Текст книги "Ийэм кэпсиир… (4 чааһа)"
Автор книги: Семен Маисов
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 19 (всего у книги 34 страниц)
Борууну ынах да, сылгы да сүөһү сөбүлээн, оҕоргоон сиир. Ол эрээри сылгы, сиэллээх борууну олус харса суох борсонноҕуна этэ «кыынньан» ыалдьыан сөп.
Боруу – күөллэр кытыыларыгар, уу ылан олус өҥсүйбүт ходуһаларга, сэндэлэс, инчэҕэй, сииктээх сирдэргэ, үрэх баҕарахтарыгар өнөрдөөн өрө үтэр. Күһүн үрэҕи бата, сиики сирдэринэн тэлэһийэ сылдьыбыт булчут дьон аттарын чыыкыр борууга өртөөн аҥаардас онон эрэ хатаҕалаан кэбиһэн, миинэр миҥэлэрэ сыыстаран өлөн хааланнар, суос сатыы кэлбит түбэлтэлэрэ кытары баар буолара эбитэ үһү.
Эмкэ – боруу от күөҕэ өҥнөөх сүмэһиннээх салаалара туттуллаллар. Сайын бэс ыйыттан атырдьах ыйын устата сиэрпэнэн эбэтэр булкааһа суох аҥаардас бэйэтэ эрэ үүммүт сиригэр түбэстэххэ хотуурунан да охсон ылыахха сөп. Борууну көөнньөрөн ис ыарыытын эмтииргэ туһаныллар. Убаҕаһа кыайан кэлбэккэ, этэ-сиинэ иһэн дарбайбыт киһиэхэ улахан көмөлөөх. Ааһан-арахсан биэрбэт сүһүрэр ириҥэлээх бааска (көрдүгэн эттээх дьоҥҥо), кутургуйаҕа, сааныкка эмиэ туттуллар.
Боҕуруоскай от. Боҕуруоскай от тэлгэнэн үүнэр, астык дыргыл сыттаах үүнээйи (сорох дьон талах да дииллэр). Тэтэркэй өҥнөөх чэчигэ бэс, от ыйдарыгар атар. Боҕуруоскай – бэйэ-бэйэлэриттэн, ылбычча, мээнэ киһи кыайан араарбат элбэх көрүҥнээх. Күн үчүгэйдик көрөр үрдүк кырдаллар соҕуруу тэллэхтэригэр, бэс ойуурдар саҕаларын бата үүнэр. Эмкэ туһаныллара – чэчиктээх дьөрбөтө. Хомуйарга сэрэнэн кыптыыйынан кырыйан ылыллар. Харса суох тартахха умнас барыта туллар, өтөрүнэн үүммэт буола алдьанар, чөлүгэр түһэ охсон биэрбэт, олус бытааннык ситэр үүнээйи. Боҕуруоскай от көөнньөһүгэ сүһүрүүгэ, тымныйыыга, куртах ыарыытыгар, үөһэ туолбут киһи үөһүн таһаарарыгар туттуллар. Оҕо сөтөлүн эмтииргэ көтүппэт эмп. Оҥоһуллубут бэлэм көөнньөһүгү – отоһут кэмнээн-кээмэйдээн эрэ биэрбитинэн иһиллиэхтээх, сүрдээх күүскэ дьайар. Томун тутуспакка олус үгүһү испит киһи мэйиитэ эргийиэн, устунан омуга төллөн хотуолуон сөп. Ол аата эн ис туругуҥ, этиҥ-хааныҥ испит эмиҥ сороҕун таска таһааран көҕүрэтэн сөптөөҕүн эрэ ордорунар, көмүскэнэр быһыыта…
Лоһуор. Бороҥ лоһуор синньигэс сыылар силиргэхтээх кыра от. Үүнээйи барыта хойуу бороҥ түүлээх. Умнаһа муҥутаан үс тутум кэриҥэ үрдүктээх, сэбирдэхтэрэ утарыта олороллор, уһун синньигэстэр, кэрдиистэрэ суоҕун кэриэтэ, чэчиктэрэ бытырыыс курдук үөһэ тахсаллар. Бастыҥалара хараҥа халлаан күөҕэ өҥнөөхтөр, аһа куллуку хатырыгыныы моһуоннаах, кылгас түүлээх. Лоһуор чэчигэ от уонна атырдьах ыйдарыгар тыллар, бу кэмҥэ эмкэ анаан оттоох чэчигин хомуйуллар. Ыраас хонууга, күн сырайар эниэлэригэр, кураанах талахтар тастарыгар, сэндэлэс бэс тыалар сирэй саҕаларыгар үүнэр. Чэй курдук оргутан ис тэһэҕэскэ, сүрэх ыарыытыгар уонна үксүн тымныйыыга иһиллэр. Ону таһынан ириҥэлээх, кыһыйар ымынахтарга, итииккэ туһаныллар.
Атаҕа куруук сииктээх, ууланар киһи ордук тымныйар. Ол иһин атах таҥаһыгар угунньа курдук лоһуор от сэбирдэҕин хааланаллар, сорохтор өссө мас көтөрүн түүтүн укталлар. Ол – киһи атаҕын уутун тардар, куурдар.
Локуораны сүөһү куйуктатын өлөрөргө тутталлар.
Тимэх от. Тимэх от дьэрэкээн көстүүтүнэн харахха тута быраҕыллар үүнээйи. Бэс ыйын бүтүүтүттэн атырдьах ыйа бүтүөр диэри чэчиктэнэр… Сирийэн көрдөххө бэрт дьикти, уран оҥоһуулаах. Кылгас сытыары салаалардаах силиргэхтээх. Умнастара дороххойдор, туруорулар, дьураалаахтар. Сэбирдэхтэрэ утуу-субуутук олороллор, куорсуннуу хайытыллыбыттар. Тимэхтэрэ, кыргыс боотурун куйаҕыныы, хомуру барбыкка дылы моһуоннаахтар. Чэчигэ саһархай, кытыы чэчиктэрэ соҕооччуктаахтар, үс кэрдиистээх эминньэхтээхтэр, ортоку атыыр уонна тыһы чэчик бииргэ олороллор, кэрдиистээхтэр.
Тимэх оту саҥа чэчиктэнэн эрдэҕинэ хомуйуллар, дьөрбөлөрүн үөһэнэн соҕус, кыра умнастарын кытта тоһутан ылыллар уонна аҕыйахтыы гына-гына тутумнаан баайыллар. Күн көрбөт, салгын охсор сиригэр ыйаан хатарыллар. Тимэх от дыргыйан сүрдээх хабархай сыттаах. Дьон билэрдии бу оту сөбүлээн туһаналлар, бобуччу баайыллыбыт тимэх от тоһоҕоҕо иилиллэн, дьиэ сэбэргэнэтигэр кыбытыллан турарын киһи ыал аайы көрөр.
Тимэх оту быар ыарыытыгар (саһарарга), куртах очоҕос ыарыыларыгар туһаналлар. Сүрэҕэ сэлибирир киһиэхэ эмп оҥорон иһэрдэллэр. Ону таһынан атын эмтээх үүнээйилэри кытары булкуйан үгүстүк туттуллар.
Тимэх от сүлүһүннээх үүннээйи, ол иһин оһоҕостоох дьахталларга уонна кыра оҕолорго иһэрдибэттэр. Хайа баҕарар эмп – сүлүһүн эбэтэр эмп буолара – кээмэйиттэн тутулуктаах. Алыс кыраны истэххэ дьайар күүһэ тиийбэт онон туһалаабат, аны сиэри таһынан элбэҕи борсонноххо, эти-хааны эймэнитэр дьайыыта аһары үрдээн тулуйуо суохха сөп, оччоҕуна, били, мэйииҥ эргийэрэ, сүрэҕиҥ өлөхсүйэрэ, хотуолууруҥ дьэ кэлэр.
Хаппырыас. Харатыҥы бороҥ хатырыктаах өлгөмнүк чэчиктиир мас. Уһуктаах ньолбоҕор сэбирдэхтэрэ утуу-субуу олороллор, кылгас тууралаахтар, кыра эрбии тииһин курдук кэрдиистээх кытыылаахтар. Чэчигэ маҥан өҥнөөх, нарын кутуулаах сарыдахтаммыт салбырҕастаах ытарҕа кэриэтэ хойуутук намылыйан бытырыыстана үүнэр. Аһа төгүрүктүҥү, хара өҥнөөх, хабархай амтаннаах, куураҕас, уҥуохтаах отон. Күн уота мэһэйэ суох көөчүктэнэр аһаҕас сиригэр ордук өлгөмнүк астанар. Хаппырыас бэс ыйыгар хойуутук бытырыыстана тыллан – умнаһа, лабаата бүтүннүү маҥан чэчик иһигэр саһан хоҥкуйа нуоҕайар. Бу кэмҥэ өрүс, үрэх кытыллара, үрүҥ тунаҕынан саба ыспыттыы, этиэхтэн эрэ кэрэ көстүүлэнэллэр… Отоно от ыйын бүтүүтэ, атырдьах ыйын саҥата ситэр. Сиппит отонноро хабархайдыҥы амтаннаах сүмэһиннээхтэр, киһи айаҕын куурдар дьикти дьайыылаахтар эрээри эмиэ да минньигэс соҕустар. Эмкэ отоно, хатырыга туттуллар. Хатырыгын – ииктэтэр уонна көлөһүн таһаарар, эти-хааны ыраастыыр көмө эмп быһыытынан туһаналлар. Отонун уутун – иһэ ыалдьан «дьаам сүүрдүбүт» киһиэхэ хойуута хойуннун диэн иһэрдэллэр. Эбэм хаппырыас сэбирдэҕин оҕолор тыллара, айахтара бааһырдаҕына сайҕаналларыгар оргутан биэрэр. Чэчигин көөнньөһүгүнэн, харах сүһүрэн ыарыйдаҕына, өрбөҕү эмп уутунан илитэн баран саба туталлар.
Ытырыык от. Ытырыык от сиргэ-дойдуга үгүстүк, дэлэйдик үүнэр эрээри, ону ылгаан, хомуйан, кини силигин ситэри туһанар дьон аҕыйах. Сорох дьон куруук көрө үөрэнэн, тэпсэ сылдьар буолан: «Бу эмиэ эмтээх дуо?..» – диэн өссө соһуйаллар. Куйахалара кыһыйан эрэйдиир, хоһоҕолоох, уонна баттахтара олус түһэр дьон – ытырыык от оргуйбут уутунан сууналлар. Кыра оҕолоох, эмиийдээх дьахтар үүтэ киирбэт түбэлтэтигэр туһанар. Эбээ эмээхсин, сотору сиэниллиэхтээх, быстахха харайар этин, балыгын, күп-күөх ытырыык отунан сабан кэбиһэр, оччоҕо ас ахтыйа, эргэрэ охсон биэрбэт. Ытырыык от сэбирдэҕин үүккэ уктахха үүт уһуннук аһыйбат. Мэчикээннэх арыы төһө эмэ өр ардаҕырбакка турар. Убаҕас ас бөлөнүйэр, хоймоҕурар да түбэлтэтигэр син биир хаалбат.
Ытырыык от – сап кытта буолар. Күһүн, хаппытын кэннэ, умнаһын таһын хастаан ылан, тугу тигэргиттэн көрөн сонотон, синньэтэн иҥиир сап курдук хатан күннээҕи абырахха-ибирэххэ, оннооҕор этэрбэс тигэргэ, улластарга кытта сап гыныллар. Сииктээҕэр баҕас сүрдээх бөҕө. Иэн, сындааһын иҥиирэ суох кэмигэр – хаһааммыт, ууруммут киһиэхэ баар, туһугар эмиэ тута көстө охсубат сап.
Күлүүкүбэ уонна болбукта (бөллөхүнэ) сыыҥканы эмтииргэ туттуллар. Уҥуохтаах отонтон оҥоһуллубут эмп – бүөр, хабах, ыарыытыгар туһалаах, өссө сэбирдэҕиттэн хара кырааска оҥороллор.
Эбэм ньургуһун саҥа тыллан эрдэҕинэ, чэчигэ бөлчүөхтэммитин эрэ кэннэ хомуйан ылан тыыннаах испииргэ уган сытыара түһэн баран, бүтэй бааска баайан дьэптэритэн тэһэн симэһинин, ириҥэтин таһааран эмтиир, баас онно чөҥөрүччү оһон хаалар, салгыы сүһүрэн барара тохтуур… Мантан да атын эмп буолан араас ыарыыга туттуллар эгэлгэ үүнээйи үгүс.
Кулгааҕа анньан ыалдьыбыт, солотуоха буолбут оҕону эбээ эмээхсин: «Мин мэнньиэстээхпин, маны дьэ, эмтиибин…» – диэн эргитэ сылдьан ботугуруу-ботугуруу кулгааҕар үс төгүл силлээн, киһи дьиктиргиэх ыарыытын сонно мүлүрүтэн үтүөрдэн кэбиһэрэ. Мэнньиэс – кэргэнэмммит эрээри атын киһини кытары сылдьыспатах дьахтарга оройугар үөскүүр дьайар күүс… Кыыска мэнньиэс суох. Эрдэммит дьахтар көссүүлэстэҕинэ – мэнньиэһэ санныгар түһэр, иккистээн атын киһилиин сырыттаҕына – курданарыгар, оттон үһүстээн туора хаамтаҕына – букатын түһэн хаалара эбитэ үһү…
Оттон-мастан оҥоһуллубут эмп үксэ хабархай, аһыы амтаннаах. Оҕолор сөбүлээбэтэллэр да, сирэйдэрин мырдыччы тутта-тутта эбэлэрин эмин иһэллэр. Кыра ыамайдар ыарыйдахтарына да, үксүн тымныйан, киһи көрбөт-истибэт кэмигэр сыгынньах сылдьан сыыстаран ыалдьар үгэстээхтэр… Оҕолор минньигэс сир аһыттан оҥоһуллубут эми этинэн туран, баҕатыйан иһэллэр. Сорох ама да кэмигэр «тымныйбыппын быһыылаах» диэн сөтөллүбүтэ-хахсайбыта буолан тииһинэр. Дьэдьэн, киис тиҥилэҕэ, биэ эмиийэ, болбукта (бөллөхүнэ) курдук минньигэстэн ама хайа оҕо аккаастаныай.
Дьэдьэн – Бүлүү өрүһүн уҥуор, хоту эҥээр сытар нэһилиэктэр сирдэригэр сорохторугар эрэ, тарҕанан үүнэр. Күүлэт сирэ биһигиттэн соччо ырааҕа суох эрээри, ити диэки дьэдьэн төрүт үүммэт үһү. Туһугар, эмиэ да, дьикти. Күүлэт сириттэн биир эмит кэлбит-барбыт киһи, биһиэхэ дьэдьэни көрдөҕүнэ: «Бай, бу – туох сир аһай?.. Дьэдьэн дуо?..» – диэн сөҕүү-махтайыы, дьиктиргээһин бөҕөтө буолар… Дьэдьэн – бэс ыйыгар чэчиктэнэр, сөбүнэн сииктээх уонна сырдык сэндэлэс тиит тыалар саҕаларыгар, халдьаайыларга, ырааһыйаларга, куруҥнарга, өрдөөҕүтэ мас кэрдиллибит эргэ солооһуннарга үүнэр. Дьэдьэн аһа сиппит кэмигэр, тыа иһэ ураты минньигэс сүрэҕи-быары сылаанньытар дыргыл сытынан тунуйар…
Аһаҕас сир дьэдьэнэ хайыы-сахха кууран-хатан, ыанан эрэр кэмигэр – күлүк сир дьэдьэнэ, бэйэтэ туспа, сииктээх сиргэ, бөтө силигилээбит хоп-хойуу күөх сэбирдэх быыһыгар саһыаҕынан саһан, кирийиэҕинэн кирийэн, килбик кыыс кэриэтэ кыбыстыбыкка дылы имэ тэтэрэн, сонньуччу одуулаан, минньигэстик мичээрдээн, эбиитин ибиирэн кэбиспиккэ дылы, сарсыардааҥҥы сиик сырдык, дьэҥкир хоруоҥкаларынан чаҕылыйан, ситэри симэнэн ахан турар буолар… «Хайа, манна суох дуу?..» – дии саныы-саныы ааһа көтөн иһэн төҥкөйөн, сэппэрээк-иппэрээк аннын арыйа тардан, күөгэлдьигэс от быыһын сэгэтэн көрбүтүҥ – өнөрдөөн үүммүт өлгөм дьэдьэн биир кэм кытара кыыһан хоҥкуйар…
Эмкэ – дьэдьэн сэбирдэҕэ да, отоно да туттуллар. Дьэдьэн тымныйан ыалдьыбыт киһи этэ умайдаҕына этин суоһун сойутар дьайыылаах; иһэ моһуогуран аһын туппакка дьаам сүүрдэн улук буолбут ыарыһах сэниэ киллэринэригэр көмөлөөх.
Сир аһын араас кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр бары үссэнэр, туһанар. Кинилэр айылҕа оҕолоро буолан эмиэ билэллэр, от-мас алдьархайтан абырыыр, өрүһүйэр, үтүөрдэр күүһүн. Бөрө – баас-үүт ылан эрэмсэрдэҕинэ, «бөрө сиир» ото диэн ааттанар эмтээх оту сиэн түргэнник үтүөрэрэ үһү. Ньолҕоччу буспут болбуктаны, киис тиҥилэҕин, дьэдьэни – бэл, биир да тииһэ суох баҕа харамай ас оҥостон эмэн кэбиһэн аһылыктанар. Болбукта уулла буһар үкэр куйаас арыттаах сөрүүн түүннэр үүннэхтэринэ: «Оок, дьэ, баҕа бахчаанай маарыгар, ээйигэр сир астана киирдэҕэ…» – диэн тыл дэгэтэ гынан кэпсэтии саҕаланар…
* * *
Быйыл дьон ходуу ходуйбатылар. Эмискэ халыҥнык хаардаан, онтон баллаччы ириэрэн сытыган-ымыган күннэр тураннар, сипээ күһүн кэлэн, күөллэр үрүт-үөһэ тааҥнаан, ходууга табыгаһа суох күһүн буолла.
Дьыл хайдах кэлэриттэн үлэ-хамнас улахан тутулуктаах. Айылҕа барахсан хаарын, самыырын хайа кэмҥэ хото түһэриэн, эрдэ сылыктаан таба таайар кыаллыбат. Арай кыстык, халыҥ хаар түһээри гыннаҕына ынах сүөһү маҥыраа да маҥыраа буолар үгэстээх, дьиэ таһыттан арахпат. Ол бэйэлэрэ, хотоҥҥо киирбит кэннэ, аны ылааҥы күҥҥэ таска таһаартаабытыҥ уччуйан хаалан көрдөтөллөр. Төһө да суол-иис көстүбүтүн иһин, үгүс сүөһү иэдьэгэй курдук ииччэх-бааччах тэпсибит сиригэр сүөһүлэр хайа туһаайыыны, хайысханы тутуһан барбыттарын дэбигис таайа, анаара охсубакка, киэҥ сиринэн тайаан, тыаны, хонууну биир гына кэтэн, чээччэйэн кэлэҕин. Сороҕор, үгэс оҥостон мэччийэр сирдэригэр барбакка, отой атын хайысхаланан, букатын чиэски сиргэ тиийэн-түгэнэн хаалаллар. Ол эрэн, үксүгэр, ынахтарбыт ыамнарыгар бэйэлэрэ кэлэллэр. Биһиэх дьабыл сүөһү суох.
Көп хаар түһүөх чинчилэннэҕинэ кырдьаҕас сүөһүлэр хотоннорун таһыттан арахпакка ыҥырана-ыҥырана, маҥырыы-маҥырыы дээдэһэн тураллар, оччоҕуна далларыгар хаайталаан, түүтэҕинэн күкүргэ от симэн аһаталаан баран, көхсүлэрэ сиигириэн иннинэ хотонноругар киллэрэн баайталаан кэбиһэбит…
Алтынньы эргэтигэр, Бокуруоп таҥара күнэ уонча хонук ааспытын кэннэ, биир түүн, оҕо киһини сототун ортотунан халыҥ хаар түһэн соһутта. Бэл үгүс сыл хаарын эт санныгар уулларбыт эбэм сөҕөр: «Арай, былыр, «буордаах сут» дьылыгар омуннаах хаар түспүтэ үһү…» – диэн киниэхэ эбэтэ эмээхсин кэпсээбитин ахтар…
Бэрт өрдөөҕүтэ, Кыргыдай сиригэр, Сах Сөдүөт диэн ынах, сылгы сүөһүнэн бэркэ байбыт киһи кинээстээн олордоҕуна, сайын, атырдьах ыйыгар, от үлэтин былдьаһыктаах күннэрин саҕана, хас да хонугу быһа хотуттан тыалыран тымныйан баран, эмискэ, соһуччу киһини уллугун ортотунан халыҥ хаар түспүтэ үһү. Ол хаар, сол курдук ууллубакка сыппытынан күһүн кэлбит, кыһын буолбут. Сах кинээс саары саҕана кэбиспит ото төһө сүөһүгэ тиийиэн, тургуйуон сөбүн суоттаан, сыныйан көрөн баран, сүөһүтүн улахан аҥаарын эһэн кэбиспит. Сах – харама суох баай эбитэ үһү, дьадаҥыларын этинэн өлгөмнүк өлүүлээн аһаппыт. Онтон ылата күһүн, эт тоҥор тымныыта түһэн, идэһэ тиэрэ көтүллэн дьоро киэһэлэр үүнэн, ыалтан-ыалга чабычах, кытах тута-тута сүүрэкэлэһии; үрүҥ, хара иһинэн, сыалаах эмис этинэн күндүлэһии, бэрсиһии күннэрэ кэллэхтэринэ – «Сах саҕанааҕы салбаныкы күннэр» дэһэллэр. Өссө, биһиги эҥээр дьон, туох эмэ олус элбэҕин, үгүһүн «уу, сах элбэх» диэн сөҕөн-махтайан саҥа аллайаллар…
Ол «буордаах сут» дьыл, сайын түспүт халыҥ хаар сороҕо ирэн килээй муус буолан эпсэри ылан, сылгы сүөһү хаһыыта суох хаалан имири эстибит. Сах Сөдүөт сылгытыттан соҕотох тыһы тый ордубута эбитэ үһү диэн кэпсииллэр. «Буордаах сут» дьыл өтөр-наар түспэтэх халыҥ хаар кыс устата сири-дойдуну саба бүрүйбүт. Сааһыгар тиийэн ол айылаах халыҥ үллүк хаар Ньукуоланы уон хонук ааһыар диэри хото ууллубакка сыппыт… Саар Көстөкүүн таҥара күн, күрдьүккэ батары анньыллыбыт туора күрдьэххэ кэҕэ көтөр түһэн олорон этэн чоргуйбута үһү. Ити сылы – «буордаах сут» сыла диэн ааттаабыттар. Хаар үрдэ, тугун дьиктитэ эбитэ буолла, тураҥы суурайбыттыы боруоран сыппыт… Эрдэтээҥи дьылларынан анды айанын уотаҕатыгар – дьон сыарҕанан сыыйылыннара сылдьыбыттар. Нөҥүө сылыгар сүрдээх өҥ сайын кэлбит… Онон, «буордаах сут» сыла – ааспыт үйэтээҕи саха саҥалаах олоҕор биир бэлиэ кэминэн биллэр. Ол да иһин кырдьаҕастар: «…Били, «буордаах сут» дьыл иннинэ (хайа эрэ оччотооҕу баһылаан-көһүлээн олорбут ыраахтааҕы аата ааттанар)…» эбэтэр: «…«Буордаах сут» сыл кэннэ биһиги төрүппүт (хайа эрэ сүдү кырдьаҕас аата ахтыллар)…» – диэн кэми-кэрдиини кээмэйдиир, бэлиэ сыллары бэлиэтиир аат-суол оҥостон тыл дэгэтэ гыммыттар…
* * *
Күн-хонук ахсым уулаах үрэх сүүрүгүнүү тохтоло суох дьалкыһыйа, кулдьугуруу устар…
Кыыдааннаах, кыскыардаах кыстык кэмэ бэрт түргэнник, кудуххайдык ааһа көтө оҕуста…
Өксөөн бэс ыйыгар кыыстанна, кыыһын Фатима (сурукка сурулларынан) диэн ааттаата. Ону эбэбит уонна биһиги бары да – Батиима диибит. Ылдьаабыт – «барар», Өксөөммүт – оҕолонор, биир – төннөр, биир – төрүүр. Олох оҥоһуута оннук…
Өксөөн быыһаммыта үс хоммутун кэннэ, Айыыһыты атаары үгэһинэн эбэм эһэкээнин аһаппыта. Дьиэ иһигэр кыһыл оҕолоох эдьиийбит кэннэ мин, Тороос уонна Маарпа кыыһа Өрүүнэ баара. Эмээхсин биһигини оһох иннигэр олордуталаан баттахпытын ыстаран баран: «Чэ кыргыттар, күлсүҥ эрэ…» – дии-дии чохооллоох арыыны иҥнэрэн ытыспытыгар куппутун, кырдьаҕас киһи сүбэтинэн сирэйбитигэр, баттахпытыгар ньылҕаарыччы бистэн кэбиспиппит. Кыыһын түһэҕэр көтөҕөн эмиийдии олорбут Өксөөн – атын сирэй-харах буолбут кыргыттары көрөн күһүгүрэччи күлбүтэ. Маҥнай утаа улаханнык күлэр санаата суох олорбут дьон, арыы-сыа килэбэччийбит дьүһүммүтүн көрсө-көрсө иэйэн, устунан күлсэн быара суох барбыппыт. «Аанабыт элбэх оҕолонууһу дуу…» – диэн эмээхсин ис киирбэхтик мичээрдии-мичээрдии миигин тургуппуттуу одуулаабыта…
* * *
Өксөөн кыыһын аҕаллаҕына дьиэбит иһэ оҕолор ытаһан эһэнньэхтэнэр саҥаларынан туола түһэр.
Мин эдьиийим онно-манна барар-кэлэр кэмигэр Батииманы көрө хаалабын. Кыра кыыс маҥнай утаа, илиигэ нэһиилэ таба тутуллар уу ньулдьаҕай эттээх-сииннээх бэйэтэ, күн-хонук ааһан истэҕин аайытын тэскэйдэр-тэскэйэн, быллайдар-быллайан – бэгэччэгэ, бэрбээкэйэ кылынан бобута баайбыкка дылы дьирбиилэнэн, киһи эрэ ымманыйа таптыах үчүгэйкээн да үчүгэйкээн кыыска кубулуйда. Иэдэскээннэрин быллаччы тутан «кымаахтаан», өрө көтөҕө-көтөҕө, сып-сымнаҕас тэскэйбит искээниттэн сырылаччы сыллыы-сыллыы хайдах да таптыахпын булбаппын…
Өксөөҥҥө оҕо көрө хаалбыт кэммэр, сөп буола-буола, Батииманы утутан баран, эдьиийим араас дьыалатын-куолутун кумааҕытын бэрийэрбин сөбүлүүбүн. Эргэ тирии бартыбыалга угуллубут эгэлгэ бэлиэтээһиннэр, санаа сүүмэхтэрэ сааһыланан сурукка тиһиллибиттэрэ үгүс… Ааҕан, көрөн-истэн билбэтэхпитин билэбит, ардыгар, дьүөгэбин Мытыйыс Маарыйатын кытта, өрүкүйбүт эдэр дьон сиэринэн, санаабытын үллэстэн мөккүһэн да ылабыт.
Өксөөн ыраастык суруйууну хото баһылаабыт киһи буочара да үчүгэйэ бэрт, кини суруйбутун – ыскылааттаан ааҕар «халлаан үөрэхтээҕэ» кытары иҥнибэккэ добдугуратыан сөп. Өксөөн төһө да бэрэссэдээтэллээн уурайдар, үгэһинэн, үөрүйэҕинэн – бэйэтин да холкуоһугар, чугас ыаллыы сытар Төрдүс Тоҕус уонна Иккис Тоҕус нэһилиэктэр холкуостарын олоҕор да, туох биллэр-көстөр уларыйыылар тахсыбыттарын мэлдьи бэлиэтэнэр. Ардыгар, араас усталыы, туора тарда-тарда киһи кыайан иилэн ылбатын курдук бэлиэтээһиннэри, төһө да аахтарбыт, биһиги кыайан ситэ өйдөөбөппүт. Сөп-сөп эдьиийим бартыбыалыгар саҥа, сонун кумааҕылар эбии угуллубут буолаллар. Сорох лиистэр саһарбыттарынан, имиллибиттэринэн сылыктаатахха, хас да сыллааҕыта суруллубуттар быһыылаах. Ону хантан ыллыҥ, ким биэрдэ диэн ыйыта, токкоолоһо барбаппыт…
Биирдэ эмиэ, эбээ эмээхсин этэринии «эдьиийим кумааҕы баайын» хасыһа олордохпуна, дьүөгэм Маарыйа киирдэ, сэргэстэһэ түһээт, кини обургу сонно тута бэлиэтии көрө оҕуста:
– Хайа бу урут суох этэ дии, – диэт биир саһарбыт лииһи сулбу тардан ылла. – Бу эмиэ… бу эмиэ… – дии-дии кумааҕылары өрө-таҥнары сыымайдаата.
Өксөөн эриэ дэхси буочарынан элбэҕи суруйбут, бэлиэтэммит… Онно бу курдук баар: «… Иккис Тоҕус уонна Төрдүс Тоҕус нэһилиэктэригэр сэрии саҕаланыытыгар – 618 киһи, ол эбэтэр 176 хаһаайыстыба баара…». Бэлиэтээһин аннынан, биэдэмэс кумааҕытыныы, хамнас таабылыныы сааһылаабыт.
1941 сыл. Хаһаайыстыба ахсаана
Салгыы көрөбүт, эмиэ чөрү-чөкөччү сааһылааһыннар, түмүүлэр.
Сүөһү ахсаана
– Бу ааспыт сэрии сылларыгар, манна көстөрүнэн, сүөһү ахсаана хайа да холкуоска аҕыйаабатах, – Мытыйыс Маарыйата кумааҕыттан хараҕын араарбат. – Бу, маны көр, түөрт уон биэс сыллааҕы, – Маарыйа өссө биир таабылы ыйар.
1945 сыл. Хаһаайыстыба, нэһилиэнньэ ахсаана
– Оо, Балаҕаччыга элбэх да киһи өлбүт…
– «Калинин» холкуоска?..
– Ы-һыы… – иккиэн салла, бэркиһии одуулаһабыт…
– «Молотовка», «Ждановка» эмиэ…
– Оттон ол иһин, нэһилиэнньэлэрин ахсаана аҕыйаан, биир холкуос буоллахтара…
– …Көрүүй, Аана, биһиги холкуоспут ыччатын ахсаана хайа да холкуостардааҕар элбээбит дии, – Маа рыйа туспа лиискэ, таабылга баар сыыппараны сөмүйэтинэн ыйа-ыйа тоҕоноҕунан имнэрэр, сэргии түһэр.
– Ол иһигэр мин эбилиннэҕим, түөрт уон бииргэ манна өссө кэлэ илигим…
– Оннук эбит… Баһаан эппиккин доҕор… – дьүөгэм миигин дьээбэлиир. Иккиэн күлсэбит.
Салгыы хасыһабыт.
– Оттон бу тугуй?.. Бай, биһиги холкуостан сэриигэ баран баран эргиллибэтэх, өлбүт дьону испииһэктээбит, тиспит дии, хотуй, – диир Маарыйа. – Барытын бэлиэтээбит, суруйбут: хаһан төрөөбүттэрин, ханна өлбүттэрин, бэл сорохторо хайа сиргэ көмүс уҥуохтара көтөҕүллүбүтүн кытта…
Сэрииттэн эргиллибэтэхтэр («Свердлов» холкуоһа)
Васильев Алексей Николаевич – 1917 сыллаахха Сылгы күөлүгэр төрөөбүт. Свердлов колхозтан 1943 сылга, бэс ыйын 15 күнүгэр, ыҥырыгынан Армияҕа барбыт. 1944 сылга, от ыйын 20 күнүгэр өлбүт. Латвияҕа 9 Заходка көмүллүбүт.
Васильев Николай Николаевич – 1923 сыллаахха Сылгы күөлүгэр төрөөбүт. 1942 сылга, от ыйын 1 күнүгэр Свердлов колхозтан ыҥырыгынан Армияҕа барбыт. 139 минометнай полк разведчига. 1943 сылга, атырдьах ыйын 23 күнүгэр өлбүт. Орловскай уобалас Севскай оройуонун Стрелецкэй дэриэбинэтигэр көмүллүбүт.
Волков Николай Николаевич – 1920 сыллаахха Дьоохуга төрөөбүт. Бүлүү педучилищетын иккис курсун бүтэрээт, 1942 сылга, бэс ыйын 27 күнүгэр, ыҥырыгынан Армияҕа барбыт. Свердлов колхоз олохтооҕо. Сэриигэ зенитчиктээбит. 1944 сылга, муус устар 26 күнүгэр өлбүт. Кировоградскай уобалас Знаменка дэриэбинэтигэр көмүллүбүт.
Иванов Афанасий Прокопьевич – 1917 сыллаахха төрөөбүт. Свердлов колхозтан 1942 сылга, атырдьах ыйын 30 күнүгэр, ыҥырыгынан армияҕа барбыт. 1943 сылга, ыам ыйыгар өлбүт.
Махаров Николай Прокопьевич – 1923 сыллаахха Олообунаҕа төрөөбүт. 1942 сылга, Свердлов колхозтан, атырдьах ыйын 1 күнүгэр, ыҥырыгынан Армияҕа барбыт. 1943 сылга, кулун тутар 14 күнүгэр өлбүт.
Петров Петр Прокопьевич – 1911 сыллаахха Олообунаҕа төрөөбүт. 1942 сылга, бэс ыйын 27 күнүгэр, Свердлов колхозтан ыҥырыгынан Армияҕа барбыт. 1943 сылга, ыам ыйыгар өлбүт.
Петров Петр Семенович – 1905 сыллаахха Кыдыбылга төрөөбүт. 1943 сылга, бэс ыйын 14 күнүгэр, Свердлов колхозтан ыҥырыгынан Армияҕа барбыт. 1944 сылга, алтынньыга өлбүт.
Саввинов Игнатий Прокопьевич – 1915 сыллаахха Кыдыбылга төрөөбүт. 1942 сылга, Свердлов колхозтан, кулун турар 26 күнүгэр, ыҥырыгынан Армияҕа барбыт. 1944 сылга, олунньу 8 күнүгэр өлбүт. Ленинградскай уобалас Орденскай оройуонугар (8509) кв. көмүллүбүт.
Степанов Николай Дмитриевич – 1921 сыллаахха Быркылаахха төрөөбүт. Суотчут. 1942 сылга, Свердлов колхозтан, бэс ыйын 17 күнүгэр, ыҥырыгынан Армияҕа барбыт. 1943 сылга, кулун тутар ыйга өлбүт.
Трофимов Христофор Трофимович – 1901 сыллаахха Одуҥдаҕа төрөөбүт. 1943 сылга, Свердлов колхозтан, бэс ыйын 15 күнүгэр, ыҥырыгынан Армияҕа барбыт. 1944 сылга, ыам ыйыгар өлбүт.
Григорьев Тит Иванович – 1908 сыллаахха Ньурбаҕа төрөөбүт. Свердлов колхозка маҕаһыын үлэһитинэн сылдьан, 1941 сылга, балаҕан ыйын 4 күнүгэр, ыҥырыгынан Армияҕа барбыт. Сураҕа суох сүппүт.
Бу испииһэккэ суруллубуттары үксүлэрин отой билбэт дьонум. Биирдэрин эмит, Кыргыдайга эрдэхпинэ, дэҥ, быстах-остох көрөн аһардаҕым.
– Хас холкуос аайы бу курдук буоллаҕа…
– Оннук… Куоракка байыаннай хамыссарыйаат архыыбыгар: ким ханна, хайдах өлбүтэ, сураҕа суох сүппүтэ, эбэтэр этэҥҥэ эргиллибитэ – барыта, эмиэ бу курдук тиһиллэн, чөкө ууруллан, үйэ-саас тухары хараллыыга анаан, мунньуллан истэҕэ.
Маарыйа биһикки, Өксөөн ханна эрэ кистии сылдьан баран, саҥа аҕалан эбии укпут ыыс араҕас саһархай кумааҕыларын сөхсүйэ олорон, бэйэ-бэйэлэриттэн арахсыбатыннар диэн быһыылаах, сабынан холбуу тигиллибит лиистэри ылан көрбүппүт – эмиэ дьон испииһэгэ, үөһэттэн аллара, эриэ дэхситик суруллубут. Үрүҥэр таһаарыллыбыта уонна бастакы харата, ииччэх-бааччах курдук ыксалынан баачахайдаммыта, тус-туспа тигиллэн сылдьаллар. Сороҕун, Өксөөнтөн атын дьон суруйбуттара буочардарыттан тута биллэр, ала бэлиэ. Аахпыппыт – ыаллыы сытар Иккис Тоҕус уонна Төрдүс Тоҕус нэһилиэктэрин, үс холкуоһун, сэрии сылларыгар хоргуйан өлбүт дьонун испииһэктэрэ эбит…
Төрдүс Тоҕус нэһилиэгин, Калинин аатынан колхоз хоргуйан өлбүт дьоно
Алексеева Мария Васильевна (Кутуйах) – 1942 с.
Алексеев Михаил Михайлович – 1942 с.
Алексеев Василий (оҕо) – 1942 с.
Алексеева Софья Михайловна – 1942 с.
Борисов Гаврил Николаевич – 1942 с.
Борисова Пелагея Алексеевна – 1942 с.
Борисов Алексей Гаврильевич – 1941 с.
Борисов Василий Гаврильевич – 1941 с.
Борисова Анна Алексеевна (Иккис) – 1943 с.
Борисова Евдокия Алексеевна – 1943 с.
Борисов Алексей Алексеевич – 1943 с.
Ефремов Алексей Ефремович (Чэлэкэ) – 1942 с.
Иванова Анна Тимофеевна (Хара ынах эмээхсинэ) – 1942 с.
Киреев Григорий (Кырынаатчыт) – 1943 с.
Михайлова Ульяна (Бараах кэргэнэ) – 1942 с.
Михайлова Евдокия Васильевна – 1942 с.
Николаев Осип Николаевич – 1942 с.
Петров Илья Петрович (Хаала) – 1942 с.
Петрова Марфа – 1942 с.
Петровтар оҕолоро – 1942 с.
Тимофеев Аким Тимофеевич (Кылаҕадаһын) – 1942 с.
Степанова Анна Васильевна (Мачах) – 1942 с.
Степанов Василий Васильевич (оҕо) – 1943 с.
Иккис Тоҕус нэһилиэгин, Молотов аатынан колхоз хоргуйан өлбүт дьоно:
Егоров Федор (Хахыма) – 1943 с.
Афанасьев… (Толлой) – 1943 с.
Екатерина… (Хахыма кийиитэ) – 1943 с.
Екатерина 3 саастаах уола – 1943 с.
Екатерина 5 саастаах уола – 1943 с.
Семенов Василий Семенович (Эрэһэ) – 1943 с.
Семенова Мария (Эрэһэ эмээхсинэ) – 1943 с.
Николаев Николай (Моттоҕойоон уола) – 1943 с.
Николаева Агафья Семеновна – 1944 с.
Бэчээ Бүөтүр – 1943 с.
Эмээхсинэ Астрамаан кыыһа – 1943 с.
Ааный (Бэчээ Бүөтүр 14 саастаах уола) – 1943 с.
Семенов Иннокентий Самойлович (Куттук) – 1943 с.
Егоров Николай Егорович (Бакыай) – 1944 с.
Семенова (Кыйыата, Самаил ийэтэ) – 1943 с.
Семенова Мотрена (Сыыс)
Иккис Тоҕус нэһилиэгин, Жданов аатынан колхоз хоргуйан өлбүт дьоно:
Александров Алексей Михайлович – 1943 с.
Александрова Варвара – 1943 с.
Александров Михаил Алексеевич – 1943 с.
Александров Петр Михайлович – 1943 с.
Александров Федор Михайлович – 1943 с.
Алексеев Петр Дмитриевич – 1943 с.
Алексеев Федор Алексеевич – 1943 с.
Борисов Михаил – 1943 с.
Докторов Владимир Саввич (5 саастаах уол) – 1943 с.
Докторова Екатерина Саввична (оҕо) – 1943 с.
Иванов Гаврил Иванович –1943 с.
Иванова Христина Ивановна – 1943 с.
Прокопьева Ульяна Саввична – 1943 с.
Прокопьева (Дэйбэкэ Мотуруона ийэ кынна) – 1943 с.
Прокопьев Николай Алексеевич (Мамаах) – 1943 с.
Прокопьев Никифор Прокопьевич – 1940 с.
Прокопьев Семен Афанасьевич (6 саастаах оҕо) – 1943 с.
Семенов Дмитрий Федорович – 1943 с.
Сэрии ыар сылларыгар, аас-туор күннэр-хонуктар анысханнаах амырыын кэмнэригэр, төһө да үгүс киһи өлбүтүн билбиппит иһин, эдьиийбит Өксөөн ыаллыы сытар холкуостарга хоргуйан суорума суолламмыт дьону испииһэктээбитин көрөн сүрдээҕин сөхтүбүт…
– Барыларын тистэххэ, оо элбиир да буолаллар эбит… – Маарыйа баһын быһа илгистэр.
– Сэриигэ баран былаҕайга былдьаммыт дьоннооҕор, хоргуйан өлбүт дьон ахсаана таһы-быһа үгүс.
– Тыылга сэрии буола турбутун курдук…
– Биһиги, «Свердлов» холкуостан – уон биир киһи сэрии толоонугар охтубут, оттон Калинин аатынан холкуоска хоргуйан өлбүттэр ахсааннара – сүүрбэ үс. Икки бүктэн биир киһинэн өссө ордук дии хотуй…
– Киһи, туома, итэҕэйиэ суоҕун курдук.
– Оннук…
Биһиги санаабытыгар наар, кый ыраах, арҕаа ытыллар кыргыһыы хонуутугар эрэ кэмэ суох үтүмэн үгүс дьон өлөр курдук өйдөбүл баара: тыһыынчанан, мөлүйүөнүнэн саллаат суорума суолламмытын иһиттэхпитинэ, ол – киһи төбөтүгэр сатаан батан киирбэт ынырык ахсаан курдук иһиллэрэ… Онтубут баара, тыылга «дьэҥкирэн» өлбүт дьоммутун ааҕан таһаардахха, өскөтүн бу биһиги ыаллыы сытар холкуостарбытыгар да тэҥнээтэххэ, сэриигэ өлбүт дьон ахсааныттан итэҕэһэ суох буолан тахсар, өссө сорох нэһилиэктэр холкуостарыгар ордор, үгүс даҕаны… Сэрии саллааттара буулдьаҕа таптаран, кыргыһа сылдьан охтор эбит буоллахтарына, тыылга хаалааччылар сутаан, суккуруур тыыннара, уҥуохтаах-тириилэрэ хаалан, киһи аатыттан ааһан баран сырдык тыыннара быстара… Өлүү хайдаҕа да биир эрээри, ис-иһигэр киирдэххэ эридьиэстээх соҕус эбит… Дэлэҕэ да, хоргуйан хараҕа хойуоран сытар сордоох: «Оо, абалаах, бу кэриэтин, саатар эр киһи элээмэтэ буолан сылдьан, биир эмит өстөөҕү анныбар баттаан баран, эмискэ, эрэйэ суох өлбүтүм буоллар…», – диэхтиэ дуо…
Куораттан тиэстибит боломуочунайдар: «Эһиги Кырымаанньыйа хаанымсах басыыстарын утары төһө да саа-саадах тутан сэриилэспэтэххит иһин, үрдүк таһаарыылаах үлэҕитинэн, өстөөҕү түргэнник самнарарга төһүү күүс буолаҕыт, эһиги үҥүүгүт-батаскыт – сүгэҕит-күрдьэххит, булууккут-хойгуоҕут… Эһиги эмиэ син биир сэрии дьоноҕут…» – эҥин диэн араастаан уустаан-ураннаан, көлөөк да сордооҕу күүркэтэр күүрээннээх тыллаах-өстөөх араатардар буолаллара. «Киһи тыла – ох» диэн мээнэҕэ эппэттэр, тыл – уот тэҥэ күүстээх, тылы сатаан, табан тутуннахха, туһаннахха – тугу, кими баҕарар өһөрүөххэ да, өрөгөйдөтүөххэ да сөп… Итиччэтигэр, аҕытаатардар этэллэринии, тыылга хаалбыт үлэһит дьон, кырдьыга да, сэрииһиттэр эбиппит… Син биир – өлүү-сүтүү, эрэйи-кыһалҕаны, муҥу-сору эт эҥээринэн тэлии… Өйгө оҥорон көрдөххө ынырык көстүү: сэриигэ да, тыылга да – сылбах курдук бүтүннүү дьон өлүгэ… Ханна да көр – кыа хааннаах кыргыһыы хонуута, тобулута тоҥсуллубут дьон сэмнэҕэ…
Тыыл – Кыһыл Аарымыйа бигэ тирэҕэ, тыылтан тонуктаах көмөтө суох аарымыйа, син биир силиһэ-мутуга кэрдиллибит мас кэриэтэ – биир күүстээх охсууттан урусхалланыан сөп…
Үгүс хоргуйан өлбүт дьону «ис тиибигэр» өллө диэн суруйаллара. Буолумуна, тустаахтарга эмиэ иэдээн, дьону хоргутан өлөрбүт холкуос бэрэссэдээтэлин, биригэдьиири үөһээҥҥилэр «сээн» диэбэттэрэ биллэр. Тойон үөһэ тойон, хотун үөһэ хотун. Сэбиэскэй былаас тыатын сирин дьоно «дэлэй» аска-үөлгэ олордохторуна, ама хайдах сутаан өлүү тахсыай, сүрэ бэркэ дылы. Болдьообут курдук сыстыганнаах ыарыы эгэлгэтэ, дьаҥ-дьаһах арааһа сэрии бастакы сылларыгар сутуйан турдаҕа. Оччолоох «дьаҥҥа» дьон «өлүмүнэ».
Мин бэйэм илэ харахпынан көрбүтүм, атах балай ыал устун сылдьар эрдэхпинэ, холкуос аһа-үөлэ төһө дэлэйин (кырдьык да дэлэйин). Аһыыр ас суоҕуттан сутаан, ыран-быстан, ыалдьан өлүү ынырыга тахса турдаҕына, нэһилиэк, холкуос ыт баһын саҕа күлүүстээх ампаардарыгар, ыскалааттарыгар ас-үөл турбутунан сытыйарын: саас ириэрии саҕана холкуос ампаарын ыксатынан ааһан истэххэ, кыһын мунньуллубут тоҥ тар ууллан сиҥэ уутун кытта холбоһон чалбах буолан тунааран сытарын… Сахсырҕа саахтаан үөн ыһан кыймаҥнаппыт, түүнүгүрбүт, күп-күөх балыгы – оҕус, ат сыарҕатыгар тиэйэн таһааран тыаҕа тоҕоллорун… Хара үлэһит түүнүн-күнүһүн утуйар да уутун умнан туран хара көлөһүнүн тоҕон мунньубут баайа-дуола туох да туһата суох күн-ый ыһыаҕа буоларын… Ол барыта чып кистэлэҥинэн дьаһалла сатыыра да, син биир биллэрэ. Былаас, тоҕо оччолоох аһы-үөлү бас билэн олорон, сөптөөх дьаһал ылан, көрөн-истэн, аттаран түҥэтэн дьонун сырдык тыынын өрүһүйбэтэҕин биир бэйэм баспар батаран сатаан санаабатым. Дьиҥэ хоруйа судургу, ол – кыайан табан үлэни-хамнаһы салайбат, аҥаардас үөһэттэн эрэ ыйыы-кэрдии хоту үлэлээн дуомнанан олорбут салаҥ салайааччылартан (чопчулаан, чуолкайдаан эттэххэ үрдүкү былаастан). Кинилэртэн итинник аана суох алдьархай, иэнэ суох иэдээн, дьон итиччэ айылаах өлүүтэ-сүтүүтэ тахсыбыта уонна туохтан да буолбатах. Ону мин «Свердлов» холкуоһугар кэлэн баран чахчы, ситэ өйдөөбүтүм… Сөхпүтүм, эдьиийим Өлөксөөндүрэ Борокуоппайабына – хайдахтаах курдук ураты сатабыллаах, хорсун санаалаах салайааччы эбитин!.. Холкуоһуттан чороҥ соҕотох да киһини хоргуйан өлүүгэ тиэрдибэтэх… Чороҥ соҕотох да киһини!.. Ол да иһин: үтүө, элэккэй, эйэҕэс майгытын; баары баарынан, суоҕу суоҕунан сылдьар эгилитэ-бугулута суох судургу, мас көнө быһыытын; хайа да түгэҥҥэ кимтэн, туохтан да толлон турбакка, холкуостаахтарын олоҕун саатар ханнык эмэтик чэпчэтэр дьаһаллары сатаан туруорсан, санаатын сааһылаан сайа этэн үлэтин-хамнаһын тиһэҕэр тиэрдэр сатабыллаах салайааччытын иһин – дьон-сэргэ сүдү ытыктабылын ылыан ыллаҕа.
Правообладателям!
Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.