Электронная библиотека » Василий Яковлев » » онлайн чтение - страница 6

Текст книги "Тулаайах оҕо"


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 10:21


Автор книги: Василий Яковлев


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 6 (всего у книги 27 страниц) [доступный отрывок для чтения: 9 страниц]

Шрифт:
- 100% +
Алакыы! Алакыы!

Ньырбачаан уһукта биэрбитэ, тордох иһэ ытыһы таһыйар ыас хараҥа этэ. Таһырдьа кимнээх эрэ үөр таба курдук сырсан тигинэһэллэрэ, өрүһүспүттүү тугу эрэ саҥаран ньамалаһаллара. Убайын харбыалаан көрбүтэ – сыппыт оннугар суоҕа, тыаһыттан иһиттэҕинэ, тура охсубут.

– Ити тугуй? – Ньырбачаан куттаммыттыы сибигинэйэн убайыттан ыйыппыта.

Убайа Ньырбачаан эһэ даппытын кытта биирдэ түүрэ харбаан ылбыта, бобо кууһан туран сүүһүттэн сыллаабыта.

– Өстөөхтөр кэллилэр, хамсаабакка да, айдаарбакка да саһан сыт, – диэбитэ кыыс кулгааҕар уонна били тоҕус буур тириитин тэлгээн бэлэмнээбит умуһаҕар уган баран хаппыт тайах тириитинэн саба тарпыта. Онтон кэтит сытыы котокоонун лыҥкыр гына субуйа тардан ылаат, кыыртыы саҥарбытынан таһырдьа ыстаммыта.

Ол икки ардыгар тордохтор тастарыгар айдаан-куйдаан, тыас-уус сүрдэммитэ: дьон сырсан тигинэһэр атахтарын тыаһа, аҕылаһыы-ынчыктаһыы, дьахтар айманыыта, оҕо ытаһыыта айааны толорбута. Ол айдааны баһыйан, убайын Өрөгөчөй эрчимнээх саҥата иһиллэн ааһара:

– Үҥкээн! Сахсаа! Чугуйумаҥ! Сэкинэ, Алымдьы! Манна миэхэ кэлиҥ! Дэбэҥдэ! Сиэн хааһыгар!

Убайын саҥата ханна иһиллэр да онно котокооннор тимиргэ охсуллан лыҥкыныыллара, дапсы лабыргыыра күүһүрэ түһэрэ.

– Кытаатыҥ! Кытаатыҥ! Тордохтортон киэр үүрүҥ! – түргэн саҥалаах Сахсаа кутааланара.

– Кэрдэн ис, үөрэҕэстээ! – күүстээх Чымпа лиҥкиниирэ уонна маһы кэрдэрдии, ынчыктыы-ынчыктыы саха ууһа оҥорбут кэтит улахан батаһынан тугу эрэ кырбаан ньиллиргэтэрэ иһиллэрэ. Кини курдук күүстээх киһи бу тордохторго суоҕа. Мэлдьитин кыайыылаах тахсар буолан эбитэ дуу, кини охсуһууну-өлөрсүүнү олус сөбүлүүрэ.

Хабыс-хараҥаҕа тордохтор быыстарынан сырсыакаласпыт өстөөхтөр хаһыылара-ыһыылара арыый аҕырыырга дылы гыммыта, тордохтортон тэйэ быһыытыйбыттара. Кинилэр саҥаларыттан Ньырбачаан биир да тылы өйдөөбөтөҕө. Таһырдьа иһиллэр үгүс ньамалас саҥа быыһыгар сотору-сотору били кини уутун уйгуурпут суордуу кыланыы иһиллэн ааһара. Түүнү быһа халаахтаабыт суордара дьиҥнээх суор буолбатах, өстөөхтөр бэйэ-бэйэлэрин ыҥырсар, бэлиэ биэрэр саҥалара буоларын Ньырбачаан билбитэ. Ол да иһин Ойуу Нэлэкэ ойуун «хара суор халаахтаатаҕына хаан тохтуо» диэн сэрэппит эбит буоллаҕа. Өрүс баһыттан сөп буола-буола, туман үллэрин курдук, өрө үллэн кэлэр үгүс ахсааннаах тумат омуктар буоллахтара. Дьоно кинилэртэн ордук сэрэнэллэрин, дьаахханалларын Ньырбачаан билэрэ. Кини онтон этэ саласта, ордук салынна.

– Кытыы тордоҕу! Кытыы тордоҕу! – диэн кытыы тордохторго олорор Бырана убайа Амытты уол хаһыырбыт саҥата иһиллибитэ.

– Амытты, тохтоо! Төнүн! – Өрөгөчөй буойар саҥата иһиллибитэ.

Ол кэнниттэн өр буолбатаҕа, өлөр кыланыы тыа баһын сатарыппыта, ону кытта тэҥҥэ өстөөхтөр өрөгөйдүүр саҥалара ньиргийбитэ.

– Алакыы! Алакыы!

– Соҕотоҕун баран былдьаннаҕын, – диэбитэ Ойуу Нэлэкэ самныбыт саҥата.

– Оҕолорун, дьонун быыһаары өлөөхтөөтө, – ким эрэ киниэхэ хардарбыта.

– Бары бииргэ тутуспутунан сылдьыҥ! Быстыһымаҥ! – Өрөгөчөй дьонун дьаһайбыта.

Айдаан-куйдаан, суор кыланыыта, кыырт мохсоҕол чаҥырҕааһына илин сиэн үрдүн диэки сыҕарыйбыта. Өстөөхтөр Өрөгөчөйдөөх сиэнинэн чугуйар аартыктарын быспыт быһыылаахтара. Туматтар саҥалара кырдалы биир гына иһиллэрэ. «Өстөөхтөр олус да үгүстэр быһыылаах», – дии санаабыта Ньырбачаан. Кини дьоно кыайалларыгар таҥараларыттан Кыырт Мохсоҕолтон көрдөһө сыппыта.

Онтон чочумча айдаан, хаһыы-ыһыы намтыы быһыытыйбыта. Өстөөхтөр бардылар диэн кыыс үөрэ санаабыта. Ол икки ардыгар халлаан арыый суһуктуйбута. Тордоххо убайа көтөн түспүтэ. Кини уҥа иэдэһэ биилээҕинэн туора быһа сотуллубут этэ гынан баран, тохтубут хаана хатан, билигин сиикэй эт ырбайа сылдьара. Убайын мэлдьитин көрсүө, сымнаҕас харахтара охсуһууттан өрүкүйбүттэр, туттара-хаптара олус сыыдамсыйбыт этэ. Ыстанан киирэн муннукка турар мас кытахтаах ууну харбаабыта уонна таҥалай ойуулаах саҕынньаҕын түөһүгэр дьалкыта-дьалкыта, иҥсэлээхтик ыйырбахтаабыта.

– Убаай, бардылар дуо? – Ньырбачаан, тайах тириитин быыһыттан төбөтүн быктаран сытан, сибигинэйэн ыйыппыта.

– Суох. Айдаарыма, хамсаабакка сыт, – диэбитэ убайа уу иһэрин быыһыгар дириҥ-дириҥник эҕирийэн тыына-тыына. – Куттаныма, кыайтарыахпыт суоҕа.

Ол икки ардыгар таһырдьа эмиэ айдаан хойдо түспүтэ. Бэрт чугас дапсылар тыастара лабырҕаспыттара, соллоҥноох охтор тордоҕу уҥуордаан чыыбырҕаспыттара. Биир сара куорсуннаах быыра ох Өрөгөчөйү сиирэ-халты ааһан, уота хайыы үйэҕэ умуллубута ырааппыт арааҥҥа быһаҕаһыгар диэри батары сааллыбыта.

Убайа, тутан турар кытаҕын быраҕаат, толору охтоох нимчикатын харбаабыта, котокоонунан тордох ураатын быһа саайбыта уонна таһырдьа ойбута. Тордох сууллан ньим гына түспүтэ, Ньырбачаан сытар умуһаҕын иһигэр им-балай хараҥа буолбута.

Ньырбачаан иһиттэҕинэ, кыдыйсыы-өлөрсүү уруккутунааҕар өссө сытайбыта. Өстөөхтөр эбии үксээн, үллэн кэлбиккэ дылы буолбуттара: кинилэр кыланыылара сир аайы иһиллэрэ. Бу сырыыга айдаан ордук тордохтор илин өттүлэригэр, сиэн тахсар аартыгын диэки сүрдэммитэ. Онно Ньырбачаан дьүөгэтэ Ниччалаах бааллара. Ничча эмиэ мин курдук саһа сыттаҕа, төһө эрэ куттанаахтаата диэн санаа кыыс кыракый төбөтүгэр күлүм гынан сүттэ.

Кыргыһыы айдаана тула өттүттэн улам-улам тумул үөһэ турар үс холомоҕо – Өрөгөчөйдөөххө, Ойуу Нэлэкэҕэ уонна Чымпаҕа чугаһаан испитэ.

Тоҥ биистэр охсуһууга үөрүйэх этилэр. Мэкчэ хоһуун тыыннааҕар эр дьон сайын үгүстүк ыраата барыталыыллара уонна бэрт өлгөм булумньулаах эргиллэн кэлэллэрэ. Онно килбэчигэс, тимиртэн оҥоһуллубут сэрии сэбэ-сэбиргэлэ, эҥин араас Ньырбачаан хаһан да көрбөтөх иһиттэрин-хомуостарын, таҥастарын-саптарын аҕалталыыллара. Сороҕор олус санаарҕаабыт, ытаабыт-соҥообут, тылларын киһи өйдөөбөт эдэр кыргыттары, сыыдам табалары мииннэрэн аҕалаллара уонна биир эмэ кэргэнэ суох киһи тордоҕор угаллара. Ньырбачаан уонна Ничча ийэлэрэ оннук кэлбиттэрэ үһү. Быыс эрэ буллаллар кинилэр Ниччалаах тордохторугар тахсан Ньырбачааннаах билбэт тылларынан бэрт уһуннук тугу эрэ кэпсэтэллэрэ. Бука, хаһааҥҥыта эрэ эмиэ маннык киирсиигэ тоҥ биистэр өрөгөйдөөбүттэрэ эбитэ буолуо.

Охсуһуу дьалхааннаах миҥэтэ бу сырыыга тоҥ биистэри түҥнэри халбарыйбыта. Төһө да хорсуннук охсусталлар, тула оргуйар хаһыы улам бэргээн, тоҥ биистэр тордохторун бииртэн биир мэлитэн испитэ, арҕаа кытыыга, ордук кутталлаах сиргэ турар Алымдьы тордоҕун таһыгар аан бастаан айдаан күөстүү үллэн иһэн ах барбыта. Кини кэнниттэн Сэкинэ, Ампэрэ, Хопоо тордохторун таһыгар тыас-уус улааппыта. Ньырбачаан мэлдьитин бииргэ оонньуур доҕорун Ньөөкүнү олус аһыммыта: охсуһууну-этиһиини сөбүлээбэт, саҥата суох, көрсүө, өрө сыҥа-сыҥа оҕолор кэпсээннэрин иһиллэһэн тахсар уолчаан билигин төһө эрэ куттанан эрэр. Ньырбачаан Ньөөкүнү биирдэ эмэ оройго лос гыннаран да кэбистэҕинэ, кини ытаабат, охсуһа, үҥсэ барбат буолара. Арай лэҥкэллибит халтаҥ төбөтүн охсуллубут сирин тарбанан кэбиһэрэ уонна тоҕо оҕустуҥ диирдии, ып-ыраас саһархай харахтарынан, туох да буолбатаҕын курдук, утары көрөрө. Ньырбачаан кинини утарса барбатын, үҥсүбэтин иһин сөбүлүүрэ, уолҕамчытыттан алҕас охсубут буруйун сабынаары, убайа оҥорбут оонньууруттан сыҥалыыра. Ол билигин кини хайдах сытаахтаата буолла?

Арҕаа эҥээргэ кыырт чаҥырҕааһынын суор кыланыыта улам баһыйан испитэ. Сахсаа кутааланар саҥата мэлийбитэ. Убайын Өрөгөчөй саҥата сиэн диэкиттэн иһиллэрэ. Соҕуруу өрүс уонна хоту күөл кытыыларыгар тордохтоох хара бэкир Дулҕан, нүксүгүр уонна намыһах Какааны хаһыылара убайын саҥатыгар кыттыспыта. Ол онно, хаһыы иһиллэр сиригэр, сиэн үрдүгэр турар Ниччалаах тордохторугар Ньырбачаан оонньуу күн аайы тиэстэрэ. Кыргыттар эт саастыы уонна ийэлэрэ биир уус буоланнар бииргэ улааппыттара. Кинилэр уу баһа таарыйа сиэҥҥэ тааһы тамныыллара, үчүгэй күҥҥэ киирэн сөтүөлүүллэрэ.

Сиэнинэн илинтэн киирбит туматтар олус үгүс быһыылаахтара, ыһыылара-хаһыылара тоҥ биистэри быдан баһыйбыта. Оо, Ничча төһө эрэ куттанан эрэр! Бэйэтэ да олус куттаҕас, олус уйан этэ. Кини ханнык да кыылы, үөнү-көйүүрү өлөрөрү сөбүлээбэтэ. Аҕата Үҥкээн таба-тайах, саһыл-бөрө өлөрөн кэллэҕинэ олус аһынара.

Котокооттор тимиргэ охсуллан лыҥкыныыллара, дапсы тыаһа лабыргыыра, соллоҥноох охтор чуубурҕаһаллара. Тоҥ биистэр бастыҥ ытааччылара Бакаана дапсыта тыаһаатаҕына, үөрсэн саҥа аллайаллара. Ол гынан баран туматтар күрүс-күрүс үллэн кэлэр күүгээннэрэ, кинилэр суордааһыннара Кыырт Мохсоҕол саҥатын тумнарар хойуу этэ, Ньырбачаан дьоно, бадаҕа, сиэн таһыттан эмиэ ортоку үс тордох турар тумулугар чугуйдулар.

Ньырбачаан тулуйарын-тэһийэрин ааспыта. Кини бу итии, киһи тыына-быара хаайтарар хараҥа ииҥҥэ тугу да гыммакка, аҥаардас истэ сытыан баҕарбата. Кини иинтэн ойон тахсыан, бу куттал суоһуур, өлөр өлүү кууспут тумулуттан икки кулгааҕын саба туттан, атах мэнээк куотуон баҕата улахана. Оччоҕо кини бу тыын быстар хаһыытын-ыһыытын истиэ суоҕа этэ. Саатар иккиэ эбиттэрэ буоллар! Таһынааҕы тордоххо эмиэ саһан сытар Богдууга хайдах эмэ таҕыстар. Богдуу оҕолортон улаханнара уонна эр сүрэхтээхтэрэ этэ. Ол эрээри убайа умуһахтан тахсарын буойбута. Ньырбачаан убайын куруутун да сымнаҕас, көрсүө сирэйэ бу түүн курдук тыйыһырбытын, саҥата кими да утары этиппэттии эрчимнэммитин уонна улааппытын билэ илигэ.

Онтон соҕотохто тилэх тыаһа ньиргийбитэ. Ньырбачааннаах тордохторун таһыгар дьоннор сырсан кэлбиттэрэ. Үс тордоҕу тула сырсан тигинэспиттэрэ. Ньырбачаан убайым кэллэҕэ дии санаан эрдэҕинэ, эмискэ тордох адьас чугаһыгар хатан, чаҥкынас туора саҥа:

– Алакыы! Алакыы! Алакыы! – диэн суордуу кыламмыта. Ону аллара бэрт үгүс киһи хабан ылбыта.

– Алакыы! Алакыы! Алакыы! – айааны толорбута.

Эмиэ тордохтор быыстарынан дьон сырсан аҕыласпыттара, котокооттор бэйэ-бэйэлэригэр охсуллан лыҥкынаспыттара.

– Сымыйаҕыт!.. Кыайыаххыт суоҕа! – Богдуу аҕата Чымпа саҥата иһиллибитэ. Ол эрээри билигин кини саҥата урукку тэтимин сүтэрбит этэ, тохтуу-тохтуу ынчыктыырга маарынныыра. Тордох таһыгар баччыктаһыы, ынчыктаһыы, Ньырбачаан ыксаабыта, убайбын өлөрбүт буоллахтара дии санаан эрдэҕинэ, Өрөгөчөй саҥата адьас субу иһиллибитэ:

– Кэлиҥ, кэлиҥ манна! Тордохтор тастарыгар!

Кини хаһыытыгар тоҥ биистэртэн ким да хардарбатаҕа. Быһыыта, тэҥэ суох хапсыһыыга тоҥ биистэр бары охтубуттар этэ. Ол оннугар тордохтор тула өстөөхтөр хаһыылара өрө оргуйа түспүтэ, убайын саҥата онно тимирбитэ.

Туматтар айдаарар, хаһыытыыр кэмнэригэр убайа Ньырбачааҥҥа түргэн-түргэнник сибигинэйбитэ:

– Балтым Ньырбачаан! Мин этэрбин болҕойон иһит! Өстөөхтөр утуйдахтарына, үөмэн тахсан, сиэн устун өрүскэ киирээр. Сиэн төрдүгэр мин туос тыым турар, онно олорон өрүһү таҥнары устаар… Улуу өрүскэ түһэн, өрө өксөйөөр. Онно бааллар киэҥ хонуулар, үгүс дьоннор… Кинилэргэ тиийдэххинэ өлүөҥ суоҕа этэ. Балтычааным оҕотоо, быдан дьылларга быралыйа арахсар буоллубут…

Ол икки ардыгар уонунан атах тумулу өрө саба сырсан тахсар тыастара тибигирэспиттэрэ. Тордохтор тастарыгар эмиэ мучумаан буолбута. Омуктар суордуу кыланыылара эмиэ айаан үрдүнэн сатараабыта:

– Алакыы! Алакыы! Алакыы!

Ньырбачаан умуһаҕын иһигэр тайаҕын тириитигэр саба түспүтэ уонна саҥа таһаарбакка ытаан кырыылаах, чараас сарыннарын дуома дьигиҥнии сыппыта.

Өрөгөйдөөбүт өстөөхтөр өргө диэри үөрүүлээх хаһыылара айаан үрдүнэн сатараабыта. Бэйэ-бэйэлэрин ыҥырсан хаһыытаһаллара. Ол быыһыгар бааһырбыт дьон ынчыктыыра иһиллэрэ.

Туматтар суордуу балачча кыламмахтаан баран, атахтарын тыаһыттан иһиттэххэ, тордохтору кэрийтэлээбиттэрэ, бадаҕа, кыргыһыыттан орпут дьону тордохтор истэриттэн үүртэлээн таһырдьа таһаараллара, дьахталлар, оҕолор ытаспыттара, аймаммыттара. Ньырбачаан аны миигин эмиэ булуохтара диэн олус ыксаабыта. Тайах тириилэрин быыһыгар кыбыллан сытан кини куттанан сүрэҕэ айаҕынан тахсыахтыы күүскэ тэппитэ. Утаакы буолбатаҕа, биир ыар атах тыаһа лиһиргээн кэлэн, үҥүү төбөтүнэн сууллубут тордох үрүөлэрин арыйа тардыталаан көрбүтэ. Ньырбачаан кутталыттан икки хараҕын быһа симмитэ, икки илиитинэн кулгаахтарын сыыһын саба туттубута уонна умуһаҕын муннугар сыстыаҕынан сыстан баран, мэктиэтигэр тыыммакка сыппыта.

Кини ол курдук төһө уһуннук сыппытын бэйэтэ да билбэтэҕэ. Арай хараҕын аспыта, умуһаҕын биир муннугунан сырдык халлаан урсуна кылайан көстүбүтэ. Өстөөх били үҥүү төбөтүнэн силэйтэлииригэр тордох тириилэрин сыҕарыппыт этэ. Ол гынан баран умуһаҕы көрбөккө ааспыт быһыылааҕа. Ньырбачаан илиилэрин кулгааҕыттан араарбыта, тыас-уус чуумпурбут этэ. Тула өттүн балачча иһиллээмэхтээн баран Ньырбачаан арыый өндөйөн сырдык урсуна көстөр сирин диэки, тыаһаабатарбын ханнык диэн бэркэ сэрэнэн, сыҕарыйбыта. Тайах көп түүлээх тириилэрэ сымнаҕас уонна тыаһаабат этилэр. Ол курдук сэрэниин-сэрэнэн кыыс хара баттахтаах кыракый төбөтүн сууллубут тордох ураатын быыһынан, кыра да куттал сибикитэ билиннэҕинэ тута төттөрү түһэрдии туттан, таһырдьаны өҥөйөн көрбүтэ. Күн хайыы үйэҕэ лиҥкир тиит мастардаах арҕааҥҥы тыа баһыгар түһэн эрэрэ. Күлүктэр уһаан сыһыыны дьураалыы барыспыттар. Чугаһынан биир да имириир тыастаах көстүбэт буолбут. Ньырбачаан харахтарыгар быраҕылла түспүт көстүүнү олус атыҥыраабыта: кини көрө үөрэммит кырдала, онно кэккэлэспит тордохторо букатын атын көрүҥнэммиттэр – тордохтор тастара билигин, ханнык да тыынар тыыннаах суоҕун, хаһан да олоро сылдьыбатаҕын курдук, иһийэ чуумпурбут, бэйэлэрэ буоллаҕына, улуу силлиэ түспүтүнүү, иҥнэри-таҥнары барбыттар. Кинилэр тордохторун кытта сэргэ турбут Ойуу Нэлэкэ уонна Чымпа тордохторо сууллубуттар, үлтү тэпсиллибиттэр, тоһута сынньыллыбыттар.

Түүнү быһа Ньырбачаан уйулгутун көтүппүт суорун кыланыыта эмискэ иһиллибитэ. Кыыс дьик гына түһээт, умуһаҕар тимис гыммыта. Онтон хаһыы тэйиччитин өйдөөн, эмиэ аргыый сэрэнэн, быган суор хаһыытыыр сирин диэки көрбүтэ. Ол көрдөҕүнэ били кинилэр – Ничча, Ньөөкү, Богдуу буолан саас аайы бастаан тахсар харалдьыкка оонньуур үс чаллах тииттэрин төргүү мутугар умайар уот кыһыл таҥастаах үс киһи тахсан олорон, соргу көтөҕөн, суордуу кыланаллара. Тииттэр тастарыгар кутаалар оттуллубуттар, тула дьоннор үөмэхтэһэллэрэ. Кураахтаах сааны сүкпүт кыһыл таҥастаах дьон уһун уктаах үҥүүнү өрүтэ уунаҕалыы-уунаҕалыы үҥкүүлээн, ыллаан айааран эрэллэрэ. Ньырбачаан көрдөҕүнэ кини дьонун – оҕолору, дьахталлары ньылбы үүрэн киллэрэн төгүрүктээн тураллара. Кыыс өстөөхтөр саҥаларыттан арай сотору-сотору:

– Алакыы! Алакыы! Алакыы! – диэн хаһыылара, суор кыланыытыныы, тыа баһынан иҥсэлээхтик дуораһыйарын өйдөөн хаалбыта. Ол тоҥ биистэр үҥкүүлүү сылдьан сөп буола-буола кыырт мохсоҕоллуу кыыбырҕаһалларыттан букатын атын, олуона, ордук иччилээххэ, киһи куйахата ытырбахтыыр суостаахха дылыта. Ньырбачаан куйахата күүрбэхтээбитэ, иэнэ кэдэҥнээбитэ.

Ньырбачаан ол идэмэрдээх хаһыыттан толлон, балачча уһуннук хамсаабакка, омуктар тугу гыналларын одуулаан турбута.

Эмискэ бөлөх дьон быыһыттан эриэн таба таҥастаах киһи мүччү ойон тахсыбыта да, тумултан аллараа өрүс диэки ыстаммыта. Ньырбачаан кинини эндэппэккэ билбитэ: ол Богдуу этэ. Уон үстээх-түөртээх Чымпа уола оҕолор ортолоругар кытыгыраһынан, булчутунан саҥа аатыран эрэрэ. Куоппут уолу кэнниттэн кыһыл таҥастаах өстөөхтөр эккирэппитинэн барбыттара. Ол эрээри уол атаҕынан барыларын быдан баһыйбыта, атан, уһулу түспүтэ. Онуоха омуктар, ох сааларын сулбурута тардан ылан, ытыалаан субуйбуттара. Ньырбачаан доҕорун аһынан хараҕын саба туттубута, кини дапсылар лабырҕаһар эрэ тыастарын истибитэ. Эмиэ «Алакыы!» сатараабыта. «Таптахтара» дии санаат, Ньырбачаан хараҕын аспыта, Богдуу туруйалыы-туруйалыы өрүс кытыытыгар сүүрэн киирэн ууга түспүтэ. Бадаҕа, таптарбыт этэ. Өстөөхтөр сорохторо, охторун бэлэмнии туппутунан, уу кытыытыгар саба сырсан киирбиттэрэ. Атыттара буоллаҕына доҕотторун, суордуу хаһыытаан, киксэрэн биэрэ тураллара.

Куотуу

Куотарга саамай тоҕоостоох кэм кэлбитин Ньырбачаан этинэн-хаанынан билбитэ. Кини тыаһа-ууһа суох, аргыый аҕай сууллубут тордох ураатын быыһынан, сытар умуһаҕыттан сыыллан тахсыбыта уонна тумулга мустубут өстөөхтөргө көстүбэт гына, тордох нөҥүө өттүн диэки сыылбыта. Тордоҕун күлүгэр киирээт, туматтар көстүбэт буолбуттарыгар кини арыый эрдийбитэ. Баҕар, ким эмэ тахсан кэлээрэй диэбиттии Ойуу Нэлэкэ тордоҕун аанын көрөн ылбыта. Сууллан баран эндэрдии түспүт тайах тириитэ тордох аана, иччилэрин мэлдьэспиттии, кураанаҕынан мэндээриччи көрөн турара. Ньырбачаан, киһи орпотоҕун билэн, тордохтор урааларынан күлүктэнэн аргыый томтор нөҥүө өттүн диэки сыыллан испитэ. Кини томтор хааһыгар түһэн, сиэн диэки барыахтааҕа. Доҕотторунаан кини үгүстүк төттөрү-таары сырсыакаласпыт кырдалларын оллурун-боллурун, хас ыырын-ыллыгын биэс тарбах курдук билэрэ. Ньырбачаан, улахан булду – тайаҕы, эһэни бултаатахтарына астыыр кэтит мас дэпсини эргийэ көтөөт, амырыын көстүүгэ ыы муннунан анньылла түспүтэ. Кини иннигэр икки илиитин быластаан, саннын байаатыгар тиийэ түспүт ыас хара баттаҕа бураллан, баһын хантаччы быраҕан, убайа Өрөгөчөй хоһуун сытара. Бэрбээкэйигэр тиийэр уһун тайах тириитэ соно хаан билик буолбут этэ. Ньырбачаан, туох баар кутталын умнан, сарылаабытынан убайын үрдүгэр саба түспүтэ. Ол курдук убайын муус тымныы буолбут сирэйин сылаас хараҕын уутунан илитэ, ытыы-соҥуу сыппыта. Ньырбачаан сэниэтэ эстиэр диэри бэрт уһуннук ытаахтаабыта. Куруутун уйаҕас, кини хараастар кэмигэр таба харахтарын курдук көрсүө, сэмэй харахтарынан имэрийэрдии көрөр үтүө санаалаах убайа, балта айманыытыгар аны кыһаммакка, бороҥуйбут халлаан диэки чыпчылыйбакка көрөн, сыппытын курдук, хамсаабакка сыппыта. Ол икки ардыгар улам тула хараҥаран барбыта. Өрүс үрдүнээҕи томторго өстөөхтөр өрөгөйдөрө өссө күүһүрбүтэ. Ньырбачаан субу сытан убайа туох диэбитин өйдүү биэрбитэ. Кини убайа ыһыллыбыт баттаҕын хомуйа туппута, сирэйин-хараҕын илиитинэн соппута уонна нэлэкэйдэнэ быраҕыллыбыт тайах тириитэ сонун эҥээринэн, тоҥуо диэбиттии, саба тарпыта. Кыыс кыракый илиитэ убайын куругар иилинэ сылдьар быһаҕын тымныы удьурҕай угун харбаабыта. Кини ол тирии кыыннаах саха ууһа охсубут кэтит, улахан быһаҕын убайын куруттан сүөрэн ылбыта. Тоҥ биистэр үгэстэринэн, куруутун араарбакка илдьэ сылдьар кыалыктаах хататын хоонньуттан хостоон ылан, моонньугар кэтэн кэбиспитэ. Ол кэнниттэн убайын киэҥ-куоҥ сонунан кичэйэн бүрүннэри суулаабыта. Уонна өөр да өр, хаһан да умнубаттык убайын одуулаабыта. Арай эмискэ кини хараҕар убайа бэйэтиттэн араарбакка сылдьан күн аайы дьонтон кистээн чочуйан, тупсаран оҥорор муос кыысчаана көстө түспүтэ. Кини, быһыыта, убайын сиэбиттэн түспүт этэ. Кыысчаан туох да буолбатаҕыныы, уруккутунан, үҥкүүлээн өрө тэбэ сылдьара. Ньырбачаан ыстанан тиийээт, кыысчааны харбаабыта уонна олус синньигэс, оҕолор эрэ билэр уонна батан барар куолларааннарынан сиэн диэки сүүрэн баттаҕа сахсараҥныы турбута.

Аара Үҥкээн тордоҕо баара. Кини бүтүн этэ, ол эрээри аана аһаҕас турара. Ньырбачаан үөмэн кэлэн өҥөйөн көрбүтэ уонна аргыый доҕорун ыҥырбыта:

– Ничча, Ничча! Бу мин, Ньырбачааммын. Бааргын дуо?

Ким да киниэхэ хардарбатаҕа. Кыысчаан ону-маны өҥөҥнөөбүтэ: тордох иһигэр тугу да ордорбокко, өстөөхтөр барытын хомуйан илдьэ барбыттар этэ. Тордох ойоҕоһун буоллаҕына биилээҕинэн хайыта сыспыттар. Ньырбачаан доҕорун Ниччаны эмиэ хаан билик буолан кэбилэнэ сытарын көрүөм диэн ытырыктата санаабыта, хата дьолго, суоҕа.

Ньырбачаан, күлүк курдук, тыаһа суох талахтар быыстарынан элэс гыммыта, сиэҥҥэ түһэн, сиэни кыһалыы үүммүт талахтар быыстарынан улахан дьон суолун тумнан, оҕолор бэйэлэрэ сылдьар ыллыктарынан, сэрэнэн, тула өттүн чуордук кэтэнэ-кэтэнэ, аллараа өрүскэ киирэн испитэ. Кини бу ыллыгынан доҕотторун кытта туох да кыһалҕата суох үөрэ-көтө төһөлөөхтүк сылдьыбыта буолуой?! Оттон билигин кини хас хаамыытын ахсын бары тыастан куттана, дьигиҥнии иһэрэ. Талах иһигэр утуйбут чыычаахтар киниттэн соһуйан тирк гына көттөхтөрүнэ куйахата дыр гынаат, тохтуу түһэрэ, сэбирдэх быыһынан кутуйахтар сырсан тытыгырастахтарына куттанан иэнэ кэдэҥниирэ. Сиэн иһигэр талах быыһыгар тымныы, сииктээх, лаппа хараҥа этэ. Ол да гыннар Ньырбачаан күҥҥэ сүүстэ сылдьыбыт ыллыгынан биирдэ да халтымүччү тэбиммэккэ, биир да хаппыт лабааны тосту үктээбэккэ, түүҥҥү мэкчиргэтээҕэр тыаһа суох баран испитэ. Ол иһэн кини эмискэ тохтуу түспүтэ, сүрэҕэ айаҕар тахсыбыта: кулгааҕар дьон саҥата, атах тыаһа иһиллэргэ дылы гыммыта. Кыыс суон үөт төрдүгэр сыста түспүтэ уонна уһуннуук-уһуннук иһиллээбитэ. Бу сырыыга, туох да киһи дьиксиниэх тыаһа иһиллибэтэҕэ. Арай сиэн уута, тугу эрэ тулаайах кыыска сибигинэйэрдии, быыкаатык сүүрдэн кулдьугуруура. Талахтар быыстарынан түүҥҥү өрүс котокоон биитинии тымныытык килбэҥниирэ.

Кини убайа туос тыытын ханнык аппаҕа кистээн турарын үчүгэйдик билэрэ, чуо онно тиийбитэ. Дьолго, тыыны өстөөхтөр көрбөтөхтөр этэ. Көрбүттэрэ буоллар, ол туос тыы сыысчаанын тоҕута үктүүр туох дуоннаах буолуой?! Туматтар бөҕө, бытаан, нэс тыылара кыыл тириитэ буолара, түргэн сырыылаах түөрэккэй туос тыыны абааһы көрөллөрө. Ньырбачаан тыыга тиийэн баран, сэрэммиттии, ол-бу диэки көрбөхтөөбүтэ – чугаһынан туох да куттаныахха айылаах биллибэт этэ. Өрүс уутугар – аһаҕас сиргэ киириэн дьулайан, кини өссө хараҥа буоларын күүтэн, тыытын таһыгар чохчойон олорбохтуу түспүтэ.

Кыыс бу алдьархай ааҥнаабыт, сор суолламмыт дьулааннаах сириттэн куота охсуон баҕата олус этэ. Ол эрээри кини эһэлэригэр-эбэлэригэр, аҕаларыгар-ийэлэригэр бэрт үгүс сылларга тыыннаах буолар иһин охсуһуу иҥэрбит үөрэҕэ – сэрэхтээх буолуу Ньырбачаан этигэр-хааныгар эмиэ уһуктубута уонна уолҕамчы быһыыттан тохтоппута. Арай хараҥаран, чугастааҕы үөттэр биир кэлимсэ хара барыар буолбуттарын эрэ кэннэ, Ньырбачаан тыытын соһон уу кытыытыгар киллэрбитэ. Ол эрээри тыытыгар киирэн олорон баран өйдөммүтэ, эрдиитэ суоҕа. Кыыс эрдиитэ суох хайдах да өрүскэ устуллубатын билэрэ: көрбүт өстөөх кинини тутан ылыахтааҕа, бастакы харгы тыыны түҥнэри охсуохтааҕа. Эрдиини көрдүүргэ тиийиллибитэ да, бачча хараҥаҕа хантан булар. Ньырбачаан түөрт атах буолан үөттэр төрдүлэрин тахсан харбыалаабыта. Хараҥарарын күүтэн син балачча олорбута ээ, ол онно эрдиитин булунан кэбиспэтэҕин! Бачча тыылаах буолан баран өстөөхтөртөн кыайан куотар кыаҕа суоҕуттан кыһыйан кыыс ытымньыйан ылбыта. Бэйи, аны итинник кыра суоллартан иҥнибэт гына эрдэттэн толкуйдуур буолуо. «Чэ, кэбис, эрдиини буларбыттан аастаҕым, саатар мутугунан эрдинэн баран көрүөм», – дии санаан кыыс, синньигэс үөт лабаатын булаары, үөһэ харбыаласпыта. Үөттэр лабаалара, кыһайбыт курдук, бары суон, модьу, эрдии гыныахха сөбө суох буолан испиттэрэ. Онтон, дьэ, биир сөптөөх лабааны харбаабыта. Арай быһаҕын ылан быһыах буолбута, лабаата босхо тиийэн кэлбитэ. Көрбүтэ – эрдии буолан биэрбитэ. Убайа эрдиитин үөттэр лабааларын быыһыгар кистии уурбутун булан ылбыт этэ! Ньырбачаан тыытыгар сүүрбүтэ.

Ньырбачаан, тыытыгар олороот, тиэтэлинэн кытыыттан анньыммыта. Туос тыы халбархай, ол эрээри чэпчэки, киһи салайарын олус истимтиэ этэ. Кини, убайынаан үгүстүк олорсо сылдьыбыт буолан, хайдах эрдэри син удумаҕалыыра. Ол иһин тыытын харса суох өрүс ортотун диэки салайбыта.

Аҕыйахтык үөс диэки эрдинэрин кытары, өрүһү өҥөйөн турар тумулу мэһэйдээбит үөттэр арылла биэрбиттэрэ – Ньырбачаан өстөөхтөрүн эмиэ көрбүтэ. Тумулга баар үс тиит таһыгар оттуллубут кутаалар халлааҥҥа харбыаласпыттар этэ. Ол онно өстөөхтөр, үҥүүлэрин өрүтэ анньыалыы-анньыалыы, өрөгөйдөөх үҥкүүнү өссө сэтэрэн туран үҥкүүлүү сылдьаллара. Кутаалар сырдыктарыгар кыһайан көрдөххө, үс чаллах тиит төргүү мутуктарын аайы кыһыл таҥастаах эр бэртэрэ тахсан олорон, суордуу кыланар хаһыылара Ньырбачааны батыһа өрүс үрдүнэн дуораһыйара:

– Алакыы! Алакыы! Алакыы!


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации