Текст книги "Краткий якутско-русский, русско-якутский словарь"
Автор книги: Тамара Петрова
Жанр: Словари, Справочники
Возрастные ограничения: +12
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 6 (всего у книги 42 страниц) [доступный отрывок для чтения: 14 страниц]
КҮСКЭЙ полнеть, толстеть, уойан күскэй располнеть.
КҮҺҮН осень, осенью; күһүҥҥү осенний; күһүөрү к осени, под осень.
КҮҺЭҤЭ круглая, блестящая пластинка, кружки на костюме шамана.
КҮҮТҮҮ ожидание, чаяние; күүт ждать, ожидать, чаять; подпускать (на охоте); күүттэр заставлять ждать; күүтүүлээх долгожданный, кэтэс подождать, повременить; кэтэһиллибит ожидаемый.
КҮТҮР I огромный, күтүр улахан громадный; страшный, грозный; күтүр өстөөх окаянный; улуу күтүр чудовище, күтүр дьаалы страшилище; дьявол, чёрт.
КҮТҮР II пренебр. скупой, скряга; скаредный.
КҮТҮР III матка у коровы; күтүрэ тахсыбыт выпадение матки (при отёле).
КҮТҮРЭЭ приписывать дурной поступок, оговаривать; уорбалаа подозревать; хобулаа клеветать.
КҮТҮӨ зять; күтүөт жених.
КҮТЭР крыса водяная; крот; суслик.
КҮЧҮГҮРЭТ с хрустом грызть.
КҮЧҮМЭҔЭЙ туговатый, трудный; иҥнигэстээх, моһуоктаах тягостный, обременительный.
КҮӨБҮЛ стружки, опилки; мас сыыһа мелкие огрызки; эмэх труха.
КҮӨГҮ уда, удочка; крючок на уде; мэҥиэ наживка, приманка.
КҮӨГЭЙ (күөгэлдьий, куоҕалдьый) тихо и плавно двигаться, кокетливо наклоняться в сторону, выказывать величавость в осанке; качаться, дрожать, колебаться, шевелиться (о листьях); күөкэй (күөкэлдьий, күөкэҥнэт) грациозно вытягивать длинную шею.
КҮӨДЭЛЛЭЭ неодобр. разбрасывать в беспорядке; захламлять.
КҮӨДЬҮЙ загораться, разгораться; усиливаться; сирэлий вспыхивать; күөдьүт разжигать, раздувать.
КҮӨЙ заграждать, преграждать; выходить навстречу; кый обходить кругом; күөй-хаай удерживать, препятствовать, не позволять.
КҮӨЛ озеро; көлүйэ (көлүкэ, көлүччэ) маленькое озеро.
КҮӨЛЭҺИЙ валяться; тиэй переворачиваться, перекатываться.
КҮӨМЭЙ хабарҕа горло, гортань, глотка.
КҮӨМЧҮЛЭЭ экспр. кыһарый, ык притеснять; атаҕастаа, баттаа обижать.
КҮӨН грудь, верхняя часть груди (түөс); күөн көрсүү поединок; күөнтээ заграждать грудью; мешать, препятствовать; перен. властвовать.
КҮӨНЭХ гольян, мелкая озёрная рыбка.
КҮӨРЭ-лаҥкы беспорядочно.
КҮӨРЭГЭЙ парящий; жаворонок; күөрэй подниматься вверх, парить; всплывать өрө күөрэй, күөрэс гын.
КҮӨРТ I (күөт) жёлтый с чёрным оттенком; желтовато-серый; күөрт ыт пегий пёс.
КҮӨРТ II кузнечный мех; күөртээ дуть, раздувать мехами; перен. распространять слухи, разжигать.
КҮӨРЧЭХ сбитые жидкие сливки; ытык мутовка для сбивания сливок.
КҮӨС горшок для варки пищи; пища, обед в горшке.
КҮӨХ чаалай күөх голубой, голубизна; синий, синева, синь; чээл күөх, чээлэй күөх зелёный, зелень.
КЫЫБАҔА неодобр. порок; кыыбаҕалан показывать дурные привычки; дьаллык хроническая болезнь, причуда.
КЫБДЬЫГЫРАА говорить скороговоркою, быстро и невнятно; скрипеть зубами от злости.
КЫБЫЫ 1. сеновал без крыши, изгородь возле дома; 2. кыбар украдёт, ворует по мелочам; кып гыннарбыт, кыппыт своровал; кыбыгас мелкий вор, воришка; уоруу кража, воровство.
КЫБЫЙ сжимать, зажимать между ногами; кыбыйыы сжатие между ногами; быһа кыбый пришпоривать; кыбылын вклиниваться, попадать в узкое место; перен. вмешиваться в чужие дела.
КЫБЫҺЫН стесняться, стыдиться; килбигий смущаться, конфузиться; бояться; сэрэн, сэрэхэчий опасаться, остерегаться
КЫБЫТ прищемлять, зажимать, придавливать, анньан биэр вклинивать, пихать; кыбытыы, кыбытык вставка, клин; кыбын держать подмышкой; кинигэтин кыбынна схватил книжку в подмышку; кыбычыын очень узкий, очень тесный; кыбычыын кэм переходное время.
КЫЫГЫНАА звенеть (издалека), шуметь (крыльями); кыыкынаа хрипеть, сипеть.
КЫДАМА большие длинные вилы для стогования; кыдамалаа укладывать сено в стога.
КЫЫДАМ снежная пыль, снежная пороша, изморозь; холодный осенний ветер; хаар кыыдамныыр идёт мелкий снег.
КЫЫДААННААХ 1. с сильным ветром, метельный; кыыдааннаах кыһыҥҥы күн зимний метельный день; 2. неумолимый, суровый.
КЫДЫЙ экспр. кыдыйар (кыргар) истреблять, уничтожать, резать, косить, рубить; кыдыйыы, кыргыы уничтожение, истребление; кыдыйсыы, кыргыһыы резня, сражение (с двух сторон).
КЫДЬЫК дурная привычка, навык, привычка, страсть, наклонность (к худому); кыдьыгыр питать страсть или наклонность к ч-л.
КЫДЬЫМАХ шуга, кыдьымах киирдэ мелкий рыхлый лёд во время ледохода; көмүөл, халҕаһа муус ледоход.
КЫЙ I дальний, далёкий; кый бар, кый бырах бар далеко (свободно) уходить; кыйдаа гнать прочь, отгонять; приносить в жертву лошадей.
КЫЙ II кыйа бар идти в обход; күөлү кыйан кэл обойти озеро.
КЫЙ III ломить, ныть; уҥуоҕа кыйар кости ломит; тииһим кыйыттар, тииһим кыйар зуб не даёт жевать.
КЫЙААР (куйаар) отдалённый, дальний, далёкий; неизвестная даль; даль, высь; беспредельное протяжение.
КЫЙАХАА сердить, дразнить, злить; кыйахан (кыыһыр) сердиться, злиться, раздражаться; кыыһырымтаҕай раздражительный, вспыльчивый.
КЫЙАХАЛАА обжигать, палить.
КЫЙМАҤНАА шевелиться во множестве; кыймаҥнас кишмя кишит.
КЫККЫРАЧЧЫ совершенно (букатын, булгу, ончу).
КЫЫКЫНАА протяжно скрипеть (о двери); хрипло дышать, сипеть; кыыкынас скрипучий.
КЫЛ конский хвостовой волос; кыл саҕа с волосок, кыл түгэнэ миг.
КЫЫЛ зверь; кыыл таба дикий олень; кэҕэ кыыл кукушка, тойон кыыл орёл, сиэмэх кыыл хищное животное; кыыллый озвереть; кыыл бар бродяжничать.
КЫЛАБАЧЫЙ (кылбай) блистать, сверкать, переливаться; кылбаҥнаа сверкать часто; кылбаа (кылбаҥ, кылбараҥ) блестящий; кылбаа маҥан халлаан блестяще-белое небо.
КЫЛАДЫЙ экспр. прилагать старание, тщательно отделывать; кылаадьылаа (кылааккайдаа) выравнивать, сглаживать; льстить.
КЫЛАЙ (кылам гын) светиться слабым огоньком, уот кылайар светит огонёк; кыламнаа, кылаҥнаа мигать, мерцать; отуу уота кыламныыр мерцает костёр; кылаччы көр смотреть, чуть поблёскивая глазами, кылат (кылап гын) смотреть воровато, краешком глаза.
КЫЛАМАН ресницы.
КЫЛАН экспр. выть, вопить; хаһыыр пронзительно кричать, вскрикивать.
КЫЛААН лезвие, остриё, ость; лучший, отборный; кылааннаах остистый (о пушнине), үрүҥ-хара түүлээх пушнина; кыыс оҕо кылааннааҕа отборная из девушек.
КЫЛАР косоглазый, косой (кыччаҕар, харалҕан).
КЫЛАРЫЙ (көҕүрээ) убавляться, кылаана да кыларыйбата нисколько не убавилось.
КЫЛГАС короткий, краткий; кылгатыы сокращение, укорачивание; кылгастык коротко, сокращённо; перен. бедный; татым малоимущий.
КЫЛДЬЫЫ дужка, кольцо (о посуде); ободок; кылдьыы симэх ожерелье; кылдьыылаах харах глаза с поволокой.
КЫЛК гын (гыннар) глотнуть немножко, выпить; разг. пропустить.
КЫЛТАХ разборчивый в пище, имеющий слабый аппетит; кылтах аһылыктаах с плохим аппетитом.
КЫЛЫГЫРАС звенящий, брякающий; кылыгырат звенеть, звякать.
КЫЛЫКЫНА таловые прутья на берегу озера, реки.
КЫЛЫН родственник жены; ийэ кылын тёща, аҕа кылын тесть, эбэ кылын бабушка жены.
КЫЛЫС 1. старинный нож, сабля; 2. кылыс от вид травы, осока.
КЫЛЫА остриё зуба у скотины; волчий зуб (выше других).
КЫЫМ искра, искорка; кыымнаах даёт искры, искрится.
КЫМААХ щепотка, щипок; кымаахтаа щипать, щипнуть.
КЫМНЬЫЫ кнут, плеть, плётка, хлыст; кымньыылаа бить, стегать кнутом, погонять коня.
КЫМЫРДАҔАС муравей, кымырдаҕас уйата муравейник.
КЫМЫС кумыс, напиток из кобыльего молока, квашеное молоко; көөнньүү кымыс крепкий кумыс, саамал кымыс свежий кумыс.
КЫЫН ножны для ножа, шпаги; кыыннаах быһах нож в ножнах.
КЫНАТ крыло; уҥа кыната правое крыло; перен. верный помощник; кынаккын куурт приготовиться к отъезду.
КЫНДЫА упрямый, строптивый, непокорный; кындыа дьахтар, кындыа ат; кындыа-кылыс кыргыттар гордые девушки.
КЫЫННЬАА (кыыһырт, кыйахаа) сердить, раздражать, распалять; кыыһыр, кыйахан сердиться, горячиться; кипятиться, распаляться.
КЫЫННЬАР (оргут) кипятить; үүт кыынньа молоко вскипело; кыынньыбыт үүт кипячёное молоко, оргуйбут уу кипячёная вода, кипяток.
КЫНТАЙ (кынтас гын, кынталдьый) надменно вскидывать голову; важничать.
КЫНЧАЙ экспр. (кынчарый, кынчыатаа) смотреть сбоку, коситься; бросать недовольный взгляд.
КЫҤАА целиться, прицеливаться; прищуриваться; перен. зорко наблюдать.
КЫҤКЫНАА (лыҥкынаа) звенеть (о колокольчике), лүҥкүнээ (о колоколе).
КЫҤНАЙ (кыҥнаҥнаа, кыҥналдьый, кыҥнас гын) склоняться, наклоняться набок, в сторону; кыҥнары, кыҥначчы криво, набок; бэргэһэҕин кыҥначчы кэт надеть шапку набекрень.
КЫҤЫНАЙ (киҥинэй) ворчать, бормотать, бранить втихомолку; кыҥкыйдаа плаксиво жаловаться, распускать нюни.
КЫП 1. пре-, очень кып-кыһыл красный-красный; кып-кыратык немножко; 2. проворно; тайком, воровски подбирать, кып гыннар стянуть; кыбар ворует.
КЫПСЫГЫР со сжатыми в коленях ногами; кыпсыҥнаа, кыпчыҥнаа шагать, сжав ноги; кыпчый сжать ноги; сжимать между ногами.
КЫПТЫЫЙ ножницы.
КЫЫР 1. камлать, шаманить (ойууннаа); чародействовать, колдовать (домноо), заклинать (о шамане); 2. громко стучать, чааскынан кыыр греметь посудой.
КЫРА маленький, мелкий; меньше, младший; маловажный, малорослый (бээгэй), мелочь, безделица; кыракый малюсенький, кырачаан малютка; кыраһыт воришка; кыратый численно уменьшаться; поступать недостойно; кыратык немного, слегка; кыралаа дробить на мелкие части; кыра меньше (величина), кыра оҕо төрөөбүт маленький ребёнок родился; аҕыйах мало (количество), аҕыйах оҕо төрөөбүт мало детей родилось.
КЫРАА проклинать, клясть, предавать проклятию; кыран проклинать себя; кыраммыт проклятый; андаҕай божиться, клясться.
КЫРАҔЫ зоркий, зоркость; кыраҕый опасаться, остерегаться, быть осмотрительным; кыбыһын стесняться, толун робеть, сэрэн опасаться, куттан бояться, дьулай страшиться.
КЫЫРАЙ I край, кыырай халлаан далёкое, высокое небо, небесная высь.
КЫЫРАЙ II взвиваться, взлететь в небо; кыырайа көттө взлетел высоко; кыырат бросать с силой, метать высоко и далеко.
КЫРАМАН экспр. дальний, отдалённый край; безвестная даль.
КЫРАМТА косточки пальцев рук и ног.
КЫРАҺА пороша, мелкий снег.
КЫРБАА I бить, ударять, колотить, тузить; кырбаммыт битый, побитый; кырбас биться, драться; кырбый драчун, забияка; серый сокол.
КЫРБАА II резать на куски; эттээ рубить; үлтүрүт крошить; кырбаммыт, кыраламмыт разрезанный на куски; кырбас эт кусок мяса, быһыы эт кусочек мяса.
КЫРДААЙЫ мошка, мошкара.
КЫРДАЛ бугор по краю низины; возвышенность среди поля.
КЫРДЬАҔАС старый; оҕонньор старик, эмээхсин старуха, старец; старик (обращение); разг. старший.
КЫРДЬЫГЫНАА хрипеть; ырдьыгынаа ворчать (о щенке), слегка рычать (о медведе); курдьугунаа мурлыкать.
КЫРДЬЫК правда, истина; чахчы верный; истинный, искренний; правдивый, справедливый; кырдьыгынан по правде, в действительности.
КЫРКАХ изжога; кыркаҕа кыынньар обострение панкреатита.
КЫЫРПАХ мелкие крупинки; кыырпаҕа суох халлаан чистое, без пятен небо; кырпай редкий, мелкий.
КЫРСА песец; корсак, северная (белая) лиса.
КЫРТ (кыргар) резать, отрезать; кыдый рубить; поражать; кыргыс сражаться, биться, резать друг друга; кыргыһыы битва, бой, сражение; побоище, резня; кыргыстаах боевой; кырыктаах грозный, злобный, свирепый, лютый, агрессивный.
КЫЫРТ 1. ястреб; 2. хищник; киһи кыырда грабитель; көтөр кыырда ястреб; кыырт буолан хаалла (о больном) перен. выздоровел.
КЫРТА лоск, блеск; кыртай сверкать белизной (туртай); кыртас в лесу возвышенное место с сухостоем.
КЫРЫЫ (кытыы) грань, край, кромка, бок; хараҕыҥ кырыытынан краешком глаза; кырыытынан хаамар ходит боком; кырыы сир отдалённое место; кырыылаах с гранью, гранёный; – гранный, аҕыс кырыылаах восьмигранный.
КЫРЫЙ I кроить, выкраивать; баттаҕы кырый стричь, остригать; кыргыылаах постриженный, остриженный; кырадаһын откройки, остатки.
КЫРЫЙ II (от кырдьаҕас) стареть, стариться; дряхлеть, обветшать; кырдьа барбыт пожилой; кыырыктыйбыт чанчыктаах с сединою на висках.
КЫРЫК пренебр. лютая злоба, агрессивность.
КЫРЫЫМЧЫК нужда; бедный, убогий.
КЫРЫН делать несколько раз, ходить в два конца.
КЫРЫС I. суба мездра; кырыс тастаах эт мясо, сплошь покрытое жиром.
КЫРЫС II. дёрн, верхний слой почвы, күөх кырыс зелёная трава.
КЫРЫЫС клятва, проклятие; заклятие; кырыыстаах заклятый.
КЫРЫА кырыа хаар иней, изморозь; кыраһа снежная пороша.
КЫРЫАЧЧЫ чесалка лошадиная; скребница.
КЫС I зима, кыс ортото середина зимы; кыс мас дрова на всю зиму.
КЫС II стругать, настрогать; скрести, скоблить.
КЫЫС I девочка, девушка; девица, дева; с притяж. афф. кыыһым девочка+моя; кыыһыҥ девочка+твоя; кыыс дьахтар молодая женщина; төрөппүт кыыһа родная дочь; сүтүөр кыыс падчерица; сиэн кыыс внучка; кыысчаан девчонка, девчушка; перен. прекрасный, нетронутый; кыыс Амма красавица Амга.
КЫЫС II краснеть (о небе), алеть, багроветь; иэдэһэ кыыспыт лицо раскраснелось; кыыһар былыт багровое облако; дьэбин кыыспыт побагровел (наподобие ржавчины).
КЫСТАА I проводить зиму, зимовать; кыстык балаҕан зимняя юрта; кыстык хаар снег на зиму.
КЫСТАА II класть друг на друга, складывать; собирать в кучу; валить, наваливать; копить, накапливать: маста кыстаа таскать дрова.
КЫҺА кузнечный горн, горнило, горно; кыстык наковальня.
КЫҺАЙ I кыһарый вынуждать, принуждать, ставить в безвыходное положение; кыһалҕа нужда, необходимость.
КЫҺАЙ II придавливать, прижимать к чему; эркиҥҥэ кыһай прижать к стене, лаампа уотугар кыһайан көр рассматривать при свете лампы.
КЫҺАМНЬЫ (кыһаныы) проявление заботы; старание, усердие.
КЫҺЫЫ I (кыһар) кыс строгать (стружки); кэһээ скоблить (соскоб); скрести, выскабливать.
КЫҺЫЫ II (кыһыйар) зуд; кыһый чесаться, зудиться; кыһыт вызывать зуд; вызывать досаду; кыһыылаах досадный; азартный; кыһыылаах баҕайы очень досадно; кыһыы-аба раздражение, досада; кыһый-абар (абалан) раздражаться, досадовать.
КЫҺЫЛ красный, алый; уот кыһыл красный, өһөх кыһыл багровый; кыһыл көмүс золото; кыһыл талах краснотал; кыһыл тыл пустословие; кытар становиться красным; кытархай красноватый.
КЫҺЫН 1. зима, зимою; 2. см. кыс II: скрести, скоблить у себя.
КЫЫҺЫР сердиться, злиться, гневаться; абар беситься; кыйын раздражаться; кыыһырымтаҕай, кыыһырымтыа сердитый, гневный; кыыһырбычча в гневе, со злости.
КЫТАҔАС большие кузнечные клещи (ытарча).
КЫТАЛЫК стерх, белый журавль.
КЫТААНАХ I твёрдый, крепкий, жёсткий; мас орон жёсткая кровать.
КЫТААНАХ II 1. суровый, суостаах строгий; 2. трудный, затруднительный; кытаанах боппуруос трудный вопрос; 3. сильный, крепкий; кытаанах санаа сильная воля.
КЫТАР 1. становиться красным, краснеть, кытар гын покраснеть; кытаран көһүн краснеть, алеть; 2. уокка кытар накаляться, раскаляться; кытарар былдьаата эвфем.: в огне сгорело.
КЫТАРАХ (баайтаһын) яловая, пр. пол. буос, уулаах, кэс.
КЫТААТ I сделаться твёрдым, крепким, жёстким; муус кытааппыт лёд стал крепким.
КЫТААТ II тулуй терпеть, крепиться; эрдий мужаться.
КЫТАХ большая деревянная чаша; миска; кытыйа чаша средней величины; алтаннаах кытыйа чашка с медным ободком.
КЫТААХТАА щипать, прищемлять; тыҥырахтаа хватать когтями (о птице); кымаах щипок; кымыстаа ущипнуть.
КЫТТА послелог: с, вместе; миигин кытта со мной; кытта төрөөбүтүм родной брат; кыттыгас соучастник, сообщник.
КЫТТЫГАС (кыттыһааччы) участник, напарник, пайщик, компаньон; артель, товарищество; кыттыһыннар, кытыар приобщать, привлекать, причислять, допускать.
КЫТЫГЫРАС быстроногий, резвый, шустрый.
КЫТЫЛ берег, побережье; долина реки.
КЫТЫТ кобылица 3–4 лет.
КЫТЫАН кытыан уга, отоно можжевельник.
КЫТЫАҺЫН (кытыастар) взвиваться (об огне), разгореться, пламенеть.
КЫЧЫГЫЛАТ щекотать; кычыгылан бояться щекотки.
КЫЧЫМ вышитые боковые части чепрака.
КЫЫЧЫРҔАА скрипеть, кыычырҕас, кыычыгырас скрипучий; хаарга кыычыргыыр скрипит на снегу.
КЫА 1. трут для высекания огня; 2. кыа хаан кровь из внутренних органов, артериальная кровь (кырааска).
КЫАБАКА металлическая цепь; кыабакалаах ыстаан женские кожаные трусы с цепочкой; кыабака симэҕэ металлические подвески на трусах.
КЫАЙ (хот) мочь, осиливать; побеждать, одолевать; превозмогать, преодолевать, пересиливать, одерживать верх; бүтэр попирать, поражать; эс (эстибит) истреблять, уничтожать.
КЫАМТА (кыам) мощность; кыамтата суох так много, что нельзя управиться; кыан, кыатан преодолевать себя, сдерживать себя, воздерживаться (кыана тутун).
КЫАРАҔАС узкий, тесный; кыараҕас суол узкая дорожка; кыараҕас хос тесная комнатка.
КЫАҺААН ледяные сосульки на вспотевшем коне; набор разных украшений; ойуун кыаһаана подвески на шаманском костюме.
КЫАҺААҤКЫ вал; препятствие, орон кыаһааҥкыта валик по краю кровати.
КЫАҺЫЫ путы; кыаһыылаа спутывать.
КЫАХ возможность, способность; кыахтаах могущий, состоятельный.
КЭБИЙ грызть, потихоньку откусывать, поедать; точить.
КЭБИЛЭЭ осудит. делать негодным, безобразным; изуродовать; кэбин кэбилээ довести до крайней точки.
КЭБИН жевать, пережёвывать; чавкать; ыаһы ыстаа жевать жвачку.
КЭБИР задержка; кэлин өттүгүт кэбирэ суох буоллун фольк. пусть не будет пакостей сзади.
КЭБИРИН сожалеть, раскаиваться; досадовать, злобно роптать.
КЭБИРЭХ непрочный; хрупкий, ломкий; кэбирээ становиться непрочным, некрепким; кэбирэт делать слабым, ломким; кэбэҕэс лёгкий, нетрудный; кэбэҕэстик без труда.
КЭБИС (кээс, бырах) бросать, тамнаа кидать, тамнааттаа швырять; отказываться, отвыкать, арыгыгын кээс, бырах перестать пить; от кэбиһэр метать стог; тарбыйах кэбиспит выкидывать (о животных).
КЭБЭЛИЙ убираться прочь, бахтай проваливать, уходить совершенно.
КЭБЭХТЭЭ (кэйгэллээ) экспр. действовать безудержно, натворить много зла.
КЭҔЭ кукушка; кэҕэ кулгааҕа подснежник; кэҕий 1. говорить много и безостановочно; кэҕэ курдук кэҕийэр говорит безостановочно как кукушка; 2. кивать головой; кэҕиҥнээ кивать много раз.
КЭҔЭРТ рыгать, срыгивать (отрыжка); бөт икать; бөтүү икота.
КЭДЭЙ (кэдэҥнээ, кэдэриҥнээ) прогибаться, выгибаться; кэдэйэн биэр перен. не выдерживать, отступать; кэдэгэр выгнутый; кэдэрги назад; наперекор, наоборот; кэдэрги кэмэлдьилээх киһи упрямец.
КЭЙ 1. бодать, бодаться; кэйиик бодливый; кэйиэлээ колоть, тыкать; саай пырнуть; 2. имэ кэйбит разрумянилась; кэй бараан киэбэ фольк. красивая фигура.
КЭЙБЭЛДЬИЙ подаваться вширь; колыхаться, колебаться.
КЭЙИИ аньыы-кэйии грех; кэйээрин магический обряд.
КЭККЭ ряд, шеренга (сэргэстэһэн туруу).
КЭКЭЙ держаться прямо, напряжённо выпрямлять шею; кэтэҕэ кэкэйбит слишком прямо держит голову.
КЭЛ 1. приходить, приезжать, прибывать; являться; подходить, приближаться; наступать, приходить, наставать; 2. вспом. гл. баран кэл сходить, көтөн кэл прилететь, төннөн кэл вернуться, эргиллэн кэл возвратиться; уум кэллэ хочется спать.
КЭЛГИЙ связывать, перевязывать, стягивать; илиитин кэлгий связать руки; кэлгиллибит связанный, баайыллыбыт привязанный.
КЭЛИИ I прибытие, приход, приезд; наступление (о времени), сайын кэлиитэ наступление лета.
КЭЛИИ II деревянная ступа; кэлиилии кэбэр повторяет одно и то же.
КЭЛИМ целостный, цельный; массивный, увесистый, представляющий глыбу.
КЭЛИН 1. кэлин өттө зад, задняя часть, задняя сторона; потом, после; 2. послелог: после чего.
КЭЛТЭГЭЙ неравный; односторонний, однобокий; несчастный, кэлтэгэй аналлаах обиженный судьбой; кэлтэгэй ый щербатый месяц.
КЭЛТЭҺЭ ячмень; прыщик на языке, на глазах; тылбар кэлтэһэ таҕыста.
КЭЛЭҔЭЙ тардыас заика; косноязычный; эппэт кэлэҕэй сильно заикается.
КЭЛЭЙ извериться, разочароваться; чувствовать отвращение; возмущаться; кэлэт разочаровать, разуверить.
КЭМ I время, пора, срок (дьыл, күн); кэмнээх имеющий срок; бу кэмҥэ в это время; кэмниэ кэнэҕэс наконец-то; в далёком будущем; кэм-кэм временами; кэм да бара илик всё ещё здесь.
КЭМ II кээмэй мера, единица измерения; предел, граница; кэмнээ измерять; кэмнэн измеряться, быть измеренным; кэмэ суох безмерный; биир кэм одинаково.
КЭМСИН (кэмирин, муҥатый) каяться, раскаиваться, сожалеть; испытывать досаду; кэмсинним пожалел о содеянном.
КЭМСИИН прохладный; холодный; кэмсиин күн холодный день с ветром.
КЭМЧИ скудный; недостаточный, ограниченный; кэмчилээ экономить.
КЭМЧИЭРИЙ (килбигий, кыбыһын) стесняться, робеть, чувствовать себя неловко; дичиться; кэмчиэрийэн по стеснительности, стесняясь.
КЭМЭЛДЬИ обыкновение, привычка; повадка; куһаҕан кэмэлдьилээх с замашками.
КЭНТЭХ всегда голодный, живущий в постоянном голоде; кэнтэҕир становиться ненасытным, постоянно иметь желание есть.
КЭНЧИЭ 1. преграда, помеха; 2. возмездие, наказание.
КЭЭНЧЭ (кэтинчэ) чулок, тёплые чулки.
КЭНЧЭЭЙИ палка или доска на рогах скотины; на шее собаки; ограничивающая движение; кэнчээйилээх ограниченный; кэнчээйилэн иметь помеху.
КЭНЧЭЭРИ отава; поздние всходы трав, зерновых.
КЭНЭҔЭСКИ 1. будущий, грядущий; кэмниэ кэнэҕэс в далёком будущем, потом когда-нибудь; 2. послед (у животных).
КЭНЭН наивно простодушный; доверчивый, бесхитростный, легковерный; кэнэмсий проявлять простодушие, наивность; кэнэниттэн по наивности, по доверчивости.
КЭҤЭЭ расширяться; үлэ-хамнас кэҥиир фронт работ расширяется; успокоиться, свободно вздохнуть; уһаа-кэҥээ откладывать.
КЭҤЭРДИИ кэҥсик запах горелого; кэҥэрдии сыта кэлэр идёт горелый запах.
КЭҤЭРИИ (хоҥуруу) переносица; кэтит кэҥэриилээх с широкой переносицей.
КЭП I участь, судьба, жребий (плохой); сүрдээх-кэптээх страшный, ужасный; кэп туонар жалуется на судьбу, кличет беду.
КЭП II толочь; перен. кэлиилии кэбэр твердит одно и то же, не отстаёт.
КЭПСЭЭ рассказывать, пересказывать; передавать, излагать; сказывать, повествовать, поведать; кэпсэт разговаривать, беседовать; договариваться.
КЭПСЭЭН (жанр) рассказ; сказание, предание, легенда; кэпсэл новость; слух, молва, толки; туох кэпсэллээххин какие новости; кэпсэл суох новостей нет.
КЭПСЭТИИ разговор, беседа; сговор, уговор, соглашение, договор; кэргэн кэпсэтии помолвка.
КЭРБЭЭ грызть, перегрызать; перен. донимать (о человеке); кэрбээччи грызун; кэскилгин кэрбэн лишать себя перспективы, испортить своё будущее.
КЭРГЭН 1. семья, семейство, фамилия; член семьи; 2. супруг, супруга; бу мин кэргэним это моя половина; кэргэним ыалдьар жена (муж) болеет; кэргэнэ суох неженатый, незамужем; кэргэннэн жениться, выйти замуж.
КЭРДИИ 1. см. кэрт рубка, зарубка, насечка; 2. кэм-кэрдии время, пора; 3. ыйыы-кэрдии предписание, указание; кэрдиис нарезка, полоса; ступень, ступенька; период, этап.
КЭРИ-куру печально, огорчённо; кэри-куру буолла огорчился.
КЭРИИМ круговой обход; кэрийии обход, осмотр, проверка; кэрий обходить, осматривать; побывать, проверять, посещать по порядку; кэридэх (кэрэдэх) бродяга; нищий, скитающийся по чужим углам.
КЭРИҤ мера, объём; кэриҥэ послелог: примерно, приблизительно, почти; икки сыл кэриҥэ около двух лет, уонча кэриҥэ киһи приблизительно человек десять.
КЭРИЧЧИ кругом, вокруг; посмотреть кругом, поочерёдно; кэриэн (кэрийэ) круг, круговой; кэриэн айах круговая деревянная чаша для питья.
КЭРИЭЛИЙ прибедняться, скрывать (часть); напрасно жаловаться на бедность; кэриэлийэр идэлээх имеет привычку прикинуться несчастным.
КЭРИЭР пригорать (о печёном, жареном); подгорать, быть с накипью, нагаром (кэһиэх); хааһы кэриэрбит каша подгорела; кэриэрбит подгоревший; хоруор покрываться копотью, сажей; хоруорбут солуурчах закоптелый котелок.
КЭРИЭС завет, завещание, заповедь; память, напоминание, дар на память; кэриэһин эппит оставил завещание; кэриэстээ чтить, уважать, оберегать; кэриэстэбил знак памяти.
КЭРИЭТЭ послелог: словно, подобно, вроде, как будто; почти; оҕом кэриэтэ словно родное дитя; сыл кэриэтэ буолла уже почти год.
КЭРТ рубить; кырбаа сечь; мас кэрдэр рубит дрова, дровосек; ый-кэрт велеть, указывать; кэрчик отрезок, обрубок; кусок, балык үөрэҕэһэ кусок рыбы.
КЭРЭ I прекрасный, замечательный; кэрэ дьүһүн красивый; пригожий, милый.
КЭРЭ II масть лошади: белый, беловатый, светло-жёлтый, рыжеватый, саврасый, соловый; эмиий кэрэтэ тёмный кружок вокруг грудного соска; айылҕа кэрэтэ красота природы.
КЭРЭГЭЙ экспр. неподходящий, несоответствующий; недостающий, неудачный; кэрэгэй дьылҕа несладкая участь; киһи диэхтэн кэрэгэй недостоин чтоб называться человеком; үчүгэй диэҕи кэрэгэй не то чтобы хороший.
КЭРЭЙ воздерживаться, взвешивать, колебаться; этиэхпин кэрэйэбин воздерживаюсь сказать; кэрээ перестать, останавливаться; кэрээбэт кэҕэлээх дойду фольк. край, где кукушка не перестаёт куковать.
КЭРЭЭН нравственная норма, порядочность, совесть; кэрээннээх ыччат порядочное поколение; кэрээнэ суох бесцеремонный, дурно воспитанный, не знающий укоров совести; киһи истибэтэх кэрээнэ суох быһыыта неслыханная дерзость; кэрэйии стремление не нарушать нравственных норм; кэрэйбэт, кэрээниттэн тахсыбыт потерявший совесть; кэр-дьэбэр неразборчивый.
КЭРЭМЭС 1. кэрэмэс чёрный с проседью, сиводушка (о шкуре лисы); көҕөччөр тёмно-серый (масть лошади); 2. перен. миловидный, прекрасный.
КЭРЭҺИЛЭЭ быть свидетелем; давать показания; кэрэһит (туоһу) свидетель.
КЭЭРЭТ постепенно убавлять, уменьшать; мууһу кээрэт колоть лёд с края; үлэҕин кээрэтэ тур начать понемногу работать.
КЭРЭХ 1. жертва, жертвенная шкура; 2. модальн. част. стоит только; этиэх эрэ кэрэх стоит только сказать; көрүөх эрэ кэрэх стоит только взглянуть.
КЭРЭЭХИ неодобр. скуповатый, прижимистый.
КЭС I кэс тыл заветное слово, завещание, святое слово (аман өс).
КЭС II (кэһэр) идти вброд, үрэҕи кэһэн туораа перейти речку; поступать вопреки, нарушать, ослушаться, уклоняться; сокуону кэс попирать законы; кэс ынах стельная корова (пр. пол. кытарах, баайтаһын).
КЭЭС (от кэбис) кидать; метать, оту кээс убирать сено в стога; уокка ас кээһэр задабривает хозяина очага.
КЭСКИЛ будущее, перспектива; предназначение, судьба (благоприятная), участь, грядущее; виды на будущее; кэрэ кэскиллээх с прекрасным будущим.
КЭҺИИ гостинец, небольшой подарок; кэһиилэн взять с собой гостинец.
КЭҺИЭХ 1. накипь на посуде, нагар; 2. скребок для очистки нагара.
КЭҺЭЙ получать суровый урок, быть наказанным; кэһэлтэ буоллун пусть будет уроком; кэһэкэнэ проученный.
КЭТ 1. надевать на себя (таҥын, бүрүн); кэтэ сырыт носить (одежду, обувь); одеваться, обуваться; кэтэрт одевать кого; сонун кэппит надел пальто; сонун кэтэрпит надел пальто на другого; 2. кэтилин, кэтиллэ түс наехать, натолкнуться.
КЭТИТ широкий, нэлэмэн обширный, киэҥ просторный; кэтитэ (туората) ширина; широта, ширь.
КЭТЭМЭҔЭЙДЭЭ колебаться, сомневаться, раздумывать.
КЭТЭС 1. ждать, ожидать, выжидать; кэтэһии ожидание; 2. кэтээ поджидать, подкарауливать, сторожить; следить, наблюдать, примечать; кэтэбил слежка.
КЭТЭХ затылок (кириҥи); тыл, тыловая часть, задняя сторона; кэтэх бас билии частная собственность, кэтэх санаа задняя мысль.
КЭХТИИ упадок, регресс; остановка в развитии; кэхтибэт кэскиллэн не знать в жизни трудностей; кэҕин идти вспять, отставать; отпускать (о закалённом железе).
КЭЧИГИРЭС стоять ровными рядами; кэчигирэт ставить, располагать рядком; кэчигирэһэн туран стоя ровными рядами.
КЭЧЧЭГЭЙ скупой; күтүр скряга.
КЭЭЧЭРЭ малая стерлядь (хатыыс).
Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?