Электронная библиотека » Тамара Петрова » » онлайн чтение - страница 8


  • Текст добавлен: 23 июля 2018, 21:40


Автор книги: Тамара Петрова


Жанр: Словари, Справочники


Возрастные ограничения: +12

сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 8 (всего у книги 42 страниц) [доступный отрывок для чтения: 14 страниц]

Шрифт:
- 100% +
НЬ

НЬААҔЫНАА мяукать, пищать.

НЬААДЬЫ кум, кума.

НЬАЙМАҤНАА жевать дёснами (о беззубом человеке).

НЬАЛАКА заболонь; мягкий, сочный слой под корой дерева; тонкий, нежный; ньалака сиэл мягкая грива; ньалака баттах мягкие волосы.

НЬААЛАҔАЙ бырдах мошка, кумаар комар.

НЬАЛБАЙ расширяться, расплываться (в ущерб высоте).

НЬААЛБААН жесть, жестянка, луженое железо, жестяной.

НЬАЛҔАРЫЙ (ньылҕарый, ньолҕоруй) лосниться от жира, расплываться (о масле), растекаться тягучей массой; ньылҕарыт размазывать.

НЬАЛЫГЫРАА ньамалас говорить быстро и невнятно; галдеть, гулко раздаваться (о голосах).

НЬАМАХ грязь, нечистоты; озёрная тина; ньамаҕыр покрываться грязью, тиной; ньаҕай мазня, грязь; ньаҕайдаа пачкать, мазать, марать.

НЬАМНЬАРЫЙ экспр. ослабевать, терять силы, сильно уставать; стареть (алларый); ньамньыйбыт сыҥаахтаах с беззубой челюстью.

НЬАҤЫЙ тявкать; перен. надоедливо негромко ругаться.

НЬАРГЫАР неодобр. громкая брань, ругань.

НЬААССЫН мягкий, нежный; кус ньаассын түүтэ нежный пти– чий пух.

НЬАХЧАҔАР низкий; ньахчай, быть очень маленьким, низкорослым; стоять полуприсев; ньаачай согнуться под тяжестью ноши; ньаачаҥнаа ходить сгибаясь; ньохчоҕор горбатый, ньохчой горбиться.

НЬИИ усил. част. о как; о если бы; миигин муҥнаабатар ньии если б меня не мучил.

НЬИДЬИРЭЭ 1. жить в грязи; 2. расплодиться, разбогатеть, разжиться; основательно устраиваться; ыал ньидьирээн олорор живёт зажиточная семья.

НЬИККИЙ усердно мыть; ньиккэн мыться с усердием (суун).

НЬИККИРЭЭ жалобно плакать; ытаан ньиккирээ плакать долго, с завыванием.

НЬИККЭРИЙ с силой вытирать пальцем; проезжать, оставляя ровный след; сыппай выдаивать остатки молока у коровы.

НЬИЛБЭК колено; ньилбэккэр көтөх держать на коленях.

НЬИМ делать плотным, непроницаемым; ньим курдук, им-ньим тихо, спокойно; ньимигир сжатый; ньимиликээн молчаливый, неразговорчивый.

НЬИМСИ сплошь, наповал; ньимис гын провалиться вниз.

НЬИР звук отдалённого тяжёлого удара; ньирилээ гулко звучать, греметь, грохотать; этиҥ ньирилиир гремит гром; ощущение боли; көхсүм ньир гынна отдалась тупая боль на спине; ньиргий греметь, грохотать; рокотать; сөмөлүөт тыаһа ньиргийэр рокочет самолёт; ньиргит сотрясать; ньиллиргээ; долгун ньиллиргиир волны бьются о берег; эт эттиир тыас ньиллиргиир слышно как рубят мясо.

НЬИРГИЧЧИ довольно долго; ньиргиччи үлэлээ работать без передышки.

НЬИРЭЙ телёнок; ньирэй оҕо младенец, дитя; ньирэй от молодая трава; ньирэй баттах волосы от рождения; ньирэмсий прикинуться маленьким.

НЬИЧЧЭҔЭЙ (инчэҕэй) мокрый, влажный, сырой (о дровах); влага; инчэҕэй эттээх живой человек.

НЬОҔОЙ дурной, зловредный; чрезвычайно упрямый (өһөс, бөппүрүөк, харсаах); ньоҕойдос не отступаться ни за что; ньоҕох грязь, слизь.

НЬОҔОР сыа балык тугунок.

НЬОЛБОҔОР (ньолоҕор) уһун ньолбоҕор продолговатый, овальный; ньолоҕор сирэйдээх с длинным лицом.

НЬОНДОҔОР сотолоох с высокими тонкими ногами.

НЬУЛДЬАҔАЙ экспр. слабый, хилый; ньулдьаҕай эттээх неокрепший телом.

НЬУЛУУН пресный (тууһа суох), малосольный.

НЬУУР лицо, лик; лицевая сторона предмета.

НЬУРГУН (бастыҥ) славный.

НЬУРГУҺУН подснежник, первый весенний цветок.

НЬУОЛАХ түү нежный пух; ньуолах от шелковистая трава.

НЬУОЛБАР пренебр. плутоватый, умеющий заискивать, льстить.

НЬҮДЬҮ балай невежда; крайне невежественный, тёмный, примитивный; балай слепой, незрячий.

НЬҮКСҮГҮР сутулый, сгорбленный.

НЬҮКЭН 1. застенчивый, робкий, несмелый; 2. глухое место; үс ньүкэн үөдэн фольк. нижний мир.

НЬЫГЫЙЫК детск. речь: милушка, миленький.

НЬЫГЫЛ твердый, крепкий; чиҥ плотный; сплоченный, единый.

НЬЫКАА избалованный (ребёнок); ньыҥаалаа плакать, капризничать.

НЬЫЛАҔАР с покатым лбом; ньыхаҕар с короткой шеей.

НЬЫЛАМАН маҥан чистый, светлый (о девушке); белолицый.

НЬЫЛАҤНАА пренебр. ласкаться, льстить, подхалимничать, угождать.

НЬЫЛБА выкидыш, недоносок; бран. молокосос.

НЬЫЛБАРАҤ слезящийся, гноящийся (о глазах).

НЬЫЛБЫ 1. совсем, совершенно; 2. ньылбы бар выскользнуть; ньылбырхай скользкий, слизистый.

НЬЫЛБЫЙ двигаться осторожно, бесшумно.

НЬЫМА приём, метод, средство; способ; көмө-ньыма подмога.

НЬЫМААТ дар; бэлэх подарок; обман, хитрость; ньымааттас делать подношение.

НЬЫМСА легкий, удобный (об одежде); сымса, хапсаҕай проворный.

НЬЫЫМЫРҔАА неодобр. говорить тихо, капризным голосом.

НЬЫППАРЫН сиэххин засучить рукава.

НЬЫРҔА жидкий; ньырҕа түүлээх жидкий мех, редкий (о траве).

НЬЭКЭЭ (ньээкэ, ньэкэ) дорогое, любимое, сокровенное; көмүс ньэкээ уйа дорогое гнездо, родной дом.

НЬЭЭМ от, алтан от, алтан бас одуванчик.

НЬЭМИЭТ выкройка; таҥас киэбэ форма.

НЬЭҤНЬИЙ обыскивать; ньэҥньиир обыск.

О

ОБОР сосать; эм высасывать; оборчо вязкое болото, топь.

ОБОТТООХ (иҥсэ, мэнэгэй, соллоҥ) ненасытный, алчный; жадный.

ОБУРГУ 1. довольно большой; значительный; 2. усил. част. кыһын обургу матушка-зима, кини обургу он, такой молодец.

ОГДОЛУЙ экспр. потерять покой; оставлять место жительства; скитаться.

ОГДООБО вдова, вдовец; аҥаардас холостой.

ОҔО 1. ребёнок, дитя; с притяж. афф. оҕом ребёнок+мой, оҕоҥ ребёнок+твой, оҕото ребёнок+его (её); уол оҕо мальчик, кыыс оҕо девочка; оскуола оҕото школьник; кыһыл оҕо, ньирэй оҕо младенец; оҕокком детка, деточка; оҕочоос, оҕо киһи юноша, күтүөт оҕо зятёк; оҕотук детский, наивный, незрелый; оҕотуй вести себя по-детски; оҕотут принимать за молодого, неопытного; 2. детёныш (животных); чыычаах оҕото птенец; кус оҕото утёнок; 3. уменьш. част. дьиэ оҕото домик; чыычааҕым оҕото пичужка моя.

ОҔОЛОО харай смотреть, присматривать за ребёнком; возиться, нянчить.

ОҔОННЬОР старик, старец; кырдьаҕас старый человек; убайым оҕонньор почитаемый человек старшего возраста; разг. оҕонньорум муж мой; эвфем. медведь.

ОҔУНУОХ мазь, сало для смазки.

ОҔУУР (оҕурук, маамык, маамыкта) петля, аркан; путы, оковы; оҕуруктаах өй, оҕуруктаах тыл хитрый, расчётливый ум; оҕо сааһы оҕуурдаан тутаммыт поэт. в годы юности.

ОҔУРДУК [ол+курдук [так, таким образом, вот так.

ОҔУРУО мелкие бусы; хоруоҥка бисер; стеклярус.

ОҔУС I бык; ат оҕус вол, атыыр оҕус бык-производитель, оҕус торбуйах бычок; кур оҕус вол в нагуле.

ОҔУС II 1. ударять, бить, колотить, поражать; бить в барабан, в колокол; батыйанан оҕус рубить саблей; отто оҕус косить; быһахта оҕус ковать нож (уһан); күөс охсор лепить горшки; улар охсор токовать; охсубут схватил удар (паралич); 2. част. сравнивать с чем, бэйэҕинэн оҕус судить по себе; 3. вспомог. глаг. быстро; бара оҕус идти сейчас же.

ОҔУТ (охтор) падать, упасть, валиться; свалиться, пропадать, гибнуть, околевать, охтубут ынах этэ мясо дохлой коровы.

ОҔУОЛАА выступать, просачиваться; хаан оҕуолуур сочится кровь.

ОДУУЛАА рассматривать, разглядывать; всматриваться, вникать, замечать; тонолуппакка одуулаа не сводить глаз; осуждать, порицать.

ОДУН жестокий, одун оҥоһуу жестокая судьба; одун халлаан устар. вышний, вышнее небо.

ОДУРУУН трахома; одурууннаах глаза с трахомой; прыщеватый шероховатый; перен. одурууннаах орто дойду фольк. негладкий (неспокойный) срединный мир.

ОДЬУЛУУН незаконная жена, наложница, сожительница.

ОДЬУНААС лучший, первейший; уол оҕо одьунааһа добрый молодец.

ОЙ I (ыстаҥалаа) прыгать, скакать; перескакивать, перепрыгивать; ойон тур вскочить; үрдүгү ой прыгать в высоту, чалбаҕы ой перепрыгнуть лужу.

ОЙ II подниматься, всходить; күн ойдо солнце поднялось.

ОЙ III находящийся в отдалении, ойдом, ойуччу турар дьиэ дом на отшибе; ой тыа островок леса; ой дуораана эхо; отзвук; ойун (ойдон түс, ойдон хаал; ойдубут) отколоться, отломиться.

ОЙБОН 1. прорубь, водопой; лунка; 2. вырез в железном кружке на спине шаманского костюма; перен. уязвимое место на теле.

ОЙМОО 1. брести, бродить по снегу, хаары оймоо идти по снегу без дороги; 2. макать; сүөгэйи сөмүйэнэн оймоон сиэ обмакивать указательный палец в сметану.

ОЙОҔОС 1. ребро; 2. бок, боковая сторона (тыы ойоҕоһо); ойоҕоһуттан со стороны, сбоку; ойоҕолоо идти рядом; ехать вдоль; ойоҕолос сближаться.

ОЙОХ жена, супруга; ойох ыл жениться, вступить в брак; ойохтоох женатый.

ОЙУУ I рисунок, узор (бичик, оһуор); ойуулаа делать рисунки, покрывать узорами; описывать, характеризовать; ойуулаах узорчатый; ойуу-оһуор тыл цветистые слова.

ОЙУУ II прыжок, скачок; ойуолаа подпрыгивать, перепрыгивать.

ОЙУУН 1. шаман, жрец; 2. мас ойуун, иэрэгэй, күүгүнэй волчок.

ОЙУУР лес, лесная чаща; түҥ ойуур дремучий лес; иһирик ойуур чащоба, бэс чагда сосновый бор, хатыҥ чараҥ берёзовая роща, талах ойуур кустарник; ойуур саҕата опушка леса; ойуур кыыла дикие животные; ойуурдаах лесистый.

ОККУРАҤ хилый, слабый; оккураҥ оҕо слабый ребёнок.

ОКУМАЛ плечо, плечевая кость, часть руки от плеча до локтя.

ОЛ 1. мест. указ. тот, та, то (указывается); вот, вон; 2. модальн. сл. ол эмиэ туохтан куттанныҥ а чего ты испугался; бар, онон бүтэр иди и всё.

ОЛБОХ 1. подстилка; 2. почётное место для уважаемых гостей.

ОЛБУ (-солбу) один за другим, попеременно; ол-бу диэки туда-сюда; олдьу-солдьу наискось, вкось-вкривь.

ОЛГУЙ большой котёл; олгуйгун уокка уур поставить котёл на огонь.

ОЛЛООН шест с крюком для подвешивания котла; оллоонноон олор сидеть закинув ноги.

ОЛЛУР-боллур неровный, бугристый.

ОЛОО I о погоде: халлаан олоото сильный ветер к ненастью.

ОЛОО II выслеживать, преследовать; миигин эрэ олоон буллаҕай выследил же только меня.

ОЛОЙ (олоҥноо, олоччу көр) выставлять глупое лицо; таращить глаза.

ОЛОМ брод, мель; оломноо, кэс, кэһэн туораа идти вброд, переходить вброд.

ОЛОМООТТОО резать кусками где попало.

ОЛОМТО основание; оломтото суох легкомысленный, неосновательный; олоҕун оломтотун булбата не нашёл цели своей жизни.

ОЛОҤХО якутский героический эпос, эпическая песня; олоҥхолоо исполнять олонхо в ролях; олоҥхоһут исполнитель олонхо.

ОЛОППОС [олох+мас] табурет, стул; талах олоппос сиденье из тальника.

ОЛОР 1. садиться, сидеть; восседать; находиться, быть; олоро түс оставаться; манна кэлэн олор занимать место; эвфем. рожать, разрешиться от бремени; 2. жить, проживать, обитать; хайдах олороҕут как живёте; 3. вспом. гл. тутан олор держать, көрө олор смотреть, бараары олор собираться уходить.

ОЛОРТ 1. сажать, оҕону олорт посадить на кресло; вставлять, сон сиэҕин олорт пришивать рукава; 2. давать место для житья, поселять; дьиэҕэр олорт пустить квартирантом; 3. сажать, высаживать, сибэккитэ олорт сажать цветы; хортуоска олордор сажает картофель.

ОЛОРЧУ (олоддьу) стоймя; түөрэх олорчу түстэ выпал счастливый жребий.

ОЛОХ I жизнь, живое существование; сирдээҕи олох жизнь на земле.

ОЛОХ II 1. сиденье, место; бастыҥ олох почётное место; 2. местожительство; дом, жилье, жилище; олохтоох сир селение, поселение; олорор олоҕо образ жизни; олохтоо положить начало, основать; олоххун бул, олохсуй, олоҕур стать оседлым.

ОЛУЙ 1. запирать на засов, задвижку; олуур засов, задвижка; затруднительное, странное положение; олуйтар затрудняться дать ответ; затрудняться говорить; 2. төһүүлээ поднимать при помощи рычага; олуй-моһуй всячески донимать.

ОЛУК 1. зарубка, выемка; сүгэ олуга щепки от топора; олоҥхо олуктара обороты олонхо, клише; 2. этап; олох олуга этап жизни; улахан олук шаг вперёд; олук үктээ быть первопроходцем, олукта уур оставить след.

ОЛУННЬУ февраль; десятый месяц; олунньуга в феврале, олунньуттан с февраля.

ОЛУРҔА неловкий, неуклюжий; саҥата олурҕа у него ломаная речь.

ОЛУС очень, весьма, слишком; олус күүстээх очень сильный.

ОЛУОНА неудобный, непривычный; неуместный; истэргэ олуона слушать непривычно; олуона тыл неуместное слово.

ОМНУОЛАА осуждать, высказывать недовольство, порицать.

ОМООН очертание предмета; суол омооно приметы дороги; омоох суол едва приметный след.

ОМООННООХ толковый, разумный; омоонноох этии толковое предложение.

ОМОС редко и случайно; омос көрдөххө на первый взгляд.

ОМСО крупный недостаток, порок, изъян; омсолоох үлэ работа с изъяном.

ОМУК 1. народ, нация, народность; люди одной нации; омук киһитэ иностранец, омук сирэ чужая страна; 2. национальность, омугум саха якут по национальности.

ОМУН преувеличение, горячность, опрометчивость; омуннаах запальчивый, пылкий, темпераментный; омуннаахтык бурно, возбуждённо.

ОМУРҔАН перерыв во время страды; бастакы омурҕан рабочее время до первого перерыва.

ОМУРТ 1. полость рта, внутренняя сторона щеки; ууну омурдубут воды в рот набрал, ничего не говорит; 2. объём жидкости, вмещающийся в полости рта; биир омурт один глоток.

ОМУҺАХ погреб, подполье; булуус ледник; разг. омуһахтан умереть.

ОННО там, туда (антах), вон, вон там; тогда, в то время.

ОННООҔОР модальн. сл. даже, и, гораздо; но; авось, нежели.

ООННЬОО играть; куукуланан оонньоо играть в куклы; оонньоон эт шутить, забавляться; оонньоо, мэниктээ баловать, дурить, оонньос заигрывать; кылыйа оонньоо играть в прыжки; балык оонньуур играет рыба (в пору нереста); оонньохолоо резвиться, скакать (о телёнке).

ОННЬОҔОР этэрбэс стоптанная обувь; онньоччу үктээ стоптать обувь.

ООННЬУУ игра; спектакль, постановка; оонньуу-күлүү шутка, забава, баловство; оонньуу-көр веселье, вечеринка; хаарты оонньуута картёжная игра; оонньуур игрушка.

ОНОҔОС (ох) стрела; боевая стрела (кустук, ырба, быыра).

ОНООЛООХ 1. с разрезом сзади; с широкой вставкой на спине; 2. перен. девушка, женщина (носящая такую одежду); оноолооҕу кытта орооспотох не знавший женщин, невинный.

ОНОЛУЙ вопить, выть; бөрө улуйар волк воет; устар. говорить, важно беседовать, толковать.

ОНОН 1. (от ол) по тому месту; онон-манан местами; 2. союз прич. – следств. этим, тем, через него, таким образом; но, ибо, потому; итак, следовательно.

ОНТОН 1. потом, после, затем, немного погодя; 2. союз врем. после этого, за тем; онтон бэттэх с того времени.

ОНТУКА ол+притяж. афф. 1 л. онту+м, онтука+м моё то; 2 л. онту+ҥ, онтука+ҥ твоё то; 3 л. онт+о, онтука+та его, её то.

ОНУ ол в. п. того, ту, то; ону-маны и то, и другое.

ОНЧУ вовсе, совсем, никогда, совершенно (адьас, букатын, дьукку, мэличчи, отой, туура).

ОҤ (оҥон ыл, хас) вырезать, выкапывать, выковыривать, выкраивать; хараҕын оҥ выколоть глаз; оҥо быс, оҥон биэр вырезать.

ОҤКУЛ (торум, көрүк) набросок, проект; оҥкуллаа проторять путь.

ОҤКУЧАХ яма, колодец; оҥкучах сир впадина, котловина.

ОҤОЙ зиять; түннүгэ оҥойбут зияют окна; суола оҥойо сытар видны глубокие следы.

ОҤООЙУ мошка (кырдаайы); мушка.

ОҤОР 1. делать, действовать; саҥаттан оҥор делать заново; испииһэктэ оҥор составлять список; орону оҥор стелить постель; зарядката оҥор делать зарядку; 2. совершать; үтүөнү оҥор делать добро; буруйу оҥор совершать преступление; аньыыны оҥор совершать грех; кулут гын превратить в раба; 3. готовить; килиэптэ оҥор печь хлеб; кымыста оҥор готовить кумыс.

ОҤОРУУ 1. творение, созидание; деяние, действие; 2. анал, ыйаах предназначение, предопределение; төлкө, туску судьба, участь.

ОҤОЧО лодка, ладья.

ОҤХОЙ ложбина; аппа овраг.

ОП межд. поощрение һоп-паа.

ОППОЙ вытянуть губы заметно.

ОРБОҤ орган размножения коровы, девки-абаасы.

ОРГУЙ кипеть, оргуйан бар вскипать; оргут доводить до кипения, кыынньар кипятить; хаана оргуйда перен. разгневался.

ОРГУУЙ тихо, смирно; медленно; тише, тихонько.

ОРГУЛ куча, кучка.

ОРДООТОО кричать зычным голосом.

ОРДУУ 1. нора; логово, логовище; 2. пренебр. место пребывания, пристанище, притон; ордуулан располагаться, утвердиться; жить.

ОРДУК 1. остаток, излишек, избыток; аһылык ордуга остаток пищи; ордор оставлять; оставлять излишек; 2. преимущество; более, больше, ордук үчүгэй лучше, ордук күндү дороже; ордор отличать, давать предпочтение.

ОРДУРҔАС (ордуос) пренебр. крайне обидчивый, раздражительный.

ОРОО (хостоо) вытаскивать, вынимать, извлекать с трудом, балык иһин ороо вынимать внутренности рыбы; ороос (орооһума) вмешиваться; сходиться.

ОРОЙ макушка, верхушка; төбө оройо, дьулай темя; кыһын оройо середина зимы; оройдоо, оройдот разг. понять, разуметь; орой мэник озорник, сорванец, шалун (төбөт, баламат); оройунан оонньуур ат ретивый конь.

ОРОН спальное место: ложе, кровать, нары, лавка, койка, топчан; постель, ороҥҥун оҥор стелить постель.

ОРОҺУ поздний, родившийся позже; ороһу оҕо поздний ребёнок.

ОРОҺУЙ быть недовольным; сүөргүлээ досадовать.

ОРОХ тропа, тропинка; след зверя, ход в нору; орохтонор, орҕостор постоянно ходит туда-сюда, таскается; сиһин ороҕо полоса по хребту.

ОРОХСУЙ блекнуть, увядать, чахнуть; оту-маһы орохсутар тыал иссушающий ветер.

ОРТ 1. быть в наличии, быть лишним, оставаться в излишке; харчы ордуга остаток денег; 2. оказаться в отличии, отличаться; особенно, в особенности; ордук үчүгэй лучше, ордук куһаҕан хуже.

ОРТО 1. средний; орто оскуола средняя школа; орто тарбах средний палец; орто дойду срединный мир; орто сыана посредственная, удовлетворительная оценка; 2. середина, центр; куорат ортото центр города; ортоку эрээт средний ряд; половина, күн ортото полдень; ортолоо дойти до середины, до половины; 3. послелог: среди, между, дьон ортотугар среди людей; икки уот ыккардыгар между двух огней.

ОРУЛАА хрипло реветь, рявкать, орать (үөгүлээ, хаһыытаа, сарылаа); мычать (о телёнке).

ОРУН место, место размещения; оруннаах имеющий место; оруннаах кэпсэтии нужный, уместный разговор; онно суох этии необоснованное замечание.

ОРУОЙДАА (ыс) рыться, приводить в беспорядок.

ОРУОЛЛАА (уорбалаа) рассматривать, разглядывать с подозрением.

ОС I заживать, зарастать (о ране); оһор (эмтээ) лечить, залечивать; оһон эрэр рана затягивается, бааһа осто рана закрылась.

ОС II голенище; саппыкы оһо; остоох бачыыҥка ботинки с голенищами; мин оҕом остоох саарылаах мой ребёнок в чернёных торбасах с голенищами, самый нарядный, самый лучший.

ОСПОЧЧУ көр смотреть узкими, болезненными глазами с разбухшими веками.

ОСТУОЛ сандалы стол; остуолла тарт накрывать стол, угощать; далбар остуол трапеза.

ОҺОҔОС (очоҕос) кишка; разг. брюхо, чрево, оһоҕостоох беременная; оһоҕостон стать беременной (хат буол, ыарахан буол).

ОҺОЛ несчастный случай, травма; увечье; дорожное происшествие; оһоллон получить травму; изувечиваться; оһоллоох опасный для здоровья.

ОҺОХ печь, печка; очаг, камелёк, камин; оһоххун отун затопить печь.

ОҺУУ острая высь, острая конечность; үрдүк былыт оһуута поэт. острая небесная высь.

ОТ 1. от-татай межд. осуждение; 2. трава; охсуллубут от сено, кур отпрошлогоднее сено; бугул копна, кэбиһиилээх от стог; от-мас растительность; от үлэтэ сенокосная страда.

ОТ ыйа июль; от ыйыгар в июле; от ыйыттан с июля.

ОТОЙ совершенно, вовсе; ончу совсем.

ОТОН ягода, плод; яблоко, гроздь; уулаах отон брусника, уҥуохтаах отон толокнянка; отонноох мас фруктовые деревья.

ОТОР временное жильё между летником и зимовьем; оторго көс переехать во временное жильё.

ОТОҺУТ лекарь, народный целитель, знахарь; костоправ; коновал.

ОТОХ запоздалый в росте (бэһэл); дьүүкээ захудалый; отох олох захудалая жизнь.

ОТТОН союз: а, но, уж.

ОТУУ шалаш (из сена); временная стоянка, привал, ночёвка.

ОТУН (оттор) топить, затапливать печь, разводить огонь; разложить неугасимый огонь; оттук топливо: дрова, уголь, газ, горючее.

ОТУОЙКА отуойкаҕа олор сесть на мель; остаться на бобах.

ОХ (оноҕос) стрела; боевая стрела (быыра, ырба); лук (оружие), ох саа лук, ох тыл афоризм.

ОХСУУ 1. (оҕус) удар; сүүрүк охсуута бурное течение; сутуругунан оҕуста ударил кулаком, күүскэ оҕуста ударил с силой; охсулун биться, ударяться; быть битым; 2. грам. ударение; охсуулаах ударный; 3. отрицательные последствия, плохой результат; охсуута улахан последствия велики.

ОХСУҺУУ драка; бой, сражение, битва; Москва аннынааҕы охсуһуу битва под Москвой; тыыннаах буолар иһин охсуһуу борьба за существование; илии охсуһуута рукобитье, помолвка; охсуһуулаах драчливый; кырбый драчун; охсус биться, драться, колотить друг друга; бороться; состязаться, соперничать.

ОХТОР см. оҕус валить, сваливать; охтортоо сваливать многих; забить (скот), подбить (птицу); түҥнэр опрокидывать, самнар сокрушать; опровергать слова; косить, сваливать, заражать повально (о болезни).

ОЧУР бугорок, кочка; олох очура перипетии жизни.

ОЧУОС утёс; очуос таас каменный утёс; очуос булгунньах курган.

ОЧЧО мест. определ. оччото столь, столько; оччоҕо в то время, прежде.

ОЧЧОЙ косить, разводить глазами; оччоҕор косоглазый.

ОЧЧУГУЙ аччыгый маленький, малый; небольшой, кыра меньший; оччоо (аччаа) становиться меньше, убавляться, умаляться.

Ө

ӨБҮГЭ родоначальник, предки; өбүгэ үгэһэ обычай предков.

ӨГДӨЙ приподниматься, подниматься на носки; өгдөҥөлөө пытаться встать.

ӨГҮРҮК-төгүрүк көр удивлённо смотреть большими глазами.

ӨҔҮЙ непроизвольно тужиться (при рвоте); өҕүйүү позыв к рвоте, хотуо рвота; өҕүрүй (эҕирий) втягивать в себя; үрдэр антах, өҕүрүйдэр бэттэх посл. то туда, то сюда.

ӨҔҮЛҮН гнуться; өҕүллэҕэс, өҕүллүмтүө гибкий (проволока); перен. обращать внимание, санаата биһиэхэ өҕүллүбүт стал более внимательным к нам; киһи тыла өҕүллүбэт (тыла тахсыбат) язык не поворачивается, трудно сказать.

ӨЙ 1. ум, разум, рассудок; үтүө өй благоразумие; көрсүө өй здравомыслие; чэпчэки өй легкомыслие, чычаас өй недалёкий ум; өй-мэйии разумение; өй-санаа, өй-төй мысль; өйбүн-төйбүн булуум дай мне подумать; өйө хамнаабыт, өйүттэн таҕыста рассудок помутился; өйүн сүтэрдэ, өйө суох потерял сознание; 2. өйгө хатааһын, долоҕой память; өйө көппүт стал забывчивым.

ӨЙДӨӨ 1. понимать, запоминать; вникать, разуметь, постигать; өйдөө-санаа обдумывать; өйдөөн иһит прислушаться; өйдөөн көр присмотреться, замечать, обращать внимание; өйдөөн тур слушать с вниманием; өйдөөн кэбис запоминать; өйдөбүл понятие, понимание; өйдөбүнньүк памятник; өйдөт, үөрэт, такай, тойонноон биэр объяснять, разъяснять, пояснять; өйдөөҕүмсүй умничать, умствовать; 2. санаан кэл вспоминать; санат напоминать.

ӨЙДӨН 1. приходить в себя, приходить в сознание; өйдөнөн кэл очнуться; браться за ум, образумиться; 2. өйдөнөр буол, өйдөнүмтүө буол становиться понятным, доступным пониманию.

ӨЙДӨӨХ 1. умный, толковый, понятливый; смышлёный; разумный, благоразумный, мудрый; 2. в сознании, өйдөөх хааммын тутан олорон в здравом уме.

ӨЙӨӨ поддерживать, подпирать; помогать, содействовать; өйөбүл опора, поддержка; помощь, содействие; өйөн опираться, прислоняться; олоппос өйөнөрө спинка стула; өйөнөрдөөх олоппос стул.

ӨЙҮКҮ-төйүкү буол выживать из ума.

ӨЙҮҮН послезавтра, через два дня; өйүүҥҥү послезавтрашний.

ӨЙҮӨ (үтэ, ыһык) дорожные съестные припасы, провизия.

ӨКӨЙ өкөччү тутун слегка сгибаться, наклоняться вперёд; өкөҕөр нагнувшийся вперёд, наклонившийся (дерево); өкчөгөр сгорбленный, скрючившийся (человек).

ӨКСӨЙ двигаться против течения, плыть вверх по реке.

ӨКСӨКҮ сказочная птица с двумя-тремя головами; хотой орёл двуглавый; даллан өксөкү царь-птица; бар кыыл громадная птица.

ӨКСҮӨН осенний дождь со снегом, осеннее ненастье, слякоть.

ӨЛ I өлүү умирать, кончаться, погибать, пропадать; күн өлбүт произошло солнечное затмение; околеть, издохнуть, пасть (о животных); ынах өллө корова пала.

ӨЛ II внутренности рыбы өллөөх собо жирный карась; перен. өллөөх киһи (өҥнөөх) обеспеченный, богатый; өлө быстыбыт обессилел; өл хапта заморил червячка.

ӨЛӨР 1. умирающий, смертельный; смертный, тленный; өлбүт киһи мёртвый, умерший, усопший, покойный; өлбөт тыыннаах бессмертный, нетленный; өлбөт үөстээх живучий; өлүөхсүт покойник, мертвец; өлүнньүк таҥас погребальный наряд; 2. убивать (губить, казнить, разить); забивать, закалывать (скотину); идэһэ өлөрүүтэ забой скота; 3. повредить, поранить, ушибить, илиибин өлөрдүм повредил руку; 4. харчыны өлөр зарабатывать деньги; өлөр-өһөр губить, истреблять, уничтожать; өстөөххүн өһөр, саастааххын самнар посл. победить врага, уничтожить противника.

ӨЛБӨӨРКӨЙ тусклый, неяркий, слабый; өлбөөдүй становиться тусклым, неярким, нечётко виднеться.

ӨЛБҮГЭ 1. ясак, дань, подать; 2. земельный надел.

ӨЛГӨМ обилие, изобилие, избыток; обильный, избыточный; өлгөм үүнүү обильный урожай.

ӨЛЛӨЙДӨӨ оставлять, выделять долю, часть; щадить, беречь, хранить; үрүҥ тыынын өллөйдөө фольк. спасти светлую душу.

ӨЛЛӨН экспр. поесть, утолить голод.

ӨЛӨҤ болотная трава, осока.

ӨЛҮҮ I смерть, гибель; кончина; алдьархай беда, бедствие, несчастье; разг. болезнь, хара өлүү чума, эпидемия; сүөһү өлүүтэ падёж (скота), сотуун өлүү шатун (лошадиная болезнь); өлүүлээх смертный, приносящий смерть; өлөр өлүү ад; өлүү түбэлтэлээх к несчастью.

ӨЛҮҮ II доля, часть, пай; наследие, наследство, достояние; өлүү-чаас удел, участь; өлүүлээх имеющий долю; өлүүлээ выделять долю.

ӨЛҮМНЭС хватать больше других, раньше других.

ӨЛҮӨР (чэгиэн, ыалдьыбат) здоровый; өлүөр буол быть здоровым; разг. трезвый, не пьяный.

ӨМҮР имяречить (повторять услышанное слово); өмүрэх страдающий имяречением, нервным расстройством; өмүтүн быть застигнутым врасплох, растеряться от неожиданности; өмүтүннэрэн саба түс застать врасплох, напасть неожиданно.

ӨН запутанный след зверя; инстинкт самосохранения у животных, стремление удрать; сила, энергия, выносливость; өннөө, өннөс, өннөһөн туран идти по запутанным следам (эккирэт); настойчиво преследовать.

ӨНДӨЙ приподниматься, привставать, өндөйөн көр посмотреть приподнявшись; расти, уол лаппа өндөйбүт мальчик заметно подрос; арыый өндөс немного выше; өндөт приподнять.

ӨНДӨЛ (өндөө) экспр. высокое, приподнятое небо.

ӨННЬҮӨ свежий мокрый снег; өнньүө хаар тающий снег.

ӨНӨР зажиточный (баай, сэниэ); өнөр үүнээйи быстро растущий; өнүй поправляться (по богатству, по состоянию здоровья); өнүйбэт не прибывает, не пополняется.

ӨНЧӨХ обух (топора, ножа).

ӨҤ I өҥ-тот достаток, өҥ олохтоох богатая жизнь; плодородный, өҥ сир плодородная почва, өҥ дьыл урожайный год; өҥсүй стать плодородным, урожайным; сир өҥсүйдэ почва напиталась влаги.

ӨҤ II цвет, окраска; өҥнөөх цветной, цветастый, набивной; араас өҥүнэн оонньоо переливаться разными цветами; сүөһү өҥө масть (животных); өҥө-түүтэ үчүгэй на вид хороший, упитанный (о скотине).

ӨҤ III суба мездра (изнанка шкуры); оһоҕос өҥө слизистая оболочка кишки; өҥнөөх тирии, халыҥ тирии добротная шкура; өҥө суох таҥас непрочная, тонкая ткань; өҥө бүппүт рваная шкурка, старая одежда.

ӨҤӨ услуга, одолжение; заслуга, благодеяние; өҥө оҥорор тэрилтэ сфера услуг; дьиэ-уот өҥөтө коммунальные услуги; өҥүн (өҥнөр) похваляться, выставлять на вид.

ӨҤӨЙ (өҥөс гын) заглядывать, просунуть голову; заглядывать сверху.

ӨҤҮН похваляться к. – л. поступком, вещью; выставляя её напоказ.

ӨҤҮРГЭС хрящ; кулгаах өҥүргэһэ ушная раковина; сымыыт өҥүргэһэ яичный белок; хараҕын өҥүргэһинэн көрөр закатил глаза.

ӨҤҮРҮК куйаас сильная жара, палящий зной.

ӨҤҮС I өҥүс баһа затылочная сонная артерия (хорук тымыр).

ӨҤҮС II өҥүс слизь на стенках молочной посуды.

ӨР I долго, продолжительное время; өр кэмҥэ долгие годы; өрдөөҥҥү давний, былой; өрдөөҥҥүтэ давно; өртөн, өрдөөҥҥүттэн с давнего времени.

ӨР II плести, заплетать; вязать, ткать; баттах өрөр заплетает косу; туу өрөр плетёт вершу; наскы баайар вяжет носки; таҥас өрөр прядёт.

ӨР III күөскүн өр варить обед; чэйгин өр кипятить чай; сылабаар өрөр ставит самовар.

ӨРБӨХ тряпка, тряпица; таҥас сыыһа лоскут; эргэ өрбөх старье, ветошь.

ӨРГӨЙ проявлять смелость, решительность.

ӨРГӨС өргөс кылаан колющее оружие, остриїїїїїё; өргөс уһук острый конец; өргөстөөх остроконечный; лучистый; өргөс кылаан өй острый, смелый ум.

ӨРКӨН экспр. всепобеждающий, непобедимый.

ӨРӨ 1. вверх, наверх; өксөй плыть вверх по реке, против течения; 2. вспом. сл. вверх, наверх; илиигин өрө көтөх поднять руку; өрө ытын взбираться; өрө күөрэй взвиваться; өрө тыын вздыхать; өрөлөс противиться, противостоять, огрызаться.

ӨРӨӨ отдыхать, быть свободным от дел; пробыть (один день), оставаться на сутки; өрөбүл выходной день.

ӨРӨГӨЙ экспр. торжество, удача, успех, победа, триумф (саргы, соргу, талаан); өрөгөйдөөх торжественный, триумфальный; өрөгөйдөө торжествовать победу.

ӨРӨҔӨ брюшко (пр. пол. уорҕа); жирная часть рыбы, тёша.

ӨРӨҔӨЛӨН неодобр. вести себя шумно, буйно; горячиться.

ӨРӨҺӨ 1. диафрагма; нижняя часть груди; 2. өрөһө муус, халҕаһа муус торосы во время ледохода; өрөһөлөн перен. хорохориться, горячиться.

ӨРТӨӨ I (от өрт) өрт пал, өрт уота лесной пожар; өртөө пускать пал, выжигать прошлогоднюю траву по весне.

ӨРТӨӨ II (от өртүк) привязывать на длинной верёвке, пастись на приколе (лошадь); өртүк (өттүк) огороженный выпас недалеко от дома.

ӨРҮКҮЙ волноваться, возбуждаться; вздыматься, развеваться, тыалга баттаҕа өрүкүйэр волосы на ветру развеваются.

ӨРҮС судоходная река; өрүһүнэн уһун плыть по реке; өрүстээх имеющий реку.

ӨРҮСКЭ жадный, алчный, ненасытный; өрүһүс (өрүскэлэс, өлүмнэс) получать больше других; успевать раньше других, предварять, предупреждать.

ӨРҮҺҮЙ (быыһаа, абыраа) спасать, выручать, избавлять; өрүһүн спасать себя; өрүһүлтэ спасение, избавление.

ӨРҮҮ I (өрүүтүн, мэлдьи) всегда, постоянно.

ӨРҮҮ II плетение, вязание; плетёный; өрүү бэргэһэ вязаная шапочка.

ӨРҮТ сторона; өрүт+притяж. афф. өрүт+үм, өт+түм; мин өттүм моя сторона, мин уҥа өттүм моя правая сторона; эдэр өттө молодёжь.

ӨРҮӨС белая полоса на морде рогатого скота.

ӨС I тыл-өс слово, речь; аман өс вещее слово, өс номоҕо поговорка, өс хоһооно пословица, өс киирбэх наивный, легковерный; өс саҕа буолар недоволен.

ӨС II зло, өһүөмньү злоба, өстүйүү ненависть; өс-саас вражда; өстөн, өстүй затаить злобу, питать ненависть; өстөс враждовать; өһөө мстить; өстөөх враг, противник, неприятель, кыр өстөөх заклятый враг.

ӨС III гибнуть, гаснуть; өллө-өстө погиб (самынна); хараҕын уота өстө померк свет в глазах; оһох уота өстө потух огонь в очаге.

ӨССӨ ещё, опять, притом, к тому же, даже.

ӨСТҮБЭҺИ модальн. сл. кстати; өстүбэһи даҕаны! а ведь забыл!

ӨҺӨГӨЙ (өһүөмньү) экспр. ненависть, злоба, вражда; өһөгөйдөөх (өһүөмньүлээх, өһүөннээх) питающий злобу, злопамятный, мстительный.

ӨҺӨС (өчөс) упрямый; упрямиться, противиться; өһөс-хадаар строптивый.

ӨҺӨХ хаан сгустки крови; өһөхтөөх налитый кровью, злобный; өһөхтөөҕүнэн көр смотреть злобным взглядом; өһөҕүр, сирэйэ өһөҕүрдэ лицо пошло бурыми пятнами.

ӨҺҮЛ (өһүлү тарт, сүөр, төлөрүт) развязывать; распутывать, распускать; аньыыбын өһүл прости мне грехи; өһүлүн развязаться.

ӨҺҮРГЭН (атаҕастан) обижаться, оскорбляться; өһүргэс обидчивый.

ӨҺҮӨ перекладина, матица.

ӨТ проникать, просачиваться, таҥаска хаан өппүт просачилась кровь на одежде; выступать, проявляться, просматривать, өтө көр предвидеть; сир өтөр пройти местность, сокращать расстояние; ойуур өппүт бежал в лес.

ӨТӨЙ выдаваться грудью, животом; өтөйөн турар стоит, выпячиваясь.

ӨТӨН дикий голубь, горлица, летняя кукушка; выпь, водяной бык.

ӨТӨР скоро, в ближайшее время, өтөрдөөххө недавно; өтөр буола-буола часто.

ӨТӨРҮ түс пронзать (тобулу); өтөрү-батары саҥар ругать без пощады.

ӨТӨХ старая заброшенная усадьба.

ӨТТӨЙ осудит. хвастаться, бахваляться ч. – л.

ӨТТҮК бедро (буут, уллук); таз (у человека); ойоҕос бок; өттүк баттанан опёршись о бедро, подбоченясь; өттүгэстээн сыт лечь на бок, лежать на боку; опираться на бедро, ложиться на бедро; устар. возлежать, разлечься; өттүктээ спорт. бросать через бедро, подставлять ногу; перен.: подводить.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 13 14 | Следующая
  • 5 Оценок: 1

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации