Электронная библиотека » Семен Маисов » » онлайн чтение - страница 18


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 10:40


Автор книги: Семен Маисов


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 18 (всего у книги 34 страниц)

Шрифт:
- 100% +

Кыраһа эбэм биһиккини төрүт батыспат, кырдьаҕас ыт өйдөөх, хас күн аайы мээнэ туһата суохха сыратын-сылбатын бараабат, ыт оҕотун курдук күнүн-дьылын халтайга ыыппат. Кыраһа төһө да сааһырдар, билигин да тэп курдук. Ол туоһута, сөп-сөп табысхаан тутан аҕалан дьиэ айаҕар быраҕан кэһиилэнэр. Үтүө ыт дьоҕурун, үгэһин хаһан да ыһыктыбат, умнубат эбит.

Чоҕулук миигин батыһа сылдьан, ардыгар, отой муннун анныттан, саһыаҕынан саһан, кирийиэҕинэн кирийэн сыппыт туус маҥан табысхааны ойутар… Дьэ эбэтээ, кыл тыынынан сырсыы, тэбинии кытаанаҕа, хаар биир кэм бурҕачыйар… Суох… Чоҕулук быһый табысхааны ситэ, тута сылдьыа, ойуур кыыла от-мас быыһынан киһи эрэ сөҕүөх чэпчэкитик, сылбырҕатык эрийэ-буруйа көтөн, устунан ыт мунна баппат ыркыйыгар киирэн таһы-быһа куотар. Куобах муҥнаах, биир өлүү айаҕыттан мүччү түһэн, онуоха-маныаха диэри эмиэ олох олорор… Чоҕулук табысхааны куоттарбыт абаккатыгар ытаан ыйылыыр, бэл үрэн моргуйар… Суох… Өр-өтөр буолбат, сыбар иһиттэн, сылбах анныттан атын табысхаан ойор, Чоҕулук баарыыҥҥытынааҕар өссө ордук эбии тэбиэһирэн, мэктиэтигэр үрэ-үрэ буута быстыаҕынан бырдааттанар… Суох… Син биир сиппэт… Мин испэр «ити хайа муҥун үөрэммэтий, биирдэ эмит, саатар алҕас да тутуох эбит» диэн дьиктиргии саныыбын. Булду бултуурга аҥаардас сэниэ, тура күүс-уох, саас эдэрэ билбэтэ итинтэн да көстөр. Бэл мөдөөт, кырдьаҕас ыт Кыраһа тутарын, Чоҕулук баҕас дьиҥэ киһилиэ суохтаах этэ, ону баара тоҕо эрэ сатаабат, албаһын билбэт, дэмин таппат. Табысхааны сырсан ситэр ыт диэн туһунан. Киһиэхэ эмиэ оннук, чэ холобура төһө да «эһэ курдук» баабый күүстээх дэммит сорох дьон, от охсон бэл оҕону сиппэккэ, көлөһүн-балаһын аллан, аҕылаһан-мэҥилэһэн, мас кэрдэн эрэрдии биир кэм кулупаайданаллар. Ол оннугар, били, «тыал үрдэҕинэ охтон түһүүһү» диэн таһыттан саба быраҕан билгэлээбит, иннэни ыйыстыбыкка дылы киһилэрэ (биллэн турар идэлээх буоллаҕына) хотуур туттаҕына, бэл уҥуохтуун-арҕастыын үрдээбиккэ дылы, иэмэх талахтыы имиллэҥнээн, от охсон сайбаардар ээ… Бэрдин бэрт, оҥоһуулаах, хабылдьаҥнас сытыы биилээх хотуурун тыаһа сэмэйдик сырылаан, арыт-ардыгар «суу-уп, сөө-өп» диэн ходуһа хотуна илэ бэйэтинэн сэҥээрэринии уратытык «ыллаан», икки өттүнэн чаҕыл сырдык курбуу килэбэчийэ умайан астык көстүү… Мас кэрдиитигэр эмиэ биир оннук. Тутуу маһын, саһаан маһын сатаан хото кэрдэр дьон эмиэ туһунан буолаллар. Отой былыр, саа-саадах үөдүйэ илигинэ, сорох хоһууттар, дьон бэртэрэ, тииҥи, олорор маһын кэрдэн бултаан, күүстэрин-уохтарын холоһон куоталаһаллара эбитэ үһү. Онуоха икки буолан сылдьаллар эбит: биирэ кэрдээччи, атына сууллан иһэр мастан ыстаммыт кылааннаах түүлээҕи кыл куйуур иһигэр түһэрэн ылааччы. Тииҥ үгэс курдук мас иҥнэйдэр эрэ ыстанан кэбиһэр үгэстээх, хаһан да олорбут мутугун кытаахтаабытынан тэҥҥэ түһүспэт. Куйуурдааҕа – бэрт хапсаҕай, тип-тилигирэс киһи эрэ буоллаҕына бултуйаллар эбит, онон ордук тутулуктааҕа киниттэнин, аны маска баттатар кутталга сылдьарын иһин, ол киһи – бултаммыт булт улахан аҥаарын ылара эбитэ. Ити эрээри баһыйар сылаалаах үлэтэ мас кэрдээччигэ тиксэр эбит, сорох күн бүтүн хотоннох балаҕан маһын кэрдэрэ үһү…

Мин эһэм Хара Өлөксөй төһө да сааһырдар, оҕонньор дэннэр сүрдээх хапсаҕай, сылбырҕа туттуулааҕа. Күһүн, хаар түспүтүн кэннэ, киһини ытырар сахсырҕалар элбээн ылар кэмнэрэ баар буолар. Тээкиччэҕэ олорор эрдэхпитинэ остуолга оонньуу, саарыы олорор оҕону миигин ити сахсырҕалар ыарыылаах аханнык ытыраллара, онтон кыһыйан, абаран-сатаран ахан кинилэри бултаһарым, сээкэйинэн бары сабыта сынньа сатыырым да кыайтарбаттара, хата, остуол үөһэ турар иһити-хомуоһу суулларыта, түҥнэритэ охсон төкүнүтэлээн ол сүпсүлгэнэ буолара. Онуоха эһэм Өлөксөй оҕонньор күлэн мыттыйара, төбөм оройуттан имэрийэн, сыллаан ылара, уонна сандалы үрдүгэр хамыйаҕынан үүт оҕото таммалатан баран, ол уйгуга туос төгүрүйэ түспүт сахсырҕалары өрбөх үтүлүгүн көхсүнэн – биири бииринэн, биэһи биэһинэн биирдэ саба, ибили охсон кэбиһэрэ. Үтүктээйи оҕо эһэм ньыматынан бултаһан көрөрүм да, саараама таба охсубатым, алҕаһатан биири эмэни эрэ ньыһыйарым. Эһэм барахсан туттара түргэнэ, хапсаҕайа, сымсата сүрдээҕэ, мин ону олус диэн дьиктиргиирим, сөҕөрүм. Кыстык хаар кэннинээҕи сахсырҕа, сай саҕанааҕы курдук тастан киирэ турара баарай, итинник бултаһыы түмүгэр бүтэрэ. Эһэм Хара Өлөксөй барахсан сүрдээх чэгиэн оҕоньор этэ, ийэм да кэпсииринэн, сааһын тухары, төрүт, муннугар тумуу да киирбэтэх киһи эбитэ үһү. Оннооҕор буоспалаан баран ону тулуйбут. Сирэйэ түөрэтэ сүүтүк тоҥуутун курдук чэр оннута эбир этэ. Сэттэ уонун лаппа ааспыт аата – тииһэ түөрэтэ баара, бүтүнэ…

…Эһэм биир кыһын, түптэлэс туманы өрүкүтэн ампаарыгар тахса сылдьан сыҥаһа үрдүгэр турар сээкэй хаалыыр улахан дьааһыкпыт хаппаҕа сэгэйэн хаалбытынан кырынаас киирбитин саба баттаан баран, дьиэҕэ көтөҕөн мадьалытан киллэрэн турар. Дьааһык иһигэр, кутуйах булбатын, сиэбэтин диэн арыыбытын, көбүөрбүтүн (бөһүүкэ) эҥин уурунар этибит. Ийэм аах үлэлэригэр бараннар балаҕаммытыгар иккиэйэх хаалбыт дьон – сиикэй арыыны сиэри тиҥсириммит бэлиэлээх кирийбит дьааһыгын иһиттэн чардырҕаабытынан субурус гынан ойон тахсыбытын орон анныгар хаайбыппыт. Эһэм барахсан сымсаҕайа дэлэ дуо, сонно үөттүрэҕинэн быһа анньан бултаан турар… Ампаарбытыгар турбут ол дьааһыгы – мин билигин отой субу баар курдук саныыбын…

Эһэм эдэригэр көнтөстүүн куоппут сылгыны ойоҕолуу сүүрэн иһэн быатыттан тутан баран үрдүгэр ыстанан сыбыдахтыы миинэн кэбиһэрэ үһү.

«Оҕотук сылдьан кытта төрөөбүт убайа Отчут Мэхээлэни кытары, эдэр дьон тыл-тылларыгар киирсибэккэ уолуктаһан, охсуһан тураллара. Мэхээлэ инитин сыҥаһа ороҥҥо иктэннэри баттыы сытан охсуолуура да, Өлөксөй букатын, адьас биирдэ да таптарбата. Хата, убайа сутуругун орон адарайыгар кыа хаан буолуор диэри ибили сынньан кэбиһэрэ…» – диэн бииргэ үөскээбит доҕотторо кэпсииллэрэ. Отчут Мэхээлэ инитэ Хара Өлөксөй сылбырҕатын куруук сөҕөрө, оҕо эрдэҕинээҕилэрин санатыстахтарына, ахтыстахтарына күлсэллэрэ…

Биир үһүйээҥҥэ маннык кэпсэнэр. «Эрбэх үрдүгэр сэттэтэ эргийбит» икки эр бэртэрэ сүбэлэһэн бараннар хара тыаларыгар бултуу тахсыбыттар. Хас да күн бэркэ табыллан, Баай Барыылаах Байанайдара өлгөмнүк өлүүлээн хото бултуйбуттар… Дьэ ол сылдьан, биирдэ, күн туллар, аата ааттаммат сүдү эбэ кырылас кырдалыгар көтөн түһэн тииҥнээбиттэр. Мас кэрдээччи, бу дьарыгар, чугас эргин иннин икки атахтаахха биэрбэтэх Сүгэлээх Сүллүгэс диэн киһи киэнэ киилэ эбит; доҕоро Хапсаҕай Хаарыс диэн кытыгыраһынан, хапсаҕайынан холооннооҕун булбатах эмиэ икки атахтаах иэмэҕэ буолан биэрбит… Дьэ эбэтээ, киирэн кэлбит эбэлэрин кэриитин маһа, куустахха тарбах тиксибэт суон үөл тииттэринэн лиҥкинээн үллэн ахан турара эбитэ үһү. Тыала-кууһа суох, чэмэлкэй күннээх ылааҥы күн үүнэн, кэрии тииттэрин кылаан чыпчаалларын аайы – хара, бороҥ, ыастаах тииҥнэр хатанан олорон хараарсыбыттар ахан эбит… Оччолоох булду көрөн, булчут дьон туруохтара дуо… Сүгэлээх Сүллүгэс, суо бэйэтигэр анаан, төлөһүйбүт тыһаҕас төбө тыырбыт аҥаарын биэрэн (ол саҕана тимир иннэни, бэл, сүөһүгэ атастаһаллара эбитэ үһү), үгүс күн күөртэтэн, элбэх күн эллэтэн Одун Ууска (түҥ былыргы аҕа ууһун ытык ууһа) оҕустарбыт сый сытыы сүгэтинэн кэрии лиҥкинэспит тииттэрин кэрдэн кэйгэллээбитинэн барбыт. Бастакы омунугар торолуйан үүммүт тэҥкэ тииттэрин онно-манна орулата охтортообут, ити-бу иҥнэритэ анньыталаабыт… Ол эрээри, күн ортотун диэки, киһи эрэ буоллар, маҥнайгы уоҕа хараан, олус омуннурбута-төлөннүрбүтэ уоста быһыытыйан, инчэҕэй эттээх инчэҕэй эттээҕэ өтөн, сыа киһи сындалыйбытынан, эт киһи элэйбитинэн барбыт – аҕылаабыт-мэҥилээбит, тобуктаан олорон тыын ылара үксээбит, бокуйан олорон бобуллаҥныыра элбээбит… Оттон доҕоро, хоолдьугата Хапсаҕай Хаарыс буоллаҕына туран, хас сууллан иһэр тииттэн, ситэ «муостаммыт» тииҥнэри, аахтара, бэрт чэпчэкитик кыл куйууругар тэп гына тэбигирэтэ түһэртээн, куотан кутуруктара субуллан эрээччилэри сабыта охсуталаан ылаттаабыт. Сылайыахтааҕар, сэниэтэ-сылбата, сындаата эстиэхтээҕэр буолуох, дьэ эбии тэбиэһирэн, кыйытта кыдьыгыран ойо-тэбэ сылдьыбыт, ол кэннэ өссө саҥалаах эбит: «Хайа доҕор, бу курдук бокуйан олордохпутуна бойум булду бултуурбут биллибэт, ити курдук иктэннэри түһэн сыттахпытына ирээт да түүлээхпитин, өлүү да өллүргэбитин ичигэстиирбит саарбах…» – диэбит. Онуоха туран Сүгэлээх Сүллүгэс: «Үлэ чэпчэкитигэр, үллэһик үксүгэр тиксэр аата, өссө саҥам диэн саҥараҕын, тылым диэн тыллаһаҕын…», – диэн киһитин тылын иһигэр киллэрбэтэҕин иһитиннэрбит, сөбүлээбэтэх сөҥ санаатын сөҥүдүйбүт… Устунан булчуттар тыл-тылларыгар киирсибэккэ ар-бур дэһэн айдаарсан айаатаһан турбуттар… Ити эрээри, оттомноох дьон, оройунан көрбүт омуннаах уол оҕолор курдук уолук-уолуктарыттан ылсаннар охсуһан туманнатыһан барбатахтар, өйдөспөккө «эн итиччэтигэр, мин баччатыгар» дэһэн тура түһээт, «дьарыкпытын атастаһыахха» дэһиспиттэр. Сүгэлээх Сүллүгэс – куйуур ылбыт, Хапсаҕай Хаарыс – сүгэ туппут…

Хапсаҕай Хаарыс силигин ситэ сыныйан санаан көрбөккө эрэ саҥа саҥаран кэбиһэн сатамньыта суох быһыыламмытын тута билбит: ийэ хара көлөһүнэ иэнинэн сүүрүөр диэри сыралаһан биир суон тиит төрдүн мүлүктээбит… Тылын сэтигэр, мутукчата да ситэ суйдана илик, бэркэ бэрт, таас чиргэл тиит түбэспит…

Сүгэлээх Сүллүгэс саҥата суох сөҥөдүйэн олорон тиит мас тирэҕэ түөрэҥниирин кэтэһэ сатаан баран, күн уотугар сыламнаан, устунан уҥуоҕурҕаан, тэһийбэккэ өттүгэстии түһэн, аҕыйаҕа буоллаҕына алтата нуктаан ылбыт…

Ойдом үүнэн турар чаллах тиит кылаан чыпчаалыгар тыбыгырайан тахсан мустан олорбут хара, бороҥ тииҥнэр, тап-тап табыргыыр, топ-топ тобургуур сүгэ тыаһыгар хайа муҥун үөрэнэн, күн арҕаалаан, уйаларыгар утуйа бараары, мас төргүү мутугар түһэн кэчигирэһэн, дьааһыйа-дьааһыйа, кыҥнаҥныы-кыҥнаҥныы булчут дьону одуулаһан ол курдук олорбуттар… Кэмниэ-кэнэҕэс, хомунуо хойут дьэ биирдэ, чаллах тиит, өссө да көтөҕөлөнөн көтө-дайа ситэ түһэ илик мутукчалаах хойуу лабаалара түллэс гынаат, атын аҕайдык иэйэн-туойан кыычыгыраан ынчыктаабытынан сууллан барбыт…

Сүгэ тыаһыгар бигэтэн утуктуу олорбут хара, бороҥ тииҥнэр ыксал тирээтэҕинэ туттар үгэстэринэн өрө куһугурайан тахсыбыттар, онтон өрүһүйэр-абырыыр үрдүк тиит мастара аллара күөдэллэнэн эрэрин өйдөөн, түөрт намааларын сарата-сарата, биир-биир ыһыктынан барбыттар…

– Дьэ кытаат!!. – диэн Хапсаҕай Хаарыс кыламмытыгар, Сүгэлээх Сүллүгэс иннинэн-кэннинэн мэтэҥэлии-мэтэҥэлии, уҥа-хаҥас ойуоккалыы-ойуоккалыы хара, бороҥ тииҥнэри кыл куйууругар тоһуйан ылаары сорунан көрбүт да, хата, биири да куойатын иһигэр таба түһэрэн, саба баттаан туппатах. Хара, бороҥ тииҥнэр куотаннар көп кутуруктара эрэ хороҥолоһон хаалбыттар. Сүгэлээх Сүллүгэс уонна Хапсаҕай Хаарыс сирэй-сирэйдэрин таба көрсүбэт буолуохтарыгар диэри саатан, кыбыстан өрө тыына-тыына көҕүс-көҕүстэринэн сууллубут чаллах тииттэрин үөһэ олорбуттар… Сүгэлээх Сүллүгэс доҕорунааҕар элбэх саҥалаах-иҥэлээх киһи тулуйбатах: «Бээрэ, эн ити, хапсаҕайыҥ, туттарыҥ түргэнэ, сылбырҕата сүрдээх эбит ээ, нуктуу сытан иһиттэхпинэ, сүгэҥ тыаһа, биир кэм, киргил хаппыт куруҥаҕы, хохудалы тоҥсуйарын кэриэтэ торулаан олороро…» – диэбит. Онуоха Хапсаҕай Хаарыс күлэн тоҕо барбыт: «Эн да маҥкыҥ маһа күөрэҥэлээн түһэн сүрдээҕэ…» – диэбит. Доҕордуулар устунан айахтара аһыллан, уостара өһүллэн – омнуотук, уолҕамдьытык быһыыламмыттарын билинэн, сатамньыта суохтук саҥарсыбыттарын өйдөөн, тупсан, эйэлэһэн хаалбыттар. Биирдэрин дьарыгын – атына сатаабатах, атынын идэтин – биирдэһэ кыайбатах. Хас киһи – туох эмэ идэҕэ, дьарыкка, үлэҕэ ордук сатабыллаах айыллан, ураты айылгылаах бу күн сиригэр кэлэр. Дэлэҕэ да «сатабыл – үлэ кулукута» диэн мээнэҕэ эппэттэр. Хапсаҕай Хаарыс уонна Сүгэлээх Сүллүгэс ити күнтэн ылата, хара тыаларын иччитэ Баай Барыылаах Байанайдара тугу өлүүлээбитин-ирээттээбитин, биир санаанан салайтаран, сүбэ быһыытынан эйэ дэмнээхтик бултуур буолбуттара эбитэ үһү. Урут, Хапсаҕай Хаарыс өлгөм өлүүгэ тиксэ сылдьыбыт киһи, кэлин, доҕорун үлэтэ киниэнинээҕэр өссө ордук сыраны-сылбаны, күүһү-күдэҕи эрэйэрин өйдөөн, бултаабыт тииҥнэрин тэҥ гына үллэстэллэригэр бэйэтинэн тыл көтөхпүт. Бу кэмтэн ылата үөскээбитэ эбитэ үһү: «тиитин – мин охторобун, тииҥин – эн итигэстиигин» диэн, бэйэ-бэйэ сыһыаныгар сөпсөспөт буолууну тыллаһарга туттуллар өс хоһооно… Ханнык баҕарар үлэҕэ-хамнаска, үтүө сүбэнэн, биир санаанан салайтаран, ким туох дьоҕурдааҕынан көрөн үлэни сатаан үллэстэн, табан дьаһанан үлэлээтэххэ эрэ – үлэ үрдүк таһаарыыланар, били, этэргэ дылы, арыт-ардыгар «сүгэ хоппотоҕун сүбэ кыайар» түгэннэрэ олоххо үгүс буолаллар…

…Тыа ото-маһа араас. Кэриигэ үүммүт тунаа маҥан субалаах хатыҥнар, түптэ буруотунуу тунаҕырбыт үөттэр, будьуруйбут ыарҕалар сэбирдэхтэрэ былыр үйэҕэ суйданан бүтэн – сүрэҕи-быары сүүдүтэр, эти-сиини чэбдигирдэр күһүҥҥү сөрүүн, сытыы тыал үрэн сирилэттэҕин аайы – сыбыдах хаалбыт сыгынньах сытыы лабааларынан чыпчаххайданаллар…

Аны баҕас ууллубаттыы түспүт кыстык хаар үрдүгэр, кыраһаҕа эгэлгэ суол күннэтэ элбээтэр элбээн иһэр. Көтөр-сүүрэр суола-ииһэ иэччэхэй-бааччахай курдук олус үксээтэҕинэ, ийэ айылҕа барахсан, булчут дьонун көнньүөрдээри, сыа хаары талбаарда, нуоҕата түһэрэн – саҥа көп ньуолах суорҕаны тэниччи тардан сып-сырдыгынан сандаардар…

Тыа иһэ бэрт ыраахха диэри курдат сардаҥаран көстөр, салгына – сөп-сөрүүн, ып-ыраас, дьэп-дьэҥкир… Элбэхтик, үрүт-үөһэ, көбдөҕүҥ мунунан эппэйэ тыыннаххына, мэктиэтигэр, эт-этиҥ, саас-сааһынан атын аҕайдык аһыллан кэлэргэ дылы…

Чэрии сыта – ураты дьикти сыт. Күһүҥҥү тыа иһэ бүтүннүүтэ хатыҥ үөһүн дыргыл сытынан туолбукка дылы. Бэл дьиэҕэ кэллэххэ, оҕолор ойуур салгына иҥмит таҥаспытын: «Чэрии сыттаах…» – дэһэллэр.

Туохха барытыгар, ол иһигэр аар тайҕа отугар-маһыгар эмиэ, орто олох баайыытыттан туоруур ураты көстүүлэр үгүстэр. Ол курдук, аны аныаха диэри, төһө да хагдарыйдар, күн уотугар көмүс дуйунан күөгэлдьийэ көөчүктэнэр сап-саһархай мутукчаларын түһэрэ илик тииттэр лаглаһаллар. Кинилэр – ала бэлиэлэр, кэрэмэн көстүүлэринэн ыраахтан киһини бэйэлэригэр угуйа тардаллар, ыҥыраллар. Өссө сорохторо, ситэри дьиктиргиэх, сөҕүөх иһин, быһар быһаҕастара – кырыа хаһыҥҥа, хаҕыс тымныыга хагдарыйан өҥнөрүн сүтэрбэккэ, букатын хойукка диэри, күөх мутукчаланан соһуталлар.

Дьиэ таһыгар чэрии сэдэх, ыал барыта да хатыҥ үөһэ, чэрии, кучу от, моонньоҕон сэбирдэҕэ кээһинэн утахтаналлар. Онон эбэбин кытта сорох күн, үлэ, сорук оҥостон сылдьар дьон, бэрт киэҥ сиринэн эргийэн кэлэбит. Ардыгар өйүөлэнэбит. Төһө да уһун күнү быһа сырыттарбыт улаханнык сылайбаппыт. Киэһэтин эт-сиин минньигэстик нүөлүйэр, кычыгылана дырылыыр, айылҕа барахсан арчылыыр, абырыыр ураты күүһүн толору туһанар дьон диэн биһиги…

Сороҕор хас эмэ күөлү, көлүйэлэри иилии-саҕалыы эргийэбит. Хатыҥ кэриигэ эрэ үүнэр мас буолбатах, тыа үөһүгэр, кыра ырааһыйалар тула сиэттиһэн, кирийбиккэ, саспыкка дылы, бүөм бүкпүт көрдүгэттэри сөбүлээн хойуутук сэлэлиир.

Муус тоҥон, хаамарга үчүгэйэ сүрдээх. Кыра көлүйэлэри, дүөдэлэри быһа тахсабыт, оттон күөлгэ сэрэхтээн киирбэппит. Угут эбэлэр кутаҥныы сытар куталара, сүүрүктээх үрэхтэр айахтара, халыҥ хаар суорҕан үллүктэнэн, бэрт хойукка, ардыгар, инньэ ахсынньыга диэри сиикэй буолаллар…

Аҕыйах хонуктаахха диэри киэҥ эбэлэр өссө да эрэһэ долгуннарынан долгулдьуйа суһумнуу сыппыт бэйэлэрэ, күөх халлаан урсунун күөннэригэр түһэринэн, тыаһы иһиллээбиттии, килээй мууһунан чаалыччы көрбүттэр… Баара суоҕа уонтан эрэ тахса хонуктааҕыта, Кыра Баһылай үрэх тамаҕар, сиикэйгэ, бүтүн үөр кус мустан чомполоно сытарыгар түбэһэн, сүүрбэччэ нэмэнэ куһу бултаан кэлбитэ. Кустар сиикэйдэриттэн көтөн тахса-тахса, киһиттэн куттаммакка, кэлэн түһэ тураллара үһү. Баһылай: «Үс хас хойобуун баар эбит этэ», – диэбитэ. Уһун сааһы, сайыны, күһүнү быһа араас тыҥырахтаах, сиэмэх көтөрдөртөн эмсэҕэлээбит; ыттан, киһиттэн хойобууннаммыт кустар – күһүн буһук саҕана, өссө ол кэннэ улаханнык тымныйан күөл мууһа тоҥноҕуна, эбэ хайа эрэ хонноҕор-быттыгар, үрэх харгытыгар, эйимигэр мустан, тохтоло суох чомпооттонон сиикэй таһааран хойукка диэри устаҥнаһаллар. Төһө да эмсэҕэлээтэллэр, көппөт буоланнар, үгүстэрэ сүрдээҕин уойаллар. Дьэ оннукка түбэспит сааһыт өлгөмнүк бултуйар. «Ол киһи хайа эрэ күөлгэ, үрэххэ сиикэйдээн куһу кыайбыт үһү», – диэн сурах тарҕанар. Баай хара тыа маанылаах харамайдарыттан биирдэстэрэ, кылбалдьыйар кылааннаах түүлээх саһылыкаан кыыл, кус сиикэйигэр түбэстэр эрэ арахпакка саантыыр. Сорук оҥостон манаһан-кэтэһэн, тыйыс тымныы обургу хабырыттан хам ылан уулара оһон оччоон, киччимирэн биир сиргэ бөлүөхсүбүт кыайан көппөт хойобуун кустары, түмүгэр, аахтара тутаттаан сиир…

Эбэм кырдьаҕас киһи сиэринэн, ээр-сэмээр, күөл кэриитинэн хаамар. Оттон мин оҕо киһи быһыытынан үөһүнэн-тыанан тэлэкэчийэ сүүрэбин; чэрии харааран турарын түбэһэ көрдүм да, чохос (чохороон) сүгэбинэн сэрэнэн логлу охсон ылан куул манааҕабар чөм уган иһэбин. Сорох чэрии синньигэс умнаска букатын үөһэ үүнэн лоппойон турар буолар, оччоҕо ону ыттан ыла сатаан күммүн-дьылбын бараабаппын; арыый да намыһах үүммүтү ардыгар отунан-маһынан салҕанан чырбайа-чырбайа хоҥноробун, сороҕор көннөрү ыттан да ылабын. Олус уһаары гынным дии санаатахпына, эбэбин булан көстөн ааһабын. Сир харатын саҕанааҕы курдук бэйэ-бэйэни сүтэрсэн ыһыытаһыы-хаһыытаһыы суох, саҥа түспүт чөл хаарга ынах этэрбэс суола бу дьэрэлийэ сытар…

Хас күөл аайы былыр дьон олохсуйан олоро сылдьыбыт өтөҕө үгүс. Дөрүн-дөрүн, онно-манна, араас моһуоннаах киһи уҥуохтара көстөн ааһаллар. Биһиги эҥээр түҥ былыргыттан саха саҥалаах, тоҥус тыллаах уутуйан үөскээбит сирэ-дойдута. Убайым аах Баһылайдаах үөдэн түгэҕинэн тэлэһийэн бултуур дьон: «Хайа да кый-бырах ыһыытыыр үрэх баһа дойдуга тиий – өтөҕө суох эбэ суоҕун кэриэтэ…» – дэһэллэр. «Икки атахтаах тиийбэтэх-түгэммэтэх сирэ суох» диэн мээнэҕэ эппэттэр. Эбэлэрбит ааттара үксүлэрэ тоҥустуу.

Өтөхтөр аайы киһини быдан куотар, мэктиэтигэр талах курдук чиргэл умнастаммыт хаптаҕас уктара хоҥкуһаллар. Кып-кыһыл хойуу отонноро таас оҕуруолуу лоһугураччы тоҥон, тыал үрэн сирилэттэҕинэ бэл кылыгырыы тыаһыыллар… Кырыа дуйдаах муус хаптаҕаһы кэрэхсии одуулаһан, ардыгар сахсыйан көрө-көрө ааһа турабын. Бүтэй киһи хайаны сиэхпиний, маҥнай утаа эрэ тоҥ хаптаҕаһы угуттан сыыйа тардан айахпар утааран курдурҕаччы сиэн баран уурайабын, минньигэһэ диэн эриэхсит. Өрдөөҕүтэ, хаһан эрэ, нуучча биэлсэр кыыс: «Күһүн хаптаҕас саахара элбиир, онон наһаа минньийэр…» – диэбитин, тоҕо эрэ, тоҥ хаптаҕаһы сиир түгэммэр мэлдьи, өрүү санаан аһарабын.

Хабдьылар хаар маҥан өҥнөнөн отой көстүбэттэр, субу аҕай ыксабытыттан көтөн ыһыллан тахсаллар. Бэл бочугурастар түүлэрэ-өҥнөрө эриэн да – үөт, тиит лабаатыгар көҕүллэрин күөкэтэн хамсаабакка тааллахтарына киһи дэбигис таба көрө охсубат. Куртуйахтар тэһиилэрэ сүрдээх, барыҥныыры көрдүлэр да, куллугуруу-куллугуруу эрдэттэн, ыраахтан тыас хомуналлар. Үрдүк өтөх бөдөҥ мастаах, кытыан өрө анньан үүммүт кырдалларыттан, арыт, улардар көтөн күпсүйэллэр, кырпай эрэ кэннинээҕи көтөрдөр халаларын нэһиилэ кыанан ыадасталлар…

Мас көтөрүн уһаты-туора таарбайбыт, лэбэрэйдээбит суола-ииһэ, сорох сиргэ букатын чаакы курдук…

Өтөхтөр кэриилэригэр хайаан да, хахханнар суодайан олорор буолаллар. Киһи аастаҕына төбөлөрүн эргитэн, харахтарын быччатан ыраахха диэри батыһа одуулууллар. Үргүттэххэ букатын тыаһа суох ньылбыйа көтөллөр. Сорох дьон хаххан этин сөбүлээн сииллэр. Күһүн, от үлэтин кэннэ: Сэксэкэ Сэмэн, Торуой Сэмэн, Намыынап Хабырыыл уонна Бастакы Күүлэттэн биһиги холкуоспутугар суотчутунан анаммыт Хапытыанап Киргиэлэй диэн убайын батыһан кэлбит Хапытыанаба Кэтириинэ кыыс буолан – Үөһээ Уолбут бүтэйин туппуппут. Сиэрдийэбитин соҕотох оҕуспутунан молохонон таһан, тоһоҕобутун сыарҕаҕа тиэйэ сылдьан (сороҕун үрдүттэн кэрдэн суоран, төбөлөөн), хаар кыыдамнаан, сир үрдэ лоһугуруу тоҥуор диэри сыралаһан эбэбитин иилии-саҕалыы эргийэн кэбиспиппит… Тыаҕа хахха сиргэ түһүүлэнэн, тимир оһохтоох балааккаҕа сыппыппыт. Түүнүн тимир оһоххо уккунньах, аһаах мас хаалаан кэбистэхпитинэ сыыгыныы умайан сылааһын уһуннук тутара. Ким уһуктубут, турбут инчэҕэй мас эбэн биэрэрэ… Онно сырыттахпытына, биир киэһэ уолаттар үгэстэринэн «күөс көрдөнө» чугас сытар Тэлээбэ диэн көлүйэ күөлгэ баран баран, улардарга түбэһэн икки эрдэҕэһи ытан ыллыбыт диэн үөрэн-көтөн ахан хараҥаҕа харбыалаһан кэлбиттэрэ. Көтөрдөрүн үргээбиттэр, бастарын, кынаттарын быспыттар. «Чэ, кыргыттар буһаран кэбиһиҥ…» – дьоммут күө-дьаа буолбуттарыгар Кэтириин биһикки астаабытынан барбыппыт. Биир «эрдэҕэһи» ылан, хабаҕа суоҕун иһин хайдах-хайдах истээх-үөстээх баҕайыный диэн дьиктиргии-дьиктиргии куртаҕын хайыппыппар, арай, кутуйах тахсан кэлбитэ – сороҕо ууллубут, барыта үс кутуйах… «Оо, бу хара сордоохтор хахханы өлөрөн кэлбиттэр булбаа-ат!!. – диэбиппэр, уолаттар балааккаларын иһиттэн ойуоккалаһан тахсан: «Оскуолка мыыска!.. Оскуолка мыыска!..» – дэһэ-дэһэ күлсэн быардарын тыыттан тураллар… Биһиги тыҥырахтаах көтөр куртаҕын иһигэр симиллибит кутуйахтартан сиргэнэн, хаханнарбытын илиибит таһынан элитэлээбиппит… Ити түбэлтэттэн ыла Кэтириин – Хахханыкы диэн ааттанан хаалбыта…

Арыылаах эбэ уҥуор, Абааһылаах диэн өтөххө куочай маһа баар. Куочай – биэс-алта тоҥолох устата уһуннаах, куйуур түөрэйин курдук дьөлөҕөстөөх, ол дьөлөҕөһүнэн мас өргөс уһугар кэтэрдиллибит уһуктаах төбөлөөх, ойуун ураты сиэригэр-туомугар туттуллар анал оҥоһук. Туохха ананан сиэр-туом ыытылларыттан көрөн, куочай уһугун хайысхата араас буолара эбитэ үһү.

Мин куочайы көрөн олус дьиктиргээбитим: итиччэ үрдүк мас чыпчаалыгар, өргөс уһугар, хайдах таһааран дьөлөҕөһүнэн кэтэрдибиттэрин сөхпүтүм. Дьүөгэбиттэн Тороостон ыйыппыппар: «Итини ойууттар көтүтэн таһааран кэтэрдэллэр үһү…» – диэбитэ…

Аата ааттаммат Мастаах (Дьалкылдьыма) эбэ ыксатынааҕы сиргэ-уокка, түҥ былыр, улахан хомуһуннаах ойууттар, удаҕаттар олорон ааспыттара ахан эбитэ… Ол үһүйээннэргэ, номохторго үгүстүк кэпсэнэриттэн, куочай, кэрэх элбэҕиттэн да көстөр. Кэрэх маһын хаста да түбэһэ түһэн көрөн турабын. Кэрэх – Үөһээ дойдуга олохтоох хайа эмэ улахан тыын буулаатаҕына сүөһүнэн толук биэрии. Онно анаммыт сүөһү бэлиэ дьүһүннэнэрэ: дьэҥкир туйахтардаах, чоккуруос харахтардаах маҥаас сылгы, оттон ынах сүөһүттэн күөх эбириэн өҥнөөҕүн тутталлара. Өлөрбүт сүөһүлэрин тириитин бастары, туйахтары, кутуруктары (тус-туһунан араарбакка) бииргэ сүлэн ылан, тииккэ (куочайга) ыйаан кэбиһэллэрэ. Кэрэх сүөһүтүн уҥуоҕа алдьаныа суохтааҕа үһү: уҥуох хайыннаҕына, тоһуннаҕына туом сүөһүтэ доҕолоҥноон айана бытаарара эбитэ… Этин сиэргэ-туомҥа мустубут дьон сонно төһө кыайалларынан сииллэрэ. Ордугун – ытык дабатан, кыыран кэрэҕи таһаарбыт ойуун илдьэ барара…

Бастары, туйахтары (атаҕын сүһээбэттэр), кутуруктары бииргэ сүлүллүбүт, кэрэххэ туттуллубут, ыйаммыт сүөһү – көрүөхтэн эрэ сүөргү көстүүлэнэрэ: сытыйан-ымыйан, ыы-дьаар сытынан тулатын бүтүннүү тунуйан, үрүҥ тиистэрэ килэйэн, суор-тураах тоҥсуйан оҥоппут ириҥэ харахтарынан кыраҕытык «одуулаан», илэ абааһы кэриэтэ илбиргэстэнэн-салбырҕастанан, «иччилэнэн-тыыннанан», тыалга-кууска илибирии-салыбырыы турара, кырдьыга да, амырыын көстүү эбитэ үһү.

Былыр, тиийиммэт-түгэммэт буор дьадаҥы дьоҥҥо, кэрэх сиэрэ-туома оҥоһуллара, туһугар, кэтэһиилээҕэ, күүтүүлээҕэ – эккэ тииһинээри. Бэйэ-бэйэлэриттэн сип-сап сибигинэһэн истиһэ-истиһэ «улахаттар» ураты туомнарыгар, ыраахтан-чугастан мусталлара. Үгүс «кулгааҕа бүөлэммит» ол «уйгуттан-быйаҥтан» матара. Дэлэҕэ да «сэттэ кэрэх этиттэн маппыкка дылы» диэн өс хоһооно үөскүө дуо…

…Ханна эмэ тыа быыһыгар саһан сытар көлүччэҕэ түбэһэ түстэхпинэ, сороҕор, ортотугар сүүрэн киирэн, сырдык киирдин диэн хас да сиринэн ынах этэрбэстэрбинэн сыа хаары хаһыйа тэбиэлээн «түннүк» оҥорон баран, умса түһэн сытан уу аннын одуулаһабын: араас сыыйыллаҕас сэбирдэхтээх устаҥ оттоох, үрүҥ көмүс дуй эҥээрдээх, эгэлгэ оҕуруо хадьааһыннаах көлүйэ аннын ураты «айылҕата» арыллан дьэрэлийэ түһэрэ – кэрэ көстүү… Оҕо киһи омуна, билэ-көрө сатыыра үгүс…

Тыа кэриитинэн иһэн көрдөххө, күөл үрдүк дулҕалаах хордоҕойдоруттан, от сыатын итигэстээн аһыы сылдьыбыт күһүҥҥү айан туллуктара туохтан эрэ үргэн көй салгын күөнүгэр бигэнэн, халыҥ үөрүнэн халҕаһалыы анньан, үрүҥ солко былааты тэлимнэппиттии бэйдэҥнэһэ көтөллөр, чурулуу-чирилии саҥарсан, тулалыыр эйгэни тупсаҕай ырыаларынан толороллор. Үөскэ, арыы талахтар үрдүлэринэн хаар эбэлэр сэмээр сапсына-сапсына тэлбээрэллэр…

…Ардыгар ыт мунна баппат арыы ыркыйыгар, сороҕор отой да уу хоммут хотоол сирдэригэр, былыргы үйэтээҕи дьон кыһыл эмэх буолан ыһыллыбыт уҥуохтарыгар түбэһэ түһэбит. Оччоҕо мин испэр саныыбын: «Бу айылаах хотоол сиргэ тоҕо «хараттарбыт» муҥнарай…» – диэн уонна билиэх-көрүөх санаам батарбакка эбэбиттэн саныы испит санаабын таспар таһааран ыйытабын. Онуоха эбэм үгэһинэн көхсүн этитэр уонна саас-сааһынан бэрт чуолкайдык быһаарар, кэпсиир: «Ити, тоом, сурахтаах-садьыктаах дьон сытаахтыыллар… Дэлэҕэ да сиики сиргэ «дьаһаттарыахтара» баара дуо, урут эбэ бу тыата үрдүк кырылас кырдал этэ, ол бэйэтэ кэлин, сирин аннын сүүрээнин сүнньэ уларыйан, кэм-кэрдии ааһан истэҕин аайытын хотойон хотоолго кубулуйбут, ийэ айылҕа иэнэ үллэ-балла, түһэ-намтыы турар айылгылаах, баҕар, хойутун-хойут хат хаттыгастанан өрө сүгүллэн тахсыахтара…» – диир уонна хайа сахтааҕы бу эҥээр олохсуйан олорбут аҕа уустарын дьонун ааҕа ааттаталыыр.

Эбэм Маарыйа барахсан сир түннүгэ, сүрдээх мындыр эмээхсин, кинини дьон-сэргэ олус ытыктыыллар. Мин маннык эбэлээхпиттэн, чугас киһилээхпиттэн наһаа астынабын, киэн туттабын, бэйэбин харыһыттарар-көмүскэттэрэр улахан күүстээх, бигэ тирэхтээх киһилии сананабын. Орто баайыылаах хараҕар көстүбэт-биллибэт, араҥаччылыыр ураты уһуу тыынынан даҕаны, кырдьыга да, кини – сүдү киһи…

Эбээ эдэригэр «ас барбат» буолан ыалдьа сылдьыбыта үһү. Ити ыарыы буулаабыт дьоно «бэттэх кэлбиттэрин» мин биир бэйэм истэ иликпин… Дэлэҕэ кыыһын Тыккыр Маарыйаны «өлөр буоллум» диэн ыалга ииттэрэ биэриэ дуо… Айылҕа барахсан ардыгар, таайыллыбатах таабырын кэриэтэ кистэлэҥнэрин арыйар дьиктилээх эбит… Маарыйа уҥуохтаах-тириитэ хаалан суорҕан-тэллэх киһитэ буолан сытан, «ыһык аһын» ыйыстара эрэ хаалан баран, арай, биир түүн бэрт дьикти, иччилээх түүлү түһээбит… Онно ийэ айылҕатын иччитэ дьахтар сэбэрэлэнэн илэ кэриэтэ киирэн – ыар ыарыытын эмин этэн биэрбитэ үһү… Түүл түһээтэҕин нөҥүө күнүгэр кэргэнин Кудугуй Борокуоппайы бэйэтин соҕотохтуу ыҥыртаран ылан, эмтэниэхтээх эмин эгэлгэтин этэн, сэттэ күн сииригэр-аһыырыгар сөптөөх ыһыктанан «ураты» сирдэринэн «тэлэһийэн» кэлэригэр соруйбут. Кырдьыга баара Борокуоппай, уһугулаан сытар кэргэнэ эрэйдээх, кэриэс-хомуруос тылын этээри ыҥыртардаҕа диэбитэ, киһитэ дьикти «туому» толортороору соруйбутугар бэркэ диэн соһуйбута үһү… Ол – өлөр өлүүттэн өрүһүйэр, амырыын ыарыыттан араарар уустук эмэ – сэттэ суол араас «эгэлгэттэн» оҥоһуллуохтааҕа үһү. Ону түүл түһээччиттэн уонна эми хомуйааччыттан атын туора харахтаах, хаптаҕай кулгаахтаах билиэ, истиэ, көрүө суохтааҕа эбитэ…

Кудугуй кэргэнин соругун толорон, сэттис күнүгэр сарсыарда бэрт эрдэ, күһүҥҥү халлаан илин сиксигэ аргыый арыллан, хотуур биитин хото аалбыкка дылы кылбайан эрдэҕинэ, кэлээт да, үргүлдьү ыарыһах сытар хоһугар ааспыт… Дьэ, бу күнтэн ылата Маарыйа сыыйа-баайа, ээр-сэмээр – кубаҕай имэ хаан киирэн тэтэрдэр-тэтэрэн, күнтэн-күн ииммит-хаппыт этэ-сиинэ эбилиннэр-эбиллэн, үрүҥ аһынан үссэнэн, хара аһынан борсонон, урукку чэгиэн туругар түстэр-түһэн, чөл бэйэтинэн буолан үтүөрэн хаалбыт… Эмп кистэлэҥэ – билигин да биллибэт, эмээхсин ону кимиэхэ да кэпсээбэт. Ким да ол эмп туһунан ыаспайдаан, ыаһыйалаан ыйыталаспат, түөргүлэһэн туоһуласпат. Биир эмит сэдэх, эмиэ «туспа айылгылаах» дьиибэ-дьээбэ дьон билээри-көрөөрү сананнахтарына – тыллара «булдьуйара» үһү… Ол – айылҕа биир дьикти кистэлэҥэ… Ону, «орто баайыылаах» дьон биһиги, хаһан да, силигин ситэри сыныйан өйдүөхпүт, билиэхпит суоҕа…

Эбэм – улахан отоһут. Кини кими да ыҥыран, бэйэтин эмчиппин дэнэн этинэн эмтээбэт. Кыһалҕалаах ыҥыртардаҕына эбэтэр кэлэн этиммиккэ күүһэ, кыаҕа төһө тиийэринэн көмөлөһөр, сүбэ-ама биэрэр, дьиэтигэр хоннорор-өрөтөр, ардыгар уһуннук да олордор… Эбэбин мин бэйэм кыраҕы айылгыбынан өйдүүбүн, билэбин уонна кини ураты дьоҕуругар сүгүрүйэбин… Эмээхсин: «Араас эгэлгэ дьикти биһигини айбыт ийэ айылҕаҕа баар, ону барытын сатаан «таба көрөр» үгүспүтүгэр кыаллыбат…» – диир.

Эбэм эмээхсин көмөлөспүт, өрүһүйбүт, абыраабыт дьоно махтал тылы этэллэрин ханна да сырыттарбын мэлдьи истэбин. Били, хаһан эрэ, өрдөөҕүтэ, Мундулуҥдаҕа олордохпутуна, «Социализм суола» холкуос бэрэссэдээтэлэ Борокуоппай Алампадьыыстаптан сирэй-харах анньыллан, холдьоҕуллан, ыалы кэрийэ сылдьан хонон ааспыт, саһарардаан ыалдьан баран устунан хоргуйан өлө сыспыт Кыргыдай киһитэ Уйбаныап Баһылай – кэлин, холкуоһун салалтата уларыйбытын кэннэ, төрөөбүт дойдутугар пиэримэҕэ сэбиэдиссэйдээн, кэргэннэнэн, уоллаах кыыс оҕолонон кимнээҕэр быр бааччы олорор. Эмээхсиҥҥэ өрүү махтанара: «…Тоҥмуту ириэрэр, ааспыты аһатар кини курдуктар тыыммын салҕааннар, күн-ый буолан абырааннар, баччаҕа тиийэн оҕолонон-урууланан олордоҕум… Онтон ынтах, ыт үрбэт, ынах маҥыраабат киһитэ буолан, ханна охтон суор-тураах аһылыга буолуом биллибэт этэ…» – диэччи. Баһылай Уйбаныап сээкэй соругар кэллэҕинэ биһиэхэ хайаан да киирэн тахсар, ардыгар, хонон-өрөөн наҕылыччы сэһэргэһэн да барар…

Мин – саас, сайын, күһүн эмээхсин араас эгэлгэ үүнээйини, сөптөөх кэмиттэн көрөн хомуйарыгар, сиргэ-уокка биирдэ эмит сылдьыһабын, үлэҕэ-хамнаска үтүрүйтэрэн үксүгэр солото суох буолабын, сороҕор төһө да барсыахпын баҕартым иһин эбэм: «Тоом, бүгүн бэйэм барыам, эн хаал…» – диэтэҕинэ тохтуубун. «Тоҕо хааллардыҥ?..» – диэн ыйыталаһа барбаппын…

Дьэ бу билигин дьэҥкир күһүн күөйэ көтөн кэлэн чэрии хомуйа сырыттахпыт (арыый эрдэтээҥи, сэбирдэх, мутукча хагдарыйдар да ситэ түһэ илик кэмин – көмүс күһүн диибит).

Чэрии – сыл хайа баҕарар кэмигэр хомуллуон сөп. Ол эрээри күһүн уонна саас «хойдон», эмп быһыытынан дьайыыта ордук күүһүрэр дэнэр. Куртах, очоҕос ыарыытыгар улахан туһалаах үһү…

Эбэм эмкэ анаан хомуйар күн эгэлгэ ото-маһа, сирин аһа, үүнээйитэ үгүс.

Боруу. Боруу сиргэ-дойдуга дэлэй. Отчут киһи эрэ барыта билэр ото. Үчүгэйдик болҕойон сыныйдахха хас биирдии от-мас бэрт дьиктитик, уратыланан үүнэр, ону үгүс киһи үрдүнэн мээнэ көрөр, ымпыктаан-чымпыктаан, араастаан ыаспайдаан ыраҥалыы, чинчийэ барбат. Хонуу боруутун силиргэҕэ бороҥнуҥу хара, хам-түм уулаах отон саҕа төгүрүктүҥү бытархай бөлчүөхтэрдээх. Борууну төрдүттэн тутан баран төбөтүттэн тартахха, үөһэттэн саҕалаан сүһүөх-сүһүөх арахсан кэлэ турар умнастаах. Боруу арааһа үгүс. Ордук туруйа боруута уонна сиэллээх боруу дииллэрин киһи үгүстүк истэр. Дьон боруу арааһын араастаан, эгэлгэлээн ааттыылар: босхоҥ боруу, сирэм боруу, үрүҥ боруу, чуурукта (бадараан боруута)…


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 13 14 15 16 17 18 19 20 21 22 23 24 25 26 27 28 29 30 31 32 33 34 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации