Текст книги "Ийэм кэпсиир… (4 чааһа)"
Автор книги: Семен Маисов
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 22 (всего у книги 34 страниц)
Эбэ арыытыгар, аата ааттаммат, улахан хомуһуннаах, сүдү ойуун, Килтэбил кырдьаҕас араҥаһа баара. Киһи эрэ сөҕүөн курдук түбэлтэ тахсыбыт – оҕонньор араҥаһа уокка умайбатах, бүтүн хаалбыт; араҥас тулатыгар үүммүт хахыйахтар, титириктэр эмиэ сиэммэтэхтэр (дьон: «Кырдьаҕас – уот иччитин бэйэтигэр угуйан ылла ини…» – диэн сэмээр сибигинэһэн кэпсэтэллэрэ).
…Айдаҥҥа, Тыккаай Ньукулай кэлэн тыллаабытыгар, Эпириэмэп Сөдүөт дьону көрдүү барбыт. Тыккаай, Мытыйыс Маарыйата эбэҕэ хаалтын эппит. Отчуттар быыс-арыт булан быыһаммыттара буолуо дии саныыллара…
Маарыйа Айдаҥҥа кэлиэн, буруо ол эҥээр тохтообокко ытылларын иһин, уоттан дьаарханан, куттанан, чугастыы «Жданов» холкуос олоҕор тэбиммит. Төһө да билиҥҥитэ «Молотов» диэн ааттаннар, урукку холкуос сиригэр сайылык, титиик сүөһүлэрэ уонна отчуттар бааллара, ыаллар көспөккө оннуларыгар олороллоро.
…Сөдүөт, Килтэбилгэ чугаһаан истэҕин аайытын, кырдьаҕас киһи куһаҕаны сүрэҕинэн сэрэйдэҕэ: «…Таах да сөбүлэһэн, элбэх буолан көрдүөххэ баар этэ…» – диэн кэлбитин кэмсиммит, ол да буоллар: «Бачча кэлэн баран, төннөрүм сүрэ бэрт, харахта симнэ саатар Килтэбили өҥөйөн баран төннүллүө…» – дии санаан салгыы барбыт… Килтэбил күөлүн уонна Бэрэтин ыккардынааҕы кырдалга чугаһаан иһэн, ыраахтан, дьоно куһаҕан буолан сыталларын көрбүт… Атын, уот эргиччи салаан баран кыайан сиэбэтэх төҥүргэһигэр иҥиннэрээт, Сөдүөт синигэр түһэн, эр хаанын ылынан кырдалга барбыт… Кэҥэрдии сыта бэрт тэйиччиттэн кэлэрэ үһү… Оҕонньор тиийэн көрбөтөҕүн көрбүт… Уот – дьон чараас эттэрин түөрэтин сиэбит, ынырык көстүү эбитэ, түөрэ хара хоруо буолан сытаахтыыллара: уостара, дьабадьылара түрүтэ баран, тиистэрэ килэһэн ынырыга үһү… Өлөксүөйэп Хабырыыл кэргэнэ Сөдүөрэ – аҕыс ыйдаах хат сылдьаахтыыра. Дьахталларга – оҕолоноллоро чугаһаата диэн сынньалаҥ биэрбэттэрэ, ким төһө кыахтааҕынан, күүһэ тиийэринэн, бэйэлэрин харыстаммакка, үлэлээн букунайаллара. Сөдүөрэ муҥнаах, уот былдьаан, иһин тэһэ сиэбитинэн, улааппыт оҕотун быыкайкаан төбөтүн сыыһа таска тахсан быган сытара көрүөхтэн эрэ сүөргүтэ үһү…
…Алдьархай итинэн эрэ бүппэтэх. Дээҥдэ эбэҕэ, Уйбаныап Дьэримиэй оттуу сылдьан буруоҕа тумнастан, уокка сиэтэн, суккуруур тыына эрэ сытарын буланнар оҕус сыарҕатыгар тиэйэн аҕалан, Дьаакынап Маппыйдаах Балаҕаччы балыыһатыгар илдьибиттэр.
Саамыга – отуттан тахса ат үүт бүтэйгэ хааллан турбуттара: кыһын – бэдэрээккэ, дьаамҥа, от-мас тиэйиитигэр; сайын – окко көлүнэр бастыҥ көлөлөрбүт этилэр… Тыала бэрдиттэн, күүстээх уот алаас сири эргийэ охсон кэбиспит, сылгылар төлөн ортотугар булумахтаһа түспүттэр. Хаппыт үөттэрдээх хордоҕой сири, бүтэй маһын күлүбүрэччи сиэн барбыт. Иччилээх, дохсун уот оту-маһы бачыгыраччы салаан, тыас-уус бөҕөтө буолан, аһаҕас сиргэ тыалтан эбии күөдьүйэ-күөдьүйэ киэҥ сири биирдэ хаппыт. Аттар барахсаттар ханна түбэһиэх мээнэ сырсыбыттар, уот сылгылар атахтарын анныгар өрө кытыастан олороро эбитэ үһү… Сытыы төлөннөр, сонно тута, Дьөһөгөй оҕолорун ньылҕаа түүлэрин кэриэччи сиэн өрө салаабытынан барбыттар… Сорох аттар аҕыйахта ойоот охтубуттар. Тыыннаах сүөһү, инчэҕэй эттээх тулуурун киһи эрэ сөҕөр, ол курдук ордук кыахтаахтара умайан бурҕачыйбытынан, уот суоһа, күүһэ бэрдиттэн, туйахтарын туура тэбэ-тэбэ, сыгынньах, тоһоҕо курдук сотолорунан тэйиччи бара-бара сууллуталаабыттар… Отучча аттан чороҥ соҕотох да ордубатах…
Миҥэ аттара турбут бүтэйдэрин утары, Саамы эбэ уҥуор, сайылыкка, эмиэ бүтэй иһигэр, түөрт уонча субан сүөһү хааллан турбуттара. Уот күөлү көрүөх бэтэрээ өттүнэ эргийэн, ол сүөһүлэртэн биири да ордорботох… Барыта – сэттэ уонтан тахса сүөһү уокка былдьаммыт (дьон хайдах да быыһыыр, өрүһүйэр кыахтара суоҕа).
Томтор Суукка уонна Быркылаахха сайылаабыт ыанньык пиэрмэлэр, хата, дэриэбинэттэн ойуччу буоланнар уонна дьолго уот таппакка ордубуттар.
Биһиги, Дьөгүөр Кулуһуннуурап ынырык кэпсэлин истэн олус айманныбыт, сорох сорохпут туох диэхпитин билбэккэ бэл тылбытыттан маттыбыт…
– Дьэ, киһи үйэҕэ истибэтэх содуллаах, иччилээх уота эбит доҕор, айабыын… – Өлөксөй Хондокуоп икки ньилбэгэр ытыстарынан тайанан олорон баһын быһа илгистэр, чыпчырынан ылар.
– Аны, киһи эрэ дьиктиргиэҕэ, биһиги холкуоспут олоҕун кыратык ааспыт да умуллан хаалбыт, – диир Кулуһуннуурап. – «Калинин», «Жданов» холкуостар сирдэрин сиэбэтэх, дьиҥинэн ити эҥээр ханнык да улахан үрэх, сиики, ээй, быһыт кэриэтэ кумах тукулаан эҥин суох ээ… Бэл биэрэстэнэн сиргэ турар күөл арыытын тыатын сиэбит уот, быһа баттаабыт курдук эмискэ умуллан, уостан хаалара дьэ дьээбэ… Этэр этэн ыыппытын курдук…
Тайтах кэргэнэ Балбаара, уолун Боппооҕу аны ким эмит былдьаан ылыа диэбиттии ыксары кууһан көтөҕөн туран, долгуйан, амырыын алдьархайтан кута-сүрэ хамсаан биир кэм оҕотун сыллаа да сыллаа…
Даарыйа туохтан эмит эймэһийдэҕинэ эбэтэр сылаарҕаатаҕына буолар үгэһинэн сыҥааҕын энньэтэн, түннүгүнэн таһырдьаны одуулаан таалан олорор.
Өксөөн аймаммытын улаханнык биллэрбэт, арай, харахтарын түргэн-түргэнник симириктэтэн чыпчылыйан ыларыттан сылыктаатахха эрэ, санаатынан иэдээн тахсыбыт сиригэр сылдьарын сэрэйиэххэ сөбө дуу…
– Дьэ алдьархай… Баарыын Балаҕаччыттан Чөөдүү Миитэрэй кэлэ сылдьан: «Арай, басыыстар нуучча дэриэбинэлэрин уоттаабыттара бу курдук күл-көмөр буолан сыталларын көрүллүбүтэ, аны дойдубар эргиллэн баран, ол көстүүнү хат харахтаатаҕым үһү, тоҕо сүрэй доҕор…» – диэн эрэрэ, – Дьөгүөр сонунун, тугу истибитин-көрбүтүн, кэпсии олорор.
– Миитэрэй Айдаҥҥа кэлэ сылдьар дуо? – Тайтах кэргэнэ ыйытар.
– Ыаллыы холкуостартан дьон баһаан мустан эрэллэрэ… мин манна кэлэн хааллым, бэйэбиниин биэс хааһах диэбиккэ дылы, онно да баар буолан тугу көмөлөһөөрү, туһалаары…
– Куораттан боломуочунайдар, анал хамыыһыйа дьоно тахсаллара буолуо, – диир Маарыйа.
– Тахсан да, аны кэлэн, тугу гыныахтарай, таах… – Өлөксөй санаатын этэр.
– Онтон, аах оҥоһулуннаҕына, көмө көрүллүө эҥин этэ дии.
– Оттоммут от, хомуллан испит бурдук түөрэтэ уокка былдьаммыт.
– Оттон ол, ону эҥин барытын тойоттор бэйэлэринэн көрөн-истэн бартара ордук.
– Ас-үөл, дьиэ-уот диэхтээн… киһи өлүүтэ тахсыбатаҕа буоллар… От, бурдук эһиил үүнүө, дьиэ-уот саҥалыы тутуллуо, арай, өлбүттэр сордоохтор тиллиэхтэрэ суоҕа… Бүтүн сэттэ киһи… – Өксөөн остуол үөһэ быһыллыбыт лэппиэскэ тооромосторо хаалбыттарын ытыһын кырыытынан биир сиргэ мунньан, дьиппинитэ сатаабыттыы сөмүйэтин сүрэҕинэн баттыалыыр.
– Ыа, этимэ да… – диир Даарыйа.
– Сарсыарда, Чөөдүү Миитэрэйдээҕи кытары Балаҕаччыттан милииссийэ кэлбитэ. Дьону биир-биир ыҥыртаан силиэстийэлээн эрэр быһыылааҕа… Хас да, тимир оһохтоох балаакка аҕалан туруорбуттар этэ.
– Хата кинилэр кэлэ охсоллоро түргэн ээ.
– Һэ, дьэ…
– Хайыахтарай, үлэлэрэ буоллаҕа…
– Онтон оннук ээ, эмиэ даҕаны…
Мин, дьонум кэпсэтэллэрин түүл-бит курдук эрэ истэбин… Хайдах курдук Кулуһуннуурап, Намыынаба Маарпалаах уокка былдьаммыттарын этээтин кытта, тулабар баары таһыччы умнан, өйүм-санаам эрэ барыта Мундулуҥда эбэҕэ олорбут кэмнэрбитигэр тиийэн, иэҕиллэн хаалбыта…
…Баар-суох биир бастыҥ дьүөгэм, эн-мин дэһэн хас да сыл устата бииргэ алтыһан оонньоон, үлэлээн-хамсаан сылдьыбыт доҕорум Маарпа барахсан хайдах уокка былдьаныай… Дьөгүөр: «Маарпалаах эрэйдээхтэр өлбүттэр…» – диир. Оо, ама, ити кырдьык муҥа дуо!.. Маарпа… Маарпа – уокка суорума суолламмыт диир дии… Тыый!.. Эс!.. Ама хайдах, сүрүн… Оччоҕо, аны… мин дьүөгэм, кытта төрөөбүт балтым кэриэтэ истиҥник, иһирэхтик саныыр доҕорум оҕото аны суох дуо?.. Тыый!.. Тоҕо сүрэй… Суох – мин хайдах да итэҕэйиэх санаам кэлбэт… Ама дуу!..
Дьонум кэпсэтэллэрин тулуйан истибэккэ дьиэттэн сүүрэн тахсан эбэ чыыкыр таастаах кытылыгар кэлэн, кыйа хаампахтаан баран, кураанах кумахха тобуктуу түһэн, доҕотторбун аһыйан саҥа таһаарбакка эрэ ытаатым… Хараҕым уута харса суох халыйан иэдэстэрбинэн сүүрэрин ытыһым көхсүнэн хаһыйбахтыыбын… Аһыы, кураххай амтаннаах көмүскэм уутун сиргэ түһэрбэккэ эрэ тылбынан салбаан кээһэ-кээһэ уһуннук олордум… Ыллыыр ыраас кумаҕы ытыһан ыла-ыла, төттөрү-таары, тарбахтарым быыһынан суугуначчы тоҕобун… Бэл онно кытары, кырылас үрүҥ кумах иэйэн-туойан ыйылыы тыаһаан «…һуу-һуу-һуу-ыы-ыы-ыый-ыыйбыын…» диэн алдьархай тахсыбытыттан эймэһийэн кини эмиэ өрүтэ уһуутуурга дылы…
…Били, бэҕэһээҥҥи баламат, дохсун тыал астыбыт, ханна да барбыта, сүппүтэ биллибэккэ уоҕун-кылынын мэлитэн мэлдьэспит… Киһи эрэ кутун-сүрүн баттыах уу нуурал чуумпу, күһүҥҥү күн сатыылаабыт… Уйаара-кэйээрэ, улаҕата-киэлитэ биллибэт, сууйбут курдук ып-ыраас, күп-күөх халлаан мэндээркэй, киэҥ нэлэмэн иэниттэн, сытыы чаҕыл сардаҥалар ирбинньиктэнэ оонньууллар…
…Үөһээ да үөһэ, бэл сытыы харахтаах нэһиилэ таба ылар сиригэр, икки элиэ биир сиргэ эргийэ, элиэтии көтөллөрө – куту-сүрү ордук эбии күүскэ баттыырга, аймыырга дылы… Барыта курус, чуҥкук, салаҥ ахан санньыар санаа… Кутурҕан куо илэ иччи буолан ийэ айылҕаны бүтүннүү саба кууспутун кэриэтэ…
…Оол курдук, үрдүк кырдал томтойор саалыгар үүммүт, көмүс дуйдаах, сулугур сотолоох, көбүс-көнө дьулугурас бэрдьигэстэр, дөрүн-дөрүн, сиккиэр тыал ил гынан үрэн аастаҕын аайытын, туох эрэ кистэлэҥи сэмээр сибигинэһэр дьоннуу, күөх көнньүөс бээгэй мутукчалаах төбөлөрүн хобоон хоҥкуһан ыла-ыла хат көнөллөр…
Доҕотторум барахсаттар: Маарпа, Ааната, Модьу – быстах былаҕайга былдьанан суорума суолланан, бу күн сиригэр аны хаһан да кэлбэттии бардахтара ол… Олох олорон аастахтара ити… Оо, тоҕо ынырыгай, сүрэй да… Киһи хайдах да итэҕэйиэ суоҕун курдук…
Бу – туох, хантан кэлбит уот буолуой, тоҕо кини эдэркээн оҕолор тыыннарын толук ылан илдьэ барда… Туох аньыыларын, хараларын иһин?!. Маарпа курдук сырдык, ыраас ыра санаалаах доҕорум барахсаны… Тоҕо?..
Улахан, ыар аньыылаахтар-харалаахтар, киһилии майгыларын сүтэрэн түктэри кэмэлдьилэммиттэр, сидьиҥник быһыыламмыттар – сэттэрэ-сэлээннэрэ, үчэһэлэрэ туоллаҕына, атаҕастаммыттар-баттаммыттар сордоохтор таныйбыт энэлгэн кырыыстара, санаалара тиийдэҕинэ, татаар тыллаахтар таба эттэхтэринэ – аат дьэбэрэтин түгэҕэр, кэмнэрин иннинэ түһэллэр диэччилэр… Баҕар буолуо ээ, мээнэҕэ «кырыыс баһа хааннаах, алгыс баһа сыалаах» диэхтэрэ дуо…
Оттон Маарпа, Модьу?.. Олох, үлэ-хамнас үөһүгэр саҥа үктэнэн, чэчирии тыллан эрэр оҕо дьон… Наар кэрэни, үтүөнү, ыраастан ырааһы эрэ ыраланар эдэркээн доҕотторум, тоҕо, күн сириттэн мэлийдилэр?.. Үҥэр-сүктэр үрдүк айыыларбыт, сүдү күүстэрбит ханна бардылар?.. Тоҕо кинилэр араҥаччылаабатылар, өлүү айаҕыттан өрүһүйэн ылбатылар?..
Үлэҕэ үтүрүйтэрэн Маарпа барахсаны көрсүбэтэҕим өр да буолта ээ… Мин – Муосталаахха, кини – Мундулуҥдаҕа… Сайын ыһыахха ирэ-хоро кэпсэтэн арахсыбыппытынан, ол айыыта… Бүтэһик көрсүһүүбүт эбит, ону хайабыт да сэрэйбэтэх, билбэтэх муҥмут буоллаҕа… Балта Моруусалыын, Модьу ытын Харабылы батыһыннаран, Мундулуҥдалыыр айан суолугар киирэн бара турбуттара отой субу баар курдук… Харабыл, Маарпаны түҥнэри көтө сыһа-сыһа, өрө ыстанан илин атахтарынан кыыс түөһүгэр тайанан туран биир кэм эккэлиирэ. Ол аайы Маарпа ытын тустан эрэр киһилии икки хонноҕуттан ылан илгиэлээбитэ буолара, нарын ытыстарынан Харабылы сэҥийэтиттэн хам тутан кэҥэриититтэн сыллаан ылара… Лаппа тэйэн, ыраатан баран эмиэ, бүтэй үөһэ ыттан олорор Өрүүнэ биһиккигэ былаатын устан далбаатаабыта… уонна кыыһыныын сиэттиһэн, тыа иһигэр киирэн, аҕыйахта элэгэлдьиһэн хаалбыттара… Харахпар – Маарпа торҕо күөх былаатын устан, күлэн-үөрэн мичилийэн далбаатана турара букатын бу баарга дылы… Доҕорбун – бүтэһик көрүүм… Маарпа аны суох – Орто дойдуга олох олорон бүттэҕэ ити… Дьылҕа, төлкө, ыйаах – тоҕо тыйыһай, суоһарай…
Чэнчис ахан кыыс, ис-иһиттэн сырдаабыкка, сиртэн-буортан тэйбиккэ дылы, олус да ис киирбэх, номоҕон, кэрэ да сэбэрэлээҕэ…
…Дьүөгэм барахсан сиэри-туому сүрдээҕин тутуһара. Саас – бэс ыйыгар, күһүн – үөрэҕэр барыан эрэ иннинэ, анаан-минээн, аат ааттаан, олорор эбэтин айах тутан аһатар үгэстээҕэ. Эбэбин кытта «кэпсэтэбин» диэн күөл кытылыгар, хордоҕойго уһуннук таалан соҕотоҕун олороро…
Бааһырбыт, хойобуун буолбут көтөрү-сүүрэри аҕаллахтарына – иринньэх оҕолуу бэрт уһуннук бүөбэйдээн, эмтээн, үтүөрдэн, эбээ эмээхсинтэн сүбэлэтэн отоһуттаан сүһүөҕэр туруора, көтүтэ сатааччы, атын да үтүө быһыы-майгы оҥоһулларыгар, туоларыгар, барыга-бары бас-көс, көх-нэм буолан баһылааччы-көһүлээччи кини этэ…
Субата хастанан, хайдан сүмэһинэ сүүрэн «ытыы» турар оту-маһы кичэйэн ахан саба баайан «эмтээбитэ» онно-манна туралларын үгүстүк көрөрбүт…
Кими эмит, тугу эмит аһынан, кыраттан уйадыйан, аччыгыйтан айманан, кэлиэх-барыах сирин булбакка, көмүскэлэрин иһигэр хараҕын уута бычалыйааччы; бэрт дуона да суохтан, атахтара сири билбэт буолуор диэри үөрэн-көтөн сырдык, ыраас харахтара дьол кыымынан кэмэ суох саҕыллан чаҕылыҥнааччы – эмиэ кини буолара… Ол үтүө бэйэтэ – аны суох… Тоҕо ынырыгай!.. Ама сүрүн!.. Эчи, иэдээнин!..
…Бу – киһини үтүө майгытынан, ыраас уйаҕас уйулҕатынан көрөн, ымыы буолан араҥаччылыыр, абырыыр-өрүһүйэр үрдүк айыы күүстэр бааллар дуу, суохтар дуу?!. Манан буоллаҕына, арааһата, суохтар да быһыылаах ээ… Бааллара буоллар, кинилэр, Маарпа курдук ыраастан ыраас, кэрэ киһини, хайаан да, өрүһүйүө этилэр… Биир да киһи уокка былдьаныа суох этэ…
…Ити айылаах үҥэр-сүктэр таҥараларбыт, үөһээҥҥи үрдүк айыыларбыт ама суох муҥнара буолуо дуо?!. Оччоҕо барыта сымыйаны итэҕэйэн, айах тутан аһаппыта, алгыс этэн албыннаммыта буолабыт дуо?!. Кураанахха?.. Эс, ама!..
Ааната. Уһун да уһун ыас хара хойуу суһуохтах Ааната эмиэ күн сириттэн бардаҕа… Мундулуҥдаҕа бурдук быһа сырыттахпытына, Баһыычаан кыргыттар баттахтарын сымаланан биһэ-биһэ холбуу баайбытыгар «абаран-сатаран» ахан: «Уу, уус, дьэ бэйиккэй борооску, туттахпына үчүгэй аҕайдык кэһэтэрим, уодьугаҥҥын тардарым буолуо…» – дии-дии күлэн мыттыйар Ааната эмиэ аны суох…
Модьу. Оттон Модьу… Сүүһүн аннынан сүргүччү көрө-көрө, уоһун үмүрүҥнэтэн тыаһа суох күлэр, сэмэй доҕорум эмиэ суох… Аны хаһан да маныыһыт уол Модьу сүөһү үүрэн саттыыр, сайдыыр саҥата иһиллиэ суоҕа… Аны хаһан да Модьу: «Аанаа-а, сүөһүлэр далга киирбэккэ сүгүннэммэтилэр, көмөлөһүөҥ дуо?..», эбэтэр: «Аанаа-а, били кыыс ытаан баран тохтообото, эмсэҕэр чачатан кэбистим, сатамматыбыт, эн тахсыаҥ дуо?..» – дии-дии улахан киһилии дьип-дьап, чөрү-чөкөччү туттан-хаптан, бэллэйбит ынах этэрбэстэринэн саллырҕайдаан киирэн, көрдөстөҕүм буолан оттомноох аҕайдык санньыччы одуулаан турар дьүһүнүн… аны хаһан да көрбөт муҥум дуо?!. «…Сарсын Маарпалаах Морууса сайылыкка бэйэлэрэ барар буоллулар, солбуһа сылдьарга сүбэлэстибит, онон уубун астыныахпар диэри хана утуйуом, хата…» – диир Модьу барахсан, билигин, аны хаһан да уһуктубат уһун уутун дьэ «утуйаахтаатаҕа»… Хаарыан уол, Модьу муҥнаах…
Сөдүөрэ, Хабырыыл – ыкса билсибит, үтүөтүк да саныыр дьоннорум этилэр…
Лэгэй. Оо, Лэгэй муҥнаах… Саас, балаҕан ураатыттан кытыастан тахсыбыт кыым, кур киигэ хатанан, дьиэ эркинин хоруордан, устунан уот бара сыспытын таба көрөн, биһиэхэ тыллаабыт кыра уол Лэгэй – саннын сыыһын ыгдаччы туттан, көрөн-истэн ахан чоҕулуҥнуу турара бу баарга дылы, ол бэйэтэ аны эмиэ суох, быстах былаҕайга былдьанан, суорума суолламмыта эчи абатын даа!.. Олох… Оо, олох, олус да уустуккун уонна ол да курдук судургугун даҕаны…
Ким да, хаһан да, иннин тымтыктанан – туох, хайдах дьылҕаланыан таба таайбат, өтө көрөн – быстах өлүү кырыыстаах кытаҕас тыҥырахтарыттан куота көппөт муҥа буолуо дуо?..
…Арааһы эридьиэстээн эргитэ санаан, ыар санааҕа ыксары ылларан, курус санааҕа кумуччу куустаран: бүгүҥҥү күнтэн, устунан урукку ааспыт амырыын алдьархай аргыстаах кэмнэрбин эргитэн, эбэм кытылыгар уһуннук олорбутум…
Атын эбитэ буоллар, бу айылаах үтүө күҥҥэ, күө-дьаа, күлэ-үөрэ үлэ-хамнас күөстүү оргуйуохтааҕа… Баара-суоҕа хонук анараа өттүгэр, бу курдук долгуйуу, бу курдук алдьархай тахса илигэ: бары баар, бары тыыннаах, бары өлүөр бэйэлээх этилэр…
Санаам син биир бииргэ иэҕиллэн, эргиллэн кэлэ турар…
Арай, Муосталаах эбэ холку… Ып-ыраас, түгэҕэр диэри курдары сардаҥарар дьэп-дьэҥкир уутугар борохойдор туохха да ыксаабакка, уолуһуйбакка кытылы кыйа талбаарыҥнаһаллар; ньаҕар үөрэ, балык ыамалара, солко былааты тэлимнэппиттии уҥа-хаҥас куймарыҥнаһан, дьара сиргэ дьулугуруу ытыллан кэлээт, киһи олорорун көрөн, соһуйбуттуу эмискэ иэҕиллэн төттөрү усталлар… Үөскэ, айаннарыгар хойутаабыт тыыраахылар, хоптолор айманаллар…
Элиэлэр – харах ылар-ылбат кый үрдүгэр, күөх халлаан көй салгыныгар уйдаран – наҕыллык, сэмээркээн биир кэм элиэтииллэр…
…Өксөөн, миигин соһутумаары ыраахтан көхсүн этитэ-этитэ, оргууй ыксабар кэлэн, тобуктуу түһэн сэргэстэспитэ, илиитин санныбар ууран ыга тардыбыта…
– Күөспүт буста ээ, Аана… баран аһаа…
– Эдьиий, тоҕо итиннигий?..
– Туох тоом?..
– …Маарпалаах?.. Тоҕо?..
– ?..
– Дьикти баҕайы дии… отой итэҕэйбэппин… киһи баһыгар сатаан батан киирбэт суол…
Өксөөн үөһэ тыынан ылбыта, өрө хантайан кыркаҕа суох күөх халлааны одууласпыта… Кырдьыга да, дэбигис, судургутук хоруйдуурга, хардарарга уустук суол быһыылааҕа…
– Оҥоһуубут, ыйаахпыт оннук буоллаҕа… Хайыахпытый…
– Оҥоһуу, ыйаах… Ыйаах диэн баар үһү дуо?..
– ?..
– Арыт-ардыгар, мин ити айылаах сиэр-туом тутуһан аһатар-сиэтэр үрдүк айыыларбыт баалларыгар саарбахтаан да кэлэбин… Кинилэр, чахчыта да, бааллар дуо?.. Саатар киһи быһыытынан кэхтибэтэххэ тоҕо көмөлөспөттөр?.. Араҥаччылыыр аналлаахтар дуу, суох дуу?.. Мин көрдөхпүнэ – суох да быһыылаах… Өскөтүн, быстах өлүүттэн өрүһүйэллэрэ эбитэ буоллар, аан бастаан, Маарпалаах курдук үтүө дьоҥҥо, оҕо дьоҥҥо – абырал, көмүскэл буолуох этилэр… Онтубут ханна баар… Хата төттөрүтүн, киһилии майгыларын мэлиппит, сиэрдээх быһыыларын сиргэ тэпсибит – кыраны-кыамматы, тулаайаҕы-соххору, кумалааны-дьадаҥыны – ыт сытар чэҥнээх хараҥа муннугар да, биир түүҥҥэ хоннорбокко холдьоҕон, үүрэн-үтүрүйэн таһаарар, сир-халлаан ыккардыгар быраҕан хаалларар сидьиҥ дьон, хата, кимнээҕэр бэркэ, төрүт, муннуларыгар тумуу да киирбэккэ, «халлаан хабарҕаларынан, байҕал тобуктарынан» буолан, хайа таптаабыттарынан күннээн-күөнэхтээн, көрүлээн олороллор… Ат тарпат халыҥ аньыыта-харата мустубут, хоммут, түмүллүбүт дьоно баар да буоллахтарына – кинилэр ини…
– Ол, кинилэр – дьоллоохтор үһү дуо?..
– ?..
Өксөөн, мин санаабын сайа этэрбин, ардыгар, долгуйан тылбын-өспүн түҥ-таҥ да соҕус сааһылыырбын, саҥата суох истэн олорор… Күөл уҥуор ыраах көстөр, мутукчата-сэбирдэҕэ суйданан эрэр кугдархай тыаны одуулаһар… Эрэйи, кыһалҕаны эҥэринэн тэлбит эдьиийим барахсан хаһан да уолуһуйбат холку, ураты номоҕон дьүһүнүн көрөммүн, санаа-оноо бөҕөтүнэн баһым иһэ туолан олорбут бэйэм, хайдах эрэ, эмискэ холкутуйан, устунан дьиктитик уоскуйан хаалабын… Эдьиийим хаһан да оспотох муос чэрдээх, эр киһилии кэтит ытыстарынан миигин бүлгүммүттэн бэйэтигэр эпсэри тардан, үгэһинэн оройбуттан сып гына сыллаан ылар… Тургуппуттуу сэҥийэбиттэн сүүспэр диэри өрө көрөн таһаарар, үөһэ тыынар… Мин Өксөөн санныгар сыстан умса көрөн хоҥкуйан олоробун, уйадыйан таныыларым кычыгыланан кэлэллэр… Дьэ ити, аһыннардым да үгэһим… Ити кэриэтэ, хата ол оннугар, күргүйдээн-көбүөлээн, холустук тутан үүрэн-үтүрүйэн таһаарбыттара, араастаан быдьар тылынан үөхпүттэрэ буоллар – төрүт ымыттан да көрүөм суоҕа этэ… Киһи майгыта олус да уустук…
– Аана… – Өксөөн сэмээр ааппын ааттаан ыҥырар, чанчыкпар ыһыллыбыт баттаҕым сүүмэхтэрин сэрэнэн көннөрөр.
– Тугуй?..
– Аана, эн сору-муҥу… суох… арыый да атыннык ханалытын туох диэххэ сөбө эбитэ буолла… уустук олоҕу… уустук диэн этии сору-муҥу кытары эрэ дьүөрэлэһэр өйдөбүл буолбатах… кыра сааскар билбитиҥ, биир өттүнэн ыллахха, атын эҥээринэн анаардахха – дьолуҥ ээ…
Мин, өйдөөбөккө өрө хантайан Өксөөн сирэйин көрөбүн… Эдьиийим харахтарын уһуннук утары одуулаабаппын, ол курдук киһини курдары өтөн, сыныйан киирэр ураты сытыылар. Эбээ эмээхсин эдэрдэргэ сүбэлээн этээччи: «Дьон хараҕын, хаһан да, уһуннук супту одуулаабат буолуҥ, ити мөлтөхтөр быһыылара…» – диэн.
– Тоҕо инньэ диигиний?..
– Эн төһө да оҕо буолларгын – олох аһыыта, ньулууна диэн тугун хайыы-сахха билбит киһигин. Эрэйдээх-кыһалҕалаах олоҕу эт эҥээргинэн тэлбитиҥ – эйигин сайаҕас санаалаах киһи оҥорбута – дьолуҥ… Баҕар, эн ону билигин силигин ситэри сыныйан өйдүөҥ суоҕа… Киһи бэйэтин ытыктанарыттан ордук дьол суох… Ыраас, чэпчэкиттэн чэпчэки уйаҕас уйулҕалаах олох олоруу – сүдү дьол… Маарпалаах муҥнаахтар уокка былдьаммыттарыгар эн үрдүк айыыларгын буруйдуугун. Ол – сыыһа… Кинилэр итиннэ туох да буруйдара суох… Быстах түбэлтэ, күүтүллүбэтэх алдьархай таҕыстаҕа… Ону хайдах гыныахпыт баарай… Барыбыт да, аан дойдубут, айылҕабыт араҥыччылааһынынан сырыттахпыт… Олох араас эриирин, мускуурун барытын тулуйан, киһилии сигилибитин сүтэрбэккэ, киртиппэккэ, ардыгар, бэйэбит амарах майгыбытыттан бэйэбит уйадыйыахпытыгар диэри долгуйар дьолго биһигини ким тиксэрдэ?.. Айылҕабыт… Кинини кытары мэлдьи «кэпсэтэр», «алтыһар» буоламмыт…
– Оннук ээ… Өйдүүбүн…
– ?..
– Өйдүүбүн…
– Өйдүүрүҥ – ол аата эмиэ дьолуҥ…
Эдьиийбин Өксөөнү аан бастаан, Боруллуолаах эбэҕэ Моотор оҕонньордооххо, ыал устун хаамаайылыы сылдьар эрдэхпинэ, «Свердлов» холкуоһуттан сыарҕалаах атынан Алааска ааһан истэҕинэ, киирии-тахсыы, ыксал-тиэтэл сырыы кэмигэр элэкис, быстах көрөн турабын. Кыраҕы дьон буоллахпыт, оһох кэннигэр туран, оҕо дьон сиэринэн кистии-саба кыҥастаспытым. Киһи эрэ болҕомтотун тардар бөдөҥ-садаҥ уҥуоҕун-арҕаһын, саҥатын, эйэҕэс, номоҕон дьүһүнүн тоҕо эрэ умнубатахпын. Кэлин, кытта төрөөбүтүм кэриэтэ ыкса, чугас киһим буолуо диэн оччолорго өйбөр да оҕустаран көрбөтөҕүм…
…Эдьиийим Өксөөнү кытары, өссө да, олох уустук, эгэлгэ эридьиэстэрин дириҥник сыныйа эргитэн арааһы кэпсэтэн, санаабытын сайа үллэстэн, эбэбит кытылыгар уһуннук олорбуппут… Эдьиийбиттэн – элбэҕи да билэбин, элбэҕи да истэбин, үгүскэ да үөрэнэбин… Эдьиий – астык да тыл, эдьиий – кэрэтик да иһиллэр тыл…
* * *
Балыксыттар үксүлэрэ туспа нэһилиэктэртэн кэлии дьон, төһө да уот улахан быһылаана тахсыбытын иһин, салгыы муҥхалаан, балаҕан ыйын эргэтигэр, күөллэр кыдьымахтаан кылыгыраһан эрдэхтэринэ биирдэ бүттүбүт…
Муосталаахтан хомунан барыахпыт иннинэ, киэҥ эбэ барахсан күөх халлаан урсунун түһэрбит кэрэ таһаатын одуулаһан, кытыл устун хааман уһуннук дьаарбайбытым… Үгэс курдук, арыылаах лэппиэскэ ууран, икки сыл сайылаабыт Муосталаахпын аһаппытым… Тоҕо эрэ, этим сааһа дьикти сэргэхтик аһыллан, уйадыйан харахтарым ууламмыттара… Айылҕам, эбэм барахсан миигин арчылаатаҕа… Сүргэм көтөҕүллэн олус чэпчээбитим…
Айдаҥҥа баар дьиэбит мэлийбит дьон, Өксөөннөөҕү кытары, онуоха-маныаха диэри, Ньохо Миитэрэй кыстык балаҕаныгар дьуккаахтастыбыт. Онтон сыарҕа хаара түһүүтэ Улахан Чоҥороҕо, Намыынап Миитэрэй (Улахан Миитэрэй) туруорбах балаҕаныгар көстүбүт. Муосталаахха баар суолтан отой туора, тэйиччи сытар улахан өтөх сир. Ойуура түөрэтэ бэс икки, хатыҥ икки. Урут бу балаҕаҥҥа Миитэрэйдээх аҕалара Намыын Мэхээлэтэ (быдан өрдөөҕүтэ, тымтайга быраҥаатта сүгэн аҕалан Муосталаахха ыытан үөскэппит киһи) олорбут: ойоҕунуун, оҕолорунуун, сүөһүлэнэн-астанан, табаланан-таймаланан. Кэлин ынах сүөһүлэрин эспиттэр, хотонноро дьэндэйэн турар, кыбыылара, даллара, күрүөлэрэ-хаһаалара сэнэх. Улахан Миитэрэй: «Эһиги ынахтаах ыал манна олоруҥ, биһиги табалаах эрэ дьон Ньычаҥдаҕа кыстыахпыт…» – диэн түөрэ көһөн күккүрээн хааллылар.
Өтөххө өссө биир, биһиэнинээҕэр арыый да оччугуй балаҕан баарыгар Мытыйыс оҕонньор кыыһа Маарыйалыын кэлэн кыстыырдыы тэриннилэр.
Дьүөгэм Маарыйа, кыл мүччү өлүү айаҕыттан куоппут доҕорум барахсан, син биир уруккутун курдук күлэ-үөрэ мичилийэ сылдьар. Били, Тороос эппитигэр дылы, киһи кинини көрдөҕүнэ «олох олоруон баҕарар». Акка соһулларыгар, ордук улаханнык, хаҥас харытын туора, уонна уҥа атаҕын ньилбэгин маска-окко, силискэ-мутукка хайа, тэлэ тардыбыта, билигин да ситэ, үчүгэйдик оһо иликтэр. Туох, хайдах буолбутун барытын, ымпыгар-чымпыгар тиийэ кэпсээбитэ, атын мөлтөх киһи эбитэ буоллар, санаттарыа да суоҕа этэ… Хор, дьүөгэбит Мытыйыс Маарыйата оннук «кытаанах» кыыс. Хомсомуол сэкирэтээрин солбуйааччы, ырааһы көрөр хамыыһыйа «тойоно», туохха барытыгар бастыҥ актыбыыс Маарыйа, уот айдааныттан сылтаан, төһө да өтөх-өтөх аайы арҕам-тарҕам ыһыллан хаалларбыт, кэлэн-баран элэстэнэн, ыччаттарын түмэн мунньахтаан, мөлбөччү өрүммүт ыас хара суһуоҕа эйэҥэлээн олорор…
Маарыйа биһикки маҥнай утаа «иккиэн биир өтөххө кыстыыһыкпыт» диэн үөрсүбүппүт, онтубут холкуоспут олоҕор улахан уларыйыылар-тэлэрийиилэр тахсаннар эмиэ тэйсэн хааллыбыт.
Бырабылыанньа үлэһиттэрэ: суотчуттуун, биригэдьиирдэрдиин эҥин бары – Томтор Суукка, бэрт улахан, моойторук олуктаах, былыргы Аартык баай аҕыс кырыылаах ампаар дьиэтэ баарыгар олохсуйдулар…
Күөл мууһа туртун кэннэ Хондокуоп, бэйэтэ ааттыырынан Сибиинньэ диэн буурул өҥнөөх атын көлүйэн сыыйылыннара сылдьан, Муосталаахха муус аннынан үтүмэҕинэн илим үтэн хомолуур. Хас да кыл илимнээх. Ардыгар мин киирсэн: хаар күрдьүһэн, илим тардыһан, балык араарсан көмөлөһөбүн. Биһиги да кэннэ хомоһуттар бааллар. Хомоҕо икки буоллахха үлэ лаппа судургутуйар, балык арааран бөҕүөрэ-бөҕүөрэ, соҕотоҕун ситим тардан төттөрү-таары сүүрэкэлии сылдьар курдук буолбатах…
Алтынньыга Томтор Суукка, «Свердлов» холкуоһун дьонун ааттаах «атыыр» мунньаҕа буолла. Мин – холкуоска, дьэ, дьиҥнээхтик чилиэнинэн киирдим…
Бэрэссэдээтэл Ыстапаан Бохуомабыс Дабыыдап биригэдьиирдэрин кытта сүбэлэһэн, ыаллыы да сытар, ыраах да тайаабыт атын нэһилиэктэр, холкуостар салалталарын кытта эрдэттэн кэпсэтиһэн, Төрдүс Тоҕус нэһилиэгин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Махсыын Сөдүөтэптиин, куораттан (Бүлүүттэн) тахсыбыт анал боломуочунайдардыын – бары биир санааҕа кэлэн, уоттан ордубут сүөһүлэри, сир-сир аайы тарҕатан кыстатарга дьаһал, уураах таһаардылар. Холкуостаахтар эмиэ бары сүөһү иитиэхтээһинигэр аттарыллан ханна анаммыт сирбитигэр барар буоллубут…
Сэрииттэн ордубут дьоммут эргиллэннэр, үлэ боруонугар барбыттар төннөннөр, үлэһит илии элбээн, от үүнэн, сайын баһаан от оттоммута, ону үксүн уот имири сотон, Быркылаах пиэрмэтигэр баар ыанньык сүөһүтүгэр уонна субан айаҕар эрэ тиийэр от хаалбыт.
Арҕам-тарҕам ыһылынныбыт: ынах сүөһү – Төҥүргэстээх Хочотугар, «Кыһыл Былаахха», Хаҕын Дьулуҥаатыгар, Илин Кыргыдайга көстө; оттон сылгы сүөһү – Арҕаа Кыргыдайга, Хаҕыҥҥа уонна Күүлэт үс нэһилиэгинэн тарҕанна…
Оҕо көмөтө суох, холкуос үлэтэ тиийиниэ-түгэниэ да суох курдук. Оҕолор – төһүү үлэһиттэр. Уонун ааспыт оҕо буолла да – букатын, улахан киһи курдук көрүллэр, эппиэттээх үлэлэр сүктэриллэллэр.
Оройуон, өрөспүүбүлүкэ көмөтүнэн, «Свердлов» холкуоһу чөлүгэр түһэрээри, ынах да, сылгы да сүөһүнү элбэҕи атыыластыбыт.
Үлэ боруонуттан кэлбит Хабырыыл Таппаҕаарап урукку сылгыһыттарга эбии киирэн: «Чернышевскай» (Илин Кыргыдай), «Андреев» (Төҥүргэстээх), «Кыһыл Былаах» (Төҥүргэстээх), «Микоян» (Хаҕын) холкуостартан уонна Бастакы Күүлэт, Иккис Күүлэт холкуостарыттан атыылаһыллыбыт сылгылары көһөрүүгэ, иитиэххэ аҕалан, үөр гынан араартаан эрдэ кэлбит сылгыларга холбооһуҥҥа – уон аҕыстаах, эдэр уол Микииппэр Буолкабы кытары утуйар ууларын да умнан туран, унньуктаах уһун айаннарга сырыттылар. Иккис Күүлэккэ үс хонон тиийэллэр, төннөллөрө биир оннук. Бүлүү куоратыгар баран кэлэр тэҥэ.
Хабырыыл Таппаҕаарап үлэ боруонуттан, Тиксииттэн, Быралгылыын кыстык хаар түһээтин биирдии туркулаах табанан тыанан киирэн соһутан тураллар. Биһиги күрэх муҥхатыттан Саамыттан тахсан иһэн, Быралгы Уолбукка дьонугар баран иһэрин уун-утары көрсөн үөрүү-көтүү, куустуһуу бөҕөтө буолбуппут…
Мин Киспэ Борокуоппайдыын Илин Кыргыдайга, «Чернышевскай» холкуоска, ыанньык сүөһүгэ, от тиэйээччинэн бардым. Борокуоппай ойоҕо Даарыйа уонна Намыынаба Маарыйа биһигинниин барсан сүөһү көрдүлэр. Намыынаба Маарыйа холкуос түүлээхчитэ Хоордук Миитэрэй кийиитэ. Эрэ Ньукулай Буухта-Тиксиигэ үлэ боруонугар баран баран, онно ойохтонон хаалбыт…
Алаас күөл үрдүк өтөҕөр, Оҕотун Уйбааннааҕа диэн ыаллары кытары биир балаҕаҥҥа дьуккаах олордубут. Били, сэрии саҕана атах балай сылдьан хонон-өрөөн ааһар ыалым Чохооччулар, Алааска көһөн кэлэн Уйбааннааҕы кытары кыһын бииргэ кыстыыр үгэстэммиттэрэ хас да сыл буолбут. Аны, холкуоһа эҥинэ суох Тайах Махсыын Балла диэн балтын кытта эмиэ дьуккаахтаспыттар… Онон, этэргэ дылы, «таҥас таҥаһын билбэт үлүгэрэ». Биһиги өтөхпүт утары – «Чернышевскай» холкуос дэриэбинэтэ дьэндэйэн турар.
Мин Маарыйа эмээхсини булуохпуттан, бу эҥээр үктэнэ иликпин. Дьиэ-уот элбээн, дэриэбинэ мэнээк кэҥээбит.
Чохооччулар миигин көрөн соһуйуу-өмүрүү бөҕөтө, маҥнай утаа өссө билбэтилэр… Ордук, уҥуоҕум-арҕаһым «эмискэ» улаатан хаалбытын сөҕөллөр…
…Киспэ Борокуоппай биһикки күммүтүн бүтүннүү кээрэтэн туран, түөрт оҕуһунан, икки аҥаар көстөөх Оҕотун диэн эбэттэн от тастыбыт. Дьуккаах олорор ыалбыт аҕата Оҕотун Уйбаан төрөөбүт, үөскээбит күөлэ.
Хас күн аайы, кэлэ-бара, биэс көс кэриҥэ сири хаамтаран чуучугуратыы, хараҥаттан хараҥаҕа харбыалаһыы. Ахсынньы, тохсунньу аам-даам бытарҕаныгар, тоһуттар тымныытыгар, ити-бу көстүбэт үлүгэр хойуу туман бурҕачыйар… Киэҥ толооҥҥо киирдэххэ, сэндэҥэ, дьайҕалас сир биир баһыттан биир баһыгар, аартыктан артыкка диэри, иннигэр түһэн барбыт оҕустар тыыннара, халлаан уолун хайыһарын суолунуу, эрийэ-буруйа сыыйыллар…
Тээкиччэҕэ олорор эрдэхпитинэ бу курдук түптэлэс тымныылар түстэхтэринэ, эбэм Лөкүөрүйэ барахсан таһырдьаттан тымныы тыынын өрүкүтэн киирэн баран: «…Дьэ, халлаан бытарытан түһэн хам ылбыт ээ, ыччаалыктан-ыччаалыктар салҕаммыттар курдук, кыра соруктаах киһи муннун да быктарбат үлүгэрэ буолбут, бүгүн эмиэ тахсаайаҕын тоом…» – диэн миигин харыстаан таска таһаарбата…
…Ортотугар, ынах сүөһү биригэдьиирэ Буолкап Сүөдэр ыйыытынан, ыйтан ордук, Быһахчааҥҥа баран, дьүөгэбэр Мытыйыс Маарыйатыгар эмиэ от таһыытыгар көмөлөстүм. Мин дойдубуттан Оччугуй Тээкиччэттэн тиэйэбит. Саабынап Микиитэ ойоҕунуун (иккис ойоҕо) Сүөкүлэлиин субан сүөһү иитиэхтии сыталлар, түөртээх-биэстээх уол оҕолоохтор. Кыыстара Өлөөнө «Свердловка» сүөһүгэ үлэлиир.
Били, Быһахчааҥҥа олорбут Өлөксөндүрүөп Уйбаан (Кыччах) оҕонньор, сэрии кэннэ Балаҕаччыга көһөн турар.
Маарыйа биһикки, сороҕор, күрүөбүтүн түргэнник кураанахтыы сатаан, үлэбитин судургутатаары, Тээкиччэттэн Быһахчааҥҥа иккис кырыныыбытын киэһэ букатын хараҥаҕа кэлэн, илдьиэхтээх оппутун сыарҕаларбытыгар лөглөччү тиэйэн баран (үс оҕустаахпыт, биирбит киһитэ суох, ыккардыбыгар илдьэ сылдьабыт), Улахан Тээкиччэҕэ, мин төрөөбүт өтөхпөр, ыкса билэр чугас ыалбар Мискээйэптэргэ хонобут. Сарсыарда тураат, аһаат, оҕустарбытын көлүйдүбүт да кыыкырдатан хаалабыт…
Төһө да төрөөбүт төрүт буорбар, дойдубар сырыттарбын – олорбут, оонньообут сирбин-уоппун, өтөхтөрбүн, эбэлэрбин мээнэ кэрийбэппин… Дьонум барахсаттар бу Орто Дойдуттан бардаллар да – кинилэр – мин бэйэм эрэ тилэри, ситэри өйдүүр эйгэбэр мэлдьи бааллар… Уонна баран тоҕо…
Этэллэр ээ, киһи бу сиртэн аттаннаҕына, олоро сылдьыбыт туоһута «үһүс торума» эрэ хаалар диэн (ардыгар, толору да буолбатар, «буор кут» эҥин диэн эгэлгэлээн этэллэр, дэгэттээн ааһаллар). Дьиҥ бэйэтэ бүүс-бүтүннүү ураты дьикти эйгэҕэ, кырамаҥҥа көтөр – атыннык айыллаары, олох олороору, эбэтэр төттөрү төрөөрү, хат эргиллээри. Оттон ол «үһүс торума» эмиэ, кэм-кэрдии ааһан истэҕин аайытын (сорохтор үс сыл буолан баран дииллэр) ээр-сэмээр, иччитин кэнниттэн көтөҕүллэн, устан үөһээ дойдуга тахсан хаалар… Ол да иһин, өр буолан баран киһи көмүс уҥуоҕа көтөҕүллүбүт сиригэр кэлэри – баардаах айылгылаах кырдьаҕастар сөбүлээбэттэр: «…Кураанахха тоҕо сылдьаҕын…» – диэн силигин ситэ анааран сыныйа иликкэ сүбэлииллэр. Олус да судургу уонна уустук, олус да уустук уонна ол да курдук судургу эбит – олох диэн…
Правообладателям!
Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.