Текст книги "Ийэм кэпсиир… (4 чааһа)"
Автор книги: Семен Маисов
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 31 (всего у книги 34 страниц)
– Ону?.. – диир Настаа.
– Ону Уйбаан аҕалбыт, сарайга баайбыт, киирэн Аанаҕа аты аҕалбытын эппит…
– Дьэ… – диибин мин.
– Ол, Тэбиэниҥ буоллаҕына быаны сүөрэрэ диибин диэн, туома тарбахтаах сүөһү…
– Сүөрэрин билэр этим ээ, ол гынан баран, өйүм бааллан, ыл да көннөрү туомтуу баайан кэбиспиппин, бэйэм бу тухары көнтөһүн уунан тиийбэт сиригэр таарбайа сылдьыбытым ээ, – Уйбааҥка кэпсэтиигэ кыттар.
– Һэ, дьэ, айаас, тэбиэс соноҕоһу мииннэрэн, хата, киһини эчэтэ сыспыккыт дии, – Настаа баһын быһа илгистэр.
– Оттон бу киһиҥ дии… – Кууһума доҕор уолун диэки көрөн ылар.
– Буруйдаах киһи туох диэхпиний… – бэрт чобуо Уйбааҥка сөмүйэтин кырыытынан муннун төбөтүн ньуххаммахтыыр.
Баһыычаан өлүөр атаҕынан ыстаҥхалаан тиийэн, кылбаччы сотуллубут таас түннүгүнэн тэлгэһэ таһыгар, күрүө тоһоҕотугар бааллан турар аты кыҥнаҥныы-кыҥнаҥныы болҕойон кыҥастаһар:
– Туох үрдүк атай, мин курдук киһи салҕанан эрэ миинииһи, – диир.
– Хайдах эйигин үрдүгэр көрбүтэй, мөхпөтө дуо? – Кууһума ыйытар.
– Маҥнай утаа кыратык көппөрөҥнөөбүтэ…
– Онтон?..
– Онтон Айдаҥҥҥа диэри бэрт улгумнук кэлтэ…
– Бэҕэһээ, Балаҕаччыга, Бааскалаах солбуһа-солбуһа мииммиттэрэ да, хайалара да уһуннук тулуктаспатаҕа…
– Ол аата, онтон бэҕэһээ сыһыттаххыт дии, – диибин мин.
– Эс, хантан, этэбин дии, мөхсөрүн ким да тулуйбатаҕа. Хара сир буолан сорохтор сэрэхтээннэр соруна да барбатахтара; атаҕар бэрт сылгы тахсар чинчилээҕин иһин, саас хомурахха үчүгэйдик айааһыахпыт диэн буолбута. От охсор массыынаҕа сыһытаары, хомуут кэтэрдэн, төрүтчүт акка холбуохпут дии сылдьыбыппыт… Сыматын сөбүлээбэккэ буолан баран, кэлин син үөрэниэх курдуга… – Кууһума айаас ат этэҥҥэ киһини эчэппэтэҕиттэн сүрдээҕин үөрбүт: ыксаан, долгуйан ахан кэлбитэ дьүһүнүгэр көстөр. – Арай, Бааскалыын Балаҕаттан кэлэн бырабылыанньаҕа ааһан истэхпитинэ, били, Аанаҕа уларсыах буолбут атым ыҥыырдыын, сир баранан, Барыыһап Мөппүөдүйдээх тэлгэһэлэригэр киирэн күөх оту сиэн тордурҕата сылдьар… Сэрэйдим ээ, Уйбааҥка баайбытын сүөрэн босхо бардаҕа диэн. Аппын тутан Өлөксөөһөлөөххө тиийбитим эмээхсин: «Аана барта чочумча буолла…» – диэтэ. «Хайдах, сатыы барбыта дуо?..» – ыйыттым, иҥэн-хаһан айаас соноҕоһу мииннэҕэ диэм дуо. Онуоха Өлөксөөһө сиэнэ Ампыыһа: «Суох, Аана атынан барбыта-а, бэҕэһээ эһиги айааһаабыт аккытынан… биһиги эбэбитигэр манна кэлэн иһэн көрбүппүт…» – хата соһутан өмүрдэ сыста… Дьэ онуоха Өлөксөөһө бэйэтэ да ат айааһаан айдаарарбытын сөбүлээбэккэ, дьиксинэн күн аайы мөҕөттүүр киһи өрө татакайдана түспэт дуо: «…Ити баар, оонньообуккут!.. Ыл нөйөн, сибилигин кэнниттэн бар, ханна эрэ бырахтаран, бэйэтэ бэрт нэһиилэ содьороҥнуур муҥнаах тутун эрэ эчэттэҕэ, чэ түргэнник!!.» – диэн дьэ айдааран турда ээ. Сэттэбин ылыаҕын таска ойон куоттум… Мин даҕаны кэлэрим чуолкай буоллаҕа, ити айылаах сүөһүнү миҥэ гынан барбыт киһини суолун баппакка ханна барыахпыный… Уйбааҥка биһикки биир кэм сэллэрбэнэн тэптэрии, суол устатын тухары акка бырахтаран тарайа сытар киһини көрөөрү одуулаһыы, кыҥастаһыы бөҕөтө… Бу киһи Улахан Үрэҥ чугаһыгар, Муттуй Түмэппий өтөҕүн тэллэҕэр, саас Бычыгыр Дьөгүөр суол кытыытыгар соһон кэбиспит сыарҕата хараара сытарын: «Киһи сытар…» – диэн куттаатаҕа үһү… Бэйэбит ити ханньастыбыт сыарҕаны сайыны быһа кэлэ-бара хаста сүүстэ көрбүппүт, аттынан ааспыппыт биллибэт. Куттаннаххына, көр, итинник ээ, барыны-бары куһаҕаҥҥа эрэ уорбалыыгын…
– Хата инньэ диэ, этэҕин ээ… Оннук… – Настааччыйа сөбүлэһэ охсор.
– Уйбааҥка, тоҕо ити аккын Тэбиэн диэн ааттаабыккыный? – Баһыычаан кэм да түннүгүнэн аттары одуулаһар.
– Хоппойон тахсыбыт үрдүк арҕастааҕын иһин. Арай тэбиэн кыыл итинник арҕастаах, көҕүстээх дииллэр.
– Тугуй ол, тэбиэн диэн? – аны Биэрэ түөргүлэһэр.
– Көхсүгэр бөкчөгөрдөөх соҕуруу дойду харамайа.
– Биһиги дойдубутугар суох дуо? Тоҕо суоҕуй? – кыыс, Уйбаан уол лоп бааччы судургутук хоруйдуурун иһин билэ-көрө сатаан үрүт-үөһэ ыйытар.
– Ээ, туох билиэй…Тымныытын иһин ини. Ол эрэн саха да сиригэр таһаҕас таһыытыгар көлө буола сылдьыбыттарын туһунан кэпсииллэр ээ…
– Тэбиэннэр дуо? – Баһыычаан эргиллэн сылгыһыт уолаттары тургуппуттуу көрөр.
– Тэбиэннэр. Өссө… бээ-бээ… туох эрэ дииллэр ээ… Бөрбөлүүт дуу, туох үөдэн дуу диэн ааттыыллар буолба-ат…
Мин Ньөкөөрөр оҕонньор олоҥхотун, үксүн быстах-остох да буоллар, элбэхтик сэҥээрэн истибит киһи:
– Саха дьоно билэр харамайдара буолан ити кыылы ырыаларыгар-тойуктарыгар киллэрдэхтэрэ, – диибин. – Ньөкөөрөр Өндөрөй олоҥхотун оттон эһиги да иһиттигит ини, истибэтигит ини. Эҥин араас: моҕой, тэбиэн, хахай, баабыр эҥин диэн харамайдар бары баар буолааччылар.
– Чэ, ол моҕой баҕар буоллун даҕаны, саха сирин соҕуруу эҥээригэр үөскүүр дииллэр, баабыр даҕаны дэҥ, Аллан эҥин диэки быгыалаабытын, кииртэлии сылдьыбытын туһунан үһүйээннэри кэпсээччилэр, оттон хахай баҕас түһээтэхтээҕи дойду адьырҕата ини, – Кууһума араас дьикти номохтору, эгэлгэ кэпсээннэри сүрдээҕин сэргиир буолан, хата кини билэрэ-көрөрө сүрдээх.
– Оччоҕо тоҕо, Ньөкөөрөр олоҥхотугар, дьаҕыл тойон доҕордоох Дьолуо Дохсун Дьуралдьыйа бухатыыр хахайы кытары охсуһарый, биитэр ол кэпсэнэр соҕуруу дойдуга тиийэ сылдьар дуу? – Баһыычаан араастаан эридьиэстээн, эргитэн син булан ыйытар.
– Оннук да буолан эрдэҕэ. Дьуралдьыйа бухатыыр Уралдьылаах Ураанайа халлаан быыра былытын үрдүнэн ойор ахсым сүөһү буолтун кэннэ, – диир Уйбааҥка.
Эбэм кэпсэтиини сэҥээрэн истэн олорон:
– Былыыр-былыр, түҥ былыр биһиги төрүттэрбит баҕар, ол ыраах да ыраах, кус сымыытын кумахха көмтөххө тута буһар, сылы эргитэн сырылас куйаас итии дойдуларга тиийэ тарҕанан олорбуттара буолуо – ити олоҥхоҕо кэпсэнэр араас кыыллар-харамайдар үөскүүр кый-бырах сирдэригэр. Олоҥхо хаһан айыллыбыта биллибэт ээ уонна биллиэ да суоҕа. Киһи санаатаҕына санаата кыайан тиийбэт кэмэ-кэрдиитэ… Омуна суох, бэл, санаа ырар ырааҕа… Дьэ, онтон улуу кыргыс үйэлэригэр өлүүттэн-сүтүүттэн күрэнэн сорохторо хоту түстэхтэрэ. Айаны, сырыыны-сылбаны кыайар, буһууну-хатыыны тулуйар бастыҥнара, сыыйыылара эрэ, сылы сылынан унньуктаах уһун айаны айаннаан – эгэлгэ көтөр-сүүрэр сөбүлээн төрүүр-ууһуур, сөрүүн сөлөгөй салгыннаах, көстө сүүрэ сылдьар бараммат байым бултаах, уолбат ойбонноох киэҥ нэлэмэн биһиги дойдубут өҥ буоругар үктэннэхтэрэ, салгыы улуу Өлүөнэ эбэни өксөйөн Муустаах байҕал кытылыгар тиийэ тарҕаннахтара… Оттон тылларыгар-өстөрүгэр төрүт сирдэрин кыылларын, көтөрдөрүн ааттара хааллахтара…
– Урут, куобаҕы наар табысхаан дииллэрэ эбитэ үһү, кэлин киһи эрэ барыта куобах диир. Мин санаабар табысхаан диэн отой түҥ былыргыттан кэлбит аата буолуохтаах, – Настааччыйа, эмээхсин саҥатын сэҥээрэ түһэр.
– Соҕуруу дойдуга хаһан да кыһын кэлбэт үһү. Бу биһиги сиир саахарбыт курдук минньигэс амтаннаах араас эгэлгэ, киһи сутуругун, төбөтүн саҕа отоннор маска тааҕы-таах үүнэн тэйгэһэн тураллар үһү, – диир Баһыычаан.
Уйбааҥка уол Баһыычаан саҥатын отой сэҥээрбэтэхтии туттар:
– Ии, ол кэпсиир итии дойдуларыгар сүлүһүннээх үөннэрэ-курдьаҕалара кып-кыймаҥнас, сап-сараҥнас, бып-бырдырҕас, бап-баачырҕас диэн кэпсииллэр. Киһини биирдэ ыстаатылар, тиктилэр да сонно тута тэппэккэ, быһа төрүттэриҥ дойдутугар аттана тураҕын үһү. Биһиги хоту сиргэ олорорбут да үчүгэй, сайын тигээйибит да тигэрэ, этиҥмит тииһэ, лос кэтэхпит да ыстыыра сөп буолуо…
Уйбааҥка саҥатыттан бары күлсэбит…
– Мэлдьитин буһурук куйааска олоруу салгымтыалаах соҕус ини. Биир бэйэбэр сылым эргиириттэн, хатыламмат хаттыгаһыттан ордук туох да суох. Кыыдааннаах кыһыным, сырылас сайыным, аны көмүс күһүнүм, күүтүүлээх ахан сандал сааһым барахсан – суох, туохха да биэрбэппин, ситэри ситэн холообоппун, тэҥнээбэппин – төрөөбүт дойдум кэрэтин. Санаан да көрдөххө – сыл эргиирэ, түөрт кэмэ суох олоруу, эчи хобдоҕо да бэрт дии… – диир Кууһума.
– Оннук…
– Дьэ ити баҕас сөпкө сөллөҥнөөтүҥ… – бары сөбүлэһэбит.
Эмискэ, Улахан Баһылай хаппахчытын иһигэр олорон, маҥнай көннөрү энэлийэн баран, туох да ис хоһооно суох, тохтуу-тохтуу, оргууй ыллаан барда… Биһиги дьиэ иһинээҕилэр хайа муҥун үөрэммит дьон кыһаллыбаппыт, оттон тастан киирбит уолаттар, төһө да Баһылай «моһуогурарын» биллэллэр сирэй-сирэйдэрин көрсөн баран, оттомуран хааллылар…
Биэрэ күүгүнүүрүн тардыалаан «сүү-сүү-сүү…» сүүгүнэтэрэ уонна түннүк тааһыгар «топ-топ…» охсулла-охсулла тойон ыҥырыа лоҥкунуу көтөр кынатын тыаһа эрэ иһиллэр…
Хайыы-сахха өрө тэмтэйэ охсубут күн уотун сарпа сарадах сырдык сардаҥалара суоруу муостаҕа түһэн тараадыйан туралларыгар, сибилигин Настааччыйа оһох иннин сиппийбитигэр өрүкүйбүт быыл биир кэм уҥа-хаҥас дэйбэҥнии, устаҥныы, куоҕаҥныы оонньуур… Уонна… Уонна Баһылай ыллыыр… Убайым Улахан Баһылай ыллыыр…
* * *
Балыыһаттан тахсаат да, Өҥсөөччү эбэҕэ от мустаран массыньыыстыы сылдьан – өртүктэн аппын тутаары, сылгылар иннилэрин күөйэ сүүрээри, хаһырыаҕа сыыһа үктээн атаҕым бааһын сиигин көтүрү түһэн кээстим. Хас да хонукка былааппынан баанан сэрэнэн хаама сырыттым… Оппун мустарбытым курдук мустарабын. Киэһэ дьиэбэр кэллэхпинэ, кистии-саба сымыһахпын быһа ыстыы-ыстыы, туох да буолбатах киһи курдук туттабын… Күһүнүгэр тиийэн, төһө да сиигэ көтүллэн ортотугар моһуоктуу сырыттар, бааһым онно килэриччи оһон хаалла…
* * *
Кыһын, саҥа дьыл иннинэ, дохуот үллэстиитин үөрүүлээх күннэрин кэнниттэн, үгэс курдук холкуос отчуоттуур-быыбардыр икки күннээх «атыыр» мунньаҕа күйгүөрдэ.
Ынах сүөһү биригэдьиирэ Буолкап Сүөдэр миигин ыанньыксытынан ыла сатаата, оттон сылгы биригэдьиирэ Таппаҕаарап Хабырыыл: «Аана биһиэхэ сылгыһытынан кэллин…» – диэн этиннэ. Түмүгэр, холкуос бэрэссэдээтэлэ Ыстапаан Бохуомабыс миигин сылгыга анаата.
Урукку курдук, ханна ыйалларын хоту, араас быстах үлэҕэ, солбукка барарым тохтоон, аны чопчу биир сүрүн үлэлэнним.
Аана диэн ааттаах элбэҕин иһин, атылыы ааттаах дьонтон араараары – Кэнээр Аана, өссө сорохтор Сылгыһыт Аана диэн ыҥырар буоллулар.
Кэнээрэбэ диэн араспаанньабын, саҥа былаас салайааччылара, эһэм Хара Өлөксөй аатынан – Өлөксүөйэбэ диэҥҥэ уларыттылар.
* * *
…Күн-хонук устара түргэнэ, күлүмэҕэ, ахсыма сүрдээх. Сылгыһыт буолуохпуттан, хайыы-сахха – иккис хаарбын ууллара оҕустум…
Араас быһыылаах-таһаалаах Дьөһөгөй оҕолоро барахсаттары айааһаан: миинэн, көлүнэн – эҥин-эгэлгэ сырыыны бары сырыттым. Хара үлэ ханныгар баҕарар харса суох хабытайданан, күүс үлэтигэр кыра эрдэхпиттэн хачыгыраччы эриллэн буспут-хаппыт киһи уонна ис-хааммыттан сылгыны кытары бүөбэйдэһэрбин, Дьөһөгөй оҕолорун көрөрбүн-истэрбин сөбүлүүр ахан буоламмын – бу идэбэр, үлэбэр олус диэн табылынным. Сайын – тириим тэнийиэр диэри, астына-дуоһуйа дьүөгэлэрбиниин оттуубун…
Оҕолор өссө улааттылар: Өксөөн кыыһа Батиима – кугас баттахтаах, сырдык хааннаах, ис киирбэх номоҕон дьүһүннээх үчүгэйкээн кыыс буолан улаатан дьоройон таҕыста… Баһыычаан эмиэ букатын атын киһи, сайыны быһа от үлэтигэр букунайар, Быралгы этэринии «ходуһа иччитэ»: от да охсуһан көрөр, мунньуһар; ардыгар, сорох сай, оҕуһунан отчуттарга ыһык да таһан ылар. Баһыычаан – төһө да уҥуоҕа-арҕаһа улаатан, эмиэ да үөрэхтэнэн эҥиннээн, түспэтийэн обургу уол дэнэн «тыыллан-хабыллан» турдар, били, «кытта төрөөбүт кыдьыга» дииллэринии – баһын иһэ барыта саҥа. Дьэ, кырдьыга да, «саҥаран-иҥэрэн баран кэлээр» диэбит урааҥхайдара. Аны туран Баһыычаан саҥата мээнэ куллурҕас куолу, кус-хаас тойуга буолбатах, кини киһи киэнэ барыта туох эрэ эргитиилээх, эридьиэстээх, иһэ истээх, түгэхтээх ис хоһоонноох. Болҕомтону бэйэтигэр тардар дьикти саҥалаах-иҥэлээх, тыллаах-өстөөх ураты бөтөс… Сүрэхтээх-бэлэстээх буолан туохха барытыгар улгума сүрдээх, онон дьоҥҥо-сэргэҕэ ылгын уол аатырар.
Оҕону оҕо солбуйар, аны Бэргэһэчээн борбуйун көтөҕө охсон, бэйэтин бараллаата саастыы, эмдэй-сэмдэй оҕолору кытары дьирикилээн, бурҕаалаан, кутуйахтаан уһун күн устата уччуйан хаалар…
Балаҕаччы холкуоспут киинэ буолан туох эмит сонун, саҥа кэлбит барыта онно. Сорукка, үлэҕэ бардыҥ да урут истибэтэххин истэн, көрбөтөххүн көрөн кэлэр сирбит. Бэл куоска диэн харамайы кытары аан бастаан, өссө Мундулуҥдаҕа олорон, Балаҕаччыга көрөн сүрдээҕин дьиктиргээн турардаахпын. Баахыла Өлөксөйдөөх диэн ыалга кэлэн дьиэҕэ киирэн истэхпинэ, ити курдук, тиэргэн иһигэр үүнэн турар биир улахан тииккэ, икки ыт, хаһан да көрбөтөх кугас харамайбын субуруҥнатан таһаарбыттара. Мин итинник кыылы урут харахтаабатах киһи сүүрэн мэтэһийэн тиийэн, тиит төргүү мутугар түүрүллэн олорор уп-уһун кутуруктаах харамайы эргийэ сылдьан кыҥнаҥныы-кыҥнаҥныы сирийэн кыҥастаспытым. Ол курдук тээспэҥнии түһэн баран, дьиэҕэ киирэн Баахыла ойоҕо Балбаараҕа сонуммун кэпсээбитим. Иккиэн «дьикти харамайы» көрөөрү сонно таска тахсыбыппыт. Балбаара тиит төргүү мутугар ньыкыйан олорор «кыылы» көрөн баран күлэн тоҕо барбыта. «…Хайа, тоом, куосканы билбэккин дуо, ити биһиги баайбыт Өрүөлчээн дии… Куоска дии, тоом…». Эннэрин-миннэрин эрдэ билсибит дэриэбинэ ыттара биһиги тахсарбытыгар хайыы-сахха барбыт этилэр… Балбаара тиит анныгар туран: «Кис-кис-кис… Өрүөлчээн… Өрүөлчээ-эн, кэл…» – диэбитигэр, кугас куоска дьахтар түөһүгэр ыстанан, иччитигэр көтөхтөрөн кэбиспитэ. Куосканы имэрийбитим, онуоха Өрүөлчээн атаахтаан көхсүн иһигэр курдьугунаабыта… Ити курдук мин урут үһү-таамах сураҕын эрэ истибит харамайбын куосканы кытары аан бастаан билсэн турабын.
Баахыла Өлөксөй Саамыга кустуу таарыйа Мундулуҥдаҕа, биһиэхэ дэҥ-дуҥ охсуллан ааһааччы. Ыаллар Биэрэ диэн соҕотох кыыстаахтар. Урут, сэрии кэмигэр, атах-балай ускаай сылдьар эрдэхпинэ, Арҕаа Кыргыдайтан Сылапчаан эбэҕэ сатыы тиийэн Баахыла кэргэнэ Балбаара аҕата Сынныкы оҕонньордооххо икки хонон турурдаахпын. Сүрдээх үчүгэй майгылаах ыаллар. Төһө да «Муолатап» холкуос дьоно буоллаллар, түмсүү кииниттэн тэйиччи, Сэсэлииһим Суола холкуос эҥээр, сир ортотугар олороллоро. Ол да иһин бара сырыттаҕым…
* * *
…Сайын, окко киириэх иннинэ, Батииманы ат самыытыгар мэҥэстэн, Балаҕаччыга киинэ көрө бара сырыттым.
Чочуга дылы ахчаҕар атахтаах, киинэ көрдөрөр култаҕар моһуоннаах, сэппэрээтэр курдук тутаахтаах тэрили эрийэр оҕолор – киинэни босхо көрөллөр, онон туһугар былдьаһык үлэ.
Кыра кыыска бары-барыта сонун, көрөн-истэн чоҕулуйуу. Кулуупка мустубут дьон: «Бу туох ааттаах киһи таптыах курдук сэргэх дьүһүннээх үчүгэйкээн кыысчаанай…» – диэн Батииманы иэдэһин тутан, төбөтүн имэрийэн ымманыйаллар ахан.
Кулууп эркинигэр маҥан табаары тиирбиттэрин көрөн кыыһым: «Ити туох өрбөҕүн ыйаабыттарый?..» – диэн ыйытар. Мин урут киинэни хаста да көрбүт киһи: «Итиннэ дьоннор хаамсыахтара…» – диибин. «Эркиҥҥэ хайдах хаамсалларый, һууллан түспэттэр дуо?..» – диир кыра кыыс.
Киирэн-тахсан, кэлэн-баран элэгэлдьийбит, эриэн киэпкэни кэтэҕэр ууруммут кинэмэхээнньик уол кулууп аанын тэлэччи аһан баран, били, чочуга дылы култайбыт тэрилэ туга эрэ сатамматаҕын оҥостон букунайар кэмигэр, Батиима, оол курдук, күөл кытыытыгар мэччийэ сылдьар сылгылары одуулаһар: «Эдьиий, көрүүй, эбэҕэ һылгылар һылдьаллар…» – диэн «улахан» сонунун кэпсиир…
Кэмниэ-кэнэҕэс ахчаҕар атахтаах тэрилбит дьэ сатанан: кулууп аанын, түннүктэри сабан кэбистилэр. Киинэ көрөөччүлэр сороҕо өйөнөрдөөх, сороҕо өйөнөрө суох лааппыларга олордубут. Батиима – аан маҥнай киинэ диэни харахтыыр кыыс – туома, түөрэ харах иччитэ буолан, олус диэн дьиктиргээн, сөҕөн одуулаһар, кыҥнаҥныы-кыҥнаҥныы кыҥастаһар. Экирээҥҥэ элбэх дьон халҕаһалыы анньан кэллэхтэринэ миэхэ ыга сыстан кирийэр… Биир түгэҥҥэ, уонча аттаах киһи кудуччу хаамтаран, улам-улам чугаһаатар-чугаһаан уун-утары субу ыннаран кэлбиттэригэр, Батиима аны мин үрдүбүнэн ааһыахтара, үлтү тэпсиэхтэрэ диэбиттии, куттаммыт куобах оҕотунуу ньыкыйан, бүтүн бэйэтинэн эмиэ хам сыстар, мэктиэтигэр кууһан баран, мэкчиргэ курдук, төбөтүн эрэ эргитэн – Кыһыл Аарымыйа аттаах дьонун – харахтарын кэҥэтиэҕинэн кэҥэтэн көрөр ахан, уһун кыламаннарын түргэн-түргэнник симириҥнэтэн чыпчылыҥныыр… Тор курдук бытыктаах, килбэлдьигэс тордоххой хара тирии сонноох киһини баһылык оҥостубут, уһуктаах хороох бэргэһэлэрин сүүһүгэр сулус туоһахталаах, саалаах, саабылалаах, аттаах дьон, суорҕан саҕа былааҕы өрө тутан тэлимнэтэн, отой субу ыга астаран кэлиэх курдук гынан иһэн, тэһииннэрин уҥа тардан, ойоҕолуу хаамтаран ааһаллар… Онуоха Батиима: «Һуу!!. Хата аттаахтар эбэ диэки бардылар!!.» – диэн киэҥ баҕайытык саҥа аллайбытыгар, киинэ көрө олорбут дьон, оҕолуун-улаханныын күлсэн күйгүөрсэ түһэллэр… Кырдьыга да, кыра кыыс Батиима санаатыгар, кини көрдөҕүнэ – аттаахтар Балаҕаччы күөлүн диэки, эбэҕэ аастахтара…
Мин аан маҥнай киинэни өссө Мундулуҥдаҕа олорор эрдэхпитинэ көрөн турабын. Араадьыйаны эмиэ. Араас сорукка, сибидиэнньэ эҥин илдьэн, аҕалан төттөрү-таары: ат да миинэн, сатыы даҕаны үгүстүк тиэстэрим.
Биирдэ, сайын, Балаҕаччыттан кэлбит бэтэринээр кыыһы кытары, көлө төннөрөр соруктаах, биир акка мэҥэстэн сээкэйи кэпсэтэ иһэн, устунан айахпыт аһыллан, төрүппүтүн түөһэн билсибиппит – аргыс кыыһым ыкса аймаҕым буолан соһуппута. Халбаакыга төрөөн баран, онно оскуолаҕа үөрэнэн, салгыы бэтэринээр үөрэҕин бүтэрэн Балаҕаччыга бэтэринээрдии кэлбит кыыс – эһэм Кэнээрэп Өлөксөй Уйбаанабыс (Хара Өлөксөй) кытта төрөөбүт убайа Отчут Мэхээлэ Маарыйа диэн кыыһын кыыһа, сиэнэ буолан биэрбитэ. Аата – Суура диэн.
Эһэм Хара Өлөскөй барахсан аах сүүрбэ ордугуна түөрт буолан бииргэ төрөөбүттэрэ эбитэ үһү.
Араас холкуос, нэһилиэк-нэһилиэк, улуус-улуус аайы тарҕаммыт төрүттэрим сыдьааннарын, ыччаттарын, кинилэр оҕолорун, сиэннэрин – аймахтарбын, урууларбын – ити курдук дэҥ-дуҥ, олох суола холбооттон, соһуччу көрсүтэлиирим…
* * *
Биэс уон биир сыл күһүнүгэр, эмиэ Дээҥдэҕэ оттуу сылдьан, биир күн биригэдьиирбит Буолкап Микииппэртэн үтүө сонуну иһиттим. Микииппэр кэлэн: «Убайыҥ, Улахан Баһылай үчүгэй буолбут, ыарыыта ааспыт… Бэйэтин көрсөн кэллим…» – диэтэ… Ыһык таһар уол Тэйгэ эмиэ ону бигэргэттэ. Баһылай бытыгын хоруммутун уонна уруккутун курдук тиргэлээн кус бөҕөтүн ылбытын, бэл эбэтигэр киирэн илимнээн эрэрин туһунан кэпсээтэ…
Дээҥдэ Айдаҥтан ырааҕа бэрдиттэн уонна от үлэтин үлүскэнигэр сылдьар дьон дэриэбинэҕэ быкпаппыт. Ыһык таһар уоллаах, өтөр-өтөр кэлэн барар биригэдьиирдээх аатабыт тугун мээнэ тиэстиэхпитий. Сарсыарда бэрт эрдэ турабыт, киэһэ ходуһаттан букатын хойут, хараҥарыыта биирдэ харбыалаһан тахсабыт…
…Балаҕан ыйын ортотугар оттоон бүтэн, икки оҕус сыарҕатыгар таһаҕаспытын лөглөччү тиэнэн Айдаҥҥа көһөн кэллибит.
Саҥа тутуллубут кулууп балаҕан халҕанын саҕа килэриспит киэҥ түннүктэрин эргиччи оһуор быһан хаптаһынынан киэргэппиттэрин сөҕө-махтайа одуулаһа-одуулаһа тэлгэһэбэр киирдим. Сүүрүү-хаамыы ыккардынан дугуна көтөн кэлэн дьиэм аанын тутааҕын тутан баран көртүм, оол курдук, хоспох ойоҕоһугар убайым Улахан Баһылай миэхэ көхсүнэн буолан, арай, тугу эрэ уһана олорор эбит: тулатыгар устуруус көөбүлэ, быһах, сүгэ олуктара ыһыллыбыттар… Сэмээр чугаһаан баран:
– Баһылай… – диэтим.
Убайым кыраабыл баһын ньилбэгэр ууран тиис ытаһалыы олорбутун тохтотон чинэс гына түстэ, онтон эмискэ эргиллэн миэхэ хайыста…
– …Аана!.. Оо, оҕом Аана кэлбит!.. – диэт ойон туран, үөс-батааска биэрбэккэ саба кууһан ылан, сүүспүттэн үрүт-үөһэ сырылаччы сыллаамахтаата.
– …Баһылай…
– Дьэ кэллэ дии!.. Дьэ кэлээхтээтэ!.. Көрбөтөх, кэпсэппэтэх ыраатта даҕаны ээ… Тыы-ый, отой уларыйбыккын ахан, төрүт, букатын атын Аана…
– …?…
– …Өссө сылгыһыттаабытыҥ хас да сыл буолбут үһү дии… Оттон биһиги буоллаҕына бу… Үс сыл дииллэр… сымыйа курдук… бүтүн үс сылы быһа… Аны баҕас бачча бэттэх кэлэн баран, үтүө буолар инибит, туох баһаанай, хайа муҥун… – Баһылай саҥа таһаарбакка эрэ ытыыр, сырдык таммахтар кырыылаах иэдэһин устун, тыын ылардыы тохтуу-тохтуу сүүрэн түһэллэр, уҥуох-сула сыҥааҕа эйэҥэлээн, алын уоһа кыра оҕолуу мэрбэҥниир… Урут эр киһи ытыырын хаһан да көрбөтөх киһи бэйэм эмиэ уйадыйан, харахтарым туманныран кэлбиттэрэ…
Баһылай хааллан олорбут хаппахчытыгар эмээхсин кими да киллэрээччитэ суох, дэҥ биирдэ эмит аан аһылларыгар-сабылларыгар түбэһэ көрдөххө убайым дьүһүнэ букатын атын киһи курдук уларыйбытын сөҕөрүм. Ыалдьыан иннинэ чэнчис ахан киһи, кэлин баттаҕа саннын байаатыгар тиийэн, киртийэн, устунан быт ыһан тунайдаабытын нэһиилэ ааттаһан күлтүччү кырыйбыттара күрдьүгэс көхсүнүү тараадыйа эриэннэммитин көрөргө сүөргүтэ сүрдээх буолара. Муннун аннын уонна сэҥийэтин бытыга намылыйа үүнэннэр – аһыырыгар айаҕа эрэ оҥоҥнуура. Эбэм сөп-сөп улахан кытахха сылаас уу кутан киирэн уолун кыра оҕолуу сууннарара. Баһылай ийэтэ тутарын-хабарын эрэ истэрэ, арай баттаҕын лэппийэрин, сарбыйарын сөбүлээбэтэ. Бэл убаҕаһыттан, хойуутуттан сиргэммэт буолуор диэри төбөтүнэн моһуогурбут убайым эрэйдээҕи дьон: «Ыалдьыбыта ыраатта, хас да сылы быһа сору көрөөхтөөтө, итиччэ уһун кэм устата өрүттүбэтэх муҥнаах аны кэлэн үтүөрээхтиир үһүө, урукку чөлүгэр, оннугар түһэрэ саарбах…» – диэн Баһылайы аһынан ботугураһаллара. Ол бэйэтэ эмискэ, айыы тыына тэһэ кэйбитинии, быһа имнэммитинии – өйүн-төйүн булан киһилии киэлитэ хат эргийдэҕэ… Үс сыл тухары биир да тылы төлө ыһыктан айах атан кэпсэппэтэх Баһылай, утуйбут киһи уһуктубутунуу, дьиктитик, эмискэ өйдөммүт. Биллэн турар уруккутуттан туга эрэ уларыйбыкка дылы… Бытыгын кичэйэн хоруммут, баттаҕын эмиэ дэхси гына тэҥнии кырыйтарбыт. Тоҕо эрэ үрдүк уҥуоҕа арҕаһынан куоҕайан бөкчөйбүккэ дылы, ол арааһата, урут үлэ-хамнас үөһүгэр хачыгырайа сылдьыбыт киһи, уһун кэм устата тугу да үлэлээбэккэ нүксүйэн олорбутуттан гынан эрдэҕэ, хамсаммакка-имсэммэккэ олорон этэ-сиинэ борҕоһуйдаҕа…
Мин өссө Баһылай «өйдөммүтэ» ый кэриҥэ ааспытын кэннэ кэллэҕим, билигин кини букатын уруккутун курдук чөлүгэр түһэн эрэр эбит. Өй-санаа ытылҕанын амырыын ыар ыарыыта ытарчалыы ылан баран ыһыктыбытын – Баһылай силигин ситэри сыныйан барытын өйдүүр эбит, дэлэҕэ да бачча сааһыгар диэри көмүскэтин уута халыйарын көрдөрбөтөх киһи – үтүөрбүт, бэттэх кэлбит үөрүүтүттэн долгуйан, отой оҕолуу ытыа дуо…
…Көмүс күһүн күөйэ көтөн кэлэн, Арыылаах эбэни иилии-саҕалыы эргийбит тыа ото-маһа саһарчы баран, көймөстүбүт дыргыл сытынан тунуйан, тыаһы иһиллээбиттии уу чуумпуга иһийбит… Били сайын киһини-сүөһүнү сүгүннээбэтэх үөн-көйүүр ханна барбыта биллибэккэ мэлийбит. Ардаабатаҕа ыраатан суол-иис кууран кубус-кураанах. Уулаах отон ситэ буһан кырдал, сиики аайы хойуутук будьуруйа кытарар… Салгын сүүйэн ылбыттыы эбии дьэҥкэрэн ырааһырбыта сүрдээх. Биир да кыркаҕа суох күп-күөх халлаантан күн уота чэмэличчи тыгар. Киһи туох да сылтаҕа суох наар мичээрдии, кэрэни эрэ ыралана сылдьыах үтүөкэн күннэрэ үүнэн тураллар…
Эбэм – чугас ханна эрэ тыаҕа тахсыбыт, Баһыычаан Биэрэлиин – оскуолаларыгар, дьахталлар – үлэлэригэр, Бэргэһэчээннээх кыанардыын-кыамматыын түөрэ бары көһөн Өксөөннөөххө дьаарбайа барбыттар, Кыра Баһылай – бүтэй тута Өҥсөөччүлээбитэ хас да хоммут, онон Улахан Баһылай дьиэ дьиэлии бэйэтэ хаалбыт. Миигин кытары искэ киирсэн аһын-үөлүн тардан бэлэмнээтэ, отой атын киһи, уруккута уруккутунан, өссө сотору үлэбэр анааталлар диэн үөрэ-көтө санаатын үллэстэр.
Били, убайбын хаайбыт хаппахчыларын көтүрэн кэбиспиттэр, түннүгү саба саайбыт хаптаһыннарын ылбыттар – дьиэ иһэ кэҥээбит, эбии сырдаабыт…
…Баһылай ыалдьыан иннинээҕи кэмин барытын үчүгэйдик өйдүүр, төрүт тугу да умнубатах. Куораттан тахсыбыт, үрдүк үөрэхтээх луохтуур – киһибит өйүн-санаатын туругун тургутан көрөөрү араас эгэлгэни эридьиэстээн ыйыталаһар, эмискэ үтүөрбүтүн олус дьиктиргиир. Кэлин, Балаҕаччы бырааһа кэлэ сылдьан эмиэ Баһылайы «үтэн-анньан» арааһы түөргүлэһэр уонна сурунан иһэр. Ол, туһугар, бэйэтэ көрүдьүөс. Луохтуур этэр:
– Мин эйиэхэ ыйытыы биэриэм, сөп?.. – диир.
– Сөп, – биһиги киһибит кэтэмэҕэйэ суох, улгумнук сөбүлэһэр.
– Эн онно, төһө кыалларынан түргэнник, лоп бааччы хардара, чопчу хоруйдуу охсуохтааххын…
– Дьэ…
Быраас эмискэ тэһэ баран ыйытар:
– Сааһыҥ хаһый?!.
– Баллайар баһаан!.. – Баһылай соһуйбут курдук төлө биэрэр.
– Оҕоҥ хаһый?!.
– Отой һуох!..
– Ийэҥ аата кимий, аҕаҥ аата кимий?!.
– Ийэм аата – чоху, аҕам аата – баҕа!..
Биһиги күлсэн тоҕо барабыт…
Быраас уол сонньуйар, кэтэҕин тарбанар:
– Ээ, бу киһи соруйан гынар, оттон куорат бырааһа бу курдук ыйыталаһан көрөөр диэбитин иһин, мин эмиэ – үлэбин үлэлээбитэ, толорбута буолан дуомнанабын ээ, – диир.
– Чэ, доҕор, сөп буолуо, хайа муҥун дьону күллэрэн, – Баһылай дьиэ иһинээҕилэри сонньуппутуттан иэйэн бэйэтэ эмиэ күлэр.
Ити күнтэн ылата Улахан Баһылайы – Баҕа Баһылай диэн дьээбэлээн ааттаатылар, устунан онтута өссө хос аат буолан хаалла.
Сэтинньи саҥатыгар Баһылай – Маҥан Халдьаайы хотонугар отун ыйаан үлэлээбитинэн барда.
* * *
Кыргыдай нэһилиэгэр бөдөҥсүтүү буолла. Дьооху «Түмсүү» холкуоһа уонна Илин Кыргыдай «Чернышевскай», Арҕаа Кыргыдай «Социализм Суола» холкуостара холбоспут сурахтара иһилиннэ. Онтон ол нөҥүө сылыгар биһиги Свердлов аатынан холкуоспутун Калинин аатынан холкуоһу кытары эмиэ биир гынан холбоон кэбистилэр. Үөһэттэн дьаһал, ыйыы-кэрдии хайаан да толоруллар, онон барыта буолуох буолуохтааҕын курдук. Балаҕаччыга кииннэннибит…
Ыаллыы сытар нэһилиэктэрбит үлэлэрин-хамнастарын, олохторун-дьаһахтарын туһунан мэлдьи истэ-билэ олоробут. Сэрии кэннинээҕи суот-отчуот кэнниттэн иһиттэххэ – Кыргыдай нэһилиэгин үс холкуоһуттан барыта 74 (сэттэ уон түөрт) киһи сэриигэ ыҥырык тутан барбыт, олортон 40 (түөрт уон) киһи сырдык тыына кыргыһыы хонуутугар быстыбыт (сураҕа суох сүппүттэрдиин). 34 (отут түөрт) киһи үгүстэрэ эттэрэ-сииннэрэ сэймэктэнэн, сорохторо намааларын сүтэрэн да буоллар, төрөөбүт төрүт дойдуларыгар, ахтылҕаннаах алаастарын өтөҕүн буоругар син үктэммиттэр.
Сэрии кэмигэр хайа да холкуостарга курдук 1943 сыл ордук улахан сууһарыыны, алдьархайы аҕалбыт. Ити үс холкуоска барыта 65 (алта уон биэс), ол иһигэр 17 (уон сэттэ) оҕо хоргуйан өлбүт.
Сэрии саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри, кыргыһыы хонуутугар 40 (түөрт уон) киһи, оттон тыылга, элэтэ икки кыстык кэм иһигэр 65 (алта уон биэс) киһи өлбүт… Бу да судургу холобурдартан дьэҥкэтик көстөр, тыылга хаалбыттар хайдахтаах курдук ынырык сору-муҥу, төһөлөөх эрэйи-кыһалҕаны эт эҥэрдэринэн тэлэн Улуу Кыайыыны уһансыбыттара…
Хас биирдии нэһилиэк холкуостара атын нэһилиэк холкуостарыттан туһунан олохтоохтор-дьаһахтаахтар, уратылаахтар. Араас мунньахтарга сылдьан, оройуон хаһыатын сонунун, дьон кэпсэлин истэн киһи үгүһү-элбэҕи билэр-көрөр. Кыргыдай нэһилиэгин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Айдаҥҥа кэлэн Өксөөннөөххө хоноһолуу сыттаҕына, биһиги кини нэһилиэгин олоҕун туһунан учуот суруйбут кумааҕытын аахтыбыт, онно маннык суруллубут: «…Кыргыдай нэһилиэгэр 70 дьиэ баар, олортон 17-тэ туруорбах балаҕан, 66 дьиэ сарайа суох, 69 дьиэ олбуора суох, 41 дьиэ сирэй (симии) оһохтоох, 23 дьиэ убуорунайа суох, 12 дьиэ муостата суох. Барыта – 525 киһи олорор, 70 хаһаайыстыба бас билэр дьиэтэ суох, онон хастыы да ыал дьуккаахтаһаллар. Олоруу кыараҕаһыттан, кирдээҕиттэн: 60 киһи торохуомалаах, 67 киһи сэлликтээх. Мантан сиэттэрэн олохтоох сэбиэт сиэссийэтэ анал былаан, быһаарыы ылбытынан, нэһилиэк олоҕун тупсарар туһуттан, чааһынай ыал дьиэлэрин тутууну элбэтэргэ уонна сирэй (симии) оһоҕу барытын билиитэ оһохторунан солбуйарга…» – диэн…
Бөдөҥсүтүү буолаатын, ити сыл сааһыттан – Айдаҥҥа олохтоох ыаллар биирдиилээн, ээр-сэмээр Балаҕаччыга көспүтүнэн бардылар. Биһиги эмиэ көстүбүт. Холкуос ынах да, сылгы да сүөһүтэ, сүөһүгэ үлэлиир дьон олорбуттарын курдук оннуларыгар олордулар, дьиэлэрин көһөрбөтүлэр. Онон «Свердлов» холкуос аата-суола төһө да сүттэр, кыра учаастак быһыытынан Айдаҥҥа хаалла.
Икки холкуос сылгыта, ынаҕа холбонон биир холкуос баайа да буоллаллар, син биир урут кыстаабыт сирдэригэр кыстаатылар, сир уларыйбатылар. Атыыр үөрдэрэ сыллата хаспыт сирдэригэр хаһан, күөл-күөл аайы тарҕанан сырыттылар…
Мин Уйбаныап Дьэримиэйдээххэ дьукаахтастым. Сылгыһыт буоламмын Айдаҥҥа хааллым, ол эрээри Балаҕаччыга дьоммор субу-субу тиэстэбин, өтөр-өтөр ыһык ыла төттөрү-таары барабын-кэлэбин…
Биирдэ, Быркылаахтан Айдаҥҥа көһөн кэлбит Лэкээрэй эмээхсиннээххэ киирэн олордохпуна, Балаҕаччыттан субу кэлбит Дьыксаах Апанаас обургу көтөн түстэ, киһибит: «Ыстаалын ыалдьыбыт үһү…» – диэн сонуннаах. Онуоха Лэкээрэй эмээхсин, туох да күлүүтэ-оонньуута суох: «Ыстаалын биһикки баҕас хоочойоору да гынныбыт ини…» – диэн дьонун улаханнык дьиктиргэтэн да, соһутан, сонньутан да турар.
Итинтэн сотору Маҥан Халдьаайы хотонугар Одуҥдаттан икки оҕуһунан от тиэйэ кыадьаҥнатан иһэн, күөлбэр тиийэрим чугаһаан баран, айан суолугар, утары Баабылап Борокуоппай диэн биһиги холкуос бэтэринээрин көрүстүм, сирэйэ-хараҕа саппаҕырбыт, көлбөҕүрбүт. Сэрэйбит сэрэх: «Ыстаалын өлбүт үһү…» – диэн кэпсээтэ. «Чэ, төнүн, бары түмсэбит!..» – диир киһим. «Ээ, кэбис, бачча кэлэн баран хайдах кураанах төннүөхпүнүй, оппун тиэйэн баран тиийиэм…» – диэтим. «Оччоҕо эйигин күүтүөхпүт…» – Баабылап сыарҕатыгар хороччу олороот Айдаҥ диэки сыыйылыннара турда. Сып-сап оппун тиэйээт Айдаҥмар төннөн, Маҥан Халдьаайы хотонун кыбыытыгар сүөккээн баран бырабылыанньаҕа тиийтим, дьонум, кырдьыга да, миигин күүтэн олороллор эбит… Илии-илиибититтэн ылсан баран, «кутурҕан» диэн ааттаан, биэс мүнүүтэ, сүһүөхпүтүгэр соҥуоран турдубут… Дьиктиргээбитим диэн, ол туран көрбүтүм, Торотуу кыыһа Уйбаныаба Маарыйа, биир сири тобулу одуулаан баран, арай, мичээрдээн ахан турар… Хайдах эрэ, олуона баҕайы курдуга… Икки атахтаах санаата уустугун, эгэлгэтин туох диэххиний…
Олоххо киһи дэбигис өйдүү охсубат түгэннэрэ, түбэлтэлэрэ үгүс. Бэл бүтүн дойдуну салайан олорбут үрдүк дуоһунастаахтар норуот өстөөҕө аатырбыттарын туһунан араадьыйаҕа үрүт-үөһэ биллэр да биллэр буолларара. Киһи «туох баһаанай…» дии саныыра. Аһара баран эттэххэ, чэ, ол билбэт дьоммут диэн. Оннооҕор, күн бэҕэһээҥҥэ диэри бар дьон дьиҥ ытыктабылын ыла сылдьыбыт – холкуос, нэһилиэк салайаачылара, бэл сүөһү кэннин ыраастыыртан атыны билбэтэх, өтөхтөрүттэн да тахсыбатах, тэлэһийбэтэх, үөрэҕэ суох «түҥ-хааһах» дьону кытары «норуот өстөөҕө» диэн ааттаан умса-төннө анньан тутан бараллара – баска батан киирбэт, өйдөммөт суол буолара…
* * *
…Эбэм аах күһүн Балаҕаччыга тиийэн Малтархай диэн киһи балаҕаныгар кыстаатылар, онтон нөҥүө сылыгар Баһылайдаах дьиэлэрин көһөрөн, туттан киирэн хааллылар. Оҕолор урукку курдук, субуота аайы хас да көһү хаамаллара тохтоон, оскуолаҕа үрдүттэн үөрэнэллэрэ бэрт табыгастаах буолан биэрдэ. Ордук кыра оҕолордоох ыаллар абыраннылар.
Биһиги өссө эбилиннибит – Кыра Быһылайдаах Ниинэлэрин кэннэ уолланнылар, Охонооһой диэн ааттаатылар…
* * *
Калинин аатынан холкуос икки учаастагынан барыта уонча сылгыһыттаах. Мин кэннэ Балаҕаччыга Өлөксүөйэбэ Даарыйа диэн кыыс сылгыһыттыыр, онон холкуоспутугар сылгыһыт кыргыттар иккиэбит. Даарыйа миигиттэн биир сыл аҕа, кэргэнэ суох. Бэйэм курдук эмиэ элбэх саҥалаах-иҥэлээх, араас күн эгэлгэ дьиибэ-дьээбэ тыллаах-өстөөх, кэпсээннээх-ипсээннээх. Бэрт түргэнник бодоруһан билсэ охсон ыкса дьүөгэлии буолан хааллыбыт. Даарыйа омос көрдөххө номоҕон дьүһүннээх сэмэй кыыс курдук эрээри – куттаҕаһа, харса суох баабый быһыылаах. Хайа да сылгыны уолаттартан итэҕэһэ суох ыҥыырыгар да, сыарҕатыгар да, нэмин табан сатаан айааһыыр, сыһытар. Ардыгар миигин кытта Айдаҥ эҥээр кэлсэн иитиэххэ сылгы аһатыһар, эмиэ да иккиэн киэҥ сиринэн тэлэһийэн, ыраах сиринэн ыырданан сылдьан, сороҕор хараҥаҕа ылларан аһаҕас халлаан анныгар кулуһун уотугар сэктэҕэ хоно-хоно, атыыр үөрдэрин көрөн-истэн хаһыылаах сиргэ бугуйтуубут, хаарчахха аҕалтыыбыт.
Правообладателям!
Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.