Электронная библиотека » Семен Маисов » » онлайн чтение - страница 32


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 10:40


Автор книги: Семен Маисов


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 32 (всего у книги 34 страниц)

Шрифт:
- 100% +

Сылгы ахсаанын ааҕыы, туруктарыттан көрөн иитиэххэ киллэрии, убаһаны араарыы, өлөрөн этин туттарыы (ат убаһалары), куораттан тахсыбыт бэтэринээрдэри кытары быһыы үлэтэ, сылгы иһин үөнүн түһэрии, улахан тымныыларга атыыр үөрүн хаһыы аҥаардаан эбии аһатыы, хоруотаабыт биэлэри туспа тутуу… Аны бөрө мэнээктээбит дьылыгар биир туспа сүпсүлгэн. Сылгыһыт араас иирбэ-таарба эгэлгэ түбүгэ хаһан бүппүтэ баарай.

Биир сүрүн үлэ, дьарык – ат айааһааһына. Урут быалана илик үрүҥ эттээх соноҕоһу, «сыа анньа сылдьар» Дьөһөгөй оҕотун сир харатыгар, добдурҕаҕа, сойулуор саҕана айааһыыр сэрэхтээх. Сэтинньи ортотуттан, хаар көбөөбүтүн кэннэ тутан баайар ордук. Хаҥыл сүөһүнү маҥнай утаа «төбөтүттэн айааһаныллар». Айаас төһө да тэһииркээтин, куттаммакка ыкса чугаһаан, киэҥник саҥаран киһилии кэпсэтэн, дук-дах холустук хамсанан куттаабакка аргыый-наллаан имэрийэн-томоруйан, сирэйин-хараҕын кырыатын, мууһун сотон, ыраастаан, этин-сиинин ыарытыннарбакка эрэ кулгаахтарын кэннин тарбаан, көҕүлүн арыйан убахтаан, таптайан, үлбүрүйэн илиигэ үөрэтиллиэхтээх. Итини барытын кэтэҕэ ыалда илигинэ, хас күн аайы, күҥҥэ хаста да, сотору-сотору хатыланыллар. Оччоҕо сылгы төбөтүн куоттарбат, кэтэҕин туттарар буолар, устунан сулары, үүнү кэтэрдэргэ кыһаллыбат, туран биэрэр. Оттон хара уот ааныттан, имэрийбэккэ-томоруйбакка, наллан сэмээр илиигэ үөрэппэккэ эрэ баһыгар быаны иилэ быраҕар буоллахха, кэтэҕин эмискэ, соһутан туттахха – сылгы сиргэнэн мэктиэтигэр олору кэлэн түһэ сылдьар кэмэлдьилэнэр, бэл быаны быһа түһэн барар, сыыстардаҕа ол. Оннук аттар, кэлин төһө да миинэр миҥэ оҥостубутуҥ иһин, киһи илиитин-атаҕын кэтии сылдьар, дьик-дьах, кэчэс быһыылаах, хоргус, куттас буолаллар.

Аты кырыатыыр туһалаах – эргиччи тарбатан, имэрийтэрэн дөбөҥнүк сыһыйар, этэ-сиинэ түргэнник чиҥиир, ыанарыгар көмөлөһөр. Миинэн кэлэн баран сойбутун кэннэ үгэс оҥостон кырыатыыр буоллахха ат сиһэ сынньанар, бэйэтэ эмиэ күөлэһийэн «туругар түһэр», оҥостор айылгылаах. Урут мииниллэн, көлүллэн да баран ыытыллыбыт, олох саҥа тутуллан айааһанар кындыл-хаҥыл да сылгыны маҥнай тутаат саатар уонча хонукка хайаан да баайан, үчүгэй, сөлөгөйдөөх күөх отунан аччыктаппакка аһатыллыахтаах, ол оннугар күн өрүү-өрүү уулатыллар. Астына топпут ат уулуура ис-иһиттэн иҥсэлээх, кудуччу куллурҕатар.

Сылгыны ыаннарарга биир кэм кынтаччы баайан туруллубат: олус бугуһуйбатын, сүһүөхтэрэ көһүйбэтин, эбэтэр тымныыга ыга тоҥон титирээбэтин диэн арыт түүн далга ыытан табыгынатан аһатыллар. Сылгы хайдахтаах да чоруун көнтөһү быһыта, илдьи тэпсэн кэбиһэр, ол иһин быстахха өтүүнү баайыахха сөп, эбэтэр быата суох, сулардыын эрэ босхо ыытан кэбиһиллэр. Көнтөһө суох тэһии сылгыны кыбычаалга тутуллар, оҕуурдаан да ылыллар. Аты сэмээр ыаннарыллыахтаах, түргэнник, дөбөҥнүк чылбыта сатаан ылыптыар диэри эмискэ аччыктатар төрүт сатаммат. Бүтүн күнү, түүнү быһа аһаппакка, эбэтэр хастыы да хонукка аһары татым, кэмчи аһылыкка чиккэччи баайан турдахха үтүө баайыылаах, чэгиэн эттээх-сииннээх сылгы тахсыбат; сыыстаран эмискэ мөлтүөн, устунан ыарыы да буолуон сөп. Баайыыта табыллыбатах аты төттөрү ыытан чөлүгэр түһэрэн баран биирдэ эрэ саҥалыы баайыллыахтаах.

Сорох дьон, ордук кэтэх сылгылаахтар аттарын аҕыйах хонукка баайа түһээт, чугас, дьиэ таһыгар көлөһүн аллыар диэри мэтэкэччитэн кэлээт, аһыммыта буолан, күөх отунан харса суох хатаҕалыыллар. Аччыктыы-аччыктыы, хара күөх оту эмискэ, иһэ марайыар диэри сиэбит сылгы – иһин өҥө алдьанар. Аһаабытын туппат, тулуура суох буолар. Иһин өҥө алдьаммыт миҥэнэн киһи уһуннук сылгыны сырсыбат, үөр иннин саҥа күөйэ түһүөх курдук гынан эрдэххинэ уҥан, куотан иһэр сылгы мөлтүүрүн саҕана атыҥ эмиэ мөлтөөн, устунан аттар атан хаалан хаалар. Дьөһөгөй оҕото өйө диибин диэн сүрдээх – ол куоппут үөрүҥ сылгылара өчөһөн, бугуһуйан харса суох түһүннэхтэринэ иннилэрин биэрбэттэрин өйдөөн, аны төһө да быһый атахтаах миҥэнэн сырсыбытыҥ, иннилэрин күөйэ да түспүтүҥ иһин, сыыһа туттара сатыы сылдьар адьынаттаналлар. Онон сылгыһыт бастыҥтан-бастыҥ аттары миинэр миҥэ оҥостуохтаах. Табыллан ыаммыт, үөр иннин күөйэ үөрүйэх талыы ат барахсан, төһө да уһуу сылгылары өр-өтөр гыммакка ситэ баттаан ылар, уонна өссө ардыгар, уһуннук бадьыыстаан эрэйдээбит биэлэри, эбиитин, хаан тахсыар диэри моҕойунан быһа анньан имнэнэн биэрэр үгэстээх. Ханнык аты миинэн күөлгэ киирбиккин биэлэр да, атыыр да тута билэллэр, уонна этэргэ дылы куотар туһата суоҕун билэн, эргийэ көттүҥ да бэрт көрсүөтүк, улгумнук хайа диэки бастарын салайаргынан бараллар…

Сорох дьон ат түргэнник «хаттын» диэн олус хагдаҥ, соппоҥ отунан аһата-аһата баайаллар. Соппоҥ окко ат иһэ кыалыгыйбат, элбэҕи сиириттэн аһын хаата эрэ көппөйөр, бэйэтэ буоллаҕына иҥэмтиэтэ суох оту сиэн ис-иһиттэн сэниэтэ суох буолар. Сылгыны далга баайар кэмҥэр күн өрүү-өрүү уулатан, күөх отунан түүнүн тото соҕус аһатан, күнүһүн сарсыарда эрдэттэн тутан баайан туруоруллар. Аны хара уот ааныттан, сэргэ төрдүттэн торҕо бөтөрөҥүнэн түһэрэр табыллыбат, маҥнай утаа оргууй хаамтаран атыҥ этэ-хаана сылыйбытын, үчүгэйдик ирбитин кэннэ биирдэ эрэ кудуччу айаннатыллыахтаах. Ууннан бааллыбыт сылгы түргэнник көлөһүннүрэр, ол оннугар тулуурдаах. Оттон аҥаардас хаары хабан бааллар ат көлөһүннүрбэт, ол оннугар тулуура суох буолар.

Миинэр миҥэҥ, көлүнэр көлөҥ сымнаҕаһа: туттарыгаһа, сиргэмтэҕэ суоҕа, тэппэтэ уонна ытырбата үчүгэй. Үгүстүк этиллибитин курдук – ат быһыыта иччититтэн улахан тутулуктаах. Киһи миҥэтигэр сымнаҕастык, холкутук сыһыаннаһыахтаах. Дьөһөгөй оҕотун кытта айах атан киһилии кэпсэтэр, туһугар, улахан суолталаах. Итиччэтигэр эн мэлдьи «иэс баайа» сылдьаҕын… Сылгы туга эмит сатаммакка тордуостук быһыыланнаҕына, эбэтэр төттөрүтүн, ардыгар бэйэҥ да соһуйуоҥ иһин, үөйбэтэх өттүгүттэн үтүө сыһыанын көрдөрдөҕүнэ (алдьархай тахсыах сибикитин эрдэттэн сэрэйэн сибиэркээн, омуна суох, олоххун да быыһыр түгэннэрэ баар буолаллар) – эн тус бэйэҥ сөбүлээбэтэххин дуу, үөрэн сэҥээрбиккин дуу биллэрэн, хайаан да саҥа таһааран сыһыаҥҥын биллэриэх тустааххын. Оччотугар сылгы, үтүө дуу, мөкү дуу быһыыны оҥорбутун өйдүү үөрэнэр. Кэлин, устунан отой да, саҥаҥ дорҕоонуттан туох туттунуу тахсыахтааҕын тута билэ, сэрэйэ охсор.

Холкуос сылгыһыттара айааһаабыт сылгылара төһө да элбэх буоллаллар хас биирдиибит анал миинэр аттардаахпыт. Уопсай ат буолла да мээнэ үлүбээй үрдүгэр түһүллүбэт. Онон миинэр миҥэҥ хайдах туруктанара бэйэҕиттэн тутулуктаах. Тус көлүнэр көлөҥ тээбиринэ атыҥ уҥуоҕар-арҕаһыгар, быһыытыгар-таһаатыгар орун-оннугар лоп бааччы сөп түбэһэр буолуохтаах. Лааппыга атыыланар сэп-сэбиргэл үксүн орто уҥуохтаах сылгыга анаан оҥоһуллар, ону көрөн-истэн сөп гынан сээкэйин уларытан-тэлэритэн, быатын-туһаҕын уһатан, кылгатан бэриллэр. Оччоҕуна эрэ ат күүһэ-уоҕа толору туһаныллар: күннээҕи үлэтин аһара илистибэккэ, суойбакка түмүктүүр; саннын, арҕаһын, атын да сирин оҕустарбат, бааһырбат.

Икки атахтаах да майгыта араас – сылгы, ардыгар, ордук хос хамсаннаҕына, бырахтаҕына – кыыһырбыта, абарбыта аатыран Дьөһөгөй оҕотун быһа кымньыылаан сирэйгэ охсон эҥиннээн дьарыйар дьон бааллар, ол отой сиэргэ баппат быһыы. Иччититтэн дьарыллар ат сиэтиллэн да иһэн, миинэн да истэххинэ: илиигин эмискэ туора хамсаттаххына, өрө ууннаххына – этин тартаран дьигис гына түһэр, төбөтүн аһара сатыыр, эмискэ туора ыстанар, эбэтэр өссө соһуйуоҥ иһин олоро кэлэн түһэр. Ат кэмэлдьитин билбэт, үөрүйэҕэ суох киһи кыайан тутуһа охсубакка суулуннаҕына да көҥүл. Устунан сылгы сыыстардаҕа ол.

Үчүгэй илиилээх киһи айааһаабыт ата тута биллэр. Холкуос аттара үксүлэрэ нэмин табан, сыһыйыахтарыгар диэри мииниллибит, көлүллүбүт сүөһүлэр. Уолаттар хаамтаран иһэн ат үрдүттэн мас көтөрүн, бэл куһу, куобаҕы ытан ылаллар; кыылы да охторбут түгэннэрэ бааллар. Миҥэлэрэ бэл оччолоох үрдүлэригэр сатарыыр соһуччу тыастан-уутан сиргэммэттэр. Биллэн турар мээнэ ытыалыыр эмиэ табыллыбат, онно эмиэ туспа үөрүйэх ирдэниллэр, холобура кулгааҕын үрдүнэн дирбийдэххэ-дарбыйдахха хайа да ат сөбүлээбэт, баһын быһа илгистэ-илгистэ көппөрөх да гыннаҕына көҥүлэ…

Бааска Кэлээрэп (Атыы Бааската) биир саас, кыбычаалга тыйдары сэлии сырыттахпытына, биһиги бары көрөн турдахпытына, Арыылаах эбэҕэ, сылгы хаһыытыгар тиҥсиринэ сылдьар, өрөҕөлүүн уот кыһыл саһылы, атынан сырсан ситэн тиийэн, чөл хаарга тахсан тыа диэки эрийэ-буруйа субуруҥнаан эрэр кыылы – кутуругун төрдүттэн бобо тутан ылан ыҥыырга сиһин булгу охсон өлөрөн турар. Ити курдук Куртайаах Лааһар кырсаны бултаабытын туһунан кэпсииллэр.

Атыы Бааската бэйэтэ да лаппа кыанар уол. Тэбэнэтирэн, кытаҕас курдук тарбахтардаах ытыһынан тимир куруусканы үөһээ бүүрүгэ сыстыар диэри ыпсары тутан кэбиһэрэ. Атыттар холонон көрөллөрө да кыайбаттара, бэртэрэ кыратык хомураталлара эрэ, Бааска курдук бүүрүгүн тиксиһиннэрбэттэрэ.

Сылгыһыттар биригэдьиирбит Таппаҕаарап Хабырыыл – Дугус диэн сааһыран эрэр таас дьүлэй аттаах. Биир саас, ата эдэригэр – аттыын-бэйэлиин сайыыга түһэ сылдьыбыт. Онно ата уу анныгар уһуннук тимирэн баран көппүтэ үһү, онтон бэттэх тугу да истибэт таас дьүлэй буолан хаалбыт. Хабырыыл атахпын иҥэһэҕэ олуйан өлө сыспытым диэн кэпсээччи. Ата төрүт тугу да истибэтин Хабырыыл хас да сыл буолан баран биирдэ эрэ билбит. Дугус атаҕар үчүгэй сылгы, онон төһө да дьүлэйин иһин туттан кэбиспэтэхтэр.

Хас биирдии киһи ис-сүрэҕиттэн сөбүлүүр идэтин үлэлээтэҕинэ эрэ – ол үлэтэ үрдүк көрдөрүүлээх, таһаарыылаах буолар. Таптыыр дьарыккар улам-улам ылларан, хас күн аайы билбэтэххин билэн, көрбөтөххүн көрөн сатабылгын эбэн, тупсаран иһэҕин. Үгүс сыл сылгыга үлэлээбит кырдьаҕас сылгыһыттар сүбэлэрэ-амалара – эдэр киһиэхэ ураты улахан суолтаны ылаллар. Сыл-хонук ааһан истэҕин аайытын Дьөһөгөй оҕолоругар киһи отой ыкса убанан хаалар, бэл айылҕаны анааран көрүүҥ, оту-маһы, сири-дойдуну сыныйан сылыктыыр санааҥ кытары – сылгы хараҕынан көрүллэр курдук буолар. Ис-хааҥҥыттан, өйдүүн-санаалыын эймэнийэн туран сылгы барахсан ураты эйгэтигэр киирдэхххинэ – Дьөһөгөй оҕото эйигин көстүбэт сырдык тыынынан араҥаччылыыр дииллэрэ кырдьык…

Ат миинэн араас сирдэринэн тэлэһийэн сылгы сылгылаан, сыл устатын тухары сылгыһыт төһөлөөх эрэ сири тилийэ көтөр?.. Барытын усталыы тутар киһи, дьэ, уһун да субурҕа суол буолуо этэ ээ…

Киһи сиргэ сылдьан туох-туох дьиктилэри көрбөтөҕө, араас эгэлгэ быһылааннарга түбэспэтэҕэ баарай. Онно барытыгар бэйэҥ уонна миинэр миҥэҥ барахсан чыпчылҕан түгэнигэр сөптөөх быһаарыныыны ылбытыттан – этэҥҥэ эчэйбэккэ ордон хаалар түбэлтэлэриҥ үгүс. Ардыгар, олоҕуҥ бэрт синньигэс кыл утаҕар ыйанан сырдык-хараҥа иһигэр да киирэн тахсыылар баар буолаллар…

Сылгы ураты өйүн, быһыытын – чахчы силигин ситэри сыныйан, бэйэтэ туспа, үөһэттэн айдарыылаах эрэ киһи (сылгыһыт) толору өйдүөн сөп…

Киһи сүрдээх мунаах, оттон сылгы хайдахтаах да тыаллаах-куустаах, лүҥкүрбүт халыҥ былыттаах күн, ити-бу көстүбэт будулҕаныгар, буурҕатыгар – өтөҕүн, хаһаатын туһаайытын, тосхолун букатын эндэппэккэ билэр. Муннум дии санаан тэһииҥҥин көҥүл ыыттыҥ да, атыҥ киһи-сүөһү баар сирин хайаан да булларар.

Уулаах, буос биэни туспа нэһилиэккэ үүрэн илтэххэ, ийэ иһигэр барсыбыт кулун төрөөн, улаатан баран, төрүт сиригэр, бэл өрүһү харбаан туоруу-туоруу күрээн кэлэрин, төннөрүн туһунан кэпсииллэр. Сылгы биирдэ сылдьыбыт да сирин төрүт умнубат. Ардыгар, саастаах миҥэни эбэтэр уолаттар миинэ сылдьар эдэр аттарын да уларсан айаннатан истэххэ, атыҥ эмискэ хорус гынан тохтоон хаалар, бу тоҕо турда диэн тула-мала көрбүтүҥ – ыксаҕар, чугас чааркаан чээҥкээйитэ, тэптиргэ маһа хоҥкуйбут буолар. Ол, били, хаһан эрэ булчут дьон сэп тэринэн: куобахха туһах, түүлээххэ чааркаан ииппит, айа тарпыт сирдэрэ эбитин билэн, баҕар, манна эйигин эмиэ түһүө, тохтуо диэн уруккутун санаан тохтуур быһыыта…

Үөр баһылыгын сиэлин сэлээбэттэр, кутуругун, көҕүлүн хаһан да сарбыйан кэбиспэттэр. Сыһылла, соһулла сылдьар сиэллээх, кутуруктаах, намылыйбыт көҕүллээх атыыр дохсун буолар, арбаллан-сарбаллан уордаах, кырыктаах көстүүлэнэр, суоһурҕанан сүүрэн-көтөн ыһыллаҥхайданнаҕына – бэл ардай аһыылаах дьаарханар.

Көҕүлүн быыһынан көрө сылдьар миҥэ сиргэмсэх буолар диэн, сорох дьон ат көҕүлүн хараҕын саппатын курдук лаппыйан кэбиһэллэр.

Арбаҕар сиэллээх сылгы – өһөс, күтүр, мөҥүүк. Иирсибэт, чараас сиэллээх сылгы санаа хоту сигилилэнэр дииллэрэ оруннаах. Киһиэхэ эмиэ оннук, иилистибэт ньылҕаархай баттахтааҕы (үксүгэр дьахтары) – сымнаҕас майгылаах барахсан эбит дэһэллэр… Аны арытыалаах, оруктаах сиэллээх сылгы баар буолар.

Чараас түүлээх сылгы тоҥон, титирээн ырыганныыр. Тыһын түүтэ хойуу уонна уһуна суох буоллаҕына үчүгэйдик хаһан аһыыр, сылы көтөхтөрбөккө туоруур.

Дьөһөгөй оҕолорун аһыылларыттан көрөн, туох-хайдах ис туруктаахтарын эмиэ билиэххэ сөп. Сорох сылгы элбэҕи аһыыр уонна сааҕа убаҕас – ол аата дьыла суох; сорох элбэҕи аһаабат уонна сааҕа кытаанах, тооромос – ол аата дьыллаах, көлүннэххинэ «аһын туппат» сылгы курдук эмискэ быһа түспэт, илистибэт, «хара этигэр» тиийдэҕинэ да, ол туругар уһуннук сылдьар, салгыы ыран-быстан барбат уонна оту да кэмчилиир. Көлө «хара этигэр» тиийиитэ диэн – ордук-хос сыата-сымата симэлийэн, суоллан аҥаардас былчыҥа, этин-сиинин чөлө эрэ хаалыыта, ыанан муҥутуурдук чылбыйа, «уһун тыыннана» сылдьар туруга ааттанар. Ол да иһин сорох сылгы «хара этигэр» тиийдэҕинэ дуолургуур, мөҕөр кыыбаҕаланар.

Биэ эрэ оҕомсох буолбат, атыыр эмиэ сүрдээх оҕомсох: кулуннаах биэни ордук кэбэҕэстик үөрүгэр ылар, холбуур. Аны туран сорох кулун аҕамсах, далга хааллан турар үөртэн биэни тутан убаһатын ийэтигэр батыһыннаран илтэххэ, атыыр кистээн дьырылаттар эрэ, төттөрү сүүрэн ойо-тэбэ турар убаһа баар буолар. Оннук убаһаны тутан, быалаан эрэ аҕатыттан араараҕын…

Түҥ былыргыттан сылгы дьүһүнүн, өҥүн-түүтүн эгэлгэлээн арааран араастаан дьүһүннүүллэр. Дьон Дьөһөгөй оҕолорун үгүстүк туттуллар сүрүн өҥнөрүнэн эрэ араараллар (ол да аҕыйаҕа суох). Оттон ис-иһигэр киирэн кыраҕытык сыныйан өҥнүүр-дьүһүннүүр буоллахха, сылгы өҥө күн эгэлгэ араас суолга арахсар.

Урут, мин оҕо эрдэхпинэ, Үгүлээт таҥаратын дьиэтин аҕабыытын уола Андрей Александрович Попов диэн улахан үөрэхтээх киһи, Арҕаа Кыргыдайга, Уулаах Бэти күөлгэ олорбут Сылгыһыт Бөөчөө диэн оҕонньортон – сылгы аҕыс уонча өҥүн (дьүһүнүн) сурунан барбыта үһү. Дьэ, элбэх өҥ!.. Тус-туспа сүрүн дьүһүн аайы хас да суол көрүҥ баар эбит!..

Сылгыны дьүһүннээһин сир-сир аайы туспалаах, ол эрээри сүрүн, бэлиэ өҥнөр ааттара биир.

Сорох сылгы дьүһүнэ кини сааһыттан, сыл кэмиттэн тутулуктанан уларыйар. Ордук элбэхтик буурул сылгы араастаан кубулуйар. Ол курдук сыл устата өҥүн сэттэ төгүл уларытар. Оҕо дьон, эдэр сылгыһыттар сылгыны дьүһүннүүллэригэр уҥа эбэтэр хаҥас өттө дииллэр, дьиҥинэн былыр-былыргыттан хаҥас өттүн – аттанар, уҥа өттүн – кымньыыланар өттө дэниллэр.

Хара сылгыны икки көрүҥҥэ араараллар: чох хара уонна килбэлдьигэс хара.

Омос көрдөххө хара эрээри, быттыктара уонна хоҥоруута кытаран көстөр буоллаҕына, ол тураҕас сылгыга киирсэр; төрүүрүгэр олох хара сылгы сааһырдаҕына кэрэ (үүт үрүҥ) дьүһүҥҥэ кубулуйар. Төрүүрүгэр хара сур сылгы кэлин хараарар, сааһырдаҕына туртайан улаан буолар. Сылгы – сиэлэ, кутуруга, баһа, тыһа хара эрээри атын өҥө кытарымтыйан көстөр буоллаҕына кинини өссө – эһэ хара дииллэр.

Сылгы хаһан да төрүөҕүттэн маҥан буолбат. Баһыттан атаҕар диэри үрүҥ кулунчук биэттэн төрөөбүтэ диэн суох. Маҥан өҥү түөрт суолга араараллар: маҥан (үрүҥ), саһыл кэрэ, кэрэ, үүт кэрэ.

Истэр тухары, арай, Кыргыдай сиригэр, Өтөннөөх күөлүгэр олорон ааспыт, олоҥхоһут Сэдэх биэтиттэн кэтэҕин аһыттан кутуругун төрдүгэр диэри үргүлдьү сиэллээх үүт кэрэ кулун төрөөбүтэ үһү диэн кырдьаҕастар кэпсииллэр. Сэдэх түҥ былыр олорон ааспыт киһи буолбатах, кэм бэтэрээҥҥи киһи, онон кырдьыгы кэпсэл оҥостон эрдэхтэрэ (маҥан өҥнөөх бөрөнү, саһылы, тииҥи, бэл ала бэлиэлээҕи бултаабыт дьон бааллар, онон быыстатан-арыттатан сылгыга да, дьикти түбэлтэ кэриэтэ, ураты айылгылаах Дьөһөгөй оҕото төрөөн эрдэҕэ). Сэдэх ол сылгыта сиһигэр ыҥыыры уурдарбатах, киһини үрдүгэр көрбөтөх сүөһү эбитэ, хата ол оннугар иччитэ бэйэтэ көлүнэрэ үһү. Нэһилиэк кинээстэрэ, сир систэрэ, дойду дьоһуннаахтара олоҥхолото ыҥырдахтарына, оҕонньор атыырын көлүйэн айаннаттаҕына – миҥэтин сиһин устун сиргэ тиийэ сабырыйан түспүт сиэлэ сиринэн сыһыллан, олоҥхоҕо туойуллар сэлии кыыл илэ бэйэтинэн, кырыа хаары бүрүнэн сиэлэн сэгэлдьитэн иһэригэр маарынныыра эбитэ. Аттаматах атыыр сылгы аата үөр диэни туппакка, биэҕэ чугаһаабакка эрэ кырдьыбыта үһү…

Түөрт туйаҕа уралдьыта суох дьэҥкир, мунна хатыр, хоҥоруутун, кулгааҕын иһинээҕи түүлэрэ, хаҥарайа, кутуругун иһэ, сүһүөхтэрин түүтэ, сиэлэ, кутуруга, сиһин ороҕо барыта маҥан, хараҕа чаккырыас буоллаҕына эрэ үүт кэрэ дэниллэр.

Хоҥоруута, кулгааҕын иһэ араҕастыйан көстөр, сиһин ороҕунан, хоҥхочоҕун үрдүнэн уонна сүһүөхтэригэр, тыстарын ньууругар араҕас түүлэрдээх буоллаҕына – саһыл кэрэ сылгы дэнэр.

Мунна, сымыһаҕа, хараҕын тулата хара, кутуруга, сиэлэ көҕөччөрдүҥү, хаҥарайа, кутуругун иһэ хара, туйахтара хара, сүһүөхтэрэ бороҥ түүлэрдээх, атына барыта маҥан буоллаҕына ону маҥан сылгы дииллэр.

Аны сылгы туйаҕын өҥүн араастаан ааттыыллар: хара, дьэҥкир, уралдьылаах. Өскөтүн дьэҥкир туйахтаах сылгы туйаҕын хара өҥ ураанньыктыы, эбэтэр икки өттүнэн кэлтэччи да соҕус ойууланан түспүтүн – уралдьылаах туйахтаах сылгы дииллэр. Сылгы уралдьытын эгэлгэтэ үгүс. Ити элбэх сылгыттан чопчу соруктаах сылгыгын булан ыларгар, уралдьыта хайдах моһуоннааҕынан эндэппэккэ билэргэр улахан суолталаах. Урут көрбөтөх да сылгыгын, аҥаардас тылынан дьүһүннээн, уралдьытынан ойуулаан биэрбиттэринэн судургутук, бэрт кэбэҕэстик, эрэйэ суох булуохха сөп.

Көҕөччөр (бороҥ) – түүтүн үрүҥэ-харата тэҥ булкаастаах болоорхой эбэтэр оннооҕор харатыҥы күл курдук өҥ. Көҕөччөр сылгы сиһин ороҕунан хара сурааһыннаах буолара сур сылгы курдук булгуччута суох. Көҕөччөр сылгыны – хара көҕөччөр, күөх көҕөччөр, сырдык көҕөччөр, тимир көҕөччөр, чуоҕур көҕөччөр диэн араастаан арааран ааттыыллар. Итилэри хас биирдиилэрин сиэлинэн, кутуругунан арааран эмиэ тус-туһунан дьүһүннүүллэр. Ол курдук чаҥкырыын сиэллээх, кутуруктаах хара көҕөччөр, моҕоллоох сиэллээх, уйуллаах кутуруктаах күөх көҕөччөр… Сырдык көҕөччөр сылгыны өссө улаан дииллэр, онтуҥ бэйэтэ туспа: сырдык, кыһыл улаан диэннэргэ арахсар.

Көхсө, ойоҕоһо барыта күл курдук өҥнөөх, хоҥоруута, тыстарын ньуура, кутуруга уонна сиэлэ хара, сиһин ороҕунан сиэлин төрдүттэн кутуругар диэри хара сурааһыннаах буоллаҕына – хара сур сылгы дэнэр. Сырдык сур – сиэллиин-кутуруктуун, тыстыын сырдаан көстөр онтон атына күл өҥө өҥнөөх. Өссө – күтэр сур, бороҥ сур, саһыл сур диэннэргэ арахсар. Маны таһынан хос бэлиэлэрэ: сиһин ороҕо, хаҥалас быччыҥнара, сиэл, кутурук ардайа, араас моһуоннаах дьаҕыллар. Дьаҕыл – сылгы моонньун төрдүттэн аллара, тобугар чугаһыыр, туспа, хараҥа быдьыгырас түүтэ, сороҕор кыһыл эмиэ буолар, ол сааһырдаҕына сүтэн хаалар. Ордук былыргы дьыллар мындааларыгар дьаҕыллаах сылгы үрдүк айыылартан бэлиэлээх буолан туспа суолталанан ытык сылгы быһыытынан туттуллара үһү.

Буурул өҥ икки сүрүн суолга арахсар: кыһыл буурул, күөх буурул. Түүтүн төрдө уонна ньуолах түүтэ туртайан, оттон түүтүн төбөтө кытарымтыйан көстөр дьүһүннээх – кыһыл буурул. Маннык өҥ маҥан уонна кугас түүлэр эриэ дэхситик булкуһан холбоспуттарыттан үөскүүр. Оттон түүтүн тас кылаана көҕөрүмтүйэн көстөр – күөх буурул. Бу өҥ хара уонна маҥан түүлэр булкуһа үүммүттэрин түмүгэ. Бууруллар үксүлэрин сиэлэ, кутуруга хара, эбэтэр бэйэлэрин өҥнөрүн курдук. Буурул сылгы өҥүн сыл устата хаста да уларытар: көҕөрөр, маҥхайар, саһарар, кытарар. Күөх буурул сылгыны саас сырдык көҕөччөр диэххэ сөп, ол эрээри ньилбэктэрин уонна хоҥоруутун өҥө улаханнык уларыйбатынан, сыныйан билэр киһи бутуйбат. Сырдык буурул сылгы сааһыран истэҕин аайытын маҥхайар. Буурул сылгы элэмэстэммэт.

Сиэр өҥнөөх сылгыны эмиэ хас да көрүҥҥэ арааран дьүһүннүүллэр: кыһыл сиэр, улаан сиэр, сырдык сиэр, хардаҥ сиэр. Сиэлэ, кутуруга, тыстарын ньуура хара, орохтоох систээх, сүрүн өҥө кугастыҥы араҕас буоллаҕына хара сиэр сылгы дэнэр. Оттон сиэлэ, кутуруга уонна уорҕатын түүтэ итинтэн сырдаан көстөрү – сырдык сур дэнэр. Улаан сиэр сылгыны, үгүстүк, судургу улаан дииллэр.

Сиэр сылгыга майгынныыр гынан баран сиһэ ороҕо суох уонна сырдык буоллаҕына – кугас дэниллэр. Кугас – бүтүн бэйэлиин, тыстыын эҥинниин барыта кытарымтыйан көстөр, сиэлэ, кутуруга эмиэ оннук дьүһүннээх эбэтэр арыый сырдыыр, араҕастыйар. Сүүһүгэр туоһахтата, ураанньыга, атахтара элэмэһэ суох уонна түөрт туйаҕа олорчу хара буоллахтарына – бүтэй кугас сылгы дэнэр. Дэҥ, намылыйа сылдьар үрүҥ сиэллээх, көҕүллээх, кутуруктаах кугас сылгы баар буолар. Биһиги холкуоспутугар Уон Биэстээх атыыр үөрүгэр эрэ оннук өҥнөөх-дьүһүннэх соҕотох биэ баар.

Сиэлэ, кутуруга, тыстара хара, бэйэтин көстөр өҥө сырдык өһөх курдук буоллаҕына ол тураҕас сылгы. Тураҕас дьүһүн – хара тураҕаска, уонна сырдык тураҕаска арахсар. Сырдык тураҕас сылгы өрөҕөтө, быттыга, хонноҕо туртайан сырдаан, атын өҥө кытарымтыйан көстөр. Хара тураҕаска, бэйэтин бүтүн дьүһүнэ хара эрээри, быттыга, хонноҕо кытаран көстөрү киллэриллэр.

Өҥө бүтүннүүтэ сайыҥҥы ынах арыытын курдук ыыс араҕас, сиэлэ, кутуруга сырдык эбэтэр маҥан буоллаҕына – араҕас эбэтэр өссө алтан араҕас дэнэр. Оттон сорох өттө сүрүн өҥүнээҕэр сырдаан көстөрү – сырдык араҕас диэн ааттыылар.

Саарыл – араҕас өҥнөөх эрээри сиэлэ, кутуруга уонна тыстара харааран көстөр сылгы; ардыгар, сиһэ орхтонуон сөп.

Самыыта, уорҕата хастаммыт хатырык иһин курдук өҥнөөх, кутуруга, сиэлэ маҥхайан көстөр эбэтэр сырдык уонна хара түүлэрэ тэҥ буолан бороҥсуйан көстөрү – хоҥор (моҕул) сылгы дэниллэр. Маннык өҥнөөх сылгы – сырдык уонна хараҥа хоҥорго арахсар. Сырдык хоҥор сылгы тураҕас өҥнөөххө чугаһыыр, уратыта диэн кутуруга, сиэлэ маҥхайан көстөр.

Биир кэлим сырдык өҥнөөх сылгы, араас бөдөҥнөөх атын өҥүнэн, эбир курдук саба тибиирэн кэбиспиккэ дылы көстөр ойууланнаҕына – чуоҕур сылгы дэнэр. Чуоҕур хас да араастаах: кыһыл, хара, күөх чуоҕур…

Күрэҥ сылгы кылаан түүтэ кытарымтыйан көстөр, түүтүн төрдө харатыҥы кугас. Сиэлэ, кутуруга сүрүн өҥүнээҕэр хараҥа.

Элэмэс сылгы олус элбэх дьүһүҥҥэ арахсар: хара элэмэс, сур элэмэс, күөх элэмэс, кугас элэмэс. Күөх элэмэс кырыйдаҕына туртайар. Үрүҥ уонна күөх элэмэс сылгы ардыгар мунна түүтэ суох тэтэркэй өҥнөөх тириилэнэр. Ону «сиикэй мурун» дииллэр. Онтута сылгы сааһырдаҕын аайы сүтүөхтээҕэр эбии улаатар.

Ортотунан икки өттө үрүҥ, атына биир тэҥ өҥнөөх буоллаҕына – ала сылгы дэнэр. Ала сылгы алатын моһуонун арааһа муҥура суох.

Дэҥ, кубул ала сылгы диэн баар буолар. Аттанар өттүн өҥө атын, кымньыыланар өттүн өҥө туспа. Итинник сылгы үөргэ холбоһон мэччийэ сырыттаҕына, билбэт киһи хараҕын араара-араара көрдөҕүнэ, тус-туһунан дьүһүннээх сылгылар сылдьалларын курдук көстөр.

Сылгы сирэйин ураанньыктаах, туоһахталаах, сиикэй (хатыр) муруннаах, маҥаас диэн бэлиэтииллэр, оттон сылгы түүтүн үс суолга араараллар: халтаҥ (ньылҕаа) түүлээх, кыл түүлээх, куобах түүлээх…

Сорох оҕо дьон, ардыгар, сылгыны ымпыктаан-чымпыктаан өҥүнэн, дьүһүнүнэн билиэхтээҕэр, бэл, сааһынан да кыайан араарбаттар, дьиҥинэн ол олус судургу. Сылгы төрүөҕүттэн алта-сэттэ ыйыгар диэри – кулун, онтон биир сааһыгар диэри – убаһа. Биир сааһыттан икки сааһыгар диэри – тый, ити кэмҥэ ийэтин эмэ сылдьар буоллаҕына – эмньик тый дэнэр. Сылгы икки сааһыттан үһүн туолуор диэри – тиҥэһэ: тиҥэһэ соноҕос, тиҥэһэ кытыт. Тиҥэһэ үһүн туолан түөрдүгэр үктэннэҕинэ – кытыылыыр дэнэр: кытыылыыр соноҕос, кытыылыыр кытыт.

Сылгы түөрдүн толору туоллаҕына, атыыра – түөртээх соноҕос, тыһыта – түөртээх кытыт. Соноҕоһу дьэ бу сааһыттан ыҥыырга да, сыарҕаҕа да көлүйэн айааһаныллар. Ити сааһыгар тиийэ илик сылгыны, этэ-сиинэ ситэ-хото илигинэ айааһыыры – кырдьаҕастар «ыҥыырыгар самнар» диэн сөбүлээбэттэр. Оттон олус дуулаҕатыйбыт, уонугар чугаһаабыт, өссө ааспыт, дохсун сылгыны айааһыыр, туһугар, туспа уустуктардаах.

Биэстээх атыыры эмиэ соноҕос, биэстээх биэни эмиэ кытыт дииллэр. Дьэ ол оннугар биэһиттэн үөһэ саастаах сылгыны тус-туһунан сааһынан ааттаан араарбакка: аты – ат, биэни – биэ, атыыры – атыыр диэн, онно сааһын эрэ эбэн этэн чуолкайдыахха сөп…

* * *

1954 сыл күһүнүгэр бөрөлөр мэнээктээннэр сылгыһыттар утуйар уубутун да умнан түбүк, сүпсүлгэн бөҕөтүгэр түстүбүт. Солбуһа-солбуһа, ат уларыта-уларыта, түүннэри сылгы хаһыыларынан төттөрү-таары тибилиннэрии, кэлии-барыы, биир кэм тэлэкэчийэ көтүү.

Түүн, хараҥаҕа бөрөлөрү куттаары, күөллэр тумуһахтарыгар кулуһун уматабыт, тыас-уус да таһаара сатыыбыт, ол үрдүнэн син быыс-арыт булан хас да үөрү ыстылар: биэлэри тартылар, кулуннары, убаһалары туттулар. Биһиги холкуоһу хас да үөр бөрө буулаата, ардыгар, ханан эрэ, киэҥ сиринэн тэлэһийэн сүтэллэр, ол эрээри өр-өтөр буолбаттар, хат күөрэйэн кэлэ тураллар. Ыаллыы сытар холкуостарбытын эмиэ аймаатылар. Түүн бөрө улуйан эҥсэлийэр энэлгэнин мэлдьи истэбит.

Уйбааҥкалар диэн Балаҕаччы ыалыгар хоно сыттахпына, түүн, сутаабыт бөрө тэлгэһэ иһигэр киирэн, мас мастыыр сиргэ кэлэн улуйан уубутун аймыы сырытта. Ыаллар эһэлэрэ, маҥхайа сатаан баран мэктиэтигэр ыыстыйбыт баттахтаах, сүүһүгэр чугаһаабыт, балык айах Уйбааҥка оҕонньор, хата кини чуора, сэргэҕэ сүрдээх: «Ити күтүр аны дьиэҕэ киирэрэ буолуо…» – диэн хос сиэннэрин, мэник-тэник кыра ыамайдары куттаталаан дьээбэлиир.

Адьырҕалар, ардыгар, аҥаардас көрүлээри эрэ, үөр биэлэрин, убаһалары, кулуннары сырса сылдьан тарда-тарда, бэрт кыратык эрэ сии-сии, сорохторун өссө отой да бүтүн хаалларан, быраҕан кэбиһэллэр. Бөрө тардыбыт сылгыларыгар аах суруллар, тиис суолун сүгэнэн суора-суора эттээн холкуос ыскылаатыгар туттарабыт. Улахан тымныыга дордоччу тоҥмут сүөһүнү астыыр бадьыыс үлэ. Тиит маһы кырыылаан «ытаһа» оҥостон онон тоҥсуйан сүлэбит…

* * *

Ахсынньы саҥатыгар биир күн Лэгиэнтэйэп Кууһуманы кытары Улахан Эбэттэн Таас Харах диэн атыыр үөрүн Мундулуҥдаҕа аҕалан, ыраары гыммыт биэлэри туһунан араартаан баран сылгы иитиэхтии сытар Быралгыга хоннубут. Баһылай дьоно Балаҕаччыга көһөннөр бэйэтэ эрэ.

Сарсыарда бэрт эрдэ туран аттарбытын ыҥыырдаталыы охсоот, Кууһумалыын сып-сап чэйдээт, субу Айдаҥҥа ойутаары олордохпутуна, үөскэ сылгыларыгар от тэлгэтэ киирбит Быралгы тыын быһаҕаһа тыынан сүүрэн мэҥилээн кэлэн ааны өҥөйөн туран:

– Сиэллээх Уолун үөрүн бөрөлөр ыспыттар!.. Бэйэтэ кыылы соһон кэлбит!.. Тахсан көрүҥ!.. – диэт төттөрү мэлис гынна.

Биһиги соммут үрдүгэр түһээт, үтүлүктээх бэргэһэбитин сүүрэн иһэн кэтэ-кэтэ Кууһумалыын үөскэ, далга тэбиннибит…

Быралгы, оол курдук, хайыы-сахха бүтэйгэ тиийэн, сиэрдийэ аннынан төҥкөйөн искэ киирэн эрэр. Кыбычаал кэтэҕэр, Сиэллээх Уола барахсан түөрт атаҕар дьыраччы тэбинэн, байааттардаабыт сылгы сүһүөҕүн була сатаабытыныы хамсаабакка нөрүйбүт…

Далга тиийэн Кууһума биһикки көрбөтөхпүтүн көрдүбүт… Сиэллээх Уола сиринэн соһуллар хойуу, уһун кутуругар – бөрөнү соһон кэлбит… Бөрө – өлбүт, бөртөлөөх тыстаах атахтарын сатамньыта суохтук мээнэ быраҕаттаабыт, уота өһөн эрэр ап-араҕас харахтарынан мэндээриччи көрбүт, тордуох аһыылара кыа хаан буолан килэйбиттэр…

Холкуоспут уһуу атыырдарыттан биирдэстэрэ, сур өҥнөөх Дьөһөгөй оҕото – кыылы кытары охсуһан, уйуһуйан сэниэтэ эстэн, агдатын иһэ кыыкыныы-кыыкыныы ис-иһиттэн эҥсэн «пуус» гына тыынар, тыбыыран тарылатар, ол аайы икки таныытыттан үрүҥ чаан бургучуйар…

Төһө да сэмээр чугаһаатарбыт, Сиэллээх Уола арбаллыбыт көҕүлүн быыһынан сибиэркээбиттии кыҥастаһаат эмискэ туора ыстанна… Кыыла өлбүтүн билэн тэбиэлэммэккэ эрэ кыараҕас далы кыйа хаста да эргийдэ… Бөрө айаҕыттан хойуу хаан санньылыйа тохтон субуллар… Сиэллээх Уола хаһан да үрдүгэр быаны-туһаҕы көрбөтөх сүөһү.

Атыыр бүтэй кынатын бата кэлэн дал иһигэр кииртин кэннэ Быралгы сүрдьүгэстэри анньыталаан сабан кэбиспит.

– Маннык буоллаҕына син биир туттарбат, сэниэлээх эбит, кыбычаалы арыйыҥ!.. – диэн Быралгы соруйбутугар биһиги улахан далы кытары ситимнэһэр кыбычаал сүрдьүгэстэрин сулбурута тыыталаатыбыт, нөҥүө тахсар өттө сабыылаах.

Сиэллээх Уола кыбычаал иһигэр киирэн баран, дьэ сыһыйбыкка дылы буолла. Ханан да бааһа-үүтэ суох, ол оннугар мэктиэтигэр сайыыга түспүт сүөһүлүү уу чаккырас буолуор диэри тиритэн түүтэ бир кэм будьуруйар.

Нөҥүө-маҥаа туран атыыр сиһин, хойуу көҕүлүн, сиэлин иһин имэрийбиппитигэр кыһаллыбата. Бэйэтэ да үөрүн батыһыннаран киһи баар өтөҕөр, иччи оҥостубут икки атахтаахтарыгар өрүһүйтэрээри чуо манна, сылгы иитиэҕэ баар сиригэр кэлбит.

Быралгы өттүгэр эйэҥэлии сылдьар кыыныттан удьурҕай уктаах быһаҕын ылан, бөрө ытыран баран ытыстыбыт сыҥааҕын араарбакка эрэ, хойуу сүүмэх кылы хаста да төхтүрүйэн быһыта баттыалаата. Кууһума бөрө арахсаатын, икки кэлин атахтарыттан ылан, кэннинэн хааман, дал таһыгар туора соһон таһаарда. Кутуруга сарбылларыгар, бөрө соһулларыгар да атыыр төрүт хамсаабата. Мин алын сиэрдийэҕэ үктэнэн туран атыыр сэҥийэтин тарбыыбын, атын кэм эбитэ буоллар Сиэллээх Уола бу курдук иһийэн эйэргэспэт сүөһү.

Эргитэ сылдьан бөрөнү чинчийэн көрдүбүт: баһын уҥуоҕа үлтүрүйэн хачыгырыы сылдьар, хас да ойоҕоһо тостубут, моонньо унньулуйан уһаан хаалбыт. Бөрө ыарахана диибин диэн, туома, иһигэр тобус-толору өрүс тааһын симэн кэбиспиккэ дылы, бэйэтэ да улахана, үскэлэ сүрдээх, омуна суох – убаһа саҕа.

– Бу айылаах ардай аһыылаах тугу киһилиэй, кулуннар эрэйдээхтэри биирдэ быһа хадьырыйан кэбиһэр буоллаҕа… – диир Быралгы.

Убайым Кыра Баһылай, Лииндэҕэ бултуу сылдьан, кыттыгас киһитин ытын бөрө туппутун – саллан, сөҕөн кэпсээччи. Өрүс үөһэ, мыраан оройугар, табатын туркутугар табахтаан бусхата олордоҕуна, арай, уҥуоргу хочо үрдүк сырайынан сүрдээх улахан бөрө муҥ көтүүнэн ойуолаан түспүт да, бэйэтэ да кыыл өнүгэр тутайан ыраах хаалан иһэр доҕорун ытын, сүүрбүт тэтимин кыратык да кубулуппакка, ыт куобаҕы тутарын кэриэтэ, сиһин ортотуттан туора уобаат өрүс нөҥүө кытылыгар өрө харбыалаһан тахсан түҥ түбэ иһигэр киирэн кыырайа турбута үһү. Дьэ, күүс-уох, кыах кыыл диэтэҕиҥ, аар тайҕа биир сүдү харамайа бөрө күтүр…

Хайа баҕарар харамай, ол иһигэр киһи эмиэ, алҕас, быстах былаҕайга былдьатара диэн баар суол. Бөрө – үөр сылгыны чуҥнуу сылдьан баран, иҥсэтэ батарбакка тутан сиэри саба түспүт быһыылаах. Сиэллээх Уола үөрүн көмүскээн биллэн турар бөрөҕө суоһурҕаннаҕа. Тэбэн, табыйан, ытыран охсустаҕа. Үчүгэй, кыахтаах атыыр соҕотох бөрөҕө иннин биэрбэт, үөрүн ыстарбат. Дьиҥинэн тура күүһүнэн сылгы бөрөтөөҕөр төһө эмэ кыахтаах, ону ардай аһыыбыт, тыҥырахпыт суоҕа уонна айылҕабыт айбытынан бөрөтөөҕөр арыый мөдөөммүт, көнтөрүкпүт алдьатан эрдэҕэ. Баламат кылыстаах үөр бөрө хайдахтаах да атыыры киһилээбэттэр: тула өттүттэн тэҥҥэ саба түһэн мөрөйдөөн, соһулла сылдьан иҥиирин, былчыҥын быһыта тыытан син биир охтороллор…

Сылгы – күөн көрсөөччүтүн, өстөөҕүн эмискэ эргийэ түһэн баран икки атаҕынан тэҥҥэ куус гына тэбэр үгэстээх. Сиэллээх Уола баҕар суоһурҕанан оннук тэбээри кэннинэн чинэккэлии сырыттаҕына бөрө баламатыгар, харса суоҕар түһэн, алҕас туттан кутуругуттан хабан ыллаҕа. Уһун сайыны быһа бырдахтан, күлүмэнтэн быыһанаары хара тыаны кэтэн дугуйдана сылдьан атыыр дэйбиирдэнэригэр кутуругун окко-маска сабаан, сымалаҕа лаҕыай курдук ньаҕайдаан дэлби иилиһиннэрэн кэбиспитэ, иһэгэйдэнэн бэйэтэ хас эмэ хаттыгастаах быа-туһах кэриэтэ бөҕөргөөтөҕө. Ардыгар, дэҥ, сылгы кутуругун сымалалаах үөл титириккэ эрийэ охсон бааллан өлөн хаалар түбэлтэлэрэ кытары баар буолар. Ити курдук иҥнэн баран быһа тардан быыһаммыт мултуйбут кутуруктаах ынах сүөһүнү киһи хайа да холкуоска көрөр.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 13 14 15 16 17 18 19 20 21 22 23 24 25 26 27 28 29 30 31 32 33 34 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации