Текст книги "Ийэм кэпсиир… (4 чааһа)"
Автор книги: Семен Маисов
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 27 (всего у книги 34 страниц)
Эмээхсин, Баһылай кэрдибит остуолбаларын, буорга хаалбыт төрдүгэстэриниин хастаран ылан, тыаҕа состорбут, оннуларын көмтөрбүт. Эһиил онно, хаһан да остуолбалар тура сылдьыбатахтарын курдук, күөх от бытыгырыа турдаҕа… Куппун-сүрбүн хамсатан курус санаа кутуллар, ханнык эрэ көстүбэт санньыар санаа сатыылыыр… «Баһылай, тоҕо, ала-чуо, ити остуолбалары кэрдибитэ буолуой?» диэн таайа сатыыбыт да, тугу тобулуохпут баарай… Дьикти… Эбэбиттэн ыйытыахпын санаам буолбат…
Түһүлгэҕэ быһылаан кэнниттэн эмээхсин дьиэтигэр тахсан уотун аһаппыт… «…Биһиги киһибитинэн толортордохторо… үс сыл… эчи уһаабытын… оннук эрэ буоллун…» – диэн тугу эрэ ботугураан эрэрэ диэн миэхэ Огдооччуйа сэмээр кэпсээн турар…
Киччээрийэ ампаарын сонно көтүрэн аҕалаат, эрийэ тардыан иннинэ, саҥа акылаат түһэрэ охсон таҥан, тутан дьаптайан кэбиспиттэрэ – холкуос ас хаалыыр, уурар хобул ыскылаата аатыран, сонун сиргэ кэлэн дьэндэйбититтэн бэйэтэ да соһуйбуттуу, тыаһы иһиллээбит курдук иһийэн турар. Туох-туох кистэлэҥнээх ампаар буолла, ону эргэ ампаар бэйэтэ уонна урукку дьыллар уорҕалара эрэ билэн эрдэхтэрэ…
Били, Мундулуҥда эбэ өтөҕөр холлоҕоһо хороллубут, сэриигэ баран өлбүт Ыачай Ыкынаачай дьиэтин, балтылара Айдаҥҥа көһөрөн аҕалан, холкуос дьонун көмөлөрүнэн ис-тас оҥоһуутун бүтэрэн, оһоҕун тутан киирэн хааллылар. Дьиэ, ампаар, төһө да эргэ буолбутун иһин, көтүрүллээт да сонно тута тутулуннаҕына сатанар. Инньэ гымматахха хайдахтаах да «хаппыт» мас син биир эрийэ баран, иэҕиллэн, хардастан хаалар. Дьаһаллыбакка сылы быһа күөдэл-таһаа ыһыллан сыттаҕына туһатыттан да тахсыан сөп.
Быйыл тутуллубут саҥа дьиэлэр ортолоругар, былырыын уоттан ордон хаалбыт соҕотох мэлииһэ ампаара тураҕастыйан турарыгар киһи эрэ хараҕа хатанар. Уот тоҕо элэтэ ити ампаары талан ордорбута буолла… Эмиэ дьикти… Тулатынааҕы, аҕыйах хаамыылаах сиргэ сэргэстэспит дьиэлэр, хоспохтор түөрэ умайбыттар, кини – ордубут. Уонна Уйбаныаптар дьэрэкээн бөтүүктэрэ ити айылаах үрдүк титирик чыыскаттан тахсан быыһаммыт. Билигин Дьэримиэйдээх саҥа күрээтинньик оҥостон бүтэрэн, кыһыҥҥы суол турдаҕына, куорат ыалларыттан чоппууска ылан ииттэр санаалаахтар. Онуоха диэри дьэрэкээн өҥнөөх кырдьаҕас бөтүүк киэҥ күрээтинньигин иһигэр, сис туттан баран, соҕотоҕун дьаарбайар; хас сарсыарда, күн аайы чөллөркөй куолаһынан хаһыытаан хахаарар…
* * *
Огдооччуйа – огдообо буолан төһө да соҕотох хааллар, ханна да баран-кэлэн, эбэтэр кэргэн тахсан хаалбакка, эбэм кыыһын курдук (кийиит, саҥас – төрөппүт кыыстан атыннык көрүллүбэт да дьон), биһиэхэ олорбутун курдук олордо. Ылдьаа эргиллэн кэлиэҕиттэн, Сэксэкэ Сэмэни кытары айах атан кэпсэтэ да иликтэр быһыылаах, урукку чугас сыһыаннара сойбукка дылы… Огдооччуйа бары үөрүүтэ-көтүүтэ, күнэ-ыйа уолуттан Бэргэһэчээнтэн эрэ тахсар. Бэл Баһыычаан «көйгөтүллүбүккэ» дылы. Ол эрээри уол онтон ороһуйбута көстүбэт. Бэйэтэ да, улаатан, туспа сиргэ-уокка сылдьан, атын сир оҕолорун, дьонун-сэргэтин кытта билсэн, санаата-оноото, саҥата-иҥэтэ да уларыйбыт; уруккутун курдук мээнэ тылга-өскө тииспэт, отой, тосту-туора оттомурбут. Буолумуна, биир кыараҕас балаҕан иһигэр бүгэн дьүкээрэ сытар курдук буолуо баара дуо, оскуола олоҕо ураты эйгэтэ биллэр.
Субуотаҕа, көлө баар кэмигэр, үөрэх оҕолоро дьиэлэригэр кэлэн өрүү өрөөн бараллар. Үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрэ, кыанааччылар, сатыы хаамалларыттан да кыһаллыбаттар: икки көс кэриҥин ыраах сир диэбэттэр. Өтөхтөрүгэр да кэлэн өрөөн өрө тэбэн, сылааларын таһааран сынньанан, таалалаан таралыйа сыппаттар. Дьиэ ис-тас араас түбүгэ хаһан бүппүтэ баарай. Сүрэхтээх-бэлэстээх оҕолор, син биир туох эмэ дьарыгы булан, күннэрин-хонуктарын билбэккэ атаараллар, барыыллар.
Оскуолаҕа үөрэнэр оҕолоох ыаллар тиэргэннэрэ – хас субуота, өрөбүл аайы, көтөҕөн киллэр да оттор, хайытыллыбыт кыс маһынан өрө томтойор. Өрөбүлтэн өрөбүлгэ диэри мас мастааһына диэни онон дьонноро билбэттэр. Көнө саастаах маһы, сэбэргэнэҕэ эрдэттэн хатара уурбуттарын – оһох икки чанчыга туолуор диэри тыыран кэбиһэллэр, ол – дьиэҕэ киирдэххэ астык көстүү – бары-барыта орун-оннугар, чөрү-чөкөччү, уурбут-туппут курдук… Билигин ыал үксэ нуучча оһохтонон, сыарҕа мас күнүнэн күдэҥҥэ көтөрө тохтоон турар.
Кэтэһиилээх-күүтүүлээх сааскы сынньалаҥ буоллар эрэ, эти-хааны чэбдигирдэр ылааҥыга, үгэс курдук, оскуола оҕолоро хотон үрдүн хаарын түһэрэллэр; холкуос олоҕор, ханнык да үлэҕэ, соруттарыыта да суох өрүү, мэлдьи кыттыһа сылдьар дьон…
Обургу уолаттар, сынньалаҥнарыгар табысхааҥҥа өндөппүт сохсолорун, тэптиргэлээх туһахтарын санаабытынан кэлэллэр.
Баһыычаан чугас эргин дыгыйа көтө сылдьан (кини хаамара да ахсааннаах быһыылаах, наар сүүрүү), Кыра Баһылай охсубут сохсолорун, тэптиргэлэрин кэрийэр, хаар бугуллаах талах чааркааннарын көрөр… Киэһэтин дьиэ-дьиэ аайы түмсэн, кэлэ-бара, киирэ-тахса, бүгүн – ким тугу бултуйбутун, туох саҥаны, сонуну көрбүтүн, оҕо дьон сиэринэн омун-төлөн ахан буолан, өрүскэлэһэ-өрүскэлэһэ кэпсэтэн өрүкүйүү, күйгүөрсүү…
Тартаайа – сүүрбэтин лаппа ааспыт киһи эрээри, бэйэтиттэн быдан балыс саастаах, букатын кыра ыамайдары кытары бэркэ тапсан, отой кыра оҕо курдук тартаран оонньуур… Сир харатыттан, бэлиэлээҕи мэнээк бултуур (кырынаас алтынньы саҥата, сойуо хаара өссө түөһүн иннинэ, кыытта маҥан буола ситэр). Кини обургу, булдун субу ылан кэлээт, ириэрэ охсоот, тириитин ньылбы тардан киэбигэр кэтэрдээт, оһох аанын аһан уокка сырайар, өр-өтөр буолбат түүлээх чараас субата сараҕыйан, устунан хатан хачыгырыыр. Тартаайа булдун тириитэ тобураан кэбирииригэр кыһаллыбат урааҥхай. Сонно маҕаһыыҥҥа ойон тиийээт мэнэйдэһэ охсор. Дьэ, этиэх бэтэрээ өттүнэ туттулаах – ыксал, тиэтэл киһи. Бэлиэлээх бэйэтэ да дьикти айылгылаах, эттээх-сииннээх харамай – токуччу тоҥмутун да иһин, сылааска киирдэ да, бэрт түргэнник бөһүйэн хаалар. Мин эһэм Хара Өлөксөй, күһүн, тоҥ бэлиэлээҕи, сонун иһинэн, хонноҕун анныгар кыбынан киирээт, хайыы-сахха ирэ охсубут түүлээҕин тириитин «сыып» гына ньылбы тардан кэбиһэрэ. «Бөһүөнэҕэр ордук үчүгэйдик сүлүллэр…» – диэччи. Ааһа ньылбыччы ирдэҕинэ ньаҕайданан дьиэгирэн хаалар үһү. Биир эмит сиринэн хаан турбут, чэлкэҕирбит буоллаҕына, уоһунан түһэн дэлби оборо-оборо силлээн, ханан да хаан-сиин олорботоҕун курдук туртатара…
* * *
Сыарҕа хаара түһэн, куорат суола чаакытыйбытын, өрүс мууһа лаппа хаҥаабытын кэннэ, Хаһырыа Маарыйаны кытары, холкуос таһаҕаһын тиэйсэн, алта туркулаах табанан, Бүлүү куоратыгар киирсэ, салгыы ааһан Хампаҕа барса сырыттым. «Свердлов» холкуоһугар кэлиэхпиттэн бу бастакы ыраах айаным, Бүлүү куоратын аан бастаан харахтааһыным.
Лууку, Кыталыктаах, Бэкэчэй, Өбүгэ дьаамнарыгар тохтуу-тохтуу икки хонон куораты буллубут. Оо, урут элбэх киһилээх, үгүс дьиэлээх сири көрбөтөх киһиэхэ, дьэ, хараҕы толорор көстүү. Ордук оскуола дьиэ, эчи субуллан түһэн уһуна сөхтөрдө. Оросторгууйап атыыһыт сарбынньах кэрэниистээх, куоһаахтаах хаптаһын сарайдаах; тупсаҕайдык, эридьиэстик ойо быһыллан оһуордаммыт эргиирдээх ыстаабаннардаах килэриспит киэҥ түннүктэрдээх, олус суон чиргэл маһынан тутуллубут сүүнэ уораҕайа, «мин бу баарбын, көрөн астыныҥ» диэбиттии, кэлээччи-барааччы эрэ хараҕар барытыгар көстө, биллэ сатаабыттыы, үрдүк акылаат үөһэ үллэн турар.
Күрүлүүр күнүс, атыы, эргиэн үгэнин кэмигэр: оҕус, ат көлөлөөх, сатыы хааман аалыҥнаспыт – кымырдаҕас оргулун үрэйэ тардыбыкка дылы баһаан аҕай дойдута эбит…
Туркуга тиэйэн киллэрбит икки уһаат кыыймыт арыыбытын – арыы, эт тутар тэрилтэ маҥхааһайыгар сол күн илдьэн туттаран баран, Тимир Тайах диэн, тыаттан тиэстибит эрэ барыта тохтоон, хонон ааһар ыалларыгар хоннубут. Дьиэлэрэ өрүс үрдүгэр турар. Табаларбытын чээҥкээйилээн бэскэ көҥүл ыыталаан кэбистибит. Улаханнык ырааппакка чугас эргин сылдьан хаһаллар. Табалаах элбэх эрээри, бүтэн биэрбэт лабыкталаах дойду быһыылаах…
Холкуостан илдьибит арыыбытын сүрдээҕин ымпыктаан-чымпыктаан, көрөн-истэн туталлар. Уһааппыт мас бүөтүн арыйан, эрэдэһиннээх, төбөтүгэр киһи тыҥыраҕын курдук баһыахтаах уһун тимири түгэҕэр диэри батары анньан баһан таһааран сирийэн көрөллөр: барыта биир кэлимсэ арыы буоллаҕына биирдэ эрэ «астынар» дьон эбит. Ол да иһин буолуо, холкуос арыытын икки төгүл төхтүрүйэн кыынньараллар: маҥнай асчыт дьахталлар онтон анал арыы тутар киһи туспа дьэҥкирдиир. Отой кыра да төбүрэх суох буолуохтаах.
Арыы туттара сылдьан Илин Кыргыдайтан, «Чернышевскай» холкуостан, Ньукулай Баһылаайабыс Сэмиэнэп – Күүстээх Лобоойоп, эмиэ биһиги курдук таһаҕас тиэйэн киирэ сылдьарын көрүстүбүт. Кэлин, Ньукулай да дэнэрэ тохтоон, наар Күүстээх Лобоойоп диэн аатынан эрэ биллэр. Кинини мин дьоммун кытта Тээкиччэҕэ олорор эрдэхпиттэн көрөрүм. Күүстээх Лобоойоп бэйэтэ да биир өтөххө уһуннук тулуйан-тэһийэн сыппатах киһи. Наар кэлэ-бара, айанныы сылдьар үгэстээх. Айдаҥҥа өтөр-өтөр кэлэн сэһэн-сэппэл бөҕөтө буолан ааһар…
– Ок-сиэ!.. Айдаҥ кыргыттара киирбиттэр эбит дии! – диэн куруук буоларыныы, кини обургу соһуйан-өмүрэн, саҥа аллайан сүрдээх, майгыта элэккэйэ эҥинэ астык киһи.
Өрүс соҕуруу эҥээринээҕи холкуостан хайа эрэ дьон эт туттаран бүтэн бараннар, Күүстээх Лобоойоп бэйэтинэн кэлбитин истэн, көрөн дьүһүнүн-бодотун, уҥуоҕун-арҕаһын сылыктаары – туохха эрэ тардыллыбыта, тутуллубута буолан саараан сылдьаллар; сорохтор Ньукулайы кытары билсиһэн, илии тутуһан дорооболоһон, сээкэй күннээҕини ыаһахтаһаллар.
Биһиги, сүүс киилэлээх, кыыймыт арыынан туолбут уһааппытын икки буолан көтөҕөн ыадалытабыт. Оттон Лобоойоп, таах, кытахтаах үүтү тутар курдук чэпчэкитик аҕалан уурталыыр. Төкүнүтэн илдьэ-илдьэ соҕотоҕун соһоҕостоһо, чыраахтаһа сылдьар дьоҥҥо көмөлөһөр…
Куоракка биирдэ киирбит дьон хас да лааппыны кэрийэн, сээкэйи көрөн-истэн, кыраны атыылаһан, аны ол сылдьан Хаҕынтан кэлбит дьахталлары көрсөн, саҥа-иҥэ буолан ньамалаһан, киэһэ хараҥарыыта, түспүт ыалбытыгар аргыстаһан кэллибит.
Тимир Тайахтаах – икки билиидэ оһохтоох, үс утуйар хостоох киэҥ дьиэлээхтэр. Хас да быыс сабыылаах. Биһиги да кэннэ түһүк дьон бааллар, киирии-тахсыы дэлэй ыала. Тимир Тайах хаартыһыт, сурахха киирбит улахан дэрсиик. Ойоҕо остуол торуойун хомуйар, оонньообот. Ыаллар эргэ дьиэлэригэр сыһыары саҥа салҕааһын туппуттар, аана туһунан, сураҕа онно дьиэлээх киһи кыыһа олорор үһү. Үгүс тыынньалаах ыаллар быһыылаах, уоруктара да ол сиэринэн. Хоноһолор хоспут саҥа салҕааһынныын быысаһар эркинэ таас түннүктээх, онон үстээх-түөртээх, сыры-сыллатааҕы эмдэй-сэмдэй оҕолор өҥөҥнөһөллөр, күлсэн бычыгыраһаллар…
Өйүөбүтүн киллэрэн ириэрэн наҕылыччы аһаан-сиэн, адарай ороннорго атахтаһан утуйардыы сытан баран, Маарыйа биһикки, тоҕо эрэ, уубут кэлэ охсон биэрбэт…
Түгэх быыс кэннигэр уонча киһи мустан хаартылаан таһыйаллар: ырыталлар, тыыртыыллар, тыгаллар, мэтэйдииллэр. Тыаһы иһиллээбит курдук иһийэ-иһийэ: ким эрэ сирэй, маас баран, абалаахтык ыытан; ким эрэ куустаахтык сүүйэн – солуута суох омуннаахтык, эмискэ күйгүөрсэ, баргыытаһа түһэллэр, остуолу охсон лас гыннараллар. «Баан… сибиэт… саккай… үс кырыы… түөрт кырыы… бэтирик… хараҕа бачча, итиччэ…» диэн сыһыана суох киһи иилэн ылбат тылынан сыана бысыһаллар. Ити кэннэ, хаарты маатыска «күлэр эмэгэтин» үтүө дьүһүнүгэр эрэнэн, эмиэ им-ньим бараллар, арай, дьиэлээхтэр уутун туппат буолбут салабаардарын тумсуттан чохоолго чоллургуур таммах тыаһа эрэ иһиллэр…
Таах сытыахтааҕар, утуйа илик кыргыттар, дьахталлар сээкэйи сэһэргэһэбит. Халбаакыттан кэлэн хоно сытар Куонаанаба Марыына диэн аҕамсыйбыт дьахтар, мин Илин Кыргыдайтан төрүттээхпин истэн, ол эҥээр билэр дьонун сураһар. Сурахха-садьыкка киирбит хоһуйан, туойан ыллыыр Лэҥкэй Аананы сирэй көрөн билэрбин истэн сүрдээҕин сэргээн токкоолоһор… Устунан айахпыт аһыллан, тимэхпит сөллөн уһуннук сэһэргэстибит. Кини да айылҕаттан айдарыылаах араас дьикти дьылҕалаах дьону билэр ахан эбит. Күүстээх Мииккэ, Күүстээх Лобоойоп туһунан араас кэпсээннэри кыргыттарга кэпсиир. Олортон сорохторун мин өссө истэ илик эбиппин. Ол эрээри, биир дойдулаахтарым быһыытынан ханна төрөөбүттэрин-үөскээбиттэрин ордук билэрим иһин – Марыына иҥэн-тоҥон, түөһэн ыйаталаһар.
Күүстээх Лобоойоп – Илин Кыргыдайга Кэлтээкигэ төрөөбүт киһи. Аҕата Лобоой Баһылай диэн. Онон уолугар аҕатын сахалыы аатын иҥэрбиттэр. Кытта төрөөбүттэрэ элбэхтэр. Кыыс аймахтан Маайыс диэни эрэ билэбин. Түмэппий, Кириилэ, Мойох Сэмэн диэн уолаттар бааллар. Лобоой Баһылайдаах – Кыргыдай төрүт олохтоохторо, хантан эрэ көһөн кэлэн олохсуйбут дьон буолбатахтар. Оҕонньордоох Туора Күөл диэҥҥэ олорбуттара. Убайдара, улахан хомуһуннаах ойуун Далакыыр онно харалла сытар. Далакыыр ойуун өтөҕө диэн ааттанар, өссө кини аатынан тумуһах кытта баар. Кэлиҥҥи киһи быһыытынан араҥастаммакка, аныгылыы хараллыбыт. Лобоойдоох Кэлтээкигэ кэлин көспүттэр. Дьон кэпсииринэн, Лобоой Баһылай инньэ Өлүөнэ түөрт уон арыыларын диэкиттэн тоҥус оҕотун аҕалан ииттибит. Чоочук Ньукулай диэн ааттаах…
Күүстээх Лобоойоп үһүс кэргэнигэр олорор. Бастакы кэргэнэ Маппыайаба Балбаара Лэгиэнтэйэбинэ (Экиэн кыыһа). Киниттэн оҕото суох. Иккис ойоҕо, мин дьүөгэм Буолкаба Киристиинэ урукку саҥаһа Силбэх Маарпа. Оттон билиҥҥи кэргэнэ Сөдүөччүйэ диэн Тааһаҕар дьахтара: уҥуоҕунан Ньукулайтан кырата суох, куппут-симмит курдук эттээх-сииннээх, курбалдьыйбыт, тэтиэнэх дьахтар: майгыта элэккэйэ бөҕөтө, мин ону атах балай ыал устун сылдьан билбит буолан, туох эрэ курдук саныыбын…
Киһи дьылҕата араас, олоҕу анаарар, ырыҥалыыр санаата оннооҕор ордук эгэлгэ. Күүстээх Лобоойоп эдэригэр сири-сибиири сиксигинэн эргийэ сылдьыбыт айанньыт, хаамаайы киһи эбитэ. Оннук тэлэһийэн быралгытыйа сырыттаҕына, бастакы ойоҕун баай соҕус, сэниэ, өссө кинээс дуу, туох дуу сололоох Уйбаныап диэн урааҥхай иирдэн ылбыт. Киһи кэргэнин көссүү гынан хоойго сытар холоонноох доҕор оҥостубутуттан симиттибэккэ, сааппакка – улахан уруу тэрийбит. Ол чалбараҥҥа Арҕаа Кыргыдай ааттааҕа, аатырбыт олоҥхоһут Ырыа Дыгыйар баара, устар ууну сомоҕолуур уус тыллаах муҥутаан, сии-хоһуу тылынан үгэргээн ыллаабыт-туойбут: «Улаан кугас аттаах, Орто Дойду суон дурдата Оҕо Тулаайах (дьахтар чычаас өйүн сүүйбүт, уруу тэрийбит Уйбаныабы ханалытан эппит), баппах сарыннаах, баабаҕай харылаах, бадьыр быччыҥнаах, балтааны сутуруктаах, болторхой баппаҕайдаах Байантар Баатыр ойоҕун…» – диэн Күүстээх Лобоойобу дьүһүйбүтэ эмиэ өйдөнөр…
Ньукулай Лобоойоп дьону кытары, сирдьитинэн, инньэ Кырасынайаар кыраайыгар, байҕал дулгааннарыгар тиийэ тэлэһийбит. Күүһэ-уоҕа, кыаҕа бэрт буолан, сырыыны-айаны сөбүлээн, оннук быралгытыйан эрдэҕэ.
Дьолтокуойап Миитэрэй-Күүстээх Мииккэ көстөр көрүҥүнэн – омос көрдөххө, дьонтон туох да уратыта суох эбит буоллаҕына, Күүстээх Лобоойоп – астык быһыылаах-таһаалаах киһи: күүрэн тахсыбыкка дылы көҕөн эттээх, кырыылаах кэтит сирэйдээх, дараҕар сарыннаах, такымыгар тиийэ сыһар унньулуспут уһун илиилэрдээх (хаамтаҕына дайбаммат үгэстээх), модьу, уһун тарбахтардаах хоппо күрдьэх баһын курдук ытыстардаах, мэрдьэннээх сүүстээх, чахчы бухатыыр көрүҥнээх. Кыһын наар уһун сукуун (суппун) сонноох, бүркэмчииннээх хара таба тыһа этэрбэстээх, тайах собуонньуга уостаах үтүлүктээх, тэлибирээбит сыҥаахтаах, өрбөх истээх мукулай бэргэһэлээх буолара…
Биирдэ, Ньукулай – Бүлүү икки Кыргыдай икки ыккардыгар, Бэкэчэй дьаамыгар хоно сытан, киин улуустан кэлэ сылдьар боломуочунайы кытары сакалааттаһан баран, күүһүн көрдөрбүтүн туһунан кэпсииллэр. Онно Лобоойоп туойунан баллырдаабыкка дылы кэтит сабарай ытыстаах уҥа илиитин тарбахтарын быыһыгар үс «дорообо» чэйи кыбытан баран, эт эттиир тиит чэкэчэххэ үһүөннэһин биирдэ, ортолорунан, булгу охсон кэбиспитэ үһү дэһэллэр. Боломуочунай сөрү диэн сөҕөн, бэри диэн бэркиһээн, бэл, көрбүтүн итэҕэйбэккэ айаҕын алаарыччы атан олордоҕуна, Лобоойоп итиннэ сөп буолбакка, кыдьыгыран, дьиэлээх оҕонньор субу сүлэн бүтэрбит тииҥин тириитин (инчэҕэйдии) икки илиитигэр эрийэ тутан баран, хаба ортотунан быһа тардан кэбиспитэ үһү… Көннөрү киһи, испиискэ да сототун усталыы быһа тардыбат баҕайыта. Көр, биһиги киһибит Ньукулай обургу ол курдук ситэри кыахтаах дуулаҕа киһи буоллаҕа.
Дуулаҕа дьон бултууллара ол сиэринэн. Күүстээх Мииккэ эһэҕэ сохсолуурун таһынан, кыыл удьаратыгар дириҥ уҥучах хаһан баран, үөрбэлэри туруору саайталаан тайаҕы онно батары түһэрэн бултуура үһү. Хаспыт уҥучаҕын туох да сылдьыбатаҕын курдук кичэйэн сабара, бүрүйэрэ эбитэ, онон Мииккэ бултуур ыырыгар туспа, туора булчуттар мээнэ чугаһаабаттара үһү диэн кэпсииллэр. Чахчы кыахтаах, улахан күүстээх эрэ киһи ити ньымаларынан бултуура чуолкай…
Куоракка киирэ сылдьан тэллэх ыттара диэни саҥа көрдүм. Сарсыарда туран таһырдьа тахсыбытым, мин көрдөхпүнэ, бэрт сутаакы дьүһүннээх отох ыт оҕото, өрө томтойбут күрдьүк кэтэҕиттэн, үлтү тэпсиллибит чигди устун атын аҕай тэлэкэчийэн сүүрэн кэлээт, туох да харса суох, түнэ этэрбэһим оһугар түстэ, ытыра-ытыра, тэбинэ-тэбинэ тардыалаата. Ыт оҕото аата баламатын сөхтүм, «аны этэрбэспин ойо тардыа» диэн дьаархана быһыытыйдым, атахпынан хаһыйан илгэ сатаатым да, ньоҕойо диэн кини эбит, букатын кэлэн түһэ турар, бэйэтин куччугуй уҥуоҕар холооно суох киэҥ, ньардырҕас саҥалаах, киҥнээх сүөһү буолан биэрдэ. Оннук тэлэмээттэнэ сырыттахпытына – обургу соҕус, арааһата уончалаах, дьиэлээх уол түбэһэ тахсан «ыт оҕотун» (дьиҥэ сиппит-хоппут ыт буоллаҕа) сабырҕаҕыттан харбаан ылаат, тааҕы-таах, илиитин таһынан күрдьүк нөҥүө элээрдэн кэбистэ да, маҥхааһай диэки дьиэрэҥкэйдии турда. Тэллэх ыт, дал кэтэҕинэн эргийэ көтөн, «хабырдык, холустук быһыыланныҥ» диэн хоргуппакка, кыра иччитин кэнниттэн саппай уопсан, соруктаах аҕайдык, тиэтэйэ-саарайа сүүрэн илигирэйдэ… Урут дьон кэпсэтэллэрин тэһэ санаан сэрэйдим «ээ, тэллэх ыттара буоллаҕа, ыа дьэ, сүөһү да бөҕөлөөх эбит» диэн эмиэ да кэлэйэ, эмиэ да сонньуйа быһыытыйдым…
Ыыппыт сирбититтэн соччо тэлэһийбэтэх табаларбытын ыйдаҥаҕа дөбөҥнүк тутаттаан, Хампаҕа тахсан холкуос мэнэйдэһэр этин туттаран өрөөн баран, төттөрү кэлэн, аара ыалга чэйдээбит дьон быһыытынан куоракка тохтообокко, сир ыла сатаан, үргүлдьү ааһан, Халбаакы дьаамыгар хоннубут. Тохтообут ыалбыт, дьааммыт аайы күрдьүк түөрэтэ сап-саһархай килиэ муус иик буолар, ону табалар кирэ-кирэ бэрт минньигэстик сиэн күрдүргэтэллэр. Таба сүрдээх тууһумсах харамай…
Нөҥүө күнүгэр борукка туран салгыы айаннаатыбыт, кэлсэр-барсар ордук хос айанньыт суох, арай, бэҕэһээ Халбаакыга диэри, күөх сукуна билэлээх маҥан таба тыһа курумуулаах, ол эрээри киһи сонньуйуох, сонун саҕатыгар икки тииҥ кутуругун, киэргэттэҕим, тупсардаҕым диэн иилбит, бэрт мааны нуучча учуутал дьахтар кэлсэн турар; туһааннаах сиригэр тохтоон баран, баһыыба үөһэ баһыыба, махтал үөһэ махтал бөҕөтө буолан хаалбыта. Бачча тухары нууччалары син көрдөҕүм – майгылара элэккэйинэн, күлэн-үөрэн мичилийэ тырымнаан бары да чычаас быһыылаах, үтүөкэн дьон: бэрт кыраттан, дуона да суохтан үөрүнньэҥнэрэ диибин диэн, отой кыра оҕо курдуктар. Кинилэри көрөн киһи эрэ санаата көнньүөрэр. Бүөбэйдэстэхтэринэ, көмөлөстөхтөрүнэ – бүтэһиктэрин да устан, баардарын-суохтарын да туран биэрэллэрин кэрэйбэт барахсаттар.
Төннөрбүтүгэр таһаҕаспыт – туораах бурдук, онон чэпчэки, уонна кыыймыт арыыбытыгар кураанах уһааттардаахпыт, олор истэригэр сээкэй кыра мал-сал хааламмыппыт – суол оллуругар-боллуругар турку охсулуннаҕына талыгыраһаллар, толугураһаллар.
Бэдэрээт табаларын улаханнык соруйан айаннаппаппыт, көлөлөрбүтүн харыстыыбыт. Ол оннугар дьаам киэннэрин баҕас курайынан төһө баҕарар далбаатыаххын, имнэниэххин сөп. Саҥа көлүллүбүт күһүҥҥү табалар, эгээннэрин тыаһа лачыгыраан, биир кэм тамайа сиэлэн, мэктиэтигэр, кынтайа-кынтайа түһэллэр, барахсаттар кыната эрэ суох сыыдам көлөлөр. Быыбар кэмигэр, сибидиэнньэ таһыытыгар, дьэ онно кэлэллэр, чахчы ыксал-тиэтэл, ахсым айаннар. Барыта эрдэттэн кэпсэтиллэн бэлэмнэниллэр. Уот кыһыл былааҕы тэлибирэппит туркулаах табалаах дьаамҥа кэлэн сибидиэнньэ кумааҕытын, муонньуйа (молния) дөкүмүөнү биэрдэ да, атын киһи, сонно – сынньаммыт, сылааларын таһааран айаҥҥа бэлэм турар табаларынан салгыы көтүтэр.
Атынан, Улуу Өктөөп бырааһынньыгар, кыһыҥҥы айан суола аһыллан ас таһаарар обуоһу – «кыһыл обуос» диэн ааттыыллар. Олор сыарҕалара, туркулара хайаан да кыһыл былаахтаахтар. «Кыһыл обуос иһэр!!. Кыһыл обуос иһэр!!.» – диэн айманыы, ыһыы-хаһыы бөҕөтө буола түһэр. Ордук оҕо аймах өттө омуннураллар-төлөннүрэллэр.
Бэдэрээт сылгыларыгар сүрдээх сырыылаах-айаннаах, хаамыылаах ахан сүөһүлэр бааллар. Балаҕаччыттан Лэгиэнтэйэп Кууһума, Тойторук диэн биэтинэн сыарсыарда куоракка киирэн баран, нөҥүө күнүгэр киэһэ сөпкө төннөн тахсар. Тураҕас биэ атаралаан ууннара сылдьар биир күрүс айаннаах: атылын эбэн уйуһуйан да барбат, бытааран, нэһирэн да хаалбат…
Улахан суолга араас айанньыты бары көрсүөххэ сөп: сатыылары да, оҕус миинэн кыыкырдатааччылары, таҥкыччахтатааччылары да, дөрүн-дөрүн ситэбит, утары көрсөбүт. Хайаан да тохтоон, сэргэхсийээри, көһүйбүт атахпытын имитэ таарыйа, сонун үллэстэн сээкэйи баллыгыра түһэн ылабыт.
Оҕус миинэн уһун унньуктаах айаны айанныыр салгымтыалаах эрээри, онтуҥ хайдах сүөһүтүттэн тутулуктаах. Биһиги холкуоспутугар Кэлтэгэй Ураанньы диэн өҕүрүмэр оҕус баар. Сүүһүттэн хаҥас дьабадьытыгар диэри түһэр туора ураанньылаах, ол иһин Кэлтэгэй Ураанньы дэммит. Дабахаччыйан түһэн, дьэ, аллаах оҕус. Хаамыылаах аттан харыс да хаалбат. Оннук сүөһүнү дэлэҕэ сүгүн туруоруохтара дуо – былдьаһыкка сылдьар, онон сүрэхтээх-бэлэстээх буолар, туһугар, эмиэ эрэй диэтэҕиҥ.
Куорат суолугар, икки хас сиргэ, тарыҥ өрө үллэн тахсан үрүҥ чаанынан бургучуйа сытар дьикти сирдэр бааллар. Тоһуттар, түптэлэс тымныыга сир хайдан, тарыҥ үллэн бычалыйара элбиир. Көлөнү батырчахтатымаары, халтарытымаары эргийэ көтөн тумнан ааһабыт…
Эбэм барахсан имэрийэн-томоруйан тикпит ичигэс таҥаһын таҥнаммын тымныыны билбэппин…
Кыһыҥҥы кылбаа маҥан сылаас көп суорҕан көмнөҕү бүрүммүт халыҥ тыа кэрэ көстүүтүн киһи салгыбакка сэҥээрэ иһэр. Күнүскү чэмэлкэй күн уотуттан күлүмүрдээбит араас дьэрэкээн кырыа оһуор-мандар, айылҕа хатыламмат ураты уруһуйа – уйаҕас, уйан уйулҕаны уостубакка абылыыр. Будьуруйбут үөттэрдээх, симэ үүммүт талахтардаах, тапарахтаах киэҥ толооннор; аабылаах алар ойуурдар; хоҥкуйа утуйбут хатыҥ чараҥнар; дьулугурас тэтиҥнэрдээх, лиҥкинэспит бөдөҥ мастаах-оттоох тиит, бэс эргэнэ тыалар; халлааҥҥа харбаспыт харыйа тумуллар – бииртэн-биир кэлэн кэннибитигэр хаалаллар… Тоҕойтон тоҕойдор, саҥаттан саҥа саҕахтар, быыс сабыытын арыйа тардыбыттыы, арыллан иһэллэр…
Көлүйэттэн көлүйэ, күөлтэн күөл – киэҥ эбэ киэлитэ мэндээрэр. Кинилэр барылара хайаан да анал ааттаахтар-суоллаахтар. Бэл толооннор кытта анал ааттаахтар: Тоҥус хоммут толооно, Киэҥ толоон, Булгунньахтаах толоон, Түмэппий толооно, Сутуруо ыйаммыт толооно…
Бэкэчэй уонна Лууку дьаамнарын ыккардыларыгар Ньигэдьээх диэн дьоһуннаах күөл баар. Күөл анал ааттаммыта туспа кэпсэл. Былыр соҕурууттан көскө ыыппыт бэһиэччиктэрэ, сайын куораттан тахсан иһэн, ити эбэ кытылын, ооҕуй бадараанныыр оборчо, лээби сириттэн саллан: «Оо, ньигэдьээй!..» – диэн саҥа аллайбыта эбитэ үһү. Онтон ылата эбэ – Ньигэдьээх диэн ааттанан хаалбыт…
Дьоммор кэһиим: эбэбэр – бытырыыстаах саал былаат; Баһылайдаахха – ырбаахы таҥаһа, сачыын; Настааччыйалаах Огдооччуйаҕа – араас дьэрэкээн чэчик ойуулаах өрбөх былааттар, мыыла, хас да мотуок бороҥ сап; оҕолорго – куорат дьаарбаҥкатын саһарчы буспут минньигэс бирээнньигэ, сыттык кэмпиэт; Биэрэ саҥа ырбаахытыгар анаан атыылаһыллыбыт икки суол араас өҥнөөх куйаха тимэхтэр… Кэһиилэрбин тиэрдэн дьоммун үөрдүөхпүн санаатахпына, санаам ордук сайан, иэйэн-куойан кэлэбин, муннум анныгар киҥинэйэн ыллыыбын уонна ньуоҕубун тардыалаан, курайбынан далбаатанан табаларбын тиэтэтэн, соруйан биэрэбин…
* * *
Холкуос чилиэнэ киһи, биригэдьиирдэр ханна ыйбыттарынан, салалта ханна соруйарынан, туох үлэ көстүбүтүнэн, тук хоту түһүнэн иһэбин. Ол эрээри, ордук сылгыны кытары бодьуустаһарбын, ат миинэн, көлүнэн араас үлэҕэ букунайарбын, айаҥҥа, сорукка тибилиннэрэрбин ордоробун. Ардыгар, хонон-өрөөн, эбэтэр уунан да сылдьан иитиэххэ киһи солбуйабын; сороҕор уолаттардыын, дэҥҥэ кыргыттары да кытары сылгы хомууругар, сылгылааһыныгар барабын-кэлэбин…
Саҥа дьыл иннинэ, биир сарсыарда ааттаах эрдэ туран, Буугунай атыыр, уруккута «Жданов» холкуос сиригэр, хаһыытын уларытан уччуйбутун көрдүү аттанным.
Күн кылгаан ахан турар тутумдьу кэмэ буолан дьиэбиттэн сарсыарда отой хараҥаҕа хоҥуннум. Бэҕэһээ киэһэ барыбын бары эрдэ бэлэмнэнэммин судургу.
Сөбүлээн миинэр аттарбыттан биирдэстэрин Үргэли миинним. Хаамыылаах сылгы, онон ыраах ыырданан, тайаан, тэлэһийэн сылдьарга үтүө миҥэ. Сылгыһыттар хаһан баҕарар айана суох аты көлө оҥостубаттар. Былыр-былыргыттан «төрүт сылгы төрүөҕэ, ытык сылгы ыччата» эбэтэр «бэртэн бэрт төрүүр, үтүөттэн үтүө үөскүүр», «улууну улуу утумнуур» диэн бэргэн өс хоһоонноро бааллар. Ханнык баҕарар сылгыны миинэр миҥэ, көлүнэр көлө оҥостуох иннинэ – ол сылгыҥ туох төрүттээҕин-уустааҕын билэр улахан суолталаах. Ол – дьоҕур удьуордуурун, төрүөххэ бэриллэрин иһин. Үөр атыырынан хайаан да эргиччи өттүнэн үчүгэй чинчилээҕин талаллар. Сылгыһыттар – сүүһүнэн сылгыны: тыйы, тиҥэһэни, убаһаны – хайа атыыр, биэ оҕото буоларын хас биирдиилэрин ааҕа, эндэппэккэ билэллэр. Итинник үөрүйэх, дьоҕурдаахха, бэрт түргэнник сайдар. Үөргэ сылдьар биэлэр үксүлэрэ анал ааттаахтар, ол эрээри аҥаардас өҥүнэн да араарыллааччылар үгүстэр. Холобура, чуоҕур өҥнөөх сылгы олох сэдэх, киниэхэ анал аат иҥэриллэрэ ирдэниллибэт даҕаны. Хайа атыыр, эбэтэр биэ – хайдах, туох быһыылаах, таһаалаах ыччаттааҕа барыта ырытыллар. Онон анаан талан, бастыҥ төрүөхтээх эрэ сылгыны үөскэтэ, тэнитэ сатыыллар. Ардыгар сылгы төһө да төрдө-ууһа талбыт курдук бэрдин иһин – тас көрүҥэ, уҥуоҕун-арҕаһын ураты чинчитэ, үтүө сылгы тахсыаҕын бигэргэтэр, кэрэһилиир эрэ буоллаҕына, дьиҥнээх астык миҥэ үөскүөхтээх диэн үгэс буолбут өйдөбүл баар. Үгүстэр итини тутуһаллар. Ол гынан баран, «ойуур үрдүктээх-намыһахтаах отун-маһын сиртэн тирэҕэ, бигэтэ – көстүүтүттэн тутулуга суох араастаах» диэбиккэ дылы, ардыгар, омос көрүүгэ, «дьүһүннээх куһаҕана, уҥуохтаах кырата» эрээри, били этэргэ дылы, «иһэ буорахтаах» атын аҕайдык тилигирээбит, хайдахтаах да унньуктаах уһун айаҥҥа уҥан хаалан уостубат уһун тыыннаах, бэрт дьикти айылгылаах сылгылар эмиэ баар буолаллар…
Кырдьаҕас сылгыһыттар, саастарын тухары Дьөһөгөй оҕолорун кытта алтыспыт дьон – сылгыны бары өттүнэн эргиччи билиилэрэ-көрүүлэрэ, ымпыктаан-чымпыктаан, эгэлгэлээн ыаспайдаан, силигин ситэри сыныйан сылыктыыллара аһара элбэх. Кинилэр сүбэлэрэ-амалара эдэр сылгыһыттарга, ыччат дьоҥҥо улахан туһа, үөрэх буолар. Омуна суох – бэлэм баайы сомсуу.
Быдан былыргыттан бөдөҥ ойуулаах элэмэс сылгыны, тоҕо эрэ, ууһатыыга хаалларбаттар, ахсараннар үөр атыыра гымматтар. Уос номоҕор хаалбыт үһүйээннэргэ, номохторго кэпсэнэр аатырбыт сүүрүк сылгылар – элэмэс дьүһүннэммиттэрэ истэр тухары суох. Арай үрдүк айыыларыттан бэлиэлэрэ: араас моһуоннаах ураанньылаах, туоһахталаах, баһырҕастаах, уралдьылаах буолаллар. Ат сүүрдүүтүгэр, дэҥнэтэн, биирдэ эмит – Бүлүү, Дьокуускай эргин күөх элэмэстэр бастаталыы сылдьыбыттара син иһиллэр. Күөх элэмэс сылгылар, туһугар эмиэ ураты айылгылаахтар: хайаан да булгуччу маҥхайан, элэмэс дьүһүннэрин туоһута туйахтарыгар эрэ хаалар, оттон бэйэлэрэ сырдык өҥнөөх көҕөччөргө, уу көҕөччөргө, эбэтэр, отой да, адьаһын аас маҕаҥҥа кубулуйаллар.
Сылгыны дьүһүнүнэн таларга удьуор төрдө буолбут атыыр, эбэтэр биэ хайдаҕын билиллиэхтээх. Үгэс курдук, бөдөҥ, самалык ойуулаах кугас, сиэр, тураҕас, хара элэмэстэртэн – муҥура биллибэт, аакка-суолга киирбит үтүө ат тахсыбыта суох. Ити эрээри, оҕус курдук сымнаҕас орто хаамыылаах ала аты, тордуос быһыылаах хаамыылаах акка атастаспат түгэннэрэ үгүс.
Сылгы өҥө, туһугар, бэрт элбэҕи кэпсиир, холобура хоруончаха диэн ыарыы: көҕөччөр, улаан, сырдык сур сылгы маҥхайбытыгар, ол эбэтэр маҥан (үрүҥ) өҥнөөх сылгыга эрэ үөскүүр. Атын дьүһүннээх сылгы хоруончаҕырбат.
Ис-иһиттэн сүрэхтээх-бэлэстээх ат – тэһииҥҥин хайа да диэки салайа туппутуҥ иһин хаамыыта биир күрүс буолар. Сорох ат дьиэттэн хоҥнорго сүрэҕэлдьээн маҥнай утаа нэһирэр, соруйуу күүһүнэн хаамар, онтон дьэ хонноҕо-быттыга аһыллан, бэл хайа сиргэ, туох соруктаах баран иһэргин кытта билэргэ дылы кудуххайдык айанныыр; төннөргөр, төттөрү кэлэргэр, хаһаатыгар тиэтэйэн оннооҕор ордук тэтимнээхтик хааман-сиимэн сыбыгыратар…
Дьөһөгөй оҕото сүрдээх өйдөөх харамай, омуна суох киһилии саҥарыан тыла эрэ суох. Туттаргыттан-хаптаргыттан туох-хайдах «илиилээххин» тута аҕай билэр. Ат барыта ис-хааныттан сымнаҕас буолбат, сэнээбиттэрин үрдүлэригэр көрбөт сылгылар да бааллар: киһи куттанарын, дьик-дьах туттан дьаарханарын, толло быһыытыйарын сэрэйдэллэр эрэ – бэйэлэригэр чугаһатыахтара диэн саараныма даҕаны. Оттон, отой харса суох, «кытаанах илиилээҕи» кинилэр эмиэ тута билэллэр. Аны сорох сылгы, төһө да уһуннук мииниллэн, үлбүрүйүллэн сымнаатар – урут көрбөтөх, саҥа мииммит иччитин кимин-тугун тургутан көрөр адьынаттаах: холустук өрүтэ тэйиэккэлээн, ардыгар, отой да орулуу-орулуу өрө көппөрүҥнээн, күөдүлгэхтэнэн соһутар. Ону тулуйан сууллубакка хааллаххына, эбэтэр бырахтарбытыҥ да иһин, харса суох үрдүгэр түһэ турар буоллаххына, хайа муҥун мөҕүөй, сыһыйан иннин биэрэр, устунан иччи оҥостон, өссө, түмүгэр, отой да эйигин эрэ батыһа сылдьар, билинэр буолан хаалар.
Сымнаҕас, мөхсүбэт да сылгы – аты саҥа мииммит киһини эндэппэккэ билэр уонна сэниир (ордук оҕону, дьахтары) – тэһииннэрин тардыалаан араастаан соруйа, тиҥилэхтии сатаабыттарын үрдүнэн чиккэччи тэбинэн турунан кэбиһэр, биир кэм төттөрү иэҕиллэн хааччаҕар төннө сатыыр эрэ дьүккүөрдэнэр. Атыҥырас, иччимсэх сылгы диэн эмиэ туһунан айылгылаах сүөһү…
Сэттэ киһи тыынын илдьэ барбыт улахан иччилээх, иэдээннээх уокка, бэдэрээккэ, дьаамҥа туттуллар аттарбытыттан чороҥ соҕотох да ордубатаҕа, ол оннугар сылгыһыттар аттара, үксүлэрэ, туспа хааллан турбут, көҥүл көччүйэ сылдьыбыт буоланнар, хата, уокка былдьамматахтара. Бэдэрээт аттарыгар талыы да сылгылар бааллара ээ, Дьөһөгөй оҕолорун ордук тулуурдаахтара, кыахтаахтара, хаамыылаахтара. Отучча ат – биир кыра холкуос мииниллэр, көлүллэр миҥэлэрэ диэтэххэ элбэх сылгы…
Сылгыһыттар аттара бары да тилигирэс сүөһүлэр. Ол эрээри таһыччы хотоойулаах хаамыылаахтар: Намылыйа Маҥан, Көнньүөс, Төлөн, Сиэллээх Уола, Үргэл, Буугунай. Кэтэх сылгылаахтартан Мытыйыс оҕонньор Хараарыс диэн бороҥ ата хардаран түһэн батыгыраччы барар сүөһү. Холкуос ордук саастаах мииниллэр миҥэтэ – отутугар чугаһаабыт, сур өҥнөөх Чамаан. Кинини кытары араа-бараа саастаах: Хаарбас, Чуккулла, Үүстүйэ, Хопчороох диэн аттар бааллар.
Ыаллыы сытар холкуостарбытын барыларын да ылан көрөр буоллахха, мин да билэрбинэн, сылгыһыт уолаттар да кэпсэл оҥостоллорунан – Чабынай Чаачарыгар тэҥнээх дохсун, сыыдам сырыылаах ат истэр тухары суох. Оннооҕор эр дьон саллан чугаһаабат сүөһүлэрин, Чабынай Чаачарын сыһыыттан сылгылаан, хонууттан хомуйан «айааһаабыт» буоламмын, сүрдээҕин астына, бэл диэтэр киэн тутта саныыбын…
Правообладателям!
Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.