Текст книги "Ийэм кэпсиир… (4 чааһа)"
Автор книги: Семен Маисов
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 23 (всего у книги 34 страниц)
…Дьүөгэбэр Маарыйаҕа көмөлөһөн, Оччугуй Тээкиччэ отун тасыһан бүтэрсэн баран, төттөрү Алааска кэлэн, салгыы Киспэлиин холкуоспут ыанньык сүөһүтүн айаҕын айдааныгар сырыттыбыт…
* * *
Сыл – хонук. Алаас күөлүн өтөҕөр, кыыдааннаах кырыа кыһын ааһа көтө охсон хаалла… Элбэх буолан бииргэ бөрөһөн олорон тымныыны билбэккэ кыстаатыбыт. Дьуккаахтаһар туһугар эмиэ үчүгэйдээх, үлэни-хамнаһы үллэстэн кэбистэххэ улахан түбүк да суох: биир оһох оттуллар, биир ойбон аллаһыллар, биир хотон көрүллэр. Аны элбэх буоллахха араас сэһэн-сэппэл эгэлгэтэ, аҥаардас ол да туһугар дьуккаахтаһар үчүгэйэ сүрдээх, күн-хонук күүгүнүү-күүгүнүү биллибэккэ устар.
Киспэ от тиэйэрин устатын тухары, баартаах киһи баара батарбакка, си-дьүгээр сылдьыбат, талах чааркаан атытан бэлиэлээҕи бултаһар, хаар холумтаннаах сохсо охсон табысхааны баттатар. Сиикэрэ булду баҕас мэнээк тыыппалаһар.
Саас күн уһаан, ылааҥытыйан, хабдьылар күөл кэриитигэр үөккэ ыйаналларын саҕана, Киспэ үөл талаҕы иэҕэн уллуҥах оҥорон, тоҥуу тэбэн туһахтаан, кыытта маҥан, көп түүлээх ыалыкылары хаһы ылбытын киһи ааҕан сиппэт. Маҥнай утаа эрэ: бачча буолла, итиччэ буолла дэһэн иһэн, кэнникинэн ахсааммытыгар бутуллан умнан кэбистибит…
Намыынаба Маарыйа биһикки Мундулуҥдаҕа олоруохпутуттан билсибит дьоммут. Уола Тэйгэ Балаҕаччыга үөрэнэр. Кыһыҥҥы, сааскы өрөбүллэригэр ийэтигэр кэлэн хонон-өрөөн барыталаата. Тэйгэ, Киспэ Борокуоппайтан үөрэнэн уонна уруккаттан да булчут уол, хабдьыны мэнээк ылан, төннөрүгэр, уонча ыалыкыны ийэтэ астаан-үөллээн бэлэмнээбитин доҕотторугар кэһии гынан илтэ.
Мин, кыһын устата эбэбэр баара-суоҕа биирдэ эрэ, саҥа дьылга баран хонон кэлбиппинэн. Дьохсоороп Киэсэттэн, били, сайын сыһыыттан сылгылаан, хонууттан хомуйан туппут аппын Чабынай Чаачарын уларсан илдьэ сылдьыбытым. Чаачар отой ат атынан, киһи хайа тутарынан-хабарынан, улгума сүрдээх, айан диэн ахсыма. Дэлэ буолуо дуо, иккиэн да тэбэнэттээх сааспытыгар сылдьар «дьон», дьиппинийбит сааскы чигди суол устун биир кэм ууннара көтүү. «Чернышевскай» холкуос сылгыһыттара миинэр миҥэлэрэ элбэх, айааһаныах айылааҕы барытын тургутан көрөр дьон. Сылгыһыт уол Киэсэ: «Эбэҕэр бараары гыннаххына этээр ээ, хайа баҕарар таптаабыт аккын мииниэххин сөп…» – диэбитэ да, соло суоҕуттан, быыс-арыт бычыгыраабатыттан, барар баҕа баһаанын үрдүнэн, оннук түгэн көстө охсон биэрбэт.
Билигин, ааспыт сэрии сылларынааҕы кэм буолбатах – дьон-сэргэ бэл сирэйдиин-харахтыын уратытык уларыйан, саталаах, дорҕоонноох саҥалыын-иҥэлиин кытта, саҥа, эйэлээх олох тутуутугар өссө ордук үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээн, үтүө, уйгу олох үүнэрин туһугар, түөрэ бары, оҕолуун-улаханныын биир киһи, биир дьиэ кэргэн курдук туруммуттара, ылсыбыттара сүрдээх… Бары: «Иннибит хоту кимиилээхтик – кэрэ, сырдык, уйгу олоххо!..» – диэн санаанан салайтарыы… Күннэтэ – көхтөөх, күүрээннээх үлэ күөстүү оргуйар: ис-искиттэн кыдьыгыран, уйуһуйан туран харса суох хабытайданыы, сүүрүү-көтүү, барыы-кэлии!.. Дьол сүпсүлгэнэ!.. Киһи дьоло – аҥаардас үлэҕэ уонна өссө төгүл үлэҕэ эрэ!..
* * *
Тоҥот туруйалара кэлэн «турууктуу-турууктуу» Айдаҥ дэриэбинэтин үрдүнэн элиэтии эргийдилэр…
Сааскы күн букатын уһаан, сырама күүһүрэн харалдьык таҕыста, киэлитэ кэҥээтэр кэҥээтэ; кырдалга ньургуһун хойуутук хоҥкуйан, сиккиэр тыал сэммэркээн сипсийэн ыллаҕын аайытын, түү ньуолах умнастаах сототун хамсатта…
Ыркый ойуурдар истэригэр, ээйдэр, маардар, толооттор кытыыларыгар, хабдьылар түүн тохтоло суох бэбээрсэн бардылар… Харалдьыктаан халаара көтө-көтө – кэриигэ, чараҥҥа куртуйахтар куллугураатылар… Кытыанынан киэркэйбит отон уктаах кырдаллар саалларыгар; устаҕас былыттар күлүктэрин көрүнэн көөчүктэнэн ааһар ньалыар уулардаах, көппөйбүт, көөнньүбүт муох, лабыкта сүмэтинэн минньигэстик дыргыйбыт, сымала сытынан тунуйбут тыалар быыстарыгар; киэһэтин, түүнүн, ардыгар, ыһыах түһүлгэтин дьонунуу дулҕа быыһа хордоҕойдорго түмсэ-түмсэ – хара улардар уот кыһыл хаастарын тэрбэтэн, түүлэрин-өҥнөрүн муҥутуурдук сахсатан, ынах эриэнинии ордубут суугунас көмүрүө хаары хаһыйа ытыйан тибилийэ-тибилийэ, атын аҕай дьоһумсуйан сис туттан иҥнэҥнэһэ-иҥнэҥнэһэ, эрдэҕэс доҕордорун эйэргэһэр сыһыаныгар эрэнэн, эҥкээрэн – охсон лаһыйдылар… Арай, бочугурастар эрэ, «биһиги баҕас уҥуохпут-иҥиэхпит да кырата, тугун эмиэ биллэ-көстө сатаан дархаһыйан» диэбиттии, сэмээр, тыаһа суох сырсыакалаһа-сырсыакалаһа, сэппэрээк-иппэрээк кэтэҕэр саһан, ыарҕа талахтар анныларыгар бүгэн, алардар саҕаларыгар бүөм сири булан сэмэйдик бычыгырастылар…
Маарыйа биһикки, соло, быыс-арыт эрэ көһүннэр, үлэбит таҥаһын уларыттаат – байбарылаах куоптабытын, дьууппабытын кэтээт – Алаас дэриэбинэтигэр «тэп» гынан хааларбыт үксээтэ. Кулуупка түмсэн, араа-бараа, бэйэм саастыыта, бараллаата үөлээннээхтэрбин кытта билсэ-көрсө охсон, кэпсэтии-ипсэтии диэн онно. Хайа да холкуоска курдук, ыччаттар үлэҕэ да, көргө да көхтөрө сүрдээх…
Киэһэ, тэмтэйэ уһаабыт сааскы күн арҕаа саҕахха кытара кыыһыыта, тобуктарбар туос ыаҕайа кыбытан үрүҥ илгэ сүөгэй үүтү, «чуу-чаа, чуу-чаа, чуучур-чаачыр…» ыан тэйиэккэлэтэ, үҥкүүлэтэ олордоххо, хотон тэлэччи аһыллыбыт аһаҕас аанынан: Алаас ыччаттара мустан эһиэкэйдээн эҥсэр дуорааннара, күөххэ үктэнэн эрэр ыанах сүөһү маҥырыыра, сылгы кистиирэ, холкуос оҕустара көҕүһэ-көҕүһэ айаатаһаллара, саҥа кэлбит сылгы чыычааҕын «чырыптыыр» тойуга – барыта биир күрүс холбоһон иһиллэн – куту-сүрү иһирэх иэйиинэн кутугуната хамсатарын, өрөгөй иэйиинэн өйү-санааны өрө эгдэтэн дьоллуурун, оо, ама туохха киһи ситэри тэҥнээн, холоон хоһуйуо баарай!..
Кыайыы күнүн кэннэ ыанньык сүөһүбүтүн түөрэтин үүрэн Алаастан Быркылаахха аҕаллыбыт. Мин кэлээт да, үргүлдьү, дьоммор Чоҥороҕо аастым… Ордук оҕолору кытары көрсүһүү омуна-төлөнө диэн аһара үөрүүлээх…
Быйыл саас Айдаҥ дэриэбинэтигэр аан бастакынан кус сиэбит киһи – биһиги Кыра Баһылайбыт. Бастакы куһу бултаабыт булчут – ол сааһы быһа үгэс курдук кэпсэлгэ сылдьар, сонун эрэ ол буолар. Баһылай – бэл сылгы хаһыытыгар садырым да уу аанньа тахса, халыйа илигинэ, муус устар 23 күнүгэр, Кыдыбыл эбэҕэ харалдьыкка куртуйахтыы сылдьан, олус эрдэлээбит тыһылаах атыыр хомурах көҕөттөрө отон угун быыһыттан көтөн тахсыбыттарын иккиэнэрин эр-биир күөрэтэлээн, чахчыта да, кэпсэлгэ сылдьардыы дьиибэтик бултуйан турар…
…Биһиги дьиэ кэргэн эмиэ эбилиннибит, Настааччыйа – кыыстанна. Кыра Баһылай кыыһын Ниинэ диэн ааттаата. Бэргэһэчээн хааман-сиимэн сылыбырайан, сүүрэн-көтөн даллаһыйан, кыанан ырааппыт, сээкэй буолары-буолбаты барытын баллыгыраан тылланан эрэр. Чоойуннаах Баһыычаан – оскуола дьоно. Кыра уолаттар уруккулара буолбатах – отой улаатан хаалбыттар. Биэрэ дьүһүнэ өссө эбии оттомурбут, ол эрээри били тэскэҕэр иэдэһэ син биир култайбытынан сылдьар. Куруук, мэлдьи биир дьиэҕэ алтыһан олордоххо оҕо улаатара, ситэрэ-хоторо биллибэт, оттон уһун кэмҥэ уччуйан баран кэллэххэ ыамайдар уҥуохтуун өндөйбүттэрэ, уларыйбыттара харахха тута быраҕыллар.
Холкуостаах киһи уруккум курдук сололонорум аҕыйаан, биир кэм үлэ-хамнас үөһүгэр күнүм бүппүтүн билбэккэ хаалабын.
Дьэрэмиэйэп таҥара эргин, бааһыналарга ыһыы үлэтэ саҕаланна.
Биир күн, Ынаабы өтөҕүн сонуогар бурдук ыһыытыгар сылдьан кэлэн баран, Томтор Суукка, дьүөгэбэр Киристиинэҕэ кэлтим, арай, оҕуруот аанын ойоҕоһугар, уһун модьу дүлүҥү бырахпыттарыгар, мин көрдөхпүнэ, хайа эрэ нүксүгүр оҕонньор олорор… Ыраахтан көрөммүн «хайалара баҕайыный, бу дойду киһитигэр маарыннаабат» диэн таайа сатыы-сатыы утары кэллим… Киһи – маҥан сиидэс былааты бобуонньуктуу баанан баран, ол таһынан сиэр өҥнөөх кыл сэлээппэни кэппит… Били, Дьэримиэйдээх уоттан ордон хаалбыт дьэрэкээн бөтүүктэрин ньилбэгэр олордубут уонна биир кэм имэрийэр, тугу эрэ кэпсэтэн сэмээр ботугуруур…
Чугаһаан ыксатыгар кэлбиппэр, киһи сатамньыта суохтук, бэрт көлүттэҕэстик моонньун хамсатан миигин көрдө:
– Хайыы, аны Аана тиийэн кэллэ!.. – диэн сүрдээҕин үөрдэ.
Маҥнай утаа өссө билбэтим: оҕонньор сирэйин аҥаарын уокка түүрүччү сиэппитэ үрүҥ эбириэн, хаҥас хааһын аҥаара төрдүттэн сиэнэн суох, икки илиитин көхсүлэрэ эмиэ, сыанан-арыынан аҕаабыкка дылы килэриһэллэр…
– Тыый, Дьэримиэй, бу хаһан кэллиҥ? – отой билэр да киһибин билбэтэхпин.
Уйбаныап Дьэримиэй Балаҕаччы балыыһатыгар сыл аҥаарын кэриҥэ эмтэммит, салгыы аны куоракка киирэн улуус балыыһатыгар сыппыт, онтон аматыйан баран, тулуйбакка-тэһийбэккэ дойдутугар тахсыбыт.
– Ээ ити, дьаам уолаттарын кытта… Хаар хайдыыта тахсыам диэбитим да тардылынным…
– Хайа, хайдаххыный?
– Ама, ама… үчүгэй… – Дьэримиэй атын киһини кэпсиир курдук хоруйдуур.
– Хата, акка олордор эбит дии.
– Атахпар моһуогуруу улахан суох, уллугум ис өттө туох да буолбакка, көлөнү баҕас миинэбин, ол оннугар баҕаһым бадьыыстаата, иҥэһэҕэ уһуннук уган олордохпуна ньылбы барар эбит.
– Буолумуна…
– Дьэ оннук… – Дьэримиэй ньилбэгэр ньыкыйбыт, уот кыһыл тараахтаах дьэрэкээн бөтүүгүн төбөтүттэн саҕалаан уһун кутуругар тиийэ биир кэм сыыйа имэрийэр, ол аайы көтөрө хаптаҥныыр, ньылаҥныыр… Дьэримиэй ытыһа өгдөс гыннаҕын аайы, бөтүүк харахтарын симириҥнэтэр, иччитигэр бэркэ астынан, таалан таптатар.
– Хата, кини ордубутун көр, быыс-хайаҕас булан, көстөн… Мантыҥ эмиэ мин курдук тэһийбэт ээ, кууруссаларын суохтаан эрдэҕэ. Дьэ, бэйи, саатар аҕыйах чоппууска ииттэн саҥа кууруссаларданыахпыт… Хата, кини ордубут…
Биһиги сээкэйи баллыгыраһан син олорбохтостубут.
– Тамара?
– Па, инньэ баарыын барбытынан, Нууталыын ойуур өппүттэрэ.
– Киристиин?
– Уу баһа кииртэ… Ити иһэр… – Дьэримиэй сөмүйэтин чочос гыннарар.
Кур киитэ хастанан бүтэн эрэр эргэ хотон кэнниттэн, оргуһуоҕар икки ыаҕаһы бэски курдук иилэн тэйгэҥнэппит Киристиинэ бу тахсан кэлэр.
– Уу, абытай, тай да… халлааммыт сайыҥҥыта кэлбит дии… Аана, ааны ас эрэ, дьиэҕэ киириэх… Сарсыарда Быркылаахтан кэлбиппинэн, бөрө курдук аччыктаатым, субу быыһаммыт дьахтарга дылы, барыны-бары сиэхпин-аһыахпын баҕардым… – дии-дии бэлэм, аһыллыбыт аанынан искэ элэс гынан хаалар…
Мин кэннибиттэн аны, болдьоспут курдук: Талыабай Уйбаан, Болтуо Микииппэр – Дьэримиэй куораттан тахсыбыт сураҕын истэн сонун истээри, сээкэйи ыаһахтаһаары кэллилэр…
* * *
Убайым аах, Баһылайдаах: күһүн, кыһын, саас – үлэттэн быыс-арыт буллаллар, кырынналлар эрэ, «отонноотоххо оҥоойук туолар» диэбиттии, бүтүн дьиэ маһын кэрдэн, хатырыктаан, сороҕун сыалыйалаан суоран бэлэмнээн, куурдан кэбиспиттэринэн саҥа дьиэ туттаары, урукку дьиэбит оннуттан чугас, талан ылбыт сыыйыы, суон бэрэбинэлэрин сыа-сым курдук тутан, төһүүлээн төкүнүтэ сылдьан, кыҥаан-кыладыйан, акылаат түһэрэн кылбаттылар. Ыһыы үлэтэ бүттэр эрэ, окко киириэххэ диэри холлоҕоһун, көҥдөйүн бүтэриэхтээхтэр.
Талыабайдар, Буолкап Микииппэрдээх, Тоҕойдуур оҕонньордоох, Дьэримиэйдээх (дьуккаахтара бэтэринээр Маппый, уоллара Тараас да, тутууга сыстаҕас, сыһыаннаах дьон) онтон да атын биирдиилээн ыаллар, Айдаҥнарыгар хаттаан дьиэ-уот туттан, олохтоохтук оҥостон тэринэрдии туруна сылдьаллар. Сорохтор – ыраах-чугас олорор урууларын-аймахтарын ыҥыран аҕалан көмөлөһүннэрэн, атыттар – бэйэлэрин күүстэринэн саҥа дэриэбинэ тутуутун саҕалаатылар.
Бырабылыанньа дьиэтин, Бүлүү куоратыттан тахсыбыт анал биригээдэ дьоно, хайыы-сахха дьэндэтэн эрэллэр.
Быйыл саҥа кулууп тутуллуохтаах диэбиттэрэ тохтообут, эһиилгигэ көһөрбүттэр.
Сарсыарда бэрт эрдэттэн, киэһэ хойукка диэри: кэтэх ыаллар уонна бырабылыанньа дьиэтин тутааччылар сүгэлэрин, эрбиилэрин тыаһа тохтоло суох, биир кэм, табыргыыр-тибиргиир, сырылыыр-сурулуур. Ол истэргэ сэргэҕэ, үчүгэйэ бөҕөтө… Саҥа олох күйгүөрэ…
Муоста, үрүт, сарай хаптаһынын эрбиир – улахан сылаалаах үлэ. Хайытар эрбии атаҕын оҥоһуута бэйэтэ туспа кэмнээх-кээмэйдээх, туһугар, ымпыктаах-чымпыктаах тутуу. Атах үөһэ уонна аллара сылдьан тохтоло суох ууннаҥныыр дьон тымныыга, салгын көҥкөлөйдөөн: «Тараһабыт тоҥно…» – дэһэллэрин киһи үгүстүк истэр. Аллара сылдьар киһи моонньунан, саҕатынан мас күүдээнэ киирбэтин диэн нээлбилээх бэргэһэ кэтэр эбэтэр былаат баанар, хайаан да таас ачыкыланар.
Улахан тутуу бара турар сиригэр, дэҥ-оһол тахсыа диэн, оскуолаҕа киирэ илик кыра ыамайдары чугаһаппаттар. Тутуу бара турар сиригэр, үөл мас мунньуллубутугар, тугун сөбүлээн эбитэ буолла – этиҥ тииһэ уонна лос кэтэх мустар үгэстээх. Букатын кыра ыамайдары ити үөннэринэн да куттаатахха сөп буолар дьон.
Уот сиэбит дьиэтин оннутугар хат дьиэлэнэр куһаҕан, аньыы, онон дьон саҥа дьиэлэрин акылаатын тэлгэһэлэрин чөл кырыстаах сиригэр түһэрдилэр. Умайбыт дьиэлэр, ампаардар, хотоннор, ол-бу араас тутуулар тобохторун өссө күһүн ыраастаабыттара, ордубутун быйыл саас эрбии-эрбии түөрэтин таһан кэбистилэр…
* * *
Мундулуҥда эҥээр уонна Арыылаах эбэ бааһыналарын ыһан бүтэрэн баран, бүтэһиккэ, түмүккэ, ыччаттар түмсэн, аны Кыдыбыл буолатыгар бардыбыт: түөрт оҕустаахпыт, икки аттаахпыт, булуукпутун оҕуспут сыарҕатыгар тиэйэн таҥкыната сылдьабыт, тимир боромньу сонуокка бэйэтигэр өрүү сытар. Бурдук ыһан баран, оҕуруот бүтэйин абырахтыахтаахпыт. Көлүүр оҕустар сэдэмньигэ сиир отторун саас хаардаахха тиэйэн аҕалан кэбиспиттэрэ, Кыдыбыл эбэ өтөҕөр, тоҥус ураһатын курдук чөрөһөн тураллар.
Эргэ от отуулар баалларын сөргүтэн: кыргыттар, уолаттар – тус-туспа түһүүлэнэн сыттыбыт. Дьоһуннаах өтөх. Биир бааһына гынан баран – киэҥ киэлилээх.
Мичээр Баһылай уонна Буолкап Сэмэҥкэй ырбыыны кытыылата, чычаас ууну кэһэ сылдьан, киэҥ харахтаах кылгас кыл илими үтэн, айахпытыгар тото сиир собобутун күннэтэ ылаллар. Баһылай сиигэ кыбытыктаах уу өппөт ынах курумуулаах.
Сэмэҥкэй аҕата Сэмэн оҕонньор, күһүн, куртаҕынан ыалдьан өлөн турар. Сирэйинэн түһүүр, сүрдээх түүллээх киһи эбит этэ. Букатын уһугулаан сытан түһээн: биирэ – улахан, атына – кыра, дьоҕус – икки сабыс-саҥа иин хаһыллыбытын көрбүтэ үһү… Оҕонньор уһаабатаҕа, сотору таҥаралаабыта. Таһаарбыттара аҕыйах хоммутун кэннэ, кытта төрөөбүт эдьиийин уолун уола, үчүгэйкээн бэйэлээх үстээх оҕо – оргуйа сылдьар уулаах таас сойутары оһохтон таһааран остуолга аҕалан уурбуттарын, тумсуттан оборон ыйыстан тута өлөөхтөөбүтэ…
Төрүт айылгыларын «кутугунаппатах» кырдьаҕастар (ардыгар, эдэр да эрээри «эгэлгэлээхтэр» эмиэ бааллар), сүрдээх түүллээх буолаллар. Илин Кыргыдайга, Алаастан чугас, Хонтой диэн күөлгэ, Ылдьаана эмээхсин диэн олорбута үһү. Ол эмээхсин туһунан араас номох барыта баар. Тээкиччэҕэ олорор эрдэхпитинэ Ылдьаана эмээхсин туһунан дьонум сөҕөн-махтайан кэпсэтэллэрэ, ол онтон быстах-остох аҕыйаҕы өйдөөн хаалбыппын. Отой өрдөөҕүтэ олорон ааспыт эмээхсин диэтэххэ өтө көрбүтэ сүрүн: «Сараада сулустуу кыа туоһахталаах хороох бэргэһэлээхтэр өрөйүөхтэрэ…» – диэбитэ, кырдьыга да, сэбиэт былааһа туругурдаҕа. «Тунах үгэнигэр куудьуллубут оҕус өҕүрүмэригэр тиийэн өндөйө-өндөйө сири тиҥсирийиэр диэритин, аан дойду арҕаһын айгыратар ала буурҕа кэлэн ааһыаҕа…» – диэбитэ, кырдьыга да, иэдээннэх сэрии ииригирэн аастаҕа… Эҥин дьикти тимир көлө үөдүйүөн үүт үкчү таба хоһуйан көрүүлэммитэ үһү. Ол эрээри өйгө санааҕа ордук хатаммыта маннык: «Кэһэхтээх үйэ кэриэс ыччата түспүт түөрэҕин алгыстаах төлкөтүн түҥнэрдэҕинэ – хойутун хойут, кэнэҕэһин кэнэҕэс, хара харах харахтаабатах, хаптаҕай кулгаах истибэтэх хан суудаан омуктара кэлэннэр сирдэрин сир, дойдуларын дойду оҥостуохтара, дьиэлэрин дьиэ, сүөһүлэрин сүөһү гыныахтара; бэйэлэрин үөгүлүүр үрэх баһыгар үүрүөхтэрэ, кылдьыыта көстүбэт улуу байҕал кытылыгар тиийэ кыйдыахтара, үтүмэн түгэҕэр түҥкэлитиэхтэрэ, орто дойду үрдүттэн сонордоон туран ситэри симэлитиэхтэрэ…» – ити курдук иччилээхтик, иһэ истээхтик эппитэ-тыыммыта уос номоҕор хаалбыт…
…Биһиги кэннэ Кыдыбылга, тэйиччи эрээри, үрдүк өтөх саалыгар турар буоланнар от-мас мэһэйдээбэккэ чуолкайдык көстөр икки балаҕан баарыгар – Талыабай оҕонньордоох уонна Киспэ Борокуоппайдаах кыстаан олороллор. Сарсыардааҥҥы, киэһэээҥҥи борукка, сири кытта бииргэ буолан симэлийэ, саһа, хаптайа сатаабыкка дылы халыҥ сыбахтаах балаҕаннар урааларыттан үрүҥ тунах буруолар үрдүк мэҥэ халлааҥҥа унаарыйа, тараадыйа сыыйыллаллар.
Тороос, Киристиин, мин – үлэбитин субу-субу солбуһабыт. Боромньуламмытын кэннэ хара сир үөһэ хаалбыт бурдук туорааҕын чыычаахтар түһэн сырсыакалаһа, ыстаҥалаһа сылдьан ылгаан сииллэр.
Өтөх барыта, киһи кэриэтэ, анал ааттаах-суоллаах. Биһиги сытар өтөхпүт – Куонаан өтөҕө (Илин Өтөх) диэн. Куонаан – Кыдыбылга олорбут, суон сураҕа киэҥник биллибит, улахан хомуһуннаах, сүдү ойуун. Туспа, туора улуустан кэлбит сорох билбэт дьон Куонаан ойууну – кырдьаҕас, оҕонньор киһи курдук саныыллар. Дьиҥэ, Куонаан – эдэр сааһыгар, баара-суоҕа отутугар эрэ чугаһаан баран өлбүт, отой эдэр киһи. Ол эрээри, аатын-суолун, дьонугар-сэргэтигэр, үйэ-саас тухары хаалларбыт ытык ойуун.
Маҥнай кэллэхпит утаата: эһэкээммитин, өтөхпүтүн, эбэбитин аһаппыппыт кэннэ – тыа иһиттэн холорук оҕото эриллэн тахсан, тоҕо эрэ, биир сиргэ тохтоон тура-тура – күөл икки өтөх икки ыккардынан сыыһы-буору өрүкүтэн сүүгүнээн ааспыта… Ону биһиги саҥата-иҥэтэ суох көрөн эрэ кэбиспиппит…
Ардыгар, сорох холорук сүрдээх, амырыын күүстээх буоларын – саас, ыһыы үлэтин кэмигэр, эбэ мууһа саҥа көтөҕүллэн турдаҕына, Балаҕаччыга оскуола уопсайыгар сорукка бара сылдьан көрөн турабын. Тиэргэҥҥэ оонньуу сылдьыбыт оҕолор: «Холорук!.. Холорук!..» – дэһэ-дэһэ ыһыы-хаһыы, айманыы бөҕөтө буолбуттарыгар тахсыбыппыт – күлүктээх, сүүнэ холорук, оол курдук, оскуола тэлгэһэтин соппулуот күрүөтүн иһигэр киирэн баран, хайа диэки хайысхаланыан билбэтэхтии уҥа-хаҥас иҥнэҥнии-иэҕэҥнии, хоҥкуҥнуу-хойуостаҥныы ахан турара… Онтон эмискэ, көрүөх бэтэрээ ыккардыгар, супту түһэн эриллэн тиийэн, бытараах курдук сырсан эрэр оҕолор ортолоруттан Буодьаайы уола Болуодьа диэни таймаҥнаппытынан өрө көтөҕөн таһаараат соппулуот бүтэй нөҥүө бырахпыта… Ити кэннэ сөп буолбуттуу, оскуола кэннигэр, тыаҕа тахсан маска-окко кэтиллэн, сөрөнөн күүһэ-уоҕа мөлтөөн, уҕарыйан, устунан уостан, симэлийэн хаалбыта… Арай, кыырай халлааҥҥа ытыйан таһаарбыт сыыһа-буора сүксү курдук уһуннук таммалаабыта… Буодьаайы уола туох да буолбатаҕа, сонно ойон тураат доҕотторун сырсан тилэҕэ хараарбыта…
Мин, Куонааны бу диэн, сирэй көрөн билбэтэх киһим. Кыра эрдэхпинэ, биһиэхэ, Тээкиччэҕэ кэлэ сылдьара эбитэ үһү. Бурдук мэлийэр, чөрү-чөкөччү, кыра, дьаһамыр суоруналаах этибит, ону ийэм: «Бу – Куонаан муҥнаах киэнэ…» – диэччи (ойууну, отоһуту, көрбүөччүнү, аһаҕас эттээх-сииннэх дьону, мэлдьи да, аһынар аҥаардаах тылынан саҥараллара, ахталлара. Ол баҕар, көннөрү дьонтон ураты айылгыланан «эрэйи» көрөллөрүн иһин тыллаһаллара буолуо). Куонаан бэйэтин бэрт тупсаҕай тааһын аҕалан баран, биһиги аҥаар тааһын эҥэлэйэ эмти барбыт суорунабытын атастаһан ылбыт. Тоҕо оннук мэнэйдэспитин туох да билбэт…
Уруккута да дьоһуннаах, хас да ыал олорбут өтөҕүн, кэлин эбии солооннор, кэҥэтэннэр киэҥ бааһына оҥорбуттар. Өтөх арҕаа өттүгэр, бу эҥээр олохтоох дьон уҥуохтара кырдалы усталыы барбыттар: сорохторо эргэрэн, эмэҕирэн ыһыллан иҥнэл-таҥнал түспүттэр, сиргэ тимирэн букатын симэлийэн эрэллэр кытта көстөллөрө. Куонаан ойуун уҥуоҕа эмиэ манна баар эбит. Саҥа көрөбүн. Атын дьон киэниттэн туох да, ордук хос уратыта, улахан ойуун аата мин аҕай диэн дархаһыйыыта суох судургу «кус түөһэ» уҥуох. Куонаан ойуун барахсан, дьиҥнээх саха киһитин сиэринэн сэмэй майгылааҕа, бэл уҥуоҕуттан кытта көстөрө.
Куонаан – уһун синньигэс сирэйдээх, кубаҕай хааннаах, бэйэтигэр сөп эттээх-сииннээх уол эбитэ. Көннөрү кэмигэр – син киһи-киһи курдук, бэрт сэмэй майгылааҕын, бүгүрү үлэһитин туһунан, кинини кытары бииргэ алтыһан, үлэлээн-хамсаан сылдьыбыттар өрүүтүн үтүө тылынан ахталлар. Дьэ, ол оннугар «атына киирдэҕинэ», дьүһүннүүн-бодолуун, уҥуохтуун-арҕастыын уларыйан, киһи утары одууласпат ураты урааҥхайыгар кубулуйара үһү.
Куонаан ойуун туһунан уос номоҕор хаалбыт араас эгэлгэ үһүйээн элбэх. Бүлүү өрүс бэтэрээ эҥээригэр, Халбаакы диэки олорор биир ыалы илэ дэриэтинньик буулаабытын бэрт эрэйинэн үтэйбитин туһунан кырдьаҕастар кэпсииллэрэ. Онно ахтылларынан ойуун илбиргэстээх-салбырҕастаах, кылыгырас кыаһааннаах кыырар таҥаһын тимирдэрэ: күнэ, күһэҥэтэ, ыйа, тыймыыта, хобото, хотоҕойо, табытала – илэ абааһыны кытары охсуһарыгар, дьиҥ чахчы, хомуллубуттара, өҕүллүбүтэрэ эбитэ үһү. Бэрт сыранан, уһуннук эттэһэн, дэриэтинньиги кыайан, ыалтан кыйдаабыт.
Куонаан ойуун өлүүтэ даҕаны дьикти… Биир бэрт төрөөбүт-үөскээбит сиригэр-уотугар, дойдутугар, хайаан да, кинилиин күүс-уох холоһуох, күрэс былдьаһыах атын бэрт үөскүүрэ. Күүһүнэн-уоҕунан суон сураҕырбыт өтөҕүн таһыгар, киниэхэ хабааннаах орулуур кыахтаах хайаан да биллэн-көстөн тахсара, ол эбэтэр чугас эргин холоһуох, тургутуһуох хоһуун көстүбэтэҕинэ, хайа эмит сиртэн-дойдуттан «улуу» киһи аатын ааттаан, «эрбэх үрдүгэр сэттэтэ эргийбит» эр бэртэрэ күүс холоһо, күрэс былдьаһа кэлэн бараллара…
…Куонаан ойуун, биир сайын, эбэтигэр киирэн илимин тарда тыытын иһигэр олордоҕуна, күөлүн хоту эҥээригэр сүрдээх улахан ала холорук айгыстан, аарыгыран киирэн, тумуһах куочайын булгу сөрөөн түһэрээт, тыылаах киһини көрдө-көрбүтүнэн, субу сиэх-аһыах айылаах, куугунуу ытыллан, энэлийэ эҥсиллэн кэлбит… Онуоха Куонаан бэйэтэ эмиэ, сүүнэ холорук буолан кулахачыйа ытыллан кытылга тахсаат – дьэрэлийэр дьэҥкир муостардаах, аарыма атыыр оҕуска кубулуйан айаатаан лоҥкунаппыт… Күөн көрсөөччү күтүрэ, тобуруон тоһуйардардаах, ураа-лаҥкыр муостардаах, буур таба талыыта буола охсоот, салбырҕастаах эҥээннэрэ лачыгырыы охсуллан хара буору харса суох тоҕута сүргэйээт, иҥиир-ситии лыҥкынаспыт икки кэлин атахтарынан кырыс сири тобулута үктээн өрө тураат да, супту түспүт… Икки «улуу» иккиттэн биирдэспит дэһэн, харса суох холуоннук харсан хачымахтаспытынан, үлтү тунайдаспытынан барбыттар… Түүннээх күнү быһа хайалара да, сиикэрийэр сиикэй сирдэрин табан тобулута түһүспүккэ, кээрэнэр кэбирэх ойбоннорун кыайан көҥүтэ көтүспэккэ, кыахтара-күүстэрэ бараныар, сыралара-сылбалара быстыар, эстиэр диэритин кэйгэллэспиттэр, тоҕута табыйсыбыттар… Ол эрэн, туох барыта түмүктэнэр төлкөлөөх, бары-барыта муҥурданан бүтэр уһуктаах: биир түгэҥҥэ Куонаан, тоҥус ойуунун тобурах хойуутуттан ньылбы тэбинэн ылбыт, аарыма буур ону эрэ кэтэспиттии, уһуктаах тоһуйардарынан супту түспүт… Муос – оҕус хара быарыгар, төрдүгэр диэри ньимис гыммыт… Оҕус – буур ойоҕоһунан сыста түһээтин, хаҥас муоһун таһынан бүөрүттэн баһан ылан, будьуруйбут сүүстээх төбөтүн үрдүнэн бырахпыта салгыҥҥа адаарыйан иһэн, ала холорук буолан хойуостаҥнаан тахсан, куоҕаҥныы-куоҕаҥныы, сүүгүнүү-сүүгүнүү, эбэни хаба ортотунан хайа суруйан, тус хоту, ытылла, ыйылыы турбута эбитэ үһү…
Ити харсыһыы кэнниттэн Куонаан өтөҕөр нэһиилэ сынан тахсан, балаҕаныттан быкпакка сытан, быара көҥү сытыйан, сырҕаран өлбүтэ үһү. Кинини аат ааттан, күөн көрсүһэ кэлбит Кутуйах диэн тоҥус ойуунун Куонаан: «Кини да уһуо суоҕа…» – диэн эппитин курдук, хоту эҥээр өтөрүнэн төрөөбөтөх, үөскээбэтэх улуу ойуун, ол кыһын, бүөрэ бүтэйдии чэлкэҕирэн, Куонаан иннинэ тыына быстыбыт… Норуот кэпсэлигэр хаалбыт үһүйээн итинник…
Куонаан ойуун илбиргэстээх-салбырҕастаах ураты туому тутуһан тигиллибит, оҥоһуллубут кыаһааннаах таҥаһа-саба, дүҥүрэ, былаайаҕа – уҥуоҕун бас өттүгэр, көбүс-көнөтүк дьулугуруу үүнэн тахсыбыт суон тиит хойуу, баай лабааларын анныгар, киһи хараҕар, тоҕо эрэ, дэбигис көстүбэттии саспыкка дылы, түөрт атахха тэптэрэн оҥоһуллубут хаптаһын чарапчы күлүгэр ыйанан тураллара. Арааһата: ардахтан, хаартан, күн уотуттан хаххалаан итинник дьаһайбыт быһыылаахтара…
Куонаан өтөҕүн киэҥ бааһынатыгар – эдэр да, эмэн да дьон кэлэн, хонон-өрөөн, үлэлээн-хамсаан бараллара. Онно, саас ыһыы ыһан, күһүн бурдук быһан бүтэллэрин саҕана, Куонаан биир эмит киһи түүлүгэр илэ киирэн көстөн: «Оо, оҕолорум, дьонум-сэргэм барахсаттар, аны хаһан эһиги саҥаҕытын, ырыаҕытын-тойуккутун истэбин…» – диэн саҥа саҥаран, мэлдьи «сайыһа» хаалара үһү.
Ыччаттар – аттыбытыгар аата да ааттаммат сүдү ойуун сытар диэн дьаархаммакка, эдэр дьон, ардыгар, иэйбиччэ-куойбучча, ыллаан-туойан эҥээритэн, омуннаахтык, тэбэнэттээхтик күлсэн-салсан күйгүөрсэллэрэ. Өтөххө кэллилэр эрэ ис-истэриттэн сэргэхсийэн, күлэн-оонньоон, наар ырыа-тойук аргыстаах сылдьаллара; быстах дэҥҥэ-оһолго түбэспэккэ, муннуларыгар тумуу да киирбэккэ бэркэ астынан, дуоһуйан сааһаан, күһээн төннөллөрө… Дьиҥэ, былыргы иччитэх өтөххө хонуохтааҕар буолуох, дороҕоонноохтук саҥарары, улаханнык тыас таһаарары да бэл аньыыргыыллара. Оттон, буолаары буолан сурахха-садьыкка киирбит улуу ойуун көмүс уҥуоҕа көтөҕүллүбүт сиригэр-уотугар, салгыны сатарытан күлэн-салан, ыллаан-туойан күйгүөрсүү диэн төрүт сатаммат быһыы-майгы курдуга. Ону баара Куонаан ойуун – өтөҕөр түспүт, кэлбит-барбыт, хоммут дьону көстүбэт күүһүнэн араҥаччылаан, түүллэригэр илэ кэриэтэ бэйэтинэн киирэн ирэ-хоро, кэпсэтэн-ипсэтэн тахсара эбитэ үһү. Ким да кута-сүрэ кутугунайа хамсаан куттаммата, өйө-санаата санньыйа ыараан дьиксиммэтэ, саллыбата, хата, төттөрүтүн, өтөххө түһүүлэммит дьон бэйэлэрин көстүбэт айыы күүскэ арчылатан, дурдалаах-хаххалаах сылдьар курдук сананаллара. Куонаан – баҕар, эдэр сааһыгар, олоҕун ситэ олорбокко, кэмин иннинэ Орто дойдуттан баран – ыччаттары, дьонун-сэргэтин кытта итинник ситимнэһэ сатаахтыыра буолуо… Туох силигин ситэри сыныйан билиэ баарай…
Мин, өтөххө саҥа кэлбит буолан, уонна оҕо киһи билиэх-көрүөх санаам батарбакка, Куонаан ойуун уҥуоҕун тахсан көрбүтүм, кырдьыга да, салла, куттана санааһын суоҕа… Хаптаһын чарапчы анныгар турар таҥаһа-саба (кумута), дүҥүрэ – отой субу устан ыйаан кэбиспит курдук этилэр… Кус түөһэ уҥуоҕун күрүөтүн ис өттүгэр, тыыта – эрдиилиин, тэртиин чөкө өйөнөн турара. Урут өтөххө түһүүлэммит уолаттар, былаайаҕын ылан дүҥүрүн «топ-топ» охсон тыаһатан көрөллөрө үһү… Бэл тыытын «уларсан» күөлгэ илдьэ киирэ сылдьаллара. Ардыгар, күөлгэ соспут тыылара, сарсыарда турдахтарына, ойуун уҥуоҕар, оннугар төттөрү кэлэн турар буолара эбитэ… Куонаан хаһан да, кими да куттаабатах, дьээбэлээбэтэх ойуун. Ыччат, оҕо дьону кытары итинник алтыһарыттан үөрэрин – аһаҕас эттээхтэр-сииннээхтэр түүллэригэр киирэн биллэрэрэ эбитэ… Онон кини туһунан, дьон-сэргэ өйүгэр-санаатыгар наар үтүө эрэ өйдөбүл хаалбыт. Ураты уһуу тыыннаах сырдык санаалаах, үөһэттэн айдарыылаах айыы ойууна буоллаҕа – Куонаан ойуун…
…Саас, ийэ айылҕа барахсан саҥа силигилии тыллан күөгэйэн-нуоҕайан эрдэҕинэ, ыччат дьон түмсэн, көрдөөхтүк күйгүөрсэн үлэлии-хамсыы сылдьарбыт үчүгэйэ, астыга бөҕөтө. Айахха тото аһыыр ас, эбэбититтэн бэриһиннэрэммит, күндүлэтэммит, дэлэй; санныга кэтэр таҥас баар; сиппит-хоппут эт-сиин; чэгиэн-чэбдик эт-хаан; үлэ көҕүттэн өрүкүйбүт өй-санаа; эмньик кулун кэриэтэ эрчиминэн кыдьыгыра кыынньа сылдьар эдэр саас… Ама хайдах киһи үлэни кыайа-хото, үрдүк таһаарыылаахтык үлэлиэ суоҕай…
Хайырҕастаах хара быары сытыы быһаҕынан тэлитэ бысталаабыттыы, бурдук бааһынатын нүөл, өҥ буора, булуук анныттан өрө ханарыйан, кэдэрийэн тахса-тахса тиэрэ ууруллан килэрийэн иһэр… Көймөстүбүт, көөнньүбүт уохтаах буор сыта – киһи этин сааһын хаба ортотунан сайа охсон киирэн, мэктиэтигэр, мэйииҥ эргийэр…
Сааскы айан көтөрүн араас эгэлгэ саҥата, биир кэм, тохтоло суох күйгүөрэр, күрүлүүр, күүгүнүүр… Саҥа кэлбит кэҕэлэр, хайабыт ордук чөллөркөй куоластаах эбитий диэбиттии, өрүһүспүттүү, көҕүһэ-көҕүһэ, күнүстэри-түүннэри, үрүт-үөһэ этэллэр… Күөрэгэйдэр – сууйбут курдук биир да кыркаҕа суох күп-күөх халлаан дьэргэлгэн урсунугар уйдаран дьурулуу, дьирилии туойаллар…
…Өр гымматыбыт, сарсыардаттан киэһэ хойукка диэри тура тэбинэн үлэлээн – бурдукпутун ыһан бүтэрэн, сонуокпут бүтэйин «абырахтаан», Айдаҥҥа көстүбүт. Чабычах быһаҕаһа курдук туораах ордубутун, төттөрү тиэйэн илтибит…
* * *
Холкуостаах киһи – мэлдьи солото суох. Кыдыбылтан кэлбиппит уонча хоммутун кэннэ, аны Айдаҥтан сэттэ аҥаар көстөөх Хаҕын сиригэр, Чуочаалы диэн күөлгэ кыстаабыт субан сүөһүнү аҕалтара ыытар буоллулар. Кэлэ-бара уон биэс көс. Ыраах сир.
Саар Көстөкүүн саҕанааҕы ылааҥы күннэр. Үөл кус саҥа хото биллэн эрэр. Төһө да бэс ыйын саҥата, хара тыа торҕо күөх сэлибирэс сэбирдэҕинэн, көөнньүбүт кылыы кырбас сөп-сөрүүн дыргыл сыттаах мутукчанан лаглайдар лаглайан истэр, түүн «анды кэлэр хатааһына» диэн хаһыҥ түһүтэлии сылдьыталаан баран, кэлин эмиэ уу нуурал ичигэс, луҥку түүннэр сатыылаатылар. Ньалыар уулар кулун туйаҕынан толору туолан тубустулар. Уу хоммут хотоол сирдэр кытыллара, эрдэлээн тыллар сир симэҕинэн симэнэн киэркэйэн бардылар…
…Хаҕыҥҥа, сарсыарда ааттаах эрдэ туран, түөрт буолан хоҥуннубут. Сүөһү көһөрө барааччылар үһүөбүт: Буолкап Микииппэр, Буолкап Сүөдэр уонна мин. Төрдүс киһибит Ньукулай Сиидэрэбис – сэрииттэн эрэмсэрэн кэлбит «Молотов» холкуос киһитэ, андылыы диэн ааттаан биһигинниин аргыстаста. Бары – аттаахпыт. Мин, быйыл саас ыҥыырдаабыт соноҕосторун миинним, уолаттар Ала Соноҕос диэн ааттыыллар, айааһанарыгар да соччо мөхсүбэтэх, ис-хааныттан сымнаҕас сылгы. Дьонум бары сааланан-таймаланан, үөл куска тииһинэрдии диэн баран иһэллэр.
От үрэхтэр хааларыттан тахсан томточчу туолан бараннар түһэн эрэллэр, арай, талахха, үөккэ – кур сэтиэнэх, от-мас сыыһа уу хото кэлэ сылдьыбытын туоһулаан үөһэ ыйанан сабырыйан хаалбыттар. Сорох үрэх сүүрүгэ дохсуна, дьулусхана сүрдээх, ол эрэн үрэхтэр бары да үктэллэрэ кытаанах, дьиппэ эбиттэр: харгыларынан, киэҥ, кэтит сирдэринэн оломнорун булан кэстэрэн, харбатан бырдааттатан тахсабыт. Дириҥэ муҥутаатаҕына иҥэһэ үрдүнэн охсуолуур… Күөллэри эргийэн, үктэллээх сирдэринэн тумнан ааһабыт…
Сирбитин ортолоон баран Моруоннар диэн Хаҕын ыалыгар тохтоон чэйдээтибит. Балаҕаҥҥа киирэн сыҥаһа ороҥҥо олорон көртүм – дьиэлээх эмээхсин сирэй оһоҕор алтан дьэс чаанньыкка чэйин оргуппут, уонна дьиктиргиэм иһин, ойоҕоһунан тутаахтаах икки тимир хорсуохха: бииригэр үүт кыынньарбыта үрүмэтэ ыдьыгыраан турар, бииригэр эмиэ чэй уута уурбута оргуйуохча буолан үрүҥ чаанынан бургучуйар. «Тыый, астарын хорсуохха буһарыналлар, өрүнэллэр эбит дуу…» – дии санаан, хайдах эрэ, атыҥырыы көрдүм. Урут ыалга уонна Балаҕаччы балыыһатыгар, бара-кэлэ сылдьан көрдөххө – тимир хорсуоҕу улаханнык аһааҕырбыт, ыалдьыбыт, лигиир сытар дьон «куһаҕаҥҥа» эрэ тутталларын иһин – ыалым аһыыр иһиттэрин отой сөбүлээбэтим…
Дьиэлээх эмээхсин: «Чэ, айан дьоно итиитэ киллэриҥ…» – диэн туох баарынан-суоҕунан аһын тарта: үөлбүт собо, кураанах кус этэ, эмиэ да мөскөм кырбаһынан буспут ынах этэ, бэл сылгы субайа кытары баар. Мин испэр: «Чаанньыгыттан кутара буоллар…» – дии санаан сүрдээҕин кэчэстим. Эмээхсиним, хата, өс хоту, дьэс алтан чаанньыгын тутан аҕалан, хончоҕордорго, бэркэ барбыт маҥхааһай чэйин кутан кулдьугуратта…
…Хаҕыҥҥа, Киирэп аатынан холкуоска киэһэ сөпкө тиийэн, били, сүөһү аттыыр дьарыктаах Дьабараах оҕонньордооххо хоннубут. Аара, кэлэн истэхпитинэ, суолбутугар улардар түбэһитэлии сылдьыбыттарыгар, уолаттар хас да хараны ытан ылбыттарын түөрэтин ыдьырыччы буһаран мииннээн сиэтибит. Эрдэҕэстэр, биирдиилээн, онтон-мантан мэнээк көтөллөрө да, сааскы, сымыыт баттыы сытар көтөрү дьонум бултаспаттар.
Правообладателям!
Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.