Текст книги "Краткий якутско-русский, русско-якутский словарь"
Автор книги: Тамара Петрова
Жанр: Словари, Справочники
Возрастные ограничения: +12
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 2 (всего у книги 42 страниц) [доступный отрывок для чтения: 14 страниц]
ААТ II 1. част. туох аатыгар ради чего; биирдэ төрөөбүт ааппар раз родился; оҕо аата итинник таков, хотя ещё ребёнок; атаҕа суох аата хаамар загад. ходит, хотя без ног; аатыгар эрэ только на словах; туох аатай что значит; аата-ахса биллибэт бессчетное количество; 2. бран. аат оҕонньоро, аат уола, аат тыына исчадие ада.
ААТ III межд. аат-татай! ыат-татайбын! аат-туолар! недовольство, досада; аата көрүстэхпит! радость, удивление.
АТАҔАСТАА обижать, притеснять, пренебрегать; атаҕастабыл обида.
АТАҔЫРҔАА от атах беспокоиться, предчувствовать приход гостей.
АТАМААН главарь, вожак; предводитель; разг. большой мастер.
АТААН взаимное недовольство, противостояние; атааннаа умышленно мешать к. – л. выдвинуться; атааннас быть недовольными друг другом; фольк. атааннаах-мөҥүөннээх аан ийэ дайды вселенная с противоречиями, противостоянием.
АТААР отправлять; көҥүллээн ыыт отпускать; тэрийэн ыыт снаряжать; тахсан атаар провожать.
АТАРА мас приспособление для вытаскивания рыбы; отрога, копьё.
АТААРҔАА относиться неприязненно, недоброжелательно.
АТАС приятель; доҕор друг; атаһым мой друг; атастыы по-дружески.
АТАСТАҺЫЫ мена, обмен; солбуйуу замена; атастас обмениваться.
АТАХ 1. нога, стопа, лапа (о животных); ножка (о предмете), тирээбил подпорка, подставка; тэллэҕэ подножье; ачаах козлы; дүлүҥ атах столб; атахтаа препятствовать, тормозить; подставлять ногу; с притяж. афф. атаҕым тоҥно замёрзли ноги+мои; атаххын суун вымой ноги+свои. 2. остаток, край; бурдук атаҕа мякина; күөл атаҕа выступающая часть озера; последний, худший, атах ынах, атах орон, атах сэргэ; атах-бытах дьон мелкий люд.
АТААХ избалованный, изнеженный, капризный (о ребёнке); атаахтат баловать, нежить, потворствовать.
АТТАА выхолащивать, скопить, класть.
ААТТАА I звать по имени; давать имя, называть, считать; убайым диэн ааттыыр считает братом; аатын ааттаан кэл специально приходить.
ААТТАА II успокаивать, утешать; ааттас умолять, упрашивать, увещевать; просить пощады.
АТТАН I отправляться в дорогу.
АТТАН II оказаться выхолощенным.
ААТТАН называться, именоваться, нарекаться, прозываться; называть себя, представляться; считаться, славиться.
АТТАР аттаран оҥор составлять, аттаран тик сшивать из кусков; аттаран туруор расставлять.
ААТТААХ (ааттанар) носящий имя, именуемый, называемый; ааттаах үчүгэй замечательный, превосходный, славный; ааттаах-суоллаах именитый, знаменитый, известный, прославленный.
АТЫЫ 1. продажа, торговля; товар; 2. сыаната цена (продажная); атыыһыт продавец, купец, торговец.
АТЫЙАХ (тордуйа) берестяной лоток; атыйахтаах уу курдук аймаата фольк. как воду в берестяной бадье расплескал.
АТЫЛЛАА перешагивать, переступать (порог, бревно, лужу).
АТЫЛЫЫ похожий, подобный; одинаковый, равный по достоинству.
АТЫЛЫН атыллар натыкаться, накалываться на остроконечное; ат маска атыллыбыт конь напоролся на кол.
АТЫН другой, иной; бу буолбатах чужой (не этот); атыннаах различный, прочий, посторонний; туора чуждый; киһиттэн атына суох нет различия от других людей; атыннык иначе, не так, по-другому.
АТЫҤЫРАА (ороһуй) не признавать, чуждаться, чураться; отвергать, отталкивать, бояться чужих (о ребёнке).
АТЫЫР I жеребец; нехолощёный самец; үөр атыыра табунный жеребец, вожак косяка.
АТЫЫР II 1. атыыр оҕус бык, пороз; 2. отличающийся величиной, крепостью, силою, властью; атыыр эһэ тириитэ, атыыр тымныы, атыыр киһи, атыыр дьахтар; атыырҕаа лезть на самку.
ААТЫР слыть, славиться; прославляться, получать известность; называться, считаться; аатырбыт прославленный, знаменитый, известный; аатырт прославлять, расхваливать, возвеличивать.
АТЫРДЬАХ вилы, рогатка; тимир атырдьах железные вилы; кыдама длинные деревянные вилы для стогования; үтүмэх рогатка для подводного лова.
АТЫРДЬАХ ыйа август; атырдьах ыйыгар в августе.
АХ I перестать; хаан ахта кровопролитие остановилось; ардах аҕынна дождь прекратился.
АХ II прогорклый вкус в пище; ахтаах арыы застоявшееся масло; аҕырбыт эт мясо с горьким привкусом; ахтый слегка прогоркнуть.
АХ III част. ах гына түс остановиться, опешить; ах барда замолчал.
ААХ I 1. читать; считать, вычислять, вести счёт; ааҕыс рассчитываться; считаться, брать в расчёт. 2. ааҕылын состоять, зачисляться, слыть; почитаться, цениться; ахсааҥҥа ыл слушаться, уважать; ахсааҥҥа ылбат не слушается, не считается.
ААХ II собир. част. аҕам аах мой отец с семейством; Егоров+таах семья Егорова; аах-маах глупый.
АХСАА ослабляться, слабеть; мөлтөө терять силы, сдать.
АХСААН 1. количество; биир ахсаан единственное число; элбэх ахсаан множественное число; ахсааннаах имеющий количество; элбэх ахсааннаах многочисленный; аҕыйах ахсаан малочисленный, считанный. 2. счёт, расчёт; аахсыы взаиморасчёт; харчы ахсааны таптыыр деньги любят счёт; ахсааҥҥа сылдьар в счету, в числе.
АХСАР считать важным; ахсарбат не уделяет внимания.
АХСЫМ горячий, ретивый (о лошади); ахсым майгылаах резкий; ахсым дьыбар жгучий утренник.
АХСЫННЬЫ декабрь, восьмой месяц; ахсынньыга в декабре.
АХТА киһи ахтата промежность у человека.
АХТАЛЫЙ ходить с важностью; пребывать в неге ахталыйан үөскээбит аан дойдум фольк.
АХТЫЛҔАН тоска; ахтылҕаннаах незабываемый, дорогой сердцу; ахтар тоскует; аҕынным стосковался, ахтыспыттар стосковались; ахтыы воспоминания.
АХХАН част. изрядно; тымныйбыт аххан, ыраах аххан, манан аххан буолбат.
АЧА осока; многолетняя трава; ача күөх ярко-зелёный цвет.
АЧААХ 1. стойки из палок с перекладиной; 2. атаах избалованный ребёнок.
АЧЧАЙ расходиться надвое; аччаччы тэп широко расставлять ноги; аччарый идти, выкидывая ноги вширь; аччарыс упираться на расставленные ноги.
АЧЧЫГЫЙ куччугуй, кыра маленький; аччат делать маленьким, убавлять.
АЧЧЫК голодный; тощий (от недоедания); заморенный (голодом).
Б
БАА буруй, сэмэ укор, упрёк, осуждение; баа буолбат, баата суох непредосудительно; баалаа, буруйдаа, сэмэлээ осуждать, упрекать; баалаама не осуждай; баалаабат не винит.
БАБАТ межд. удивление, испуг; всполошиться, вскрикнуть.
БАБДЬЫГЫРАА бабыгыраа повторять слоги ба-ба.
БААБЫР тигр; разг. баабый сильный, крепкий, мускулистый.
БАГДАҔАР широкоплечий, широкостатный.
БАҔА I лягушка (аччах); баҕа ыамата, баллыгынай головастик; баҕа батаһа горечавка (растение).
БАҔА II желание, стремление, намерение; разг. охота; баҕа санаа, ыра мечта; талымас прихоть; баҕарыы вожделение, похоть; баҕар желать, хотеть, стремиться; намереваться; баҕалаах имеющий желание.
БАҔА III модальн. сл. может, может быть, возможно, допустим, предположим; баҕар, кэлиэ может быть, придёт.
БАҔАДЬЫ (муҥха, илим) невод, сеть.
БАҔАЙЫ I бран. дурак, негодяй, урод, бездельник.
БАҔАЙЫ II усил. част. куһаҕан баҕайы безобразный; абааһы баҕайы чёрт какой-то; баай баҕайы ыал богатые люди; эппэт баҕайы не принято говорить; киһи кыбыстар баҕайыта так не принято, стыдно.
БАҔАНА толстый столб (столп), колонна; тулааһын опора, подпорка.
БАҔАРАХ I баҕарчах низкий горшок для кипячения молока;
БАҔАРАХ II болотистая низменность.
БАҔАС баҕастаах част. высокомерие; эн баҕас это ты-то; ырыалаах баҕастаах тоже мне певец; собир. част. всё; хатырыктары баҕастары буһар со всей чешуёй сварить.
БАҔАХ кэрэх баҕана столб для вывешивания шкуры жертвенной скотины; үс моонньоох аар баҕах о трёх выемках священный столб.
БААҔЫНАА гудеть (о пароходе), кричать густым басом.
БААДАҤНАА баадай шагать медленно, раскидывая ноги; бадьай тяжело передвигаться на согнутых ногах.
БАДАРААН (бырыы, дьэбэрэ) болото, топь; грязь; бадарааннаа вязнуть в болоте (грязи); бадьара-дьоруо ход лошади, которая бежит по болоту.
БАДАХ бадаҕа модальн. сл. вероятно, кажется, видно, должно быть; кэлбит бадахтаах должно быть, приехал.
БАДЫК утренние и вечерние сумерки, полумрак.
БАДЬА жена младшего деверя (жена брата мужа).
БАДЬАРХАЙ шероховатая поверхность (кора берёзы).
БАДЬЫР большой деревянный ковш, уполовник.
БАЙ I 1. межд. изумление тыый; 2. баай-баай припев колыбельной песенки.
БАЙ II богатеть, обогащаться; байан-тайан олор жить в богатстве.
БААЙ I богатство, состояние, имущество; богатый, состоятельный, зажиточный; сиртэн хостонор баай полезные ископаемые; баайдаах имеющий богатство; байылыат олох зажиточная жизнь; байар обогащается; байыт обогащать; дать возможность разбогатеть; байымсый выставлять себя богатым.
БААЙ II связывать; хам кэлгий привязывать; өртөө спутывать, ат атаҕын баай стреноживать; аты баай (аччыктат) готовить коня к скачкам; иэс баайар даёт в долг.
БААЙ III вязать, плести; үтүлүк баайар вяжет варежки; илим баайар плетёт сети; баайыылаах бурдук сноп; баайыллыбыт привязанный, баайылын быть привязанным; баайсар придирается.
БАЙАА саннын байаата шея до лопаток; баттаҕа саннын байаатыгар түспүт с волосами до плеч.
БАЙАНАЙ духи, покровители охотников и рыболовов.
БАЙААТТАҤНАА (баласкаайдан) шататься, качаться, едва стоять на ногах.
БАЙБАҔАР хатыҥ толстая берёза; байбары сборка на платье.
БАЙҔАЛ море; большая вода (далай, муора, эбэ); Байкал.
БАЙДАМ экспр. щедрый, роскошный; байым экспр. обильный, изобильный.
БААЙТАҺЫН нагульный (скот для забоя); кытарах ынах яловая корова.
БААЙЫЫ 1. связка, завязка; перевязка (раны); 2. оковы, узы; путы на ногах; галстук; 3. сүгэһэр мас вязанка дров, узел; суу тюк; түүтэх сноп.
БАКААЙЫ привеска; баскар бакаайы, атаххар адаҕа с палкой на рогах, с путами (колодкой) на ногах; бакаат запрет.
БАКЫЙБЫТ согбенный (бакыҥнаа, бакыр).
БААЛ I бал, пир; баал ас богатый стол.
БААЛ II волны, сильное волнение на воде; эмискэ баал түстэ внезапно начался шторм.
БАЛА много; бала бултаабыт добыл в большом количестве; сильно, очень; бала ыалдьыбыт, баалаппыт серьёзно заболел; ыарыыта баалаабыт состояние больного резко ухудшилось; балай ахан, балай эмэ достаточно; изрядно, довольно много; балай хаан буолбут весь в крови.
БАЛАҔАДЫЙ (балаадый, өлбөөдүй) уставать, утомляться; иметь изнурённый вид; уҥ терять сознание; түлээр бредить; маҥан күнүм балаадыйда белое солнце померкло.
БАЛАҔАН (дьиэ, сурт, ураһа) изба зимняя и летняя, жилище.
БАЛАҔАН ыйа сентябрь; балаҕан ыйыгар в сентябре; балаҕан ыйыттан с сентября.
БАЛАЙ бран. слепой, незрячий; атах балай наугад, куда ноги поведут; им балай хараҥа тьма; бала түс кидаться слепо, наугад; балабыай этэр говорит без основания, зря.
БАЛАМАТ экспр. нахальный, дерзкий; сумасбродный.
БАЛАМАХ запачканный, перепачканный; күөх баламах весь в синяках.
БАЛААРХАЙ (болоорхой, өлбөөркөй) туманный, мутный.
БАЛБААХ мерзлая глыба навоза.
БАЛБААЧЧЫ неодобр. аляповатый, некрасивый; неотёсанный, грубый, топорная работа; балбааччы тыллаах грубый, невоздержанный в словах.
БАЛКЫЫР (баал) шторм, волнение.
БАЛЛАҔАР быллаҕар пухлый; быллаҕар уостаах с толстыми губами.
БАЛЛАЙДАА (о плотнике) надрубать, засечь; неодобр. беспорядочно поступать.
БАЛЛЫР передняя нога лося в шкуре, подрезанная под лопатку.
БАЛЛЫРҔАА (балкый, лахсый) болтать вздор; балагурить, пустословить.
БАЛТА I кузнечный молот; балталаа бить молотом, ковать; балтаһыт молотобоец.
БАЛТА II балта тиис коренной зуб; балтам ыалдьар болит коренной зуб.
БАЛТА III младшая сестра; балтым ыалдьар болеет младшая сестра.
БАЛТАҔАР крупный, широкий, толстый; балтайбыт сирэйдээх с широким лицом; балтарык шест (гнёт) для стягивания сена к возу.
БАЛТЫҺАХ 1. Т-образная форма; стрела с тупым концом; 2. паз для медведей.
БАЛЫЙ клеветать, оговаривать; обсчитывать, обвешивать; балыыр ложное обвинение; навет; разг. поклёп.
БАЛЫК рыба (салыҥнаах) карась, мундушка; сыа балык, ньоҕор тугунок; тимэх балык вьюн; тойон балык таймень; кыһыл балык красная рыба; үрүҥ балык белая рыба; балыксыт рыбак, рыболов; изображение рыбы на левой стороне шаманского костюма; сир балыга ящерица; өлүү балыга гибельная рыба; балык эт наружные поясничные мышцы; балык айах беззубый.
БААЛЫН навязываться, напрашиваться; баһынан баалынна пристал против моего желания.
БАЛЫМ-салым щедрый; балым илиилээх подаёт много; үллэр-баллар увеличивается.
БАЛЫС младший годами; с притяж. афф. балтым младшая сестра+моя; балта сестра+его (её).
БАЛЫСХАН экспр. огромный, громадный, непомерный.
БААН I банк.
БААН II былааккын баан повязаться платком; былаатын бааммыт повязалась платком.
БАППАҔАЙ массивные лапы (о медведе); перен. грубые, в мозолях ладони.
БАР I приставка к собир. именам бар тыа тайга; бар дьон народ; бар кыыл огромная сказочная птица, беркут.
БАР II идти, ходить, удаляться; баран хаал уходить, уезжать; эргэ бар идти замуж; ол дойдуга бар отправиться на тот свет; күн-дьыл барар время идёт; сурах барар слух ползёт; табаар барар товар раскупается; чэй барар чай заваривается.
БААР есть, имеется, существует; имеется в наличии; находится тут.
БАРАА I одинаковый, парный (дьүөрэ); подходящий под пару; үс бараа хара күлүктээх солидный, важный.
БАРАА II вспом. гл. (бүтэр, эс) кыылы-сүөлү бараа уничтожать, истреблять, опустошать; сэниэтин бараа изводить; этин-сиинин бараа истощать; күнү-дьылы бараа тратить время; баайы бараа расточать богатство; аһы бараа кончать еду; баран (бүт) кончаться, иссякать; аһыыр аспыт баранна, этэ-тириитэ баранна, күүһүм баранна, тииһим баранна; бараммат бесконечный, неистощимый.
БААРАҔАДЫЙ экспр. возмужать, окрепнуть физически, повзрослеть; баараҕай крупный, рослый, матёрый; сильный, мощный; развитый.
БАРАНААК шутл. шалун, проказник (о ребёнке).
БАРААН I вид местности, дьиэ ис бараана обстановка дома.
БАРААН II тёмный; хара бараан түүн, хара бараан сирэй смуглый, брюнет.
БАРААХ птица кулик, петушок.
БАРАХСАН модальн. част. родной; Сахам сирэ барахсан Якутия дорогая моя; оҕом барахсан милый, любимый сыночек, уол барахсан бедняжка.
БАРБАХ неважный, нехороший, плохой; барбах майгы плохой характер; барбах үлэһит неважный работник; барбах сурах печальная новость.
БАРГЫЙ (бардьыгынаа) кричать громким, резким голосом, кипятиться от гнева (көбүөлээ); рявкать; ыт үрэн баргыйда громко залаяла собака.
БАРҔА I мощь, обилие; барҕа махтал бесконечная благодарность; барҕа баай неизмеримые богатства; барҕар поэт. расти, войти в расцвет, развиваться; стать сильным, крепким, мощным; барҕамнаа растрачивать, расходовать, транжирить, излишествовать.
БАРҔА II предназначение; барҕалаа предсказывать; толковать (толкуйдаа, тойонноо); барҕаһыт предсказатель судьбы.
БАРҔААНЧА подросток.
БАРДАМ (дохсун) резкий, дерзкий, наглый, спесивый.
БААРДААХ состоятельный, имущий; разг. склонный к худому; баардаах оҕо диэтэҕиҥ всего можно ожидать.
БАРДЬЫГЫНАА осудит. громко кричать, реветь в гневе.
БААРТ фарт, удача, счастье; барт туома видимость, самая малость.
БАРЧА мелкая сушёная рыба; барчалаа ломать, крошить.
БАРЫ все, все вместе; каждый, всякий; барылаах имеющий всё; Баай барылаах тойон очень богатый хозяин леса.
БАРЫГЫЛДЬЫТ неодобр. делать спустя рукава, делать для видимости.
БАРЫК барык-сарык сумерки; түүҥҥү барык ночная тьма; барыйан кэл появиться в неясных очертаниях; барыҥнаа передвигаться в сумерках.
БАРЫЛ предположение, набросок; барыллаан, быһа барыллаан оҥор определять предположительно.
БАРЫЛАА беспрерывно шуметь, рокотать (о волнах), клокотать; барылаччы громко; сылгы барылаччы кистээтэ лошадь громко заржала; барылаччы-күрүлэччи кутан биэр наливать так много, чтобы шумело-шипело.
БАРЫЛҔАН сильное течение, стремнина.
БАРЫС I барыш, прибыль.
БАРЫС II барыс гын внезапно появиться.
БААРЫС I парус;
БААРЫС II сильный ветер на озере, реке; эмискэ баарыс түстэ вдруг начался шторм;
БААРЫС III карточная игра.
БАС I голова; бас былаата головной платок; с притяж. афф. баһым ыарыйда разболелась голова+моя; глава, раздел; бастакы баһа первая глава; верхняя, передняя часть; орон баһа изголовье кровати, этэрбэс баһа носок унтов; бастыҥа наголовник, головной убор женщины; венец; начелник, налобник.
БАС II начальный, первый; аан бастаан сперва, во-первых; бастакы передний, первый; бастыҥ первостепенный, лучший, первый сорт; бастаа начинать первым, быть впереди; баһылык руководитель; баһылаа управлять; бас бил обладать, владеть; бас бэрин подчиняться, повиноваться; бас-көс (тойон) главный; түс-бас солидный, степенный.
БАС III черпать; уута бас принести воды; уу баһааччы водовоз.
БААС I рана, язва; сүрэх бааһа сердечная рана; баастаах, бааһырбыт раненый; бааһырт ранить;
БААС II бас, низкий мужской голос.
БАҺААҔЫРТ неодобр. – осуд. клеветать, оговаривать, порочить к. – л.
БАҺААМ большое количество, баһаам сүөһү много скота; үлэтэ баһаам элбэх работы много.
БАҺААР I базар, рынок; баһаарга бар сходить на рынок.
БАҺААР II пожар; ойуурга баһаар турбут начался лесной пожар.
БАҺЫЙ одолевать, осиливать, превосходить, превышать (кыай, диэлий).
БААҺЫНАЙ крестьянин, земледелец, пахарь (сир хорутааччы).
БАҺЫРҔАС уу вода, выступающая под ногами.
БАҺЫРҔАСТААХ белоногий (о собаке, лошади, корове).
БАҺЫРҔАТ трещать; ытыалаан баһырҕаттылар затрещали выстрелы; тараторить; разг. кэпсээн-ипсээн баһырҕатыы.
БАҺЫРХАЙ (омуннаах) склонный к преувеличению.
БАТ I (үүр, холдьох, кыйдаа) гнать, выгонять; отказывать; батан таһаар отказать; батан ыыт, холдьох выгнать; суолун батан ис следовать; аҕатын батта похож лицом на отца.
БАТ II (батар, баппат) умещаться, помещаться; укладываться; сүрэххэ баппат үөрүү радость распирает грудь; уживаться (чаще в отрицательной форме); санааҕа баппат в голове не укладывается; ханна да баппат ни с кем не уживается; батан сырыт вести себя тихо.
БАТ III оплодотворять (о быке).
БАТАРЫ послелог: вглубь; батары ас воткнуть; батары биэр совать; батары түс погрузиться; батары үктээ проступать ногой; тобулу көр, батарыта көр пронзить взглядом.
БАТАС (батыйа) пальма, копьё с короткой рукояткой; кинжал (саабыла, саабылаан батас); үҥүү-батас копьё-пальма; баҕа батаһа горечавка.
БАТААСКАЛАА неодобр. потворствовать, потакать; үөс-батааска биэрбэт не даёт времени обдумать.
БАТААХ үтүөх-батаах на побегушках.
БАТТАА I давить, нажимать; угнетать, притеснять; обижать, попирать (ык, атаҕастаа); баттал, баттабыл угнетение, притеснение, несправедливость, иго; баттал-үктэл насилие.
БАТТАА II заставать; үлэ чааһын баттаһа застать в рабочее время, дьиэтигэр баттыы тиий встречать дома.
БАТТАХ 1. волос; ас волосы; өрүүлээх баттах коса, сүүһүгэр саба түспүт баттах чёлка, хойуу баттах шевелюра; 2. головной мех; куобах баттаҕа, кус баттаҕа; бас-баттах тыллаһыма не говори напрасно, зря.
БАТТЫГАС баттааһын давление; баттыгастаах несправедливый, обидный; баттык тяжесть, груз, гнёт, подпорка, накладка; баттыктаах придавленный грузом, подпёртый; баттыктаах тайах костыль.
БАТЫГЫРАА (сүүрэн) быстро бежать, сильно топая ногами; батыччахтаа с трудом передвигаться по вязкой почве.
БААТЫР 1. доблестный, мужественный, смелый, сильный, ловкий; силач, боец; витязь; 2. приставка к собственному имени Айдаан-баатыр.
БАТЫС I идти; сайыс хотеть ехать за другим; сонордоо преследовать, гоняться; тутус следовать примеру, обычаю; батыһааччы последователь; держаться; өрүһү батыһа бар идти вдоль реки; батыһа сырыт ходить по пятам.
БАТЫС II ладить, уживаться; уолунуун батыспатылар не поладили с сыном.
БАХСЫ хозяйка, дьиэ бахсыта (хотун) часть сложного имени.
БАХТАЙ бран. провалиться, запропаститься, гибнуть; кэбэлий убираться.
БАЧАХ межд. испуг; что это такое!
БАЧАХАЙ-ичэхэй неразборчиво; бачахай неправильные узоры, пачкотня; бачаачай неразборчивое письмо, некачественная работа; хозяйничать по-своему.
БАЧЧА столько, как это; столь, столько; бачча элбэх вот столько много, бачча күүскэ так сильно, бачча тухары до сих пор.
БААЧЧАЙ запутывать быаны бааччайан кэбис.
БААЧЧЫ част. быһа-бааччы непременно; быр-бааччы сытно; илэ-бааччы въявь; тута-бааччы тотчас; чахчы-бааччы воистину.
БАЧЧЫР оҕо ребёнок 6–7 месяцев, умеющий крепко хватать.
БААЧЫ бааччы меховая опояска; бандаж (грыжевой); безрукавка.
БАЧЫГЫРАС I густо расположенный; бачыгырас дьиэ, бачыгырас ойуу.
БАЧЫГЫРАС II тыас треск сухих дров в печи.
БАЧЫМАХ беспорядочная куча; халлааҥҥа бачымах сулустар кучи звёзд на небе.
БИИ I старший по годам (о мужчине); ини-бии, убай-быраат кровные братья.
БИИ II остриё, острая сторона, быһах биитэ лезвие; биилээ точить, заострять; биилээх холодное оружие.
БИГЭ крепкий, прочный; бигэргэт подтверждать, принимать, утверждать, заверять; уураах бигэргэтилиннэ постановление принято; бигэтик твёрдо, уверенно.
БИГЭЭ (чинчилээ) ощупывать, осязать; оҕону бигээ укачивать дитя.
БИДИЛГЭХТЭЭ (бадарааннаа) грузно ступать по болоту (о лошади).
БИЛ I рыба, тойон балык таймень.
БИЛ II знать, узнавать, познавать; чувствовать, слышать (запах), понимать; распознавать, различать; разведывать, прослеживать; билэ-көрө сырыт осведомляться; бэйэҥ бил решать; билис (билсис) знакомиться; билсии знакомство.
БИИЛ синньигэс биил поясница; курданара талия; таһаа стать.
БИЛГЭЛЭЭ (чинчилээ) узнавать по приметам, примечать, замечать, предугадывать, предчувствовать, предсказывать судьбу.
БИЛИ 1. указ. мест. тот, да вот тот; били киһи тот, наш человек; били кэннэ после того; разг. били уоллара кэллэ появился тот мальчик (о котором говорили); 2. модальн. сл. били урут вот тогда; били эдэр эрдэххэ вот когда был молод.
БИЛИИ I знание, познание; чувство, предчувствие, инстинкт; билиилээх знающий, эрудированный, хорошо подготовленный.
БИЛИИ II перешеек; суол билиитэ распутье (суол төрдө).
БИЛИГИН ныне, теперь, сейчас; билиҥҥи нынешний; билиҥҥэ диэри до сих пор; билиҥҥитэ пока.
БИЛИН 1. знать, сознавать себя; кэпсээ признаваться, сознаваться; кистэлэҥҥин арый раскрываться; кэмсин каяться, виниться, исповедываться. 2. биллэр давать о себе знать, становиться популярным, известным; биллиилээх, эстрада биллиилээх ырыаһыта популярный артист эстрады.
БИЛИР зуб мудрости.
БИЛЛИГИРЭЭ булькать (о кипящей воде); биться (о сердце); биллиргэт хлопать по мягкому.
БИЛЛЭХ I свояк, муж сестры жены, муж невестки.
БИЛЛЭХ II повисать срединою; биллэҕэ бырах бросать наперевес; биллэҕэ түс повисать срединою на перекладину.
БИЛЭ 1. оторочка на обуви; 2. аймах-билэ родня, сородичи.
БИИР один; единый, одинаковый; биирис (маҥнайгы, бастакы) первый, биирдии по одному; биирдэ один раз, однажды; биирдээх один год от роду; сааһа биирэ ему один год; сааһым биирим мне один год; биирэ один из двух; биирдэрэ один из них; биир кэм одинаково.
БИРДИРГЭЭ трещать в зубах; бирдиргэс твёрдый, жёсткий (кытаанах).
БИРИИНЧИК придирчивый, мелочный; бириинчиктээ придираться, приставать по мелочам; капризничать.
БИС мазать; аҕыныахтаа намазывать; киртит пачкать, марать; биһилин пачкаться.
БИИС (уус) род; семейство; биис ууһа племя, род; кус бииһин ууһа порода уток.
БИҺИК (уйа) колыбель, люлька, зыбка.
БИҺИККИ [бу+икки] мы оба, эн биһикки ты и я; кини биһикки он и я.
БИҺИЛЭХ кольцо; көмүс биһилэх, сирэйдээх биһилэх, таастаах биһилэх перстень.
БИҺИРЭЭ одобрять, признавать; биһирэм экспр. особый, предпочтительный.
БИТ примета; предзнаменование, предчувствие; знак, признак; биттэн верить приметам.
БИТИЙ 1. үҥкүүлээ семенить, топтаться на одном месте; битииһит исполняющий танцевальные движения битии; үҥкүүлээн битийэр; 2. трепетать в воздухе (о птицах), салгыҥҥа битийэр бьётся в воздухе (о жаворонке); битиргэт хлопать по мягкому предмету; биччигинээ вздрагивать, встряхиваться.
БИТТЭХ поперечина, скрепа (у лавки, табуретки, лодки).
БИЧИК роспись, узор (ойуу, оһуор); сурук-бичик письменность.
БИЭ кобыла; биэ эмиийэ малина.
БИЭБЭЙ биэбэкэй, биэбэкэ голубчик, голубушка; биэбэйдээ баюкать; бүөбэйдээ ухаживать за ребёнком.
БИЭКЭГЭР тонкий в талии; биэкэгэр бииллээх с тонкой поясницей; биэкэй, биэкэлдьий выступать грациозно, подтягиваясь.
БИЭР 1. давать, отдавать, выдавать, передавать; предоставлять; боппуруоста биэр задавать вопросы; бэлэхтэ биэр подарить; эргэ биэр выдавать замуж; 2. вспом. гл. туран биэр уступать; түһэн биэр опозорить; бэрис делиться, уделять; угощать; биэрии дар; дарование; үөһэттэн биэриилээх, бэриллибит дано (свыше); бэринньэҥ щедрый, добрый; доброхот; бэрик взятка, бэригимсэх взяточник.
БИЭС пять, бэһис пятый; биэстии по пять; бэһиэ пятеро; бэһиэйэх всего пятеро; биэстэ пять раз; биэстээх пятилетний; биэһим мне пять лет; биэстээх харчы пятак.
БИЭТЭҤНЭЭ мерно качаться; мас лабаата тыалга биэтэҥниир ветки на ветру качаются; биэтэҥнэт качать.
БОБУУ см. боп запрет, запрещение; бобуулаах запрещённый.
БОГДО бран. низкорослый, но бойкий; плюгавый.
БОҔУЙ кланяться; просить милости, обивать пороги; боҕулдьуй, бокук гын делать танцевальные движения.
БОҔУС см. бохсуу затягивать в узел, завязывать; не пускать; аты бохсон кэбис стреножить коня; хаанын бохсор останавливает кровотечение; кырдьан-бохтон состарившись; иҥнэн-бохтон со всякими препятствиями.
БОҔУУ помеха; препятствие; боҕуу буол мешать; боҕуулан иметь помеху.
БОДО своеобразный вид, физиономия; бэйэ-бодо корпус; бэйэ-бодоҕун тардын привести себя в порядок; илэ-бодо воочию, явно.
БОДОҤ болезненный, слабый; бодоҥ булбут киһитэ хворый.
БОДОРУС знакомиться, общаться, водиться; бодоруһуу общение.
БОЙБОҔОР толстый; бойбой представляться толстым (о ребёнке).
БОЙОМ экспр. щедрый; бойом илиилээх щедрая рука.
БОКУР согнутый, кривой, горбатый; бокуй гнуться, сгибаться; бокуҥнаа сгибаться в ногах, кланяться; бокуччу туттан сыт лежать, согнув ноги.
БОКУОЙ передышка; свободное время; бокуойум суох, бокуой биэрбэт некогда, нет времени; бокуойдан иметь время, выкраивать время.
БОЛГУО тимир железная болванка.
БОЛҔОМТО внимание, осмысление; болҕой вникать; быть внимательным; предусмотрительным, осторожным.
БОЛДЬОХ пора, срок, назначенное время; болдьоо назначать, указывать срок; болдьос договариваться о сроке; өлүү болдьохтоох к несчастью.
БОЛЛОО (силлиэ-боллуо) пурга, вьюга, сильный ветер; болоорхой мутный, серый, тусклый.
БОЛЛОХ бугор, кочка; неровное место в лесу.
БОЛОТ короткий меч, булат; двухлезвенное оружие, сабля.
БОЛООЧЧУ неодобр. молодчик; приспешник, слепо выполняющий чужую волю; дерзкий.
БОЛТОЙ выпячиваться, вспучиваться; уоһа болтойбут надул губы.
БОЛЧОХ шишка на теле, дереве; узел, утолщение; болчойбут.
БОП 1. (бобор) возбранять, пресекать, препятствовать, воспрещать; 2. вспом. сл. крепко; бобо тут, бобо баай, бобо харбаа, бобо тарт; бопторуу удушье, астма.
БОР неразборчивый (в еде); аппетитный; бордурҕат хлебать с шумом.
БОРБУЙ подколенки, подколенный сгиб (такым); борбуйдаа хватать за подколенки; разг. борбуйдаама не мешай.
БОРОҔОДУЙ экспр. поправляться, укрепляться, возмужать.
БОРОҔОЙ непривычный, грубый; бороҕой оҥоһук неумелая работа.
БОРОЛУЙ тускнеть, темнеть; кыыһыран боролуйа түстэ лицо его потемнело; боролут варить на слабом огне (о мясе).
БОРОҤ тёмно-серый; бороҥ куобах осенний заяц (не побелевший).
БОРООСКУ телёнок годовалый.
БОРУУ хвощ (сиибиктэ, омнуона); гусятник.
БОРУК борук-сорук сумерки; боруор, үөл-дьүөл утренняя и вечерняя темнота; бороҥ серый, тёмный, сумрачный; борут плохо, неясно видеть.
БОРУОКТАС ссориться по пустякам; боруоктаах привыкший ссориться.
БОРУОС отплата в равной мере; боруостаа расплачиваться.
БОСТУОЙ напрасно, по-пустому.
БОСУОЛ пошёл! оскорбительное слово (как обращение к собаке).
БОСХО непривязанный, незакреплённый, свободный; бесплатно, даром, без оплаты; босхо бастаах человек, кулун босхо не связанный ничем; босхолоо освобождать; дать свободу; босхолон освободиться, стать свободным.
БОСХОҤ страдающий ревматизмом.
БОҺОЙ (буом) препятствие, преграда; боһойдос мешать, ограждать.
БОТО 1. бото-болдьох срок; 2. потник под седлом лошади (буутай).
БОТУГУРАА бормотать, уоһун иһигэр ботугуруур ворчит.
БООТУЛУ бүтэй изгородь на кольях.
БООТУРҔАА дерзко обращаться; лезть в драку; боотур дерзкий; Эллэй Боотур часть сложного имени.
БОТУЧЧУ сполна, вдоволь, по самый край.
БОХСУУ см. боҕус спутывание, стягивание повода к передней ноге; бохсулун оказаться ограниченным, потерять свою свободу; модун санаам бохсулунна потерял силу духа.
БОХСУРУЙ выгонять (из больного) злого духа.
БОЧООХ (бычаах) мелкий карась.
БООЧЧОЙ неодобр. связывать, завязывать плохо; делать ч. – л. неумело.
БОЧЧУМНААХ серьёзный, толковый, деловитый; боччумнан стать серьёзным, вести себя по-деловому; боччума суох беспечный, безалаберный.
БӨҔӨ 1. крепкий; күүстээх сильный; тулуурдаах стойкий; булгуруйбат непоколебимый, халбаҥнаабат непреклонный; мощный, могучий; бөҕөс силач, борец (баабый, модьу, күүстээх); бөҕө таҥас прочная ткань; бөҕө эйэ прочный мир; 2. част. много, үлэ бөҕө, алдьархай бөҕө, сонун бөҕөтө; ас бөҕөнү аһаата; неважный, плохой, дьиэ бөҕө, киһи бөҕөлөөх; бөҕөргөө становиться крепким, мощным; бөҕөргөт крепить, укреплять; бөҕөргөтүү укрепление.
БӨҔӨХ браслет, бөҕөҕүн кэттэ надела браслет.
БӨҔҮӨР стынуть; көһүй коченеть; цепенеть; көҕөр синеть от холода.
БӨДӨҤ большой, крупный, крупнозернистый, бөдөҥ отон крупная ягода; полный, бөдөҥ киһи рослый мужчина.
БӨДЬӨРӨҤНӨӨ бөдьөрүй тяжело бежать на толстых ногах.
БӨКӨЙ бөкөҥнөө сутулиться; бөкчөй горбатиться, сгибаться.
БӨКҮНҮК шарообразный, шаровидный.
БӨЛКӨЙ маленький участок, бөлкөй талах островок леса.
БӨЛӨНҮЙ закисать; бөлөнөх свернувшееся молоко, простокваша.
БӨЛӨХ группа, толпа; бөлөхтөө группировать; бөлөхтөс собираться группой; бөчөх куча; бөчөхтөө складывать в одно место.
БӨЛТӨЙ быть широким и выпуклым, бөлтөччү көр вытаращить глаза.
БӨЛҮҮН [бу+түүн] в эту ночь, этой ночью, в минувшую ночь.
БӨЛҮӨСТҮГЭС картавый, говорящий невнятно (с задержкою).
БӨППҮРҮӨК грубый и упрямый, непокладистый.
БӨРӨ волк, бирюк; тыһы бөрө волчица, бөрө оҕото волчонок; бөрө тириитэ волчий мех, шкура; бөртөлөөх с чёрными полосками на передних лапах; лучшая шкура волка.
БӨРӨДӨҺҮН сбор, состав.
БӨРҮКҮ хороший, сносный; бөрүкүтэ суох неважный, так себе.
БӨСКӨЙ быть видным, массивным; бөскөччү сим туго набить мешок.
БӨҺҮЙ отходить; эт бөһүйбүт; бөһүөнэх хаар липкий снег.
БӨТӨҔӨ I птичий желудок.
БӨТӨҔӨ II атах бөтөҕөтө икры ног.
БӨТӨРӨҤ галоп; бөтөрөҥнөт ехать галопом.
БӨТӨС одобр. удалец, смельчак.
БӨТҮӨН грудина, грудная кость (у птицы).
БӨТҮӨХТЭЭ задыхаться, тяжело дышать, страдать одышкой.
БӨХ сор, мусор, отходы; бөҕө суох без мусора.
БӨХСҮЙ ремонтировать, обновлять старые постройки.
БУ I этот, вот этот, такой; вот, здесь; таким образом бу курдук олорон.
БУ II модальн. сл. бу дьолу какое же счастье; мэлийдэхпит бу вот остались мы ни с чем.
БУГУЙ упираться, пятиться назад; артачиться, отказываться, капризничать.
БУГУЛ копна; сложённое в кучу сено; улахан бугул стог.
БУУГУНАА продолжительно выдыхать носом, сопеть; бормотать.
БУГУҺУЙ застаиваться (о скотине), засиживаться (о человеке).
БУДУЛҔАН муть; сильная метель со снегом.
БУДЬУРХАЙ кудрявый, курчавый; всклокоченная шерсть животных.
БУУК пух; сыттык бууга пух в подушке; меховая опушка одежды.
БУКА модальн. сл. бука баһаалыста пожалуйста; бука бары все-все; бука диэн этээр обязательно передай.
Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?