Электронная библиотека » Семен Маисов » » онлайн чтение - страница 28


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 10:40


Автор книги: Семен Маисов


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 28 (всего у книги 34 страниц)

Шрифт:
- 100% +

«Киһи – санаа хамначчыта (кулута)» дииллэрэ кырдьык. Сылдьарыҥ тухары, хаһан да бүтэн биэрбэт, уостан уҕараабат, арай, санаа эрэ быһыылаах…

Арыылаах эбэбин усталаан, Айдаҥтан көс кэриҥэ ыраах Быһыттаах көлүйэҕэ кэлэрбэр – халлааҥҥа сулустар өссө да сытыытык дьирибинэһэ оонньууллара…

Атым Үргэл барахсан сүрэҕэ-бэлэһэ бөҕө – сэниэлээх сылгы хаамардыын-сиимэрдиин да ала бэлиэ: үктэнэрэ, тирэнэрэ да ис-иһиттэн эрчимнээх, тэтимнээх. Кыһыҥҥы айан суолун, үлтү тэпсиллибит чигдитигэр туйаҕын тыаһа – анньыынан мууһу көйөн эрэргэ дылы куп-курдурҕас. Мөлтөх, сэниэтэ суох, сымнаҕас тирэхтээх, эбэтэр ырбыт сылгы туйаҕын тыаһа – чаакыны мас тайаҕынан үүттээн эрэрдии чып-чыбырҕас, чардырҕаан иһиллэр. Сүүрүк сылгы туйаҕа туруору дириҥ хаһыылаах, көҥдөй тыастаах, улаханнык суол таһаарбат. Оттон, баҕа атаҕын курдук кырыллыбатаҕа ырааппыт чараас, хаптаҕай туйахтаах сылгы туйаҕын тыаһа бүтэҥи, лоп-лобурҕас, хоп-хобурҕас, сымнаҕас суолга эрэ үчүгэйдик, толору тирэнэр. Туйаҕа олус уһаабыт ат, ордук халтараан кэмигэр тирэҕин сүтэрэр, бүдүрүйэрэ элбиир, ол иһин мэлдьи көрөн-истэн сарбыйа сылдьыллар. Хата ол оннугар баллаҕар туйахтаах түргэнник харбыыр уонна бадараанньыта суох буолар.

Сылгыһыт – наар айан суолун бата сылдьыбат, бэйэ-бэйэлэрин кытта ситимнэһэр күөлтэн күөл от үрэхтэринэн, баҕарахтарынан, сылгылар хаһан аһаабыт холлорооннорунан, ардыгар отой да сиһи быһан, көрдүүр үөрүҥ баар буолуохтаах сирин сэрэйэн, курдат түһэн айаннатаҕын. Хаар улаханнык хото халыҥыы, хомурахтыы илик кэмэ буолан сырыы-айан сыыдам. Хоҥкуйа көмнөҕүрбүт мастаах-оттоох хойуу тыа иһин хаара, аһаҕас сир курдук буолбатах, сорох сиринэн халтаҥ. Эбэлэр ыраас муустарын үрдүнэн наар атара сэлиинэн түһэрэбин. Үргэл – соноҕос эрдэҕиттэн ахсым айаҥҥа үөрэммит сүөһү…

Буугунай атыыр үөрүнүүн Аҥаарыйар диэн, этэрбэс уллуҥун кэккэлэппиккэ дылы хас да улахан көлүйэлэрдээх, көрдүгэтэрдээх, бэрэлээх эбэҕэ ыйы быһа хаһан бараннар, тоҕо эрэ, эмискэ сир уларыйбыттар. Баҕар, бөрө аймаабыта буолуо…

Күөлгэ, уонча хонуктааҕыта, халыҥ хаар түһүөн иннинэ хаспыт суоллара тибии тибэн омооно эрэ куоһахтанар.

Урут, үс көһү тэйиччи ыыр диир эбит буоллахпына, кэлин, атынан, табанан – сээкэй сорукка ыаллыы нэһилиэктэринэн, холкуостарынан субу-субу тэлэһийэн, бэл, куоракка хаста эмэтэ кэлэ-бара тиэстэммин, улахан ырааҕа суох сир курдук саныыбын. Киһи атыыр үөрүн үүрэн, холкутук, күнүнэн эргийэн кэлэр сирэ. Буугунай атыыр бэйэтэ да, уйуһуйан куота сатаабат сылгы…

Дьыксаах Апанаас да, Дьэримиэй уола Тараас да, эдэр уолаттар, сааларын мэлдьи сүгэ сылдьаллар. Арай, саастаахпыт Тыккаай Ньукулай: «Абааһы «чээҥкээйитин…»» – диэн сааламмат. Тараастаах, хара тыаларыттан күннээҕи күөстэрин баҕас булуналлар, төргүүлэрэ мэлдьи да «иччилээх» буолар. Мин кыыс киһи сиэринэн сааламмаппын, ол оннугар кыыннаах быһахпын этэрбэһим оһуттан араарбаппын.

Ыаллыы холкуостарбытыгар быйыл бөрөлөр хас да биэни, кулуну тарпыт сурахтара иһиллэр. Биһиги эҥээр, дьыл баччатыгар диэри, этэҥҥэтэ, улаханнык быгыалаһа иликтэр, ханан эрэ быһа түһэн ааспыттар үһү диэни эрэ истэбит. Бөрө элбээбит, төрүөҕэ тахсан мэнээктээбит дьылыгар соҕотоҕун ыраах сиринэн тэлэһийэн сылдьар, хараҥаҕа ылларан, быстаран кулуһуҥҥа хонор сэрэхтээх. Хастыы да кылыстаах үөр бөрөҕө түбэһии диэн алдьархай. «Ииримтийэн» ыалдьыбыт адьырҕалар кытары баар буолуохтарын сөп, оннук кыыл киһиттэн толлор, куттанар диэни билбэт. Аны «иирбит» бөрө ытыран бааһырдыбыт киһитэ, тыыннаах хаалбытын да иһин, табан эмтэммэтэ да уһаабат, бөрө ыарыыта сыстан сотору син биир өлөр…

Былырыын, өрүс уҥуор баар нэһилиэккэ тахсыбыт быһылааны санаатахпына салла саныыбын. Тыа адьырҕалара «Сырдык саҕах» холкуос сылгыһытын – аттыын, бэйэлиин тутан, сиэн тураллар. Үс сыл сэрии уотун-күөһүн ортотунан ааһан дойдутун буоругар этэҥҥэ үктэммит, эргиллибит Хаабыһап Дьөгүөр диэн киһи, дэриэбинэттэн биэс көстөөх сиргэ соҕотоҕун сылгы иитиэхтии сытан, биир күн үүтээниттэн икки көс курдуктаах Эҥээннээх диэн күөл от үрэҕэр тайахха саа-айа ииппитин көрө сырыттаҕына, үөр бөрө түбэһэ түһэн, борукка, тула көтө сылдьан мөрөйдөөн кыайбыттар… Киһилэрэ ыһык, өйүө ыла кэлбэтэҕэ ырааппытын, уһаабытын иһин сибиэркээннэр, холкуоһун дьоно кэлэн көрдөөннөр, Хаабыһап сордооҕу Эҥээннээх күөлүн кытылыгар сэмнэҕэ эрэ хаалбытын булан тураллар; атын буоллаҕына бөрөлөр көс курдук бэттэх, үүтээниттэн чугас туппуттар… Дьон кэпсэлинэн, ата сиргэнэн иччитин илгэн баран куоппут, өссө отой да өлүө суоҕун, төбөтүгэр түмүктээх үс үөстээх көнтөһө сөллүбүтүн маска эрийэ көтөн бааллан хаалбыт, ону бөрөлөр киһини сиэн баран, сылгы суолун батан кэлэн, киэҥ сиринэн эргийэ көтөн, тоҕо эрэ, чуҥнаан-чуҥнаан баран биирдэ туппуттар… Миҥэтиттэн бырахтаран хаалбыт сылгыһыт, биэс ботуруоннаах харабыын саатынан – түөрт бөрөнү өлөрбүт… Ат адьырҕалартан сиргэнэн иччитин илгибитэ чуолкайа эбитэ үһү… Киһи эһиллэн түһүүтүгэр сээкэй уҥуоҕун тоһутан, сиһин улаханнык эчэтэн эҥиннээн баҕалыы сынан хаалбыт буолуон сөп, ол туоһутунан – Хаабыһап аттан бырахтарбыт сириттэн уонча да хаамыыны сыҕарыйбатаҕа кэрэһилиир… Төһө уһуннук оннук сору көрө сыппыта биллибэт, бытарҕан тымныы үгэнигэр, улаханнык эчэйбит киһи, баҕар, өй-мэй баран өйүн сүтэрбитин, өссө эбэтэр, отой да үлүйэн, тоҥон өлбүтүн кэннэ биирдэ бөрөлөр сиэбит буолуохтарын эмиэ сөп. Бэрт чугастан ытыалаабыт буолан түөрт бөрөнү таптаҕа… Дьиҥ чахчыта хайдаҕын туох анаарыа баарай, ону Эҥээннээх эбэ үрэҕэ бэйэтэ эрэ билэн турдаҕа… Кылыс бөрөлөр ордоннор – аты кэлэн туттахтара. Үөрдэриттэн оччолоох түөрт кыыл көҕүрээбитин кэннэ, оҕо бөрөлөр эрэ ордубуттара эбитэ буоллар, баҕар, дьаарханан тэскилиэ да этилэр… Оо, сылгыһыт сордоох сир-халлаан ыккардыгар хаалан баран, төһөлөөх эрэ сору-муҥу көрөн өлөөхтөөтө… Иэдээн… Алдьархай диэн ол ини…

Доҕоро суох соҕотоҕун сиргэ сытар сылгыһыттар, ыраах тэлэһийэн бултуур булчуттар мэлдьи өлүү айаҕын өҥөйө сылдьаллар. Киһи – дэҥҥэ-оһолго да түбэспэтэҕин иһин, ыалдьан эҥиннээн хаалара ырааҕынан суол буолбатах. Онон хаһан баҕарар доҕордоох, ханыылаах ордук. Өскөтүн онно икки буолан сылгы иитиэхтии сыппыттара эбитэ буоллар, кыттыгаһа хойутаабытыгар доҕоро хайаан да көрдүү тиийиэхтээх этэ. Уонна «киһим сүтүктээн кэлиэ» диэн эрэмньилээх санааттан эчэйээччи даҕаны санаата бөҕөхсүйэн уһуннук тулуктаһара чуолкай. Эрэлэ суох киһи өлөрө – судургу…

Хаабыһап атыттан: сиэлэ, кутуруга, түөрт туйаҕа, ыҥыырын сээкэйэ оттон киһиттэн: таҥаһын илдьиркэйэ, саата уонна чөмчөкөтүн уҥуоҕа эрэ ордубут… Аны, ытыалаан өлөртөөбүт бөрөлөрүн: уҥуохтарын сороҕото, кутуруктарын төбөтө хаалбытынан эрэ – түөрт адьырҕа дьууктаммытын билбиттэр. Бөрө диэн, хор, оннук; бэйэ-бэйэлэрин бэрт минньигэстик мэҥиэстиһэр харамайдар. Биир бөрө кыратык даҕаны бааһыран хаан таҕыстаҕына – атыттара, сылаас хаан сытыттан мэктиэтигэр ииримтийэн, ол эмсэҕэлээбит доҕордорун үрдүгэр түһэн, үлтү тунайдаан тутан сиэн кэбиһэллэр…

…Халлаан саҥа хото сырдаан эрдэҕинэ, ол эрэн күн өссө да тахсыан иннинэ, Бэрэ эбэни хаба ортотунан быһан, икки биэрэстэ курдук сири сэллэрбэнэн түһэрэн, Уоруу күөлү хаҥас өттүнэн кыйа көтөн, от үрэххэ киирдим… Мантан Улахан Эбэ биэрэстэ эрэ кэриҥэ. Үөр сылгы бэркэлээтэҕинэ икки хонуктааҕыта хаспыт баҕарахтара, иннибэр, бу арылыс гына түстэ. «Һэ, манна кэлэн бүгэн тураллар эбит…» – диэн, атыырым үөрүн дөбөҥнүк булбут киһилии үөрэ санаатым. Аҥаарыйар эбэттэн Буугунай эрэ бу эргин кэлиэхтээх, онтон атын үөр манна хорҕойон дугуйдаммата чуолкай. Бу тухары, ханан да бөрө быһа түһэн ааспытын: эргэтин да, саҥатын да көрбөтүм. Арай, Аҥаарыйартан бэттэх сиэгэн онон-манан мэнээк лэппэрдээбит, саһыл олуктаабыт суола күөл, көлүйэ аайы дэлэй…

Эргэ өтөхтөртөн, көп хаар анныгар утуйа сыппыт куртуйахтар, ат чуучугураан кэлбит атаҕын тыаһыттан соһуйан-өмүрэн ахан, өрө көтөн бурҕайан, тилигирэһэн тахсаллар. Үргэл, ардыгар, сиргэнэн ойоҕоһунан хааман тэйиэккэлээн ылар. «Ээ, солуута суох… хайа муҥун…» – диэн ол аайы миҥэбин буойбута буолан киһилии кэпсэтэбин. Миинэн иһэн аппын дьээбэлиибин: табысхаан истээх сылгы тыһа үтүлүгүм ытыһынан оройго топ гыннарабын – Үргэл уһуктаах кулгаахтара чөрбөс гына түһэллэр… Сэгэччи сиэлэн кыратык тириппит ат көлөһүнүн сыта муннубар дьырылаан киирэрэ бэйэтэ ураты астык…

Ити ыккардыгар, кытара кыыспыт илин саҕах, кыыһар туҥат дьайҕаран, күн таҕыста – салгын эбии дьэҥкирбиккэ, ырааһырбыкка дылы буолла; хаар үрдэ үрүҥ көмүс мөһүүрэ чаҕыл сырдык уотунан ирбинньиктэнэ оонньоон, хас от-мас лабаатын араас очура-бочура, кыймыылаах кырыата, ойуута-оһуора ордук чуолкайдык көстөн – киһи эрэ хараҕын абылыыр, бэйэтин хатыламмат кэрэ айылгытынан умсугута угуйар…

Үөр атыыра баҕар ханна эмит кирийэн турарын көрбөккө ааһыам диэн, иҥэһэбиттэн тэбинэн өндөҥнүү-өндөҥнүү, саҥа тэмтэйэ ойон эрэр күн сырдык сардаҥатыттан харахтарым саатан, тыс үтүлүкпүн сүүспэр даҕайан чарапчыланан, тула-мала кэтэнэн иҥнэйбэхтии-иҥнэйбэхтии, от үрэх кэтирээн, хордоҕойдоох ходуһаҕа кубулуйан, өрүс хочотун санатан намтыы-намтыы үрдүүр киэҥ ырааһыйатыгар бэйэ-бэйэлэрин кытта сиэттиһэн хойуутук будьуруйа үүммүт арыы талахтары ааһан, хатыҥ чараҥ көп көмнөҕүнэн үллүбүт лабааларын аннынан төҥкөҥнүү-төҥкөҥнүү, сымнаҕас хаары харса суох кэстэрэн, быыс сабыытын арыйа тардыбыттыы, эмискэ, Киэҥ Эбэ кытылыгар киирэн кэллим…

Оо, аата ааттаммат улуу эбэ барахсан нэлэһийэн-хотоһуйан түһэн, дьэ астык көстүү… Киһи хараҕын дала ыларын тухары биир кэм сып-сырдык тунал маҥан хаар… Арай, били Настааччыйа кэпсиир туундарата бу курдук муҥура суох бардар бара турара буолуо. Халлаан саҕаҕа улуу эбэ уутугар тиийэн ыпсарга дылы…

Мин аппын миинэн киирбит аартыгым – Экиэн Олоҕо диэн ааттанар. Күөл уҥуоргутунааҕы Дириҥ Анна диэн өтөхтөөх сир тыата, дьоҕойон, дьирбии курдук кылдьыыланан көстөр дуу, көстүбэт дуу…

Түҥ былыргыттан аакка-суолга киирбит, уус тыллаах эрэ ырыатыгар-тойугар туойуллубут, хоһуйуллубут Мастаах эбэни, аан бастаан, быйыл сайын, кыргыттары кытары сорукка сатыы кэлэ сылдьан көрөн турабын. Мастаах диэн – харыс аата, өссө үгүстэр бу да аатын ааттыахтарын туттуналлар. Оттон эбэ дьиҥнээх төрүт аата – Дьалкылдьыма диэн. Уон ордугуна икки мас арыылаах, ону таһынан оттонор ходуһалаах от арыыта оннооҕор элбэх. Мас арыылар бары анал ааттаахтар: Охтоох Арыы, Күөллээх Арыы, Көһүйэ Арыы, Мастыыр Арыы, Оттонор Арыы, Кэлтэгэй Арыы, Түөстэ Арыыта, Күөнэхтээх Арыы, Уһун Арыы, Боруллуолаах Арыы, Оҥхойкоон Арыы, Хатыгыр Арыы… Сорох дьон – Хаҕын Арыылар, Киһи Арыылар эҥин диэн наардаан, онтон да атыннык араастаан эгэлгэлииллэр…

Эбэ ордук улахан арыыта – Күөллээх Арыы: оттонор ходуһалаах; бөдөҥ, лиҥкинэспит тиит тыатын иһигэр, бэйэтэ бүкүчүөм, чөрү-чөкөччү сытар муҥхаланар күөллээх… Арыы хойуу тыатын иһинэн атынан хаамтаран иһэн «бу, мин күөл арыытыгар дьаарбайабын» дии санаатаххына, мэктиэтигэр, киһи итэҕэйиэ суоҕун курдук.

Эбэ хас биирдии арыыта, туһунан, араас эгэлгэ үһүйээннэрдээх, олор уос номоҕор хаалан сорохторо билиҥҥээҥҥэ диэри кэлбиттэр, оттон оннооҕор элбэх эҥин эгэлгэ дьикти кэпсээннэр, сэһэннэр – быдан былыргы дьыллар мындааларын, урукку үтүмэн үгүс сыллар уорҕаларын кэтэҕэр төһөлөөх умнуллубуттара, сүппүттэрэ буолуой. Арай, дьэ билигин, ол ордон хаалбыт үһүйээннэр, номохтор – сурук-бичик үйэтэ кэлэн, аны хаһан да быралыйбаттыы, сах саҕанааҕыны кэрэһилиир айамньылар аатыран үйэ-саас тухары сурук буолан суураллыбаттыы суолланан эрдэхтэрэ. Ити барыта сайдыы үтүөтэ – көхтөөх дьон, оҕолор дьаныардаах үлэлэрэ. Мин дьүөгэм Маарпа барахсан, төһө да билигин күн сириттэн барбытын иһин, кини ытык кырдьаҕастар тылларыттан-өстөрүттэн, бэйэлэрин сирэй көрсөн суруйан ылбыт араас айымньылара – кэннигэр хааллахтара. Арай, ону ким суруйан үйэлээбитин, кэнэҕэс оҕо дьон, ыччаттар билиэхтэрэ дуо?..

Эбэ туһунан үгүс, дьикти үһүйээннэри кэпсииллэр. Дьалкылдьыма үс төгүл улаханнык уолан, букатын хоточчу түспүтэ үһү диэн кырдьаҕастар ахталлар. Өр кэмҥэ, уһуннук уолбатыйан, кытыла куура хатан, дьон лаппа үөскэ дьиэ-уот тутта сылдьыбыттарын туоһута, билигин дириҥ ууга тимирэн: сэргэлэр, баҕахтар; үүт бүтэйдэр элээмэлэрэ; араас тутуулар тулааһыннара: олуктаах, уостаах баҕаналар тураллар…

Тээкиччэҕэ олорор эрдэхпитинэ, эһэм Хара Өлөксөй Дьалкылдьыма эбэ туһунан эҥин-эгэлгэни бары кэпсээччи… Бу билигин угутурбута өссө кэм ама эбит. Күөл иккис угутуруута үһү – ордук хото үллүүтэ. Онно кэпсэнэринэн эбэ чугаһынааҕы оттонор алаастар түөрэ ууга барбыттар. Хаһан да буолбатах улахан уу сута кэлэ сылдьыбыт. Үрдүк халдьаайылары, өрүс көҥүһүнүү, эмпэрэтинии сыллата суулла, кээрэнэ турар кырылас кумах кырдаллары үрдүлэринэн охсубут. Арҕаа эҥээринээҕи, буор хайалыы өрө томтойбут, бэрт элбэх киһи уҥуохтаах Тойон кырдал кытта, хайыта бара-бара, түөрэтэ сиҥнэн бүтэ сыспыта үһү. Итиннэ хараллыбыт дьон уҥуохтара – ууга устубуттара диэн кэпсииллэр. Эһэм, сыыр хааһа сиҥнибит сиригэр, хайа эрэ дьахтар «ийэ маһа» тахсан, үрэллэн, тыалга күөх былаата тэлимнии сытарын көрбүттэрин туһунан үһүйээни кэпсээбитин өйдөөн хаалбыппын. Ким, ол дьон кырамталарын хомуйуо, хаттаан сөргүтэн кистиэ баарай: былыргылар барахсаттар көмүс уҥуохтара эбэ хайа-хайа кытылыгар тиксэннэр ыһыллан-тоҕуллан симэлийбиттэрин туох билиэй… Киһи манна сылдьан киэҥник саҥарыан, салгыны сатарытардык тыас таһааран үлэлиэн-хамсыан да туттунар, дьаарханар; эбэ кытылын тыата, хас ото-маһа, ааттаах-суоллаах арыылара ол курдук уратытык иччилэнэн, тыыннанан эн хас хамсаныыгын, дорҕоонноох саҥаҕын барытын – кыраҕытык сыныйан одуулаһарга, кэтииргэ, истэргэ дылылар…

Бэл хаппыт хахыйаҕы батары астахха силис тардан күөх сэбирдэх көнньүөстэнэ тэлибириир өҥ буордаах Дьалкылдьыма эбэ кытылыгар, былыр, Түөрэчээн диэн салаҥ улахан уҥуохтаах-арҕастаах хоһуун олорбутун туһунан үһүйээн баар. Түөрэчээн хоһуун бэйэтинээҕэр ордук сүүнэ уҥуохтаах Эйбиктэ диэн ийэтэ эмээхсини кытары аҥаардас булдунан эрэ айахтарын ииттэн олорбуттара үһү.

Улахан Эбэ арҕаа эҥээринэн бардахха, чугас, Сохообут диэн, тойон көтөр сымыыттыыр ортотугар соҕотох мас арыылаах, эмиэ дьоһуннаах күөл баар. Бу эбэ от үрэхтэрин тардыыларынан саха саҥалаах аймах мустан, чуоҕуһан сыспай сиэллээҕи сыһыы-сыһыы аайы көҥүл көччүтэн, хороҕор муостааҕы ходуһа-ходуһа аайы хото мэччитэн, байан-тайан, быр бааччы олорбуттара эбитэ үһү. Сохообут уонна Ходуһалаах эбэлэр ыккардыларыгар – айылҕа барахсан бэйэтэ анаан чочуйан оҥорбутун курдук, сир симэҕинэн, чээлэй чэчигинэн ситэри симэммит киэҥ сыһыы нэлэһийэр. Онно, окко киириэхтэрин иннинэ, хас сай аайы, саха урааҥхайдар үрдүк айыыларга толук туттарыылаах, улахан ыһыах ыһаллара эбитэ… Дьэ ол оннук биир ыһыахха, хантан да кэлбиттэрэ биллибэккэ, эдэрдээх кырдьаҕас тоҥус түһүлгэ ортотугар сүөдэкис гына түспүттэр… Ким да итинтэн соһуйбатах, ороһуйбатах. Урааҥхайдар тоҥус дьонун ас амтаннааҕынан, эгэлгэтинэн аһата-сиэтэ, хадаҕалыы, оонньууларыгар-көрдөрүгэр кытыара сатаабыттар да, кэлии ыалдьыттар эйэргэһэн ымманыйбат хара хааннаах дьэбир дьон буолан биэрбиттэр. Үтүө тылы өйдөөбөт, бэрт тылы биһирээбэт, халлаантан да түспүттэрэ, сиртэн да күөрэйбиттэрэ биллибэт хотугу хоһууттары – сахалар салаҥ санаалаах кырыктаах өттүлэрэ кырыы харахтарынан көрбүттэр. Эдэр тоҥус түһүлгэ далбар аһыттан ханнык эмэ аһаспыт, ол тухары кэһэхтээх саатын сүгэ, өргөстөөх үҥүүтүн тута сылдьыбыт. Оттон кырдьаҕаһа, халыҥ мэйиилэ ортотугар дьоройбут, тыгар тымыра суох сымара таастыы иһийэн, биир бөллөстүгэс тылы саҥарбакка, эрэһэ эриэн туос ураһа таһыгар дьэбин уостан, саатын кирсигэр муос сойуо төбөлөөх оҕун кыбытан, кыараҕас харахтарынан кыраҕытык кэтэнэ олорбут… Сахалар ортолоругар, далла мэндэһэ кэлбит, Сарпа боотур диэн баара, оҕонньор одуу быһыытын сөбүлээбэккэ, кыргыс хаана тардан, орой былыт оһуутуттан Оһол уола өттүккэ анньан, тоҥ былыт тоһуутуттан Илбис кыыһа илэ имнэнэн, сэлибирээбит-илибирээбит бочур чэчир быыһыттан сэмээр быган, кэннэ кэҥэрдиилэниэн эт мэйиитигэр оҕустаран көрбөккө, кырдьаҕас хотугу хоһууну, кураахтаах саатын чаачарын иэмэх курдук тардаат, көҕүллээх тумус куорсуннаах куйук оҕунан, саараан санньыйа барбакка, сүрэҕин быатын быһа ытан кэбиспит… Аргыһа өлөр саҥатын истэн, эдэр тоҥус: «Баһын тииккэ ыйаарыҥ!..» – диэн хаһыытаат, оһуокайдаан онньоҥхолуу сылдьар дьон быыһынан куотан элэс гынан хаалбыт. Ону сахалар ир суолун ирдээтэҕэ, тоҥ суолун тордоотоҕо аатыран сырса да сорумматахтар. Эдэр тоҥус саҥатын истибэккэ, тыынын быспыт киһилэрин өлүгүн, туора соһон илдьэн, чычаас уҥучахха үҥкүрүтэн кэбиһэр судургу дьон буолан биэрбиттэр… Ити итинэн ааспыт… Бэл улуу добдурҕа саҕана, өс-саас ситиһэр хотугу хоһууттар биллибэтэхтэр…

Нөҥүө сайыныгар чугас эргиннээҕи урааҥхайдар мустан үгэстэринэн эмиэ ыһыах ыспыттар. Арай, Түөрэчээн хоһуун эрэ ытык ыһыахха ыҥырыгынан да ыксаласпат, саха-тоҥус хааннаах, туһугар, туспа туомнаах, атынтан анаттарыылаах, айдарыылаах ураты оҥоһуулаах улуу дуулаҕа эбитэ үһү…

Тунах Сыһыы сахалара аһаан-сиэн, оонньоон-көрүлээн ортолоон эрдэхтэринэ, күн тэмтэйэ ойон чэмэлийэн турдаҕына, хантан да кэлбиттэрэ биллибэккэ: чуочайбыт атахтаах, тумустаах иэдэстээх тоҥус хоһууттара, кыргыс сэбэ-сэбиргэлэ суох урааҥхайдарга соһуччу саба түһэн, ыһыахха тоҕуоруспут дьону түөрэтин, оҕолуун-улаханныын кырган кэбиспиттэр. Сахалар бэртэрэ Сарпа боотур быыс-хайаҕас булан соҕотоҕун ордон Дьалкылдьыма эбэҕэ куоппут. Тоҥустар сырсыа эбиттэр да, өйдөөн-дьүүллээн көрбөккө да хаалбыттар.

Сарпа – санаабыт санаатын, аат ааттаан кэлбит соругун толорон, саха саҥалаах суон сураҕар, туора омук уоһун номоҕор киирбит Түөрэчээн хоһуун алааһыгар кэлэн, Эйбиктэ эмээхсин уолун кытта адаҕа саҕа, халыҥ хаһалаах, хартастыгас моҕохтоох эмис собону үчэһэҕэ үөлбүттэрин уҥа дьабадьыларынан баһыттан уобан кур-хар ыстыы-ыстыы хаҥас дьабадьыларынан уҥуоҕун тибиирэн кэбиһэ, сэдэмньи аһылыктарын аһаатахтара-сиэтэхтэрэ буолан абынньахтана олордохторуна, балаҕаннарыгар көтөн түспүт. Урут, киэҥ тайҕаҕа бултана сылдьан, дэҥ, суоллара тиксэн, таба түсүһэн ааһаллара эбитэ, онон сирэй көрсөн бэйэ-бэйэлэрин билсэллэрэ үһү…

Аатырбыт дуулаҕа ураты күүһүгэр-уоҕар эрэнэрэ бэрт буолан Сарпа туран сонно тута:

– …Тоҥ уустар кэлэннэр Тунах Сыһыы ыһыаҕын дьонун бары кыртылар, алаас-алааһы кэрийэн аны тобоҕолууллара эрэ хаалла, ол дьон кылыс хоһууннарын кыайдаххына эн эрэ кыайыаҥ, умсардаххына эн эрэ умсарыаҥ, иэһи идэмэрдээхтик иэстэһэр тумулук киһибит биһиги эҥээртэн эн эрэ… – диэн көрдөспүт.

– Чэ, ийэкээ, анаабыт дьонноро кэлбиттэр, ытык туомҥа аттанар аспын астаа, таҥаһыҥ үтүөтүн таҥын… – диэбит Түөрэчээн хоһуун, ити кэннэ таска ойон тахсан, этиэх бэтэрээ өттүнэ балаҕанын хоту эҥээригэр, үйэлэр тухары силигилээбит, баараҕадыйбыт аар тииттэр анныларыгар, аҕыс атахтаах араҥас охсон кылбаппыт. Эйбиктэ эмээхсин ис-иһиттэн сүргэтэ көтөҕүллэн үөрбүт сэбэрэтин көрөн, Сарпа боотур дьиктиргии санаабыт, ураты сиэр-туом тутуһуллан, толоруллан эрэрин сэрэйбит…

Өр-өтөр буолбатах, ас буһа охсон, саҥата-иҥэтэ суох аһаабыттар, онтон эмээхсин баһыттан атаҕар диэри ньылыбырас сарыы таҥаһы таҥнан тахсан балаҕанын үстэ эргийбитин кэннэ, көннөрү киһи көтөҕүөн да саллар тимир торутуулаах тоҥ лабый силим муос куйаҕын тиһиликтэммит Түөрэчээн хоһуун көтөҕөн ылан араҥас үөһэ олордубут, хаста да суордуу хахаарбыт уонна сар ала элиэлээх, үс сиринэн суо хаһыылаах тимир чупчуур оҕунан көхсүн хараҕынан дьөлө ытан кэбиспит… Ох киһини курдары көтөн, иһиирбитинэн тиийэн сиэллээх сэргэҕэ хатана түспүт… Эмээхсин: «…Оҕом илиитэ дьолуоту-ун!..» – диэн саҥа саҥаран хаалбыт…

Түөрэчээн хоһуун, Тунах Сыһыы ыһыаҕын дьонун оҕотун-дьахтарын кыргыбыт Түҥ өрүс Тимирдьикээн үрэҕин баһыгар тоҕуоруспут тоҥус ааттаахтарын чуҥнуу, кэтии сылдьан биирдэрин да ордорбокко кэйгэллээн кэбиспитэ үһү, уонна түмүгэр элэтэ соҕотох дьахтары ордорон ойох оҥостон, төрүт сириттэн, ыырыттан тэлэһийэн, Өлүөнэ өрүс салаатыгар, инньэ Лииндэ диэки тиийэн олохсуйбут. Онно да баран кыргыһар адьынатыттан арахсыбатах… Букатын хойут, кырдьыбытын кэннэ, биир кыһын, буор холомоҕо утуйа сыттаҕына, туспа уус урдуустара, тоҥус тоҥ иҥиирдээхтэрэ соһутан, өмүтүннэрэн өлөрбүттэрэ үһү…

Мин, убайым аах, Кыра Баһылайдаах Лииндэҕэ тиийэн бултуур дьон: «Түөрэчээн күөллэрэ диэн хас да күөл баар…» – диэн кэпсээччилэр. Ол, номоххо, үһүйээҥҥэ кэпсэнэр Түөрэчээн хоһуун аатынан ааттаммыт эбэлэр эрэ, атын эрэ – туох да билбэт.

Түөрэчээн өлүүтүн туһунан дьон, тус-туһунан, араас үһүйээннэри кэпсииллэр. Олортон биирдэстэригэр – Түөрэчээн хоһуун ыһыах дьонун сэймэктээбит тоҥустары түөрэлэрин, биири да ордорбокко кырган илбиһирбитин да кэннэ, кэлин, туспа уус бэртэрэ, тулааһыннара кинини аат ааттаан, хаста да тургутан көрө, өлөрсө, Дьалкылдьыма эбэ кытылыгар быгыаласпыттарын эмиэ «дьабыҥҥа» көтүтэлээбит уонна «син биир бу курдук тиэстэ туруохтара» диэн, эдэр-чэгиэн эрдэҕинэ, ордук суон сураҕырбыттары кытары күүс-уох холоһон хаалар баҕалаах, букатын хоту түһэн, бэрт киэҥ сиринэн тэлэһийбит…

…Арай, оннук сылдьан, биир күһүн от-мас мутукчата-сэбирдэҕэ сарт көтөр кутуругунуу саһарчы баран таммалаан бүтэн, бастакы кырпай хаар түспүтүн кэннэ, сыгынньах таас хайа анныгар килэйбит кыракый чуумпу көлүйэҕэ күлүгүн көрүммүт тирии ураһа турарын көрөн, сэмээр сыбдыйан кэлэн өҥөйбүтэ – эдэркээн тоҥус дьахтара иис-иистэнэ олороро эбитэ үһү… Сураһан билбитэ, бу дьахтар икки убайдааҕа хоно-өрүү эргэнэ хара тыаларыгар бултана тахсыбыттар… Бэрт номоҕон дьүһүннээх эдэр дьахтары Түөрэчээн олус сөбүлээн, кини диэтэх киһи күүс-уох муҥутаан, ойох гынаары, күүһүнэн күрэтэн илдьэ барбыт. Дьахтар убайдара эмиэ ураты айдарыылаах, дуулаҕа дьон эбиттэрэ. Хайаан да, балтыларын баламаттык, кэрээнэ суох уорбут киһини тилэх баттаһа ир суолун ирдээн, тоҥ суолун тордоон кэлиэхтээхтэрин сэрэйэн, тоҥус дьахтара уора-көстө, от-мас төбөтүн тосту, булгу тута испит…

Кырпай хаарга киһи атаҕын суола биллэр буолан, суолларын муннара сатаан Түөрэчээн – күнүс күн уота суоһаан, сырайан сула-сула эриэн-быраан кыдьымаҕынан кылыгырыы сытар таас, от үрэхтэр кытылларынан дьахтарын санныгар биллэҕэ быраҕан баран, бастакы омунугар, олус ыраах сири түспүт. Түөрэчээн хоһуун көннөрү киһи көтөҕүөн да саллар тимир торутуулаах тоҥ лабый силим муос куйаҕын бэл утуйарыгар устубата үһү… Үс күн устата харса суох тура тэбинэн бэрт ыраах сири барбыттар. Төрдүс күннэрин түүнүгэр киһи суолун букатын бүрүйэр, тыа отун-маһын лабаатын, умнаһын хоҥкуччу баттыыр хойуу хаар түһэн намылыппыт… Өрдөөҕүтэ Түөрэчээн бултуур эргэ буор холомотугар кэлэн хоммуттар. Онуоха дьахтар: «Ойох оҥостон ылбыт ааттааххын эрээри, саатар куйаххын устубакка утуйаҕын… Чэҥ мууһунан хаарыйан эчи сүрүн, аны кэлэн убайдарым хаһан ситиэхтэрин, бэл суолбут оҥкута осто…» – диэбит. Дьиҥэ тоҥус хоһууттара Түөрэчээннээҕи үһүс күннэригэр сиппиттэрэ эбитэ эрээри, саха дуулаҕата аата-суола сураҕырбыта бэрдиттэн уонна уҥуоҕа-арҕаһа аһара сүүнэтиттэн саллан, сонно тута саба түспэккэ, сөптөөх, табыгастаах түгэн көстөрүн кэтэһэн, ырааҕынан чуҥнаабыттар. Тоҥус дьахтарын улахан убайа Моҕол Мойороот – хагдаҥ эһэлии сүгүллэҥнээбит, мохсоҕол курдук сытыы, кыраҕы харахтаах, кыыллааҕар сытымсах киһи, сыгынньах чыыкыр тааска сүппүт Түөрэчээн суолун – адьырҕалыы сытынан ирдээн, үксүн быһа түһэн ситэн кэлбиттэр… Кыра инитэ Иҥиирдээх Иттээни, өрүс кытылыгар киирэн умса нөрүйэн суодуйан туран уҥуоргуну одууластаҕына – баһын саҕа балтаанай сутуруктарынан чыыкыр тааска тайанар салаҥ уһун иҥиир ситии илиилэрдээх, ыйдаҥатааҕы тиит күлүгүн курдук хара бэкир ар-дьаалы эбитэ үһү… Дьахтар убайдара тилэх баттаспыттарын сибикилээн сэрэйэн, түүн, Түөрэчээн куйаҕын устан баран утуйа сыттаҕына буор холомо иһиттэн сэмээр сыбдыйан тахсан дьонугар биллэрбит. Тоҥус тоҥ иҥиирдээхтэрэ, балтылара ыйан биэрбит сиринэн, холомо хараара чөҥөрүйбүт аһаҕаһынан, сүргүөхтээх муос охторун кулгаахтарын тааһыгар диэри тардан баран, тэбис-тэҥҥэ ытан куһугур гыннарбыттар… Кинилэр диэтэх дьон, талыы табаҕайдаах муҥутаан, сыыһа туттуохтара баара дуо, саха хоһуунун хара быарын хайа ыппыттар… Түөрэчээн кыргыһар сэбин-сэбиргэлин хоонньоспут дьахтара хараммытын сэрэйээт, холомону кэтэҕинэн курдары көтөн тахсан, хайҕахтаах хара быарыгар хатаммыт сүргүөхтээх муос оҕу тосту тутан нөҥүө өттүнэн уһулу тардаат, тыаҕа ыстаммыт… Тоҥус хоһууттара кэнниттэн түспүттэр… Хараҥаҕа хаанын сытынан хайан, суһуктуйуута суолун торумунан батан күн тэмтэйэ ойуор диэри сырсыбыттар… Төһө да өлө бааһырдар, саха ааттааҕа тэппит атаҕын кубулуппакка куотан, Дьыыппа үрэҕэ диэҥҥэ кэлбит, ол кэннэ, муустаах ууну харбаан үрэх нөҥүө кытылын, төрүт сирин булаат да, этэ-сиинэ эмискэ ыараан, соһуччу уйуттар да кыаҕа суох буолан, сууллан күр гына түспүт. Тоҥус хоһууттара ситэн кэлэн үрэх уҥуортан одуулаһа турдахтарына, Түөрэчээн бүтэһик, тиһэх күүһүн түмүнэн кэриэһин эппит: «Төрүт буорбар үктэнэн баран өлөн эрэбин, онон мин күүһүм-уоҕум эһиэхэ күүс буолан эбиллиэ суоҕа; саһан кэлэн саба түһэн самнарбыт – суон соргуламмат, уоран кэлэн умса көппүт – ураты уһуу тыыннаммат… Ар-дьаалы, албын, түөкэй дьон эбиккит… Кэриэспин – сүрэхпин хостоон ылан хайытан ол хааннаах чэлкэҕин иһээриҥ… оччоҕо кэнэҕэһин ааккытын ааттатар ыһыы ыччат төрүөҕэ…» – диэбит… Тоҥус хоһууттара сул дүлүҥү миинэн тахсан, Түөрэчээн киинэ кистэммит сиригэр үктэнэн туран, саха саарынын баһын быһа охсон баран, сүрэҕин хостоон хайытан хааннаах чэлкэҕи иһэн кэбиспиттэр уонна сонно тута иҥиир ситиилэрин тартаран өҥүргэһинэн көрөн чиччигинии-чиччигинии өлөн тыыллыы тэппиттэр… Номоххо киирбит Түөрэчээн хоһуун өһүнэн-сааһынан өһүөмньүлэнэн илбиһирдэҕинэ, ол курдук, бэл, эттиин-хаанныын сүлүһүннүрэр ураты оҥоһуулаах урааҥхай эбитэ үһү… Оттон тоҥус дьахтарыттан, Ардьакыыт диэн эмиэ суон сурахха киирбит, саха-тоҥус хаана булкуспут, улуу булчут киһи төрөөбүт…

Мастаах эбэ кытыла, түҥ былыргы дьыллар мындааларын саҕаттан – саха да саҥалаах, тоҥус да тыллаах тобоон, тохтоон, хорҕойон – быстах да кэмҥэ, олохтоохтук да оҥостон, дьиэ-уот туттан уутуйан олорон ааспыт ахан сирэ. Кыргыс үйэтин кэмигэр бэрт үгүс өлүүлээх-сүтүүлээх, хаан тохтуулаах араас атааннаһыылар буолуталыы сылдьыбыт туоһулара билигин даҕаны элбэх. Бэл улахан уу сута ылбатах үрдүк арыыларын суон чаллах тииттэригэр, кыргыс үйэтин саҕана батарыта ытыллыбыт охтор, бэрт өтөрдөөҥҥө диэри хорохолонон турбуттара эбитэ үһү. Сууллубут кыһыл эмэх мастартан оччотооҕу кэм хоһууттарын охторун муос, тимир эбиэннэрин хаһан таһааран булуталаабыттара бааллар. Боотурдар, хоһууттар кэтэ, иилинэ сылдьыбыт хатырык (таҥалай) куйахтарын тимир лоскуйдара билиҥҥэ диэри көстөллөр. Хайа эрэ алаас томторугар, сир быһа баран хайдыбытыттан, хамса чубуугун курдук туоска хам сууланан, уустук сиэри-туому тутуһуллан харайыллыбыт, сылгы туйаҕыттан оҥоһуллубут муос куйахтаах, тутта сылдьыбыт сэриитин сэбин-сэбиргэлин барытын илдьэ сытар боотур уҥуоҕун булбуттарын туһунан кэпсииллэр. Сир Ийэ барахсан төһөлөөх элбэх эгэлгэ кистэлэҥи саһыара сытарын туох ситэри сыныйан билиэ баарай… Ох хорохоломмут маһа, ити билигин тойон көтөр сылын аайы сөбүлээн сымыыт баттыыр арыытыгар ордук элбэҕэ үһү. Ол тоҕо, ала-чуо, ити арыы бөдөҥ тииттэригэр түҥ былыргы саҕанааҕы хоһууттар охторун батарыта ытыалаабыттарын туох да билбэт, баҕар, эмиэ ураты туому тутуспуттара, толорбуттара буолуо. Арыы ол да иһин – Охтоох арыы дэннэҕэ…

Булчуттар – арыт-ардыгар икки атахтаах үктэммэтэх сирдэринэн тэлэһийэ, мэлдьи хара тыаны кэтэ сылдьар дьон, араас эгэлгэни бары көрбүттэрин, көрөллөрүн туһунан үһүйээннэр бааллар…

Хохтуйа күөлүгэр олорбут Эһэнньэх Ньукулай оҕонньор уолаттарын кытта биир күһүн Элэһин үрэҕин тыатыгар, хойобуун лөкөйү сырсан, халыҥ сиһи быһан иһэннэр, ыттара тыатааҕы арҕаҕар түбэһэ түһэн үрбүтүгэр, биир арҕахтан «тыһаҕаһын» уонна быйылгытын кытта кыстыы сытар эһэни бултаабыттар. Эһэнньэх оҕонньор кыра уола Бөлөнөх Бүөтүр бүө (сылбырҕа) мастары ылаттаан баран, искэ киирэн кыыллары «томторуктаабытын» дьоно соһон таһаарбыттар… Арай, Бөлөнөх ол сылдьан, ити курдук, туох эрэ иһит силискэ өйөнөн турарыгар хараҕа хатаммыт… Дьиктиргээн сыныйан көрбүтэ: ханан да быыс-хайаҕас бычыгыраабатыныы, сүмэһин да тахсыбатыныы эргиччи сымаланан биһиллибит, эбиитин синньигэс тирбэҕэнэн кириэстии баайыллыбыт, түктүйэ эбитэ. Арҕах түннүгэ тэһиллэн, кэҥэтиллэн уонна айаҕа сүргэйиллэн, искэ сырдык хото киирэн, киһи барыны бары чуолкай арааран көрөрө үһү. Бүөтүр өйдөөн, кичэйэн одууласпыта, кыыл кыс уйатын биир эҥэлэйинэн, баараҕадыйбыт бэс силиһэ үөһэттэн тараадыйан ооҕуй ситиминии ирбинньиктэнэн түспүтүн кэннигэр, үүт үкчү итинник моһуоннаах эрээри сорохторо кыра, сорохторо улахан – уон ордугуна биир түктүйэ кэчигирээн тураллара эбитэ… Бөлөнөх олус диэн соһуйан дьонун ыҥырбыт… Улахан уол дьиктиргээн харахтара чаҕылыйан олорон: «Баҕар, көмүһү кистээбиттэрэ буолуо, арыйан көрүөххэйиҥ…» – диэбит. Онуоха Эһэнньэх оҕонньор түктүйэни тайах маһынан үтүрүйэн баран: «Мантан түргэнник дьаадьыйа охсуоххайыҥ…» – диэт үөһэ ойбут… Туркулаах табаларынан хас да хонук айаннаан түһүк үүтээннэригэр кэлбиттэр, ол тухары улахан уол, арҕах кистэлэҥин билиэх-көрүөх санаата туолбатаҕыттан тымтан, сүллэстэн, буугуначчы тыынан, иэдэс биэрэн, дьонун кытта кэпсэппэтэх даҕаны… Аҕалара оҕонньор, наҕылыччы оҥостон олорон, тигинэччи оттубут аал уотун иччитин айах тутан аһаппыт, «кэпсэппит-ипсэппит», ол эрэ кэннэ биирдэ санаатын дьэ сайа саҥарбыт: «Ити, тоҕойдоруом, ханнык да үрүҥ, кыһыл көмүс кистэммит иһиттэрэ буолбатахтар, өссө да сүтэн симэлийэ илик, ааттара да киэҥник ааттаммат ыар ыарыы илбиргэс иччилэрин хаайбыт түктүйэлэрэ… Өскөтүн ыпсыыларын ырбатан аспыппыт эбитэ буоллар, үһүөн, ити арҕах иһигэр хаалыахтаах этибит… Кэмнэрэ кэллэҕинэ, «тэлгэһэлэрэ тэстэн» бэйэлэрэ дьүгэлийэр аналлаахтар…» – диэбит. Кыра уол Бөлөнөх: «Ол иһин, оҕонньор тайаҕынан бэрт чэпчэкитик үтүрүйбүтэ, көмүс итинник чэпчиэ дуо…» – диэн санаатын эппит. Итиниэхэ эрэ улахан уол туох иэдээни, алдьархайы оҥоро сыспытын ситэ өйдөөн, этин сааһа аһыллан дьигиһийэн ылбыт… Өссө кини «кэлин бэйэм соҕотоҕун баран түктүйэлэри хайаан да арыйан, тугун-ханныгын билиэм» диэн иһигэр бүччүм санаалааҕа эбитэ үһү…

Билбэт дойдугар, сиргэр-уоккар сылдьан, мээнэ сээкэйи хасыһар төрүт сатаммат, ол кини төһө да бэйэтигэр ыҥыра кылбачыйдын, умсугута, угуйа килбэчийдин. Эбэм мэлдьи этэрэ: «Сиргэ сытар араас малы-салы, симэҕи – төһө да сэнэҕин, кэрэ көстүүлээҕин иһин букатын ылбат, хомуммат буол…» – диэн. Сорох дьон ытарҕаҕа, биһилэххэ, дьэрэкээн симэххэ, харчыга (үксүн сыр харчыга) – ыарыыларын, эрэйдэрин, сордорун-муҥнарын иҥэрэн баран быраҕаллара эбитэ үһү. Ону ылбыт киһи ол дьон кыһалҕаларын кыһалҕа оҥосторо эбитэ…

…Эгэлгэ санаа туланы умуннарар эйгэтигэр эймэнэн иһэн, Күөллээх Арыы иһигэр, киэҥ ырааһыйаҕа хаһа сылдьыбыт Буугунай атыыр, аттаах киһини көрөн кистээн дьырылаппытыгар ходьох гына түстүм. Сэгэччи соҕус сиэллэрэн чугаһаан кэлэн ааҕан көртүм – биэлэр түөрэ бааллар: уон ордугуна түөрт биэ. Кулуннара ый анараа өттүгэр туспа араарылланнар, биэлэр, мэктиэтигэр, мөскөччү уойбукка дылылар. Буолумуна, эмньик кулун супту эмэн эмсэхтэммитин курдук буолуохтара дуо.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 13 14 15 16 17 18 19 20 21 22 23 24 25 26 27 28 29 30 31 32 33 34 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации