Электронная библиотека » Василий Яковлев » » онлайн чтение - страница 4

Текст книги "Тулаайах оҕо"


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 10:21


Автор книги: Василий Яковлев


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 4 (всего у книги 27 страниц) [доступный отрывок для чтения: 9 страниц]

Шрифт:
- 100% +

Уһуктаах төбөлөөх дьиэлэр диэкиттэн ыттар үрбүттэрэ, дьоннор саҥалара аймаласпыттара. Даҕанча айдааны тарпытын, алдьархай буолбутун билбитэ: ойон туран, дьоҥҥо көстүмээри, бөкчөйөн баран ынахтар быыстарынан тыаҕа түспүтэ. Кини кэнниттэн сүөһүлэр, үүрдүбүт, кыайдыбыт оҥостон, эккирэтэн тиҥинэспиттэрэ. Даҕанча кинилэртэн куотан талахтары-үөттэри ортотунан харса суох иннин диэки ыстаммыта. Сотору сүөһүлэр кэнники хаалбыттара, ол эрээри кинилэри аны ыттар солбуйбуттара. Ыттартан куотар уустугун Даҕанча сэрэйэрэ. Ол гынан баран кини быыһаммыта: чалыгыр уулаах таас үрэҕи кэһэн туораан, үөһэ тыаҕа тахсыбыта. Саҥаларыттан иһиттэххэ, ыттар, үрэххэ кэлээт, тохтоон хаалбыттара, дьон даҕаны хаһыытаспахтаан баран ах барбыттара. Кинилэр, бадаҕа, ханнык эрэ тыа кыыла сүөһүнү тарда киирэн баран куотта дии санаабыттара.

Даҕанча соһуччу түбэспит быһылааныттан быыһанан баран уоскуйан биэрбэтэҕэ, тыа үөһүгэр киирэн суон тиит төрдүгэр олорон, туохха сыыспытын аттара санаабыта: биллибэт-көстүбэт барыта атын киһиэхэ куруутун кутталлаах буоларын, соһуччу алдьархайы аҕаларын кини аан маҥнай билбитэ, эһэтин сүбэтин өйдөөбүтэ.

Түүн үөһэ ааспытын, ыттар үрэллэрэ тохтоон, тула барыта чуумпурбутун кэннэ, Даҕанча, саспыт ойууруттан аргыый аҕай тахсан, сыгынаҕар тиийбитэ, ууга анньан киллэрбитэ уонна үөскэ, түргэн сүүрүккэ салайбыта. Өрүс сүүрүгэ сыгынаҕы уҥуоргу кытыыга охсубута, уол хаҥас кытыл хара сыырын хараҥа дьураатынан күлүктэнэн иһэн арбаҕын быыһыттан уоран көрдөҕүнэ, халаан уута ылбат үрдүк тоҕойго уһуктаах төбөлөөх холомолор тастарыгар хойуу буруо буруолуура, сииктээх салгыҥҥа үөһэ тахсыбакка, хонууну үллүйэ тарҕанара. Буруолар тастарыгар ынахтара лөһүгүрэһэн сыталлара.

Даҕанча сэрэҕэ өссө күүһүрбүтэ, булчут дьирикинэйдэртэн утумнаабыт сытыы хараҕа кинини үгүстүк быыһаабыта. Хаста да тыылаах балыксыттары эрдэ көрөн саһан абыраммыта. Түҥкэтэх өрүс орто сүүрүгүнэн баар үүнүүлээх хочолорго сахалар хойуутук олохсуйбут быһыылаахтара: бэрт ыраахтан кинилэр атыыр оҕустарын айаатааһына, ынахтарын маҥырааһына, ыттарын үрүүлэрэ киэһээҥҥи, сарсыардааҥҥы чуумпуга ууга ой дуораана буолан дуораһыйан ааһыталыыра. Ол да буоллар айаннаан иһэр уол кинилэр харахтарыгар көстүбэккэ ити сирдэри ааһыталаабыта. Түҥкэтэх өрүс аллараа өттүгэр, эһэтэ ыйбытын курдук, икки өттүнэн үрдүк мырааннар ыган кэлэннэр, улам хонууга, өрүһэ кыараҕастыйан сүүрүгэ түргэтээбитэ, киһи кута-сүрэ тохтообот сирэ буолбута. Дьон манна олохсуйбатах этэ.

Даҕанча онтон, дьэ, холкутук өрө тыыммыта – куруутун саһары, кистэнэри кини эдэр дохсун быһыыта тулуйбата, сөбүлээбэтэ. Ууттан быган күүстээх сүүрүккэ оҕустаран илигириир тииттэр төбөлөрүгэр кэтиллимээри, уол болҕомтотун наар онно уурбута. Ол да гыннар иккитэ хаста маска тартаран, сыгынаҕа түөрэ эргийэн, тымныы ууга чомполонон ньылбы сытыйан тахсыталаабыта, кытыыга кутаа оттон куурдуммута. Ол курдук буолуохтааҕын эрдэ таайан, Даҕанча сүгэһэрин сигэнэн сыгынаҕар кытаанахтык баайан уонна бэйэтэ сыгынаҕар хатаастан улаханнык эмсэҕэлээбэтэҕэ.

Күүтүүлээх туох барыта эмискэ, соһуччу кэлээччи. Арай биирдэ киэһэлик Даҕанча букатын да күүппэккэ истэҕинэ, биир тоҕойу эргийэ түһэрин кытта, иннигэр өрүс кэтит иэнэ арыллан нэлэс гыммыта – ыраах, уҥуоргу кытыы тииттэрэ кырылаһан көстүбүттэрэ. Уол Түҥкэтэх өрүс улахан өрүскэ түһэр сиригэр тиийэн кэлбитин тута билбитэ. Кини иннигэр Киэҥ Кэллээмэ нэлэһийэ сытара. Даҕанча кумах кытылга сыгынаҕын астарбыта уонна кытыыга ойон тахсыбыта.

Бэрдьигэстээх Дэбэндэ

Даҕанча өрүс кытыытынан аһаҕас кумаҕынан барыаҕын дьулайбыта, сыыры өрө дабайан бэрдьигэс хойуутук үүммүт тыатыгар тахсыбыта. Били эһэтэ Бакамда эппитин курдук, Түҥкэтэх өрүс Киэҥ Кэллээмэ эбэ хотуҥҥа түһэр төрдүгэр баар Бэрдьигэстээх Дэбэндэ буоллаҕа дии санаабыта уонна онно олорор тумат биистэрин көрдүү, өрүһү кэрийэ баран испитэ. Эһэтэ эппитэ кырдьык буоллаҕына, тумат биистэрэ куһу, балыгы бултаары, табаларын үөнтэн күрэтэн, өрүс чэлгиэнигэр сайын аайы тохтуур, тоҕуоруйар сирдэрэ мантан чугас буолуохтаах этэ.

Бэрдьигэстэр быыстарыттан улардар көтөн тилигирэһэллэрэ, бочугурастар быычыгыраһаллара, сэргэх туртастар мастар быыстарынан элэҥнэһэллэрэ. Айаннаан иһэр уол кинилэргэ кыһаммакка, соруктаах аҕайдык иннин хоту өрүс хааһынан хааман испитэ. Эмискэ тыал уларыйан салгын өрүстэн охсубута. Даҕанча билигэс муннугар буруо сыта субу баардык саба биэрбитэ. Соһуччута уонна чугаһа бэрдиттэн уол бэрдьигэстэр быыстарыгар хаптас гыммыта уонна тыаһа суох иһийэн сыппыта. Ол оннук тутуһан турар чугастык уот сиэбит балыгын уҥуоҕун бэлиэ хабархай сыта ыы муннугар аспыта. Сэппэрээк быыһыгар бүкпүт уол кирийиэҕинэн кирийэн сыппахтыы түспүтэ, ол эрээри чугаһынан киһи баар сибикитэ биллибэт этэ, арай ханна эрэ тэйиччи үгүс дьон күүгээнэ тохтообокко сири түгэҕинэн аймалаһа дуораһыйан иһиллэрэ. Даҕанча билиэн-көрүөн баҕата кинини өр сытыарбатаҕа: бэрдьигэс быыһынан аргыый үөмэн иннин хоту сыылбыта. Балачча барбахтаабытын кэннэ эмискэ хаххаланан иһэр сэппэрээгэ арылла биэрбитэ – сыыра быһа ыстаммыта, икки тиит устата үрдүктээх таас эркин буолан туруору аллара түспүтэ. Даҕанча иннигэр дьикти көстүү нэлэс гыммыта: туруору таас сыҥаһа анныгар киэҥ көнө кытыл өрүһү кырыйа тардыллыбыта, онно таас эркинтэн тэйиччи, ох саа оноҕоһо кыайан ылбат сиригэр бэрт үгүс буор холомолор бачыгыраһан олороллоро. Холомолор ортолоругар хонууга, өрүс үрдүгэр, киирэн эрэр күн сардаҥатыттан өссө ордук кытарымтыйан көстөр кыһыл таҥастаах дьон үөмэлэһэ сылдьаллара. Даҕанча, көрбөтөҕүн көрөн кирийиэҕинэн кирийэн, хаптайыаҕынан хаптайан, сири кытта сир буолан баран, ол дьикти көстүүнү кэтээн көрө сыппыта.

Даҕанча иннигэр аллараа кытылга бөлүөхсэн үөмэлэһэ сылдьар уот кыһыл таҥастаах дьон кини көрдүүр, ыйдаран кэлбит, үллэр туман курдук үгүс тумат омуктар буолалларын билбитэ, ол эрээри киириэн чаҕыйбыта. Кини бачча үгүс дьону сааһын тухары харахтыы илигэ уонна бу дьон кинини хайдах көрсөллөрүн билбэт этэ. Даҕанчаҕа дьирикинэйдэр сэрэх хааннара эмиэ уһуктубута: кини көҥүлүн сүтэрэн, үрүҥ тыынын атын киһи илиитигэр туттаран кэбиһиэн тардыммыта. Оттон алларааҥҥы бөлөх дьоҥҥо киирдэҕинэ оннук буолуохтааҕын этинэн-хаанынан сэрэйбитэ. Уол, көрдөөн булбут туматтарыгар киирбэккэ, сыыр үрдүттэн кинилэри чуҥнаан көрөргө санаммыта.

Эмпэ үрдүгэр тиийэ ыкса үүммүт хойуу сэппэрээк быыһыгар кинини ким да таба көрүөн сөбө суоҕа, оттон үөһэттэн кытыл аллараа кэрдииһигэр бачыгыраһан олорор буор холомолор уонна кинилэр тастара эдэр булчут сытыы хараҕар бу баардык ырылыччы көстөллөрө. Кытархай өҥнөөх таастар дьапталҕаларын сытыы быһаҕынан быһа баттаабыттыы, туруору эркин өрүһү бата киһи хараҕа ылбатынан илин-арҕаа субулла турбута. Киэһээҥҥи салгынтан эрэһэлэнэ долгуннурар өрүс икки туруору таас эркин икки ардыларынан кытылы батыһа кэккэлии лагларыспыт кэтит олохтоох буор холомолортон саамай улаханнарын таһыгар кыһыл сонноох дьон сэлэлии туран баран үҥкүүлээн барбыттара. Уҥа илиилэригэр кылгас уктаах үҥүүлэри өрө туппут этилэр. Ырыаларын хоһооно иһиллибэтэр да, Даҕанча көрдөҕүнэ, кини дорҕоонугар сөп түбэһиннэрэн бары биирдик тэҥҥэ үҥүүлэринэн далбаатанан, өрүтэ уунаҕалаан ылаллара. Тыал охсон сороҕор эмискэ улаатан кэлэр, сороҕор намыраан, иһиллибэт буолар ол ырыа ис хоһоонун биир эмэ тылын арааран истээри, туох туһунан ылланарын билээри уол иһиллэһэн муҥнана сатаабыта. Кини, аллараа ыраах баар дьоҥҥо аралдьыйан, тулатын умнубута.

Эмискэ кэннигэр мутук тостубут тыаһыттан этэ тардан дьик гына түһээт, Даҕанча бэдэр курдук сымсатык тура ойбута. Ол эрээри хойутаабыт этэ: кини иннигэр алаҥаатын субу ытарга бэлэмнии тутан, кылгас кыһыл сонноох хоһуун киһи уһуктаах төбөлөөх бэргэһэ анныттан сытыы харахтарынан уол хас хамсаныытын барытын бэрт кыраҕытык кэтэһэн турара.

– Хамсаама ончу! – диэбитэ кини суостаахтык. – Үҥүүгүн бырах!

Даҕанча төбөтүгэр маҥнай бу кини иннигэр турар, кинини аан бастаан көрөр уонна киниэхэ тосту-туора сорудахтары биэрэр дьоҕус уҥуохтаах хоһуун тылын истибэт, киниэхэ бэриммэт дохсун санаалар күлүмнэспиттэрэ: туора ойоот, хойуу бэрдьигэстэр быыстарыгар элэс гыныахха сөп этэ. Ол эрээри иннигэр турар хоһуун дьэрэкээннээх кыһыл таҥаһыттан көрдөххө, алларааҥҥы туматтар хомолоруттан буолара саарбаҕа суоҕа; оттон Даҕанча туматтарга кэлбитэ эбээт, хаһан эрэ син биир кинилэргэ киириэхтээҕэ. Ол иһин көҥүлүн күөмчүлэтэн эрэр тумат ордуос, дохсун санаатын утарылаһар табыгаһа суох диэн дьирикинэйдэр сэрэх, мындыр санаалара баһыйбыта.

Иэмэх курдук имигэстик иэҕиллэ өҕүллүбүт алаҥаа сиһин, хара быарын ортотунан кыҥаан турар көнө оноҕос сып-сытыы уһуктаах төбөтүн, алаҥаа кирсин субу аҕай төлө ыһыктыахха айылаах сыҕарыйан эрэр синньигэс тарбахтары уол элэс көрөн аһарбыта уонна тутан туран үҥүүтүн сэппэрээк быыһыгар бырахпыта.

– Бар! – хоһуун холомолор диэки ыйбыта.

Даҕанча, төбөтүн санньыччы туттан, таас эркини кэрийэ бастаан барбыта. Алаҥалаах хоһуун кини һэлии муоһа уһуктаах, талах сигэлээх олус модороон үҥүүтүн ылан муодарҕаабыттыы эргим-ургум туппутун хараҕын кырыытынан көрөн аһарбыта.

Кинилэр батыһыспытынан, Даҕанча арыый инники, кыһыл дьэрэкээн таҥастаах хоһуун киниттэн арыый хаалан, кэнники, быста турар таас эмпэни кэрийэ барар ыллык устун сэппэрээк быыһынан хаҥас диэки балачча өр айаннаабыттара. Кыараҕас ыллыгы саба, үмүрүччү үүммүт хойуу сэппэрээк быыһыгар элэс гынан, Даҕанча кэнниттэн батыһан иһэр хоһуунтан хаста да мүччү туттарыан санаталаабыта. Кини ол ахсым санаатын хас сырыы аайы ханнык эрэ биллибэт күүс тохтотон испитэ. Ол күүс уолу туппут хоһуун холку быһыыта эбитэ дуу? Кини эйэ дэмнээх тас көрүҥэ дуу? Сиэдэрэй кыһыл дьэрэкээн ойуулаах сонноох, киис кыыл тириитэ бүүрүктээх үрдүк бэргэһэлээх дьоҕус уҥуохтаах хоһуун сытыы оноҕоһунан уол көхсүн хараҕын кыҥаабакка, эйэ дэмнээхтик хаҥас илиитигэр уол үҥүүтүн тутан, уҥа илиитигэр бэйэтин алаҥаатын илдьэ арыый хаала соҕус иһэрэ.

Ол икки ардыгар кинилэр аллараа кытылга киирэр таас куоллараан ыллыкка кэлбиттэрэ уонна онон аллараа киирэн барбыттара. «Аны билигин уһаты-туора хамсыыр кыах суох», – дии санаабыта Даҕанча уонна көҥүлүн сүтэрэн күһэллиигэ киирэн эрэр киһи быһыытынан, бачча тухары көҥүллүк көрүлээн, талбытынан тарайан үөскээбит Баай Хара тыатын диэки көрөн ылбыта.

Биир сатыы киһи эрэ арычча батан сылдьар кыараҕас туруору ыллык устун аллараа түһэн, холомолор турар кытаанах кырдалларыгар үктэммиттэрэ. Кырдал кумахха хаптаччы тимирбит лоһуор чай таас ардайдааҕа, олор быыстарынан бэрт убаҕас, иинэҕэс от быгыталаабыт этэ.

Үөһэттэн түһэн кырдалга үктэнэллэрин кытта, кыһыл таҥастаах үҥкүүһүттэр кинилэри көрө охсубуттара, сырсан кэлэн төгүрүйэ көппүттэрэ. Даҕанчаны тула кэтитсинньигэс, маҥан-хара, бытыктаах-бытыга суох дьиктиргээбит араас сирэйдэр өҥөҥнөспүттэрэ, онтон-мантан соһуйбут-өмүрбүт саҥалар иһиллибиттэрэ.

– Акаана!

– Акаана бултуйбут дии!

– Кими эрэ аҕалбыт?

– Бу кинини хантан бултаатыҥ?

Киһини булт гынарга үөрүйэх – киһи кыыллаах дьон соһуйуулара, үөрүүлэрэ, ордук санааһыннара ол хаһыыларга иһиллибитэ. Сорохтор кэлэн Даҕанчаны тула көтөн бу киһи, киһи турар диэн кыратык да тардыммакка, эргичиҥнэтэ сылдьан туппутунан-хаппытынан, көрбүтүнэн-истибитинэн барбыттара.

– Кимий бу? Тоҥ биис дуо?

– Тоҥ биис буолбатах, дьирикинэй дии.

– Дьирикинэй буолбатах, майаат буолуо.

– Суох, суох, сэбиттэн-сэбиргэлиттэн көрдөххө, сартыал быһыылаах.

– Бэйэ, тохтооҥ, Акаана саҥардын!

Даҕанчаны илдьэ кэлбит дьоҕус хоһуун дьонугар кинини хайдах туппутун кэпсээбитэ:

– Кинини тыаттан, бэрдьигэстэр быыстарыттан туттум, эһигини уоран кэтээн көрө сытар эбит.

Даҕанча манна эрэ кэлэн кинини аҕалбыт хоһуун саҥата-иҥэтэ, туттара-хаптара эр киһиттэн атынын, дьахтар буоларын билбитэ. Таҥаһа-саба сиэдэрэй, Акаана диэн аата ону чуолкайдык туоһулууллара. Тула төгүрүйэн турааччы кыһыл таҥастаах дьон уолга онтон соһуйар түгэн биэрбэтэхтэрэ – сирэйдэрэ-харахтара туран, өһөхтөөхтүк көрөн-истэн, улам үмүөрүһэн кини диэки дьулааннык сыҕарыҥнаһан барбыттара.

– Ол аата тоҥ биис буоллаҕа. Кинилэр биһигини кэтэтэ ыыппыт киһилэрэ!

– Хаанын көрүөххэ!

– Хаанын таһаарыахха!

– Хаанын! Хаанын!

Даҕанча бары өттүттэн хаан тахсарын күүтэн илбиһирбит сирэйдэри-харахтары, тугу эрэ хаһыытаан оҥоҥноһор айахтары эрэ көрөрө. Ол барыта киниэхэ, урут бачча үгүс киһини көрбөтөх, бачча үгүс саҥаны истибэтэх, онтон дөйбүт, соһуйбут киһиэхэ, ханнык эрэ ынырык түүл курдук этэ. Кини, ыттар хаайбыт бөрөлөрүнүү, ким саҥарар да ол диэки тула эргичиҥнии турбута. Даҕанча оннооҕор бу кини тула үөмэлэһэр дьон хас биирдии тылларын өйдүүрүн, кини курдук эмиэ туматтар буолалларын, бэл диэтэр кинини тутан аҕалааччы ханнык да хоһуун буолбатаҕын, Акаана диэн кыыс булт кэрийэ сылдьан киниэхэ түбэһэ түспүтүн эҥин үһү-бадах курдук өйдөөбүтэ буолан баран, онтон соһуйар да кыаҕа суох төйө таалан турбута.

– Тоҥ бииһи били биир суолбутугар туттуоҕуҥ! – диэбитэ сирэйигэр баас оруннаах сааһырбыт киһи.

– Кэнгэдэ хоһуун сөпкө этэр. Хата, кырдьык, инньэ гыныаҕыҥ.

– Кыргыс сэбин хаанныахпыт!

– Хаан таһаарыахпыт! Хааны! Хааны!

Сирэйигэр чэрдээх киһи соруйбута:

– Бэнчимэ! Күнэгэ! Икки өттүттэн ылыҥ!

Кытарар уот кыһыл таҥастаах кылгас үҥүүлээх икки эр бэрдэ ыстанан кэлэн айдаантан алаадыйан турар Даҕанчаны икки оҥкумалыгар түспүттэрэ. Даҕанча ханна илдьэллэрин букатын да сэрэйбэккэ, кэчэспэккэ даҕаны, соһоллорун хоту дэллэрийэн испитэ. Кинини чугас баар суон баҕаналарга үс сиэл быа туора тардыллыбыт холомоҕо илдьэн аан утары туруоран кэбиспиттэрэ. Уол уонна холомо икки ардыгар куоллараан тахсар гына, икки аҥыы силэлээн сэлэлии туруммуттара. Тугу эрэ улаханы күүтэрдии, айдаан-куйдаан соҕотохто нам барбыта, бары холомо дьиэлин диэки хайыспыттара. Даҕанча кинини эмискэ төйүппүт үгүс киһи күйгүөнэ ах баран, дьэ, өйүн-төйүн булуммута уонна эмиэ туох буолаарай диирдии, холомо аанын кэтэспитэ. Кини холомоттон сулбу ыстанан тахсыах тугу баҕарар күүтэрэ: өйүн-төйүн булунан, эһэтэ кинини эрчийэрин саҕанааҕы курдук, бары иҥиирэ-ситиитэ барыта күүрэн дыгынаан бэлэм турбута.

Оттон холомо иһигэр буоллаҕына туох эрэ тыаһа сири түгэҕинэн дириҥник, иччилээхтик ньиргийэрэ, ким эрэ суордуура, таҥалайын таҥсыйан чаҥыргыыра. Онтон эмискэ киһи олус улаханнык кыламмыта, холомо тирии дьиэлэ тэлэллэ түспүтэ уонна баһыттан атаҕар диэри кыа хааҥҥа түһэн тахсыбыттыы, кыһыл киһи, үҥүүтүн биитэ кылбайбытынан, ньылбы ойон тахсыбыта. Суордуу кылана-кылана өрүтэ көтүөлээбитинэн үс сиринэн тардыллыбыт үс өркөнү быһыта түспүтэ, сэлэлии турар дьон кэккэлэрин кэрийэ сүүрбүтэ. Онтон холомо ааныгар утары туох да сэбэ-сэбиргэлэ суох соҕотоҕун чороллон турар Даҕанчаҕа ойон тиийбитэ. «Быһыыта хоһуун буолар киһи таҕыста, ол аата кини батаһын хаанныырга миигин анаабыт буоллахтара», – диэн санаа уол төбөтүгэр күлүм гынар кэмигэр холомоттон ойон тахсыбыт киһи ыстанан кэлэн уолу үҥүүнэн аспыта. Хоһуун сэбэ-сэбиргэлэ суох хам-бааччы турар киһини, үтэһэҕэ үөлэр собо курдук, мэнээк үөлэн кэбиһиэм дии санаабыт бадахтааҕа – туох баар күүһүнэн сытыы уһуктаах үҥүүтүнэн уолу хара быарга өтөрү түспүтэ. Ол эрээри кураанах салгыны супту анньан, туруйалаан тиийэн үҥүүтүнэн лоһугурас таас былаастаах кыһыл кумаҕы батары саайбыта. Бакамда сиэнин аһарарга кыра оҕо эрдэҕиттэн үөрэппитэ таах хаалбатах этэ – тумат хоһуунун биилээҕиттэн кэбэҕэстик халбарыс гынан биэрээт, сыыһа туттан туруйалаабыт киһини эт сутуругунан эҥил баска охсон ньиргиппитэ. Ол кэннэ ходуллубут оттуу умса барбыт киһиттэн үҥүүтүн сулбу тардан ылбыта – Даҕанчаҕа туматтар кыргыһар-өлөрсөр илбистээх хааннара уһуктубута, ити буоллаҕына хаан – хааҥҥа! Үгүстэн үгүс охтуо, аҕыйахтан аҕыйах охтуо! Кини таах туран биэриэ суоҕа!

– Чугаһаан холоон көрүҥ эрэ! – үҥүүтүн өрө тутан туран үөгүлээн бытарыппыта, кыргыһыыга ыҥырар уордаах хаһыы чуумпурбут алардар үрдүлэринэн дуораһыйбыта: – Алакыы! Алакыы! Алакыы!

Хоһууннара таба тутуннаҕына Даҕанчаны үҥүү-батас оҕунуоҕа оҥостон, кини хаанынан түһэхтэрин суунаары бэлэм турбут туматтар уол хаһыытыттан чугурус гына түспүттэрэ. Суох, кинилэр соҕотох киһиттэн толлон чугуруйбатахтара. Кыргыһыыга буспут-хаппыт, өлөллөрүнсүтэллэрин утуйарга холуур сэрииһит дьону дьулатар уустук этэ; кинилэр бу кимэ биллибэт уол туматтардыы хаһыытаабытыттан уонна ордук кинилэр кыргыһыыга киирэргэ ыҥырар үөгүлэриттэн соһуйан тохтуу биэрбиттэрэ. Онтон-мантан өмүрбүт-соһуйбут хаһыылар иһиллитэлээбиттэрэ:

– Тугуй бу? Хайдах-хайдаҕый?!

– Тумат буолбат дуо?! Биһиги хааммыт!

Ол кэмҥэ ортоку улахан холомоттон хайаларыттан да үрдүк уҥуохтаах курбуу курдук киһи курбачыйан тахсыбыта, дьону силэйэн, уолга кэлбитэ уонна уоттаах сытыы харахтарынан уолу батары көрбөхтөөн баран, ыйыппыта:

– Эн кимҥиний?

– Мин тумаппын, – Даҕанча хардарбыта.

– Бай! Бай! – анараа киһи соһуйан түһэҕин охсуммута.

Тула турааччылар хаһыытаһа түспүттэрэ: сибилигин аҕай быһыта-хайыта сынньан, сэймэктээн кэбиһэргэ бэлэм турбут дьон тосту уларыйа охсубуттара.

– Ол иһин даҕаны!

– Тумат эрэ итинник дьорҕоот буолуон сөп.

– Тоҥ биис буолуон сатаммат!

– Бэйэбит хааммыт, бэйэбит киһибит эбит!

Айдаан намыраабытыгар уһун синньигэс дьиэрбэлдьийбит киһи эмиэ ыйыппыта:

– Аатыҥ кимий? Эн хантан кэллиҥ? Ханна бардыҥ?

Даҕанча киниэхэ хардара охсубатаҕа; үгүс дьон моргуоругар уонна дэбигис саныы охсорго үөрэммэтэх буолан, тугу этиэн тыл булбакка, үҥүүтүн утары туппутунан тэпсэҥнии турбута. Онуоха эбии бу дьон дэбигис уларыйа охсубут сыһыаннарыгар сөп түбэһэр гына кини түргэнник уларыйа охсубатаҕа – өлөрсөөрү-сүтэрсээри өрүкүйбүт өһөҕө тута сойон биэрбэтэҕэ. Кэлбит киһи хоруй ылбакка тула төгүрүйэн турар дьоҥҥо:

– Улахан холомоҕо илдьиэҕиҥ! – диэбитэ.

Даҕанча буоллаҕына, тула өттүттэн үмүрү түһэн үтүрүйэн илдьэ барбыттарыгар эмиэ туох алдьархайга илдьэллэрэ буолла диэн, тыынын охсуһуута суох биэрбэккэ, эрдээх санааны ылынан, былдьаан ылбыт үҥүүтүн угун кытаанахтык ыксары туппута.

Хаан таһаарыы

Холомо иһэ киэҥ-куоҥ этэ, ортотугар турар арааҥҥа уккунньах имик-самык умайара. Араан нөҥүө кэтит сэксэ үрдүгэр быраҕыллыбыт хардаҥ эһэлэр тириилэригэр олорор үс оҕонньоттортон ортокуларын көрөөт, Даҕанча этэ тардан дьигиһис гына түспүтэ: араҥастаан уҥуох тутан кэлбит били кини эһэтэ Бакамда оҕонньор хаар маҥан баттахтыын, уҥуох-тирии сирэйдиин, быһаҕас көмүскэтин түгэҕэр түспүт хап-хара, өссө да умуллубатах, өссө да уоттаах харахтардыын – илэ бэйэтинэн субу кинини тонолуппакка супту одуулаан олороро. Ол эрээри атына диэн – кинини одуулаан олорор оҕонньор баһыттан атаҕар диэри кыһыл соһо кырааскалаах таҥастааҕа.

Оҕонньор сытыы, барыны-бары чинчийэ, сэргии көрөр харахтарынан Даҕанчаны баһыттан атаҕар диэри таҥнары көрөн түһэрбитэ.

– Хаан таһааран хоһууҥҥа холуйуохтаах киһибитин бохтоппут дьолуолаах табаҕайдаах бу эн кимҥиний?

Кэтит сэксэҕэ олорор кыһыл таҥастаах оҕонньор саҥата холку этэ, эһэтин саҥатыгар олус маарынныыра. Арай арыый бытааҥҥа уонна намыыҥҥа дылыта. Таһырдьа хаалбыт дьон айдааннара манна бүтэҥитик иһиллэрэ, Даҕанча чуумпу сиргэ, холомо иһигэр киирэн өйүнтөйүн булбута.

– Мин Даҕанчабын, Үрэн хоһуун уолабын, – диэн хардарбыта кини.

– Туманнаах Түбэҕэ олорор тумат хоһууна Үрэн буоллаҕа, – оҕонньор аргыый сыыйбыта. – Ол Үрэн хоһуун эмиэ кэлистэ дуо?

– Суох, кини өлбүтэ, – Даҕанча быһаччы эппитэ. – Үрэн хоһууну Маҥан Мэкчэ диэн тоҥ биис хоһууна тахсан өлөрөн киирбитэ үһү.

Уол ити тылларыгар холомо иһигэр кинини кытта киирсибит туматтар бэйэ-бэйэлэрин көрсөн ылбыттара.

– Эн соҕотоҕун кэллиҥ дуо? – уҥа олорор суон оҕонньор ыйыппыта.

– Соҕотоҕун.

– Тоҕо кэллиҥ? – аны хаҥас олорор кыра, көтөх оҕонньор туоһуласпыта.

– Тоҥ биис хоһууна Маҥан Мэкчэ аҕабын өлөрөн-өһөрөн баран хааннаах илкээнини хаалларан киирбит. Ол ону – тоҥ биис чуоһун – батыһан хаан өс иэстэһэ кэллим.

Туматтар көхсүлэрин этиппэхтээбиттэрэ, сыҕарыҥнаһа, тэпсэҥнэһэ түспүттэрэ. Арай үс оҕонньор эрэ хамсаабатахтара.

– Ол Туманнаах Түбэҕэ баар Өксүөннээх Өлөөн өрүһэ мантан бэрт ыраах дойду буолуохтаах этэ, – диэбитэ ортоку олорор оҕонньор уолу тонолуппакка көрөн олорон. – Сирэйгиттэн-хараххыттан көрдөххө бэрт эдэр киһи эбиккин. Эн хайдах бу дойдуну – биһиги ордуубутун булан кэллиҥ? Ким эйигин сирдээтэ?

– Суох, миигин ким даҕаны сирдээбэтэ, – Даҕанча хардарбыта. – Мин Бакамда диэн ааттаах эһэлээх этим, кини миэхэ суолбун ыйан биэрбитэ, сүбэлээбитэ. Эһэм эппитэ: «Түҥкэтэх үрэҕи туттаххына кини арҕааттан илин сүүрэ сытар Киэҥ Кэллээмэ өрүскэ түһүөҕэ. Онно туматтар бааллар, кинилэргэ тиийэн мин биибин Арчикаан хоһууну бул. Кини эйиэхэ көмөлөһүөҕэ», – диэн. Мин ол Арчикаан хоһууну көрдүүбүн.

Бу сырыыга ортоку олорор оҕонньор көхсүн этиппитэ, эһэтин тириитигэр иэҕэҥнээн ылбыта.

– Ол Бакамда хоһуун биитэ Арчикаан хоһуун диэн мин буолабын, – диэбитэ оҕонньор уонна икки өттүнээҕи дьонун ыйаттаабыта. – Оттон бу Мэлмэнэй уонна Илээҥки ичээн диэн буолаллар. Кырдьык, биһиги Бакамдалыын үгүс хаардар анараа өттүлэригэр арахсан турабыт. Киниттэн Өксүөннээх Өлөөн былаһын тухары аатырбыт Үрэн хоһуун диэн үтүө киһи төрөөбүтүн истибитим. Эһэҕин Бакамданы уҥуох тутан кэллиҥ дуо?

Даҕанча төбөтүн төҥкөппүтэ.

– Бэйэтин баҕатын курдук уҥуох туппутум.

Холомо иһигэр сахсырҕа саҥата иһиллэр уу чуумпута буолбута. Ким даҕаны өр кэмҥэ тугу да саҥарбатаҕа.

– Сөпкө гыммыккын. Ол аата дьиҥнээх тумат хаана эн тымыргынан сүүрэр эбит. Эһэҕин, мин инибин, үөҥҥэ сиэппэккэ өбүгэлэргэ ыыппытыҥ, дьэ, ол бэрт сөп.

– Оннукка туматтар эрэ тыйыс, модун санаалара тиийэр, оннукка дэлэбинэ омук ычата тиийбэт, – суон оҕонньор Мэлмэнэй эмиэ хайҕаабыта. – Инньэ гынан таптыыр, ытыктыыр да дьоннорун хаарга-самыырга хаалларан, сиргэ-буорга көмөн, сытытан үөн-көйүүр аһылыга оҥорооччулар.

Даҕанча туох да саҥата суох истэн турбута.

– Бу мин уолум Дьэрбэ хоһуун диэн, – кини Даҕанчаҕа аан бастаан холомоҕо киирбит, аттыгар турар үрдүк уҥуохтаах киһини ыйан көрдөрбүтэ. – Кини туматтарга Үс Бэлиэлээх хоһуун. Үрэн хоһуун уола Даҕанча, биһиги хоһуун оҥостоору гыммыт киһибитин олус дэбигис боҕутуннарбыккыттан көрдөххө, бэрт дьороҕой туттуулаах, дьолуолаах табаҕайдаах эбиккин. Ким эйигин итиннэ үөрэттэ?

– Эһэм Бакамда.

– Ол иһин даҕаны, мин кини дьолуолаах туттуутун эндэппэккэ сэрэйбитим…

Арчикааны суон Мэлмэнэй быһа түспүтэ:

– Биһиги, туматтар, куруутун кыргыһабыт, биһиги үтүө хоһууннары бэйэбитигэр сыһыаран илдьэ сылдьааччыбыт.

– Бу Киэҥ Кэллээмэ өрүскэ үгүс хоһууннаах, үгүс дьонноох биис ууһа кыайар уонна баайы-дуолу ылар, – Илээҥки кинини бигэргэппитэ.

– Ол иһин куруутун дьон тардыһабыт: ким биһиэхэ хоһуун буолуон баҕалаах хорсун сүрэхтээҕи биһиги хоһуун гынабыт. Эн биһиэхэ хоһуун буол.

– Туматтар сарсын эн аҕаҕын өлөрбүт тоҥ биистэргэ бараары оҥостон олоробут, онно эн барыс.

Арчикаан икки өттүгэр олорор оҕонньоттор Даҕанчаны хоһуун гынаары хаайан барбыттара. Кинини саҥата суох тонолуппакка одуулаан олорор Арчикааны көрөн баран:

– Сөп, барсабын, – диэбитэ Даҕанча.

– Эн аҕаҕын Үрэн хоһууну умсарбыт тоҥ биистэр Киэҥ Кэллээмэ эбэ хотун сүнньүгэр буур тайах буолан айаатаатылар, хардаҥ эһэ буолан часкыйдылар. Кинилэртэн ордук ким да суоҕун курдук туттуннулар, наһаа сананнылар. Туматтар ону тиийэн суртарын суулларан, уоттаран умуруоран, баайдарын илдьэ кэлиэхтэрэ.

Ол кэнниттэн Илээҥки ичээн сааһыгар сөбө суох чэпчэкитик ойон турбута, тула турар туматтары соруйбута. Туттуута-хаптыыта сыыдамсыйбыта.

– Чэйиҥ эрэ, котокулар! Саҥа киһини хоһуун оҥорорго холоон көрүөхпүт. Илээҥки ичээҥҥэ этиҥ. Тэрили бэлэмнээҥ.

Холомоҕо киирбит туматтар тахса ойбуттара. Даҕанча боҕутуннарбыт хоһууна быһыта көтүтэлээбит үс өркөннөрүн иккистээн чиккэччи тардан баҕаналарга баайбыттара. Даҕанчалааҕы буоллаҕына оннуларын атастаһыннаран, охтубут хоһууну өркөн анараа өттүгэр, оттон уолу буоллаҕына холомоҕо киллэрбиттэрэ. Араан оннугар суон баҕана турара, онно таба маамыктатынан чороччу кэлгийэн кэбиспиттэрэ. Илээҥки ичээн бэйэтигэр сөбө суох улахан дүҥүрү охсон дирбийэ-дирбийэ, туос тордуйаҕа кутан аҕалан Даҕанчаҕа тугу эрэ иһэппитэ. Ичээн иһэрдибит убаҕаһа тэллэйтэн оҥоһуллар, киһини өйүттэн таһаарар, көннөрү илэ өйүнэн сылдьар киһи оҥорбот, хоһуун бастакы харса суох хорсун быһыытын оҥорторор утах буоларын уол билбэт этэ. Балык салыҥын курдук, хойуу сыыйыллаҕас убаҕаһы иһээт, Даҕанча эмискэ титирии-дьигиһийэ түспүтэ, уҥуох-уҥуоҕа босхо барбыта, уоһа ыпсыбат буолбута. Илээҥки ичээн дүҥүрүн оҕустаҕын аайы кини тыаһа этин сааһынан киирэн кычыгылатара, уҥуох уҥуохтара барыта кыйара. Даҕанча хамсыан-имсиэн, сүүрүөн-көтүөн баҕарара. Ол иһин, илимҥэ иҥнибит сордоҥ курдук, өрө мөхпүтэ, айаҕыттан күүгэн тахсыбыта. Онуоха икки эр бэртэрэ уол кэлгиллэн турар маамыктатын быһаҕынан быһа баттаабыттара, илиитигэр үҥүү туттарбыттара. Даҕанча, эмиэ бастакы хоһуун курдук, кылана-кылана, өрүтэ көтүөлээн холомоттон ыстанан тахсыбыта, күөнүнэн үс өркөнү сытыйбыт тирбэҕэлии быһыта түспүтэ. Сүрэ тостон, өлөргө ананан утарылаһа соруммакка өһөн турар киһини үҥүүтүнэн өтөрү түспүтэ. Кыа хаан ыһылларын кытта сэлэлии бэлэм турбут тумат хоһууннара, кыргыстарын сэбин хааннаатахтара аатыран, өлбүт киһини үҥүү-батас аһылыга оҥостуммуттара. Хоһууннар ити туттууларын өйдүүр-өйдөөбөт өлбөөдүччү көрөн турбахтаан баран, сэниэтэ суох охтон түспүт уолу Арчикаан холомотугар илпиттэрэ.

Ол кэнниттэн туматтар бары түһүлгэҕэ тахсан кутаа оттон, ону тула хааннаах үҥүүлэрин өрүтэ анньа-анньа кыргыс үҥкүүтүн үҥкүүлээбиттэрэ, илбис ырыатын ыллаабыттара.

 
Тунаах мудан!
Тунаах мудан!
Аас күдэрик!
Аас күдэрик!
Көҥдөй охпут көччүйэр
Күүрүүлээх илбис күннэрэ үүннүлэр.
Кыырыктаах үҥүү кыдьыгырар
Кырыктаах кыргыс сахтара кэллилэр.
Тунаах мудан!
Тунаах мудан!
Аас күдэрик!
Аас күдэрик!
Туман курдук халыйар
Тумат омук диэн биһиги буолабыт.
Тоҥ биистэри торутуохпут,
Тордохторун суулларыахпыт, суох гыныахпыт.
Тунаах мудан!
Тунаах мудан!
Аас күдэрик!
Аас күдэрик!
Урут тэгэчэн эмиэ!
Урҕа дьэргэл эмиэ!
Сүндү үйэн сулгур
Обот чанчыыл таталҕа!
Тунаах мудан!
Тунаах мудан!
Аас күдэрик!
Аас күдэрик!
 
* * *

Сарсыҥҥытыгар намыһах былыттаах буһурук күн үүммүтэ. Кыһыл таҥастаах хоһууннар таас куоллараанынан үөһэ тахсан, тыа иһигэр киирэн хаалбыттара. Кинилэр баралларын кытта холомолор бачыгыраан турар кырдаллара кураанахтана түспүтэ, уу чуумпу сатыылаабыта. Холомолорго хаалбыт оҕолор, дьахталлар ылы-чып барбыттара.

Ортоку улахан холомоҕо соҕотоҕун тыстаах баттахтаах эһэтин тириитин үрдүгэр Арчикаан оҕонньор тиэрэ түһэн сытан арааһы саныыра.

Хаһан эрэ бэрт өрдөөҕүтэ соҕуруу сырылас куйаас дойдуттан туралларын саҕана, бука, киҥ-хаан маннык хойдо, өһүөннээх өһөх маннык оргуйа илигэ эбитэ буолуо. Туох модун күүс кинилэри төрөөбүт-үөскээбит төрүт ордууларыттан ылан хоту бырахпытын кини билбэт. Ол эрээри сиртэн сиргэ көһөн хоту сыҕарыйан истэхтэрин аайы күннэрэ кылгаан, түүннэрэ уһаан иһэрин курдук кинилэр улам киэҥ көҕүстэрэ кыараан, саныыр санаалара татыарыйан иһэрэ. Буолумуна даҕаны, уһуну-киэҥи өйдөтө барбат, айахха угар, санныга таҥнар күннээҕи кыһалҕа барыны күлүктүүрэ.

Бука, ол да иһин эбитэ дуу, Мэлмэнэйдээх Илээҥки киксэриилэрин итэҕэйэ охсон, инитэ Бакамда Чэмпэрэ өлбүтүттэн киниэхэ кыыһыран, бэрт аҕыйах дьонноох арахсан хоту Өксүөннээх Өлөөҥҥө түспүтэ.

Чэмпэрэ уонна Бакамда суох буолалларын кытта, Мэлмэнэйдээх Илээҥки дьоҥҥо истэригэр саһа, баттана сылдьыбыт хара дьайы уһугуннарбыттара: босхо атын дьон баайыгар-дуолугар, аһыгар-үөлүгэр иҥсэ туматтар түөлбэлэрин кууспута. Ыаллыы олорор биистэри кытта урукку курдук сыһыан аны уурайбыта, кыргыһыыгаөлөрсүүгэ кубулуйбута – туматтар дьону булт гынан барбыттара, баайдарын-дуолларын булумньу гынан үллэстибиттэрэ. Киэҥ Кэллээмэ эбэ хотун үүт тураан олоҕо үрэллибитэ, охсуһуу-этиһии олохтоммута. Ким да кими да эрэммэт-итэҕэйбэт буолбута.

Арчикаан кырыйда, кини тугу да гынар кыаҕа суох, ону өһөн эрэр харахтарынан одуулуура эрэ. Икки оҕуруктаах санаалаах оҕонньоттору кытта уола Дьэрбэ утарылаһар кыаҕа суоҕа. Даҕанча кэлиитэ киниэхэ урукку, кичимэ санаатын уһугуннарбыта: икки эдэр хоһууннар Дьэрбэлээх Даҕанча эмиэ урукку кини Бакамда курдук, Мэлмэнэй иҥсэтигэр, Илээҥки уодаһыныгар эдэр-чэгиэн өйү-санааны сатаан утары туруоруохтара буолуо дуо? Туматтар олохторун хааннаах ыллыктан туоратыахтара дуо?

Уу чуумпу ортотугар сэргэстэһэ уҥа диэки турар холомоҕо тугу эрэ оҕо ийэтиттэн ыаһыйалаһан ыйытар хатан саҥата Арчикаан санаатын быһан кэбиспитэ.

– Ийээ, тоҕо кыһыл соҥҥун кэттиҥ?

– Дьоммут булуулана бардылар, суохтар. Кинилэри солбуйаары.

– Ийээ, тоҕо алаҥаалаах нимчикаҕын ыллыҥ?

– Дьоммут суоҕар тыыммытын мананаары.

Хаҥас холомоттон атын оҕо ытыыр саҥата иһилиннэ.

– Ийээ, ийээ, өссө аһыам этэ, топпотум.

– Дьоммут ас аҕаллахтарына, оччоҕуна тото аһыахпыт. Тулуйа түс.

– Дьоммут хаһан кэлиэхтэрэй?

– Сотору.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации