Электронная библиотека » Семен Маисов » » онлайн чтение - страница 26


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 10:40


Автор книги: Семен Маисов


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 26 (всего у книги 34 страниц)

Шрифт:
- 100% +

Биһиги кыргыттар, киэһэ, кырыһынан түптэ түптэлээн баран, салгын хайа диэкиттэн илгийэриттэн көрөн, көһөрө сылдьан, тарҕатаары тэйиччиттэн буруолата-буруолата: Халҕарыын, Кыыллай, Микииппэр хотуур таптайалларын көрөбүт; сэһэн-сэппэл, күлсүү-салсыы диэн онно. Кэпсээммит, сонуммут – урукку киэһэлэргэ бүппүт, суҕараабыт курдук буолар да, суох, саҥаттан саҥа ыаһах көстөн – хааһахтан хостоон эрэрдии син биир тахсан кэлэ турар.

Кыыллайдаах Микииппэр саха ууһа охсубут кырыйыы сарыннаах кыстыктаахтар. Чараас буолан илдьэ сылдьарга чэпчэки, сиэпкэ уктан кэбистиҥ да бүтэр. Токурутуу сарына маска батары киирбэтигэр аналлаах. Кыыллай хас да кыстыктаах: биирдэһэ – кырыйыы саннын оннугар хайаҕастаах тимир туорайдаах. Хайаҕаһын иһинэн хатыҥ чэкэчэххэ саайда да эмиэ ханна да барбат. Халҕарыын нуучча собуотугар оҥоһуллубут боп-боллоҕор кыстыктаах. Дьоммут: «Эйиэнэ – тэлэргэ ордук, миэнэ – бии таһаарарга бэрт…» – дэһэ-дэһэ малларын-салларын уларсыһаллар.

Саҥа хотууру тэлии, бастакы таптайыы – сыралаах үлэ. Уолаттар хотуурдарбытын хас киэһэ аайы таптайаллар, өссө омурҕаҥҥа кытта: талахха, маска тардыллан биилэрэ сөтөрүйбүтүн көннөрөн биэрэллэр. Хотуурдарбыт тимирдэрэ араас, ол да сиэринэн тус-туһунан эллээһиннээхтэр. Биирбит – үрэх дулҕалаах, буордаах-сыыстаах, дэдигирэс төрдүлээх отун охсорго – кырыы сирэйдээх кыстыкка синньигэстик, биитэ ньыҕаллан быстан түспэтин курдук таптайыллар. Иккиспит – уулаах-хаардаах, дэхси сир кэбирэх отугар анаан – кэтит сирэйдээх кыстыкка, ыаннаран, чараастык эллэниллэр.

Дьоммут бүтэһиккэ, түмүккэ – олус сэрэнэн, кыҥастаһа-кыҥастаһа бии торҕо кылаанын таһаараллар. Халҕарыын: «Табан сытыыламмыт хотуур биитэ утары көрүүгэ көстүө суохтаах, оннук хайаан да оту хотуохтаах», – диир. Кыыллай таптайа олорон, тойон эрбэҕин тыҥыраҕынан хотуурун биитин аллараа өттүттэн усталыы суруйа тардан көрөр, онно өскөтүн долгуннуран хабылдьаҥныы хамсыыр буоллаҕына, ол аата сөпкө чарааһаабытын туоһута. Оттон тыҥыраҕынан билгэлээһиҥҥэ кыайан хамсаабат бии – тимир өссө да халыҥын бэлиэтэ, онон салгыы ситэриллэр.

Оҥоһуллубут хотууру сытыылаан, хататтаан баран, үүнэн турар оту дайбаабакка соһо тардан көрүллэр. Өскөтүн оту сынан, үрдүнэн ньалбаан кэбиспэккэ быһар буоллаҕына, ол аата табыллыбытын, оттон хоппокко оту соһор буоллаҕына – бии ситэри чарааһаабатаҕын эбэтэр сытыылааһына сыыһатын, алҕастааһын туоһута.

Үчүгэй оҥоһуулаах хотуурунан, кэбирэх оттоох сиргэ уһуннук сытыыламмакка сылдьыллар, оттон халыҥ биилээҕи, мөлтөх тимирдээҕи төһө да кыладыйа-кыладыйа сытыылаабытыҥ иһин сир өппөккүн, бэрт дуона суоҕу бараҕын, сотору дэрдиргээн хоппот, солбообот буолар.

Микииппэрдээх хотуурдарын тимирин маҥнай ууга уган сытыаран хараардаллар, оччоҕо биитэ таптайарга ордук көстүмтүө буолар. Улаханнык хото эллэнэр хотууру угуттан араараллар, оттон кылаанын төрдө эрэ көнөрү уктуун быраҕа сытан тоҥсуйаллар…

Аҕыйах хонук иһигэр элбэх киһи киэҥ сири охсон нэлэһиттибит. Күннэтэ оҥоһуллар, чочуллар бэлэм хотуурдарынан киһи эрэ дайбыы сылдьыах айылаах. Үксэ бырдыргыы сытар сииктээх, кэбирэх оттоох ходуһа. Микииппэр «орто үүнүү» диир даҕаны, мин көрдөхпүнэ, оннооҕор ордук курдук. Тааскатыгар эрэ дэҥ-дэҥ иинэҕэс, эрбийэ оттоох халтаҥ сирдээх.

Убайым аах – Күүлэлээх, Ынаабы эбэлэр ходуһаларын кыһыйан бүтэрэн, аны Саамыга киирэн оттообуттара, сурахтарыттан иһиттэххэ, уонча хоммут. Дьүөгэлэрим: Уйбаныаба Борускуо, Мытыйыс Маарыйата онно от мунньуутугар анаммыттар. Баһылайдаах биһиги курдук икки көлөлөөхтөр. Биирдэрэ Дьөрөөкүйэ – элбэхтик сиэппит, мииммит, үлбүрүйбүт билэр оҕуһум; иккис көлөлөрө – былырыыҥҥыттан от кэбиһиитигэр көлүллүбүт, ат оҕус курдук сүрдээх үскэл, күтүр улахан уҥуохтаах, адаҥхастаабыт Чамаан диэн ынах. Биэһигэр диэри төрөөбөтөх мааҥхаай сүөһү. Кыаҕынан, күүһүнэн – холкуос көлүүр оҕустарыттан олох хаалбат. Быытыкаа бэриҥнээх эмиийин тумуктара үлүйэн бараннар чэрдийэ оспуттар…

Хадьымал тэнийдэр-тэнийэн киэбэ-киэлитэ кэҥиир. Отуубутуттан лаппа тэйэн, Чолоохтуурбутугар киэһэ хонукпутугар эрэ, суолбут устатын тухары сэһэн-сэппэл бөҕөтө буолан, күлсэн-салсан кэлэбит. Иһэр уубутун үс-түөрт солуурга баһан, тутан барабыт. Ардыгар, туохтан эмит иҥнэн охтон, умса-төннө түһэн тоҕон кэбиһэммит, төттөрү төннүү эҥин буолар. Күн аайы солбуһабыт…

Холкуос сорох отчуттара сай устата хаста да көһөллөр, кыра да ходуһа сирэ хаалбат. Биһиги биирдэ, аҕыйах хонукка, уу-хаар чуллургуу сытар чыыкыр боруу бөтө аспыт сиригэр Куолаҕайга оттообуппут. Аатын курдук кыараҕас от үрэх эрээри эрийэ-буруйа бардар бара турар, отун төрдө түөрэтэ уу дойду. Күн көрдөҕүнэ икки өттүнээҕи сэлибирэс сэбирдэхтээх, кылыы мутукчалаах хойуу тыата ыган итии да итии куула сир. Күлгэри сииктээх сиргэ мустар дииллэрэ кырдьыгын илэ көрөн сөхпүтүм. Бугулу өрө бастахха сир мундута кып-кыймаҥас буолара. Отуу уотугар мундуну үөлэр курдук үчэһэҕэ үөлэн кэчигирэтэн кэбиһэрбит. Көтөр-сүүрэр тута мэлитэрэ. Мунньарбытыгар эмчиирэбит үрдүнэн сотобутугар туоһу эринэн сылдьыбыппыт. Уолаттар бүкээх отууларбытын эргийэ тууһу кутан кэбиһэллэрэ, оччоҕо сир быртаҕа утуйа сытар дьоҥҥо киирбэт…

Табысхаан бастакы төрүөҕэ бэйэтэ-бэйэтинэн улааппытын кэннэ, Кыыллайдаах арыы-арыы ыркый иһигэр хаамсан, биирдиилээн, мэнээк бултууллар. Көрдүгэн куһа маҥнай ыттарыах курдук гынан иһэн, киэҥ эбэлэргэ тахсан хаалла. Собо сиэхпитин – чугас күөл суох. Дойдубут барахсан күөлүнэн баай эрээри, дьэ тоҕо эрэ, ала-чуо бу эргин «кэмчитийэн» хаалбыт. Барыта от үрэх дойду, түөрэтэ сэтиэнэх, адырҕана, тапарах да ыркый. Талаҕар тайах дугуйданар сирэ эрээри, Халҕарыын этэринии, хараланаары гыннахха ол да көстөн, туран биэрбэт. Саатар ыппыт таймабыт суох. Ыта суох киһи кыылга дураһыйа да барбат, соруммат.

От үрэх хонноҕо-быттыга саас хото уулана сылдьан баран эмискэ түһэн, өрт уота сиэбэккэ арыылаан хаалларбыт кур сэтиэнэҕэ эриэ дэхситик намылыйа куоҕайан, «үөс уу ол диэки баар» диэбиттии, биир туһаайыынан хайысхаланан хойуутук тараадыйар. Уолбут көрдүгэттэр кытылларыгар чоху хаатын хачыгыраччы кэһэбит…

Айдаҥҥа, сайын устата хаста да эркин хаһыата тахсар, кулуупка ыйыыллар, сүнньүнэн от үлэтин субуокката: хайа биригээдэ төһө сир охсуулааҕа, мунньуулааҕа, төһө от кэбиһиллибитэ. Онно бастаан иһэр биригээдэ дьонун аата хайаан да ахтыллар. Эркин хаһыатыгар тахсыы диэн улахан чиэс, бочуот. Хаһыат сирэйигэр ааккын көрдөххүнэ, мэктиэтигэр, туох эрэ курдук өрө эгдэс гынан олуһун диэн үөрэ, тутум үрдүү түһэҕин; үлэҥ түмүгүттэн астынан, ис-искиттэн тэбиэһирэн өссө эбии таһаарыылаахтык, кимиилээхтик үлэлиэххин баҕаран кэлэҕин. Үлэ сөптөөхтүк сыаналаныыта, көр, оннук күүстээх…

Нэһилиэк, холкуос салалтата сайын от кэмигэр дэлэҕэ да бырабылыанньаҕа, хонтураҕа бүгэн олорботторо. Үксүн отчуттарын кэрийэн: тыл-өс өттүнэн да өрүкүтэн, быһаччы үлэҕэ да кыттыһан көмөлөһөн, күннэрин ходуһаттан-ходуһаҕа сылдьан барыылара.

Сэбиэппит бэрэссэдээтэлэ Ыстапаанап Ньукулай Саабыс (кэлин Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа буолбут киһи) Дээҥдэҕэ кэлэн үс хонукка от кээсиһэн барда.

Хотуур ортото, үгэс курдук отчуттарга сүөһү өлөрөн сиэттилэр.

Атырдьах ыйын бүтүүтэ Ыспааһаптар ардахтара түһүтэлээтилэр. Киһи этин-сиинин курдары охсуох айылаах хас да хонуктаах оту-маһы дьэҥкэрдэр тыал түһэ сырытта, онтон күһүҥҥү күн уота эбии ырааһырбыкка, чэмэлийбиккэ дылы сандаарыччы, арылыччы тыган, сарпа сарадах сардаҥаларынан ыһыахтанан, сирин-дойдутун куурдан дьэгдьитэн кэбистэ… Сирин аһа, отоно муҥутуу сиппит лаглайбыт тыа – сөп-сөрүүн көөнньүбүт дыргыл сытынан илгийэн турда… Киэһэ, боруҥуй буоллар эрэ, саҕахха – халлааны хараҥардар тыаһа суох уот курбуу чаҕылҕаннар күлүмүрдүү оонньоотулар… Түүнүн халлыбыт халлаан, ахсаана биллибэт тырымнас сулустарынан дьэргэлдьийэн, күүскэ хаһыҥнаталаата…

Бэйэ табысхаан эрдэлээн, хайыы-сахха кылбайда; бастакы төрүөҕэ туртайда; кэлиҥҥитэ, кэчэһиннэрэн, бороҥ түүлээх мохоохтоото.

Хоргуннаах собобутун бэркэ диэн аҕынныбыт. Сүрүн харабыт – табысхаан.

Киэһээ омурҕаҥҥа ычыкыҥҥа тахсан бары куобах күрэтэбит. Үүрэргэ сирэ бэрт табыгастаах: арыы-арыы ыркый ойуур. Кыыллайдаах Халҕарыын иккиэн саалаахтар, ойдом тыа баһыгар тиийэн, табысхаан биир арыыттан биир арыыга тахсар, сайыны быһа үлтү тэпсэн орохтообут буом сиригэр кэтэһэн тоһуйаллар. Биһиги күө-дьаа буолан айдаарсар саҥабытын истэн олорон ытыалаан бурҕаҥнаталлар….

«Һут-һат!.. Һэй-һэм!..» – ыһыытаһан оту-маһы охсуолуу-охсуолуу аргыый тараахтаан хаамсабыт. Киристиин биһикки иһиирсэбит. Маанньалаах Маарыйа үтүктэн уостарын араастаан үмүрүтэ-үмүрүтэ муҥнанан көрөллөр да, кыайан тыас таһаарбаттар. Уолаттар курдук тэбэнэтирэрбититтэн күлсэн ылабыт.

Хойуу ыркый, адырҕана быыһынан хааман истэххэ, алаадьы курдук от арыы ырааһыйа быыһынан, куобахтар сүүрэн кылбаҥнаһаллар…

Субу аҕай, атаҕым анныгар, кирийиэҕинэн кирийэн, састаҕым аатыран кулгаахтарын ньылатан ньыкыйан сытар куобаҕы кэрэхсии одуулаһан тура түһэбин: хараҕа чоҕулуйан, моттойон-мыттыйан сүрдээх. Табысхаан төрүөҕэ тахсан, дьоммут бөдөҥүн, сиппитин эрэ талан ыталлар, айахпытыгар сиирбитин холоон бултаатылар да тохтууллар, үлүһүйэн ордук хоһу кыргыбаттар. Бороҥ табысхааны (сороҕо букатын үтүлүк эрэ саҕа буолар) үргүппэппин, ол курдук кирийбитинэн хаалар, санаатыгар бэйэтэ саспыт курдук сананан эрдэҕэ. Оттон туртайбыт өҥнөөҕү ытыспын таһынан ойутабын: дьэ эбэтээ, кини диэтэх омун-төлөн бөҕөтө буолан онньоҥхолуур ээ, ардыгар, маҥнай утаа уончата ыстанаат, чохчос гынан ииктиир. Үргүппүт табысхааным уолаттарга барар эрэ, атын сиринэн халыйар эрэ, туох да билбэт… Дьоммутугар чугаһыырбыт саҕана саа тыаһа хойдор, онон-манан абыр-табыр үүммүт тапарахтаах, сэппэрээктээх сэндэҥэ сиргэ тахсан, тэйиччиттэн, биһигини ойоҕолуу олорон ытыалыыр Халҕарыыннааҕы чарапчылана-чарапчылана одуулаһабыт.

Кыыллай икки уостаах саата кэм көрсүөтүк бүтүргүүр. Халҕарыын үс сиринэн үүдэһинээх хатыҥ иэдэс мастаах субуйааҥкыта атын үлүгэрдик сатарыыр. Буораҕын буруота үүт үкчү сиикэй отунан саба быраҕыллыбыт түптэ буруотунуу ытыллан тахсан баран, ол курдук биир сиргэ ыйанан тэйгэйэн турар, арай тыаллаахха эрэ саба охсуллан кэм түргэнник дьайҕарар…

Халҕарыын хара буораҕын буруотугар чачайан сөтөллөн хахсайан ылар: «Кыргыттаа-ар кэлиҥ!.. Кэлиҥ!..» – диэн ыҥыртыыр.

Дьоммут уонча табысхааны биир сиргэ тэлгэтэ бырахпыттарын көрбүтүнэн тиийэбит. Бэрт дуона суох, кылгастык хаамса түһээт – айах хамсатар хара аспытын ити курдук кэбэҕэстик булунабыт. Күө-дьаа саҥарсан булпутун ылан ыараҥнатан көрөр кэммитигэр, ханан эрэ эргийэн мунан кэлбит куобахтар, дьон турарын билбэккэ, сөкү быыһыттан ойон тахсан, субу ыксабытынан, кырыс сиртэн тэбинэн тилэхтэрин тыаһа тилигирэһэн ааһаллар, ону ким да бултаспат, ирээппитин ылан сөп буолбут дьон ходуһабытыгар тиэтэйэбит. Чиҥиэр диэри тэпсиллибит ыллык суолбутугар тахсаат, табысхааннарбытын иккилии, түөртүү гына талаҕынан эрийэн баайан баран, барытын Кыыллайбытыгар сүктэрэн отууга утаарабыт. Атаҕын дьарҕата бэргээн, тииһигирэн Мэхээлэ улаханнык бадьыыһырар, этэргэ дылы, сүрэҕин баҕатынан сылдьар. Кыыллайтан атын киһи эбитэ буоллар букатын сытыа да этэ. Халҕарыын муус өлүөр эрээри, арай, хараҕа харалҕан, ырааҕы үчүгэйдик анааран көрбөт.

Сарсыардаттан хара киэһээҥҥэ диэри биир кэм күүстээх үлэни кытары өрө тустар дьон аһыырбыт-сиирбит да ол сиэринэн бойум соҕус. Киэһэ отуубутугар тахсан биирдии бэйэбит табысхаантан ордуктууну, миинниин-оттуун кимириччи сиэн-аһаан бордурҕатан кэбиһэбит.

Кыыллай – асчыта сүрдээх, ардыгар табысхаанын очоҕоһун ырытан, балаҕан ханнын ыраастаан, бүөрүн, быарын, тыҥатын, сүрэҕин туспа мунньан – солуур түгэҕэр кыыймыт арыыга сырдьыгынатан буһарар: оо, ол минньигэһэ эриэхсит, омуннаатахха киһи тылын ыйыстыах айылаах.

Дээҥдэ от үрэҕин бата, кыһын сылгы сөбүлээн хаһар, онон оттор бары күрүөлэнэллэр. Урукку бүтэйэ сороҕо эмэҕирбит, сиэрдийэ буолар дьулугурас мастаах тыата лаппа ыраах, барыта ычыкын, тапарах, сыҥ ойуур. Онон күн-хонук анаан, мас кэрдэн оҕустарбытынан таһабыт. Молохолоох оҕуһу сиэтэн тыаҕа таҕыстахха, күн бэҕэһээ кэрдиллибит тиит мутукчатын сөрүүн сыта ордук уоҕуран дыргыйар…

Кэлиҥҥи кэмҥэ сөрүүдүйэн, дьардьамата эрэ өрө хоройон турар, ортотугар холумтаннаах, бэрт киэҥ, «култуурунай» отууну сөргүтэн, халыҥ гына отунан бүрүйэн бары онно сыттыбыт. Уоппут буруота отуу оройунан тахсар.

Күрүө маһа кэрдэр кэммитигэр Кыыллай отууга хаалан үгэһинэн аһын астыыр. Арыы талах, алар кэтэҕэр сылдьар буоллахпытына, Мэхээлэ быһа хааман содьороҥноон тахсан былаатынан далбаатыыр. Киниэхэ анаан чугас окко таһыллыбыт сиэрдийэлэри икки өттүн сүгэнэн суллуу-суллуу күрүөтүн тутар. Сороҕор, чаһыта суох киһи, үлэтигэр үлүһүйэн тутуллан хаалан, күөһүн хойутатан буһарар эҥинниир. «Хайа бу, Кыыллайбыт күөһэ буһара тоҕо уһунай, Кыычыкыын оҕуһун баһыгар дылы буоллаҕай…» – дэһэн күлсэбит. Бу үһүйээни, онтон сиэттэрэн үөдүйбүт өс хоһоонун – саха саҥалаах эрэ барыта билэр быһыылаах.

Кыычыкыын – Бүлүү өрүһүн уҥуор, Чочу сиригэр олоро сылдьыбыт, сүөһүнэн олус байбыт киһи эбитэ үһү. Убаҕаһыгар чачайан, хойуутугар бөтөн, кини киһи маҕалайа туолбакка, соллоҥун толороору, аатын-суолун ордук эбии суон сураҕырдаары, айгыһырда аарыгырдаары, айыылары алы гынан хороҕор муостааҕын, сыспай сиэллээҕин эбии хаҥатаары, хайдах да буола сатаан, бэл, үүт көлүйэ оҥосторго соруммут… Дьэ ол, бахсырыйарыгар барамматах үрүйэлии сүүрүгүрбүт үрүҥ илгэтин кутарыгар анаан, чугас эргиннээҕи отох-бытах, оторой-боторой кыратын-кыамматын түөрэтин мунньан, сүрдээх дириҥ уҥучах хастарбыт. Тимир тэрээбэ, сэп-сэбиргэл ситэ үөдүйэ илик кэмэ буолан, тиит мас чиргэлинэн күрдьэхтэнэн, төһө да хойукку күһүн кэлэн от-мас сар көтөр кутуругунуу саһарчы баран сиккиэр тыалга ыһыахтанан бүтэн эрдэр, сир муҥутуурдук ирдэр, кулуһун умата-умата, бэрт дириҥник хаспыттар. Буордарын үктэл мас, эргинэ оҥостон иһиккэ кутан таспыттар.

Баай ыал – тобоҕунан, дьадаҥы ыал – баарынан суоҕунан аһатар дииллэринии – Кыычыкыын сүрдээх кэччэгэй, такыр тарбах баай эбитэ үһү. Күһүн, сир тоҥуута тиэрэ көтүттэрэн өлөртөрбүт сүөһүтүн баһын, биэс хос, халыҥ лабыр быыс сытыары халҕаннаах булгунньах булууһугар харайбытын таһаартаран үлэһиттэрин аһаппыт. Куйахалаабыт сүөһүтүн төбөтүн бэйэтэ көрөн-истэн, бэрт уһуннук буһарар үгэстээх эбит. Ол албаһа – хамначчыттара оҕус баһа хаһан ньолҕойо ууллан сөп буолуор диэри уһуннук үлэлииллэригэр уонна сымнаҕас эти ыстаан ыллаҥнаппакка сэлибирэччи сии охсоот үлэлэригэр хат туруналларыгар диэн угаайылаах сылтахтан эбит.

«Түөкүн үҥэр үтүөлээх» дииллэринии Кыычыкыын – иччини, абааһыны, сэти-сэлээни сүрдээҕин итэҕэйэрэ үһү.

Бар-туом аһылыктаах дьон – буор ыарахан үлэтиттэн илистэн, кэлин-кэлиҥҥинэн сыралара-сылбалара да сындалыйан, эстэн барбыт.

Хамначчыттар ортолоругар, айаҕым туһа диэн сурах хоту кэлбит, аҥаар харахтаах, хаһааҥҥыта эрэ харса-хабыра суох холуон майгылаах, күүстээх-уохтаах, бэрт сытыы тыллаах-өстөөх урааҥхай киэнэ уон уһуктааҕа эрээри, эдэригэр сырыыны-сылбаны олус хото сылдьан кэбиһэн, эрдэ сорсуйбут киһи баара эбитэ үһү. «Соххор кыраҕы буолар» дииллэринии, уонна бэйэтэ да ис-иһиттэн бэтиэхэ майгылаах эр бэрдэ, Кыычыкыын баай туохтан ордук куттанарын, салларын билэн дьиктитик дьээбэлииргэ санаммыт…

Биир киэһэ борук-сорук барыгылдьыйан күөртүү көтөн кэлэн хараҥарбытыгар, устар уһун күнү быһа инчэҕэй буору кытта өрө тустубут дьон нэһиилэ иэҕэҥнэһэн, салбыҥнаһан тахсан муор-туор, уу-хаар аһылыгы үссэнэ түһээт, хара дьиэ буор муостатыгар, тыа сылбаҕыныы сууллан, утуйан буккураан хаалбыттар.

Хас эмэ хонугу быһа, иэппэт ынах курдук кэлэ-кэлэ сүрэҕэлдьээбиттии түспүт ардах, отонноотоххо оҥоойук туоларыныы, хамначчыттар хаспыт уҥучахтарыгар кутуллан ээр-сэмээр эбиллэн испитэ эбитэ үһү…

Өнү быһар үлэттэн өлө сылайбыт дьон түлүк ууларыгар үлүгүнэйэр кэмнэригэр, соххор киһи ээр-сэмээр сыбдыйан тахсан, тэҥкэ тыа хараҥа хонноҕор киирэн сүтэн хаалбыт… Тоҥ күөс бастыҥа буолаат бии бэйэлээх күтүр улахан туос тымтайы сүкпүтүнэн, ыраахтан ынырык аҕайдык хараара чөҥөрүйэн көстөр уҥучахха кэлэн, тобус-толору куппут иһитин иччитин таҥнары тутан кэбиспит: бүргэс сүргүөхтэрин сараппыт адаҕа саҕа алыһардар чуллур-чаллыр өрө мөхсөн сүгүллэхтэнэ хаалбыттар…

Сарсыарда, ааттаах эрдэ, Кыычыкыын халыйбыт хаһатын куһаат курунан бөрдүү курданан баран, хамначчыттарын туруортаан, кини обургу ыйыы-кэрдии биэрэн ынньаҕалатаары, хастаран испит хаспаҕар барбыт…

Арай, тиийэн көрбүттэрэ, ардах уута халыйан, сир тымыра сэмээр сүүрээннэнэн киирэн дириҥии охсубут уҥучахтара – чаан олгуйга оргуйбут күөстүү биир кэм өрө кыынньан олороро эбитэ үһү. Дьон харахтаабатахтарын харахтаан кэннилэринэн чинэккэлэспиттэр… Кыычыкыын куттанан тула-мала турулус-ирилис көрө-көрө: «Бу тугуй, нохойдор?!.» – дии-дии дибдигирээбит. Онуоха аҥаар хараҕа суох үлэһит, эргинэнэн аллара түһэн хайыҥнаах мас күрдьэҕинэн, ньоҕойдоно хойдубут бадараантан күтүр улахан алыһары баһан таһаарбыт: «Бөлүүн түүл түһээбитим илэ чахчы эбит…» – диэбит. «Тугу, нохоо, тугу?!.» – Кыычыкыын мэктиэтигэр бопторо-бопторо бардьыгынаабыт. «Аллараа дойду атырыатын сиигэ ала-чуо манан атан, аһыллан, атын күтүрдэр кыралара быгыалаһан эрэллэр… маннык буоллаҕына аны аҕыйах хонугунан обургулара, адьырҕалара тахсыахтара – алааһыҥ үрдүгэр илэ сүүрэн үллэрэҥнэһиэхтэрэ…» – соххор «түүлүн түһүн» кэпсээбит…

Куттаммыт кэнэн дьон санааларыгар, тиит күрдьэх хайыҥнаах саллайбыт баһыгар толору туолан сытан, бүргэстээх сүргүөхтэрин, лапчааннарын сарата-сарата мөдөөннүк куоҕас гынан ылар, бүтүннүү туой ньоҕой буолбут, кирдээх ууга өлөн эрэр алыһар – аһара баран салдьыр муостанан, аһыыланан, атын аҕайдык ырдьайан, бэл диэтэр ымаҥныырга дылыта эбитэ үһү…

Кыычыкыын кута көтө сыһыар диэри эт-этэ аһыллан, айманан: «Аллараа дойду абааһылара, чиччиктэрэ аанньаҕа быгыаласпатахтара биллэр, алдьархай да баар эбит…» – диэн уҥучаҕын сонно төттөрү көмтөрөр аатыгар барбыт…

* * *

Дээҥдэбитигэр уһуннук сыттыбыт… Исийээнэп таҥара күнүн иннигэр, биир сарсыарда турбуппут халыҥнык хаардаан кылбаарытан баран халлыбыт… «Оттуу сылдьабыт дуу, мастыы сылдьабыт дуу» дэһэн күлсэбит. Салгын ырааһырбыта, дьэҥкирбитэ сүрдээх, киһи ис-иһиттэн дьэгдьийэр үтүө күнэ үүммүт. Саҕахха, ыраах, хартаҕас былыттар усталлар. Күн, мэктиэтигэр, иҥнэҥнии-иҥнэҥнии, кыҥнаҥныы-кыҥнаҥныы тэбэнэтирэн мичээрдииргэ дылы.

Уһун күнү быһа тура тэбинэн бүтэһик икки оппутун кэбистибит. Бугул үрдүгэр томтойбут көп хаары уҥа-хаҥас садьыйан кэбиһэ-кэбиһэ сүгэн үллэҥнэтии. Хаар түһэн, хата, сыарҕа халыйара сүрдээх…

Сарсыныгар, сээкэйбитин барытын хомунан оҕуспут сыарҕатыгар тиэйэн, Айдаҥнаатыбыт.

Быйыл ордук уһуннук оттообут биригээдэ – биһиги. Буолкап Ыстапаан биригээдэтэ – Сэмэнэп таҥара күнүн иннигэр, маҥнай түһэн баран ууллубут хаар кэннэ, оттон Баһылайдаах – кинилэрдээҕэр өссө эрдэ бүппүттэрэ…

Эбэм аах Улахан Чоҥороттон Айдаҥҥа саҥа дьиэбитигэр көһөн киирэн тураллар. Талыабайдар, Буолкап Микииппэрдээх, Тоҕойдуур оҕонньордоох, Күртэ Хабырыыллаах, Дьэримиэйдээх эмиэ өтөхтөрүгэр кэлэн, сыыйа-баайа орун-оннубутугар түһэн эрэбит…

* * *

Биһиги дьиэбит иһигэр улахан тэмтэргэн таҕыста. Улахан Баһылай эмискэ ыалдьан хаалла. Ыалдьан да диэн буолуо дуо – ыарыыттан эрэ атын ыарыы. Мин, өссө, Дээҥдэҕэ оттуу сылдьан истибитим «Баһылай моһуогурбут» үһү диэни. Дээҥдэ – Өҥсөөччү курдук чугас сир буолбатах, ыһык таһар анал оҕолоохпут, онон сай устата биирдэ да кэлии-барыы суоҕа… Маҥнай утаа кэпсээбиттэригэр: көннөрү сыыстарыы, тумуу-сөтөл, эбэтэр баҕар сээкэйин дэҥнээбитэ, эчэппитэ буолуо дии санаабытым. Үлэ үлүскэнигэр сылдьар дьоҥҥо – оһоллонуу да ханна барыай. Баһылай – хаһан да ынчыктаан-ыҥыранан сыппатах киһи. Эбэбэр кэлиэхпиттэн кини мунна сиигирбитин да көрө илигим. Онтукам баара ханна баар – убайым Улахан Баһылай барахсан эмискэ эни-мини билбэт буолуор диэри «төбөтүнэн моһуогурбут». Атын, эт-сиин өтөр ааһар ыарыыта эбитэ буоллар, киһи улаханнык дьиктиргиэ, дьиксиниэ суох этэ, этэргэ дылы киһи барыта да, биирдэ эмит быстах ыарыыга ыалдьан ылара ханна барыай, ону эмтэннэҕинэ, эбэтэр буома аастаҕына кэм-кэрдии бэйэтэ чөлүгэр түһэрэр…

Оттоон дьиэбэр кэлиэхпэр диэри букатын итэҕэйбэтэҕим, «ама хайдах Баһылай оннук ыалдьыай» дии саныырым. Урут, холкуостан-холкуоска, атах балай хаамаайылыыр эрдэхпинэ уонна кэлин да, биирдэ эмэтэ – итэҕэс-быһаҕас өйдөөх-санаалаах дьону син түбэһэн көрөрүм: түҥ-таҥ тылласпыт, сарыпыай-ирипиэй сатамньыта суохтук туттан-хаптан хаампыт-сиимпит, маска-окко умньаммат буолбут муҥнаахтар сир-сир аайы бааллар. Мин, Баһылайы олорго холуохпун хайдах да санаам буолбата. Чөл өйдөөх, сааһын сиппит киһи эмискэ «өйүнэн моһуогурара» диэн дьикти. Итэҕэстэр-быһаҕастар барылара да, төрүөхтэриттэн төттөрү төлкөлөнөллөр курдук…

Дээҥдэттэн Айдаҥҥа кэлэн баран, бары арҕам-тарҕам ыһыллыбыппыт. Кыыллай Мэхээлэ өссө да дьиэ тутта илик киһи (биир үксүн атаҕа араахымаланан хаалан) Томтор Суукка, аҕаһыгар Аппырыыска ааспыта. «Быйыл кыһын хайдах эмит кыстаан баран, эһиил баҕас бас билэр өчөөх туттуллуо…» – диэн санаата бөҕөҕө. Киристиинэ – Быркылааҕар барбыта…

Типээк тэллэхтээх утуйар таҥаспын сүгэн аҕалан, хоспох иһигэр адарай ороҥҥо быраҕан, отум сэбин-сэбиргэлин күрүөҕэ өйөннөрөн баран, кугас ынах тириитэ бүрүөһүннээх саҥа дьиэбит аанын арыйан искэ көтөн түспүтүм – эбэм, тигинэччи оттуллубут оһоҕун ыксатыгар чабычахха собо хатырыктыы олороро, дьиэҕэ кини кэннэ ким да суоҕа.

– Оо, оҕом барахсан кэллэ… Хайа тоом бүттүгүт, дьэ уһуннук, дьирээлэһэн, дьаныһан сырыттыгыт дии. Өксөөнтөн, бэҕэһээ, бүгүн кэлэргитин истэн, бу – балыгын аҕыннаҕа диэн илимнэри субу аҕай тардан таҕыстым, – эмээхсин күө-дьаа буола түспүтэ.

– Собо сиэбэтэх ыраатта… – халтаҥ торукуо соммун устан сатанахха ыйыы-ыйыы – саҥа дьиэбитин сонурҕаан эргиччи көрөбүн.

Уус убайдарым туппуттара-хаппыттара – дьиэ ис-тас бараана, бары-барыта орун-оннугар, киһи эрэ кута-сүрэ тохтуох айылаах.

Суоруллубут, устуруустаммыт тиит мас хабархай сыта муннубун кычыгылатан астыктык дыргыйар. Хас да кырабаат ороннору уу тэстибэтинии ыпсаран, тоһоҕолоон оҥорбуттара кылбаспыттар. Урут тымтык уота тохтон быһа сиэн хараардыбыт, сыа-арыы саһарчы иҥпит сирэйдээх эргэ остуолбут оннугар, бэс мастан чочуллубут түөрт атахтаах саҥа сандалы дьэндэйбит. Дьиэни биир сиринэн соҕуруоккалаан иһэн ситэрбэккэ аан курдук аһаҕас ордорон тохтообуттар, арааһата, мастара тиийбэтэх быһыылаах. Киһи кыбылла-кыбылла киириэх аһаҕаһынан оҕолор «орох» тэппиттэрин туоһута – аллараа туорай мас хараарбыт… Дьиэ хаҥас өттүгэр, хаптаһыны атырыа соҕустук саайан, мин көрдөхпүнэ, хаппахчы оҕото туппуттар: иэччэхтээх ааннаах, аана таһыттан эрийэ тутуу хатааһыннаах. Ити эмиэ туохтарай диэн бэркэ дьиктиргээтим, онтон сүрэҕим сэрэйэн дьэ биллим – Баһылай эрэйдээҕи «хаайбыттар» эбит…

Эбэм ас тарда тураары гыммытын саба сапсыйан тохтоттум: оһох кытыытыгар дьоройбут тимир чаанньыгы ылан чэйдэнэн, үүттэнэн таймаланан, лэппиэскэ быстан, үөлбүт эмис собо нэлэгэргэ өрөһөлүү кыстанан турарын ылан, кытыйаҕа отоҥҥо быламмыт минньигэс суораты хамыйаҕынан халбыйа баһан – ыраах сири хааман аччыктаан кэлбит киһи быһыытынан кимири-хомуру аһаатым. Үрүҥ аспын ахтыбыппын ахан…

Баһылай ыалдьыбытыгар эбэм төһө эрэ айманна, хайдах эрэ сылдьар дии санаабытым, хата, эмээхсин барахсан, туох да буолбатыҕын курдук сирэйэ-хараҕа сэргэх, соботун хатырыктыы олорон миигин баспыттан-атахпар диэри сирийэн көрө-көрө өссө күлэр.

– Дьэ, килэрийэ-халарыйа сатаабыккын дии… – сонньуйбуттуу туттар. Мин тугу-тугу этэрий диэбиттии кылап-халып көрөбүн.

– Огдооччуйа?.. – дьиэ иһинээҕилэрбин сураһабын.

– Уолун кытта сугулааҥҥа бартара, Настаа эмиэ онно. Боломуочунай тахсан түөрэ бары мунньахха.

– Бэргэһэчээн төһө бэркэ сылдьар?

– Ээ, ол киһи диэн, иһэ сиигирдэ да кыһалҕа кыра киһитэ буоллаҕа.

– Баһыычаан оскуолатыгар?

– Хата кэлэрэ чугаһаата ини… һэ-һэ… – эбэм соботун хатырыктаан бүтэрэн, ытыһыгар биһиллибит салыҥы быһаҕын биитинэн сотон ньиккэрийэр.

– Уонна кэлин туох сонун баар?

– Һоох… Киһи киһиэхэ кэпсиэх туох да улахан сонун суох… Арба да, үс хонуктааҕыта, Балаҕаччыттан Ылдьаа атаһа Ыстапаан Бараахтыырап кэлэн барта. Түөрт уон икки сыл сайыныгар ыҥырык тутан аттаммыт киһи, бу, саҥа, аны кэлбит. Дьоппуон сэриитигэр эҥинигэр түөрэтигэр сылдьыбыт үһү… Барыыһаптар ийэлэригэр (били, биэс уолун сэриигэ мэлиппит эмээхсиҥҥэ) мэтээл аҕалан туттарбыттар этэ… аа эмээхсин эрэйдээх иэдэйээхтээбит үһү… Аанньа буолуо дуо…

Аһаан бүтэн баран, хоспоххо бырахпыт утуйар таҥаспын күрүөҕэ ыйаан салгылатаары таска таҕыстым…

Кыраабылларбын, хотуурдарбын тус-туһунан уурталаатым. Кыра Баһылай бэйэтэ оннуларын булларан бэрийиэ.

Эмээхсин суунар күөс уутун тоҕон баран, мин боотулу бүтэй таһыгар тэлэкэчийэ сырыттахпына кэлэн, күрүө тоһоҕотуттан тутуһан аттыбар туран:

– …Баһылайбыт ыалдьан хаалаахтаата… – ол-бу диэки олоотоомохтуур.

– Истибитим…

– Ити, туспа туттубут, таска тахсан баран-кэлэн хаалыах курдук.

– Хайдах, туохтан ыалдьыбытай? – биэтэһин (табын) ылбыт типээкпин тэбээн тобурҕатан иһэн тохтоон ыйытабын.

Эбэм, аны ким эмит истэн турара буолуо диэбиттии тула-мала көрүөлэнэн, таалан тура түһэн баран кэпсиир:

– …Оттоон бүтэн, дьиэтигэр кэлэн сээкэйи бары үлэлэммитэ ээ… Мин ол күн сарсыарда хотоммуттан киирээт, эрдэ, Мундулуҥдаҕа бара сылдьыбытым. Күнүс сөпкө төннүбүтүм. Киһим дьиэтигэр суоҕа, барарбар тиэргэнин иһигэр сыарҕа ылаҕа хаста хаалбыта: туттубут сэбэ-сэбиргэлэ ол курдук ыһыллыбытынан сытара, арай, били илиититтэн араарбатах сүгэтэ суоҕа… Чугас ханна эрэ тыаҕа таҕыстаҕа дии санаабытым… Биллэрбит эбит… Тоҕо эрэ түүн сиэгиргээн аанньа утуйбатаҕым, этим аһыллан, дьик-дьах курдук сылдьыбытым… Таайа сатаабытым… Дьиэҕэ Огдооччуйа баара, киирэн ыйыппыппар: «Ким билэр, ханна эрэ барда быһыылаах… Тараас уол кэлэн эрэр курдуга, түннүгүнэн көрдөхпүнэ тугу эрэ кэпсэтэн эрэллэрэ… Уол таһырдьанан үргүлдьү ааспыта, Баһылай да дьиэҕэ киирбэтэҕэ…» – диэбитэ. Кэлин билбитим, бэрэстээтэл бырабылыанньаҕа ыҥырбытыгар барбыт эбит. Киһи кэлэн туох сорукка илдьиттээбитин эппит буолан, уот ааныттан сүгэтин туппутунан бардаҕа… Онтум… Ыстапаан Бохуомабыс апмаар көтүртэрээри соруйбут…

– Хайа ампаары?..

– Бу… эбэ уҥуоргуну… Киччээрийэ ампаарын…

Сир астыы, сүөһү көрдүү сылдьан – Киччээрийэ ампаарын хаста да түбэһэ түһэн көрөн турабын. Күөл кытылыгар буолбакка, тыа иһигэр баар өтөххө, тэҥкэ тииттэр анныларыгар кирийэн турар моойторук олуктаах дьоҕус ампаар оҕото. Өрдөөҕүтэ Киччээрийэ диэн киһи олоро сылдьыбыт өтөҕө. Киччээрийэ – ойуун да, ичээн да, отоһут да буолбатах. Өтөххө – киһи куһаҕаннык өлбүтүн туһунан кэпсээн-ипсээн, үһүйээн эҥин, истэр тухары суох… Өтөх – өтөх-өтөх курдук, Киччээрийэ буоллаҕына – киһи-киһи курдук «көннөрү» киһи эбитэ үһү… Ол эрэн… Бэрт дьикти быһыы-майгы тахсыбыт…

Баһылай уолаттартан тимир күрдьэх ылан, эбэ уҥуор өтөххө тиийэн, ампаар үрүт буорун түһэрэн, дьиэни-уоту тута, көтүрэ үөрүйэх муҥутаан өр гымматах, бэрт түргэнник талҕалаан кэбиспит…

Дайыыл уолу кытары Бычыгыр буоланнар – Баһылай кэнниттэн түөрт сыарҕалаах оҕуһунан ампаар маһын тиэйэ барбыттар. Дулҕата суох үрдүк хордоҕойдоох күөл эҥээринэн сыннаран, айа суолунан кыратык барбахтыы түстүлэр да, өтөх ыраахтан көстөн турар… Уолаттар тиийбиттэрэ – киһилэрэ көтүрбүт ампаарын тула хаама сылдьара үһү. Чөл соҕус икки-үс эргиири кытары, уһуннук туран эмэҕирэн хачыгыраабыт, сытыйбыт акылаат эрэ хаалтын кэннэ Баһылай үлэтин тохтоппут… Ханна эрэ ыксаан, сир ыла сатаан олус тиэтэйэн иһэр киһилии – оттомноох, дьоһуннаах аҕайдык туттан-хаптан, икки илиитин дайбаммахтаан, биир кэм ампаарын эргийэ харбыалаһара үһү… Оҕустаахтарга хайыһан да көрбөтөх, дьон кэллэ диэн кэпсэтэ да барбатах…

Бычыгырдаах маҥнай утаа Баһылайы – өтөх сирин көрөн-истэн тугу эрэ ымпыктанар-чымпыктанар, саҥа сиргэ тиийэн хайдах түһэриэҕин суоттанан көрүнэн-истинэн сылыктанар быһыылаах дии санаабыттар, иҥэн-хаһан төбөтүнэн моһуогурбута буолуо диэхтэрэ дуо… Онтулара баара киһилэрэ хайыы-сахха эни-мини билбэт буола «булкуллан» хаалан баран сылдьаахтыыр эбит: букатын туспа «дойдуга» тиийэн, биллибэт-көстүбэт ураты эйгэ «дьонун» кытта кэпсэтэн, икки атахтаах иилэн ылбат саҥатынан буллугунайара үһү…

Дайыыллаах ампаардарын маһын тиэйэн, Баһылайы сыарҕаҕа олордо-олордо батыһыннаран аҕалбыттар… Улахан Баһылай муҥнаах киһи үөйбэтэх-ахтыбатах ыарыытыгар ыаллардаҕа ол. Балаҕаччыттан быраас кэлэн көрөн барбыт, балыыһаҕа илдьээри гыммытын эбэм ыыппатах…

Баһылай Киччээрийэ ампаарын көтүрэн кэлбитин нөҥүө күнүгэр, сыарсыарда бары үлэлэригэр арҕам-тарҕам тарҕаспыттарын кэннэ, эбээ тарбыйахтарын аһаталаан баран дьиэтигэр киирбитэ – киһитэ оронугар суох, онно эрэ оҥойо сытар эбит. Тиэтэл бөҕөнөн таска тахсан истэҕинэ, утары Болтуо Микииппэрдээх кыыстара Нуута, тыын быһаҕаһа тыынан сүүрэн мэҥилээн кэлэн: «Баһылай үөскэ!.. Онно!.. Үөскэ!..» – диэн биир да тылы ситимнээн иилэн, арааран ылбатын курдук тыллаабыт… Эмээхсин Нуутаны кытары ыһыахтыыр сиргэ сырсыбыттар… Тиийбиттэрэ – Баһылай, уот кэриэрдибит эрээри ситэ сиэбэтэх, түһүлгэ улахан тиит остуолбатын кэрдэн батырҕата турара үһү… Ол ыккардыгар онтон-мантан, таба көрөн, муста охсубут эр дьон «ииримтийбит» киһини тутаары гыммыттарын эмээхсин саба саҥаран тохтотон кэбиспит. Күөлгэ тумустаан киирбит арыы тыаны бата кэлбит улахан уот, ыһыахтыыр түһүлгэ аҥаар эҥэлэйинээҕи кэккэлэһэ турар үс остуолбаны өрө салаан иһэн, тоҕо эрэ, намыраан тохтоон хаалбыт, атын сэргэлэргэ, баҕахтарга чугаһаабатах…

Баһылай, ала-чуо, уот салаан кэриэрдибит, киһи астына кууһар суоннаах үс остуолбаны, үһүөннэрин, көрүөх бэтэрээ өттүнэ, сытыы сүгэтинэн аҕыйахта батарыта, олуйута охсон түҥнэртээн кэбиспит… «Иирбит» киһи күүһэ – уон төгүл эбиллэр» дииллэрэ кырдьык. Дьон чугаһыахтарын да куттанан, саллан көрөн турбуттар… Баһылай буоллаҕына остуолбалары кэрдээт да, соругун сиппиттии, дьиэтигэр тахсан хаалбыт. Атын чугас турар, таһынааҕы сэргэлэри тыыппатах…

Ыһыахтыыр сиргэ ыраахтан көстөн дьэндэйэн турбут аарыма үс остуолба – мин Быркылаахха кэлиэхпиттэн бааллара. Итилэри өссө өрдөөҕүтэ, Балаҕаччыга баар Бокуруоп таҥара дьиэтин үрэйиэхтэрин быдан иннинэ – муннулара, кулгаахтара сиириллибит, көскө утаарыллыбыт, хайа эрэ кэлии дьон туруорбуттара эбитэ үһү. Үс остуолбаттан ортокулара дьабалааҕа. Урут өссө кириэстээҕэ эбитэ, ону саҥа тэриллибит артыал суруксута Дьуонап Куруступуор (Тэмтээкэй), «сэргэ» кириэстэммэт баҕайыта диэн туура охсубута – киһи быһа ырбайан турарын курдук дьэллэҕэстээҕэ… Эбэ диэки остуолбаны тоҥсоҕой хас да сиринэн тобулута тоҥсуйан кэбиспитэ чөҥөрүһэллэрэ…

Баһылай, кэлин эмиэ, хаста да дьиэтиттэн тахсан барыталыы-кэлитэлии сылдьыбыт, ол иһин туспа «хаайыы» оҥорон онно туппуттар. Хоһун түннүгүн, ис өттүнэн, атырыа гына титиригинэн саайталаабыттар. Убайым, ардыгар, ыһыытаан-хаһыытаан, араастаан баллыгыраан «ыарыыта» аймыырын биллэрэр, ол эрээри охсуоланан-тэбиэлэнэн содуомнаммат; үксүн, биир сири тобулу одуулаан хоҥкуҥнуу-иэҕэҥнии, утуктаабыт, сылайбыт киһилии туттан уһун күнү быһа оронугар олорор. Сороҕор, эмискэ тэһэ баран, туох да дьалаата суох күлэн саһыгырыыр… Аһын эбэм киллэрэн биэрэр, кини кэннэ ким да Баһылай «уораҕайын» өҥөйбөт. Тимир иһиккэ уурбут аһын, киһи таҕыстаҕына эрэ бэрт дуона суоҕу сиир быһыылаах, ууну буоллаҕына харса суох иһэр… Бэрт кылгас кэм иһигэр дьүһүнэ-бодото биллэрдик, лаппа уларыйбыт…


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 13 14 15 16 17 18 19 20 21 22 23 24 25 26 27 28 29 30 31 32 33 34 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации