Электронная библиотека » Семен Маисов » » онлайн чтение - страница 33


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 10:40


Автор книги: Семен Маисов


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 33 (всего у книги 34 страниц)

Шрифт:
- 100% +

Кутурук ол айылаах иилистибит хойуу сүүмэхтэригэр батары киирбит бөрө сэлгиэхтээх аһыылара хантан арахсан биэрэ охсуохтарай, өссө эбиитин өчөһөн соһулла сылдьар кыыл киэннэрэ… Биллэн турар атыыр сиргэнэн, тыын былдьаһыгар, көппөрөҥнөөн күөдүлгэхтэнэ-күөдүлгэхтэнэ бөрөнү өрө эһэн таһаара-таһаара туох да харса суох тэбиэлээн куһуйдаҕа. Сылгы кырыылаах, тоҥ туйахтарынан ыраахтан кууһуннара сылдьан биир эмит түгэҥҥэ сөп түбэһиннэрэн кыылы үчүгэйдик таптаҕа. Хара тыа ардай аһыылааҕа өллөҕө ол…

Мин урут, хаһан да, сылгы бөрөнү кутуругар бу курдук соһон кэлбитин туһунан кэпсэли да истэ илигим. Атыыр олус уйуһуйан, ииримтийэн быһыыта алдьаммыта буолуо диэбиппит, хата, туох да буолбатах. Дал аанын арыйан кэбиспиппитигэр Сиэллээх Уола иҥэрсийэ-иҥэрсийэ арыы талах саҕатыгар тоҕуоруспут, убаһалара араарыллан бэйэлэрэ эрэ хаалбыт биэлэригэр тиэтэйэ-саарайа сиэлэ турда…

– Бу обургуну көр эрэ, өйө сүрдээх эбит ээ, адьырҕатын араартараат, соруга бүтэн бардаҕа ити, – Кууһума куобах үтүлүгүн уоһунан илиилэрин таһааран наҥналлан туран, оол курдук, атын аҕай ыһыллаҥхайданан үөрүгэр тиийэн эрэр атыыры одуулаһар.

Мин үөр биэлэрин ахсааннарын сирийэн ааҕан көрөн баран:

– Дьаҕыллаах көҕөччөр биэтэ суох… – дии охсобун.

– Талах иһигэр көстүбэт дуо?.. – Кууһума олойо-олойо кыҥастаһар.

– Эс, суох!.. – сэндэҥэ арыы талах иһигэр биэ буолуохтааҕар ыт да сылдьара көстүөх курдук, хаар маҥан уонна саһыл кэрэ өҥнөөх икки биэлээҕэ хаһыыга сэргэстэһэн тураллар, туох да быһылаан тахсыбатаҕыныы, хата, бэйэ-бэйэлэрин ытырбахтаһан эйэргэһэллэр…

Быралгы иитиэҕин сылгыларыгар салгыы от тэлгэтэн аһаталаан баран бөрөтүн сүлээри дьиэтигэр хаалла. Кууһума биһикки, били, Сиэллээх Уолун үөрүгэр баар биир биэ суоҕун иһин, ыксал-тиэтэл бөҕөнөн, атыыр хаһа сылдьыбыт сиригэр, Мундулуҥдаттан түөрт биэрэстэ кэриҥэ ыраах сытар Барчалыыр күөлүгэр ойуттубут…

Сэрэйбиппит курдук бөрөлөр биэни туппуттар. Суолларыттан көрдөххө икки дуу, үс дуу бөрө быһыылаах. Иһэ тоҕо тардыллан баран саҥа бөһүйэн эрэр сылгыны сонно астаан кэбистибит. Мин төттөрү кэлэн Быралгыттан сыарҕа ылан аппын көлүйэн сиэҥ этин лөглөччү тиэйэн Айдаҥнаатым. Кууһума сылгыларын көрөөрү сиринэн барда…

Сурах хоту иһиттэххэ өрүс уҥуор сытар атын да нэһилиэктэр холкуостарыгар бөрө олус элбээн, сутаан, бэл дэриэбинэҕэ киирэн баалла сытар ыты кытары тутан сиэбит сурахтара иһиллэр. Холкуос сылгытын харса суох тардан хоромньу бөҕөтүн таһаарбыт адьырҕалыры, дьарык оҥостон ханна да сонордоһо сатаатылар. Аҥаардас биһиги холкуоспут сириттэн, булчуттар кыс устата, сүүрбэччэ бөрөнү өлөрдүлэр…

Ити сыл сайыныгар «бытаһыттар» түмсэннэр, ол иһигэр биһиги Кыра Баһылайбыт эмиэ, эсэһит ыттары илдьэ сылдьан, Муҥхаарыма үрэҕин кырдалларыттан, хас да бөрө хороонун (бытатын) буланнар, адьырҕалар оҕолоро борбуйдарын ситэ көтөҕө иликтэринэ дьууктаатылар…

* * *

Киһи өйүгэр-санаатыгар иҥэн хаалар, олоҕуҥ устатын тухары хаһан даҕаны умнуллубат бэлиэ күннэр, түгэннэр баар буолаллар.

Күһүн, балаҕан ыйын эргэтигэр, биир күн, Харачаас атыыр үөрүттэн быстан, хойутаан төрөөбүт биэ кулуннуун сүппүтүн көрдүү Дээҥдэҕэ бардым.

Саҥа тутуллубут Үргэлим барахсан, эттээх ат, куоттарбытын ситэ сатаан эрэрдии соруктаах аҕайдык иннин хоту кудуччу хааман харбыалаһар. Биир кэм олуктан олугун аһара түһэрэн хардарар.

Исийээнэп таҥара саҕана улаханнык хаһыҥнаталаан, лоһугураччы тоҥоро сылдьан баран кэлин эмиэ хат сылыйан ириэрэн кэбиспитэ – ат туйаҕын анныгар күһүҥҥү ардахтар ууларын тото испит сир кырса бып-бырдырҕас. Дохсун, дуолан ат иһэҕиттэн ыһыллыбыт инчэҕэй буор, ардыгар, көхсүбэр, сирэйбэр кэлэн түһэр…

Аны аҕыйах хонугунан Бокуруоп күнэ үүнүө, дьэ ол кэннэ биллиэ – айылҕа барахсан быйылгы күһүнүн дьүһүнэ туох, хайдах буолуо. Хаардаан үллүктээн баран биирдэ тоҥорор дуу, хараннан хам ылар дуу…

Сарсыарда халлаан арҕаа саҕаҕынан мөдөөннүк устубут быстаҕас былыттар күн ортотун саҕана хойдон, ээр-сэмээр халҕаһалыы анньан бэйэ-бэйэлэрин кытта силбэһэн бардылар. Тыалырда. Хаар түһэр чинчилэннэ. Дэҥ, биирдиилээн бөдөҥ хаар тэлээрэ-тэлээрэ от-мас быыһыгар симэлийэр.

Аллараа, Үөһээ Уолбуттары ааһан, Харачаас үөрүн батыһыннаран мэччийэ сылдьыбыт бэтэрээ эҥээр сытар от үрэх баҕарахтарын, сискэ тахсан көрдүгэннэрдээх маардары эҥини барытын сирийэн көрө-көрө Баһымдьы толооно диэн ааттанар сиргэ кэллим да, ити тухары кулуннаах биэ көстүбэтэ. Сэдиптэрэ да суох. Баҕар эрдэ төннүөм дии санаан ыһык ылбатах киһи, күн ортото хайыы-сахха аччыктыы быһыытыйдым. Ол эрээри, өссө да эрдэ диэн, салгыы Дээҥдэҕэ түһүннүм.

Былыт саҕахтары холботолоон, халлаан биир кэлимсэ бүрүллэн, лүҥкүрэн хаалла. Аны тыал улам-улам күүһүн-уоҕун ылан силбиэтэнэн барда…

…Сылгы көрдөөн, баҕар манна тураайаллар диэн уорбалыы санаабыт сирдэрбин: хас биирдии көлүйэ, дүөдэ баар сирин; тыалтан-куустан саһан, хорҕойон туралларын аны көрбөккө ааһыам диэн: алар тыалар, арыы талахтар кэтэхтэрин, хоннохторун-быттыктарын түөрэтин кэрийэн, эргийэн – Дээҥдэҕэ букатын борук-сорук барыгылдьыйбытын кэннэ тиийдим. Күн кылгаан уонна халлаан хас эмэ хаттыгастанан халыҥнык былытыран эмискэ үөл-дьүөл буола оҕуста…

Тыал сэллээтэ, иһиллээн ыла-ыла, дөрүн-дөрүн, тохтуу-тохтуу үрэн сирилэтэр…

Ирбинньик-сарбынньах инчэҕэй бөдөҥ хаар түһэн намылытар… Сороҕор, ити-бу көстүбэт будулҕана буолан ыла-ыла астар, онтон эмиэ тэллэҥнэппитинэн, куоҕаҥнаппытынан барар…

Күһүҥҥү, бастакы көп хаар сүүйэн ылбыттыы ып-ыраас, дьэҥкир салгына – эти-хааны дьикти сэргэхтик эймэнитэ хамсатар…

Бу иһэн, икки улахан арыы ычыкыны холбуур ороххо ииппит тэптиргэлэригэр биир туус маҥан табысхаан иҥнэн тэйгэйэн турарын көрдүм. Саҥа иҥнибит, туох да тыыппатах. Сылгыһыт уолаттар туһахтара буолара чуолкай.

Бачча кэлбиччэ Тумус Тыаҕа тиийэн баран төннүөм дии санаан, сайын оттуу сытан отууламмыт Чолоохтуур көлүйэбитин ааһан сэллэрбэнэн түстүм. Арыый сырдыга буоллар бэрт буолуо эбит. Сылгы баар сиригэр түбэстэххэ суолунан киһи эрэйэ суох булуох хаара сири туртата оҕуста. Дьиҥинэн хаар түспүтүн кэннэ, хас да хонон баран кэлэр ордук этэ, суол таһаарбыттарын кэннэ. Билигин ханна эрэ тыаҕа, хойуу оттоох-мастаах бүөм сиргэ тыалтан-куустан саһан бүгэн турдахтара…

Арыы ычыкыннар истэриттэн кылбаа маҥан хабдьылар, бэбигирии-бэбигирии, өрө сарыкынайан тахса-тахса тайааран тиийэн соччо ырааппакка чугас түһэллэр: тыас иһиллэнэрдии чонойон олоро түһэ-түһэ, көп кыраһа үрдүнэн сис тутан баран сүүрэн ибигирэһэллэр.

Дээҥдэ тутум саҕа кэнчээрилээх оттоммут ходуһата кэннибэр хаалла, аны мантан ынтах кур лаҥха, сэтиэнэх, хачыгырас хаппыт талахтаах, эмиэ да үөл үөттэрдээх алыылар сэлэлии сиэттиһэллэр.

Борук-сорукка, оол курдук, дьулугураабыт бөдөҥ тииттэрдээх Тумус Тыа тыата көстөр. Урут бу эҥээр эмиэ оттуу сылдьан баран, кэлин сирэ дьүдьэйэн: саас халаан уута халдьыгыраччы сүүрдэн сир тымыра гынан куоһаан кэбиһэн түөрэтэ хаһырыа уонна куобах уоһа буолан бырахпыттар. Хатыйыы, сигэ күрүө тоһоҕолоро, эмэҕирбит сиэрдийэлэрин элээмэлэрэ: уруккуну, ааспыты кэрэһилээн хорохолонон тураллар, иҥнэл-таҥнал түһэн сыталлар…

Биэбин мантан булбатым да, Айдаҥҥа төттөрү төннүөхтээхпин, икки эрэ көстөн ордук сири Үргэл атара сэлиинэн кудуччу түстэҕинэ өр гыммат. Сөпкө тиийиэхтээхпин.

Хаарга баҕар суол-иис баара буолаарай диэн көрө иһэн, өс киирбэх эмискэ сылгы суолугар кэтиллэ түстүм, хаар маҥнай үллүктүүрүн саҕана ааспыттар – омооно эрэ биллэр, өссө арыый хараҥата эбитэ буоллар киһи түбэһэ, таба көрүө да суох эбит. Чопчу мин көрдүүр биэм кулунун кытары… Суолу хайан хойуу үөттэр быыстарынан орҕочуйар кыыл-сүөл удьаратын батан кэҥэс соҕус ырааһыйаҕа киирээппин – Үргэл хотоку эмискэ хорус гынан тохтуу биэрдэ, ону кытары тэҥҥэ, тэйиччи, аттаах киһи сибикитин билэн биэ кистээн дьырылатта…

Аппын үөккэ иҥиннэрэн баран, түһүөм ыккардыгар, Харачаас үөрүттэн быстыбыт дьаҕыллаах тураҕас биэ, мөскөччү уойбут киһи таптыах курдук мору-мотоҕор сиэр өҥнөөх кулунун батыһыннарбытынан аттыбар содьороҥноон кэллэ… Ол иһин, атаҕын оһоллоон үөрүттэн хаалбыт. Кулуна ийэмсэх муҥутаан арахсыбатах.

Сылгы баҕатын маска батары үктүөн эҥин сөп, кыра да тоһоҕос тостон искэ хааллаҕына улаханнык эрэйдиир. Элбэх буолан суулларан ыраастаатахха эрэ түргэнник үтүөрэр. Дугуннарбат хаҥас илин атаҕын дэлэҕэ сүгүн туттара сылдьыа, атын аҕай садьыаланар. Хайа да түөрт атахтаах илин атаҕа эчэйдэҕинэ сир өппөт, хата ол оннугар кэлин атаҕа буоллаҕына син барбахтаһар.

Аппын сиэтэн Дээҥдэҕэ баар бастакы кээһиилээх окко диэри сатыы кэллим. Ити тухары кулуннаах биэ кэннибиттэн саппай уопсан батыстылар. Биэ улаханнык бадьыыһырбыт – лаппа доҕолоҥнуур. Харса суох иннин хоту дьүккүҥнээн нэһиилэ сүгүллэҥниир. Бэйэтэ ырбатах, туруга үчүгэй.

Дьөһөгөй оҕото барахсан өйдөөҕүн өйдөөх, өрүһүйдэҕинэ икки атахтаах эрэ өрүһүйүөн өйдөөн, иччиргээн батыһан хаалбакка буола сатыыр. Кулуна ийэтин иннигэр арыый куота түһэ-түһэ тохтоон, кэннин хайыһан «бу эн хайдах буолан бачча бытаардыҥ, кытаат, хааман, ситэн иһиий» диэбиттии будьурхай сиэлин, көҕүн хамсатан баһын быһа илгистэ-илгистэ көрөн, кэтэһэн тойтоллон турар…

Биэ атаҕын оһоллооботоҕо эбитэ буоллар сибилигин тута төннүөхтээх этим, онтукам сатаммата. Бу тэтиммитинэн айаннаатахпытына сарсыарда биирдэ өтөхпүтүн булууһубут…

Хадьымалга киирэн оттоох күрүөҕэ аппын баайдым. Хоҥсуоччуга иилбит көнтөспүн сүөрэн суларбын устан ылан биэҕэ кэтэрдэн баран, дугуннарбат илин атаҕын такытан, хараҥаран туома муннубар тиэрдэн көрдүм. Сэрэйбит курдук – баҕатын хайа үктээбит…

Ити ыккардыгар халлаан улам-улам им балай буола хараҥаран барда. Мин толкуйдаан көрөн баран, хонордуу быһаарынным. Урут да, сиргэ элбэхтик хоммут киһи буолан үөрүйэхпин. Бэл бытарҕан тымныыга аһаҕас халлаан анныгар, кулуһун уотугар да түүнү атаарыылар бааллара.

Сайыҥҥы, саары саҕанааҕы хара күөх оттон сыыйан ылан биэлээх кулуммар быраҕан биэрдим. Хаппыт үөтү тоһуталаан кулуһун отуннум. Били, баарыын көрбүт куобахпын баран туһаҕыттан устан аҕаллым. Үөрүөм иһин саҥа иҥнибит. Испиискэбин, мэлдьи, бэйэбин кытта илдьэ сылдьарым бу сырыыга эмиэ туһалаата. От турар сириттэн ойуура чугас, бу эҥээр хатыҥ булкаастаах тыалаах. Уолаттар бүтэй тута сылдьан күрүө тоһоҕотугар бэрт модьу үөл хатыҥ туоһун кэтэрдэн кэбиспиттэрин ылан, сэрэнэн түөрт муннуктуу хайытан, бүүрэн, тоһоҕолоон, талаҕынан кылдьыылаан тордуйа оҥоһуннум, онтубар хаар симэн баран сэмээр уокка сырайан ууллардым: маҥнай утаа тордуйам уот салаабытыгар чачыгырыы түстэ, тас субата түрүтэ баран мунньараҥнаата-ханньараҥнаата онтон оннун-туойун булбуттуу уоскуйан биир кэм уот суоһугар бэринэн дьэҥкир уута дьирибинии хамсаата, сотору соҕус кытыыта бырдьыгынаан кыынньан барда, устунан оргуйан өрө тэптэ…

Бу үйэҕэ кыыннаах быһахпын өттүкпүттэн араарбакка сылдьыбыт бэйэм умнан хаалларан кэбиспиппин… Ити курдук чугас туртайан көстөр хатыҥнарга тиийэн, хата бэрт дөбөҥнүк чэрии булан логлорутан аҕалан илдьиритэн оргуйбут тордуйалаах уубар куттум. Чэрии барымтыата сүрдээх, сонно саһарчы хойдон чэй чэйинэн буола оҕуста.

Табысхааным тириитин илиибинэн хайытан ньылбы тардан кэбистим, эмиэ оннук илиибинэн эттээтим. Бүөрэ бүтэй да буолбатар эмис куобах буолан биэрдэ, ытыгыраабыт сыа оҕотун ылан уоппар бэристим, эһэкээн үөрэ-көтө сырдьыгыначчы салаан кэбистэ. Быарын сонно айахпар түһэрэн бэрт минньигэстик сэлибир гыннардым. Үөт лабаатын тоһутан хас да гынан куобаҕым этин үөллүм. Бэрт уһуннук букунастым да кыайан буһа охсон биэрбэт ас буолан биэрдэ: таһа сорох сиринэн бэл хоруорар, оттон ис симэһинэ сүүрэ турар. Ону ол диэбэккэ тотуохпар диэри сиэтим.

Куобаҕы сылгы инитэ дииллэр, кырдьык да оннук, ис муотараҕа барыта үүт-үкчү сылгы иһин курдук. Сылгы этэ сиикэйдии сиэнэр буоллаҕына, куобах да этэ тоҕо сүүрүҥүйдүү сиэниллиэ суохтааҕый дии саныыбын. Санаан көрдөххө хамсыыр-харамайдартан киһи эрэ аһын-үөлүн буһаран сиир, уоннааҕы бары үөн-көйүүр, көтөр-сүүрэр, кыыл-сүөл – айылҕа хайдах биэрбитинэн үссэнэллэр, баҕар ол да иһин ордук тулуурдаахтара, чэгиэннэрэ-чэбдиктэрэ буолаарай… Миэхэ араас санаалар киирэллэр… Киһи тугу ыатарбатаҕа баарай, ордук соҕотох хаалбыт, бэйэҥ бэйэҕэр эрэ сылдьар кэмнэргэр…

Уһун сайыны быһа от үлэтин кытта тустан, хатан, кыра айан-сырыы аайы тириппэппин, куруук кураанах кэриэтэ ип-ичигэстик сылдьабын, онон тоҥмоппун.

Куобаҕым этин тото сиэн, хойуутук барбыт, оргуйбут чэрии чэйбин утаҕым ханыар диэри тордуйабыттан иһэн баран, аппын сыбыдахтаан, ыҥыырын күрүө сиэрдийэтигэр иилэ бырахтым, бэйэтин өртөөн аһаттым уонна кэбиһиилээх от үөһэ тахсан, чыычаах уйатын курдук хастан, утуйардыы оҥостон кэтэх тардыстан сыттым…

Атым дьиримин төлөрүтэрбэр холун бирээскэтэ киһи илиитин хаарыйар буолбут. Ити аата тымныы күннэр, түүннэр сибикилэрэ…

Сайын оройугар, өҥүрүк куйааска кэбиһиллибит чээлэй чэчиктээх сир симэҕин кытары булкуспут күөх от минньигэс сыта астыктык дыргыйар. Халба дабыдала от төбөтүн сыыйан баран сирэйбин кычыгылата-кычыгылата син өр сыттым да, тоҕо эрэ, уум кэлэн биэрбэт, хайдах эрэ ураты уоскулаҥ турукка киирэн хаалбыт курдукпун…

…Түүн тыал отой астан хаалла, халлаан былыта ыһыллан сулустар сытыытык чаҕылыһан дьирибинэспитинэн бардылар… Аһаҕас халлаан анныгар хонор диэн бэйэтэ туспа дьикти түгэн…

Сылгылар эмиэ, түлүк түүн күөйэ көтөн кэллэ диэн утуйар санаалара суох быһыылаах, тыбыырса-тыбыырса хараҥаҕа аһаан тиистэрин тыаһа биир кэм мэлии тааһын тохтуу-тохтуу тардарга дылы күрдүргүүр, ол быыһыгар биэ оҕотугар ымманыйан иҥэрсийэн ылар… Ханна эрэ ытыс таһынар ыас хараҥа сыбар тыа иһигэр атыыр модьугу кутуйаҕы үргүтэн уһуутуура иһиллэр… Тыһыта хатан аҕайдык «күлэн саһыгырыыр»…

Кулуһунум уота төһө да маһа бүтэн сөҕүрүйэн бардар, өтөр-өтөр пус-пас тыаһыыр… Түүҥҥү олох ити сэмэй, симик тыаһа-ууһа барыта бииргэ холбоспута – уран уйулҕа уһуу тыынын уһугуннаран, иһирэх иэйиилэр куккун-сүргүн атын аҕайдык, астыктык кутугуната хамсатан кэлэллэрэ кэрэ да буоллаҕа…

Мин, кыраман үрдүккэ чокуур кыымыныы сырдыргыы саҕыллар, тэбэнэттээхтик имнэнсэр сулустары одуулуу сытаммын, соҕотох киһи тулалыыр эйгэтин кытта бэйэтэ эрэ хааллаҕына буолар үгэһинэн – арааһы, элбэҕи эргитэ саныыбын…

Оо, олох уостубат будулҕаныгар, оргуйар үөһүгэр ахсымнык да элэҥнээн ааһаллар эбит ээ – оҕо саас элэккэй кэмнэрэ, эмньик кулун кэриэтэ эдэр саас үтүөкэн сыллара… Тээкиччэ эбэ үрдүк өтөҕөр күн сирин көрүөхпүттэн, сэрии кэмигэр эбэм Маарыйа эмээхсин бэйэтин сылаас күөнүгэр ииттэ ылыар диэри сылларым – олоҕум, букатын, туспа олуктара буоллахтара… Ол ааспыт күн-дьыл үрдүк арҕаһын кэтэҕэр саспыт сыллартан – уйулҕаны уйуһута хамсатар үгүс да араас дьикти иэйиилэр, өйдөбүллэр хаалбыттар… Сорохторо – олус да истиҥ, иһирэх; атыттара – харах уутун харса суох халытар, аһара да ыар, ынырык өйдөбүллэр эбиттэр…

Тээкиччэҕэ олорбут оҕо сааһым сылларын отой субу баар курдук дьэҥкэтик өйдүүбүн, саныыбын… Дьонум бары чэгиэн-чэбдик эрдэхтэринээҕи оҕо сааһым саамай дьоллоох күннэрэ… Төрөөбүт балаҕаным таһа, хас да мааны сэргэлээх тэлгэһэм иһэ – харахтарбын симним эрэ отой субу баардыы илэ бааччы көстөн кэлэллэр уонна мэлдьи күп-күөх чаҕыл халлаантан тыгар сып-сырдык күн уотун сарпа сарадах сардаҥалара кинилэр күөннэригэр күлэ-үөрэ, өрө-тэйэ дьэргэлгэннэнэ оонньоон, наар дьол кыымынан эрэ саҕылла, тырымныы тураллар… Кэрэ да өйдөбүллэр… Дьоллоох оҕо саас… Онтон ордук үтүө өрөгөй күннэр киһи олоҕор ама бааллар үһүө…

…Ийэм… Ийэккэм барахсан сырдык мичээрэ… Эбэм Лөкүөрүйэ наҕыл, холку, эйэҕэс мөссүөнэ… Эһэм Хара Өлөксөй хаһан да тымтыбатах, кыра оҕолуу, киһи эрэ аһыныах мыттыйбыт сэргэх сэбэрэтэ… Хахха-дурда буолбут таайым Нуолур Бүөтүр үөрэн-көтөн сэгэччи туттубут дьүһүнэ… Оо, дьонум барахсаттар…

…Балаҕаммыт ыалдьыта-хоноһото үгүс да буолара ээ… «Аһаҕас ааннаах, киһи атахтаах» ыаллар дэтэр этибит дии… Саас, сайын Сир Ийэ барахсан силигилии ситэн, киэркэйиэҕинэн киэркэйэн нуоҕайан-нусхайан ахан турдаҕына – ийэм дьүөгэлэрин кытта өтөхпүт араас дьэрэкээн чэчигинэн ситэри симэммит үрдүк ньууругар мустаннар, саһыарбыт санааларын ситимин сатаан өһүлэн, аймаммыт киччим санааларын аанын аһан – ирэ-хоро, дуоһуйа, ис-истэриттэн сүргэлэрэ көтөҕүллэн, күлсэр-салсар, көрүлүүр-нарылыыр да этилэрэ ээ… Биһиги саҥа дьоройон эрэр кыра кыргыттар, кинилэр эгэлгэ ырыаларын-тойуктарын сэргээн да истэрбит…

Хомоҕойдук хоһуйбут, тупсаҕайдык туойбут күн эгэлгэ ырыалара-хоһоонноро уос номоҕуттан түспэккэ ылланар, устанар ууну сомоҕолуур, сүүрэр ууну сүрүннүүр, кэрэни кэрэхсиир саха саҥалаахха эрэ барытыгар биллибит, ураты айдарыылаах уус тыллаах Лэҥкэй Аана (Куонаанаба Аана) – өрө өгдөс гына-гына иэйэн-куойан ахан ис-иһиттэн илбиһирэн этэн-тыынан сэгэлдьитэ олорор дьүһүнэ-бодото, букатын, бу көстөргө дылы… Улуу ырыаһыт – дьоло суох дииллэрэ кырдьык быһыылаах. Лэҥкэй – хоойго сытар холоонноох доҕор диэни көрсүбэккэ, төрөтөр оҕо төлкөтө диэни билбэккэ, иэримэ дьиэни иччилээбэккэ, эдэркээн сааһыгар бу орто туруу бараан дойдуттан барбыта ыраатта… Арай, ырыалара-тойуктара кини аатын үйэлэргэ ааттатар кэнчээри ыччатын кэриэтэ кэннигэр хааллахтара…

Төрөөбүт Кыргыдайым сирин дьонун-сэргэтин, оҕо сааһым доҕотторун дөрүн-дөрүн көрсөрүм, ханна да буоллун, хайа да өттүттэн сүтүкпүтүн булсубут дьоннуу айманан, хайаан да астына, дуоһуйа сэһэргэһэн, кэпсэтэн арахсарбыт…

Бу санаан көрдөхпүнэ, отой бэҕэһээҥҥи курдук: Таһарахтыыр уола Ыкынаачай ынах айахтыы сылдьан эбэм Маарыйа илдьитинэн миигин атын сыарҕатыгар олордон Быркылаахха аҕалбыта… Мундулуҥда эбэҕэ кыстаабыт, сайылаабыт умнуллубат үтүө кэмнэрим… Сэрии сыллара… Муосталаахха балыктаспыт хас да сайыным… Уот алдьархайа…

Кэмигэр, ардыгар, күн-дьыл уһаабыт курдугун иһин, кэлин эргитэ санаан көрдөххө, оо түргэн, күлүмэх да эбиттэр ээ – санаа ытылҕаныгар эрэ хаалбыт, олорон кэлбит олоҕум умнуллубат ураты күннэрэ, түгэннэрэ элэстэнэн ааспыттара…

Үлэ уонна үлэ эрэ – ыар санаа сыппах быһахтыы аалар ыар туругуттан быыһаан ылан аралдьытааччы, араҥаччылааччы; муҥур санааҕын бохтутан үрүҥ тыыҥҥын өллөйдөөн өрүһүйээччи. Үлэһит буолуу, оҕо эрдэхтэн үлэни таптыы үөрэнии – улуу дьол.

Солото суох наар үлэни эрэ өрө тутан сылдьар киһи хаһан да быстан-ойдон биэрбэт дииллэрэ кырдьык. Бэл, кэм-кэрдии устарын да билбэт, ахсарбат буолар эбиккин… Хайыы-сахха – сүүрбэ биэспин туола охсубуппун!.. Эчи, тоҕо да түргэнэй, сүрэй?!. Киһи итэҕэйиэ суоҕун курдук – сөҕөммүн, мэктиэтигэр сонньуйан, баспын быһа илгистэн, саҥа таһааран чыпчырынан ылабын… Сүүрбэ биэс саас диэн кыыс киһиэхэ син ой-бото саас ээ… Былыр эбэтэр урут диэххэ дуу, бэл, уон алталаах-сэттэлээх кыргыттар бэлиэр кэргэн тахсан, оҕо төрөтөн, уруу тэнитэн ырааппыт саастара. Оттон мин буоллаҕына бу тухары, тоҕо эрэ, ити туһунан өйбөр-санаабар оттомноохтук ырыҥалаан төрүт толкуйдана илик эбиппин…

Араа-бараа саастыылаахтарым, дьүөгэлэрим – утуусубуу, көҕүспүт курдук, ыал буолуталаан эрэллэр. Биир баар-суох дьүөгэм Мытыйыс Маарыйата, Арҕаа Кыргыдайга, били, мин Тээкиччэҕэ, биир өтөххө үөскээн, бииргэ оонньоон улааппыт уолбар Мискээйэп Ыстапааҥҥа кэргэн тахсан, сааһыары кыһын, «Социализм суола» холкуоска көһөн барбыта. «Чугас сир, көрсүһүөхпүт буоллаҕа…» – диэн санаабытын алы гынан арахсыбыппыт. Мытыйыс оҕонньор, Маарыйа ыал буолуон иннинээҕи сайын, өлөр ыарыытыгар охтон, кыыһыгар ыарыылата сытан: «…Ити, эйиэхэ кэлэр-барар уол бэрт үчүгэй сирэйдээх-харахтаах оҕо, сааскын баттаһа ыал буолан хаал, мин уһаабат киһибин, кэриэстээбитэ буолан өтөххөр олорон хаалыма, кэлэн ыйытта да, сөбүлэһэн барсаар…» – диэн кэриэһин этээхтээбит этэ… Эппитин курдук Борокуоппай оҕонньор уһаабатаҕа, сайын хотуур ортотун саҕана, төрүттэрин дойдутугар аттаммыта. Күтүөт уол Ыстапаан кыннын көмүс уҥуоҕун көтөхсөн, харайсан барбыта. Күһүн от үлэтэ бүппүтүн кэннэ иккиэн кэлэн аҕаларын уҥуоҕун эргийэн, күрүөлүүн баҕастыын силигин барытын ситэрэн баран төннүбүттэрэ…

Биир дьүөгэм Дьэримиэй кыыһа Аана, Дьөккөн киһитигэр, учуутал уолга кэргэн тахсан, билигин эмиэ Арҕаа Кыргыдайга быр бааччы олороллор. Кэргэнэ Кыргыдайга учууталлыы кэлбит уол.

Уйбаныаба Борускуо, Буолкап Сэмэн уола Сэмэҥкэйгэ кэргэн тахсан бэлиэр уоллаах кыыс оҕолоно оҕустулар. Сэмэҥкэй – холкуос булчута, Борускуо – ыанньыксыттыыр, онон өтөхтөрүттэн көһө иликтэр.

Бэйэм бараллаата саастаах дьүөгэлэрбиттэн: Саабынаба Мотурууна – Тороос, Намыынаба Маарыйа – Хаһырыа, Буолкаба Киристиинэ эрэ ыал буола иликтэр, өссө да сулумахтар.

Киристииммит чугастык билсэр киһитэ суох курдук этэ да, эмискэ ыарахан буолан соһуппута. Аҕыс ыйдаах хат дьахтар, сайын биһигини кытары тэҥҥэ от охсуһан тэлэкэчийэрин көрөн уолаттар: «Хайа, бу, Киристииммит иһэ тоҕо улаханай, оҕо баар дуу, хайдах дуу?..» – диэн билэ-билэ соруйан үтэн-анньан көрөн ыйыталлара. Дьүөгэбит Киристиин дьээбэтэ-хообото диэн сүрдээх: «Оҕо да баар, хаһа да баар!..» – дии-дии күлэн эриэ дэхси тиистэрэ кэчигириирэ. Кэргэнэ да суох оҕолонор туох буолуой, этэргэ дылы – дьылҕа бэлэҕэ…

Санаан көрдөхпүнэ, биһиги Кэнээрэптэр аймахтарыттан суос-соҕотох мин эрэ хаалан сылдьар эбиппин. Мин ыал буолан кэргэннэммэккэ, оҕо төрөппөккө хааллым да – ийэм өттүнэн төрүппүт-ууспут муҥурданарыгар тиийбит… Кытта төрөөбүттэртэн эһэм Хара Өлөксөй эрэ Кэнээрэп диэн араспаанньалааҕа, уоннааҕылар бары аҕалара Уйбаан оҕонньор аатынан Уйбаныаптар дэммиттэр… Сурах хоту иһиттэхпинэ хос эһэм Кэнээр оҕонньор диэн эбитэ үһү. Ону «бу ааты сүтэримэҥ», саатар Өлөксөй илдьэ сырыттын диэн хаалларбыттар…

Соҕотох ийэҕэ үөскээбит буоламмын – аҕаска, балыска, убайга, суруска олус да баҕарар этим… Элбэх оҕолоох ыалларга мэлдьи ымсыырарым… Эһэм Хара Өлөксөй уонна таайым Нуолур Бүөтүр миэхэ аҕа оннугар аҕа буолтара.

Кытта төрөөбүттээҕим, онтум оҕолордооҕо-уруулардааҕа, өбүгэ хаанын тарҕатар, тэнитэр кэнчээрилэрдээҕэ эбитэ буоллар, баҕар, сулумах сылдьарбыттан кыһаллыа да суоҕа этим. Бииргэ төрөөбүттэриҥ оҕолоро – син биир эн оҕолоруҥ кэриэтэлэр. Оттон чороҥ соҕотох аата, чэгиэн бэйэлээх эрээри, ыал буолбакка сылдьыы диэн, биир курдук санаан көрдөххө, аһара баран, хайдах эрэ, сатамньыта суох быһыы курдук…

Киһи сылдьарын тухары санаа ытылҕана… Күн араас, эгэлгэ санаа… Хаһан да бүппэт арай санаа…

Кырдьык да, этэргэ дылы, сааспын баттаһа, арай, ыал буолуум… Ааппын ааттатар ыччаттарданан тэнийиим… Эмискэ тэһэ кэйбит кэриэтэ улаҕалаах-түгэхтээх санаабыттан атын аҕайдык, ис-испиттэн сүргэм көтөҕүллэн сэргэхсийэн кэллим… Урут маннык эгэлгэлээн ыатаран инники дьылҕабын улаханнык сылыктанааччым суох… Оҕолонор диэн – улуу дьол… Төһөнөн элбэх оҕолоноҕун да соччонон улахан, үрдүк дьол… Оҕо кыратыгар, кыамматыгар ийэттэн, аҕаттан үтүмэн үгүс бүөбэйи, көрүүнү-истиини эрэйэр, оттон ол диэн – дьол түбүгэ буоллаҕа, атыннык ааттыахха да сатаммат…

…Хараҥаҕа атым иҥэрсийэр, ону кытары хойутаабыт аҥырдар бэйэ-бэйэлэрин ыҥырсан «ааҥх!» дэһэ-дэһэ киэҥ халлаанынан көтөн ааһаллар…

Биэлээх кулунум, кинилэр да бүтэй истээх харамайдар, хайа муҥун күөх оту симинэллэрэ уурайан, нуктаан, утуйан хоҥкуспуттар быһыылаах, им-ньим барбыттар. Арай, уһун күнү быһа мииниллэн аччыктаабыт Үргэл эрэ тохтуох быһыыта суох, бөҕө тииһин тыаһа биир кэм күрдүргүүр…

Мин инники олохпор кэлиэхтээх, туолуохтаах, үтүө толкуй тобуллубутуттан, кэскиллээх ыра санаа өйбөр-санаабар киирбититтэн, дьиктитик уоскуйбукка дылы, бэрт минньигэстик мичээрдээбитинэн, сып-сылаас, чыычаах уйатыныы хастыбыт отум иһигэр утуйан хааллым…

…Сарсыарда хаастар саҥарсан халыкынаһар саҥаларыттан уһугуннум, сытар оппун арыый кырыыбалыы сүүрбэччэ хаас бэрт намыһаҕынан, саҥа-иҥэ бөҕөтө буолан аймалаһан, Чолоохтуур көлүйэ туһаайыытынан ааһан эрэллэр эбит. Чугастара бэрдиттэн туома харахтарын харата чоҕулуйарга дылы, кып-кыһыл атахтарын сарыыта субу тэрбэйэн көстөр. Киһи өндөс гынна диэн сибиэркээбэтилэр – көрбүт сирдэрэ биир, көнө сүнньүлэрэ соҕотох көтөрдөр буолан биэрдилэр. Аҕыйахта сапсына-сапсына халааралларыттан сылыктаатахха, бу эргин, чугас, табыгастаах, аһылыктаах сири булан түһэрдии оҥостубуттар быһыылаах.

Баччаҕа, хотуттан тылбыйар кынаттаах, хотоҕой куорсуннаах төннүүтүн түркүнэ. Күһүн бастакы хаар кыыдамнаата да, хаас айаннаабытынан барар…

Олус күүскэ, уубун хана утуйбуппун, бэркэ сэргэхсийэн уһугуннум…

Чэмэлкэй күн – тэбэнэттээх, мэник оҕолуу быстаҕас былыттар быыстарыгар саһа-саһа быган кэлэр… Сиккиэр тыал сэмээр үрэн сирилэтэ-сирилэтэ астар, ол аайы күрүө сиэрдийэтигэр иилэ бырахпыт ыҥыырым иҥэһэлэрэ бэйэ-бэйэлэригэр таарыйсан лыҥкынаһан ылаллар…

Үргэл мин от үөһэ туран кэлбиппин көрөн чөрбөйө түстэ, иҥэрсийдэ.

Биэ киэһэ бырахпыт оппун бүтэрбит, кулуна аттыгар сытар, нуктаан харахтарын симириҥнэтэр.

Ыспыт оппун сөхсүйэн, сыа-сым курдук тутан түһүн оҥорон баран, үөһэттэн сырылаан түстүм. Бэҕэһээ, бэл от-мас кылбайыар диэри түспүт инчэҕэй хаар сороҕо ууллубут, сир – ынах эриэнин курдук туртайар. Ыраах көстөр кырдаллар тэллэхтэрэ ойдом-сойдом, онон-манан үрүҥ кылдьыыламмыттар.

Хаһырыаҕа мустубут уу кыратык чарчыйа тоҥмутун тоһоон, ытыһан ыла-ыла сирэйбин-харахпын сууннум, сиидэс былааппынан кичэйэн сотуннум.

Аппын ыҥыырдаан баран үүнүн кэтэрдэ турдахпына, биэ уһуктаах кулгаахтарын чөрбөтөн уҥа-хаҥас хамсата-хамсата көрүөлэннэ, кистээн дьырылатта; ийэтин аттыгар сыппыт кулунчук эмискэ ойон турда… Кэбиһиилээх от нөҥүө өттүн өҥөс гынтым, оол курдук, тыа саҕатыттан Тыккаай Ньукулай Татыйаана Элэмэһи миинэн сиэллэрэн сэксэлдьитэн иһэр эбит. Ити аты өссө холкуостар холбоһуохтарын иннинэ, Калинин аатынан холкуос бэрэссэдээтэлэ Лукунаа Татыйаана айааһаабыт, ол иһин кини аата иҥэн хаалбыт…

– Хайа, Аана, биэҥ моһуогуран хонон хааллыҥ дуу?.. – Тыккаай сааһын тухары Дьөһөгөй оҕолорун кытары бодьуустаспыт киһи, биэ сото кээспит атаҕын көрөөт да, туох быһыы-майгы буолтун билэ оҕуста. – Сэрэйтим ээ, хонноҕо диэн, ону Даарыйалаах эйигин ыһыга, өйүөтэ суох барбыта диэн үөс-батааска биэрбэккэ, көрдөтө ыыттылар… Бэйэлэрэ Күрүҥ атыыр далтан тахсыбытын сылгылыы Улахан Эбэ диэки бартара. Бэҕэһээ Тартаайа, Төлөнү атыыр хааллыбыт далыгар укпут этэ, онтута, кыната эрэ суох сүөһү, бүтэй сүрдьүгэһин тосту түһэн кэбиспит… – Тыккаай Татыйаана Элэмэһин сигэ күрүө тоһоҕотугар баайа-баайа сонунун кэпсиир.

Ньукулай хара лаҕый солуурчаҕын төргүүлэнэн, ыһыктанан-таймаланан, сиргэ «быстарбыт» киһини миигин «өрүһүйэрдии» кэлбит. Айанныыр сирбит тэйиччи, эбиитин биэбит доҕолоҥ, онон кудуччу хаамтарбаппыт биллэр дьон, кулуһун отто охсон чэй өрүнэн наҕылыччы аһаатыбыт. Тыккаай сиикэй арыылаах лэппиэскэ, үөлбүт собо аҕалбыт, оһумуой чэйдээх…

Биэбит содьороҥнуура бэрдин иһин Айдаҥҥа тиэрдибэккэ Уолбут пиэримэтигэр туспа далга кулунчугунуун хаалларан кэбистибит. Бэтэринээр көртүн кэннэ, атаҕа үтүөрүөр диэри ыанньыксыттар көрүөх-истиэх, аһатыах буолан хааллылар…

* * *

…Өссө саҥа дьыл иннинэ, отчуоттуур-быыбардыыр мунньах буола илигинэ, холкуоспут салалтата быһаарыы ылынна: сүүс бөдөҥ сылгыны, сэттэ уон убаһаны, аны сааскыга диэри, Үһүс Күүлэт сиригэр үүрэн илдьэн иитиэхтииргэ диэн. Үһүс Күүлэт холкуоһун кытары эрдэ кэпсэтии баран бүппүт, чопчу хайа күөлгэ туруохтаахтара кытары быһаарыллыбыт. Сылгы үүрэн, үрдүттэн сытан иитиэхтии кимнээх барыахтаахтара барыта аттаһыллыбыт, олор истэригэр мин эмиэ баарбын…

Үһүс Күүлэт учаастага бэрт ыраах, чиэски сытар сир. Хаҕын, Бастакы, Иккис Күүлэт холкуостарын сирдэрин уҥуордаан ааһыахтаахпыт.

Мин туспа нэһилиэк сирин-уотун көрөр, дьонун-сэргэтин билсэр баҕаттан иитиэххэ барарга үөрүүнэн сөбүлэстим. Кыргыттартан соҕотохпун…

Сылгыларбытын икки түһүмэхтээн илдьиэхтээхпит: маҥнай бөдөҥ сылгыны, онтон убаһалары…

Аны сааскыга диэри дьиэбиттэн-уоппуттан тэлэһийэн туспа нэһилиэккэ барарбын истэн дьиэ иһинээҕи дьонум уонна дьүөгэлэрим эмиэ сайыһаннар: «Тоҕо бараҕыный, эчи уһаабытын, атын барар баҕалаах, солбуйар киһи көстүө буоллаҕа…» – дэһэн тыл-өс буолан үүйэ-хаайа тутан, сүбэ-ама кэриэтэ этэн көрдүлэр да, барыах-кэлиэх санаа миигин отой батарбата…

Бастакынан илдьиэхтээх уонча атыыр үөрүн, сүүсчэкэ сылгыны Балаҕаччыга хомуйан аҕалан хаайдыбыт…

…Эбэм – барар баҕалаахпын билэн, эрдэттэн миэхэ, үлэҕэ-хамнаска кэтэрбэр саҥа таҥас-сап тиктэ, уонна эргэбин-урбабын саҥалыы сөргүтэн абырахтаан оҥорон-тутан кэбистэ. Бэйэм эмиэ киэһэ сололоннум да, иллэҥ кэммэр онно көмөлөстүм, сээкэйбин бэринэн бэлэмнэнним…

Хаһан да илии туппайа суох си-дьүгээр олорбоппун, үлэбиттэн быыс-арыт ордоруннум да, дьон үлэҕинэн: бэргэһэ, үтүлүк, этэрбэс тигэбин, сүөһүгэ быа-туһах хатабын. Баһылайдаах бултаабыт түүлээхтэринэн, дьонум оҕолоругар барыларыгар да кэриэтэ таҥас тиктим. Настааччыйа уола Оппуонньа кытары хайыы-сахха улаата охсон, оҕолор бэргэһэлэригэр ымсыыран, миэхэ бэйэтинэн тылланан, сонно тута андаатар бэргэһэ тиктэрэн турар. Кыра уол куондардаах, сыҥаахтаах саҥа бэргэһэтин кэтэн баран, сонун таҥаһын көрдөрө охсоору, сүрдээҕин диэн үөрэн-көтөн, биир кэм дьиэрэҥкэйинэн тэбэ сылдьан, билэр-билбэт ыалларын барытын тилийэ көппүтэ быһыылааҕа…

* * *

…Саҥа дьыл кэннэ, биир сарсыарда, сылгыларбын аһаталаан баран дьиэбэр кииртим – эбэм туос мэчикээҥҥэ отоҥҥо былаан күөрчэх ытыйан күрдьүгүнэтэ турар. Таҥаспын сыгынньахтанан, остуолга кэлэн куруускаҕа чэй куттан истим…

Эмээхсин, тоҕо эрэ, ис-иһиттэн уратытык сылаанньыйбыкка, наҕыл майгылаах бэйэтэ эбии холкутуйбукка дылы уларыйан хаалбыт ураты дьүһүнүн көрөн дьиктиргии санаатым…

– Оҕом барахсан кэл эрэ… – диэт эбэм миигин бэгэччэкпиттэн сиэтэн оронугар аҕалан олорто, баттаҕым сүүмэҕэ сүүспэр ыһыллыбытын сэрэнэн кулгаахтарым кэннигэр хаһыйа анньан кыра оҕолуу көннөрөн биэрдэ. – …Дьэ, Аана, оҕом барахсан, этэрбин өйдөөн иһит… Дьылҕаҥ, ыйааҕыҥ тардан баран эрэҕин… Аны көрсөбүт эрэ суох эрэ, биллибэт… Төлкө диэн үөһэттэн ыйыллар, онтон туораабаккын… Олох оҥоһуута оннук… Төгүрүк тулаайах, чороҥ соҕотох хаалбыт бэйэҥ тэнийэн элбэх ыччаттаныаҥ… Айыыһыт Хотунуҥ алгыһынан оҕо кута бөҕөтө эйигин тула көтөллөр… Эппэтэҕэ диэйэҕин – ааккын ааттатар үтүө, кэскиллээх ыччаттарданыаҥ… Түүл-бит оннук кэпсиир… Айыылар ити курдук сибигинэйэллэр… Дьолгун булуоҥ… Ардыгар, оскуолаҕа үөрэммэтэҕим диэн хом санаа курдук этинэн аһарааччыгын, эн оннугар оҕолоруҥ үөрэниэхтэрэ, бар дьон ытыктабылын ылбыт үлэһит ахан дьон буолуохтара… Мэлдьи, куруук аттыгар сылдьар, ааккын үйэттэн үйэҕэ ааттатар, ураты тыыннаах, дьикти дьылҕалаах, айылгылаах ыччаты төрөтүөҕүҥ… – эбэм миигин саҥа көрбүт киһилии, тоҕо эрэ, сирэйбин-харахпын кичэйэн одуулаһар… Кини дьүһүнэ маннык уларыйбытын мин урут өссө көрө илигим…

– Тыый эбээ, туох диэн эттэҥий… Көрсөрбүт биллибэт диэн ити тугу этэҕиний, аны саас төттөрү эргиллэн кэлиэм дии, – мин кырдьыга эбэм тылын олус соһуйа, дьиктиргии истэбин… Кини түүлүн хаһан да мээнэ кэпсээччитэ суох. Эдэр эрдэҕиттэн «иччилээх түүллээх», туһугар, эмиэ ураты айылгылаах киһи… Түһээбитэ, эппитэ-тыыммыта – барыта уу харахха, үүт-маас буолара…

Мин уйадыйаары гыммыт дьүһүммүн көрөн эбэм:


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 13 14 15 16 17 18 19 20 21 22 23 24 25 26 27 28 29 30 31 32 33 34 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации