Электронная библиотека » Семен Маисов » » онлайн чтение - страница 30


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 10:40


Автор книги: Семен Маисов


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 30 (всего у книги 34 страниц)

Шрифт:
- 100% +

Холкуос чилиэнэ киһи – араас идэни, дьарыгы бары баһылыыр, бииртэн-биир сонун үлэ. Түөрт ыанньыксыт – биэс уонча ынаҕы ыыбыт, сүөһүбүт сааҕын солбуһа сылдьан, Мөөчөс диэн оҕуспутунан таһаарабыт, балбаах тоҥмот сылаас күннэрэ үүнэннэр тэйиччи илдьэн чөкө тоҕобут.

Сомолло кыыһа Суоппуйа, Аппырыыс, Намыынаба Маарыйа уонна мин – бары биир балаҕаҥҥа дьукаахпыт.

Муус устар эргэтигэр ынахтар үксүлэрэ төрөөн күҥҥэ түөртэ, хос-хос сыппайан ыаналлар; аны ньирэйдэри көрүү-истии: оккураҥ, ньылба (итэҕэс) тарбыйахтары туһунан тутан кыра оҕолуу бүөбэйдэһэн, күннээҕи түбүктэн киһи соло, быыс-арыт да булбат.

Аҕааппыйа ыанньыктарыттан биирдэстэрэ Ааната Алата диэн кэйиик сүөһү баар. «Ити сүөһүттэн сэрэнээр, саатар атыҥырас…» – диэн Аҕааппыйа эрдэ сэрэппитэ. Мин маҥнай утаа эрэ дьик-дьах туттан баран, кэлин сүөһүм бэрт көрсүө сирэйдээх-харахтаах курдугун иһин улаханнык сэрэхэдийбэт буоллум…

…Биир сарсыарда туран үгэспитинэн күө-дьаа кэпсэтэ-кэпсэтэ, бэйэ-бэйэбитин хаадьылаһан күлсэ-салса хотоммутугар кэлэн, тарбыйахтары аҕалтаан ийэлэрин этэттээн ынахтарбытын ыатыбыт. Туппаҕынан да иэтэн ыанар сүөһүлэр бааллар. Оҕолоругар ыабыт үүппүтүттэн биэрэбит.

Аҕааппыйа икки ынаҕа өссө төрүү иликтэр, уолан бараннар биирдэһэ саҥа синньээн (хамнатан) эрэр, атына кирсэ быстан баран, ыалдьан, кэтэһиннэрэн турар.

Хотон харабынайа Ньохо Дьаакып биһиги киирбиппитигэр балаҕаҥҥа тахсан хаалла. Түүн сүөһү төрөөтөҕүнэ бэйэтэ буостуктаһан, илиилэһэн дьаһайар, сөллөн хайаан босхо бардахтарына оннуларын булларан баайар. Дьаакып тарбыйахтар турар сирдэригэр, долборук кэтэҕэр адарай оронноох, үксүн онно утуйар…

Бастакы ынахпын ыан бүтэн баран, ыаҕыйалаах үүппүн ыаҕаска аҕалан куттум уонна аны Ааната Алатын ыары талах олоппоспун тутан, ыкса сыстыбыт атын сүөһүнү самыыга тап гына охсон сыҕарыттым… Арай, ала ынаҕым эмискэ чолос гынан баһын эргитэн мин диэки хайыһа түстэ, онно көрбүтүм эриэн ситии быата сөллөн, босхо баран турар эбит. «Бай, сөллөн хаалбыт» дии санаат ыаҕайабын муостаҕа ууран төҥкөйөн эрэрим баара да… Дьэ эбэтээ, өрүһүнүөх түгэн биэрбэккэ кэйиик ынах уһуктаах муостарынан эмискэ супту түспэт дуо… Түөһүм иһэ кип гынан хаалла, эһиллэн тиийэн икки-үс хаамыылаах сиргэ ньылк гына түстүм, өй-мэй бардым… Оо, сүөһүгэ да ис-хааныттан хабыр быһыылаах, ииримтийиэр диэри икки атахтаахха өһүрбүт ынырык сүөһү баар буолар эбит… Охто сыттахпына ынаҕым орулуу-орулуу туох да харса суох хайа түбэһиэх суптурута түһүөлээтэ… Мин буоллаҕына бэл саҥа да таһаарар кыаҕым суох… Санаабар сүөһү испэр батарыта киирэр муостара сиһим уҥуоҕар тиийэн иҥнэргэ дылылар… Маҥнай утаа айахпар ип-итии, ап-аһыы, тоҕо эрэ, тууһу ыстаабыкка дылы хап-хачыгырас хойуу хаан амтана билиннэ, онтон отой да муннубунан, айахпынан убаҕас хаан тохтоло суох тоҕо баран халыйда… Кыыла турбут сүөһү отой өлөрөрдүү кэйиэлии-кэйиэлии, икки муоһунан тырыта тыытыахтыы уҥа-хаҥас садьыалана-садьыалана кэбилэннэ, ол тухары иһигэр илэ абааһы киирбитинии орулаа да орулаа…

…Дьахталлар часкыһар саҥаларын түүл-бит курдук эрэ истэбин. Суоппуйалаах Аппырыыс саах күрдьэр күрдьэхтэринэн иирбит ынаҕы тула көтө сылдьан сискэ мииннэрэн сабаатылар. Суох, ынах тохтуох эрэ быһыыта биллибэт, нукаай курдук сытар киһини, үлүһүйбүт омунугар халтарыйан үрдүбүнэн ааһа-ааһа, тэпсэ-тэпсэ кэйгэллээ да кэйгэллээ… Онтон Суоппуйа маҕыйа түһэн баран охсубут күрдьэҕэ сүөһү хоҥуруутугар түбэһэн, чиргэл тиит күрдьэх баһа хайа ыстанан кылбас гына түспүтүгэр биирдэ эрэ ала ынах туора ыстанна… Ыанньыксыттар баһын булкуйа-булкуйа өҥүргэһинэн көрбүт ынаҕы үөс-батааска биэрбэккэ хайа түбэһиэх үлтү кулаан хотон түгэҕин диэки киэр үүрэн илтилэр…

…Маарыйа барахсан бу тахсыбыт дьулаан быһыыттан кута көтө сыһыар диэри куттаммыт ахан, сааскы хотон уулаах-хаардаах убаҕас сааҕа, холохойо чалбах курдук халыйбытыттан сиргэммэккэ тобуктуу түһээт, миигин хонноҕум анныттан саба кууһан, оонньуур өрбөх оҕолуу намылыйбыт киһини өрө көтөҕөн күкүргэ өйөннөрөн олорто…

– Хайа, Аана тугуҥ ордук… туоххун сиэтэ… туоххун эчэттэ?!. – диэн биир кэм үрүт-үөһэ ыйыт да ыйыт…

Аппырыыстаах хоҥуруута быһа охсуллан тэллэйбит сүөһүнү саах таһаарар оҕуспут Мөөчөс турар оннугар илдьэн хаайаат, миэхэ сырсан сарыпыайданан кэллилэр. Эмиэ үрүт-үөһэ хайдахпын-туохпун ыйыт да ыйыт… Санаабар ынах түөспүн искэ хоймоччу анньан симэн кэбиспиккэ дылы: хааммар чачайа сыһа-сыһа тыыммын нэһиилэ ылан хардьыгыныыбын… Икки дьабадьыбынан санньылыйа сүүрэр хойуу хаантан сырдык хабахтар Маарыйа миигин өйүү кууһан олорор илиитин көхсүгэр өрө үллэн тахсыбыттарын мээнэнэн көрөбүн… Саҥарар кыах төрүт суох, биир кэм тыыным тууйуллан иҥсэлээхтик өрүтэ тыына сатыыбын да агдам иһэ, ойоҕосторум ыарыылара кыайан салгыны эҕирийтэрбэттэр… Ынах кэйэ-кэйэ уҥа-хаҥас силбиэтэнэригэр муоһунан чэчэгэйбин, хааспын быһа анньан кэбиһэн сонно тута сирэйим хаҥас өттө туох баар халтаһалары баҕастары сүүлэ иһэн тахсан аҥаар харахпынан төрүт да көрбөт буоллум… Ити ыккардыгар Маарыйа тарбыйах хааччаҕа оҥоро сылдьыбыт эр дьону ыҥыран аҕалла. Бу сайын Дээҥдэҕэ бииргэ оттообут киһим Кыыллай Мэхээлэ уонна Киспэ оҕонньор кэллилэр. Кыыллай мин атын дьүһүн-бодо буолан сытарбын көрөн айманна ахан:

– Оо дьэ… Уу дьэ… – диэмэхтиир.

– …Хайа, бу курдук сытыа дуо, балаҕаҥҥа таһаарыаххайыҥ, эн Мэхээлэ оҕускун көлүй… Айдаҥҥа илдьиэҥ… – диэн Борокуоппай дьаһайа оҕуста…

Дьахталлардыын, эр дьоннуун хас да буолан көтөҕөөрү хамсаппыттарыгар харахтарым хат туманныран ыарыыбыттан өйүм-төйүм эмиэ ирим-дьирим буолла… Ойоҕоспуттан өйүү туппут Суоппуйа:

– Оо, сордоох да баар эбит… Ойоҕоһо тостубут дии… – диир саҥатын түүл-бит курдук эрэ истэбин…

Айдаҥҥа киллэрэн истэхтэринэ өйдөннүм… Салгыы сымнаҕас олбохтоох сыарҕалаах ат көлүйэ охсон Балаҕаччыга илтилэр. Намыынаба Маарыйа төбөбүн өйүү тутан миигин ыарыылаан, арыаллаан барыста… Суол хас төхтүрүн, оллурун-боллурун аахтара сыарҕа сыҥааҕа кыадьаҥнаан, куймарыҥнаан, лиһигирээн ыллаҕын аайы ыарыыбын тулуйа сатаан ынчыктаан тиҥиргэтэ истим; баһым, сирэйим аҥаара тыҥа курдук күөх баламах буола иһэн тахсан баран, биир кэм ыаҕастаах уулуу дьалкыҥныыр…

* * *

…Балаҕаччы балыыһатыгар сытан сүүрбэттэн тахса хонук устата эмтэнэн, эдэр киһи чэгиэним да бэрдиттэн буолуо, бэрт түргэнник үтүөрэн, букатын чөлбөр түһэн хааллым. Арай, этим-сииним көҕөрбүтэ өргө диэри сугун уутунан биспиттии эриэн-быраан көҕөрөн сырытта. Тостубут ойоҕос уҥуоҕа хайа да атын уҥуох тостубутунааҕар түргэнник оһор дииллэрэ кырдьыгын биллим. Испин-үөспүн улаханнык ибили, быһа анньан сиэтэҕэ диэбитим, мин дьолбор халымыр эбит… Биир улахан үөрүүм диэн – ынах ити айылаах муоһунан силбиэтэнэригэр, хата, харахпын дэҥнээбэтэх… «Киһи эриэнэ – иһигэр, сүөһү эриэнэ – таһыгар» дииллэр эрээри, ардыгар, сүөһү да эриэнэ иһигэр кистэнэрин сөхтүм. Омос көрдөххө сымнаҕас курдук эрээри, дьикти быһыылаах ынаҕын бэркиһээн эрэ кэбистим…

Холкуоска кэйиик оҕуһу туппаттар, сэрэхтээх. Көһүүн быһыылаах атыыр оҕустан хаһан баҕарар дьалты тутта сырыттаххына эрэ сатанар. Оҕуска (ынах сүөһүгэ) кэйдэрбит дьон ханна да баар буолаллар. Муостаах харамай улахан сэрэхтээх. Дэлэҕэ да булчуттар «сүүлэ киирбит күһүҥҥү лөкөйгө үөмүөх кэриэтин, эһэҕэ киирбит быдан ордук» диэхтэрэ дуо. Ынах сүөһү, үксүгэр, киһини кэйэн баран туора хаамар, оттон кыыла турбут, ииримтийбит таба өстөөҕүн, тохтоон тыын ыла-ыла, иһийэн иһиллии-иһиллии, кыратык да сурдургуур буоллаҕына, өлүөр диэри тэпсэр үгэстээх дэһэллэр…

Балыыһаттан тахсан баран Айдаҥҥа дьиэбэр тохтоон, быраас сүбэтинэн, эбэм эмээхсин эминэн-томунан, салгыы өссө да түөрт-биэс хонукка эмтэнним. Онтон төрүт тэһийбэккэ, тылланан, үлэбэр төнүннүм.

Били, Уолбукка солбуйан испит Аҕааппыйам үтүөрэн үлэтигэр тахсыбыт. Ыанньык сүөһүлэри ньирэйдэрдиин – барыларын Быркылаах эбэҕэ сайылыкка көһөрөн аҕалбыттар. Сарсыарда чуумпуга оҕус айаатыыра, мөҥүрүүрэ, ынах маҥырыыра, дьахталлар күө-дьаа буолан ньамалаһар, ыһыытаһар-хаһыытаһар саҥалара Айдаҥтан ыраастык иһиллэр…

Аллаах оҕуһу Дьөрөөкүйэни көлүнэн, иэдьэҥ-хаадьаҥ айаннатан таһынньахтатан, Быркылаахтан уһааттаах кыыймыт арыы таһа сылдьан титииккэ баран ыанньыксыттары көрүстүм. Суоппуйалаах Маарыйа Балаҕаччыга бара сылдьан, балыыһаҕа тиийэн хаста да көрсөн тураллар. Аҕааппыйа: «Ити баҕас дьэ мин куһаҕаммыттан, кэйиик сүөһүнү отой туспа тутуохха баара…» – диэн кэмсинэрэ, бэйэтин буруйданара. Дьиҥинэн ол кини туох буруйа кэлиэй.

Өтөх үрдүк саалыгар турар эркинэ суох титиик чэлгиэнэ сүрдээх, кыра да салгын биллэр сирэ. Онно-манна түптэ хойуу буруота унаарыйар… Куйааран күлүмэн, күүгэс кынатын тыаһа биир кэм күүгүнүүр: сүөһүнү, киһини тула эргийэ көтөн элэҥнэһэллэр.

Титиик диэки өттүнээҕи сиэрдийэтэ ыт да батан киирбэтинии атырыалана сааллыбыт кыараҕас быыстаах, күөл кытылыгар баар хааччах иһигэр тарбыйахтар хааллан тураллар. Бүтэй – күөл уутугар тиийэн бүтэр, онон ньирэйдэр чиҥ үктэллээх сиргэ үрдүттэн уулууллар, мэччийэллэр.

Били миигин кэйбит Ааната Алатын «сыыһа туттаран киһини сииһи» диэннэр сонно өлөрбүт этилэр.

Намыынаба Маарыйа уола Тэйгэ уонна Аҕааппыйа уола Чочоллох, оол курдук тыа саҕатыгар дьирикини сырсан бөтөҥкөстөнөллөр, миигин көрөн далбаатаһаллар.

Ып-ыраас түүлээх-өҥнөөх сайылык тарбыйахтарын кэрэхсээн одуулаһа туран, эмискэ хараҕым били кэйиик ынах оҕотугар, үүт үкчү ийэтин курдук өҥнөөх-дьүһүннээх, сүүһүгэр туоһахталаах ойдом турар маҥан ала ньирэйгэ хатанна.

Күрүө иһигэр киирэн тарбыйахха чугаһаан баран:

– Куутук-куутук!.. Кэ-кэ, кэл-кэл, кэ-кэ… – диэбиппэр торбос өс хоту доҕотторуттан быстан хааман тоһокоччуйан кэллэ. Сиртэн-буортан тэйбиккэ дылы чэнчис тарбыйах таллаҕар кулгаахтарын хамсата-хамсата кыҥнайбахтаан ылар, уһун кыламаннарын чыпчыҥната-чыпчыҥната кичэйэн одуулаһар. Илиибин ууммуппар инчэҕэй муннунан «бу тугуй» диэбиттии анньыалаан көрөн баран, хатыылаах тылынан тарбахтарбын салаата онтон устунан эмэн чобугуратта… Илиим кычыгыланар… күлүөх санаам кэлэр… Будьуруйбут сүүһүн, көхсүн имэрийэбин, ол аайы ньирэй кутуругун өрө хоппото-хоппото харахтарын быһа симэ-симэ, таптатарыттан олус диэн астынан, таалан турар. Өҥүргэс муоһун ооккотун туллаҥнатан көрөбүн, оччоҕуна сөбүлээбэтэхтии баһын быһа илгистэр.

– Куутук-куутук диэтэххэ көрө түһэҕин дии, онон эйигин Куутук диэн ааттыахха сөп эбит. Ол эрээри «куутук» диэн хайдах эрэ ээ… Куутук-куутук буолан түһэн… Хата, ол оннугар бу сүүһүҥ туоһахтатын моһуонун курдук эйигин Сүүтүк диэн сүрэхтиэххэ баар эбит… Оннук эбит… Мантан ынтах эн аны Сүүтүк диэн сүөһү буолаҕын… Өйдөөтүҥ… Мин буоллаҕына эйиэхэ «сүрэхтээбит ийэҥ» буола түһэбин… Һи-һи… Сүүтүк-Сүүтүк…

Ньирэй «чэ, ким да диэн ааттаа» диэбиттии тарбатан мылайа-мылайа тэрбэгэр кыламаннарын быыһынан аахайбатахтыы кылатар.

Бу турдахпытына хайыы-сахха иккис ыамнарын ыанан бүппүт, синньилэрэ кураанахтанан чэпчээн дуоһуйбут ынахтар аа-дьуо алтахтаан, кинилэр диэтэх атын аҕай айгыстан хотоҥноһо хаамсан иккилии-үстүү буолан, арахсыспат дьүөгэлиилэрдии тохтоон кэннилэрин хайыһан бэйэ-бэйэлэрин кэтэсиһэ-кэтэсиһэ үөс диэки ааһыталаатылар. Ол иһэн аны маҥыраһан ыллылар… Онуоха бүтэй иһигэр мэччийэ сылдьар тарбыйахтар тилигирэһэн тиийэннэр сиэрдийэ быыһынан өҥөҥнөстүлэр… Сорох ынахтар оҕолорун билэн тохтоон ыҥарына-ыҥарына кырачааннарын муннун салаан ымманыйан ааһаллар. Уһуннук турбаттар, син биир сотору көрсөр аата тугун таалан туруохтарай – мэччирэҥнэригэр, сөлөгөйдөөх күөх оту үссэнээри бүтэйтэн тэйэ хаамаллар. Кинилэр да уйгулаах унаар сайын кэлбитин биллэхтэринэ сатанар.

Сүөһү да быһыыта син киһи кэриэтэ араас: сорох ынах оҕото төһө да мэҥирии-мэҥирии ийэтин ыҥыра сатаан күрүөнү кыйа хааман тойторуктаммытын иһин, төрөппүппүт буолуохсут төрүт хайыһан да көрбөт. Оҕотугар салыйан хаалар ынах диэн туһунан.

Сүүтүк оол курдук ааһан иһэр сүөһүлэри көрөн туорхаһыйбыттыы ис-иһиттэн дьиктитик ыҥыраммытыгар, эмискэ кутум-сүрүм курус аҕай буола түстэ… Тулаайах хаалбыт тиил тарбыйах ийэлээх ньирэйдэри ымсыыра, ордугургуу көрөргө дылы оттомноох, көрсүө дьүһүнүн наһаа диэн аһынным, устунан уйулҕам хамсаан уйадыйан кэллим…

– …Сүүтүк, эн ийэҥ кэйиик этэ, ол иһин кинини… Мин буруйум суох… Ийэҥ миигин кэйбитэ, бэл өйбүн сүтэрбитим, өлбүккэ холоно сылдьыбытым… Ийэҥ кэйиик буолбатаҕа буоллар баар буолуо этэ… Мин онно отоо-ой төрүт буруйум һуох, балыыһаҕа киирэн баран биирдэ истибитим – ийэҕин суох гыммыттарын… Эн ийэҥ курдук кэйиик буолаайаҕын, сөп… Кэйиик буолар диэн куһаҕан… Эйигиттэн хайаан да үтүө сүөһү тахсыа: бэлгэйбит сириннээх, чөллөркөй сүмэлээх, хойуу, өлгөм үүттээх ынах киэнэ бастыҥа буолан ситэн-хотон туруоҥ, хайаан да… Өссө сымнаҕас быһыылаах, үүттээх ахан ынах буоллаххына – ыанньыксыттарга былдьаһыкка сылдьыаҥ турдаҕа… Биһигинньиктэри киһи диэн көрүөҥ да биллибэт ээ, улахан хотун… – көмүскэлэрбиттэн халыйан тахсан иэдэспинэн сүүрбүт харахтарым уутун ытыһым көхсүнэн туора хаһыйан соттон кэбистим, эмискэ хайдах эрэ чэпчээн дьэгдьийэ түстүм… Моонньуттан түөспэр ыбылы тардан кууһан турбут Сүүтүкпүн сүүһүттэн хаста да сыллаан ыллым уонна күрүө сиэрдийэтин үрдүнэн чэпчэкитик ойон, соруктаах, үлэлээх киһи быһыытынан титиик диэки хаама турдум…

Өтөх үрдүк саалыгар тахсан баран кэннибин хайыспытым – Сүүтүгүм ооккото барахсан, оол курдук, хаалбыт сиригэр, кыҥнаҥныы-кыҥнаҥныы бүтэй быыһынан миигин сайыспыттыы батыһа көрөн тойтоллон турар… Таныым сурдурҕаан, кэҥэриим кычыгыланан харахтарым хат ууланан кэллилэр… Үөскэ, күн уотугар чаҕылыҥныы, күлүмүрдүү сандаарар эбэ ийэ уута тумарыктыйан ыла-ыла, дьирибинэйэ ытыллар…

* * *

Аны ыһыах буолуон эрэ иннинэ, Орто Балаҕаччыга балыыһа, интэринээт, оскуола оһоҕор саһаан мастыы сылдьан, сүгэнэн хаҥас атаҕым сототун хоҥоруутун кырыыбалыы, букатын уҥуоҕар диэри тэллэччи охсон кэбистим… Этэрбэһим иһэ чоп-чоллурҕас, чап-чаллырҕас хаанынан туолан таһынан баран тохтубутугар, үөгүлээн дьоммун ыҥырдым.

Оскуолаҕа үөрэнэр оҕолоох дьон нэһилиэк-нэһилиэк аайыттан саас баччаҕа Балаҕаччыга мустан үгэс курдук хас сыл аайы саһаан охсоллор. Үстүү буолан тус-туһунан арахсан үлэлиибит. Мин кыттыгастарым: Мэкчэкиирэп Ньукулай Уйбаанабыс – Балаҕаччы лэскиэһэ, уонна кини балта Мэкчэкиирэбэ Настаа.

Сытыы сүгэни маны илдьэ барыахха диэн Дарайыы уустан тутарга-хабарга табыгастаах хатыҥ уктаах, оҕонньор бэйэтэ охсубут сүгэтин уларсан илдьэ кэлбитим (Дарайыы миэхэ быһах кытта охсон биэрэн турар). Уус киһи киэнэ дэлэ буолуо дуо, сытыыта диэн сүрдээх, мас этигэр туома «эмэ-эмэ» киирэр тэрил. Саһаан мастааһыныгар чахчы сытыы сүгэлээх киһи эрэ элбэҕи хото мастыыр. Хоппот, тураҕас сүгэнэн киһи соруммат үлэтэ. Түөрэтин чэкичэхтээн, хайытан, көтөҕөн киллэр да оттор гына бэлэмниибит…

Ньукулайдаах Настаа атахпын дэҥнэнэн кинилэри үөгүлүүр саҥабын истэн сүүрүүнэн кэллилэр. Ньукулай этэрбэспин уһула охсон, ууга түспүт киһи атаҕын таҥаһын сүөкүүрдүү, таҥнары туппутугар, хайыы-сахха бөлүөҕэ, чэлкэҕирэ охсубут хойуу хаан отон угар түһэн «пил-пөл» тыаһыыр, санньылыйа тохтор…

Настаа сиидэс былаатын хайа тардан, ырдьайа сылдьар бааһым үрдүнэн сотобун хам баайда. Былаатын ордубутунан, илибирии сылдьар эттээх тириибин саба баттаан баран ыксары эрийдэ. Аны бэйэм былааппын устан биэрбиппинэн онон эмиэ, хас да төгүл хаттыгастаата эрээри, тэлэ охсубутум улахана бэрт буолан, убаҕас хаан сонно өтөн бычалыйан тахсан халыйа турар…

Бу мучумааннана сырыттахпытына, хата, сылгыһыттар: Тыккаай Ньукулайы кытары Буолкап Микииппэр эбэ кэриитинэн ааһан иһэллэрин Настаа түбэһэ көрөн хаһыытаан ыҥыртаан ылла…

Микииппэр Боруоҥкай диэн атыгар мэҥэстэн миигин Балаҕаччыга илтэ. Тыккаай салгыы сылгыларын көрө-истэ барда.

Субу бүгүн саһааммытын охсон бүтэрэн, Айдаҥҥа баран сарсын ыһыахтыахтаах киһи кыл мүччү тэмтэрийэн хааллым.

Балаҕаччыга кэлбиппэр сонно тута бааспын ыраастаан, сууйан-сотон, тигэн кэбистилэр. Ыраастыылларыгар кыра уҥуох кыырпаҕа ойу охсуллан тахсыбытын ыллылар. Биэлсэр Кэрээкин Арамаан (Мурун Уола) – уҥуох эмтэркэйин тойон эрбэҕин уонна ортоку тарбаҕын төбөтүгэр кыбытан, тоҕо эрэ күн уотугар ыйдаҥардан көрө-көрө: «Дьэ, бөҕө уҥуохтаах киһи эбиккин, ити айылаах охсууга сотоҥ уҥуоҕун тоһуппатаххын, хата төттөрүтүн кэлэн эйиэнэ, хатан, чоруун тимиргэ дылы эмтэрийэр…» – дии-дии күлэр… Арамаан кэргэнэ – эдэркээн, ып-ыраас ньыламан маҥан сирэйдээх кыраһыабай ахан нуучча кыыһа Валентина Семеновна, бэйэтэ кэлбитэ баара-суоҕа сылтан эрэ ордубут эрээри, сахалыы мэнээк уҥа-хаҥас бырахсар буолбут. Мин ынахха кэйдэрэн баран, аны аҕыйах хонугунан атахпын дэҥнээн, эчэтэн иккистээн киирбитим иһин: «Эн, Анна, аны балы-саны киримэ…» – диир. Ону истэн балаатаҕа сытар дьахталлар күлсэллэр: «Валентина Семеновна, «киримэ» буолбатах, «кииримэ» диэ…» – дэһэллэр. «Киримэ» диэн букатын туһунан суолталаах тыл буоларын эппиттэригэр, быраас кыыс нарын тарбахтардаах ытыһынан айаҕын саба тутта-тутта күлэн иэрийэ сытар… Хайыы-сахха дьон-сэргэ ытыктабылын ылбыт, олус эйэҕэс, кыһамньылаах быраас ис-иһиттэн саҕылла сылдьар сэргэх сэбэрэтиттэн киһи эрэ санаата көтөҕүллэр. Били, этэргэ дылы «бэйэтэ эмп кэриэтэ».

Балыыһаҕа уһуннук сыттым, эмиэ сүүрбэттэн тахса хоннум. «Сиигиҥ көтүллүө» диэн маҥнай утаа хаамтарбат да этилэр. Эмтиэкэ үлэһиттэрэ барахсаттар букатын кыра оҕо курдук бүөбэйдииллэр…

Бөтүрүөп таҥара саҕана дьэ таҕыстым. Үчүгэйдик тирэнэбин. Төһө да урудуйдар, бүтэйдэннэр бааһым онно кыратык нүөлүйэн ыалдьар, атаҕым былчыҥа, иҥиирэ саҥа ситэ-хото силбэһэн, чэрдийэн, уунаҥнаан эрэллэр. Сүрүн, силгиэх силгэлэрбин быстыбыт киһи буолбатахпын, онон ама, куттал суох. Уонна айгыр-силик Ийэ Айылҕа барахсан сир уутун тото иһэн силигилии тыллан, эгэлгэ араас дьэрэкээн өҥнөөх чээлэй чэчигинэн муҥутуу киэркэйэн, хоҥкуйа күөгэлдьийэн – арчылыыр, араҥаччылыыр тыынынан илгийэн – бэл, ыар ыарыылаах ыарыыта үтүөрэн өрүттүөх, өрө көтөн өрөгөйдүөх айылаах чэп-чэмэлкэй үтүөкэн күннэр үүнэн тураллара…

Бииргэ саһаан мастаабыт киһим Мэкчэкиирэп Ньукулай ийэ кынна Өлөксөөһө эмээхсиҥҥэ хоннум. Өлөксөөһө аһа-үөлэ дэлэй: сүөгэйдээх, тоорук бурдук лэппиэскэлээх, кус эттээх, сылгы хартата кытары буһаран сиэттэ.

Киэһэ дьиэлээх эмээхсин сиэнин Ампыыһаны Лэгиэнтэйэп Кууһумалаахха ыытан, атын уларыстын диэн илдьиттээтим…

Сарсыарда туран аһыы олордохпуна Кууһума бэйэтинэн көтөн түстэ.

– Хайа, Кууһума ат аҕаллыҥ дуо? – ыйыта оҕустум.

– Уйбаака билигин аҕалыаҕа, уҥуор сайылыкка Ыкынаачайапка адаҕа илдьэн биэрэ барбыта, Дормудуонуҥ тугу даҕаны сатаан оҥостубат салаҥ киһи… – диэн Лэгиэнтэйэп кими эрэ, мин билбэт киһибин мөҕүттэр.

Сылгыһыттар окко көлүллүөхтээх хас да саҥа аты бааммыттарын истэн:

– Соноҕос эбии айааһанныгыт дуу? – диибин.

– Ээ, айааһаан да… ити биир сүөһүнү баҕас ыытан кээһиллиэ, араҥ баара, кэтэҕинэн быалаах, иннин биэрбэт сүөһү эбит… – Кууһума эрдэһит бэрдэ, ханан эрэ эргийэн кэлбит быһыылаах, аан чанчыгар турар ортотунан талах курдаах култайбыт уһааттан хомуоһунан уу баһан ылан харса суох ыйырбахтаан киллиргэтэр.

Кытыйаҕа сыстыбыт хааһытын кэһиэҕин кыһыйа турбут Өлөксөөһө эмээхсин:

– Дьэ, сороҕор баҕас наһаалыыгыт, ама да эдэргит, чэгиэҥҥит иһин, ити сылдьан акка оһоллоноойоҕут. Бэҕэһээ алыстаатыгыт ээ, айманан биэрдигит… Кыра ыамайдары, орой мэник чолоҕордору баҕас букатын, ончу чугаһатыа һуохтаах этигит… Бэдиктэр, төбөттөр киһи көрбөтүгэр аны бэйэлэрэ көлүйээри тииһиэхтэрэ… – диэн сылгыһыт уолаттары сэмэлиир. Эмээхсин – Кэлээрэп Бааскалаах (Атыы Бааската) хайа эрэ соноҕоһу хара сиргэ сыарҕалаан бараннар оҕолору олордон ыһыы-хаһыы бөҕөтө буола сылдьалларын түбэһэ көрбүтүн ахтар. Киэһэ балыыһаттан кэлэн киирээппин сонун оҥостон кэпсээн турар.

– Чэ, Аана үчүгэй баҕайытык, мин ыксыы сылдьабын, Бааскалыын Балаҕат күөлүгэр баран кэлэрдээхпит, ол киһи кэтэһэн кэлтэгэйэ хаалла ини. Били аты ыҥыырдаан эрэ кээстим, баҕар ыҥыырын чэчиэккэ оҥостон көлүйэн көрүөхпүт, сыарҕалыырбытын биригэдьиир сөбүлээбэт эрээри, дьиҥинэн массыынаҕа анаан көлүллэр сылгы уот ааныттан хомууттанан, сөп соҕус таһаҕаһы тардарга эрдэттэн үөрэниэхтээх этэ… Бэйэтэ сымнаҕас да аты куттанан нэһиилэ миинэр аата, саатар араастаан кыҥкыйдаһан тахсар кэдэрги кэмэлдьилээх, саҥнаах урааҥхай буоллаҕа, атаһым… – диэн Кууһума сүөһү биригэдьиирин мөҕүттэр уонна киэҥ аханнык күлэн саһыгырыыр. Ити кини үгэһэ, кэпсии-кэпсии саҥа таһааран айаҕын муҥунан «алларастаатаҕына» эрэ сатанар, инньэ гыннаҕына эрэ уолҕамдьы уоҕа ханнык эмэтик харыыр киһи.

Өлөксөөһөҕө көмөлөһөн, оҕолор аһаабыт иһиттэрин сууйустум. Эмээхсин: «Уу, илиим улук буолла…», – диэбитигэр лэппиэскэтин чиэстэтин охсон либиргэтэн биэрдим эҥин. Ол сырыттахпына, били, Кууһума «билигин кэлиэҕэ» диэбит уола Уйбааҥка, хороонуттан быкпыт маттаҥааҕа дылы, искэ киирбэккэ эрэ ааны өҥөйөн туран: «Аты сарайга аҕалан баайдым!..» – диэт мэлис гынан хаалла. Туһугар, биир ыксал-тиэтэл бөтөс быһыылаах…

– Бүгүн эмиэ дьэ, сарсыардаттан дьэргэлгэннэнэн, сыралыйан түһэн куйаас күн сатыылыыр чинчилэннэ, утатыаҥ, – диэн Өлөксөөһө хончоҕордорго чэй кутан кулдьугуратта. Кус этин быһыта тыытан сии-сии сээкэйи кэпсэтэ-кэпсэтэ хат аһаатыбыт.

Мин улахан тугум кэлиэй, таҥаспын, сотторбун уктубут кыра манааҕабын санныбар ноторуускалыы кэтэн, эмээхсиммин кытта иккиэн этэҥҥэ сылдьарбыт туһунан хардары-таары алгыс тылы бырахсаат араҕыстыбыт…

Таска тахсан балаҕан кэннинэн үөскэ орҕочуйар ыллык суолунан бартым – ыаллар хотоннорун кэтэҕэр, тэлгэһэ таһыгар, сайын күн уотун сыралҕаныттан саһан сылгылар хорҕойдуннар диэн биир киэҥ киэлилээх хотону эркинин түөрэтин көтүрэн ылан бараннар үрдүн ордорбуттарыгар, күлүккэ, атым бааллан турар. Бу кэннэ чугаһынан мэччийэ да сылдьар сылгы көстүбэт.

Ыкса кэлэн көрбүтүм – дьэ кынтайан түһэн ат да ат. Өргөс курдук, имэ суох, сытыы уһуктаах кулгаахтардаах; арылхай, быччаҕар харахтардаах; лаппаччы кэтит сүүстээх; хас тыыннаҕын аайы ирбинньиктэнэ хамсыыр чараас, киэҥ таныылардаах; уу көтөрүнүү күөкэйбиккэ дылы, бобуччу туппуттуу биллэ синньигэс хабарҕалаах уһун моойдоох; мэҥэстэргэ анаммыттыы усталаах систээх; кэтит, толору бииллээх; лаппаакытын уонна арҕаһын кырыыта тэҥ; самыыта куоһаахтаах эрээри бэркэ диэн чылбыччы ыаммыт; лаппа үрдүк уҥуохтаах Дьөһөгөй оҕотун талыыта тыбыыран тарылата-тарылата, бааллыбыт баҕанатын төрдүн табыйа-табыйа, көрөн-истэн чөрбөлдьүйэ ахан турар…

Өрүү ыҥыырданар сылгы агдатын, иһин курдуу – холун аалбыт сирдэрэ дьирбиилэнэллэр. Сиһэ уһунун дьиктиргээн «дьоҕойон ордук ойоҕостоох сүөһү дуу» дии санаан аһардым… Үтүө сылгы уҥуоҕа, бэл ис буотараҕа уратылаах.

Туруору туйахтарын сарбыйбатахтар, ол эрээри ат бэйэтэ силискэ-мутукка ойо тэбэн, тэҥэ суох да буоллар кылгаппыт.

Лаппыйыллыбыт көҕүлүн иһигэр ытыспын уган сүүһүн тарбаан, имэрийэн көрдүм, онтон түөһүн таптайбыппар атым сөбүлээбэтэхтии баһын илгистимэхтээтэ…

Ыҥыыр холунун тардан чиҥэтэн баран көнтөспүн сүөрэн, түүрэн хоҥсуоччуга ииллим, ити кэннэ тэһииниттэн тутан миҥэбин хотон иһиттэн сиэтэн таҕыстым. Оҥхой сиргэ туруоран баран, ыалдьар атахтаах киһи быһыытынан кымньыыланар өттүнэн миинээри, иҥэһэҕэ үктэнээри гыммыппар, арай, атым бүлтэриспит харахтарын кырыытынан көрө-көрө тигиилээбит сүөһүлүү эрчимнээхтик, холустук хамсанан чинэккэлээтэ… Кэннинэн чинэрийэ-чинэрийэ эмискэ иннин хоту дьүккүспэхтээн атын аҕай тэбиэһирдэ…

Бу туох буолбут сүөһүнүй, уолаттар сымнаҕас аты биэрбиттэрэ чуолкай, атаҕын дэҥнэнэммит, балыыһаттан субу тахсыбыт, билигин да өссө кыратык доҕолоҥнуур киһиэхэ ахсым аты уларсыбатахтара чуолкай, дьоҕойон атыҥыраатаҕым буолан айгыстаахтыыр энигин дии санаат – тэлэкэчийэ сылдьар соноҕоһу харса суох мөҕүһүннэрбитинэн миинэн кэбистим… Айаҕа сымнаҕас ат – тэһиинин күүскэ тардаммын, хаһыҥырыы-хаһыҥырыы өрө хантайа сылдьар, ол да үрдүнэн маҥнай утаа мээнэ, хайа түбэһиэх үҥкүүлээн эрэрдии ойоҕоһунан экчэҥкэлии-экчэҥкэлии иннин хоту аҕыйахта бөтөрөҥүнэн ойдо… Онтон ис-иһиттэн эрчимнээхтик иккитэ-үстэ өрө көппөрүҥнээн мөхтө, ол эрээри үүнүгэр бэринэн, баһа өрө чолойон, ситэри хойуоһуннаран илгибэт. Чэгиэн атаҕым төбөтүнэн иҥэһэттэн күүскэ тэбинэн, баҕар мөхсүө диэн эрдэттэн сэрэхэдийбит киһи эһиллэн хаалбатым, олохпуттан хамсаабатым…

Сэргэх сэбэрэлээх Дьөһөгөй оҕото барахсан икки кэлин атахтарыгар өрө туран хаста да салгыны табыйан тэбиэһирээт харса суох атаралаата…

Аппын айан суолугар таһаардым уонна кудуччу сиэллэрэн көрүөх бэтэрээ ыккардыгар Угут Балаҕаччыны эргийэ оҕустум… Букатын уу дьоруо айаннаах, сиэлэн ууннарар ахан сүөһү сири ылара түргэнэ сүрдээх…

Айдаҥ аартыгар, арахсыы суол айаҕар кэлэн баран, миҥэбиттэн түһэн, ноторуускалыы кэтэн испит манааҕабын төргүүгэ баайдым. Холуммун биир харах эбии тардан чиҥэтэн биэрдим, ити кэннэ кыратык сиэтэ түһэн баран хат миинним. Бу сырыыга атым төрүт хамсаабата уонна суолум устатын тухары, улаханнык көлөһүн да аллыбакка, тэппит атаҕын кубулуппакка биир кэм хайа диэки салайарбынан сүрдээх көрсүөтүк, улгумнук айаннаата… «Барахсан үтүө да эбит, уолаттар саҥа, бэртээхэй соноҕостоммуттар… ол иһин, маҥнай тургутан мөхсүбүт…» дии санаатым. Кыратык атыҥырас ат ардыгар эмиэ үчүгэйдээх: оҕус курдук сымнаҕас миҥэни дьон уларсыһа-уларсыһа миинэн, бэл сайын үтүөтүн да аанньа биллэрбэттэр. Киһи барыта сылгыга сыстаҕас буолбат: үгүстэр атыҥырас, тургутуук сылгыны куттанан мииммэттэр…

Өтөхпөр тибилиннэрэн кэлээт, миҥэбин күрүө тоһоҕотугар иҥиннэрэн баран дьиэҕэ кииртим: эбэм, Настааччыйа уонна оҕолор бааллар. Көрсүспэтэхпит ырааппыт дьон – бары күө-дьаа буолан ытылҕаннана түстүбүт. Эмээхсин тута аһын тарпытынан барда. Биэрэ сүүрэн ыһыллаҥхайданан кэлэн кууһан ылла, улаханнык ахтыбыта дьүһүнүгэр көстөр…

Баһыычаан, этэрбэһин кэппэт үгэстээх уол, ханна эрэ тыаҕа сүүрэн чолохочуйа сылдьан, өрүү буолар үгэһинэн атаҕын өлөрбүт – тойон эрбэҕин тыҥыраҕын силискэ туура тэппит; хараҕыттан уу-хаар баспыт… Настаа Баһыычаан атаҕын баайаары, үрүҥ сиидэһи хайыта олорор. Ийэтэ Огдооччуйа кэллэҕинэ уола «чолохочуйбутун, оройунан көрбүтүн, наар хара тыаны кэтэн уччуйарын, көрдөтөрүн» эҥинин түөрэтин ахтыаҕын, үҥсүөҕүн санатар.

– Дьэ, аны баҕас этэрбэскин, уктаскын кэппэккэ һылдьаар эрэ, кэһэйдиҥ дуо? – Биэрэ убайын мөҕөр. – Көрүүй эбээ, Баһыычаан тарбаҕын эмиэ өтүйэнэн охсуммут, хаан турбут…

Баһыы киһи Баһыычаан балтын тылыгар кыһаллыбат – тойон эрбэҕин төрдүнэн туллубут тыҥыраҕын оннун кыҥастаһар:

– Үүнүө дуо? – диэн ыйытар, онтон мин диэки хайыһан баран: – Аана кэ-кэһиигин ту-тугу аҕаллыҥ, үөс сиртэн кэлбит киһи… – диир.

– Нөйүө-эн… бу да уолуо-а!.. – Настаа харахтарын кэҥэтэн кыра уол супту одуулуур, чыпчырынан ылар.

Дьонум күлсэллэр, эбэм сонньуйан мүчүҥнүүр, мэчикээҥҥэ күөрчэх ытыйан толугурата туран сүүһүн аннынан көрө-көрө:

– Эдьиийиҥ барахсан, эмтиэкэҕэ сыппыт киһи туох кэһиитин аҕалыай тоом, – диир.

Ол эрээри мин дэлэҕэ да оҕолорбун санаабат буолуом дуо, бэл «оту-маһы» кэһиилэнэр киһи. Бу да сырыыга кыралары үөрдэр сээкэйдээхпин. Манааҕабын сүөрэн, ирээт саахарбын мунньан өрбөххө суулаабыппын таһааран сандалыга уурааппын, Биэрэ сонно арыйан биир куһуогу ылан салаабытынан барар. Оҕолор хаһан да саахары эмти ыстаан күрдүргэппэттэр: кэмчилээн, харыстаан – эмэн, салаан кээрэтэллэр. Саахар таҥараҕа тиксэр ас кэриэтэ күндү. Былыр дьон таҥараҕа тиксэллэригэр тойон ыҥырыа мүөтүнүү минньигэс аһы ньуоскуннан сиэтэллэрэ үһү, ону кытары бэспиирэ диэн үрүҥ бурдуктан буспут төгүрүк аһы биэрэллэрэ.

Балыыһаҕа, балаатаҕа бииргэ сыппыт дьахтарым дьэрэкээн ойуулаах аккырыыккалардааҕыттан биирин миэхэ биэрбитин Биэрэҕэ бэлэхтиибин. Кыра кыыс үөрүүтэ өссө муҥутуур: сап тоҥочохторун быаҕа тиһэн баран моонньугар кэппит Биэрэ, икки илиитинэн аккырыыккатын иннигэр ууна туппутунан оһох иннигэр дьиэрэҥкэйдиир, тылынан таҥалайын тыаһатан олус астыммытын биллэрэр, онтон оронун үөһэ умса сытан, бэлэҕин сыттыгын үөһэ ууран, бэйэтэ бэлтэҕэр иэдэстэрин мыс курдук ытыстарыгар өйөөн, атахтарынан тэбиэлэнэ-тэбиэлэнэ, хайыы-сахха икки кылаас үөрэхтэммит киһи, аны аккырыыккатын суругун аахпытынан барар: «Бе-ли-ка-я… по-бе-да… Победа!..» – диэн саҥа аллайа түһэр.

– Победа – кыайыы, оттон «бе-ли-ка-я» диэн… ол аата тугуй? – диэн дьиэ иһинээҕилэри эргиччи көрөн барыбытыттан ыйытар.

– Ол аата улахан диэн… улахан кыайыы… – арыый элбэх кылаас, үгүөрү үөрэхтээх киһи быһыытынан Баһыычаан ким хайа иннинэ быһаара охсор.

– Улуу диэ… – Настааччыйа уол сыыһа тылбаастаабытын көннөрөр.

– Ээ оннук… улуу, улуу…

– Баһыычаан сыыспыт, ааспыкка эмиэ миэхэ сымыйанан быһааран турар… Кулуупка тиийэн кини эппитин курдук оҕолорго кэпсээбиппэр бары күлсүбүттэрэ, күлүү гыммыттара… Ол Барыта Баһыычаантан… Ийэҥ кэллэҕинэ этиэҕим: тыҥыраххын туура тэппиккин уонна сарсыарда үгэххэ турар чабычахтаах үүт үрдүн халбыйан сиэбиккин…

– Һы, м-мин отой да с-сиэбэтэҕим… көннөрү к-кыратык сөмүйэбин эрэ уган ылбытым.

– Сиэбитиҥ, билэбин… этиэҕим…

– Чэ-чэ…этэҥҥин – эккин сиэр, хобуоччулааҥҥын – хобордооххун салаар, үҥсэҥҥин – үүккүн иһээр… – Баһыычаан адарай ороҥҥо Настааччыйа ньилбэгэр атаҕын ууран олорон балтын кытта тыл бырахсар, онтон бааһа бааллан бүппүтүгэр, аҥаар атаҕынан остуолга кылыыҥкайдаан кэлэн, биир улахан тойуу саахары быһах өнчөҕүнэн ортотунан хайа охсор… – Чэ, маны эйиэхэ… улаханын биэрэбин, – диэн аттыгар кэлэ охсубут Биэрэҕэ саахарын тооромоһун уунар. – Ити кэннэ үҥсүбэккин, – диир. Биэрэ күлэр. Оҕолор эйэлэһэллэр.

Биһиги саҥа уубутугар-хаарбытыгар киирэн кэпсэтэ-ипсэтэ олордохпутуна, тастан Лэгиэнтэйэп Кууһуманы кытары, били, миэхэ ат аҕалбыт уол Уйбааҥка аҕылаһан-мэҥилэһэн аҕай көтөн түстүлэр…

– Дорооболоруҥ!.. – диир Кууһума. – Хайа, Аана… эн… эн ити аты (баһын кыҥнах гыннарар) миинэн кэллиҥ дуо? – сүүһүн көлөһүнүн кугас дэйбииринэн сотто-сотто, аан ойоҕоһунааҕы адарай ороҥҥо лах гына түһэр.

Уйбааҥка эмиэ тириппит-хоруппут, бороҥ хортууһун устан онтунан сүнньүн, моонньун көлөһүнүн туора-маары соттор. Ахсымнык айаннатан кэлбиттэрэ тута биллэр, Кууһума болотуна ырбаахытын хонноҕо, көхсө харааран тахсыбыт.

– Оттон, мииннин диэн биэрбит аккытын мииммэккэ, уонна хайа аты мииниэхпиний, – мин кырдьыга да, Кууһума саҥатын соһуйа истэбин.

– Чэ, чаайда иһиҥ, – эбэм хайыы-сахха тимир куруускаларга чэй кута охсон, лэппиэскэ эбии быһан уолаттары остуолга ыҥырар.

– Эн, атын аты мииммиккин… – Уйбааҥка миигиттэн харахтарын араарбакка супту көрө-көрө кэлэн ыксабар сэргэстэһэ олорор, биир кэм, үрүҥ тииһэ килэйэн мичээрдээн ыртайар.

– Атын аты даа?..

– Атын…

– Ол хайдах?.. Оттон бэйэҥ, ааны өҥөйөн туран аккын аҕалан баайдым диэбитиҥ буолбат дуо. Ити кэннэ атын ыҥыырдаах да, сыбыдах да сылгы сарайга бааллан турара суохха дылы этэ дии.

– Туох атын этэҕитий тоҕойдорум? – эбэм уолаттартан ыйытар.

– Ээ, бу, Аана биһиги айаас соноҕоспутун миинэн кэлбит, – Кууһума муннун аннын тор курдук бытыгар күөрчэх биһиллибитин туора-маары соттон кэбиһэр уонна туох-хайдах буолбутун сиһилии кэпсиир. – Аана атта уларыстын диэбитигэр, бэйэтэ урут хаста да мииммит атын Тэбиэни туппутум. Бу, – сэҥийэтинэн мылах гынар, – Уйбааҥка күөл уҥуортан кэлэн баран киниэхэ аҕалан биэриэхтээх этэ…


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 13 14 15 16 17 18 19 20 21 22 23 24 25 26 27 28 29 30 31 32 33 34 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации