Электронная библиотека » Семен Маисов » » онлайн чтение - страница 34


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 10:40


Автор книги: Семен Маисов


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 34 (всего у книги 34 страниц)

Шрифт:
- 100% +

– Чэ, тоом, оҕом барахсан наһаа айманыма… Көстөн иһиэ… Оҕобун, хата, долгуттум быһыылаах… – диэт бүтүн бэйэтинэн эпсэри тардан сүүспүттэн сыллаан ылбытыгар, аһыннардахпына буолар үгэспинэн, кэҥэриим иһэ кычыгыланан, кэбирээн, хата, эбии уйадыйан кэлбитим…

* * *

1956 сыл. Тохсунньу бэһис күнүн сарсыардата сааскы күннүү дьиктитик сандаарыччы чаҕылыйбыт… Салгын сүүйэн ылбыттыы ып-ыраас, дьэп-дьэҥкир… Күн маҥнай утаа кутуйах хаамыыта уһаан баран дьэ биллэрдик өрө тэмтэйбит… Тохсунньу саҥата диэтэххэ ичигэс күн үүммүт… Кыырпах да былыт сыстыбатах улаҕата-киэлитэ биллибэт күп-күөх халлаан илин эҥээриттэн саҥа күн барахсан эйэҕэстик мичээрдээн, сылаанньыйа одуулаһан күлэ-үөрэ мичилиҥниир, сарпа сарадах сырдык сардаҥаларынан ыһыахтана оонньуур…

Окуоскун Ньукулай, Сэмиэнэп Ньукулай (Бойбохо), Ньукулаайап Ньукулай – Малтархай уола, Таппаҕаарап Хабырыыл уонна мин, биэс буолан – барардыы бэлэмнэнэн дэриэбинэ иһинээҕи киэҥ далга хааллан аһыы турбут сүүстэн тахса бөдөҥ сылгыны, бүтэй аанын сүрдьүгэһин сулбурута тардыталаан таһаартаан, саҥа-иҥэ буолан ньамалаһан үүрэн өтөхпүтүттэн дьэ хоҥуннубут…

Ньукулаайап Ньукулай саастаах, бас-көс биэни сэтиилэнэн, сылгылары батыһыннаран бастаата. Окуоскун сыарҕалаах атыгар өссө биир сыарҕалаах аты сэтиилэнэн: аспытын, таҥаспытын, сээкэйбитин лөглөччү тиэнэн баран, бүтэһигинэн арахсаары, көлөтүн буоһатын бүтэй тоһоҕотугар иилбитин саҥа сүөрэн эрдэҕинэ, биһиги сүнньүлэрин булан кудуччу айаннаан эрэр сылгыларбытын барыахтаах сирдэрин аартыгын айаҕар тиэрдэ оҕустубут. Бойбохолуун үөрү икки өттүнэн сиэллэрэ сылдьан, туораары гыммыт сылгылары бугуйан биэрэбит…

Мин, хас да сыллааҕыта холкуоспут атыыласпыт Күүлэт Сур диэн, атаҕар бэрт тэтиэнэх буолан, биир сиргэ таба турбакка тэлэкэчийэ сылдьар, ол эрээри оҕус курдук сымнаҕас быһыылаах аты миинэн, өтөҕүм иһиттэн тахсан, айан чигди суолугар киирэн баран, кэннибин хайыһан көртүм – оол курдук, дьонум барахсаттар ыамайдардыын эҥинниин түөрэ бары таска тахсан, Настааччыйа уолун иннигэр уктан, тэлгэһэлэрин аанын айаҕар биһигини атааран көрөн наҥнаһан тураллар эбит… Кыһыҥҥы уһун сынньалаҥнарыгар сылдьар оҕолор, хайыы-сахха дьоһун дьон буолбут Баһыычааннаах Биэрэ – бүтэй үөһэ ыттан миэхэ далбаатыы-далбаатыы ыһыытаһаллар… Мин кинилэргэ хардаран, сүргэм сүр күүскэ көтөҕүллэн, биир кэм мичээрдии-мичээрдии, илиибин өрө уунан сапсынарбын көрөн, эбэм аах эмиэ далбаатаһаллар…

Төһө да тэһиинин күүскэ тартардар, күүһэ-уоҕа батарбакка, бугуһуйан тула холоруктаан тэпсэҥэлии сылдьар Дьөһөгөйүм оҕотун тиҥилэхтээн, дьоммор аралдьыйар кэммэр хайыы-сахха тэйэ охсубут аргыстарым кэнниттэн түһүнэн кэбистим…

Сиппит-хоппут эт-сиин, чэгиэн-чэбдик эт-хаан, эрчимнээх эдэр саас… Иннибэр – айан суола… Саҥа, сонун олох угуйар суола…

Төрдүс кинигэтэ бүттэ

Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 13 14 15 16 17 18 19 20 21 22 23 24 25 26 27 28 29 30 31 32 33 34
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации