Текст книги "Ийэм кэпсиир… (4 чааһа)"
Автор книги: Семен Маисов
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 13 (всего у книги 34 страниц)
Күнүс чэйдиирбитигэр кытылга тиксэн кулуһун оттон чэй өрүнэбит, үчэһэҕэ балык үөлэн тотуохпутугар диэри сиибит. Наар эмис балыгы хатаҕаланар буоллахха, туох да омуна суох, мэктиэтигэр, уойар эбиккин. Муҥха от үлэтин курдук хатар үлэ буолбатах, чэпчэки. Ыһык кэлбит кэмигэр: үүт, суорат, сүөгэй үссэнэбит, лэппиэскэлээхпит.
Кычыгырыы, кылыгырыы сытар таас үрдүнэн хаама сылдьар, урут маннык сири-уоту көрбөтөх киһиэхэ миэхэ, сонуна сүрдээх. Кытылга, күөлү эргийэ, инчэҕэй кумахха, эһэ суола мэлдьи ииппэрэй-тааппарай курдук дэлэй. Сороҕор, күтүр улахан атыыр эһэ, баҕыыр тыҥырахтардаах баппаҕайын суолун хаалларан бэйэтэ эрэ мэппэрдиир; ардыгар ийэ эһэ оҕолорун батыһыннаран кэлбит-барбыт суола ирбинньиктэнэр. Тыатааҕылар киһи хараҕар отой көстүбэттэр, суоллара-иистэрэ мэлигирэ эбитэ буоллар, бу дойдуга эһэ баарын киһи сэрэйиэ да суоҕун курдук. Аһыҥастардаах ийэ эһэ, эбэ уҥуоргу эрэ эҥээринэн дугуйданар эбит буоллаҕына, атыыр эһэ биһиги түһүүлэнэн сытар өтөхпүтүгэр отой ыкса кэлэн төттөрү-таары тэпсэҥэлээн чуҥнуур. Үксүн түүҥҥү өттүгэр, хараҥаны харахтанан биллэн барар. Биригэдьиирбит Кулуһуннуурап Дьөгүөр, бөрө курдук уҥуохтаах-арҕастаах (Дьөгүөр кэпсииринэн, кырдьыга да, бөрө сиэнэ үһү), Хагдарысымаан диэн сур өҥнөөх атыыр ыта, арыт түүн «ыҥырыга суох ыалдьыты» үрэн моргуйар. Киниэхэ көҕүйэн, Тэрии күөрт ыта Соҕотох үрсэр. Бэл Өлөксөй Хондокуоп ытын оҕото Лаайка, үнүгэс аата улахан ыттарга көҕүйэн лоҕуйар.
Уолаттар сарсыарда туран тыатааҕы суолу-ииһи чинчийэн көрөллөр. Хагдарысымаан эһэни тула көтө сылдьан тиистии-тиистии үрэр эбит; Соҕотох солуобатыгар эрэ тэйиччиттэн маргыйара билиннэ. Аны соһуйуохпут иһин ыппыт оҕото Лаайка Хагдарысымааны кытары тэбис-тэҥҥэ мөрөйдөспүт суола баачахай-иичэхэй курдук. Онон Дьөгүөр ыта уонна Лаайка «эсэһит ыттар» диэн сүрэхтэннилэр. Сай кырдьаҕаһа төһө да өҥүн-тотун иһин, адьырҕа аата адьырҕа – сэрэхтээх. Этэргэ дылы «эйигин бадьыыстыам, тыытыам суоҕа» диэн илии тутуспатах күтүр буоллаҕа. Киһи майгыта араас буоларыныы, ойуур харамайын быһыыта эмиэ эгэлгэлэнэр.
Муҥхалыы сырыттахпытына эһэ ардыгар биһигиттэн дьаадьыйан, субу, иннибитигэр эрэ аҕай «тыас хомуммут» буолар, икки атахтаахха боотурҕаан тыҥырахтарын таһааран баран мэппэрдээбит тахтайын суола инчэҕэй кумахха оһуор курдук оҥхойдонор. Барааҥка тыатааҕы суолугар бэйэтин сыгынньах атаҕын кэккэлэһиннэрэ үктээн тэҥнээн көрөр уонна хайа эһэ сылдьыбытын эндэпэккэ билэр: «Дьэ бу били «киһи», бу тумуһах эдэрэ, ити «тыһаҕас» киэнэ…», – диир.
Ойуурдааҕы айылҕатын сиэринэн икки атахтаахтан мэлдьи дьалты туттар, өрүү куота көтөн, тэскилээн биэрэр. Эһэ сүрдээх соһумтаҕай кыыл, бэл балыгы сииригэр хабаҕа пас гына тыаһыырын сөбүлээбэккэ ылгаан кэбиһэрэ эбитэ. Күөлгэ, көлүйэҕэ кус оҕолуу сырыттаҕына, инниттэн «чарт!» диэбитинэн үгүрүө көттөҕүнэ өлөрдүү соһуйан, өмүрэн баппаҕайдарын бэйэ-бэйэлэригэр лас гына охсоот, олору кэлэн түһэрэ үһү диэн көрбүт дьон күлэ-күлэ кэпсээччилэр…
Күлүмэн сүүллээн түспүтүн кэннэ, күөлбүт тумуһаҕынан тайахтар харбаан туоруулларын хаста да көрдүбүт. Тэрии икки ньилбэгин сууралана-сууралана олус абатыйар: «Оо, мөчөкө эт барда, абалаах хайдах гынан киһи ытан ылан айахха быраҕыай оҕолор…», – диидии, оол курдук, ыраах, төбөтө уонна арҕаһын сорҕото эрэ көстөн баран, бэйэтэ бүтүннүү тимирэн, иннин диэки харса суох дьүккүҥнээн харбаан сүгүллэҥниир тайахтан хараҕын араарбат. Окуоскун оҕонньор: «Тумуһах үөтүгэр тиийэн, сааҕын ииттэн бэлэмнэнэн баран, күүтээ олордоҕуҥ дии. Баччатааҕы тайах күлүмэннээн, этэ көймөстөн субу-субу харбыыр, ити эҥээринэн аарыыр буолуохтаах, кэлиэ буо, ханна барыай…», – диэн Тэриини хаадьылыыр. «Ээ, кэлиэ эрэ кэлимиэ, абытайыый доҕор, үөт арыы – сииктээх, сүдүрүүннээх сир бырдаҕа, үөнэ-көйүүрэ да сүгүн олордубат ини… чэ хайа…», – Сөдүөт, Окуоскун оҕонньор дьээбэтин кырдьык-хордьук ылыммыттыы хоруйдуур. «Күүппүт киһи, кырдьык, баҕар кэлиэ этэ, ээ-э?..», – Барааҥка тумуһах тумсун одуулаһа-одуулаһа саараҥнаабыттыы саҥарар. «Ытынан үрдэрбит киһи… Дьөгүөр ытынан… Хагдарысымаанынан… Дьэ үчүгэй да буолуо этэ – эт сиир, аҥаардас балык салгымтыалаах ээ. Ити ыккыт, наар эһэни үрэр диэтэххит дуу, ардыгар тайаҕы да туруорбутун аахайбакка сылдьарбыт чуолкай…», – эдэр уол тайахха эрэҥкэдийэрин тохтоппот. «Балыктаабакка тайахтаан оонньуу сырыттахпытына, хайа, тойоммут сөбүлээмээрэй доҕоттор. «Кикииримэрдэргэ» тэҥнии-тэҥнии, холуу-холуу сири тиҥилэхтээрэй…», – Дьөгүөр Кулуһуннуурап, «тойоммут» тыл дэгэтэ гыммыт үөхсэр тылын үтүктэр. Биһиги Дьөгүөр саҥатыттан күлсэбит. Өлөксөй Хондокуоп кыыһыран көбүөхтээтэ, тымтан тыылынна да наар: «Кикииримэрдэр!!.», – диидии өрө баргыйар үгэстээх. Итинтэн сылтаан, төрүөттэнэн, Хондокуобу истибэтигэр «Кикииримэр Өлөксөй» диэн ааттыыбыт…
Өтөр-өтөр, Ньычаҥда халтааматын эргин сылдьар холкуос табалара мотохоно курдук тугуттарыныын Муосталаах эбэҕэ халҕаһалыы анньан кэлэннэр, тумустаан киирбит кумах кытылга, чэлгиэн сиргэ салгыҥҥа сайа оҕустаран, атын аҕайдык кынтаһа-кынтаһа сүүрэкэлэһэллэр, сүр оттомноохтук чоноһо-чоноһо хаамыталаһаллар. Биһигини, муҥхаһыттары таба көрөн, сорох уруккуттан аһыы үөрүйэх табалар, тылларын былас түһэрэн сүүрэн мэҥийэн кэлэн ыксабытыгар тоҕуоруһаллар. Муҥха таҕыстаҕына «хара» балык быраҕан биэрдэхпитинэ харса суох былдьаһа-тарыһа сиэн сэлибирэтэн кээһэллэр. Таба – сүрдээх сиэмэх харамай: кус сымыытын, бэл саҥа тэспит кыайан көппөт көтөр оҕолорун – хараҕар, муннугар түбэстэллэр эрэ, чыбыгыраппытынан, тыыннаахтыы, курк-харк ыстыы-ыстыы ыйыстан кэбиһэр. Муннун анныгар туох түбэһэ түспүтүн, сиэниллиэх айылааҕы эрэ барытын аһылык гынар кыыл быһыылаах.
Таба – сылгы курдук тириппэт харамай (ыт эмиэ биир оннук), сүүрдэ да наар тылын былас түһэрэн аҕылыы сылдьар үгэстээх, инньэ гынан «чаанын» айаҕынан таһаарар.
Хастыы эмэ тугут биир табаны «бэргэһэ гынан» тилийэн эмэ сылдьар буолаллар.
Халыҥ таба үөрэ хара тыаттан, сараадыччы үүммүт хара сарадах муостарын лөглөччү өрө дьэндэтэн, эгээнэрин тыаһа лачыгыраан, уу долгунун курдук устан халҕаһалыы анньан киирэллэрэ – көрөргө астыга сүрдээх. Атырдьах ыйын саҥатыгар, таба муоһун салаата ситэр эрээри, ньуолах түүлээх тириитин балаҕан ыйыгар биирдэ эрэ ыаһаан бүтэрэр (онуоха диэри салыбыраппытынан-илибирэппитинэн сылдьар). Оччоҕо дьэ, кырдьыга да, ураа-лаҥкыр, кылбайбыт уһуктаах, өтөрү түһэн өстөөҕүнүүн өлөрсөр үҥүү-өргөс муостанар. Бэйэ-бэйэлэрин кытары тоһуйардарынан тобулута түсүһэн харсыстахтарына муос тыаһа биир кэм лап-лачыгырас буолар. Сүүллэрэ киирбит кэмигэр, атыырдар көхсүлэрин иһиттэн көөҕүнээн этэ-этэ, таныылара тардырҕаан сүрдээх харамайдар. Таба уонна тайах муоһун төбөтүн түүлээх кэмигэр быһан ылан (ардыгар кэриэрдэн баран) сиикэйдии сиэтэххэ сүрдээх минньигэс…
«Калинин» уонна «Свердлов» холкуос табалара бары бииргэ, булкуһа мэччийэллэр, биир сиринэн-уотунан тайаан чэччийэ сылдьаллар. Балаҕаччы уонна Айдаҥ табаһыттара кыттыһан, куолаан көрөллөр-истэллэр, маныыллар. Өссө хотуттан киирбит, бэйэлэрэ туспа табалаах, Ньыыканнаах уонна Биэнчиктээх диэн икки дьиэ кэргэн тоҥустар бааллар. Табалар төһө да булкуһа үөмэхтэстэллэр, күһүнүгэр эндэппэккэ араараллар. Ол барыта үйэлэр тухары үөскээбит үөрүйэхтэн тахсар.
Муосталаахха, сайыҥҥы муҥханы көрөөрү, быраҥаатта ылаары, дьон сатыы да, атынан да, ардыгар, ыаллыы холкуостартан кытта кэлэн бараллар. Сорохтор муҥха тардыһан көмөлөһөллөр…
* * *
Биир халыҥ былыттаах сарсыарда саҥа туран аһыы олордохпутуна Айдаҥтан, тыла суох Мамаах Дьөгүөр туос тымтайын сүкпүтүнэн тээһэрийэн тиийэн кэллэ. Эрдэһитэ диэн кини эбит. Мамаах, тыла суоҕун эбии, таас дьүлэй. Дьиэҕэ киирэн баран, Өлөксөйү кытары илии тутуһан дорооболосто. Өксөөн хончоҕорго чэй кута охсон биэрдэ, үөлүллүбүт быраҥааттаны куду аста. Мамаах Быйыл сайын Муосталаахха саҥа кэлиитэ, үрүҥ балыгын ахтабыт быһыылаах, быраҥааттаны харса суох хайыта тыытан ып-ыраастык, кылыгыраччы уҥуохтаан бэрт минньигэстик сиэн айаҕын тыаһа ньэмиргиир; сүүһүттэн, чанчыгыттан бычыгыраан тахсан таҥнары сүүрбүт көлөһүнүн хара кыл дэйбииринэн туора соттон кээһэр. Мамаах – бэрт чэбэр киһи, таҥаһа-саба эргэ эрээри ыраас, сууйуулаах-сотуулаах, барыта орун-оннугар, чөрү-чөкөччү. Кылгас гына кырыйтарбыт баттахтаах төбөтүгэр, күн уота быһа сиэн кубарыйбыт, куондардаах хортуус бэргэһэлээх. Кэннитэн көрдөххө, эдэр уол оҕо киирэн дьоройон олорорун курдук.
Биһиэхэ Мамаах кэлбитин көрөн, тастан Тайтах Ньукулайы кытары Барааҥка уол киирэллэр.
– Дьөгүөр кэпсээниҥ?!! – Ньукулай хаһыыта киэҥиттэн хата дьиэ иһинээҕилэр соһуйа түһэбит.
– Истибэт киһиэхэ тоҕо хаһыытыыгын, итинтиҥ этиҥ да эттэҕинэ «ээ» диэбэт ини, – Өлөксөй сонньуйар.
Мамаах төһө да таас дьүлэй буоллар, киһи айаҕа хамсыырынан, уоһа чорбоҥнуурунан туох диэн ыйыппыттарын кэм өйдүүр. Эрбэҕин чочотон, этэҥҥэ, тумуу-сөтөл киирбэккэ сылдьарын бэлиэтин көрдөрөр, эбиитин ымах гынар. Онтон халлаан былытырбытын, ардыыр чинчилэммитин кэпсээтэҕим буолан, икки илиитин даллатан үөһэ диэки ыйар, ити кэннэ эмискэ тылын таһааран баран, тыбыыран тоҕо барар.
Даарыйа күлэн тэһэ ыстанар. Мин Мамаах «кэпсэлин» элбэхтик «истибит» киһи көннөрү көрөн эрэ кээһэбин.
Дьөгүөр быраҥааттаны ыйа-ыйа «балыккыт төһө элбэҕий» диэн хараҕын быһа симириктии-симириктии, эрбэҕинэн моонньун туора соттор, ону көрөн мин ороммор кэлэн тиэрэ түһэн кэтэх тардыстан сыппыт Барааҥка:
– Ити аата туох диэтэ? – диир.
Тайтах Ньукулай – үөн хаата киһи, дьээбэтэ-хообото баппакка:
– Ити аата дуо… Ити аата, быраҥааттаҕытыттан өлгөмнүк бэрсибэтэххитинэ, хабарҕаҕытын быһа сотуталыам диир, – диэн «тылбаастыыр».
– Бу да киһиниэ… – Өксөөн баһын быһа илгистэр. Өлөксөй Хондокуоп күлэн күһүгүрүүр:
– Бэркэ тылбаастыыр бэдик быһыылааххын…
Дьөгүөр хайа дьээбэҕэ үөрэнэн кыраҕа кыһаллыбат, оччугуйга уолуһуйбат бэрт холку, намыын майгылаах киһи, аһаабытын курдук аһыы олорор.
Мамаах – төһө да дьүлэй уонна тыла суох айыллан «айылҕа атаҕастаатар» үтүө дьүһүннээх, номоҕон сэбэрэлээх, көрсүө сирэйдээх-харахтаах, отутун саҥа ааһан эрэр киһи. Кылгас дьонноох, бэрт кыратыгар төгүрүк тулаайах хаалбыт уолу, Бутукаай оҕонньордоох диэн ыаллар ылан ииттибиттэр. Ииппит дьоно уолу кыратыгар атаҕастыыллара, аанньа ахтан киһилии сыһыаннаспатахтара эбитэ үһү. Обургу буолуор диэри уолу омнуотук, ким эрэ күүһүнэн аҕалан сыҥалаан сыһыарбытыныы таһырахтата көрөллөрө эбитэ. Бэл аһын өлүүлүүллэригэр, собо кыратын, эт ыстала суоҕун ууран биэрэллэрэ үһү диэн кэпсииллэр. Кэлин Дьөгүөр улаатан, үлэҕэ-хамнаска эриллэн буһан-хатан, киэҥ сирдэринэн тэлэһийэн бултаан-алтаан барыаҕыттан, оҕо эрдэҕинээҕи ньүкэн, кэнэн, куттас быһыыта-майгыта сыыйа-баайа сүтэн, уларыйан, иннин-кэннин быһаарсан, атаҕастаппат буолан барбыт. Оннооҕор ыалдьыкка ирээттээн уурбут соболоро киниэнинээҕэр бөдөҥүн, лэһигирэһин көрдөҕүнэ иһиттиин уларытан ылар эҥээрэ суох эрдээх майгыламмыт, ол иһин ииппит дьоно кэлин астарын, эгилитэ-бугулута суох тэҥҥэ үллэрэн биэрэр буолбуттар. Биир өттүн сүтэрбит киһи, атына сайдар дииллэринии, дьон – Мамаах Дьөгүөрү лаппа кыанар, күүстээх дииллэр.
Мамаах, мин Айдаҥҥа кэлиэм иннинэ, кэргэннэнэ сылдьыбыт, кыыс оҕолооҕо үһү. Ону, ойоҕун, биир күһүн, хоно-өрүү сиргэ бултана тахсыбытын кэннэ, Кэбээйи уон уһуктааҕа туркулаах табаҕа олордон күрэтэн барбыт. Күрэтэн да диэн, дьахтар бэйэтэ сөбүлэһэн, кыыһын эҥинин илдьэ барыстаҕа. Дьөгүөр тыаттан киирбитэ, балаҕанын иһэ тоҥ хаһаа, иччитэх көрсүбүт… «Ыйыталаһан» кэргэнин киһи күрэппитин истэн баран, сонно суолларын хайаары гыммытын: «Ойоххун ойуун илдьибитэ…», – диэннэр тохтоппуттар. Мамаах ойуунтан улаханнык саллара, куттанара эбитэ үһү, ол иһин киһи эрэ буоллар ир суолларын ирдэһэ, тоҥ суолларын тордоһо барбатах…
Мамаах хас сайын аайы, Муосталаахха хонон-өрөөн сытан, Диириҥдэ эбэҕэ баран, кыл илим үтэн соболуур үгэстээх. Быйыл да ол сиэрин тутуһардыы оҥостон кэлбит. Аһаан баран биһигини кытары таска тахсан, тиит мас кылаан чыпчаалыгар олорор мэкчиргэ курдук, күн уота быһа сиэн кубарыйбыт хортуустаах төбөтүн уҥа-хаҥас эргичиҥнэтэн ол-бу диэки олоотуу-олоотуу:
– Хоорук!!. Хоорук!!. – диэн иэмэ-дьаама суох саҥа таһаарбытыгар, оол курдук иирэ талах төрдүгэр күлүккэ сыппыт сүрдээх бөдөҥ, үскэл, налбыгыр кулгаахтаах хара ала ыт сүүрэн мөскөрүҥээн кэллэ. Ыта хараҕын далыгар сылдьар буоллаҕына Мамаах: «Кучу-кучу-кучук!..», – диэн ыҥырар үгэстээх эбит.
Мамаах кырдьаҕас ытын кытта өтөх ыттара боотурҕаһан охсуһа хайыы барбатылар, эннэрин-миннэрин эрдэ билсибиттэр быһыылаах, арай, Хондокуоп Лаайката тирбэҕэ быанан бааллыбытын кэрбии-кэрбии, иктэ барыта, арҕаһын түүтүн туруора-туруора, атын аҕай ньаҕыргыыр.
– Па, бу сүөһү кэрбээн ыраатыннарбыт… – Дьөгүөр Кулуһуннуурап симилээҥкэтиттэн тахсан, биһиги диэки кэлэн иһэн ыт оҕотун көрөн саҥа аллайар.
– Тугу диигин? – диир кини кэнниттэн саппай уопсубут ойоҕо Даайыска.
– Ыт оҕотун этэбин, быатын кэрбээн быһыах буолбут, сатана тииһэ да сытыыта… Кэрбии үөрэннэр эрэ, туох да быатын тулутуо суоҕа…
Өксөөн, Кулуһуннуурап саҥатын истэн, өс хоту Лаайка моонньугар бааллыбыт быатын сүөрэр. Ыт оҕото төлө бараат Мамаах ытын тула көтө сылдьан, тайаҕы туруорбут булчут ыттыы, күөйэ түһэ-түһэ ньаҕыргыыр. Кини эмиэ, туспа, ураты сыттаах-сымардаах туора харамай кэлбитин арааран биллэҕим, атыҥыраатаҕым аатыран, хата, сүрдээх, атын сирэй-харах. Уҥа хараҕа эргиччи, хара таҥаһы саба уурбукка дылы «самалыктаах» Мамаах ыта «бу сүөһү эчи солуута суоҕун баҕаһын» диэбиттии Лаайканы ахсарбатахтыы, сиилээбиттии көрөр, киэр хайыһар.
– Мамаахпыт кэлбит буолбаа-ат, ол да иһин, собо сиэри, тылбар кэлтэһэ тахсыбыт… – Даайыска быһа ыртайан мичээрдии-мичээрдии Мамаах Дьөгүөрү аһыммыттыы батыһа одуулаһар…
Мамаах Дьөгүөр хас да күн устата, хоно-өрүү сытан Диириҥдэтигэр илимнээтэ. Күөл, били, кэпсээбиттэрин курдук, кырдьыга да, адаҕа саҕа, моҕохтоох соболоох эбит. Киһибит тымтайга лөглөччү сүгэн аҕалбыт балыгын бары үллэстэн, мииннээн сиэтибит. Наар быраҥааттаны мэтийэ сылдьыбыт дьоҥҥо, собобут барахсан миинэ астыга сүрдээх, бэл уҥуоҕун ньиччи ыстаатахха сыа бырдыргыырга дылы.
Мамаах ити курдук хас да хонукка соболоон аһатан баран, Айдаҥыгар төнүннэ. Барарыгар, Хондокуоп: «Балыксыттары балыгынан аһаппытыҥ иһин…», – диэн күлэ-күлэ, ыскылаатыттан: боппууда кэриҥэ мэлии бурдук (сэлиэһинэй), муос чэй, саахар, табах оҕотун кыра-кыралаан бэристэ, ол аайы Мамаах Дьөгүөр, кыра оҕолуу, үөрэн-көтөн өгдөҥкөлүүр, сүүрэн-көтөн дьөгдьөрүйэр. Дьөгүөр сыл аайы, сай устата хаста да кэлэн ити курдук Муосталаах балыксыттарын эмис собонон аһатар…
* * *
Улахан тыаллаах-куустаах күн уонна ардах түстэҕинэ муҥха тохтуур. Эбэбит, тыал күүһүрдэ да, киэҥэкиэлитэ бэрдиттэн балкыыра сүрдэнэр, үрүҥ күүгэнинэн өрө үллэ-үллэ, ытылла-ытылла, кумах кытылы биир кэм биллиргэтэ-баллыргата оонньуур. Ардах түһэн курулатар кэмигэр, уҥуоргута көстүбэт күөл үөс уута дохсун долгуннарынан күөгэлдьийэрин көрө-көрө «ама итиннэ киирэн муҥхалыы сылдьыбыппыт буолуо дуо» диэн киһи этэ салаһар.
Борокуоппайап таҥара күнүн эргин этиҥнээх курулас ардахтар сири-уоту ибили тобулан түһүтэлээтилэр. Тоһутталаммыт уот курбуу чаҕылҕаннар добун халлаан иэнин хайыта суруйан субуруҥнууллар, ол аайы дьиэ титирэстиир, тилэх доргуйар сүллэр этиҥэ, бачыгырыы-бачыгырыы, этэн ньириһитэр. Бэл, сибилигин тоҕо барыа диэн билэн, кэтэһэн олорор киһи, өрө хонос гына түһүөххэр диэри, халлаан сиигэ хайа ыстаныах айылаах дэлби баран бытарытар…
Дьэ, маннык сытыган-ымыган күннэргэ биһиги дьиэ-дьиэбитигэр бүгэн олоробут, ардах арыый да сэллиир, аҕырымныыр кэмигэр кырдал үөһэ тахсан, тыа үөһүгэр киирэн, хаппыт бэһи суулларан мас мастанаат, өтүүнэн хам тардан сүгэн төттөрү, таҥнары сүүрэн түһэбит. Уһуннук илии туппайа суох олордоххо киһи тэһийбэт, хайаан да тугу эмэни, кыраны да үлэлээн букунайа сырыттаххына эрэ сатаныах курдуккун.
Мундулуҥдаҕа олорор эрдэхпитинэ, таҥара күнүгэр үгэс курдук алаадьылыыллара, уолдьах ол кэмҥэ уһун дохсун ардах түһэн, дьиэ үрүт буорун курдаран, хас эмэ сиринэн таммалаан, оҕолор алаадьыбытын остуол анныгар киирэн олорон сиир түгэннэрбит кытта баар буолаллара…
Ханна да дьон түмсэн ирэ-хоро, астына-дуоһуйа кэпсэтэр ыаллаах буолар. Ол сиэринэн биһиги Кулуһуннуурап Дьөгүөрдээххэ, симилээҥкэ дьиэҕэ тахсан сээкэйи сэһэргэһэбит. Дьөгүөр бүппэт кэпсээннээх-ипсээннээх киһи. Кэргэнэ Солоторуоба Даайыска өрүс уҥуортан, Харбалаахтан кийиит кэлбит дьахтар. Холбоспуттара биэс хас сыл ааспыт да, оҕолоро суох…
Мин, Мааһыҥка кыыс, Даарыйа буолан, ардах аста түһэн ылар кэмин туһанан, Өҥсөөччү диэки сүүрүүхаамыы былаастаах ыксал-тиэтэл айанынан, ыаҕайаларбытыгар толору, кытара буспут хаптаҕаһы тоноон баран, халыҥ былыт анныгар, сып-сырдыгынан сандаарбыт үрүҥ лабыкталаах кырдал саалынан сулукуччуһан кэлэн, үрдүк сыыры уҥуохпут кыйыттан кычыгылана-кычыгылана таҥнары сүүрэн түстүбүт… Мааһыҥка кыыс иһэ кычыгыланан күлэн чачыгырыыр… Ол иһэн сыыры ортолоон баран, кумах иһиттэн быга сытар хаппыт үөттэн иҥнэн, муҥунан дайан испит киһи дэлэ дуо, түөрт намаатын сараппытынан, уһун тэлээркэй ырбаахытын тыал киэптээн, үүт-үкчү нэтээги курдук тэлээрдэ… Били, ньолҕоччу буспут толору хаптаҕастаах ыаҕайата салгыҥҥа эһиллэн эһиэхэйдэннэ, аһа бүтүннүү күн-ый ыһыаҕа буолан ыһыллан, тохтон-хоронон, кураанах бэйэтэ эрэ төкүнүйэн хойуостаҥнаан тиийэн эниэ тэллэҕэр олоро түстэ. Ону көрөн, оттомноох киһибит Даарыйа, сэмээр кырыытынан буола-буола биһиги кэннибититтэн түһэн иһэн үөһэттэн ыһыытыыр:
– Оок!.. Түөрэхпит үчүгэй, олордьу түстэ!..
Мин Даарыйа саҥатыттан уонна баһыттан атаҕар диэри түөрэтэ инчэҕэй кумах буолан баран, өссө да өйүн-төйүн булбакка, умса хоруйа сытар Мааһыҥка буор быыһынан көрөн-истэн чоҕулуҥнуур сирэйин көрөн, күлбүппүн бэйэм да билбэккэ хааллым… Сүүрэн тахсан кыыспын илиититтэн өрө тардан туруордум.
Эниэ анныгар түһэн баран, Даарыйалыын көмөлөөн Мааһыҥкабыт халтаҥ сон таһынан намылыччы кэппит ырбаахытын эргитэ сылдьан тэбээтибит. Сууллубут, эмэх бэс үөһэ кэккэлэһэ олорон ынах этэрбэстэрбитин устан кумах симиллибитин таҥнары тутан сүөкээтибит. Туос түгэҕинэн элэк гыммыттыы көрбүт кыыспыт кураанах ыаҕайатын ылан, бэйэбит иһиттэрбититтэн кутан толорон кэбистибит. Мааһыҥка сэгэс гынан үөрэ түһэр:
– Эһиэнэ быһаҕас, оттон миэнэ толору буолар дуу? – диир.
– Ити эйиэхэ, нэтээги курдук көтөн көрдөрбүтүҥ иһин бэрсэбит, – Даарыйа өрө хантайа-хантайа күлэр… Мааһыҥка куһаахарык дьүһүнэ сүтэн, биһигинниин тэҥҥэ күлсэн кыракый санна ибигириир. Мин кыра кыыһы аһынаммын эҥил баһыттан бэйэбэр ыксары тардан оройуттан сыллаан ылабын, онтон дьон саҥата ньамалаһарын истэн сөмүйэбин чочотон эмискэ иһийэбин:
– Бэйиҥ эрэ…
– Тугуй?.. – Даарыйа чөрбөйө түһэр.
– Дьөгүөрдээх симилээҥкэлэригэр мустубуттар, эмиэ сэһэн-сэппэл ырааппыт…
Бу кэмҥэ сэмээр иһириктии турбут самыырбыт эмискэ күүһүрэн кэлэр, оол курдук үрдүк сыыр саалыгар үүммүт күөх көнньүөс бээгэй лабаалаах бэстэри балаһа тыал күөгэҥнэтэн барар… Күөл ортотунан сатыы былыттар тараадыйа усталлар…
– Хахханы булуохха!.. – дэһээт биһиги ойон турабыт.
Мааһыҥка эриэн ситии быалаах толору хаптаҕастаах ыаҕайатын тутан баран, «мандаарынай» дьиэтин диэки, аҥаар илиитигэр сир симэҕэ ойуулаах сиидэс былаатын эргитэ-эргитэ, санаата сайбыт киһи быһыытынан, ойон-тэбэн дьиэрэҥкэйдиир.
– Мааһыҥка-а, сэрэн, эмиэ охтуоҥ!.. – диэн ыһыытыыбын.
Чэй өрүнэр, күөс буһарар тимир көхөлөрдөөх улахан оллоон таһынан ааһан истэхпитинэ, Хаалаан Кэтириин симилээҥкэтиттэн тахсан таҥас сууйбут солуурдаах уутун тоҕо сылдьан, биһигини түбэһэ көрөн:
– Бу убургулар!.. Бу да кыргыттар, хаптаҕастыы барар аата эппэттэр эбит дуу!.. Тоҕо эппэккэ бараҕытый хотуйдар!.. – диэн кэм да өрүү, кими эмит мөҕүттэн таныйа сылдьар үгэһинэн түргэн-түргэнник, быһыта баттыалаабыттыы саҥаран-иҥэрэн хабытайданар.
Дьиэтин аанын модьоҕотун атыллаан киирэн иһэн Мааһыҥка Хаалаан Кэтириин диэки хайыһан туран ыаҕайалаах иһитин өрө көтөҕөр:
– Буу!.. Буу!.. – диэн ымсыырдыбыт киһилии көөчүктүүр уонна үргүбүт күтэр курдук искэ мэлис гынан хаалар. Хаалаан кынчарыйан кэбиһэр, көрө-көрө көрбөтөхтүү туттар. Даарыйа биһикки кистии-саба күлсэн бычыгыраһабыт…
– Тыаҕа таҕыстыҥ да хаптаҕас, хотуй, кытаран олорор. Бэйэҥ бараҥҥын төһөнү баҕараргынан итигэстээ ээ. Хордьоннообут отону булуоҥ суоҕа, – элбэх саҥалаах муҥутаан дьүөгэм Даарыйа чалыгыр гыннарар.
Хаалаан Кэтириин ханайа түһэр:
– Ээ-ии!.. Бу хотуускалар ол миигин соҕотохтуу тыаҕа ыытан эһэ-бөрө аһылыга кынаары…
Дьиэбитигэр киирбиппит, Өксөөн тимир кытахха лэппиэскэ чиэстэтэ охсон либиргэтэ тутар. Өлөксөй сарсыарда Айдаҥҥа барбытынан, ардах төһө да сэллии-сэллии түһэрин иһин, тыала дохсуна бэрдиттэн муҥха бүгүн тохтоон турар.
– Хайа кыргыттар, хаптаҕас баҕас үүнэ сатаабыт курдук этэ дии, эһиги хайа эҥээр сырыттыгыт? – эдьиийим, биһиги ыаҕайаларбыт быһаҕас отонноохторун көрөн дьиктиргиир.
– Мааһыҥкабыт отонун түөрэтин олорчу тоҕо түһэн онтубутун борсоотубут, – Даарыйа күлэр.
– Оо, барахсаны… – Өксөөн уоһун толлотон кыыһы аһынар.
– Өлөксөй киэһэ кэлэр дуо?
– Хоно барбыта, – диир Өксөөн, онтон сонунун кэпсиир: – Дьөгүөрдээххэ уолаттар кэлэн олороллор.
– Кимнээх?
– Биирдэрэ «Молотов» холкуос уола Уйбаан Өлөксүөйэп, Барыыһаптар тастыҥ бырааттара, икки сыллааҕыта манна муҥхалаһа сылдьыбыта, онтун санаан, эбэтин көрөн бараары доҕор уолун кытта кэлэ сылдьар.
– Ол, доҕоро кимий?
– Өрүс уҥуоргу… Бороҕон үһү. Айдаҥҥа атынан таһаҕас аҕалсан баран, атаһын Уйбааны түбэһэ көрсөн манна кэлбит. Киэһэ төннөллөр үһү, муҥха тардыһыахпыт диэн сананаахтаабыттар да, халлааммыт тыала-кууһа ити… Сарсыҥҥа диэри хайа буолар. Ону кэтэһэн олоруохтара баара дуо, ыксал-тиэтэл дьон, быыс-арыт булан хата кинилэр кэлэ охсон баралларын көр…
Өксөөн Барыыһаптар уонна «Молотов» холкуоһа диэбитигэр мин тута сэрэйдим, ол аата, били, «Молотовтан» сэриигэ ыҥырыллан баран, саатар биирдэрэ да эргиллибэккэ бары, бэһиэн кыргыһыы толоонугар умсубут ини-бии Барыыһаптар аймахтара киһи эбит.
Даарыйа биһикки дэлэ дуо, итиччэни истибит дьон, хончоҕордорго чэй куттан иһэ охсоот Кулуһуннуураптаахха ойдубут. Ыалбытыгар тэбинэн иһэн көрбүппүт, оол курдук, Тайтах ойоҕо Балбаара уонна Хаалаан Кэтириин тоҕонохторугар ыаҕайаларын иилинэн хаптаҕастыы баран эрэллэр…
Дьөгүөрдээх дьиэлэрин аана, бэйэтигэр угуйа ыҥырбыттыы «кэлиҥ манна кэпсэтиэҕи-ипсэтиэҕи» диэбиттии тэлэччи аһаҕас. Аан ыксатынааҕы түптэҕэ күөх оту бырахпыттар: хойуу буруо тыал буруйдаҕын аайы уҥа-хаҥас дэйбэҥниир, ытыллар.
Дьон күө-дьаа буолан ньамалаһар саҥалара ыраахтан иһиллэр. Муосталаах эбэбит өтөҕө киэҥ, чэлгиэн, кумах сир гынан эрдэҕэ, сай ортотуттан үөнэ-көйүүрэ тарҕанар; сиибиктэ от үүнэн иһэн хайа кэлиигэ-барыыга, үлтү нуоралааһыҥҥа, тэпсилгэҥҥэ симэлийэн хаалар, арай үөһэ, кырыс сиргэ көҕөрөр.
Ыалбытыгар киирбиппит сэһэн-тэптэл ырааппыт. Барааҥка уол омун-төлөн муҥутаан, өрө даллах гына-гына кэпсиир-ипсиир: күһүн, буһук саҕана, хараҥаҕа, халыҥ үөр нэмэнэ кус кыырай халлаанынан ааһан истэҕинэ күөрэппитэ – биир моонньоҕон өлөн таастыы түспүт, ону көрөн туран кыайан аһаран биэрбэккэ кулгааҕар саалыннарбыта сүүлэ иһэн тахсан хас да хонук устата утуппатаҕын абаран-сатаран туран ахтар.
Кэлии уолаттар биһиги киһибит Барааҥка булка түбэспит сындалҕаннаах сырыыларын истэн күлсэллэр.
Тайтах Ньукулай кыыһын Мааһыҥканы түһэҕэр көтөҕөн олорон:
– Дьэ эмиэ түбэлтэ эбит, – диир, сонньуйар. Мааһыҥка чохоолго куппут хаптаҕаһын биир-биир ылан айаҕар уган бэрт минньигэстик сиэн ньэмиргэтэр.
Оһох иннигэр, иһиллэммит күрдьүгэстии, талах олоппоско ходьойбут Окуоскун алаа харахтарынан Барааҥканы мэндээриччи одуулуур, онтута букатын атын сири көрөн олорор курдук…
Мин адарай ороҥҥо Даарыйалыын сэргэстэһэн дьиэ иһинээҕилэр сэһэннэрин истэбин. Кэпсэтии аны күөл балыгын муҥхалааһыныгар иэҕиллэр. Бороҕонтон кэлбит Маалсап диэн уол, дойдутун сиригэр-уотугар сылдьан көрбүт-истибит дьикти түбэлтэлэрин туһунан кэпсиир:
– …Өрүс уҥуор Балдьыйаан диэн төгүрүк быһыылаах улахан күөлгэ оттуу, алтыа буолан тахсыбыппыт, түөрэтэ абырах-ибирэх элэтэ биир кыл илимнээх этибит, тыыбыт суоҕа… Киэһэ чуумпуга балык сэмсээн бөҕөтө, дьээбэҕэ илиммитин ураҕаһынан үттүбүт, бэйэтэ да тахтахана, тэрээк илим кылгаһа бэрдэ. Сарсыарда туран көрбүппүт, арай, хараҕын аайы собо бөҕө анньыбыт… Болуот охсон илимнээбиппит… Оттоон бүтэн баран, муус турдаҕына муҥхалыы тахсыахпыт диэн кыра үүтээн оҕото туттубуппут… Күһүн икки муҥхалаах балыктыы кэллибит. Үс күн устата тартыбыт – кураанах… Букатын мэлийдибит. Төбөбүтүн сынньан толкуй бөҕөҕө түстүбүт. Эбэ кириргээн ханныан иһин оннук төрүөт суох. Оҕонньоттор: «Эһиги, анньыыһыттар, тоһуур ойбонун кытыыттан төһө ыраах аллараҕытый?» – диэтилэр. Онуоха биһиги: «Кытыыттан уонча хаамыы иһирдьэ киирэбит…» – дэстибит. Аны дьоммут уу төһө дириҥин-чычааһын ыйыталастылар. Кытыыттан дириҥэ түөрэй устатын кэриҥэ. «Саҥа үөскээбит балыктаах күөл балыга уйусхан буолар, буоругар тахсааччы. Сарсын саҕатыттан саҕалаарыҥ…», – диэн сүбэлээтилэр. Итиннэ кэлбэтэҕинэ төннүөхпүт, эбэ биэрбэт буоллаҕына биэриэ суоҕа…» – дэстибит. Нөҥүө күнүгэр отучча киһи икки муҥханы кэккэлэһиннэрэ түһэрдибит. Сорох нырыыһыттар лүҥсүүр оҥостон лүҥсүйэ-лүҥсүйэ икки суһуоҕу киирээттэрин кытта балык хамсаабыта тута билиннэ. Тамах бэлиэ көстүөн инниттэн бир кэм кыынньан барда… Хохуолу ойбоннорун харса суох булкуйдулар. Ыксатыы бөҕөтө буолла!.. Соһуйуохпут иһин, собо – икки муҥха ийэтин толору кэллэ… Барыта ити эбэттэн түөрт уон туоннаны эспиппит… Онон дьэ, саҥа хото, байа балыктаммыт эбэлэри эмиэ – үчүгэйдик сыныйан сылыктаан эппиэдэйдээн, мындырдаан эрэ тартахха судургутук ылыахха сөп эбит…
– Оннук!.. – Окуоскун хап-сабар сөбүлэһэ охсор.
– Оҕонньоттор сүбэлээбэтэхтэрэ буоллар төрдүс да күммүтүгэр илии соттон, ыт атаҕын тутан, кураанах төннүөхтээх этибит, – Бороҕон уола баһын быһа илгистэр. – Кырдьаанайдар дьэ билэллэр эбит этэ доҕор.
– «Кырдьаҕаһы хааһахха хаалаан сылдьан сүбэлэт» диэн оннугу этэллэр, Дьөгүөр кэргэнэ Даайыс, остуолга олорор ыалдьыттарыгар эбии лэппиэскэ быһар, хаҥас баран туос ыаҕаска хааламмыт үөлүллүбүт быраҥааттаны аҕалан улахан нэлэгэргэ өрөһөлүү уурар. – Кыргыттар көххө чаай испэккит дуо? – диэн биһигиттэн ыйытар. Сибилигин аһаан киирбит дьон аккаастанабыт.
Бороҕон уола Ньукулай Тириипэнэбис Окуоскуну дьонтон истэн билэр эбит, орсунуой бурдугунан буспут лэппиэскэни, быраҥаатта иһин ууллубут сыата чохоолго кутуллубутугар уймаан сии-сии сээкэйи ыйыталаһа олорор:
– Ньукулай Хаҕынтан төрүттээххин дуо? Бороҕонтон Бордоҥ уола Бойуот Ньукулай диэн биир сайын эйигин кытта манна сылдьыбыт этэ дии… Билэр киһиҥ ини?..
Окуоскун ытыһыгар сэбирдэх табааҕы сөмүйэтинэн ныһыйан илдьиритэ олорон эмискэ тохтоон, ааспыты эргитэ санаан, алаа харахтарынан мэндээриччи көрөн таала түһэн ылар, онтон:
– Ээ… тыый доҕор, Бойуоту билэн бөҕө буоллаҕа!.. Кини баарыгар биһиги эҥээртэн өссө Махат балта Маарпа, Кирииллин Ньукулай, Маппый Апанааһыйап бааллара. Ол сыл бу Дьөгүөр эмиэ сылдьыспыта, – диэн баран Ньукулай сэҥийэтин энньэх гыннаран Кулуһуннуурабы ыйар, онтон тохтуу түһэн баран бэйэтин туһунан кэпсиир: – Ээ, мин Хаҕыммын… Дьуукалаҕа ыалы кэрийэ сылдьар ийэттэн төрөөбүтүм. Сэриигэ түөрт төгүл ыҥырыллыбытым эрээри, наар харахпынан уонна уҥуоҕум кыратынан сыыйыллан испитим. Чаадайы хантан сэриигэ ылыахтарай. Хата, бу манна «ырыыптириэскэ» ыыппыттара… – Окуоскун көхсүн этиппэхтиир, удьурҕай хамсатыгар симмит табаҕын, хаппыт хардаҕас хааланан бачыгыраччы умайа турар оһохтон тымтыгынан уот ылан уматтан иҥсэлээхтик соппойбохтуур. – Ыраахтан да кэлэллэр эбит ээ, ол сайын Ньурбаттан Лосхооттор диэн эрдии-ойохтуу дьон муҥхалаһа сылдьыбыттара. Күһүн күрэххэ Лүксүгүҥҥэ барсан иһэн, Лосхоот обургу түс-бас киһи эрээри туох буолан тылласпыта эбитэ буолла, дэҥнэниэх быатыгар этиттэриэх этиттэрдэ ини, эбэни көрөн баран: «Лүксүгүн диэн аатырдыбыт эбэлэрэ бу эрэ дуо?..» – диэн айахтаппыта… Дьикти ээ… сонно, күөлгэ үтүмэх соһон иһэн суй ыраас муустан халтырыйан тобугун хаппаҕын ибили түһэн кэбиспитэ. Хата, отой дугуммат буолан хаалбыта… Бу, Дьөгүөрдээх ат сыарҕатыгар тиэйэн, муҥхаласпакка киһилэрин төттөрү тиэйэн илдьибиттэрэ. Лосхоот Балаҕаччы эмтиэкэтигэр сыта түһэн баран, ойоҕун кытта дьаамынан Бүлүүгэ киирбиттэрэ. Кэлин туох-хайдах дьылҕаламмыттарын өссө истибит да суох…
– Үтүөрбүт үһү, дойдулаабыт сурахтаахтара, – диир Кулуһуннуурап.
«Молотов» холкуос уола Уйбаан Барыыһап бүлүүһэлээх итии чэйин сыпсырыйарын быыһыгар Кулуһуннуурапка туһаайан:
– Дьөгүөр урут, наар түүлээҕи сонордоспут тыаһыт киһи, кыһыҥҥы булкун ахтыбаккын дуо, сылы эргитэн муҥха салгымтыалаах, сылаалаах ини? – диэн ыйытар.
– Ээ, ол «сылаарҕаатыбыт» диэн ханна барыахпытый, биһиги диэн «кыра дьон» буоллахпыт, ханна ыйдылар да онно ойобут, – Дьөгүөр күлэр. – Оттон тыа дьоно, муҥха да быыһыгар, тиис-тыҥырах төһө тиийэринэн, били этэргэ дылы «кыдьыкпытын таһааран» хара тыабытыттан кыраны син тыыппалаһар буоллахпыт. Ол эрээри биллэн турар, табаланан-таймаланан, ыраах ыырданан бултуур диэн туһа-туспа.
– Булт диэн абылаҥнаах дьарык бөҕө буо. Бэл биһиги бачча ыраах кэлэрбитигэр «чээҥкээйилээх» сылдьабыт, – Уйбаан аргыс доҕорун Маалсап диэки көрөн ылан баран күлэр. – Ити киһи, иннэтэ мүлтүйэн бүппүт хаарбах субуйааҥкытын, элэтэ биэс ботуруоннаах аата, бу айылаах сиргэ тэлбиргэс гынан сүгэ сырыттаҕа үһү.
– Хата, эһэ, бөрө суолу бүөлүүрэ диэн эмиэ баар, – Маалсап дьээбэрэн мүчүйэр.
– Па-па!.. – диир дьиэлээх дьахтар Даайыс.
– Кэлэн иһэн аара суор олорорун көрөн ытаары иннэтин хаста да түһэрэн көрдө эрээри эстэ сылдьыа, туһата суох сэп эбит, аны иһигэр эстэр эрэ хайыыр, эрэй эрдэтинэ ортотунан маска олуйан кэбис диэбиппин туох иһин буолуммат, – Уйбаан атаһын хаадьылаан кэм да күлэн ыгыстар. – Ити кэриэтин хос эһэтин тууркатын илдьэ сылдьыбыта эбитэ буоллар, быдан ордук этэ.
– Суолгутугар сырҕан кыыл көрсүбүтэ да буоллар абырыа суох тэрил эбит дии, – Окуоскун сонньуйар.
– Тоҕо ол суору бултастыгыт? – Даайыс токкоолоһор.
– Абаҕам оҕонньор үөһүн эмп гынаары үлэспитэ ыраатта. Хата эһиэхэ баара буолуо, балыкка эҥкээрбит биир эмэ сымнаҕас суор? – диир Бороҕон уола. Суор үөһүн былыр-былыргыттан эмп гыналлар. Суору бултаат да үөһүн сонно тута ылыллыахтаах, инньэ гымматахха «аһыытын» хотоҕойун иһигэр кистэнэн кэбиһэрэ үһү. Биллэн турар тыл этиилээх буолар…
– Тураахтар саҥа көппүт аҥала оҕолорунуун өссө кэм кэлэн бараллар, оттон суору эн күнүс харахтыам диэн саараныма даҕаны, киһи көрбөтүгэр эрэ ээр-сэмээр сыбытыыр бэрт сэрэх көтөр диэтэҕиҥ, дэлэҕэ да туора харахтаахха көстөн киирэн биэрэн быстарар үһүө, – диир Барааҥка.
– Айгыраабыт, саарбах сэби үүйэ-үүйэ илдьэ сылдьар сэрэхтээх, дэҥ-оһол тахсара судургу, – Окуоскун ыалдьыт уол хаарбах саалааҕын истэн саҥарар.
– Букатын эргэрбит, халыгыраабыт сааны бырахпыт ордук, – Кулуһуннуурап сөбүлэһэр.
– Оннук, – Даарыйа ытаһа буолар.
Правообладателям!
Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.