Электронная библиотека » Семен Маисов » » онлайн чтение - страница 29


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 10:40


Автор книги: Семен Маисов


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 29 (всего у книги 34 страниц)

Шрифт:
- 100% +

Буугунай сарбыйыллыбыт көҕүлэ хайыы-сахха сабырыйа үүнэн туоһахтата көстүбэт буолбут. Атыыр эрээри мииниллэр, көлүллэр, ис-хааныттан бэрт сымнаҕас, чычаас быһыылаах сылгы уонна биир үтүөтэ куотугана суоҕа.

Буугунай үгэһинэн иччилээхтик иҥэрсийэн биэлэрин биир сиргэ боруйан мунньа оҕуста. Ырааһыйаны эргийэ көтөн «һаттааппын-һайдааппын» кытта, үөр баһылыга барахсан биэлэрин иннигэр киллэрэн, бэйэтэ кэннилэриттэн, хойуу сиэлин, уһун кутуругун өрө адаарытан, кэтит самыытын кутаҥнатан уҥа-хаҥас мэтэҥэлээн тахса-тахса, хайа диэки барыахтаахтарын сэрэйэ охсон, үөрүн мин кэлбит суолбун тутуһуннаран Экиэн аартыгын көрдө-көрбүтүнэн түһэрдэ…

Сорох эдэр атыыр аттаах киһини көрдөҕүнэ куотар үгэстээх. Үргэл оннук атыыры, соруттарыыта да суох, иннин күөйэ түһэн быһа охсон ыларга үөрүйэх. Сылгыһыттар аттара өрүү, мэлдьи мииниллэн, ыанан, хайа баҕарар айаҥҥа эттэрэ-сииннэрэ бэлэм, онон тот сылгылары киһилээбэттэр, бэрт түргэнник ситэ баттыыллар. Атыырдар даҕаны бары талыы Дьөһөгөй оҕолоро эрээрилэр, хаһан бааллан, ыанан, миҥэ атын курдук уһуннук тулуктаһыахтарай, эмис сылгылар сотору тыыннара кылгаан эппэҥнэһэн, уҥан хаалаллар…

Аппыттан түһэн атахпынан хаары хаһыйан хаһыыны чинчийэн аралдьыйан тохтуу түһэн баран биирдэ эрэ үөр кэнниттэн бардым, маҥнай утаа биэлэр хаһан баҕарар сиэлэр үгэстээхтэр. Уот ааныттан кутурук уопса ыган тэтимнээхтик үүрэр, атара сэлиинэн түһэрэр сатаммат. Сөп соҕустук хаамтаран, сиэллэрэн айаннатыллыахтаах. Дьыл баччатыгар сылдьар биэлэр эрчимнээхтик ойуоккалаһан көлөһүннүрэллэрэ сэрэхтээх, кулун кээһиэхтэрин сөп. Маҥнай утаа эрэ кыратык, барыгылдьыйары көрбүт омуннарыгар булумахтаһа түһэн бараннар, сотору биир тэтиминэн кудуххайдык хаамаллар. Бэйэлэрэ да үксүлэрэ саастаах биэлэр, сылгыһыт ханна хайысхаланан дьулуһарын сэрэйбэт буолуохтара баара дуо.

Сиргэ дьорос гына түстүм да Үргэл үгэһинэн – санныбар, эҥил баспар сигэммэхтээн, муннун мууһун турута анньар, тыбыыран тарылатар. Мин киниэхэ көмөлөһөн өчөспүт киһилии дьирээлэһэн көхсүбүнэн сууралыыбын. Кыламаннара хоппоччу мууһурааары гыннахтарына сылаас ытыһым тилэҕинэн баттыалаан уулларан түһэрэн киэр илгэбин. Тоҕонохпунан сирэйин сотон аппын сэргэхситэбин…

Буугунай урут бу эргин кэлбэт бэйэтэ, тоҕо эрэ, кэлин Улахан Эбэни булбут. Саастаах атыыр баҕар эдэр атыыртан дьаарханан, биэлэрбин былдьатыам диэн күрэммит дьүһүнэ буолуо. Аҥаарыйар күөлүн икки сылтан бэттэх, Күүлэттэн кэлбит саҥа атыыр дойду оҥостон сылдьар. Эдэр эдэрэ өтөн сырыылаах сүөһү, биир сиргэ хаһыыланан уһуннук турбат, төһө да өлгөм аһылыктааҕын иһин, сир уларыйан хаалар үгэстээх. Икки сылы быһа уон биэс биэни үөр гынан баһылыыр, ол иһин – Уон Биэстээх атыыр диэн ааттаммыта анал аат буолан хаалбыт. Бэйэтэ да дьикти сүөһү, атын үөртэн быстан кэлбит биэни холбоммот. Кэлин, биэтэ көҕүрээбитин, эбиллибитин да иһин Уон Биэстээх атыыр диэн ыҥырыллыа, сурукка-бичиккэ, дөкүмүөҥҥэ киириэ турдаҕа. Анал аат, хор, оннук эмиэ иҥэр куолута.

Хаһыы, мэччирэҥ сылгытын сиртэн сылгылаан аҕалыы – ардыгар, улахан үөрүйэҕи, сатабылы, сыраны эрэйэр. Атыыр да, үөргэ баар биэлэр да, араас быһыылаахтар. Хас да буолан сылдьар буоллахха, сириттэн-уотуттан, аартыгыҥ хайысхатыттан көрөн, биир киһи күөл эбэтэр баҕарах кытыытыгар, үүрэн илдьиэхтээх суолун төрдүгэр туран, сылгы кэлэрин кэтэһэр; ыраахтан баарын биллэрэн тэпсэҥэлэтэ түһэн баран, батыһыннарар соруктаах бытааннык хоҥнор; ол иһэн тэһиинин тардан үөрү бэйэтигэр лаппа чугаһатар уонна арахсыы суоллаах сиргэ, көрө-истэ иһэн, бастарын салайан биэрэр.

Үүрэн истэххэ, биэлэрин төттөрү күөйэр атыыр баар буолар, оннук сылгыны уһуннук туһаныллыбат. Төһө да ахсым, дохсун сигилилээҕин иһин, киһи үүрэригэр бас бэринэн, иннин биэрэр эрэ атыыры – атыыр гыныллар.

Сылгы – мөлтөхтүк көрөр дииллэр, ол төһө кырдьыгын, сымыйатын билбит суох. Оннооҕор бэрт киэҥ киэлилээх эбэҕэ киирдэххэ, отой быдан ыраахтан киһини таба көрөн, чонос гына түһэр Дьөһөгөй оҕолоро бааллар.

Хойуу оттоох-мастаах, сыбар, лааҥкы ойуурдаах сиргэ турар үөргэ түбэстэххэ, саҥа таһааран бэйэҕин биллэрэн, ыраахтан көстөн чугаһыырыҥ ордук; тыаттан эмискэ бэрис гынан ойутан мэтэһитэн киирдэххинэ соһуйан, куттанан, уйуһуйан куотуохтарын сөп, омуннаах сылгы маска да атыллара ыраахтан буолбатах. Онон сылгыһыт – мэлдьи, кыраҕытык сыныйан сөптөөх санааны, дьаһалы түргэнник тобулунуохтаах. Сылгы хараҕын үөрэтэн аргыый, сэмээр эргийэ көтөн, илдьиэхтээх сириҥ диэки сүнньүлэрин тутуллар. Үүрүүгэ үөрүйэх сылгы хайа түбэһиэх мээнэ иннин хоту куота сатаабат, ордук өйдөөхтөрө киһи саҥатынан салайарын кытары арааран истэллэр…

Үнүр соҕотоҕун Харачаас диэн аҕыс биэлээх атыыры үүрэн истим: үөр баһылыга, оол курдук, тэйиччи соҕус иннибэр, уҥа-хаҥас мэтэһийэ-мэтэһийэ, хааман-сиимэн ыһыллаҥныыр, сиэлэн сэлбэйэр… Арай, икки өттө тэпсилгэн арахсыы суол кэллэ, атыыр – хойуу сиэлин, көҕүлүн силэйэн мин диэки хайыһан көрбөхтөөн баран, хаҥас аартыгы тутуста, онтон үүрэн илдьиэхтээх суолум – уҥа суол. Үөр туспа туһаайыынан, тиэрэ хайысханан бараары гыммытын көрөн, ыһыытаан бытарыттым… Инньэ гынааппын кытта Харачаас барахсан, өйдөөҕүн өйдөөх, сүр эрчимнээхтик, икки суол ыккардынааҕы хаар тумуһаҕы быһа көтөн, уҥа айан суолугар сиэлэн бурҕачыйан таҕыста, үөрэ кини кэннитэн түһүннэ… Хор, онно сылгы өйүн өссө төгүл сөҕөн турабын, ыһыытаабыт саҥаҥ дорҕоонуттан сэрэйэн, сыыһа хайысханы тутуспутун билбитин көр…

Солбуһа-солбуһа, холкуос бары атыырдарын үөрүн, төһө да ыраах, киэҥ, чиэски сирдэринэн тэлэһийбиттэрин иһин, субу-субу, өтөр-өтөр ахсааннарын ааҕа сылдьабыт; хаһыы сылгытын туругун мэлдьи сыныйан көрүллэр. Ырыганнаары гыммыт чинчилэннилэр да, аһара быһа түһэ иликтэринэ иитиэххэ киллэрэр ордук. Улаханнык быста ырбыт, хопчойбут сылгы, төһө да сөлөгөйдөөх отунан хадаҕалаан аһаппытыҥ иһин, чөлүгэр түһэ охсон биэрбэт. Аны иитиэххэ сылгыны көрүү-истии бэйэтэ туспа уустуктардаах, ис-иһигэр киирдэххэ кистэлэҥнэрдээх. «Үчүгэй илиилээх» киһи диэн туһунан. Ынах да, сылгы да сүөһү хайдах туруктанара – «киһи илиититтэн» улахан тутулуктаах… Олус элбэх оту тэпсэ сылдьан сиир сылгы уойбат, ол оннугар кыра-кыралаан, салаа да хаалбатын курдук биэрэн тобоҕолотон аһаттахха сылгы сотору мөк-мөкөнүк буолар. Итинниги «кэчэһиннэрэн уотуу» диэн ааттыыллар…

Сылгы ырыганнаабытын билэр судургу, ол туох-ханнык иннинэ дьүһүнүттэн, түүтүттэн-өҥүттэн көрөн: ырыган сылгы түүтүн кылаана өлбөөдүйэн, түүкэрийэн көстөр; уорҕата хаарданан мууһурар (устунан сиһэ сиигирэн түүтэ кылгыыр, тымныыны билимтиэ буолар) уонна дьүкээрбит сылгы эрчимнээхтик хамсамматыттан, табыйбатыттан халыҥ иһэхтэнэр, чигди суолга, киһи эрэ сонньуйуон курдук, халтарыйан олоро кэлэн түһэ сылдьар, өссө аһара баран атаҕын эчэтэр; сэниэтэ суох сылгы аанньа хаампат, күөлэһийбэт, уһуннук турар, устунан титириир.

Сылгы бууттарын аалсыһар сирэ – хаппар куҥа дэнэр, ырбыт буоллаҕына бэйэ-бэйэлэригэр тиксибэттэр. Оннугу хаппар куҥа тэстибит, ырбыт дииллэр. Оттон куҥнарын этэ сыстыһары – куҥнаах, куҥа толору, туруга үчүгэй, эмис эбит диэн билгэлииллэр. Моонньун икки өттүнэн сутуруктаргын суулуу тутан утарыта анньан көрдөххө – эмис сылгы киэнэ халыҥ, чиҥ; быста түспүт сүөһү киэнэ чараас, мэктиэтигэр, сүһүөхтэриҥ биллэргэ дылы уу ньудьураан.

Аны туран төһө да эмиһин иһин – хоҥхочоҕун уҥуоҕа кырыылана сылдьар, ис сыалаах сүөһү баар буолар, билбэт дьон ону ырбыт диэн сылыктыыллар. Ис сыалаах сылгы төһө да уҥуоҕа-арҕаһа тахсан холбураабыт курдугун иһин ордук тулуурдаах. Оттон омос көрүүгэ самыыта куоһаахтаныар диэри уойбут сорох сылгы, уһун сырыыга ыанан, хара этигэр тиийбитин да иһин, хоҥкоччоҕун уҥуоҕа тахсыбат, онон ардыгар улаханнык ырбытын биллэрбэккэ сылдьан эмискэ охтуон сөп.

«Сылгы – халдьаайы хаһыҥа» диэн мээнэҕэ эппэттэр, ол кини айылҕа туруга хайдаҕыттан быһаччы тутулуктанан дьылы туоруурун иһин. Омос санаан көрдөххө күөл үксэ мэччирэҥнээх, тыыппалаах курдук эрээри, чахчы табыгастаах хаһыы буолуох сирдэр оннук элбэҕэ суохтар. Ол да иһин, үөр сылгы сорох күөлгэ отой, төрүт тохтообот, аатыгар эрэ табыйбыта буолаат ааһа турар. Сылгы хаһыы, мэччирэҥ туругун туйаҕынан билэр дииллэрэ кырдьык…

…Буугунай атыырын Саамы эбэҕэ баар иитиэх хааччаҕар илдьиэхтээхпин уонна бэйэм Мундулуҥдаҕа, Быралгылаахха хонон баран, сарсыарда Айдаҥҥа төннүөхтээхпин…

Биир тэтиминэн хаамтаран, Улахан Эбэттэн тахсан иһэн кэннибин хайыһан, оол курдук хараарар Көһүйэ арыыны одуулаһабын: хара тыата бэйэтэ туспа булгунньах курдук өрө сүгүллэн, томтойон көстөр…

Үс нэһилиэги холбуур, аатырар-сураҕырар Дьалкылдьыма эбэ барахсан араас тумуһахтара, булуҥнара – барылара анал ааттаахтар, ону түөрэтин силигин ситэрэн ааҕа билэр дьон кэлин аҕыйаан да эрэллэр быһыылаах…

Сайын, хара чуумпуга, Дьалкылдьыма кытылыгар туран одууластахха, уҥуоргу тыата быһах биитинии бэрт кыратык кылдьыыланан көстөр, оттон тыаллаах-куустаах күн төрүт да симэлийэн барыта биир кэлимсэ уу да уу…

Былыр, хайа эрэ сиртэн бу эргин саҥа кэлбит үрдүк сололоох баай дьаамынан айаннаан айгыстан тахсан иһэн, киэҥ киэлилээх эбэҕэ кэлбиттэрин көрөн: «Бу хайа эбэний нохоо?» – диэн муннун аннын бытыга саҥа тордоҕуран, торумтуйан эрэр дьаамсык уолтан ыйыппыт. Онуоха биирэ: «Мастаах Эбэ…» – диэн харыс аатын ааттаан сибигинэйбит. Баай сындалҕаннаах сырыыттан, унньуктаах уһун айантан сылайан, солбонуйан, оҥо быһыы дьэрэкээн оһуор ойуулаах, хачыма сыарҕатын өйөнөрүгэр тиэрэ түһэн утуйан хаалбыт… Төһө өр кэм ааспыта эбитэ буолла, үрдүк сололоох өндөс гынан: «Хайа нөйөн, бу хайа эбэҕэ кэллибит?..» – диэбит. Онуоха дьаамсык: «Мастаах Эбэ…» – диэбит. «Тыый доҕор, туох бүтэн биэрбэт усталаах күөлэй…» – киһитэ соһуйбут, ол-бу диэки олоотоомохтообут уонна бөрө тириитэ суорҕанын саптан эмиэ утуйан буккураабыт… Төһө өр айаннаабыттарын туох да билбэт, баай уһуктан, элээр-мэлээр, тула-мала көрүөлэнэн баран, сыҥааҕырдан дьааһыйа-дьааһыйа: «Хайа нохоо, оттон бу хайа эбэҕэ киирдибит?..» – диэн эмиэ ыйыппыт. Онуоха муннун аннын бытыга саҥа тордоҕуран, торумтуйан эрэр дьаамсык уол, син биир уруккутун хатылаабыт: «Мастаах Эбэни туораан иһэбит…». Дьэ эбэтээ, кырыктаах бардам баай туран кыыһыран кынчыатанан турбут: «Бу эн, кэрэдэх, туох буолан миигин күлүү-элэк оҥостоҕун, бүгүнү быһа ол биир күөлү усталаан бүтэ, туоруу илик үһүбүт дуо!..» – диэн баргыытаабыт. Кыйахаммыт, тымтыбыт омунугар сымарына түһээт дьаамсык сордооҕу кырыаччы уктаах, сөллүргэстээх сатара кымньыытынан куһурҕаппыт…

Дьалкылдьыма эбэ барахсан – тумуһахтара элбэҕэ, сирин-уотун билбэт киһи, кырдьыга да, хас тумул тыаны быһа түстэҕин аайы саҥа, атын, сонун күөлгэ киирбит курдук саныыра баа буолбатах, эбэ ол курдук киэҥ киэлилээх, аата-ахса биллибэт элбэх хоннохтоох-быттыктаах…

Былыр да, аны да – оруо маһы ортотунан, бас-баттах, халы-мааргы тыллаах-өстөөх, татым санаалаах дьон үгүстэр. Жданов аатынан холкуос киһитэ Бэрдийэ уола Ботуу диэн – чөл өйдөөх сылдьан, биирдэ доҕурунуун мөккүһэн-мөккүһэн баран: «Дьалкылдьыма эбэни икки күнүнэн, илии-саҕалыы эргийэн кэлэбин…» – диэн сакалааттаспыт… Чахчы эргийбитин туоһута – күөл уҥуор, сир ортотун курдук сиргэ, хатырык отуулаах Тумарык диэн буор балыксыкка, мөккүспүт киһитин кыыннаах быһаҕын хаалларан ааһыахтааҕа эбитэ үһү… Аата ааттаммат эбэни икки күнүнэн эргийэн кэлиэм диэбит Ботуу – ууга тааһы бырахпыттыы сураҕа-садьыга суох, уҥуох-тирии сүтэн хаалбыт. Өнньүөстээх көлүйэ өтөҕөр олорор ийэтэ эмээхсин эрэйдээх «уолум кэлиэ» диэн күн бүгүнүгэр диэри күүтэн, кэтэһэн муҥнанар үһү…

Дьалкылдьыма эбэ эргимтэтэ, быһа холоон – сэттэ көс кэриҥэ дэһэллэр.

Үһүйээҥҥэ кэпсэнэринэн, былыр, Мастаах эбэттэн чугас, Кэҥэрэччигэ – Уоһук Саппырынньыайап диэн нуучча, кый ыраах соҕуруу дойдуттан көскө кэлэн олорбут. Бу киһи нуучча эрээри, саха улахан хомуһуннаах ойууннарыныы дьикти айылгылаах, ураты оҥоһуулаах, эмиэ биир улуу киһи эбитэ. Кини үөһээ үрдүк мэҥэ халлааҥҥа олорор таҥаралары кытары быһаччы ситимнээх аһаҕас эттээх-сииннээх, кинилэрдиин илэ кэпсэтэр иччилээх тыллааҕа-өстөөҕө эбитэ үһү…

Уоһук Саппырынньыайап кыыс оҕолооҕун туһунан кэпсииллэр… Биир кыһын, күн муҥутуурдук кылгаан, хоҥкуйбут ыйдаах хараҥа халлаан симиктик иһийэн, аата-ахса суох бачымах сулустарынан дьэргэйэн тырымныы ахан турдаҕына, хантан эрэ кэлэн баран, кыыһыгар эппит: «Миигин көрсөн кэпсэтэ икки киһи түһүөхтэрэ, эн хаппахчыгар киирэн хатанан кэбис уонна икки кулгааххын бүөлэнэн баран сыт, ол дьон сотору барыахтара: тугу кэпсэтэрбитин уонна ол ыалдьыттар дьүһүннэрин отой көрөөйөҕүн…» – диэбит… Өр-өтөр буолбатах, хараҥа халлаан оройо хайа суруйбуттуу чаҕыл сырдыгынан субуллаатын – ырай аһыллан сандаарыс гыммыт, ону даҕаспытынан тэлгэһэҕэ дьон атаҕын тыаһа чуучугураабыт, онуоха кыыс хаппахчытын иһигэр киирэн хатанан баран, кулгаахтарын саба туттан сыппыт… Онтон… тоҕо эрэ, билиэх-көрүөх санаата батарбакка, хаппахчытын быыс хаптаһыныгар баар мутук үүтүнэн, уоран кылаппыт… Арай, көрбүтэ, аҕатын кытта, кини хаһан да харахтаабатах, түөстэрин тылыгар диэри сабырыйан түспүт кыытта маҥан бытыктаах, санныларын байаатын ааһар хаар маҥан баттахтаах, сырдык мөссүөннэринэн эмиэ да нууччаҕа майгынныыр, ыал аайы холорукка турар таҥаралар мэтириэттэринии сирэйдээх-харахтаах, дьүһүннээх-бодолоох дьон – киһи иилэн ылан өйдөөбөт тылынан, туох эрэ улахан соругу сүбэлэһэн, быһаарсан биир кэм тоҥхоҥноһо-тоҥхоҥноһо ньамалаһан ахан эрэллэрэ эбитэ үһү… Кыыска көхсүнэн олорбут, баһыттан атаҕар диэри үрүҥ таҥаһы таҥныбыт, оройун үрдүнэн сырдык ии сандаарбыт ыалдьыт саҥара олорон кэдэс гынаат эмискэ ах барбыт уонна эргиллэн мутук үүтүнэн кылатан турар кыыһы супту одуулаабыт, онуоха кыыс – ол киһи хараҕын уота сытыытыттан, икки хараҕынан көрбөт, эбиитин таас дьүлэй буолан хаалбыта үһү…

Аны уос номоҕор кэлбит биир кэпсэлгэ, кырдьаҕастар барахсаттар сэһэннэригэр – Уоһук Саппырынньыайап икки ынахтааҕа эбитэ. Ол сүөһүлэрэ, саас, Мастаах эбэҕэ дьындаҕа түһэн хаалбыттар. Уоһук Саппырынньыайап кыһыны кыстаппыт, күөххэ үктэнэллэрэ бу кэлбит, дьылы тахсан эрэр сүөһүлэрэ өлөн хаалбыттарыттан сүрдээҕин хараастыбыт, ынахтарын аһыйбыт… Биир өтөххө олорбут ыалларын кытта, истэрэ сараччы үллэн көппөспүт сүөһүлэрин күөлтэн хостоон таһааран сүлэ сылдьан:

– Дьэ, эбэ хотун, миигин оҥордуҥ… Мин, эн туох төрүттээххин, хантан кииннээххин билэбин… – диэбит. Ол, ууга түспүт сүөһүлэриттэн биирдэстэрэ: күөх эбириэн өҥнөөх, сүүһүн ортотунан, икки муоһун ыккардынан, тутум саҕа өрө үүнэн тахсыбыт үһүс муостаах, эмиэ ураты айылгылаах бургунас эбитэ үһү. Ынахтарын сүлбүтүн нөҥүө күнүгэр Уоһук Саппырынньыайап кур сылгы баһын уҥуоҕун кыбынан киирэн, Көһүйэ арыыга тиийэн көхсүнэн олорон, куобах суорҕанынан бүрүнэ саптан баран, көмүс дуй суруктаах сүрдээх халыҥ, бэрт дьикти кинигэни үс түүннээх күнү быһа тохтоло суох аахпыт… Ити итинэн ааспыт… Ол сайын күөл уута бэрт барбах түспүт…

Күһүнүгэр, уһатыылаах добдурҕа ааспытын, кыс хаар нуоҕайа түһэн сири-дойдуну үллүктээбитин кэннэ, биир Ньурба булчута туркулаах табанан киэҥ сиринэн тэлэһийэн бултуу сылдьан, Мастаах эбэ кытылыгар олорор дьадаҥы ыалга хоммут. Сарсыарда туран Ньурба киһитэ бэрт дьикти түүлү түһээбитин кэпсээбит: «Уон ордугуна икки арыылаах Эбэ уута, түгэҕэ тэстэн, Алын Дойдуга таммалыыр тыаһын иһиттим… Ити туох түһэй, тойоннооҥ…» – диэбит. Хоноһо да, дьиэлээхтэр да, түүл түһүн кыайан тобулбатахтар…

Дьэ, ити сыл сайыныттан, Дьалкылдьыма эбэ үйэлэр тухары таһынан барыахтыы хара маһыттан дьалкылдьыйа, түөрт кытылын дохсун долгуннарынан таһыйан биллиргэтэ сыппыт уута – толору үүттээх ыаҕас түгэҕин тэһэ аспыттыы, супту суугунаан түһэн барбыт. Бэл кыһыннары уолан мууһа хотосто-хотосто, хайыта баран кырылыы-кырылыы сууллан сурдьугунуу турбута үһү… Аҕыйах сыл иһигэр Мастаах эбэ уоста уолан: алаас, ходуһа сирэ бөҕө тахсыбыт… Оҥолох-чоҥолох көлүйэ, көрдүгэн аата-ахса суох элбээбит.

Күөл түспүтэ иккис сылыгар хара бадараанынан көрөн, тыылаах да киһи ийэ ууга кыайан киирбэтэ эбитэ. Эбэ кытылынан тарҕанан олорбут дьон иһэр ууларын чугастааҕы күөллэртэн оҕуһунан таһыммыттар. Ити кэнниттэн хас да сыл тыыммат лэбин хара тыа таас ычыкыныныы өрө үтэн, күһүнүгэр сүксүтэ, сүүмэҕэ тыалга көтөн ити-бу көстүбэт хаар кыыдамыныы ыһылла-ыһылла сото ортотунан үллэ, күөгэҥнии сыппыт…

Ол эрээри, эбэ уута түспүтэ туох да алдьархайы, иэдээни аҕалбатах. Хата, төттөрүтүн, алаас буолбутугар, киэҥ нэлэмэн үүнүүлээх өҥ ходуһалар үөскээннэр, олохтоох дьон уохтаах буорга бөтө үүммүт, хотуур өҕүллэр күөх сөлөгөй оту үрдүттэн баһаннар – ынах, сылгы сүөһүнэн улаханнык байбыттар. Ол курдук Маппый диэн, уруккута да сэниэ киһи, ынах сүөһүтүн ахсаанын – сэттэ сүүскэ тиэрдибит. Кини инитэ Кулуһун, саха хотуурунан от оҕустаҕына – күөл кытылынан устар туос тыылаах балыксыты кытары тэҥҥэ сырсар киһи, хороҕор муостааҕын ахсаанын – үс сүүскэ тиэрдибит. Кыра инилэрэ Сылгы Кистиир – икки сүүс ынах сүөһүлэммит. Онон үс ини-биилэр, аҥаардас ынах сүөһүлэрин тыһыынчаттан тахсаҕа тиэрдэ сылдьыбыттар. Саас, сайын улуу тунах үгэнигэр, сайылык, ыһыах чалбарыыныгар, бу дьон аҕалара Күүгүнүүр ыраах-чугас дьонун ыҥыран, көйөргө кымыһы иһэн көймөстөн, холуочуйан олорон уолаттарын эр-биир сыллаталыы-сыллаталыы: «Мин оҕолорум сүөһүлэрэ, ол аата мин бэйэлээтэр-бэйэм баайым, ынах сүөһүм ахсаана – тыһыынчаны кутурук (сүүс) куоһарда…» – диэн сүрдээҕин манньыйан, ытамньыйа-ытамньыйа кэпсиирэ эбитэ үһү… Кырдьыга да, бу аҕа ууһа Дьалкылдьыма эбэ өҥ ходуһата тэбэн биэрэн – баһаан үлүгэр баайы-дуолу мунньуммуттара, үрүлүйэр үбү-харчыны хоторбуттара эбитэ үһү. Сүөһүнү-аһы көрөр-истэр хамначчыттара, үлэһиттэрэ элбэҕэ бэрдиттэн Күүгүнүүр оҕолорунуун, аҕа киһи дьаһалынан, кыһыҥҥы өттүгэр, хас да симии оһохтоох, биир киэҥ уораҕай балаҕаҥҥа кыстаан олорор үгэстээхтэрэ эбитэ…

Эбэ уута түһүөн иннинэ, күөл үөһүгэр дьэндэһэн турбут мас арыылар: Оҥхойкоон, Боруллуолаах уонна Мастыыр Арыы – тыаҕа олорон хаалбыттар…

Билигин эбэ барахсан хат угутуран, эмиэ хара маһыттан көрөн дьалкыйа сытар.

Уоһук Саппырынньыайап, Дьалкылдьыманы: «Иккитэ бурҕачыйар буор алаас буолуо, үйэлэр тухары үтэн турбут хара тыатын отуора хамсыаҕа…» – диэбитэ үһү…

…Сылгыларбын үүрэн, Саамы күөлүгэр сөпкө соҕус кэллим. Чэйдээн баран уолаттары кытары далга от сүксэн тэлгэтиһээт, Мундулуҥдаҕа, Быралгы Баһылайдаахха хоно бардым…

* * *

Убайым Улахан Баһылай син биир кэминэн, ыалдьыбыта ыалдьыбытынан, дьиэтигэр хаппахчытын иһигэр олорбутун курдук олорор. Киһи туохха барытыгар үөрэнэр үгэһинэн, бары көрө үөрэнэн, буолуох буолуохтааҕын да курдук саныыр турукка кэллибит быһыылаах, уонна эмээхсин: «Кэмэ кэллэҕинэ үтүөрүөҕэ…» – диэбитин иһин санаабыт бөҕөх…

Эбээ эмээхсин уот араллаанын кэмигэр, били, эдэригэр, «ас барбат» буолан ыалдьыбытыгар, айылҕата ыйан-кэрдэн, сүбэлээн биэрбитинэн оҥостубут эмэ, уҥучахха туран, иһитэ үлтү баран тохтон хаалбытын улаханнык аһыйан турар. Ол эминэн, букатын, өлөр өлүү айаҕыттан быыһаабыт дьонноро бааллар. Санаатыҥ да мээнэ оҥоһуллубат эмп диирэ…

…Хас күн аайы хара сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри холкуос араас үлэтигэр хачыгырайар киһи – санааҥ эрэ барыта түбүккэр түмүллэн, этэргэ дылы санаарҕаан санньыйарга да соло суох. Түбүктээх, дьарыктаах киһини санаа аалбат дииллэрэ кырдьык…

Ахсынньыга үгэс курдук бытарҕан тымныы түһэр чинчитэ – халлааҥҥа өргөстөөх ый төрөөтө. Иттэннэри түспүт, кыһыл эттээх ый таҕыстаҕына – сытыы тыал-куус, буурҕа түһэр туоһута.

Саҥа дьылга дохуот үллэстэн үөрэн-көтөн; оскуола оҕолоро, эдэр ыччаттар түмсэн кэнсиэр көрдөрөннөр, оонньууга-көргө холкуостаахтар бары олус көхтөөхтүк кыттаннар – саҥас сылы, кулууп дьиэҕэ, бары бииргэ бэрт сэргэхтик ылан, эргэ сылбытын атааран кэбистибит…

Олунньу саҥатыгар эмискэ улаханнык сылыйа, имийэ сырытта: халыҥ сис былыт хас да хонугу быһа арҕаа тыа үрдүнэн ыйанан туран баран, айгыстан-айгыстан биир түүн дьэ, эмискэ үтэн кэлэн, халлаан түөрт саҕаҕын бүрүйэн, бэл үтүлүгэ суох сырыттахха илии тоҥмот буолуор диэри нуһараҥнаата. Оннооҕор тохсунньу тоҕус эргэтигэр күн уоттанан тураҕас сылгы тура кыыһар. Олунньу ыйы былыр-былыргыттан «тымныыны киксэрэр» ый диэн ааттыыллар. Уос номоҕор кэлбит, кырдьаҕастар сэһэннэригэр киксиһиилээх ыйдар (олунньу, кулун тутар) киһилии кэпсэтэллэрэ үһү.

– Тааҕылаах убаһа моонньугар сыалаах хаалаары гынна, атаҕар ииктиир атах сыгынньах кыыс оҕо иҥэр хааннаах хаалаары гынна… Дьэ, эн кытаат… – диэн Олунньу Кулун Тутары киксэрэрэ үһү.

– Мин баҕас киэһэлээх сарсыардааҥҥы дьыбарбынан муҥнана сатыам да, онно кыаттарыахтара дуо… Муус Устар баҕайы хараҕа көҕөрө өлөө ини… – диирэ үһү Кулун Тутар…

Сис былыт кэннэ тута улаханнык тымныйбат, хаһан баҕарар кутуруга сылаас буолар.

Саҥа дьыл кэннэ: тохсунньу, олунньу, кулун тутар ыйдарга – Айдаҥтан түөрт көстөөх Айбыкта диэн күөлгэ субан сүөһүгэ, хас да оҕуһу солбуһуннара сэтиилэнэн от таһыытыгар сырыттым.

Биир өтөххө, икки туруорбах балаҕаҥҥа олордубут. Мин – үс ыал дьукаах олорор балаҕаннарыгар эбии киирдим. Дьукаахтарым: Түүччэлэр, Сыллыырдаах, Мыыһаалаах диэн ааттаах ыаллар. Түүччэ оҕонньор – кырдьаҕас киһи. Андаатар хото үөскээн эрэр буолан, эбэтигэр саҥа үөдүйбүт харамайы дьаныһан бултаһар. Ойоҕо Балбаара субан сүөһү көрөр. Сыллыыр – эдэр уол, ийэтиниин Ылдьааналыын, Мыыһаа кэргэнэ Маарыйалыын – түөрэ хотон дьоно. Мыыһаа бэйэтэ түүлээхчит.

Өтөхпүтүгэр баар иккис балаҕаҥҥа, били, биэс уолларын бэһиэннэһин сэриигэ сүтэрбит Барыыһаптар диэн ыаллар олороллор. Аҕалара Бүөтүр – саллар сааһын тухары хара тыаны кэппит булчут киһи. Бүөтүр оҕонньор, биир үксүн уолаттарын да аһыытыгар эрдэ ньамньырыйан, кырдьан – киэҥ сиринэн тайаан сылдьара тохтоон, чугас эргин, дьиэ таһыгар эрэ бултанар.

Мыыһаа – ыраах үүтээҥҥэ хоно-хоно, өтөҕөр дэҥ охсуллан ааһар.

Барыыһаптар кыыстара Маарыйа ийэтин Огдооччуйаны кытары эмиэ сүөһү көрсөр.

Огдооччуйа – кыра, дьоҕус уҥуохтаах, толору төгүрүк сирэйдээх, болтоҕор иэдэстэрдээх, хачаайы, куйа эмээхсин. Төһө да ыар аһыылаах киһи буоллар, омос көрүүгэ сэргэх сэбэрэлээх, саҥалаах-иҥэлээх, кэпсэтинньэҥ. Ол кини, иһигэр төһөлөөх санаа-оноо ытылҕана хаатыйаланан сор-муҥ бөҕө буолан муҥнанарын ким силигин ситэри сыныйыа баарай…

…Мин үлэ үлүскэнигэр, үс ый ааһа охсубутун билбэккэ да хааллым. Күнүс – үлэ, киэһэ – дьукаахтарым хаһан да бүтэн-оһон биэрбэт күн эгэлгэ, араас сэһэннэрэ-сэппэннэрэ. Сэргэх, көрдөөх-нардаах дьоннуун ыаллаһар үчүгэйэ сүрдээх. Былыр-былыргыттан уус тыллаах кэпсээнньит, остуоруйаһыт, олоҥхоһут идэлээх киһилээх ыалга дьукаах киирии, туһугар, былдьаһык…

Саас, кулун тутар ый эргэтэ, салгын түһэн (оһох ураатыттан бургучуйар буруо көҕөрдөр эрэ салгын түспүтүн туоһута) киһи сирэйин хайыы-сахха хараарда килэритэр буолбут биир ылааҥы, үтүө күн, үгэспинэн Айбыкта уҥуортан икки сыарҕаҕа от тиэйэн кыыкырдатан-хаакырдатан, оҕуспун туора миинэн, муннум иһигэр киҥинэйэн ыллыы-ыллыы, уһуннук туттуллубут кыраабыл угунуу кип-килэркэй суолга сыарҕам бэтириэһэ суох силис сыҥаахтарын кычыгырата аалларан сыыйылыннаран кэлэн, кыбыыга оппун сүөкээтим.

Эрдэлээн биллибит туллуктар дал иһигэр көтө-көтө түһэллэр, от сыатын итигэстээн сиэн сырсыакалаһаллар. Өр-өтөр буолбаттар, туохтан эрэ үргүбүттүү үөр үөрүнэн өрө ыһыллан тахсаллар, дьурулуу-дьирилии саҥарса-саҥарса ып-ыраас, дьэп-дьэҥкир көй салгын күөнүгэр уйдаран уу долгунунуу бэйдэҥнэһэ көтөллөр.

Тэмтэйэ ойбут күн уотуттан саатан ытыспынан чарапчылана-чарапчылана саас илдьитэ көтөрдөрү кыҥастаһабын. Ол туран көрбүтүм – Барыыһаптар моойторук олуктаах ампаардарын аана аһыллан хараарбыт, хас да сиргэ аргы мас баарыгар сээкэй, араас таҥастар ыйаммыттар; эргэрбит таба туркутун ампаар иһиттэн таска соһон таһаарбыттар, ол үрдүгэр эмиэ күөдэл-таһаа эҥин-эгэлгэ таҥас көппөйөр…

Оҕустарбын булгуталаан баран, Барыыһаптар балаҕаннарыгар бардым. Ампаарга чугаһаан истэхпинэ, истэн утары Огдооччуйа эмээхсин, хас да таба тыһа курумуулары быаларыттан санныгар иилэ быраҕан, илиитигэр түүтэ соролообут арбаҕаһы тутан тахсан кэллэ… Миигин көрөн, мутук үүтүн курдук искэ чөҥөрүспүт соһуйбут харахтарынан супту одуулаата, онтон:

– Ээ, Аана муҥнаах эбиккин дуу… Хайа, тоом, оккун бэлиэр тиэйэн кэлэ оҕустуҥ дуу? – диэн ыйытар.

Эмээхсин ампаарын иһигэр соҕотоҕун букунайар курдук эрээри, тоҕо эрэ:

– Биһиги бу, оттон күн уһаабычча, халлаан сылыйбычча, мүлүйбүччэ таҥаспытын-саппытын куурдунабыт, салгылатабыт, – диир.

Хайаларын кытта сылдьарын этээхтиир баҕайытай дии санаан ампаар иһин өҥөйөн көртүм – ким да суох. Бүөтүр – сиригэр, кыыһа Маарыйа – бэҕэһээ, сорукка, Айдаҥҥа барбытынан.

Киһи дьиктиргиэх, эмээхсин сирэйэ-хараҕа туран, өссө мэктиэтигэр ис-иһиттэн өрө көтөҕүллэн сэргэхсийбиккэ дылы…

Саһыл, кырса тыһа, тииҥ, эмиэ да нэк буолбут чомпой бэргэһэлэри таһааран, аргыга быаларыттан ыйаталаабыта – сааскы тыал сайа охсон үрэн сирилэтэн ыллаҕын аайы тэйгэҥнэһэллэр. Биир бэрт хоччорхой дыраап сону саҕатыттан ылан тэбии-тэбии:

– Бу мантыкайа отой саҥа ээ, дьэ бу Чуурааһа киэнэ, өссө да төһө баҕарар кэтиэн сөп… – диэбитигэр эрэ, мин дьэ биирдэ өйдөөтүм – Дьэбдьиэй эмээхсин сордоох, хас саас, күһүн аайы, сэриигэ баран өлбүт биэс уолун кэтэ сылдьыбыт таҥастарын-саптарын, бэрт кичээҥитик, хараҕын харатын курдук харыстаан уура сылдьан харайар, сыа-сым курдук тутан бэрийэр эбитин…

Искэ киирэн баран:

– Ыл тукаам маны таһаар эрэ… – диэт эмээхсин хас да тыс, куобах үтүлүктэри, сарыы сону туттаран кэбиспитин көтөҕөн аҕалан турку үөһэ аҕалан уурдум.

Дьэбдьиэй кэннибиттэн батыһан тахсан, кубалаҥ таба тыһа этэрбэстэри ньилбэгэр сыһыаран осторун таптайа-таптайа:

– Бу, мантыкаҥ, бэйи, былдьаһыктаах таҥас: саҥатын, чэпчэкитин, тигиитэ тупсаҕайын иһин уолаттар былдьаһыы бөҕөтө… Ньукулайдаах – ааттарын кытта былдьаһар дьон… Ол да иһин кыра киһи Чуурааһа дэннэҕэ… – диэн эмээхсин икки бастакы уолаттара иккиэн Ньукулай диэн ааттаахтарын ахтар. Дьыалаҕа-куолуга – Ньукулай (Бастакы), Ньукулай (Иккис) диэн суруллаллар. – Дьэ, бу, Өлөксөйүҥ окко кэтэр ыстаана… билигин да, бэйи, сэнэх, өссө да, хас да сайыны тулуктаһыа, харыстаан кэттэҕинэ… бай, бу… биир сиринэн алдьаммыт, маны самыы ууран абырахтаатахха сатаныыһы… – тобуктара хоппоруттан тахсыбыт, күн уота быһа сиэн кубарыччы барбыт, кэбиллибит дьыгынаал ыстааны ылан Дьэбдьиэй мас эрбиир оҕуска иилэ быраҕар. – Дьөгүөрдээх Һэргиэй улахаттарбыт курдук буолбатахтар, иккиэн да кичээҥилэр, сэгэрдэрим харыстанньаҥнара дэлэ дуо, таҥастара-саптара да ала бэлиэ, бэйэлэрин курдук… Ыа, ити улахаммыт баар ээ, дьэ дьалаҕай барахсан, хаһыс-хаһыс үтүлүгүн сүтэрдэ: от тиэйэ ойуттун, мас тиэйэ бардын – биири-бииринэн мэлиппитэ эрэ баар… ити гынан баран «үтүлүгүм тэһиннэ, сүттэ» диэн айдаарыа. Хайдахтаах да этэрбэһи онньоччу үктүүрүн көрүөҥ этэ: чэҥкир кини этэрбэһин сиигин көтүрү көппүтэ, быатын быһа тардыбыта… Ити кими батан итиннигий, арааһа, аҕатын ини… ол да киһибит эдэригэр туохха да долоҕойун тохтоппот, дьалбаа быһыылаах буолааччы… һэ-һэ… истибэт эрэ диэммин алыстаатым быһыылаах… Аҕабыт баар буолан оҕолорбут итиччэ дьон буоллахтара: кини хара тыатын булда-аһа суоҕа буоллар тэмтэрийбиппит ыраатыа этэ… дьэ, ол өттүнэн баҕас хаһан да татыарыппатах киһи… – эмээхсин биир кэм, бэйэтин кытта бэйэтэ кэпсэтэн айаҕа хам буолбат, уонна мин дьиктиргиэм иһин, өлбүт уолаттарын субу аттыгар баар тыыннаах дьон курдук ахтар, билбэт киһи – чугас ханна эрэ, дьиэ таһыгар үлэҕэ барбыттар быһыылаах диэх курдук. – Бу, убайын батан үөрэхтэммит, буукуба хараҕын сатаан аттаран ааҕар киһибит Һэргиэй мааны ырбаахыта. Үөрэхтээх-үөрэхтээх курдук… кини эрэ маннык үтүө таҥастаах, харыстаан кэппэт даҕаны, таҥараҕа тиксэр кэриэтэ биирдэ эмит куоракка киирэригэр, туох эмит дьоһуннаах мунньахха тыл этэригэр эрэ таҥнар таҥаһа… Барахсаным сыыһа… Кини кэтэн иһиэн, сололоох, мааны киһи ааттаах аата, таҥас көстүө буо… Аһаатахха бүппэт ас, таҥыннахха тырыттыбат таҥас диэн суох ини… Киһи баар буолан аһыыр, алдьатар буоллаҕа… – Огдооччуйа, 1940 сыллаахха Мастаах ситэтэ суох орто оскуолатын бүтэрэн баран, «Молотов» холкуоска улахан дьону ааҕарга, суруйарга үөрэтэн учууталлаабыт, оһоҕос түгэһэ, эмиий куурдар, эмсэх кээһэр кыратын, Сэргиэйин – туруору саҕалаах солко ырбаахытын ылан сыллаан ылар…

Биэс ини-бии Барыыһаптар: Ньукулай (Бастакы), Ньукулай (Иккис), Өлөксөй, Дьөгүөр, Сэргиэй – бары аҕа дойду кырыыстаах сэриитигэр баран суорума суолламмыт эдэркээн уолаттар. Бары холкуостарыгар үлэ-хамнас үөһүгэр оройдорунан түспүт, чэгиэн бэйэлээх, күөгэйэр күннэригэр сылдьыбыт чиргэл дьон эбиттэрэ… Саатар, элэтэ биирдэрэ, сэймэктэнэн даҕаны, тыыннаах ордон, төрүт дойдутугар, төрөөбүт өтөҕөр эргиллибэтэх… Эдьиийим Өксөөн холкуос мунньаҕар эппитинии «кинилэр ааттарын үүнэр сүһүөх ыччат үйэттэн-үйэлэр тухары мэлдьи ахта-саныы сылдьыахтара… Эйэ, көҥүл өрөгөйдүүрүн туһугар олохторун толук уурбут саллааттар ааттара хаһан да умнуллуо суоҕа…».

Евдокия Яковлевна Борисова – Огдооччуйа эмээхсин, хас «хара сурук» кэллэҕин аайытын оо, төһөлөөх эрэ айманан сору-муҥу көрдүҥ, иэйдиҥ-туойдуҥ… Бэл, хайа муҥун тохтоло суох халыйар харахтарыҥ уулара кэлбэт буола көмүскэлэриҥ иһэ кууран, ыар санаа ынырык ындыытын сүгэн да сырыттаргын, сыппах быһах сулуйарыныы аймыыр салаҥ санаа амырыын алдьархайын уйан – холкуоһум туһа диэн күүһүҥ, кыаҕыҥ төһө баарынан, кыайарынан, утуйар да уугун умнан туран хачыгырайан, умса-төннө түһэн эрдэҕиҥ… Ким силигин ситэри ситэн сыныйан сэҥээриэй, анаарыай, эн – олох олорор туһугар уҕараабат, уостубат санааҥ тулхадыйбат тулуурун… Оо, Огдооччуйа… Огдооччуйа эмээхсин…

…Көмүс чыычаахтара кэтэ сылдьыбыт таҥастарын хас биирдиилэрин, тус-туһунан, суол-суол арааран имэрийэ, томоруйа бэрийэр Огдооччуйа сордоох майыар халадаай ырбаахытын тэллэҕин сааскы сиккиэр тыал тэлимнэтэ оонньуура… Кэмин иннинэ хаар маҥан буола маҥхайбыт баттаҕын сүүмэхтэрэ бобуонньуктуу бааммыт бытырыыстаах былаатын быыһынан таска ыһыллыбыттарын, эдэр кыыс оҕолуу сэргэхтик хаһыйа анньан көннөрүнэ-көннөрүнэ, ис-иһиттэн кыһаллан-мүһэллэн, саҥа-иҥэ бөҕөтө буолан ботугуруу-баллыгырыы, биир сиргэ таба турбакка тэпсэҥэлиир эмээхсин эрэйдээҕи – олус да аһынан, харааста айманан одуулаан турбутум…

* * *

Күн-хонук элэстэнэ көтөн кэлэн ааһара түргэнэ сүрдээх.

Саҥа кэлбит тураах ырааҕынан элиэтээн кынтайа сылдьан дааҕырҕаабыта тохтоон, сүөһү төрүөҕэ тахсан, куруҥах төргүү мутугар ыйаммыт ынах кэнэҕэскитин маҥнай утаа ас диэн сэҥээрбэтэх бэйэтэ, кини да буоллар хайыы-сахха тубарсыйан, турулус-ирилис көрө-көрө, сарыпыай-ирипиэй сапсынан, тэлиэс-былаас дайбанан, син дьиэ таһыгар эҥкээрэн, сээкэй тобох-ибэх аска, собулҕаҕа, сытыгаҥҥа саантаан баран, ол били, сирбит «ынаҕын хойуккутун» тоҥсуйан саакка киирбитэ хас да хонно.

Эмиэ биир кыыдааннаах кырыа кыһын ааһа көттө…

Айбыктаҕа от тиэйэн бүппүтүм кэннэ миигин Уолбут пиэрмэтигэр ыанньыксыты солбуттара ыыттылар. Уйбаныаба Аҕааппыйа быстах ыарыыга ыалдьан баран, тымныйан бэргээн сытан хаалбыт. Кини уон түөрт ынаҕын тутан аны ыанньыксыт буоллум. Ынаҕы ыы үөрүйэх киһиэхэ туох да улахан уустуга суох үлэ.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 13 14 15 16 17 18 19 20 21 22 23 24 25 26 27 28 29 30 31 32 33 34 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации