Текст книги "Ийэм кэпсиир… (4 чааһа)"
Автор книги: Семен Маисов
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 17 (всего у книги 34 страниц)
Икки атахтаах өрүһүйэр, абырыыр үтүө сыһыанын билбит Дьөһөгөй оҕолоро дэҥҥэ-оһолго түбэстэхтэринэ: маска атылыннахтарына, кыыл тардан эмсэҕэлэттэҕинэ – өрүһүйтэрээри, эчэйбиттэрин эмтэтээри бэйэлэринэн кэлэн дьиэ айаҕыттан арахпакка аймана иҥэрсийэр, кистиир үгэстээхтэр. Сылгы – хор, оннук өйдөөх.
Ким, туох-хайдах: айыы дуу, абааһы дуу майгылаах киһи айааһаабыта – миҥэ быһыытыгар дьэҥкэтик көстөр.
Үөр сылгы эмиэ сылгыһыты иччи оҥостоллор, сылгыһыт саҥатыгар үөрэнэллэр, кини ыйыытын-кэрдиитин толороллор. Бэл суол арахсыыта кэллэҕинэ, тохтоон иччилэрэ хайа диэки ыйарын, кэннилэрин хайыһан болҕойон кэтэһэн, өйдөөх аҕайдык көрөн-истэн ахан турар буолаллар.
Мин сылгыны оҕо эрдэхпиттэн сүрдээҕин кэрэхсиибин. Дьөһөгөй оҕолоругар сыһыаннаах сэһэн-тэптэл, кэпсэтии буолла да бэркэ сэргэхсийэ түһэбин. Тугу истибиппин, билбиппин-көрбүппүн, чорботон сэҥээрбиппин, хаппыкпар хатаан, иҥэринэн иһэбин…
Айдаҥҥа кэлиэхпиттэн хас да аты миинэ, көлүнэ сырыттым. Ордук элбэхтик атах тардыстыбыт атым – Үргэл. Миигин иччи оҥостон, көрдө, сыппын ылла да иҥэрсийэ түһэр. Киһи эрэ аһыныах унаарыччы көрбүт өйдөөх харахтардаах, көрсүө, сымнаҕас сылгы. Биир үксүн ол да иһин дохсуннук соруйан айаннатарбыттан туттунабын, холус сыһыантан аны баҕар хомойуо диэх курдук саныыбын. Дьэ ол оннугар тордуос, ахсым акка түбэстэхпинэ (сорукка, илдьиккэ ыыталларыгар, ыксалга араас ат барыта баар буолар) ходьороҥнуур, илгэ сатаан көппөрөҥнүүр буоллаҕына – ахсымнык ойутан сыһытаары тиҥилэхтиэххэ да сөп. Ат үксүгэр илииҥ «кытаанаҕын» биллэр эрэ, сонно тута сыһыйар. Сылгы – куттанар киһини эндэппэккэ билэр, дьик-дьах туттан дьаарханаргын, толлоргун сэрэйдэ да чугаһаппат, өссө эбии бэрт буолан өрүтэ көтүөккэлиир, атын аҕай айманан айгыстар.
Хоту сир сылгыта – дьиэ сүөһүтэ диэн ааттанар эрээри, дьиҥэ тайҕа кыылын-сүөлүн курдук уһуу харамай, икки атахтаах суоҕа да эбитэ буоллар, ийэ айылҕатыгар, өлөн-быстан хаалбакка син сылдьыа этэ, оттон ынах сүөһү – киһи көрүүтэ-истиитэ суох хааллар эрэ, имири эстэрэ чуолкай. Саха сылгытын соноҕоһо – киһиэхэ сыстаҕаһа суох, үүнү, сулары хаһан да кэппэтэх сүөһү дэлэ буолуо дуо, быаны-туһаҕы сөбүлээбэт, охсуһа сатыыр, өчөһөр, барылаччы кистээн утарсарын хайаан даҕаны биллэрэр. Дьиҥинэн итиннэ киһи туох да омнуолуура суох – ахсым, тилигирэс сылгыны дьон ордук сөбүлүүллэр. Оннук сылгы айааһанан сыһыйдаҕына ааттаах көлөҕө, миҥэҕэ кубулуйар.
Холкуоспут сэрииттэн эргиллэн кэлбит дьоно кэпсииллэринэн – соҕуруу дойду аттара үксүлэрэ киһини батыһа сылдьар сымнаҕас сигилилээх; дыраҕар, үрдүк уҥуохтаах буолаллар үһү. Айаннара сыыдама сүрдээх, наар атаранан, бөтөрөҥүнэн эрэ көтүтэллэр дэһэллэр. Ол оннугар тымныыны тулуйбаттар эбит, кыһын хаһааҕа тураллар, аны эттэрин киһи сиэбэт «көлөһүн» амтаннаах үһү. Биһиги сылгыбыт этин онно холоотоххо «айыы дьонун аһылыга» дэһэллэр. Буолумуна, сахалар сылгыбыт ураты сиргэ-уокка үөскээбит, туспа уһуу тыыннаах; сөлөгөйдөөх, сүмэлээх эттээх-сииннээх дьиҥ айылҕа оҕолоро барахсаттар буоллахтара. Аны кыыл кэриэтэ сылгылар быһыылара-таһаалара, күүстэрэ-уохтара да эмиэ биир оннук. Ол мээнэҕэ буолбатах. Саха сылгыта тыйыс, унньуктаах уһун кыһыны быһа халыҥ тоҥуу хаары хаһан, олоон аһыыр, сайынын – күөх көнньүөс мутукча күн уотуттан хоҥкуйа ууллан, бычалыйбыт сымалатын сытынан сири-дойдуну тунуйбут эймэҥнэс үөннээх-көйүүрдээх сырылас куйааһын тулуйан туоруур, араас сиэмэх адьырҕалардыын, ардай аһыылаахтардыын утарсар кыахтаах буолуохтаах…
Быалаах-туһахтаах сылгыга ыкса чугас сылдьар ордук. Өскөтүн сыста турар киһини такымынан тэбэр да түбэлтэтигэр улаханнык эчэппэт, хаһыйан, илгэн эрэ кэбиһэр. Оттон тэйэ турар киһини кууһуннаран туйаҕынан тэптэҕинэ, дьэ кырдьыга да, сиир. Хаһан баҕарар, сыстаҕас киһини сылгы билэр, туттаргыттан-хаптаргыттан куттаммаккын сэрэйэн, маҥнай эрэ тургутан көрөн баран, бас бэринэн кэбиһэр.
Миигин, холкуоһум дьоно бары: «Аана сылгыга сыстаҕаскын, сылгыһыттыаххын сөп», – дэһэллэр. Ону мин кинилэр тоҕо итинник этэллэрин өйдөөбөппүн, баҕар оҕо буолан оннук санаан эрдэҕим. Көрдөхпүнэ киһи барыта ат миинэр, көлүнэр курдук. Сылгы тэлэкэчийэригэр, тэпсэҥэлииригэр, кырдьыга да, төрүт кыһаммаппын, мэлдьи ат күөнүн анныгар сылдьабын, тыыннаах сүөһү аата ама хайдах хамсаныа-имсэниэ суоҕай, талах ат курдук туруо дуо дии саныыбын. Баҕар, кыһыннары, сайыннары холкуос хайа да үлэтигэр харса суох хачыгырайан, этим-сииним чэгиэнэ бэрдиттэн, бэйэбин тэптиргэ курдук сананарбыттан – сылгы мөхсөрүгэр кыһаллыбатым буолуо, санаабар ат бырахпытын, сыыһа туттаран илгибитин да иһин, син биир чэпчэкитик, сымнаҕастык кэлэн түһүөм, охтуом дии саныыбын уонна оннук буолар даҕаны.
Сылгыттан туох да суота-солуута суох куттанар дьон баар буолаллар, бэл сымнаҕас аты миинээри гыннахтарына, иҥэһэҕэ атахтарын төбөтөн уга-уга төттөрү ылар, биир кэм тэпсэҥнээ да тэпсэҥнээ, дугдуҥнаа да дугдуҥнаа буолар дьон. Оннуктары оннооҕор оҕус курдук сымнаҕас быһыылаах аттар сэнээннэр мииннэрбэттэр, үрдүлэригэр көрбөттөр.
Нэһилиэкпит кырдьаҕаһа Киспэ Борокуоппай: «Дьиҥ сылгыһыт диэн син биир – улуу олоҥхоһут, чулуу уус кэриэтэ, хомуһуннаах ойуун, удаҕан курдук айылҕаттан ураты айдарыылаах, туспа айылгылаах, оҥоһуулаах киһи», – диир. Мин испэр «олус дарбатар дуу» дии саныыбын да, ону таспар биллэрэн, ытык кырдьаҕаһы утары саҥарбаппын, «баҕар буолуо ээ» диэн мээнэ тыл ускаҕын курдук истэн кэбиһэбин…
Дьиэ таһыгар аттар тибилийэн кэлбит атахтарын тыаһа, саныы олорбут санаабытын, кэпсэлбит кылыытын быһа тутан кэбистэ…
Ат сүтүктээх уолаттар буолаллара ньамалаһар саҥаларыттан тута биллэр, күлсэн саһыгыраһаллар…
Халҕан тэлэллэ түһээтин кытта, уҥа илиитин бүлгүннэри, тоҕонохтору сиидэс таҥаһынан хамса умнаһын курдук хам эрийтэрбит Киэсэ Дьохсоороп дьиэ ортотугар биирдэ баар буола түстэ:
– Эбээ кэпсэлиҥ? – диэн саҥаран-иҥэрэн куппутунан барда. Киэсэ кэнниттэн: биирдэһэ – миигин кытта араа-бараа саастаах, атына – отой да уончалаах эрэ уол саппай уопсан киирдилэр. Көлөһүн-балаһын аллан, көрөн-истэн дьэргэлдьитэн эр бэртэрэ, элик үтүөлэрэ быһыылаах. Буһан-хатан бурулуспут, күн уота килэриччи сиэн арыы-сыа аллыбыкка дылы ньалҕарыспыт сирэйдээх-харахтаах уолаттары көрөн, киһи эрэ сүргэтэ көтөҕүллэн сэргэхсийиэх айылаах. Мин өссө аһары баран, «бу, ортоку уолу кытары тустан көрбүт киһи» диэн тэбэнэтирэ санаан аһардым, онтон ити санаам солуута суоҕуттан бэйэм да сонньуйдум.
Эбэм оһоҕун чанчыгар туран, ис киирбэхтик мичээрдии-мичээрдии, кыра уолаттары сүүһүн аннынан сүргүччү көрөр:
– Бу дьону көр, бу – хаҥыл атынан хоноһутар, айаас атынан атаралатар, дохсун атынан доллоһутар дьон үһүлэр, бу… ыа дьэ, ыамайдар дии, – диэн уолаттары аһынан биир кэм ымманыйар, хайдах да буолуон булбат. – Чэ, олоруҥ, туруоххут дуо, тамаххыт хатан, утатан да иэдэйдэххит… – долбууртан хончоҕордору ылан, ыалдьыттарын аһатаары түбүгүрбүтүнэн барар. Мин эбэбэр көмөлөһөн лэппиэскэ быһабын, чабычахха кутуллубут быраҥааттаттан эбии ылан нэлэгэргэ өрөһөлүү кутабын.
Киэсэ сылдьа үөрүйэх киһи букатын дьиэлээх киһи курдук, кыра уолаттар урут өҥөйбөтөх сирдэригэр киирэн, сонун ыалдьыт сиэринэн сүрдээх оттомноохтор, биир кэм дьиэ иһин сыныйа, эргиччи көрөллөр, Уоһа Суох Маарыйаны бэркэ дьиктиргээн одуулаһан ылаллар.
– Ким диэн ааттаах-суоллаах дьоҥҥутуй доҕоттор бу? – Уоһа Суох Маарыйа ыйытар.
– Мин Дьэкиим диэммин, оттон бу киһи аата Ходьох диэн, – дии-дии, миигин кытта иэл-тиэл саастаах уол, ыксатыгар олорор доҕорун сөмүйэтинэн ыйар, онуоха биирдэһэ атын аҕайдык өрө татыалана түһэр:
– Ээ сымыйата, Ходьох диэн аата суохпун, түөкүнэ, мин аатым – Ньукууһа…
Дьохсоороп күлэн күһүгүрүүр:
– Атастарым дьэ бэрт бөтөстөр, киһи аргыстаахпын диир дьоно, – диир.
Мин ааны өҥөйөн былтайан туран уолаттар бүтэй аанын ыксатыгар баайбыт аттарын кыҥастаһабын: быакайбыт истээх улаан уонна саарыл соноҕостору кытары баарыын Сөдүөт миинэ сылдьыбыт сур Хаарбаһа иһэ дээдэйэн турар. Дьохсоороп ат уларсыбыт.
– Ити саҥа айааһанар соноҕостор дуу? – диэн, аһаан-сиэн бүппүт киһи быһыытынан, оһох иннигэр нөрүйэн, хамсатыгар табах уурунан тардан эрэр Уоһа Суох Маарыйа ыксатыгар, талах олоппоско кэлэн чөкө олоро-олоро ыйытабын.
– Ээ, быйыл саас ыҥыырдаммыттара, – Дьэкиим чап гыннаран хоруйдуу охсор.
– Миэнэ эмиэ, – диир кыра уол.
– Оччоҕо ити соноҕостору эһиги икки эр-биир миинэн кэллэххит?
– Ээ-ҥэх… – уолаттар тэҥҥэ хоруйдууллар.
– Бээрэ, ол аата ити бэтэрээ турар, баҕа курдук бахчайбыт истээх, быһыы-таһаа мааныта көлө, дьэ чырбайан түһэн ат да ат – Киэсэ киһи киэниҥ буоллаҕа, – диэбиппэр кыра уолаттар күлэн тоҕо бараллар, чэйдэригэр чачайан ылаллар.
– Аана, онтон буолумуна, сырбай аты сыһытар сылгыһыт тахсыах кыыһа… – Киэсэ сыа бырдырҕас быраҥааттаны бэрт минньигэстик ньэлибирэтэ-ньэлибирэтэ күлэн ыгыстар.
– Акка ордук сүрүнэ – сымнаҕаһа, ол кини тас таһаата төһө да бэскэйдин, чуочайдын. Хаарбаһыҥ, бэйи, кэмигэр былдьаһыкка сылдьар ат, – диэммин холкуоспут оҕус курдук сымнаҕас, оҕо, дьахтар сайыннары, кыһыннары сөбүлээн үлбүрүйэр аттарын хайгыыбын. Сылгы быһыыта сымнаҕаһа кыаҕыттан тутулуга суох. Холкуоспут хаамыылаах атын Намылыйа Маҥаны ыҥыырдыыргар өрөҕөтүн аннынан нөҥүө таҕыстаххына да кыһаллыбат сүөһү, дэлэҕэ оҕолор кутуругун өрө оонньуохтара дуо.
– Оннук-оннук… – Уоһа Суох Маарыйа тута сөбүлэһэр. – Итинтиҥ сааһа ыраатта, туома мин бу өтөххө кэлиэхпиттэн баар сылгы, төһөтө эрэ буолла?
– Отутугар чугаһаатаҕа – эбэм хоруйдуур. – Киэсэ сэрэнэн илдьэ сылдьаар, кырдьаҕас сүөһүнү.
– Тыый, туох диэн эттэҥий… Чаачарбын мииммит киһи дуу диэх курдук эмиэ саныыбын ээ…
– Эс, кэбис доҕор, бу да уолу… Өлүөр кэмҥэр төлө ыытар аата, эчэйэн баран өссө дураһыйар ээ, убургу санаата харса суоҕун, – эмээхсин үөс-батааска биэрбэккэ саба саҥарар. – Бу уолаттарга эмиэ мииннэримэ, ат киһини оһоллоотор эрэ оһоллуу турааччы… Чабынай – чахчы үтүө сылгы, сатаан сыһыттахха, мааһын таптахха талыы, толомон миҥэ тахсыаҕа. Ити сүөһүнү билигин ыытан кэбис, саас үчүгэйдик көрөн-истэн, наллаан, алыс быһа түһэрбэккэ сыарҕатыгар көлүйүҥ, чэчиэккэтин оннугар ыҥыырдаан, сөп соҕустук тардыылаан үлэҕэ сырытыннарыҥ, дэлби мускуйан, имэрийэн-томоруйан үлбүрүйүҥ, оччоҕо дьэ туох-хайдах буолар. Күһүн, сир харатыгар айааһаамаҥ, хаар хаҥыар диэри эмиэ көлүнэн баран, сылгыга мииниҥ. Сылгы сырсыытыгар хайа да хаҥыл ат сыһыйар, уоҕа тахсар баҕайыта… Сайын ортото, күөх оту тото сиэн, сыа анньа сылдьар сүөһүнү тутаат, дьоҕойон баайбыта буолаат мииммиккит кэннэ мөхсүмүнэ, сымнаҕас да сылгы көппөрөҥнүүр ини.
– Оннук ээ кырдьык… – диир Киэсэ.
– Сайын үтүөтүн биллин. Сылгы бэйэтэ да баччаҕа, үөн-көйүүр тарҕаан бардаҕына наллаан аһыыр, уойар кэмэ. Дэлэҕэ Дьөһөгөй оҕотун сылга үстэ эрэ тотор диэхтэрэ дуо… онтубут да балаҕан ыйын устатыгар… – эбэм утары этиппэттии, үөс биэрбэттии ылыннарыылаахтык сүбэлиир.
Дьэкиим уол ким хайа иннинэ аһаан бүтээт, уоһун-тииһин сотто-сотто оһох иннигэр кэлэн, хаптаһын олоппоско олорон, Уоһа Суох Маарыйаттан мохуорка бэриһиннэрэн ылан, хаһыат кумааҕытыгар суулаан табах тардан тараадытар, бэркэ диэн астынар, улахан киһилии дьоһумсуйа туттар, көхсүн этиппэхтээн ылар. Дьэкиим икки өттүгүнэн култайан тахсыбыт, нуучча тигиитэ саҥа кэлипиэ ыстааннааҕын көрөн Уоһа Суох Маарыйа:
– Хайа, бу уол саллаат ыстааннаах эбит дии, хантан маннык мааны таҥаһы булан таҥынныҥ, нөйөн? – диир.
Дьэкиим сирэйэ-хараҕа куһаахарык буолан саппаҕыра түһэр, үөһэ тыынар.
– Бу, убайым Мөөкөйөөн ыстаана, миэхэ кэһиитин аҕалбыта, – диир, онтон тохтуу түһэн баран: – Сыл буолла убайым өлбүтэ, былырыын баччаҕа өссө баар этэ… окко сылдьыспыта… Сэрииттэн агдатыгар бааһыран эргиллибитэ, наар хаҥас өттүнэн эрэ утуйааччы… икки сылы быһа… Сэнэрээт бытархайа, үлтүркэйэ ойоҕоһун тоһутан көҥү көтөн тыҥатыгар тохтообутун, быраастар ылбакка эрэ дойдутугар ыыппыттар этэ. Куруук сэбиргэҕин имэринэн тахсааччы… Былырыын, балаҕан ыйын саҥатыгар, сай ортотунуу куйаас, үчүгэй да күннэр турбуттара… Иккиэ буолан өтөхпүтүттэн аҕыс биэрэстэлээх Амтаҕар көлүйэтигэр, дулҕа сиэлин тиниктээн, талах быыһын кыһыйан, кыһын аппыт сииригэр диэн, боскуйа кэбиһэ сырыттахпытына, эмискэ айаҕынан, муннунан хаана тоҕо баран охтубута уонна сол курдук сүгэн испит бугулугар сыппытынан өлбүтэ… Убайбын, дьиэбэр бэйэм сүгэн аҕалбытым… Улахаммыт Дьөгүөр бастакы ыҥырыкка барбыта, сылы кыайбатынан «хара сурук» кэлбитэ. Иккис убайым ол Мөөкөйөөн этэ, оттон үһүс убайым Устуун түөрт уон үс сыл күһүнүгэр эмиэ бэбиэскэ тутан барбытын айыыта, ууга тааһы бырахпыттыы мэлигир, үс кылаас үөрэхтээх, хайаатар да суруйуохтааҕа, суруйуом ахан диэн ийэтигэр элэ тылын этэн аттаммыта уонна күн бүгүнүгэр диэри туох да быркы, сурах-садьык суох. Өлбүтүн да, сураҕа суох сүппүтүн да туһунан биллэрии туппатахпыт. Ийэм хассабыык кыыс хас кэллэҕин-бардаҕын аайы, баҕар туох эмэ биллиэ диэн эрэҥкэдийэр да… Баҕар… ол эрэн суруйбата дьикти, төһө да муммутун-тэммитин иһин, саатар биир эмит сурук кэлиэ этэ буо…
– Дьикти эбит, – диир Уоһа Суох Маарыйа.
Дьохсоороп оһох кытыытыгар сыр-сыр сырдьыгыныы турар дьэс алтан чаанньыгы иҥнэрэн хончоҕоругар итии ууну кулдьугураччы кутта-кутта:
– Мин бу дьоҥҥо этэбин ээ, Устуун баҕар, туох эмит ураты, улахан кистэлэҥ чааска сулуусубалыы сылдьыан сөп диэн… Туох эрэ үөдэн диэбиттэрэ ээ, ити, төбөбүттэн көтөн хаалбыт, умнан кэбиспиппин. Оннук кистэлэҥ чааска сылдьар саллааттар дьонноругар сурук да суруйаллара көҥүллэммэт үһү… Бэл «бобуулаах» кинигэни уурунан турар ыалы ити айылаах дьыалаҕа-куолуга эрийэллэр, сөрүүллэр оттон онно тугу этиэҥ баарай, көрүү-истии, хонтуруол диэн кытаанааҕа буоллаҕа.
«Бобуулаах» кинигэ диэн Киэсэ «норуот өстөөҕө» ааттаммыт дьон кинигэлэрин ааттыыр. Мин Ойуунускай кинигэлэрин хас ааҕар балаҕан, баар ыалын аайыттан ирдэһэн туран хомуйан түөрэтин уоттаабыттарын истэн турабын.
– …Кини сэриигэ айаннаан иһэн, байыаннай үөрэхтэрин кэмигэр суруйбут суруга саатар кэлиэхтээҕэ… – Дьэкиим сирэйэ-хараҕа «баҕар» диэн эрэл кыымыттан саҕыллан, оҕо киһи сиэринэн биллэ сэргэхсийэ түһэр. – Дьиҥнээх сэрии уотун-күөһүн хонуутугар диэри бэрт уһуннук айаннаан тиийэллэр ини, ама ол тухары…
– Ээ, араас буоллаҕа, ыксаллаах, быһымах быһыы-майгы кэмигэр сонно тута утаарыахтарын эмиэ сөп.
– Хата, биир эмит үтүө күн, Устууммут эмискэ көтөн түһэн соһутуо, – Ньукууһа доҕорун алы гынан санаатын көтөҕө сатыыр.
Дьэкиим дьиэ муннугун тобулу одуулаан, мэндээриччи көрөн таалан олорон, сылаанньыйбыт киһилии сирэйин сэгэччи туттан мичээрдиир:
– Үчүгэй да буолуо этэ… Устуун киирэн кэллэҕинэ… Сэрии бүппүтэ хайыы-сах сылтан орто, ол эрээри үгүс дьоммут билигин да эргиллэ иликтэр, сурах-садьык хоту иһиттэххэ, ыаллыы холкуостарбытыгар, субу-субу, биирдиилээн, сэриигэ барбыттар биллэ тураллар. Өссө сорохтор суруктарыгар суруйаллар: «…Биир, икки сыл салгыы сулууспалыыр үһүбүт, онон алыс күүтүмэҥ…» – диэн. Ити бэйэлэрэ баҕаларынан хаалаллара эбитэ дуу, ынарааҥҥылар дьаһаллара эбитэ дуу?..
– Ама баҕаларынан хааллахтарай, дьаһал кытаанаҕа бэрт буо, байыаннай дьыала тойотторо бирикээс таһаардылар да бүттэҕэ дии. Дойдуларын ахтан аҥаардара хаалан нэһиилэ сылдьар дьон наһаа тутулла сатаабатылар ини, – диэн тус бэйэм санаабын быктарабын.
– Оннук ээ… – Дьэкиим сөбүлэһэ охсор.
Баара суоҕа уончалаах, уон түөртээх-биэстээх уолаттар диэтэххэ, тыллара-өстөрө, сиппит-хоппут улахан киһилии лоп бааччы, ырааҕы-киэҥи эҥсэн эргитэр ылыннарыылаах, ыпсарыылаах саҥа-иҥэ; тутта-хапта сылдьаллара даҕаны биир оннук, дьоһуннаах ахан. Ол эрээри, оҕо дьон тэбиэһирэллэрэ, харса суох ордук хос тэлэмээттэнэн сүүрэллэрэ-көтөллөрө ханна барыай. Оннук да майгылаах буолан, араас эгэлгэ быһыылаах ахсым аттары миинэн, сыһытан эрдэхтэрэ. «Эрэй олохтоох эдэр – эрдэ ситэр, кыһалҕа олохтоох кыра – кыччыгыйыгар кыанар» диэн мээнэҕэ эппэттэр. Сэрии аас-туор, кыаммат-түгэммэт ыар сылларын эҥээрдэринэн тэлбит оҕолор түөрэ да, бэл сирэйдиин-харахтыын ала бэлиэ, ураты курдуктар, барыга бары болҕомтолоохтук, кыраҕа да кыраҕытык сыһыаннаһаллар.
Уоһа Суох Маарыйа эмискэ тэһэ санаан Илин Кыргыдай уолаттарыттан:
– Били, Оппуос Ньукулайы кэргэннэммит дииллэр, ити кырдьык дуо? – диэн ыйытар.
– Кэргэннэнэн, ойоҕо Маанньа – хат, эн этэҕин… – Киэсэ сиидэс ырбаахытын бэлэнньигинэн сүүһүн көлөһүнүн соттор. – Ньукулай бэйэтэ суотчуттуур.
Оппуос Ньукулай диэн «Чернышевскай» холкуос чилиэнэ. Сэрииттэн хаҥас атаҕын сототун ортотунан, уҥа илиитин бэгэччэҕинэн мэлитэн кэлбит киһи кэргэннэммитин, өссө оҕолоноору сылдьар сураҕын, үлэлэммитин-хамнастаммытын бары сэргии иһиттибит.
Эбээ Киэсэ сонунун сэҥээрэн:
– Үтүө олоххо харса суох тардыһар, санаатын түһэрбэт киһи – өлөн-охтон биэрбэт, кэннигэр хаалар кэнчээри ыччаттаннаҕына дьоло. Ньукулай диэн киһи киһитэ буоллаҕа, бэл хаппыт үөт төрдүгэһиттэн үөл лабаа үүнэр…
– Оппуоһуҥ аны ат үрдүттэн түспэт буолла ээ. Чооруос диэн аты кымньыыланар өттүнэн мииниллэр гыммыт, урут наар аттанар эҥээринэн көрө сылдьыбыт сүөһүнү хайдах итиччэ дөбөҥнүк үөрэппитэ эбитэ буолла, – диир Дьэкиим.
– Чооруос сымнаҕаһа бэрт… – Ньукууһа кэпсэтиигэ кыттар.
– Буолтун да иһин, мин оттон бу саас Харачааһынан сылгы сылгылыы сылдьан дьээбэрэммин соххор өттүнэн түспүппэр сиргэнэн, хата, иҥэһэҕэ ыйана сыспытым, – Дьэкиим сааскы быһылаанын санаан баһын быһа илгистэн ылар.
– Ээ, онтон, атыттан, киһититтэн да гынан эрдэҕэ, – диир Уоһа Суох Маарыйа.
Чоойуннаах таска тахсан бүтэй тоһоҕотугар бааллан турар соноҕостору тула хаама сылдьан көрөллөр-истэллэр…
– Аттарга чугаһаайаҕыт, бадьыыстаайаҕыт, сээкэйинэн тамнаайаҕыт! – ааны өҥөйөн туран ыһыытыыбын. Кыра уолаттар «дьээбэ» дьон. Биирдэ куораттан боломуочунай тахса сырыттаҕына улахан араллааны, моһуогу оҥорон тураллар. Аҕамсыйбыт аҕытаатар Тэһэкэлэр тастарыгар, Күртэ Хабырыыл сыарҕалаах атынан балбаах тиэйэн иһэрин утары көрсөн, тохтоон, атын тэһиинин босхо ыытан сээкэйи баллыгыраһа турдаҕына – Чоойун, тоҥ сылгы сааҕынан боломуочунай атын самыыга бырахпытыгар, сылгы сиргэнэн эмискэ ойуутугар, киһи көлөтүттэн эһиллэн, көп сиринэн дьигдигэ кэлэн түһэн, быарын доргутан тыынын нэһиилэ ылан турардаах… Бараан бэргэһэтэ туура ыстанан, хабах курдук киччэччи кырыллыбыт тараҕай төбөтө хаххата суох хаалбыт, муннун анныгар чоҕу силлээн баран сыһыарбыкка дылы ойдом бытыктаах, аҥаар хараҕа эргэлээх, эт лахса мэскэллибит боломуочунай тыын ыла сатаан, кытылга быраҕыллыбыт собоҕо дылы, айаҕын оппоҥното олорорун көрөн, уолаттар сонно тута тилэхтэрэ хараарбыт… Чоойун улахан иҥэ-дьаҥа суох көрсүө уол, хаһан да холустук дьээбэрбитин өйдөөбөппүн. Кэлин ааһыах-ааспытын кэннэ: «Тоҕо итинник быһыыламмыккыный, хата, киһини өлөрө сыспыккын буолбат дуо?..» – диэн ыйыппыппар Чоойун: «Ээ, оттон… биһиэхэ чаайдыы киирэ сылдьан, бэйэбит эрэ олордохпутуна, аҕабыт суоҕар, боломуочунай ийэбин саҥарбыта… ээ саҥарбыта диэн… туох эрэ диэн суустаабыта, өссө ымаҥныы-ымаҥныы… онуоха ийэм: «Ама да биһиги буолбуппут иһин…» – дии-дии ытаабыта… ол иһин…» – диэн уол бэрт эридьиэс кэпсэли кэпсээбитэ. Мин боломуочунай нэгэйдик, быдьардык быһыыламмытын сэрэйбитим, испэр улаханнык сүөргүлүү санаабытым. Биһиги, куораттан тахсыбыт, үөрэхтээх, маанытык таҥныбыт тойон, хотун буоллулар да – дьон үтүөлэрин, бэртэрин курдук саныырбыт, онтубут дьиҥ иһигэр киирдэххэ, сорохторо баҕас тастара эрэ таманыраллар быһыылаах. Били, этэргэ дылы «килбэчийэр эрэ барыта көмүс буолбат». «Чоойун, кэбис, төһө да киһиэхэ өстүйтүҥ иһин, куһаҕаҥҥа куһаҕанынан хардарар сатамньыта суох мөкү быһыы, аны итинник гыммат буол…» – диэн сүбэлээбиппэр уол «ыыҥх» диэн хардарбыта. Оҕо улаханнык хоргуппут хом санаата, абата, өһүөнэ – хор, итинник диэлийэн тахсан иэдээҥҥэ тиэрдиэн сөп…
Чабынай Чаачарын Муосталаах эбэ таһыттан туппуппун истэн уолаттар ат отой кинилэр үөйбэтэх-ахтыбатах хайысхаларын тутуһан барбытын дьиктиргээтилэр. Дьэкиимнээх тиэрэ көрдүү сылдьыбыттар.
– Ханна эрэ, хайа эрэ түбэҕэ, биир ааттаах сиргэ тиийэн иҥнэн, сүтэн хаалта буоллар ат төлүө эбиппин. Кэйээриннээн да булбаттааххын. Дьыалам хаахтыйыа эбит… – Киэсэ баһын быһа илгистэр.
– Суолун муннарар сүөһү эбит, – диир Уоһа Суох Маарыйа. – Урут биһиэхэ Көтүппэт арай атын уҥуох-тирии сүтэрэн турар.
– Хайдах?.. – дии түһэр Ньукууһа.
– Буодьаайылаахха тайахтыы сылдьан. Сир харатыгар, кыыл хааһар кэмигэр, кулуһун уотугар хоно-хоно сири сиксигинэн эргийэр киһи этэ. Өлөрбүт тайаҕын араҥастаан баран, дьуолка туруорбакка, эркээйи охсубакка, үксүгэр булааччыта суох. Ол хайа эрэ биир ааттаах дойдуга охторбут кыылыгар, баҕар, ырааҕа, чиэскитэ, мунааҕа бэрдиттэн саллан да барбата буолуо.
– Оччоҕо тоҕо бултуур?
– Оттон, оннук адьынаттаах, көҥөс бултаах киһи этэ. Дьон Көтүппэт араҥаһыгар түбэһэ түспүттэрин туһунан элбэхтик кэпсээччилэр… Хайа эрэ, уруккута бүтүннүү уот сиэбит куруҥар, ыт мунна баппат ычыкыннаах сиргэ, хас да күнү быһа кураанах сылдьан баран тохтоон, атын түбэһиэх титириккэ баайан баран, куобах ытан ылан сиэн үссэнээри ыркыйы, симилэҕи кэппит, ол сылдьан, халыҥ былыттаах күн туһаайыытын сүтэрэн, хайысхатын бутуйан, отой таһы-быһа мунан хаалбыт… Иккис күнүгэр билэр үрэҕэр киирэн, ону батан үүтээнин үһүс күнүгэр булбут… Сылгыһыт уолаттары илдьэ тахсан, атын көрдүү сатаабыттара да булбатахтара, сол курдук сүппүтэ. Кэлин, хойоот, хас да сыл ааспытын кэннэ, ити Чөөдүү биитэ Хочунуоп, Баһылаайап Дьөгүөрү кытары эмиэ тайахтыы сылдьаннар, Көтүппэт атын өлүгүн булбуттар этэ. Сол курдук били бааллыбыт титиригэр күҥкүйэн өлбүтүн…
– Оо, тоҕо сүрэй… – Дьэкиим кэпсэли истэн, аты аһынан, саллан саҥа аллайар.
– Дьэ оннук… Мээнэ билбэт сиргитигэр-уоккутугар сылдьан аккытын бэйдиэ хайа түбэһиэх иҥиннэрэн баран барбат-кэлбэт буолуҥ… Көтүппэт ата сордоох, быаҕа үөрүйэх сылгы хаһан мөхсүөй, таас ычыкын быыһыгар, иччитин кэтэспитинэн, төһөлөөх эрэ сору-муҥу көрөн, уҥуох-тирии буолан өлөөхтөөтө. Куобах сутуйан үөскээбит дьылыгар, саас от-мас төрдүн моойдуурун курдук, бааллыбыт титиригин түөрэтин үлтү көмүллээбитэ куура хатан турара үһү…
– Синньигэс да титирик түбэспэтэх ээ, баҕар тоһутан босхолонуо этэ, ол эрээри быата-туһаҕа эмиэ баар, ханна эрэ иҥниэ… – диир Ньукууһа.
– Хочунуоп кэпсииринэн, сулуйара суох охтубут аты бэл кыыл-сүөл аанньа сиэбэтэҕэ, тоҥсуйбатаҕа үһү, уҥуоҕа бар-туом ыһыллан, чуочаччы хатан сытар этэ диэбитэ. Көтүппэккэ көрдөрөөрү үүнүн уонна холунун тимирин устан аҕалбыттар этэ.
– Оттон ыҥыырын?..
– Ээ, ыҥыыра хайа хаарга-самыырга былыр сытыйан, эмэҕирэн бүттэҕэ дии. Тимирэ хаалта буолуо да, ол бэйэлэрэ таһаҕас-иһэҕэс, сыма, төргүү бөҕөтө буолан иһэр дьон ону хомуйуохтара, хараныахтара дуо… Көтүппэт атын сүтэрбит сылыгар, ааттаах тайахсыт ыта эмиэ ууга тааһы бырахпыттыы мэлийбитэ, уонна кэлин букатын ыт турбат киһитэ буолта. Дьалаҕай быһыыттан тахсыбыт аньыы-хара хаһан баҕарар ити курдук сэттээх-сэлээннээх… – диэн Уоһа Суох Маарыйа кэпсэлин түмүктүүр…
Киэсэ Дьохсоороп, киэһэ, сөрүүн түспүтүн кэннэ, Чабынай Чаачарын үүнүн устан, көҥүл ыытан кэбистэ. Бэйэтэ, сылгы биригэдьиирэ Сөдүөт Эпириэмэп саас, кыһын иитиэххэ миинэр, көлүнэр атын Хаарбаһы уларсан барда. Дьэкиим сарсын аты сэтиилэнэн төннөрүөхтээх. Ат миинэр улахан баҕалаах уолаттарга ол, саатар эрэ, бэрт сылтах…
Дьүөгэлэрим, доҕор кыргыттарым бары дьиэлэриттэн сылдьан чугас эргин оттууллар. Мытыйыс Маарыйата Балаҕаччыга сорукка барбыт буолан көрсүбэтим. Киристиин, Дьэримиэй Ааната, Тороос, Хаһырыа – киэһэ хойут, күн киириитэ биирдэ, утуу-субуу ходуһаттан тахсыбыттарыгар көрсөммүт, балаҕан дьиэ сирэй оһоҕун тигинэччи оттон баран, собо үөлэ-үөлэ, хойукка диэри арааһы сэһэргэстибит. Ээр-сэмээр былытыран, сылыйан – киһи эрэ кэпсэтэ, сэлэһэ олоруох курдук үчүгэйкээн луҥку түүн үүннэ…
Сарсыарда, уубун хана утуйан баран, эбэм сүөһү хабаҕар куппут үүтүн ыксары бүөлээн, кыра кыыска Мааһыҥкаҕа кэһиибин хаппыт үрүмэни саппыйаҕа хаалаан, ону кытары дьиппиниччи хаппахтаммыт тымтакалаах сүөгэйбин эҥин барытын манааҕаҕа уган ноторуускалыы сүгэн, ыаҕайалаах суораппын тутан, Муосталаахпар тэп гынан хааллым…
* * *
Балаҕын ыйын эргэтигэр муҥхалаан бүттүбүт. Күөлбүт кыдьымахтаата. Быраҥаатта истэҕин ыыр кэмэ саҕаланна. Муҥхаҕа кэлбит көмүс хатырыктааҕы ыга туттуҥ да, ыыс араҕас истэх тыга түһэр. Иһиккэ мунньан тууһуу-тууһуу лэппиэскэни кытта тотуохпутугар диэри мотуйабыт. Куртаҕын оргутан хоргуна дагдайбытын хамыйаҕынан халбыйан сайыны быһа уймаан сиэтибит.
Эһиилгэ диэри сайыҥҥы муҥха тохтоото. Дойдулаах дьон дойдуларыгар аттаннылар: Окуоскун – Хаҕыныгар, Тэрии ойоҕунуун Кэтириинниин Арҕаа Кыргыдайга «Социализм суола» холкуоска (иккиэн да уу сүүрүгүн курдук олохтоох дьон), Даарыйалаах Барааҥка Дьөккөннөрүгэр бардылар, эһиил эмиэ көрсүһүөх буолан араҕыстыбыт. Арай тойоммут Өлөксөй Хондокуоп Айдаҥҥа хаалла.
* * *
Сайыны быһа, хара күүһүнэн, сүрэҕин баҕатынан эрэ окко үлэлээбит Ылдьаа, күһүөрү, Бүлүү куоратыгар киирэн балыыһаҕа сыппытынан. Куруук «кэминэн үһү» диэн сураҕы истэбит.
Алтынньы саҥатыгар халыҥ хаар түһэн баран уулунна, биһиги өссө «кыстык хаар түстэ» диэбиппит, ханна барбыта биллибэккэ симэлийэн, хат хара сиринэн көрөн кэбистэ. Халдьаайыга ньургуһун тыллан соһутта…
Биир сарсыарда Лэгэйи кытта сээкэйи ыаһахтаһа-ыаһахтаһа хотон сыбаан лэбиргэтэ сырыттахпытына, хассабыык кыыс Түктүкэ Аана, Өксөөннүүн уку-сакы туттан, оол курдук тэлгэһэ таһынан ааспыттарын көрөн дьиктиргии саныы турдахпына, эбэм эмээхсин дьиэттэн нүксүйэн тахсан миэхэ кэллэ: «Аана… Ылдьаабыт быстыбыт…» – диэтэ…
Сотору куһаҕан буолуохтааҕа уруккуттан сэрэйиллэрэ – аһыытын аһыйбыт киһи хараҕым уута эрдэ сүүрэн бүтэн, биир үксүн эбэбин да харыстааммын аймаммыппын, хараастыбыппын биллэрбэккэ буола сатаатым…
Кыра Баһылайы кытары Дьыксаах Апанаас, Мичээр Баһылай сонно тута Бүлүүгэ киирэн, Ылдьааны таба туркутугар тиэйэн таһааран, дьиэтигэр үс хоннороот, Айдаҥ халдьаайытыгар кистээн кэбистилэр…
Маҥнай кырпай хаар түһэн сири эриэннээн ууллубакка сыппытын кэннэ эбии кыраһалаан, сыарҕа халыйар хаара син түһэн, тымныйан – Баһылайдаах, суолларыгар тутуллубатылар. Табалар барахсаттар ат көлө курдук буолуохтара дуо, сырыылара сыыдам. Бүлүү өрүс, киэҥ киэлилээх эбэ хойут турар, дьону, таһаҕаһы уҥуор-маҥаар кытылтан-кытылга тиксэрэр бэрэбиэс өрүү баар, онон киһи айаҥҥа улаханнык тардыллыбат, этэҥҥэ ыалдьыбакка, тумуу-сөтөл киирбэккэ сырыттыҥ да бүтэр, айан мэлдьи ахсым, дьаамтан-дьаамҥа итии киллэрэ-киллэрэ, хоно-хоно түһэ тураҕын…
Ылдьааны таһаарбыттара уонча хоммутун кэннэ, сүрдээх сипээ күннэр үүнэ сырыттылар, бэл самыырдаан ыла-ыла аһынна. Ийэ айылҕа барахсан отун-маһын хаста да ииктэттэ, тыа анна, үрүҥ хаар үрдэ ыыс араҕаһынан көрөн сытта…
Ыанньыйбыт халыҥ былытынан лүҥкүрэ бүрүллүбүт, дөрүн-дөрүн күүскэ сирилэтэн ааһар курас тыаллаах биир киэһэ, далтан тахсыбыт борооскулар хааман хаалан уччуйбуттарын көрдүү сылдьан, дьон уҥуоҕун таһынан ааһан иһэн, ала-чуо, Ылдьаа хараллыбыт томтойбут буорун хаара ирэн, ууллан ыраахтан хараара сытарын көрөн, тоҕо эрэ санаам батарбакка, ыллык суолтан туораан – киһи уҥуоҕар таҕыстым… Онно көртүм – кырдал сир саалыгар, саҥа тибиллибит иин буорун ыраастаабыт оннуларын аттыгар, күһүҥҥү ньургуһуннар быган иһэн, тымныы тыйыс тыыныттан, аны хаһан да тыллыбаттыы кырыа буолан, тоһутта тоҥон, өлөн хоҥкуһан тураахтыыллар… «Тоҕо, аны сааскыны күүппэккэ, күһүҥҥү күн албын алыбар абылатан алҕас тыллан, кэлэр сааскы кэрэ уһуктуутун сэгэйэ иһиллиир сэмэй дьолго тиксибэккэ, быстах былаҕай дьылҕаланан быстараахтаабыккыт буолуой» диэн, ииппит убайым Ылдьаа барахсан эдэр сааһыгар суорума суолламмыт ыар дьылҕатыгар холуу санаан, устунан ааспыты, арааһы эргитэн, улаханнык уйадыйан, хараастан, хараҕым уута иэдэстэрбинэн халыйан, төбөбүн хоҥкутан уһуннук турбутум…
Ылдьаа муҥнаах ыртаччы мичээрдээн, үрүҥ тииһэ килбэйэ-килбэйэ: «Биһиги Аанабыт лоһолдьуйар дьууппалаах…», – дии-дии, эр киһи аата миэхэ таҥас тигэн үөрэн-көтөн сэгэлдьийэ олороро бу баарга дылы… Сэрии буолбатаҕа буоллар Ылдьаа өлүө суоҕа этэ… Барыта сэрииттэн… Барыта кырыыстаах сэрииттэн…
* * *
Бэргэһэчээн бороохтуйан ыраатта, дьон этэринии «киһи киһинэн» буолла. Бэл алакыы да кэтэрэ аҕыйаата. Алакыы – оҕо иигин, сааҕын кыаныар диэри кэтэр ыстаана: иннэ, кэннэ аһаҕас буолар. Ыалга сырыттахха эмэһэлэрэ көстөн кылбайа, бэлтэйэ сылдьар ыамайдары киһи үгүстүк көрөр. Саат-суут суох дьоно. Биһиккэ сытар алакыылаах оҕо тэллэҕин үрдүнэн сүлбэ уураллар, сорохтор сүлбэ анныгар эмэх кутан оҕо иигин обортороллор. Эмэҕи анал мөһөөчүккэ хаалыы сылдьан өтөр-өтөр уларыталлар. Аны кыаммат оҕо аһыырыгар даһыналанар. Даһына – оҕо аһыырыгар уолуга илийбэтин, киртийбэтин диэн туттуллар көмүскэл таҥас…
Этэҥҥэ олордоххо сыл-хонук биллибэккэ ааһар. Ол эрээри, этэҥҥэ олордоххо диэн, арааһата, сыыһа соҕус этии быһыылаах. Оннооҕор ыар ыарыылаах, улахан аһыылаах, кыһалҕалаах – кэмигэр күнэ-дьыла уһаабыт курдугун иһин: «Ааһар ааспытын кэннэ санаатахпына, олорбут олоҕум күннэрэ элэҥнээн куота көппүттэрэ эчи түргэнэ сүрдээх да эбит…» – диир. Кырдьык оннук…
Илиилэрин, атахтарын мэлитэн сэрииттэн эргиллибит дьон, маҥнай утаа кэлиэх-барыах сирдэрин булбакка санааҕа-онооҕо ылларан эрэй бөҕөтүн көрөллөр, буолумуна – урут чэгиэн ахан, үлэ-хамнас үөһүгэр сылдьыбыт ыһыы дьон эмискэ бохтуйбуттара аанньа буолуо дуо. Ити эрээри, кэм кэрдии – эмтиир, икки атахтаах туохха үөрэммэтэҕэ баарай – барытыгар үөрэнэр. Мэлдьи сулана-муҥатыйа, суҥхара сылдьыы – хаһан да үчүгэйгэ, үтүөҕэ тиэрдибэт. Төһө да мүлтүйбүт илиилээх, атахтаах – намааларыттан маппыттар, оннооҕор киһи аҥаара буолан ыараханнык эрэмсэрэн кэлбиттэр, олоххо бэйэлэрин оннуларын булан, сөптөөх үлэни-хамнаһы кыахтара, күүстэрэ тиийэринэн үлэлээн, өссө сорох сулумахтара кэргэннэнэн, оҕолонон-урууланан, кимнээҕэр быр бааччы олороллор. Оннук олоххо тардыһыылаах дьону – киһи ытыктыыр, холобур оҥостор, аһара баран сүгүрүйэр даҕаны. Кинилэр арыт-ардыгар өлүөр да өндөппөтүн, чэгиэн да кыайбатын кыайаллар. Ол барыта – олоххо, дьолго тардыһыы күүһэ…
* * *
Халлаан нуһараҥнаан халыҥнык былытыран баран, дьуххаран, хат халлан, кыстык хаары дьиппинитэр чэп-чэмэлкэй күннэр үүннүлэр…
Мин эбэбин кытта, анаан-минээн сорук оҥостон сылдьан, хас да күнү быһа, син киэҥ сиринэн тайаан, чэрии хомуйдубут… Чараас, хаачырҕас хаар устун киһи эрэ сүүрэ-көтө сылдьыах, сүргэтэ көтөҕүллүөх үтүө күннэрэ. Хаар этэрбэскэ сыстыбат.
Ыппыт Маанчык маҥан өҥнөөх буолан, саҥа түспүт хараҕы саатырда оонньуур тунаа маҥан хаарга сүтэн, симэлийэн хааларга дылы. Биэрэ ыта Чоҕулук чоҕулуччу көрөн, оҕо-оҕото, эдэр-эдэрэ өтөн сүрдээх сырыылаах, тыаҕа таҕыста да харах далыгар көстүбэт, ону-маны, буолары-буолбаты бары, биир кэм тохтоло суох тиҥсиринэр. Субу-субу үрэн моргуйар саҥата тыа иһин толорор, тиийэн көрдөххө: хатыҥ, харыйа лабаатыгар, тиит төргүү мутугар, кылаан чыпчаалыгар бороҥ тииҥ «муостаммыт» кулгаахтарын араастаан чэрэҥэлэтэн умса нөрүйэн олорор буолар… Чоҕулук маска таһаарбыт булдун бэрт уһуннук, дьаныһан үрэн баран биирдэ эрэ араҕар. Маанчык – сырыыны-сылбаны сылдьыбыт булчут ыт, ыт оҕотун курдук быһыыламмат, бултаспаккын биллэ да, солуута суох лоҕуйа олорбот, ааһа турар. Арай чэрии хомуйбуппут бастакы күнүгэр, Чоҕулук үөккэ бэлиэлээҕи таһаарбытыгар онно эҥкээрэн тула-мала көтөн уһуннук арахсыбатаҕа. Үрэх кытылын бата, өҥ сиргэ өнөрдөөн хойуутук сараадыйа куоҕайан үүммүт үөттэр лабааларын устун сүүрэ-сүүрэ, көхсүн иһигэр курдьугунуу-курдьугунуу, анаҕастаах удьуора буоллаҕым буолан боотурҕаан, хатаннык чардыргыыр бэлиэлээх, ыкка «булчут хаанын» оонньотон абылыыр быһыылааҕа…
Правообладателям!
Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.