Текст книги "Краткий якутско-русский, русско-якутский словарь"
Автор книги: Тамара Петрова
Жанр: Словари, Справочники
Возрастные ограничения: +12
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 3 (всего у книги 42 страниц) [доступный отрывок для чтения: 14 страниц]
БУКАТЫН букатыннык, букатыннаахтык совсем, вовсе, совершенно, вконец (ончу); безвозвратно, навсегда.
БУКУНАЙ хлопотать, суетиться.
БУЛ находить, отыскивать; приобретать, доставать; замечать, находить; встречать, посещать; придираться, приставать; тоҕо миигин буллуҥ почему придираешься ко мне; муҥ киһини булар горе посещает людей.
БУУЛАА неодобр. преследовать, приставать; түбүлээ привязаться (өһөө, хатай); не давать покоя, постоянно беспокоить.
БУУЛАҔА (дуулаҕа) экспр. сильный, мощный.
БУЛГУ наперелом, наизлом (тосту), переломить булгу тут; булгуччу непременно, окончательно, положительно, вовсе, совершенно.
БУЛГУННЬАХ курган, холм, сопка.
БУЛДЬУЙ тыла булдьуйбут язык отнялся (об умирающем или окоченевшем человеке).
БУЛКУЙ мешать, смешивать; размешивать, взбалтывать, мутить; путать; киһини өйүттэн таһаар сбивать с толку, искажать.
БУЛЛУГУНАЙ букунай биться безуспешно, делать бесполезные усилия.
БУЛТ булт-алт добыча, промысел, охота, лов диких животных; түүлээх булда пушной промысел; балык булда рыбный промысел; булт тэрилэ охотничья снасть; булка сырыт, бултаа охотиться, заниматься охотой, промышлять; булчут охотник, зверолов.
БУЛУУ находка, приобретение; булумньу оҕо ребёнок незамужней женщины.
БУЛУҤ обособленная часть местности; отдельно расположенная.
БУУЛУУР серый, седой, чалый (сур, чуоҕур), буланый (о масти лошади).
БУЛУУС ледник; холодное место; умуһах погреб; булуус сир неоттаивающее летом место.
БУУР самец (олень, сохатый); зрелый самец-олень; буур таба, буур тайах; перен. буур бэрдэ наибольший, наилучший (из людей).
БУРАЙ разбрасывать, раскидывать, расстраивать; рыться, ворошить (вещи); тратить; баайын барытын ыста-бурайда промотал всё состояние.
БУУРАЙ удалой, удалец; часть сложного имени Адаҕалаах Ала Буурай.
БУРГУНАС корова 3–4 лет.
БУРҔАА (буурҕа, буркун, тибии) пурга, снежная метель, вьюга, буря.
БУРҔАЛДЬЫ ярмо; колодка на шее рабочего вола; обуза, нагрузка; миэхэ бурҕалдьы буолла стал мне обузой.
БУРҔАТ бурҕаҥнат поднимать в воздух (пыль, золу, шерсть); бурҕачый.
БУРДУК мээккэ бурдук мука; үүнэн турар бурдук хлеба; сиэмэ бурдук зерно; үрүҥ бурдук мука высшего сорта; бурдук быһыыта жатва; бурдук сынньыыта молотьба.
БУРУЙ I вина, проступок; аньыы-хара преступление; буруйданыы наказание, кара, казнь; осуждение.
БУРУЙ II пятиться назад, кидаться в сторону; ат сиргэнэн буруйар конь, напугавшись, не идёт дальше; саһыл буруйбут лиса запутала следы; эрий-буруй извивать, крутить, вертеть.
БУРУЛҔАН водоворот, быстрина; олох бурулҕана крутые изменения в жизни.
БУРУУҺАА разг. досаждать словами, поступком; наказывать, карать (свыше); буруустаа точить.
БУРУТ 1. ядовитая трава (табах от, аһыы от); 2. ыыс-бурут брань, ругань.
БУРУО (ыыс, чаан) дым; чад; отдельное хозяйство; буруолаа дымить, куриться.
БУС (буһар) вариться, печься; созревать, поспевать; күөс буһар, куйааска буһар; бурдук буста, отон буспут; уокка бус обжечься, ууга бус обвариться; дэлби бустум сильно вспотел.
БУҺАР 1. зреть, поспевать бурдук буһар (буста, буспут) хлеб наливается, созревает; отон буһар ягода поспевает; бустум я вспотел; күһүҥҥү буһук пора созревания хлебов, овощей; 2. (вариться) готовить, стряпать; печь, испечь; күөһү, эти буһар поставить обед; килиэптэ буһар печь хлеб; илиигин ууга буһар обварить руку; ууну оргут кипятить воду; чэйи өр поставить самовар (чайник).
БУҺУУРҔАА делать с удовольствием, увлекаться.
БУУТ I бедро, ляжка (уллук, өттүк); задняя нога скотины; нога человека (хол-буут); кыптыый буута ручка ножниц.
БУУТ II пуд (16 килограммов).
БУТУЙ путать, запутывать, соруйан бутуй мутить; булкуй мешать, смешивать; уларыт искажать; бутуур смешение, путаница; бутугас похлёбка; бутукаай суматошный человек.
БУО бу вступительный припев к песне.
БУОҔУ препятствие; буойуу запрещение; буоҕу буол мешать.
БУОЛ 1. быть, являться, делаться, становиться, стать; быть, бывать, происходить, случаться, совершаться, сбываться; наступать, наставать, начинаться, приходить; превращаться, оборачиваться, образовываться; протекать, проходить, миновать; быть, бывать, существовать, находиться, оставаться, пребывать, проживать; 2. вспом. гл. буол делать вид, казаться, притворяться; утуйбута буол прикидываться спящим; ыалдьыбыта буолаарай может, заболел.
БУОЛА 1. воля; модун буолабын бохтотон укротив мою могучую волю; буолак поле; 2. модальн. част. буоллаҕа, буоллаҕай, буоллаҕына, буолан, буолбакка, буолбаат, буолаарай.
БУОМ препятствие, преграда; буомча трудный переход; критический момент; олох буомнарын туораа пережить трудные моменты жизни.
БУОМУР худеть, хиреть, сохнуть; остановиться в развитии.
БУОР земля, почва; хара буор нижний слой грунта, чернозём; туой буор глина; буордаах грязный; буору көтүт поднять пыль; төрөөбүт буор родное место; киһи буора могила; буор босхо бесплатно.
БУОРАЙ слабеть, дряхлеть; букатын буорайбыт стал совершенно слабым.
БУОС буоһаа зачаться; буос ынах стельная корова, уулаах биэ жеребая кобыла.
БУОССАА эвфем. поражать, убивать (медведя).
БҮГҮЙЭХ бүгүлэх оса, тигээйи овод, күлүмэн слепень; бүгүлэхтээ (о лошади) отмахиваться от насекомых.
БҮГҮН [бу+күн] сегодня, ныне; бүгүҥҥү сегодняшний.
БҮГҮРҮ одобр. работящий, трудолюбивый; хозяйственный.
БҮГҮҺҮН [бу+күһүн] этой осенью, минувшей осенью.
БҮДҮЛЭЭ смотреть во все глаза; вникать, внимать.
БҮДҮРГЭЙ грудинка.
БҮДҮРҮЙ спотыкаться; запинаться, ошибаться, поступать опрометчиво.
БҮК I изгиб, загиб; бүк тут сложить вдвое; бүк түс склониться, согнуться; бүк баттаа загнуть; заставлять; бүк түспүт, бүк барбыт загнутый; бүк тутуллубут сложенный, согнутый; бүк эрэнэр абсолютно уверен.
БҮК II бүк скрываться, никому не показываясь; хорҕой укрываться от чего-то (дождя, ветра), сас прятаться в каком-то месте; дьиэтигэр бүгэн олорор скрывается дома.
БҮЛГҮН (сарын) плечо; акымал (оҥкумал) предплечье.
БҮЛГҮРҮТ вывихнуть, свихнуть (руку, ногу); бүлгүрүйүү вывих.
БҮЛЛҮГҮРЭЭ быллыгыраа глухо биться (о сердце); издавать частые глухие звуки.
БҮЛТЭ (бүттэ) неповреждённость; бүлтэлээх (бүттэлээх) сир целое место; бүлтэлээх (бүттэлээх) сир орпотох не осталось целого места; бүттэтэ суох нет неповреждённого места.
БҮЛТЭГЭР выпуклый, выпученный; бүлтэччи көр выпучить глаза.
БҮЛТЭС трубчатые кости (хары уҥуоҕа, сото уҥуоҕа).
БҮРГЭС шило; бүргэстээ протыкать, прокалывать шилом.
БҮРҮЙ обивать, покрывать; саба бырах накидывать, набрасывать; суулаа закутывать; суораты бүрүй заквашивать молоко; бүрүө обивка, покрышка, покрытие; куруук көрдөс-ааттас обивать пороги.
БҮҮРҮК кайма, обшивка, оторочка, опушка; бүүр подрубать, оторачивать, окаймлять; обкладывать, обшивать.
БҮРЭ экспр. дьүһүннээх неприметный, неказистый.
БҮТ кончать (ся); истекать, переставать; бүтэр заканчивать, закругляться, завершать; муннум бүттэ нос заложило; күөмэйим бүттэ охрип.
БҮТҮН весь, бүтүн аан дойду весь мир; неповреждённый, целый; бүтүн орпут остался целым; жив; бүтүннүү совершенно, целиком; бүттүүн все без исключения.
БҮТЭЙ I 1. сплошной, цельный, бүтэй туйахтаахтар непарнокопытные; глухой, закрытый, замкнутый; бүтэй куйаас жара; бүтэй маҥан ат сплошь белая лошадь; сымыыттааҕар бүтэй замкнутей яйца (о безобидном и тихом человеке); бүтэй Бүлүү эбэккэм уединённая матушка-река Вилюй; 2. послелог: сквозь, через, таҥас бүтэй этэ көстөр сквозь одежду видно тело.
БҮТЭЙ II изгородь, ограда, загон; бүтэйдээ поставить изгородь.
БҮӨ пробка, затычка; засов; запруда; бүөлээ закупоривать, затыкать; хаххалаа заграждать, застилать (солнце); бүөлэн быть закупоренным.
БҮӨБЭЙДЭЭ убаюкивать, нянчиться; лелеять, пестовать.
БҮӨМ бүөмчү экспр. уединённый, уютный; захолустье; бүөмчүгэ, бүөмнээн незаметно, наедине; бүччүм тихий, спокойный, бүччүм сир укромное место.
БҮӨР 1. почка; поэт. үллэр бүөр вздох; 2. бүөр күөл меньшее из двух близлежащих озёр.
БЫГЫҺЫН [бу+кыһын] этой зимой, минувшей зимой.
БЫДАН 1. давно, давний; отдалённый; быдан дьылга бырастыы прощай на долгие годы; 2. очень; намного; гораздо; быдан элбэх гораздо больше; ыыс-быдаан густой туман, густая мгла.
БЫДЬАР (быртах) скверный, мерзкий, отвратительный; быдьар тыл нецензурное слово; сквернословие.
БЫЙАҤ изобилие, богатство, достаток; быйаҥнаах плодородный, изобильный, щедрый; уйгу-быйаҥ полная чаша.
БЫЙЫЛ [бу+сыл] сей год, в этом году; нынешним годом.
БЫК быган көр выглядывать, былтаҥнаа высовываться; быктаран аас проявляться; бурдук быган эрэр показались первые всходы (хлеба всходят).
БЫЫКАА быыкай, быыкайкаан, быыкаайык, быычыкаан малый, маленький, ничтожно малый, крохотный, крошечный.
БЫЛА остаток (тобох, элээмэ); былам быһынна иссякли последние силы.
БЫЛАА смешивать; смешаться, былааһык смесь; бары былааһа олороллор.
БЫЛАҔАЙ экспр. несчастье, несчастный случай, неожиданная смерть.
БЫЛАС 1. маховая сажень, размах; тылын былас таһаарда высунул язык; 2. послелог. время; сыл былаһыгар за год; ол былаһын тухары за это время.
БЫЛАХ мелкий тальник, тонкие ветви ивы.
БЫЛДЬАА отнимать, отбивать, забирать (присваивать); апчарый похищать, расхищать; смывать (о воде); былдьас друг у друга отнимать; былдьат велеть, заставить, позволить отнять; былдьаһык нарасхват.
БЫЛЛАҔАР уос отвислая нижняя губа; быллаччы уой расплыться, растолстеть.
БЫЛТАЙ показываться выпуклой стороной; выпячиваться; физически развиться (о девушке); былтаҥнаа показывать своё круглое лицо.
БЫЛТАРЫЙ экспр. сворачивать, сходить с дороги.
БЫЛЫЫК песок и глина, нанесённая водой; дьэбэрэ ил, полужидкая грязь.
БЫЛЫР в древности, в старину; когда-то, давным-давно; былыргы древний, старинный; давний, ветхий, старомодный; древность, древние времена.
БЫЛЫРЫЫН в прошлом году; былырыыҥҥы прошлогодний.
БЫЛЫТ облако, туча; итир былыт перистое облако, сатыы былыт низкое облако, сис былыт сплошное облако; былыттаах халлаан пасмурная погода.
БЫЫППАСТЫГАС вспыльчивый, горячий, раздражительный.
БЫР курдук достаточно.
БЫРАЛЫЙ экспр. отправляться вдаль, странствовать.
БЫРААТ (ини) родной брат; с притяж. афф. быраатым, иним родной брат+мой; тастыҥ быраатыҥ двоюродный брат+твой.
БЫРАХ I бросать, кидать; метать; оставлять; ойоҕун бырахпыт оставил жену; табаххын бырах бросить курить.
БЫРАХ II отбившийся, одичавший; быралый далеко уходить; бырах бар отбиться от дома; бродяжничать, скитаться; быралгы бродяга; быралыйар бырастыы прощай навеки.
БЫРДАҤАЛАА брызгать (ся); бежать в прискочку.
БЫРДАХ комар, мошкара, муха, овод; летающее насекомое.
БЫРДЬАЙ выдаваться, вылезать, сыата бырдьайан тахсыбыт.
БЫРКЫ след, известие; сурах молва; быркыта суох барда никаких вестей.
БЫРТА пах у скотины; бырта сыата паховый жир; былдьаһыктаах бырта сыата лакомый кусок; бырт благополучие, состоятельность; бырт курдук олорор жить в достатке; бырда быстыбыт отощал, обеднел.
БЫРТАХ (быдьар) презр. поганый, мерзкий, скверный; постыдный.
БЫРЫЫ болото, топкое место; бырыы да бадараан непролазная грязь.
БЫРЫЛАА шипеть, изжариваясь; бырылыы түс становиться тёплым.
БЫС (быһар) резать, отрезать; ырбаахы быһар кроит рубашку; бурдугу быс жать хлеб; быһыы быс делать прививку; тыынын быс лишить жизни; баһын быс отрубить голову, обезглавить; быстах короткий, временный (быстах кэм, быстах санаа, быстах быһыы).
БЫЫС 1. занавес, занавеска; перегородка, ограда, забор; межа, граница; хаптаһын быыһа щель, щёлка; 2. промежуточное время; быыс кэм (үлэ быыһыгар) промежуток; быстыҥ отрезок времени; күөс быстыҥа, чаас быстыҥа примерно час.
БЫҺА I прямо, напрямик; быһа суол прямая дорога;
БЫҺА II послелог. в течение, күнү быһа весь день, в течение дня; быһата просто, словом, одним словом.
БЫЫҺАА I загораживать, отмежёвывать; мэһэйдээ преграждать, отделять; араартаа разделять; разнимать, разрешать (спор).
БЫЫҺАА II босхолоо освобождать; быыһаан ыл выручать; өрүһүй спасать; ыраастаа оправдывать, избавлять; быыһааччы освободитель; быыһан освободиться; эвфем. дьахтар быыһаммыт женщина родила.
БЫҺАҔАС неполный, недостаточный; быһаҕалас осудит. выпрашивать, вымаливать.
БЫҺААР толковать, разъяснять, объяснять; определять; обсуждать; решать.
БЫҺААС [бу+саас] этой весной, минувшей весной.
БЫЫҺАС толстая кишка; быыһас хаана жирная кровяная колбаса.
БЫҺАХ нож (кырыылаах); быһыйа, быһычча ножик; быһахтан хвататься за нож, угрожать ножом.
БЫҺЫЫ 1. фасон; таҥас быһыыта покрой одежды; 2. быһыыта-таһаата наружность, облик, вид; быһыыта-майгыта манера, характер, образ жизни; 3. поступок, поведение; куһаҕан быһыы проступок; 4. бурдук быһыыта жатва; 5. быһыы прививка; 6. модальн. сл. быһыылаах видимо, кажется, ыалдьар быһыылаах видать, плохо себя чувствует.
БЫҺЫЙ быстроногий; резвый.
БЫҺЫЙА быһычча ножик, небольшой нож.
БЫҺЫЛААН инцидент; алдьархай беда; иэдээн несчастье; араллаан приключение.
БЫҺЫМАХ экспр. спешка, поспешность, торопливость, нехватка времени.
БЫТ вошь; сир быта (киһи) умный, осторожный человек.
БЫТААН медленный, медлительный; бытаар допустить отставание.
БЫТАРХАЙ мелкий; кроха, крошка, крупинка; бытархай харчы мелкие деньги.
БЫТААҺАХ бран. баба, молодуха; бабёнка.
БЫТЫГЫРАА всходить; бурдук бытыгыраабыт появились всходы.
БЫТЫК сэҥийэ бытыга борода; уос бытыга усы; сулардыы бытык баки.
БЫТЫРЫЫС бахрома, кисти; бытырыыстаа пришивать бахрому.
БЫЧЧАҔАР экспр. большеглазый, с выпученными глазами; груб. пучеглазый оболтус, шалопай, сорванец.
БЫЧЧАРХАЙ железа; быччархайдьыт туберкулёз желез.
БЫЧЧЫҤ мускул, мышца.
БЫЧЫГЫРАА экспр. щебетать, чирикать; быстро говорить.
БЫЧЫК немного, немножко, понемногу; бычык тарт капнуть малость.
БЫА верёвка; синньигэс быа тесёмка; ситии тонкая волосяная верёвочка; ситим шнур; кур кожаный ремень; тирбэҕэ ремешок; бэчимэ бечева невода; өтүү длинная волосяная верёвка; сүрэх быата аорта.
БЫАР печень, печёнка; выступающая часть предмета; томтор быара пригорок; быаргын тарбаа долго смеяться; быара быһынна устал смеяться.
БЭБЭЭР сильно кричать, реветь (о ребёнке).
БЭЭГЭЙ презр. недоросток, коротышка.
БЭГЭЧЧЭК запястье, кисть руки, сустав ручной кисти.
БЭҔЭҺЭЭ [бу+киэһэ] вчера; бэҕэһээҥҥи то, что было накануне.
БЭДИК шалун, шалунишка; осудит., ирон. глупец, дурачок, повеса.
БЭДЭР (үүс) рысь.
БЭЙ бай межд. удивление; бэй, көр эрэ смотри-ка, что это.
БЭЙБЭҔЭР маленького роста; бээгэй карлик; бэдьэй, бэйбэрий семенить; Бэйбэрикээн эмээхсин маленькая старушка с короткими ножками.
БЭЙДИЭ везде, повсюду; бэйдиэ кэтэр таҥас повседневная одежда.
БЭЙЭ бэйи, бэйикэй немного погодя, потом; ужо; погоди, постой; бэйи эрэ постой-ка; бэйикэйбин ужо, отомщу.
БЭЙЭ 1. тело, туловище, туша; таҥастыын бэйэлиин весь сам с одеждой; 2. существо, личность, особа; бэйэ тыына бэйэҕэ күндү каждому своя жизнь дорога; биир бэйэм икки буоллум сам один стал двумя; турар бэйэм сам какой есть; свойство, особенность, отличительное качество; күөх унаар бэйэлээх хонуу; бэйэм кэллим один, без провожатых; бэйэ киэнэ свой, бэйэм атым свой конь; тус бэйэтэ сам собственно; бэйэҥ бэйэҕинэн лично сам; бэйэкэ (уменьш. от бэйэ) бедненький; хайдах буолар бэйэкэбиний как же мне, бедненькому, быть; бэйэмсэх эгоист.
БЭКИР тощий, поджарый; бэкэччи тутун поджимать живот.
БЭЛ даже, и даже, но даже.
БЭЛИЭ знак, метка; отметка, различие; признак, примета; знамение, предзнаменование; заметный, приметный; отмеченный, замечательный; ааттаах, сурахтаах знаменитый.
БЭЛИЭР так скоро, так рано.
БЭЛЛЭЙ расплываться; бэллэччи сытый отсыреть (про обувь).
БЭЛЭМ готовый; бэлэм сылтах пользуясь моментом.
БЭЛЭННЬИК обшлаг, манжета.
БЭЛЭС гортань, глотка, зев (куолай, күөмэй); мягкое нёбо; бэлэстэт кричать во всю глотку, драть глотку.
БЭЛЭХ 1. подарок, дар; кэһии гостинец; ньымаат мзда; бэрик взятка; 2. кэрэх жертва духам.
БЭРБЭЭКЭЙ уҥуоҕа бабка (сыаҕай); лодыжка, щиколотка.
БЭРГЭ киста, эт бэргэ мясной нарост; сыа бэргэ жировой нарост; бэрдий терять упругость.
БЭРГЭН I 1. меткий, ловкий; хороший стрелок; молодец, удалец; 2. часть собственного имени Хаардьыт Бэргэн.
БЭРГЭН II жена старшего брата мужа (деверя); бадьа жена младшего деверя.
БЭРГЭҺЭ шапка; мэнньиэс венец; бэргэһэлэн венчаться.
БЭРГЭЭ усиливаться, прогрессировать (о болезни).
БЭРДИМСИЙ возгордиться; улаатымсый возомнить; киэбир кичиться.
БЭРДИРГЭС хрящевой; третий желудок у жвачных.
БЭРДЬИГЭС сосёнка; молодой сосняк; бэрдьигэс от хвощ (трава).
БЭРИ усил. част. бэри бэркиһээ чрезвычайно удивиться.
БЭРИЙ I разматывать, распутывать, перебирать верёвку, сети; приводить в порядок, прибирать.
БЭРИЙ II (бэкий) быть высокого роста и сутуловатым.
БЭРИН сдаваться в плен; бас бэрин подчиняться, повиноваться, покоряться; уступать, принимать условия.
БЭРИҤ (сирин) коровье вымя (в говядине); грудная железа (у женщины).
БЭРКИҺЭЭ (сөх) удивляться; салын, дьулай ужасаться.
БЭРТ I отличный, превосходный, наилучший, необыкновенный; бэркэ весьма, очень, чрезмерно; бэркэ эттэ сказал весьма хорошо; бэркэ таптыыр сильно любит.
БЭРТ II усил. част. элбэҕэ бэрт слишком много; куһаҕана бэрт очень плохой; ирон. кэлэн бэрт так и пришёл; этэн бэрт так тебе и скажет.
БЭРЭ прилегающее к озеру меньшее озеро.
БЭРЭМЭДЭЙ перемётная сума.
БЭС мас сосна, бэрдьигэс молодая сосна, сосёнка; бэс ойуур сосновый бор; бэс үөрэ сосновая заболонь; харах бэстээх зависть.
БЭС ыйа июнь; бэс ыйыгар в июне; бэс ыйыттан с июня.
БЭҺИР осудит. сильно привязываться; стараться угодить, льстить; туохха бачча бэһирдиҥ к чему это так привязался.
БЭҺИЭЙЭХ 1. только пять, всего пятеро; 2. мутовка для кумыса (хамнатар).
БЭҺЭЛ запоздавший в росте; недоросток.
БЭТ (аба) ядовитое слово; бу бэлэһин бэтин язвительные слова.
БЭТИН (бэттэр) надтреснуть; надламываться под тяжестью; дьиэ өһүөтэ бэттибит матица надломилась; бэттибит баҕаналаах с надтреснутой подпоркой.
БЭТИЭХТЭЭ бөтүөхтээ задыхаться, тяжело дышать.
БЭТЭНЭЭСКИ пренебр. молокосос; бэҕэһээҥҥи бэтэнээски сопляк.
БЭТЭРЭЭ бэтэрээҥҥи эта сторона; по сию сторону; бэтэрээ киһи этот, здешний; бэттэх (бэтэрээтэх) сюда, поближе.
БЭЧЭЭЛЛЭЭ сүрэҕим бэчээллиир сердце ноет.
Г
ГЫН 1. делать; тугу гынаҕын; что делаешь; хайдах гынабын как мне делать, быть, поступать; 2. вспом. гл. а) собираться; бараары гын собираться уходить; гын+аффикс сказуемости:; аһаары гынабын собираюсь есть; өлөөрү гынна собрался умереть; б) гына так чтобы; үчүгэй гына чтобы было хорошо; уһун гына чтобы было длинным; в) с целью; гынаары+аффикс сказуемости; оҕо гынаары чтобы усыновить, ходуһа гынаарылар чтобы превратить в угодья. 3. модальн. сл. ол гынан булбатах всё же не нашёл; инньэ гынан утуйан хаалбыт так и заснул.
Д
ДА 1. усил. част. үчүгэй да күн! какой хороший день! биир да киһи суох нет никого; бэйэтэ да билбэт даже сам не знает; 2. союз: и, также, даже; хотя, но (однако); да-да и-и; как-так и; ни-ни.
ДАА част. вопрос, туох даа? что ты говоришь? просьба, кэл даа приди же; негодование, көр даа маны! ишь ты!
ДАБАЙ подниматься наверх; всходить; дабаан подъём на гору; үрдүк дабаан крутой подъём.
ДАБААЙ давай; чэ, дабаай эт ну, давай, говори.
ДАБАРХАЙ древесная смола.
ДАБДЫГЫРАТ 1. барабанить; стучать в дверь; 2. говорить быстро и отрывисто.
ДАГДА взбитые сливки; күөрчэх крем; дагдай всплывать вверх, подниматься на поверхность; дагдаҕар рослый с широкими плечами.
ДАҔАЙ (дэгэй) касаться, прикасаться, дотрагиваться.
ДАҔАНЫ см. да част. пахай даҕаны как плохо; диэмэ даҕаны и не говори; син даҕаны ну ничего; арба даҕаны кстати.
ДАЙ взлетать, размахивая крыльями (о птицах); көтө-дайа сырыт летать, порхать; идти быстрой, лёгкой походкой.
ДАЙБАА (далбаатаа, далай) махать, размахивать; сирэйгэ дайбаа с размаху бить по лицу; дайбаҥнаа покачиваться, размахивая руками (о пьяном).
ДАЙҔАРАХ неуклюжий; көнтөрүк неповоротливый; нэс медлительный.
ДАЛ загон для скота, скотный двор; харах дала внимание, наблюдение; хараҕын далыгар сылдьар обращает на него своё внимание.
ДАЛАЙ I замахиваться.
ДАЛАЙ II экспр. глубокая вода; дириҥ далай пучина, бездна.
ДАЛАН таллан, далааһын огромный, отменный, длинный.
ДАЛАҺА мостки; эвфем. лошадь.
ДАЛААҺЫН размах, охват (мероприятием).
ДАЛБАР 1. берестяной сосуд (на ведро кумыса); 2. сандалы стол для кушания; 3. мааны сердечный приём; почесть; далбардаа оказывать сердечный приём с обильным угощением.
ДАЛБАРАЙ одобр., поэт. птенец, птенчик, птичка, пташечка, слеток.
ДАЛЛА ураһа маленькая ураса, летняя юрта.
ДАЛЛАЙ широко раскинуть руки, распластать крылья; даллаҕар распростёртый; даллаҥнаа, даллараҥнаа размахивать, тянуться (о птицах, о ребёнке).
ДАҤ толстый слой старой травы на крыше постройки.
ДАР звук от падения сухих досок; дар уҥуох один скелет.
ДАРАҔАР широкоплечий.
ДАРБАЙ вздуваться, опухать; дарбайбыт вздутый, распухший (губы); дарбат преувеличивать, раздувать; дарбаччы ис сильно вспухнуть.
ДАРБААН (дирбиэн) шум, стук, грохот; беспокойство, суета; дарбааннаах шумный, громкий, с большим размахом; дарбый-дирбий громко стучать, шуметь, греметь.
ДААРГЫ неодобр. очень равнодушный, безразличный.
ДАРКЫЛАА беспорядочно складывать; даркы нагромождение снесённых паводком лесов.
ДАРХАН 1. почтенный, важный; гордый, величественный; дархан олох почётное, достойное место; 2. часть собственного имени Тыгын Дархан.
ДАРХАҺЫЙ неодобр. – осудит. напускать солидность, важничать, чваниться.
ДИИ усил. част. ведь, же; баар дии есть же, билэр дии ведь знает.
ДИБДИГИРЭЭ (дибдий) грозно топать ногами, громко стучать с бранью.
ДИРИҤ глубина, глубь, бездна; пучина; дириҥ санаалаах премудрый.
ДИЭ 1. эт, саҥар, ааттаа говорить, сказать; считать, думать, полагать; диэн называть, именовать; аатым Аана диэн зовут меня Анной; спрашивать; принимать за что; 2. усил. част. кыыл диэни көрдүм, үрдүк диэн хайа этэ.
ДИЭКИ 1. туда; 2. послелог: к, в, на, за, под, у (для обозначения места, направления).
ДИЭЛИЙ распространяться, разноситься.
ДИЭРИ послелог: до, даже до, до тех пор, пока не, так что, даже, с.
ДОО (дуо) вопр. част. ли; баар дуо имеется ли.
ДОБДУГУРАС безостановочный, добдугурас саҥа говорить скороговоркой.
ДОБУН экспр. сильный, жестокий (вихрь); добун халлаан высокое небо.
ДОГДОҔОР (тойтоҕор, кылгас) короткохвостый; короткий; кылгас сон полушубок; догдос гын, доодоҥноо ступать важно (о толстом человеке).
ДОҔОЛОҤ хромой, колченогий (одна нога короче другой).
ДОҔОР [тоҕой+ум] друг, товарищ, приятель; подруга (о жене); брат (обращение); товарищ, провожатый, попутчик (киһи).
ДОҔУУ зазубрина (в напильнике), зубчик.
ДОҔУУР петля для ловли птичек; туһах силок.
ДОҔУҺУОЛ сопровождение, аккомпанемент.
ДОЙҔОХ неодобр. бесконечные разговоры, болтовня; дойҕохтоо долго говорить об одном и том же.
ДОЙДУ страна, край; родина, отечество; сторона, местность, край; земля, страна, государство; орто дойду белый свет.
ДОЛБУУР деревянная полка.
ДОЛГУЙ колыхаться, колебаться; волноваться, нервничать; долгут всколыхнуть, взволновать; долгун волна; вал; долгуннаах волнистый; долгутуулаах волнительный.
ДОЛЛОЙ экспр. хааман доллой степенно шагать; доллоһут производить далеко раздающиеся громкие звуки; ыллаан доллоһутар.
ДОЛОҔОЙ память; долоҕойгор тохтот вникать, запоминать, усваивать.
ДОМНОО экспр. заклинать; домньут умеющий заклинать.
ДОМОХ притча, присказка; номох легенда; сомоҕо домох идиома.
ДОР (доҥ) звук от удара в бубен, дүҥүрүн доҥ-доҥ, дор-дор охсо-охсо.
ДОРГУЙ I громко раздаваться, отдаваться (о звуке).
ДОРГУЙ II дрожать, трястись, сотрясаться (о предмете).
ДОРҔООН звук, звон, голос; эхо, отголосок, отзвук.
ДОРОХХОЙ жёсткий, грубый; неподатливый.
ДОХСУН дерзкий, наглый, грубый; дохсун ат горячий конь; дохсун киһи буйный человек, буян, забияка; дохсун сүүрүк бурный поток; жгучий (о морозе).
ДӨБӨҤ лёгкий, нетрудный; быстрый, скорый; ордук дөбөҥ быстрее.
ДӨГДӨҤӨЛӨӨ подскакивать, подпрыгивать.
ДӨЙ оглушаться, глохнуть; дөйүт оглушать; дөйүҥү глуховатый.
ДӨЛҮҺҮӨН шиповник, плод шиповника.
ДӨРӨ (чурупчу) деревянное кольцо у вола.
ДӨРҮН изредка, иногда, по временам.
ДУУ (дуо) част. ли, или, что ли; или-или; либо-либо.
ДУБУК недостаточно; дубук тутун недоделать.
ДУГУЙ аргыый аҕай дугуйар иметь лёгкую походку; дугун слегка касаться ногами земли.
ДУГУЙДАН уединяться, скрываться; тоҕо итиннэ дугуйданна зачем он туда забился.
ДУЙДАА лудить, паять; задабривать; дуйдаах лужёный.
ДУК дугдуруй замахнуться; дуксуй поражать; дук гын поделиться.
ДУУЛАҔА (дуолан) экспр. крупный, рослый; дуолан большой ростом, громадный; дуолан охсуһуу яростный, ожесточённый бой.
ДУЛҔА болотная кочка; дулҕа аһа, дулҕа сиэлэ порода длинной травы.
ДУРАҺЫЙ экспр. помышлять, намереваться сделать.
ДУРДА заслон, защита; хахха щит; твердыня; засада.
ДУУҺА (тыын, кут-сүр) душа; человек, живое существо; бран. кретин, идиот.
ДУОЛ (дуорас) совсем, совершенно (при отрицании).
ДУОМ видимость, подобие; ат дуома плохая лошадь; киһи дуома недостойный называться человеком; дуон значительность; дуона суох незначительный; недостойный; малость, кое-что.
ДУОРААН отзвук, отголосок; саҥа дуораана отзвук голоса; дуорааннаах раскатистый, гулкий; дуорааннан отдаваться; ой дуораана эхо; дуораһый раскатываться, далеко разноситься.
ДУОСПУРУННААХ серьёзный, основательный; дуоспуруна суох беспечный, легкомысленный; дуоспуруннан стать серьёзным, основательным.
ДУОҺУЙ быть довольным, испытывать удовлетворение, насыщаться.
ДҮКСҮН может быть, положим; эгэ дүксүн если.
ДҮЛҮҤ чурбан (бэрэбинэ); короткое бревно.
ДҮҤҮР шаманский бубен, барабан яйцевидной формы.
ДҮРБҮЙ сильно стучать; поднимать тревогу; дүрбүөн-дарбаан шум-гам, тревога, беспокойство; дүбдүргэн шум, крик; сутолока, переполох.
ДЫБДЫЙ ходить, бегать легко и быстро; дыбдыйан ис идти, легко ступая.
ДЫГДАҔАР раздутый, надутый; дыгдайбыт сирэй вспухшее лицо.
ДЫЫГЫНАА жужжать, звенеть; дыыгынас протяжно-писклявый звук.
ДЫЛЫ послелог: до, с; подобный, похожий, имеющий сходство.
ДЫРАЙ выпрямить (ноги), дыраччы тэп быть тонким и длинноногим; дыралдьый ходить, выделяясь своими длинными ногами.
ДЫРЫЛАА ощущать нервную дрожь; этим дырылыыр подёргивание.
ДЭБДИРГЭ осенняя пора до первого снега; дэбдиргэ саҕана сүөһүнү аһатарга для прокорма скота до санной дороги.
ДЭБДЭҤ неодобр. (киһиргэс, чабыланар) легкомысленный, хвастливый, дэбдэй слегка бахваляться.
ДЭБИЛИЙ экспр. бурлить, кипеть, клокотать; доходить до краёв; долгун дэбилийэ сытар волны кипят.
ДЭГДЭЙ дэгдэҥнээ приподниматься; воспрянуть духом; дэгдэс гына түстүм сразу поднялось настроение.
ДЭГИТТЭР разносторонний, способный ко всему.
ДЭГИЭ тыҥырах цепкий коготь.
ДЭГЭЙ дэгэлдьий легко, быстро, энергично двигаться, сүүрэн дэгэйэн истэ бежал, едва касаясь земли; сделать незаметно, хаһан дэгэйэ оҕуста когда он успел это.
ДЭГЭПЧИЛЭЭ оттачивать, убирать излишки (о поделках).
ДЭГЭРЭҤ бег с подскоками или на носках; дэгэрэҥ үктээ (дэгэҥнээ) танцевать, делая подскоки; дэгэрэҥ ырыа пение в быстром темпе.
ДЭГЭТ оттенок, нюанс; тыл дэгэтэ оттенок слова.
ДЭЙБИИР махалка из конского хвоста; көмүс уктаах дэйбиир махалка, имеющая рукоятку с позолотой.
ДЭЭЛ ээл-дээл беспечный, равнодушный; ээл-дээл сырыт относиться беспечно, ничего не предпринимать.
ДЭЛБЭРИЙ 1. дэлби трескаться, лопаться; разбиваться; дэлби бар взорваться; дэлби тэптэрии взрыв; дэлби түс ушибиться; 2. груб. жрать, уплетать; 3. част. очень сильно; дэлби аҕылаа сильно запыхаться; дэлби күл долго смеяться.
ДЭЛЭ (дэлэкээн) чрезвычайно, очень; дэлэкээн үчүгэй буолуо этэ дуо как бы было прекрасно.
ДЭЛЭГЭЙ обильный, достаточный; щедрый, разг. тороватый; ас арааһа дэлэгэй этэ всякой снеди было вдоволь; дэлэй свободный, непринуждённый; дэлэй олох кэллэ настало свободное время.
ДЭМ 1. суть вещи, сущность; дэмин бил понять суть; дэмэ биллибэт боппуруос неясный вопрос; 2. дэмнээ преувеличивать.
ДЭҤ несчастный случай, опасность; дэҥнээ поранить, ушибить, искалечить; дэҥҥэ нечаянно, невзначай (алҕас); дэҥ кэриэтэ, дэҥ курдук редко; изредка.
ДЭРДИРГЭЭ биться, колотиться от тряски (при езде).
ДЭРИЭТИННЬИК дух, привидение.
ДЭХСИ ровный, гладкий; дэхсилээ делать гладким, ровным, выравнивать; разглаживать; эриэ-дэхси ровно, равномерно; гладко.
Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?