Электронная библиотека » Семен Маисов » » онлайн чтение - страница 21


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 10:40


Автор книги: Семен Маисов


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 21 (всего у книги 34 страниц)

Шрифт:
- 100% +

Атырдьах ыйын ортото Кулуһуннуураптаах Хондокуоп (саалаах дьоммут кинилэр эрэ) эбэҕэ тайах түспүтүн көрөн, хойууп тыынан (ойоҕоһугар хаптаһыны самыы саайан үрдэтиллибит тыы) сырсан, сиэр быһыытынан кытылга үктэммитин кэннэ ытан охторон, биэстээх атыыры бултаан, үс биригээдэ дьоно бары уос-тиис үллэстэн аһаатыбыт. Биир миэстэни Айдаҥҥа ыыттыбыт. Кыыл этэ дьиэ сүөһүтүн этин курдук буолуо баара дуо – хор. Өксөөн этэринии «сырсан иһэн сыыһа хабан хааллыбыт»…

…Уйгу-быйаҥ күөх унаар сайын барахсан сайа көтөн ааһа охсоро түргэнэ сүрдээх. Муосталаахха балыктаспыт иккис сайыным, мин өйбөр хаһан да умнуллубат үгүс үтүө өйдөбүллэри, ахта саныыр астык түгэннэри хаалларан, куота көтөн, күлэ-үөрэ мичилийбитинэн, кэлэр сыл кэрэ күөҕэр көрсүһүөхпүтүгэр диэри, күн-дьыл тулхадыйбат эргиирин кэтэҕэр киирэн, көтө-дайа көөчүктэнэ турда… Эмиэ да курус – сайыны санньыйа сайыһыы, эмиэ да үөрүү – оҕо сааһым биир бэлиэ олуга, кэрдииһэ түмүктэнэн – биллибэт, ол эрээри сэрэйиллэр, эрэниллэр, хайаан даҕаны кэлиэхтээх, үүнүөхтээх – инники олоҕум ураты дьоллоох кэмнэрин долгуйа күүтүү…

Күһүҥҥү чуумпу күннэр. Сир ийэ иччитэ илэ бэйэтинэн көстөн аан дойдуну бүтүннүү саба кууһан, сүүһүн аннынан сүргүччү көрөн турарын кэриэтэ күлүмүрдэс, уу нуурал уоскулаҥ кэм. Сорох үгүс дьон – сааһы, сайыны ордук сөбүлүүбүт дииллэр, оттон миэхэ сыл хайа да эргиирэ барыта кэрэ. Сыл хас биирдии кэмэ, бэйэтин эрэ хаһан да хатыламмат ураты көстүүлэринэн киһини абылыыр, кини алыптаах айыы тыынын эккинэн-хааҥҥынан толору ылынан – бу айылаах үтүөкэн дьикти, аны хаһан да төннүбэттии, симэлийэн хаалыах муҥа буоллаҕа диэн, бэл диэтэр, харааста сайыһан айманаҕын… Ийэ айылҕа иһирэх, истиҥ сипсиэрин сатаан тобулан уйаҕас уйулҕаҕынан толору өйдөөһүн, кыраҕы куккунан-сүргүнэн ситэри сэҥээрии, ол – дьол…

* * *

Атырдьах ыйын 27 күнэ. Бу күн – мин олоҕум биир хаһан да умнуллубат күннэриттэн биирдэстэрэ буолуон, өссө сарсыарда ороммор таҥна олорон, сэрэйбэтэҕим даҕаны… Бу күн – бүтүн холкуос, оройуон, Саха сирин үрдүнэн, дьон-аймах олоҕун устуоруйатыгар үйэ-саас тухары хаалар алдьархай тахсыбыт күнэ этэ… Иэнэ суох иэдээн буолуоҕун, Муосталаахха балыктыы сылдьыбыт дьонтон биир да киһи битинэн да биттэнэн билбэтэҕэ, түүлүгэр да түһээн көрбөтөҕө… Алдьархай киминэн да этиттэрбэтэҕэ…

Түүн аата-ахса суох сулустарынан дьирибинэйбит, уу ньуурун да долгуппатах чуумпу, ып-ыраас чэмэлкэй халлаан – сарсыардааҥы сардаҥа илин саҕахха кытара кыыһаатын – кубулҕатыран барбыта… Сотору, сыралҕаннаммыт күн өрө тэмтэйээтин, тыал эмискэ, соһуччу күүһүрбүтэ… Мин эрдэ уһуктан өссө ороммор сытан, күөл кумах кытылын дохсун долгуннар биллиргэтэ-баллыргата сабыылларын истэн, «бүгүн муҥха тохтууһу да дуу» дии санаан аһарбытым…

Тыал улам-улам күүһүрдэр-күүһүрэн, кыаҕын ыллар-ылан, ытаан эрэрдии энэлийэ-энэлийэ оллоон күлүн оҥхоччу ытыйан, таска чэйи кыайан дөбөҥнүк оргуттарыа суоҕун иһин, бары дьиэ-дьиэ аайы оһох оттунан сарсыардааҥҥы аһылыкпытын аһаабыппыт…

Бүгүн – муҥха буолбата чуолкай биллибитэ, киһи оҥочонон эбэҕэ киирэр туһунан саныы да барбат күнэ үүммүтэ.

Күнүскү аһылыкка диэри бэҕэһээҥҥи быраҥааттаны ыраастаан бүтэрэн баран, туос иллэҥ буола түспүппүт. Ньычаҥдаттан табаһыттар биллибэтэхтэрэ…

Күүстээх ардах, дохсун тыал-куус күннэригэр үгэс курдук буоларыныы – Дьөгүөр Кулуһуннуураптаах симилээҥкилэригэр, хата, сэһэн-тэптэл ыыра ырааппыта. Барааҥкалаах, эдэр өттүлэрэ, күө-дьаа күйгүөрсэн, Тэрии Сөдүөттээх дьиэлэригэр түмсэн хаартылаабыттара, дуобаттаабыттара…

Мин Даарыйаны кытары, Мааһыҥка саҥа үөрэх дьылыгар оскуолаҕа кэтэригэр, хараҥа халлаан күөҕэ ойуулаах сачыынтан ырбаахы быһан тигэн испиппитин салҕаатыбыт. Мааһыҥка сыҥаһалыы сылдьар суруһун Боппооҕу (Борокуоппай) хонноҕун анныттан көтөҕөн ыадалытан киллэрэн орон үөһэ тэлгэтиллибит таба тэллэххэ олордубута – талах сүөһүлэри үрүт үрдүлэригэр сааһылаабыта буолан саараан дуомнанар: онто да суох үлтү кэбийиллибит оонньуурдарын айаҕар тиэрдэн, сыраана сүүрэ-сүүрэ, сылгыбакка мүлүктүүр. Субу-субу өрө мылах гынан минньигэс аҕайдык мичээрдээн энньэс гынар.

Олорор оҕо тугу барытын айаҕар симэр үгэстээх, сиргэнэр, куттанар диэни билбэт, онон мэлдьи кыраҕы көрүүгэ-истиигэ сылдьар. Дэлэҕэ да «балчыр оҕоттон баҕа куттанар» диэхтэрэ дуо.

Өксөөн кыыһа Батиима Боппооххо холоотоххо кыра киһи. Батиима дьиэ уҥа өттүгэр, кэтит адарай ороҥҥо, аҕатын улаҕаатыгар утуйан буккуруу сытар. Тыллана илик «ньуу-ньаа» саҥалаах оҕолору бииргэ сытыарар, утарыта олордон оонньотор, сааратар – аньыы, онон Боппоохтоох Батииманы алтыһыннарбаппыт. «Балчыр оҕолор «бэйэлэрин тылларынан» иннилэрин быһа этиһэллэр үһү» диэн кэпсииллэр, онон ити былыргыттан тутуһуллар үгэс. Оҕо айылгыта араас. Аны сорох оҕо, сүнньүнэн хаамыар диэри, туора киһи: ыалдьыт, хоноһо кэлэрин биттэнэн атаҕыргыыр үгэстээх. Онтуҥ эмиэ оҕотуттан.

Ыарахан атахтаах, аһаах киһи кэлээри гыннаҕына дьиэ иһинээҕи ыарыһах бэргиир, оҕо ыалдьар (атаҕыргыыр) диэн өйдөбүл эмиэ баар.

Тайтах балта Кытык Маарыйа убайын уолун Айдаҥҥа илдьэ хаалбыт. Ол эрээри Борокуоппайы Муосталаахха сөп буола-буола аҕалан бараллар. Өтөр-өтөр: «Хата, бүгүн, Боппоохпут кэлэрэ буолуо…» – дэһэбит.

Өлөксөй, хайа эрэр кинигэ туллубут сорҕото баарын ылан кэтэх тардыстан ааҕа сытан, өндөс гынан таас түннүгүнэн таһырдьаны одуулаһар, үөһэ тыынан ылар. Тыал арыт-арыт атын аҕайдык сүүгүнүү ытыллан кэлэн, дьиэ сарайын илгэн кээһиэх айылаах илигирэтэр, талыбыратар, тэлибирэтэр, онтон эмиэ арыый намырыыр, уостар, «бу айылаах силбиэтэммиппин туох дииллэр эбит» диэбиттии чуумпура түһэн иһиллэнэн ылар…

– Һэ, дьэ!.. Ытыйан түһэн… – Хондокуоп тыалы салгыбакка мөҕүттэр, тулуйан-тэһийэн сыппат, кинигэтин элээмэтин орон анныгар талыр гына быраҕар, онтон кыыһын уһугуннарымаары, түөһүн үөһэ сыппыт Батииматын мыс курдук эттээх илиитин сэмээр ылан сыҕарытан баран, оронуттан турар. – Бу үлүгэр тыал оттор түстэрин тиэрдэҕэ, хастаатаҕа, сиэбит эбит… Аны ардыа, оройо суох оту киһи гыныа дуо, оҥхойунан бүтүннүү өтүтэн сытыталыыра чуолкай, бэйэлэрэ да сииктээх этилэр… – диэн Кэникээнин көлүйэтигэр кэбиспит отторун аһыйар.

– Чэ, ол биһиги икки боскуйабыт диэхтээн, холкуос сайын кэбиһиллибит, дьиппинийбит да отторун кыайда ини, тыал кэннэ отторун дьаһаналларыгар хас эмэ күннэрэ халтайга баран эрдэҕэ, – диир оһоҕун билиидэтин үөһэ саҥа бырахпыт лэппиэскэтин биилкэнэн тэһитэ кэйэ турбут Өксөөн.

– Оннук, – Өлөксөй хончоҕорго куттубут чэйин биир тыынынан өрүһүспүттүү иһэн киллиргэтэр, куолайын нөмөгөйө (болчуоҕа) култарыҥныыр.

Мааһыҥка былааччыйата тигиллэн бүттэ, алын өттө бүүрүллэрэ эрэ хаалла. Кэтэрдэн эргичиҥнэтэ сылдьан көрдүбүт-иһиттибит, кыыспыт саҥа ырбаахы кэтэн кыбыстан, симиттэн, имэ тэтэрэ-тэтэрэ көнтөрүктүк хамсанар-имсэнэр, сүүһүгэр түһэн сүүмэх-сүүмэх ыһыллыбыт баттаҕын, биир кэм, көннөрүн да көннөрүн. Саатар Өлөксөй: «Бай, доҕор, Маасыҥкабыт уларыйа түстэҕэ түргэнин, чахчы да үөрэх киһитин көстүүтэ!..» – диэн олус хайҕаан кэбиһэн эбии кыбыһыннарда.

Даарыйа уус тарбахтаах, иистэнньэҥэ сүрдээх. Мин киниэхэ таах илии-атах эрэ буолан, бэлэм кырыллыбыты тиксэн көмөлөстүм.

Соторутааҕыта күнүскү чэйбитин чэйдээбит дьон да буолларбыт, «көххө» диэн бэйэ-бэйэбитигэр көҕүйсэн, сэмсэ аһылык, сибилигин билиидэ үөһэттэн тахсыбыт итии лэппиэскэни быстан, тура-олоро аһаатыбыт.

– Дээ, дьэ бүгүн баҕас балык үлэтэ тохтуур күнэ үүн-нээ… – диэн унаарытар Хондокуоп, хатыҥ хамсатыгар табах уурунан тарда-тарда, оһох иннигэр дүлүҥ олоппоско умса нөрүйэн олорон.

– Мааһыҥкалаах хаһааҥҥыттан үөрэнэҕитий тоом? – Өксөөн кыыстан ыйытар.

– Бастакы чыыһылаҕа Балаҕаччыга баар буолуохтаахпыт.

– Оок сиэ, бу кэлбит дии.

– Оччоҕо, Айдаҥҥа барыыһыккын буолба-ат?

– Ийэм өйүүн барыахпыт диэбитэ, – диир Мааһыҥка.

– Тыал-куус эҥин аһыннаҕына… – Даарыйа кэпсэтиигэ кыттар.

Боппооххо ынах силгэтин туттарбыппын, кутуйах тииһин курдук үөһэ-аллара иккилии илин тиистэринэн кэбийэн мүлүктүүр, оборон соппоҥнотор.

Мин түбүгэ суох олордохпуна тэһийбэппин уонна дьарыга суох киһи санааҕа ылларара, уруккуну-хойуккуну санаан санньыйара, сулумаасы буолара, санааргыыра да дөбөҥ. Хайдах мэлдьи өрөгөй үөрүү түгэннэри эрэ саныы сылдьыаххыный, оннук кыаллыбат…

– Айдаҥҥа баран хонон кэлбит киһи, бүгүн син биир эбэ киллэрбэт, оттук мас дэлэй, Мааһыҥка мааныга кэтэр ырбаахыта буоллаҕына тигиллэн бүттэ… – диэн күлүү-оонньуу кэриэтэ саҥаран, саҥа санаа киирбиччэ өрө эгдэс гынан сэргэхсийэ түһэбин.

– Бэйэҥ бил ээ… – диир Өксөөн.

– Ыстапаан Бохуомабыска этээр эрэ, урут бэриллибит ынаҕын арыытын харчытын «Бостуоктар» холкуос хаассатыгар аһарбыттар үһү, үнүр оҕонньору көрсүбэккэ эппэккэ кэлтим, сырыы аайы лэбэйдээн да биэрэр… – Өлөксөй илдьиттиир.

Холкуоспут бэрэссэдээтэлэ Дабыыдап өрө көрөн «лэбэйдии» турар мыттаҕар сирэйин өйбөр оҥорон көрөн күлэн ылабын. Бохуомабыс оҕонньор төһө да букатын үөрэҕэ суох буоллар – туруорсары, ирдэһэри, «итиитинэ» сонордоһору баҕас сатыыр, салгыбакка санатар абытай киһи диэтэҕиҥ…

Эбэм аахха кэһии гынан куулунан манааҕа оҥостубуппар тэс курдук быраҥаатта сүгэһэрдээх Айдаҥҥа тэбинним…

Ылдьыын таҥара күнүн кэннэ уонна Маҥнайгы Ыспааһап иннинэ быстах-остох ардаталыы сылдьан баран, кэлин – бэс, от ыйдарынааҕы халлаан курдук улахан куйаас күннэр үүнэннэр, от-мас сар көтөр өҥүнүү эриэннэнэн сахсаччы кууран турара.

Атырдьах ыйа эргэрэн бараатын, түүнүн, ордук сарсыарданан күүскэ хаһыҥнаан, таска хаалбыт солуурдаах уу үрдэ чарчыйа тоҥоро, сороҕор киһи тимир иһит кырыытынан тобурҕаччы охсуолаан иһиккэ хаалбыт уу үрдүн мууһун тоһуура. Оттон күнүһүн, күн уота чэмэличчи тыган, дьэҥкир дьэргэлгэннээх, уу чуумпу куйаас сатыылыыра, күүскэ сылыйара. Үлэлии-хамсыы, көлөһүн-балаһын аллан биир кэм тилигирэйэ сылдьар дьон аны: «Уу, тай, бу халлаан куйааһын…» – дэһэбит…

Сайыны быһа көймөстө оонньоон сүгүннээбэтэх күүгэс, күлүмэн, бырдах – ханна да бартара биллибэккэ симэлийэн сүтэн, тарҕанан – хааман сылыбырайан иһэргэ үчүгэйэ, сэргэҕэ сүрдээҕэ…

Көмүс күһүн хайыы-сахха күөйэ көтөн кэлэн – хатыҥ барахсан хампа күөх сэбирдэхтэрэ саһаран, күүстээх тыалтан көтө-дайа тэлээрэллэрэ… Кэриигэ үүммүт иирэ талахтар, хойуу үөттэр – сыбыдахтаммыт чыпчаххай лабааларынан, үргүөр тымныыны үүрэ сатаабыттыы, уҥа-хаҥас имиллэҥнэһэллэрэ.

Тиит сахсаҕар мутукчатын сорҕото, хаар хаһыҥ тыйыс тыыныгар ситэ бэриммэккэ, өссө да алатыйа көҕөрөн, балаһа тыалга бигэтэн суугунуу-суугунуу сахсылла-хоҥкуҥнуу хамсыыра…

Күөх көнньүөс үрдүк бэс тыалар, харыйа ойуурдар – сымала сытынан дыргыйбыт бээгэй мутукчалаах лабааларын атын аҕайдык аарыгырда, айгыста күөгэлдьитэн, «үйэ-саас тухары көҕөрөн арай биһиги турдахпыт» диэбиттии, улуутумсуйбукка дылы, бииртэн-биир намтыы-намтыы үллэ үрдүүр кырылас кумах кырдалларга, мырааннарга – ыраахха диэри томооннонон, тунаҕыран көстөллөрө…

Сүүйэн ылбыттыы ып-ыраас дьэҥкир салгыны түөһүм муҥунан толору ыймахтыы иһэн, оҕо киһи күһүҥҥү кэрэ көстүүттэн сүрэҕим-быарым эймэнийэн, өрүү буолар үгэспинэн айылҕам абылыыр үтүө сэбэрэтин өйбөр туох көтөн түспүтүнэн хоһуйан ботугуруу иһэбин…

 
Нарын-намчы бэйэлээх
Көмүс күһүн барахсан
Аргыый аҕай нуоҕайан
Устан кэллэ сэмээркээн
Халыҥ систэр, толооттор
Алар тыалар, чараҥнар
Хаһыҥ хаҕыс тыыныттан
Хагдарыйан хааллылар
Көмүс өҥнөөх сэбирдэх
Көтө-дайа тэлээрдэ,
Кырбас кылыы көтөҕө
Сиргэ түһэн муһунна
Көтөр бииһэ түркүннээн
Күөлгэ мустан үөрдээтэ,
Ыраах ыырга бараары
Тотто, туолла, тубуста…
 

…Өҥсөөччү эбэ иннибэр биирдэ нэлэс гына түстэ, онно-манна кэбиһиилээх оттор түстэрин тыал түүрэ хастаан ылан күрүөлэр сиэрдийэлэригэр сыбаталаабыт, сорох оттор төбөлөрүн отой да таска ылан быраҕыталаабыта күөдэл-таһаа буолан хадьымалга ыһыллыбыттар. Биир сиргэ, кыра көрдүгэн оҕотун ыксатыгар, икки дьоһуннаах оту кэбиспиттэрин тыал хоппотох, өрө дьөрөһөн тураллар, «туох бигэ, дьиппиэн түстээх бэйэлэрэй, дьоҕойон үчэһэлээхтэр дуу» дии санаан көрө сатаатым да, батары анньыллыбыт талахтар көстүбэккэ дылылар… Ынтах тэйиччи өссө биир от турарын, тыал түһүн устуруус көөбүлүн курдук тиэрэ кэдэритэн эрийэн таһааран баран, биир кэм өрө тэллэҥнэтэр.

Хойуутук кэнчээрилээбит хадьымал устун хаама түһэн баран, кэриини батан, ыллык суол устун дэгэйэ көтөн, Өҥсөөччү эбэ өтөҕөр киирдим.

Уруккута обургу от кэлэр өтөҕө кэлин баҕа батаһынан туолан оттоммотоҕо хас да сыл буолбут. Таарыйдахха сардьыгыныы тыаһыыр от сиэмэтинэн туолбут болчуохтаах баҕа батаһын ортотугар, былыр, отой өрдөөҕүтэ, бу өтөххө олорбут Килээрис оҕонньор моойторук олуктаах, күн уота быһа сиэн хара тураҕас сылгы курдук өҥнөммүт эргэ ампаара өссө да сэнэх көстүүтүн сүтэрбэккэ дьэндэйэн турар. Үрүт буоругар, ампаар чарапчылары, халба дабыдала өрө анньан үүммүтэ, үүт-үкчү, кыырыктыйбыт баттахтаах аар кырдьаҕас модороон ытыһын сүүһүгэр даҕайа тутан, эниэ сир үрдүк оройуттан эбэ үөһүн одуулаһа турарга дылы… Ампаар халҕана иэччэҕиттэн тууруллан мэлийбитэ быданнаабыт, күлүк эркин чуолҕаныгар, сылгы чыычааҕа уйаламмыта сабырыйар…

…Эмискэ көрө түспүтүм, утары, хонуу биригэдьиирэ Саабынап Ыстапаан буурул аты Көнньүөһү миинэн, хаамтара-хаамтара сиэллэрэн сэксэлдьитэн иһэр. Биригэдьиир киһи кэлэрэ-барара кэмэ суох, «сээкэй соругар сырыттаҕа» дии санаан аһардым…

Ыстапаан ыксабар кэлэн, тоҕо эрэ сирэйэ-хараҕа дьиктитик туран уйуһуйбут атын тэһиинин күүскэ тардан ойоҕолуу тэпсэҥэлэтэ сылдьан:

– Хайа, Аана, Айдаҥнаан иһэҕин?!. – диэн тыал тыаһын баһыйа сатаан хаһыытыы былаастаан ыйытар.

– Э-ээ!.. Тыала бэрт!.. Бүгүн муҥхалаабатыбыт!..

– Буолумуна, бу айылаахха!..

– Эн?!.

– Мин оттон бу эһиэхэ баран иһэбин, Түҥ өрүс бэтэрээ өттүгэр улахан уот туран бэрт киэҥ сири хабан эрэр үһү, онно дьон хомуйтара ыыттылар. Төһө да тэйиччитин иһин бу айылаах тыалга ханан-ханан эргийэн тилийэ көтүө биллибэт!.. Иллэрээ күннээҕитэ өрүс уҥуор турбут уот, бүгүҥҥү сибидиэнньэнэн Чуркумда күөлүгэр кэлбит, өссө, биһиги эҥээр диэки халыйбыт дэһэллэр!.. Баҕар атын, туспа уот буолуо!..

– Тыый оччоҕо отой чугас эбит дии!.. (Чуркумда «Свердлов» холкуос олоҕуттан үс көс кэриҥэ ыраах сытар күөл).

– Оннугар тиийэр!.. Ол эрэн, хайа үлүгэрий, ити ыккардыгар бэттэх кэлэ охсубат ини… ыраах ээ… саатар тыалбыт да эрийэн-буруйан түһэн, эмиэ да соҕурууттан, эмиэ да илинтэн ылан иэмэ-дьаама биллибэт дьаабы!.. – Ыстапаан тостубут куондардаах бороҥ хортууһун устан, сахсыйан толугуратан баран, таҥнары тутан сыыс киирбитин сүөкээри тэбээн илигирэтэр. – Дьонноруҥ, балыксыттар, өтөхтөрүгэр бааллар ини?!.

– Бааллар!..

– Чэ сөп, Аана, мин барыым!.. – диэт биригэдьиир атын тэһиинин көҥүл ыытан тиҥилэхтээн кэбистэ. – …Ээ, Аана, Лэгэйи көрөөр эрэ, соҕотоҕун утуйбутунан хаалла, убайдаах аҕаһа ханна оонньуу бартара биллибэт. Уһуктубут буоллаҕына дьиэҕэр таһаараар, били дьону сүтүктээн, көрдөөн аны уччуйан, мунан хаалыа!!. – диэн ыраатан иһэн хаһыытаан саҥара-саҥара Ыстапаан бөдөҥ мастаах күөл кэриитигэр киирэн, кус очоҕоһунуу эрийэ-буруйа субуллар, лоһугуруу хаппыт ыллык суол устун, атын туйаҕын тыаһа атын аҕайдык лабыгырайан, айанната турда…

…Баччаҕа турбут уот улахан сэрэхтээх, кууран-хатан аҕай сааҕынаабыт тыа отун-маһын көтөҕөтө, сэбирдэҕэ – туома саҕаһа кэриэтэ умайымтыа, кыымы даҕайыаҥ, таарыйыаҥ эрэ кэрэх – өрө күлүбүрүү түһэр, онно эбии күүстээх тыалы эбэн кэбис – бэйэтэ күөрт…

Айдаҥтан күнүнэн сылдьан дьахталлар, эмээхситтэр бурдук быһаллар. Биэс ыал баһыгар биир эмээхсин оҕо көрө хаалар, таарыйа киэһэ ходуһаттан тахсар отчуттарга чэйдэрин эҥин өрөн бэлэмнээн тоһуйар. Күн аайы солбуһаллар… «Ыстапаан оҕотун дьахталларга эппэтэх муҥа буолуо дуо?..» дии санаан аһардым…

Өҥсөөччүттэн биэрэстэ кэриҥин бартым кэннэ, айан суолуттан хадьы тахсан, хас да ньирэй, сиэрдийэ кэрдиллибит ырааһыйатын бата, сири-буору тиҥсиринэ сылдьаллар. Син тэйиччилэр, хаамаайылаан, чэччийэн мээнэ баран уччуйбут сүөһүлэрэ биллэр, ала-чуо бэйэлэрэ эрэ ийэлэриттэн, үөрдэриттэн быстан хаалан хаалбыттар. Атырыа бүтэйгэ хааллыбыт тарбыйахтар сиэрдийэ аннынан үнэн да тахсыбыт буолуохтарын сөп.

Кимнээх тарбыйахтарын чуолкайдаары суолтан туораан син тардылынным. Холкуос икки тыһы ньирэйин кытта, Талыабай Уйбааннаах сүүһэ модьуун сиэн килэрийбит атыыр борооскулара эбит… Тарбыйахтар киһини батыһа сылдьыахтара, ол курдук мэҥирэспитинэн хааллылар…

Өҥсөөччүгэ уонна Чоҥоролорго, ыраах ыырга айаннаары уойан нэмэнирбит кус халыҥ үөрдэрэ хараарсаллар, көтөн тахса-тахса күүстээх балаһаҕа үрдэрэн биир сиргэ таймаҥнаһан тэлибирэһэ-тэлибирэһэ, тыал аннынын былдьаһан, отой от саҕатыгар түһэн ыһыллаллар…

Чоҥоролор ыккардыларынааҕы буор хайа тэллэҕинэн таҥнары түһэн истэхпинэ, арай, сүксү бөҕөтө көтөр. Ону мин өссө куруҥ отун куоппаһа көтөн эрдэҕэ диибин… Тыала ойоҕолуу, кырыыбалыы соҕус утары, күрүс-күрүс сүрдээҕин күүһүрэн кэлэ-кэлэ намырыыр, ардыгар эрийэр-буруйар, ол аайы сүксү көтда көт…

Эмиэ барбахтастым, иннибэр үллэр лиҥкинэспит бөдөҥ мастаах тыаны мүччү түстүм да, Айдаҥ көлүйэтэ, ытыска уурбут курдук, нэлэс гына түһүөхтээх… Төһө да күһүн барахсан кэлэн, от-мас сэбирдэҕэ, мутукчата суйданан эрэр кэмэ буоллар, ойуура хойуута бэрдиттэн көлүйэ көстүбэт, биир эмит сиринэн Арыылаах киэҥ алааһа сэндэҥэрэн, элэгэлдьийэн ыла-ыла сүтэр…

…Арай, иһиттэхпинэ, саа бүтэҥитик эститэлиир, ону кытары туох да иэмэ-дьаама суох, биир кэм, тимир тимиргэ охсуллан лаҥкыныыр, таҥкыныыр (онтум кэлин билбитим, уот лааппы ыскылаатын сиэн саа сэбин эһэр тыаһа эбит, уонна малатыылка ыксатынааҕы собуосунаны суулларан, онно долбуурга ууруллан, кыстанан турбут араас тимир, мал-сал үрүт-үрдүлэригэр түһэр тыаһа холбоспут)…

Ойоҕос тыаны төлө түһэн Айдаҥҥа киирэн кэллим… Дьэ эбэтээ, буруо-тараа бөҕөтө, уҥуор биир да дьиэ көстүбэт… Күүстээх тыал ыыс-быдаан өһөх буруону халлааҥҥа таһаарбакка, «көстүбэтэр ханнык» диэбиттии сиргэ хаптатан симэлитэ, тарҕата сатыырга дылы…

Иҥэн-хаһан манныгы илэ харахтыам диэбэтэх киһи, инним хоту хааман иһэн, дьэ өйдөөн-дьүүллээн көрдүм – уот!.. Сүрэҕим бар гына түстэ… Харахтарбын сотто-сотто, көрбүппүн итэҕэйбэккэ, дөйбүт курдук таалан турдум…

Тыал суугунуур тыаһа эрэ иһиллэр уонна уот кытыастар, кыыдамныыр… Сөҕүмэр улахан төлөннөр өрө харбыалаһан мөхсөн тахса-тахса буруо быыһыгар саһарга дылылар…

Оол курдук, бүтэһиккэ, уһукка турбут эбэм аах дьиэлэрэ умайан күүдэпчилэнэн бүтэн эрэр… Уолуйан, мах бэрдэрэн, биир сиргэ хараҕаламмыкка дылы, эргиччи одуулаһан турбахтаатым… Үөскэ киһи да, сүөһү да баара көстүбэт үлүгэрэ… Арай, ойоҕоспор, хордоҕойго, ынахтар – туох да иэдээн, түрүлүөн тахсыбатаҕыныы, харахтарын симириктэтэ-симириктэтэ кэбинэн ньоймоҥноһо сыталлар…

…Мин, мэктиэтигэр, этим сааһа атын аҕай аһыллан кэлэргэ дылы гынна… Үгүһү-элбэҕи толкуйдуу барбакка, буутум быстарынан, Муосталаахпар төттөрү тэбинним…

Тыал буруйдаҕын аайы халлаантан күл тохтор, сүксү биир кэм күүдэҥнээ да күүдэҥнээ… Уот ханан халыйбыта биллибэт… Иэдээн!.. Өйүм-санаам барыта эбэм аахха уонна оҕолорго… Быыһаммыттара, куоппуттара буолуо дуо?!.

…Болдьоспут курдук, били, баарыын кэлэн иһэн көрсүбүт сирбэр, биригэдьиирбин Ыстапааны эмиэ уун-утары көрүстүм… Улаханнык куттаммыт, ыксаабыт дьүһүммүн дьиктиргээн атыттан ыстанан түстэ. Дьөһөгөй оҕото Көнньүөс барахсан алдьархай тахсыбытын сэрэйэн, сибиэркэнэн, сирэйэ-хараҕа туран, уһуктаах кулгаахтарын эрийэ тутан чөрбөҥнөтө-чөрбөҥнөтө хаһыҥырайан ылбахтыыр, туохтан эрэ дьаархаммыттыы, иннинэн-кэннинэн чинэккэлии-чинэккэлии, биир сиргэ таба турбакка тэпсэҥэлиир…

– Тоҕо төнүннүҥ?!.

Мин тиритии-хорутуу бөҕөтө, сүүрэн, аҕылаан, тыын быһаҕаһынан тыыныы… Куул аҥаарын кэриҥэ быраҥааттабын санныбар сүгэ сылдьабын, устан быраҕар, хаалларар өй эҥин диэн суох.

– Тоҕо төнүҥҥүҥ?!. Эһэни көрүстүҥ дуо?!. Туох айылаах маннык куттанныҥ?!. – Ыстапаан санныбыттан илгиэлиир.

Кырдьыга да, суолбут устатын тухары эһэ суола, мэлдьи, ииппэрэй-тааппарай курдук үгүс, ойуурдааҕы айан суолун ити быһан ааһар, бу быһан ааһар. Саатар, Айдаҥҥа киирэр аартыктан чугас, Бэс Тумуһахха, Тартаайа сатана, үөнэ-күрдьэҕэтэ баппакка, эһэ «бэлиэтээбит» маһын, кыра ыамайдары кытары дьирикилии сылдьан, тыҥырах суолун үрдүнэн сүгэнэн олуктаан кэбиһэн, ити эҥээр киһи мээнэ дьаарбайбат, ынах хомуйа, көрдүү оҕо аймах тиэстибэт сирэ буолан турара…

– Суох!.. Уот дэриэбинэбитин былдьаабыт!.. Дьиэ түөрэтэ умайбыт!..

– Тугу-тугу диигин?!. Хайдах оннук?!. – киһим отой итэҕэйбэт.

Мин биир кэм:

– Умайбыт, умайбыт!.. Дьиэ барыта!..

Дьон майгыта иэдээн бүрүүкүүр түгэнигэр, түбэлтэтигэр араас буолар, Ыстапаан дьүһүнэ, букатын холкутугар дуу, синигэр дуу түспүттүү эмискэ бэрт дьиктитик уларыйаат, миигин болҕомтолоох аҕайдык супту көрө-көрө:

– Хайдах-хайдах тыллаах баҕайыгыный, тугу-тугу туойаҕыный, ама доҕор… – диэн ботугураабыта… Кини хантан билиэй, тус олоҕор иэнэ суох иэдээн, аана суох алдьархай тахсыбытын…

– Дьонуҥ?!.

– Тэринэ хааллылар!..

– Мин оччоҕо, Өксөөҥҥө бардым!.. – санаабар, хайа да ыксаллаах быһыыга-майгыга сөптөөх, түргэн дьаһалы ылааччы, этэн-тыынан сүбэлээччи-амалааччы эдьиийим эрэ курдук… – Ыстапаан бүлгүммүттэн тутан турбут ытыстарыттан төлө көтөөт салгыы тэбинним…

Өҥсөөччү эбэ үрдүк кырдалын өрө сүүрэн тибигирэйэн тахсан иһэн, кэннибин хайыһан, эргиллэн көртүм – Ыстапаан, оол курдук, дэриэбинэ диэки атара сэлиинэн түһэ турда…

Кэникээн көлүйэтигэр туоруур ыллыкка чугаһыырым саҕана тыал сэллээтэ, онтон иһийэн ыла түһэн баран, аны хайысхатын уларытан барда… Буруо лаппа билиннэ… Халлаан барбатах былык миининии саппаҕырда, лүҥкүрэ өлбөөдүйдэ, онно эбии күһүҥҥү кылгаабыт күн бүдүө-бадыа быыһынан кытарыҥныы-кытарыҥныы арҕаалаан ыраатан, борук-сорук күөртүү көтөн, барыгылдьыйа оҕуста… Ыраах, саҕахха соһо былыттар тэйгэһэн тураллара көстөллөрө…

Муосталаахха тэппит атахпын кубулуппакка сүүрүүнэн кэллим… Күүлэ баҕанатыгар өйөнөн аҕылыы турдахпына, эдьиийим Өксөөн ыт аһыыр иһитин тутан тахсан баран, миигин көрөн соһуйда:

– Хайа, Аана, тоҕо төнүннүҥ?.. Тоҕо хоммотуҥ?.. – диэн үрүт-үөһэ ыйыта-ыйыта, иһитин баҕана төрдүгэр талыр гына уурбутун, Кулуһуннуурап кырдьаҕас ыта Хагдарысымаан кэлэн, атын ыттартан өрүсүһэн, харса суох хабыалаата…

Халтаҥ соммун уһуллум, бастыҥалыы баана сылдьыбыт былааппын сүөрдүм. Били, куул быһаҕаһын эрэ кыайбат быраҥааттабын санныбыттан дьэ түһэрдим. Ити тухары сүгэ сылдьыбыппын. Олус диэн утаппыппын манна кэлэн биллим, тамаҕым хаппыта сүрдээх…

Муосталаахха баар дьон бары мин тулабар муһуннулар.

– Туох буолла?..

– Тоҕо төннүбүт?..

– Туохтан куттаммыт?.. – диэн тула ампаалыктаһан түмсэн эрэр балыксыттар үрүт-үөһэ ыйыталаһаллар…

Мин тугу көрбүппүн барытын кэпсээтим.

Бэйэлэрэ да уокка бараары тэринэ сылдьыбыт дьон, сонно тута, ким күрдьэхтээх, ким сүгэлээх дэриэбинэҕэ түһүннүлэр.

Мин чэйдээн баран, Өксөөннөөҕү кытары барыстым. Тайтах Ньукулай кэргэнэ Балбаара оҕолорунуун уонна Даарыйа Батииманы илдьэ хааллылар…

…Айдаҥҥа тиийэрбитигэр халлаан отой хараҥара оҕуста… Били, күнүс атын аҕай силбиэтэммит тыал дьэ уоскуйан, дөрүн-дөрүн эрэ сирилэтэн ылар…

…Баарыын сарсыарда дьэндэйэн турбут Айдаҥ дэриэбинэтэ күл-көмөр буолан сытара көрөргө ынырыга сүрдээх. Уот көрдүгэннээн сии сытар сирдэригэр буруо-тараа билигин да ахсаабатах…

Эмээхситтэр, дьахталлар – оҕолору кытары, нэһиилэ тыыннарын эрэ тэскилэтэн, күөл кытыытыгар киирэн куотан биэрэн быыһаммыттар… Эбэбин көрөммүн сүрдээҕин үөрдүм…

Отут икки – ыал олорор дьиэтэ, сүүсчэкэ ыанньык ынах турар холкуос дьоһуннаах хотоно – оннулара эрэ оҥоһо сыталлар… Ол үрдүгэр ампаар, хоспох, ыаллар кэтэх хотонноро, күрүө-хаһаа, сээкэй кыра тутуу – хаһа биллибэт. Дьиэ турбут туоһута, буор оһохтор ордуктара эрэ наҥнаһаллар… Биир да киһи таҥнар таҥаһа, аһыыр аһа суох (туралларын курдук, сыччах кэтэ сылдьыбыт таҥастарынан эрэ) хааман хаалбыттар. Эмээхситтэр: «Саатар куһаҕан соммутун кэтэ сылдьыбыт буолуох…» – дэһэллэр.

Киһи дьиктиргиэх, дэриэбинэ ортотугар дьэндэйбит соҕотох мэлииһэ ампаара ордубут. Таппаҕаарап Хабырыыллаах онно уурунан турбут сээкэйдэрин – ыксалга, ыгылыйыыга уоттан куоттараары таска таһааран да өрүһүйбэтэхтэр, таҥастарын-саптарын күүстээх тыал үлтү ыһын кэбиспит, хата, төттөрүтүн тыыппатахтара буоллар онтулара-мантылара син ордуох эбит…

Уот кэлбитэ түргэнэ, дохсуна бэрт буолан, туох да өрүһүллүбэтэх…

Били, Ыстапаан миигин көрөөр диэбит оҕото Лэгэй муҥнаах дьиэтин иһигэр уокка былдьаммыт… Иҥэн-хаһан Лэгэй дьиэтигэр утуйбутунан хаалбыта буолуо диэн ким да өйүгэр оҕустаран көрбөтөх. Аһара баран эттэххэ, аҥаардас дэриэбинэ бэйэтэ эрэ умайбыта буоллар өссө кэм «манан аҕай быһылаан» буолуо этэ: умайбыт дьиэ оннугар саҥа дьиэ дьэндэйиэ турдаҕа, оттон киһи өлүүтэ туохха да тэҥнэммэт амырыын алдьархай, иэдээн… Күннэтэ киирэн оонньуур, күлэн-үөрэн чоҕулуҥнуур Лэгэй барахсан быстах былаҕайга былдьанан суорума суолламмыта абатын… Лэгэй аны суох… Киһи хайдах да итэҕэйбэт… Ийэтэ Ыстапаанньыйа сордоох айманарын инчэҕэй эттээх тулуйан көрүөх, истиэх буолбатах, хара хоруо дьиэтин оннутун тула сүүрэ сылдьан иэйэр-туойар… Ыстапаан, эр киһи туттуна сатыыр, кэргэнин уоскутаахтаан муҥнанар… Чоойуннаах Маарыйаны эмээхситтэр ийэлэригэр чугаһаппакка тута сылдьан баран, ханна эрэ илдьэ бардылар…

Одуҥдаҕа хонон-өрөөн оттуу сылдьыбыт Баһылайдаах, киэһэ туох да сүрдээх буруо-тараа Арыылаах күөлүн туһаайыытынан ытыллан тахсыбытын көрөн, өтөхтөрүгэр кэлбиттэр. Атын чугас эҥээр сир отчуттара эмиэ бары муһуннулар.

Дьон умайбыт дьиэлэрин оннутун тула эргийэ хаама сылдьан, отунан-маһынан булкуйан чээччэйэллэр да, хара хоруо хаалбыт сириттэн, туох киһи туһанара тахсан кэлиэ баарай…

Биһиги күрээтинньиккэ хааллан турбут уонча кууруссабыт, икки бөтүүкпүт бары уокка сиэнэн биир да ордубатах. Хааччахтарыттан да тахсыбатахтар, омос көрдөххө, уот түүлэрин эрэ түүрүччү сиэбит курдук, бэйэлэрэ бүтүннүү буспут көтөрдүү саһарчы кэриэрбиттэр…

Тэһэкэ оҕонньордоох баалла сыппыт ыттара Бөтөс уйатын иһигэр өлбүт, хахха сиргэ хорҕойон саһа сатаахтаабыт дьүһүнэ буолуо…

Онно-манна ньуу-ньаа ньамалаһар саҥа, күүгээн ортотугар, Уйбаныап Дьэримиэйдээх дьэрэкээн өҥнөөх бөтүүктэрэ, хата, кини обургу быыс-арыт булан ордон хаалан баран, үөс диэкиттэн сүүрэн мэтэһийэн кэлэн, үгэһинэн үрдүк сири талаһан, мэлииһэ ампаарын ыксатыгар сытар холкуос хотонун халҕанын аҥаар эҥэлэйин үөһэ олорон, «бук-бук-бук… бу туох ааттаах түптэ түрүлүөнэй, сүгүлээнэй, алдьархайай оҕолор» диэбиттии баһын быһа илгистэ-илгистэ бурдургуур, ол аайы кыһыл тарааҕа эйэҥэлиир, «бытыга» салыбырыыр…

…Чукчакыын муҥнаах сирэйэ-хараҕа биир да бүттэтэ суох хара хоруо… Хайа эрэ ыал дьиэтин оннуттан, чугуун өтүүк мас тутааҕа умайан баран, бэйэтэ бүүс-бүтүн хаалбытын тайах маһыгар иилэн санныгар сүкпүтүнэн, биир дьиэттэн биир дьиэ тобоҕор, соруктаах аҕайдык, тиэтэйэ-саарайа хаамыталыыр, ис хоһооно суох муннун иһигэр киҥинэйэн ыллыыр. Туораттан көрдөххө, туох да күн кыһалҕата суох киһи курдук…

Биһиги дьиэбит – кирпииччэ оһоҕо эрэ дьоройон турар, өһүө сууллан билиидэни тосту түһэн кэбиспит. Тэлгэһэ ортотугар сайылаабыт, күнүн аайы бур-бур бургучуйан, үрүҥ чаанынан өрө ытылла турбут буолускай салабаарбыт хорҕолдьуна ууллан ньаппайан баран кылбачыйа сытар…

…Огдооччуйа кыра оҕолоох киһи тугун уһуой-тэнийиэй, Бэргэһэчээнин көтөҕөн, Биэрэни сиэтэн, уолаттары батыһыннаран, Айдаҥ уҥуор, Татый эмээхсиннээх кыстык балаҕаннарыгар хоно барда…

Дэриэбинэни сиэбит уот, Арыылаах уҥуоргу өттүгэр тиийбэккэ умуллубут…

Алдьархай тахсыбыт түүнэ улахан сүпсүлгэн, ый-хай ортотугар ааста… Дьүөгэлэрбиттэн Торооһу эрэ көрүстүм. Аҕаһа Ааната Мытыйыс Маарыйатын кытта Килтэбил Бэрэтин отчуттарыгар көмөлөһө барбыттар…

Мин Өксөөннөөҕү кытары Муосталаахпар төнүннүм.

* * *

Дьоммут бары да уокка ыҥырылланнар, сарсыныгар муҥхалаабатыбыт.

Киэһэ Айдаҥтан Дьөгүөр Кулуһуннуурап кэллэ. Киһибит бэҕэһээҥҥитээҕэр өссө ордук ынырык сонуну аҕалла. Дьөгүөр кэпсээбит алдьархайа маннык буолан таҕыста:

Атырдьах ыйын 27 күнүнээҕи уот иэдээнэ Айдаҥ сүпсүлгэнинэн, түрүлүөнүнэн эрэ муҥурдамматах. «Свердловтан» балтараа көс ыраах сиргэ баар Килтэбил Бэрэтэ диэн күөлгэ Мундулуҥдаттан Дьабадьы Хабырыыл кэргэнэ Сөдүөрэлиин, уола Модьулуун, Намыынап Хабырыыл кыыһа Маарпалыын уонна Айдаҥтан көмөҕө барбыт Мытыйыс Маарыйата, Саабынаба Ааната буолан хонон-өрөөн оттуу сыппыттар…

Кинилэргэ «Свердловтан» Тыккаай Ньукулай, атынан, Түҥ өрүс бэтэрээ өттүгэр уот турбутун тыллыы тиийбит. Ньукулай отчуттары Айдаҥҥа аҕалыахтааҕа үһү, оччоҕо дьон биир сиргэ түмсэн уоту кытта охсуһуохтаахтара.

Тыккаай Ньукулай:

– Улахан уот турбут, түмсэбит үһү… – диэн эппит. Отчуттар бэйэлэрэ да бүтэһик отторун кэбиһэн бүтэрэн бараары тэринэ сылдьаллара эбитэ. Сып-сап хомуна охсоот, аттаах киһилэриниин сэттиэ буолан айаннарыгар турбуттар. Икки – от кэбиһиитигэр көлүллүбүт сыарҕалаах оҕустаахтара үһү. Ньукулай өссө, киччим көлүйэ баарыгар, биир ийэ ууһа нэмэнэ көҕөн, тыалтан-куустан хорҕойон саһан аһыы сылдьалларыгар түбэһэн, үөмэн киирэн хаһы да ытан ылбыт…

Оҕустарын сиэтэн, Ньукулай атын миинэн Килтэбил күөлүн уонна Бэрэтин ыккардыларынааҕы үрдүк кырдал тэллэҕэр кэлэн өрө тахсыбыттар (Килтэбил уонна Бэрэ ыккарда – биэрэстэ кэриҥэ). Кырдалы өрө дабайан истэхтэринэ, тыас-уус бөҕөтө буола түспүт… Маҥнай утаа, күүстээх тыал суугунугар балыйтаран уот ытылҕанын истибэккэ испиттэр, саатар, буруота соччо суоҕа эбитэ үһү… Дьэ эбэтээ, хантан да кэлбитэ биллибэккэ, амырыын уот иннилэригэр, эмискэ, биирдэ өрө ытылла түспүт, мэктиэтигэр, иччилээх аҕайдык уһуутуу-уһуутуу мастар төбөлөрүнэн сүүрэрэ үһү, инньэ гына-гына аллара түһэн баары барытын имири соторо… Ыгылыйыы, уолуйуу буолбут… Уот көрүөх бэтэрээ өттүнэ эргийэ көппүт, дьон – төлөн ортотугар буола түспүттэр… Дьабадьы Хабырыыл, өй ылан, оҕустар бурҕалдьыларын быатын быһыта баттыалаан босхо ыыталаабыт…

…Ынырыктаах уот быыһанар түгэни биэрбэтэх: биэс киһи күүстээх төлөн суоһуттан уонна буруоҕа тумнастан сонно охтубуттар. Арай, сылгыһыт Тыккаай Ньукулай уйуһуйбут атынан муҥ көтүүнэн ойутан нэһиилэ куоппут. Толору оҥоһуулаах ыйаахтаах буоллаҕа буолуо, Мытыйыс Маарыйата, тыын былдьаһыгар, Тыккаай атын кутуругуттан тутуһан соһуллан тиийэн Килтэбил эбэҕэ түһэн быыһаммыт. Ньукулай салгыы туос бөтөрөҥүнэн хатыс ууннара турбут, уот аттаах киһини ситиэхчэ сиппэтэ үһү, ол курдук түргэнэ…

…Маарыйа таҥаһа-саба тырыттан, эт-сиин, дьүһүн-бодо иэдэйдэр да, туран чарапчылана-чарапчылана дьоно муҥнаахтар хаалбыт туһаайыыларынан чарапчылана-чарапчылана көрө сатаабыт да, биир да киһи көстүбэтэ үһү… Арай, оол курдук, Хабырыыл ыыталаабыт оҕустара, Килтэбил ойоҕоһунан, түүлэрэ түүрүччү кэриэрэн баран, сүүрэн таһынньахтанан ааспыттар; сорох сиринэн уот тириилэрин тэһитэ сиэн – сиикэй эттэрэ кытарыҥныыра эбитэ…

Килтэбил – аакка-суолга киирбит дьоһуннаах эбэ, ортотугар мас арыылаах. Күөлүн тэҥкэтиттэн арыытыгар диэри биэрэстэнэн сир… Эмискэ, биир түгэҥҥэ, Маарыйа көрөн турдаҕына, уот – умайа сылдьар сонос соҕус титириги тосту тардан ылан быраҕан күдээриппит. Титирик кыырай халлаанынан умайа-умайа күүдэпчилэнэн тиийэн арыыга түспүт, инньэ гынаатын кытта ойдом сир тыата биирдэ өрө багдас гыммыт… Хайдах курдук арыы ото-маһа сиэнэн бүтээтин, улахан алдьархайы, иэдээни аҕалбыт уот умуллар, өһөр аатыгар барбыт.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 13 14 15 16 17 18 19 20 21 22 23 24 25 26 27 28 29 30 31 32 33 34 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации