Электронная библиотека » Василий Егоров » » онлайн чтение - страница 13


  • Текст добавлен: 5 апреля 2023, 13:21


Автор книги: Василий Егоров


Жанр: Биографии и Мемуары, Публицистика


Возрастные ограничения: +16

сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 13 (всего у книги 40 страниц) [доступный отрывок для чтения: 13 страниц]

Шрифт:
- 100% +

Ааспыт биэс сылга элбэх оҥоһулунна, бастатан туран, экономикаҕа уонна олох-дьаһах эйгэтэ сайдыытыгар. Улахан дьыала ыраахтан ордук көстүмтүө буолар. Кэм-кэрдии кэлиэ, бу сылларга оҥоһуллубут өссө ордук дьоһуннаах сыанабылы ылыаҕа. Бу сылларга биһиги бэйэбит уларыйдыбыт. Биһиги бэйэбитигэр, бэйэбит күүспүтүгэр эрэмньилээх буоллубут, республика президенэ ыытар политиката сөптөөҕүн итэҕэйдибит…

Уталытыллыбат бастакы дьаһаллар ахсааннарыгар быһаччы ылыллар быһаарыныы хайысхалара – тыа нэһилиэнньэтин олоҕун таһымын үрдэтии, дьиэ кэргэҥҥэ государство өйөбүлэ, дьахтар быраабын олохтоохтук быһаарыы, ыччакка үөрэнэригэр, үлэлииригэр сөптөөх усулуобуйаны тэрийии. Биһиги Дьиэ кэргэн сыла, Ыччат сыла, Үөрэхтээһин сыла диэн үрдүк сыаллаах тэрээһиннэри мээнэҕэ олоххо киллэртээбэтэхпит…

Бэлиэтээн этиэхпин баҕарабын, Россия уонна Саха сирин уопсай интэриэстэригэр биһиги алмаас-бриллиант комплексын чөлүнэн хаалларар туһугар үгүс сырабытын уурабыт. Биһиги хас да көлүөнэбит дьүккүөрдээх үлэтинэн үөскээбит алмаас промышленноһа республика экономикатыгар бюджеты үөскэтэр сүрүн салаанан уонна урукку курдук киэн туттуубутунан хааларын туһугар үлэлиэхпит, олохпут тыын интэриэһин толук туттуохпут суоҕа… Саамай кылаабынайа, бүгүн биһиги утарыта туруу идеологиятыттан, барытын хабан туран тэҥнээһинтэн уонна барыта биир күдьүс көстүүлээх олохтон букатыннааҕын босхолоннубут…»

1997 сыллаахха алтынньы 21 күнүгэр биир улахан суолталаах хардыынан АЛРОСА АК уонна «Де Бирс» ТНК икки ардыларыгар эргиэҥҥэ сөбүлэһии докумуонугар илии баттаһыы буолбута. Россия уонна аан дойду иһитиннэрэр-көрдөрөр маассабай бэчээтигэр тахсыбыт үгүс матырыйааллартан биирин кытта билсиэҕиҥ.

«Бэҕэһээ «Президент-отель» Москватааҕы овальнай саалатыгар икки күннээх уустук кэпсэтии түмүгэр бары проблемалар быһаарылыннылар, Дуогабар үөрүүлээх быһыыга-майгыга илии баттанна.

Өрүттэр сэдэхтик буолар хардарыта өйдөһүүгэ бардылар. Россия, эмиэ урукку Дуогабарга курдук, Соҕуруу Африканскай монополия алмааһы биир ханаалынан батарар систиэмэтин кытта сөбүлэһэрин биллэрдэ. Сыллааҕы квота, уруккутун курдук, 550 млн долларынан хаалла. «Де Бирс» быһар сыанатын хонтуруоллуурга экспорка аналлаах алмаас партиятыттан 5 %-нын хонтуруоллуур атыылааһыҥҥа хаалларыллар. «Де Бирс» эмиэ утары хардыы оҥордо. 1998 сылтан Россия алмааһы төрдүттэн атын төрүөккэ олоҕуран экспорка ыытар буолуоҕа. Гохран начальнига Герман Кузнецов этэринэн, докумуону илии баттааһын биир кылаабынай усулуобуйатынан наблюдательнай комитеты олохтооһун туһунан кэпсэтии буолбут, онно Соҕуруу Африка, Россия компанияларын бэрэстэбиитэллэрэ уонна Гохран киирэллэр. Кини сүрүн сыалынан, сыананы бииргэ хонтуруоллааһын таһынан, дойдулар икки ардыларынааҕы алмаас атыытын сыанатын быһыы буолар. Ону таһынан, Россия биллэр кырыылыыр предприятиеларыттан сорохторо (бастатан туран, Смоленскайдааҕы «Кристалл») сотору кэминэн сылга уончата саамай чэпчэки сыананан алмааһы атыылыыр анал эргимтэлэргэ киириэхтэрин сөп. Гохран алмааһы оннук атыылааһын систиэмэтин ис рынокка кытта киллэриэн сөп. Онуоха атыылаһааччылары талан киллэрээччинэн «Алмазы России-Саха» компания буолуоҕа. Бэҕэһээҥҥи «Президент-отель» саалатыгар барбыт пресс-конференциянан сылыктаатахха, икки өрүттэр Дуогабарынан астыммыттара көстөр. Билигин кини туолара эрэ хаалла. Мантан инньэ Москва алмааһынан хааччыйыыны тохтотуо суохтаах, оттон «Де Бирс» Россия алмааһы оҥорооччуларын дойдулар икки ардыларыгар ыарахан сыананы олохтооһуҥҥа уонна көҕүлээһиҥҥэ кыттыһыннарыах тустаах. Оччоҕо 1998 сыл бүтэһигэр, Герман Кузнецов бэлиэтээһининэн, Россия «Де Бирси» кытта Дуогабары уһатары эрэ ситиһиэн наада».

К. Левин, И. Петров. «Коммерсант-Дейл», 22.10.1997 с.

Өссө 1989 сыллаахха Михаил Ефимович биир интервьютугар этэн турар:

«Биһиги уопсастыбабыт отутус сыллардаахха тутуллубута, билигин ХХI үйэ боруогар турабыт. Бүгүн аан дойду элбэх государстволарыттан хаалбыппытын дьэҥкэтик көрөбүт. Бу хаалыыбыт төрдө-төбөтө туохханый? Бэйэбит бэйэбитигэр бүгэн олоруубутуттан, бастаан кыһарыйыы кыһалҕатыттан, кэлин олоххо дьаалабытынан сыһыантан».

«Саха сирэ: ХХI үйэ маҥнайгы чиэппэригэр сайдыы стратегията» диэн ыстатыйатыгар М. Е. Николаев элбэх саҥа идеялары эппитэ.

«Саҥа үйэҕэ үктэниэх иннинэ кылгастык биир сүрүн соругу быһаарыам:

Биһиги республикабыт тас дойдулары кытта технологическай интеграцияҕа киириитин хааччыйыах тустаахпыт. Бу сорук информация революцияҕа тэҥнээх уларыйыытын эпохатыгар киириигэ ордук өйдөнүллэр.

Информацияҕа сыһыаннаах технологиялары сайыннардахпытына эрэ, биһиги Россияны кытта бииргэ экономика, политика уонна цивилизация эйгэлэригэр муҥурданыыбытыттан тахсыахпыт.

Балысханнык сайдар информация технологияларын рынога илин-кэлин түсүһүү былдьаһыктаах усулуобуйатыгар барар. АТР дойдуларыгар саҥа геополитиканан сиэттэрэн, Япония информационнай капитала ордук күүһүрэр. Геополитика туспа полюһун быһыытынан Кытай экономикатын сайдар тэтимэ сөҕүмэр. Маны биһиги инники былааннарбытыгар учуоттуохтаахпыт.

Духовнай сайдыы, киһи уонна уопсастыба, киһи уонна айылҕа утарыта турсуу оннугар бииргэ алтыһыыларын биир тэҥ иллээх сыһыаннаһыылара сүҥкэн суолтаны ылыахтара. Биһиги өбүгэлэрбит үгэстэрин салгыахтаахпыт уонна кэлэр көлүөнэлэргэ республика духовнай баайын, тылбытын, культурабытын, үгэстэрбитин хаалларыахтаахпыт. Эйэни уонна өйдөһүүнү күүһүрдэн туран айылҕабытын, баайбытын-дуолбутун харыстыахтаахпыт.

Уһун кэмнээх сүрүн сорукпут – республиканы Россия Федерациятын күүстээх субъегын быһыытынан сайыннарыы, күүһүрдүү, демократическай, цивилизованнай оҥоруу. Россия тутаах регионугар кубулутан, АТР дойдуларын уонна планета хотугу территорияларын кытары хардарыта сыһыаны олохтуохтаахпыт.

Саха сирэ Азияҕа Россия витрината эрэ буолбакка, кини форпоһа буолар кыахтаах. Биһиги республикабыт бэрт сотору Россия илиҥҥи территорияларын локомотивынан буолуо.

Нууччалар кэлиилэригэр Саха сирэ хоту дойдуну, Дальнай Востогу баһылааһыҥҥа Россия кылаабынай базатынан, плацдармынан буолбута. Аны саҥаттан, быдан үрдүк таһымҥа бу регион бары тутаах хайысхаларыгар лидеринэн буолуо. Маныаха туһаайыллар биһиги национальнай-государственнай холбоһуктаах идеябыт».

Быйыттаахха

Быйыттаах үрэх хаҥас салаатынааҕы Дьарҕаа үрүйэ төрдүгэр, харыйа былаастаах тиит мас саҕатыгар, охсуу муннуктаах дьоҕус дьиэ турар. Дьиэ таһыгар, чугас эргин киһи-сүөһү баар сибикитэ биллибэт. Тиэргэн иһэ-таһа ыраас, маһа-ото тыытыллыбатах, тула, иһиллээбит курдук, уу чуумпу. Арай, хоболоох чуораан холбоһор тыаһыныы, куугунуу харылыыр Быйыттаах уонна Дьарҕаа тохтообот тойуктаах сүүрүктээх ууларын дууһаны абылыыр музыката өй-санаа иэйиитин угуттуу уоскутар.

Дьиэ хаҥас диэки түгэх муннугар наара орон баһынан турар дьоҕус остуолга хас да халыҥ кинигэ, хаһыат киппэтэ дьаарыстыы кыстаммыт чөмөҕүн үрдүнэн түннүк сэҥийэтигэр ыйанан турар салгын араадьыйата республика тиһэх сонуннарын кэпсиир. Ороҥҥо хаһыат ааҕа сытар Ньукулай Морсоойоп, күрэҥсийбит баттахтаах аҕам киһи, ааҕарын тохтотон, сонун сахалыы аҥаарын ситэри истибэккэ, диктор ылбат-биэрбэт биир күдьүс куолаһыгар бигэнэн, хаһыатын сирэйигэр саба тардынан, утуйар-утуйбат икки ардынан нухарыйан барда…

Ханна эрэ ыраах улар охсорун курдук кулугурас саҥа тохтообокко кулдьугуруур. Туох үлүгэр тохтообот киһи дуу, көтөр дуу? Ээ, Куодурусап-Куолу Куома саҥарар эбит дии. Кини киһи ити куорат киэҥ уораҕайыттан ханна да хотон тэлэһийбэтэх бэйэтэ хайдах түҥ тайҕа быыһыгар баар буолан хаалла? Аа-а, араадьыйаҕа араатардыыр эбит. Кими эрэ кириитикэлиир быһыылаах. Бээрэ, тугу-тугу саҥарар?

«…Николаев араас фондалары тэрийдэ… Сэбиэскэй кэмтэн хаалбыт промышленность салаатын сайыннарар оннугар туохха да наадата суох баараҕай балыыһалары, стадионнары, спорт саалаларын туттарда… Билигин кини Москваҕа Федерация Сэбиэтигэр олорон өссө билиҥҥи биһиги былааспытын кириитикэлээбитэ буолар. Республика сирин баайын, бас билиитин атыылаатылар уонна хайдах олороору гыналлар диир эбит. Биһиги, хомуньуустар, итини сөбүлээбэппит. Кинини киин сиртэн киэр илгэргэ Россия президенин аатыгар сурук суруйдубут!..»

Араадьыйа саҥата эмискэ ах баран, хардьыгынаан ылла. Ол кэнниттэн хантан эрэ өссө ыраахтан эфиргэ куруук кыттар, араас дуоһунастаахтары ууга-уокка түһэрэр сытыы боппуруостары биэрээччи, уруккута «Оһуохай» түмсүү актыыбынай кыттыылааҕа ытык кырдьаҕас кэһиэхтээх куолаһа, долгуйарыттан быһыылаах, бопторон ыла-ыла иһилиннэ:

«Доро-оболоруҥ, Дьокуускайтан пенсионер Дьөгүөр Кырдьаҕааһап. Бээрэ, Куома Кууһумус, эн олустаама эрэ, сэбиэскэй былаас сууллар, Сойуус ыһыллар ыарахан кэмигэр норуоккутуттан куота, саһа сылдьыбыт сиэрэй хомуньуустар, билигин кэлэн атыннык тыллаһар буоллугут. Бастакы президеммит курдук норуотугар, республикатыгар бэриниилээх, өркөн өйдөөх, муударай киһилээх буолан, күн туллар, күһэҥэ быата быстар күчүмэҕэй күннэрин этэҥҥэ туораабыппыт. Тыыҥҥытын өллөйдөтөн өрүһүттэрэн бараҥҥыт, күн-дьыл уларыйарын кытта тоҕо Михаил Ефимович аатын-суолун киртитэр, хойох хостоһор суолга туруннугут? Итини биһиги, боростуой дьон, сөбүлээбэппит.

Политика күн аайы уларыйа турар, республиканы салайа сылдьар улахан таһымнаах дьон биир эмэ түгэҥҥэ тоҕо мөккүспэт буолуохтарай? Вячеслав Анатольевич Михаил Ефимович бэйэтэ үүннэрэн таһаарбыт салайааччыта буолар, онон кинини хайдах да убаастаабат, ытыктаабат буолуон сатаммат. Ону эһиги икки ардыларыгар ытаһа уган араара, утарыта туруора сатыыгыт. Михаил Ефимович уһун сылларга оҥорбут, ситиспит үтүөтүн-өҥөтүн барытын сотон суолу кимиэхэ солуугут?!

Дьонум-сэргэм, Михаил Ефимович кэскиллээх санаатын, дойдубут туруктаах буоларын туһугар үлэлии-хамсыы сылдьарын улуу Россия өйдөөх-сиэрдээх дьоно табатык сыаналаан өйүүр уонна эрэнэр буолбуттар. Онон кини тула түмсүөҕүҥ…»

Араадьыйа эмиэ бөтө-бөтө хардьыгынаата, тохтуу-тохтуу төлүтэ биэрбэхтээтэ. Онтон элбэх киһи саҥата тэҥинэн:

– Дьөгүөр Кырдьаҕааһап бар дьон санаатын этэ-эр!!! – диэн бары бииргэ кимиэллээхтик ньиргиттилэр.

Онтон үгүс киһи, эр дьон, дьахтар куолаһа, тэҥҥэ микрофоҥҥа саҥаралларын курдук, этэн-тыынан бардылар.

– Араас хаһыаттары ааҕар, билэр-көрөр, истэр, ырыҥалыыр муударай ытык кырдьаҕаспыт чиэһинэй, көнө сахалар санааларын наһаа да табатык эттэ… – сааһырбыт дьиэ хаһаайката долгуйбут, астына дуоһуйбут куолаһа үөрүүлээхтик, холкутук унаарыйан иһилиннэ.

Онтон ким эрэ, санньыардык өрө тыынан кэбиһээт, уопсай күүгээн быыһыгар иһиллэр-иһиллибэттик уоһун иһигэр ботугураабыта иһиллэн кэллэ:

– Истэргит-билэргит буоллар, өссө соһуйуо-өмүрүө этигит. Ити араас хаһыаттары ааҕар диир сөҕөр-махтайар, ытыгылыыр киһигит Дьөгүөр Кырдьаҕааһап икки көрөрө суох. Ыар ыарыыга буулатан оронтон турбат инбэлиит эрээри, араадьыйа быһа тахсар эфирин күн аайы көтүппэккэ барытыгар кыттар, өйүн-санаатын, сүбэтин-аматын этэр. Хаһыаттарга ыстатыйалара тиһигин быспакка тахса тураллар. Этэргит курдук, олоххо туох буоларын барытын аахтаран истэ, билэ-көрө, ырыҥалыы сытар муударай ытык кырдьаҕас…

– Бастакы президеммит Михаил Николаев киэҥ далааһыннаах, үгүс баараҕай тутуулары туттарбыт дьоһун суолталаах үлэтин толору сыаналыыр, сөпкө быһаарар кэм кэнэҕэс кэлиэҕэ. Кини оҥорбут үтүөтүн умнар хайдах да сатаммат, – аҕам саастаах киһи чөллөркөй, эрэмньилээх куолаһа дьон саҥатын, күүгээнин баһыйан чуолкайдык күүскэ дуорайда.

– Өбүгэлэрбит олорбут олохторун усталаах туоратыгар Россияҕа саха омук сэнэбилгэ сылдьыбыта, – бу сырыыга эдэр киһи эрчимнээх чуор саҥата көй салгыны үрэйэн, өрө күүрүүлээхтик сатараан иһилиннэ. – Оттон кэнники сылларга спорка, культураҕа, искусствоҕа ситиһиилэнэн, олоҥхобут аан дойду үрдүнэн киһи аймах шедеврин быһыытынан билиниллэн дьэ өрөйөн-чөрөйөн эрэбит.

– Михаил Ефимович үһүс болдьоххо хаалбыта буоллар, өссө төһөлөөх үтүөнү оҥоруо хааллаҕа… – хайалара эрэ хомойбут, санаата түспүт саҥата иһиллэн ааста.

Онуоха харда биэрэрдии, ким эрэ кыһыйан-абаран туран буруйдаахтар ааттарыгар сэмэ-суҥха тылларын эттэ:

– Оннук кыах өбүгэлэрбит ааспыт аас-туор олохторун устатыгар иҥэн хаалбыт ордугурҕас, бэрт былдьаһыы, бэрдимсийии курдук кэдэрги, хаалынньаҥ кэмэлдьилэри тута сылдьар норуоттарын интэриэһин көмүскээбэт сорох одиознай политиканнар буруйдарынан бэриллибэтэҕэ…

– Оттон атын дойдулары көрдөххө, президент быыбарданна да, саҥа-иҥэ тохтоон, бары бииргэ үлэлэспитинэн бараллар. АХШ президеннэрэ бэл атын государстволары сэриилээн, урусхал, сүтүк бөҕөнү таһаараллар. Бюджеттан сүүһүнэн миллиард доллары ороскуоттууллар. Ол үрдүнэн ким да кинилэри эккирэтиспэт, үөхпэт-түрүйбэт. Ити хайдаҕый?!

Айдаан-куйдаан, араллаан сыыйа аччаан-симэлийэн, ханна эрэ ыраах тэйдэр-тэйэн иһиллибэт буолуута, аны хантан эрэ олоҕу олорбут, сырыыны сылдьыбыт, сылайбыт-элэйбит кырдьаҕас киһи сытыары-сымнаҕас куолаһа сылы-хонугу сыымайдаан, быһыыны-майгыны быһааран саас-сааһынан саҥаран киирэн барда:

– Биһиги дьоҕус саха омукпутугар былыр-былыргыт-тан аныаха диэри төһөлөөх элбэх чаҕылхай уол оҕо төрөөн-үөскээн ааспыта буолуой? Күлүмнүүр, Манньыаттаах уола, Өксөкүлээх Өлөксөй, бырааттыы Силипиэнтэптэр, Алтан Сарын, Алампа, Былатыан, Махсыын, Исиидэр уонна да атыттар. Олортон хайалара эмит кырыа маҥан баттахтанан, кэнчээри көлүөнэтин сылаас тапталыгар бигэнэн, муҥур үйэтин моҥообуттаах дуо? Оттон төһөлөөх үтүө дьоммут чиэстэниэхтэрин-бочуоттаныахтарын оннугар бэрт былдьаһан эккирэтиһиигэ түбэһэн эрэйи көрбүттэрэй?

Дьиҥэр, кинилэри бэйэбит аҕыл майгыбыт, ымсыыбыт, ордук санаһыыбыт, бэрдимсикпит сиэбитэ. Бу сордоохтор, хайа эрэ улахан, халыҥ омук курдук, талааммыт-үтүөбүт ханна да батар сирэ суоҕар дылы, саамай чулууларбытын, инники тахсыбыттарбытын, үөһэ көппүттэрбитин, кириитикэлээтэҕэ, саралаатаҕа буолан, үүнэр-сайдар суолларын сарбыйбыппыт, сарбыйа да турабыт. Оттон биһиги букатын быыкаа омукпут ээ. Мөлүйүөнүнэн ахсааннаах улахан омуктартан өйбүт-санаабыт таһыма атын буолуохтаах. Ол аата, бэйэ-бэйэбитигэр сыһыаммыт эмиэ атын өйдөһүүлээх, харыстаһыылаах буолуох тустаах. Кыра омукка ханнык эрэ идея туһуттан, кими эрэ улахаттары үтүктэн бэйэ-бэйэни сиэһиини, тэпсиһиини тэнитэр адьас сыыһа!

Бастакы президеммитин, аҕа баһылыкпытын, харыстыа-ҕыҥ, түүрэйдээһини тохтотуоҕуҥ, сэттээх-сэлээннээх буолуо. Саатар билигин биир чулуу салайааччыбытын түһэн, уган биэримиэҕиҥ, туох баар кыахпытынан-күүспүтүнэн кинини өйүөҕүҥ, тапталлаах сахабыт омугун сирэйдиир киһи буоларын умнумуоҕуҥ…

Оҕонньор киһи этэн бүтэрин кытта, ыҥырыа уйатын тоҕо тарпыт кэриэтэ, киһи тугун да быһааран ылбат, дьүүлэ-дьаабыта биллибэт айдаан-куйдаан, куугун-хааҕын бөҕө өрө оргуйа түспэт дуо? Ордук Куодурусап уонна кини көмөлөһөөччүтэ, охсор илиитэ, тэбэр туйаҕа суруналыыс Дыдырыысап, кини аллараа сыҥаахтара Куодайыысап, Дьэрэкээһэп саҥалара-иҥэлэрэ, уопсай айдаан, күүгээн быыһыгар үрдүттэн ыыстаһыылара, кураанаҕынан куолулара, сыыппаралары сыымайдааһыннара атыттары баһыйар эбит.

Айдаан-куйдаан арыый аҕыраан, дьон аймалаһар, тарҕаһар саҥата ыраата, тэйэ быһыытыйан, кыччаан, симэлийэн сүтэн хаалла. Сатамньыта суох үүт тураан чуумпу саба халыйан иһийэн турда…

Морсоойоп түлүк уута дьайҕаран, түрүлүөннээх түүлүн түмүк ситимэ быстыбытын суохтаан хамсаан-имсээн сыыйа уһуктан кэллэ. Сирэйигэр саба тардыммыт хаһыатын сэрэммиттии сэгэтэн, дьикти түүлүгэр истибитин сылыктыы, сыымайдыы сытта. Өйдөөбүччэ, түөһүгэр сыҕаччы аспыт хаһыатын ылан көрбүтэ, оруобуна били быыбар саҕанааҕы араллаан тула Дыдырыысап хаһыатыгар тахсыбыт ыстатыйа ис хоһоонугар майгыннаах түүлү түһээбит эбит. Үгэс курдук, кини түүлүн ис хоһоонун сиһилии, хас биирдии тылыгар-өһүгэр, ымпыгар-чымпыгар тиийэ хараҕар көстөр, кулгааҕар иһиллэр гына ырылыччы, чуолкайдык өйдүүр уонна онтукатын хаһан да умнубат дьоҕурдаах. Бу уустук түүл буолла. Урукку өттүгэр уопсастыба олоҕор буолан ааспыт политическай быһыыны-майгыны, республика олоҕун бүгүҥҥү күннээҕитин ааһан өссө инники, иккис президент кэминээҕи балаһыанньатын кытта хабар. Ити аата, бүгүҥҥү олохпутун кытта инники кэми эмиэ ыйдаҥардар кыаҕы биэрэр. «Вячеслав Штыров аата иһилиннэ, онон буоллаҕына, иккис президенинэн кини талыллыыһы быһыылаах. Интэриэһинэй, интэриэ-һи-нээй, Дьылҕа Хаан ыйааҕа тугу ыйан турарын сыыйа-баайа сылыктыахпы-ыт».

Олоро түһэн чаһытын көрбүтэ, чаас эрэ аҥаара сытан ылбыт. Хор, ити икки ардыгар история иччэ киэҥ кэрчигин анааран ыллаҕа үһү, интэриэһинэ-эй. Чэ бэйи, сыыйа-баайа…

Таһырдьа тахсыбыта, саҥардыы арҕаалаан эрэр күн үрүйэ тумус эмпэтин үрдүнээҕи тыа баһыгар түспүт. Күн уотун күнүскү суоһа арыый намыраабыт да буоллар, билигин даҕаны итии. Киэһээҥҥи аһылыгы бэлэмниир кэм буолбут. Дьиэтин уҥа эркинин эргийэ хаамарын кытта Дьарҕаа үрүйэ чугас тоҕойо, бу баарбын диирдии, харылыы устар тыаһа халдьыгыраан иһилиннэ. Бу тоҕойтон иһэр уутун бастар. Куобах ороҕун курдук тыргыллар синньигэс ыллыгы батыһан үрүйэ эмпэтин үрдүгэр тиийэн өҥөс гыммыта, тоҕой эргиирин ыраас уутугар эмпэ аннынааҕы күлүккэ от быыһыгар уонча бөдөҥ дьарҕаа көҕүстэрэ көстө түстэ. Олус холкулар, сүрэҕэлдьээбиттии кутуруктарын аатын эрэ хамсаталлар.

Эмпэ үрдүнээҕи эдэр харыйа лаглаҕар лабаатын быыһыгар өйөнөн турар күөгү маһын ылан, күннэтэ хатыланар үөрүйэх хамсаныынан ыксаабакка тула эриллибит быатын өһүлэн күрүчүөгүн көрбүтэ, бэҕэһээҥҥи чиэрбэтин тобоҕо хаччаччы хаттар да баар эбит. Барыта кэмнэммит, тутта-хапта үөрэммит үгэһинэн, улаханнык далайбакка эрэ күөгүтүн от саҕатын иһирдьэ өттүнэн ууга бырахта. Ону эрэ кэтэспит курдук, күүтэн далбаарбыт балыктар эмискэ күрүчүөк тула үөмэхтэһэ түстүлэр. Өрүсүһүү-былдьасыһыы өр барбата, поплавок уу анныгар тимис гынарын кытта күн уотугар күлүмүрдэтэ тырымнаппытынан лис курдук бөдөҥ дьарҕааны эһэ охсон таһаарда. Начаас икки ардыгар утуу-субуу өссө икки балыгы таһаараат, күөгүтүн быатын маһыгар төттөрү сөрөөн миэстэтигэр уурда. Киилэ аҥаардыытын эрэ арыый кыайбат үс балыгы миэстэтигэр туран өттүгэр иилинэ сылдьар быһыччатынан өрөҕөлөрүн хайытан, истэрин чыс кутуйах хороонун айаҕар ороон кэбистэ. Харыйа төргүү мутугар ыйанан турар хоруорбут хочулуогун ылан уу баста, балыктарын үрүйэ уутугар сайгыы түһээт, мас төрдүгэр умса ууруллубут туос тордуйаҕа угуталаата. Күн аайы куруук бу курдук, барыта миэстэтигэр бэлэм, бэл балыктыын биир сиргэ баар буолаллар.

Дьиэҕэ киирэн хаҥас диэки быыс нөҥүө аһыыр остуол муннугар турар гаас оһоҕун уматан, мас арыылаах хобордооҕу сылыта уурда. Сотору хобордооҕо сылыйан арыыта бырдьыгыныы кыынньан эрдэҕинэ балыктарын ыһаарылаан сырдьыгынатта.

Киэһээ аһылык кэнниттэн дьиэтин кэннигэр сарай иһигэр турар движогун эһэн уотун холбоото. Компьютерын холбоон, Ньукулай спутник нөҥүө Интернеккэ киирэн чаас холобурдаах сонуннары кытта билистэ. Дьиэлээх итинэн эрэ муҥурдаммата. Таһырдьа тахсан тыыллаҥалаан, хамсаммахтаан ылла, хаама таарыйа аллара Быйыттаахха киирдэ. Маанылаах эбэтэ иччитин курулуу-куугунуу тохтор күрүлэс уутун күрүлүү-харылыы кыынньар музыкатынан үөрэ, уруйдуу көрүстэ. Бу кини төрөөбүт-үөскээбит, кутун туттарбыт күндү сирэ. Ханна да тэлэһийбэккэ манна дойдутугар олохсуйбута уонча сыл буолла. Куораттааҕы дьиэтигэр сыл баһыгар-атаҕар биирдэ эмэтэ киирэн тахсар. Манна бүөмчү, сынньалаҥ, көҥүл олох. Өй-санаа дьэҥкэрэр, оннун булар, эт-хаан уоскуйар. Туораттан ханнык да мэһэй, дьон айдаана, араллаана аралдьыппат. Арай ити араадьыйа саҥата түүлүгэр киирэн, эҥин арааһы барытын эргитэ этиттэҕэ үһү…

Быйыттаах харгы таас кытылын кыйа, ыксаабакка, сис туттан биир тэҥ хардыынан хааман истэ. Ити араадьыйаҕа аһаҕас биэриилэргэ куруук кыттар Дьөгүөр Кырдьаҕааһап чахчы норуот киһитэ. Олоҕу баарынан мындырдык көрөр-ырытар, бюрократ чиновниктары кырдьыгынан сирэйгэ кириитикэлиир. Уопсастыба эргэрбит сыыс-бөх отун ыраастыыр, хаалынньаҥы утары охсуһар, наадалаах доруобай сүүрээни киллэрэр киһи. Кини сүрэ түүлгэ көстүүтэ инникитин даҕаны уопсастыба олоҕор хомуньуустар сабыдыаллара аччаабатын, кинилэри утары охсуһуу быстыбакка салҕана туруоҕун көрдөрөр.

Бастакы президеммит Федерация Сэбиэтигэр талыллан, үлэтэ ситиһиилээх, кэскиллээх буолсу. Аанньаҕа Куодурусаптаах кини үрдүгэр түспэтэхтэрэ чуолкай. Өссө төттөрү ыҥыртара, суруктаһа сатааһыннара ордук санааһыны, ымсыыны көрдөрөр. Ол аата, Россия таһымынан политическай олох үөһүгэр бигэтик киирииһи. Ити үчүгэй, Россия, аан дойду таһымынан кээмэйдээх улахан деятель буолар чинчилээх. Урут биһиги наар легенда аҥаардаах геройдары эрэ өрө тутар буоллахпытына, билигин олохпутугар баар, инникибитин уһанар дьиҥнээх лидердэниэхпит… Хомуньуустар кэм да кур бэйэлэрэ кубулуйбат. Наар бытархайдаһа, куомуннаһа, самнара эрэ сатыыр дьаллыктарыттан, эргэ идеологияларыттан кыайан аккаастамматтар. Ол ордук чаҕылхайдык кинилэр Николаевка сыһыаннарыттан көстөр…

Ити кырдьаҕас оҕонньор симик, сэрэхэдийэр куолаһа, чуолкай баҕайытык иһиллибит сиэрдээх сэмээр этиитэ, сэрэтиитэ – омук кута-сүрэ, кини үйэлэргэ иитийэхтээн кэлбит иэйиитэ, сүрүн кыһалҕатын, саныыр санаатын, баҕарар баҕатын түһэ. Дыдырыысаптаах ону баардылаан даҕаны көрбөт, бэтэрээнэн эрэ бэрдимсийэр, бүгүҥҥүлээх-сарсыҥҥылаах эрэ дьон буолуохтара ээ… «Разве портят луну темные пятна, разве портят они белую березу? Пусть же и недостатки человека, который светит и живет для других, будут для нас подобны этим пятнам». Сөбүлүүр афоризмын тоҕоостоох түгэҥҥэ өйдөөн кэлбититтэн олус астынна.

Өрдөөҕүтэ, сэбиэскэй систиэмэ өрөгөйдөөн турар кэмигэр, Морсоойоп Михаил Ефимовичтыын чаастатык алтыспыт кэмнэрдээх этилэр. Оччолорго кини республика биир тэрилтэтигэр отдел сэбиэдиссэйинэн үлэлиирэ. Стенографист идэлээх буолан, республика улахан мунньахтарын кыттыылаахтарын этиилэрин барытын хайдах баарынан тылыттан тылыгар диэри түһэрэн ылара. Боротокуолга ол сүрүн докумуон буолара. Сэргэстэһэ отделы Куодурусап салайара. Үлэлэрин хайысхатынан икки отдел республика улахан мунньахтарын матырыйаалын түмэн хомуурунньук оҥорон таһаараллара. Туох баар боротокуол матырыйаалын барытын машинкаҕа оҕустаран баран холбуу тиһэн бэчээккэ биэриэх иннинэ икки отдел сэбиэдиссэйдэрэ бэрэбиэркэлээн илии баттаан ыыталлара. Бастаан Куодурусап көрөн илии баттаабытын кэннэ киниэхэ киирэрэ. Дьэ манна көстөн тахсара Куодурусап кыыбаҕата. Михаил Ефимович, оччолорго тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ, этиилэриттэн саамай конструктивнай, наадалаах өттүн ылаттаан кэбиспит буолара. Ону кини стенографиялаан ылбыт бэйэтин дьиҥнээх боротокуолун кытта тэҥнээн көрөн баран көтүтүллүбүт тыллары, этиилэри баарынан ситэрэн, хомуурунньукка киллэрэн биэрэрэ. Хомуурунньук бэчээттэнэн тахсыбытын кэннэ Куодурусап айдаан бөҕөтүн тардара. Бэчээттэммит кинигэни уонна хомуурунньук харатын туппутунан киниэхэ далбаатанан киирэрэ. «Тоҕо уларыттыҥ, хантан ылан эбэн биэрдиҥ?» – диэн дибдийэрэ. Ону оттон дьиҥнээх толору боротокуолу ааҕан биэрэр буоллаҕа дии. Дьэ онтон кыһыйан-кыбдьырынан, ааны хайа быраҕан тахсара. Ити кэмтэн ыла киниэхэ өлөр өстөөх буолбута. Араас тыл-өс, хоп-сип бөҕөнү тарҕатара, интрига, үҥсүү тэрийтэлиирэ. Сороҕор Куодурусап быһан-отон оҥорбут брошюратын туппутунан Михаил Ефимович киирэн кэлэрэ. Ону тута бэйэтин подлиннигыттан көрөн эбэн, көннөрөн биэрэрэ. Ол курдук Ньукулай Морсоойоп Куодурусаптыын бэрт уһун кэмҥэ эриспиттэрэ.

Дьэ ол дьиҥнээх интриган, карьерист билиҥҥэ диэри норуоту булкуйа, куорҕаллыы сырыттаҕа. Кэпсииллэринэн буоллаҕына, урут Михаил Ефимовиһы кытары улууска бииргэ үлэлии сылдьан, ыалдьыбытыгар сэтэрээбит сурахтааҕа. Кэлин ол сэтэриир киһитэ бэйэтэ кинини өрө таһааран Дьокуускайы булларбыт курдук этэллэрэ. Ол төһө оруннааҕа эбитэ буолла. «Жесток не тот, кто совершает жестокость, а тот, кто не умеет прощать». Николаев дьон итэҕэһин сатаан бырастыы гынар киһи…

Быйыттаах хаһаайына, Эбэ кытылын таҥнары сүүсчэкэ саһаан сири хаамаат, төттөрү эргилиннэ. Кини дойдутуттан, сириттэн-уотуттан хаһан да уһуннук тэлэһийэ сылдьыбыт кэмэ суох. Арай аармыйаҕа үс сыл сылдьарыгар уһун курдук этэ. Ол кэнниттэн үөрэнэр да, үлэлиир да кэмнэригэр хайаан да быыс булан кэлэ турааччы…

Аармыйа кэнниттэн Ньукулай сыл кэриҥэ дойдутугар үлэлээн баран сааһыары кыһын куоракка киирбитэ. Үлэ, дьиэ-уот булуохха наада этэ. Кимтэн эрэ ЖКХ диэн дьиэ биэрэр кыахтаах тэрилтэ баарын истэн, онно тиийбитэ. Ыйдаран ЖЭУ начаалынньыгар, былдьыры саҥалаах кыра уҥуохтаах саха киһитигэр киирэн үлэ ыйыталаспыта. Киһитэ көрөн олорбохтуу түһэн баран:

– Рационализаторынан киириэҥ дуо? – диэбитэ.

– Ээ, киирэн-киирэн, массыынаны, тракторы ыытабын, – ыйытыыны үөрэ истэн, өрүһүспүттүү хардарбыта.

– Чэ сөп, сарсыарда кэлээр, – диэн буолта.

Сарсыарда кэлбитэ, арай киһитин хоһугар арааһынай сирэй-харах, ким хараҕа баһыллыбыт, ким мунна бэрэбээскилээх, таҥас-сап, кир-хох бөҕө дьоно турулус-ирилис көрөн аҕай олороллорун соһуйа-дьиктиргии саныыр.

– Дьэ бу дьону кытта массыынаҕа олорсон барыс, – бэҕэһээҥҥи киһитэ дьаһайа охсор.

Ону улаханнык дьиктиргии истэр. «Рационализацияҕа туох сыһыаннаах дьону кытта барсан эрэрим буолла?» – диэн бэркэ мунаарар.

Массыына кузовар тахсан, хайа оттон инструменнара, прибордара эҥин тоҕо суоҕуй дии санаан эрдэҕинэ, кузовка хойгуолары, кувалдалары, луомнары, уһуктаах тимирдэри быраҕаттыыллар. Кирдээх, модороон тэриллэри дьиибэргии көрүтэлиир. Сотору ханнык эрэ дьиэ олбуорун иһигэр киирэн: «Кэллибит, түс», – дииллэр. «Мастарыскыайдара ханан баар буоллаҕай?» – дии санаан ол-бу диэки көрүөлээн эрдэҕинэ, дьоно: «Ну пошли, парень», – диэт, луомнарын, кувалдаларын ылаттаан, туалет, помойнай дьааһык диэки бараллар. «Бабат!» – дии түһэр. Били киһитэ ассенизатор диэн эппит тыла, былдьырытыгар тэптэрэн, киниэхэ рационализатор диэн иһиллибитин дьэ өйдүүр. Түбэһэн баран хайыай, көрөн туруо дуо, дьонун батыһарыгар тиийэр. Бииргэ үлэлэһээччилэрэ, кини ыраас, сэнэх таҥастааҕын көрөн: «Ну, ты парень здоровый, занимайся брикетами», – диэн помуойа тоҥ брикеттэрин хоҥнорон, кыра-кыра лоскуйдарга араартыырга этэн, көрдөрөн биэрэллэр. Эдэр, кыанар буолан, брикети хоҥнорууну, лоскуйдааһыны соччо ыарырҕаппат. Анарааҥҥылара туалет ыраастааһыныгар сылдьаллар. Ол курдук үлэлээн, ый бүтүүтэ хамнас аахсыыта кэлбитигэр арай аҕыс мөһөөҕү ылар буолан тахсар. Ол саҕана үрдүк үөрэхтээх инженердэр мөһөөх сүүрбэ эрэ хамнастаах этилэр. «Ээ, бэрт эбит, сылдьыллыыһы», – дии саныыр.

Икки-үс ый сылдьыбытын кэннэ, били тойоно ыҥыран ылан: «Эн үөрэхтээх, партиялаах эбиккин (партияҕа армияҕа сылдьан киирбитэ). Биһиэхэ инженеринэн киир, нэрээт сабааччынан үлэлиэҥ», – диир. Билбэт дьыалам, сатыам суоҕа диэн аккаастанан көрбүтүн, били бииргэ үлэлэһэр дьоно: «Оо, бэйэбит киһибит буолара үчүгэй, кытаат», – диэн буолар. Нэрээти үчүгэйдик сабар, үлэһиттэригэр көнөтүнэн сыһыаннаһар, дьоно эмиэ сирбэттэр. Сотору буолан баран горисполкомҥа ыҥыран ыланнар, били былдьыры тыллаах тойонун оннугар үлэлээ дииллэр. Ол эрэйдээх иһэр, сотору-сотору борогууллуур идэлээх этэ. Ону эмиэ аккаастанан көрбүтүн икки хостоох дьиэ биэриэхпит диэн, онон мэҥиэлээн сөбүлэһиннэрэллэр. Кини арыгыны испэт, үлэтин кыайар, дьиссипилиинэни тутар, үчүгэй салайааччы быһыытынан биллэр. Дьиэ, эппиттэрин курдук, биэрэллэр. Онтон Ньукулай Морсоойобу горисполкомҥа квартираны үллэрии комиссиятын начаалынньыгынан үлэҕэ ыҥыраллар.

Дьэ манна кэлэн билэр кырдьык, сиэрдээх быһыы диэн суоҕун. Куорат иһинээҕи улахан ведомстволар: Геологоуправление, Ленанефтегаз, Холбос, ЯФАН, Речпорт, Гражданскай авиация управлениета – оччолорго таас дьиэни элбэҕи туталлара. Оттон квартиралары үллэриини көрбүтэ, барытыгар кэриэтэ наар кэлии дьон эрэ таас дьиэҕэ киирэллэрэ үгэскэ кубулуйбут эбит. Олохтоохтортон, урут бу тэрилтэлэргэ үлэлии сылдьан баран араас биричиинэнэн: пиэнсийэҕэ, инбэлииккэ тахсан, ыалдьан уо. д.а. – эрдэ уурайталаабыт дьон уопсай куорат уочаратыгар тураллара. Кыһыйан-абаран туран Ньукулай бу баттыгастаах балаһыанньаны хайаан да көннөрөргө санаммыта. Быһаарыыта судургу буолбута. Бары дьиэ тутар ведомстволарга квартира 50 %-нын кэлии дьоҥҥо, 50 %-нын сахаларга үллэриини киллэрии туһунан дьаһал таһаарар. Дьэ өһүргэнии, бырачыас, үҥсүү бөҕө буолар. Дьыалата горисполком бэрэссэдээтэлин ааһан, обком сэкирэтээригэр Чиряевка тиийэн иҥнэр. Чиряев кинини ыҥыттаран ылан, дьыала ис төрүөтүн ыйыталаһар. Ону оттон баары баарынан кэпсээн, быһааран биэрэр. Киһитэ: «Саамай сөпкө тутуспуккун, – диир уонна күлэ түһэн баран: – Сахаларга диэмэ, националиһынан ааҕыахтара. Олохтоох норуоттарга диэ», – диэн сүбэлиир. Онон итинник көннөһүүлээх кини дьаһала олоххо киирбитэ.

Түмүгэр урут сылга куорат уочаратын испииһэгиттэн тарбахха баттанар дьон квартираҕа тиксэр эбит буоллахтарына, кини биир сыл иһигэр баһаам элбэх киһини дьиэлээбитэ. Онон төрүт сыҕарыйбакка турбут куорат уопсай испииһэгин улаханнык хамсаппыта.

Морсоойоп принципиальнайа, чиэһинэйэ сурах-садьык буолан киэҥник тарҕанар. Ити хаачыстыбаларын билэн, кэлин кинини республика Верховнай Советыгар үлэҕэ ыҥыраллар. Онон ассенизатортан саҕалаан, республика Верховнай Советыгар салайар аппарат биир тутаах үлэһитигэр тиийэ үүммүтэ. Дьэ манна кэлэн Куодурусабы аан маҥнай көрсүбүтэ…

* * *

Олох оонньуута, дьылҕа ыйааҕа тугу-тугу тиэрэ эргитэн, умса ууран өрө-таҥнары туппатаҕа баарай? Одурууннаах-одуулаах одун дойду оонньуулаах орто бараан олбоҕор оҕуруктаах өйдөөхтөр, суо-хаан тулааһыннаахтар, үрдүк өһүөлээхтэр тугу-тугу оҥорботохторо, тобулбатахтара баарай? Суут-сокуон диэн кинилэргэ, өбүгэлэрбит бэргэнник этэн кэбиспиттэринии, мэкчиргэ төбөтүн курдук хоолдьуга суох таптаабытынан эргийэр көрүнньүк өйдөбүл. Дьөгүөр Бологуурап Сергей Запольскай «Хроника одного избирательного скандала. О выборах Президента Якутии в 2001 году» диэн балай да халыҥ кинигэтин тутан олорор.

Кинигэ «Знать бы тогда, во что выльется это «пустяковое» поручение…» диэн бэркиһээн саҥа аллайыы тылларынан саҕаланар. Оттон кинигэ халлаан күөх өҥнөөх чараас хаҕын тас өттүгэр Михаил Ефимович дириҥ санааҕа ылларан, сыҥаах баттанан олорор мэтириэтэ, быыбардааччылар, норуот бэрэстэбиитэллэрин – араас омук дьонун кыра оҕотуттан оҕонньоругар тиийэ хаартыскалара, күөх тумарык үөһүгэр быыбардыы диэн табанан көтүтэн иһэр туундара киһитин барбах барыгылдьыйар күлүгүн омооно көрдөрүллүбүттэр. Дириҥ ис хоһоону үөйэр хартыыналар «быыбар хампаанньатын үлүгэрдээх үбү күдэҥҥэ көтүтэр сүпсүлгэннээх үөгүтэ барыта көрүнньүк, албын, суон моойдоохтор, халыҥ харчылаахтар олоҕу оҥкуллуур оҕуруктаах оонньуулара буолар. Онуоха эһиги, дьон-норуот аатын сүгэр араас омуктар, саахымат дуоскатын хараҕар курдук, олох оонньуутун киэҥ түһүлгэтигэр сыччах хамныыр, сиэһэр-асаһар, охсуһар-этиһэр фигуралар, пешкалар эрэ оруолларын толороҕут» диэн өйү-санааны үөтэллэр.

Кинигэни арыйа баттаатахха, ис өттүгэр ааптар Сергей Запольскай микрофоҥҥа тыл этэ турар (Госдумаҕа депутаттыырын саҕанааҕыта быһыылаах) хаартыската баар. Хаартыска үрдүнэн кини түмүк санаата суруллубут:

Внимание! Это не конец книги.

Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!

Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 13
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации