Электронная библиотека » Семен Маисов » » онлайн чтение - страница 25


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 10:40


Автор книги: Семен Маисов


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 25 (всего у книги 34 страниц)

Шрифт:
- 100% +

Урут Өҥсөөччү ходуһата отчуттарынан туолар бэйэтэ, быйыл сайын баара-суоҕа биэс киһилээх бэрт «дьаһамыр» биригээдэ, чэлгиэн сиргэ, Томтор Ходуһаҕа кэлэн түһэн сытан, күөл кураанах сирин түөрэтин оттоотубут. Хор, олох сайдыбыта диэн оннук – уон киһи үлэтин биир массыына уонна массыньыыс толуйар, солбуйар. «Маннык мунньардар, охсордор элбээтэхтэринэ, хас биригээдэ аайы баар буоллахтарына – оттуур судургу, сууххай да буолсу», – дии саныыбын.

Мустара сырыттахха, салгыннаах күн, бэл үөн-көйүүр суҕараан сүппүккэ дылы, омурҕантан омурҕаҥҥа диэри улаханнык утаппаккын даҕаны.

Аҕыйах хонук иһигэр массыынам тугун-хайдаҕын үөрэтэн биллим, дэмин таптым. Олус хойуу гына субурҕаллаатахха кыраабылым бөтөн, оппун соһон кэбиһэр эбит. Көрө сылдьан, быһата тыытан мустарабын, биир сиргэ тарытан аҕалан төһө кыалларынан субурҕалбын уһата сатыыбын. Ардыгар дулҕаҕа, саһа сытар окко-маска тардыллан кыраабылым тииһэ тостон лас гына түһэр, оччоҕо чугас буоллахпына сонно тута, тэйиччи сылдьар түгэммэр омурҕаҥҥа, отууга кэлэн, саҥа тииһи олордон уларытабын.

Хабата кыыһа Даарыйа диэн миигин кытта араа-бараа саастаах кыыс уонна, били, Сангаарга таас чох хостооһунугар баран үлэлээбит Уйбаныаба Сөдүөрэ – устар уһун күнү быһа, мустарбыт оппун бугуллууллар. Киэһэ, ходуһаттан тахсыах иннинэ кыргыттарга көмөлөһөбүн. Субурҕалларбын быһыта тыытан бугуйан биэрэбин. Ардах түөһүөх сибикитэ билиннэр эрэ бары саба түһэн бугуллуубут, хас да күн ходуһаны биир гына тартарыллыбыт субурҕаллар хадьымалҕа хаалыа суохтаахтар. Арай, Уйбаан Пуомус, биир кэм, тохтоло суох оҕустаран тарылатар…

От охсор массыынаҕа саҥа көлүллүбүт соноҕостор сүнньүлэрин сүгүн туппакка маҥнай утаа эрэйдии сырыттылар. Дарайыы уола, алтыһы бүтэрбит Ньукулай – ат сиэтээччинэн ананна (кэлин киһи дэҥнэниэ диэн уонна ат сиэтээччигэ сылаата бэрдин иһин ити ньыманы тохтотон, наар буоһанан эрэ салайар буолан тураллар).

Уйбаан Пуомус сарсыарда икки аты көлүйэр, күнүс онтуларын ыыталаан, саҥа көлөлөрүнэн солбуйар; киэһээ омурҕаҥҥа сарсыарда илдьэ сылдьыбыт аттарын хат көлүнэр. Ол оннугар, нөҥүө күнүгэр, бэҕэһээ биир омурҕан үлэлээбит аттар, бүгүнүгэр, аны кинилэр икки омурҕан устата охсор массыынаны соһон талыгыраталлар.

Соноҕостор уонча хонукка эриллэн-мускуллан, имиллэн үөрэммиттэрин кэннэ, Ньукулай уол ат сиэтэрин тохтотон аны кэбиһиигэ барда. Эппит хоту сылдьар, улахан киһи курдук сүрдээх бүгүрү үлэһит. Ийэлээх аҕата таптаан Ураанньык диэн ааттыыллар. Оҕолор, ардыгар: «Ураанньаак!.. Ураанньаак!.. Чөк-чөк-чөк!..» – диэн дьээбэлииллэр. Ньукулай өһүргэммэт, «бу да дьону, солуута суох…» диэбиттии сүүһүн аннынан сүр оттомноохтук сүргүччү көрөн кэбиһэр. Майгытынан, хайдах эрэ, Модьу муҥнааҕы санатар…

Уйбаан Пуомус, сороҕор, хотуурун тоһутан кэбиһэн, отууга кэлэн саҥанан уларытар. Эриэ-дэхситэ суох оллороот-боллороот сири мөҕүттэн уоһа чорбоҥолуур. Ходуһа буолан баран, биир эмит сиргэ хайдах дэбдиргэтэ суох буолуой. Хотуур тоһунна да хаалар. Хата саппаас быһаҕы хаһы да аҕаланнар үлэ улаханнык атахтаммат. Саҥа кэлбит мунньар да, охсор да массыыналар – акка хайдах сөпкө көлүллүөхтээхтэригэр тиийэ, ыйар-кэрдэр анал быраабылакинигэлээхтэр, сээкэй саппаас чаастаахтар. Ардыгар, аны хотуурун «суор тумса» диэн ааттанар тимирэ тостон хаалар, ону эмиэ саҥанан солбуйар. Киэһэ аайы, хайа эмит сололоох киһиэхэ, ахчаллан турар атахтардаах чочуну күүгүнэччи эрийтэрэн, бэркэ диэн оҥостон, кыҥаан кыладыйа-кыладыйа хотуурун сытыылыыр.

Ньукулай Пуомус миигин «итинник гын, маннык гын» диэн сүбэлиир, бэйэм да барыны-бары ымпыктаан-чымпыктаан көрөрбүн-истэрбин олус сөбүлүүбүн. Ат барахсаны аҥаардас имэрийэ-томоруйа, үлбүрүйэ да сылдьар астык, оттон миинэр-көлүнэр туһунан этэ да барыллыбат. Дьөһөгөй оҕотун көлөһүнүн сыта кытары, муннугар ураты минньигэстик дьырылаан киирэн, дьиктитик дьэгдьитэр.

Сылгыны сайын айааһааһын син биир кыһыҥҥылыы, сүнньэ биир. Ол эрээри кыра уратылардаах, ол «кырабыт» эмиэ да улахан суолталаныан сөп.

Сайын айааһанар миҥэ да, көлүүр да сүөһүтүн икки-үс хонукка кур отунан аһатан баайыллар уонна аһара тамаҕын хатарбат гына көрөн уулатыллар. От охсор массыынаҕа саҥа көлүллэр соноҕоһу, үчүгэй төрүтчүт аты кытары көлүйэн үөрэтиллэр. Сэп-сэбиргэл барыта орун-оннугар тупсаҕай оҥоһуулаах, бөҕө-таҕа буолуох тустаах.

Сүрэхтээх-бэлэстээх, үлэҕэ үөрэммит төрүөтчүт саҥа көлүллүбүт сылгыны бэйэтэ «такайар» үгэстээх: ордук хос хамсанан мөхсөөрү, сүнньүн туппакка таска тахсаары, эбэтэр сүрэҕэлдьээн, найылаан соһуллаары гыннаҕына – быһа хадьырыйан, ытыран имнэнэн, дьарыйан биэрэр. Сылгы үксэ бэрт сотору сыһыйан, хайа да үлэҕэ түргэнник үөрэнэр. Кинилэри көлүүр сүөһүнү солбуйуу үгэһинэн тыа хаһаайыстыбатын араас массыыналарыгар көлүйүллэр. Арай ис-хааннарыттан тэһии, сиргэмсэх, эбэтэр улаханнык уйуһуйуохтарыгар диэри сыыстарбыт эрэ сылгылар нэмнэрэ табыллыбакка уһуннук эрэйдиэхтэрин сөп.

От охсор ат дугаламмат, мунньар ат дугалаах. Хас биирдии сылгы туох эрэ туспалаах, ураты уҥуохтаах-арҕастаах, онон сэп-сэбиргэл чопчу ол көлүнэр көлөҕөр дьип-дьап курдук сөп буоллаҕына сатанар. Олус уһун олгуобуйа, киэҥ хомуут ат айаннаатаҕына дэлби эйэҥэлээн, сахсыллан көлө сэдиэлкэҕэ арҕаһын баттатар, бааһырдар; устаҥныы сылдьар хомуукка моонньун аалларар. Сайын куйааска ат бааһа оһо охсон биэрбэтин оҕото сыттаҕа.

Сэдиэлкэ хаптаҕайа үчүгэй, олус туруору буоллаҕына – түөрэ барар, өссө ардыгар ат саннын өҥүргэһин баттаан доҕолоҥ да оҥоруон сөп. Сылгы сыыстарара диэн бэрт кыраттан, өлөрө да ол курдук дөбөҥ, туох да суота-солуута суохтан: ып-ыраас кырдал устун хааман иһэн, илин атаҕынан ураҕас сытарын үктээн, үтэһэҕэ үөлбүт соболуу курдары тахсыар диэри атыллара диэн; сайын олус тото аһаан баран, бүдүрүйэн охтон куутуйатын хайа түһэрэ диэн… Хайа баҕарар тыынар-тыыннаах өлөрө кэллэҕинэ бэрт дуона суохтан өлөр, өлбөтө кэллэҕинэ хайдахтаах да ынырык буому мүччү түһэн туоруур.

Бу кыһын, Дьыксаах Апанаастаах, Балаҕаччыга сылгы үүрэн бара сырыттахтарына, киэҥ дал иһигэр булумахтаспыт сүөһүлэри арааралларыгар, Лэгиэнтэйэп Кууһума, тоҥ сылгы сааҕынан биир убаһаны сүүһүн ойбонугар түһэрэн тута Дьөһөгөй айыытыгар «ыытан турар». Хор, сылгы кэбириирэ диэн оннук. Өлөр күн-дьыл ыган-хаайан, тирээн кэллэҕинэ – ханна да саһан куоппаккын. Өлүү – толору оҥоһуулаах кэннигэр да саспытыҥ иһин, хара дьай илиитинэн хаба тардан ылар баҕайыта.

Эбэм биир үһүйээни кэпсээбитин өрүү өйдүүбүн. Былыр, Тоҥкуччах диэн киэҥ алаас өтөҕөр: биир кыыстаах, үс уоллаах Тэрээскилэр диэн ыаллар олорбуттар…

Улахан уол саҥа ситэн-хотон иһэн, олорор эбэтигэр көтөр сымыыттыы сылдьан, муус тостон кута хараҕар түһэн өлбүт. Ууга түспүттээх ыал ыччаттара, уруулара-аймахтара – ууттан мэлдьи, өрүү да сэрэнэ, тэйэ тутта сылдьыахтаахтара эбитэ үһү. Хаһан баҕарар «ханыы көрдөтүүлээх» буолара эбитэ…

Тэрээскилэр аттыларыгар Дьүксүһүн диэн улахан хомуһуннаах, сиэмэх ойуун олорбут. Нуучча үөрэҕэ үөдүйэн, тэнийэн, Балаҕаччыга тутуллубут таҥара дьиэтин ийэ куолакалын тыаһа, чуумпу күн, үс көстөөх Тоҥкуччах алааска тиийэ ньириһийэрин истэ-истэ, Тэрээскилэр аҕалара Муот оҕонньор ойоҕунуун, уолаттарыныын илин диэки хайыһан туран, сонун итэҕэли ылыннаҕа аатыран, кириэстэнэн сапсыналлара үһү. Ону көрөн Дьүксүһүн ойуун оҕонньорго: «Ити айылаах дархаһыйан үҥэр-сүктэр таҥараҥ да эйиэхэ абырыа суоҕа…» – диэн сэтэрээбит. Алааһынан аат ааттаан аарыгыра айгыстан сылдьан – оҕолору сүрэхтии-сүрэхтии, саҥа кэргэнниилэри бэргэһэлии-бэргэһэлии, өлбүтү ырайга атааран саалтыыр, мэлииппэ ааҕа-ааҕа – ас киэнэ амтаннааҕын, кэһии киэнэ кээрэтиилээҕин кыбынан барар, сыа-арыы ньалҕарыспыт аҕабыыттары – ойуун олуһун диэн атыҥырыы, абааһы көрөрө эбитэ. «Ити аҕабыыттарыҥ, Бөтүрүөп диэн ааттыыр, биир бэлиэ күннэригэр, уолаттарыҥ иккиэн ууга былдьаныахтара…» – диэн Дьүксүһүн Муот оҕонньорго көрүү көрүүлэммит. «Ол, мин абааһыларым айах хамсатыылара дии санаайаҕын, үөһэттэн ыйаахтара, оҥоһуулара оннук…» – диэбит.

Муот оҕонньор – саха итэҕэлигэр, нуучча таҥаратыгар да иккиэннэригэр сүгүрүйэрэ эбитэ үһү. Сол күн алааһыгар, балаҕаныгар кэлэн уолаттарыгар ойуун туох диэбитин этэн сэрэппит.

Өр-өтөр буолбатах, окко киирэр, Бөтүрүөп таҥара күнэ тиийэн кэлбит. Тэрээскилэр ходуһаларыгар киирбэтэхтэр. Оҕонньор бу күн уолаттара тыыланалларын төрүт боппут. Бэйэлэрэ да кэчэһэ, дьиксинэ саныы сылдьар дьон өтөхтөрүттэн ханна да барбатахтар. Муот оҕонньор эмээхсининиин – Бөтүрүөп таҥара аатын ааттыы-ааттыы, кириэс охсунан сабдыҥнаһа-сабдыҥнаһа, сарсыардаттан үҥэн тахсыбыттар.

Дьүксүһүн ойуун көрүү көрүүлэммитэ мэлдьи туолара эбитэ үһү, онон улаханнык ороһуйан, куттанан, сол күннэрин кээрэппиттэр… Күн дьааһыгыран барбыт… Кыра уол, таска, ампаар дьиэҕэ, сөрүүҥҥэ утуйардыы оҥостон сыппыт…

Эмискэ, ханна эрэ ыраах: кэҕэ этэн кэҕиҥнээбит, өтөн үөтэн өгдөҥөлөөбүт, куоҕас хаһыытаан хахаарбыт… Ити кэмҥэ олорор эбэлэрин хаба ортотунан дьоһуннаах ала холорук, иэҕэҥнии-иэҕэҥнии, хоҥкуҥнуу-хоҥкуҥнуу, куһугуруу кустуктанан, күөл ийэ уутун өрө ытыйан ааспыт; ону даҕаспытынан, арҕаа саҕах кэтэҕиттэн – тыстаах, баттахтаах эһэ тэллэх саҕа ыас хара былыт халыҥнаан тахсан, тэнийдэр-тэнийэн, алаас үрдүнэн ыадаста ыйанан кэлэн, атыйахтаах ууну таҥнары туппуттуу, дохсуннук ардаан курулаппыт…

Күнүс – күҥкүйэр күүгүнэс куйаас эбитэ үһү… Балаҕаҥҥа хаалбыт улахан уол, халҕаны сэгэтэн көрбүтэ – ити-бу көстүбэт үлүгэрэ эбит, аан чанчыгар таска хаалбыт туос ыаҕайа хайыы-сахха туолан таһынан баран дьалкыйан эрэрин көрөн, эриэн ситии быатыттан искэ ньылбы тардан ылбыт да, ытыһын тилэҕинэн иһит түгэҕиттэн өрө көтөҕөн иҥнэрэн, иҥсэлээхтик иһэн киллиргэппит; хабарҕатын нөмөгөйө култарыҥныы хамсаан, утаппыт омунугар харса суох ыйырбахтаабыт… Ол туран биир түгэҥҥэ, куолайын атырыата аһыллан ардах уута көбдөҕөр үргүлдьү ааспыт… Төлө туппут ыаҕайата хаппыт буорга түһэн хайа ыстанан халыс гыммыт… Чачайбыт уол өҥүргэһинэн көрбүтүнэн тобуктуу түспүт, икки илиитинэн хабарҕатын туттубутунан, тыынын ыла сатаан өрө мөхсөн сүгүллэхтэммит, устунан өйүн сүтэрэн, көҕөрө өлөн барбыт… Балаҕан иһинээҕилэр уолга сапта түһэн сахсыйа, илгиэлии сатаабыттар да туһа тахсыбатах…

Муот оҕонньор кыра уолун саныы биэрээт таска ойбут… Тыын быһаҕаһа тыыммытынан ампаар хаахынаабыт халҕанын тэлэйэ баттаат искэ көтөн түспүтэ, арай, оччугуйа ити курдук адарай оронугар иттэннэри түһэн, бэрт холкутук, утуйа сытар эбит… Оҕонньор эрэйдээх сүрэҕэ көбүөхтээн, уҥуох-сула илиитэ салҕаластаан, ахсааннаах эрээри алыс уһаабыт, уула сытыйбыт баттаҕын быыһынан харахтарын муҥунан мэндээритэн, чугуруҥнуу-чугуруҥнуу чугаһаан кэлбитэ – бии киһитэ, былыр үйэҕэ «баран» хаалан, этэ тымныйа охсон кубарыйа куурбут… Муот сордоох кырыылаах сыҥааҕа эйэҥэлии-эйэҥэлии кичэйэн кыҥастаспыта – уолун сүүһүн хаба ортотугар, буулдьа тобулу көппүтүнүү, хайаҕас оҕото чөҥөрүйэрэ үһү… Өрө хантайан көрбүтэ – дохсун ардах, тобук устата халыҥ үрүт буору курдаттыы охсон хараардыбыт… Уол баһын туһаайыытынан, соҕотох таммах өһүө маһыгар ыанньыйа ыйанан, субу түһээри, атын аҕай иччилээхтик дьэргэйэн, килэбэчийэ-кылахачыйа турара эбитэ үһү…

Субу күн, субу түгэҥҥэ тыыннара быстар ыйаахтаах уолаттар өлүү айаҕыттан ханна да куотан, саһан быыһамматахтар. Ууга түһэн өлөр оҥоһуулаах дьон – үһүөн ууттан өлбүттэр… Оҥоһуу, ыйаах диэн, көр, оннук…

…Мин от мустарар атым Хопчороох – уонун ааспыт үрүҥ өҥнөөх сылгы, субу-субу төбөтүн өрө ханарытан илгистимэхтиир. Дьүккүйэн истэҕинэ, муннун анныттан, хойуу эҕэһэ быыһыттан бурҕаалар соһуйан-өмүрэн ахан сүүрэн мөлбөрүҥнэстэхтэринэ батыһа көрөр үгэстээх. Буоһабын тарпакка холкутук да ыытан иһэн «турр-тырр…» диэтим да бэрт көрсүөтүк, улгумнук хорус гынан тохтоон хаалар уонна «бу туох буолла» диэбиттии хайаан да хайыһан көрөр.

Куйаас күн бырдах, күлүмэн – ат чараас, халтаҥ сиригэр мустан, тэһитэ кэйэн, быһыта ыстаан сордууллар: Хопчороох сарбыллыбатах хойуу кутуругунан уһун күнү быһа биир кэм дэйбиирдэнэр, маҥан бэйэтэ алатыйан онон-манан кытара кыыһар…

Уйбаан Пуомус бырдыргыы, бырдьыгыныы сытар сымнаҕас сири оҕустарбат. Өнөрдөөн үүммүт от өлгөмнүк ордон хаалар, күөл сорох эҥээринэн бэрт киэҥ сиринэн тайыыр. Уолаттар, күһүн, күөрэппит кустарын көрдүү сылдьан, хараҥаҕа, киһини куотар өлөҥҥө, хоккурааҕа мунан хаалан сарсыардааҥҥа диэри төттөрү-таары мэскэйдэнэр түбэтэлэрэ кытары баар буолар. Өҥүрүк куйааска, бөтө үүммүт өлөҥ, хоккураа иһигэр көймөстүбүт сииккэ, күн уота ыган, мэктиэтигэр салгын да тиийбэт курдук. Саас аайы тыатын саҕатыттан уутугар диэри өртөммүт ходуһа лаҥхата суох. Өрт кэмэ аҕыйах хонуктаах, тутуу былдьаһан өртөммөтө да Өҥсөөччү ходуһата халаан уутунан туолан – үөһэ көр, аллара көр – барыта күөх халлаан урсуна буолан биир кэм мэндээрэр!.. Айан суола кытары уу ортотугар хаалар. Саас Уолбут пиэримэтэ көһүөн иннинэ, Муосталаахха оҕуһунан үүт, суорат илдьэн биэрэн баран, балык тиэйэн кэлэн, ону үллэстэн сиибит… Сыарҕалаах оҕуһу миинэн иһэн, киһи эбэ хаба ортотунан айаннаан иһэр курдук сананар… Уутун дириҥэ эриэ дэхси ходуһа буолан адарайга тиийэр-тиийбэт биир кэлим, сорох сиринэн эрэ таһымныыр. Бэс күөлэ, онон сирэ кумах, кытаанах. Эбэ үрдүк тыата ыраах дьэндэйэр. Тыаттан көлөлөөх айан киһитин одууластахха – уу үрдүнэн уйдаран баран иһэр курдук көстөр…

Охсуллуох айылаах, сөрүө да саҕа күөх сөлөгөй от дэлэҕэ таах хаалбат. Сотору «ырыыскаһыттар» кэлэн, үөскэ массыына киирбэтэх сирин илиинэн охсон, онон-манан куска үөмэр кыламаны эрэ ордордулар. Бэл хордоҕойго хаалбыт дулҕалаах, талахтаах тирбэҕэни кытары үлтү сыстылар.

Хаһан баҕарар от охсулуннаҕына ходуһа уута тардан барар, онон күөл үөһэ оннук айылаах киһи тобугунан кэһэ сылдьан дайбыыр сирэ буолбатах. Охсооччулар: Дөйүө Дьөгүөр, Лэкээрэй эмээхсин уола Бүөтүр, Култууралаах Өндөрөй; мунньааччылар: Аппырыыс диэн биэс уончалаах дьахтар, Батаахаба Балбаара диэн эмээхсин уонна мин дьүөгэм Тороос.

Отчуттар бары биир сиргэ сытабыт, хас да от отууга хонобут. Чэйбитин биир уокка өрүнэбит эрээри отуу айаҕын аайы тарҕаһан тус-туһунан аһыыбыт. Култууралаах Өндөрөй хаһан да, кими да кытары кыттыспат, бэйэтэ соҕотоҕун ойуччу баран олорон аһыыр. Өндөрөй Уйбаныаба Аҕааппыйа диэн сүрдээх үлэһит дьахтары кэргэнэ ылан, икки оҕолонон баран, ыт баһа кыһыл көмүс кытахтан төкүнүйбүтүгэр дылы, арахсан халан турар. Аһынан, таҥаһынан-сабынан дьоно хааччыйаллар. Бэйэтэ да тус соругар баҕас букунайар киһи.

Омурҕан кэмигэр саҥа-иҥэ, күлсүү-салсыы ордук күйгүөрэр…

Тороос биһикки, иэл-тиэл, араа-бараа саастаах дьон өрүү бииргэ кэккэлэһэ олорон, туох баарынан-суоҕунан кыттыгаспыт. Тороос миэхэ этэр:

– Көр, Аана, култууралаах киһибит Өндөрөй торҕон баҕайы, – диир.

– Тоҕо хотуй?

– Сиикэй арыытын тымтакаҕа симэн матаҕатыгар укта сылдьар, онтутун лэппиэскэтигэр бистэн баран, таҥнары тутан олорон сиир.

– Ол тоҕо?

– Арыытын көрдөрүмээри.

– Ама дуу… Сымыйаҥ ини?..

– Кырдьык… кырдьык… – Тороос харахтара үөннээҕинэн кылахачыһаллар.

Мин дьээбэҕэ тиллэр киһи, сэмээр туран – Өндөрөй, оол курдук, хойуу үөт төрдүгэр, күлүккэ, биһиэхэ көхсүнэн буолан, тэбинэн-сахсынан, ээр-сэмээр, чөрү-чөкөччү аһыы олороругар тиийэбин.

Кыһын холкуос ыскылаатыгар, бырааһынньыкка, көлөһүн күнүн суотугар абаанса эт түҥэтиитэ буоллаҕына, били, уопсай үлэҕэ ыарахан атахтаах дэммит Өндөрөй, бэйэтинэн тылланан, ким хайа иннинэ сүгэтин туппутунан дэдэгэччийэн кэлэн, наар эт эттээччинэн сылдьар. Онно «эт бытархайын», сылгы сыатын, босхону, алыс кыайа туттан кэбиһэн моҥкурдаан, сүрэҕэр астаран нэһиилэ кыаһаҥныыр, сытар мээрик буолан хаалар. Туохха барытыгар, куруук – өлбүт-быстыбыт, тарпат тараһа, тиийбэт тирии кини аатырар…

– Өндөрөөй! – киһим соһуйан ходьох гына түһэр. – Торооско биир кымаах табаах бэрсиэҥ үһү.

– Туо даа?.. – Өндөрөй истибэтэҕэ буолар, кыараҕас харахтарын эбии кыаратан өрө көрөн симириҥнэтэр.

– Торооско биир кымаах табаах бэрсиэҥ үһү…

– Табаах дээ?..

– Табаах-табаах…

– Ол тоҕо?..

– Оттон тардаары гынар…

– Биир кымаах дээ?..

– Һээ… биир эрэ кымаах…

– Эрэ дээ… Отонноотоххо оҥоойук туолар, биирдии кымааҕынан бэриһиннэрдэххэ быдараах да таһынан барар… – Култууралаах Өндөрөй өһө-хоһооно хата киэр инньэ. Бэйбириэт саппыйатын сүөрэн мохуорка кымаахтаан ытыспар кутар…

Төннөн кэлбиппэр Тороос:

– Тыый, тимир тыҥырах хата хайдах төлө ыһыктыбытай, үөһэ тэстибитэй, көрдөөбөтөх киһи көрдөөҥҥүн биэрдэ ини, – диир, мохуоркатын сонно тута, хаһыат кумааҕытыгар бэрт үөрүйэхтик эринэн, отуу сөҕүрүйэн эрэр уотугар тымтык даҕайан уматтан табахтаан бусхатар.

Тороос табахсыт бэрдэ. Дэлэ киһи табах туһугар иһэ хайда сыһыар диэри аһыа дуо. Биирдэ, күһүн Мундулуҥдаҕа кэлэ сырыттаҕына, үрэхтэн, төннүү мундута тууга лыык курдук киирбитин таһааран улахан алтан күөскэ лыгыччы буһаран мииннээн сиэбиппит. Төһө да минньигэһин иһин, бүтэй дьон төһөнү борсонуохпутуй, баһаан ордубута. Тороос аһаан бүтэн баран, үгэһинэн, бэриһиннэрэн табахтыах киһи эмээхсин ыалга тахсан хаалан биэрбитэ. Ол олордохпутуна Айдаҥтан атынан эдьиийбит Өксөөн мэтэһитэн тиийэн кэлбитэ. Ордубут күөстэн сиэбитэ: «…Хайа, бу баччалаах үчүгэй аһы таах хааллараары гыммыккыт дии, тоҕо кимири-хомуру аһаабаккыт кыргыттар, эдэр, оҕо дьон буолан баран…» – диэбитэ. Тороос эдьиийин ыксатыгар олорон, тула-мала үөннээҕинэн көрүөлэнэ-көрүөлэнэ, табаҕынан «быстаран» хаалбытын үҥсэргээн эрэрдии быктарбыта. Өксөөн: «Чэ, бу ордубут күөһү сиэн кэбис, табаҕы мин биэриэм, эмээхсин саппыйата баар ини…» – диэн дьээбэрбитэ. Тороос өс киирбэх, алтан күөстэн ордубут мундуну миинниин-оттуун чугуун иһиккэ куппуппутун үрдүттэн сиэн бахсырыйан барбыта… Бэйэтэ да сөп буолур диэри аһаан тотон олорбут дьүөгэм, маҥнай утаа эрэ кыайа-хото кимиритиэх курдук буолан иһэн, сотору тохтообута: «Оо, сөп буоллум ээ… иһим-иһим…» – икки ытыһынан «аһын хаатын» имэриммэхтээбитэ. Өксөөн Тороос иһин уҥа-хаҥас өттүнэн сэмээр баттыалаан көрө-көрө: «Ээ, манан баҕас, биир луоску киирэр сирэ баар дии, хотуй… Оттон манан – үс луоску…» – дии-дии чугууннаах мундуну түөрэтин сиэтэн кэбиспитэ… Өксөөн эппит тылын толорон ийэтин саппыйатыттан ботуччу соҕус табах кымаахтаан ылан Торооско биэрбитэ… Тастан эбээ киирэн чугууна кураанахтаммытын көрөн баран: «Бу да кыһыа-а, оҕо иһин алдьатаары гыммыт буолба-ат…» – дии-дии сүүһүн аннынан сүргүччү одуулаһан сонньуйа-сонньуйа Өксөөнүн саҥарбыта. Биһиги биир кэм күлсэн бычыгыраспыппыт…

Отчуттар биир көрүдьүөс киһибит – Балбаара эмээхсин. Балбаара бэйэтэ да бэтиэхэлээх кырдьаҕас. Аҥаардас дьүһүнүттэн-бодотуттан да киһи күлүөх курдук. Сүрдээх оттомноох баҕайытык туттан туран үөнү ыйытар үгэстээх. Бэйэтэ төрүт күлбэт, бэркэлээтэҕинэ мүчүҥнүүр эрэ. Үөрэҕэ суох: суругу-бичиги, ахсааны – букатын, туура билбэт. Эмээхсин, хата, ол оннугар, кыраҕа – булчут бэрдэ, биир кыһын талах чааркаан атытан уон тоҕус бэлиэлээҕи бултаабыт. Онтутун сыа-сым курдук тутан хатаран, мунньан баран, хайа эрэ оскуола оҕотун ыҥыран киллэрэн, түүлээҕин тэлгэтэн: «Бу хаһый тоом, төһө эбитий?..» – диэн ыйыппыт. Онуоха ыамайа, уоһун чорбоҥнотон тура түһэн баран, бэрт чобуотук: «Эбээ, баһаан бултаабыккын – сүүрбэ буолуон биир итэҕэс…» – диэбит. Балбаара нөҥүө күнүгэр лааппыга баран түүлээҕин туттарбыт. Атыыһыт көрөн-истэн барытын туппут, түмүгэр: «Батаахаба булда – уон тоҕус кырынаас…» – дии-дии харандааһын кыычыгыраччы баттаан испииһэгэр эбии суруйбут. Онуоха туран эмээхсин өрө татыахайдана түспүт: «…Эс, хайдах оннук?.. Тугу-тугу баллыгырыыгын, хайдах оннук итээн хаалыай, эн, бу, Арамаан уола, биллэр киһи оҕотоҕун, ол-бу буолума… үөрэҕэ суох эрэ диэҥҥин балыыҥкалаама… Күн бэҕэһээ булдум ахсаанын дьоҥҥо аахтаран турабын, сүүрбэ буолуон сыччах биир тиийбэт диэбиттэрэ, ону хайдах бэйэҥ-бэйэҕинэн, сирэйэ-хараҕа суох – уон тоҕус диэн чыыбыргыы тураҕын…» – диэн улаханнык баттаммыт-атаҕастаммыт киһилии аахсан турбут… Көр, Балбаара эмээхсини, үөрэҕэ суоҕа оннук көрүдьүөс түгэннэргэ элбэхтик киллэрэн, дьон уос номоҕо оҥостон, саныы-саныы, күлэ сырыттахтара. Эмээхсин хата онтон төрүт кыһаллыбат, кэлин бэйэтиттэн-бэйэтэ кэлэйэн, сонньуйан – киһи эрэ аһыныах, сирэйин энньэтэ-энньэтэ, мыттыйа-мыттыйа күлэр…

Балбаара эмээхсин төһө да сааһа ырааттар, хас сай аайы эдэрдэри кытары ходуһаҕа киирэн оттостоҕуна эрэ сатанар, астынар. Сарсыарда ким хайа иннинэ эрдэ турааччыбыт кини: уу баһан, уотун оттон, барыны-бары түбүгүрбүт буолар. Эмээхсин чаһы диэни билбэт аата, лоп бааччы биир кэмҥэ уһуктар. Биһиги, эдэр оҕолор сорох киэһэ сээкэйи баллыгыраһан хойут утуйабыт, оттон Балбаара эрдэ, ким хайа иннинэ хаптайар.

Уйбаан Пуомус, абаҕата сэрииттэн аҕалан бэлэх биэрбит, үрүҥ көмүс кыабакалаах, бэйэтэ ааттыырынан «Байбал Буруо» диэн, ойоҕоско имнэннэҕинэ аһыллан кэлэр, чоху көхсүн курдук хаппахтаах чаһылаах. Уйбаан: «Мин чаһыыбар, Москубаҕа, кириэмил чаһыытын тэҥнииллэр», – диир, оннук эҥкилэ суох үлэлиир үһү.

Тороос – эдьиийин Харытыын култайбыт, улахан «Сэрээ» чаһытын илдьэ кэлбит. Маҥнай утаа онтутун сарсыарда аайы орулата сылдьан баран, кэлин Балбаара уһугуннарарыгар найылаан тохтотон кэбистэ…

Тороос хас да киэһэни быһа ыаһах гынан Балбаараны «чаһыыга үөрэттэ». «Бу – кыра эстириэлкэ диэнэ – чааһын көрдөрөр, улахана – мүнүүтэтин…» – эҥин диэн хас сүүстэ хатылаан дойҕохтоото. Эмээхсин мунду миинин курдугунан көрөн туран, өйдөөбүт ахан киһилии, баһын хоҥкуҥнатар. Түмүгэр тиийэн, дьүөгэм «Сэрээтин» отуу тирэх маһыгар, күлүк сиргэ, тутааҕыттан ыйаан тэйгэтэн кэбистэ…

Сарсыарда бэрт эрдэ Балбаара эмээхсин хаһыыта иһиллэр: «Хотуйдаа-ар!!! Туруҥ-туруҥ!!! Күн ыраатта!!! Туруҥ!!! Чаһыыгыт аччайбаа-ат!!!» – диир. Ол төһөҕө тиийэн аччайан турарын туох да билбэт… Эмиэ күлсүү бөҕөтө буола түһэбит… Эмээхсин барахсан дэлэҕэ сыыһа сылдьыа, бэйэтин өтө билэр ураты этин-хаанын «чаһыытынан» мэлдьи, өрүү биир кэмҥэ туруортуур. Дэлэҕэ Уйбаан Пуомус: «Мин «Боруобунан» буолбакка, эмээхсин эт мэйиитин чаһыытынан – кириэмил чаһыытын тэҥниэххэ баар эбит», – дии-дии күлэн санна титирэстиир…

Улахан Чоҥоро төһө да чугаһын иһин, от үлэтин үлүскэнигэр сылдьар киһи – дьоммун да көрсө охсон кэлэр соло суох. Биирдэ эмит ыһык ыла да бардахпына, уот ылар кэриэтэ, сонно төннөбүн. Хата ол оннугар, ардах эҥин кэмигэр, балык үссэнэр туһуттан, Ньычаҥдаҕа, балыксыт Хабата эмээхсиҥҥэ баран алыһары, борохойу, ньычааны чохчочу сүгэн кэлэбит…

Сүүрбэччэ хонукка тура үлэлээһин түмүгэр, Өҥсөөччү ходуһатыгар: кыралыын, бөдөҥнүүн – түөрт уонча от турда…

Аны Айдаҥтан икки көстөн ордуктаах Дээҥдэ диэҥҥэ сир уларыйдыбыт. Онон быйыл сайын мин массыньыыстаан бүттүм. Сонун үлэбин бэркэ диэн сөбүлээтим… Биригээдэбит дьонугар эмиэ уларыйыы таҕыста: Батаахаба Балбаара, оччолоох ыраах чиэски дойдуга, кырдьаҕас киһи хаһан ситэн сылдьыай, онон хаалла. Дьүөгэлэрбиттэн Буолкаба Киристииинэ уонна миигиттэн уонтан тахса сыл аҕа, сиппит-хоппут кыргыттар: Буолкаба Маанньа, Өлөксүөйэбэ Маарыйа бардылар. Уолаттарбыт: Халҕарыын уонна Кыыллай Мэхээлэ. Биригэдьиирбит Буолкап Микииппэр кэлэ-бара сылдьан оттоһор…

Оттуур сирбит – көстүбэтэрбин, биллибэтэрбин ханнык диэбиттии саһа, кирийэ сатаабыкка дылы – саас халаан уута халдьыгыраччы сүүрдэр эрэ кэмигэр «көбө» түһэн баран, уостан-симэлийэн хаалар, эмиэ да кур лаҥханан, сэтиэнэҕинэн бүрүллүбүт, эмиэ да будьуруйбут талах тумус ойуурдардаах, арыы-арыы алар тыалардаах, сорох сиринэн киһини киининэн дулҕалаах – сиикирики ходуһалаах дойду.

Күөл суох. Чолоохтуур диэн дьоҕус көлүйэ үрдүгэр отууланныбыт, көлүйэттэн ууланан чэйбитин өрүнэбит.

Биһиги биир биригээдэ холугар – таһынан сир. Көлүйэбит уҥуоргу тэллэҕиттэн абына-табына тапарах үүнэн барар уонна хойдон, ыт мунна баппат ыркыйыгар кубулуйар. Урут, өрдөөҕүтэ уот имири сиэбит сирэ.

От кэбиһэр икки оҕустаахпыт. Ыһыкпытын, биэстии хоно-хоно, Намыынаба Маарыйа уола Тэйгэ таһар.

Мин маҥнай утаа, Дээҥдэ диэн – күөл буолуо диэбитим – оттуур сирбит, ходуһабыт аата эбит.

Эрдэ имиллэн, буһан-хатан бүппүт дьон уот ааныттан, эт үөрэтиитэ эҥинэ суох кимэ охсон киирэн бардыбыт. Сииктээх сир ото кэбирэх: боруу да үкэр. Сорох сиринэн халба дабыдала, кулун кутуруга, манчаары, бэттиэмэ хойуутук өрө анньыбыт буолар. Дээҥдэ оттонор сирэ, ходуһата саас эриэн-быраан өртөммүт…

Кыыллай Мэхээлэ атахтарын сүһүөхтэрэ ыалдьан бэркэ диэн эрэйдэнэр: отуу таһыттан охсон саҕалаһан баран, бэйэтэ туспа, ойдом сырытта. Халҕарыын кини аттыгар киэҥ баҕараҕы хаба ортотунан манастыырдаан киирэн, төттөрү иэҕиллэн кэлэн, аны онтутун сөп-сөп хайытан, харса суох охсон күппээрдэн, хотуурун иэдэһэ икки өттүнэн күн уотугар курбуулана чаҕыллар.

Кыргыттар бэйэ-бэйэбитин батыаккалаһан иһэн, оҥолох-чоҥолох көрдүгэттэртэн иҥнэн, тус-туһунан халыйан, арахсан хааллыбыт. Дьоҕус көрдүгэттэр эрээри, хаһырыа курдук дириҥнэр. Кураанах кус, бүччүм сиргэ хорҕойон, саһан сымыыттаан оҕолорун мэнээк киллэрбит туоһута – дулҕа төбөтүн отун салгылыылларыгар үлтү тэпсэн биир кэм ииппэрэй-тааппарай курдук баачахайдаабыттар, саарбыт кус түүтэ, омуна суох, сыттыгы хайа тардыбыт кэриэтэ. Киэһэ хараҥаҕа, онно-манна от быыһыгар мээтиргиир-маатыргыыр саҥалара тохтоло суох. Ханна да өрүү буоларыныы, эһэ мэппэрдээн суола дэлэй.

Эһэни мин аан бастаан быйыл сайын, окко киириэх иннинэ Мохсоҕоллоох бириистэнигэр бурдук ырда бара сылдьан көрөн турабын. Хаһырыа Маарыйа, Лэксэ Кириисэ, мин буолан биирдии аты сэтиилэнэн: Мохсоҕолооххо икки, аара биир хонон төннүбүппүт. Көтөлбүтүгэр сэттэ уон биэстии киилэлээх үстүү куул бурдугу ырдыбыппыт: иккини бэрэмэдэйдии, биири ыҥыырга, оттон миинэр аппытыгар иккилиини. Биһигини кытары Мохсоҕоллоох бириистэниттэн, сельпоҕа бэрэссэдээтэллии иһэр, борохуотунан кэлэн баран бириистэн харабынайыгар хоно сыппыт, Орто Бүлүү киһитэ Дьарааһынап Мэхээлэ диэн, киниэхэ анаан ыҥыырдаах ат илдьибиппитин миинэн, аргыстаһан кэлсибитэ… Төннөн истэхпитинэ, тукулааҥҥа, хойуу дьанда быыһынан хап-хара эһэ хааһаҕы быраҕаттаан эрэрдии аҕыйахта ойон күскэриҥнээн хаалбыта. Бастаан иһэр дьон Хаһырыа биһикки көрбүппүт. Бэл аттар сибикилээбэтэхтэрэ. Хаһырыа: «Оо, көрүҥ ол, тыатааҕы баран эрэр!..» – диэбитигэр, ыҥыыр үөһэ нуктаан, бүк түһэн испит Лэксэ Кириисэ: «Ханна баарый?.. Туох баарый?.. Ким баарый?.. Эһэ даа… Эһэ дээ…» – дии-дии тула-мала мэлээриҥнээн турулус-ирилис көрбүтүгэр дьүөгэм биһикки, хата, күлсэ сыппыппыт. Дьарааһынаппыт эмиэ көрбөтөх этэ…

Дээҥдэ сиикирик сирдээх от үрэҕин киэҥ нэлэмэн ходуһата – биир кэм, бардар бара турар: ардыгар, быһыт кэриэтэ хачыгыраччы хаппыт үөттэринэн үллэр; сороҕор киһини киининэн адырҕай дулҕаланар, онтон эмиэ, киэҥ эбэ долгунун курдук күөгэлдьийэр оттоох дэхси сир кэлэн, баҕарахтан баҕарах бэйэ-бэйэлэрин кытта сиэттиһэн, салҕана тураллар…

Инчэҕэй сир ото охсорго кэбирэх, аны үксэ лаҥхата суох, онон мэктиэтигэр куоталаһа-куоталаһа, көҕүһэ-көҕүһэ, уһун манастыыр хайытан, кыдьыгырбычча сүүрэ сылдьан охсон дьээбэлэнэн да ылабыт… Сылын аайы өртөнөр ходуһа буолан кыраабыл тииһигэр тардыалаһа сытар улахан тыытаайыта суох.

Кэрчик-кэрчик эрийэ тутан ылан охсубут арыыларбытын холбоотохпутуна киэҥ хадьымал эмискэ биирдэ нэлэс гына түһэр, «өссө кэҥэппит киһи» диэн санаа күөртүү күөдьүйэр.

Хонуу биригэдьиирэ Огдооччуйа – үстүү-түөртүү хоно-хоно кэлэн хадьымалбытын быалыыр, күнүн сороҕотун биһиэхэ көмөлөһөн кээрэтэр. Быалаан баран, охсубут сирбитин киһи аайы үллэрэн түҥэттэҕинэ, хас биирдии отчут күннээҕи ирээтигэр: хаа сүүрбэ суотай, хаа отут суотай тиксэр; мунньуу оннооҕор ордук элбэх.

Ходуһабыт тыатын саҕата – тааска, ото кытаанах. Ол эрээри сииктээх сиригэр тэҥнээтэххэ – уҥуохтаах, кытаанах оттоох сирэ аҕыйах. Сэрэххэ диэн бары хастыы да хотуурдаахпыт. Уйан, сымнаҕас хотуур – уу отугар, хатан тимирдээх – дэдигирэс умнастаахха үчүгэй, онон көрө-истэ сылдьан солбуһуннарабыт.

Кыргыттар хотуурдарбытын Кыыллай таптайан биэрэр. Уонна биригэдьиирбит Микииппэр кэллэр эрэ эмиэ, түптэ түптэлэнэн баран, кэлтэгэй отуу анныгар наллаан, олохсуйан олорон, бэркэ бырыынчыктаан эллээн, уһуннук таптайар.

Хас биирдии киһи хотуурун суола, бэйэтин дьүһүнүн курдук, майгытын кэриэтэ араас, ону кыраҕы харахтаах, мындыр киһи эндэппэккэ, тута билэр. Биһиги, бэл хотуурбутун сытыыланарбыт кытта тус-туһунан, ким хайдах тутта үөрэммитинэн, сөбүлээбитинэн, дэмин таппытынан. Киристиин – кыбынан туран, хаҥас хонноҕун аннынан сиргэ батары анньар уонна хаҥас илиитин тоҕоноҕунан тууратын өнчөҕөр өйүү ууран ытыһынан ыксары баттыыр. Уҥа илиитинэн сирэй өттүнэн саҕалаан игиинэн эбэтэр бурууһунан хардары-таары икки эҥээринэн сотон сытыылыыр. Тууратын диэкиттэн төбөтүгэр диэри сотон илдьэр.

Маарыйа хотуурун угун төбөтүнэн сиргэ анньан туран өнчөҕүттэн тутар уонна ис өттүттэн сытыылыыр. Онтон сиртэн араарбакка туран эргитэн баран, аны тас өттүн кикирийэр.

Мин Маарыйа курдук судургутук сытыылыыбын, түмүкпэр хайаан да кылаанын туруоран хататтыыбын. Бурууһу отой сөбүлээбэппин, санаабар – дэрдиргээн-дардырҕаан астыга суох, тохторо-хороноро да бэрт курдук, аны хотуур биитин түргэнник халыҥатар, таптайыытын дөбөҥнүк бүтэрэр.

Дарайыы уус хатан тимиртэн оҥорбут, сүппэтин диэн быалаах тиэрбэстээх хататын өрүү сиэппэр укта сылдьабын. Киристиин буруустаах игиитин хаппарыгар уктан баран санныгар кэтэн кэбиһэр. Сорох уустар хататы араастаан киэргэтэллэр: алтанынан, чаалбаанынан тутарга сөп гына бүрүйэн баран, онно ойуу-бичик түһэрэллэр. Урут, хатат сүрүн анала уот ыларга этэ да, кэлин испиискэ дэлэйэн, билигин бии туруорарга эрэ туттуллар тэрил буолан сылдьар. Арай, испиискэнэн быстардахтарына сорох ыал чокууру охсон, кураанах кыаҕа кыым саҕан, уот ылаллар. Кыа – түөнньүт туттар үүнээйитэ. Кыа сэбирдэҕин хатараллар, онтон ытыска имэрийэн дороххойун, тымырын тоҕон көпсөтүн хаалларан баран, кумааҕыга суулаан – саппыйаҕа (кыалыкка), иһиккэ уган – сиигэ суох сиргэ ууран кэбиһэллэр. Түөн ууралларыгар кыаны быһах өнчөҕүнэн дэлби, эбии ныһыйаллар, кыра да сыыс хааллаҕына – аһара, алдьата сиэн кэбиһиэн сөп.

Хататы уонна хотууру – сайыҥҥы чаҕылхай күнтэн уйадыйыахтара диэн мэлдьи күлүк сиргэ тутабыт. Омурҕан кэмигэр хотуурдарбытын хойуу эҕэһэ анныгар анньан кэбиһэбит.

Табан эллэммит, хатарыллыбыт тимирдээх хотуур ардах түһэрин эрдэттэн билэр. Иэдэһигэр ардаҕы билгэлиир хараҥатыҥы күөх сурааһыннар, толбоннор түһэллэр. Оттон барбах тимирдээҕэ от өҥүн, сыатын бүрүнэ сылдьар.

Хотуур уктуун, дуускалыын (куукта) барыта дьип-дьап курдук бэйэҕэр сөп гына оҥоһулуннаҕына уонна ордук сүрүнэ таптайыыта табыллыбыт буоллаҕына биирдэ эрэ, киэҥ сири хоннохтоохтук охсоҕун.

Хотуур таптайыыта – уустук үлэ, киһи барыта сатыыр, баһылыыр дьарыга буолбатах. Сорох, дьоҕура суох салаҥ өттө, төһө да күүстээх-уохтаах буоллаллар, оҥоһууута суох сэбинэн охсо сатаан баран, «сүрэхтэригэр киирэн» олус диэн саллаллар. Наар мунньууга сылдьар эр дьону киһи холкуос аайы көрөр. Уһуннук таптайбакка аҥаардас игиинэн эрэ кикиринэн хаһан сир өтүөхтэрэй, син биир маһы кырыылаан баран охсубут тэҥэ.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 13 14 15 16 17 18 19 20 21 22 23 24 25 26 27 28 29 30 31 32 33 34 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации