Текст книги "Биһиги Аан Дархаммыт"
Автор книги: Василий Егоров
Жанр: Биографии и Мемуары, Публицистика
Возрастные ограничения: +16
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 11 (всего у книги 40 страниц) [доступный отрывок для чтения: 13 страниц]
ГКЧП
Туох эрэ имнэммитин курдук эмискэ уһуктан кэлбитэ, хос иһэ барык-сарык хараҥа этэ. Оронугар олоро түһэн түннүк сабыытын сэгэтэн көрбүтэ. Москва намыһах халлаана былытыран эбии намтаабыкка, ыаһырбыкка дылы буолан боруоран көстөрө. Саҥардыы алта чаас буолан эрэрэ. Дьокуускайга билигин күн ортото, үлэ-хамнас үгэнэ.
Сарсыарда аайы сонуну истэр үгэһинэн, телевизорын холбообута. Диктор хойуу сөҥ куолаһа эҥсиилээхтик дуорайан, ураты суолталаах сонуну иһитиннэрэн эрэрэ. Хайдах эрэ этин сааһа аһыллан, дьиксиммиттии, болҕойон истибитэ. М. С.Горбачев ыалдьыбытын, ГКЧП тэриллибитин, дойдуга ыксаллаах быһыы-майгы биллэриллибитин туһунан диктор дорҕоонноох саҥата, иһийбит чуумпуну дьигиһитэн, дуорааннанан иһиллибитэ.
Михаил Ефимович, истибитин итэҕэйбэтэхтии, экрантан хараҕын араарбакка, диктор салгыы тугу этэрин истэ олорбута. Эмискэ төлөпүөн тыаһа өрө тырылыы түспүтэ. Саха сирин правительствотын бэрэссэдээтэлэ Климент Егорович Иванов эмиэ соһуйбут, өрүкүйбүт куолаһа иһиллибитэ. Хайалара даҕаны тугу да өйдөөбөтөҕүн, туох эрэ бөрүкүтэ суох дьыала тахсыбытын сабаҕалаан кэпсэппэхтии түһээт, Михаил Ефимович:
– Климент, эн Үрүҥ дьиэҕэ бараҥҥын депутаттаргын бул, уопсай быһыыны-майгыны билэ сатаа. Мин маннааҕы дьоммунуун Кремльгэ барыам, телефоннаһа, билсэ сылдьыахпыт. Чэ, көрсүөххэ диэри, – диэн дьаһал биэрбитэ.
Онтон тута правительство бэрэссэдээтэлиттэн саҕалаан солбуйааччыларыгар барыларыгар эрийтэлээбитэ да, ким да хоруйдаабатаҕа. Кэмниэ-кэнэҕэс биир көмөлөһөөччүгэ тиийбитигэр, «все нормально, соблюдайте спокойствие» диэн баран туруупканы ууран кэбиспитэ. Салгыы эрийэн, икки-үс референтэн эмиэ итинник хоруйдары истэн, төлөпүөнүнэн ыйыталаһан туһа тахсыа суоҕун билбитэ. Инньэ гынан атын республикалар салайааччыларын кытта сибээстэһэн (анарааҥҥылар эмиэ тугу да билбэт этилэр), сорохторун кытта бииргэ түмсэн Кремльгэ тиийбиттэрэ. Кылгас соҕустук дьуһуурунай сэкирэтээри кытта мөккүһэ түһээт, ССРС Верховнай Советын Президиумун бэрэссэдээтэлигэр Лукьяновка көтөн түспүттэрэ. Анатолий Иванович, сиһилии да буолбатар, саатар таайтара соҕус, туох быһыы-майгы буола турарын иһитиннэриэ диэн эрэҥкэдийэ санаабыттара. Ону баара Лукьяновтара Михаил Сергеевич кэлин кэмҥэ олус күүскэ үлэлээн сылайбытын, ыалдьыбытын туһунан эҕэлээх, элэктээх соҕустук уһуннук уһааран дойҕохтообута. Кэлэйэн, чуут аанын хайа быраҕа сыһан тахсыбыттара.
Михаил Ефимович Постпредствоҕа төннөн иһэн көрдөҕүнэ, уулуссаҕа сарсыарда эрдэ элэҥ-сэлэҥ көстөр тааҥка, бронетранспортер ахсаана элбээбит этэ. Саллааттары толору тиэммит бүрүөһүннээх массыыналар уһун холуонналарын аттынан ааспыта. Москваны сэрии дьонунан толорон эрэллэрин өйдөөбүтэ. «Переворот, переворот…» Суостаах-суодаллаах биир дьулаан тыл төбөтүгэр хам хатаммыта. Дьокуускайга туох буолан эрэрэ буолла… Дьиксиниилээх санаалар, сүрэх-быар аалыыта буолан, ааһан-араҕан биэрбэтэхтэрэ. Олохтоохтук бэлэмнэммит буоллахтарына, миэстэтигэр былаас хайыы-үйэҕэ байыаннайдар илиилэригэр киирбит буолуохтаах. ГКЧП састаабыгар ССРС оборонатын, Ис дьыалатын миниистирдэрэ уонна КГБ бэрэссэдээтэлэ мээнэҕэ киирбэтэхтэрэ чахчы.
Постпредствоттан Дьокуускайга төлөпүөннээбитэ, хата онно быһыы-майгы барыта оннунан этэ. Ким да былааһы ыларга соруна илигэ, ГКЧП-ны өйүөххэ айылаах ханнык даҕаны штаб миэстэтигэр тэриллибэтэх. Ол эрээри Москваҕа ГКЧП тэриллибитин, кини сыалын-соругун сөбүлүү истибиттэр суох буолбатахтара, өссө хаһыат, телевидение сорох суруналыыстара – дьаарай хомуньуус өттүлэрэ үөрэн ураатаабыт сурахтара иһиллибитэ. Ол да буоллар, үөһэттэн ыйыы-кэрдии кэтэһэ үөрэммиттэринэн, тугу гыныахтарын билиминэ күүтэн олорбуттара.
К.Е.Иванов сотору эмиэ Постпредствоҕа тиийэн кэлбитэ.
– Хайа, тугу билэн-көрөн кэллиҥ, кими эмэ көрүстүҥ дуо? – киһитэ, ыгылыйан, мэктиэтигэр тиритэ быһыытыйбытын көрөн, Михаил Ефимович, эгди гынардыы, холкутук ыйыппыта.
– Суох, доҕор, Үрүҥ дьиэҕэ кыайан киирбэккэ төннөн кэллим.
– Ноо, тоҕо?..
– Хас да кэккэнэн төгүрүччү байыаннайдар эргийэн кэбиспиттэр, – Климент Егорович сирэйэ-хараҕа турбут, өрүкүйбүт көрүҥнээҕэ.
– Тыый, кутталлаах дьыала буолбут дии.
– Ол аата, күүс өттүнэн былааһы ылаары гыннахтара.
– Байыаннай путч…
– Переворот буоллаҕа, – Постпредство дьиэтин иһигэр баар дьон бары аймалаһа түспүттэрэ. Салалта өттүттэн аҕыйах киһи бэрэссэдээтэл хоһугар киирэн суһаллык сүбэлэспиттэрэ.
– Дьокуускайбытыгар төннө охсуохха. Сибилигин сибээстэһэ сырыттым, билиҥҥитэ барыта этэҥҥэ курдук. Дьаһал кэтэһэ, муна-тэнэ олороллор.
– Хайдах дьаһанабыт?
– Тиийэн балаһыанньаны хонтуруолга ылыахха наада. Саха сиригэр ыксаллаах быһыыны киллэттэрбэт гына дьаһаныахтаахпыт. Эн биһикки сибилигин көтүөххэ, – Михаил Ефимович быһаарыныылаахтык Климент Егоровичка кэҕис гыммыта.
– Тиийиэхпитигэр диэри дьоммут тулуйаллара дуу?.. – Иванов тахсан иһэн саарыыр санаатын биллэрбитэ.
– Биһиги тиийиэхпитигэр диэри туох да дьаһалы ылынымаҥ, күүтүҥ диэбитим. Тулуһуохтара.
Аэропорка баран иһэн аара эмиэ тиһигин быспакка субуллар тааҥкалар, массыыналар холуонналарын көрсөн дьиксиниилэрэ улааппыта.
– Ок-сиэ, туох ааттаах улахан күүһүн мустахтарай? – Климент Егорович, бэркиһээн, баһын быһа илгистибитэ.
– Хайдах эмэ гынан хаан тохтуута эрэ тахсыбатар, – Михаил Ефимович, доҕорун тылын бигэргэтэрдии, үөһэ тыыммыта.
Москваттан Дьокуускайга диэри алта чаастаах айан хаһан да маннык бүтэр уһуга көстүбэттик уһаан-кэҥээн кэтэһиннэрбитэ суоҕа. «Москваҕа билигин туох эрэ буола турар? Хаан тоҕуннар эрэ, Гражданскай сэрии буолар кутталлаах. Норуот көҥүлүн саба баттаатахтарына, эмиэ репрессия, эмиэ тутуу-хабыы… Чилигэ Пиночет режимин курдук быһыы-майгы олохтонуон сөп. Ордук биһиги, кыралар, сорбут-муҥмут улаатыа турдаҕа… Тугу гыныахха, хайдах гынан ону тумнуохха?.. Ким өйүөй, хантан көмө көрдүөххэ?!»
Михаил Ефимович, мүнүүтэҕэ даҕаны санаата аралдьыйбакка, наар республикатын, норуотун алдьархай ааҥныыр түгэнигэр хайдах гынан быыһыыр, инники дьылҕатын быһаарар суолу саныы, толкуйдуу испитэ.
Сөмөлүөт, дойдутун чиҥ буоругар түһэн, бетон суол устун тилигирии, дьигиһийэ сүүрбүтэ. Михаил Ефимович, иннигэр күүтэр биллибэт моһоллору утары күөнтэһэр, туруулаһар халбаҥнаабат биир бигэ санааны ылынан, төрөөбүт Сахатын сиригэр эрэллээхтик үктэммитэ…
* * *
Сарсын оруобуна балаҕан ыйын ортото. Михаил Ефимович, түүн хойукка диэри кыайан утуйбакка, сарсыҥҥы быһаарыылаах күнү хайдах, туохтан саҕалыырын былааннаабыта. Кэмин мүччү тутумуохха наада, аһардыҥ да, кэлин тоҕоостоох түгэн тосхойоро биллибэт, тосхойуо да суоҕа.
Кини бу санааҕа кэлбитэ балай да ыраатта. Ол дьалхааннаах күннэр-түүннэр аймалҕаннара сыалай эпоха, систиэмэ уларыйыытынан, коммунизм империята сууллуутунан түмүктэммитэ. Бары Союзнай Республикалар бэйэлэрин туһунан көҥүл государстволарынан биллэрдилэр. Саҥа эпоха саҕаланна – сэбиэскэй кэннинээҕи кэм, туга-ханныга биллибэт, атыйахтаах уулуу аймаммыт будулҕан, аймалҕан, сүпсүлгэн, ыһыллыы-тоҕуллуу кэмэ. Уһун кэмнэргэ аан дойдуну бүтүннүүтүн иннин-кэннин хайан, бэйэтин өйүн-санаатын, быһыытын-майгытын атыттарга соҥнуу сатаан, күүһүнэн-уоҕунан өттөйө, күөнтэһэ-күөмчүлэһэ олорбут улуу государство аны суох…
Россия бэйэтэ туһунан государство буолла эрээри, күүһэ-уоҕа өһүллэн, эмиэ хаһан баҕарар дьалкыҥнаан, быгыахтаан барыах иэмэ-дьаама биллибэт саараҥ турукка киирэн олорор. Сэбиэскэй Союз уһун кэмҥэ үлүмнэһэн муспут барҕа баайын-дуолун республикалар бары үллэстэн, үптээх ампаардарыгар чып хатанан кэбистилэр. Арай биһиги, автономиялар, туга да суох, кур бэйэбит кубулуйбакка, Союз баайыттан туохха да тиксибэккэ, олорбутунан Россия састаабыгар хааллахпыт. Ол гынан баран биһиэхэ хаалбыт улахан баай тэрилтэлэри барыларын кэриэтэ урут Союз бас билэн олорбута. Билигин Союз суох, онон биһиги бас билиибитигэр киирэн, кинилэр баайдара эмиэ биһиэнэ буолуохтаах. Маны Россия билиммэтэ чуолкай, барытын бэйэтигэр ылыаҕа. Оччоҕо аны конфликт, атааннаһыы тахсарыгар тиийэр, онно тиэрдэр сатаммат. Биһиги, Россия иһигэр сувереннай государство буоларбыт быһыытынан, баайбытын бэйэбит бас билиэхтээхпит, Россияны кытары хардарыта барыстаах дуогабарга олоҕуран бииргэ сайдыахтаахпыт. Ол туһунан былырыын Ельцин бэйэтэ 1990 сыл ахсынньы 29 күнүгэр республика Үрдүкү Сэбиэтин мунньаҕар этэн турар: «Дальнейшие отношения с самостоятельной республикой будем строить на основе Договоров, на основе взаимовыгодных отношений». Бу Саха сирэ түөрт үйэ кэриҥэ кэм усталаах-туоратыгар Россияны утары хаһан да үрүҥ хараҕын өрө көрбөтөх бэйэтэ аан бастаан кини аҕа баһылыгыттан – бастакы президениттэн истибит тыллара. Ол ураты күн республика үрдүнэн дуораһыйбыт дорҕоонноох тыллар мээнэҕэ этиллибэт сүдү суолталарын Ельцин бэйэтэ билинэн бэлиэтээн эппитэ: «Ситуация, конечно, совершенно необычная. Мы начинаем такие отношения впервые». Чахчы, биһиги дойдубут, омукпут историятыгар хаһан да иһиллибэтэх улуу этии – саха өрөгөйө үүммүт күнэ этэ ол күн. Ону, куруук буоларыныы, иһин-таһын ырыҥалаан өйдөөбөккө, суолта биэрэн сыаналаабакка хаалбыппыт. Ол этии дуораһыйбыта сылын туолуо өссө да тэйиччи кэмэ этэ. Онон суолтата сүтэ илигэ. Эстибит Союз баайын үллэстии, бас билии иһин киирсии тыҥааһыннаах кэмин мүччү туппакка, республика бэйэтин сиригэр-уотугар хостонор сирин баайын бэйэтэ бас билэрин быһыытынан, мантан инньэ алмааһын, көмүһүн ССРС Минфинигэр уонна Гохраныгар ыытарын тохтотуохтаах. Санаан да көрдөххө, Союз эһиннэ да, бу тэрилтэлэр билигин суохтар. Ону Россия өйдүөхтээҕэ, инникитин баайы-дуолу тыырсыыга хардарыта өйдөһүү, сөбүлэһии суолун тутуһуохтааҕа. Күүс өттүнэн бүтүннүүтүн бэйэтигэр ылар кыаҕа да, бырааба да оччотооҕуга суоҕа.
Итини барытын эргитэ санаан, кэлин тугунан чаалыйан тахсыахтааҕын толкуйдаан, ыараҥнатан баран, биир бигэ быһаарыныыны ылыммыта – сарсын телеграмма ыытарга.
Сарсыныгар РСФСР президенэ Б. Н. Ельциҥҥэ аадырыстаан, 1991 сыл балаҕан ыйын 15 күнүттэн ыла Саха сирэ ССРС Минфинин уонна ССРС Гохранын аатыгар алмааһы уонна кыһыл көмүһү ыытарын тохтотор диэн ис хоһоонноох маннык телеграмма тиэкиһин суруйан бэлэмнээбиттэрэ:
«Президенту РСФСР Б.Н.Ельцину
По результатам работы внеочередного съезда народных депутатов СССР на основе Указа Президента РСФСР об обеспечении экономической основы суверенитета РСФСР VII сессия Верховного Совета Якутской-Саха ССР объявила собственностью республики предприятия союзного подчинения, в том числе алмазодобывающей промышленности.
С 15 сентября 1991 года прекращается отгрузка в Минфин, Гохран СССР золота и алмазов. С учетом исключительной значимости данного вопроса просим ускорить разработку Российским правительством предложений о дальнейших взаимоотношениях с республикой.
Председатель Верховного Совета
Якутской-Саха ССР М.Е.Николаев».
Тиэкиһи Миниистирдэр Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ К. Е. Иванов, «Якутзолото», «Якуталмаз» производственнай холбоһуктар генеральнай дириэктэрдэрэ Т. Г. Десяткин уонна В. В. Пискунов мэктиэлээбиттэрэ. Телеграмма Москваҕа Саха республикатын Үрдүкү Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Михаил Николаев илии баттааһыннаах барбыта.
Телеграмманы ыытан баран К. Е. Ивановтуун, күннээҕи үлэ түбүгүн-садьыгын быһаарса, киэһэ хойукка диэри олорбуттара. Аллара түһэн дьиэ-дьиэлэригэр арахсаары туран, Климент Егорович эмискэ ыйыппыта:
– Михаил Ефимович, куттаммаккын дуо, баҕар, сарсын үлэбэр суохпун көрөн дьонум соһуйуохтара-уолуйуохтара диэн?
Кини, төһө да көр-күлүү курдук ыйыппытын иһин, хараҕар дьиксинии, сэрэхэдийии күлүгэ көстөрө. Михаил Ефимович тутатына хоруйдуу охсубатаҕа. Балачча саҥата суох кирилиэстэн иннин хоту куоратын киин болуоссатын үрдүнэн анааран турбахтаан баран эрэллээхтик хардарбыта:
– Урукку буолбатах. Билигин атын кэм.
Массыынаҕа олорон айаннаан иһэн, оччотооҕу быһаарыылаах күн түмүктэнэн эрэр күһүҥҥү барыамах киэһэти-гэр, уруккуну-хойуккуну кытта билиҥҥи кэм уратыларын тэҥилии тутан, үгүһү-элбэҕи эргитэ саныы испитэ…
Саха сирэ хаһан да бэйэтин баһын бэйэтэ бас билиммитэ суоҕа. Сааһын тухары Россия Эбэ хотуҥҥа дьаһаах төлөөччүнэн, сирин баайынан самалык дойду буолан олорбута. Оттон билигин модун систиэмэни, уруккуттан олохтоммут киин уонна кырыы сирдэр сыһыаннарын утары барда.
Оччолорго кини бу түбэлтэ тугунан түмүктэниэҕин билэр кыаҕа суоҕа. Климент Егорович дьиксиниитэ мээнэҕэ буолбатаҕа. Кырдьык, хайа баҕарар өттүнэн күүһү туттуохтарын сөп этэ. Арай биири кини чопчу билэрэ – хорсун хардыы булгуччу оҥоһуллуохтааҕа. Кэм-кэрдии уларыйар. Ону сэргэ Саха сирэ Москваны кытта саҥалыы сыһыаны олохтуур кэмэ эмиэ кэлбитэ.
Кэлин билбитэ, Россия былааһын сорох бэрэстэбиитэллэрэ Саха сирин алмааһын уонна көмүһүн күүс өттүнэн былдьыырга этии киллэрэ сылдьыбыттар. Ону Ельцин, сахалар Россияны ыһар буолбакка, бөҕөргөтөр баҕалаахтарын чахчы билэр, эрэнэр буолан, «Не трогайте Якутию!» диэн кытаанахтык эппит сураҕа иһиллибитэ. Ханныгын да иһин Россия Ельцин мындыр быһаарыытынан хабыр сыһыан оннугар сиэрдээх хардыыны оҥорбута.
1991 сыллаахха ахсынньы 11 күнүгэр Россия президенэ «О полномочиях Якутской-Саха ССР в распоряжении природными ресурсами республики» диэн уураах таһаарбыта.
Уураах илии баттаныан иннинэ Михаил Ефимович Ельциҥҥэ Саха сирэ Россияны өйүүрүн бэлиэтигэр «Свободная Россия» диэн ураты бэлиэ алмааһы туттарбыта. Бу Россия Гохраныгар бастайааннай хараллыыга киирбит, кини хааһынатын бастакы алмааһа этэ.
Ол бэлиэ күнтэн ыла Саха сирэ алмааһы уонна кыһыл көмүһү Кииҥҥэ, аны Россия фондатыгар, ыытарын саҥаттан саҕалаабыта.
1991 сыллаахха ахсынньы 20 күнүгэр Саха республикатын бастакы президенин талыы быыбара ыытыллыбыта. Быыбар саҕана республика нэһилиэнньэтин уопсай ахсаана 1 мөлүйүөн 100 тыһыынча кэриҥэ киһи этэ. Куоластааһыҥҥа быыбардааччылар уопсай ахсааннарыттан 74,9 %-ра кыттыбыта. Быыбар хампаанньатын түмүгүнэн, М. Е. Николаевка 385715 киһи, ол эбэтэр быыбардааччылар 76,6 %-ра, куолаһын биэрэн, эрэллээх кыайыыны ситиспитэ.
Россия президенэ Б. Н. Ельцин М. Е. Николаевы быыбарга кыайыытынан истиҥник эҕэрдэлээбитэ: «Ваша убедительная победа на выборах свидетельствует об одобрении гражданами республики политического курса, который Вы проводите в жизнь, о признании Ваших заслуг в деле вывода республики из глубокого кризиса на путь цивилизованного и прогрессивного развития».
1991 сыл ахсынньы 27 күнүгэр республика Үрдүкү Сэбиэтин уочарата суох үөрүүлээх мунньаҕар М. Е. Николаев президент дуоһунаһыгар киириитэ бэлиэтэммитэ. Мунньахха Үрдүкү Сэбиэт государственнай суверенитеты биллэриинэн саҕалаабыт политическай курсун республика гражданнара өйүүллэрэ бэлиэтэммитэ. Саха сирэ Россия биир сомоҕо буолуутун өйүүрүн, президент былааһа экономиканы реформалааһын, нэһилиэнньэ социальнай өттүнэн көмүскэллээх буолуутун, гражданскай эйэ уонна нациялар икки ардыларынааҕы туруктаах сыһыан мэктиэтинэн буолуохтааҕын туһунан этиллибитэ. Эмиэ ити сессияҕа Саха Сэбиэскэй Социалистическай Республикатын Саха Республиката диэн уларытар туһунан Үрдүкү Сэбиэт уурааҕа тахсыбыта.
Михаил Ефимович кэлин санаатаҕына, быыбарга төһө да эрэллээхтик кыайбытын иһин, ону ситиһии олус судургута суох этэ. Ол курдук, холобур, быыбарга бэлэм саҕаланаатын аҕай кытта Ааллаах-Үүн шахтердара биһиги Николаевы билбэт киһибит диэн кинини өйүүр инициативнай группаны тэрийэртэн аккаастанар сурахтара иһиллибитэ.
Маҥнайгы быыбар хампаанньата кини үлэтин хайысхатын саҥалыы көрөрүгэр-сыаналыырыгар, политикатын сорох өрүттэрин, үлэлиир ньыматын уларытарыгар үгүс өйү-санааны сахпыта.
Ол күннэргэ кини киэҥ нэлэмэн Сахатын сирин устун хаһан да сылдьыбатаҕын сылдьыбыта, нэһилиэнньэни кытта сиһилии билсибитэ, кэпсэппитэ. Бэйэтин биир дойдулаахтарын кытта көрсүһүүлэригэр Михаил Ефимович кинилэри, быыбардааччылар эрэ быһыытынан буолбакка, бэйэтин өйүн-санаатын иҥэрэр, көҕүлүүр, батыһыннарар биир өйдөөхтөрүн-санаалаахтарын курдук көрөн сыаналаабыта уонна билигин оннук сыаналыыр даҕаны. Онно республиканы уураахтарынан, дьаһалларынан салайыахха сөбүн, оттон норуоту оннук салайар табыллыбатын бигэтик өйдөөбүтэ. Норуот уопсай сыалы-соругу ситиһиигэ, уопсай дьыалаҕа бэйэтин салалтатын кытта бииргэ союзник быһыытынан үлэлэһиэхтээх.
Быыбар хампаанньатын кэмигэр кини үгүс быыбардааччыны бэйэтин соратниктарын курдук өйгө-санааҕа киллэрэри ситиспитэ. Онтон ыла үлэтин кэмин үстэн биирин улуустарга сылдьан үлэ кэлэктииптэрин, нэһилиэнньэни кытта көрсүһүүлэргэ аныыр буолбута. Республика салалтата төһөнөн норуоту кытта алтыһар, үлэтин-хамнаһын сыалын-соругун дьоҥҥо быһаччы өйдөтөр-быһаарар, норуот кини дьаһалын төһөнөн ылынар, өйүүр да, соччонон кини үлэтин көдьүүһэ улахан буолар.
* * *
1992 сыл үгүс түбүктэрдээх саҕаламмыта. Россия Үрдүкү Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Руслан Хасбулатов кэлэн биһиги дойдубутун, сирбитин-уоппутун көрөн барбыта. Кини эмиэ Михаил Николаев көҥүл экономиканы туруулаһар политикатын өйөөбүтэ. Саха сиригэр алмаас-бриллиант комплексын промышленноһа сайдыытын төрүөтүнэн буолбут «Алмазы России-Саха» (АЛРОСА) компанияны тэрийии, онуоха Ельцин илии баттааһыннаах Уураах тахсарын бэлэмнээһин уустук үлэтин ыытыы элбэх сыраны-сылбаны ылбыта.
Ол эрээри Михаил Ефимович сүрүн болҕомтотун Саха сиригэр ураты суолталаах икки улахан докумуону бэлэмнээһиҥҥэ уурбута – Федеративнай дуогабарга уонна экономикаҕа Россия уонна Саха сирин икки ардыларыгар Сөбүлэһии боппуруостарыгар.
Федеративнай дуогабар суолтатын, олоххо киириэхтээҕин туһунан Россия уонна республикалар салалталарын кытта кэпсэтиһии, өйдөтүү үлэтин Михаил Ефимович өссө 1990 сыллаахтан ылата сыралаһан ыыппыта. Маннык дуогабар оҥоһуллар эрэ түбэлтэтигэр Россияны үрэллии-ыһыллыы куттала тумнуохтааҕа, кини норуоттара көҥүл сайдыахтаахтара. Федеративнай дуогабарга илии баттааһыҥҥа бэлэмнэнии үлэтин тыҥааһына урут олоххо киирбэтэх Союзнай дуогабары илии баттааһын саҕанааҕы кэмтэн туох да уратыта суоҕа. Докумуоҥҥа илии баттаһыы суолтата улаханынан туһанан сорохтор бэйэлэригэр барыстаах өттүн туруорса сатаабыт түбэлтэлэрэ эмиэ баара. Биллэрин курдук, Ельцин оннукка киирэн биэрбэтэҕэ, субъектары кытта сыһыан араас уустук көрүҥнэриттэн толлубатаҕа. Саха Республиката государственнай суверенитет туһунан Декларацияҕа олоҕурбут дьиҥнээх федерализм идеятын киллэрбитэ.
1992 сыл кулун тутар 31 күнүнээҕи сааскы чаҕылхай күн – Россия уонна Саха сирэ түөрт үйэ кэриҥэ бииргэ сыһыаннаһыыларын историяларыгар хаһан да ситиһиллибэтэх иллээх хардарыта өйөһүү, өйдөһүү, көҥүл сайдыы суолугар бииргэ үктэммиттэрин туоһулуур ураты күн. Билиҥҥи кэм тосту уларыйыылаах уустук туругар тэҥнээтэххэ, уон биэс сыл анараа өттүнээҕитэ буолан ааспыт сырдык халлааннаах ол ыраас күн бүгүҥҥүбүтүттэн төһө да улахан уратылааҕын иһин, оччолорго Россия государствота дьиҥнээх федерализм суолугар аан бастаан үктэнэ сылдьыбыт чахчы историческай сабыытыйанан буолбут кэмин ама ким мэлдьэһиэй? Бу улуу суолталаах сабыытыйа олоххо киириитин маҥнайгынан көҕүлээбит, улаханнык сыралаһан турууласпыт Саха сирин делегациятын баһылыга Михаил Николаев улууканнаах ситиһиитэ этэ.
Ол күн сарсыарда үлэ чааһа саҕаланыаҕыттан Россия салалтатын Сөбүлэһии докумуонун бэлэмниир бөлөҕүн кытта мөккүөрдээх үлэ саҕаламмыта. Ордук икки сүрүн боппуруоска. Бастакытынан, субъектар статустара, Россия Федерациятын иһигэр киирэр республикалар государство быһыытынан билиниллиэхтээхтэрэ. Иккиһинэн, сир-уот, уу, тыа, көтөр-сүүрэр, хостонор баай барыта республикалар истэригэр олохтоох норуоттар уопсай бас билиилэрэ буолуохтааҕа.
Бу уларытыылары киллэрэртэн, дуогабары саҥалыы бэчээттииртэн боротокуоллуур сулууспа кыккыраччы аккаастанан кэбиспитэ. Дьэ манна саҕаламмыта Кремль чиновниктарыгар быһаара, өйдөтө сатаан, кинилэри кытта иэмэх мастыы эрийсии диэн. Сорох түгэннэргэ куолаһы кытаатыннарыы, дьиппиэнник кэпсэтии түбэлтэлэрэ кытта тахсыталаабыттара. Кэмниэ-кэнэҕэс, төһө да сөбүлээбэтэллэр, син докумуоҥҥа уларытыылары киллэрэргэ күһэллибиттэрэ. Уларытыллыбыт докумуоннарын туппутунан Михаил Ефимович тута Ельцин кабинетыгар дьулуспута. Сөбүлэһиигэ илии баттаһыы церемониятын саҕаланара аҕыйах мүнүүтэ хаалбыта…
Борис Николаевич, церемонияҕа тахсаары бэлэмнэнэн, докумуон көннөһүллэ илик варианын илиитигэр тутан олороро.
– Что, какие-то изменения? – Михаил Ефимович докумуоннаах паапкатын туппутунан өрүкүйбүт көрүҥнээх киирэн кэлбитигэр, өтө көрбүттүү, ыйыта тоһуйбута.
– Борис Николаевич, появились некоторые уточнения и дополнения. Все обговорено с рабочей группой.
Ельцин докумуону ылан уларытыылары, эбиилэри сирийэ көрөн баран, Михаил Ефимовичка утары эргиллэн, биллэ-биллибэт күлүм аллайбыта:
– Полный федерализм?.. Без самоопределения, как Вы тогда сказали, неполная симфония? – кыһын Саха сиригэр кэлэ сылдьан кэпсэтиилэрин санатан, күлэн ылбыта. – Ну что ж, я поддерживаю Вас.
Михаил Ефимович, Ельцин кабинетыттан кынаттаммыт кэриэтэ тахсан, Георгиевскай саалаҕа киирбитэ, делегация-лар хайыы-үйэҕэ миэстэлэрин булуммут этилэр. Саха сирин Үрдүкү Сэбиэтин бэрэссэдээтэлин таһыгар тиийэн олоруор диэри кэтэһэн олорооччулар бары кини хас хардыытын, хамсаныытын чинчилиирдии, кэнниттэн батыһа көрөн хаалбыттара.
Климент Егорович ыгылыйбыт, долгуйбут көрүҥнээҕэ. Буолумуна, Россия президенэ субу киириэхчэ киириминэ турдаҕына, Николаев бэйэтэ да, дуогабар докумуона даҕаны суоҕа. Ол эрээри киһитэ кэлэн олорбутугар тута саба түһэн ыйыталаһа, туоһулаһа барбатаҕа. Арай кини сирэйин-хараҕын эрэ чинчилиирдии одууласпыта. «Үчүгэй, Ельцин сөбүлэстэ», – диэн сырдык мичээринэн сипсийбитигэр чэпчии түспүтэ.
Аҕыйах мүнүүтэнэн бигэ-таҕа көрүҥнээх Ельцин эрчимнээхтик туттан-хаптан киирэн кэлбитэ. Туораттан көрөргө, кырдьык даҕаны, тойон-хаан, астык көрүҥнээх киһи холку чаҕаан куолаһынан хас биирдии тылын чуолкайдык тоһоҕолотолоон, умнуллубат историческай этиитин өлбөт-сүппэт тылларын эппитэ:
– Россия үрэллэр кутталга киирбит саамай быһаарыылаах кэмигэр биһиги бары түмсэн, өйбүт-санаабыт күүһүнэн эппиэтинэстээх, мындыр буолуу суолун талан, бу кутталы туораттыбыт. Бүгүн биһиги сүүһүнэн сыллары бииргэ олорон кэлбит норуоттарбытыгар, бүгүҥҥү гражданнарбытыгар, бүтүн аан дойду сообществотыгар этиэх тустаахпыт: биир ньыгыл Россия баара, баар, баар буолуо даҕаны.
Биһиги хаһан да бүгүҥҥү уонна кэлэр көлүөнэлэр иннилэригэр иэстээх буолуу ирдэбилиттэн туора турбатахпыт. Федеративнай дуогабарга илии баттааһынынан хас биирдиибит биһиги норуоттарбыт Россияны сомоҕолуур, кини духуобунай баайын, аан дойду сообществотыгар ураты миэстэтин көмүскүүр баҕалаахтарын туоһулуубут. Уонунан сыллар усталарыгар салҕаммыт күүс өттүнэн күөмчүлээһин биһиги норуоттарбытын хаһан да араартаабатаҕа, кинилэр биир дойдуга сомоҕолоһон олорор баҕаларын уҕарыппатаҕа…
Ельцин күүстээх модун куолаһа Георгиевскай саала киэҥ уораҕайын бүтүннүү киэптээн дуораһыйарга дылыта. Кини хас этэр тыллара Михаил Николаев олоҕун устата иитиэхтээн, туруулаһан кэлбит өйүн-санаатын бүтүннүү сайа этэллэрэ. Бэйэтэ да билбэтинэн, Россия президенин өйгө-санааҕа иҥэр дириҥ эҥсиилээх этиитин хас түһүмэхтэрин аайы, истиҥ сөбүлэҥин биллэрэн, төбөтүн кэҕиҥнэтэрэ.
– Биһиги Россия норуоттарын икки ардыларыгар сыһыан хамаанданан, күһэйиинэн буолбакка, хардарыта туһалаах көҥүл хайысханан сайдарыгар баҕарабыт.
Ол умнуллубат өрөгөйдөөх күн Үрүҥ дьиэ улахан саалатыгар Россия уонна Саха сирин делегацияларын чилиэттэрэ бары мустан олороллоро. Борис Николаевич иннигэр Россия уонна Саха сирин правительстволарын икки ардыларыгар экономика боппуруостарыгар Сөбүлэһии икки вариана сытара. Кини, улахан историческай суолталаах түгэн тосхойбутун бэлиэтиирдии, тиэтэйбэккэ, бэрт дьоһуннаахтык туттан-хаптан кириэһилэтигэр олорбута. Иннигэр сытар кыһыл тастаах икки докумуонтан биирдэрин ылан бытааннык арыйбыта.
– Бу докумуону кытта Николаев сөбүлэһэр, – этиитигэр улахан суолта биэрэн чиҥэтэрдии, балай да тохтуу түһэр. – Оттон атыттар утарылар.
Россия делегациятын чилиэттэрэ сөбүлэһэллэрин биллэрэн кэҕиҥнэһэ түһэллэр. Ельцин маҥнайгы докумуонун илиититтэн ыһыктыбакка олорон, остуолга сытар иккис вариант диэки кэҕис гынар.
– Оттон бу докумуону кытта бары сөбүлэһэллэр, – эмиэ чочумча тохтуу түһэр. – Но Николаев утары.
Михаил Ефимович саҥата суох эмиэ кэҕис гынар.
Ельцин ымыр да гыммакка, сирэйигэр биир тымыр хамсаабакка дьиппиэрэн олорон, тутан олорор биһиэннэрин варианын оччотооҕута сыаналаах металлар уонна күндү таастар Государственнай комитеттарын бэрэссэдээтэлигэр Бычковка саҥата суох туттаран кэбиһэр. Анарааҥҥыта сиэбиттэн кыһыл көмүс бөрүөлээх уруучукатын таһааран докумуоҥҥа бэйэтин көннөрүүлэрин киллэрээри гынан эрдэҕинэ, Ельцин, мырдыс гына түһээт, саала иһинээҕи дьон бары ходьох гына түһүөхтэригэр диэри, дьиҥнээх нуучча бухатыырыныы, тойон-хаан куолаһынан суостаахтык ордоотоон кэбиһэр:
– Ити мин экземплярым, тыыппаккар көрдөһөбүн! Эн виза эрэ туруорарыҥ наада.
Бычков, дьэс алтанныы кытаран хаалан баран, тугу гыныан билбэккэ, Россия президенин диэки көрбөхтүүр, онтон президент кини тутан турар докумуонун супту көрөн олорор сымара таас курдук дьиппиэн көрүҥүттэн саллыбыт быһыынан түргэн үлүгэрдик бастакы вариаҥҥа илии баттыы охсон кэбиһэр.
Россия делегациятын чилиэттэрэ саҥата суох бары сирэй-сирэйдэрин көрсөн кэбиһэллэр. Оттон правительство бэрэссэдээтэлин эбээһинэһин толорооччу Егор Гайдар биллэр-биллибэттик саннын эрэ ыгдах гыннаран ылбыта. Докумуоҥҥа салгыы аахпакка эрэ саҥата суох Россия Государственнай сэкирэтээрэ Бурбулис, Россия үбүн миниистирэ Барчук визаларын туруораллар.
Докумуону мэктиэлээһин бары сиэрэ-туома сиппитин кэннэ Ельциҥҥэ төттөрү аҕалан биэрэллэр. Борис Николаевич, паапканы астыммыттыы илиитигэр ылан дьонун илии баттааһыннарын сирийэ көрбөхтүү түһээт, илии баттаан адаарытан кэбиһэр. Сахатын сирин норуоттарыгар күндү кылаакка холоонноох сүдү докумуону туппутугар Михаил Ефимович илиитэ хамсаабатаҕа эрээри, сүрэҕэ мөҕүллэҥнээн ылбытын билбитэ.
Олохпут историятыгар Россия государствота аан маҥнай Саха сирэ көҥүл экономикалаах буолуутун билинэр, сокуонунан бигэргэммит докумуонугар республика бастакы президенэ ырылхайдык илии баттаабыта.
1992 сыл кулун тутар 31 күнэ – бу республика олохтоохторун күннэрэ тахсыбыт, күөнэхтэрэ күөрэйбит, өрөгөй талааннара үүммүт күнэ этэ. Бу күн Федеративнай дуогабары сэргэ өссө Россия уонна Саха сирин правительстволарын икки ардыларыгар экономика боппуруостарыгар хардарыта Сөбүлэһиигэ илии баттаспыттара.
Бу Сөбүлэһии быһыытынан, Саха Республиката сирин баайыттан бэйэтигэр ботуччу соҕус өлүүнү тыырсан илдьэ хаалар бырааптаммыта. Ол курдук, 11,5 %-ны кыһыл көмүстэн, 20 %-ны алмаастан, 100 % техническэй алмааһы. Ону таһынан республика алмааһы батарыыттан ылыллар валюта 45 %-нын ылар буолбута, оттон Саха сиригэр хостонор кыһыл көмүс валютаҕа турар сыанатын 25 %-нын илдьэ хааларбыт. Экспорка тахсар атын баайбыт (таас чох, мас, түүлээх, о. д.а.) валютатыттан 75 % хаалларар буолбуппут. Элбэх омуктаах Саха сирин норуоттара олохторун-дьаһахтарын бэйэлэрин өйдөрүнэн, дьоҕурдарынан оҥостоллоро, инники дьылҕаларын хаһаайынынан буолар бырааптара суут-сокуон хараҕынан бигэргэммитэ.
Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?