Текст книги "Ийэм кэпсиир… (4 чааһа)"
Автор книги: Семен Маисов
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 16 (всего у книги 34 страниц)
Өксөөн, оол курдук, икки ыаҕаска толору уу баһан дьалкытан үөстэн тахсан иһэр, миигиттэн хараҕын араарбат. Бэттэх кулуһун оттуллубута саҥа күүһүн-уоҕун ылан күөдьүйэ умайан эрэр, түүрэ сиэммит туос сыта минньигэстик тунуйар. Кулуһуннуураптаах Тэриилэри кытары кыттыгас биир сиргэ туспа оллоонноохтор, онон кулуһун икки сиргэ дьэргэлгэннэнэ ытыллар. Күөл кытыытыгар, уҥа эҥээр кумахха, үөһээ өттүлэрин сыгынньахтанан баран, сууна-тараана турбут Тайтах Ньукулайы кытары Окуоскун миигин көрөн соттордорунан сотто-сотто, арааһата, ситэри сууммакка, төттөрү таҕыстылар…
Аппын сиэтэн аҕалан эргэ сарай отуу атаҕар баайдым. Түннүгүнэн көрөн, дьиэттэн, байбарылаах куоптатын уолугун тимэхтэнэ-тимэхтэнэ аны Даарыйа сүүрэн сайбайан таҕыста.
– Хайа, Аана, бу туох атын аҕаллыҥ? – диэн соһуйда ахан. – Өссө сугуннаабыт… – дии-дии ыаҕайабын ылан бөдөҥ сугуну кымаахтаан айаҕар утаарар, үрдүк, чочуонай быһыылаах-таһаалаах аттан хараҕын араарбат.
– Сиргэ сылдьар аты туттум…
– Сиргэ сылдьар аты даа?..
– Ы-һыы…
– Тыый, ол хантан кэлбит атый?
– Туох билиэй…
– Эчи уҥуоҕа үрдүгүн… – дьүөгэм хара тураҕаһы тургуппуттуу эргийэ хаама сылдьан сыныйан көрөр.
– Астык ат буолбат дуо? – мин Дьөһөгөй оҕотун арыынан-сыанан аҕаабыкка дылы килбэчийбит кылгас ньылҕаа түүлээх моонньун имэрийэ-имэрийэ «тап-тап» таптайабын.
Даарыйа ат аннын кытта өҥөйөн көрөр:
– Бу хайаларын атай?
– Биһиги холкуоспут ата буолбатах.
– Оччоҕо?..
– Хантан эрэ күрээн кэлбит.
– Күрээн даа?..
– Ы-һыы…
Өксөөн оҕо дьон курдук уолускана суох киһи, ыаҕастаах ууларын тутан аҕалан, дьиэҕэ киирэн уһаакка сүөкээн баран биирдэ биһиэхэ кэллэ, үгэһинэн сэгэччи туттан ис киирбэхтик мичээрдии-мичээрдии:
– Хантан туттуҥ? – диэн холкутук ыйытар.
– Кэникээн көлүйэтигэр туоруур суол чугаһыттан, тыа иһигэр кэҥэс соҕус ырааһыйа баарыгар сиибиктэлээн сии сылдьар…
– Ээ барахсан, дьэ чөрбөҥнөөн сүөһүгүн дии, – Өксөөн ат уостуганыттан тутан хоҥоруутун имэрийбэхтиир. – Аата хайдах туттарбытай, кини бэйэлээх…
– Ханнааҕы сылгыный? – мин эдьиийбиттэн ыйытабын.
– Бу, били, Лэгэнтэй… Киэсэ уол ата, Чабынай Чаачара дии…
– Ханнык Киэсэ?..
– Илин Кыргыдай… Киэсэ… Дьохсоороп Киэсэ… «Чэрнэһиэбискэй» холкуос уола…
Мин Дьохсоороп диэбитигэр дьэ өйдөөтүм, билэр да киһибин билбэккэ үрүт-үөһэ ыйытан ыаһыйалаһа турбуппун:
– Кини маннык аты мииммитин отой көрбөтөҕүм…
– Үс сыллааҕыта сыарҕатыгар эрэ көлүнэн айааһаабыт ата. Иллэрээ сыл ыҥыырыгар кыайан иннин ылбакка, хаста да бырахтаран босхо ыытан куоттара сылдьыбыта; былырыын саас ырыар диэри мииммиттэрэ да, эмиэ төлө туттаран ханна эрэ хара тыаны дугуйданан өр көстүбэккэ буолан баран, күһүнүгэр, аттаммыт сылгы эрээри, атыыры кытары биэ былдьаһан охсуһан тунайдаһа сылдьарын «уоруйах күрүөҕэ» үүрэн аҕалан туппуттар этэ. Быйыл саас мииммэтэҕэ, ол бэйэтэ бу сайын ортото туох буолан тутан ыҥыырдаабытай…
– Хайа доҕор, бу, Чаачар хантан көһүннэ? – Тайтах Ньукулай туруору саҕалаах ырбаахытын кэтэ-кэтэ чугас кэлэн туран дьиктиргээн токкоолоһор. Аты көрөн билэр эбит.
Өлөксөй Хондокуоп, Барааҥка уол, Тэриилэр кэлэннэр – сылгы тула үөмэхтэспиттэригэр Чабынай Чаачара элбэх дьон күө-дьаа буолбутун сөбүлээбэккэ тэһиинин чиккэччи тарда-тарда чинэккэлээтэ… Бары ат ураты быһыытын-таһаатын хайҕаатылар.
– Босхо ыытан баран, иччитэ бу тоҕо сылгыласпатый доҕор, – диир тойоммут Хондокуоп суон куолаһынан, онтон хантан туппуппун истэн баран: – Көлүйэҕэ киирбэтэх дуо, бугулу ыспатах, оту тэпсибэтэх дуо? – диэн үрүт-үөһэ хатылаан ыйыталаһар.
– Ханан эрэ биир ааттаах сиринэн эргийэн кэллэҕэ, ол иһин тиэрэ сиргэ көрдүү сырыттахтара.
– Буолуо ээ…
– Сыһытаары Айдаҥҥа кэлэн баран дуу, Балаҕаччылаан иһэн дуу төлө туттулар ини…
– Бачча куотуган, тэһии сылгы хайдах эйигин чугаһаппытай?..
– Аана, хайа омук албаһынан туттуҥ? – дьонум арааһы бары ыйыталаһан, таайа-тобула сатыыллар.
Өксөөн аты имэрийэн-томоруйан баран:
– Бу күрүөйэҕи сибилигин Айдаҥҥа илтэххэ сатанар, таах көрдөөн эрэйдэниэхтэрэ, – диир.
– Оннук…
– Сиэттэххэ баҕас улгумнук барар ини, Аана сиэтэн кэлбит буолбат дуо…
– Ээ, барыа буо, саҥа быаламмыт сылгы баарай…
– Мин илдьэбин дуо?..
– Илт ээ, туппут киһи… – диир Өлөксөй.
– Үрүҥмүт бүппүтэ ыраатта, хата, үүттэ аҕалаар, – Өксөөн ат үүнүн сарбынньахтаах бойбуура быатын иһигэр киирбитин көннөрөн биэрэр.
– Миинэн кэллим ээ… – диэбиппэр дьонум итэҕэйбэтэх курдук тутуннулар.
Барааҥка уол кэтэҕин тарбанар:
– Ама доҕор, бу айылаах өрө көтүөккэлээбит сылгы хайдах атыҥыраабакка, хаһан да көрбөтөх киһитин үрдүгэр ытыардаҕай…
Солоторуоба Даайыска имэрийээри гыннахтарына эт-этин дьигиһис гыннара-гыннара таныытын тыастаахтык тардырҕатар сылгыттан дьаархаммыттыы тэйэ тутта-тутта:
– Кэбис, биир бэйэм саахар да манньаҕа мииммэппин, – киэр сапсыйар.
Тайтах Ньукулай мээнэ быраҕыллан уһуннук сытан күн уота кубарыччы сиэбит бороҥ хортууһун, хас да сиринэн тостубут куондарыттан тутан хат-хат нэмийэн кэтэҕэр ууруна-ууруна миигин тургуппуттуу көрөр:
– Ол эрэн, бу обургу харса суоҕа дэлэ дуо… Мииннэҕэ… – диир.
Ат тула мустан күө-дьаа буола түһэн баран, сарсыардааҥҥыбытын аһаары-сиэри дьиэ-дьиэ аайы тарҕастыбыт. Арай, Барааҥка уол эрэ өссө да аты эргиччи хаама-хаама сыныйан одуулуур, миинэн көрүөн баҕарар, син дураһыйар быһыылаах.
Өлөксөй Хондокуоп, тумсунан үрүҥ чаан бургучуйан тахса-тахса хаппаҕа лабыгырыыр алтан чаанньыгын оллоонтон ылан дьиэҕэ илдьэн иһэн:
– Тоҕо этэҥкэстиигин доҕор, харса суох үрдүгэр түс, – диэн Барааҥканы күөртүүр, дьээбэлиир.
Өксөөн үөттүрэҕинэн кулуһун уотун чөкө тарыйан бугуйа туран:
– Ээ кэбис!.. Мииммэтин хайаабатын!.. Итинтикэйиҥ чугаһатарын – чугаһатар, чугаһаппатын – чугаһаппат сүөһү буолуохтаах, – диэн саба саҥаран буойан кэбиһэр.
Хондокуоп күлэн күһүгүрүүр.
Дьиэҕэ киирэн үөлбүт эмис быраҥааттаны сии олорон:
– Эбээлээххэ балык илдьэбин дуо? – эдьиийбиттэн ыйытабын.
– Төргүүтүгэр хайдаҕа биллибэт ээ? – Өксөөн саарбахтыыр. – Дьоҕуһу баанан көрөҕүн дуу, көннөрү бараҕын дуу?
Сып-сап аһыы охсоот, бэҕэһээ киэһэ бырабаалакка кутуллубут быраҥааттаттан сөп соҕуһу куулга кутан эрийэн суулаан баран, аппар кэлэн төргүүлээн хам баайан кэбистим, сылгы сиргэммитэ эҥин буолан хамсаабата, көннөрү сыт ылан муннун эрэ хамсаппахтаата, холуна кыратык холкутаабытын биир харах чиҥэтэ тардан биэрдим уонна сиэтэн күөлгэ киирдим.
Чабынай – куолайын куллурҕатан, уһуктаах кулгаахтарын тэрбэҥнэтэн аҕыйахта иҥсэлээхтик суубурҕатаат уурайда, утаппатах эбит… Төттөрү тахсан «мандаарынай» дьиэ ыксатыгар кэлэн баран, тэһииммин иилэ быраҕаат, дьөлүөстээх иҥэһэттэн тэбинээт, ыҥыыр үөһэ лап гына түстүм…
Дьонум мин ат миинэрбин көрөөрү – ким лэппиэскэтин уоппутунан ыстыы-ыстыы, ким быраҥааттатын сиэн уҥуохтуу-уҥуохтуу тахсан, болҕомтолоро эрэ барыта ат биһиккигэ буолан турдулар.
Хара тураҕас барахсан, маҥнай утаа хайа диэки барыаҕын билбэтэхтии, тэһиинин тартарбытынан өрө чолойо-чолойо биир сиргэ тэпсэҥэлээн эргичиҥнээтэ, онтон суол төрдүн диэки салайа тутан баран, күүскэ нэмийэн тиҥилэхтээбиппэр, илин атахтарын көтөҕөн салгыҥҥа тура түһээт, эмискэ үлүгэр эрчимнээхтик кумах буору күдээритэ ыһан тэбинэн кэбистэ… Харса суох атара сэлиинэн кырдал тэллэҕэр биирдэ баар буола түстүбүт… Чабынай үрдүк сыыры, илин-кэлин атахтарын киэҥник ахчаччы тэбинэн, өрө сүгүллэхтэнэн бөтөрөҥүнэн таҕыста…
Эргиллэн көрбүтүм дьонум, оол курдук, аллара, ыраах тураллар… Чабынай ойоҕоһунан буола-буола, үҥкүүлээн эрэрдии эгдэҥкэлии тэйиэккэлээн аҕыйахтык ойоотун кытта, кырдал чарапчыта мэһэйдээн, Өксөөннөөх мэлис гыннылар…
Кэникээн көлүйэтигэр туоруур ыллыкка диэри тэһииммин күүскэ тардан батыгыраччы хаамтаран тиийэн баран, бу сырыыга, ыаҕайата таймата суох киһи аппын бэйэтин дьаалатынан ыытан кэбистим… Дьэ эбэтээ, Дьөһөгөй оҕото барахсан түөрт түөрэм туйахтардаах уһун сула атахтарын үөрэ-дьүөрэ уурталаан, ууну долгуппат уу-дьоруо ахсым айанынан ууннарда… Эмиэ да сиэлэн сахсыйбат, эмиэ да бөтөрөҥнөөн барбат… Бу курдук астык атара айаннаах аты урут миинэ илигим…
Өҥсөөччүгэ өрө мэҥитэн кэлбиппин билбэккэ да хааллым.
Ходуһаҕа бугул бөҕөтө бачыгыраабыт, саҥа кэбиһиллибит күөх оттор хараарсаллар. Чугас киһи-сүөһү баара көстүбэт. Ыраах, отой тэйиччи – от охсор дьон кылбаҥнаһаллар…
Атым тэппит атаҕа биир. Маныаха диэри күннээх-хонуктаах күүстээх күрүс ардах кэннинээҕи иэдьэгэй курдук илдьи ытыллыбыт кумахха сылгы туйаҕа үктэммит суола мэлигир. Сэрэйбитим курдук ат ханан эрэ, арааһата, от үрэҕи батан Кэникээн эҥээр тиийбит.
Өҥсөөччү эбэни ааһа көтөн эрдэхпинэ, атыыр үөрэ Чоҥоролор диэкиттэн кэлэн, суол чэрин тоҕо кэһэн иһэн, эмискэ туохтан эрэ сиргэнэн саахтаан ыһылыннара-ыһылыннара муҥ көтүүнэн төттөрү түспүттэр. Бу эҥээр, биир кэм күөх торҕону тиирэ тардан кэбиспиттии хойуутук астаммыт сугун, тыа үөһүгэр диэри тэнийэн бара турар.
Биир сиргэ, көппөҥнөс муоҕунан бүрүллүбүт кыра сиики кэлбитин эргийэн иһэн, инчэҕэй бадарааҥҥа, сабыс-саҥа, күтүр улахан эһэ баппаҕайын суола дьэрэлийэ сытарын көрдүм. Кырдьаҕас суолун мэлдьи харахтыыр киһиэхэ ол сонун буолбатах. Сиики тулатыгар үүммүт сугун угун иэмэ-дьаама суох гына илдьи тэпсибит, өнөрдөөн үүммүт сир аһын сиэн-аһаан ампаалыктаммыт ахан, онно-манна уу курдук уп-убаҕас сыптарыҥынан ыһылыннартаабыт. Мин испэр «эчи сыптарыйбыта элбэҕин, итиччэ айылаах «дьаам сүүрдэ-сүүрдэ» тугун сөбүлээн мэҥийэрий, дьоҕойон иһин-үөһүн ыраастанар, сайҕанар баҕайыта дуу» дии саныыбын.
Өссө кыратык барбахтыы түспүтүм кэннэ, арай, били иннибэр уолуйан-омуннуран ыстаммыт атыыр үөрэ, маҥнайгыларынааҕар өссө ордук соһуйан-өмүрэн, суол сымнаҕас кырыһын логлорута тэбэ-тэбэ, тыа үөһүн диэки буут быстарынан ойбуттар…
Бу тухары сибиэркээбэккэ испит атым эмискэ атылын кыаратан, төбөтүн өрө көтөҕөн тула-мала көрүөлэнэ-көрүөлэнэ айанын бытаарта, онтон отой да чугурус гынан тохтоон хаалла, сыт ылан таныытын хамсаппахтаата, уһуктаах кулгаахтарын эрийэ тутан чөрбөҥнөттө…
Арай көртүм, тэйиччи соҕус, арыы-арыы үүммүт сиһиктэр анныларыгар, хойуу сэппэрээк быыһыгар, сылгы көппөйөн сытар. Эһэ биэни тардыбытын тута сэрэйдим, аппыттан түһэн, тэйиччиннэн эргитэн сиэтэн илдьэн суол кытыытыгар титириккэ баайдым; тула-мала көрүөлэнэ-көрүөлэнэ сиэҥҥэ бардым. Тиийбитим – эһэ, сайын аайы бу эҥээр ыырданар Таас Харах диэн атыыр үөрүттэн биир биэни суулларбыт: тараһатын бэрт кыратык хайа тардыбытынан очоҕоһо үллэн тахсан култайбыт, уонна атын баас-үүт баара көстүбэт, сиргэ сыста сытар өттүнэн улаханнык охсубут быһыылаах – хойуу хаан сиһин аннынан халыйан муохха бөлөнүйбүтүн сөмүйэбинэн баттаабыппар пырк гына түстэ, инчэҕэй… Биэ мэскэйбит иһин туппахтаабытым – дьоҕойон сойбут эрэ. Кыыл сылгыны бу сарсыарда тардыбыт…
Эмискэ атым иччилээх аҕайдык иҥэрсийбитигэр дьик гына түстүм, тула-мала көрүөлэнним: кырдьаҕас чугас баара чуолкай, ханна эрэ аттыбар саһан, кирийэн сыттаҕына даҕаны көҥүлэ. Эһэ састаҕына отой сири кытта сир, оту-маһы кытта от-мас буолан хаалар үһү диэн кэпсииллэр…
Дьөһөгөй оҕото барахсан дьиҥинэн тура күүһүнэн тыатааҕытааҕар өссө ордук да ини, ол эрээри тыҥыраҕа, аһыыта суоҕуттан хотторон, итиччэлээх аарыгырбыт бэйэтэ, сабырыттаран, тырыта-хайыта тыыттаран эрдэҕэ. Киниэхэ холоотоххо киһи муҥнаах туга кэлээхтиэй, аҥаардас өйбүт дуомунан, албаспытынан, сатабылбытынан эрэ сырыттахпыт. Дьикти ээ, тыатааҕы тоҕо эрэ икки атахтаахтан толлор, торуллар, бэйэтин ураты айылгытынан, тыытыллыбаты сэрэйэн дьаарханар, мэлдьи киһиэхэ көстүбэтэрбин ханнык диэбиттии дьалты, тэйэ тутта сатыыр. Бэл отоннуу сылдьар кыра оҕолору эмискэ түбэһэ көрдөҕүнэ, кини обургу соһуйан-өмүрэн ахан муҥ көтүүнэн тыас хомунар. Ол эрээри үгүскэ туох суоҕа баарай, араас ханна барыай, ардыгар туохтан да толлубат, аҥаардастыы айбардаабыт, торҕоннообут сиэмэх адьырҕалар киһини тардыбыттарын, сиэбиттэрин туһунан ынырык кэпсээннэр, үһүйээннэр уостан-уоска бэриллэн кэлбиттэр…
Атым эмиэ иҥэрсийдэ, ону даҕаспытынан, арай, чугас кулунчук кистээн дьырылатта… Оол курдук, ыт мунна баппат арыы ычыкын иһиттэн, күөрэ-лаҥкы сууллубут хаппыт титириктэри, талахтары тоһута үк-тэтэлээн, сиэр өҥнөөх кулунчук чэпчэки-чэпчэкитик ойуоккалаан таҕыста; сиртэн-буортан тэйбиккэ дылы сэргэх дьүһүннээх барахсан маҥнай, кыҥнаҥныы-кыҥнаҥныы аты одуулаһан баран, «ээ, бу баҕас билэр сүөһүм, оттон бу тугуй?» диэбиттии аны тонулаппакка миигин супту көрөн турда…
Эһэ тардыбыт биэтин оҕото эбит. Үөрүттэн быстан хаалан баран хайыы-сахха сойон эрэр ийэтигэр саантыы сылдьар барахсаны олус диэн аһына санаатым. Араастаан ыҥыра-ыҥыра, чугаһыы сатаатым да кулунчук сибиэркиирэ диэн сүрдээх, куота сылдьар. Ийэтиттэн арахсыбата чуолкай, аны киһи кэлиэн иннинэ эрэйдээҕи эһэ тардыа дии санаан, биэ ыксатыгар хаппыт титириги тоһутан сиргэ туруору анньан, халтаҥ соммун устан ыйаан кэбистим. Киһи сыта баар буоллаҕына баҕас, бачча харааран турар таҥаска тыатааҕы кырдьаҕас сэрэхтээн син биир тута чугаһаабат; күнүс ханан эрэ тэлэһийэ сылдьан баран, түүн, хараҥаны харахтанан сиэҥэр кэлэр да түбэлтэтигэр, маҥнай утаа, сиэр да быһыытынан сүрдээҕин чуҥнанара биллэр…
Аппын миинэн сыыдам айанынан Айдаҥмар түһүннүм, сиэр кулунчук оол курдук бөлкөй-бөлкөй үүммүт сиһиктэр, ыарҕалар ыксаларыгар миигин батыһа көрөн турбутунан хаалла…
Чаачар курдук субул сырыылаах атынан өр гымматым, дьиэбэр барбакка, быһа бырабылыанньаҕа тэптэрэн кэллим.
Дэриэбинэ иһигэр, от үлэтин былдьаһыктаах күннэрэ үүнэннэр, киһи-сүөһү, бэл ыт-кус да көстүбэт. Баччаҕа, үгэс курдук, дьиэҕэ ыт охсор киһи суох буолар. Туох барыта нам баран тыаһы иһиллээбиттии уратытык чуумпурбукка, көрсүөрбүккэ дылы иһийэн, эмиэ да үлэ күөстүү оргуйар күннэринэн дьиктитик тыҥаан турара, бэйэтэ туспа тылынан сатаан этиллибэт кэрэ иэйиини саҕан, киһи ис-иһиттэн кыдьыгыран харса суох үлэлии-хамсыы сылдьыан эрэ баҕарар…
Арай, бу иһийбит чуумпуну үрэйэ сатаабыттыы, үрэх уҥуор, кыра ыамайдар дьирикини үөл тииккэ таһааран айманан ньамалаһар саҥалара бүтэҥитик иһиллэр…
Куйааска, үөн-көйүүр тарҕаммыт кэмигэр, бырабылыанньа аана үгэс курдук тэлэччи аһаҕас, искэ суот тыаһа тохтоло суох лаһыргыыр. Хатыйыы бүтэй тоһоҕотугар, уй курдук истээх, кырдьаҕас ат Хаарбас, биллэ көлөһүнүрэн, хантан эрэ кэлэн бааллан, убаҕас сиэлэ намылыйан, умса нөрүйэн турар.
Аһаҕас аанынан искэ ойон кииртим – суотчут Эпсиэй Ньукулаайап умуллубут бөппүрүөскэтин, саһарбыт отох-бытах тиистэринэн ырдьаччы туора ытыран, хортууһун кэтэҕэр кыҥначчы уурунан, хаҥас илиитинэн тохтоло суох суотун туораахтарын тардан лаһыргата-лаһыргата, уҥатынан биэдэмэһин үрүҥэр таһааран «өлөр да солото суох» олорор, харахтарын харалара биир кэм сүүрэкэлэһэллэр, бэл, маҥнай утаа киһи киирбитигэр да кыһаллыбата… Аан хаҥас өттүгэр, түннүк анныгар, төгүрүк остуол ыксатыгар, хассабыык кыыс субу, бүгүн аҕалбыт хаһыатын, «Холкуос суола» саҥа нүөмэрин көрө олорбут сылгы биригэдьиирэ Сөдүөт Эпириэмэп, көтөн түһээппин кытта, ааҕан испит сирин сөмүйэтинэн бэлиэтии баттаат, сэргэх аҕайдык хайыһа түстэ.
– Хайа доҕор, Муосталаах балыксыта тиийэн кэллэ!.. – хаһыатын бүк тутан остуол үөһэ бырахта. – Дьэ, Аана сонунун истиэххэ… – эбэн эттэ, онтон таска мин миинэн кэлбит атым иҥэрсийбитин дьиктиргээн, сылгыһыт киһи атын сылгы саҥата буоларын эндэппэккэ билэн: – Бай, ити хайа сүөһү иҥэрсийэр, миэнэ итинник эрчимирбэтэ ини, – диэт иҥнэс гынан аһаҕас аанынан таһырдьаны кыҥастаста.
Мин – ыҥыырдаах аты туппуппун, аара кэлэн иһэн, Өҥсөөччүгэ эһэ биэни тардыбытын, тугу көрбүппүн түөрэтин кэпсээтим.
Сөдүөт болҕойон истэн баран:
– Саҥа тардыбыт эбит, баран түргэнник астаан, үллэрэн кэбиһиэххэ, туһаҕа таҕыстаҕына сатанар. Аах оҥоһуллууһу… – диэн туох дьаһал ылылыахтааҕын тута быһаара оҕуста.
– Ыстапаан Бохуомабыс? – бэрэссэдээтэли сурастым.
– Па, ол киһи манна көстүбэтэҕэ хаһыс да күнэ, отчуттарыгар, – Эпсиэй, били, умуллубут бөппүрүөскэтин тоһоҕоһун дьэ хат уматтан, соп-соп сүүгүнэччи соппойбохтоон табахтаан бусхата-бусхата, кэм да биэдэмэһиттэн хараҕын араарбат.
Сөдүөт хонтойбут муннун анныгар үүммүт абына-табына бытыгын имэринэн олоро түһэн баран:
– Чэ, сөп, эн аккын дьиэҕэр илдьэҥҥин баай, сойбутун кэннэ тиэрбэскэ өртөөн аһатаар, уулатаар. Биһиги Өҥсөөччүгэ бэйэбит баран кэлиэхпит, айан суолуттан көстөр диэтиҥ дии, сон ыйаммыт сирин баҕас булар инибит.
Эпсиэй Ньукулаайап бөппүрүөскэтин силлээн ситэри умуруоран баран, сылгы туйаҕын курдук улахан хатыҥ кунааҕын хаһан күллүүркэ оҥорбуттарыгар үлтү ныһыйан кэбиһэр:
– Чабынай Чаачара, ол кини бэйэлээх, хайдах туттарбытай? – диэн сөҕөр, итэҕэйбэтэх киһилии сүүһүн аннынан миигин тургуппуттуу көрөр.
– Тэһииниттэн иҥнибит дуо? – диир Сөдүөт.
– Суох, аһыы сылдьара…
– Һы, ити сүөһү, дьикти быһыылаах ээ…
Сөдүөттээх Эпсиэй кэпсииллэринэн, ат куоппута бэйэтэ туспа остуоруйалаах буолан биэрдэ… Баарыын сарсыарда Дьохсоороп Киэсэ икки эдэр уолу кытары, Илин Кыргыдайтан балтараа көс бэттэх сытар Үөттээх күөлүгэр от кэбиһэн бараннар, «ат хаамтара» диэн үргүлдьү Айдаҥҥа кэлбиттэр. Кинилэр обургулар айаннара ахсыма диэн дэлэ буолуо дуо, бэйэ-бэйэлэригэр көҕүһэ-көҕүһэ… Дэриэбинэҕэ киирэн баран Арыылаах отчуттарыгар туораан истэхтэринэ, Чаачар дулҕаттан иҥнэн бүдүрүйэн баран, устунан мөҕөн Киэсэни хомурҕанын тосту бырахпыт, ол иннинэ эмиэ, «Чернышевскай» холкуоһуттан Айдаҥҥа кэлиэхтэригэр диэри иккитэ түһэрэ сылдьыбыт да, уол туох да буолбатах, тэһиинин ыһыктыбатах. Киэсэ бэйэтэ да харса-хабыра суох майгылаах, сылгы мөҕөрүн улахаҥҥа уурбат үгэстээх, кыанара, хапсаҕайа бэрт буолан ат илгэрин – хааман иһэн халтарыйан охтон түспүккэ холуур быһыылаах. Хаҥыл, айаас, тордуос сылгыттан төһөтө бырахтарбыта биллибэт, ол бэйэтэ бүгүн кэлэн хомурҕанын тоһуппут.
Акка сыстаҕас киһи, төһө да миинэр миҥэтиттэн эчэйбитин иһин син биир кэһэй буолбат «адьынаттаах». Киэсэ Сөдүөттэн ат уларсан, маҥнай утаа эчэйбитэ итиитигэр, Чаачарын суолун хайа баран иһэн ыарыыта бэргээн, соллурҕаан атын сиэтэн кэлэн Мытыйыс оҕонньорго көрдөрөөрү ааспыт. Аргыс уолаттара Чаачары көрдүү барбыттар да, күн баччатыгар диэри биллэ иликтэр үһү. Арыылаах илин түөлбэтин ходуһатыттан төлө туттарбыт ат, хайдах Кэникээн көлүйэтигэр тиийэн хаалбыта дьикти.
Бырабылыанньаттан Сөдүөттүүн бииргэ таҕыстыбыт. Күрүө тоһоҕотугар бааллыбыт атым тэһиинин сүөрэн биригэдьиирбиниин бүтэй муннугар диэри аргыстастым. Сөдүөт Хаарбаһын миинэн кэбистэ. Мин эмиэ Чаачары миинээри тэһииммин атым кэтэҕэр иилэ бырахпыппын көрөн Сөдүөт:
– Эс, миинээри гынаҕын дуо? Кэбис, ити сүөһү сиэтиллэн кэлбитигэр махтал… – диир.
Мин, Чаачар тула эргичиҥнээн тэпсэҥэлииригэр, сүгүн-саҕын биир сиргэ тулуйан турбакка тэлэмээттэнэригэр кыһаллыбакка иҥэһэттэн тэбинээт ыҥыырга олоро түстүм… Аты миинэр баҕам – дьаарханар, сэрэхэдийэр санаабын баһыйара оччо… Ис-испиттэн кыдьыгыран, сүргэм сүр күүскэ көтөҕүллэн биир кэм мичээрдээн ыртайыы…
Чабынай кэннинэн чинэккэлээн бүтэйгэ кэлэн иҥнэн баран, хаста да төхтүрүйэн умса тутта сатыы-сатыы иннин диэки өгдөҥкөлөөтө, онтон төбөтүн өрө хантатан убаҕас сиэлин үрэл гыннаран илгистимэхтээн баран кистээн дьырылатта, кэтит агдатан көппөҥнөтөн тыастаахтык «пуус» гына тыыммахтаата, тыбыырбахтаата уонна эмискэ көрсүөрэн, сыһыйан хаалла… Тэһиинин хайа диэки тардарбынан улгумнук хаамар… Айаҕа сымнаҕас… Иннибэр барбыт, ырҕайбыт истээх Хаарбаһы мииммит Сөдүөтү ойоҕолуу көтөн аастым…
– Һэ!.. Дьэ!.. Арааһата, Аананы сылгыга ылыллыыһы!.. Бу кыыс сыстаҕаһа сүрдээх ээ!.. Кыһын, саас саатар иитиэххэ баҕас сылдьыаххын! От таһыытыгар оҕолору да соруйуллуо этэ буо!.. – диэн сылгы биригэдьиирэ кэннибиттэн ыһыытыыр.
Ити ыккардыгар онтон-мантан кэлэн, түмсэ охсубут оҕолор, Буолкап Сэмэннээх быйыл саас туттан испит, чүмэчини үрүт-үөһэ уурбуттуу тупсаҕай эркиннээх саҥа дьиэлэрин үктэлигэр өйөммүт сэлээгэ устун төттөрү-таары, үөһэ-аллара түһэллэр-тахсаллар. Бэрэбинэ сарбыдаһыннарынан, олуктарынан оонньууллар. Күрүө сиэрдийэтин үөһэ былаахыны биллэҕэ ууран, икки баһыгар солбуһа олорон, хардары-таары сиртэн тэбинэн өрө көтөн тахсан хачыаллыыллар. Часкыһыы, күлсүү-салсыы мааны… От үлэтин кэмэ үүнэн кэлэн – дьиэ түннүгэ биир маһынан бааллан баран, аны күһүн ситэриэхтэригэр диэри, ол курдук иһийбит. Баһыычааннаах ити сүүрэкэлэһэр оҕолорго суохтар, онтон ынтах, миигин көрбүттэрэ буоллар, кинилэр диэтэх дьон, хайаан да тыын быһаҕаһа тыынан аҕылаһан-мэҥилэһэн, өрө көтүөккэлэһэн кэлиэхтээх этилэр.
Куондара быһа тардыллыбыт салаҥ улахан хортууһу кэппит Холодоох кыыһа Хобуоччу Хаача, үктэл үөһэ ыстаҥалыы-ыстаҥалыы миэхэ далбаатыыр. Мин кыыска хардаран илиибин өрө уунабын, Чаачар чөрбөс гына түһэр…
Дьоммор аҕалбыт кэһиибин, кууллаах быраҥааттабын төргүүбүттэн сүөрэн дьиэҕэ ааһан иһэн, таһараа балаҕаҥҥа оҕолор ньамалаһар саҥаларын истэн халҕаны аһан өҥөйөн көртүм: Баһыычаан, Чоойун, Лэгэй – бэйэлэрэ оҥорбут туой суоруналарыгар, далтан чабычахха от сыатын кутан аҕалан, ону кутан, «бурдук» тарда олороллор эбит.
– Оо, Аана кэллэ!.. Аана кэллэ!.. Балык аҕаллыҥ?! Сиикэйдии сиэнэр балык аҕаллыҥ?! – диэн өрө көтө түстүлэр. Оҕолор быраҥааттаны сөбүлүүр ахан астара, буолумуна – минньигэс, сыа балыгы.
Ыамайдар миигин кытта дьиэҕэ саппай уобустулар.
– Эһиги бүгүн дьоҥҥутугар тугу көмөлөстүгүт, туһалаатыгыт?
– Тураах уйалаатыбыт, сытынньаҥ аҕалбыппыт… – диир Лэгэй кылап-халап көрө-көрө.
– Та-тарбыйахтарга оо-от үргээтибит! – Баһыычаан бүтэһик тылын төлө биэрэн хаһыы былаастаах саҥарар.
– Уонна?..
– Уонна уһааты толору уу баспыппыт, Кучур доҕотторуттан быстан хаалбытын сылгылаан аҕалбыппыт, киэһээҥҥи лэппиэскэ бурдугун барытын тардан бүтэрбиппит, ордорботохпут, – Чоойун арыый обургу киһи сонунун лоп бааччы сиһилиир.
Дьиэҕэ киирбиппит эбэм уонна Уоһа Суох Маарыйа чэй иһэн сайбаарда олороллор.
Уолаттар сонно тута балык үрдүгэр түстүлэр: төбөтүн быһан, иһин ылан быраҕан баран, туустуу-туустуу курдурҕатыы. Туспа хаалбыт төбөнү ыамайдар сэмсэ аһылык гынан сирэй оһоххо үөлэн сииллэр.
Баһылайдаах суохтар, отторугар. Биэрэ хаҥас ороҥҥо сурда суох утуйан буккуруу сытар, сыраана сүүрбүтэ сыттыгар халыйан хараарбыт. Иэдэскээнэ тэскэйбит оокком барахсаны «сып» гына сыллаан ылабын, Биэрискэ минньигэс сыта муннубун кычыгылатар, култайбыт иэдэскээннэрин «кымаахтаан» таптыахпын баҕарабын да, уһугуннарыам диэн туттунабын.
Айдаҥ отчуттарын уонна Муосталаах балыксыттарын үлэлэрин-хамнастарын хардары-таары сураһа-туоһулаһа наҕылыччы чэйдиибит… Уоһа Суох Маарыйа эмис быраҥааттаны сытыы быһаҕынан бысталаан баран, кэрчик-кэрчик биир-биир ылан айаҕар утааран бэрт минньигэстик ньэмиргэтэр. Эбэм эмээхсин уонна Маарыйа оҕолор курдук тууһаан сиэбэттэр: «Бэйэтэ бу айылаах амтаннааҕы, тугун эмиэ тумалаан…» – дииллэр. Оттон мин туустаабатахпына, хайдах эрэ, сымсах курдук.
Маарыйа үөһээ уоһа, табысхаан уоһунуу сиирэ баран, икки илин тииһэ килэйэ сылдьарын көрө үөрэнэн хаалан кыһаллыбаппыт, буолуох буолуохтааҕын курдук. Туора дьон киирэн омос көрдөхтөрүнэ, кистии-саба наар Маарыйа уоһун одуулаһа олорооччулар.
Настааччыйа Бэргэһэчээни көтөҕөн Саабынаба Харытыаналаахха барбыт.
Ылдьаа төһө да улаханнык ыарыйдар, тэһийбэккэ, окко сылдьыһар. Баччаҕа эгэ Огдооччуйа дьиэҕэ олоруо баара дуо – Мундулуҥдаҕа, Дьабадьы Хабырыыллаах отторун быалыы баарыын сарсыарда ким хайа иннинэ туран ойбутун айыыта үһү.
– Баһылай кэллэҕин аайы кус аҕалар, онон куһу сии олоробут. Били, Килэки уол барахсан иллэрээ күн эмиэ, дьиэҕэ суохпуна, кус киллэрэн бырахпыт этэ. Ыалбытыныын үллэстибиппит, – диир эбэм.
Эмээхсин мэчикээҥҥэ ытыйбыт сугуннаах күөрчэҕэр хап-хачыгырас хаппыт үрүмэни уймаан сиибит, бу – эбэбит биир бастыҥ аһа, минньигэһэ диэн эриэхсит.
Бэҕэһээ киэһэ оҕолор илдьи тыытан, бөдөҥнөөн кэбиспит буспут соболорун тобоҕо хаалбытын эбээ ып-ыраастык, кып-кылыгырас гына уҥуохтаан сиир: «Оҕо тобоҕуттан ордук минньигэс туох да суох…» – диир. Соболорун «кириэстэрин» үгэһинэн, куруук буоларыныы, туспа ылан анал мас чохоолугар угар. Ол курдук сүүс ахсаан туоллаҕына, эбэтигэр киллэрэн кутар: «Хойутун, ол дойдуга аттаннахпына сырдык дьуолка буолан тоһуйаар…» – диэн хас куттаҕын аайы ботугуруур. Тээкэччэҕэ олорор эрдэхпитинэ ийэм, эбэм Лөкүөрүйэ эмиэ ити үгэһи тутуһаллара. Мин кинилэри үтүктэн, өр буола-буола, мунньубут сүүс «кириэспин» киллэрэн эбэҕэ сүөккүүбүн, уҥуох «кириэстэр» оргууйкаан уҥа-хаҥас халбылдьыһан, куоҕаҥнаһан эбэ түгэҕэр түһэн сүтэллэрин батыһа көрөр бэйэтэ туспа абылаҥнаах… Санаабар, улаҕата-киэлитэ биллибэт хараҥа куйаар устун ээр-сэмээр талбаара көтөн истэхпинэ, иннибэр балык «кириэһэ» моһуоннаах сып-сырдыгынан сандаарбыт дьуолкалар ыраахха угуйан, ымсыырда ыҥыран сэлэлээн тураллара илэ бааччы көстөн кэлэргэ дылылар… Итэҕэл диэн күүстээх, киһи барахсан сыччах санаанан эрэ сылдьар…
Холкуоспутугар өссө биир киһи сэрииттэн эргиллэн кэлбит. Били, «өрө чобуорхайбыт» дьоппуоннары урусхаллааһыҥҥа кыргыспыт Баһылаайап Ньукулай Дьөгүөрэбис-Чупчуун диэн киһи. Уоһа Суох Маарыйа сонунун, тугу истибитин кэпсиир:
– Бэҕэһээ, Чупчууннаахха бара сырыттым, Ньукулай буоллаҕына кэпсиир: «…Дьэ, бу, соҕуруу дойдулара диэн букатын дьикти сирдээх-уоттаах дойду эбит, көтөрдүүн-сүүрэрдиин чыҥха атын… Көр, Балҕаарыйа диэн дойдуларыгар, хортуоскалара маска үүнэр…» – диир. Биһиги оччону истибит дьон дэлэ буолуохпут дуо, соһуйуу-өмүрүү: «Тыый!.. Кырдьык дуо?..» – дэһэбит. Киһибит: «Кырдьык-кырдьык, маска үүнэр, хойуута сүр…» – эппитин этэ олорор. «Ол эрэн амтана сороҕо ап-аһыы, сороҕо бэрт минньигэс, ити биһиги сиир саахарбыт кэриэтэ», – диэн эбэн этэр. Ол минньигэс хортуоскалара субу үүнэн тэйгэһэн туралларын көрөн олорор киһилии өрө мылайан манньыйар ахан. «Аны ынараа дойду дьахталлара буоллахтарына, бурдугунан сууммуттуу кылбаа маҥан субалаахтар…» – дии-дии ымаҥныыр. Ону истэн Уруукап Ньукулай: «Барахсаттарыа…» – диэбитигэр, ойоҕо Аана кынчарыйан ылла ээ…. һи-һи-һи… – Уоһа Суох Маарыйа ытыһынан айаҕын саба тутта-тутта күлэн ыгыстар.
Эбэм сүүһүн аннынан сүргүччү көрө-көрө ыалдьытын сонунуттан сонньуйар.
– Аны туран, Чупчуун сонунун истэн олорбут учуутал уол Сэмэн Эгиэнтэйэбис бу курдук диэн турда: «Ньукулай эн, отой атын үүнээйини булкуйар эбиккин, ол кэпсиир маска үүнэр аһыҥ хортуоска буолбатах…» – ити курдук быһаччы этэр. Уоту-күөһү ортотунан сылдьан, түөһүгэр мэтээллээх кэлбит киһини кыбыһыннарыам диэн тыл чэпчэкитин көрдүү сатыыр быһыылаах, онтон мүлүк-халык тутта-тутта салгыы саҥарар: «Ол минньигэс амтаннаах эн кэпсиир «хортуоскаҥ»…» – бэйи, ким диэтэ этэ, бэйэм да бутуйаары, бутуллаары гынным, – Маарыйа силлибит уоһун ньомуҥната-ньомуҥната толкуйдуур. – Ээ: «Дьабыылака диэн ас», – диир… Сити, ситигирдик… Бээ-бээ… Дьабыылака диэн дуу, дьаабылка диэн дуу?.. Дьаабылка, арааһата…
– Дьиибэ ааттаах-суоллаах ас эбит, дьаабыланан түһэн, – эбэм сэҥээрэр.
Биһиги, хата, Уоһа Суох Маарыйаттан «дьаабылка» диэн ас баарын билэн, билиибитин-көрүүбүтүн эбии «хаҥатынныбыт».
Чоойун түннүк үөһэ эриэн истээх тигээйи дыгыныы көтөн эркиҥҥэ тэйиэккэлии сылдьарын былаатынан саба охсоору өһүө маһын таарыйан хараҕар сыыһы киллэрэр. Ойон туран оһох иннигэр кэлэн халтаһатын атыта-атыта: «Оҕонньордоох эмээхсиэн!.. Умуһаххытыгар, чабычахтаах үүккүтүгэр кутуйах түстэ, тахсан көрө охсуҥ!..» – дии-дии, тылын былтата-былтата, тибиир да тибиир буолар. Өс киирбэх Чоойун уу-хаар бычалыйбыт хараҕыттан, били, аалбыт сыыһа тахсар.
Кэпсэтии аны Чабынай Чаачарыгар иэҕиллэр.
– Арыылаахтан хайдах, Кэникээн көлүйэтигэр тиийбитэ буолуой, ити эҥээр эргиирэ наар маар, сиики, аабы дойду дии, туома ооҕуй бадараанныыр сирэ? – диэн эбэбиттэн ыйытабын.
– Һэ… Тиийбэтэ кэлиэ дуо. Дьөһөгөй оҕото барахсан тугу эрэ сибикилээн, сыныйа санаан быһа түспүт дьүһүнэ ини. Урут, хаһан эрэ, хайаан да сырыттаҕа, ол иһин барар. Үнүлгэн, сымнаҕас оттоох, сиибиктэлээх сирдэри талан хааман үчүгэйдик үссэнэ түһэн баран, үрэҕи батан дойдутугар тиийиэ этэ, хата, ол быалаах-туһахтаах барта сэрэхтээх, сулара, үүнэ суох куоппут ат эбитэ буоллар киһи дьаарханыа да суоҕа этэ, – диир эмээхсин уонна тохтуу түһэн баран: – Сылгы курдук күн-дьыл, айылҕа хаамыытын билэр сүөһү дьэ, арааһата, суоҕа буолуо, – диэн эбэн этэр.
Кырдьыга да оннук, сылгы – хаһан тыал, ардах, хаар түһэрин; тоһуттар, түптэлэс тымныы бурҕайарын, сыралҕан куйаас сатыылыырын эрдэттэн эндэппэккэ билэр уонна онон сирдэтинэн сөптөөх сири булан саһар, бүгэр. Ол курдук сайын үөн-көйүүр түркүннээн түһүүтэ – салгын хото сайа охсор киэҥ, чэлгиэн томтордорго турар, куйааска – эргэ өтөхтөр хотонноругар, халтаамаларга, титииктэргэ күлүккэ хорҕойор; бырдахтан, бүгүлэхтэн, күлүмэнтэн быыһанаары уот көрдүгэннээн сиэбит сирдэригэр, туораах ыһыллыбатах бааһыналарыгар тибилгэнниир (туйаҕынан тибилийэн буору өрүкүтэн көлөһүннүрбүт ньылҕаа түүтүгэр сыһыаран, хаанын супту уулуур үөнтэн-көйүүртэн көмүскэнэр). Халлаан хараанныы-хараанныы чуумпурбут күннэригэр – хойуу талахтаах, ыарҕалаах, сэлибирэс сэбирдэхтээх, кылыы мутукчалаах, уулаах-хаардаах сөрүүн маардары, толооннору сыыйан, халтаҥ түүтүгэр хара тордох курдук хатаммыт бырдаҕы, күлүмэни окко-маска аалынан ныһыйан, көтүтэн быыһана сатыыр… Күһүн, кыһын – уһун тыал, өксүөн кэмигэр – бөдөҥ, лиҥкинэс мастаах тыаларынан, киччим өтөхтөр кэриилэринэн уонна тыаҕа мас кэрдиллибит ырааһыйаларынан ыырданар. Маннык дьылларга сылгы уорҕата хаарданыыта элбиир. Саас эрдэ, Дьөһөгөй оҕотун ордук үгүстүк, күн уотугар сыламныыр кэмигэр, дьэргэлгэн дьэргэйбит үрдүк кырдаллар арҕастарыгар, үрэхтэр баҕарахтарыгар көрүөххэ сөп.
Бэс ыйын саҥатын эргин сылгы үөрэ ордук уу кытыытын отугар мустар, саҥа быкпыт күөх көнньүөс сүмэһиннээх от минньигэһэ сыттаҕа, ол кур окко холоонноох буолуо дуо. Күнү быһа ууну кэһэ сылдьан аһыыр биэ оҕото сүһүөҕэ тоҥон ийэтиттэн тэйэ туттар. Онон сылгыһыттар өрүү көрө-истэ сылдьан сөптөөх дьаһал ылыахтаахтар.
Сылгы сигилитин үчүгэйдик билэр дьон – атыыр үөрүн, биирдиилээн да сылгыны, күн-дьыл хаамыытынан көрөн, үгүс эрэйэ суох, чопчу булаллар.
– Оҕом алыс харса-хабыра суоххун, сылгыга лаппа сыстаҕаскын, ол эрэн хаһан баҕарар, мэлдьи, сэрэнэр-сэрбэнэр буол, төһөтүн да иһин кыыл-сүөл туспа тутулуктаах, толоостук туттан эйигин хаһан да эчэтиэм суоҕа диэн «илии бэрсибэтэх» харамайдар буоллахтара. Хайдахтаах да уһуннук мииниллибит сымнаҕас аттар, ардыгар, «абааһылара имнэннэҕинэ» атын аҕай дьүһүннэнэн орулуу-орулуу мөҕөн соһутааччылар, – диэн эбэм куруук буоларыныы, үгэһинэн сүбэлиир.
Сылгы сүрдээх иччимсэх. Аҥаардастыы биир киһи миинэ-көлүнэ сылдьыбыт ата, бэйэтин иччитин эрэ билинэр, атын киһини атыҥырыыр, дьик-дьах туттар. Ат – олохтоох, убаммыт иччитин иҥэрсийэ көрсөр, ыҥыырданарыгар, көлүллэригэр холкутук, ордук хос хамсаммакка, көрсүөтүк турар, өссө кыаммат кырдьаҕас иччитэ эбэтэр эдэр да киһи кыһыҥҥы өттүгэр, бытырҕан тымныыга болгуо таҥастаах-саптаах сылдьан, онтон-мантан салҕанан тахсарыгар, сорох өйдөөх сылгы муннунан, хоҥоруутунан анньан биэрэн көмөлөһүөн да сөп.
Дьөһөгөй оҕолорун быһыылара эмиэ киһи курдук араас. Ким да буоллун, аҥаардастыы мииннэрэр бэрт улгум, ыллам, ис хааннарыттан сытыары сымнаҕас, бэл маҥнай ыҥыырданалларыгар, буордаах бэрэмэдэйи да эмискэ саба быраҕан баран мииннэххэ сиргэнэн тэлэкэчийбэт, барытын буолуох буолуохтааҕын курдук ылынар, олус холку сылгылар холкуос аайы бааллар. Оннук аттары ордук оҕо, дьахтар аймах сөбүлээн миинэллэр, туһугар бэйэлэрэ былдьаһыкка сылдьар көлөлөр. Дьон эрэ уос номоҕо оҥостон өрүү хайгыы, махтана ахталлар. Төһө да мөлтөх соҕус хаамыылаах нэс сылгылар сымнаҕас быһыылаах буоллахтарына хаһан да эрдэ туттан кэбиспэттэр. Үксүлэрэ саастарын моҕуохтарыгар, кырдьыахтарыгар диэри өрүү ыҥыырданаллар, көлүллэллэр.
Правообладателям!
Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.