Электронная библиотека » Семен Маисов » » онлайн чтение - страница 14


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 10:40


Автор книги: Семен Маисов


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 14 (всего у книги 34 страниц)

Шрифт:
- 100% +

– Сааҕа-сэпкэ болҕомтолоохтук сыһыаннастахха сатанар… Мин эдэр, чолоҕор сылдьан дьалаҕайбыттан, сэрэҕэ суохпуттан киһини ыта сыһан турабын, – диир Дьөгүөр.

– Ол хайдах?.. – Барааҥка ыйыта охсор.

– Биир күһүн, сарсыарда, Быркылаахха кус ытан тахсан баран, икки уостаах туулускай саабын таска, аан чанчыгар ыйаан кэбистим… Күнүскү түөртүүр ыам кэннэ дьиэ айаҕар тахсан табаахтыы олордум… Арай, ыалбыт Дьөгүөрэп Миитэрэпээн, Хапытыанап Кууһумалаах орто уоллара Өлүөскэлиин биир акка мэҥэстэн мэтэһитэн кэлэн түстүлэр. Бу кэмҥэ мин аан чанчыгар ыйаабыт саабын ылан, ити курдук миэхэ кэннинэн турар киһини кыҥаан баран: «Бандьыыт Батаахап турар үһү…», – дии-дии эр-биир элбэрээктэрбин тардыталаан «лис-лас» гыннартаатым… Ити итинник ааста… Аны санаатахха букатын хоҥ мэйии киһи эбиппин. Булка сырыттым, дьиэбэр кэллим да ботуруоннарбын ылаттаан кэбиһэр үгэстээҕим… Күн дьааһыгырыыта, титиик бүтэйин абыраҕар сиэрдийэ кэрдэн оҕуһунан молохоҕо состорон киллэрбиппин ураанньыктыы түһээт, булт диэн баран муннукка ытаабыт оҕо киһи, киэһэ кус көтүүтүгэр эмиэ эбэбэр киирдим. Тыынан устан күөл тумуһаҕар тиийэн от быыһыгар саһан кирийэн олорон баран, саабар ботуруон уктаары бүлгү баттаабытым, арай, икки уоска иккиэннэригэр бөстүөннэрэ хаптаччы сааллыбыт ботуруоннар сылдьаллар. Сарсыарда кус ытан баран, эстибит ботуруоннарбын ылбатах муҥум буоллаҕа дии саныы-саныы сулбу тардан ылаттаабытым – иккиэннэрэ иитиилээхтэр… Өйүм бааллан, мэйиим сытыйан, акаарыбар, иитиилээх ботуруоннардаах сааны, кураанах уостаах турар саа диэн, тутуһан туран ытан киһини өлөрө сыспыппын… Миитэрэпээниҥ хотоку, толору оҥоһуулаах киһи эбит этэ… Икки ботуруон иккиэннэрэ тэҥинэн апчыастыыра диэн… Киэһэ онно олорон, үөр кус үрэҕи бата кэлбиттэрин ыппыппар ол ботуруоннар, хос түһэртэриитэ суох, иккиэн эстибиттэрэ…

Дьиэ иһинээҕилэр Дьөгүөр кэпсэлин истэн бары да саллаллар: ким баһын быһа илгистэр, ким чыпчырынан ылар.

– Ити нөҥүө сылыгар, эмиэ күһүн… – Кулуһуннуурап, уоһа өһүллэн, урут буолбут өссө биир түбэлтэни кэпсээн барар. – Таппалаах Бэрэтигэр, үһүө буолан куобахха хаампыппыт. Ол сылдьан Бэрэ үрэҕин алыытыгар тайах ойуппуппут. Сыгынаҕы туруору туппут курдук кылбайбыт адаар муостаах аарыма лөкөй ыарҕа быыһынан аҕыйахта сүгүллэҥнээн хаалбыта. Ыппыт суоҕа, онон хаамыы тайаҕын сонордоһо, бадьыыстаһа да барбатахпыт… Киэһэ түөртүү-биэстии куобахтаах, эмиэ да эрдэҕэстэргэ түбэһэн хаһы да ытан ылан, өссө хабдьы, бочугурас эбинэн сөп соҕус сүгэһэрдээх борук-сорук буолуута төннөн харбыалаһан испиппит… Чакылыччы халлыбыт халлаан, хас да хонукка муус хаһыҥынан хаарыйа сылдьан баран, эмискэ сылыйан, бүдүк-бадык былытыран, тохтуу-тохтуу иһирик самыыр ибиирэн ыла-ыла астара… Ол суксуруһан истэхпитинэ, Арыылаах толоонун арыы ыркыйыттан, дьон ньамалаһар саҥатын иһиттэҕэ, Күөгэлэп Түмэппий арҕаһын бааһырдан баран ыыппыт бороҥ ата Туймуулаах тасхан кэлбитин көрөн, Тэрэнтэй уол: «Уу, били, баарыын ойбут тайах бу да курдук тахсан кэлбэт, үчүгэй аҕайдык уолугун үүтүнэн түһэриэм этэ ээ…», – диэт, иччимсэх көлө сылгыта субу даадаҥнаан кэлбитин, сынтараалка саатын туһулуу тутаат ытан пас гыннарда. Биһиги, киһибит туттубута толооһуттан, хайдах буолар баҕайытай диэн халахайдана түстүбүт… Туймуулаах үрдүттэн саанан ыттара үөрүйэх сылгы этин да тартаран көрбөтө… Онтубут баара Тэрэнтэйбит, ботуруонун ылан баран, биир сиргэ бочугурастар көппүттэригэр хат ииттибит уонна умнан ылбатах, ити кэннэ өйө бааллан, иитиитэ суох саа диэн, акаарытыгар сылгыны ыппыт… Хата, холкуос сылгытын төлүө суох быатыгар, ардах уута уоһунан киириэ диэн таҥнары сүгэн испит саата, хаамарыгар уоһунан окко-маска охсуллан доргуйан, быыһа холкутаан, атан, дарабыыната саккыраан хаалбыт. Аҥаардас буораахтаах эрэ ботуруоннаах саа, ыгыыта суох буолан пас гынан тыас эрэ таһаарбыт…

– Сааны сүктүҥ да, бэйэ бодотун тардынан, солуута суох быһыыламмакка сылдьыллыахтаах.

– Тыый…

– Иитиилээх да буоллун, иитиитэ да суох буоллун, саанан мээнэ ону-маны туһаайыы диэн төрүт сатаммат быһыы. Абааһы имнэннэҕинэ, Оһол Уола чаачары сэрэҕэ суоҕунан аҥаабыллатар диэн былыр-былыргыттан кэпсииллэр.

– Оннук…

– Дьөгүөр оччоҕо булка табаламматаҕыҥ ырааттаҕа дии, хас сыл буолла «ырыыптириэскэ» балыктаспытыҥ? – Уйбаан Барыыһап сэлиэнэйин уунан Даайыскаҕа чэй куттарар.

– Бу манна Муосталаахха кэлиэхтэриттэн, түөрт уон икки сыл сайыныттан…

– Эбэ барахсан баай да эбит, хас да сай устата ити айылаах балык хостонор эрээри, баччааҥҥа диэри кэлбитин курдук кэлэ турар, – оһох оттуллан дьиэ иһэ итийэн, Бороҕон уола халлаан өҥө күөх сачыын ырбаахытын туруору саҕатын үөһээ тимэҕин төлөрүтэр, сүүһүгэр бычыгыраан тахсыбыт көлөһүнүн ньилбэгэр уурунан олорбут сиидэс былаатын ылан сэмээр баттыалаан соттор.

Дьиэ иһинээҕи дьон кэпсэллэрэ бииртэн биир сонуҥҥа, кэпсэлгэ иэҕиллэн көһөн иһэр. Араас, эҥин-эгэлгэ сэһэни-сэппэни истэн олорор сэргэҕэ, астыга сүрдээх.

– Тыый доҕор, эбэбит быраҥааттатынан бар дьонун аһатан абыраата, сиэммитинэн, тууһаммытынан төһө эрэ уһаат буолла, ким ааҕан көрөн билтэ баарай, – диир Даайыска.

– Дьэ элбэх буолуо… – Окуоскун хамсатын чоҕойун оһох иннигэр сытар хаппыт хардаҕаска тэбээн, тоҥсуйан тобугуратар.

Кырдьыга да, Муосталаахха, оборуоннай суолталаах «ырыыптириэс» тэрилтэ балыксыттар биригээдэлэрин тэрийэн муҥхалатыаҕыттан, үтүмэн балык тууһаннаҕа. Муосталаах төһө да киэҥ киэлилээх, үгүс хоннохтоох-быттыктаах дьоһуннаах эбэ буолтун иһин – күөл аата күөл, өрүс курдук хас уу түстэҕин, кэллэҕин аайы, сүүрүк устун уста сылдьар балыга суоҕа биллэр, ол эрээри көмүс хатырыктааҕа, быраҥаатта барахсан хас сыл аайы син биир бултаппытын курдук бултата турар. Уутун сөбүлээн, аһыгар табыллан хото ыан өнүйэн үөскүүр быһыылаах.

Муус үрдүнэн муҥха сиэттэҕинэ эмиэ байымнык сиэтэр кэмнэрэ баар буолара, кыһыҥҥы кылгас күнҥэ хараҥаҕа ылларан, хойутаан хаалан, муҥха ийэтин бобо баайан чардаакка хоннорон баран, нөҥүө сарсыардатыгар салгыы эһэллэрэ. Кыра сырыттахпына, Тээкиччэҕэ олорор эрдэхпитинэ, дьонум Сатаҕай эбэ муҥхатыгар ийэни толору собо кэлбитин чардаакка хоннорон туран эспиттэрин кэпсэтэллэрин үһү-таамах курдук өйдөөн хаалбыппын. Хаһан баҕарар өлгөм, балысхан сиэтии туһунан дьон уос номоҕо гынан мэлдьи ахтыһаллар…

Сэрии сылларыгар, хас да биригээдэнэн тардан быраҥааттаны баһа да сатаабыттар эбит. Кулуһуннуураптаах симилээҥкилэригэр, биһиги олорор ороммут үрдүнэн, «Холкуос суола» хаһыаккка тахсыбыт, Муосталаах балыксыттарын улахан ситиһиилэрин туһунан ыстатыйалары, ким эрэ кырыйан ылан, оҥостон олорон туспа кумааҕыга кичэйэн сыһыарбыта ыйанан тураллар. Киирэ-тахса ыскылааттаан хаста да аахпыт эрээрибин, бу да сырыыга хантайан олорон сэмээр ботугураан испэр ааҕабын. Хаһыат ыстатыйаларын үрдүнэн хайалара эрэ, арааһата, улахан үөрэхтээх киһи быһыылаах, бэрт тупсаҕай, эриэ дэхси буочарынан («ыраастык суруйууну» хото баһылаабыт киһитэ тута биллэр), чэрэниилэнэн суруйан дьэрэлиппит: «1942 с. ахсынньы үһүс күнүгэр, БСК(б)П оройуоннааҕы комитетын бюротун, үлэһиттэр депутаттарын оройуоннааҕы Сэбиэттэрин ситэриилээх комитетын холбоһуктаах уураахтарынан, Саха АССР Бочуотун дуоскатыгар 1942 с. сэтинньи ый балык бултааһыныгар былаанын 200 % (!), сыллааҕы былаанын болдьоҕун иннинэ толорбут Төрдүс Тоҕус нэһилиэгин Свердлов аатынан колхоз балыгы бултуур биригээдэтин биригэдьиирэ таб. Иванов Афанасий Никифоровиһы таһаарарга уураахтаатылар».

«Холкуос суола» хаһыат 1942 сыллааҕы, сэтинньи 28 күнүнээҕи, 99 нүөмэригэр маннык суруллубут: «Свердлов аатынан колхоз балыксыттара. А.А. Иванов биригэдьиирдээх балыксыттар биригээдэлэрэ, фронт балыкка сакааһын ситиһиилээхтик толорон иһэллэр. «Зарубино» уонна «Тайфун» комбинаттар үлэһиттэригэр туһаайан дьүүллэспиттэрэ. Кинилэр төрдүс квартал устатыгар 112,9 кг. оннугар 152,41 кг. балыгы бултуурга былааннаналлар. Мастаах учаастагын булт сэбиэдиссэйэ Д. Яковлев.».

Хаһыат ыстатыйаларын анныгар, тураах хаампытын курдук буочардаах киһи, бэркэ астынан, харандааһынан, кумааҕы тэстибэтинэн эрэ күүскэ баттаан, бэрт бөдөҥ, бэчээтинэй буукубаларынан: «Төрдүс Тоҕус нэһилиэгин Свердлов аатынан холкуоһун балыктыыр биригээдэтин биригэдьиирэ Афанасий Никифорович Иванов 1942 сылга Саха АССР Бочуотун дуоскатыгар тахсар чиэскэ тигистэ», – диэбит…

Биһиги эҥээр сир-уот – тыатын да булдунан, үгүс элбэх күөллэрин, үрэхтэрин да балыгынан, быйаҥынан – баһырхай баай ахан дойду буолаахтаатаҕа… Дэлэҕэ да былыр-былыргыттан, үйэттэн-үйэҕэ уос номоҕо гынан этиэхтэрэ дуо: «…Хаппыт хахыйаҕы астахха күөх көнньүөс сэбирдэх тэлибирии үүнэр өҥ буордаах Сыа Бүлүү, Бүтэй Бүлүү…» – диэн. Кырдьыга да оннук. Айылҕа барахсан маанылаатаҕына, хайа да бааһынаҕа бурдук ыстахха, умнас хоҥкуйуор диэри куолас торолуйа туораахтанан ас кутар.

Биһиги холкуоспут чилиэнэ Таппаҕаарап Хабырыыл кытта төрөөбүт убайа, мин дьүөгэм Таппаҕаараба Биэрэ абаҕата, Ньукулай Сэмиэнэбис Таппаҕаарап 1936 сыллаахха, Сталин аатынан холкуоска бэрэссэдээтэлии сылдьан, бурдугу үүннэриигэ аан дойду үрдүнэн бастыҥ көрдөрүүнү ситиһэн турар (саха сирин, саатар Сэбиэскэй Сойуус да үрдүнэн булбатах ээ, кэпсээтэххэ киһи эрэ сымыйаргыах, итэҕэйиэ суох курдук эрээри, бу – чахчы, кыларыйан турар кырдьык). Ол курдук 1935 сылга нүөл буордаах, табыгастаах саҥа сир маһын-отун солоон, чөҥөчөҕүн, силиһин түөрэн, дэлби тараахтаан (боромньулаан) сэттэ гектардаах бааһына оҥорбуттар, сааһы быһа хаар типтэрбиттэр. Бу сонуоктарыттан, ойуччу тутан, ордук биир гектаардаах (0,98) сири дэлби көрөн-истэн көпсөргөлөөбүттэр. Эһиилгитигэр, талыы сиэмэ ыспыттар. Күһүнүгэр тиийэн буолаларын биир гектарыттан 46 сэнтиниэр кэриҥэ дьэһимиэни хомуйбуттар, оттон били ойуччу туппут биир гектары кыайбат (0,98) сирдэриттэн 117 сэнтиниэртэн тахса баһырхай үрдүк үүнүүнү ылбыттар. Биир куолас сэттэ уонтан тахсаҕа тиийэ туораахтаммыта үһү. Саха сиригэр, аҕыс ыйдаах хаар-муус дойду кылгас сайыныгар, хайдах маннык үүнүү ситиһиллиэй диэн сымыйарҕаан, түөрт төгүл араас хамыыһыйа кэлэн, сыныйан көрөн-истэн бараннар – үйэҕэ буолбатах үрдүк үүнүүнү бигэргэппиттэр. Бу ситиһии түмүгэр Ньукулай Сэмиэнэбис Таппаҕаарап 1936 сыллаахха Москубаҕа Сэбиэттэр Бүтүн Сойуустааҕы ахсыс сийиэстэригэр дэлэгээтинэн талыллыбыт. ССРС Наркомземыгар уонна В. И. Ленин аатынан тыа хаһаайыстыбатын Бүтүн Сойуустааҕы академиятыгар бурдук үрдүк үүнүүтүн ылары хайдах ситиспитин кэпсээбит. Сталин аатынан холкуос сүүрбэттэн тахса чилиэнэ ыстахаанабыс уонна удаарынньык буолбуттар. Бу туһунан суруйуу дойду үрдүнэн тахсар «Правда» хаһыат (19. 12. 1936 с.) бастакы сирэйигэр (Ньукулай Сэмиэнэбис Таппаҕаарап хаартыскалаах) бэчээттэммит…

… – Ээ, оччоҕо, били, Барыыһап Бүөтүр аймаҕа буоллаҕыҥ дии? – Барааҥка өрүс уҥуортан кэлбит уол бу эргин холкуос дьонун билбэт, онон сурах хоту эрэ истибитинэн таайан Уйбаан Барыыһаптан ыйытар.

– Аймахтарабын…

– Уолаттарын кэннэ оҕолоохтор дуу?

– Кыыстаахтар, Маарыйа диэн.

– Балтылара буо?

– Суох, иккис оҕо.

Сэриигэ баран түөрэ өлбүт, биэс ини-бии Барыыһаптары мин үһү-таамах курдук сурахтарын эрэ, «Молотов» холкуостан кэлэ сылдьар киирбит-тахсыбыт дьонтон истэрим.

Ийэҕэ, аҕаҕа иэнэ суох иэдээн, аана суох алдьархай диэн ити буолан эрдэҕэ. Биэс оҕоттон илии соттон хаалыы диэн… Туох эт сүрэҕэ итини тулуйуон сөбүй?!. Төһөлөөх эрэйинэн, тиийиммэт-түгэммэт олоххо олорон, сыры-сыллатааҕы кэриэтэ сии-кырбас оҕолору көрөн-харайан, көччөх гынан көтүппүттэрэ буолуой?.. Онтулара, бэрт кылгас кэм иһигэр бары өллөхтөрө. Саатар биирдэрэ тыыннаах ордон, саатар сэймэктэнэн, киһи аҥаара буолан даҕаны дойдутугар, өтөҕөр эргиллэн кэлэр дьылҕата, ыйааҕа суоҕа кими да долгутар, харааһыннарар…

Муҥха биригээдэтигэр «Молотов» холкуоһуттан сылдьар биир да киһи суох, онон, ини-бии Барыыһаптар тустарынан аймах бырааттара наллаан сэһэргиирин дьиэ иһинээҕилэр бары, кулгаах-харах иччитэ буолан бэркэ болҕойон истэбит. Уйбаан Барыыһап аһаан бүтэн уоһун-тииһин ытыһын тилэҕинэн соттон баран, дүлүҥ олоппоско олохсуйан олорон, өтөр-өтөр көхсүн этитэн кэбиһэ-кэбиһэ, ээр-сэмээр кэпсиир:

– …Биэс уолун сэриигэ сүтэрбит Барыыһап Бүөтүр Уйбаанабыс дьиэ кэргэнинээн өр сылларга Сохообут күөлүгэр Маарыйа өтөҕө диэҥҥэ олорбуттара. Бүөтүрү кыра сааһыгар аймаҕа киһи Уйбаныап Борукуоппай Өндүрэйэбис, хос аата Хоҥсой диэн, Барыыһап Ньукулай Саабыстан ылан ииттибит… Оттон уолаттар ийэлэрэ Төрдүс Тоҕус нэһилиэгин илин түөлбэтигэр олохтоох Буолкаптар төрүт өбүгэлэриттэн төрүттээх. Орто Бүлүү улууһун Өргүөт нэһилиэгин киһитэ Нойукуоп Дьаакып, Буолкаптар кыыстарын ылан олорбут, биэс кыыстаммыттар. Ол олордохторуна 1886 сыллааҕы буоспа туруутугар ийэлэрэ уонна биир тоҕустаах кыыстара өлбүт. Дьаакып, ол кэннэ, биир кыыһын кытта дойдутугар көспүт, үс кыыс маннааҕы дьонноругар иитиллибиттэриттэн биирдэрин кэлин Бүөтүр кэргэн ылан алта оҕоломмуттар: биэс уол, биир кыыс.

Уолаттар улаатан, үлэҕэ-хамнаска төһүү күүс буолан көмөлөһөн, сэниэ ыал ахсааныгар киирэн элбэх ынаҕы, сылгыны ииттибиттэрэ. Сохообут, Харыйалаах күөллэри хорон уолба сир оҥостон от оттоон, бурдук ыһан үүнүү бөҕөнү ылан, ньир бааччы олохтоохтук тэринэн үчүгэйдик да олорон испиттэрэ. Кинилэр сонуоктарыгар бурдук чычырбастык үүммүтүн өйдөөбөппүн. Сотору өлүөх сотору өлүөх курдук, үлэлэрэ-хамнастара тахсыыта сүрдээҕэ… Тастарынааҕы ыалларыныын кыттыһан Айбытта күөлүн үс кыра күөллүүн хорон уолба сир оҥорон, урут бэрт дуона суох от кэлэр сирин туһаҕа таһаартара. Нөҥүө сылыттан, нүөл сирдээх ходуһаҕа оо, от үүнтэ да этэ… Убайдарым хайа сэриигэ барыахтарыгар диэри итиннэ кыһынын көһөн тахсан кыстыыллара, сайынын Сохообуттарыгар сайылыыллара.

1922 сылга Мастаахха, Балаҕаччыга бандьыыттар дьон олоҕун аймыыр, Сэбиэскэй былааһы утарар быһылааннарыгар күрээн тиийбит Дагайаарап диэн милииссийэни Барыыһаптар сааһы быһа саһыаран сытыарбыттара. Ол туһунан Дагайаарап милииссийэ Балаҕаччыны эргийэ дьонтон ону-маны туоһулаһа сылдьан Амыыкаан олохтооҕо Эпириэмэп Дьөгүөр (Таттарыйа) оҕонньорго кэпсээн турар: «Эйигин билэр, эрэнэр киһим буолаҕын, кимиэхэ да этиэ, кэпсиэ суоххун билэн быктарабын. Мин – Барыыһап Бүөтүрдээххэ, Хоҥсой уолун аахха саһан сааһаатым. Бүөтүр уолаттара ону-маны булан аһатан, тугу билбиттэрин-көрбүттэрин кэпсээн абыраатылар…» – диэбит…

Маҥнайгы артыаллар тэриллэллэригэр Бүөтүр бастакынан киирбитэ. Ол туһунан кэлин, 1933 сыллааҕы, кулун тутар ый 30 күнүгэр «Кыһыл суол» артыал уопсай мунньаҕар бэриллибит артыал удаарынньыга дастабырыанньатын көрөн билбитим. Онтон 1935 сылга, Мастаахха бүттүүн холкуостааһын буолбутугар, Барыыһаптар аймах биир киһи курдук дьиэ кэргэнинэн тутуспутунан бары түмсүү чилиэнэ буолбуттара; барыта отуттан тахса сылгыны, уонча ынаҕы холбообуттара… Сорохтор, бэйэлэрин лаппа кыанан олорор ыал холкуостааһыны сэҥээрбэтэхтэрэ дииллэр да, сымыйа. Ол туоһутунан ити мин аймахтарым буолаллар… Биир эмит, маҥнай утаа эрэ этэҥкэстээбиттэр бааллара, олор да, холкуос олоҕо хайдаҕын билэн баран, сотору бэйэлэринэн тылланан син биир кииртэрэ…

– Улахан уол ким диэн этэй? – Барааҥка быһа түһэн ыйытар.

– …Улахан уол Ньукулааһа. Кини 1903 сыллааҕы төрүөх… Ньукулай үөрэхтээх этэ. Уон сэттэ сыллаахха Балаҕаччы оскуолатыгар үөрэммитэ. Оскуолаҕа, били, кыһылларга хабааттыбытын иһин, бандьыыттар кыыллыы сэймэктээн өлөрбүт Георгий Васильев диэн учууталларыгар үөрэммитэ. Мин, убайдарым ханна үөрэммиттэрин, кэлин, дьонтон истэн эрэ биллэҕим, аҕыйах сыллаахха диэри, оҕо-оҕо курдук улаханнык ис-иһигэр киирэн түөргүлэһэн ыйыталаһааччым суох. Ньукулай өссө 1932 сылга Бүлүү куоратыгар бэтэринээрдэр куурустарыгар үөрэммит, кэниспиэктэрэ бааллар. Үөрэхтээх буолан Ньукулай хайа сэриигэ барыар диэри «Молотов» холкуоска суотчуттаабыта…

Түөрт уон иккигэ, улахан хомуур буолбутугар – түөрт уол сэриигэ тэҥҥэ ыҥырык туппуттара. Бүлүү куоратыттан, бэс ыйын 28 күнүгэр борокуотунан бииргэ барбыттара… Ньукулай элбэхтик суруйбута, олортон сорохторун өйбүттэн да ааҕыахпын сөп. Түөрт уон түөркэ, муус устар аҕыһыгар суруйбут: «…Мин Ленинград таһыгар Багаталовка дэриэбинэҕэ баарбын, сэрии бүтэрэ чугаһаата, кэһиигитин ууруҥ, бырааттарбын билбэппин. Күннээҕи нуорма килиэппит 400 грамм, олус тымныы, тыаллаах, кыһыннары самыырдыыр…» – диэн.

…Иккис уол Ньукулай (Чуурааһа) 1906 сыллааҕы төрүөх. Миигиттэн лоп курдук сүүрбэ сыл аҕа. Кини үөрэҕэ суох этэ. Сэриигэ барыан иннинэ Киргиэлэйэбэ Даарыйа Сүөдэрэбинэ диэн кыыстыын холбоспуттара да, саатар оҕо хаалбатах. Даарыйа этэринэн, элэтэ биир эрэ суругу туппут. Торуой Ньукулай холкуоска түүлээхчиттээбитэ уонна аҕыйах кэмҥэ биригэдьиирдээбитэ. Кэлэн-баран, киирэн-тахсан, кини обургу булан-талан сүрдээх хотуулаах үлэһит этэ. Ыстахаанабыс булчут аатын ылан Бүлүүгэ сүлүөккэ эҥин киирэ сылдьыбыта…

Үһүс уол Өлөксөй кэргэннэммэтэҕэ. Холкуоска бултуура, наар от-мас үлэтигэр букунайааччы. Төрүт үөрэммэтэҕэ, баҕар ол да иһин буолуо, киниттэн биир да сурук кэлбэтэҕэ. Саатар дьоҥҥо эҥин этэн суруттаран чороҥ соҕотох да суругу ыыппатах…

…Төрдүс уол Дьөгүөр 1912 сыллааҕы төрүөх. Кини түөрт уон үскэ, сайын барбыта. Убайа Өлөксөй курдук үөрэҕэ суох, сулумах. Холкуоска араас үлэҕэ сылдьыбыта. Дьөгүөртэн эмиэ сурук кэлбэтэҕэ. Бииргэ барбыт дьоно кэпсииллэринэн, иһэ ыалдьан Уркуускайга куоспуталга киирэ сылдьыбыт үһү. Кэлин да, туох да сурах-садьык биллибэтэҕэ, арай, түөрт уон түөркэ, тохсунньу ыйга өлбүтүн туһунан «хара сурук» кэлбитэ…

Бэһис уол Сэргиэй 1920 сыллааҕы төрүөх. 1940 сылга Мастаах оскуолатын бүтэрбитэ. Онтон олорор сиригэр «Молотовка» улахан дьон оскуолатыгар учууталлаабыта… Түөр уон үскэ, Сэмиэнэп Никиитэ Дайыылабыс кэпсииринэн, Ленинград анныгар сэриилэспит. Онно отучча саха туспа взвод буолан сылдьыбыттар. Никиитэ Сэмиэнэп: «Биир улахан кыргыһыыга убайдыы-бырааттыы икки Барыыһап киирэн баран тахсыбатахтара…» – диэн кэпсээбитэ. Сэргиэй 1943 сыл алтынньытыгар өлбүт.

– Никиитэ Дайыылабыс диэн Хаҕын уолун этэҕин дуо? – Ньукулай Тэрэпиинэбис биир дойдулааҕын аатын истэн чуолкайдаары ыйытар.

– Э-ээ, Хаҕын уола… Эһиги үчүгэйдик билэр киһигит буо?

Окуоскун, Уйбаан Барыыһап саҥатын истэн:

– Никиитэ уол барахсаны билбэт буолуохпут баара дуо. Сүүрбэ биир сылга Хаҕыҥҥа төрөөбүтэ. Түөр уон иккигэ бэс ыйыгар суотчуттуу олорон сэриигэ ыҥырыллыбыта. Линигирээт куорат көмүскэлигэр, Эстиэнийэни, Буолсаны босхолооһуҥҥа кыттыбыта үһү. Хас да уордьаннаах этэ. Түөр уон үс сыл сайыныгар, бэс ыйыгар ыараханнык бааһыран дойдутугар эргиллэн кэлэн баран, нөҥүө сылыгар, икки сыллааҕыта, өлөөхтөөбүтэ…

– Хата син дойдутун буорун булаахтаабыт, – диир Дьөгүөр.

– Барыыһаптар кыыстара Маарыйа кэргэннээх дуу? – Солоторуоба Даайыска Уйбаантан ыйытар.

– Суох. Маарыйа 1905 сыллааҕы төрүөх. Түөрт уонун ааста да сулумах сылдьар.

Тайтах Ньукулай саҥа таһааран улаханнык өрө тыынар:

– …Биэс оҕоттон биир кэмҥэ илии соттон, тыаһы иһиллээбит курдук хаалыы диэн, дьэ иэдээн дии… – диир.

– Алдьархай… – Тайтах кэргэнэ Балбаара сэмээр сибигинэйэр.

– Сэрии содула… Сэрии… – Окуоскун сантайбыт муннун аннын абына-табына бытыгын төбөтүн эрийэ тутан мускуйбахтыыр.

– Уолаттар ийэлэрэ ким диэний? – кэпсэтии тухары эмээхсин аата ааттана, ахтылла илигин иһин мин Уйбаантан ыйытабын.

– Огдооччуйа…

Аҕатын түһэҕэр көтөхтөрөн олорбут Мааһыҥка кыыс чөҥөйдөөх хаптаҕаһын сиэн бүтэрэн иһитин туппутунан дьиэтигэр сүүрэр.

Тайтах кэргэнэ Балбаара – оһоҕостоох, тэскэйбит иһин көтөхпүтүнэн сылдьар, хат дьахталлар үгэстэринэн бүөр баттанан баран дээдэҥниир.

Араас кэпсэли, сэһэни-сэппэни истэн, ардыгар бэйэбит ол кэпсэлгэ кыттан уһуннук олоробут…

Ардах эмиэ да сэллиир, эмиэ да күүһүрэн кэлэн күөл уҥуоргута көстүбэккэ биир кэм тунаарар. Тыал эбэ уутун күөгэлдьитэ дьалкытан аҕала-аҕала таастаах кумах кытылы биллиргэтэ-баллыргата оонньуура ыраахтан иһиллэр. Бүгүн, бу айылаах ытылҕан-балкыыр күҥҥэ муҥха туһунан киһи саныы да соруммат, сээбэҥнээһин, саараныы да суох. Онон биһиги, сылаас дьиэ иһигэр бүгэн, наҕылыччы сэһэргэһэбит…

* * *

Айылҕа барахсан күнэ-хонуга куруук биир көстүүнэн көөчүктэнэн турбат. Сырылас куйааһы – ардахтаах, тыаллаах-куустаах күннэр күөнтүү анньан кэлэннэр, үлэ кэмин кэтэһиннэрэн хас хонугу аахтараллар, онтон өр-өтөр буолбат – силигилии ситэн лаглайбыт бочур тыа хонноҕун-быттыгын кытта куурдар куураайы, ичигэс салгыннаах чэмэлкэй күннэр уһуннук сатыылааннар – үлэ-хамнас күөстүү оргуйар…

Ойута тардыталаабыкка дылы сымнаҕас түү суорҕан лоскуй былыттарынан симэммит, үөнэ-көйүүрэ суох, бырдаҕа, күлүмэнэ тарҕаммыт, киһи этин-сиинин сайа охсон имэрийэр, өйү-санааны эбии дьэгдьитэр сиккиэр тыаллаах куйаас күн – эбэ үөһүгэр улахан оҥочону эрдэн дэйбэҥнэтэ сылдьар туһугар астыга, үчүгэйэ сүрдээх…

Сахабыт сирин кылгас самаан сайына барахсан төһөлөөх элбэх кэрэ, умнуллубат түгэннэри бэлэхтээн ааһара буолуой… Сылдьыбыт сырыыҥ, үлэлээбит үлэҥ араас ураты түгэннэрэ – ахта саныыр өлбөөрбөт өйдөбүл буоланнар, эн тус олоҕуҥ, сыллар аайы мунньуллубут күндү баайа аатыраннар үйэлээх-сааһыҥ тухары өйгөр-санааҕар хаһан да сүппэттии, умнуллубаттыы иҥэн, сөҥөн хаалаллар…

Куйаас сатыылаабыт кэмигэр быыс-арыт көһүннэ да уонна үксүн киэһэ үлэ кэннэ, эбэбит дьэп-дьэҥкир, курдаттыы көстөн дьэрэлийэ сытар ып-ыраас уутугар астына-дуоһуйа сөтүөлээн чомпооттонобут. Бэс күөлэ буолан баҕата, чохута, ынаҕын тыла суох. Ордук ууһуппут – Дьөккөн кыыһа Даарыйа. Икки илиитин усталыы быраҕа-быраҕа харбаан уунаҥнаан киирэн, оол курдук, ыраах, үөскэ иттэннэри түһэн баран, халлааны одуулаан хантайан сытар. Хамсаабакка сытар эрээри хайдах тимирэн хаалбатын мин бэркэ диэн дьиктиргиибин. Даарыйаны көрөн өр таалан турабын…

Солоторуоба Даайыска – кыра уҥуохтаах, хабытайдаммыт хатыҥыр дьахтар, Даарыйа курдук самыытын уҥа-хаҥас эргичиҥнэтэн атахтарын илигирэтэ-илигирэтэ сордоҥнуу устан сундулуйбат эрээри, ыттыы син сатаан харбыыр: икки илиитинэн ууну ытыйан булумахтанан үөскэ соҕус киирэн баран, төттөрү тахсар.

Отой кыайан харбаабат, көппөт киһилэрэ мин. Даарыйалаах Даайыска хайдах да муҥнана сатаабыттара да төрүт үөрэммэтэҕим, ол иһин кэлин «туһата суох эбит» диэн саба сапсыйан баран тохтообуттара. Мин муҥутаатаҕына түөһүм тылынан, эбэтэр киимминэн дириҥнээх сиргэ сөтүөлүүбүн. Кыайан көппөт киһиэхэ ол да сэрэхтээх, иҥиириҥ тартаҕына иэдээн. Аны төһө да дьаратын иһин суптурааланан түһэ турар, бэйэтигэр оборор, туһугар эмиэ дьикти кумахтаах сирдэр бааллар.

Күөлбүт кытыла сорох сиринэн үрүҥ өҥнөөх «ыллыыр» кумахтаах. Былыр-былыргыттан «ыллыыр ыраас кумахтаах Бүтэй Бүлүү кытыла» диэн хоһооҥҥо хоһуйан, ырыаҕа ыллаан манныгы этэн эрдэхтэрэ. Ураты дьиктитик лыҥкыныыр, дьүрүһүйэр тыаһы истээри төттөрү-таары хаамыталаһабыт…

Мин Муосталаахха кэлэн баран, ордук Даарыйаны кытары ыкса билсэн, дьүөгэ оҥоһуннум. Биир дьиэҕэ олорор дьон алтыһарбыт да элбэх уонна кини кэргэнэ, оҕото эҥинэ мэлигир сулумах киһи атын дьахталлар курдук улахан түбүгэ-садьыга суох, онон наар, үксүн миигин эрэ кытары сээкэйи баллыгыраһан, кэпсэтэн-ипсэтэн санаатын үллэстэр, аралдьыйар. Даарыйа миигиттэн уонча сыл аҕа, сиппит-хоппут, үлэ-хамнас үөһүгэр сылдьар дьахтар. Туһугар эмиэ эрэйи-кыһалҕаны эт эҥээринэн тэлбит, олох араас кытаанах кыһарҕаннарын көрсүбүт киһи. Дьөккөҥҥө холкуос ыскылаатын сэбиэдиссэйинэн үлэлии сылдьан итэҕэстэнэн бүтүн үс сыл хаайыыга олорбут. Ол иннинэ, дойдутун киһитин кытта холбоһон ыал буолбуттар да, Даарыйа кэлиэ сылы кыайбат хаалбытын кэннэ, киһитэ атын дьахтарга иирэн, ону ойох ылан арахсыбыт.

Биир дойдулааҕа Барааҥка кэпсииринэн, Даарыйаны хайа эрэ, Куонарап диэн киһи үҥсэн түбэһиннэрбит үһү. Сэрии кэмигэр суут-сокуон кытаанаҕа, үҥсүү баар буолла да куораттан куорумалаахтар хайаан да тахсан дьыаланы-куолуну үлтү сүргэйэн, тилийэ тиҥсирийэн, туох эмэ кыра да дьиэги, дуона да суох сыыһаны-халтыны, итэҕэһи буллахтарына, ону суота-солуута суох үлүннэрэн, иэмэ-дьаама суох дарбатан – түбэһиэ да суоҕу түбэһиннэрэллэрэ, хааллыа да суоҕу хаайаллара. Дьахтар киһи хаайыыга түбэһэрэ, эр киһи түбэспитинээҕэр ордук ынырык; чахчы чиргэл, чэгиэн эттээх-хааннаах, бөҕө, кытаанах санаалаах эрэ киһи сэрии кэминээҕи хаайыы ыар олоҕун тулуйара. Бэрт элбэхтэр, бэл «эрбэх үрдүгэр сэттэтэ эргийбиттэр» эргиллибэт сирдэрэ этэ, ол хаайыы диэн ааттанар ынырык «дойдулара». Даарыйа – кыраҕа долгуйбат олус холку, наҕыл майгылаах, ис киирбэх, номоҕон дьүһүннээх дьахтар. Ол эрээри дьүһүнүгэр холооно суох түргэн-тарҕан туттуулаах, ылсыбытын ыһыктыбат туруу үлэһит…

Чуумпуга, чэмэлкэй күн кырдал үөһэ сүүрэн тахсан баран аллара көрдөххө, күөл анна бэрт ыраахха диэри субу ытыска уурбуттуу, курдат көстөн дьэрэлийэ сытар буолар. Алыһардар бүргэс сүргүөхтээх уорҕалара харааран, дьэрэкээн ойуулаах былааты тэлимнэппиттии эмискэ-эмискэ уҥа-хаҥас халыҥныыллар, тэлбиҥнэһэллэр; борохойдор ньамах балыгы сырсан кумаҕы үргэс гыннара-гыннара сулукучуһаллар; биирдиилээн күтүр улахан сордоҥнор, уу анныгар тимирбит сул дүлүҥнүү хамсаабакка уһуннук таалан тура-тура, ээр-сэмээр кытылы кыйа мөдөөннүк усталлар; кыһыл харахтар көмүс хатырыктара күн уотугар күлүмүрдүү оонньоон халыҥ халҕаһанан үөс диэкиттэн бэрт эрчимнээхтик кытылга анньан тахса-тахса төттөрү чүөмпэлэригэр талаһаллар. Ол аайы хоптолор, хоҥор бас, кыптыый тыыраахылар саҥалара эбии хойдон айманаллар… Арай, тоҕо эрэ, быраҥаатталар бааллара биллибэт, им-дьим…

Эр дьоммут бары сөтүөһүттэр, түөрэ харбыыллар. Бэл нэнэйбит истээх Окуоскун уу үрдүгэр тиэрэ түһэн баран көбөн нанайа сытар. «Көр… Көр… Даарыйа, Ньукулайы…» – диибин. Онуоха Даарыйа: «Ээ, ити киһи баҕас иһин салгына да элбэҕэ бэрт буолан дагдайар ини…» – диир. Кыра кыыс Мааһыҥка биһикки күлэн чачыгыраһабыт.

Барааҥка уу анныгар умсан баран, тыынын тутан хайаларынааҕар да уһуннук тимирэр, ардыгар наһаа уһаан хаалан дьиксиннэрэр, куттаталыыр эҥин. Уол оннук умса сылдьан: тайах муоһа хоппо да, тимир солуур да, бэл биирдэ анньыы тимирин кытта, түбэһэ түһэн булан ылан, ороон таһаарбыта. Хаһан, хайалара мүччү тутан түһэрбит анньыыта буолуой диэн таайа сатааһын бөҕөтө. Саха ууһа охсубут «үс бүүрүктээх суптугур анньыыны» илииттэн-илиигэ бэрсэн көрө-көрө – былыргылар, оҕус дуу, ат дуу миинэн кэлэн, ойбон алларан эбэни тургутан муҥхалыы сылдьан, алҕас төлө тутан түһэрдилэр ини диэн сабаҕалаабыппыт. Анньыыны Кулуһуннуурап Дьөгүөр игиинэн аалан көрөн баран: «Бэйи, мантыҥ мээнэ, мөлтөх игии сыстыбат бэрт тимирдээх эбит… Кэбис, сыыска сыппат тэрил доҕор…» – диэн сэп гынаары хараммыта. Ууттан хостоммут, киһи мүччү туппут тимир тэрилин төттөрү оннугар быраҕар, уһуктааҕы эбэҕэ түһэрэр – улахан аньыы. Итэҕэл быһыытынан төбөлөөҕү мүччү тутан күөл иччитин дэҥниэххэ сөп, онон хаһан баҕарар сэрэнэн-сэрбэнэн, сэби-сэбиргэли көрөн-истэн чөкөтүк туттан сылдьыллыахтаах. Сиэр-туом булгуччу тутуһуллуохтаах. Кырдьаҕастар бэл ытык аһы үргүүрү «кутуҥ кулутун тоҕо туураҕын» диэн улаханнык аньыыргыыллар.

Муҥхаҕа, ардыгар, туга биллибэт кыыл-сүөл уҥуоҕун былыргы үйэтээҕи кырамталара кэлэллэр. Ол туох-туох, хаһааҥҥы харамайдар дьардьамаларын сороҕото буоларын айбыт таҥара бэйэтэ эрэ билэн эрдэҕэ. Урут, ааспыт сылларга муҥхалаабыт дьон хайа эрэ кыыл уҥуоҕун булбуттарын «мандаарынай» дьиэ аанын чарапчытыгар кыбытан кэбиспиттэрэ саһарымтыйан турар. Тайтах Ньукулай ону ылан көрөн баран: «Бу үүт-үкчү оҕус саннын хаптаҕайа…», – диэбитигэр Окуоскун: «Олус улахана бэрт, ама итиччэ бөдөҥ оҕус үөскүү сырыттаҕай…» – диэн отой итэҕэйбэтэҕэ. Тайтах биир күн Айдаҥҥа бара сылдьан, борооску саннын хаптаҕайын аҕалан, били, булумньу уҥуохха тэҥнээн көрбүтэ – бары дьиктиргиэхпит, сөҕүөхпүт иһин олус атылыы буолан биэрбиттэрэ.

Үөрэхтээх дьон кэпсииллэринэн, былыыр-былыр, этэргэ дылы «үс саха үөдүйэ, түөрт саха төрүү илигинэ», сир үрдүгэр икки атахтаах, туора харахтаах төрөөн-ууһаан тэнийиэн иннинэ – сүүнэ улахан араас аарыма харамайдар үөскүү сылдьыбыттара эбитэ үһү. Мин ити булумньу оҕус саннын хаптаҕайыгар сөп түбэһэр эттээх-сииннээх оҕуһу харахпар оҥорон көрөн баран наһаа сөхпүтүм, ама ити кырдьык дуо дии санаабытым. Ама бу биһиги Муосталаахпытыгар, төһө да быдан былыргы дьыллар улаҕаларыгар, урукку ураты кэмнэр уорҕаларыгар буолбутун иһин, итиччэ айылаах киһи эрэ итэҕэйиэ суоҕун курдук сөҕүмэр улахан кыыллар төрөөн-ууһаан хаамса сылдьыбыттара буолуо дуо?.. Олус да дьикти!.. Ол айылаах түҥ былыргыны, ким барытын силигин ситэри сыныйан билиэ баарай. Таайыллыбат таабырын кэриэтэ, киһи аймаҕы дириҥ толкуйга, ураты уустук олоҕу тилийэ эргитэн өйдүү сатааһыҥҥа мэлдьи төбөнү сыстара сылдьыахтара турдаҕа…

Урут, өрдөөҕүтэ, Бааҕынай Баһылай диэн киһи Муосталаахтан, сыыр сиҥнэн ырбаччы хайдыбыт сириттэн сэлии муоһа (дьиҥинэн аһыыта буоллаҕа, ону, биһиги эргин, тоҕо эрэ наар муоһа дииллэр) быга сытарын түбэһэ көрөн, эрбээн ылан, оҕус сыарҕатыгар тиэйэн Бүлүү куоратыгар киллэрбитэ үһү диэн кэпсииллэр. Кэлин, хас да сыл буолан баран, хайа эрэ бэһиэччиги кытары, уу оҕуһун иккис муоһун хаһан таһааран эрбээн ылаары анаан-минээн оҥостон кэлбиттэрэ, сылын аайы көөрөттө турар хайа, киһи күрдьэҕинэн дэбигис хаһан таһаарбатын курдук, бэрт киэҥ сиринэн тайаан сиҥнэн хаалан төттөрү төннүбүттэрэ үһү. Хойут ким да ити уу оҕуһун сураһан истэн көрдүү, хаһа сатаабыта биллибэт. Соҕуруу, сэлии муоһун ботуччу сыанаҕа атыылаһалларын туһунан кэпсииллэр. Өссө, мин дьүөгэм Маарпа, нууччалар хайа эрэ киин куораттарыгар, былыргы үйэтээҕитэ үөскүү сылдьыбыт, билигин сир үрдүттэн симэлийбит харамайдар уҥуохтара, биһиги дойдубут араас муннуктарыгар көстүбүттэрин, булуллубуттарын мунньан, дьон-сэргэ көрүүтүгэр туруораллар диэн сырдатан турар…

Муосталаах эбэҕэ, түҥ былыр, туох буолан өлбүтэ биллибэт сэлиигэ, ийэ айылҕа барахсан хас эмэ тыһыынчанан сыллар арыаллаһан ааспыттарын кэннэ, билиҥҥи биһиги олохпутун, уустуктук уларыйбыт сирбитин-уоппутун, «дьэ өндөйөн көр эрэ» диэбиттии «халыҥ суорҕанын» аргыый арыйан, сэмээр сэгэтэн сүдү кыылга көрдөрөн баран, хат уһун кэмҥэ бүрүйэн кэбиспитэ, эмиэ да олус дьикти. Ол айылаах, санаатахха киһи санаата кыайан тиийбэт уһун кэм устата сыппыт уу оҕуһа «чыпчылҕан түгэнэ» сир үрдүгэр быган ылбыта да суола-ииһэ суох хаалбатах. Икки атахтаах обургу сиир-аһыыр туһуттан, кэмнээн көрдөххө кэм кэлэҕэйдиир кэмин устата илдьэ сыппыт аҥаар аһыытын туура сотон мэлитэн кэбистэҕэ… Мин испэр «билигин ол сүдү кыыл аттыбар отой чугас, Муосталаах эбэ хайа эрэ хонноҕор-быттыгар хам тоҥон сыттаҕа» дии санаатахпына дьикти иэйии саба кууһар…

Айдаҥтан, «Свердлов» холкуоһуттан алта көс курдук ыраах сытар, хомоҕой тыллаах хоһоонугар хоһуйуллубут, ылбаҕай тыллаах ырыатыгар ылламмыт Улуу Түҥ өрүс эбэ кытылыттан, сурах-садьык курдук иһиттэххэ, сэлии аһыытын мэлдьи булаллар. Саха уустара сэлии муоһун хайытан, сорохтор өссө араастаан дьэрэкээн оһуордаан оҥорбут тараахтара – ыал аайы көстүбэт, мааны тэрил быһыытынан туттуллаллар.

Муосталаах эбэ соҕуруулата илин өттө, бэрт ыраахха диэри тайаан бардар бара турар, түөрэтэ аҥаат-муҥаат тукулаан дойду. Маһа-ото намыһах, сэдэх, убаҕас. Онон-манан биирдиилээн бэстэр үүнэн тураллара көстөр. Тукулаан – түөрэтэ чыыкыр кумах, туһугар эмиэ айылҕа биир дьикти көстүүтэ. Арыы-арыы үксэ киһи үрдүгүн эрэ куотар хоп-хойуу дьанда мастаах сир, ыраах дьирбиилэнэн көстөр саҕахтарыгар сиэттэр-сиэтэн илдьэ бара туруох айылаах абылыыр күүстээх. Тыал таҥалайдаан лоппоруттубут кумах булгунньахтарга сүүрэн тахсан көрдөххүнэ, эргиччи эйигин бэйэлэригэр ыҥырар, угуйар атын томтордор үллэйэллэр…


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 13 14 15 16 17 18 19 20 21 22 23 24 25 26 27 28 29 30 31 32 33 34 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации