Электронная библиотека » Семен Маисов » » онлайн чтение - страница 15


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 10:40


Автор книги: Семен Маисов


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 15 (всего у книги 34 страниц)

Шрифт:
- 100% +
* * *

Атырдьах ыйын ортото, кыырпах да былыта суох биир куйаас күн, күөлбүт илин эҥээригэр кэлэн тартыбыт. Күнүскү чэйгэ диэри муҥхабытын үстэ түһэрэн ылан баһаан быраҥааттаны хостоотубут, оҥочобут балык кутар хайыҥын иһэ көмүс хатырыктааҕынан туолан күн уотугар килэбэчийэ, күлүмүрдүү дьалкыҥныыр. Хас да дьоһуннаах сордоҥу бидиличчи көтөҕөн ылан быраҥаатта быыһыгар бырахпыппыт мөхсөн сүгүллэхтэнэллэр. Иэмэ-дьаама суох кыһыл хараҕы кытары хаахынай кэлбитин төттөрү сүөкээн кэбистибит. Мин испэр «оо, бу айылаах уйгу-быйаҥ, өлгөм балык – сэрии бастакы сылларынааҕы аас-туор кэм да саҕана баар буолбатах ээ» дии саныыбын. Оччолорго кыһыл харахтааҕар буолуох, сүөһү үөл тириитэ даҕаны ыстал гынарга баҕалаах күннэрэ-хонуктара кэлэн аастахтара…

Икки солуурга уу баһан дьалкытан таһааран, хаппыт дьанда маһын тоһуталаан, үлтү тэпсэн бачыгыратан аҕалан кулуһун отуннубут. Оҥочо баһыгар кыбытан аҕалбыт, чөрү-чөкөччү хам кэлгиллэ сылдьар үчэһэлэри ылан быраҥаатта хатырыктаан үөллүбүт.

– Хайа, Даайыска, үөл дьандабытыгар тахса сылдьыбаппыт дуо? Эриэхэ бустаҕа дии? – Даарыйа быраҥаатта үөлэ олорон Даайыстан ыйытар.

– Буһан буо, билигин… Кырдьык да баран кэлиэххэ ээ. – Даайыска кэргэнин диэки ыйыппыттыы көрөр.

Күүстээх уот төлөнүн суоһуттан сирэйин куоттара-куоттара үчэһэлээх балыктары эргичиҥнэтэ олорбут биригэдьиирбит Дьөгүөр:

– Барыҥ-барыҥ… – диир.

– Чаайы, балыгы биһиги бэйэбит да көрүөхпүт… – Окуоскун биригэдьиир саҥатыгар кыттыһан эгэ-дьэгэ буолар.

Дьанда эриэхэтин тонообут, амсайбыт дьоммут: Солоторуоба Даайыска уонна манна урут муҥхаҕа сылдьыбыт Хаалаан Кэтириин эрэ, уоннааҕылар дьанда эриэхэтэ диэни көрө да, амсайа да иликпит.

Оҕо дьон Барааҥка биһикки инникилээн сүүрүүнэн түһүнэбит, кырылас кумах устун атах сыгынньах чырбайа көтүү. Иннибэр марайан иһэр уолу ойоҕолуу көтөн куотаары гыммыппар:

– Аана тоҕо сүрэй бу… ситтэ буот дуо!.. – дии-дии Барааҥка муҥунан түһүөлүүр. Урут, үөскэ үүнэн баран, тоҕо эбитэ буолла, арааһата, угутуран хачыгыраччы хаппыт дьанда күөл кытылын эргиччи барбытын, биһиги обургулар, эдэр дьон ис-испититтэн эппит-сииммит кыдьыгыран, үрдүнэн-аннынан буурдуу көтүөккэлээн ыстаҥалаһан уунаҥнатан ааһан баран, кумах үрдэл үөһэ өрө тибигирэйэн таҕыстыбыт… Дьэ эбэтээ!.. Иннибитигэр, уҥуоргута-маҥааргыта биллибэт тукулаан сир арылла түспэт дуо… Кыһыннары хагдарыйбат күөх көнньүөс хоп-хойуу лоһуор мутукчалаах дьанда бөлкөй-бөлкөй силигилии үүнэн ситэн аҕай турар эбит… Оол курдук, күөх халлаан халыйан тиийэн ыпсар саҕаҕар үүммүт дьанда тыа, ырааҕа бэрдиттэн мэктиэтигэр дьэргэлгэннэнэн симэлийэ-симэлийэ дьирбиилэнэн көстөргө дылы… Тыал ытыйан таҥалайдыы кылдьыылаабыт ыллыыр кумахтаах үрдэл саалыгар туран, иннибитигэр арыллыбыт ити айылаах үтүөкэн көстүүнү, ытыспытын сүүспүтүгэр даҕайан чарапчылана-чарапчылана, сөҕө, астына одуулаһабыт…

– Уу, тоҕо үчүгэйэй… – айылҕа сүрэҕи сүүдүтэ абылыыр кэрэ көстүүтүттэн олус астынан биир кэм мичээрдиибин.

Барааҥка икки илиитин өрө даллатан, харахтарын симэн утары үрэр сөрүүн тыалга үрдэрэн, атахтарын төбөтүгэр дэгэс гына-гына уйуһуйбут соноҕостуу биир сиргэ тэпсэҥэлиир, күөх бочур мутукча сытынан тунуйбут сөлөгөй салгыны өрө эгдэс гынан эппэйэ-эппэйэ, өрүһүспүттүү көбдөҕүн муҥунан үрүт-үөһэ эҕирийэр, онтон сыыр аннын диэки икки атахтарын холбуу тутан куобахтаан кыыралдьытар уонна ойдом тахсан үүммүт арыы дьанда диэки тилэҕэ харааран тэбэ турар…

Төбөбүн күн уотуттан хаххаланан бастыҥалыы баана сылдьыбыт маҥан сиидэс былааппын устан, өрө уунан тыалга тэлибирэтэн, хайыы-сахха, оол курдук ыраата охсон баран миэхэ далбаатанар уолга хардарабын…

Даарыйалаах кумах сыыр чабырҕайыгар, үрдүгэр ыттан бу тиийэн кэлэллэр…

– Хайа, ол уол туох ааттаах ыраатта, ити арыыга да барбатах киһи чугастан эриэхэни хомуйар ини, – Даайыска ыраах арыы тыаҕа киирэн мэлис гынан хаалбыт Барааҥканы, кумахтан тэйбит күн уотуттан саатан сабыччы көрө-көрө, бэгэччэгин сүүһүгэр сыһыары тута-тута мөҕүттүбүтэ буолар.

– Эдэр, оҕо киһи тэбэнэтирэн эрдэҕэ… Оо, тоҕо да кэрэтэй хотуйдаа-ар!.. Киһи хараҕын далын таһынан бардар бара турар айылҕа биир дьикти көстүүтэ диэн бу буоллаҕа… – Даарыйа ыраах да ыраах тунаҕыран көстөр саҕаҕы иилии-саҕалыы эргиччи одуулаһар.

– Чэ, туруохпут дуо, барыаххайыҥ, – Хаалаан Кэтириин чугас, хойуутук будьуруйа үүммүт дьанда диэки хабытайданар.

Эриэхэ үүнэр маһа киһини лаппа куотар, бэс курдук хойуу, кылыы мутукчалаах, умнастара хаптаҕас угунуу биир сиртэн өрө үүнэн адаарыйан тахсаллар эбит.

– Дьандаҕыт диэн дьэ бу, – Даайыс хойуу мутукчалаах умнаһы бүк тардан туорааҕын эрийэ тутан тууран ылар уонна хайыатын хастаан сиэмэтин хоҥнорон тииһинэн хаҕын «лыс» гыннаран аһын көрдөрөр. – Эриэхэ хас сыл аайы астанар эрээри, өнөрдөөн үүнүүтэ икки-үс сылга биирдэ эрэ, быйыл бу аата үүммүт сайына… ҥыы… сыа амтаннаах… эчи минньигэһин, – диир. Өссө хас да аһы бэрт үөрүйэхтик «лыһыргатан» тииһинэн илдьиритэ-илдьиритэ амтаһыйан ньамырҕатар.

– Былырыын ханнык эмэ үүммүт этэ, быйыл кырдьык сүрдээҕин астаммыт, – Кэтириин уруккуттан тонуу үөрүйэх киһи бөдөҥ туораахтары бэрт имигэстик эрийэ тута-тута быһыта тардыталаан тардырҕатар.

Мин Даайысканы үтүктэн, биир болтойбут туорааҕы быһа тардан ылан аһын ыраастаан, ытыспар мунньан баран айахпар утааран ыстаан ыллаҥнатан амтаһыйан көртүм, кырдьыга да, сыа амтаннаах эбит. Ити иһин сорох дьон «сыалаах мас» диэн ааттаан эрдэхтэрэ.

Бөлкөй-бөлкөй хойуутук үүммүт «сыалаах мас» туорааҕын көрүөх бэтэрээ өттүгэр былааппытыгар баһаан тоноотубут. Биһиги да кэннэ ойуур баайыттан тииһинээччи элбэх. Эһэ мэппэрдээн суола дэлэй, кини киһи эмиэ умнаһы тоһуппакка аҥардастыы туорааҕын эрэ ылгыыр эбит. Ойуурдааҕы суолун-ииһин куруук көрөр буолан үөрэнэн да хааллыбыт. Дьандаҕа – оҥоло тураахтар тэлиэс-былаас көтөллөр уонна букатын тыаһа-ууһа суох сыбдыйа тайаарар «эриэхэһит» чыычаахтар бааллар.

Солоторуоба Даайыска дьанда туһунан кэпсиирин сүрдээҕин сэргээн иһиттим. «Сыалаах маһы» өссө «саһар мас» диэн ааттыылар үһү. Ол туохтан сылтаан оннук ааттаммыта бэйэтэ эмиэ туспа дьиктилээх: хаптаҕас угун курдук биир сиртэн өрө үүнэн тахсыбыт мас, ый муоһа кылааннанар улахан тымныылар түстэхтэринэ, аҥаардастыы, кэдэччи тардан, токуруйан хаалар ураты айылгылаах эттээх умнастаах үһү. Аны үллүк хаар, хагдарыйбат көпсөркөй мутукчаҕа сыстан көмнөҕүрдэн баттаата да, били, бэйэтэ да хаптаччы хоҥкуйа сыппыт умнас отой да сиргэ хам сыстан сүтэн-симэлийэн хаалар эбит. Уһун кыһыны быһа түспүт халыҥ хаар, күүстээх тыал тибилгэнэ, сааһыгар тиийэн дьанданы букатын көстүбэт оҥорон, ама манна сайынын киһини куотар үрдүктээх хара тыа үүнэн турбута буолуо дуо диэн, билбэт киһи итэҕэйиэ суоҕун курдук, үрүҥ урсунунан мэлдьэһэн кэбиһэр эбит. Дьэ туһугар эмиэ да дьикти, айылҕа араастаан, эҥинэ эгэлгэлээн айарын-тутарын киһи сөҕөр эрэ…

«Сыалаах мас» кыһыннары күөх мутукчатын оргутан иһэн сынгааны эмтииллэрин туһунан эбээ эмээхсин кэпсээбитин тэһэ санаан кэлэбин…

Тукулаан кумаҕар, дьанда тыа тэллэҕэр олус улахан кымырдаҕас оргуллара кэккэлэспиттэр, сорох оргуллар киһини киининэн үрдүктэр. Онно-манна өйдөөн көрдөххө кымырдаҕастар бэйэ-бэйэлэрин батыаккалаһан баран, хара ситиини тарпыт курдук айаннаан, сорохтор сымыыттарын туора ытыран, көһөн ахан иһэр буолаллар. Кинилэр эмиэ, туһугар, бэйэлэрин айылгыларынан сүпсүгүрэн эрдэхтэрэ. Хас да сиргэ, бөлүүн эһэ кэлэн үлтү сүргэйтэлээбит оргуллара ыһыллыбыттар. Кумахха баппаҕай суола «бадараан» курдук. Ийэ эһэ аһыҥастарын батыһыннаран мэлдьи сыбыытыыр сир, ыыр оҥостубута тута биллэр.

Үлүһүйэн ахан, туораах бөдөҥүн талан тонуу сылдьыбыт дьон биһиги, Барааҥка уол: «Кырдьаҕас сылдьаа-ар!.. Бу диэки иһэр!.. – диэн ыһыытыы-ыһыытыы сүүрэн тибигирэйэн кэлэн отуутугар ааспыт саҥатын истэн, дьэ өйдөнөн, үлэбитин-хамнаспытын санаан, былааттаах эриэхэлэрбитин ылан бэйэ-бэйэбитин ыҥырыстыбыт. Дьанда хойуута бэрт буолан ити-бу да турар киһи көстүбэт.

– Даайыска хайа диэки сылдьар?.. – Даарыйа миигиттэн ыйытар.

– Билбэтим…

– Оттон Кэтириин?..

– ?.. – санныбын ыгдах гыннарабын, тула-мала көрүөлэнэбин.

– Даайаа-ас!.. – Даарыйа хаһыытыыр. Киһи хардарар саҥатын кэтэһэн чөрбөһөн турдахпытына, бэрт чугас «атын киһи» саҥата «өө-өх!» диэн көөҕүнүүр. – Хайа, хотуй, тугуй ити? – Даарыйа сэмээр сибигинэйэр.

Мин өй булан хардарыам ыккардыгар, арай, «эһэ ырдьыгынаабыт» сирин диэки, Хаалаан Кэтириин бэрт холку саҥата иһиллэр:

– Кырдьаҕас, сонунуҥ? Манна кирийэн дьон сүрэҕин ырбаахытын хайытаары олороҕун дуо?..

– Тыый, хотуй, Хаалааммыт дьоҕойон ойуурдааҕылыын эрэ атах тэпсэн олорон ыаһахтаһара хаалбыт дии… – Даарыйа хараҕын үүтэ чөҥөрүйэн миигин супту көрөн одуулуур.

– Эс, Кэтириин эһэ суолун да көрдөҕүнэ куттанар киһи, итиччэ наҕыллык кэпсэппэтэ ини…

Саҥаны-иҥэни истээри эмиэ чөрбөһөн турабыт.

Кэтириин этэр:

– …Хайа, тугу көрдүҥ-иһиттиҥ?..

Онуоха, били, ынырыктык ырдьыгынаан биһигини куттаабыт эһэбит, букатын да, киһилии саҥарар:

– Һоох… Арай ынтах, күөл тумуһаҕар, харыйалаах бэс ойуур анныгар сор сугун үүммүт, биир кэм күөх былааты тэниччи тардан кэбиспит курдук, иһим аһыйыар, тииһим кыйыар диэри сиэтим.

– Онно баран сугуннуохха баар эбит дии, – диир Хаалаан.

– Куйабыыннаах киһи солууру сонно толорууһу…

– …Тыатааҕыбыт куйабыыннаныан баҕарар дуу? – Даарыйа эмискэ күлэн тэһэ барар…

Барааҥка уол, куота көтөн, отуу диэки сүүрбүтэ буолан баран, эрийэ тутан кэлэн эһэлии ырдьыгынаан биһигини куттаары дьандаҕа саспыт. Дьээбэ киһи дэлэ буолуо дуо. Айаҕар сиэбитин таһынан, бэйэтэ этэринии «күөмэйин быһа баанан туран», биһиэхэ кэһиитин – былаатыгар күп-күөх сугуну итигэстээн аҕалбытын бэрсэн, куттаталаабыт буруйун боруостаан күндүлүүр…

Дьанда туорааҕын сорох халааппытыгар, сорох былааппытыгар кутан ботуччу тутан тиэтэйэ-саарайа отуубутугар хаамсабыт…

Балыксыттарга, муҥхаҕа кэтэрбитигэр анал таҥас: балык салыҥа биһиллибэтин диэн халыҥ халаат биэрбиттэрин – ким кэтэр кэтэр, ким кэппэт кэппэт. Сорох халаат хас да сылы быһа лаҕый буолан, элбэхтик сууллан өҥө да бараммыта бэрт.

Сыа-арыы саллан сырдьыгыныы сылдьар үөлбүт эмис быраҥааттаны кытары хойуутук барбыт маҥхааһай чэйин астына иһэн омурҕанныыбыт. Туораахпыт аһын хаҕын «лыс-лыс» лыһыргатан, дьандабыт уйгутуттан тииһинэбит. Мааһыҥка кыыс: «Илин эҥээр бардаххытына миэхэ эриэхэтэ тоноон аҕалаарыҥ», – диэбитин санаан, бөдөҥ туорааҕы талан, анаан ирээттээн, халаакка суулаан оҥочо тумсугар чөкө ууран кэбиһэбин.

Сотору, күө-дьаа кэпсэтэ-кэпсэтэ аһаан бүтэн муҥхабытын түһэрээри оҥочобутун үөс диэки эрчимнээхтик эрдэн күөгэҥнэппитинэн барабыт; дөрүн-дөрүн күүһүрэн кэлэр сиккиэр тыал хатайдаан аҕалбыт эрэһэ долгуннара суола суох сур миҥэбит күөнүгэр охсуллан лиһиргииллэр-лаһыргыыллар…

* * *

Балаҕаччыттан, Айдаҥтан дьон өрүү кэлэн бараллар: сорохтор хонон-өрөөн муҥха тардыһаллар.

«Калинин» холкуостан эдэр кэргэнниилэр, сири-дойдуну көрө диэн ааттаан кэлэн хонон бардылар. Эр киһи Баһылай Дуоктарап – Халбаакыттан төрүттээх; кэргэнэ Сөдүөрэ Испирдиэнэбинэ – Хаҕын сириттэн силистээх-мутуктаах, ис киирбэх, бэрт номоҕон дьүһүннээх учуутал кыыс.

Тайтах Ньукулай кыыһа Мааһыҥка быйыл күһүн оскуолаҕа киириэхтээх киһи, маҥнай утаа, «учуутал кэллэ» диэбиттэригэр, Сөдүөрэ Испирдиэнэбинэттэн толлон, ыраахтан чуҥнаабыта. Онтон сотору учуутал кыыс бэйэтэ ыҥыран ылан аатын, сааһын эҥинин ыйытан, бэрт түргэнник бодоруһан, киэһэнэн дьоммут отой да, доҕордоһо охсубуттара.

Сөдүөрэ Испирдиэнэбинэ бараары турдаҕына Мааһыҥка: «Миигин аны күһүн оскуолаҕа ылаар…» – диэн үлэһэн хаалла.

* * *

Биир сарсыарда, тоҕо эрэ, уум көтөн, бэрт эрдэ туран таска тахсыбытым – халлаан бэҕэһээҥҥитин курдук, биир да кыырпах былыта суох чэмэлийэн, күп-күөҕүнэн сандааран ахан турар. Күн уота Муосталаах эбэ хаба ортотугар, күүһүн-уоҕун ылбыт кутаалаах уоттуу күлүмүрдээн, хараҕы саатырдан сып-сырдыгынан чаҕылыйа оонньуур…

Сиппит бочур тыа сөлөгөй сүмэтинэн тупсубут сөрүүн салгыны көбдөҕүм муҥунан өрүтэ тыынан тыыллаҥнаан баран, сотторбун санныбар иилэ быраҕан, атах сыгынньах кытылга тибигирэйэн киирэн, сотом ортотугар диэри мүлүүн ууга туран дэлби сууннум, ол кэннэ кытылы кыйа төттөрү-таары сүүрэкэлээтим: дьэп-дьэҥкир, ып-ыраас уу таас кыырпаҕыныы сандаара ыһыллар… Балык ыамалара миигиттэн үргэн, солко былааты тэлимнэппиттии, уҥа-хаҥас тэлбиҥнэһэллэр; дьара ууга таалан турбут борохойдор, сордоҥнор сараадыйбыт сүргүөхтээх уорҕаларын эрийэ тутан, өрөҕөлөрүнэн ууну ытыйан бүллүгүр гыннараат мөдөөннүк үөс диэки дьулуһаллар…

Тыымпы күөлтэн бүччүмнээн аһыы киирбит икки таллан куоҕас, кытылы кыйа киһи сүүрэкэлиирин көрөн, тэһииркээтэҕим аатыран хахаарыспыттарыгар биирдэ эрэ түбэһэ көрдүм. Көтөрдөр маҥнай мин, онтон эн дэһиспиттии хардары-таары умсаахтыыллар. Биирэ умустаҕына атына моонньун күөкэтэн тыас иһиллэммиттии эргичиҥнии олорор, өр-өтөр буолбат, умсубут куоҕас күөрэйэн уу үрдүгэр өрө дагдас гына түстэ да, аны доҕоро умсан чолуп гынан хаалар.

Туус маҥан хоптолор күөл тумуһаҕар тааска кэчигирэһэн олороннор, кинилэр эмиэ саҥа утуйан турбут киһи сарсыарда суунарын-тараанарын кэриэтэ, кынаттарын өрө даллата-даллата хоҥсоҕор тумустарынан түүлэрин-өҥнөрүн оҥостоллор.

Тэйиччи, эбэ булуҥун уҥуор, Дьөгүөр ыта Хагдарысымаан суол-иис көрдөнөн тиҥсиринэ сылдьара көстөр…

Сэмээр дьиэбэр сыбдыйан киирэн, орон анныттан ынах этэрбэстэрбин ылан атахтарбар эр-биир анньыталаан баран, кыра ыаҕайа ылан тахсан, сыыр үөһэ ыттан, Өҥсөөччүлүүр суол устун сүүрдүм…

Биэрэстэ курдук барбыт кэннэ айан суолуттан туоруур ыллык оҕото кэлэр, ону баттахха чугас, хойуу тыа иһигэр, Кэникээн диэн көлүйэ баар. Өлөксөй Хондокуоп онно атыгар оттонор. Көлүйэни эргийэ сугун хойуутук үүнэрин истэн, ол уйгуттан-быйаҥтан тииһинээри тиэтэйэ-саарайа хаамабын…

Үөс суолтан туораан, эрийэ-буруйа субуллар ыллыгы батан истэхпинэ, кэннибэр ыт саҥата ньаҕырҕаабытыгар эргиллэ түспүтүм – Өлөксөй ытын оҕото Лаайка, тылын былас түһэрэн, бу мэҥийэн иһэр эбит. Мааһыҥка биһикки ыт оҕотун, ситэ кыана илик кыра киһи диэммит, мэлдьи борсоон, туспа аһата сатыыбыт. Сэмээр кистээн, ким да көрбөтүгэр, үрүҥ балыктан кытта бэрсэн хатаҕалыыбыт. Ол иһин Лаайка биһигини көрдөр эрэ эккэлээн, үрүҥ хоболоох кутуругун биир кэм эйэҥэлэтэн, өрө көтө-көтө тэйиэккэлиир. Мааһыҥка ыт оҕотун кытта оонньуурун олус сөбүлүүр. Балык ыаматын Лаайка үрдүгэр эргиттэҕинэ, биирдэһэ кэлин атахтарыгар тура-тура ыстаҥалыыр, биир сиргэ кулахачыйан «үҥкүүлүүр». Ыппыт оҕото онтон үөрэнэн, балыга да суох: «Үҥкүүлээ!..» – диэн баран илиигин өрө даллах гыннарыаҥ кэрэх, икки кэлин атахтарыгар туран тула холоруктаан эргичийбитинэн барар. Мөп-мөкүнүк ыт оҕото атын аҕай тэйиэккэлээн араастаан бэдьэҥэлиирин бэл улахан дьон, муҥхаһыттар тула туран көрөн саатыыллар.

Лаайка, арааһата, Хагдарысымааны батыһан ханна эрэ барса сылдьан баран, улахан ыт сырыытын сиппэккэ, отуутугар төннөн кэлэн иһэн мин сыппын ылан хайбыт быһыылаах. Тула-көтө сылдьан ньаҕыргыы-ньаҕыргыы эккэлиир, бөп-бөкүнүк, тэскэйбит истээх, «түөрт харахтаах» ыт оҕотун мыры-мылтаҕар сирэйин киһи аһыныах курдук; ып-ыраас харахтара үөннээҕинэн кылахачыйа дьэргэлдьиһэн сүрдээхтэр. Биһигиттэн соһуйан, суол кытыытыгар олорбут моҕотой чыбыгырыы-чыбыгырыы кутуругун өрө хоротон баран сүүрбүтүгэр, Лаайка бултастаҕым буолан, эриллэҕэс кутуругун сиһигэр сыһыаран, эмэһэтин үүтэ оҥойо көтүү. Сүгүн-саҕын киэһиэхэ таба туттаран таптаппат даҕаны…

Түүн сиик мэнээк түспүт, сиибиктэ быыһынан хаамтахха силбигэ сүрдээх; онно-манна, арыы-сыа ньалҕарыспыт сэлээппэлээх тэллэйдэр хойуутук үүнэн тураллар, ааһан иһэн туура тэбэн көрдөххө сорохторо үөннэммиттэр.

Көөнньүбүккэ дылы дыргыл сыттаах сиһик тыалаах сиһинэн кэлэн кыра ырааһыйаҕа киирдим. Күн уота хото көрөр сирин кытыылата ымыйа оту кытта ньэргээт бөҕөтө үүммүт, өтөх тэллэйдэрэ өрө үтэн тахсыбыттар, ол быыһыгар чуораан оттор хоболорун хоҥкутан көрсүөтүк иһийбиттэр…

Кэникээн көлүйэ үөс суолтан соччо ырааҕа суох эбит, оол курдук иннибэр от-мас быыһынан сэндэҥэрэн, эҥэлдьийэн көстө оҕуста. Аны иннибэр көлүйэни иилии-саҕалыы эргийэ барар сугун уга саҕаланан барда. Өссө барбалыы түспүтүм кэннэ, били, этэргэ дылы «күөх былааты тэниччи тардан кэбиспиттии» өнөрдөөн астаммыт сугун дьэ кэллэ…

Минньигэс да минньигэс хойуу отону маҥнай утаа тотуохпар диэри курдурҕаччы сиэтим. Бөп-бөдөҥ өлгөм сугуҥҥа, бүтэй киһи өр буолуом дуо, сотору тоттум уонна аны харса суох ыаҕайабар тоноон ыбыгыраттым. Кыра ыаҕайа сыыһа да өр буолбата, томточчу туолла…

Оттоох-мастаах, сииктээх тыа иһэ гынан бырдахтаах, оҥоойулаах. Ол эрээри от ыйынааҕы курдук түптэлэс бырдах суох, кэм сэлэ соҕус, хата кырдаайы эймэҥнэс.

Ыаҕайабын ыллык суол ортотугар дьороччу олордон баран, ойон-тэбэн киирэн көлүйэни өҥөс гынным. Дуга курдук уһун ньолбуһах көлүйэ уҥуор хатыйыы күрүөлээх икки обургу от кэбиһиллибиттэрэ томтоһон тураллар. Бэттэх от аҥаара буолуох ат бугуллар кэккэлэспиттэр. Соҕотох киһи биир омурҕан туура тэбэн мунньар куурбут отун кытта, биир кэм суораты ыһан кэбиспиттии, бырдьыгынас араас чэчик, сир симэҕэ булкаастаах күн бэҕэһээ охсуллубут күп-күөх от хойуутук эҕэһэлэнэн сытар… Оол курдук, хаҥас эҥээр, хоҥкуйбут суон тиит анныгар от отуу, хатыҥ оллоон көстөр, ити – күтүө Өлөксөй отуута.

Көлүйэҕэ киирэн, дулҕа үөһэ быардыы түһэн сытан, былааппынан сиидэлээн уу иһэн киллиргэтэн утахпын ханнардым…

«Бээ, дьонум туран эрдэхтэрэ, аны, наһаа уһаатахпына, сүтүктүөхтэрэ» дии санаан, сугуннаах ыаҕайабын ылан тиэтэйэ-саарайа төнүннүм. Лаайка иннибэр-кэннибэр түһүөлээн, оту-маһы сытырҕалаан тиҥсиринэртэн солото суох, ол быыһыгар, мин диэки буруйдаах киһилии кылап-халап көрө-көрө, күөх оту быһыта тыытан сиир. «Ардаары гыннаҕына ыт оту сиир» дииллэрин санаан: «Оту сиэмэ, халлааны ардатаары, түөкүн…» – диэн ыппын мөхпүтэ буолабын. Оннооҕор оҕолор олус үлүһүйэн хабылыктаан бардахтарына: «Бу ыамайдар халлааны сатарданнар, олустаатылар ээ…» – дэһии буолар.

Өҥсөөччүлүүр суолга киирэн истэхпинэ Лаайка эмискэ тохтоон, аҥаар илин атаҕын сиргэ тиэрпэккэ эрэ өрө көтөҕөн туран, хантайа-хантайа сыт ылан муннун хамсатан мултугулдьутта, атын аҕайдык тула-мала көрүөлэнэн молооруҥнаата онтон тыа үөһүн диэки биирдэ субурус гынан хаалла. Ыт оҕото кэлэрэ-барара элбэҕин иһин улаханнык аахайбатым: моҕотойу, тииҥи, мас көтөрүн, чыычаах оҕолорун сырсан субу-субу ханна эрэ сүтэ-сүтэ кэлэрин киһи ааҕан сиппэт.

Айан тэпсилгэн суолугар тахсан баран: «Лаайка!.. Лаайка!..» – диэн ыппын ыҥырдым, өс хоту ытым, син тэйиччи үрэр саҥата, ото-маһа силигилии ситэн турар тыаҕа хаайтаран, бүтэҥитик иһилиннэ. «Чэ, кэлэр ини…» – дии санаат саҥа хаамыах курдук гынан иһэн, ботуу курдук үүммүт күрдьүгэс күрүөтүн быыһыгар, сибилигин аҕай, сабыс-саҥа сылгы саахтаабыта сытарын көрөн тохтуу түстүм. Сылгы өтөҕөлүү-өтөҕөлүү суолу быһа түһэн ааспыт, тоҕо эрэ суолу баппат эбит. Бу эҥээр, Муосталаах диэки кырылас кумах дойду буолан, атыыр үөрэ отой дугуйдаммат сирэ, уонна соҕотох буола-буола туох сылгыта кэлтэй диэн дьиктиргээтим, суолун хайан көрдүм. Сылгы – сиики сир баарыгар сиибиктэни чээрэлээн сиэбит, өйдөөн көртүм, арай, кумахха синньигэс быа суола тыргылла сыыйыллыбыт. «Бай!..» – диэн мин билиэх-көрүөх санаам батарбакка салгыы баттым. Быа соһуулаах сылгы ытым үрэр саҥатын диэки барбыт… Лаайка тыа үөһүгэр биир кэм тохтообокко ньаҕыргыыр… «Тууй-сиэ, сылгыны үрэр эбит дии…», – диэт дэгэйэ көтөн сүүрүүнэн түһүннүм… Иннибэр, тулата кылбаа маҥан сотолоох хахыйахтарынан сэлэлэммит киэҥ ырааһыйа баара көһүннэ. Сэмээр, үөмэр-чүөмэр үктэнэн кэлэн талах быыһынан көртүм, арай, торолуйбут сэбирдэхтэрдээх ыт тыллаах, хойуу сиибиктэнэн саба үүммүт ырааһыйа ортотугар ыҥыырдаах ат аһыы сылдьар… Ыт үрэригэр кыһаллыбат. Ырдыы, сыма суох. Көнтөс, сулар мэлигир. Аҥаардас үүннээх эрэ…

Мин бэйэм холкуоһум атыырдарын, бэл биэлэрин кытта арааран билэттиибин, эгэ көлө аттарын эндэтиэм дуо, онон атын сир, туспа холкуос сылгыта кэлбитин тута биллим.

«Хайаларын ата буолуой, айан суолун быһа-быһа чээччэйэн хаамаайылаабыт. Иччитин быраҕан баран күрээбит сүөһү буолуо дуо» эҥин диэн ити ыккардыгар арааһы бары эргитэ санаан сыымайдыы оҕустум…

Эмискэ тахсан аты үргүтүмээри, бастаан саһан олорон ыппын ыҥырдым, онтон талах кэнниттэн аргыый быктым. Ат – эт-этин дьигиһис гыннаран баран, миигин тонолуппакка одуулаата, Дьөһөгөй оҕото сибиэркиир үгэһинэн таныыларын тыастаахтык тарылатан тыбыырбахтаата, уһуктаах кулгаахтарын уҥа-хаҥас эрилиҥнэтэ-эрилиҥнэтэ, тулатын көрүөлэммэхтээтэ онтон иччилээх аҕайдык, этим сааһын ураты кэрэтик эймэнитэн, кистээн дьырылатта…

Аты тэһииркэтимээри түктүкэни тула хаамыталаатым, ытым оҕотун ыҥыран ылан, чохчойон олорон имэрийдим. Киэҥник саҥа таһааран ыллаабыта эҥин буоллум. Ат – хайдах эрэ, дьаархаммыта ааһан холкутуйа быһыытыйда, өссө умса нөрүйэн, сымнаҕас сиибиктэни тур-тар тардырҕатан сымыһаҕын ибигирэтэн аһаата эҥиннээтэ, ол эрээри субу-субу өрө ньолос гынан биһигини одуулаһарын кубулуппат… Мин ээр-сэмээр ыппын кытта эйэргэһэ-эйэргэһэ, ырааһыйаны тула эргийдим. Чугаһатар эбит дуу, суох дуу диэн илиибин уунан: «Мэ-мэ… бу… мэ-мэ…» – дии-диибин аргыый аҕай сылгы диэки хаамтым.

– Хантан кэллиҥ бу?.. Хайаларын атаҕыный ээ?.. Өссө ыҥыырдаах, үүннээх кини… Чэ, кэл эрэ… Ээ, чэ, кэл эрэ…

Ат таныыларын кэҥэтэн тыастаахтык тыыммахтыыр, атыҥыраан туора ойуох курдук туттар да турар. Биир күрүс хаамыынан бардахпына баҕар тэһииркиэ диэммин тохтоотум, кыратык төнүннүм, төҥкөйөн от үргээн тордурҕатабын, чохчойон олорон ат быһыытын-таһаатын кэрэхсээн одуулаһабын. Барахсан уҥуох-арҕас, быһыы-таһаа баҕас мааны сүөһү эбит: имнэммэтэх, өргөс курдук сытыы кулгаахтардаах; көрсүө, арылхай, киэҥ харахтардаах, ньолбоҕор уҥуох төбөлөөх, уһун моойдоох, үрдүк арҕастаах; олохтоох, усталаах систээх, көнө өттүктээх, үрдүк сотолоох сула атахтардаах, сабырыйа үүммүт эрээри убаҕас сиэллээх, кутуруктаах. Таһаатыттан сылыктаатахха – сэлиик, өссө сүүрүк сылгы быһыылаах.

Сэмээр өссө чугаһаатым, отой ыксатыгар кэлэн баран тура түстүм, ол тухары айаҕым хам буолбакка аппын кытары киһилии кэпсэтэбин. Дырайан чахчы да, үрдүк уҥуохтаах Дьөһөгөй оҕото түөрт атахтарыгар төрдүөннэригэр, бэрбээкэйдэрин үрдүнэн (кэннигэр), тыстарын сэбэрэлэригэр кытаанах муос эгээннэрдээх эбит. Ити чахчы үтүө, кыахтаах, сэниэлээх сылгы бэлиэтэ…

– Уу-кучу-кучук! Анньыҥыньыы-анньыҥыньыы… Кэл эрэ… – дии-дии ытыспын ууммуппар атым, килбэчийбит ньылҕаа түүлээх моойун уһатан, илиибин сытырҕалаан көрдө уонна уһун кыламаннардаах өйдөөх харахтарын симириҥнэтэ-симириҥнэтэ туора хайыһан «чэ, хайдах да гын» диэбиттии туран биэрдэ. Мин сиргэ соһуллан сытар тэһиин кутуругун тутан ыллым.

Хоҥоруутун кириэһэ тиксиһэр сирэ күн ойуута төгүрүк эргиирдээх кылынан тигиллибит тупсаҕай үүнү көрөн, бу чахчы атын холкуос сылгыта тэлэһийэн кэлбитин саарбахтаабатым. Маннык үүн биһиги дьоммутугар суох. Ат, хата, кылгас тумулуктаах буолан, тэһиинин иһигэр атаҕын уган эҥин моһуогурбатах, бадьыыстамматах.

Көҕүлүн, сиэлин иһигэр илиибин уган дэлби имэрийдим-томоруйдум. Сиэппиппэр улгумнук хаамта. Хахыйахха баайан баран, холкутаабыт холунун чиҥэтэн, дьиримин тардан биэрдим. Арааһата, бүгүн дуу, бэркэлээтэҕинэ бэҕэһээ дуу төлө туттарбыт быһыылаах, көҥүл баран аһаабыт сүөһү диэтэххэ иһэ тэскэйбэтэх. От сөрүөлээҕэ сэбэрийбэтэх, арҕаһынан харыс кэриҥэ хайытыылаах, ол иһин ыҥыыр төһө да холкутаатар аҥаардастыы баран холборуйан хаалбатах.

Өйдөөн көрбүтүм, сылгыны быйыл саас бүүтэхтии сылдьыбыттар. Сайыҥҥы ньылҕаа түүлээх түөһүгэр, көмөгөйүн анныгар, курдары тэһэ анньан таһаарыы баас оннулара көстөллөр, хойукка диэри симэһин сүүрэ сылдьыбыт быһыылаах. Бүүтэхтэммит эҥин, ол аата син мииниллэн уһуннук мэскэйдэннэҕэ дии санаатым. Ол эрээри баҕар биир да сырыыга быһа түһэрэн ат этин алдьатыахтарын сөп, сылгы уруттуура, сыыстарара диэн кэбэҕэс. Чөлүгэр түһэрэ ол уустук.

Тэһиин аннынан уҥа-хаҥас тахса-тахса аты үчүгэйдик сирийэн көрдүм, ханан да баас-үүт, маска-окко айаныы эҥин суох. Ат сыта ураты минньигэстик муннубун кычыгылатар. Дьөһөгөй оҕотун көлөһүнүн сыта – киһи кутун-сүрүн чөл тыынынан угуттуур дьикти айылгылаах. Сылгыны үлбүрүйдүҥ, имэрийдиҥ-томоруйдуҥ да, ураты уоскулаҥ турукка устан киирэҕин. Сылгы сыта, оччугуй оҕо сааһым саҕахха саспыт бэрт кэмчи дьоллоох кэмнэрин санатан, миигин иһирэх иэйиинэн долгутар…

– Хантан кэлбит аккыный, ханна барда эн иччиҥ?.. – ат моонньун таптайбахтыыбын. Түөһүн имэрийээри гыммыппар Дьөһөгөй оҕото тэпсэҥэлии түстэ, баһын илгистэн булкуйбахтаата, кулгаахтарын ньылата-ньылата эргичиҥнээтэ, хаста да кэлин атахтарынан хардары-таары эрчимнээхтик салгыны тэбиэлээн куһуйбахтаата… – Тоҕо сүргүнүй доҕор, тэйиэккэлээн түһэҥҥин!.. – ойоҕоһугар туран, саха ууһа оҥорбут, ат сиһигэр дьип-дьап курдук олохтоохтук олорбут, хатыҥ ыҥыыры тимириттэн тардыалаан көрдүм, онтон өй ылан, баҕар арҕаһа дьукку барбыта буолуо диэн, холуннары төлөрүтэн сөрүөтүн арыйан көрдүм. Суох, бааһырбатах. Хат ыҥыырдаан баран, айан суолугар диэри сиэттим. «Арааһата, бүүтэхтэммит сылгы буолан түөһүн туппахтыыры сөбүлээбэт дуу», – арааһы саныыбын. Атым киэҥ суолга киирэн баран тэбиэһирбиттии өгдөҥкөлүү-өгдөҥкөлүү тэпсэҥэлээтэ, үүнүн тимирин көмүллүү-көмүллүү айаҕын киэҥник атан хаста да үрүт үөһэ сыҥааҕырта, ис-иһиттэн кыдьыгырбыттыы илгистэ-илгистэ дьигиһийбэхтээтэ, онтон ахчаччы тэбинэн туран ииктээн күүгэниртэ, аны аҕыйахтык атыллаат кутуругун өрө тэрбэтэн өтөҕөлөөн батыгыратта. Бу барыта – үтүө сылгы бэлиэтэ, ити аата кини айанныырыгар оҥостор быһыыта.

Мин Тээкиччэҕэ олорор эрдэхпиттэн сылгыны олус сэргээн, билэ-көрө сатаабыт буоламмын, уонна кэлин Өксөөннүүн, сылгыһыт уолаттардыын, түбүктэн, үлэттэн быыс-арыт, соло буллум эрэ наар Дьөһөгөй оҕолорун кытары бодьуустаһаммын, ат майгытын-сигилитин бэйэм ычабынан, эйгэбинэн билбэхтэһэбин.

Аты кытары аргыстастыҥ да араҥаччылыыр доҕордоох курдук сананаҕын. Сылгы сигилитэ син биир киһи курдук араас. Өйдөөх сылгы барахсан киһиттэн атына диэн саҥарбата эрэ дииллэрэ кырдьык. Сылгы төһө да араас иэйиитин айах атан кэпсээбэтэҕин иһин, син биир бэйэтин ураты айылгытынан биллэрэр. Ону сатаан тобулан өйдүүр киһи өйдүүр, истэр киһи истэр. Дьөһөгөй оҕолоро бэйэ-бэйэлэрин ыккардыгар кэпсэтэр, сыһыан үллэстэр ньымалара олус элбэх. Ону икки атахтаах барытын силигин ситэрэн чахчы ситэ өйдүүрэ уустук, үгүс дьон мэнээк көрөллөр, кулгаахтарын таһынан аһараллар. Сылгы таныытын тыаһатара – сэргиирин бэлиэтэ; кулгааҕын ньылас гыннарыыта, төбөтүн араастаан туттан силбиэтэниитэ, өрө ходьороҥнооһуна, охсурҕаланыыта – кыыһыран, тугар эрэ табыллыбатаҕын биллэрэ сатыыр, дьарыйар быһыыта. Кулгааҕа чөрбөс гыныыта – сэрэнии, хайа туһаайыынан хайысхалыыра – ол саҥа, тыас хоту туох эмит хамсаммытын, баарын биллэрии. Өрө ханайан иһиллэниитэ – хараҕар көстүбэт сиргэ, ыраах ханна эрэ саҥа-иҥэ иһиллэрин чуолкайдыы, араара сатааһына. Оттон сылгы саҥа таһааран кистээһинэ, иҥэрсийиитэ, тыбыырыыта, эйэргээһинэ – олус элбэх араастаах, дэгэттээх. Дьөһөгөй оҕото үөрбүтүн туоһута – сиэлин, көҕүлүн ыспахтаан, төбөтүн араастаан булкуйа оонньохолуо; кутуругунан нуоҕайданан, хоолдьугун, моонньун хамсатыа; синньигэс курбуһаҕын (биилин) имигэстик имиллэҥнэтэн, илин-кэлин атахтарын үҥкүүлээн эрэрдии экчэҥкэлэтэ доҕуһуоллатыа. Оттон кулунчук, оҕооҕо курдук иэйбитин омуннаахтык биллэрэн – өрө тэбиэлэнэ-тэбиэлэнэ, ойуоккалыы-ойуоккалыы бырдааттана сүүрүө, ийэтигэр ньыраҥнаан ойоҕолуу түһэтүһэ сыстаҥныа, муннунан үҥүлүйүө, умсарыта убахтаһыа… Ынах сүөһү эмиэ биир итинник…

Лаайка «бу туох ааттаах сүүнэ харамайын тутан сиэттэ» диэбиттии, сиртэн тутуллубут сылгыны ойоҕолуу көтөн сүүрэкэлии-сүүрэкэлии, эмискэ тохтоон өрө хантайан кыҥнаҥныы-кыҥнаҥныы, атын аҕайдык сыныйа көрөр.

Аты – дьоммор отууга илдьэрдии быһаарынным. Ыҥыырдаах, быалаах-туһахтаах сылгы босхо баран мээнэ мэччийэ сылдьарын түбэһэ көрдөххө, туттарыах эрэ буоллар, сиэр быһыытынан хайаан да тутуллуохтаах. Көрө-көрө көрбөтөх курдук ааһа бара турар диэн сыыһа, ат уччуйан мээнэ баран, тэһииниттэн, көнтөһүттэн эриллэн иҥнэн аһаабакка – бырдах, күлүмэн аһылыга буолан түргэнник ырыан, дьүдьэйиэн сөп.

Сылгы наар суолу бата сылдьыбат харамай, хайа эрэ санаата хоммут сыһыытыгар, ахтыбыт алааһыгар, сиригэр-уотугар, төһө сатанарынан ыт курдат, быһа түһэр үгэстээх. Ол сылдьан ханна эрэ, түҥ тыаҕа, маска-окко «баалыннар» эрэ, быаҕа үөрүйэх сүөһү, ол курдук, мөхсө, тардыалаһа эҥин сатаабакка эриллибитинэн турар, ону дэбигис булан ылар уустук…

Сугуннаах ыаҕайабын аргынньахтыы сууллубут суон тиит үөһэ ууран баран, аппын сиэтэн аҕалан суол хотоол сиригэр туруордум, тэһииммин иилэ быраҕан холбуу ыксары туттум, ити кэннэ ынах этэрбэһим төбөтүн иҥэһэҕэ угаат да, ат үрдүгэр биирдэ баар буола түстүм… Сиртэн сылгылаабыт, хара тураҕас Дьөһөгөйүм оҕото маҥнай утаа ыллык суолга ойоҕоһунан буола-буола атын аҕайдык чинэккэлээтэ, иннинэн-кэннинэн барбахтаата, таныыларын тыастаахтык тардырҕатан тыбыырбахтаата, онтон үүнүн ытыра-ытыра иннин хоту супту түһэн бөтөрөҥнөөн ылла, эмискэ чинэс гына-гына хаста да төхтүрүйэн ыллык кумаҕын өрө өрүкүтэн көппөрөҥнөөтө, ол аайы мин, тоҕо эрэ, ис-испиттэн сүргэм сүр күүскэ көтөҕүллэн тыастаахтык күлэбин…

– Аргый!… Аргый!.. Киһини эһээри гынныҥ дии!.. Тохтоо!.. Аргый!.. – тэһииммин күүскэ тарда-тарда аппын буойабын.

Лаайка биһигини күөйэ көтө сылдьан, тайаҕы хаайбыт ыт курдук, хаптайа-хаптайа үрэн ньаҕырҕаа да ньаҕырҕаа.

Суол кытыытыгар табыгыратан таһаартым кэннэ атым эмискэ тохтоон баран, ууттан тахсыбыт сылгы курдук эт-этин түөрэтин дьигиһитэн күүскэ илгистэн илигирэттэ уонна бэрт холкутук, умса нөрүйэн быалык оту сиэн тордурҕатан барда. Ити аата саҥа иччитин тургутан көрбүт быһыыта. Аны билигин кини мөхсүбэт.

Атахпар арыый уһунун иһин түһэммин иҥэһэлэр быаларын кылгатан биэрдим уонна хат миинэн баарыҥҥы сирбэр төннөн кэлэн, түспэккэ эрэ сугуннаах ыаҕайабын ситии быатыттан тутан ылаат, аппын эргилиннэри тардан отуубар айаннаттым…

Бэрт улгум сылгы буолан биэрдэ, урут ыырдамматах сирэ диэтэххэ, хайа салайарбынан барар, тиҥилэхтиир, соруйар киһи букатын көтүүнэн ойуох курдук, ону ыаҕайалаах сугунум тохтуо диэн ыксаппаппын, онто да суох бастакы омуммутугар иһиппитин иҥнэс гыннаран кыратык хорон ыллыбыт… Атым олоҕо үчүгэйэ сүрдээх, бэл сиэллэҕинэ да киһини сахсыйбат, отой устан иһэр курдук ууннарар. Сүрэхтээх-бэлэстээх сылгыта тута биллэр, ис-иһиттэн эрчимнээхтик күүскэ тэбинэн, иһэҕин буорун суол икки өттүгэр күдээритэр. Аҥаар илиибинэн тэһииммин ыксары тардабын, көҥүл ыыттым да аҥаардас атаранан, сыччах сэллэрбэнэн эрэ түһүөх курдук.

Өр-өтөр гымматым, Муосталаах эбэ үрдүк, туруору сыырын үөһэ кэлэн аппыттан ыстанным уонна сиэппитинэн сэрэнэн аллара түстүм. Өтөх саҕатыгар үүммүт бөдөҥ бэстэр быыстарынан дьиэҕэ чугаһаабыппар, Тэрии ыта Соҕотох таба көрөн үрэ-үрэ сүүрэн кэлэн сытырҕалаамахтаата, тула көтө сылдьан эккэлээтэ; эдэр ыт, Лаайканы кытары түҥнэритэ көтүһэ оонньоото…


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 13 14 15 16 17 18 19 20 21 22 23 24 25 26 27 28 29 30 31 32 33 34 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации