргыллыбыттар. Былырыын «ытыгыламмыт» ат чөмчөкөтө киһи уунан тиийэр сиригэр иилиллибит. Саамай үөһээҥҥи чөмчөкө икки саһаан холобурдаах сиргэ турар. Онтон улам намтаан хаппыт хатыҥы таҥнары сыылан испиттэр… Ампаар кэннигэр кубарыйа куурбут мас кириэс быластаан турар эбит. Сигэ күрүө дуома эргийбитэ, биир эркинэ сиҥнэн түспүт. Кириэс туорайдарыгар тураах олорон үрүҥ бэлиэлэри хааллартаабьтт.
Микиитэ атыттан ойон түһэн, сиэппитинэн тиийэн, ампаары өҥөйөн көрдө.
Оҕонньор ороҥҥо ыттан туран, тугу эрэ саҥаран киҥинэйэ-киҥинэйэ, долбууру харбыалыыр.
Ампаар ортотугар былыргы быыһык саҕынньах, биллэ-биллибэттик дьигис гына-гына, наҕыллык далбаарыҥныыр. Саҕынньах сиэбиттэн… бэдэр аҥаар кулгааҕа быкпыт. Саҕынньах уолуга оҕонньор диэки хайыһан эрэр. Сибилигин икки сиэҕинэн эмискэччи даллас гынаат, өрө ыстанан, оҕонньору кэнниттэн кууһа түһүө… Кууһа түһүө тапталлаах кулутун уонна дорҕооно иһиллибэттик күлэн титирэстиэ…
Микиитэ, эргиллэ хайыһан, бооһойбут көҕөччөр соноҕос ыҥыырыгар ойон таҕыста да, сис оройугар иһиллэр ампаалык диэки ойута турда.
Омоох суолу тоҕу күттэрэн, сотору айан суолугар тиийдилэр.
Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?