Электронная библиотека » Василий Егоров » » онлайн чтение - страница 12


  • Текст добавлен: 5 апреля 2023, 13:21


Автор книги: Василий Егоров


Жанр: Биографии и Мемуары, Публицистика


Возрастные ограничения: +16

сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 12 (всего у книги 40 страниц) [доступный отрывок для чтения: 13 страниц]

Шрифт:
- 100% +
Өрө көтөҕүллүү кэмэ

1993 сыл бэс ыйыгар Россия президенэ Борис Ельцин кэлэ сылдьыыта республика норуоттарын уопсай бырааһынньыктарыгар кубулуйбута. Кини ол сырыыта саха норуотун уһулуччулаах уола Былатыан Ойуунускай сүүс сааһын туолар өрөгөйдөөх үбүлүөйүн кытта алтыспыта. Саха улууканнаах поэтын, государственнай деятелин үбүлүөйэ ЮНЕСКО таһымынан ньиргиэрдээхтик бэлиэтэммитэ.

Москваны кытта Конституция, Дуогабар ирдэбиллэригэр олоҕуран дьаныардаахтык кэпсэтии, сибээһи бөҕөргөтүү туоһутунан 1995 сыллаахха от ыйыгар Виктор Черномырдин Саха сиригэр кэлэ сылдьыыта буолар. Бу сылга Россия уонна Саха сирин правительстволарын икки ардыларыгар Сөбүлэһии 15 докумуона илии баттаммыта. Сөбүлэһии экономика, бюджет политикатын, дойдулар икки ардыларынааҕы экономикаҕа сыһыан, нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун, миграция уонна олох-дьаһах сайдыытын боппуруостарыгар оҥоһуллубута. Дуогабар РФ уонна субъектар икки ардыларыгар юридическай өрүттэргэ, цивилизованнай сыһыаҥҥа олоҕурбут хардарыта өйдөһүү уонна компромиска киирсии чаҕылхай холобурунан буолбута, дьиҥнээх федерализм олоххо киирэр суолун көрдөрбүтэ.

Россия салалтатын кытта ыкса сыһыан, толору өйдөһүү олохтонуутун өссө биир бэлиэ түгэнин оччолорго Саха Республикатын правительствотын бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит К. Е. Иванов маннык ахтыбыта:

«1997 сыллаахха республикаҕа харчы суох буолан, таһаҕас таһыытын (северный завоз), ордук көрүүчэйи аҕалыы, уонна бюджет үлэһиттэригэр хамнаһы төлөөһүн боппуруостара олус сытыытык турбуттара. Уопсайынан, Россия үрдүнэн хамнаска иэс проблемата регион аайы муҥутуур тыҥаан турар кэмэ этэ. Ордук биһиэхэ, сайыҥҥы навигация эрэ кэмигэр таһаҕаспытын тиэнэр дьоҥҥо, олус ыгым, ыксаллаах быһыы үөскээбитэ. Кылгас кэми мүччү туттуҥ да, кыһынын тоҥор куттал баара. Оттон Россия Минфинин бюрократтара онуоха эрэ кыһаллыбаттара. Үөскээбит күчүмэҕэй балаһыанньаттан биһиги президеммит Михаил Николаев тус хорсун быһаарыныыта быыһаабыта. Ол кэмҥэ Россия президенэ Борис Ельцин Саратовка «Волжский утес» санаторийга сынньана сытара. Михаил Ефимович Саратовка тиийэн Ельцининэн Черномырдиҥҥа быһаччы сорудах бэрдэрэн, бэрт түргэнник Минфинтэн таһаҕаска уонна бюджекка кредиттэри ылан турар. Официальнай ханаалынан ону ситиһэр кыах суоҕун кэриэтэ этэ».

Россия уонна Саха сирин икки ардыларыгар баайы-дуолу, боломуочуйаны тыырсыы суолтатын туһунан Михаил Николаев «Реальный федерализм» диэн хомуурунньукка киирбит ыстатыйатыгар маннык суруйбута:

«Саха сирэ Россияны кытта бэйэтин дьылҕатын холбообута түөрт үйэ кэриҥэ кэм буолла. Бачча уһун кэм усталаах туоратын тухары Россия уонна Саха сирин икки ардыларынааҕы сыһыан сокуонунан мэктиэлэммитэ хаһан даҕаны суоҕа. 1922 сыллаахха Саха Автономнай Советскай Социалистическай Республикатын үөскээһинэ олохтоох норуоттар дойдуларын сүһүөҕэр туруорууларыгар, бэйэлэрин дьаһаныыларыгар суолталаах, элбэх эрэмньини үөскэппит хардыынан буолбута. Биллэн турар, Саха сиригэр автономнай республика статуһун биэриинэн сибээстээн, хаалыылаах уһук дойду экономикатын көтөҕүүгэ, олоҕун-дьаһаҕын, культуратын сайыннарыыга балай да элбэх дьаһал ылыныллыбыта.

Оттон бүгүн адьас саҥа, субъектар Федерацияны кытта сыһыаннаһыыларын саҥа кэрдиис кэмин туһунан кэпсэтии барар. Россия дьиҥнээхтик саҥардыллыыта кини бэйэтин субъектарын кытта дьиҥнээх ытыктаһыыга олоҕурбут тэҥнээх, сиэрдээх сыһыаны олохтооһунуттан ыла саҕаланар диир сөп буолуо.

Ол аата, Саха сирин историятыгар, сэбиэскэй кэми киллэрэн туран, бэйэтин суолтатынан кини дьылҕатыгар Россия Федерациятын уонна Саха сирин государственнай былаастарын уорганнарын икки ардыларыгар илии баттаммыт Дуогабарга тэҥнээх суоҕа.

Президент Б. Н. Ельцин Дуогабарга илии баттааһын церемониятын кэмигэр эппитин курдук, республика иннигэр культура, олох-дьаһах эйгэлэрин салайыыга, республика уонна олохтоох былаас уорганнарын ситимин тэрийиигэ, көҥүл экономиканы сайыннарыыга киэҥ саҕахтар арыллаллар».

Михаил Николаев, төрөөбүт Сахатын сиригэр президенинэн талыллан уон сыл үлэлээбитин устатыгар республиканы салайыыга, норуот өйүн-санаатын өрө күүрдүүгэ, олох-дьаһах, доруобуйа, үөрэх салааларын эйгэтигэр сүҥкэн уларытыылары киллэрбит уһулуччулаах салайааччы, ыыппыт тосту уларытыылара – реформалара, бэйэтэ этэринэн, «биһиги оҕолорбут, сиэттэрбит… хаһан да төлөммөт иэстээх аҕа саастаах көлүөнэбит уонна норуот бүттүүнүн туһугар» оҥоһуллубуттара.

1996 сыллаахха тахсыбыт «Поговорим начистоту» диэн кинигэтигэр кини маннык суруйбута:

«Кэнники үс сылга уонтан тахса анал сыаллаах программа уонна нэһилиэнньэни олох-дьаһах өттүнэн көмүскээһиҥҥэ сүүстэн тахса нормативнай докумуон оҥоһуллубута.

Ону таһынан, биһиги нэһилиэнньэ олоҕо уларыйа турар быһыытыгар-майгытыгар пенсионердар олохторун таһыма эмискэ түһүүтүн сымнатар туһуттан пенсиянан хааччыйыы систиэмэтин саҥардан кэриэтэ олоххо киллэриини ситиспиппит. Республика региональнай балаһыанньата уратылааҕын учуоттаан, федеральнай сокуон быһыытынан ананар пенсияҕа уйгуоталаах усулуобуйа уонна эбии төлөөһүн көрүллүбүтэ. Пенсияны ааҕыыга урукку хамнаһы үрдэтэр механизм оҥоһуллубута. Сыл буолан баран оннук механизм Российскай Федерацияҕа киирбитэ».

Норуот туһугар, дьиэ кэргэҥҥэ кыра оҕотуттан кырдьаҕаһыгар тиийэ олох-дьаһах, дьиэ-уот, доруобуйа, үөрэхтээһин хайысхаларыгар оҥоһуллубут чэпчэтиилэр, уйгуоталар, пособиелар, көмө арааһа – киһи ааҕан сиппэт үтүө дьыалалара, улууканнаах тутуулар олус түргэнник умнулла быһыытыйдылар. Ол оннугар туора киһи хараҕар туораах баарын тутуһааччылар, бэйэлэрин иннигэр бэрэбинэ да баарын билиммэт хоруотааччылар була сатаан холуннарыылара, куһаҕаны хостуу сатыыр кураанах куолулара өргө диэри соһуллар буолар эбит. Оттон ол оҥоһуллубут үтүө дьыалалар хас биирдиилэрэ олоххо киириитэ төһөлөөх өйү-санааны, кэпсэтиини, мөккүөрү, дакаастабылы, туруорсууну, үлэни-хамнаһы, сыраны-сылбаны эрэйбитэ буолуой? Буолаары буолан аан дойду биир саамай улахан сабыдыаллаах улуу судаарыстыбата ыһыллар ыксаллаах сылларыгар урут умнууга хаалбыт уһук хоту дойдуга ыытыллыбыттара ээ бу уһулуччулаах тосту уларыйыылар, сөҕүмэр ситиһиилээх реформалар! Ону өйдүү-ырыҥалыы түһэр, долоҕойго тутан ыараҥната, сыаналыы сатыыр өй, дьоҕур тиийбэтэ үгүспүтүн дьүдьэтэн көрдөрөрө ама мэлдьэх буоллаҕай?!

«Биһиги дьону-сэргэни, кинилэр кэргэттэрин – оробуочай, пенсионер, эр киһи, дьахтар буоллун – барыларын экономика саамай уустук усулуобуйатыгар эрэллээхтик оҥостон-дьаһанан олорорго үөрэтэбит.

Кэнники түөрт сылга биирдиилээн ыалга дьиэни тутууга биһиги ыытар саҥа политикабыт уонна государствонан оҥоһуллар өйөбүлбүт үчүгэй түмүктэри көрдөрдө. Биирдиилээн ыалга дьиэни тутуу 2,5 төгүл улаатта. 1995 сылга бу хайысханан тутуу 380 тыһыынча квадратнай метр иэҥҥэ тэҥнэстэ. Нэһилиэнньэ биирдии дууһатыгар тиксэринэн 1995 сылга Россия үрдүнэн орто көрдөрүүттэн биһиэнэ 2 төгүл ордук. Ол туһунан 6 сыл анараа өттүгэр этэ да барыллыбат этэ. Олох-дьаһах социальнай политикатын актыыбынайдык ыытыы сүрүн ситиһиитэ: нэһилиэнньэ олоҕун таһыма олус сатарыйбата, сөбүгэр үлэнэн хааччыллыы усулуобуйата тутуһулунна, нэһилиэнньэ дьадаҥы араҥата олох-дьаһах өҥөтүнэн өйөбүллэннэ. Хамнас төлөбүрүгэр биһиги республикабыт Россия Федерациятын субъектарын ортолоругар төрдүс миэстэни ылар. Нэһилиэнньэ харчынан дохуота 1995 сыллаахха 6 % улаатта, бааннарга уонна каассаларга нэһилиэнньэ уурумньу харчыта 500 миллиард солкуобайга тэҥнэстэ. Бүгүн хас үһүс ыал массыыналаах. Бу барыта «шоковай терапия» усулуобуйатыгар ис ырыынага суох олорон тыыннаах хаалар кыаҕы биэрбитэ.

Бүгүн биһиги саамай ыарахан кэмҥэ экономика уонна олох-дьаһах эйгэтигэр салгыы сайдар базовай усулуобуйаны тэриннибит диэн этэр кыахтанныбыт», – диэн М. Е. Николаев 1996 сыллаахха суруйбута.

Бу сэмэй тыллардаах кылгас ахтыы ис хоһооно, дьыалатыгар киирдэххэ, баһырхай киэҥ. Россияҕа бары барыта айгыраан ыһылла-тоҕулла турар кэмигэр биэс сыл иһигэр (1991–1996 сс.) биһиэхэ 105 оскуола, 87 медицина тэрилтэтэ тутуллубута. Бэл сэбиэскэй кэм туруктаах, сайдыылаах сылларыгар бачча тутуу барбыта дуо? Сыыппаралары сыымайдааччылар тоҕо эрэ маны ахтыбаттар.

Сарсыҥҥы Саха сирин дьонугар олохторун укулаатын уларытар акылаат ууруллубута. Этэргэ дылы, саҥа кэм ыччата Ийэ, оҕо харыстабылын киинигэр күн сирин көрөн, саҥа киэҥ-куоҥ, сырдык, ыраас оскуолаҕа киирэн, эҥин-эгэлгэ спорт дыбарыастарыгар, «Эллэй Боотур» муус дыбарыаска дьарыктанан оскуолатын бүтэрэн, университет киэҥ уораҕайыгар үөрэнэн үлэһит буолан, аан дойду ханнык баҕарар муннугар быһа көтөр буолуоҕа. Хаһан да, ханна да тиийдэр кини көрө үөрэммит, уруккуттан билэр эйгэтигэр сылдьардыы сананыаҕа. Сорох-сорохпут бэлиэр саҥа эйгэҕэ, усулуобуйаҕа үөрэнэ оҕустубут быһыылаах, тугу да хоҥуруубутугар хоннорбот, сонурҕаабат-сэргээбэт буоллубут, ол иһин оҥоһуллубуту, ситиһиллибити ситэ сыаналаабаппыт, суолта биэрбэппит. Биллэн турар, бары оннукка тиксэ, туһана иликпит. Ол гынан баран сыал-сорук чуолкай, инникигэ дьулуһар хайысхабыт биллэр.

Сорохтор этэр этиилэрэ, тутуһар тутуһуулара үп-ас кэлтэй социальнай эйгэҕэ эрэ кутуллар буолла, производство хаалла, промышленность сайдыбат диэн. Михаил Николаев президенниир бастакы сылыгар инвестицияны ханнык эйгэҕэ салайар туһунан мөккүөр, санаа утарсыыта тахса сылдьыбыттаах. Ол сөп, мөккүөр – олох ирдэбилэ, таба суолу талыы – дьылҕа түстэниитэ. Ону күөртээн өскө-сааска кубулута сатааччылар дьон, норуот ортотугар бутууру таһаараллар, өйү-санааны хайыталлар. 1992–1995 сыллардаахха бүтүн дойду үрдүнэн улахан инфляция бара турар, производство, көдьүүһэ түһэрин ааһан, сорох салааларга төрдүттэн эстэр турукка киирэн турар кэмигэр үбү-аһы производствоҕа хото салайыы тэһэҕэс уһаакка ууну кутуу тэҥэ этэ буоллаҕа дии. Аны производствоны сайыннарбытыҥ, атаҕар туруорбутуҥ кэннэ онтукаҕын приватизация нөҥүө ханнык эрэ олигарх бэйэтигэр апчарыйыа турдаҕа. Ыт атаҕын туттаҕыҥ ол, үпкүн-аскын кутан сордонон-муҥнанан тутан биэртиҥ кэннэ хантан кэлбитэ биллибэт киһи (олохтоох буоллар, өссө син да этэ) көрдөрбүтүнэн күрэтэн барыа дии. Оннук буолбута, буола да турар.

Михаил Ефимович оччотооҕу олох хаамыытын, быһыытын-майгытын таба сыаналаан, дириҥник тургутан, чахчы биһиги туспутугар саамай сөптөөх хайысханы тутуспут эбит. Ол да буоллар үөһэттэн-аллараттан үтэйии күүһүнэн үлэлээбитэ өссө маҥнайгы сылларыттан үп-ас хамсааһына сотору производство эйгэтигэр көһүөн туһунан этэр буолбута. 1995–1996 сылларга экономика политиката Ньиэби, гаһы холбуу сайыннарыы хайысхатыгар уларыйбыта. Бастатан туран, Таалакааннааҕы ньиэп саппааһын туһаҕа таһаарыллыахтааҕа. Ону баҕабыт хоту олоххо киллэрэн бараммыт, буор босхо «Сургутнефтегаз» компанияҕа былдьаттыбыт. Ол Таалакааммыт Өлүөнэ, Алдан, Амма өрүстэрбитин аннынан туораан Сахабыт сирин устун субуллуохтаах нефтепровод тардыллыытыгар биир төрүөтүнэн буолла.

Михаил Николаев дьүккүөрдээх туруорсуутунан уонна өйөбүлүнэн «Алмазы России-Саха» (АЛРОСА) АК тэриллэн, республика бары норуоттарын туһугар бюджет сүрүн үбүн киллэрэр тутаах тэрилтэ быһыытынан уонча сыл кэриҥэ үлэлээн, иитэн-аһатан кэллэ. Бу дойду үрдүнэн суох, хотугу республика норуоттарын инникилэрин ыраахха диэри көрүнэн хайыҥ охсуммут хаһаастаах ампаардара, уолбат ыанньыктара этэ. Ону баара хайа күн Михаил Николаевы президент дуоһунаһыттан туоратаат, интэриэстээх олигархтар эргимтэлэрэ, күрүөтэ көтүллүбүт окко киирэрдии, республика норуоттарыттан булгу халты харбатар сыаллаах харса суох киирэн-тахсан, бэйэлэрин диэки тардыалаһан кирдиэлэппитинэн барбыттара. Түмүгэр АЛРОСА акцияларын хонтуруоллуур бакыатын уонна ПНО «Якуталмаз» баайын-дуолун (имущественнай комплекс) федеральнай былаас бэйэтигэр ылла. Биһиэхэ алмаас хостооһунуттан нолуок хаалар, тиийбэт үбү Россия төлүөх буолан билиҥҥитэ тылынан эрэ эрэннэрэр. Төһө да сүүйтэриилээх курдук хаалбыппыт иһин, маҥнай суоттаммыттарыныы, урукку курдук кэм бүтүннүү былдьаан ылбатылар.

Онон Союз эстэр бастакы күчүмэҕэй сылларыгар бүгүҥҥү күннээх инникибитин ырааҕынан өтө көрбүт бүтүн өйдөөх бөлүһүөк киһилээх буоламмыт, социальнай хайысханы сөпкө талан, туттан-хаптан хаалбыппыт, тутуу былдьаһан олохпутун-дьаһахпытын көрүммүппүт дэлэкэлээх суолталаммытын сыта-тура ырыҥалаан көрүҥ эрэ.

Сиилии-одуулуу көрсүбүт дыбарыастарбытыгар, Медицинскэй кииммитигэр республикабыт араас уһугуттан төһөлөөх киһи, оҕо аймах кэлэн дьарыктанан, эмтэнэн доруобуйатын көннөрүммүтэ буолуой? Ол иһигэр утарсыбыттар кытта эмтэнэн абыраммыт сурахтара иһиллэр. Дьон өйө үтүөҕэ тутатына кылгас буолан, кэлин үгүс уонунан сыллар ааспыттарын эрэ кэннэ оннун булан үтүөнү үйэтитэр, сыаналыыр уратылаах. Ол бириэмэнэн бигэргэнэр, кэминэн кэмнэнэр сокуон. Дьон өйүн-санаатын сахсархай өттүн уута-хаара, ыыра-дьаара ыгыллан ыраастаннаҕына, дьиҥнээх киһи өркөн өйө, оҥорбут дьыалата күндү таас күлүмүн курдук көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн, үйэлэр усталарыгар күлүмүрдүү сыдьаайар аналлаах…

Норуот хаһаайыстыбатын хайа да салаатыттан өтөр-наар өнүйэн биэрбэтэх салаанан тыа хаһаайыстыбата буолар. «Реформа кэмигэр, үгэс курдук, куруук барыһа суох үлэлээх тыа сирэ ордук эмсэҕэлээбитэ. Биһиги оннук буолуохтааҕын сэрэйбиппит, ол иһин тыа дьоно олохторун таба оҥостоллоругар эрэллэрэ улаатарыгар элбэҕи оҥорбуппут. Бүгүн тыа сирин табаары оҥорооччуларыгар дотация быһыытынан кырата суох үп бэриллэр. Нолуоктааһыҥҥа уйгуота оҥоһулунна. Тыа хаһаайыстыбатын инфраструктурата сайдарыгар дьаһаллар ылыллаллар. Тыа сирин газтааһын төрдүс сылын күүскэ ыытыллар. Ленаттан ууну хачайдыыр бөдөҥ гидротехническай тутуулар бараллар. 250 тыһыынча гектартан ордук сир чааһынай бас билиигэ түҥэтилиннэ, элбэх трактор, массыына, ынах сүөһү, сылгы чааһынай хаһаайыстыбаларга босхо бэрилиннэ» (М. Николаев, «Поговорим начистоту», 1996 с.).

Маҥнайгы сылларга реформа чахчы күүскэ барбыта – хааччаҕа суох кредиттэр, сир реформата, саҥа тэриллэр бааһынай хаһаайыстыбаларыгар биэс сылга нолуоктан босхолонуу, сүөһүнү-аһы паайынан үллэстии, дьиэ-уот тутуутугар көмө, о. д.а. Манна олус суолталааҕа сир реформата буолбута. Тыа киһитэ барыта бэйэтэ бас билэр сирдэнэн-уоттанан, сүөһү-ас тутан күн бүгүнүгэр диэри онон эрэх-турах олорон кэллэ. Кэлин сылларга дьиэ кыылын-көтөрүн түргэнник ситэр көрүҥнэрин, табаарынай кредити тарҕатыы тэтимнээхтик ыытыллыбыта.

Реформа тыа дьонугар хаһаайыннааһын көрүҥүн бэйэлэрэ талалларыгар көҥүл биэрбитэ. Дьон өйө-санаата хайдаҕынан салайтаран олоҕун-дьаһаҕын оҥостубутунан барбыта. Саастаах, ийэлэрэ-аҕалара урукку НЭП саҕанааҕы көҥүл сайдыы кэмин туһунан үчүгэй өйдөбүллэрин умна илик, кэпсээбиттэрин өйдүүр өттүлэрэ саҥа кэми үөрэ-көтө, биһирии көрсүбүттэрэ. Буолумуна, ким да сирэйин-хараҕын кэтээбэккэ, бэйэ баһын бэйэ салайынар чахчы көҥүл кэмэ кэлбитэ. Сир баар буолла да, төһө баҕарар сүөһүнү, сылгыны иитэриҥ бэйэҥ көҥүлүҥ. Үлэлээбитиҥ, оҥорбутуҥ барыта бэйэҥ киэнэ. Сатыыргынан, дьоҕургунан үлэлиириҥ, оҥороруҥ барыта бэйэҥ илиигэр. Этэргэ дылы, сүрэҕэ суох эрэ киһи куһаҕаннык олоруон сөбө. Быһатын эттэххэ, реформа чааһынай бас билии көрүҥэ үөскүүрүгэр кыах биэрбитэ. Тоҕо диэтэххэ, ырыынак экономиката сайдарыгар бу биир сүрүн көрүҥ. Чааһынай бас билии кыра уонна орто бизнес күүскэ сайдыытын көҕүлүөхтээҕэ. Реформа сыала-соруга саамай сөптөөх хайысхаҕа туһаайыллыбыта. Улахан көмө, өйөбүл оҥоһуллубута эрээри, олоххо киириитэ санаа хоту толору ситиһиллибэтэ. Ол төрүөттэрэ манныктар:

Маҥнайгытынан, нэһилиэнньэ менталитета уларыйыыта. Чааһынай бас билии өйдөбүлэ холкуос саҕанааҕы кырдьаҕас көлүөнэ өйүгэр-санаатыгар эрэ ордон хаалбыт. Сопхуос кэминээҕи көлүөнэни бэлэм ыйыыны, уурааҕы, хамаанданы эрэ толорорго үөрэтэн, өйүн-санаатын буомурдан кэбиспиппит. Үчүгэй үлэһит буоллун, куһаҕан буоллун – биир тарибынан быһыллыбыт хамнас ый аайы кэлэ турара. Онон бэлэмҥэ үөрэммит көлүөнэ бэйэ бас билэр чааһынай хаһаайыстыба диэн тугун, кини үтүөтүн-амтанын билбэтигэр, ол туһугар кичэллээхтик, элбэхтик үлэлиири сөбүлээбэтигэр, сүрэҕэлдьииригэр сытар сүрүн мэһэй.

Иккиһинэн, бородууксуйаны батарыы механизма суох. Босхо кредит, сүөһүнү, техниканы паайынан үллэстии, биэс сыл нолуоктан босхолонуу түмүгэр икки-үс сыл иһигэр хас да тыһыынчанан бааһынай хаһаайыстыбалара тэллэй курдук үөскээн баран, бородууксуйаларын кыайан батарбакка, харчы суох буолан, аҕыйах сылынан эстэргэ барбыттара.

Үсүһүнэн, күһэйии күүһүнэн коллективнай предприятиелары тэрийии. Урукку холкуос форматынан биирдиилээн хаһаайыстыбалары холбоон, ыһыллыбыт совхозтар оннуларыгар государствонан өйөнөр предприятиелары тэрийии улахан көдьүүһэ суоҕа төрдүттэн өйдөнөрө. Дьон үлэһит, кыайар-хотор өттө бааһынай хаһаайыстыбаларыгар, предпринимательствоҕа барбыттара. Онтон орпут өттө уонна урукку сопхуос бэлэмигэр үөрэммит дьон араҥата КП-га киирбиттэрэ. Оннук үлэһит кэлэктиип үлэни-хамнаһы ырыынак ирдэбилигэр эппиэттиир гына тэрийэр кыаҕа суоҕа биллэр.

Төрдүһүнэн, хонтуруол, ирдэбил суоҕа куһаҕан. Төннөрүллүбэтэх элбэх кредит дьон кэдэрги майгытын, иҥсэтин көбүппүтэ. Босхо харчы аналлаах салааҕа туһаныллыбакка туохха-туохха туттуллубута аанньа хонтуруолламматаҕа.

Бэсиһинэн, коррупция. Тыа хаһаайыстыбатыгар бюджетынан элбэх үп көрүллэр эрээри, дьиҥнээх бородууксуйаны оҥорооччуга үксэ тиийбэт. Ол оннугар тугунан дьарыктаналлара биллибэт посредниктар – хос моонньох тэрилтэлэр, араас ГУП-тар, фирмалар бюджет харчытыгар иитиллэн олороллор. Манна кытаанах экспертиза ыытан, тыа хаһаайыстыбатыгар дьиҥ туһалаахтарын эрэ хааллартаан баран, атыттарын эһитэлиир боппуруоһу үөрэтиэххэ баара.

Кэлиҥҥи сылларга тыа сирэ эбии айгыраата. Арыгылааһын элбээтэ. Бастакы уон сылга харчынан, табаарынан кредиттээһин, араас уйгуота, көмө баар эбит буоллаҕына, ол билигин суоҕун кэриэтэ. Ол оннугар государство эти-үүтү харчыга тутар да, сыаната кыра. Инфляция, сыана үрдүү турар. Тыа киһитэ урукку курдук көмүскэлэ суох буолла, эргиччи өттүнэн кыпчыттарыыга ылларда. Итини учуоттаан туран, эт-үүт туттарыллар сыаната сыллата аайы эбиллэн, индексацияланан иһиэхтээх этэ.

Тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын 70 %-нын чааһынай бас билиилээх кэтэх ыал оҥорор. Ол аата, чааһынай бас билии формата атыттардааҕар ордуга сыллата аайы дакаастанан иһэр. Оттон государство өттүттэн өйөбүл өнүйбэт. Хас сылгы, ынах сүөһү төбөтүн аайы субсидия бэриллиэхтээх этэ. Оччоҕо эрэ сүөһү ахсаана эбиллиэ, орто бааһынай араҥата үөскүө этэ буоллаҕа дии. Ол араҥаттан сыыйа кыахтаах, улахан хаһаайыстыбалар тахсар усулуобуйалара үөскүө этэ. Нэһилиэк аайы биирдии-иккилии кыайыгас-хотугас, кыахтаах дьон баар буолаллар. Оннук дьону уопсай биир халыыпка киллэрэн хааччахтаабакка, чорбото-үрдэтэ тутан күүскэ өйүөххэ, кыахтара, далааһыннара улаатарын, сайдарын көҕүлүөххэ наада этэ. Оччоҕо былыргы муҥаат баайдар Омуоруйа, Додор курдук тыһыынчалыы сүөһүлээх, чааһынай бас билиигэ олоҕурбут бөдөҥ хаһаайыстыбалар үөскүөхтэрин сөбө.

* * *

1994 сыллаахха муус устар 26 күнүгэр М. Е. Николаев дьаныардаах туруорсуутунан Россия президенэ Б. Н. Ельцин «О восстановлении справедливости в отношении репрессированных в 20 – 30-е годы представителей якутского народа» диэн Уурааҕа тахсыбыта. Учуонайдар, политологтар, историктар өттүлэриттэн бу докумуон сүдү суолтатын дириҥник ырытыы, бар дьоҥҥо сиһилии быһааран суруйуу, өйдөтүү ситэ оҥоһулла илик. Оттон Михаил Ефимович өссө президенниэн быдан инниттэн, историческай наукаҕа улахан сыһыана суох, республиканы салайыы күннэтэ түбүктээх үлэтинэн дьарыктанар киһи эрээри, быыс-арыт булан бэйэтин норуотун ааһан, атын омуктар, дойдулар историяларын кытта иҥэн-тоҥон үөрэппитэ сөҕүмэр дьыала. Ол туһунан хас да кинигэ суруйда. Олортон сорохторун ааттаталаатахха, «Глубина памяти» (1998), «Страницы жизни народа саха» (1999), «Родом с Севера» (2002), «Возвращенные имена» (2003). Балары ситэн аахпыт да киһи аҕыйах буолуохтаах.

Михаил Ефимовичка аҥаардас сэбиэскэй кэм былаһын тухары омугун таҥнары миинэн кэлбит национализм дьаралыгын сотторбут историческай суолталаах уурааҕын да иһин пааматынньык туруоруохха диэн сөпкө этэллэр. «Возвращенные имена» кинигэ омук кырдьыгын дакаастыыр, кини аатын ыраастыыр, инники кэскилин туруулаһар суолтатынан республика салайааччыларыгар, учуонайдарга, ааҕааччыларга күннэтэ туттуллар ыйынньык, остуол кинигэтэ буолар. Онно сыһыаннаах кэпсэтиини бу кинигэҕэ киирбит «Норуотум кырдьыгар, кыаҕар уонна былааска эрэнэбин» диэн ыстатыйаттан билсиэххэ сөп.

Ельцин уурааҕа тахсыан быдан иннинэ өссө 1991 сыллаахха кулун тутар 18 күнүгэр М. Е. Николаев быһаччы дьаһалынан «О частичном возмещении материального и морального ущерба, причиненного социально-экономическому развитию Чурапчинского района от переселения в годы Великой Отечественной войны 1941–1945 гг.» диэн К. Е. Иванов илии баттааһыннаах СР Миниистирдэрин Сэбиэтин 138 №-дээх Уурааҕа тахсыбыта. Бу уураах быһыытынан, көһүү кыттыылаахтарыгар Аҕа дойду сэриитин уонна тыыл бэтэрээннэригэр көрүллэр уйгуоталар бэриллибиттэрэ. Ол курдук, кинилэргэ дьиэ-уот, коммунальнай өҥөлөр иһин төлөбүрдэр 50 %-ра сотуллар буолбута. Республика территориятын иһигэр сылга биирдэ транспорт бары көрүҥүнэн босхо туһанар бырааптаммыттара. Оннук быраап куорат иһигэр уонна тыа сиригэр улуус иһинэн сылдьар автобуһунан босхо туһанарга эмиэ көрүллэр. Көһүү историятын үөрэтэр инниттэн анал кинигэ таһааттарар уонна өлбүт холкуостаахтар ааттарын үйэтитэр сыалтан Чурапчы бөһүөлэгин иһигэр өйдөбүнньүк обелиск туттарар туһунан, о. д.а. барыта 16 араас пууннаах дьаһаллар олоххо киирбиттэрэ.

Уураах толору ис хоһоонун К. Е. Иванов 2006 сыллаахха тахсыбыт «С верой в будущее родной Якутии» диэн кинигэ-тигэр киллэрбитэ. Онно биэрбит быһаарыытыттан маннык тыллары ааҕабыт: «Чурапчы оройуонун нэһилиэнньэтин республика хоту өттүгэр көһөрүү туһунан элбэх этилиннэ, сурулунна. Саха сирин историятын бу трагическай чахчыларыгар сөптөөх сыанабыл бэрилиннэ… Бу уурааҕы көҕүлээччинэн САССР Үрдүкү Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, кэлин СР бастакы президенэ М. Е. Николаев буоларын бэлиэтиэхпин баҕарабын. Республика правительствота бу уурааҕы кини тус дьаһалынан олоххо киллэрбитэ. Хомойуох иһин, бүгүн сорох дьон уурааҕы ылыныыга уонна олоххо киллэриигэ М. Е. Николаев оруолун туһунан тыл быктарбаттар».

1996 сыллаахха ахсынньы 22 күнүгэр М. Е. Николаев президенинэн иккис болдьоххо талыллыбыта. Бастакы болдьоххо үлэтин-хамнаһын туһунан быыбардааччылар санаалара бэчээккэ үгүстүк тахсыбыта.

«Быыбардыыр общественнай холбоһуктар уонна тэрээһиннэр президеҥҥэ кандидатынан М. Е. Николаевы туруордулар. Бастакытынан, М. Е. Николаев демократическай уларытыылары киллэрэргэ баҕалаах. Кини бэйэтин көрүүлэригэр дьиҥ чахчы бэриниилээх, эрэмньилээх уонна, төһө да ыарахаттары көрүстэр, талбыт суолун устун толлубакка иннин диэки дьулуруйан иһэр дьоҕурдаах.

Иккиһинэн, Михаил Ефимович, биһиэхэ эрэ буолбакка, аан дойду таһымыгар биллибит политическай лидер.

Кини бары этиилэригэр барыларыгар, чопчу логикалаах толкуйугар, инникини көрүүтүгэр олус эрэллээх. Биһиги президеҥҥэ кандидаппыт бүгүҥҥү ыарахаттары быстах көстүү быһыытынан ааҕар. Аан дойду сайдыылаах государстволара бары маннык ыарахаттары туораабыттара. Цивилизованнай рынок баар сирэ хаһан баҕарар бары өттүнэн чэлгийэ сайдар кыахтаах буолар. Сотору кэминэн рынок барытын оннун булларыа».

М. Новгородов, «Дабаан» хаһыат, Кэбээйи улууһа. 03.10.1996 с.

«Президент М. Николаев, инники дьылҕата хайдах да түстэммитин иһин, ырааҕы өтө көрөр мындыр салайааччы быһыытынан, регион эрэ буолбакка, уопсай Россия таһымынан, сорох өрүттэргэ өссө аан дойду рангалаах политигынан историяҕа букатыннаахтык киирдэ.

Бу Михаил Ефимовиһы арбааһын буолбатах. Кини Саха Республикатын президенин быһыытынан үлэтин-хамнаһын бары бүттүүн, ол иһигэр оппоненнардыын, билиниибит, сыаналааһыммыт буолар.

М. Николаев политическай имиджин сүрүн ис хоһооно республикатын интэриэһин өрө тутар уонна көмүскүүр баар-суох соҕотох Аҕа Баһылык быһыытынан көстүүтүгэр буолар. Үлэтигэр-хамнаһыгар биир дьэҥкэтик көстөр суолунан-ииһинэн норуот бэйэтэ талбыт бас-көс киһитин сыратын-сылбатын, оҥорбут үтүөтүн хайдах да өйдөөбөт, сыаналаабат буолуон сатаммат диэн санаанан салайтаран, норуотун уйгута улаатарын туһугар туох баар ыарахаттары барытын бэйэтигэр ылыммытын бэлиэтиир сиэрдээх буолуо этэ. Хомойуох иһин, норуот сирдьитин хайаан да батыһар кэмэ ааһан турар. Норуот таптала пенсия, хамнас төлөнүүтүттэн, квартира сылааһыттан-тымныытыттан тутулуктаах уларыйа турар көстүү буолла.

М. Николаев кэлэр биэс сылга Саха Республиката демократия суолунан эрэллээхтик сайдыытын мэктиэтинэн буоларын итэҕэйээччилэр кини тула түмсэр кэмнэрэ кэллэ. Ол аҥаардас Михаил Николаевы талар эрэ инниттэн буолбатах, кини Саха сирин инники сайдыытын стратегиятын олоххо киллэрэрин туһугар».

Ю. Шумилов, геолого-минералогическай наукалар доктордара. «Республика Саха», 02.12.1996 с.

«Киһи сааһырыыта – бу кини муудараһа, уопутуруута уонна ырытан, анааран көрөр дьоҕура. Мин көлүөнэм дьонугар, сэрии, тыыл, үлэ ветераннарыгар, чэпчэкитэ суох дьылҕа тиксибитэ. Олохторугар үөрүү да, кутурҕан да баара. Ол да иһин оҕонньоттор хаһан да ыксаабакка, барытын ыараҥнатан көрөн баран биирдэ сыана быһаллар, түмүк оҥороллор. Чахчы маннык быһыыга-майгыга республика столицатын ветераннара өссө атырдьах ыйыгар президент быыбарыгар М. Е. Николаев кандидатуратын өйүүргэ бэйэлэрин үөлээннээхтэригэр ыҥырыы таһаарбыттарын мин саарбахтаабаппын.

Ааспыт биэс сыл биһиги республикабыт олоҕун бары эйгэтигэр биллэр уларытыылары таһаарда. Биллэн турар, республика олоҕор, обществоҕа, биирдиилээн да киһиэхэ барыта сырдыгынан эрэ сыдьаайбатах өрүттэр баалларын учуоттаан, оҥоһуллубукка биир бигэ сыанабылы туруорар кыаллыбат. Маны барытын өйдөөн туран, объективнайдык сыаналыахха наада. Ол эрээри биһиги президент Николаев оруолун киһилии сыаналыахтаахпыт. Төһө да элбэх уустуктар, ыарахаттар баалларын үрдүнэн кини история бу боростуойа суох кэмигэр республиканы хорсуннук салайбыта. Элбэх омуктаах норуотун дьылҕатын туһугар улахан эппиэтинэһи сүкпүтэ. Биһигини, сэрии уонна тыыл ветераннарын, республика өйөбүлэ уонна кыһамньыта санаабытын көтөҕөр. Чахчы элбэх оҥоһуллар. Бастатан туран, ветераннары дьиэнэн хааччыйыыга, олох-дьаһах уйгуотатыгар, транспорт ороскуотугар, эмтэниигэ, о. д.а.».

П. Упхолов, СР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ. «Республика Саха», 11.12.1996 с.

«Михаил Николаев, биэс сыллаах ситиһиилэргэ, мунньуллубут уопукка олоҕуран, государственность бөҕөргөөһүнүн, көҥүл экономика, олох-дьаһах көмүскэллээх буолуутун, духовность үрдээһинин курсун тутуһары этэр. Инникитин даҕаны үйэлэргэ мунньуллубут үгэһи тутуһуу уонна циркумполярнай цивилизацияны сайыннарыы политикатын ыытыаҕа. Кылаабынай сыала – элбэх омуктаах Саха сирин норуота дьоллоохтук, уйгулаахтык олоруута. Николаев саныырынан, Саха сирэ, ураты регион буоларын быһыытынан, бүтүн Россиятааҕы государственнай политикаҕа киириэхтээх. Оһуобай уратылаах географическай, климатическай, экономическай, о. д.а. усулуобуйаларынан. Маннык сыһыан Саха Республиката атаҕар туруутун саҥа этаба буолар».

В. Павлов, «Якутмебель» холбоһук генеральнай дириэктэрэ. «Республика Саха», 17.12.1996 с.

«М.Е.Николаев үгүс өрүттээх үлэтин-хамнаһын барытын эридьиэстээбэккэ, кини үлэтин чопчу биир хайысхатын бэлиэтиир наада. Президент дьаһайар кэмигэр төрөөбүт норуоттарын туһугар туруулаһан үлэлээбит, охсуспут П.Ойуунускай, М.Аммосов, И. Барахов уонна И.Винокуров курдук ойуччу миэстэҕэ турар уһулуччулаах салайааччылары кэриэстээһиҥҥэ киэҥ далааһыннаах үлэ ыытыллыыта кинилэр үтүө үгэстэрэ, салайар үлэҕэ кылаан чыпчаал холобурдара салҕанарыгар эрэмньини саҕаллар. Норуот чулуу уолаттарын ааттарын тилиннэриигэ, кинилэр нэһилиэстибэлэрин билиигэ таһаарыыга үлэни көҕүлээһиниттэн, 1928 с. уураах көтүрүллэрин ситиһиититтэн, 1986 с. репрессия кэлиҥҥи долгунун сиэртибэлэрэ буолбут ыччаттарга тус кыһамньытыттан, о.д.а. ити хайысханан үгүс үлэ барарыттан хайа саха киһитэ астыммат буолуоҕай?! Өксөкүлээх, Күлүмнүүр, Алампа, о.д.а. норуот кутун-сүрүн иитиэхтээбит духуобунай лидердэри өрө тутуу, государственнай таһымҥа таһааран үйэтитии, кэриэстээһин омук сиэрэ-майгыта, өйө-санаата барҕарарын түстүүр суолталаахтар. Уопсайынан, духуобунас, үөрэхтээһин, наука уонна культура сайдарыгар урут хаһан да бачча элбэх оҥоһуллубатаҕа, хайа да атын салайааччы айар, научнай интеллигенцияны, норуот инникитин – ыччатын бу курдук өйөөбөтөҕө, өрө туппатаҕа диэн этиллиэн этиллэр. Ити барыта уһуну-киэҥи көрөртөн, бэйэ норуотун иннигэр салайааччы быһыытынан ытык иэһи толорор баҕаттан уонна кини кэскилин дириҥник өйдүүртэн тахсар.

Народнай суруйааччы В.С.Яковлев-Далан М.Е.Николаевы иккис болдьоххо референдумунан быһааран хаалларыаҕыҥ диэн ыҥырыытын «Эдэр интеллигенция» түмсүү биир маҥнайгынан өйөөбүтэ. Билигин студеннар, ыччаттар общественнай түмсүүлэрэ, тэриллиилэрэ бүттүүн кини кандидатуратын өйөөтүлэр. Промышленнай улуустар, нуучча тыллаах нэһилиэнньэ да санаата М.Е.Николаевка ордук охтуох курдук. Саха дьоно бэйэбит биир санааламмакка, чахчы бэйэтин итэҕэтиилээхтик көрдөрбүт, үлэтин-хамнаһын үгэнигэр сылдьар билиҥҥи президеммитин талар тоҕооһу мүччү тутарбыт сатабыла суох. Сахабыт сирин туһун санаан, М.Е.Николаевка өссө биир болдьоххо үлэлээн мунньуммут үөрүйэҕин, сатабылын уонна потенциалын толору туһанарыгар, саҕаламмыты ситэри олоххо киллэрэригэр, кыаллыбатаҕын туоратарыгар кыахта биэриэҕиҥ!»

В. Луковцев, «Эдэр интеллигенция» түмсүү хос бэрэссэдээтэлэ.

«Саха сирэ», 1996 с.

1996 сыллаахха ахсынньы 29 күнүгэр республика биллиилээх дьонун санааларын, сыанабылларын Михаил Николаев президент дуоһунаһыгар иккис болдьоҕор киирэригэр эппит тылыгар толору бигэргэппитэ:

«Республика президенин быыбарын түмүгэ эмиэ, сайыҥҥы Российскай Федерация президенин быыбарын курдук, Саха сирин олохтоохторо дьон олоҕун тупсарарга аналлаах уонна уопсастыба туруктаах буолуутун хааччыйар демократическай уларыйыылары, экономическай реформалар барыыларын өйүүллэрин көрдөрдө… Биһиги норуоппут суверенитет идеятын, Россия Федерациятын иһинэн республика государственноһа бөҕөргүүрүн ылынарын биллэрдэ. Биһиги курспут, уруккутун курдук, Россия норуотун кытта ыкса сибээһи олохтооһунтан уларыйбат. Биһиги инникитин даҕаны федеративнай сыһыаннаһыылар саҥардыллалларын уонна салгыы сайдалларын, Россия государствота биир сомоҕо буола бөҕөргүүрүн туһугар туруулаһан айымньылаахтык үлэлиэхпит…

Быыбар хампаанньатын кэмигэр сорох күүстэр уопсастыбаны хайыта, бэйэ-бэйэҕэ утары туруора, итэҕэйбэт буолуу күлүгүн түһэрэ сатааһыннара табыллыбата. Демократическай уопсастыбаҕа былааска, салалтаҕа оппозиция баар буолуохтаах. Ол гынан баран кини эмиэ норуот уйгутун туһугар, саҥа Саха сирин тутууга бэйэтин ыллыктаах тылын-өһүн, кылаатын киллэриэхтээх…


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 13 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации