Электронная библиотека » Тамара Петрова » » онлайн чтение - страница 4


  • Текст добавлен: 23 июля 2018, 21:40


Автор книги: Тамара Петрова


Жанр: Словари, Справочники


Возрастные ограничения: +12

сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 4 (всего у книги 42 страниц) [доступный отрывок для чтения: 14 страниц]

Шрифт:
- 100% +
ДЬ

ДЬАБАҔЫР (ньамаҕыр) покрываться грязью, слизью; дьабахтаа пачкать, марать; портить.

ДЬАБАДЬЫ угол рта; хааннаах дьабадьы перен. кровожадный.

ДЬАБАХ пренебр. мазня; дьабахтаа небрежно, неаккуратно мазать, пачкать.

ДЬААБЫ пренебр. безобразие, беспорядок; дьаабылаа делать, поступать плохо, безобразничать; дьаабылан вести себя неприлично, поступать предосудительно.

ДЬАБЫЛ (кытарах) яловый; дьабыл ынах бесплодная корова.

ДЬАБЫН безвестная даль; потусторонний мир; бран. негодяй.

ДЬАГДЬАЙ прозябнуть так, что зуб на зуб не попадает.

ДЬАҔА 1. (саҕа) край, халлаан бэтэрээ дьаҕатыгар на ближнем краю неба; 2. деревянный музыкальный иструмент; эгэ-дьаҕа киһи бравый, молодец; эгэ-дьаҕа буол представляться общительным.

ДЬАҔЫЛ большие пятна на лопатках у лошади.

ДЬАҔЫРЫЙ неодобр. ругать, поучать, наставлять; журить.

ДЬАДАҤЫ бедный, бедняк, убогий, скудный; дьадах бедноватый; дьадай становиться бедным, разоряться.

ДЬААДЬЫЙ экспр. тэскилээ уходить, убираться (незаметно); ретироваться.

ДЬАЙ I действовать; оказывать влияние, воздействовать.

ДЬАЙ II грязь (в духовном смысле), кир нечисть; хара дьай скверна.

ДЬАЙҔАР халын делаться ясным; проясняться, очищаться от облаков; халлаан дьайҕаран эрэр дождь перестаёт.

ДЬАЙЫҤ бок, сторона, край, окраина, отрог (скалы); муус муора дьайыҥнаах с краю Ледовитый океан.

ДЬАКЫЙ экспр. уничтожать, сокрушать; өстөөхпүн өлөрдүм, саастаахпын дьакыйдым уничтожил врага, сокрушил противника.

ДЬААЛ (дьаалы) 1. воля, своеволие; көҥүл дьаалы по своей воле, без вмешательства со стороны; оҕо дьаалатынан сайдар растёт в соответствии со своей природой; үлэ дьаалатынан устар работа идет самотёком; улуу дьаалы своевольный, гордый; 2. дьаалатынан сылдьар беспечный, беззаботный; нехотя, неохотно, с нежеланием; ар-дьаалы ишь какой.

ДЬАЛАА обстоятельность; дьалай вникать, вдумываться, обращать внимание; дьалаата суох безмерный; дьалайбат не обращает внимания; дьалаҕай неодобр. халатный, небрежный, неаккуратный, рассеянный.

ДЬАЛБАА неодобр. рассеянный, забывчивый, легкомысленный; дьалбаарый делаться бестолковым, невнимательным.

ДЬАЛБАРЫЙ экспр. халбарый отставать, отодвигаться, отстраняться; дьалбарыт, үтэй отстранять, очищать, освобождать от злых духов (о действиях шамана).

ДЬАЛБЫЙ камлать, совершать заклинание (о шамане); дьалбыыр кнут шамана с привязанными в семи местах конскими волосами.

ДЬАЛКЫЙ плескаться, колыхаться, волноваться; уу дьалкыйар плещется вода; ыаҕастаах уу дьалкыйбат не плеснёт вода в берестяном ведёрке, т. е. тихая, спокойная, размеренная жизнь.

ДЬАЛЛАҔАР имеющий широкие края, разверстый; дьаллай зиять, расширяться.

ДЬАЛЛЫК (кыыбаҕа, кыдьык) порок, дурная привычка; болезнь.

ДЬАЛХААН большая волна, вал, штормовой ветер; беспорядок, волнения, последствия войны; дьалхааннаах неустойчивый; тревожный, беспокойный.

ДЬААМ ям, почтовая станция; утроба, живот; ырҕа дьаама туолла набил себе брюхо; аам-дьаам бессвязный.

ДЬАНЫАР настойчивость, упорство; дьаныардаах настойчивый, упорный; неотступный, докучливый; дьаный быть упорным, навязчивым; дьаныс делать упорно, настойчиво; дьаныһан туран с большим упорством.

ДЬАҤ 1. непродолжительное острое заболевание, хворь, недуг; 2. эпидемия, чума, мор, повальная болезнь; ис дьаҥа эпидемический понос; дьаҥнаа заболеть, захворать; дьаҥнаатым прихворнул.

ДЬАҤСА неодобр. – осуд. ворчливый, сварливый; дьаҥсай ругать, бранить, не отставая.

ДЬАҤХА муус дьаҥха сосульки, лаҥха старая трава прежних лет на лугах.

ДЬААҤЫ скалистые горы, каменная гряда; высокая каменистая гора с обнажённой вершиной; дьааҥылаах скалистый.

ДЬАППА расщелина, овраг между выступами; аппа-дьаппа сирдээх; дьаппаҕар полый, полуоткрытый.

ДЬАПТАЛҔА (араҥа, саас) слой, пласт; таас дьапталҕа каменная гряда.

ДЬАР гын 1. издавать звук (от падения сухой доски); 2. нервно вздрогнуть, встрепенуться; этим дьар гына түстэ я встрепенулся.

ДЬААР (ыы) острый, неприятный запах, вонь; приторный вкус, привкус парного молока; ыт ыыта, ыылаах эт, дьахтар дьаара запах женской мочи; дьаардаах приторно-сладкий; ыылаах-дьаардаах перен. грешный.

ДЬАРА (чаар) мель, мелкое место в воде, мелководье; дьарамай худощавый, сухопарый человек.

ДЬАРАЛЫЙ чувствовать боль, ломоту; уҥуоҕум тыытар ломит кости.

ДЬАРАЛЫК 1. ярлык, этикетка; клеймо; 2. блеск, сияние; счастье, радость победы.

ДЬАРАНААС тот, кто всё промотал; илээт мот; обедневший.

ДЬАРААР леший, чёрт; злой дух, мешающий развитию маленького ребёнка.

ДЬААРБАЙ ходить, гулять; дьаарбаҥ свободный, праздный.

ДЬАРҔА хроническая, застарелая болезнь, старый недуг.

ДЬАРҔАА 1. дьэрэкээн узор, вышивка (ойуу, бичик, оһуор); дьарҕаалаа делать узоры, вышивать фигуры; 2. кайма, каёмка; ойуулаах-дьарҕаалаах разукрашенный-разрисованный.

ДЬААРХАН экспр. остерегаться, побаиваться неприятностей.

ДЬАРЫЙ экспр. давать острастку, стращать; унимать (о телесном наказании).

ДЬАРЫК занятие, постоянное дело; работа.

ДЬААРЫСТАА класть ярусами, слоями; разобрать, разложить товар в порядке.

ДЬАҺАЙ 1. приводить в порядок, убирать; 2. хозяйничать, распоряжаться; управлять, руководить, заведовать; дьаһал распоряжение, мера, мероприятие.

ДЬААҺЫГЫР вечереть, клониться к закату, заходить (о солнце).

ДЬААҺЫЙ зевать; грохотать, греметь (о громе); разг. тугунан дьааһыйан тахсар чем скажется.

ДЬААҺЫК 1. сундук, коробка; 2. дьааһык күн спад дневной жары.

ДЬААТ (сүлүһүн, сүүс) яд; вред, порок.

ДЬАХ дьик-дьах вздрагивать боязливо, метаться, шарахаться.

ДЬАХТАР женщина, хотун дьахтар хозяйка; дьахтарым (ойоҕум) жена.

ДЬИБИЛГЭТ (кубулҕат) хитрость, притворство; мудрость; кубулун-дьибилин превращаться.

ДЬИГИРГЭЭ вздрагивать, подёргиваться всем телом; дьигис гын, дьик гын вздрогнуть, содрогнуться.

ДЬИГИҺИЙ встряхивать, встряхиваться, дрожать.

ДЬИККЭР бран. дрянь, негодяй, мерзавец, подлец, сволочь.

ДЬИКСИН пугаться; сэрэн остерегаться, опасаться.

ДЬИКТИ необыкновенный, необычайный, чудесный, чудный; редкий; дьиктиргээ восторгаться; дьиибэ чудо, чудачество; проделка, проказа; странный, причудливый; дьиибэргээ удивляться.

ДЬИИКЭЙ дикий, полоумный; мерзкий, гнусный; мэник шалый.

ДЬИЛЭЙ плотный, не имеющий изъянов; дьилэй таас булыжник.

ДЬИҤНЭЭХ верный, достоверный, истинный, настоящий.

ДЬИП плотность; дьиппиний уплотняться; садиться, дать осадку; дьиппиэн көрүҥнээх обстоятельный, с серьёзным, строгим видом.

ДЬИРБИИ узкая, резко выделяющаяся полоса.

ДЬИРИБИНЭЙ струиться; дрожать, трястись, трепетать крыльями, сверкать.

ДЬИРЭЙ вытягиваться, выпрямляться.

ДЬИЭ I 1. дом, здание, помещение; 2. жилище, жильё, квартира; кров; балаҕан изба, юрта, ураса, землянка; 3. семья, домашние; дьиэлээхтэр хозяева; дьиэһит домохозяйка; дьиэ-уот дом, семья, хозяйство; дьиэҕин дьиэлээ смотреть за хозяйством.

ДЬИЭ II красноватый круг вокруг солнца или луны; ый дьиэлэммит признак изменения погоды.

ДЬИЭГЭНИЙ неодобр. быть непоседливым, резвым, беспокойным.

ДЬИЭК изъян, повреждение; порок; повод, причина; туох дьиэги булла какую причину нашёл.

ДЬИЭРЭЙ дьиэрэһий звенеть; заливаться чистым, глубоким голосом.

ДЬИЭРЭҤКЭЙ танец; бег с переменными подскоками на ногах.

ДЬОГДЬООТ осенняя сухая погода перед выпадением снега.

ДЬОҔОЙОН так, напрасно, зря, без цели; нарочно, для пробы.

ДЬОҔУР способность, дарование; умение, сноровка, склонность.

ДЬОҔУС небольшой, маловатый, аккуратный по размерам; удобный.

ДЬООДЬОҔОР перекошенный; дьоодьоҥноо еле ходить на ногах.

ДЬОЛ счастье, удача, благо; благополучие, блаженство, фортуна (соргу, туску, өрөгөй, талаан); дьоллоо делать счастливым, ублажать; удостаивать.

ДЬОН 1. люди, народ; публика; 2. население, жители страны; 3. дьонсэргэ общество, толпа; 4. дьонум родня, родные, родственники; свои; дьонум-сэргэм земляки.

ДЬОНДОҔОР высокий и сухощавый, долговязый, вытянувшийся.

ДЬОП (дьап) курдук ловко, аккуратно, к месту, кстати; дьоп гына түс попасть ровно в намеченное место; дьап курдук аккуратно.

ДЬОРҔОЙ быть бойким, смелым, решительным; не стесняться; дьорҕоот киһи предприимчивый, смелый человек; молодец.

ДЬОРОҔОЙ 1. искусный; 2. сымсаҕай, хапсаҕай ловкий, гибкий; 3. дьороҕор уҥуохтаах стройный, статный.

ДЬОРУО иноходец; дьоруолаа бежать иноходью; уу дьоруо атынан на чистом иноходце.

ДЬОҺУННААХ важный, значительный, серьёзный, солидный; почтенный, достойный; редкий, прекрасный; дьоһуна суох несерьёзный; дьоһумсуй выказывать себя солидным, степенным; дьоһуннан стать важным.

ДЬОХ неимущий, ничего не значащий, ничтожный.

ДЬОХСОЙ экспр. принимать воинственный вид, петушиться; дьохсооттос быть готовыми драться, кусаться.

ДЬӨГДЬӨЙ корчиться, ёжиться; дьөгдьөрүй быстро следовать против воли.

ДЬӨЛЛҮРГЭ обуза, нагрузка; жертвенная привеска.

ДЬӨЛӨҔӨС дьөлөккөй дырявый; тэһэҕэс проколотый; дьөл пробивать, прокалывать, бурить; дьөлө ас, дьөлүтэ ас сквозь, насквозь, навылет; проткнуть, пронзить, пройти.

ДЬӨҺҮӨЛДЬҮТ (арыалдьыт, доҕуһуолдьут) прислужник, вестник.

ДЬУК сложение; дьууктаа складывать, укладывать; перен. расправляться.

ДЬУКААХ живущий в одной избе, квартирант.

ДЬУККУ совершенно, совсем, вовсе; без остатка.

ДЬУККУРУТ оцарапать, содрать кожу, получить ссадину.

ДЬУЛАЙ I темя; уу дьулай родничок.

ДЬУЛАЙ II робеть, трусить; дьулаан грозный, опасный, страшный; дьулахачый слегка робеть, побаиваться.

ДЬУЛУРУЙ стремиться; дьулус желать, налегать, силиться; дьулурҕан (дьулусхан) стремление, ретивость; дьулуруйар стремительный.

ДЬУРА стоячий, вытянутый; стоя, вытянуто.

ДЬУРАА полоса, борозда; жёлоб, длинная трещина; дьураа ойуулаах полосатый.

ДЬУО аа-дьуо исподволь, незаметно, постепенно, помаленьку.

ДЬҮГЭЛИЙ неодобр. убираться вон; исчезнуть, сгинуть.

ДЬҮГЭЭР си-дьүгээр зря, напрасно; без толку; сүгүн дьүгээр барбат добром не уйдёт.

ДЬҮДЭЙ (дьүдьэй) тощать, худеть; портиться; дьүдэх тощий, бледный; дьүүкээ захудалый, иссохший; дьүүкээр сильно худеть, истощаться (физически и морально); дьүүкээрбит сүөһү отощавший скот.

ДЬҮККҮЙ дьүккүс гын подаваться корпусом вперёд, натуживаться.

ДЬҮККЭ перепонка глаза; көрдөр хараҕым дьүккэтэ фольк. дорогой.

ДЬҮҮКТЭ источник, ключ, родник; дьүүктэ уута родниковая вода.

ДЬҮҮКЭЭР экспр. худеть, тощать; истощаться, изнемогать.

ДЬҮҮЛ суд, судебное разбирательство; разбор, рассмотрение, решение, приговор; дьүүллэнээччи обвиняемый, дьүүллээччи обвинитель; дьүүллэһии обсуждение, рассуждение, толкование; дьүүлэ-дьаабыта биллибэт без порядка, бестолково.

ДЬҮЛЭЙ глухой; дөйүҥү, дьүлэйдиҥи глуховатый.

ДЬҮРҮ модальн. сл. даже, пусть, так себе, вообще, запросто, дьүрүтүн эттим хотя бы.

ДЬҮҺҮН 1. мөссүөн лицо, вид, наружность; лик, образ; 2. цвет, масть; кубаҕай дьүһүннээх бледный; дьүһүннэн окрашиваться, принимать вид, усвоить манеру; дьүһүк принятый на себя вид; дьүһүй описывать, определять; дьүһүлээ надругаться, расправиться; неодобр. дьүһүлэн безобразничать; дьүһүн-бодо облик.

ДЬҮӨГЭ задушевный друг, подруга, приятельница.

ДЬҮӨКЭТ хамса чөчүөтэ дёготь.

ДЬҮӨЛ үөл-дьүөл сумерки, начало рассвета.

ДЬҮӨРЭ схожий, похожий, однотипный; үөрэ-дьүөрэ парный.

ДЬЫБАР утренний и вечерний мороз весной и осенью.

ДЬЫЛ круглый год; кэм, күн-дьыл время; үрдүк дьыл високосный год; перен. дьыллаа экспр. расправиться, доконать; убить.

ДЬЫЛҔА судьба, рок, участь, доля; испытание; төлкө будущность, будущее; предопределение судьбы; Дьылҕа-хаан, Дьылҕа-тойон мифологические образы.

ДЬЫЛЫГЫР дьылыгырас длинный, прямой, стройный.

ДЬЫЛЫЙ утихать, угомониться; ньылбый хитрить; дьылыс гын юркнуть, быстро исчезнуть.

ДЬЫНДА весенний озёрный лёд, отделившийся от берега.

ДЬЫРТАЙ выдаваться белизной; дьыртайбыт сирэйдээх белолицая.

ДЬЫРЫЛАА дьаралый ощущать дрожь; этим дьырылыыр пробирает дрожь.

ДЬЫАЛА дело; нужда, надобность; цель, маннык дьыалаҕа с такой целью; судебное дело; дьыалайдаа обращать внимание, дьыалайдаабат не обращает внимания; дьыалаҕа иҥнибит попал под суд.

ДЬЭ ну, вот, и вот, что ж, ну что.

ДЬЭБИН ржавчина; дьэбир неприветливый, мрачный; дьэбин уоһуйбут насупился, многозначительно молчит.

ДЬЭБЭЛЭЙ заявление, призыв в свидетели; дьэбэлэйдээ высказать заявление вслух, призвать в свидетели.

ДЬЭБЭРЭ (бырыы, бадараан) вязкое болото.

ДЬЭГДЬИЙ 1. очищаться от облаков; 2. ободряться, освежаться, поправляться, выздоравливать.

ДЬЭГИН левая сторона, левша.

ДЬЭДЬЭН (ынах эмиийэ) земляника; ыт тиҥилэҕэ (киис тиҥилэҕэ) княженика.

ДЬЭЛЛИК пренебр. бродяга; дьэллик ыт бездомная собака; мэнээк сылдьар шатун (о медведе).

ДЬЭЛЛЭМ общительный, открытый, откровенный; хлебосольный.

ДЬЭҤКИР прозрачный, просвечивающий; дьэҥкэ очевидно, ясно, понятно; дьэҥкэрэр, дьэҥкэ өлүү цинга.

ДЬЭРГЭЙ дьэргэлдьий бросаться в глаза яркостью, пестротой; беспечно носиться; бегать, прыгать (о шумных детях); мелькать, мельтешить.

ДЬЭРГЭЛГЭН весеннее марево, движение тёплого воздуха; дьэрэлий красиво выглядеть, приятно разноситься (о песне).

ДЬЭРЭКЭЭН пёстрая кайма, узор, радующая глаз вышивка.

ДЬЭС алтан красная медь; дьэс сирэй медно-красное лицо.

ДЬЭТ пора зрелости, возмужания (возраст в 18–33 года); саамай дьэтигэр сылдьар находящийся в цветущем возрасте.

И

ИИ обод, ободок, обруч; ачыкы иитэ оправа очков; иитэ-саҕата очёртания, иитэ-саҕата биллибэт конца-краю не видно; иилээ приделывать обруч, ободок; окружать, окаймлять; иилии эргий обойти, объехать кругом; иилээх с ободком; аҕыс иилээх-саҕалаах аан ийэ дойду фольк. восьмиугольно-восьмигранный родимый белый свет.

ИБИГИРЭЭ (илибирээ) дрожать, трепетать; ибигирэс (илибирэс) дрожащий; ибигирэт дёргать, трясти; заставлять дрожать.

ИБИЛИ 1. ибилитэ, илдьи превращать в лепёшку, в куски; ибили бар разрываться в куски; 2. усил. част. ибили оҕус раздробить ударом, ибили үктээ затоптать, ибили түс разбиться при падении, ибили сытый сильно промокнуть; сгнить.

ИБИР 1. препятствие, препона, помеха; инниҥ ибирэ суох буоллун; 2. мелкий, ибир самыыр мелкий дождь.

ИБИИР прыскать; ыһыахтаа брызгать; ибиирдээ накрапывать, моросить.

ИГИИ напильник; игии тоҥуута насечки напильника; игии аалыыта металлические опилки.

ИГИРЭ близнецы, двойня; игирэлэн родить близнецов.

ИДЭ профессия, специальность, занятие; промысел, ремесло; способность, склонность; идэтийии специализация, квалификация, умение, навык, привычка; дурная привычка, порок; куһаҕан идэлээх с порочной привычкой.

ИДЭМЭРДЭЭХ (ымсыы, оботтоох, иҥсэлээх) жадный, алчный.

ИДЭҺЭ скот для забоя; идэһэ гын, идэһэлэн забивать скот на мясо.

ИЙЭ 1. родная мать, матушка; с притяж. афф.: ийэм кэллэ пришла мать+моя, ийэҕэр эт скажи маме+своей; 2. тыһы матка, самка; тыһы сибиинньэ свиноматка; ийэргээ считать (называть) своей родной матерью, питать сыновние чувства; 3. муҥха ийэтэ мотня; Ийэ дойду Родина, ийэ тыл родной язык, ийэ кут душа человека.

ИЙЭХ-тайах киһи надёжный человек; ийэх-тайах санан быть уверенным.

ИИК моча, урина; эвфем. убаҕаһа; ииктээ мочиться; маһын ииктэтэр осенняя капель с деревьев (примета урожайного года).

ИККИ 1. два, пара; иккис второй; иккитэ два раза; иккиһин второй раз, вторично, опять; иккилии по два; иккилээх двухлетний; иккиэ двое; иккиэйэх только двое; икки аҥыы в разные стороны; икки арда промежуток; 2. союз: ийэм аҕам икки мать и отец.

ИКТЭ эҥин иктэ всякая всячина; иктэлэн привередничать.

ИЛ 1. ил гына түс обдать теплом, жаром; 2. согласие, мир; иллээх дружный, согласный, мирный, миролюбивый; ил-эйэ спокойствие, миролюбие.

ИИЛ набрасывать, навешивать, накидывать, нанизывать, надевать; иилэн ыл понять; иилэ хабан ыл подхватить, извлечь пользу; иилилин повисать, цепляться; иилис спутываться, вмешиваться; иилистэн хаал спутаться (о волосах, нитке).

ИЛБИЙ гладить, растирать (тело); лечить; сиппий мести, подметать.

ИЛБИРГЭС (салбырҕас) бахрома, кисточки; погремушка, подвеска.

ИЛБИРИЙ изорваться, износиться; илбиркэй (илдьиркэй) изодранный, изношенный; лохмотья; эт илдьи буспут мясо разварилось.

ИЛБИС страсть, чары; дух кровожадности, кровопролития; илбистээх обладающий сверхъестественной силой; проникновенный; илбиһир стать одержимым, неистовствовать.

ИЛБЭЭ соединять, сцеплять, собирать; илбээн-холбоон делать из ничего.

ИЛГИҺИН мотать, трясти головой; кыыһыран илгиһин шумно выражать своё возмущение, гнев; илгэн кэбис отбросить, швырнуть, стряхнуть; илгиэлээ трясти, сотрясать, толкать, раскачивать; трепать за волосы; илгиэлэн делать резкие движения головой, плечами.

ИЛГЭ 1. үрүҥ илгэ напиток, сок; жидкость, придающая силу, энергию; араҕас илгэ масло, сок трав в масле; 2. изобилие, полный достаток, богатство; илгэ быйаҥ благодать, илгэлээх ардах благодатный дождь; 3. олоҕун илгэтэ социальное положение.

ИЛДЬИТ извещение, сообщение, поручение через человека; вестник, гонец; посланник; илдьиттээ устно передавать сообщение.

ИЛИИ рука, руки; кисть руки; илии тутус пожимать друг другу руки; с притяж. афф. илиим тоҥно руки+мои замёрзли, илиигин биэр подать руку+твою, илиитин кэлгий связать руки+его; палец, үс илии хаһалаах жир толщиной в три пальца; уҥа илиитэ помощник; үчүгэй илиилээх удачливый; разг. умелец, дока (мастер своего дела).

ИЛИЙ мокнуть, промокать; сиигир, силбигир сыреть; илит делать мокрым, мочить, увлажнять; сиигирт орошать, поить (землю).

ИЛИК ещё рано, ещё нет, пока не; ааҕа илик ещё не читал, част.+афф. сказуемости: ааҕа иликпин я еще не читал, ааҕа иликтэр они ещё не читали.

ИЛИМ сеть (баҕадьы, муҥха); ооҕуй илимэ паутина.

ИЛИН 1. передний; передняя сторона; 2. восточный; восток, на востоке; 3. послелог: перед; мунньах иннигэр до собрания.

ИЛИҺИН (илистэр) чувствовать крайнюю усталость, изнуряться; умаяться; илистиилээх изнурительный.

ИЛИЭҺЭЙ бран. бес, чёрт; илиэһэй кыыһа чертовка.

ИЛЛЭҤ (сололоох) свободный от дел, досужий, праздный; иллэҥ миэстэ пустой, порожний; иллэҥсий выкроить свободное время.

ИЛЛЭРЭЭ күн позавчера; иллэрээ сыл в позапрошлом году.

ИЛТ (илдьэр) уносить, увозить; уводить с собой илдьэ бар, илдьэ кэл прихватить с собой; илдьэ сырыт носить с собой; илтэр велеть нести.

ИЛЭ явно, открыто, прямо, ясно; настоящий; илэ бэйэтинэн самолично; илэ хараҕынан собственными глазами; илэ бааччы явно.

ИЛЭМЭ-салама түс увиваться, быть услужливым.

ИЛЭЭТ мот, расточитель; шарлатан, жулик, шулер.

ИЛЭЧИИСКЭ бран. прохвост, проходимец.

ИМ I метка, клеймо, знак; тавро (на ушах, на спине животного), имнээ делать знак, клеймить, метить; имнэн давать знак, подмигивать; илии имэ осязание, атаҕын иминэн хаамар ходит ощупью; имниин сүттэ нет признаков, имнэри эһиннэ не осталось и следов.

ИМ II заря, красный свет; имэ тэтэрбит разрумянился; им бүтэй до рассвета, раннее утро; им сүтүүтэ вечерняя заря, вечерние сумерки, полумрак; им балай непроглядная, кромешная тьма; имик-самык едва видимый, слабый огонь, имик-самык уот кыламныыр слабо горит, тлеет огонёк; им-дьим полная тишина (уу чуумпу).

ИМИГЭС гибкий, упругий; мягкий, мятый; сытыы-сылбырҕа ловкий, проворный, расторопный; имигэс тарбах гибкие пальцы, имигэс талах гибкий тальник, имигэс тирии мягкая, обработанная кожа; имит выделывать кожу, мять, уминать; эккин-хааҥҥын имит заниматься физически, тренироваться; имилин упражняться в гибкости; перен. киһини имит не давать покоя, беспокоить, донимать, допекать.

ИМИЙ 1. смягчаться, становиться тёплым (погода), согреваться; 2. имир начинать портиться; эргэр, сытый-ымый гнить.

ИМИЛ-дьимил кое-где, редко-редко; тихо, скрытно.

ИМЭҤ 1. страсть, сильное чувственное влечение; 2. потенциальная энергия; активная плодотворная, созидательная сила; возбуждение, похоть, склонность к соитию.

ИМЭРИЙ гладить, тереть (рукою), втирать; имэрийэ көрөр смотрит ласковым взглядом.

ИИН I могильная яма; хороон нора, ханааба ров, аппа овраг, хаспах пещера; омуһах, оҥкучах погреб, подполье.

ИИН II (иинэр-хатар) сохнуть, иссыхать, тощать, изнуряться, худеть; иинэҕэс хилый, чахлый, тощий; тщедушный.

ИНИ 1. модальн. сл. вероятно, должно быть, конечно; 2. бии младший по летам мужчина.

ИННИКИ 1. передний; предыдущий; инники эрээт передний ряд; инники сылларга в предыдущие годы; 2. послелог: бырааһынньык иннигэр накануне праздника, перед праздником; этиэҥ иннигэр прежде чем сказать, раньше чем сказать.

ИННЭ игла, иголка; булавка иннэ.

ИННЬЭ 1. разг. (ити+ннэ) там, тут, в том месте; туда (указывая) мин инньэ бардым я пошёл туда; инньэтэх баар есть, находится там; 2. част. так; инньэ гын делай так, инньэ диэмэ не говори так.

ИНЧЭҔЭЙ мокрый, инчэҕэй хаар мокрый снег; инчэҕэй мас сырые дрова; инчэҕэй тирбэҕэ сыромятный ремешок; инчэҕэй эттээх человек; разг. инчэҕэйдээ поесть, попить.

ИҤ I 1. скула; иҥин хаана кэйбит румянец на щеках; 2. иҥ-дьаҥ (адьынат) порок, иҥэ-дьаҥа суох прямой, честный; иҥэн-батан сырыт уживаться.

ИҤ II (иҥэр) всасываться, впитываться, проникать (о жидкости), проходить сквозь; иҥэмтэлээх питательный, усвояемый; полезный, выгодный.

ИҤИН задевать, застревать, задерживаться, запинаться; бүдүрүй спотыкаться; дьыалаҕа иҥин, тылга иҥин попадаться, запутаться; иҥнигэс препятствие, затруднение, задержка, помеха.

ИҤИИР сухожилие; иҥиир тараһа жилистая брюшина; иҥиирдээх жилистый, мускулистый; выносливый; иҥиирэ тардар судороги.

ИҤИЭТИН делать медленные движения корпусом в знак недовольства, несогласия.

ИҤНЭРИ наклонно, набок; покатый, пологий; иҥнэстигэс наклонный.

ИҤСЭЛЭЭХ жадный, алчный; корыстный; иҥсэр проявлять жадность.

ИҤЭРСИЙ ржать тихо (проявление нежности или желания есть).

ИҤЭЭҺИН сгиб, складка, оборка.

ИҤЭҺЭ стремя, стремена.

ИР таять, оттаивать; греться, согреваться; ириэр греть, согревать; ириэрбит стало таять; ириэрии оттаивание, оттепель; ириэнэх талый, растаявший; разг. говорящий по-якутски (ср. тоҥ); ир суол тёплый, свежий след; ирбэт тоҥ вечная мерзлота; ирэ-хоро кэпсэт разговориться.

ИИР I скисать, свёртываться (о молоке); иирбит үүт кислое молоко.

ИИР II сходить с ума; терять голову; иирээки сумасшедший, безумный; ииримтий взбеситься, помешаться; иирбит помешанный, бешеный; дьахтарга иирбит увлёкся женщиной; хараҕым иирэр в глазах рябит; иирэ-кутура сылдьар вышел из колеи; иирт соблазнять, завлекать, кружить голову, сводить с ума; сбивать с толку.

ИИРБЭ-таарба үлэ мелкая, незначительная работа.

ИРДЭЭ выслеживать, вынюхивать, разыскивать, проводить расследование; требовать, спрашивать; ир суолун ирдээ идти по тёплому (свежему) следу.

ИРИМ-дьирим рябь в глазах.

ИРИННЬЭХ болезненный, слабый, тщедушный; иринньэҕир болеть.

ИРИҤЭ гной (кутургуйа аһа); ириҥэр гноиться; перен. ириҥэ эттээх; ириҥэ мэйиилээх фольк. живой человек.

ИРИС (иссэр) спариваться, случаться (о животных, птицах).

ИИРСЭЭН раздор, ссора; иирис ссориться.

ИИРТ взбивать масло, пахтать.

ИИРЧИК-баарчык перепутанный, замысловатый, сложный.

ИИРЭ тальник, белотал; тэтиҥ иирэ осина.

ИС 1. живот, брюхо; утроба, чрево; внутренности, потроха; нутро, внутренняя часть; сон иһэ подкладка; 2. вспом. гл. продолж. действие, баран ис идти, саҥаран ис говорить, ыллаан ис петь; 3. послелог: в, внутри; дьиэ иһигэр в доме.

ИС II чэйдэ ис пить чай, арыгыта ис выпивать; принимать жидкую пищу, мииннэ ис есть суп.

ИС III пухнуть, опухать; сирэйим иһэн хаалла лицо опухло; дыгдаччы испит распух.

ИИС шитьё; рукоделие; ииһи сатыыр умеет шить; иистэнньэҥ швея, портниха; иистэнэр сир швейный цех.

ИСКЭН опухоль, нарыв; искэннээх опухший; искэннэн иметь опухоль, нарыв; искэн тахсыбыт, искэннэммит появилась опухоль.

ИСКЭХ I (истэх) рыбья икра; искэхтэн набирать икру; искэхтээх рыба с икрой; балык ыыр рыба мечет икру, нерестится; время нереста.

ИСКЭХ II щипчики для извлечения занозы; пинцет.

ИСКЭЭХ подпорка для нижней жерди изгороди.

ИИСПЭРЭЙ экспр. сложный, трудоёмкий.

ИСТИГЭН послушный; чуткий на слух; осведомленный о новостях; истибиччэ сразу как услыхал.

ИСТИҤ иһирэх искренний, задушевный; сердечный, сокровенный; интимный; истиҥ-иһирэх тылбын истиҥ слушайте мои задушевные слова.

ИСТЭЭХ I вместительный; ёмкий; истээх чааскы большая чашка.

ИСТЭЭХ II с животом (беременная); непотрошённый, с потрохами.

ИСТЭЭХ III на тёплой подкладке, истээх сон пальто на меху.

ИҺИЙ притихать, притаиться; утихать, выжидая; погружаться в зимнюю спячку.

ИҺИЛ-таһыл неопределённый, переменчивый.

ИҺИН послелог: за, для, ради, по причине, из-за, вследствие, потому что, в виду того что, хотя.

ИҺИИР свистеть, шипеть; буулдьа иһиирэр пули свистят.

ИҺИРИК густой (лес), мелкая лесная чаща, густая молодая поросль.

ИҺИРЭХ (истиҥ) задушевный, искренний, сердечный.

ИҺИТ I посуда, сосуд, вместилище; иһит-хомуос хозяйственная утварь.

ИҺИТ II (истэр) слышать; слушать, внимать; слушаться, повиноваться, поддаваться; понимать; сахалыы истэҕин дуо понимаешь ли по-якутски; өйдөөн иһит разуметь, понимать; иһиллээ слушать, прислушиваться; иһиллэр слышно, слышится.

ИҺЭГЭЙДЭЭХ щедрый, дарующий; пышный, благотворный.

ИҺЭЛИЙ слегка обморозить; иһэлийбит прихватил мороз (о щеке).

ИҺЭХ грязь на подошве обуви; ком прилипшей грязи.

ИИТ I 1. воспитывать, растить; ииппит уола приёмный сын; иитээччи воспитатель, наставник, ментор; 2. разводить, размножать живность; куурусса иитэр держит кур; иитимньи иждивенец; источник существования, пропитание.

ИИТ II заряжать (огнестрельное оружие); туһах иитэр, чааркаан уурар, айа тардар настораживает пасть на зверей.

ИТИ указ. мест. этот, это, эта; ити баар так и есть, ити аата значит, ити буоллаҕына раз так, ити сылдьан между тем, итинник, итигирдик [ити+курдук] вот так, ити гынан таким образом, ити гынан баран однако.

ИТИИ жаркий; тёплый, горячий; жара, жар, духота; куйаас зной; сыралҕан солнцепёк; итииргээ испытывать жару; итиитэ киллэр попить чаю; итиини аһаа поесть горячего.

ИТИР I сыа брюшной жир; тонкая плёнка жира; итир былыт перистые облака.

ИТИР II напиваться, пьянеть; итирик пьяный; итириксит, иһээччи выпивающий, пьяница; алкоголик; разг. выпивоха.

ИТИЧЧЭ столько, как вон это; итиҥэй такая малость, такой пустяк.

ИТТЭНЭ иттэннэри лицом вверх, навзничь.

ИТЭҔЭЛ I итэҕэйии доверие, верность; уверенность, убеждённость; итэҕэллээх верный, уверенный, убеждённый; доверчивый, доверяющий; доверенное лицо; итэҕэй верить, доверять, полагаться; итэҕэт уверять, убеждать.

ИТЭҔЭЛ II таҥара итэҕэлэ верование, вера; вероисповедание, религия; итэҕэллээх верующий, крещёный; итэҕэй веровать, исповедывать.

ИТЭҔЭС недостаток, изъян; недостача, нехватка, недовесок, недоделка; недоносок, выкидыш; итэҕэс ыл взять мало, итэҕэс атыылас купить не всё, недостаточно; итэҕэстээ растрачивать, уменьшать, убавлять; итэҕэстэн делать недостачу, растрату.

ИЧИГЭС (сылаас) тепло, тёплый; ичигэс буол потеплеть; ичигэстик тепло; ичигэскэ в тепле.

ИЧИГЭСТЭЭ итигэстээ собирать (мелкие предметы); подбирать; поднимать; собирать ягоды отону ичигэстээ, отонноо.

ИЧЧИ I 1. домовой, дух, привидение; 2. хозяин, владелец; иччилээх обладающий таинственной силой; иччилээх тыл магическое, проникновенное, вещее слово; имеющий хозяина; иччитий стать домашним, привыкать к хозяину; иччимсэх привязанный к хозяину.

ИЧЧИ II зародыш, сымыыт иччитэ зародыш в яйце; иччилээх с содержимым.

ИЧЧИТЭХ пустота; иччитэ суох без содержимого; нежилой, пустой, порожний; кураанах пустынный, необитаемый; иччитэхтээ опорожнять, опрастывать; опустошать.

ИЧЭЭН (көрбүөччү) провидец, знахарь; ичээмсий считать себя провидцем, проявлять способности провидца; заниматься знахарством.

ИЭҔЭЙ гнуться, сгибаться, крениться; хоҥкуй склонять голову; иэҕэҥнэс неустойчивый; иэҕэлдьий (иэҕэҥнээ, иэҕэс гын); шататься, качаться (на ходу), колебаться; переваливаться; иэҕэй-куоҕай изгибаться.

ИЭДЭЭН беда, неприятность; беспокойство, тревога; иэдэй попасть в беду; расстраиваться, беспокоиться, тревожиться, суетиться; биться, метаться; иэдээннээх беспокойный, тревожный, бедственный.

ИЭДЭС щека; иэдэс биэр отворачивать лицо в сторону; обижаться.

ИЭДЬЭГЭЙ (бөлөнөх, сүүмэх) творог, творожная масса.

ИЭЙИИ сильное чувство, душевное переживание, страсть; иэй быть дружески настроенным, в хорошем расположении духа; иэй-туой (иэй-куой) жаловаться, стонать, стенать; причитать, оплакивать; петь жалобные песни.

ИЭЛ-тиэл подобный; приблизительно такой же.

ИЭМ-дьаам определённое состояние, иэмэ-дьаама биллибэт неясный, неопределённый; иэмэн-туоман так-сяк, кое-как.

ИЭМЭХ кольцо в серьгах; хайыһар иэмэҕэ изгиб в лыжах.

ИЭН I 1. ширина, иэнэ суох таҥас узкий материал; 2. поверхность, өрүс килбэҥ иэнэ блестящая поверхность реки; 3. геом. площадь, квадрат иэнэ площадь квадрата.

ИЭН II спина, иэн иҥиирэ спинное сухожилие; иэнэ кэдэҥниир его передёргивает; иэннэрик подтяжка, помочи; ийэ-хара көлөһүнэ иэнинэн сүүрдэ обливался потом; тараах иэннээ бить розгами.

ИЭНИГИЙ проявлять душевное отношение, ласкаться; бу оҕо эмиэ тоҕо иэнигийдэ к чему это ребёнок стал так ластиться.

ИЭРИЙ задыхаться, захлёбываться; сильно плакать; иэрийэ-иэрийэ ытаа исходить слезами; иэрийэр ыарыы (сөтөл) коклюш.

ИЭРИМЭ дьиэ изобильный, уютный дом.

ИЭРЭГЭЙ волчок (ойуун мас).

ИЭРЭҤ шаткий; неопределённый; иэрэҥнээ быть нерешительным, колебаться; иэрэҥ-саараҥ неопределённое положение.

ИЭС долг, заём; обязанность; биэрэр иэстээх должник, плательщик; ылар иэстээх заимодавец, кредитор; иэстээ взыскивать долг, заставлять расплачиваться; иэһи сап расплачиваться; иэһи сот прощать долг (реструктуризация); иэстэбил отмщение, месть; сэт-сэлээн кара.

ИЭТ I (иэҕэр) гнутый ножичек для выдалбливания деревянной посуды; иэх гнуть, не ломая; талах курдук иэҕиллэр гибок как тальник; перен. санаата иэҕиллэр расположен, проявляет доброту.

ИЭТ II (иэтэр) раздражаться, давать молоко; быть расположенной к доению; ынаҕы иэтэр пустить к корове телёнка; иэппэт ынах курдук скудный; даёт мало.

ИЭХ-маах буол сбиваться с толку; растеряться, отвечать невпопад.

ИЭЧЧЭХ 1. шарнир, петля к двери; 2. бедренный сустав.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 13 14 | Следующая
  • 5 Оценок: 1

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации