Электронная библиотека » Семен Маисов » » онлайн чтение - страница 12


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 10:40


Автор книги: Семен Маисов


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 12 (всего у книги 34 страниц)

Шрифт:
- 100% +
* * *

Өксөөн – Хондокуоп Өлөксөй Уйбаанабыс диэн киһилиин холбоһон туспа ыал буоллулар. Хондокуоп буоллаҕына, өрүс уҥуор, Дьөккөн диэн сиргэ ойохтоох, оҕолоох үһү дэһэллэр. Мин ону түөргүлэһэн ыйыталаһа, билэ-көрө сатаабаппын, кулгааҕым таһынан аһарабын, арай дьахталлар, ону да Хаалаан Кэтириин курдук «бөрө эмэһэтэ», «этэрбэс араадьыйата» дэммит хобу-сиби хобугунаһар сэлээр тыллаах өттүлэрэ түмсэ түстэхтэринэ сэмээр сип-сап сибигинэһэллэр.

Өлөксөй Уйбаанабыс – уоһа өһүллэн саҥардаҕына-иҥэрдэҕинэ, киһи эрэ иһиттэр-истэн олоруох курдук, уу тэстибэтинэн ыпсаран, арааһы бары сэһэргиир. Бэрт элбэх эҥин-дьикти эгэлгэ кэпсээннээх-ипсээннээх, көрүдьүөстээх-иридьиэстээх. Дьэ ол оннугар, кини киһи «киирэрэ киирдэҕинэ», тимир тириитин кэттэҕинэ тугу этиэҥ баарай, иннин-кэннин билбэт буолуор диэри биирдэ эмискэ өрө татакайдана, бабыгырыы түһэр кэмэлдьилээх; саҥарыан иннинэ, маҥнай илиитэ тиийбитэ эрэ баар буолар.

Өлөксөй биһиэхэ өрүү киирэ-тахса сылдьар. Сороҕор киһи кыыһырыа да суоҕуттан, суота-солуута да суохтан, туга эрэ табыллыбатаҕына, сатамматаҕына, бэйэтиттэн-бэйэтэ, ис-иһиттэн тымтан, тырыттан кэлэн бардьыгыныыр. Ону биһиги төрүт аахсыбаппыт, оччоҕуна киһибит, өр-өтөр буолбат, били өрө эгдэҥкэлээбитэ тохтоон, соноҕос сылгы ахсымнык айаннаатаҕына сыһыйарыныы, уоҕа-кылына уостан, хараан уоскуйан хаалар. Өксөөн этэринии «өгдөҥкөлүүр кэмигэр тыл бырахсан өрө кыынньаабатыҥ да «өрөйүү-чөрөйүү» этэҥҥэ ааһар». Оттон тыл аахсан утары саҥар эрэ – этэрбэһиҥ тилэҕэ бэрт түргэнник хараара көттөҕүнэ эрэ, сутурук ыар ыалдьыттааһыныттан куотаҕын, судургутук эттэххэ – быһый атахтаах эрэ быыһанар суола. Үчүгэйэ диэн, киһибит кэлин уоскуйбутун кэннэ кэллэххинэ, «эн инньэ диэбитиҥ, манньа диэбитиҥ» диэн өрөлөһөн, саныы, өйдүү сылдьан уруккугун-хойуккугун аахсыбат, онон эмиэ да «һээ» курдук. Дьэ ол эрээри, биир дьикти баар. Күтүө Өлөксөй Уйбаанабыс, эбээ эмээхсин дьиэ иһигэр баар кэмигэр, төһө да «ыгыллыбытын, тууйуллубутун» иһин, хаһан да саҥатын сонотон, тылын тылыннаран баргыытаабат, эмээхсинтэн – толлор. Ол биһиги эбэбит, истэр тухары, киһи салларын курдук үҥүү-батас, кырыыс-таныар тылынан дьону таныйбатах, эгэ кэлэн илиитин өрө көтөҕөн далайбатах эмээхсин эрээри, дьэ ол курдук, киһи эрэ кутун-сүрүн баттыыр ураты дьүһүннээх-бодолоох; ыллыктаах, олохтоох-сиэрдээх, сэдэх эрээри ситэ тиийэр тыллаах-өстөөх кырдьаҕас… Нөҥүө түһэн солуута суох чалыгырыы, үөр кус ортотугар чороҥ мороду түһэн кута-симэ олорорунуу оруо-маһы ортотунан тыллаһар эдэрдэри – эбээ эмээхсин ээр-сэмээр эргиллэн унаарыччы көрбүт аҥаардас харахтара даҕаны, ол муҥнаахтары кытыаста кыбыһыннаран, кэлэр сирдэрин кэлии үүтэ, барар сирдэрин баҕана үүтэ гынан, таска ойутар түгэннэрэ кытары баар буолааччы…

От ыйын саҥатыгар, Өксөөн бэйэтин баҕатынан, сайабылыанньа биэрэн бэрэссэдээтэллээн уурайда. Эдьиий, бэс ыйыгар, аҕыс ыйдаах киһи киһинэн буолбут уол оҕону куоттаран турар. Аҕыс ыйдаах оҕо киһи буолбата былыр-былыргыттан биллэр. Хата, ол оннугар сэттэ ыйдаах – бэттэх кэлэр. Ытаан, саҥатын биллэрэн баран төннүбүт оҕону, биир бэйэм сүрдээҕин аһыйбытым…

Өксөөн оннугар Дабыыдап Ыстапаан Бохуомабыс диэн, биир да кылаас үөрэҕэ суох эрээри, сааһын тухары хара үлэни кытары тустубут Хаҕын киһитин ыыппыттарын холкуостаах дьон уопсай мунньахха куоластаатылар. Дьыала-куолу, сурук-бичик өттүгэр мөлтөх эрээри, үлэни баҕас дьэ сатаан аттаран, сатабыллаахтык дьону салайар киһи. Муннун анныгар, усталыы сыыйа тардан кээспиттии, тор курдук бытыктаах, хас саҥараары гыннаҕын аайы уоһун хамсатан онтун иҥнэх-кыҥнах гыннара-гыннара, мутук үүтүн курдук көмүскэтин иһигэр чөҥөрүспүт сытыы харахтарынан «бу чолоҕор төһө бэрт киһи эбитэ буолла» диэбиттии, уорбалаабыттыы одуулаһар үгэстээх.

Холкуос үлэ хаамыытын сурук гынан суоллуур сээкэй баачахай үлэтэ үгүс, ардыгар, нэрээт эҥин аҕалан илии баттатаары гыннахтарына, оҕонньордоро – баһынатаҕын быһаарбакка, кумааҕыларын таҥнары тутан олорор сураҕа кытары иһиллэр, туора сиртэн кэлбит киһи буолан, эннэрин-миннэрин ситэ билсэ иликтэр. Сурук үлэтин үксүн сэкирэтээрэ быһаарар. Онно-манна сүүрэр-көтөр хорохоото да ол киһи. Холкуос бэрэссэдээтэлэ «ДСП» диэн бөдөҥ буукубаларынан, кумааҕы эрэ тэстибэтинэн кыычыгыратан, чиҥник илии баттаан астыктык адаарытан кэбиһэр. Улахан суолталаах дьыалаҕа, сэкирэтээр ыйыытынан, бэрэссэдээтэл киһи бэйэтэ бэчээт ууран дьэрэлитэр, ону баҕас баһын-атаҕын баһылаабыт суола: тимир бэчээтин бэлтэйбит сирэйин үрбэхтээн, эбиитин, силигин ситэрэн «түтүгүр» гына силлээн баран, такыйбыт тарбахтардаах ытыһыгар болточчу туппут малын, инньэ кэтэҕин аһыттан ууннаран аҕалан, остуолун үрдүгэр сыппыт күөдэл-таһаа «бөҕө-саҕа» өрө үргэс, сахсас гына түһүөхтэригэр диэри «лос!» гыннарар, ардыгар, кырдьаҕас киһи илиитэ салҕаластыыр, оччоҕо бэчээт суола саҥа ый курдук кэлтэйэр, бу түбэлтэҕэ оҕонньор хат нэмийэн иккистиир, ити кэннэ мээнэ илиигэ туттарыллыбат тэрилин саппыйатыгар уган, халҕайбыт ыстаанын сиэбин түгэҕэр куду анньан кэбиһэр, уонна ол курдук болтоппутунан Бохуомабыс ол-бу соругар барар-кэлэр, сүүрэр-көтөр…

Ыстапаан Бохуомабыһы маҥнай утаа эрэ атыҥырыы көрбүппүт, кэлин, чугастык билсибиппит кэннэ, букатын бэйэ киһитэ буолан хаалла. Дьону кытары биир тылы булара, киһи майгытын-силигин табара сүрдээх. Бэл биһиэхэ, аан бастаан киирэн кэлэн баран, хаһан эрэ өрдөөҕүттэн ыкса билсибит ыалыныы туттан-хаптан, кэпсэтэн-ипсэтэн барбыта. Дабыыдап дьиэҕэ киирээт да, мэниктии сылдьан чабычахтаах үүккэ олоро түһэн, оһох иннигэр, ыстаанын эмэһэтэ илийбитин куурда турар Баһыычааны: «Быраачыйалаах быраачыйа «быраатыҥ» төһө улаатта…», – дии-дии, сэмээр, кыра уол ахтатын тутан көрбүтэ. Баһыычаан соһуйан кыпчырыс гынаат туора ыстаммыта. Биһиги бары күлсэн тоҕо барбыппыт. Эбээ эмээхсин чэйин үөһэ түспүтэ, эр дьон эгэ-дьэгэ буолан үлэлэрин-хамнастарын туһунан уһуннук кэпсэппиттэрэ.

Холкуоспут суотчутунан, Тылгыныттан, Эпсиэй Ньукулаайап (Тыктарар) диэн киһи ананан кэллэ.

* * *

Быйыл сайын мин от үлэтигэр сылдьыбат буоллум. Ол төрүөтэ – сонун, саҥа үлэҕэ – «Бостуок» диэн ааттаах сайыҥҥы муҥха биригээдэтигэр киирсэн, Айдаҥтан көстөн ордук ыраах сиргэ баар, Муосталаах (Бээриҥдэ) эбэҕэ сайылыы барсар буолуум…

Эдьиийим Өксөөн: «Аана быйыл сайын миигин кытта Муосталаахха барсаҕын дуо?…», – диэбитигэр, мин туох-ханнык иннинэ эбэбиттэн ыйыппыппар, эмээхсин: «Бэйэҥ биллэҕиҥ дии тоом, сылдьыаххын саныыр буоллаххына, тыый оттон, сырыт ээ…», – диэн тута сөбүлэспитэ.

Былырыыҥҥылартан уонна өссө эбии саҥа дьону, нэһилиэк, холкуос аайыттан хомуйан, салайааччыбыт Өлөксөй Уйбаанабыс, ыһыах ааспытын кэннэ, балыктыыр биригээдэтин аттаран тэрийдэ. Муосталаахпытыгар бары Айдаҥҥа түмсэн баран барыахтаахпыт.

Хаҕынтан – Окуоскун Ньукулай Тэрэпиинэбис, Дьөккөнтөн Барааҥка диэн эдэр уол уонна Даарыйа диэн дьахтар, «Свердловтан» – Кулуһуннуурап Дьөгүөр кэргэниниин Солоторуоба Даайыскалыын, Тайтах Ньукулай ойоҕунуун Балбааралыын, Баһылаайап Сөдүөт (Тэрии) ойоҕо Хаалаан Кэтириинниин. Онон барыта: миигинниин, Өлөксөйдүүн уонна Өксөөннүүн – уон икки киһилээх биригээдэ буоллубут. Маны таһынан Тайтах Ньукулайдаах Мааһыҥка диэн сэттэлээх кыыстаахтар…

…Биир куйаас күн, бырабылыанньа дьиэҕэ мустан, сыарҕалаах икки оҕуска утуйар таҥаспытын, аһыыр иһиппитин тиэнэн, бэйэбит сатыы Муосталаахпытыгар аттанныбыт. Оҕустары Айдаҥ оҕолоро киэһэ төннөрүөхтээхтэр. Бырдах биир кэм өрө кыынньан – сорох дэйбиирдээх, сорох хатыҥ лабаатын тоһутан сапсынар…

Бу эргин сиргэ-уокка урут мин сылдьа иликпин, онон барыта сонун көстүү. Айдаҥтан тахсан барбалыы түспүппүт кэннэ Чоҥоролор диэн күөллэр кэлэллэр, олор ыккардыларынан ааһабыт. Оччугуй уонна Улахан Чоҥоролор бэйэ-бэйэлэрин кытта отой субу хоонньоһо сыталлар, быысаһар сирдэрэ кутата эҥинэ суох, чиҥ кырыс. Ол эрээри, бу эбэлэр тустарынан дьикти үһүйээннэри кэпсииллэр. Кусчуттар ыппыт хойобуун куоҕастара умсан баран, көрөн олордохторуна нөҥүө күөлгэ күөрэс гынан көбөн тахсара үһү: Оччугуй Чоҥороҕо ыппыттара – Улаханыгар, Улахан Чоҥороҕо ыппыттара – Оччугуйугар. Сир аннынан ситимнээх эбэлэр дэһэллэр. Чоҥоролор ыккардыларынан ааһан иһэн, тохтоон, «субу, атахтарым аннынан балыктар уста сылдьаллара буолуо» дии санаатаххына, тоҕо эрэ, ол дьикти кэпсээни, мэктиэтигэр, итэҕэйиэ суох курдуккун… Күөллэр иккиэн сүрдээх эмис сордоҥноохтор уонна дьойгуо диэн балыктаахтар. Хондокуоп, тоҕо илим үппэтэ эбитэ буолла, хаста да, кытыыга тиксэн тэлбиҥэһэ турар сордоҥнору саанан ытан таһааран турар. Ону эбээ эмээхсин аньыырҕаан бобуоҕуттан ити дьарыгын тохтоппута.

Урут, Огдоолор диэн ини-бии дьон, Оччугуй Чоҥоро дириҥин кэмнээн, тургутан көрбүттэрэ үһү, онно кэпсэнэринэн – сүүрбэ биэс былас уһуннаах ситии хатан түһэрэн баран түгэҕин булбатахтар. Эбэ дириҥин кэмнии сатаабыт уолаттар, ол сайыныгар, киһи дьиктиргиэх, төбөлөрүнэн моһуогурбуттар… Чоҥоролор – угут күөллэр, тыкаары да бугул турбатах, сөрүө да саҕа оттонор ходуһата суох эбэлэр. Уулара хара маһыттан түөрэтэ даркы дойду, киһи тыынан да сылдьыан куттанар, туруору чүөмпэ.

Чоҥоролор ыккардыларынан тахсааккын кытта, эриэннээн сыгынньах кумах сирэйдээх, сүнньүнэн бэс маһынан өрө үппүт үрдүк буор хайа кэлэр. Суолбут хас да салаа буолан арахсан, хайа тэллэҕинэн кус очоҕоһунуу эрийэ-буруйа субуллар. Сорох салаа ыллык төттөрү ханарыйар. Мантан ылата араас дьэрэкээн муоҕунан, уҥуохтаах отонунан саба үүммүт, эмиэ да лабыкталаах, сорох сиринэн харыйа мас булкаастаах, чыыкыр кумах бэс тыа саҕаланар…

Үрдүк бэс ойуур иһэ, ким эрэ сиппийэн, хомуйан кэбиспитинии ып-ыраас, киһи эрэ ис-иһиттэн баҕаран хаамтар хааман иһиэх курдук. Бэс мутукчатын кураххай сыта өйү-санааны эбии дьэҥкэрдэн муннугун кычыгылатар…

Чоҥоролортон икки-үс биэрэстэ кэриҥэ барбыппыт кэннэ, суолбут уҥа өттүгэр, Өҥсөөччү күөлэ кэлэр, арыый хотоол сир, ээйдээх. Кэннибитигэр – Чоҥоро, булгунньах курдук өрө сүгүллүбүт буор хайата, бэйэтигэр угуйа ыҥырбыттыы ыраах тунаҕыра көҕөрөн көстөр…

Тыата хойуута бэрдиттэн, Муосталаах (Бээриҥдэ) эбэни, субу кэлэн баран биирдэ, эмискэ өҥөс гына түстүбүт… Оо, эбэ барахсан нэлэһийэн-хотоһуйан, киэбэ-киэлитэ кэтирээн түһэн астыгын-бастыгын сүрдээҕин сөхтүм… Эргимтэтэ – аҕыс биэрэстэ үһү диэни урут истибиппин санаан кэллим, ону «иччилээх сируот» үрдүгэр кэлэн турар киһи быһыытынан чуолкайдаһан ыйыталаһа, ыаспайдаһа барбатым. Аата ааттаммат сүдү күөл бэрт ыраах кылдьыыланар уҥуоргу тыатын саҕатынааҕы уута, мэктиэтигэр, үллэйэн, өрө хоппойон көстөр…

Балыксыттар сытар сирдэрэ – Орто Хомо диэн ааттанар, кырдал анна улахан ырааһыйа, өтөх онно. Өрдөөҕүтэ аҥаардас балыгынан аһаан олорбут буор балыксыт Баала диэн оҕонньор икки хостоох, чуулааннаах чөрү-чөкөччү ампаар дьиэтэ; үс хостоох, балыксыттарга анаан тутуллубут эмиэ ампаар дьиэ; түөрт хаптаһын дьиэ: олортон биирдэстэрин, улаханнарын «мандаарынай» диэн ааттыыллар уонна сири хаһыы үс симилээҥкэ баар. Симилээҥкэлэр бэрт тупсаҕай оҥоһуулаахтар: устуруустаах хаптаһын муосталаахтар, улахан уус дьон уу тэстибэтинэн ыпсаран, кичэйэн-хачайан тутан-хабан уһаммыттара тута көстөр; соҕуруу диэки, аан икки өттүгэр улахан таас түннүктээхтэр, онон сырдык хото киирэр.

Окуоскун Барааҥкалыын, Тэрии ойоҕунуун, Кулуһуннуурап кэргэниниин – биирдии симилээҥкэ дьиэни бас билэн сыттылар. Тайтах Ньукулайдаах кыыстарыныын «мандаарынайга», Дьөккөн дьахтара Даарыйа, Өксөөн, Өлөксөй, мин – балыксыттар ампаар дьиэлэригэр олордубут. Баала оҕонньор балаҕана уонна хаптаһын дьиэ иччитэх турдулар. Урут хастыы да биригээдэ буолан муҥхалыылларын саҕана тутуллубуттар. Улахан тэрилтэ, анаан-минээн, олохтоохтук-сиэрдээхтик оҥорторон – дьиэлэр бары, дьаһамыр, кирпииччэ оһохтоохтор.

Эбэбит кытыла барыта тохуруоп таас булкаастаах чыыкыр кумах, уу баһар далаһа эҥин диэн суох, киирдиҥ да иһэр, суунар уугун сомсон ылаҕын. Уута ырааһа сүр, дьэп-дьэҥкир, үөһүгэр, лаппа дириҥэр диэри күөл түгэҕэ курдары көстөн дьэрэлийэ сытар. Амаҕа, этэҕэтэ суоҕун иһин кус тохтообот, сымыыттаабат эбит. Үөл кус бииһиттэн ээбиллэлэр маҥнай кэллэхпит утаата: «Эҥэ-эҥэ-эҥэ-ээйик-ээйик!..», – дэһэн саҥарса-саҥарса уһун кутуруктарын уҥа-хаҥас эйэҥэлэтэн ууну кырсынан төттөрү-таары көтүөккэлэһэн баран, олор даҕаны арҕам-тарҕам ыһыллан сүтэн, симэлийэн хааллылар. Дэҥ, туотаайылар, улуннар көтөн ааһалларын көрөбүт…

«Бостуок» тэрилтэ хаптаһын ыскалаатыгар хараллыбыт диэл муҥханы ылан тэбээн-сахсыйан, кэлбиппит нөҥүө күнүттэн муҥхалаан бардыбыт.

Сайыҥҥы муҥханы көрбөтөх киһиэхэ миэхэ барыта сонун.

Салаҥ улахан мас оҥочо, туорай мастарга умсаннары ууруллан сытарын бары көмөлөөн эргитэн ууга соһон киллэрэн «сиигирдэн» кэбиспиппит. Маннык сүүнэ улахан мас оҥочону мин урут хаһан да харахтыы илигим. Маҥнай ууланан баран, кэлин маһа тыыллан дыгдайан, өтүппэт буолбута. Оҥочо бэрт дьикти, бырыынчык оҥоһуулааҕа: чараас хаптаһыннары үрүт үрдүгэр ыпсаран тас өттүн дьаптайбыттара – сүөһү таҥалайын кэрдииһинии, бэрт тупсаҕай көстүүлээҕэ. Уонча киһи муҥхалыын таймалыын киирэн олордохпутуна да улаханнык ымыттыбат улахан уйуктаах сэп буолан биэрбитэ. Урут миэхэ дьүөгэм Маарпа уҥуоргута-маҥааргыта көстүбэт улуу байҕалга сылдьар аарыма ааллар баалларын туһунан кэпсээбитин тэһэ санаан кэлэн онно холуу санаабытым.

Муосталаах – уһун ньолбуһах күөл, элбэх булуҥнардаах, быакаччы тардыбыкка дылы, ортотунан соҕус, утарыта кынчыатаһан үөскэ үтэн киирбит тумуһахтардаах. Былыр уута олус хото түһэ сылдьыбыт кэмигэр (кытылтан кытылга, уҥуортан уҥуор, маамыктаны быраҕан тиэрдэллэрэ үһү) тумуһахтары тиксиһиннэрэр күргэ тута сылдьыбыттар, онтон сиэттэрэн Муосталаах дэммит. Сылгы саалыныы кырыы тумуһахтар – кыһыннары күөх көнньүөс бээгэй мутукчалаах, уһуктарыгар хойуу туораахтаах бэстэринэн ситэри симэнэннэр, аны олор ыччатыраннар, эбиитин хатыҥ, талах үүнэн – нөҥүө өттүлэригэр туох баара көстүбэт…

* * *

Бастакы күммүтүгэр өтөхпүт анныгар киирэн тартыбыт. Оҥочоҕо эрдииһитинэн Окуоскуннаах Барааҥка уол олордулар, сааһылана ууруллубут муҥханы түһэрээччиннэн Дьөгүөр буолла. Атыттар бэчимэһиттээн кытыыга сырыттыбыт…

Бэс ыйынааҕы ип-итии куйаас күн эрээри – эбэбит барахсан кытыла киэҥ, чэлгиэн сир буолан, бырдах кыната кууран уонна тыалга оҕустаран соччо суох, арай күлүмэннэр онон-манан тэлэмээттэнэ, күүгүнүү көтөллөр…

Ыраах, күөл уҥуор саҕахха, итир былыттар биир сиргэ ыйанан турар курдуктар эрээри, ээр-сэмээр, биллэр-биллибэт усталлар уонна ханан да бэл лоскуй былыт баара көстүбэт: ып-ыраас, сып-сырдык, күп-күөх чэмэлкэй халлаан. Күн сарпа сарадах сытыы сардаҥаларынан, сүүмэхтэринэн угуттуу сыдьаайар… Күөл үөс уута, эрэһэ долгуннарынан ирбинньиктэнэ оонньуур. Кытыыга, дьара ууга ньаҕар балыктар үөрдээн сундулуһаллар: биир кэм хараара ытыллан кэлэн баран, эмискэ туора халыйан куймарыс гыналлар…

– …Бэйи тохтооҥ, тохтооҥ… иҥиннэ!.. – диэн Дьөгүөр муҥханы түһэрэ туран эрдииһиттэригэр хаһыытыыр. Окуоскуннаах төттөрү эгдэс гыннара анньынан муҥхаларын ситимэ чиккэйбитин холкутаталлар, онтон эмиэ харса суох хат эрдэн дэйбэҥнэтэллэр. Сотору муҥха ийэтэ суулуу тутуллан үөскэ быраҕыллар, инньэ гынаатын оҥочоҕо олорооччулар аны аҥаардастыы эрдинэн хаҥас кынаты түһэрбитинэн бараллар. Муҥха кыната бүтүннүү тимирэн бүппүтүн кэннэ, Барааҥкалаахха ордук сыралаах үлэ саҕаланар – уу иҥэн ыараабыт, балык киирэн хаатыйаланан тэйгэйбит муҥханы дьара сиргэ диэри эрийэ тутан аҕалыы…

Дьөгүөр төҥкөйөн көрөн туран дьара, чычаас сир кэллэ да бар гына ыстанан кэбиһэр, тобугун үөһээ өттүгэр диэри ууну кэһэ сылдьан бэчимэтин тардар. Биһиги сүүрэн киирэн көмөлөспүтүнэн барабыт, тыҥыы чиккэйбит бэчимэнэн, кытыыга сундулуһар балыктары күөйэн, ууну таһыйан күппээрдэбит.

Муҥха хаҥас кыната, хотоҕосторо аа дьуо дэйбэҥнэһэн, кытыыга чугаһыыр – уҥа кынаты кытта тэҥнэһэр, инньэ гынаатын, аны бэчимэ бааллыбыт туорай мастарыттан хап гына тута охсон ылан, икки кынаты бэйэ-бэйэлэригэр ээр-сэмээр чугаһатан, холбуу тутан кэбиһэбит.

Дьөгүөр чохчойон олорон самахтыыр, Даарыйа биһикки саҕалыыбыт. Диэл хараҕар иҥнибит быраҥаатталар, биирдиилээн, кэлбитинэн бараллар…

– Балык!.. Балык!.. Быраҥаатта!.. Бу сылдьар!.. Ити эмиэ кэллэ!.. – Тайтах кыыһа Мааһыҥка муҥха кынаттарыгар иҥнэн кэлбит балыктары көрөн, оҕо киһи сиэринэн, омуннура түһэр.

– Кэбис, күүгүнээмэ… – кыыс ийэтэ Балбаара боччуйар. – «Күөйэр» айаҕар туран киэҥник тылласпат баҕайыта… – Мааһыҥка өс киирбэх ах барар, ол эрээри үөрэн чоҕулуспут харахтарын кыыма уостубаттар, омуннурбут сирэй-харах син биир сүппэт, муҥха икки кынатын эргийэ көтө сылдьан биһигинниин тэҥҥэ былык араарсыһар, итигэстэһэр…

Муҥха ийэтэ чугаһаатар-чугаһыыр, кытыыга кэллэр-кэлэр… Ийэ иһигэр киирбит балыктар булумахтаһаллара, ууну бырдьыгынаталлара көстөр. Быраҥаатталар дьара ууну сытыы уорҕаларынан чыһыырда тыыран үөс диэки куоталлар, ол да гынан ханна ыраатыахтарай, ньиккэрийэ ныһыйар байбарыттан иҥнэн, син биир хаайтаран хаатыйаланаллар. Балыгынан туолбут муҥхабыт ийэтин кытыыга соһон аҕалабыт… Дьэ эбэтээ, көмүс хатырыктарын күн уотугар күлүмүрдэтэ оонньотон быраҥаатталар барахсаттар биир кэм өрө ытыллан булумахтаһаллар, тилигирэһии, өрө хойуостаҥныы-хойуостаҥныы тэйиэккэлэһии… Икки сүүрүнэн солбуһа-солбуһа баһан таһааран оҥочоҕо кутабыт. Оҥочобут иһэ, хаптаһынынан хайыҥнаммыт, балык кутар анал сирдээх.

Быраҥаатта быыһыгар биир сүрдээх улахан сордоҥ кэлбитин Барааҥка уол тааһынан оройго охсон баран, сул дүлүҥнүү өрө көтөҕөн ыадатан таһааран кытылга «пөл» гына бырахпыта мөхсөн сүгүллэммэхтиир; туруору тутан көрбүппүт Мааһыҥкабытын куотар буолан биэрдэ. Хас да борохойу кытары сордоҥмут өрөҕөтүн хайытан ылан иһин кытта булкуйан куорумаан диэн, урут мин сиэбэтэх аспын астаатылар. Дьэ чахчы сыа-арыы аллан бырдьыгыныы сылдьар минньигэстэн минньигэс, били этэргэ дылы «киһи тылын быһа ыстыыр» үтүө ас эбит.

Муҥхаҕа – ньычаа (кыһыл харах), хаахынай, алыһар кэллэҕинэ төттөрү сүөкээн ыытан кээһэбит. Дьуос балык баар да, муҥхаҕа ыанан хаалар. Биирдэ эмэтэ хаахынайы миинниибит, миинэ амтаннаах, ол эрээри өрүс балыга аата өрүс балыга, күөл соботун курдук буолуо баара дуо, уһуннук, солбуллубат аһылык гыннахха киһи салҕар. Ардыгар алыһары кулуһун уотугар үчэһэҕэ үөлэн сиибит. Үөллэххэ бэрт түргэнник, дөбөҥнүк буһар балык. Оттон мииннээтэххэ, туох да амтана суох, уу судураан курдук, өссө оннооҕор ордук уу ньамаан мииннээх – кыһыл харах…

Бастакы күммүтүгэр өтөхпүтүттэн соччо ырааппакка сырыттыбыт. Биир түһэриини син уһуннук сыралаһан таһаарабыт, ол эрээри муус аннынан үтүмэхтээн тардар муҥха курдук буолуо дуо, судургу. Бэркэ кичэйэн, ымпыктаан-чымпыктаан, тараан тардабыт. Муҥхабыт мин урут көрбүт кыһыҥҥы муҥхаларбынааҕар быдан улахан. Хас тардыы аайы быраҥаатта баһаан кэлэр. Астыырбытыгар сөп буолары эрэ холоон хостуохтаахпыт…

Киэһэ өтөхпүт анныгар тиксэн баран, күннээҕи бултаабыт балыкпытын сүүрүнэн, солуурунан баһа-баһа наһыылкаларга кутан, модьу-таҕа оҥоһуулаах, хаптаһын хайыҥнаах, уһун субурҕа бырабаалакка тастыбыт. Бырабаалакпыт хаптаһын сарайдаах, онон балыгы ардах да түһэр кэмигэр, хаһан баҕарар астыахха сөп.

Биригээдэбит дьоно үксэ, урут сайыҥҥы муҥхаҕа сылдьыбыт дьон буоланнар бэрт үөрүйэхтэр. Бүгүн тахсыбыт балыгы сарсыардаттан күнүскүгэ диэри ыраастыыр үгэстээхтэр эбит. Онон киэһэ, балыгы таһан, муҥхабытын анал ачаах мастарга, аргыга ыйаан куурдан баран, аһаат да утуйан хаалабыт…

Аҕыйах хоноот, били, маҥнай утаа дук-дах, сыыһа-халты туттубуппут уурайан, бары тустаах, аналлаах үлэбитигэр аттарыллан, оннубутун-тойбутун булан харса суох муҥхалаабытынан бардыбыт… Субу-субу, салгымаары, үлэбитин атастаһабыт, солбуйсабыт: эрдииһит бэчимэлиир, бэчимэһит эрдэр. Муҥха хас тахсыыта кэтэһиилээх, долгутуулаах: төһө эрэ балык киирдэ диэн таайыы, билгэлээһин бөҕөтө. Сордоҥ, борохой дэҥ кэлэр. Даарыйа: «Бу сырыыга үс борохой кэлиэ…», – диир. Мин: «Икки, эбэтэр түөрт буолуо…», – диэн мөккүһэбин. Муҥхабыт ийэтэ бүтүннүү култайан кэллэҕинэ, арыт Даарыйа таба таайбыт, арыт мин сөпкө сылыктаабыт буолан, бэйэ-бэйэбитин «эн сыыспыккын, мин сөпкө таайбыппын» дэһэн хаадьылаһабыт.

Хайа баҕарар үлэҕэ нэмин табан сырыттахха биирдэ кыайа-хото тутаҕын. Үлэ таһаарыылаах, үтүө түмүктээх буоларын биир сүрүн төрүөтүнэн – бары биир дьиэ кэргэн курдук иллээх-эйэлээх, ким туох кыһалҕалааҕынан бэйэ-бэйэни өйөһөн, хардары-таары көмөлөсүһэн, көхтөөхтүк уонна көрдөөхтүк сылдьыы буолар.

Тайтах Ньукулай «мандаарынай» дьиэтигэр уһаат оҥорор, кини дьарыга, тустаах анал үлэтэ ол. Уһаатын иитин талаҕын, көс аҥаардаах сиртэн, Өҥсөөччүттэн быһан сүгэн аҕалар. Мас уһаат оҥоһуута уустук, уу тэстибэт ыпсарыылаах буолуохтаах. Маһы эрдэттэн бэлэмнээн хатарбыттар. Ньукулай Муосталаахха балык биригээдэтэ хайа тэриллэн үлэлиэҕиттэн уһаммыт буолан үөрүйэҕэ сүрдээх, туттуу-хаптыы мааны. Оҥорон бүтэрбит иһиттэрин, төһө да хаппыт хаптаһынтан дьапталлан эҥкилэ суох ыпсарыылаахтарын иһин, күөлгэ төкүнүтэн киллэрэн, ууга олордон сиигирдэр, оччоҕо уһаат маһа тыыллан, дьэ кырдьык, салгын да бычыгыраабат бүтэй иһитигэр кубулуйар. Уһааттар бары хаппахтаахтар… Тээкиччэҕэ олорор эрдэхпитинэ, эһэм Өлөксөй, ойоҕоһун маһыттан үлдьү түһэр үс атахтаах, үс иилээх, сирэй суунар лаппычах курдук тиит уһаат оҥорооччу, онтута эмиэ букатын тэстибэтэ…

Сарсыарда бэрт эрдэ туран чэйдээн баран, бары бырабаалакка кэккэлэһэн күө-дьаа кэпсэтэ-кэпсэтэ быраҥааттабытын ыраастыыбыт: баһын быспаппыт, өрөҕөтүн тыыран иһин оруубут, көхсүн хаанын кыһыйабыт, инньэ гымматахха буортуруон сөп. Наһыылка томтойдор эрэ туустуур киһибитигэр Баһылаайап Сөдүөккэ илдьэн биэрэн иһэбит.

Тэрии Сөдүөт – хаҥас атаҕа сототун ортотунан суох. Туох да суота-солуута суох төрүөттэн: өссө Илин Кыргыдайга, Тээкиччэҕэ, Мискээйэп Ньукулай (Хахалдьыйа) оҕонньор кыыһын Сөдүөрэни (Көйгөөлө) кэрэгэн ылан олордоҕуна, атаҕын тойон эрбэҕэр мас киирбитэ бааһыран, ириҥэрэн, устунан «этэ харааран» сытыйан хаалбыт. Балаҕаччы балыыһатыгар сытан эҥиннээн, табан эмтэммэккэ уһун сайыны быһа сыркарда сылдьан баран, күһүнүгэр тиийэн биирдэ эрэ, суол турбутугар Бүлүү куоратыгар көрдөрө киирбитин – Куурайап быраас (сураҕырбыт быраас) быһан кэбиспит. Онон киһибит лаҕыччы биир сиргэ олорон балык тууһуур. Тобугун бэйэтэ оҥостубут мас атаҕар кыбытан, санныгар ноторуускалыы баайан туттаран баран хааман сүдьүҥнүүр, иҥнэҥниир. Ити да гыннар Сөдүөт күһүн, хаар чарааһыгар, мас атаҕынан сылдьан көтөргө туһахтыыр, бэлиэлээххэ чааркаанныыр. Түптэлэс тымныыга мукуу бэргэһэтин буодьута эргиччи кырыа буолан, аҥаар илиитигэр тайахтанан, мас атаҕынан чигдигэ күүскэ тирэнэн кыычыгыраан, чуучугураан иһэрин үгүстүк көрөрүм.

Мин, биир ордук сөхпүтүм диэн – уһааттаах тууһаммыт балыгы уурар «бадыбаал» диэн ааттыыр булуустара. Булуус өтөхпүтүттэн чугас турар: хоп-хойуу саҥа дьэндэйэ үүнэн эрэр «ыт мунна баппат» бээгэй мутукчалаах бэс ычыкын иһинэн, үчүгэйкээн баҕайытык суол солообуттар, ол устун хааман тибигирэйэн тиийдиҥ да, эмискэ «бадыбаал» ааныгар кэтиллэ түһэҕин, аан икки чанчыгар уһун субурҕа хатыҥ олоппостор тураллар. Булууһу – үрдүк кырдалы сирэйинэн ис диэки сырыыньа соҕус гына хаһан оҥорбуттар, икки аҥыы тэлэллэн аһыллар тимир иэччэхтэрдээх, киһи тэбинэ-тэбинэ тардан арыйар халҕаннардаах. Хас да балаҕан дьиэ бүтүннүү батан хаалыах айылаах баччалаах киэҥ киэлилээх булууһу сыччах күрдьэҕинэн хаспыттара буолуо дуо дии санаатахха киһи итэҕэйиэ суоҕун курдук. Сөҕүмэр үлэ. Булуус – эркиннэрэ ытыыстаах үс хостоох, бары туспа халҕаннаахтар. Бастакы ааны арыйан киирдэххинэ – балык тууһуур сир. Ордук тымныы, сайыннары чэҥ муус сирэ – түгэҕэ, үһүс хос. Манна уһааттаах балык өрө кыстанан туоллаҕына, аны иккис хоско мунньаллар эбит. Иһинээҕи икки халҕан сүөһү тириитэ бүрүөһүннээхтэр, арай бастакы халҕан халыҥ былаахынан быыһа суох дьапталлан оҥоһуллубутунан турар. Күһүн сыарҕалаах атынан дуу, оҕуһунан дуу балык тиэйэ кэллэхтэринэ, булуус тас уонна ортоку халҕаннарын икки аҥыы тэлэччи арыйан баран, көлөлүүн, сыарҕалыын киирэн эргийэн тахсаллар эбит.

Ардыгар, оҕо дьон сиэринэн, сири-дойдуну көрүөх санаабыт батарбакка, кыдьыгырбычча, кырдал үөһэ тахсан Мааһыҥкалыын «иэс баайсан» сырса, сүүрэкэлии оонньуубут. Субу атахпыт анныгар уһааттаах балыгынан туолбут булуус баар диэтэххэ, билбэт киһи сымыйаргыа этэ. Күөх кырыс устун сэмээр, үөмэр-чүөмэр үктэнэн, булуус халҕанын үөһэ кэлэн өҥөйөн көрдөххө – тубус-туоруору сир, мэктиэтигэр, уҥуох кыйытта кычыгыланар…

Булуус кэтэҕэр, арыый да намтыы түһэн баран үрдүүр, уҥуохтаах отонунан саба үүммүт кырдал саалыгар, биир дьоһуннаах үөл бэс туора адаарыйбыт суон лабааларын анныгар – киһи көмүллүбүт буора томтойор. Уҥуох, күрүө мэлигир; хаар, самыыр уута иҥэн хараарбыт мас кириэһэ дьоройон турар. Бу, били, Тыккыр Маарыйа кэргэнэ Уйбаныап Ньукулай аҕата Мүөт Бүөтүр хараллыбыт буора… Ити кэннэ Муосталаах эбэҕэ киһи дьаһыллыбыт сирэ хайа да өттүгэр, эҥээригэр суох. Уйбаныап Бүөтүр оҕонньор сэрии бастакы сылларыгар, сайын Муосталаахха муҥхалаһа кэлэн баран, сэллик быһа сиэбит киһитэ, эмискэ хаана тоҕо баран өлбүтүн, өҥүрүк куйаас саҕана Халбаакы курдук ыраах сиргэ, сырыы-айан ыараан турдаҕына, хаһан илдьиэхтэрэ баарай – манна кистээбиттэр…

Тэрии Сөдүөт, булууһун тас халҕанын икки аҥыы тэлэччи аһан баран, балыгын тууһуур. Биһиги солуурга хаалаан аҕалбыт быраҥааттабытын хаптаһын холбуйаҕа кутабыт. Ону Тэрии биир-биир ылан ньиккэрийэнбиккэрийэн эргитэ-урбата сылдьан кичэйэн тууһуу-тууһуу уһаатын иһигэр сааһылаан симэр. Киэһэ, күн арҕаа саҕахха кытара кыыһыыта, бэс ойуур иһигэр күлүк түһэн күлүгүлдьүйүүтэ, сөрүүдүйдэҕинэ, балыгынан туолбут уһааттарын хаппахтаан баран, булуус түгэх хосторугар төкүнүтэн киллэрэр. Уһаат эркин мастара анал куоһааһыннаах, хаппаҕын онно кыбытан баран, иитин ыбылы саайан кэбиһэр. Хас күн аайы тууһаммыт быраҥаатталаах уһааттар элбээтэр элбээн иһэллэр. Балыгын астыырыгар Тэрии окумалыгар диэри тардынар, ууну өтүппэт тарбах үтүлүгү кэтэр. Мэлдьи тууһу убахтыыр киһи итинник эрэ тэринэн, дьаһанан үлэлээтэҕинэ илиитэ ньылбы барбат…

* * *

Арҕаа Кыргыдайтан, «Социализм суола» холкуостан кэлбит ыалларбыт Баһылаайаптарбыт – иирсээннээх, айдааннаах соҕус дьон буолан биэрдилэр. Сөдүөт баҕас, кэбис – сымнаҕас киһи. Оо, ол оннугар ойохпут баар ээ, ойохпут… Сата баһын тардыбыт, олоҥхоҕо кэпсэнэр Кыыс Кыскыйдаан диэн кини. Кээлээнитэ киирдэҕинэ, кыратык омуннаан эттэххэ, мэктиэтигэр, айаҕыттан «уот умайа-умайа» түптэлэнэр, силигэр чачайа-чачайа чалыгырыыр, чыбыгырыыр. Иккиэн уулаах табахсыттар, хамсаларын өрүү уоппутунан сылдьаллар. Кыыһырсыыларын, этиһиилэрин, айдаарсыыларын төрүөтэ – туох да суолтата, дуона суохтан саҕыллан, сириэдийэ ытыллан, ала холорук буолан аарыгыра айгыстан тахсаахтыыр ээ… Хатыһыы, хабырыйсыы – өрүү, наар, мэлдьи, куруук, чэҥкир Хаалаан Кэтириин өттүттэн саҕаланар. Тэрии Сөдүөт күн араас итэҕэһэ-быһаҕаһа барыта ахтыллар: хайа эрэ дьахтарга кистээн оҥорбут оҕото бэйэтин курдук «далай акаарыта»; былырыын сайын оттуу сылдьан хатыйыы күрүө тоһоҕотунан «соруйан көрө-көрө» харахха анньан аҥаар кылатарыттан мэлитэ сыспыта; иллэрээ сыллаахха испиир иһэн итирэн кэлэн баран дьиэтин иһитин-хомуоһун «түөрэтин үлтү сыспыта» уонна үксэ көссүүгэ күтүрээһин: от тиэйэн иһэн Оччугуй Огдооччуйалыын «оонньообута»; ыаллыы холкуоска бара сылдьан Ырыаһыт Ылдьааналыын «ыксаласпыта»; куоракка киирэн баран хонук ыалыгар түспэккэ хайа эрэ Харытыана диэн дьахтарга «хоммута»… Ити да кэннэ «иэдьэгэй мэйии» Тэрии Сөдүөт «муҥнаах» ыстыыр ыас буолан сирэй-харах анньыллара элбэх-элбэх… Төһөтө кырдьыгын, хаччата сымыйатын, сиикэйин арай, Сөдүөт «эрэйдээх» бэйэтэ билэн эрдэҕэ…

Дьоммут бүгүн арахсаллар, сарсыныгар холбоһоллор; эбэтэр сарсыарда араҕыстахтарына киэһэ сөпкө соҕус эмиэ хат холбоһоллор. Өтөр-өтөр «букатыннаахтык араҕыстыбыт» дэһэн, бэл испиискэлэрин сототугар тиийэ баай үллэстэллэр. Маҥнай утаа Хондокуоп: «…Кикииримэрдэри таах аҕалтаан…» – эҥин дэтэлии сырытта. Ол эрээри биһиги «үөрүөхпүт» быатыгар «ыалбыт» хата тэйсиэх санаалара суох. Хаалаан эрин төһө да сибилигин сиэн-аһаан кэбиһиэх курдук кэбилэннэр, син таҥаһын-сабын көрөр-истэр, сууйар-сотор, абырахтыыр, аһын-үөлүн бэлэмниир. Тайтах Ньукулай: «Арааһата тапталларын арааһа быһыылаах…», – диир. Өксөөн: «Ити айыылаах туох ааттаахтарын кыайан сатаан, табан үллэстибэттэрий оҕолор…», – дии-дии чыпчырынан эрэ кэбиһэр, сонньуйар…

* * *

Сотору өтөхпүт анныгар муҥхалыырбытын тохтотон, наар тэйэ баран, күнү күннүктээн, киэһэ биирдэ эрэ дьиэбит анныгар тиксэн сырыттыбыт. Күөлбүт балыга син биир өрүс балыгыныы – уу сүүрүгүн курдук устаҥныы сылдьар эрээри, төһөтүн да иһин хайа баҕарар тыынар-тыыннаах, хамсыыр-харамай сиэринэн бэйэтэ таптаан таалар, бөлүөхсэр буомнардаах. Уу анна эмиэ, туһугар, тыа отун-маһын кэриэтэ, араас үрдэллээх-хотооллоох, чүөмпэтийэр-дьаратыйар сирдэрдээх. Ардыгар бэрт аҕыйах балыгы ороон таһааран баран, хат ол уубутугар түһэрдэхпитинэ төһө эмэ балык киирэн соһутар. Сорох күн аҕыйах, сорох күн үгүөрү. Күөлбүт иччитэ Күөх Боллох оҕонньор төһөнү мичик гынан өлүүлүүрүттэн тутулуктаах.

Эбэбит булуҥнара, тумуһахтара тус-туһунан, анал ааттаахтар: Харчы тумуһаҕа, Мэхээлэ тумуһаҕа, Килээрис булуҥа, Буочча булуҥа, итинтэн да атын аат-суол үгүс. Аны туран бэҕэһээҥҥи дьон ааттаабыт ааттара да элбэх, ол курдук: Үс Мэҥнээх, Бэргэһэ Ыйаммыт, Иккитэ Сыыҥтаабыт, Чохчойбут Кытыла эҥин диэн эгэлгэлээн бары ааттыыллар. Киһи да сонньуйар.

Урут муҥхаҕа сылдьыбыт дьоммут, ааспыт сылларга хайа эрэ булуҥтан, баһаан элбэх быраҥааттаны, биир тардыыга ийэни толору баспыттарын; хайа эрэ тумуһах анныттан, кэпсэлгэ киирэр сүүнэлээх сордоҥу ылбыттарын астына-дуоһуйа ахталлар, куруук тыл дэгэтэ гынан: «Оо, ол сайын… Били, биир сайын…», – дэһэллэр.

Муосталаах – собото суох күөл, эгэ мунду, күөнэх кэлиэ дуо. Былыр, Намыын Мэхээлэтэ диэн оҕонньор тымтайга быраҥаатта сүгэн аҕалан ыыппыта үһү, ол иннинэ Муосталаах эбэ «үрүҥ» балыга суоҕа эбитэ. Оҕонньор дьаныһан туран хас да сайын куппутун кэнниттэн, сыыйа-баайа көмүс хатырыктаах ыамата күөл уутун сөбүлээн, өнүйэн үөскээн, элбээтэр-элбээн барбыт. Кэлин, отой да, эбэ ордук дэлэй баайа, сүрүн балыга – быраҥаатта буолбут. Собо, мунду аҕалан хас да төгүл кута сылдьыбыттар да, тоҕо эрэ, үөскээбэтэх. Мундуну – күөл сиэмэх балыктара: алыһар, борохой да мэлитэн эрдэхтэрэ. Бөдөҥ собо искэҕин ыан ууһаан-тэнийэн быраҥаатта курдук үөскүө эбит да, тугар эрэ табыллыбатах.

Былыр-былыргыттан саха киһитин хото сөбүлээн, сымсайан сиир балыга – собо. Өрүс балыгар киһи сотору салҕар, ол да иһин буолуо, бу диэки эҥээр, сүөһү ииттэн сайылаан, кыстаан өтөхсүйэн олорботохтор. Арай, Муосталаахтан илин диэки, көс кэриҥэ тэйиччи сытар Диириҥдэ диэн соболоох күөлгэ, хастыы да бурдук бааһыналаах, ыал олохсуйан олорбут, улахан өтөхтөрө бааллар үһү. Диириҥдэ – элгээн эбэ киэнинии кэпсэлгэ киирбит адаҕа саҕа бөдөҥ, эмис соболоох дииллэр…


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 13 14 15 16 17 18 19 20 21 22 23 24 25 26 27 28 29 30 31 32 33 34 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации