Текст книги "Тулаайах оҕо"
Автор книги: Василий Яковлев
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 2 (всего у книги 27 страниц) [доступный отрывок для чтения: 9 страниц]
Бакамда аҕата, бэйэтэ даҕаны, кини уола даҕаны Үс Бэлиэлээх хоһуун аатын ылыахтарыгар диэри сир-сири кэрийбэхтээбиттэрэ ахан, өлө-өлө тиллибиттэрэ, тимирэтимирэ күөрэйбиттэрэ. Билигин ханна бааргытый эһиги, ол былдьаһыктаах быдан дьыллар аргыстара, дьолуолаах сааһын доҕотторо, тапталлаах оҕолоро, кэргэнэ? Ханнаҕытый эһиги, кини бар дьоно? Суоххут дии эһиги билигин кини аттыгар. Ыраах-ыраах баар өбүгэлэр дойдуларыгар күөх буруо буолан көппүккүт. Барбыккыт онно кэм-кэрдии кэлиэн иннинэ. Умса түстэҕинэ сүүһүттэн өйүөхтээх, тиэрэ түстэҕинэ кэтэҕиттэн тирээбиллиэхтээх уола Үрэн хоһуун тоҥ биистэртэн умсубута. Кини бастыҥ доҕоро ааттаах быһый Чэмпэрэ хоһуун дьирикинэйдэртэн сор суолламмыта. Кини айбыт аҕата, тапталлаах кэргэнэ бииргэ чаабыгырдартан быстах оҥорууламмыттара ыраах Күөл Сүүрүндэ тыатыгар…
Үүт оргуйарын курдук үллэр өһөхтөөх, көмүөл устарын курдук күүстээх-уохтаах, күдэн туман көтөрүн курдук күргүөм үгүс тумат омуктар, билигин эһиги ханна бааргытый? Кыргыһыы-охсуһуу кыайбат кылаан өргөс санаалаах, хааннаах өс чаҕыппат хатан бии хааннаах тумат омуктар, тоҕо эһиги уот курааҥҥа уу уоларыныы уолан-уостан баранаҕыт, иҥэн-сүтэн иһэҕит?! Тоҕо? Ким этиэй ону киниэхэ? Аастыйбыт төбөтүн төҥкөтөн, араанын аал уотун иннигэр олорон Бакамда оҕонньор ону-маны эргитэ саныыра.
Наҥнаһынынан сабыта уурталаан оҥоһуллубут кыракый буор холом иһигэр-таһыгар кини кэннэ ким да суоҕа, чуугунуур чуумпу сатыылаабыт этэ.
Бакамда кырыйда, хас маннык сааһы көрсүбүтүн бэйэтэ да умунна. Арай соҕотох уолун кэлэн умса ууран барыахтарыттан ыла кини кэтит санныгар уон алта төгүл кырыа хаар түһэн ууллубутун, уон алта сыл ааспытын бэрт үчүгэйдик билэр. Ол тухары кинилэр саһан олорбут тыымпыларыгар икки атахтаах үктэммэтэ, кинини иннинэн сирэйдээх таба хаампата. Ити сыллар, тирии мэрэкэ долгуҥҥа уйдаран өрүс сүүрүгүн хоту дэллэйэ устарыныы, олох күннээҕи кыһамыттан тахсыбакка нус барааннык, уу чуумпутук устан аастылар. Күөх Далайга киирдэххэ көмүс хатырыктаах арааһа, Эргэнэ Хара тыаҕа таҕыстахха булт бастыҥа дэлэй буолан, оҕонньор сиэнинээн айахтарыгар аһыыр астарынан ааспакка, санныларыгар таҥнар таҥастарынан татыарыйбакка олорон кэллилэр.
Уолун кэргэнэ Майынчы тоҥ биистэр кэлэн барбыттарын кэнниттэн өрүттүбэтэҕэ, сотору өлбүтэ. Кини уҥуоҕун Бакамда туппута: уолун харайбыт сиригэр араҥас оҥорон, туох баар мааны таҥаһын таҥыннаран баран, онно уурбута уонна анныгар куруҥах мас чохчолоон уматан кэбиспитэ. Уҥуох-тирии буолбут өлүгү уот өр гымматаҕа: тугун да ордорбокко сиэн күдэҥҥэ көтүппүтэ. Дьирикинэйдэр кыыстарыгар, бука, оннук уҥуох тутуохтара суоҕа эбитэ буолуо. Кинилэр үгэстэринэн кыыстарыгар мааны таҥаһын таҥыннаран, киэргэллээх, оһуордаах-мандардаах сыарҕаҕа олордон, икки атахтаах тиийбэт, сылдьыбат ыраах сиригэр, Улуу Маҥан Дуол үөһүгэр, киллэрэн табаларын сүнньүгэ анньан өлөрөн, ол курдук сыарҕалары хаалларан кэлиэ этилэр. Бакамда ону да билэрэ буолан баран, кини уолун дьахтарын туматтар үгэстэринэн уҥуох тутан ыраах-ыраах өбүгэлэрин сиригэр күдэн буолан көппүт уолугар ыыппыта.
Майынчы кэргэн буолуоҕуттан ыалдьара. Баҕар, онно кини дьонун кыайан-хотон, өлөрөн-өһөрөн, кинини күүстэринэн ойох гыммыттара төрүөт буолбута эбитэ дуу: туматтарга дьахтар буолаат, туохтан барытыттан куттаммыттоллубут курдук, чаҕылыҥнас харахтаах кубаҕай кыысчаан ииммитинэн-хаппытынан барбыта. Үрэн хоһуун кинини тараҥнаппат этэ. Дьахтардаах эр киһи балачча уһуннук олорбуттарын эрэ кэннэ Даҕанча төрөөбүтэ.
Тоҥ биистэр саба түһэр ол амырыын сахтарыгар Майынчы өлөр охтуутун охто сытара. Таһыттан өлөрө-өһөрө киирбит Маҥан Мэкчэлээх ыалдьа сытар дьахтарга кыһамматахтара, Үрэн төрүөҕүн уол оҕону сураспыттара. Хата, ону эһэтэ Бакамда эрдэттэн сэрэйэн, сиэнин ийэтин хоонньуттан хостуу тардан ылан, даҥ умуһаҕар бырахпыта уонна үрдүнэн куобах нэҥин саба тардан кэбиспитэ. Инньэ гынан Даҕанча тыыннаах хаалбыта.
Туматтар эстибит-быстыбыт, уола өлбүт – дьоло дьалбарыйбыт сиргэ, Туманнаах Түбэҕэ, Бакамда тохтуур санаата суоҕа. Кини бу өс-саас анысханнаах аартыга аһыллыбыт сиригэр бүдүгүрэ кырдьыбыт оҕонньор уу ньулдьаҕай оҕолуун кыайан олорботторун билэрэ. Ол иһин өрдөөҕүттэн бэлиэтии көрбүт сиригэр булчут булбатах, көс дьон көрбөтөх кыра, аата-суола суох үрэх төбөтүгэр баар бүтэй тыымпы күөлгэ тахсан буор холомо оҥостон, онтукатын хатырыгынан сабан, наҥнаһынынан үллүйэн, онно олохсуйбута.
Оҕонньор араан ойоҕоһугар турар улахан нэлэгэр туос иһиккэ ууга угуллан сытар силистэри биир-биир ылан удьурҕай уктаах, хара үөстээх улахан саха быһаҕынан саас-сааһынан тыырталаан барбыта. Кини олору туу өрөргө бэлэмниирэ.
Сотору хаар ууллуо, модун сүүрүктэр күөллэргэ, өрүстэргэ кутуллуохтара. Оччоҕо муус ырбыыланыа. Ол онно, саҥа, ыраас ууга балык тахсыаҕа. Сыл аайы Бакамда саас ырбыыга туулаан сыыс балыгы сөбүлүүрүнэн холоон ылар буолара. Ону баара быйыл күһүн муус тоҥор ыйыгар оҕонньор түөрт туулааҕыттан иккитин куула олгуй иччитэ хардаҥ эһэ уоран көрөн баран, сатаан тылбыытын укпакка, кыйаханан үлтү сынньан кэбистэҕэ үһү. Күүстээҕэ-уохтааҕа, эдэрэ эбитэ буоллар Бакамда итинник сирэйэ-хараҕа суох атаҕастабылы таах хаалларыа суоҕа, иэстэһиэ этэ. Туматтар сиэрдэрэ-майгылара оннугу эрэйэрэ.
Ууга угуллан сымнаабыт силистэр дэбигис тыырыллаллара. Оҕонньор үөрүйэх тарбахтарын быыһынан субуллар утахтар синньигэс уонна уһун этилэр. Оттон кини саныыр санаата оннооҕор уһуна, эмиэ ити уһун утахтардыы, аргыый быыстала суох сыыйыллара.
Мэлмэнэйдээх Илээҥки кубулҕаттара кинилэри туматтар сүрүн түөлбэлэриттэн араарыаҕыттан ыла туспа баран даҕаны түптээн-таптаан олох диэн олордулар дуо? Ол сыллар усталарын тухары наар тыыннарын мананан тахсыбыттара, ол эрээри син биир өрүһүммэтэхтэрэ: өлөн баран өйдөммүт диэбиккэ дылы, тоҥ биистэр кэлэн барбыттарын эрэ кэннэ Бакамда бу былдьаһыктаах кэмҥэ аҕыйах киһи чэчирээбитин өйдөөбүтэ.
Бакамда олорон аһарбыт олоҕун усталаах туоратыгар халыҥ тирии хайдарын, хара хаан тохторун көрбөхтөөтө. Бу быһылаан-өлүү үйэтигэр өргөстөөх үҥүүнү өрө туппут ол өрөгөйдүүр, кырыктаах батаһы кыбына сылдьыбыты ол кыайар диэн санааҕа кэлбитэ кини. Тиис-тиискэ, муос-муоска! Кимиэхэ да сытан биэримэ: өлүөххэр диэри өстөөхтөрдүүн өлөрсөн баран, өс кыайтарыаххар диэри кырыыстаахтаргын кытта кыдыйсан баран кырбастан!
Хааннаах өс! Бэйэтиттэн ситиспэтэххинэ бэдэриттэн ситис! Кинилэр умналларын саҕана, биһиги өйдүүрбүт саҕана буоллун!
Бакамда дьонуттан быстан туһунан олорбутун былаһын тухары биир эмэ сыл өлөр куттала суох олорбуттарын өйдөөбөт. Куруутун сэрэнии-кэтэнии, куруутун кыргыска бэлэмнэнии бары атын түбүгү барытын баһыйан, хааннаах көхсүнэн устар хонуктары бүөлээн олох үчүгэйин көрдөрбөтөҕө. Ол иһин Бакамда даҕаны, кини дьоно барылара даҕаны хааннаах өһө суох олох баар буолуо диэн санаан да көрбөттөрө. Ол иһин Бакамда Майынчы санаатын, баҕатын кыайан өйдөөбөтөҕө.
Ийэтэ Майынчы өлөөрү сытан уолун Даҕанчаны сыллаан-уураан ылан баран, бэйэтин тылынан тугу эрэ алҕаабыта. Ону кини өйдөөбөтөҕө. Майынчы охсуһуунукыргыһыыны букатын сөбүлээбэт буолара, бука, оҕом этэҥҥэ сырыт, охсуһууну-этиһиини тумун диэн кэриэһин эппит буолуохтаах. Бакамда дьирикинэйдэри, кинилэргэ кыайтарбыт атын биистэр тустарынан саныы үөрэммитинэн, кус сүрэх куттамсахтарынан ааҕара. Ол иһин кини сиэнин Даҕанча тымырдарынан туматтар туохха да бохсуллубатах модун, дохсун хааннара сүүрүгүрүөн баҕарара. Даҕанча аҕатын Үрэн хоһуун хаанын ситиһиэхтээҕин туһунан саарбаҕалыы да барбат этэ. Ол эрэ иһин кини бу хаалбыт олоҕун олорон кэллэҕэ. Ол эрэ иһин бу сиэнин ох курдук оҥордоҕо, кустук курдук куоһаатаҕа. Барыта ол эрэ иһин. Ол өһөгөйдөөх өс, улуу мөккүөр туһугар кини баччааҥҥа диэри тыыннаах олордоҕо.
Бакамда маҥхайа сатаан баран саһарбыт баттахтаах төбөтүгэр өйүн ханнык эрэ муннугар былыргы өбүгэлэр мөлтөх, иринньэх, куһаҕан оҕо төрөөтөҕүнэ хайаҕа, тыаҕа таһааран быраҕан кэбиһэллэрэ үһү диэн өйдөбүл иҥэн сылдьара. Оннук буолумуна даҕаны, сиртэн сиргэ үүрүллэн-үтүрүйүллэн, сыҕарыйан-куотан биэрэр дьоҥҥо, бэйэлэрин туруулаһан көмүскэнэр эрэ дьоннор туһалаахтара, иринньэх айах адаҕалара боҕуу эрэ буолаллара. Кини билгэлээн, чинчийэн көрдөҕүнэ, бадаҕа, кини сиэниттэн Даҕанчаттан киһи куһаҕана, киһи мөлтөҕө тахсыа суох. Баҕар, өлүүттэн өрүһүйэр, былаҕайга былдьаппат тумат омуктар охсор илиилэрэ, тэбэр туйахтара буолар, биис ууһун көмүскүүр хоһуун бэрдэ тахсыа. Аҕатын Үрэн, эһэтин Бакамда туйахтарын хатарыа – Үс Бэлиэлээх хоһуун буолуо. Ол да иһин Бакамда кинини үөрэтэ-уһуйа сатаата.
Эһэтэ сылтан сыл аайы мөлтүүр-ахсыыр этэ, оттон сиэнэ уол түргэнник улаатара, күүһүрэн-уоҕуран испитэ. Даҕанча улам ситэн, улахан дьонтон итэҕэһэ суох үрдүк уҥуохтаммыта, хонук хоннох, күн өрөөтөх аайы улам дараҕар сарыннанан, бүтэй бүлгүннэнэн испитэ. Кини сайынын-кыһынын тыаттан киирбэтэ: күн аайы Эргэнэ Хара тыатыгар тахса турара. Эһэтэ аны чугастааҕы туһаҕар, сохсотугар эрэ сылдьар буолбута. Кини үксүгэр сиэнэ бултаан киллэрбит булдун астыыра-таҥастыыра.
Даҕанча улаатан истэҕин аайы ыраатан, хардыыта кэҥээн испитэ, бэрт үгүс сирдэри тилийэ хаампыта. Кини булду сонордоон, сайынын эһэтэ улларбыт сымнаҕас түү уллуҥнаах чэпчэки түнэ этэрбэс кэтэн сатыы, кыһынын эмиэ эһэтэ оҥорбут таба тыһа бүрүөлээх тоҥ биистэр туут хайыһардарынан тулатынааҕы силээннэри, түбэлэри, тээннэри, дьопколору, ээйэлэри, буҕардары кэрийэн тахсара. Эдэр булчут чубуку диэн сытыы туйахтаах, турууктартан иҥнибэт кытыгырас кыыллары сойуолаһа халлааҥҥа диэри харбыаласпыт Чачыгыр Таас Дьааҥыларга тиийтэлиир буолбута, хотуттан, Муус Кудулу Далай арыыларыттан тахсар, сир титириир үгүс үөрдээх мэйиилэни бултаары Улуу Маҥан Дуолу уһаты-туора сыыйара, бардар бараммат Баай Хара тыаҕа тахсан түргэн сырыылаах элик кыылы эккирэтиһэрэ. Саҥа ситэн этэ-хаана бугуһуйан эрэр эдэр уолга сүһүөҕүн тэнитиэххэ, хаанын оонньотуохха айылаах булт кэмнээх буолуо дуо бу Орто Аан Ийэ дойдуга?! Сырыыны сырыттаҕын, булду бултаатаҕын аайы уу ньулдьаҕай бэйэтэ эрдийэн, эриллэн-буруллан, буһан-хатан аллаах атахтанан, хоннохтоох холлонон, илбистээх илиилэнэн испитэ Бакамда сиэнэ Даҕанча.
Хааннаах илкээниТаһырдьа тыас тилигирээбитэ. Холомо дьиэлэ аһылла түһэрин кытта, Даҕанча иһирдьэ биирдэ баар буолбута, араанын таһыгар силис тыыра олорор эһэтин иннигэр бултаабыт булдун тоҕо сүөкээн кэбиспитэ.
– Көр эрэ, бу мин бултаабыппын!
Эдэр булчут бултуйбут киһи үөрүүтүнэн үөрэн чаҕылыйара. Бакамда тыыра олорбут силиһин түһэҕиттэн ылан киэр уурбута, сүр чэпчэкитик ойон турбута.
– Алакыы! Алакыы! Алакыы!
Араанын эргийэ сылдьан үс төгүл алакыылаабыта, үс төгүл суордаабыта. Саха урааҥхайдар бултуйдахтарына уокка ас биэрэр уонна алгыыр сурахтаахтара. Туматтар инньэ гыммат этилэр, кинилэр абааһы-таҥара диэни итэҕэйбэттэрэ, онон үөрүүлэрин ити курдук тастарыгар таһаараллара.
Бултуйбут дьон быһыытынан, үөрэ-көтө ас астаан барбыттара. Чоҥку охсубуттара, эт эттээн олгуйга буһарбыттара. Тура-олоро, күөстүү-астыы сылдьан, хайдах бултаабытын өрүкүйэн туран киниэхэ кэпсиир Даҕанчаны Бакамда таптаабыт, астыммыт харахтарынан көрөн олорбута. Сиэнэ ыыстаммыт түнэ сону тиирэ кэппит дараҕар санна, түөрт илии кэтит тирии курунан ыга тардыммыт синньигэс биилэ, дьабала этэрбэһэ, кырдьык даҕаны, уон сэттэ саастаах уу ньулдьаҕай оҕоҕо ончу маарыннаабат, сытыы-хотуу туттунуулаах сиппит-хоппут хоһуун буолбут этэ. Аҕатын Үрэни батан, туматтардыы иҥиир-ситии, сула таһаалааҕа, үрдүк уҥуохтааҕа, ийэтин утумнаан дьирикинэйдэрдии сымса, түргэн хамсаныылааҕа. Күн уота харааччы сиэбит дьирикинэйдэрдии кэтит сирэйигэр туматтар уордаах харахтара сабыччы көрбүт этэ, тартаҕар мунна, саҥа хараара тортуйан көстөр бытыга, толору уоһа эрдээх, ол гынан баран оҕолуу көрсүө, намыын көрүҥү биэрэллэрэ.
Бакамда сиэнэ бултуйан киирбитигэр уонна кинини көрөн олорон үөрүөн үөрэрэ – туйах хатарар киһилэннэҕэ. Баай Хара тыа маанылаах кыылын түргэн атахтаах атыыр лөкөйү охторуу булчукка барытыгар – эдэргэ даҕаны, кырдьаҕаска даҕаны – олус үөрүүлээх суол буоллаҕа! Уол оҕо орто дойдуга арай атыыр тайаҕы бултаатаҕына хараҕа туолар, санаата астынар диир буолаллара.
Аарыма лөкөйү хайыһарынан ситэн бултааһына Даҕанча этэ-хаана ситэн-хотон эрэрин көрдөрбүтэ. Бачча саас, быстан-ойдон олордохторуна, ас-таҥас кырыымчык кэмигэр бултуйуута кини дьолуолаах табаҕайдаах бастыҥ булчут буолуоҕун сабаҕалыыра. Оттон уол өлөрбүт тайаҕыттан үгүс эти сүгэн киириитэ кини долоҕойдоох туттуулаах, кыайыгас-хотугас киһи буолуоҕун эрэннэрэрэ.
Эһэтэ оҕонньор, хаҥас диэки баран, кыһан мунньубут сигиритин аҕалан дэпсэҕэ куппута.
– Чэ, тукаам, аһыах. Буспут буоллаҕына хотор.
Даҕанча араан үрдүгэр ыйанан оргуйан дэбилийэ турар эттээх күөһү таһааран дэпсэҕэ уурбута уонна икки салаалаах мас атаранан этин хоторбута. Буспут эт, миин минньигэс сыта тунуйбута. Эһэлээх сиэн, быһахтарын ойутан таһааран, аһаабытынан барбыттара.
Кинилэр аһыы олорон маннык кэпсэппиттэрэ:
– Мин ити Туманнаах Түбэҕэ киирэр аартыкка турар бэлиэни кэнники кэмнэргэ кэлэ-бара куруутун хараҕым далыттан таһаарбат буоллум. Тоҕо эбитэ буолла, ол харахпар быраҕылыннаҕын аайы хайдах эрэ хааным оонньуур. Дьон кэлэр-барар аартыгар мээнэҕэ туруоруллубатах бэлиэ быһыылаах.
Сиэнин ити тылларыттан Бакамда дьэбидис гына түспүтэ, тугу да саҥарбакка өр таалан олорбохтообута. Онтон дьиктэмин иһэ олорбут мас чохоотун киэр уурбута.
– Ким хаалларбыт бэлиэтин мин хантан билиэмий, – диэн дьиэс-куос буолбута.
Ол эрээри сиэнэ дэбигис арахса охсор санаата суох быһыылааҕа.
– Эн миэхэ үчүгэйдик кэпсээ эрэ: мин туох дьонноох этибиний? Мин аны кыра оҕо буолбатахпын.
Бакамда бу сырыыга букатын тугу да саҥарбатаҕа.
– Мин аны улааттым, аҕам ким этэй? Ийэм ким этэй? Мин кинилэр тустарынан истиэхпин баҕарабын.
Оҕонньор балачча сөҥүдүйэн олорбохтоон баран, дьэ, саҥарбыта.
– Эн миигиттэн итинник ыйытыах тустаах этиҥ, ону мин күүппүтүм. Эйиэхэ барытын кэпсиэм. Ол гынан баран ону билиэҥ иннинэ мин эйиэхэ атыны кэпсиэхпин баҕарабын.
– Ол тугу?
– Куула олгуйга бүгүһүн биир эһэ арҕах хастан бүкпүт этэ.
Даҕанча, оччо үтүө булт сураҕын истээт, хараҕа уоттана түспүтэ.
– Кырдьык дуо? Оттон ону тоҕо урут миэхэ эппэтэххиний?
Оҕонньор сиэнин ити туттуутун-хаптыытын олус сөбүлээбитэ, көмүскэтин түгэҕэр түспүт харахтара эмиэ сырдаан кэлбиттэрэ.
– Ол гынан баран, суолуттан көрдөххө, аарыма күтүр быһыылааҕа, дьон биһигинниктэрэ кыайан бултаабат кыылбыт курдук көрбүтүм ээ.
Даҕанча эһэтин ити сэнэнэр тылларын букатын сөбүлээбэтэҕэ тута сирэйигэр биллибитэ, туматтардыы уордаах хараҕын сабыччы көрбүтэ.
– Эн көрдүҥ буолбат дуо, хайдах курдук мин улуу лөкөйү охторбуппун. Хардаҥ эһэ да булт буоллаҕа дии.
– Кэбис, тукаам, инньэ диэмэ, – оҕонньор сиэнин буойбута, – эһэ тайах-таба буолбатах, суостаах кыыл буолар.
– Суостаах буоллун, мин киниттэн куттаныам суоҕа, миэхэ кини ханна баарын ыйан эрэ кулу.
Бакамда сиэнин хорсун-хоодуот саҥатын, сытыы-сымса көрүҥүн сөбүлүү көрө олорон сөбүлэһэрдии саҥарбыта:
– Чэ сөп. Оччоҕо сарсын иккиэн тыаҕа тахсыахпыт, мин эйигин сирдиэҕим. Оттон бу киэһэ сэпкин-сэбиргэлгин үчүгэйдик көрүн, оҥоһун уонна утуй, сынньан.
Аһаан-сиэн бүтэн баран ол киэһэ оҕонньордоох хайыһардарын оҥостуммуттара, быһахтарын, үҥүүлэрин сытыыламмыттара уонна эрдэ утуйбуттара.
Ыкса күһүн хаар түһүөн эрэ иннинэ кинини куруутун атаҕастыыр, туутун уоран көрөн моһуоктуур аарыма кыыл куула хотоолго арҕах хастыбытын Бакамда оҕонньор бэлиэтии көрөн кэбиспитэ, ол гынан баран уолҕамчы сиэнигэр тугу да кэпсээбэтэҕэ. Тоҕоостоох түгэҥҥэ кини ону туһаныан баҕарбыта, ол дьэ, тиийэн кэллэҕэ, кэм-кэрдии, дьэ, ситтэҕэ.
Арҕахтаах эһэ диэн аакка киирбит адьырҕа кыыл буоллаҕа. Кини обургу күүһэ-уоҕа, суоһа-суодала, онуоха эбии түлэй уутуттан соһутан туруордахха киҥэ-наара дэлэ эр сүрэхтээх киһи утары киирсэргэ соруммат буолара. Бакамда оннук уордаах кыылынан – арҕахтаах эһэнэн сиэнин эр санаатын, күүһүн-күдэҕин холоон көрөргө санаммыта. Ыраах улуу Илин өрүскэ олохтоох саталлаах саха урааҥхайдар боотурдарын кыргыска анаан хара харахтаахха көрдөрбөккө, хаптаҕай кулгаахтаахха иһитиннэрбэккэ иитэллэрин кини истэрэ. Ол сахалар кыргыс үөрэҕэр үөрэтэн бүтүүлэригэр боотурдарыгар ойуунунан илбис иҥэртэрэллэр уонна тыыннаах киһини өлөрөн сэбин-сэбиргэлин хаанныыллар диир буолаллара. Оттон туматтар эмиэ кыргыһыыга баралларыгар умайар уот кыһыл таҥаһы таҥнан баран хаан таһаарар сүллүүрү оҥороллоро. Бакамда Үрэн хоһуун туматтарыттан соҕотоҕун ордон хаалан баран, сиэнин бэйэтэ билэринэн ииппитэ, кини ойууна суох, кыргыс сэбин хаанныыр да киһитэ суох. Ол да гыннар сиэниттэн төһө үтүө киһи тахсыбытын билээри, хол холуурга, кини сэбин-сэбиргэлин хаанныырга анаан биир суолу хаһааммыта: ол арҕахтаах эһэ этэ. Кини сарсын сиэнэ Даҕанча хайдах бултуурун көрүөҕэ уонна хоһуун тахсыбытын дуу, тахсыбатаҕын дуу билиэҕэ. Атын омуктар хоһууннарын кытта күөн көрсөр, күрэс былдьаһар күүстэммит-уохтаммыт дуо? Холун этэ хойдубут, сиһин этэ сиппит, буутун этэ буспут дуо? Бачча сыллар тухары эрэйдэнэн ииппититтэн-үөрэппититтэн туох эмэ хаалбыт дуо? Араас санаалар киирэннэр оҕонньор ол түүн аанньа утуйбатаҕа.
Булчуттар сарсыарда эрдэ турбуттара. Сып-сап аһаат, хайыһардарын анньынан, бултарыгар тахсыбыттара. Хомурах хаар үрдүнэн аргыый сыыйа тэбэн куула хотоолго киирбиттэрэ. Оҕонньор хотоол ортотугар баар балачча үрдүк томтор сири көрдө-көрбүтүнэн чуо барбыта. Онтон сүүсчэкэ хаамыыны ситэ тиийбэккэ тохтообута. Манна булчуттар хайыһардарын устубуттара. Даҕанчаҕа эһэтэ сибигинэйбитэ:
– Оол көстөр мэндир үллүгэс анараа, күн диэки өттүнэн айахтаах буолуоҕа. Эргийэн онно баран көр. Бүө маста ыл.
– Суох, эмиэ тугун маһай, – Даҕанча утары сибигинэйбитэ.
Сиэнэ туттуута-хаптыыта сыыдамсыйбытын, хараҕа уоттаммытын Бакамда астына көрбүтэ. Даҕанча сигэ кэлгиэлээх һэлии муоһа уһуктаах кылгас модороон үҥүүтүн туппутунан мастар быыстарынан элэҥнии турбута. Бакамда сүгэн испит алаҥаатын ылбыта, нимчикатыттан сулумах кустугу талан, онно туора ууран бэлэмнии тутан баран, сиэнин кэнниттэн аргыый аҕай сыҕарыйан испитэ.
Даҕанча толлугаһа суох буолан биэрбитэ: тэйиччи турар сэппэрээктэр быыстарыгар баар арҕахха чуо барбыта. Ону Бакамда эдэрэ бэрт буолан сэрэҕэ суох диэн сэмэлии да, куттана да санаабыта. Арҕах айаҕа дэбигис көстүбэт, урут көрбүт эрэ киһи кини иччилээҕин билэр гына, тахсар сирэ кытыан быыһынан кырыарбытын булчуттар иккиэн бэлиэтии көрө охсубуттара.
Даҕанча чэпчэкитик, сымсатык, тыаһа суох хаамара, арҕах айаҕар түргэнник тиийэ охсубута. Сиэнэ, дьирикинэй хаана, эһэтэ омнуолуу санаабытын курдук, оттомо суох буолбатах эбит этэ: аһаҕастык арҕах айаҕар турбакка, тоҕоостоох сир булан, сөп соҕус суон тиит кэннигэр туран арҕах иһин болҕойон одууласпыта. Эһэ дьон кэлбитин билбит сибикитэ тута биллибитэ: сир анныгар бэрт дириҥ, суостаах саҥа ньирилээбитэ. «Уһуктаары сэргэх сытар эбит буоллаҕа. Оттон уһуктаҕас эһэни өлөрөр күчүмэҕэй», – дии санаабыта Бакамда. Арай куттамсах, албын саха урааҥхайдар, эһэттэн толлон, аатын ааттаабакка, Тыатааҕы эҥин диэн араастаан ханарытан, албыннаан ааттыыллар уонна утуйа сыттаҕына өлөрбөттөр, хайаан да уһугуннаран эрэ баран өлөрөллөр үһү диэн кини истэрэ. Оттон туматтар куттамсах буолбатахтар, оннук акаарытык быһыыламматтар, хайа сатанарынан, хайа чэпчэкитинэн, ордугунан бултууллар.
Сотору суостаах ырдьыгынааһыны кытта эһэ төбөтө арҕах хайаҕаһыттан быган кэлбитэ. Харахтара өс-саас уотунан умайан чоҕулуһаллара, дьабалдьыта суостаахтык ыртайан, мунна сылластан, үрүҥ аһыылара килэйэрэ. Күөн көрсө, күрэс былдьаһа оҥостон кэлбит Даҕанча арҕах иннигэр турарын көрө түһээт, иһин түгэҕиттэн мэҥийэн сөтөллөргө дылы гыммыта да, күөх чалахайынан уол сирэйигэр саба тибиирбитэ. Ити эһэ албаһа этэ: кини утарсааччытын сирэйин-хараҕын саба тибиирэн, көрбөт оҥорон баран үрдүгэр түһүөхтээҕэ. Ол албаһа бу сырыыга табыллыбатаҕа – Даҕанча халбарыс гынан тиит кэннигэр түһэ охсон биэрбитэ, эһэ чалахайа тиити бүрүйэ түспүтэ. Кыра эрдэҕинэ сыгынньахтыы туруоран эһэтэ кыһыл чоҕунан тамнаан, хатыылаах оноҕоһунан ытыалаан аһарарга үөрэппитэ киниэхэ аан бастаан туһалаабыта. Бакамда, алаҥаатын бэлэмнии тутан, итини көрөн туран сиэнин эмиэ хайгыы санаабыта.
Ол икки ардыгар эһэ ырдьыгынаабытынан арҕаҕыттан тахса ойбута. Онно көрдөххө Баай Хаар тыа адьырҕатын бастыҥа, моонньугар мойбордоох туос ала, хардаҥ эһэ киэнэ бэрдэ эбит этэ. Кини обургу, өрө баргыйа түһээт, уол үрдүгэр биирдэ баар буолбута. Маннык түбэлтэҕэ үҥүүнү көрдөрбүтүнэн өтөрү түһүстэххэ эһэ күүстээх баппаҕайынан үҥүү угун тосту охсоро, биитэр туора садьыйара. Өрө сүгүллүбүт сымара таас курдук ынырык кыылтан Даҕанча кэннинэн тэйэ, чугуйа барбатаҕа, иннин диэки, эһэҕэ утары хардыылаат, Бакамда дьирикинэйдэр эһэни бултуур албастарыгар үөрэппитин курдук, үҥүүтүн угун халтарыйбат гына сиргэ бигэтик тирээн баран, кэтит сытыы биитин хонноҕун анныгар кыбынан, кистээн бэлэм турбута. Ол дьирикинэйдэр албастара чахчы куттаҕаһа суох хорсун буолууну, түргэн, сыысхала суох сымса туттууну эрэйэрэ. Кыратык да уолуйуу, дух-дах буолуу тыыҥҥар туруон сөптөөҕө.
Эһэ икки кэлин атаҕар өрө туран, айаҕын үөлэс курдук атан, сытыы сойуо тыҥырахтардаах икки илин баппаҕайын сарбаппытынан уол үрдүгэр саба түспүтэ. Даҕанча онуоха тас иэнинэн тиэрэ барбыта. Охтон эрэр киһини хам баттаан кэбиһэргэ санаммыт адьырҕа сүрэҕин туһунан киһи хонноҕун анныттан үҥүү сытыы һэлии муос төбөтө соҕотохто кылбас гына түспүтэ. Эһэ ону өйдөөн көрбөккө да хаалбыта – үҥүүгэ өтөрү түһэн, хараҕаланан, бэйэтин күүһүгэр тэриттэн киһини үрдүнэн уҥуор барбыта. Ол икки ардыгар Даҕанча эһэ атаҕын аннынан сылыпыс гынан кэннинэн тахсыытыгар балтараа харыстаах саха быһаҕынан эһэ иһин, түөһүн тылыттан самаҕын туорайыгар диэри, тэлэ тардан кэбиспитэ. Эһэ соҕотохто налыс гына түспүтэ, өлөр тиһэх өбүгэтин ырыатын ыллаабыта.
Бакамда эһэ сыыһа-халты туттардаҕына ытаары бэлэм илдьэ турбут алаҥаатын өрүтэ анньыалыы-анньыалыы соргу көтөҕөн:
– Алакыы! Алакыы! – диэн тыа сатарыйыаҕынан үс төгүл үөгүлээбитэ, үс төгүл суордаабыта. – Мин сырам таах хаалбатах: көрөн астынным, үөрдүм! Кырдьык да, дьороҕой туттуулаах, дьолуолаах табаҕайдаах үтүө булчут буолбуккун. Дьэ, эрэ, ол буоллаҕына эһэ көхсүн хааныттан тоҕуста ытыһан ис! Сирэйгин, түһэххин суун! Кини курдук күүстээх-уохтаах, кини курдук суостаах-суодаллаах, уордаах-кылыннаах буолуоҕуҥ!
Ити кэнниттэн эһэ көхсүн сылаас хааныттан сиэнигэр тоҕус ытыс хааны иһэрпитэ, сирэйин, түһэҕин сууйбута.
Бултуйбут дьон эһэлэрин эттээн-астаан баран кутаа оттунан аһаабыттара. Үөлүллүбүт эмис эти элийэ быһан сии олорон Бакамда сиэнигэр:
– Төннөрбүтүгэр Туманнаах Түбэни көрөн ааһыахпыт, – диэбитэ.
– Онон тоҕо төгүрүйэбит? – уол эһэтиттэн ыйыппыта.
– Тиийдэхпинэ кэпсиэҕим.
Аһаан бүтэн баран булчуттар эһэлэрин этин бысталаан ыраас хаарга тэнитэ уурбуттара, кыыл-сүөл тыыппатын диэн, тириитинэн саба тарпыттара. Кинилэр күн дьааһыгырыыта сөп соҕус ыарахан сүгэһэрдээх төннөр суолларын туппуттара.
Оҕонньордоох батыһыспытынан саҥата суох айаннаан испиттэрэ. Аргыый аҕай хааман бастаан иһэр Бакамда ону-маны эргитэ саныыра. Кини бу түгэни күүппүтэ ыраатта, ол эрээри тиийэн кэлбитэ эмиэ да соһуччу. Сиэнинээн иккиэйэҕин нус-хас, бүтэй барааннык олорон ааспыт уон алта сыллара биир күрүс элэс гынан аастаҕа, эчи, түргэнин эбитин! Чуумпу сыллар этилэр. Чуумпу олох диэни сааһыгар билбэтэх оннооҕор Бакамда онно үөрэниэх курдук буолан испитэ эбээт! Куруутун өс-саас өһүөнүн эккирэтиһэр, кыргыһар-өлөрсөр оннугар нус-хас олорор ордук эбит буоллаҕа. Ол гынан баран Бакамда ити сыллар тухары сүрэҕин түгэҕэр сүһүрэ сылдьыбыт сырҕан бааһын – өһүн-сааһын сиэнигэр кэриэс гынан этиэхтээҕэ. Дьэ, ол тиийэн кэллэҕэ.
Туманнаах Түбэҕэ киирэр аартык ааныгар кэлбиттэригэр, Даҕанча хараҕа хатанар бэлиэлээх тиитин анныгар оҕонньор сүгэһэрин түһэрбитэ уонна умса туттан сөҥөдүйэн турбахтаабыта. Уол эмиэ, эһэтин үтүктэн, сүгэһэрин түһэрэн баран өрө хантайан, тиити көрөн турбута. Сүдү улахан чаллах тиит күн диэки өттүнэн улаханнык хайа суоруулааҕа, ол хабыллар хаба ортотугар кини кэлэ-бара сылдьан көрдөҕүнэ санаатын мэлдьи тыытар батары ытыллыбыт куорсуннаах оноҕос чоройон турара.
– Дьэ, көрөн кэбис, – диэбитэ көнө түһэн баран Бакамда, – бу аата буолар үйэ-саас тухары өс-саас бэлиэтэ хааннаах илкээни диэн. Кинини ардах суурайан, тыал милкийэн хаана кубарыччы куурбут. Улуу хоһууннар өстөөхтөрүн өһөрөн, саастаахтарын дьаһайан баран хаалларар бэлиэлэрэ…
– Ол иһин даа, сэрэйбит эбиппин… Оттон ким бу бэлиэни хаалларбытай? Хаһан? Тоҕо?
– Бу хааннаах илкээнини тоҥ биис хоһууна Маҥан Мэкчэ охсубута, эн аҕаҕын Үрэн хоһууну өлөрөн баран. Эн аҕаҥ хаанынан бу хайа суорбут тиитин кырааскалаабыта, эн аҕаҥ борбуйун иҥиирин быһа ыппыт оноҕоһун ити тииккэ хатаан хаалларбыта. «Мин бэйэлээх дьоһун сурахпыттан, албан ааппыттан куттамматах ити мин охсубут хааннаах илкээнибинэн ирдээн эккирэттин, Үрэн хоһуун иһин хаан өс ситистин!» – диэн илдьит хаалларбыта. Ол илдьитин эйиэхэ этэр кэмим кэлбит быһыылаах, холуҥ этэ хойдубут, буутуҥ этэ буспут. Туматтар үгэстэринэн, саас-үйэ тухары иэстэһиллэр хаан өһү ситис!
– Эн итини тоҕо урут миэхэ кэпсээбэтэххиний?
– Уу ньуулдьаҕай эрдэххинэ соруйан кэпсээбэтэҕим: мөлтөх, куттаҕас, сыраан киһи буолан бараҥҥын ону истэн тугу туһаныаҥ этэй? Аҕаҥ туйаҕын хатарар үтүө киһи тахсыбыккын бүгүн эрэ көрдүм.
Эһэтин ити тылларыттан Даҕанча ах баран саҥатыттан матан турбахтыы түспүтэ: истибэтэҕин истэн, билбэтэҕин билэн улаханнык соһуйбута. Баран тииккэ тиийэн саҥата суох, хайа суорууну имэрийэн көрбүтэ: суох, хаһааҥҥыта эрэ аҕаммыт аҕатын хаана биллибэт этэ – чэрдийбит баас оннук курдук, күн уота харааччы сиэн кэбиспит. Онтон тииккэ батары ытыллыбыт куорсуннаах оноҕоһу сулбу тардан ылбыта уонна муодарҕаабыттыы эргим-ургум тутан көрбүтэ. Ох төбөтө тимир этэ, ырба курдук биилээх икки салаалааҕа.
– Саха урааҥхайдар оҥорбут охторо, – эһэтэ быһаарбыта. – Кинини сэлэмэ кустук диэн ааттыыллар. Үрэн хоһуун куотан үрүйэни үрдүнэн көтөн, уҥуор үктэнэ түһүүтүгэр ити оҕунан борбуйун иҥиирин быһа ытан, онон боҕутуннаран өлөрбүттэр этэ.
Даҕанча ох ханна да кыларыйан көрбөтөх сытыы кылаанын тарбаҕын төбөтүнэн таарыйан көрбүтэ.
– Эһэм Бакамда, дьэ, соһуччу сүрдээх суолу кэпсээтиҥ. Ол иһин даҕаны, кэнники кэмнэргэ бу бэлиэ таһынан аастаҕым ахсын тоҕо эрэ хааным оонньуур буолбута. Ол буоллаҕына, мин аҕам өлүүтүн туһунан сиһилии билиэхпин баҕарабын.
Ити кэлин өттүттэн уол эһэтиттэн ол урукку ааспыт быһылааннаах күн туһунан бэркэ болҕойон истибитэ. Оҕонньор тугу да көтүппэккэ кэпсээбитэ, ийэтин Майынчы да туһунан умнубатаҕа.
– Чэ, билигин барыах, – диэбитэ Бакамда, сүгэһэр маһын ылан кэтэ-кэтэ. – Оҕу оннугар ууран кэбис. Хааннаах өс ситиһиллиэр диэри хайа суоруу баас буолан оспокко туруоҕа, хаан өс ситиһилиннэҕинэ кини ортотугар хараҕалана ытыллыбыт ох тостон түһүөҕэ, ону кытта хайа суоруу үмүрүччү оһуоҕа.
Даҕанча, ийэ-аҕа диэни билбэккэ улааппыт буолан, билигин эрэ истибит ийэлээх аҕатын туһунан букатын туспа дьон курдук саныы испитэ. Туора киһи туһугар сааһын тухары билбэтэх, баҕар, сааһын тухары түбэсиһэн көрсүө да суох дьонун кытта өлөрсөрүн туһунан өйдүүрсаныыр этэ. Эһэтэ кыра оҕо эрдэҕиттэн ыла кэпсиир урукку хоһууннар тустарынан умсулҕаннаах да үһүйээннэригэр кини биир суолу кыайан өйдөөбөтө – тоҕо, туох иһин өлөрсөллөрүн. Кини бастаан иһэр эһэтиттэн ол туһунан билигин эмиэ ыйыппыта.
– Эһээ, дьон тоҕо кыргыһаллара-өлөрсөллөрө буолуой?
– Иҥсэттэн, – Бакамда быһаччы быһаарбыта. – Орто Аан Ийэ дойдуну тутан турар иҥсэттэн. Атын дьон босхотун халаары.
– Оттон иҥсэрбэккэ олордохторуна?
– Дьон оннуктар, ону хайдах да гыммаккын: эн халаабатаххына, эйигин халыыллар.
– Биһиги кими да халаабакка, иҥсэрбэккэ олоробут дии.
– Биһигини ким да билбэт. Билэллэрэ буоллар сүгүн олордуохтара суоҕа этэ.
Сиэнэ уол саҥата суох барбыта, кини эһэтин этиитин эргитэ саныы, муна-тэнэ испитэ: «Хара тыа баай ээ, ол гынан баран тоҕо өлөрсөллөр, былдьаһаллар», – дии саныыра кини.
Оттон Бакамда санаата букатын атын этэ. Кини, кырдьыга, сиэниттэн атыны күүппүтэ: аҕатын туһунан, хааннаах илкээни туһунан истээт, өс-саас уотунан умайа түһүөхтээх этэ. Хата ол оннугар туох эрэ солуута суоҕу тылласта. Барар дуо хааннаах өһү ситиһэ? Ити барыта дьирикинэйдэр хааннарыттан. Аҕатын, туматтар хааннара баһыйбыта буоллар атыннык туттуо этэ, Бакамда кийиитэ Майынчыга эмиэ кыыһырара. Ол быыһыгар эмиэ даҕаны атын санаа киирэн тахсара: Даҕанча кыра оҕо эрдэҕинэ этиминэ бэйэтэ сыыста дуу? Оччоҕо, бука, кини тылыттан тахсыа суоҕа этэ. Оттон билигин, туматтар үгэстэринэн, аҕатын иһин тоҥ биистэртэн хаан өс ситиһэ барыа дуо?
Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?