Электронная библиотека » Семен Маисов » » онлайн чтение - страница 20


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 10:40


Автор книги: Семен Маисов


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 20 (всего у книги 34 страниц)

Шрифт:
- 100% +

Санаан да көрдөххө дьикти ээ, аһара баран киһи сонньуйар даҕаны. Ыаллыы нэһилиэктэргэ, эргиччи сытар холкуостарбытыгар дьон бөҕөтө ис тиибигэр ыалдьан өлөр. Оттон «Свердлов» холкуоска биир да киһи ити ыарыыга хаптаран суорума суолламматах. Оччолоох сыстыганнаах дьаҥ, тоҕо, ала-чуо, Айдаҥ өтөҕүн тумна көппүтүн сатаан санаабаппын. Мантан да көстөр, «дьэҥкирэн» быстарбыттары – ис тиибигэр, эбэтэр атын да хайа эмит ыарыыга ыалдьан өлбүттэр диэн, тумсуларын дулҕаҕа соттон, суос-сымыйанан кэпсииллэрин, кумааҕыга суруйан отчуот оҥорон бачахтыылларын…

Манан буоллаҕына, сэрии бастакы сылларыгар, бүтүн дойду үрдүнэн, холкуос сыраны-сылбаны быһар үлэтигэр бэйэлэрин харыстаммакка умса-төннө түһэн хачыгырайа сылдьан хоргуйан – үтүмэн да үгүс киһи сырдык тыына быһыннаҕа…

Мин, биир түгэни мэлдьи саныыбын… Илин Кыргыдайга, саас, Дьаарайаптар (Куллурууттар) диэн ыалга хоноору олордохпуна, дьэбир дьыбар түспүтүн кэннэ, дьиэлээхтэр уоллара Куонаан хантан эрэ, бэрт тэйиччи, ыраах сытар күөлтэн, оҕуһунан от тиэйэн чуучугураан-хоочугураан кэлбитэ… Бэрдийбит аралын оҕуһа тосту үктээн кэбиһэн, өссө туга эрэ сатаммакка уһаан-тэнийэн хаалан тардыллыбытын кэпсии-кэпсии, отутун эрэ ааһан эрэр бэрт хачаайы, ас иҥмэтэх эттээх-сииннээх киһи, тас таҥаһын титир-татыр сыгынньахтанаат, түөрт муннуктаах сандалы ыксатыгар, уот сыралыгар, дүлүҥ олоппоско лах гына олороотун – инитэ сүүрбэччэлээх Дьуона диэн уол, сэриигэ сылдьар таайдарыттан сурук кэлбитин аҕалан биэрбитэ… Куонаан үөрэхтээх киһи быһыылааҕа, сирэй оһох сырдыгар кыҥначчы туттан көхсө холбойон олорон ботугуруу-ботугуруу суругу сирийэн ааҕан баран, бэркэ манньыйан барыбытын эргиччи көрөн ылбыта уонна: «Бу, Табык кэпсииринэн, ол дойдуга, хата, баһаан аһаталлар эбит… хоргуйуу манна суох диэбит… бу… бу суруйбут…» – дии-дии Куонаан, таайа Табык күҥҥэ хаста аһаталларын, тугу аһаталларын ахтыбытын хат-хат төхтүрүйэн, бары иһиттиннэр диэбиттии доргуччу аахпыта. Ону истэн, эмиэ мин курдук, атах балай, ыал устун мээнэ ускаай сылдьар Содьуун Мэхээлэ диэн, бэйэтэ олус кырдьаҕаһа суох эрээри, хаар маҥан баттахтаах оҕонньор, хоно кэлэн олорон: «Дьэ бэрт эбит оҕолор… эдэр буолан баран сэриигэ барбыт киһи баар ини…» – диэн саҥа аллайбыта. Содьуун Мэхээлэ сэрии быдан инниттэн хаамаайылаабыт, быралгытыйбыт киһи. Эдэр да эрдэҕинэ биир сиргэ дьиэ-уот туттан түстээн-түптээн олорботох, ойоҕо, оҕото суох оҕонньор. Кинини өссө Хаамар Мэхээлэ диэн хос ааттыыллара… Бэйэтиттэн хаһан да араарбатах, мэлдьи аргыс, доҕор гыммыт, килэрийиэр диэри илиитин чэринэн аалбыт тиит мас силиһэ тайахтааҕа, онтута элэйэн мутуктарын төрдүлэрэ ур курдук боллорутан тахсыбыт элбэх «сүһүөхтэрдээҕэ». Содьуун оҕолору дьээбэлиир «дьаллыктааҕа», ыамайдаах ыалга киирдэр эрэ: халыҥ уоһун толлотон, хойуу хаастарын түрдэһиннэрэн бурулус-ирилис көрөн-истэн уорастыйан, ходьох-идьэх туттан-хаптан кыра дьону баҕас куттуура. Мэниктээн, киһи тылын истибэккэ сүгүннээбэтэх оҕолору: «Дьэ, Содьуун Мэхээлэ кэлиэ ээ, ыалы кэрийэ сылдьан, мэник оҕолору сураһан истэн «аттаталыыр» үһү, аргыйыҥ, күүгүнээмэҥ…» – диэн куттууллара. Содьуун – имииһит этэ, ону таһынан табаны аттыырын өйдүүбүн. Табаны – сылгыны, оҕуһу аттыыр курдук хаан-сиин таһааран быспата-соппото: саҥа төрөөбүт тугут тээһэҥкэһин иччитин (сымыытын) тииһинэн бүтэйдии тэһитэ ыстаан баран, илдьи убахтаан, ныһыйан кэбиһэрэ…

Дьаарайаптар ийэлэрэ Кутуу Балбаара баарыын сарсыарда хараҥаҕа тахсан барыаҕыттан уһун күнү быһа хара үлэни кытта тустан кэлбит уолугар Куонааҥҥа, хайа эрэ сылгыһыттан бэриһиннэрбит аһын, дьаҥхарбыт биэ кэмин иннинэ ньылбыйан кэбиспит кулунун холун үлтү кырбаан уулаан-хаардаан мииннээбититтэн нэлэгэргэ кутан биэрбитин, хам аччык киһи хатыҥ хамыйаҕынан баһан иҥсэлээхтик аһаан-сиэн бахсырыйарын быыһыгар: «Табык, хата, табыллыбыт киһи, сэриигэ баран бии бэйэлээх өссө килэрийэ уойта буолуо… Биһиэхэ хаһан ыҥырык кэлэн ол «үтүө» дойдуга барабыт…» – диэн кырдьыга да, сымыйата да биллибэттик тылласпыта. Онуоха ийэтэ Кутуу Балбаара: «Үтүөлэннэҕэй… Бүгүн, били, Оҕо Уйбааннаахха хара сурук кэлбит… Кыра Ньукулай муҥнаах өлбүт…» – дии-дии хатыран хайыта ыстаммыт уоһун толлотон, хойуорбут харахтарынан уолун диэки хоргуппуттуу, сүүһүн аннынан сүргүччү көрөн ылбыта. «Ис кураанахтанан өлбүттээҕэр, тот ойо-тэбэ сылдьан умса түспүт быдан ордук ини…», – Куонаан хобдох сонуну истибэтэх киһилии хардарбыта. Аһаан ньамырҕата олорон күннээҕи үлэтин туһунан тохтоло суох биир кэм кэпсиирэ. Эмиэ, санааҕын сайа этэн-тыынан, саҥаран-иҥэрэн баран кэлээр диэбит киһилэрэ быһыылааҕа. Төһө да туос аччык, устар уһун күнү супту күүһү-күдэҕи эһэр күүстээх үлэҕэ хачыгырайдар, сэргэх сэбэрэтин сүтэрбэтэх, күн эгэлгэ араас дьиибэ, дьээбэ кэпсээннээх Куонаантан бэркэ сэргэхсийэн, дьиэлээх киһи көрүдьүөстээх сэһэнин-сэппэнин истэн олорон, күннээҕи кыһалҕабын киэр үтэйэн, хаста да саҥа таһааран күлбүппэр – Содьуун оҕонньор миигин бэркэ дьиктиргээбиттии сыныйан көрө-көрө: «Бу кыыс… бу оҕо хайаан да ордуоҕа… быстан-ойдон биэриэ суоҕа, көрөөрүҥ да истээриҥ… кэнэҕэһин-кэнэҕэс, хойутун-хойут – аатын ааттатар, бэрт элбэх ыччаттаах, оҕолоох-уруулаах буолуоҕа…» – диэбитэ. Онуоха сирэй оһох иннигэр тымтык тыыра олорбут Дьуона: «Ону хайдах биллиҥ?..» – диэн хап-сабар ыйыппытыгар Содьуун Мэхээлэ: «Саҥа-иҥэ, дьүһүн-бодо уонна харах үгүһү кэпсиир ээ…» – судургутук хоруйдаабыта. Кырдьаҕастар алгыс тыллара тиийимтиэ. Холкуостары кэрийэрим тухары кинилэр абырыыр, арчылыыр, өрө дэбэдэтэр «чэпчэки» тылларын үгүстүк иһиттэҕим. Ол, арыт-ардыгар, айаҕы хамсатан аһыыр астааҕар да ордук абырыыр күүстээх буолара…

Нөҥүө сылыгар, түөрт уон үс сыл саҥатыгар Куонаан «баҕатын хоту» сэриигэ бэбиэскэ тутан «ымсыырбыт үтүө дойдутугар» барбыта уонна кырдьыга да, уоту-күөһү ортотунан ааһан, этэҥҥэ улаханнык бааһырбакка да, төрөөбүт Кыргыдайын өтөҕөр эргиллибитэ. Били, «килэрийэ уойбут» таайа Табык – Бэрэлиин куоракка тиийэн баран, сураҕа суох сүппүтэ, оттон инитэ Дьуона, ийэтэ Кутуу Балбаара – түөрт уон үс сыл сааһыгар хоргуйан өлбүттэрэ. Содьуун Мэхээлэ, «Чернышевскай» уонна «Свердлов» ыккардыгар, аара суолга быстаран охтон сытарын булан Балаҕаччы балыыһатыгар аҕалбыттара да, улаханнык үлүйбүт, икки өттүнэн хам туттаран сэбиргэхтэппит оҕонньор уһаабатаҕа…

– Оо, бу манна да тэҥнээн көрдөххө бүтүн дойду үрдүнэн төһөлөөх элбэх киһи аһыыр аһа суох сутаан, хоргуйан өлбүтэ буолуой? – диэн дьүөгэм Маарыйа саныы олорбут санаам ситимин быһан кэбиһэр.

– Сэриигэ охтубут дьонтон итэҕэһэ суох.

– Оннук буолан тахсарыгар тиийэр.

– Арай, ыаллыы холкуостарга… суох, бары нэһилиэктэр холкуостарыгар, бу биһиги холкуоспут курдук биир да киһи хоргуйан өлбөтөх буоллун… Үгүс да киһи тыыннаах…

– Этэҕин ээ… – иккиэн үөһэ тыынан ылабыт.

Бу курдук эдьиийбит «дьыалатын-куолутун» кумааҕытын хасыһан – билбэтэхпитин билэбит, көрбөтөхпүтүн көрөбүт. «Суруллубут суоруллубат» диэн мээнэҕэ эппэттэр. Олох – сир ийэ оллурун-боллурун курдук араас түһүүтэ-тахсыыта, эндирэ-мындыра, хомолтото-өрөгөйө, дьиктитэ-дьээбэтэ – урукку дьыллар уорҕаларыгар – үөрэх, сурук-бичик ситэ үөдүйүөн, тэнийиэн иннинэ – уостан уоска, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһэн, ардыгар, ыраах ыырдаах айантан эргиллэр көлө ыран, дьүдьэйэн-хаадьыйан хааларыныы «дьүһүннүүн-бодолуун» уларыйдар уларыйан, устунан сураҕа суох сүтэн симэлийэрэ; оттон билигин, сурук буолан суруллан, суолланан-иистэнэн үйэ-саас тухары, кур бэйэлэрэ кубулуйбакка, дьон-сэргэ билиитигэр-көрүүтүгэр хаалан иһэллэр…

* * *

Сэрии бүппүтүн үһүс сайыныгар, иккис сылбын, Муосталаах эбэҕэ муҥхаһыттар биригээдэлэригэр киирсэн эмиэ балыктастым…

Мин уон сэттэбин томточчу туолан, уон аҕыспар бардым… Силигилии ситэн эрэр оҕо киһиэхэ бүтүн биир сыл диэн дьиҥэ улахан кэм. Баҕар, биэс уоннаах киһи сааһыгар өссө биир сылы эбиннэҕинэ ол киниэхэ туох да тосту-туора, киһи хараҕар быраҕыллар кубулуйууну аҕалбата буолуо, оттон ситэн-хотон, тыыллан-хабыллан эрэр оҕо киһиэхэ, биир сыл диэн биллэр-көстөр улахан уларыйыылары аҕалар… Уҥуохтуун-арҕастыын лаппа улааттым, эт туттум, эдьиийим Өксөөн барахсан этэринии «дьахтар-дьахтарынан» буоллум. Били, аҕыйах сыллааҕыта, сэрии кэмигэр, суккуруур тыыным эрэ ордон, уҥуохтаах-тириим эрэ хаалан, нэһилиэктэн нэһилиэккэ, холкуостан холкуоска, ыалы кэрийэ сылдьыбыт куһаҕан кумалаан кыыстан тугум да хаалбата. Кыргыдайтан дойдум дьоно кэллэхтэринэ, бэл, билбэттэр. Кэпсэтии кэмигэр ааппын-суолбун ыйыттахтарына: «…Кэнээрэбэ Маарыйа… Ньууньаала Маарыйа кыыһабын… Кэнээрэп Бүөтүр… Нуолур Бүөтүр балтабын…» – диэтэхпинэ дьонум, олус соһуйан, дьиктиргээн, итэҕэйбэтэхтии, ама кырдьык дуо диэбиттии, атахпыттан баспар диэри өрө көрөн таһаараллар…

Сайыннары-кыһыннары хара үлэни кытары хачыгырайа тустан, эт-сиин эриллэ хатан, хайа да уол оҕоттон, эр киһиттэн, туох да үлэни үлэлээбитим иһин, хаалсыбаппын…

Урут, үксүн, наар сымнаҕас, уһуннук мискиллибит саастаах аттары эрэ миинэр эбит буоллахпына, кэлин сылгыһыт уолаттартан, бэл, быйыл саас айааһаммыт ахсым, дохсун быһыылаах соноҕостору баҕатыйан туран миинэн сээкэй сорукка бэйэбинэн тылланан барар-кэлэр үгэстэнним.

Саас, кыргыттары кытары, уолаттар соноҕос айааһыылларыгар бииргэ сылдьыһан «көөчөөн көрө» диэн онно этэ. Эдэр, кыанар, сылбырҕа, харса суох оҕолорго аттан бырахтарыы, сууллуу – оонньуу кэриэтэ. Ол баҕар акка сыстаҕас буоламмыт буолуо. Сорох төһө да эдэрин, кыахтааҕын иһин, бараары-кэлээри бугуһуйан көннөрү тэпсэҥэлиир да аттан куттанан дьалты туттар үгэстээх.

Мин дьүөгэлэрбиттэн сылгыга сыстаҕас кыргыттар: Мытыйыс Маарыйата, Дьэримиэй кыыһа Аана уонна Тороос.

Тороос аҕата Килээҥкий (хос аата) уонна Кудугуй Борокуоппай – кытта төрөөбүт дьон. Онон Өксөөннөөх Торооһу ыкса балтылара. Мундулуҥдаҕа олорор эрдэхпитинэ Тороос Айдаҥтан кэлэн хонон барааччы. Сурукка киирэр аата Мотуруун диэн эрээри, Тороостон атыннык кинини ким да ааттаабат. Ханна да сырыттар кини киһи дьээбэҕэ-дьиибэҕэ биһиллэн иһэр майгылаах… Биирдэ, күһүөрү сайын, үгэһинэн Мундулуҥдаҕа хоно кэлбитэ. Эмээхсин күтүөтэ, Калинин аатынан холкуос суотчута, Дьөгүөрэп Сэмэн (Маарпа иккис кэргэнэ) Балаҕаччыттан сатыы кэлэн иһэн, сиикиттэн икки чөркөөкү оҕотун тутан эйэҥэлэтэн аҕалбыта. Өрө-таҥнары эргитэ-урбата сылдьан көрбүппүт: дьоҕойон сиикэй кынаттаах муҥур купчуулар этилэр. Сэмэн: «Чэ, оҕолор, буһаран сиэн кэбиһиҥ… биһиги итиннэ там да гыммат дьоммут…» – диэбитигэр, булду хайдах быраҕан кэбиһиэхпитий: үргээн, астаан, алтан чаанньык хаппаҕын тардан оҥорбут быычыкайкаан солуурчахтарыгар буһаран бургучутан өс хоту сиэн кэбиспиппит. Эмээхсин: «Хоргуна, хата, хонноххутунан-быттыккытынан өтөн тахсара буолуо…» – диэн дьээбэрбитэ… Тороостуун ампаарга тахсан хоонньоһон утуйан буккураан хаалбыппыт… Арай, сарсыарда уһуктубуппут, баспытыттан атахпытыгар диэри түөрэтэ сыа-арыы ньалҕарайдаммыппыт… Өссө да тугун-ханныгын быһаарбакка, бэйэ-бэйэбитин турулус-ирилис одуулаһа олордохпутуна тастан эбэбит түбэһэ киирэн көрөн, улаханнык сонньуйан баран күлбүтэ: «Бэҕэһээ киэһэ эппэтэҕим дуо, чөркөөкүгүт сыата-хоргуна хонноххутунан-быттыккытынан өтөн тахсыаҕа диэн…» – дии-дии саҥа уһуктан олорор дьону өссө эбии дьиктиргэппитэ… Биһиги күлсэн бычыгыраһа-бычыгыраһа туран көрүммүппүт-истиммиппит: эбээ эмээхсин эркин быыһыгар, хоччорхой кумааҕыга суулаан кыбыппыт эмэ, хойуу мааһа утуйа сытар дьон үрдүгэр түспүт, түүн мөхсөрбүтүгэр, эппит сылааһыгар сымнаан, ууллан бүтүннүү онно биһиллэн, ньалҕарайданан хаалбыппыт… Дьиэҕэ киирбиппитигэр күтүө Сэмэни кытары Улахан Баһылай: «…Ол иһин, дэлэ эмис буолбатахтара… – дэһэ-дэһэ, саныы-саныы күлсүбүттэрэ…

Балаҕаччыттан Лэгиэнтэйэп Кууһума, Куонарап Бааска (Байыас) уонна Илин Кыргыдайтан, «Чернышевскай» холкуостан, биһиги бэркэ билэр ыкса доҕор оҥостубут уолбут Киэсэ Дьохсоороп – саас барахсан күөйэ көтөн кэлэн ылааҥытыйдар эрэ, ат айааһыыр айдааннанан Айдаҥҥа мэлдьи кэлэн бараллар. Биһиги бөтөспүт Дьыксаах Апанаас кинилэртэн хаалсыбат ат айааһааччы…

…Былырыын сайын, Муосталаахха биир биригээдэҕэ уонча буолан соҕотох муҥханан тарда сылдьыбыт эбит буоллахпытына, быйыл – нэһилиэк-нэһилиэк аайыттан отучча балыксыт түмсэн, биригээдэлэргэ хайдан, үс муҥханан тэҥҥэ тартыбыт.

Былырыыҥҥы дьон түөрэ баарбыт. Дьөккөнтөн дьүөгэм Даарыйа эмиэ кэлбит.

Көмүс хатырыктаах сыа балык быраҥаатта бу да сайын өлгөмнүк бултатта. Тайтах Ньукулай мас уһаат оҥороругар, куораттан тахсыбыт Баһылай Бараахтыырап диэн уолу көмөлөһүннэрдэ…

Чуумпу күн эбэбитигэр үс биригээдэ муҥхаһыттар бары киирэн, көр-нар аргыстаах, ырыа-тойук доҕуһуолланан үөрэ-көтө үлэлии-хамсыы сылдьарбыт үчүгэйэ, астыга бөҕөтө…

Күһүн, ардыгар, үлэҕэ үлүһүйэн боруҥуй буолан барыгылдьыйыар диэри куоталаһа-куоталаһа тардабыт. Бэл отуубутугар барарбытын умнан, кытылга кулуһун уматан оллооҥҥо чэй өрөн өрө тэптэрэ охсон таһаарабыт. Хараҥаҕа онно-манна, күөл кумах кытылларыгар сырдык кутаалар кытыаста кыыһаллара, халлыбыт халлаан улаҕата-киэлитэ биллибэт киэҥ нэлэмэн иэнигэр кэмэ суох бачымах сулустар чаҕылыҥнаһа, дьирибинэһэ имнэнсэн тырымныыллара – этиэхтэн эрэ кэрэ көстүү… Чэгиэн-чэбдик кулан сааска, көхтөөх, көрдөөх бар дьоннуун, биир дьиэ кэргэн кэриэтэ, бэйэ-бэйэни истиҥник өйөһөн-убаһан сылдьан, туохха эрэ тиэтэйбит, ыксаабыт курдук үлүскэн үлэ, саҕахха угуйа сандаарар саҥа олох саргыта, сэрии бүппүт балысхан үөрүүтэ – барыта холбоһон – куту-сүрү кутугунатан, өйү-санааны эймэнитэн, ураты иэйиини, кэхтибэт кэскиллээх кэрэ санааны саҕаннар – эдэр да, эмэн да сүрэҕи, кэмэ суох дьолунан толорон өрүкүтэ долгуталлар…

* * *

«Свердлов» уонна «Калинин» холкуос табалара быйыл эмиэ Муосталаах эбэ кытылыттан арахпакка сайылаатылар: арыт ханна эрэ сүтэллэр, онтон эмиэ, өтөр, ураа лаҥкыр муостара адаарыйан киирбиттэрэ эрэ баар буолар. Үксэ «Калинин» холкуос табалара, биһиги холкуоспутугар атахсыт уонна саланар ыарыылар өрө тураннар таба сүөһү букатын күппүлүү барда; ахсааннаах орто: булчуттар көлө гынар миҥэлэрэ эрэ, олор да атастаһыкка кэлбит сүөһүлэр. Сыстыганнаах сутуган ыарыы күөртүү көтөн кэлбитигэр Балаҕаччылар бэйэлэрин табаларын туспа, чиэски сиргэ туппуттара. Ити ыарыылар төһө да син биир сотуун курдук сырса сылдьан сүөһүнү имири эстэллэр, кинилэр да «харахтара бүөлэнэн» мунар эбиттэр.

Ньычаҥда эбэҕэ, Өлөөн сириттэн кэлэн, үгэстэринэн тоҥус ыала Ньыыканнаах дьиэ кэргэнинэн сайылаатылар. Кинилэри кытары таба үүрсэн, көрө-истиһэ Биэнчик уонна Кириисэ диэн сиппит-хоппут уолаттар кэлсибиттэр. Эбээннэр буоланнар сэриигэ ыҥырыллыбатахтар. Эмиэ «эрбэх үрдүгэр сэттэтэ эргийбит» эр бэртэрэ. Хоту дьон сиэринэн булчуттара эҥинэ сүрдээх, наар, үксүн, хара тыалара тугу дук гыммытынан, бэрсибитинэн, күннээҕинэн, айахтарын хамсатан сылдьар дьон.

Ньыыкан Настаа диэн кэргэннээх, үс оҕолоохтор. Улаханнара Суура диэн кыыс миигин кытта араа-бараа саастаах; иккис кыыс эмиэ Суура диэн (Оччугуй Суура дииллэр), уончалаах; кыралара Ээдьик – сэттэлээх уол.

«Калинин» холкуос табаларын Ньукулаччаан табаһыт кэргэнин, оҕолорун кытта Ньычаҥдаҕа, туруорбах балаҕаҥҥа олорон көрөр-истэр, маныыр: сайыны быһа кырыһынан түптэ түптэлиир, бүтэй абырахтыыр, саҥа халтаама тутуллар буоллаҕына хайаан да сылдьыһар, эргэни «сөргүтүһэр». Таба бүтэйин – тэһии кыыл үрдүнэн ойботун, ыстамматын диэн хайаан да түөртүүлээх гыналлар.

Ньукулаччаан кыыһа Кылыас Кэтириин миигиттэн биир сыл аҕа. Уучаҕын миинэн табыгыратан Муосталаахха өрүү кэлэр-барар. Кэтириинниин отой ыкса дьүөгэлэстим.

Ньукулаччаан да, Кэтириин да арыыга киирэн луук үргүүр үгэстээхтэр. Биһиэхэ, ыһыах иннинэ, хаста да аҕалан тураллар.

Кылыас – саҥаран-иҥэрэн, көрөн-истэн дьэргэлдьитэн кыыс оҕото, кини киһи күлэн лаһыгыратар саҥата ала бэлиэ. Элбэх саҥалаах, санаабытын иһигэр туппат аһаҕас майгылаах киһи хаһан баҕарар «тылга тииһимтиэ». Кэтириин, ардыгар, тойоммут Өлөксөй Хондокуоп «итэҕэһин-быһаҕаһын» быһа-хото этэн-тыынан хаарыйан кэбиһэн, бии «арҕахтаах эһэни» баргыытатар. Хондокуоп: «Бу туох буолбут кикииримэрий оҕолор!.. Наар киһиттэн сыарҕатын сыҥааҕа иҥнэр!..» – диэн хаһыыран тоҕо ыстанар. Ол аайы биһиги уора-көстө, көхсүбүтүн этиппитэ эҥин буола-буола, кистээн күлсэбит…

Өлөөн тоҥуһа, табаһыт Ньыыкан кыргыттарын миэхэ Кылыас билиһиннэрэн турар. Арай, биир сарсыарда, эрдэ туран, орулуос кус тумсун курдук күөлгэ күөнтээн киирбит тумул тыа кэтэҕэр, эдьиийим Өксөөн кэһиитин «кыһыл мыыла» ыыппытынан баттахпын сууна турдахпына – үс табалаах киһи от үрэх сиибиктэнэн бөтө үүммүт үрдүк хочотунан ходьоҥолотон иһэллэрэ көстүбүтэ. Маҥнай утаа өссө, Биэнчиктээх дуу диэммин куота сыспытым онтон инники иһээччи Кылыас буоларын билэн тохтообутум… Кэтириин уучаҕыттан тэп гына ыстанан түһээт, тайаҕын туппутунан, миҥэтин сиэппитинэн утары кэлбитэ. Эбээн кыргыттара көлөлөрүттэн түспэккэ дьороһон олороллоро…

– Бу, Аана, Сууралааҕы аҕаллым, билсиһэн кэбис!.. – Кылыас дьаһала судургута.

Үрүҥ күүгэнинэн үллэн түөрэтэ мыыла буолбут баттахпын сайҕанарбын да умнан, ол курдук кыргыттар ыксаларыгар кэлэн:

– Мин Аана диэммин… Эн – Улахан Суураҕын, оттон эн – Оччугуй Суураҕын?.. – диэн оҕолор ааттарын эрдэ истибит киһи быһыытынан ыйыталаһа охсубутум.

Кыра Суура муоһа суох уучаҕын үөһэ ньыкыйан олорон мыс курдук ытыстарынан айаҕын саба тутта-тутта күлэн бычыгырыыра. Улахан кыыс алын уоһун толлотон атын сир диэки элээр-мэлээр көрө-көрө, эмиэ күлэн тоҕо барыах дьүһүннээҕэ, тайах маһынан сири-буору суруускайдыыра. Кыргыттар сирэйдэрэ-харахтара сэргэҕэ, ис киирбэхтэрэ диэн сүрдээҕэ. Мин кинилэри тута сөбүлүү охсубутум, ыкса билсиһиэхпин, кэпсэтиэхпин-ипсэтиэхпин, аһара баран, мэктиэтигэр, сонно сырсыакалаһа оонньуохпун баҕаран кэлбитим…

– Аана, баттаҕыҥ бүтүннүү мыыла дии, киһи күлүөх курдуккун… – диэн Кылыас саҥарбытыгар биирдэ өйдөнөн, кырылас таас кумахха умса нөрүйэн олорон баттахпын сайҕанан булумахтаммытым, ол ыккардыгар кыргыттар уучахтарыттан түспүттэрэ. Онно көртүм Улахан Суура доҕолоҥ эбит этэ, лаппа иҥнэҥнээн хаамара.

Кыра Суура, биһиги Биэрэбитигэр дылы, киһи эрэ таптыах, туолбут ый курдук төп-төгүрүк култайбыт иэдэскээннэрдээх мыры-мылтаҕар сирэйдээҕэ. Отонунан аҕаабыттыы кып-кыһыл имнэрдээҕэ, хараҕын кырыытынан, үөннээҕинэн көрөр үгэстээҕэ уонна түргэн аҕайдык уоһун чорбос гыннаран муннун сыҥсыйара. Ол барыта миэхэ, тоҕо эрэ, ураты истиҥник көстүбүтэ…

Улахан Суура дьүһүнэ оттомноох ахана, тугу эмэ кэпсээтэххэ, онто да суох кыбытан көрөр кыараҕас харахтарын эбии кыаратан, уорбалаабыт киһилии одуулаһан олороро, ити кэннэ атын сир диэки хайыһан «сымыйаны этэр дуу, кырдьыгы кэпсиир дуу» диэбиттии, сыныйа санаан, толкуйдаабыттыы таала түһэн баран, эмискэ эгдэс гынан кэпсэтиигэ кыттан чыбыгыраан барара.

Эбээн кыргыттара – киһини бэйэлэригэр тардар, ураты ис киирбэх кэрэ сэбэрэлээхтэрэ. Биһигиттэн отой атын айылгылаахтара тута биллэрэ, көстөрө…

Биһиги, оҕо дьон судургу сиэринэн бэрт дөбөҥнүк, түргэнник бэйэ-бэйэбитин билсиһэ охсубуппут, быдан өрдөөҕүттэн бииргэ оонньоон, алтыһан сылдьыбыт дьон курдук санаммыппыт…

Улахан Суура атаҕын «ытык» ыарыы сиэн доҕолоҥ буолбут. «Билигин ыалдьыбат» диир, тайах маһынан анньынаат уучаҕын үөһэ, ыҥыырыгар лап гына түһэр уонна атын аҕайдык хаамтаран ходьоҥолотор, сиэллэрэн кэдэҥэлэтэр…

Эбээн кыргыттара урут биһиги эҥээр соччо-бачча кэлбэт-барбат бэйэлэрэ, кэлин соло, быыс-арыт эрэ көһүннэр Кылыаһы кытары, ардыгар бэйэлэрэ да, уучахтарын миинэн табыгыраччы хаамтаран, тамайа сиэллэрэн өтөр-өтөр тиийэн кэлэллэр. Көмүс хатырыктаах эмис быраҥааттаны дьонноругар кэһии гынан илдьэ бараллар…

Урут табаны миинэ илик киһи мин, Сууралаах уучахтарын уларсан миинэн көрдүм. Акка холоотоххо, үөрүйэҕэ суох киһиэхэ, олохторо түөрэккэйэ диэн сүрдээх, саатар иҥэһэ диэн мэлигир, аны ат курдук сиһигэр буолбакка арҕаһын үөһэ олороҕун. Сиэлэн иһэн эмискэ умса нөрүйдэ, бүдүрүс гынна да, кыайан өрүһүммэтэххинэ, икки муос ыккардынан «төкүнүйэн» хаалаҕын… Сымнаҕас ахан табалар, онон эн охторгор, суулларгар төрүт кыһаллыбаттар, «бу туох буолбут мэник, төбөт оҕолоруй, сүгүннэммэт…» диэбиттии бөлтөөрүспүт өйдөөх харахтарынан көрөн эрэ кэбиһэллэр. Киһи – туохха үөрэммэтэҕэ, тугу сатаабатаҕа баарай, куруук мускуйдахха син үөрэнэн табаны да мииниэххэ сөп эбит.

Барааҥка уол таба миҥэлэниэн баҕарара сүрдээх да, үөрэнэ охсон биэрбэккэ биһигини күллэрэ сытар: көлөтө эмискэ эргийдэҕинэ, эбэтэр соһуччу хорус гынан тохтуу түстэр эрэ, ынах этэрбэстэрин тилэхтэрэ, эһэ табаҕайын курдук килэрис гыналлар. Ол аайы ордук Кыра Суура кыараҕас харахтара букатын да сүтэн хаала-хаала: «…Уо-дьа!.. Уо-дьа!..» – дии-дии күлэн бычыгыраа да бычыгыраа. Барааҥка күлүүлээх-оонньуулаах сүрдээх сэргэх уол. Биһиги дьээбэрэн: «Барааҥканы түүтүн үргээн биэриэххэ…» – дэһэбит.

Ньыыкан үлэһиттэрэ, табаһыт уолаттар Биэнчиктээх Кириисэ Муосталаахха субу-субу кэлэллэр. Кинилэр уучахтара кыргыттар киэннэринээҕэр бөдөҥ, төрөл, лаппа өндөс табалар. Биэнчик миҥэтэ бааллыбыт сиригэр таба турбакка биир кэм тэпсэҥэлии, сири-буору табыйа, сибиэркэнэ турар, тордуос, атыҥырас быһыылаах, бэркэ тэбиэһирбит көлө. Ыксатыгар киһи чугаһаатаҕына харахтара, мэктиэтигэр, таска бөлтөрүһэн тахса-тахса, атын аҕайдык таныытын тарылатар. Сууралаах уучахтарын курдук синньэтин имэрийтэрэн мээнэ таптаппат сүөһү…

Муҥхаһыттар күн иккис аҥаарыгар өтөхпүтүгэр өрүү да суохпут. Тойоммут Хондокуоп, асчыппыт Өксөөн, уһаат оҥорооччу Тайтах Ньукулай Бараахтыыраптыын уонна балык тууһуур киһибит Тэрии эрэ хаалаллар. Ол иһин табаһыттар сарсыарда быраҥаатта астанар кэмигэр, сээкэйи баллыгыраһардыы кэлэллэр. Биэнчиктээх, ардыгар, хастыы да хонукка сүтэн хааллахтарына суохтуубут, сүтүктүүбүт. Ньычаҥда күөлүн туһаайыытыттан харахпыт арахпат. Онтон хайа эмит сытыы харахтаах саҥа аллайа түһэр: «Оок, хотуларбыт иһэллэр, дьабдьыныҥ, үөһэ-аллара туруҥ!..».

Сууралаах – кулун куллуруһалларын, «быытыктаах кус» буола оонньуулларын олус сөбүлүүллэр. Ардыгар, биһиги үлүһүйэн ахан оонньуурбутун туораттан көрөн туран, тулуйбакка, Даарыйа кытта киирэн мэтэһийэ сүүрэр, «булчут» таба охсон сууллардаҕын аайы: «Оһуу-оһуу!..» – дии-дии, эриэ дэхси үрүҥ тиистэрэ кэчигирээн, күлэ сытар… Хаалаан Кэтириин ону көрөн: «…Оо, бу да дьахтарыа, кыра оҕоҕо дылы… сүгүн буолбатыан… дьэ тыһыллай дии… сүрүн, сүрүн баҕаһын!..» – диэн үрүт-үөһэ саҥарбахтыыр, кынчарыйар, чыпчырынар…

Тайтах кыыһа Мааһыҥка быйыл кыһын Балаҕаччы оскуолатыгар маҥнайгы кылааһы бүтэрэн кэллэ. Онон «сүүнэ» үөрэхтээх киһилэннибит. Бэйэтин бараллаата Кыра Суураны кытары олус тапсан оонньуур. Үөрэ-дьүөрэ кыргыттар иккиэн да сэргэхтэрэ сүрдээх. Муҥха кэмигэр өтөххө бэйэлэрэ хаалан бүкүчүөм оонньууллар.

Табаһыт уолаттар Биэнчиктээх Кириисэ сүрдээх дьиибэлээх-дьээбэлээх дьон, наар биһигини кыргыттары араастаан хаадьылаан тахсаллар. Ньычаҥдаттан кэлэллэригэр-баралларыгар, түөрт үөстээх эриэ дэхси өрүүлээх, муос сүүрэрдээх бэрт «сылбырҕа», тупсаҕай маамыкталарын – табаларын муоһун төрдүгэр иилэн, состороллор. Оннук соһулуннаҕына маамыкта «үөһэ көнөр». Кыһын туркуга баайан уунаҥната сылдьар үгэстээхтэр. Биһиги дьиэҕэ маамыкта өрөөччүбүт, биллэн турар Настааччыйа. Киниэхэ иҥиир маамыкта кытары баар.

Тоһоҕо анньан баран маамыкта быраҕан, ким хаста иилэригэр куоталаһабыт. Кириисэлээх отой аахтара кэриэтэ табаллар, кыраларыттан кыыраппыт дьон үөрүйэхтэрэ да бэрт. Сууралаах эмиэ биһигиннээҕэр таһы-быһа ордуктар, Кылыас да хаалсыбат.

Баһылаайап Сөдүөт, Кулуһуннуурап Дьөгүөр, Окуоскун Ньукулай, эгэ барыга көхтөөх Барааҥка уол ордуо дуо, оонньууга көҕүйэн, кыттыһан, араастаан кэдэйэ-кэдэйэ, ньыкыйа-ньыкыйа элээрдэн көрөллөр да, уон биэс ыллар хардыылаах сиргэ туруору анньыллыбыт тоһоҕоҕо биирдэ эмит эрэ кэтэрдэллэр. Бэл, тойоммут Өлөксөй Хондокуоп, оҕо дьон саҥа-иҥэ бөҕө буолан куоталаһарбытын, табахтаан бусхата-бусхата, быар куустан туораттан көрөн туран, хайдах да тулуйбакка: «Бээ эрэ доҕоттор, ити хайдаҕый ээ-э… мин холонон көрүүм эрэ… туох ааттаах кыһыытай…» – дии-дии, күлэн ырсайа-ырсайа кэлэн маамыктаны ылан түүрэн, бэркэ оҥостон, силигин ситэрэн аҥаар хараҕын симэн кыҥыы-кыҥыы, модьу, көөҕүнэс куолаһынан: «Һоок!..» – диэн саҥа аллайаат быраҕан кыыратар… Маамыкта куймаҥалыы-куймаҥалыы субуллан тиийэн тоһоҕону халты ааһар… Хондокуоп: «Тыый доҕор!.. Ити хайдаҕый!.. Ээ-э!..» – диэн абаран-сатаран тыллаһа-тыллаһа, отой да уутугар-хаарыгар киирэн үлүһүйэн, биһигини кытары бэрт уһуннук бадьыыстаһан турдар-туран, тардыллан хаалар. Тойоммут сирэйэ-хараҕа сэргэхсийэн, били, сир титирэстиэр диэри: «Кикииримэрдэр!!!» – диэн хаһыыран бытарытар бэйэтэ, кини эмиэ, ардыгар, оҕоҕо дылы дуона да суохтан санаата көнөн, айыыта киирэн, күлэн-үөрэн сайбыт ахан сэбэрэтин көрөн санаабыт ордук көнньүөрэр. Хаалаан Кэтириин, киһи эрэ буоллар, тойонун «кыра оҕо курдук буолан…» эҥин диэн сии-хоһуу тылынан саҥарбат. Буолумуна, Өлөксөй «эһэтэ киирдэҕинэ» чыычый киһи…

Биирдэ оҥхойго (Айдаҥы, үксүн тиит тыалаах сири – оҥхой диибит, оттон кумахтаах, бэс мастаах сири – бэс дэһэбит. «Оҥхойго бардыбыт», «бэстэн кэллибит» дэһии тылбыт эрэ дэгэтэ) киирэ сырыттахпытына Хондокуоп дьээбэрэн, бэйэтэ тылланан, икки уостаах сабыс-саҥа «Сиимсэн» саатынан тыыраахы ыттаран турар… Үгэс курдук сай ортото тыыраахылар күрүө сиэрдийэтин үөһэ кэчигирэһэллэр, тэлгэһэҕэ түһэн сир үөннээн сииллэр эҥин. Түүн, ардыгар, олус айманан сэргэх уулаах киһини утуппат үлүгэр… Киһим маннык кыҥыыгын, итинник тутаҕын диэн тула көтө сылдьан сүбэлээн-амалаан дэдэгэччийэн сүрдээҕэ… Буруолаах буорааҕа хото симиллибит килбэчийбит алтан ботуруоннаах сынтараалка саа сүр күүскэ сөтөллөн түптэ сааллыбытыгар, кулгааҕым чуҥкунаан баспын быһа илгистибиппэр – Өлөксөй ыгыста-ыгысыта күлэн күһүгүрээбитэ… Чуумпуга атын аҕайдык сатараабыт саа тыаһын истэн Баһыычааннаах сырсан туораахтанан кэлбиттэрэ… «Дөйдүҥ дуо?!. Төһө тэбэрий?!. Санныҥ ыарыйда дуо?!..» – дэһэ-дэһэ оҕолор тула көтө сылдьан турулус-ирилис көрүү-истии бөҕөтө буолбуттара. «Суох, тэппэт… Кулгааҕым чуҥкунаабыта ааста…» – диэбиппэр бэл саа тыаһыттан да куттанар кыра уолаттар – эмиэ да итэҕэйбэтэхтии, эмиэ да ордугурҕаабыттыы одууласпыттара… Биир тыыраахы адаарыйан түспүтүн ыамайдар үргүү охсоот, сэлиэйдэтэн эҥиннээн кыра тимир солуурчахха эбэлэригэр буһартарбыттара, хата, минньигэһэ сүрдээҕэ…

Биһигини, кыргыттары ордук дьээбэлээччи, сороҕор, олус аһара баран наһаалааччы – табаһыт Биэнчик. Ити быһыытын иһин Кылыас биһикки, биирдэ, Биэнчик «түөрэҕин түҥнэрэн» турабыт…

Арай, биир үтүө сарсыарда, Биэнчик үгэһинэн уучаҕын муоһугар маамыктатын иилэн сиибиктэ быыһынан состорон сыбыгыратан кэлэн, сээкэйи кэпсэтэн-ипсэтэн, Өксөөн куппут чэйин иһэн олоро түһэн баран, халтааматыгар төннөөрү, таска тахсан быраҥаатта төргүүлэнэн бараары балык астыыр бырабаалакка барда.

Күн уота үрдүк мэҥэ халлаантан чэмэличчи тыган киһи хараҕын саатырда оонньуур. Бэҕэһээ муҥхаҕа кэлбит балык астанан бүтэн, дьоммут бары дьиэ-дьиэ аайы тарҕаһан, күнүскү аһылыкпытын аһаат эбэбитигэр киирээри сылдьабыт.

Кылыас биһикки табаһыт уол куулугар ыраастамматах, бүтүн быраҥааттаны хаалаан биэрдибит. Киһибит: «Истээх балыгы уктугут дуу, ыраастаммыккытыттан биэриэххитин, сатана кыргыттара…» – диэн мэлдьи буоларыныы, үөннээҕинэн көрө-көрө, тылга-өскө тииһэ сатыыр. Биһиги: «Ити эйиэхэ, истэх сиэн иһэ дээдэйдин диэммит бүтүн балыгы өлүүлээтибит…» – дэһэбит. «Ээ-э, сай үгэнинээҕи былык истэхтэммитэ диэни истэ иликпин…» – диир Биэнчик.

Уолбут кууллаах балыгын төргүүтүгэр ыксары баанан, табатын үрдүгэр тэп гына олорон баран, киниэхэ кэннинэн туран бырабаалак сирэйин сото турбут Кэтириини тайах маһынан самыыга охсон лап гыннараат, бэйэтэ да уйуһуйан тэпсэҥэлии турбут миҥэтин тиҥилэхтээн муҥ көтүүнэн түһэрдэ… Кылыас инчэҕэй өрбөҕүнэн сыыһа быраҕан хаалла… Ити ыккардыгар биһиги обургулар өй була охсон, кумах устун ирбинньиктэнэ сыыйыллан эрэр маамыктаны хаба тардан ылаат сонос титирик үүнэн турарыгар эрийэ көтөн ыксары тардан кэбистибит… Дьэ эбэтээ!.. Торҕо көтүүнэн кыырайан испит таба, көстүбэт сымара таас хайаҕа сааллыбыт кэриэтэ, муостара адаарыс гынаат тас уорҕатынан барбат дуо!.. Биэнчик бэрт куһаҕаннык: «Ньоох!..» – диэн саҥа аллайаат: атаҕа – үөһэ, илиитэ – аллара адаарыйан, мэктиэтигэр, салгыҥҥа эргийэн кулахачыйаат сирэйинэн буору хоруйа түстэ…

Быһыыламмыппыт холуһуттан, туттубуппут толооһуттан, соһуччутуттан, аны киһибит тугун эмит оһоллоотохпут диэн уолбутугар тэбиннибит… Таба сууллаат да, сонно, төттөрү түөрт атаҕар дьырас гынна… Биэнчик сиртэн икки илиитинэн анньынан, баһын быһа илгистэ-илгистэ, өндөйөн көрдө, сирэйэ түөрэтэ биир да бүттэтэ суох кумах, соһуйбут-өмүрбүт, ыксаабытыгылыйбыт ахан, үөл тириини сытыы быһаҕынан сиирэ анньыбыттыы кыараҕас харахтара мээнэнэн эрилиҥнииллэр, буор-сыыс быыһынан кылахачыһаллар… «Бу туох буоллум» диэбиттии маҥнай утаа кыҥнаҥныы-кыҥнаҥныы уучаҕын одууласта, онтон маамыктата, оол курдук, тииккэ эрийэ тардыллан, хатырыкка иилиллэн турарын көрөн, биһиги бэдигирбиппитин биллэ: «…Уу, соруохалар!..» – диэн хаһыытаат ойон турда… Били, «көмөҕө» испит дьон, хайысхабытын тосту уларытан, аны төттөрү тэбиннибит. Биэнчик маамыктата хатыйа тардыллыбыт тииккэ диэри сырсан баран тохтоото. Сааспыт үгэнигэр сылдьар кытыгырас кыргыттар киниэхэ ситтэрэ сылдьыахпыт, биир кэм кыырайа көтүү, саппыйаан түүппүлэбит тыаһа тибигирээн олорор… Окуоскуннаах симилээҥкилэрин айаҕар диэри тэппит атахпытын кубулуппакка кэлэн баран биирдэ тохтоотубут. Биэнчик, оол курдук, ыраах, табатын сиэтэн баран эрэр, кэннин хайыһан дьоройон туран, биһиги одуулаһарбытын көрөн, илиитин өрө уунан сутуругун чочоҥнотор, туох да буолбатах, төрүкү доҕолоҥнообот даҕаны. Кылыас биһикки бэйэ-бэйэбитин көрсө-көрсө күлүс да күлүс… Харахпар Биэнчик этэрбэстэрэ бэллэйэ көтөн эрэллэрэ көстөр, үргүбүт таба курдук, буор-сыыс быыһынан, мээнэнэн чоҕулуспут харахтара субу баарга дылы…

– Мин манна хаалар киһи син сылдьыам… Дьэ, эйигин, арааһата, аара тоһуйара буолуо… – күлэрим быыһыгар Кэтириини куттуубун.

– Кэһэтэрин көрүөхпүт… Үөнэ тэһэ аалбыт уолу өссө «түҥнэриэххэ» баар этэ, – Кылыас хата кыһаллыбат… – Биэнчик оонньообута оҕус буолла ээ…

– Биһиги оонньообуппут эмиэ оҕус буола сыста дии хотуй.

– Чэ туох буолуой, биир да оҕус хаалыа суоҕа… – Кылыас биһикки биир кэм күлэн иэрийэ сытабыт…

* * *

Мин өйдүүрбүнэн, муҥутаан, биир күн биһиги биригээдэ туонна кэриҥэ быраҥааттаны тууһаабыппыт. Үс биригээдэ балыксыттара төһө балыгы хостообуттара барыта тус-туһунан суруллар. Арай уһаакка симиллэн куоракка киирэригэр эрэ «Бостуок» тэрилтэ балыга диэн ааттанар.

Былырыыҥҥылар бары Хондокуоп биригээдэтигэр баарбыт, атыттар, сүүрбэччэ киһи, нэһилиэк-нэһилиэк аайыттан мустубуттар – икки аҥыы: Бөрүөпкүн Уйбаан (Адаҥ) уонна Халбаакы киһитэ Көстөкүүнэп (Хоноһо) биригээдэлэригэр арахсан бэйэлэрэ туспа «буруо таһаарынан» муҥхалаатылар.

Көстөкүүнэп (Хоноһо), били, Оттооххо охто сыттахпына миигин быыһаабыт киһи. Үрүҥ тыыммыт өрүһүйбүт Хоноһо барахсаны туох эрэ курдук күндүтүк көрөбүн. Ыйга иккитэ муҥхаһыттарга нуорма ас түҥэтэллэр, хас биригээдэ чилиэнин аайы – икки сүүс кыраам тыыннаах испиир көрүллэр. Мин арыгы аһы амсайбат киһи, ирээт испиирбин наар Хоноһоҕо биэрэбин. Көстөкүүнэп үөрүүтэ-көтүүтэ сүр буолар…


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 13 14 15 16 17 18 19 20 21 22 23 24 25 26 27 28 29 30 31 32 33 34 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации