Электронная библиотека » Василий Егоров » » онлайн чтение - страница 6


  • Текст добавлен: 5 апреля 2023, 13:21


Автор книги: Василий Егоров


Жанр: Биографии и Мемуары, Публицистика


Возрастные ограничения: +16

сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 6 (всего у книги 40 страниц) [доступный отрывок для чтения: 13 страниц]

Шрифт:
- 100% +

– Ити саарбах легендалар, тупсаран тугу баҕарар кэпсиэххэ сөп, – Куодайыысап соччо сэргээбэтэх быһыынан уоһун уһугунан эмиэ эҕэлээхтик ымах гынна.

– Бээ-бээ, тохтоо, легенда эрэ буолбатах. Таба ойуута скифтэр искусстволарыгар кытта баар, буолаары буолан халлаан көтөрдөрүн үөһээ өттүлэринэн ойууламмыт. Ол аата итэҕэл бэлиэтэ – халлаан табата буолар. Украинаҕа, нууччалар олорор киин уобаластарыгар таба ойуута прялкаларыгар, соттордоругар, куопсуктарыгар хайа да уруһуйдардааҕар хойуутук көстөр эбит.

– Муодатыын, доор, дьиҥинэн ынах-сылгы сүөһүгээ сүгүрүйүөхтэрин сөпкө дылы эбиит.

– Сөпкө этэҕин, киһи эрэ муодаргыан курдук. Ол аата, дьон, бэйэлэрэ да билбэттэринэн, эттэригэр-хааннарыгар иҥэн хаалбыт өйдөбүлүнэн, былыргы өбүгэлэрин үгэстэрин хатылыыллар эбит. Дьиктитэ диэн баар, омук-омук бэйэ-бэйэлэриттэн тутулуга суох халлаан табата итэҕэллээхтэрэ кинилэр художественнай уобарастарыгар көстөр.

– Дьээ дьиибэ диэтэҕииҥ.

– Онон маннык түмүгү оҥорор, – Дьөгүөр, истээччилэрэ болҕойоллорун курдук, сөмүйэтин чочоҥноппохтуур, – сүүһүнэн тыһыынча, мөлүйүөнүнэн сыллар усталарыгар биһиги түҥ былыргы өбүгэлэрбит бииргэ алтыһан, буккуһан олорбуттар уонна билиҥҥи өйдөбүлүнэн «киһи аймах уопсай сыаннастарын» үөскэппиттэр. Дьэ хайдаҕый?

Дьөгүөр, дьоно тугу этэллэрин кэтэһэн, иккиэннэрин диэки хардарыта көрбөхтөөтө. Балай да саҥа суох буолла. Куодайыысап, истибэтэх курдук, дьиэ үрдүн одуулаһан мэндээриччи көрөн сыппахтаат, аахайбатахтыы хардарда:

– Киһи үөскээһинин теориятыгар ити туох сыһыаннаах үһүө?

– Дьэ сыһыаннаах, доҕор. Ол аата, муус үйэ кэмигэр дьон хотуттан соҕуруу диэки сыҕарыйан испиттэрэ дакаастанар. Оттон уруккуттан биллэр теория быһыытынан, киһи аймах сылаас сиргэ Африкаҕа үөскээн баран, онтон Сир шарын бары өттүгэр тарҕаммытын туһунан этии манна сөп түбэспэтэ көстөр.

– Ноо, ол тугунан сөп түбэспэтиий? – аны Сэрэх Сэмэн тутуһардыы унаарытта.

– Тугунан диэтэххэ, Хотугу полушариеҕа Африкаттан төрүттээх киһи сылдьыбытын туоһулуур туох да суол-иис баччааҥҥа диэри көстө илик. Этэргэ дылы, соҕурууҥҥу киһи сыта да суох эбит биһиги дойдубутугар.

– Кырдьыга даа, туох кыһалҕаттан сылаас дойду киһитэ хоту талаһыа-ай? Арааһа, ити сөп этии быһыылаах.

– Буот, Сэмэн Ыстапаанабыс, сөптөөх түмүгү оҥордуҥ. Аны саамай интэриэһинэйэ диэн баар, ити таба, тайах культа, итиниэхэ маарынныыр итэҕэл, сиэр-туом, үгэс диэн биһиэхэ, сахаларга, хаһан да баар буола сылдьыбатах эбит. Ол туһунан ханнык даҕаны үһүйээммитигэр, олоҥхобутугар, былыргы сэһэннэрбитигэр ахтыллыбат.

– Кырдьыык даа оннук баара иһиллибэт ээ-э.

– Онон буоллаҕына, оччолорго биһиги бу дойдуга суохпут дакаастанан тахсар, биһиги өбүгэлэрбит ол кэмҥэ соҕуруу олорбуттар. Ити Михаил Ефимович иккис көтөҕөр боппуруоһа.

– Хантан кэлбиппит билигин даҕаны чуолкайдана илиик буолбаат?

– Манна хас да араас варианы, үгүс учуонайдар этиилэрин ырытар. Олортон, мин саныахпар, олох түҥ былыргы биис уустарыттан төрүттээхпит итэҕэтиилээх соҕус курдук. Генетиканы чинчийиинэн дьарыктанар сорох ааптардар этэллэринэн, сахалар геннэрэ европеоидтарга киирсэр курдук, төрүттэрбит арийдар буолалларын сабаҕалыыллар эбит. Нууччалар, индиецтэр, сахалар хааннарын састааба маарыннаһар өрүттээхтэрэ бэлиэтэммит.

– Көөр да, доор, дьиктии да буолар эбиит. Дьээ буолуо-буолуо, тыһыынчанан сыллар анараа өттүлэригэр араас буолуон сөп буоллаҕаа.

– Буот, Сэмэн Ыстапаанабыс итэҕэйдэ, оттон эн, доҕоор, хайастыҥ? – Дьөгүөр эдэр дьукааҕын тургутардыы үтэн-анньан көрдө.

Киһитэ, сөбүлээбэтэхтии, саҥата суох иэдэс биэрэн нөҥүө хайыһан сытта. Дьөгүөр кинигэтин салгыы арыйбахтаата.

– Аны кинигэбит үһүс боппуруоһа государственность үөскээһинин туһунан. Манна нуучча хаһаахтара Саха сирин хаһааҥҥыттан билэн-көрөн кэлбиттэриттэн саҕаланар.

– Ээ, ол судаарыстыбаннас туһунан ханна эрэ аахпытыым, итиннэ мин биири сөҕө саныырдаахпын. Ити Маһары диэн Бөдьөкө уола Тыгын сиэнэ буоллаҕаа дии. Көөр, бу киһииҥ аҕатын, эһэтин хаһаахтар өлөрбүттэрин өстүйэн иэстэһэр эбэтэр көп түгэх түһэр майгыны тутуспакка кинилэри кытта өйдөһөөн, биир тылы булсан өссө икки төгүл соҕуруу ыраахтааҕыны тиийэн көрсүбүтээ баар ээ, киһи сатаан санаабат, – Сэмэн Ыстапаанабыс баһын быһа илгистэн чыпчырыммахтаан ылла, – ити, сэрэйдэххэ, мыыдарастан тахсан эрдэҕээ дии.

– Сөпкө этэҕиэн, кини эрэ буолуо дуо? Соппуруон Сыраанабыҥ, Сэһэн Ардьакыабыҥ хайдахтаах дьонуй? Иккиэн Кэтириинэ Торуойу көрсөн, норуоттарын туһун хайдах туруорса сатаабыттарай?

– Оттоон этэбин ээ-э, киһи сөҕөөр диэн, Сибииргэ атын ханнык да омуктан итинниик баран туруорсубуттара суох ээ, бадаҕаа.

– Ээ, бу Илин Сибииргэ, бука, суох буолуо. Ити аата, биһиги былыр судаарыстыбалаахпыт, ньуолбар, дипломатияны, улаҕалаах, оҕуруктаах кэпсэтиһиини сатыыр улахан омуктан төрүттээхпит туоһута буолар.

– Оттоон оннугар тахсар ээ-э.

Дьөгүөр илиитин күөрэс гыннаран чаһытын көрбүтэ, түөрдү эрэ саҥардыы ааһан эрэрэ.

– Оо, уусуҥҥа диэри бириэмэ билигин даҕаны баар эбит. Дьэ оччоҕо иккис кинигэбитин көрүөҕүҥ, атын тугу гыныахпытый?

– Ээ-э, сытыахтааҕар син да этээ.

– Бу кинигэҕэ республика көҥүл экономикалаах буолуутун туруулаһыы, АЛРОСА сабыылаах компания хайдах тэриллибитин туһунан кэпсэнэр. Онон урут истибит, билэр боппуруоспут буоллаҕа, – Дьөгүөр кинигэ сорох илиистэрэ хоҥнон үлүбээй биир чөмөх угулла сылдьалларын араартаан, страницаларынан көрөн сааһылаата. – Хаарыан үчүгэй халыҥ кумааҕыны, килбэчийэн түһэн лааҕа бэрдин көрүөҥ этэ, куһаҕаннык килиэйдээбиттэр, илиистэрэ хоҥнон хаалбыттар дии.

– Оттоон страницалара барыта бааллаар инии. Туох буо-луой, биһиэхэ ис хоһооно буоллаҕаа, – Сэмэн Ыстапаанабыс кинигэ алдьаммытын улахаҥҥа уурбаттык хардарда.

– Дьэ буоллаҕа, сөбүлэһэн ылынан иһэр буоллахпыт… Манна 1991 сыллаахха Ельциҥҥэ ыытыллыбыт телеграмма баар эбит ээ, ааҕабын дуо?

– Дьээ, истиэххэ эрээ, – оҕонньоро чөрбөҥнүү түстэ.

Өр саҥата суох сыппыт Куодайыысап эмиэ сэргээн, истэрдии бэттэх хайыста. Дьөгүөр, күөмэйин оҥостордуу көхсүн этиппэхтээт, Саха сирэ алмааһы уонна көмүһү ССРС Гохраныгар ыытарын тохтоторун туһунан телеграмма ис хоһоонун добдугураччы аахпытынан барда.

– Ок-сиэ, доор, дьэ хорсуун да быһаарыныы эбиит. Барахсан абыраабыта ээ, онтон атын дьээ эстэрдээх этибиит, – Сэмэн Ыстапаанабыс сөҕөн эмиэ чыпчырыммахтаан ылла.

Арай Куодайыысап соччо сэҥээрбэтэхтик тыл ыһыгынна:

– Дьиҥинэн, итинник дьайыы Сэбиэскэй Сойуус Конституциятын куруубайдык кэһии буоллаҕа.

– Бу да киһи тылын, доҕоор, оччолорго Сойууһуҥ хаҕа эрэ хаалбыт, тыын харыһыга, тутуу былдьаһыы кэмэ буоллаҕа дии.

– Оннук буолбаккаа, көрөө-ө, кини оннугар урукку тойон олорбута буоллаар, Конституцияны тутуспута аатыраан хоргуталыыр этээ.

– Чахчыта буоллаҕа, көрбүт да, сэрэйбит да биир. Дьэ өлүү түптүр түгэҕэр төбөбүт оройунан куугунуур кутталга киириэ этибит. Севернэй завоз диэммит букатын кэлиэ суоҕа этэ, оччоҕо бары таракаан курдук тоҥордоох этибит.

– Этимэ даҕаныы, оннооҕоор Приморье, Камчаткаа, Магадаан, бэл кинилэр бэйэлээхтээр, кыс ортото тоҥон-хатан, тэлэбиисэргэ айдаан бөҕөтөө буолбута дии, – Сэмэн Ыстапаанабыс эдэр дьукааҕын диэки сиилээбиттии көрбөхтөөтө. – Таһырдьаа күөстэнэллэрин умуннууҥ дуо? Ыксаан тимир суолу туора сытан пуойастары харгыстыыр этилээр дии.

Дьөгүөр, үөлээннээҕин санаатын салгыырдыы, көбдьүөрэ түстэ:

– Дьэ оччолорго этэ дии, биһиги сылаас дьиэҕэ олорон, куоталаһа-куоталаһа, киһибитин үөҕэн чобуоххаһарбытыттан соло булбат кэммит.

– Оттоон тот да муҥнаах, аас да алдьархайдаах диэн баар дии. Биһиги тоттохпутунаа тугу даа хоҥуруубутугар хоннорбот буолааччыбыт. Оол кэриэтээ, алдьархайга түбэстэхпитинээ, мыык да диэччибиит суо-ох. Оннуук дуо, доор? – Сэмэн Ыстапаанабыс эдэр киһи диэки сорунуулаахтык эргилиннэ. – Арбыы, ол суруксуттуулларыын саҕанаа эн аатыҥ эмиэ иһиллэргээ дылы этэ дуу, алҕаһаатыым дуу?

– Баар да буоллаҕына, ону хайаары гынаҕын? – Куодайыысап өс-саҕа буолан утары мордьойдо.

– Кээс да, доор, оттон чуолкайдаһаары ыйыттаҕыым дии-и. Киһинии мээнээ үөхпээт баҕайыы, сэтэ-сэлээнэ кэлин бэйэҕээр төннөөр дииллээр, – Сэмэн Ыстапаанабыс сүбэлиирдии унаарытта.

– Харчы бараххан хамнатар буоллаҕа дии, урукку партократтар ускайдааһыннара. Сүгүн да олорботтор ээ, былаастара сууллубутун кэннэ ньимийэн биэриэ эбиттэр.

– Һэ-һэ-э, сүгүүн буолаллар ээ-э, уруккуларын курдук көҥүл айбардаары былаас былдьаһан Ньукулаайабы самнара сатыыллар буоллаҕаа.

– Диэмэ даҕаны, чахчы омук дьолугар кэлбит киһини сордууллар. Ордук санааһын, бэрт былдьаһыы диэн баар быһыылаах бу орто дойдуга саамай куһаҕан кыдьык.

– Һы, «омук дьолугар» ааттаах ээ. Ол үлүгэр тугу оҥордо? – Куодайыысап Дьөгүөрү эҕэлээхтик утары көрдө.

Дьөгүөр абарбыт уоҕар оронугар олоро түстэ. Киһитин супту одуулаан дьиппиэн куолаһынан чиҥник этитэлээтэ:

– Сүрүн, доҕор, көрөрүҥ-истэриҥ бүөлэнэн сылдьаҕын дуо? Сэбиэскэй былаас сэттэ уонтан тахса сылын устата оҥоһуллубутунааҕар уон сыл иһигэр элбэҕи оҥордо буолбат дуо? Үөрэхтээххин дии, ама олору ааттаталыыр наада буоллаҕай? Наһаалаан да эрэҕит, дьиҥ баары, кыларыйар кырдьыгы билиммэт диэн тугуй? Өбүгэлэрбит «аһыыр иһиккэ кулгуйуу» диэн итинниги этэн эрдэхтэрэ.

– Наһаалааһына диэн онно тугуй? – Куодайыысап, өһүргэнэн өс-саҕа буолан өрө хадьыаланан, эмиэ оронугар олоро түспүтүн бэйэтэ даҕаны өйдүөмүнэ хаалла. – Хата эн наһаалаан миигин үөҕэн бараары гынныҥ дии!

– Дьукаахпыт, култууралаах эдэр киһи, өһүргэһиҥ, күрүчүөктэһэ охсоруҥ түргэнэ бэрт эбит! – Дьөгүөр бэркиһээн ытыһын охсунан ылла. – Тоҕо тута баайсан бараҕын, доҕоор?

– Оттон кулгуйар диэтиҥ дии, ол тугуҥ тылай?

– Ок-сиэ, бу да киһини көр. Саатар ити өс хоһоонун билбэккин дуу? Аһыырын аһаан, сиирин сиэн баран махтаналларын умнубут дьону итинник этээччилэр, – Дьөгүөр киһитин, сиилээбиттии, супту одуулаан олордо.

Куодайыысап, киһи эрэ буоллар син мух-мах баран, саҥата суох бүк түһэн олорбохтоото. Онтон эмискэ тура эккирээн, аан хоско сулбу хааман тахсан сонун сиирэ-халты кэтээт, таһырдьа тахсан барда.

– Хайаа, доор, киһиҥ атахха биллэрдэ дии. Һэ-һэ-һэ-э, – аан сабыллар тыаһын кытта сэргэ Сэмэн Ыстапаанабыс холкутук күлэн эҥээриттэ.

– Куотан көрдүн. Тугу даҕаны дэҥ истиэхтэрин баҕарбаттар, кэлтэй кинилэр эрэ холуннарар, үөхсэр бырааптаах курдук сананаллар.

– Тыы-ый, оттоон урукку систиэмэҥ сүрүн куоһура оол буоллаҕа дии-и.

– Сөпкө этэҕин. Үөхсүөхтээҕэр, холуннарыахтааҕар эрэ буолуох, тыыннаах муҥун ытатыы, саба баттыыр, өссө репрессиялаан симэлитэр да кырыгар кыйыттыбыт дьон этэ буоллаҕа. Ол кинилэр өйдөбүллэригэр сөп, нуорма. Оттон бэйэлэригэр биир эмэ хатыылаах тылы утары эттэххинэ, үөхсүү аатырар. Дьэ сүрдээх логика буолбат дуо?

– Оттоон хабаххаа тыыннарыы кэмэ этэ буоллаҕаа.

– Оннук-оннук, билигин баҕас тэҥҥэ аахсар инибит, атын кэмҥэ олоробут курдук дии.

– Дьээ билигиин даҕаны сүгүүн бэриммэт дьон буолуохтараа. Ити репрессиялыыр, сиртэн симэлитэр диэн тылларгыын сөбүлүү истибэттэрэ чуолкаай, – Сэмэн Ыстапаанабыс, тэптэрэн биэрэрдии, аргыый сыыйда.

– Сөбүлээбэтиннэр, доҕор. Урут Аммосов, Ойуунускай, Бараахап курдук бастыҥ, үтүө дьоммутун мэҥиэстэн баран, буолар буолуохтааҕын курдук, сталинизмы арбыы, үтүөтүн таһааран, кураанаҕы дойҕохтуу сылдьалларын атыннык туох диэххэ сөбүй?

– Айыкка-а, дьэ ыарыылаахтык ылыныллар тыллары саҥардыыҥ, доор, арах-араах! Иһиттэхтэринэ, иэдээн.

– Мөлүйүөнүнэн буруйа суох дьону сордоон-муҥнаан өлөрбүттэрэ, бастыҥ араҥаны ирдээн туран имири эспиттэрэ ыарыылаах буолбатах үһү дуо?!

Кылгас түгэҥҥэ хайа-хайаларыгар табыгаһа суох тыҥааһыннаах уу чуумпу бүрүүкээтэ. Кинилэр олорон кэлбит олохторо, хас биирдиилэрин тус-туһунан дьылҕалара бу кэлин самныбыт систиэмэ, соҕотох партия сабардаабыт муҥур идеологиятыттан быһаччы тутулуктаммыттара.

Дьөгүөр Бологуурап, хайа инженерэ, үрдүк үөрэхтээх горняк эрээри, талбыт идэтинэн табыллан үлэлээбэтэх, үрдүк дуоһунаска, аакка-суолга, наҕараадаҕа тиксэн арбамматах киһи. Кини, университеты кыһыл дипломунан бүтэрбит, билии-көрүү өттүнэн биир бастыҥ специалист, үрдүккэ дабайыахтаах, улахан салайааччы буолуохтаах киһинэн ааҕыллара олоххо кыайан киирбэтэҕэ үгүстэри соһуппута, дьиктиргэппитэ. Идэтинэн син сүүрбэччэ сыл үлэлээбитэ эрээри, көннөрү прораб, хайа маастарын дуоһунаһыттан үрдээбэтэҕэ. Ол сүрүн биричиинэтинэн партията суоҕа буолбута. Сааһын тухары наар тыаҕа-хонууга оробуочайдары кытта бииргэ хара үлэ ыараханыгар сылдьан, киин бөһүөлэккэ, хонтуораҕа сыл баһыгар-атаҕар ахсааннаахтык көстөрө. Дьиэҕэ-уокка, кэргэттэригэр даҕаны күһүн-саас эрэ бэрт кылгас кэмҥэ көстөн ааһара. Партияҕа эрдэ киирэр кыах баара, аармыйаҕа сырыттаҕына, устудьуоннуур да кэмигэр тыл көтөҕөр түгэннэрэ бааллар этэ. Ону бэйэтэ уһатан-кэҥэтэн хаалларан иһэрэ. Тоҕо эбитэ буолла, кини эдэр сааһыттан олус хомуньуус буола сатыыр, былааска тарбачыһар карьерист дьону иһигэр киллэрбэт, ахсарбат буолара. «Оо, дьэ партиялаах, коммунист бэрдэ үһү ээ», – диэн өрө-сала көтөр өрүкүнэһээччилэри көрө-көрө, ордук санааһын имэҥэр ылларбыт дьонтон атыннык санаабат этэ. Ону баара, олох-дьаһах, үлэ-хамнас быһыытыгар-майгытыгар даҕаны көстөрүнэн, төһө даҕаны чиэһинэй, үчүгэй үлэһит буолларгын, партията суох буоллуҥ да, үтүөҕэ тиксибэт, үрдүккэ өнүйбэт аналланарга суруллубатах сокуон баара. Дьон туруору сүрүннээх, мас көнө өттүлэриттэн уратылара, ону бэркэ билэр буолан, партия халыҥ кэккэтигэр харыыта суох халҕаһалыы анньан киирбиттэрэ. Арай Дьөгүөр эрэ үөлээннээхтэриттэн хаалан хаалбыта. Күннээҕи олох, үлэ-хамнас туһунан кылгас ыстатыйалары, фельетоннары олохтоох хаһыакка суруйан муунтуйбут санаатын сайҕанара. Сыыйа республика хаһыаттарыгар, киин сурунаалларга тиийэ критическэй ис хоһоонноох, олох проблемаларыгар аналлаах публицистическай ыстатыйалара бэчээттэнэр буолан барбыттара. Кэлин кэргэнэ Саха госуниверситетын медицинскэй факультетыгар үөрэнэ барарынан сибээстээн, Дьокуускайга көспүттэрэ. Лена үөрэҕин бүтэриэр диэри сэттэ сыл устата тематическай экспедицияҕа техника-экономика салаатын партиятыгар инженеринэн үлэлээбитэ. Бу сылларга суруналыыстыкаҕа сыстан, «Кыым» хаһыакка штаты таһынан корреспондент быһыытынан промышленность тиэмэтигэр сыһыаннаах араас иһитиннэриилэрэ, ыстатыйалара сотору-сотору тахсаллара. Кэргэнэ үөрэҕин бүтэрэн, хоту дойдуга бырааһынан ананан аны Эдьигээнниир буолбуттара. Бу дойдуга кэлэн үлэттэн уурайар сааһыгар диэри олохтоох хаһыакка корреспонденнаабыта. Кэргэнинээн иккиэн пиэнсийэҕэ тахсан баран Дьокуускайга төннөн олохсуйбуттара. Онтон уларыта тутуу кэмигэр тыа сиригэр уларыйыы-тэлэрийии, кредит биэрии, чааһынай бас билии көрүҥэ киириитин, былыргы НЭП саҕанааҕы курдук табыгастаах кэм эргиллибитин бэйэтэ тыаттан төрүттээх киһи буолан кэрэхсии, эҕэрдэлии көрсүбүтэ. Сотору тоҕоостоох түгэн тосхойбутунан туһанан, аны бэйэлэрэ тыаҕа тахсан, сүөһү-ас тэринэн, дьиҥнээх сахалыы олоххо көспүттэрэ.

Киниэхэ холоотоххо, Сэмэн Ыстапаанабыһыҥ, хомуньуус бэрдэ буолан, кинитээҕэр быдан тахсыылаахтык үлэлээбит киһи. Продснаб тойоно, партбюро сэкирэтээрэ, Дьокуускайга тиийэн республика Госснабыгар тиийэ салайсыбыт киһи буоллаҕа. Өйдөөҕүн өйдөөх хата урукку систиэмэ эстэрин, партийнай идеология мөлтүүрүн саҕана партиятыттан аккаастанан, билиэтин остуолга ууран биэрбит сурахтааҕа. Дьөгүөр, ону өйдөөн, киһититтэн чуолкайдаһыах санаата киирдэ.

– Арба даҕаны, Сэмээн, эйигин партийнай билиэтин бэйэтэ остуолга ууран биэрбит үһү диэни истибиттээҕим ээ. Ол кырдьык дуо?

– Ээ, кирдиик буолумунаа, – Сэмэн төтөлө суох унаарытта.

– Ол тутатыгар чэпчэкитэ суох дьыала буолуохтаах ээ. Туох санааттан оннукка соруммуккунуй?

– Ээ, бэйэбиттэн бэйэм кэлэйээн. Сыллааҕы отчуот, квартаал аайы сымыйа сыыппараа, припиискэ бөҕөтөө. Надайыаллаан, тулуурбуттан ааһан ыксаан олордохпунаа, хата тоҕоостоох кэм бэйэтэ кэлбитээ.

– Дьэ ханныгын да иһин интиҥ хорсун санааттан тахсар. Онно санамматах дьонуҥ билигин, партия дьиҥнээх патриоттара кинилэр буолан, эһигинниктэри таҥнарыахсыттарынан ааҕаллар ээ.

– Ээ, һэ-һэ, эһэни көрөн баран суолун ирдээбиккэ дылы, сүтэрэрин сүтэрээн, эстэрин эстээн баран биһигинниктэринэн кыһыыларын-абаларын таһааран эрдэхтэрээ, – Сэмэн, кэлэйбиттии, эҕэлээхтик унаарытта.

Дьөгүөр күлэ түстэ.

– Дьэ, доҕор, олус да таба холоон эттиҥ. Кырдьык, сүтэн, мэлийэн хаалбыт дьыаланы баран кураанах күлүгүн харбыалаһа сатааһын да диэн. Туһата суох халтай дьарык буоларын өйдөөбөттөрүн киһи сатаан санаабат.

– Доор, хомуньуус паартыйа идьиэйэтээ диэн сэттэ уонча сыл устата дьон-сэргэ өйүгээр-санаатыгаар иҥмитэ дириҥэ бэрт буоллаҕаа, – Сэмэн бэйэтэ бэйэтигэр кэпсиирдии быһаарда. – Ону хайдаах эмискэ уларытан кэбиһиэххиниий? Онуоха эбии биһиги омук бэйэбит даҕаны үөрэтиинии-такайыыныы олус бэриниилээхтик ылынааччыбыыт.

– Кырдьык, иҥэриммиппитин ыһыктан биэрбэппит бэйэбит киэнэ буоллаҕа. Ону билиниэххэ сөп. Ол гынан баран сорохторуҥ билигин да былааска араас дуоһунаска үлэлии сылдьан реформаны утараллара, олох хаамыытын туорайдаһаллара, барытыгар төттөрүлэһэ олороллоро кыһыыта бэрт буолбатах дуо?

– Оол ити былаас былдьаһааччылар уоннаа кинилэр хос моонньохтороо олустууллаар.

– Оо дьэ, этимэ даҕаны, били президеммит быыбарын кэмигэр дьүһүлэммиттэрин көрүөҥ этэ. Урут Николаевтан өйөбүл ылан үрдүккэ ыттыбыт, аакка-суолга тиксибит дьонтон үксүлэрэ кинини таҥнарбыттара киһини кэлэтэрин ааһан олус дьиксиниилээх, кутталлаах санааны үөскэтэр. Өрөспүүбүлүкэ, норуот туһун таһы умнан туран, үрдүкү структуралар, олигархтар интэриэстэригэр харчыга атыыланар диэн төрөөбүт дойдуну, нацияны таҥнарыы буолбатах дуо? – Дьөгүөр, санньы туттан олорбохтоот, хараастыбыт куолаһынан аат эрэ харата хардарда.

– Сөпкө этэҕиэн, былааска иирэн, харчыга хараҥараан дьон кэрээниттэн тахсан эрээр.

– Киин сир оҕуруктаах санаалаахтарын угаайыларыгар киирэн биэрэн олохтоох «дьорҕоотторбут» үрүт-үөһэ үҥсүү-харсыы тэрийэннэр, бэйэбитинэн киһибитин туораттардылар. Омуктарын дьылҕатынан оонньообуттара хаһан эмэ аньыылара таайыа ээ. Алыс үүнэ-тэһиинэ суох бардылар.

– Һээ дьэ, буолан иһээхтээтэхпит эбээ, илбит-эйэбиит суоҕа бээрт.

Оҕонньоттор санааҕа түһэн өрүтэ тыынан саҥата суох олорбохтоотулар. Дьөгүөр чаһытын көрүннэ.

– Ок, алтабыт чугаһаабыт ээ, доҕоор! Остолобуойдуур кэм буолбут, барыахха, – ибири-сибири хомунан, таһырдьа иккилии этээстээх уопсайдар быыстарынан киэҥ уулуссаҕа тахсан, биэрэк диэки аллара киирдилэр.

Үөлээннээхтэр

Эбэ биэрэгиттэн туруору тахсар туора уулусса кумах хааһын үрдүгэр тимир эрэһиэҥкэ олбуордаах, эргэрбит гынан баран, маһа өссө да чиргэл дьоҕус дьиэ таһыгар дьон бөҕө олбуор иһинэн-таһынан мустан чуоҕуһан тураллар.

– Күндү доҕоттор, бу дьиэҕэ 1961–1964 сылларга Михаил Ефимович уонна Дора Никитична Николаевтар дьиэ кэргэттэрэ олоро сылдьыбыта. Кинилэр, үөрэхтэрин кэнниттэн олоххо саҥа үктэнэн эрэр эдэр специалистар, үлэлэрин манна, Эдьигээҥҥэ, саҕалаабыттара, – Эдьигээн улууһун дьаһалтатын үлэһитэ эдэр дьахтар микрофонунан саҥарар чуор куолаһа уулуссанан ааһан иһээччилэри ыраахтан үмүрү тардан, истибит эрэ барыта тиэтэйэ-саарайа дьон мустубут сирин диэки дьулуста. – Бүгүн биһиги бастакы президеммит музей-дьиэтэ аһыллыытын үөрүүлээх түгэнигэр муһуннубут.

Хас да киһи эҕэрдэлээн тыл эппитин кэнниттэн дьиэҕэ киирии кыһыл лиэнтэтин Михаил Ефимовичка бэйэтигэр быстардылар. Кини Эдьигээн олохтоохторугар, дьаһалта салайааччытыгар туһаайан махталын биллэрэн кылгас тыл эттэ. Телевидение үлэһиттэрэ, фотокорреспонденнар, ону таһынан фотоаппараттаах эрэ барыта үөрүүлээх түгэни уһулан, түһэрэн вспышкалар уоттара чаҕылыҥнастылар. Ол кэнниттэн иһирдьэ киирэн дьиэ ис бараанын көрүү-истии, сипсиһии, сүпсүгүнэһии буолла. Дьиэ ис өттө өрөмүөннэнэн саҥардыллыбыт. Киирэри кытта аан хос уҥа өттө гостинай, ортотугар билиитэ оһоҕунан быысаһан хаҥас өттө куукуна эбит. Улахан аһыыр остуол үрдүгэр дуйдаах алтан сылабаар итии паарынан бургучуйа тыынар. Утары хаптаһынынан быыһаммыт кыра-кыра икки хоско хаһаайыттар уонна оҕолор былыргы тимир оронноро тураллар. Хомуот үрдүгэр хаартыскалардаах альбомнар, аҕыйах дьиэ тэрилэ, иһит-хомуос бааллар. Музей-дьиэ ис тэрилэ өссө да ситэ илигэ көстөр. Ол эрээри оттон кылаабынайа дьиэтэ буоллаҕа, мала-сала, экспонаттара сыыйа хомуллан туолан иһиэхтэрэ турдаҕа.

Дьөгүөр Бологуурап көрөөччүлэр халҕаһаларын кытта бииргэ киирэн дьиэни көрөн эргийэн киирэр аан таһыгар кэлиитигэр дьон хайыы-үйэҕэ остуол тула олорон алаадьылаах итии чэй иһэн сырылатан ырааппыттар. Остуол баһыгар Михаил Ефимович бэйэтэ бэркэ дуоһуйбут көрүҥнээх үөрэн мичилийэ олорор. Баҕалаах барыта оҕолуун-дьахтардыын солбуһа-солбуһа кинини кытта сэргэстэһэ хаартыскаҕа түһэллэр. Кырдьык даҕаны, туох да харах баайыыта суох дьон-сэргэ үөрбүт, дуоһуйбут, көрбүтү эрэ барытын долгутар түгэнэ тыыннаах хартыына буолан Дьөгүөр өйүгэр-сүрэҕэр хатаммыта. Көрүөххэ истиҥэ, үчүгэйэ сүрдээҕэ.

Бологуурап эмиэ үтүрүһэн-анньыһан чэй куттаран остуол ойоҕоһугар кыбыллан, сыыйа-баайа чэйин иһэн бүтүүтэ дьон арыый аҕырыы быһыытыйда. Сиэбигэр укта сылдьар фотоаппаратын аттыгар олорбут уолга биэрэн ытыктыыр салайааччытын кытта түһэрэригэр көрдөстө. Хас да киһи кэнниттэн уочарата кэлбитигэр кэккэлэһэ олоппоско олорунан кэбистэ. Кинилэр кэннилэригэр икки-үс дьахтар сэргэстэһэ турунар кэмнэригэр уол түһэрэн ылла…

Дьөгүөр Бологуурап хас да киһиттэн ыйдаран, үөлээннээҕэ, урут маннааҕы хаһыакка үлэлиир сылларыгар бодоруспут киһитэ, кырдьаҕас учуутал Николай Петрович Софронов олорор дьиэтин дьэ булла. Күнүс музей-дьиэ аһыллыытыгар Ньукулайдыын көрсүһэ түһэн кэпсэтиилэригэр табаарыһа киэһэ кэлэ сылдьарыгар ыҥырбыта. «Үөлээннээхтэр аҕыйах буолан мустан кэпсэтэ, уруккуну-хойуккуну санаһа түһүө этибит», – диэбитэ.

– Дьөгүөр Маппыайабыс, биһиги бу, Михаил Ефимовиһы билэр, сорохпут бииргэ үөрэммит, сорохтор бииргэ үлэлээбит, алтыспыт дьон, мустан, үчүгэйдик саныыр, ытыктыыр киһибит туһунан өйдөһө-санаһа, кэпсэтэ олоробут. Ону эйигин иһиттин, биллин, суруйар киһиэхэ, баҕар, наада буолуо диэммин ыҥырбытым, – Николай Петрович Дьөгүөрү аттыгар олордон ыалдьыттарын кытта билиһиннэртээтэ.

Аныгы сиэринэн сөбүгэр үгүөрү астаах остуол тула олорооччулары сорохторун Дьөгүөр уруккуттан билэр дьоно буолан, кэпсэтии-ипсэтии иҥнигэһэ суох көхтөөхтүк барда.

– Оскуолаҕа хас да сыл бииргэ үөрэммит Михаил Ефимович оҕо сааһын доҕоро бу Николай Петрович буоллаҕа дии. Атыттар биһиги биир кылааска үөрэммэтэхпит, үрдүкү-анныкы кылаастарга этибит. Онон кини кэпсээнин маҥнай истиэҕиҥ, биирдэ да үчүгэйдик кэпсии илик ээ, – кыра хатыҥыр Евдокия Ивановна Константинова, бэрт эрчимнээхтик саҥаран-иҥэрэн, бүгүҥҥү дьоро киэһэ дьаһалын бэйэтигэр ылынна.

Ньукулай, иккистээн көрдөһүннэрэ барбакка, бэйэтэ даҕаны кэтэһэн олорордуу, чөллөркөй холку куолаһынан кэпсээн барда. Ким да быһа түспэккэ сэргээн истэ олордулар.

– Мин 1947 сыллаахха эргэ Лииндэ алын сүһүөх оскуолатын бүтэрэн, 30-тан тахса көстөөх сири табанан айаннаан, Эдьигээн оскуолатыгар үөрэнэ киирбитим. Сэттис кылааһы бүтэрбитим кэннэ күһүн Эдьигээн оскуолатыгар ахсыс кылаас аһыллыбыта. Онно үөрэнэрбэр Өктөмтөн Николаев Миша диэн бааһынай хааннаах, будьурхай баттахтаах хатыҥыр уол кылааспытыгар үөрэнэ кэлбитэ. Эдьигээҥҥэ кини бииргэ төрөөбүт убайа Ким Ефимович үлэлиирэ.

Мишаны кытта уопсай тыл түргэнник булан, олус иллээхтик үөрэммиппит. Кини оҕоттон улахан туох да уратыта суоҕа. Үчүгэйдик үөрэнэрэ, оскуола уонна интэринээт олоҕор көхтөөхтүк кыттара. Мин өйдүүрбүнэн, кини ордук нуучча тылыгар биһигиттэн чорбойоро. Уус-уран литератураны үлүһүйэн туран ааҕара, мэлдьи кинигэ тутуурдаах сылдьар буолара. Аахпыт кинигэбит ис хоһоонун былдьаһа-тарыһа бэйэ-бэйэбитигэр кэпсиирбит, ол быыһыгар арыт мөккүһэн да ыларбыт. Хата киһибит, атыттар курдук, омуннуран-төлөннүрэн мөккүспэт этэ. Ол курдук оҕо эрдэҕиттэн холку, ыгылыйбат майгылааҕа, хас биирдии этиитин толкуйдаан, ыараҥнатан баран саҥарара. Уопсайынан, сахалыы мындыр өйдөөҕүн иһин биһиги кинини оонньоон «еврей курдук өйдөөх киһи» диирбит.

– Һэ-һэ-һэ, оччоттон дуоспуруннаах эбит дии.

– Ээ, оннук бөҕө буоллаҕа дии. Улахан киһи курдук, көссүө, боччумнаах баҕайытык туттан сылдьара.

– Интэринээккэ бииргэ олорбуппут, онно бэрээдэги, режими көрөөччү, көҕүлээччи кини буолара.

– Сөпкө этэҕит, Миша спордунан утумнаахтык дьарыктанара, күннээҕи режими кытаанахтык тутуһара, – Ньукулай ыалдьыттара бэлиэтээһиннэрин кытта сөпсөһөн, салгыы кэпсээбитинэн барда. – Ол дьарыгар бииргэ үөрэнэр оҕолорун эмиэ көҕүлүүрэ. Биһиги интэринээккэ сэттис хоско бииргэ олорбуппут. Учууталбыт Анастасия Яковлевна Александрова сүбэтинэн биир дьыл күһүнүттэн ыла эппитин-хааммытын эрчийбитинэн барбыппыт. Биһигини Мишабыт дьарыктааччы. Ол сыл кыһыныгар да, сааһыгар да бары ыалдьыбакка, биир да күнү көтүппэккэ үөрэхпитин түмүктээбиппит. Ону таһынан кини штанганан дьарыктанара.

Эдэр дьон сиэринэн, оскуола, кулууп үҥкүүтүгэр сылдьарбыт. Мин да, кини да үҥкүүлээбэт этибит, ол оннугар маассабай оонньууларга үөрүүнэн кыттарбыт. Ол саҕана билиҥҥи курдук уот-күөс суоҕа. Ол да буоллар, санаабытын түһэрбэккэ, өрүс фарватерын көрдөрөр маяктар батареяларынан лаампа уматан, сороҕор чүмэчи уотугар гармошка, балалайка, гитара доҕуһуолунан үҥкүү, оонньуу тэрийэрбит.

Икки сыл, интэринээккэ миэстэ суох буолан, мин Мишалыын Михаил Андреевич уонна Матрена Андреевна Солдатовтарга дьиэлэммиппит. Ол саҕана биһиги доҕордоһуубут өссө чиҥээбитэ. Оскуолаҕа аргыстаһан сылдьарбыт, уруокпутун бииргэ ааҕарбыт, оҕо буолан мэниктээн да ыларбыт. Ол быыһыгар мөккүһүү, тыл-тылга киирсибэккэ кыыһырсыы да ханна барыай. Олорор ыалбыт элбэх оҕолоохторо, ону таһынан өссө дьукаахтаахтара. Солдатовтар оҕолорун көрсөрбүт, дьиэ ис-тас үлэтигэр тэбис-тэҥҥэ сылдьарбыт. Хаһаайыммытын кытта эргэ баарсаны көтүрэн, маһын кумах биэрэги дабайан ыраах баҕайы сиргэ санныбытынан таспыппытын өйдүүбүн. Ол маһынан кэлин дьиэ туттубута.

Интэринээттэн, таска олорорбут быһыытынан, иккиэн сухой паек ылар этибит. Завхозпут арыыбытын ыйыырыгар куруук балыйа сатыыра. Арыыны ыйааһыҥҥа үөһэттэн быраҕара, ыйааһын стрелката киилэтин көрдөрүөн иннинэ хаба тардан ылара уонна: «Чэ оҕолорбор арыый элбэх да буоллун, мэ, ылыҥ», – диирэ. Биһиги бэйэ-бэйэбитигэр имнэнсэн баран: «Ээ, Афанасий Николаевич, балыыҥкалаа-ма, тоҕо үөһэттэн быраҕаҕыный? Өссө эбиитин ыйааһыныҥ тохтуу илигинэ хаба тардан ыллыҥ дии. Үчүгэйдик ыйаа», – диэн, олох аахсан баран тэйэрбит. Иккистээн ыйаатаҕына, ол арыыбыт аҥаарыттан аҥаара эрэ буолара. Аспытын салааскаҕа тиэйэн эбэтэр суумкаҕа уктан олорор ыалбытыгар илдьэн чөкөччү туттаран кэбиһэрбит. Ыалбыт биһигиттэн кэлтэгэй кэппиэйкэни да көрдөөбөттөрө, кинилэртэн биирдэ даҕаны мөҕүллүбэтэхпит. Билигин санаатахха, адьас туора көрбөккө, оҕолорун кытта тэҥҥэ туппуттар эбит. Ол иһин кинилэри олус истиҥник саныыбыт.

– Оччотооҕу саха ыала барахсаттар бары даҕаны сиэр-майгы өттүнэн мааны дьон буоллахтара.

– Ээ, кэмэ оннук эбитэ дуу, дьон-сэргэ бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннара наһаа үчүгэй, иллээх баҕайы буолар этилэр.

– Оттон сэрии кэннинээҕи өй-санаа чөл, инникигэ эрэл, итэҕэл күүстээх кэмэ буоллаҕа дии, – дьахталлар Ньукулай кэпсээнин быһа түспүттэрин сөбүлээбэтэхтии, Дьөгүөр быһаччы түмүк оҥордо. – Чэ, Николай Петрович кэпсээнин ситэри истиэҕиҥ, ол кэнниттэн санаабытын атастаһыахпыт.

– Кырдьык, мэһэйдээбэккэ бастаан истиэҕиҥ, ол кэнниттэн кэпсэтиэхпит буоллаҕа дии, – Евдокия Ивановна, дьүөгэлэрин буойардыы, саҥарда.

Ньукулай куолутунан көхсүн этитэн, сөбүлэһэрдии кэҕис гынаат, салгыы кэпсээбитинэн барда:

– Оскуола комсомолун комитетыгар иккиэн чилиэнинэн сылдьарбыт. Мин 8-с кылааска учком секретарынан, интэринээт сэбиэтин председателинэн үлэлээбитим. Михаил, оскуола чулуу спортсмена буоларын быһыытынан, учкомҥа, интэринээккэ спортивнай секторынан талыллан үлэлээбитэ, оскуолаҕа учууталлар актыыбынай көмөлөһөөччүлэрэ этэ. Кинитэ суох биир да спортивнай күрэхтэһии, уус-уран самодеятельность, поход тэриллибэтэ.

Миша бастыҥ табаарыс этэ. Тоҕо диэтэххэ, кини хаһан баҕарар киһититтэн көрбөккө, барыбытыгар биир тэҥник сыһыаннаһара. Кыһалҕалаах түгэҥҥэ үтүө сүбэһит, үөрүүнү тэҥҥэ үллэстэр амарах доҕор буолара. Хаһан даҕаны күүһүнэн өттөйбөтө, киһиргээбэтэ, кимиэхэ да үчүгэй буола сатаабата, кыамматтары куруук аһынар аакка сылдьара. Мааны таҥаһы таҥнарын отой сөбүлээбэтэ, оҕоттон ураты буола сатаабат этэ.

Биһиги атаҕастабылы ис-испититтэн тулуйааччыбыт суох, бэйэбитин төрүт атаҕастаппат этибит, улахан, күүстээх да уолаттарга куруук утарылаһааччыбыт. Оттон кыамматтары, бэйэбититтэн мөлтөхтөрү хаһан да тыыппат буоларбыт, төттөрүтүн кинилэргэ көмөлөһөрбүт.

Михаил үчүгэйдик ыллыыра, бас куоластааҕа. Кини ыллыырын сэҥээрэн истэрбит, арай концертарга соҕотоҕун ыллыырын өйдөөбөппүн. Оскуола хоругар эрэ кыттааччыбыт. Биирдэ уус-уран самодеятельность көрүүтүгэр бэлэмнэнэн, инструментальнай оркестр тэриммиттээхпит. Ким өй укпу-тун этэр кыаҕым суох эрээри, репетицияны Миша Николаев ыытарын өйдүүбүн. Туох инструменнаах буолуохпутуй, Юлий Шадрин баянныыра, биһиги эрбиини, кураанах бытыылканы тыаһатан оонньуурбут. Хата кимнээҕэр сөбүлээннэр хайҕал бөҕөтүн ылбыппыт.

Дьиҥэр, оҕо дьон быһыытынан, баракааспыт да элбэх буоллаҕа дии. Онтон биир түгэни кэпсиибин. Оҕолорбор, сиэннэрбэр кэпсээтэхпинэ, итэҕэйбэт курдук тутталлар. «Хайдах ол биһиги президеммит оннукка кыттыһыай?» – дииллэр. Биһиги даҕаны эмиэ оҕо буола сырыттахпыт дии. Биирдэ, саас этэ, бадаҕа, таһырдьа күн сылыйбыт, уһаабыт кэмигэр буорах хайдах эстэрин көрөргө быһаарынныбыт. Конный двор диэн хайалаах сир үрдүгэр соруктаах аҕайдык туттан тиийдибит. Американскай хаптаҕай бааҥкаҕа тобус-толору буорах куттубут уонна уһун быаны баайан баран син тэйиччи соҕус саһан, кирийэн сыттыбыт. Саҥата-иҥэтэ суох испиискэни уматтыбыт уонна быабытыгар даҕайдыбыт. Быабыт буруолуу түһээт умайбытынан барда. Биһиги куттанан, хаптайыахпытынан хаптайан, аппа аҥхайыттан көрө сытабыт. Дьэ эбээт, доҕоор, буорахпыт эстэн тыас-уус бөҕөтүн таһаарбат дуо?! Санаабытыгар, тыаспыт Эдьигээни биир гына дуораһыйбыт курдук буолла. Онтон көрбүппүт, буруобут бөһүөлэги үрдүнэн киирэн бара турда. Биһиги, ону көрө-көрө, күлэн уҥа сытабыт. Дьэ ол курдук буорах хайдах эстэрин илэ харахпытынан көрдөхпүт дии.

– Ама оннук баар этэ дуо?

– Тыый, баракаас баҕайы эбиккит дии.

– Эчи кутталын… Кэбис, мин Михаил Ефимович оннук буолуо дии санаабаппын, – дьахталлар бары соһуйа, аймалаһа түстүлэр.

– Оччолорго кини Миша буоллаҕа дии. Этэбин ээ, биһиги даҕаны оҕолор буола сырыттахпыт диэн, – Ньукулай, кырдьыгын таһаарынардыы, холкутук быһаарда.

– Оттон буоллун, ол эрээри киһи истибэтэх баҕайыта…

Дьөгүөр, уопсай күйгүөнү тохтотордуу, илиитинэн далбаатанна:

– Бээ-бээ, тохтуу түһүҥ. Итиччэтигэр мин эһиэхэ атын, өссө чаҕылхай холобуру кэпсиэм. Эһиги Ельцин кинигэтин аахпыккыт дуо?

– Суох.

– Ноо, онно туох баарый? – болҕомто аны Дьөгүөргэ туһаайылынна.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 13 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации