Электронная библиотека » Семен Маисов » » онлайн чтение - страница 24


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 10:40


Автор книги: Семен Маисов


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 24 (всего у книги 34 страниц)

Шрифт:
- 100% +

Аргыстарым бары да саҥалаах-иҥэлээх дьон. Молотов холкуос киһитэ Ньукулай Сиидэрэбис атын үөһэ олорон иһэн айаҕа хам буолбакка биир кэм кэпсиир-ипсиир. Микииппэр Буолкап да киниттэн хаалсыбат. Сүөдэр күө-дьаа буолан сэҥээрэр, ону-маны ыйыталаһан сэһэни-сэппэни эбии күөртүүр. Мин, дьонум көрүдьүөс кэпсээннэрин истэ иһэн тэҥҥэ күлсэбин. Сэргэх аргыстаннахха киһи суол уһунун билбэт…

Дьабараах оҕонньор Сыма Дьөгүөр диэн саас ортолоох уола, Хаҕын маҕаһыынын атыыһыта эбит. Биһиги кэлэрбитигэр дьиэтигэр суоҕа. Сарсыарда турбуппут, түүн, хайа эрэ күөлгэ олорон, түөрт чуубурҕас андыны (сорохтор «буор атах» дииллэр) бултаан кэлбит, уонча умсаахтаах, хас да орулуостаах, эмиэ да булчуттаах, ураанайдаах, өссө дьиэрэҥнээх эҥин. Хойукка диэри лаҕыччы олоруох киһи, туох эрэ соруктаах буолан дурдатыттан эрдэ тахсыбыт. Эмиэ, туһугар, көрүдьүөс киһи быһыылаах: «Күн үчүгэйдик уоттаныар диэри олорбутум буоллар, андыны «таһыйарым» хаалла…» – диир. Тахсан истэҕинэ, уонча, үөр лаппалла анды, оол курдук, олордубутунан хаалларбыт дулҕа манчыыктарыгар түһэн барбыттар. Манчыыгын эспэт эбит: күнүс оҕолор киирэн олороллор үһү. Ол дьоно күнүс мэнээк андыны бултааннар Дьөгүөр «кыра ыамайдарга» хотторон «кыһыйа-абара» сылдьарын туһунан кэпсиир: «Хата, дьонуҥ түүнү быһа утуйан оҥторо сытан баран, күнүс эйигиннээҕэр элбэҕи кыайаллар…» – диир уонна хас эмэ күнү быһа аанньа утуйбакка дьолточчу испит халтаһаларын ньуххаммахтыыр…

Сарсыарда түүн өртөөн аһаппыт аттарбытын ыҥыырдаталаан баран, үүннэрин кэтэрдибэккэ эрэ, чэйдиэхпитигэр диэри от быраҕан эбии хаптара түһээт, айаммытын салҕаатыбыт.

Аара, киэҥ алыылардаах от үрэхтэри туораталаатыбыт; биир алыыга эрбийэ, ньыыраайы талаҕы үссэнэ сылдьыбыт тыһы тайах биһигиттэн күрэнэн таллаҕар кулгаахтарын ньылатан, уһун аҕай унньулуспут атахтарын уунаҥната быраҕаттаан, хойуу ыарҕа быыһынан арҕаһа эрэ аҕыйахта көстөн сүгүллэҥнээн хаалбытын көрдүбүт…

Субан сүөһүбүт баар сиригэр, Чуочаалы күөлүгэр күн оройун саҕана тиийдибит…

Чуочаалыга бэйэтигэр киирбэтибит, тыа быыһынан ыраахтан сэндэҥэрэн көстөрүнэн да сылыктаатахха, киэҥ эбэ быһыылаах. Чуочаалы Бэрэтэ киһи кута-сүрэ тохтуох, ып-ыраас, үрдүк, киэҥ өтөхтөөх. Ампаардаах уонна туруорбах балаҕаннаах. Урут бу өтөххө Сымнаҕас Ыстапаан диэн киһи олорбут. Субан сүөһү иитиэхтээччилэр балаҕаҥҥа сыталлар.

Молотов холкуос киһитэ Быытаанабыс Баһылай утары тахсан биһигини көрүстэ. Дьиэҕэ бэйэтэ эрэ баар. Кыргыттар: Уйбааҥка кыыһа – Мэкчэкиирэбэ Настаа, Хабата кыыһа – Хапытыанаба Даарыйа, үөскэ, сүөһүлэригэр барбыттар…

Төргүүгэ түүрэ баанан кэлбит утуйар таҥастарбытын кыбынан киирэн адарай ороннорго быраҕаттаан баран, чэйдээтибит. Таһыттан да көрдөххө кырата суох балаҕан, искэ киирдэххэ өссө ордук киэҥҥэ дылы.

Аргыстарым андылыырдыы эҥин диэн кэлбит дьон быһыытынан бэрэмэдэйдээхтэр. Өйүөбүтүн таһааран, лэппиэскэ бысталаан, ирэ-хоро, саҥа-иҥэ буолан ньамалаһан аһаатыбыт. Ити ыккардыгар аны кыргыттар тахсаннар эбии күө-дьаа буола түстүбүт…

Үгэс быһыытынан, баччаларга «туран ииктиир» эрэ барыта анды күүтэн килээй ууну маныыллар. Ити сиэртэн арай Быытаанабыс Баһылай туораан, сааны төрүкү туппат киһи эбит, «куска өһүм суох» дии-дии күлэр. Сирэй оһох иннигэр состуокка олорон, дэриэбинэҕэ барбатаҕа ырааппыт киһи быһыытынан, тобугар тардан саҕаһа кыһан эрилитэ-эрилитэ, барыны-бары токкоолоһор.

Мин кыргыттары кытары сүөһү аһатыстым. Түөрт уонтан тахса субан. Төһө да күөх от лаппа бытыгыраатар син биир от тэлгэтэн биэрэбит.

Уолаттар икки күн андылаатылар.

Анды сөбүлээн түһэн, аараан ааһар күөлэ диэн туспа. Сорох күөлү үөл кус отой таппат. Чуочаалыны былыр-былыргыттан анды айанныыр «аартыга» диэн ааттыыллар. Чугас эргиннээҕи дьон саас аайы анаан-минээн үөл кустуу кэлэн хонон-өрөөн бараллар эбит. Аны, төһө да хойукку кус быһа ааспат сирэ буоллар, эбэ уутун билбэт дьон кураанах олорон, илии соттон да тахсыахтарын сөп. Анды – күөл чопчу хайа эрэ эҥээрин уутун сөбүлээн түһэр, туһугар, дьикти айылгылаах көтөр. Онон нэмин табан сылдьар, үөрүйэх дьон эрэ өлгөмнүк, хото бултуйалларын туһунан кэпсииллэр.

Чуочаалы Бэрэтэ – уһун ньолбуһах дьоҕус көлүйэ күөл, туоратынан доруоп саа быһа тэбэр, онон кусчуттар утарыта олорботтор. Улахан эбэлэри кытары от үрэҕинэн ситимнэһэр.

Мин сололоох киһи «бачча кэлэн баран көрүөххэ» диэн, кыргыттары кытары от үрэҕи далаһалаан тахсан, хойуу сэппэрээк, лабыкта быыһынан эрийэ-буруйа орҕочуйар ыллыгынан дэгэйэ хаамсан, Чуочаалы эбэ илин эҥээригэр киирэ сырыттым… Эбэ хаара ууллан бүтэн, дьэп-дьэҥкир килиэ мууһунан көтөҕүллэн, халлаан урсунун күөнүгэр түһэрэн күп-күөҕүнэн көрөн сытар. Өрө сүгүллүбүт муус субу-субу сур гынар, кырылыы, лыҥкыныы көөрөттө турар. Дөрүн-дөрүн тымныы аргыар салгын биллэн ааһар. Үрэх уута устан киирэр илин эҥээрин ырбыыта лаппа кэҥээбит. Күөл – тумуһахтардаах, кута кэлэн бүөлүү астаҕына туһунан көлүйэ кэриэтэ олорон хаалар култууктардаах.

Чуочаалы эбэҕэ үөл кус, чахчыта да сөбүлээн мустар эбит: сүүһүнэн үөрдээх умсаахтар атыырдара кынаттарын кыытта маҥан өрөҕөлөрүгэр кистии кумунан, көҕүллэрин атын аҕайдык өрө тэрбэтэн баран, бэйэ-бэйэлэригэр боотурҕаһан, «тыр-тырр… тыр-тырр…» тырдырҕаһа-тырдырҕаһа эрэһэ долгуҥҥа бигэтэн тэлбиҥнэһэ, бэйдэҥнэһэ усталлар… Күөл ырбыытыгар, үөскэ: лаппалла андылары кытары чуубурҕас саҥалаах буор атах андылар хараарсаллар. Ээбиллэлэр саҥа-иҥэ бөҕөтө буолан эбигирэһэ-эбигирэһэ куймуулаах кутуруктарын «соспутунан» ууну кырсынан, мууһу кыйа көтөн илигирэһэллэр…

Бэрт намыһаҕынан, от үрэҕи бата кэлбит туотаайылар – битиликтэрэ (сарыылара) силлибит тарбахтардаах тараадыйбыт уһун атахтарын сатамньыта суохтук сарапыай-ирипиэй тутта-тутта умсаахтар быыстарыгар түһэллэр…

Ыраах, күөл уҥуоргу ырбыытыгар, булгунньах өтөх анныгар, кубалар кылбаҥнаһаллар…

Кый үөһэ, халлаан бырдьыгынас былытын быыһынан ааһан иһэр андылар, сытыы харах муҥутаан, Чуочаалы эбэ андыларын таба көрөннөр, дохсун балаһа тыал эмискэ сирилэччи үрбүтүнүү, тыас-уус бөҕөтө буолан, холорук ытыйан эрэринии куугунуу ыһыллан, кынаттарын ыһыктынан баран, турбутунан, үрдүк мэҥэ халлаантан көбүс-көнөтүк тараадыйан түһэллэр. Ол сурулаан иһэннэр туораахтана ыһыллан хаста да төхтүрүйэн, биир сиргэ элиэтии эргийэллэр…

Ньукулай Сиидэрэбис – Чуочаалыга бэйэтигэр, Микииппэрдээх Сүөдэр буоллаҕына – Бэрэҕэ, көлүйэҕэ бэлэм дурдалар баалларыгар олордулар. Хаҕын уолаттара андылыы сытан баран дэриэбинэлээбиттэр. Онон, хата, кинилэр кэлиэхтэригэр диэри бэлэм манчыыктанан, тыыланан хааллылар. Уолаттар куска табыллыахпыт диэн, сиэри-туому тутуһан, талаҕы хайа анньан сиэл кыбытан баран, көлүйэ кытыытыгар ууга, дурдаларын икки өттүгэр анньаллар…

Чуочаалы Бэрэтэ дьоҕус көлүйэ күөл эрээри, тугун сөбүлээн эбитэ буолла, баҕар, кыампарата (этэҕэтэ) бэрдин иһин буолуо – анды күнүстэри-түүннэри кэлэн сапта түһэ сытар көлүйэтэ буолан биэрдэ. Дэлэҕэ да, Балаҕаччыттан, Хаҕынтан кытта, көлүйэни аат ааттаан, анаан-минээн, сорук оҥостон андылыы кэлиэхтэрэ дуо.

Балаҕан иһигэр олордоххо, Микииппэрдээх сааларын тыаһа субу сатарыыр. Арыт-ардыгар, утуу-субуу хастыыта да субуруталаан ылаллар. Таска сылдьан көрдөххө уолаттар дурдаларын иһигэр, оол курдук, төбөлөрө лэкээриҥниир.

Үөл кус түркүннээн айанныыр кэмигэр, күнүстэри тоҕо анньан ааһар. Микииппэр тахсан «нук» гына түһэр кэмигэр – Сүөдэр киирэн олорор; Сүөдэр тахсан утуйа түһэн ылар кэмигэр – аны, Микииппэр киирэр. Солбуһаллар.

Кэлбиппит иккис күнүгэр, үөл кус ордук хото билиннэ. Чуочаалыга уонна сис тыа нөҥүө баар Таалааны эбэҕэ саа тыаһа элбээтэ. Биир үүккэ харса суох, күлүмэхтик ыталлара иһиллэр. Хастыы да буолан кыттыһан олорор дьон быһыылаах…

Өтөххө сээкэйи гына сырыттахпытына Сүөдэр далбаатыыр:

– Кыргыттаа-ар! Чаайда аҕалыҥ эрэ! – диэн үөгүлүүр. Биһиги сибилигин оргуйбут, саһарчы барбыт хойуу чэйдээх хочулуоҕу кылдьыытыттан тутан тэйбэҥнэппитинэн үөскэ сүүрэбит. Дурдаҕа анды манаһа түһэн ылар баҕаттан, этэрбэстэрбитин устан баран, сааскы муустаах уу тымныытыттан чаҕыйбакка, сотобут ортотунан, сорох сиринэн тобукпутунан да дириҥнээх ходуһа уутун кэһэн чоллурҕатан киирэн, күө-дьаа кэпсэтэ-кэпсэтэ олоробут…

Уонтан тахсалыы, үөр анды үрэҕи бата кэлэн, манчыыктарга саантаан, тыас-уус бөҕөтө буолан сирдьигинэһэн, көлүйэни хаста эмэтэ эргийэн баран, тахсан хаалаллар. Халыҥ үөр анды, тоҕо эрэ, дөбөҥнүк түһэ охсон биэрбэт. Түһүөхтэрэ диэн хаптайыахпытынан-хаптайан, дурдабыт түгэҕэр кирийэбит, сытыы кынаттар салгыны хайытар куугунас тыастара отой субу үрдүбүтүгэр ньириһийэр, онтон ылы-чып буола түһэр, өндөйөн көрбүппүт – андылар хайыы-сахха үрдүү охсон, оол курдук, от үрэх устун киэҥ эбэ диэки хараара көтөн туораахтанан ырааппыт буолаллар… Сүөдэр кыһыйан сиргэ силлиир… Дьикти – улахан үөр, тоҕо эрэ, түспэт. Ол иһин уолаттар кэлин, албыннатар буолан, саа тэбиитигэр киирэн элиэтии эргийдилэр да ытан хаалаллар. Табылыннаҕына, хоһулаттахтарына, биир ытыыга, хастыы да төбөтүн оройунан хойуостар… Дьэ, ол оннугар – икки, үс эбэтэр биирдиилээн кэрэх (доҕоро суох соҕотох хаалбыт кус) андылар кэллилэр да, үгүс элбэх дархаһыйыыта суох манчыыкка түһүнэн кэбиһэллэр…

Оо, анды көтөр көрүөххэ астыга бөҕөтө: түүтэ-өҥө сыанан-арыынан аҕаабыкка дылы килбэчийэн эчи ырааһын, чэнчиһин. Хоҥсоҕордоох тумустаах лаппалла андылар кып-кыһыл атахтара сарайбытынан, кынаттарын дьэргэтэ кылбайбытынан, үрүҥ харахтара чоҕулуһан, «тах-тах-тах… чах-чах чах…» саҥарса-саҥарса дьэҥкир ууну хайа тыыран чыһыырдан, отой субу, «муннубут анныгар» түһэллэр…

Сүөдэрдээх манчыыкка түспүт андылары, ууттан дагдайан өрө көппүттэрин кэннэ, холбоон баран биирдэ эрэ ыталлар. Атыыр анды тыһытын ыллардар эрэ – барбат, бэл көппөт даҕаны, түспүт сиригэр тула-мала көрүөлэнэ-көрүөлэнэ эргичийэ олорор… Хата ол оннугар тыһыбыт сүнньэ көнө буолар… Ити эмиэ бэйэтэ туспа дьиктилээх, айылҕа барахсан анаан оннук айар эбит – тыһытын ордорон сымыыт баттатан көтөрүн элбэтээри. Тыһы көтөр атыырыгар тардыстыбат кистэлэҥэ онно сытар. Өскөтүн атыырын курдук түспүт сиригэр хараҕаланан олороро, эбэтэр доҕоругар тардыстан арахпакка чугаһынан эргийэ көтө сылдьара эбитэ буоллар – күөс иһитигэр киирэрэ чуолкай. Хайа баҕарар кус тыһыта, көр, оннук. Ийэ айылҕа, эмиэ да эҥинэ айылгылаан айар-тутар диэтэҕиҥ, бэл көтөрүн-сүүрэрин быһыытын ымпыгар-чымпыгар тиийэ уустуктаан-ураннаан…

Кураанах кус түстэҕинэ уолаттар ыппаттар, «һууһаа» саҥарсан, далбаатаһан үргүтэн көтүтэн кэбиһэллэр. Анды ытыатын түркүнүгэр, кураанах кус сымыыт баттаан ырааппыт кэмэ.

Үөл кус арааһа элбэх. Ардыгар, иһиирэн эрэргэ дылы салгыны хайытар тыас иһиллээтин – орулуостар кынаттарын быластыы туттубутунан манчыыкка кэлэн түһэллэр. Орулуос кус эрэ – чыпчаххайынан салгыны куһуйан эрэрдии сытыы тыастаах кынаттаах көтөр. Атыырын иэдэһэ маҥан өҥнөөх төгүрүк ойуулаах, көрөргө дьэрэлийэн үчүгэйэ бөҕөтө. Тыһыта атыырыгар холоотоххо, отой, холооно суох кыра. Ол эмиэ бэйэтэ туспа төрүөттээх. Орулуос – мас кумалааныгар уйа туттан сымыыттыыр көтөр. Сымыыты тыһыта баттыыр, ол иһин айылҕа ийэ орулуоһу, мас көҥдөйүгэр киирэригэр-тахсарыгар эрэйдэммэтин диэн, сутурук эрэ саҕа гына айбыт.

Умсаахтар көлүйэҕэ иккилии, үстүү буолан кэлэн мэнээк түһэллэр.

Микииппэрдээх, Ньукулай Сиидэрэбистэрин кытта, үс хонукка олорон, биирдии бэйэлэрэ сүүрбэччэлии андыланнылар, кыра үөл куһу да баһаан бултаатылар. Элбэх булт тииһимньилээх, биһиги да маппатыбыт, ирээттээн үллэрдилэр, онон бары да төргүү сүөрэрдээх төнүннүбүт…

* * *

Чуочаалы Бэрэтиттэн сүөһүбүтүн үүрэн, ньуу-ньаа буолан, син биир Хаҕыҥҥа хонобут диэн, уонна уолаттарбыт куска олорбут дьон утуйа эҥиннии түһэн – күн ортото хоҥуннубут.

Былата суох, дьэргэлгэннээх куйаас. Сахсырҕалар кус үргээбит сирбитигэр биир кэм сааҕынаһа көтөллөрө – сыралҕан куйааһы эбии күөртээн биэрэргэ дылы. Бырдах хойуутук түһэн эрэр…

Алта буолан биирдии аттаах «һат-һай» ыһыытаһан Чуочаалы эбэҕэ киирдибит. Мин, инники соҕус, сүөһүлэрбин ойоҕолуу иһэбин…

Арай, күөлтэн тыа диэки, хордоҕойго субуллубут муҥур култуук кэллэ… Сүөдэрдээх: «…Кээл-кээл-кээл!..» – дэһэ-дэһэ сайыыны эргийэ барбыт саҥалара иһиллэр, бэйэлэрэ – талаҕа, үөтэ хойуута бэрдиттэн көстүбэттэр. Ыллык суол – сайыыны быһан уҥуор орҕочуйар. Иннибитигэр куота барбыт икки борооску, мин көрдөхпүнэ, култуук уутун кэһэн тахсан, уҥуор тураллар. Күп-күөх, саҥа өнөрдөөн бытыгыраан эрэр сүмэһинээх сымнаҕас оту тутур-татыр быһыта тыытан ылан сиэн айахтара ньамаҥныыр. «Бай, тоҕо эмиэ итиннэ тахсан хаалбыт бэйэлэрэй, аны атыттар итилэри батыһан атын сиринэн иэҕиллэн ыһыллан хаалыахтара…» – диэх курдук санаан, борооскулары төттөрү бэттэх үүрэн, кытылы бата илдьэн суолга киллэрэр санаалаах, хата, тоҕо эрэ, аппыттан түһэн баран, култуук уутугар киирдим. Бу кэмҥэ кэннибиттэн испит сүөһүлэр отой субу ынан кэллилэр, хайа эрэ оҕус мөҥүрүү-мөҥүрүү муоһунан силбиэтэнэн сырсыакалаһаллар эҥин…

Чугас, Уйбааҥка Настаата: «Сүөһүлэр тиэрэ сиринэн бараары гыннылаа-ар!..» – диир саҥата иһилиннэ…

Мин ыксал бөҕөнөн, дьара быһыылаах дии санаан, харса суох уҥуор туораан иһэн, дьэ эбэтээ, эмискэ биирдэ, атаҕым тургуйбат дириҥэр, сайыыга ньимис гынан хааллым… Халлаан оройугар өрө тэмтэйбит күнүм уота, ханна эрэ ыраах, кытар-кытар гынан ыларга дылы гынна… Төрүкү харбаабат киһи таастыы тимирэн иһэн, тыын былдьаһыгар, харса суох таймаҥнаан өрө көптүм, атаҕым сири булбат… Тыбыс тымныы сааскы муустаах ууга булдьугуруу-булдьугуруу булумахтанным, хаһыытыы сатыыбын да саҥам испиттэн кыайан тахсыбат… Аны туран сүөһүлэрим, маҥнай биир-биир, онтон бары туох да иэмэ-дьаама суох, уҥуор турар борооскулары көрөн туораан тахсаары, ууга күр-бар гына түһүтэлээтилэр да, ойоҕосторунан иттэннэри түһэ-түһэ, эрчимнээхтик тэбинэн харбаабытынан бардылар. Сорох сүөһүнү сүөһү кэйэн орулатан, ыксатан, үрүт-үрдүлэригэр ыттыһа-ыттыһа булумахтастылар… Бэйэм субу тимирээри нэһиилэ таймаҥныы сылдьар киһини, үрдүбүнэн ааһыах курдуктар, хаста да көхсүбүттэн тэбинэн ыарыылаахтык хаһыйбахтаатылар; муос муоска охсуллар тыаһа лаһыргыыр; кытыыга турар сорох борооскулар чүөмпэҕэ кииримээри маҥыраһар саҥалара, ууга чомпооттонуу, ыһыы-хаһыы – аймалҕан… Хаста да, ойоҕоспунан харбаан, көбөн көппөйөн ааһан иһэр борооскулар арҕастарыттан тутуһан өрө сүгүллэн ыллым… Уйбааҥка Настаата – мин уу үрдүгэр күөрэйэ-күөрэйэ тимирэрбин көрөн, уолуйан хаалан, хайыан да булбакка, кытылы кыйа төттөрү-таары сүүрэкэлии-сүүрэкэлии:

– Өллө!!! Өллө!!! Өллө дии!!! Өллө буолбат дуо!!! – дии-дии, өмүрэх эмээхсиннии өрүтэ ыстана-ыстана, биир кэм хаһыытыыра иһиллэр…

Сүөһүлэр харса суох хаһыйан, отой үрдүбүнэн, тумнары баттыах айылаах күөннэринэн сынан, үтүрүйэн ааһаллар; туйахтарынан үктэнэн, таарыйан ылаллар…

Ити ыккардыгар уолаттар кэллилэр быһыылаах, кыргыттары кытары сүөһүлэри суолтан туора үүрэн таһаараары омуннаахтык далбаатаналлар…

…Ньукулай Сиидэрэбис харса суох ууга ыстанан харбаан киирэн миигин баттахпыттан бобо тутан ылла да, төттөрү кытыыга дьулуста… Сайыыга түспүт сүөһүлэр түөрэ уҥуор таҕыстылар, онон хата харбыырыгар харгыһы көрсүбэтэ… Кытыыга чугаһаабыппытыгар, кыргыттар уһун үөл талаҕы быһан ууммуттарын Ньукулай тутан ылаатын, бары көмөлөөн биһигини бэрт чэпчэкитик кытылга ньылбы соһон таһаардылар…

…Төһө да ити айылаах булумахтаннарбын ууну улаханнык эҕирийбэтэхпин, хата Ньукулай соһон истэҕинэ чачайан, кэҥсикпэр барбыт ууну сөтөллөн, ытырдан таһааран кэбистим…

Доҕотторум ыксаабыттар ахан, Ньукулай аҕылаан биир кэм эппэҥниир, «һуу-һаа» диэмэхтиир, буолумуна, итиччэлээх дириҥ сайыыттан бүтүн киһини хара күүһүнэн соһон харбаан таҕыстаҕа… Кыайан көппөт дьону ууттан өрүһүйэр, туһугар, сэрэхтээх: өйүн сүтэрэ сыһыар диэри өлө куттаммыт киһи, быыһыы киирээччини бэйэтин ууга тимирдиэн сөп. Хайа да улахан ыксаллаах түгэҥҥэ, өйү-санааны ыһыктыбакка сөптөөх санааны, дьаһалы ыллаххына эрэ этэҥҥэ хаалаҕын, тыыннаах ордоҕун.

– Хайа, Аана, ууну истиҥ дуо?..

– Умсары сытан өҕүй!..

– Таҥаскын ыгыахха, ыччака да, аны тымныйан, сыыстаран ыалдьыаҥ, – кыргыттар тула-мала көтөн, хайдах да буолуохтарын булбаттар.

Ньукулай Сиидэрэбис, төҥүргэс үөһэ олорон, сэриигэ сылдьан хаҥас илиитин ортоку тарбаҕын төбө сүһүөҕүнэн быһа ыттаран, мүлтүйэн хаалбыт тарбахтаах ытыһынан, сүүһүгэр сабырыччы түспүт баттаҕын көннөстө-көннөстө:

– Дьиэ чугас дии, онно тахсан ыктан, куурдунан баран барбаккын дуо? – диир.

– Хата, инньэ гыныахха, – Настаа Ньукулай тылын иилэ хабан ылар.

– Ээ, суох, тугун эмиэ төннөн… сыҥааҕа ыпсыбат буола титирээбит, бабыгыраабыт киһи баарбыный, – ынах этэрбэстэрбин ньылбырыта тыытан таҥнары тутан ууларын сүөкүүбүн; онньуускаларбын, кэтиинчэлэрбин устан ыгаттаан, уула сытыйбыт от угунньаларбын быраҕаттаан баран, кураанах дулҕа сиэлин үргээн саҥа угунньа уктабын. – Эһиги бара туруҥ, уҥуор тахсыбыт сүөһүлэргитин бөрөйтөөҥ, аны эбэни кыйа барыахтара, өссө ырааттылар да ини…

Уолаттар өс хоту, босхо ыыталаабыт аттарыгар бардылар. Киһи ууга түһэн эрэр сураҕын истэн, бэл тэһииннэрин да устубатахтар. Сылгылар саҥа быкпыт сөлөгөйдөөх күөх оту үссэнэн, ырааппакка аһыы сылдьаллар…

Хойуу талах, үөт иһигэр киирэн таҥаспын сыгынньахтанан ыгынным. Настаа миэхэ көмөлөстө: халтаҥ соммун икки өттүттэн тутан, төбөбүт үрдүнэн хойуостаҥнатан аҕалан эргийэ-эргийэ кыычыгыратабыт, ол туран, ааһыах-ааспытын кэннэ, бэйэ-бэйэбитин көрсө-көрсө күлэн ыгыстабыт… Буолумуна, эрчимнээх эдэр дьон быстах быһылааны мүччү түстүбүт да эйэргэһэн, күлэн-оонньоон барбакка…

– Өллө дии!.. Өллө дии!.. – Настаа саҥатын үтүктэ-үтүктэ, тоҕо эрэ, ис-испиттэн иэйэн, мэктиэтигэр тобуктуу кэлэн түһэ-түһэ иэрийэбин…

– Уу баҕайы… чэ эн да ууга таймаҥныы сылдьаргар атын сирэй-харах этиҥ… Уус баара… Уһааран эр… – Настаа уоһун үмүрүтэн мүчүҥнүү-мүчүҥнүү кынчарыйар, ыга турбут инчэҕэй куоптатынан сыгынньах санныбын охсон топ гыннарар…

Талахха баайбыт аттарбыт холуннарын чиҥэтээт, үрдүлэригэр тэп гына түһээт, сайыыны батан, дьоммут һаттаан-һайдаан ньамалаһар саҥаларын хоту сиэллэрэбит…

Күннэтэ – киһини «түөрт уон түөрт оһол» күүтэр, тоһуйар дииллэр. Олортон биирин мүччү түһэн этэҥҥэ хааллахпыт ити…

Айан суолугар сүөһүлэрбит хайысхаларын көнөтүк туппуттарын кэннэ ыксаабакка, тиэтэйбэккэ хаамтардыбыт. Быытаанабыс Баһылай инникилээн субаннары батыһыннаран: «Кээ-кээ-кээ!..» – диир саҥата иһиллэр; бэйэтэ, от-мас быыһынан эрийэ-буруйа субуллар суол көнө түһэн ылар кэмигэр эрэ, элэкис көстө түһэн ааһар.

Төһө да, Микииппэр төргүүгэ баана сылдьыбыт кураанах халтаҥ сонун кэттэрбин, муустаах ууга чомполоммут киһи быһыытынан эмискэ-эмискэ дьигиһийтэлээн ылабын. Ону көрөн дьонум: «Хаҕыҥҥа тиийэн үчүгэйдик итин, куурдун, хата, сүөһүлэр далларын бэлэмнээр…» – диэн соруйбуттарыгар, аппын сыыдам соҕустук тарайа сэлиинэн түһэрэн кэбистим. Күнүс күн уотун сыралҕана күүһүрэн эбии сылыйбыт эрээри, таҥаһым сонно тута куура охсон биэрбэт, эбиитин дөрүн-дөрүн күүһүрэн кэлэр курас тыаллаах. Куһаҕан эмиэ үчүгэйдээх диэбиккэ дылы онон хата бырдаҕын дьайҕардар…

Хаҕыҥҥа кэлбиппэр Дьабараах кыргыттара ырбаахы, ыстаан биэрбиттэрин кэтэн баран, таҥаспын таска ыйаан үчүгэйдик кууртум, онтон далга от тэлгэтэн бэлэмнээтим, бүтэй ааннарын сүрдьүгэстэрин сулбурута тыытан аһаттаатым. Уруккуттан сылгы үүрэн аҕалан хаайар бүтэйдэрэ эбит, хааччахтара икки өттүнэн ыраахха диэри барар кынаттардаах. От сүгэ-сүгэ сүүрэрбэр, барарбар-кэлэрбэр букатын да ис-испиттэн итийэн устунан тиритэн кэллим…

Сарсыныгар, Хаҕынтан бэрт эрдэ хоҥнон, аара хаста да чэйдээн, киэһэ хонукпутугар сөпкө соҕус, сүөһүлэрбитин үүрэн Арыылаах эбэҕэ киллэрдибит…

* * *

Окко диэри Баһылайдаах дьиэлэрин холлоҕоһун бүтэрэн кэбистилэр.

Куорат киһитэ Оһохчут Кууһума – Хаала кыыһа Балбаара диэн биһиги холкуоспут кыыһын ойох ылан, быйыл саас Айдаҥҥа олохсуйардыы оҥостон тахсан, хоп курдук, дьаһамыр балаҕан тутта охсон киирэн хааллылар. Оһоҕо – биллэн турар, үчүгэйкээн тутуулаах кирпииччэ оһох. Онтутун, эбиитин, сиэрин ситэрэн, иэдэһин куоһахтыы хаһан баран, төгүрүк сиэркилэни сыбаан туттаран кэбиспитэ ордук эбии тупсаҕайдык көстөр. Биһиэхэ, урут итинниги харахтаабатах дьоҥҥо, туһугар, улахан сонун: «Кууһумалаах оһохторо сиэркилэлээх үһү…» – диэн кэпсэл Айдаҥ ыалларын сонно тилийэ көттө. Ыал эрэ барыта саҥа, сонун оһохтонуохтарын баҕараллар. Кыахтаахтара, кыһын куораттан чугуун билиидэ, сабыы, аан аҕалтаран уурунан тураллар.

Нууча оһоҕо тордуохтаах тимир күрүүкэлээх, онон киһи илиитэ хоруо буолбат. Сирэй оһох үөттүрэҕэ – төрдө, төбөтө суох. «Аҥаар өттүнэн булкуйуҥ…» – диэн буолар даҕаны, икки өттүнэн булкуллан хара хоруо буолан мултулла сытара эрэ баар буолар.

Оһохчут Кууһума сүбэтинэн, ыйыытынан-кэрдиитинэн, саҥа дьиэ туттар дьон кирпииччэ үктэннилэр. Биһиги эмиэ ол үлэттэн маппатыбыт. Хата, өтөхпүт сирэ эмиэ да туойдаах, эмиэ да кумахтаах, онон бэрт табыгастаах буолан биэрдэ. Хаптаһын хайыҥнаах буор эллиир уҥучахпытын, киэппитин, алаҥаабытын, быраабайбытын, таптыахайбытын – барытын, Кууһума киэнигэр үтүгүннэрэн, уус дьон Баһылайдаах бэйэлэрэ оҥордулар.

Кирпииччэ үктээһинэ туһугар эмиэ элбэх эридьиэстэрдээх, туспа улахан сатабылы, үөрүйэҕи эрэйэр үлэ эбит. Киһи сототун ортотунан дириҥнээх уҥучахпытыгар, маҥнай күөлтэн солуурунан уу баһан таһааран кутабыт: уон солуур ыраас туойга – алта солуур кумах булкуйуллар. Ыстааммытын ньилбэкпитигэр диэри тиэринэн баран, солуурга аҕалбыт кумахпытын, туойбутун сэмээр иҥнэрэн сыыйа-баайа кутан тарҕатан, харса суох тэпсэбит. Маҥнай убаҕас бадараан кэриэтэ дьалкыҥныы сыппыт буорбут улам-улам хойуннар-хойдон, үктэнэн, эллэнэн сөпсөһөрүн саҕана, киһи атаҕар биһиллибэт, сыстыбат буолар, лэппиэскэ чиэстэтинии илиигинэн таах мэкэчиҥнэтэҕин; биир тэҥ гына үчүгэйдик тэпсиллиэхтээх, онон-манан хомуоктамматаҕына сатанар. Кыайан үктэммэккэ кумах быыстаннаҕына, кирпииччэҥ хатарыгар ол арыттаммыт сиринэн хайа баран быстан хаалар. Кууһума: «Буоргут састаабын кыайа тутаргыт наада», – диир. Маҥнай утаа дэмин билбэккэ бадьыыһыра сырыттыбыт. Туой барыта ыраас буолбат, араас кыбытыга элбэх, ардыгар тураҥ да булкаастанар эҥинниир. Ол эрээри, киһи дьаныһан, сорук оҥостон ылыста, ылахтаста да, хайа баҕарар үлэни син биир сатыыр: албаһын, кистэлэҥин билэр.

Бурдук ыһыллан бүтүөҕүттэн окко киириэххэ диэри арыый да иллэҥ соҕус кэм буолуохтаах этэ эрээри, холкуос күн эгэлгэ араас быстах үлэтэ хаһан үмүрүйэн биэрбитэ баарай, онон кирпииччэбитин киэһэ, сололоннохпутуна үктүүбүт; сороҕор, кэлэ-бара дьаһайа-тута сылдьабыт.

Уҥучахха тэпсиллэн эллэммит, сөп буолбут буорбутун күрдьэҕинэн эһэн балбаахтыыбыт. Онтон биир киһи оҥостон олорон мэһиллибит буортан сөп соҕус гына хайа анньан быһан ыла-ыла, ытыһыгар хатайдыы, мэкэчиҥнэтэ түһэ-түһэ, икки айахтаах киэпкэ иккиэннэригэр эр-биир лабыгыр гына быраҕаттыыр, муннуктарын лигийэн биэрэн чиҥэтэр уонна алаҥаанан усталыы тардан киэп айаҕар кыһайан дэхсилээн быһар, быһыллыбыт ордугун тиэрэн ылан балбаахтаах буоругар холбуур. Үөрүйэх киһи алаҥаанан быспыт буорун – киэби иҥнэс гыннаран түһэрэр. Хас да буолан солбуһа сылдьан, сыыһа суох анал кутуллубут ыраас чыыкыр кумах үөһэ илдьэммит, киэппит түгэҕинэн соскойдоон сирин дэхсилээн, көннөрөн баран, эмискэ эргитэн кэбиһэбит, сэмээр сыыйа өрө тардан ылабыт: игирэ оҕолор курдук эриэ дэхси кирпииччэлэр кумахха олорон хаалаллар. Туһугар, ордук оҕо дьоҥҥо, умсугутуулаах, астык үлэ – киһи эрэ кирпииччэ түһэрэ сылдьыах курдук…

Киэптэрбит буор-сыыс сыстан киртийээри гыннахтарына атыйахтаах ууга уган, муннуктарын мас сыыһынан кыһыйан ыраастыы-ыраастыы кичэйэн сууйабыт. Хас кирпииччэ түһэрдэҕиҥ аайы киэбиҥ уйаларыгар кумах кутан эргитэ сылдьан сайгыыгын: алҕас умнан кэбиһэн кумахтаабатаххына – буоруҥ сыстан хаалан түспэт. Сорох дьон ону билбэккэ, маҥнай утаа, бадьыыһыраллар.

Эллэммит буор дэмэ табыллыбакка убаатаҕына, киэпкин саҥа эргитэн эрдэххинэ ньолҕос гынан хаалан, кирпииччэ моһуона алдьанан үлэҥ атахтанар.

Хас биэс киэби аҕалан түһэрдэхпит аайы – хатырык ууран бэлиэтиибит, ол аата – уон кирпииччэ. Маннык албас, ньыма: бу күн бачча түстэ, ити күн оччо буолла диэн, түмүгэр, төһө кирпииччэлэммиппитин билэрбитигэр табыгастаах.

Куйаас күннэр турдахтарына үлэ түргэтиир: сарсыарда түһэрбит кирпииччэбитин киэһэлик эргитэбит, түгэҕэр сыстыбыт буорун-сыыһын сото-сото ойоҕоһунан кэккэлэтэбит. Нөҥүө күнүгэр, эбэтэр икки хоннорон баран, үрүт-үөһэ, салгын оонньуурун курдук атырыа гына уурталаан туспа мунньабыт.

Оҕолор урут харахтаабатах сонун үлэлэрин бэркэ дьиктиргээн, батыһа сылдьан сүрдээҕин болҕойон көрөллөр-истэллэр. Ыамайдар си-дьүгээр таах сылдьыбаттар: харааннаан бырдах хойдон түптэлииллэр, хаппыт кирпииччэ тасыһан көмөлөһөллөр. Ардыгар, тохтообокко биир кэм үлтү хаайан, кирпииччэ түһэрэллэр да, үксүгэр, сатаабакка, үрүт-үөһэ баттаһыннаран эҥиннээн кэбиһэн, Огдооччуйа этэринии «бырааптара быстар».

Баһыычааннаах сүрүн үлэлэрэ – саҥа түспүт инчэҕэй кирпииччэни манааһын. Туох да хааччах суох, онон сороҕор ыт-кус кэлэн үлтү тэпсэн лэбэрэйдиир; ардыгар, сир баранан, борооскулар харсыһар, сылгылар аалыҥнаһар сирдэрэ – биһиги кирпииччэ үктүүр сирбит буолар. Онон оҕолор – улахан туһа дьоно.

Баһыычаан, Чоойун, Маарыйа, Биэрэ – куруук бииргэ доҕордоһон сылдьаллар. Туой дэлэй сирэ буолан арааһы бары мэһийэллэр, быыра оҥостон быраҕаттыыллар. Биһиги суохпутуна сирэй оһох оҕото сыбаан – киһиргэһи, амынньыары хаалаан оттубуттара тутуллан мөҕүллэн да ылаллар. Туойунан күтүр улахан мэлииһэ оҥостон, чабычахха от сыатын хаалаан аҕалан «бурдук» да тардан кыыкырдаталлар; араас оҕус, ынах оҥостон харсыһыннараллар; кус-хаас эгэлгэтин кэккэлэтэллэр; иһит-хомуос чочунан ыаллаах оонньоон «аһыыллар-сииллэр»…

Мин киэппин кумахтаан баран, мас сыыһын төбөтүнэн сииктээх киэп түгэҕэр «А, О, У… 1, 2, 3…» диэн буукуба, сыыппара суруйабын, эбэтэр тугу эмит ойуулуубун, онтукайым кирпииччэбин түһэрдэхпинэ бэйэтэ-бэйэтинэн, бэчээт кэриэтэ дьэрэлийэн хаалар. Ону Биэрэ батыһа сылдьан кыҥнаҥныы-кыҥнаҥныы сөбүлээн көрөр. Оскуолаҕа киирэ илик кыра ыамайдар тооторуһан кэллэхтэринэ, Биэрэ – биир кылаас үөрэхтээх киһи быһыытынан: «Бу – А, бу – Т, бу – Ү, бу – биир, бу – үс…» – диэн атын аҕайдык дьоһумсуйан, ынах этэрбэһин тумса өрө хантайан туран «учууталлыыр». Онтон сотору соҕус: «Чэ эрэ, ханнык буукуба диэбиппиний, этиҥ эрэ?» – диир. Ыамайдар, үксүгэр, кэтэхтэрин тарбаналлар, турулус-ирилис, элээр-мэлээр көрөллөр, саҥа-иҥэ мэлийэр, ол аайы Биэрэ үөрэҕи дэбигис ылына охсон биэрбэт оҕолору «мөҕөттүүр», кэлэйэн чыпчырынар, баһын быһа илгистэр.

Чомпойдор – Чоойуннаах Маарыйа кыыс аҕылаһан-мэҥилэһэн оонньуу эбэтэр сорукка киирэн кэллэхтэринэ – Лэгэй муҥнаах суоҕа – куту-сүрү кутугуната хамсатан курус аҕай куһаа-харык туругу үөскэтэр. Лэгэй эрэйдээх баара буоллар, дэлэҕэ да хаалсыа этэ дуо, үгэстэринэн куота көппүт убайын ааҕы сырсан, дайбаннаҕым ырата буолан тоҥонохторун сыыһын такытан түргэн-түргэнник ойоҕосторун сууралана-сууралана, сүүрэн ибигириэ этэ. «Күүтүҥ!.. Күүтүҥ!.. Миигин хаалларымаҥҥытыый!.. Күүтүҥҥүтүүй!.. Эдьиэ-эй!.. Убаа-ай!.. Ыа-дьэ… Ыа-дьа…» – дии-дии, ытаары уоһа сөллөйө-сөллөйө, Маарыйалаах Чоойун кэннилэриттэн хайаан да, саппай уопсан, улахан киһилии оттомноох сирэйин ооккотун аһыы баҕайытык туттан, тыын быһаҕаһа тыынан кэлиэхтээҕэ… Дьиэҕэ киирээт да, били, уорастыйбыт, бурулуйбут дьүһүнэ сүтэн, атын аҕайдык энньэс гынан мичээрдээн мыттыйыа этэ… Лэгэй барахсан…

Биир оһоххо – тыһыынча кирпииччэ холкутук тиийэр: үктээн бүтэрэн баран, кырыһа тиэриллибит кумах сиргэ үрүт-үөһэ кыстаан, мунньан – Кууһума дьаһалынан, кини көрөн-истэн, ыйан-кэрдэн биэриитинэн, сиикэй кирпииччэбитин уматабыт. Уматылыннаҕына – буһан кытарар, эбии чиҥиир, кырылыы, лыҥкыныы сылдьар буолар, бэл ардах да түспүтүн иһин суурайбат…

* * *

От үлэтэ – саха киһитин сүрүн үлэтэ. Төһө от оттоммута уонна от ходуһаттан төһө сөлөгөйдөөх хомуллубута быһаарар – холкуос сүөһүтэ хайдах-туох туруктаах урааннаах уһун кыһыны туоруоҕун, төрүөх төһө эбиллиэҕин, устунан хас биирдии киһи сыл түмүгэр үллэстэр дохуота төһө буолуоҕун.

Икки сайын Муосталаахха балык биригээдэтигэр үлэлээн баран, уот быһылаана буолбутун нөҥүө сылыгар, ахтылҕаннаах отум үлэтигэр дьэ төнүннүм. Маҥнай, уонтан тахса хонукка Арыылаахха илиинэн оттоон баран, Өҥсөөччү эбэ эриэ-дэхси, киэҥ, үүнүүлээх ходуһатыгар киирдибит. Киирдибит да диэн, миигин бэйэбин эрэ, хонуу биригэдьиирэ Буолкап Микииппэр от мунньар массыынаҕа үлэлэтээри ыҥыран ылла.

Олох сайдан: охсор, мунньар массыыналар кэлэннэр күүс үлэтин лаппа чэпчэттилэр. Саҥа кэлбит тэриллэри сонурҕааһын бөҕөтө, сөҕүү-махтайыы, көрүү-истии: тула хаама сылдьан туппахтааһын, эргийэ көтө сылдьан имэрийии… Икки атахтаах обургу өркөн өйө тугу-тугу сатаабатаҕа, айбатаҕа-туппатаҕа баарай…

Балаҕаччыга, «Калинин» холкуоска, тыа хаһаайыстыбатын массыыналара эрдэ кэлэннэр, сорохтор, кэм билэллэр: биһиги холкуостан өссө оҕустаран, мустаран көрө сылдьыбыттар да бааллар.

Бастаан утаа эрэ дьик-дьах туттан баран, кэлин үөрэнэн холкуос отчуттара аны массыыната суох сатаныа да суох курдукпут. Мэктиэтигэр, урут хайдах маннык үтүө сэптэрэ суох сылдьыбыппытый дэһэбит. Оҕус сиэтэр оҕолор ходуһаҕа киирэн: охсор, мустарар дьону сүрдээҕин дьиктиргээн, батыһа сылдьан көрөллөр; омурҕаҥҥа аттар булгутуллубуттарын кэннэ, былдьаһа-тарыһа хардары-таары массыыналарга ыттан, тэһитэ кэйиллибит үүттээх тимир олоппосторго олорон, кинилэр эмиэ «үлэ үөһүгэр түһэллэр»…

Ходуһаҕа хасыылка тарылыы тыаһыыра, холкуос ырыа-тойук аргыстаах эдэр да, эмэн да отчуттара күлсэн-салсан күйгүөрсэр саҥалара – оо, ама туохха ситэри тэҥнэнэн хоһуйуллуо баарай… Көхтөөх, күүрээннээх, күргүөмнээх – от үлэтэ барахсан…

Үлэҕэ үлүһүйэн, эбэтэр ардах түһэр сибикитэ билиннэҕинэ, ходуһаттан олох хойут, иккис туман түһүүтэ биирдэ тахсабыт…

Өҥсөөччү эбэ өҥ буордаах өнөрдөөн үүммүт таала ходуһатыгар хасыылканан от оҕустарааччыбыт – Уйбаан Пуомус диэн биһигини саҥа тиэхиньикэҕэ үөрэтээри «атастаһыкка кэлбит» Балаҕаччы киһитэ.

Арыылаах эбэ оттонор ходуһата хаһырыа-хаһырыа онон-манан оҥолох-чоҥолох сытар элбэх көрдүгэттэрдээх, көлүйэлэрдээх; бырдыргыы, бырдьыгыныы сытар сиикирик кырыстаах, онон икки ат соһо сылдьар массыыната киирбэт.

Холкуоспутугар кэлбит биир от охсор, биир от мунньар массыынаны – дэхси сирдээх, чиҥ соҕус үктэллээх күөл ходуһатыгар киллэрдилэр; атын биригээдэлэр бары илиинэн үлэлииллэр. «Тиэхиньикэнэн оттуур абыраммыт дьон…» – диэн биһигини ордугургууллар…

Мин маҥнай утаа, хонуу биригэдьиирэ ыҥырбытыгар, кыайан сатыам суоҕа, биир эмит уолга мустарбаттар эбит дуу диэн салла санаабытым, онтон оҕо киһи билиэх-көрүөх баҕам батарбакка сөбүлэһэн, Өҥсөөччүгэ тиийэн аны массыынанан от мустарааччы – массыньыыс буолан хааллым. Туох да улахан уустуга суох судургу тэрил эбит. Саҥа үлэбин бэркэ диэн сэргээтим. Баара-суоҕа биир ырычааҕы сөп-сөп тэбэн биэрдиҥ да бүтэр. Оттон аты буостуктааһыны баҕас уруккуттан нэмин табан сатыыр, билэр ахан үлэм буоллаҕа. Биир үксүн ол да иһин, сылгыга сыстаҕас диэн, биригэдьиир от мустарыытыгар миигин ылбыт.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 13 14 15 16 17 18 19 20 21 22 23 24 25 26 27 28 29 30 31 32 33 34 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации