Текст книги "Тулаайах оҕо"
Автор книги: Василий Яковлев
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 3 (всего у книги 27 страниц) [доступный отрывок для чтения: 9 страниц]
Даҕанча буур тайаҕы уонна сырҕан эһэни бултуоҕуттан ыла улахан санааҕа ылларбыта. Кыылларын этин холомотугар таһар кэмигэр, эһэтин Бакамда хааннаах илкээни туһунан кэпсээнэ кини өйүттэн тахсан биэрбэтэҕэ. Онуоха эбии сааскы ичигэс, үтүө күннэр, уһуктан эрэр Айгыр Силик Айылҕа барахсан кини уутун уйгуурдубуттара, уйулҕатын көтүппүттэрэ – эдэр уолу ыраах ыырдар ыҥырбыттара, туспа дойдулар угуйбуттара. Даҕанча түбүктээх түүллэригэр, сырҕан эһэ арҕаһын түүтүн адаарыччы туппут курдук, күн аннын диэки тэлгэнэ тардыллан уһаан-кэҥээн бара турар Баай Хара тыа бэрт үгүстүк киирэрэ. Кини дьолуолаах ыллыгын хайа хаампыт, тэлэн кэлбит улуу хоһууннар уһун суолларын оймуон, кэтит ыллыктарын тыырыан баҕарара күн-түүн күүһүрэн испитэ, кыараҕас бүтэй холомоҕо тэһийбэт буолбута.
Араас санаалар көймөстүбүт, биир эмиэ утуйан биэрбэккэ эрэйдэммит түүнүн сарсыардатыгар Даҕанча эһэтигэр эппитэ:
– Иитэн-аһатан улаатыннарбыт эһэм Бакамда, иһит эрэ этэр тылбын. Мин кэнники кэмҥэ утуйар уум көттө, тэһийбэт буоллум. Ити хааннаах илкээнини эккирэтэн барабын. Аҕам өстөөхтөрүгэр тоҥ биистэргэ тиийэн өс-саас ситистэрбин диэн барабын.
Бакамда сиэнин ити тылларын истэн эгди буола түспүтэ: ол аата туматтар хааннара кыайдаҕа, туматтар хааннара саҥартаҕа.
– Оҕом, сиэним Даҕанча, ситинник эрэ тыллары эйигиттэн күүппүтүм. Бар, өстөөхтөртөн өһү ситис, Үрэн хоһууну иэстэс. Оттон бараргар мин уҥуохпун тутан бар.
Даҕанча эһэтин саҥатын олус соһуйа истибитэ. Кырдьыга, кини туматтар, кырдьаҕас киһини ыраах, ыарахан айаҥҥа соһон боҕуу гыммакка өлөрөн, уҥуох тутан баралларын билэр эрээри, ол туһунан букатын санаабатах эбит этэ, мах бэрдэрэн, саҥата суох олоро түспүтэ.
– Оттон эн миигин кытта барыстаххына? – диэбитэ кини.
– Суох, мин уһун айаны кыайбаппын, эн ылыммыт санааҕын толороргор боҕуу эрэ буолуом.
– Оччоҕо эт-ас бэлэмнээн хаалларыым, эн мин кэлэрбин кэтэс.
– Суох, суох, тукаам, мин өбүгэлэрбэр аттанар кэмим кэллэ: эйигиттэн көрдөһөр көрдөһүүм диэн, биһиги туматтар үгэспитинэн, мин уҥуохпун тутан бар. Эн билигин барар сириҥ олус ыраах, ол дойдуттан тыыннаах эргиллэн кэлэҕин эрэ кэлбэккин – мин онно тиийэр кыаҕым суох. Өбүгэлэрим дойдуларыгар барбакка, бу хоту муус-чэҥ дойдутугар соҕотоҕун хаалан үөн-көйүүр, кыыл-сүөл аһылыга буолуохпун баҕарбаппын.
Үгүс үйэлэртэн хаалбыт үгэс күүстээх, оҕонньор этэн баран эҕирийбэтин Даҕанча билбитэ. Ити кэнниттэн иккиэн арахсан аҥыы-аҥыы айанныыр суолларыгар оҥостон барбыттара. Даҕанча, эһэтин этиитинэн, тыа ортотугар аҕыс атахтаах араҥас оҥорбута. Араҥас аллара өттүгэр кураанах маһы мунньан чохчолообута. Бакамда тайах, эһэ этин үөлэ-үөлэ хатаран сиэнигэр өйүө үлүктэ бэлэмнээбитэ. Кини ол сылдьан Даҕанчаҕа сүбэлиирэ, суолун ыйара.
– Сиэним Даҕанча, биһиги бу дойдуга аны силис тардан чэчириир кыахпыт суох буолла. Саамайдар баһылыктара Эмчээгин да, майааттар баһылыктара Энэгэй да манна кэллэхтэринэ биһигини күнтэн сүтэриэхтэрэ. Эн Кэллээмэ эбэҕэ киирэн олохсуй. Сир-уот уларыйдаххына, баҕар, киһи-хара буолуоҥ, үөскүөҥ-ууһуоҥ, кимнээҕэр чэчириэҥ.
– Оттон мин ол Кэллээмэ эбэҕэ хайдах гынан тиийиэмий? – Даҕанча эһэтиттэн ыйытара.
– Күнүскү күн аннын диэки бараар, мас киилин кэтэҕин батыһаар. Суолуҥ үс гыммыттан биирин барбытыҥ кэннэ, үс үрэх тардыытын араарар таас хайаҕа тиийэн кэлиэҥ. Ол таас хайаттан үс үрэх саҕаланан тус арҕаа, тус илин, тус соҕуруу түһүөхтэрэ. Уҥа илиигинэн бардаххына, тигиилээх сирэйдээх дьирикинэй омуктарга тиийиэҥ, онон барыма. Оттон хаҥас илиигинэн бардаххына, саһыл курдук албын саха урааҥхайдар улуу өрүстэригэр киириэҥ, онон эмиэ барыма. Үс үрэхтэн ортокутун тутус. Ол Түҥкэтэх үрэх, ыппыт охтуу, тус соҕуруу түһүөҕэ, барар сиргэр чопчу тиэрдиэҕэ.
Түҥкэтэх үрэх таас кырбааттартан өрө тэйэ сытар сирдэрин ааһан, аллара киирдэххинэ, үрэҕиҥ балачча кэҥиэ, дэбилкэй сүүрүктээх дохсун өрүскэ кубулуйуо. Кини икки өттө сатыы киһи эрэйинэн айанныыр мас аабылаана буолуо. Ол иһин өрүс сылбаҕыттан бэйэҕин уйар сөптөөх суон сыгынах булунан, онно олорон айаннаа.
Түҥкэтэх үрэх үөһээ сүүрүгүн, булду эккирэтиһэ, дьирикинэйдэр бэрт үгүстүк быһа охсон ааһаллар. Эн кинилэртэн бэркэ диэн сэрэн. Кинилэр быстан-ойдон сылдьар, эбэтэр аҕыйах ахсааннаах дьоҥҥо кыырт курдук саба түһээччилэр. Оттон Түҥкэтэх үрэх аллараа сүүрүгүн диэкинэн хаҥас диэки Тыаһыкыт, Тылгыны, Мастаах диэн улуу күөллэр бааллар, ол онно саха урааҥхайдар улуу өрүстэриттэн тахсан олохсуйбуттара ыраатта. Эн кинилэр харахтарын далыгар киирбэккэ айаннаа.
Күнүһүн бүк сирдэргэ тахсан утуй, түүнүн сыгынаххар арбаҕынан саптан уһун.
Ол курдук айаннаан, этэҥҥэ буоллаххына, Киэҥ Кэллээмэ эбэҕэ тиийиэҕиҥ. Ол өрүскэ, Киэҥ Кэллээмэҕэ, бэрт үгүс биистэр – хоролор, дьирикинэйдэр, туматтар, саха урааҥхайдар бары симсэ-үтүрүһэ, бэйэ-бэйэлэрин баайдарыгар иҥсэрсэ олороллор. Үгүс хааны тохпут, охсуһууга-өлөрсүүгэ үөрүйэх Киэҥ Кэллээмэ урдустарын кытта соҕотоҕун кыайан туруулаһыаҥ суоҕа – соҕотоҕун тоҥ биистэргэ тиийдэххинэ, Маҥан Мэкчэ үҥүүтүн-батаһын аһылыга буолуоҕуҥ. Ол иһин ол онно, Киэҥ Кэллээмэ эбэҕэ, Бэрдьигэстээх Дэбэҥдэ диэн сиргэ олохтоох туматтарга тиий. Эн кинилэри умайар уот кыһыл таҥастарынан эндэппэккэ билиэҕиҥ. Онно Арчикаан диэн хоһуун баар буолуоҕа. Эн киниэхэ тиийэн мин ааппыттан көрдөс.
Даҕанча эһэтин тылларыттан эгди буолбута.
– Сөп, эһээ, инньэ гыныаҕым.
Бакамда өбүгэлэрин дойдуларын тоҕо эрэ күн аннын диэки баар, сып-сырылас сылаас тыаллаах, уйаара-кэйээрэ биллибэт киэҥ тунаар дойду диэн өйүгэр оҥорон көрөрө. Кини онно барыахтаах этэ. Күн анныгар уһуннук олорон бу дойдуга оҥорорун бүтэрбит, иэһин төлөөбүт, өбүгэлэрин дойдуларыгар аттанара уолдьаспыт киһи быһыытынан, айанын тэриирин тэринэр айдааныгар түспүтэ. Кини туох баар таҥаһын-сабын, сэбин-сэбиргэлин барытын араҥаһын үрдүгэр муспута, илдьэ барарга санаммыта. Оннуга да сөпкө дылыта – бу дойдуга кини кимнээх буолан кимиэхэ хаалларыай? Сиэнэ айанныыр ыраах дойдутугар бэйэтин кытта сигэ кэлгиэлээх, һэлии муоһа уһуктаах модьу үҥүүтүн уонна сүгэһэр маһын эрэ ылыаҕа, онтон атын киниэхэ наадата суох.
Даҕанча өйүөтэ бэлэм буолбута, оҕонньор эмиэ тэринэн бүппүтэ – эһэлээх сиэн арахсар кэмнэрэ тиийэн кэлбитэ. Кытаанах, аһыныгаһа суох кэм сиэринэн, Даҕанча төһө да иһигэр харааһыннар ону таһыгар таһаарбакка эрэ, араҥас үрдүгэр тыстаах баттахтаах эһэтин тириитин тэлгээбитэ. Бакамда буур тайах тириититтэн тигиллибит уһун, бэрбээкэйинэн охсуллар саҕынньаҕы кэппитэ уонна араҥас үрдүгэр тахсан эһэ тириитигэр олорбута. Уҥа өттүгэр имигэс уһун быалаах үҥүүтүн уурбута, оттон хаҥас өттүгэр – алаҥалаах нимчикатын.
Бакамда тахсан эрэр күнү утары көрөн олорон сиэнигэр Даҕанчаҕа кэриэс-кэс тылын эппитэ.
– Туматтар, биһиги, тоҕус киһи үйэтин тухары хаан өһү ситиһээччибит, Маҥан Мэкчэттэн аҕаҥ иһин хаан өһү ситис! Өстөөххүн өлөр, саастааххын самнар! Эттим, бүттүм, иэскин толор, үҥүүгүн хааннаа!
Кырдьаҕас хоһуун кэс тыла даҕаны өһүллүбэт, уларыйбат ыар модун санаатын курдук быһаччы, судургу этэ. Туматтар тыйыс сиэрдэринэн, уйадыйыы, харах уута тохтуута диэн суох буолбута. Даҕанча эһэтин кэриэс тылын истэн туран баран эмиэ судургутук:
– Сөп, эһээ, мин эн эппиккин толоруом, – диэбитэ.
Ол кэнниттэн саҕынньаҕын арынан олорор оҕонньору сытыы муос уһуктаах үҥүүнэн сүрэххэ түһэн өлөрөн кэбиспитэ. Хаан чоккуруу сылдьар үҥүүтүн халлаан диэки өрүтэ уунаҕалыы-уунаҕалыы:
– Алакыы! Алакыы! Алакыы! – диэн хаһыытаабыта. Араҥастан ыстанан түһээт, эһэтэ эппитин курдук, анныгар уот анньан кэбиспитэ. Тууспан кутаа тииттэр чыпчаалларыгар диэри харбаспыта, бэрт сотору Бакамдаттан, кини араҥаһыттан туох да хаалбакка, өрүкүйэр буруо буолан үөһэ көппүтэ, өбүгэлэрин дойдутугар барбыта.
Бу Орто Аан Ийэ дойдуга букатын кэлбит диэн суох, өлүү диэн Айгыр Силик Айылҕа хотун оҥоһуута буоллаҕа. Ол гынан баран киһи барахсан Аламай Маҥан Күн сырдыгын аҕыйах да кэмҥэ көрөн ааһаахтыыр! Ол мутугунан быраҕар муҥур үйэлэригэр сорохтор үтүөнү-үйэлээҕи, сырдыгы-сыаналааҕы оҥорон бараллар… Оттон Бакамда кэнниттэн хаан өс хааллаҕа. Ол хаан өс төһө өр барыай? Төһөлөөх ыччат дьон сырдык тыыннарыгар туруой?
Иккис түһүмэх
Кэриими ситэрэ
Тоҥ биис чуоһаАҕыс иилээх-саҕалаах, атааннаах-мөҥүөннээх Аан Ийэ дойдуга уол оҕо барахсан ортотунан курданан, уһугунан дугунан сылдьарын усталаах туоратыгар оччоттон баччаҕа диэри эрэй бөҕөнү эҥээринэн тэлэргэ, муҥ бөҕөнү муннунан тыырарга ананан айыллар буоллаҕа эбээт. Оччоттон баччаҕа диэри уол оҕо барахсан күн күбэй ийэтин көмүс күөмчүтүттэн, киэҥ киэлититтэн төлө көтөн тахсан күөх окко күөлэһийэ түһүөҕүттэн Орто Дойду олоҕор оннун булуор диэри киһи-хара буолар кэриимин ситэрэ кини охсордоох-оҥкулаах Орто Аан Ийэ дойдуну уһаты-туора сыыйбахтыа турдаҕа, киэҥ сирдэри тилэҕинэн тэнитиэ, айдам аартыктары атаҕынан аймыа буоллаҕа. Ол да иһин саталлаах саха урааҥхайдар уол оҕо ат кулун үс дойду кэриимин ситэрэн, үс төгүл саадаҕын курданан эрэ баран олоххо оннун булунар, киһи-хара буолар дииллэрэ. Ол сылдьан кини уораҕайдаах санаалаахтары кытта умсарсыа, кырыктаах санаалаахтары кытта кыдыйсыа, өһүөннээх өйдөөхтөрү кытта өлөрсүө. Ханна тиийэн улуу дойду урдустарыттан, дириҥ дойду дьилбиттэриттэн боҕуттан уһун уҥуоҕа урусхал, кылгас уҥуоҕа кыдьымах буолуоҕун ким билиэй? Ким инникитин тымтыктанан көрбүтэ баарай?
Даҕанча үс үрэх тардыытын араарар үрдүк сискэ тиийэн кэлбитэ. Тыа ортотугар ала-чуо үрдээн турар чурбука тэллэҕэр тиийэн кэлиитигэр лиҥкир мастаах түҥ тыаҕа тула чуҥкунуур чуумпу сабардаабыта, сымнаҕас ыарахан эһэ дэпсэлии тууйа, ыга баттаабыта. Тугу эрэ күүппүттүү, көтөр кынаттаах айдаана хам барбыта, сүүрэр атахтаах эмиэ кирийэн ылы-чып саспыта.
Эмискэ тыал түспүтэ. Хам бааччы турбут тииттэр уһуктаах төбөлөрө иэҕэҥнээн ыһаллан-бураллан ылбыттара, хойуу лабаалар сапсынан барбыттара – түҥ сис куугунуу, иҥиэттэ түспүтэ, Баай Хара тыа иһин түгэҕиттэн ынчыктаан, ыҥыранан ылбыта. Салгыҥҥа хаппыт мутуктар, кур туораахтар көппүттэрэ. Күрүс тыал балаһата сиртэн кураанах сэбирдэхтэри хабан ылан эргичитэн кулахачыппыта.
Былыттар улам харааран, ыаһыран, халлаан ортотугар мустан барбыттара. Күн орто борук-сорук буолбута. Онтон бөдөҥ таммахтар түһэн тобугураппыттара.
Эмискэ халлааны хайа суруйан, намтаабыт уулаах былыттарга чаҕылҕан чаҕылыйбыта. Этиҥ бастаан, кыракый чай таастары лачыгырата оонньуурдуу, уулаах адаархай былыттары аргыый имэрийтэлээн ылбыта – кыра-кыратык чачыгыраан көрүтэлээн баран тохтотолоон хаалбыта. Онтон эмискэ күүрэн кэлбитэ: күрбэ таастары хайаттан төкүнүтэлээн кэбиспиттии, былыттан былыкка лүһүгүрүү сүүрбүтэ. Бэйэтиттэн бэйэтэ тэптибиттии улааттар-улаатан, халлаантан хайаны сиргэ сууллары аспыта аллараа түһэн ыараханнык тэйиэккэлииринии, сир дьигиһийиэр, бары-барыта өрүтэ эккирии түһүөр диэри дириҥник, иҥсэлээхтик лүҥ-лүҥ гына лүҥсүйбүтэ.
Этиҥ соруйарын олус улгумнук истибиттии, тута ардах күүһүрэн ыаҕастаах уунан куппута. Чаҕылҕан быыстала суох сандаарара, этиҥ быыстала суох этэрэ. Ардах хойуу ситимин быыһынан чугастааҕы тииттэр күлүктэрэ арыычча барыһан көстөллөрө. Бэрт сотору оҥкучах сирдэргэ уу халыйбыта, онтон туола охсон таһынан баран, эниэ устун будулхай сүүрээн буолан таҥнары курулаабыта.
Быыстала суох сааллар этиҥтэн сир титириирэ, чаҕылҕан дапсыыра хараҕы саатырдара. Үөһэттэн түһэр уу күүстээх күрүлгэн буолан таастан тааска охсуллан таҥнары курулуура. Дохсун уох, дьулаан күүс төлө барбыта тула көрүлүүрэ. Туохха да туолбат-топпот, Аан Ийэ дойду мин эрэ туспар айыллыбыта диэн санаалаах иэдьэгэй эттээх икки атах Айгыр Силик Айылҕа хотун амырыыннаах күүстэригэр холоотоххо олус да отоххун ээ! Ол да иһин өркөн өйгүнэн өттөйөн эрдэҕиҥ. Оо, ону сатаан туһанарыҥ эбитэ буоллар даа!
Даҕанча, дьирикинэйдэр хааннара, этиҥнээх ардах иһэр сибикитин этинэн-хаанынан эрдэттэн билэн, модун килиэ сымара таас хаспаҕар кирийэн олорон күүппүтэ. Хаһааҥҥыта ханнык күүс хаспыта биллибэт кыракый хаспаҕар киирэн олорон кини эрэх-турах санаммыта уонна ити амырыын күүс дуолан оонньуутун дьулайа даҕаны, соһуйа даҕаны көрөн олорбута. Даҕанча эмиэ урут кыра эрдэҕинэ, эһэтин түһэҕэр олорорун саҕанааҕытыныы, кып-кыра, олус мөлтөх, туох да көмүскэлэ суох курдук санаммыта. Кинини биир этиҥ сааллыыта, биир чаҕылҕан дапсыыра, биир сомоҕо таас күн сириттэн соҕотохто сүтэрэр кыахтааҕа. Бу түҥ сискэ кини өлөр хаһыытын ким истиэй? Ким билэн кинини суохтуой? Тыал быһа охсубут сэбирдэҕинии, сиргэ түспүт таммахтыы иҥэн-сүтэн бэрт дэбигис суох буолуон сөбүн санаан кини ычата кыратын бэркиһии олорбута.
Ол икки ардыгар ардах, эмискэ саҕаламмытын курдук, эмискэ аста охсубута: сүллэр этиҥ түҥ тыа үрдүнэн улам ыраата лүһүгүрүү турбута, чаҕылҕан сандаарара эмиэ тохтообута. Былыт сотору дьайҕарбыта, тииттэр уһуктаах төбөлөрүн быыһынан күөх халлаан көстүбүтэ. Онон намыһах уулаах былыттар ааспыт этиҥи эккирэтэн түһэ турбуттара. Сотору күн барахсан күлүмүрдээбитинэн тахсан кэлбитэ, уорастыйбыта ааһан, ардах кэннинээҕи торҕо күөҕүнэн көрбүт тыаны сырдаппыта.
Даҕанча саспыт хаспаҕыттан тахсан тыыллаҥнаабыта, эргиччи көрүммүтэ. Сис тыа хас сэбирдэҕэ, мутукчата барыта сабыс-саҥа сууммут, ыраастыйбыт, кирэ-хаҕа барбыт этэ. Ааһар тыалтан илибириир мутуктартан ыраас бөдөҥ таммахтар сиргэ түһэллэрэ. Сир сымнаабыт, ууну испит таба муоҕа үктээтэххэ дыгдаҥнас буолбут этэ. Салгын дьикти үчүгэй сытынан аҥылыйара: онно баара саҥа тыллан эрэр мутукча сыта, Даҕанча быһааран билбэт салгыҥҥа тарҕаммыт эҥин араас сыта-сымара. Арай кини дьирикинэйдэрдии сытымсах таныыта итини барытын олус сөбүлээн этигэр-хааныгар иҥэрэрэ. Сымнаабыт мутуктар атах анныгар тостубакка имиллэллэрэ эрэ, Даҕанча сөрүүн, хойуу таммахтары сүгэн турар мутукчалары, сэбирдэхтэри сэрэнэн тумнан, тыаһа суох аргыый аҕай үктэнитэлээн, үөһэ чурбукаҕа ыттыбыта.
Айан көтөрө тохтоон ааһар бэлиэ сири чуо булар, эмиэ ол кэриэтэ Даҕанча таас чомчоҕойго тахсыбыта. Кини, хайа өргөһүгэр тахсан, барар сирин үөһэттэн таҥнары көрбүтэ. Ол көрдөҕүнэ бииртэн биир дьикти көстүү арыллан нэлэһийбитэ: сааскы тумарык быыһынан ырыых-ыраах сиртэн сир арыллан, дьааҥыттан дьааҥылар дьапталлан, үрэхтэн үрэхтэр үөскээн муҥура-уһуга биллибэттик эҥсиллэн-эҥээттэн, чуораадыйан-тунааран соҕуруу, күн аннын диэки түһэн бара турбуттара. Харах ыларынан Баай Хара тыа барахсан хараҥа күөх кэрискэтэ хайалар сирэйдэрин күөх торҕонон саба бүрүйэн турара. Улуу Дьааҥылар быыстарыгар кыһыҥҥы силлиэлэр типпит, уулбакка сытар хаар хомурахтар кылбаһаллара. Хайалар синньигэс аппаларынан күнтэн күүс ылбыт күйгүөрбүт сүүрээннэр аллара тэбинэн күн уотугар күлүмнүү оонньууллара, аллараа киирэн добун үрэхтэргэ кубулуйан дэбилийэ-долгуйа усталлара. Үрэхтэр хочолоругар хайыы үйэҕэ хаар ууллан, сыһыы-хонуу көҕөрөн эрэрэ. Күөх мууһунан күлтэччи көрөн олорор күөллэр кытыылара уу буолан күн уотугар күлэ-оонньуу дьиримнэһэллэрэ. Ирбит сииктээх буортан күөх от бытыгыраабыт, оттон кырдалларга ньургуһун аппыт этэ. Үрэхтэр өнньүөстэрин кэрийэ симсэ үүммүт талахтар бүөрдэрэ бөскөйө тыллан тунаарыйан көстөллөрө. Сылаас кэм, тот кэм, үгүс аһылыктаах өҥ кэм кэлэн иһэрин биллэрэ, олортон дьикти үчүгэй саас сыта тарҕанара.
Таастан тааска охсуллан барылыыр-бирилиир күрүлгэн, чыычаахтар ырыалара, кыыл-сүөл саҥата-иҥэтэ кыһыҥҥы улук ууттан уһуктан эрэр Айгыр Силик Айылҕа барахсан айдаана барыта тиллии, тыыннаах буолуу кэрэ дьикти ырыата-тойуга, үҥкүүтэ-битиитэ буолан Даҕанча дууһатын толорбута, кутун-сүрүн сүүйбүтэ.
Сааскы кэрэ кэм – үөскэх тыллыыта, олох туругуруута өлүү-сүтүү диэни экчи мэлдьэһэрэ. Күн көрөн чаҕыллан турдаҕына, сэбирдэх тыллан сипсиһэн эрдэҕинэ, тыын быстара, олох сарбыллара ама хайдах сатаныай?! Ол хайдах да санааҕа баппат, олоххо дьүөрэлэспэт, ону кут-сүр ылыммат. Даҕанча үүнэн-тыллан эрэр этэ-хаана айылгылаах кэмҥэ сөп түбэһэн үөрүү-көтүү, өрө көтөҕүллүү кинини тиирэ киэптээбитэ, кини ханна, тугу гына баран иһэрин таһы умнубута.
Даҕанча сүгэһэрин устан, этиҥнээх ардах кэннинээҕи дьикти ыраас салгыны түөһүн муҥунан эҕирийэ тыынан, олоро түһэн сынньанарга санаммыта. Ол эрээри кэннин диэки эргиллээт, сонно тута ойон турбута: тоҥ биис илкээнитин көрө биэрбитэ.
Чочумаас түҥкэтэх өттүгэр таас быыһыгар тыал-куус эрийэн бүк-тах үүммүт муҥур төбөлөөх суон бэһэ турара. Кини күн өттүгэр Даҕанча бэркэ диэн билэр куорсуннаах оноҕоһо хороллон турара. Тоҥ биис хоһууна манна эмиэ тохтоон суостаах бэлиэтин хаалларан барбыт этэ. Куорсуннаах оноҕос, урукку кэм илдьитэ, уолга кини ханна баран иһэрин тута өйдөппүтэ: Даҕанча тоҥ биис чуоһун таба тутуһан иһэрин билбитэ.
Тулатааҕы эйэлээх эйгэ үөдүппүт нус бараан, эйэҕэс санаалара, сырдык иэйиилэрэ киэр үүрүллүбүттэрэ, кэлэр төрүөххэ кэһии гынан хаалларбыт өс-саас эркээйитэ уолу инники угуйбута, Даҕанча ууруох буолбут сүгэһэрин эмиэ ылан, олорон сынньаммакка, хойуу сэппэрээктэр, талахтар сиҥнэри үүммүт кэдээл халдьаайытынан кыыллар тэпсибит ыллыктарын устун аллара киирбитэ.
Түҥкэтэх өрүс устунТүҥкэтэх өрүс Баай Хара тыаны хайа суруйан, Чачыгыр Таас Дьааҥылары тоҕо солоон, тус соҕуруу, күн аннын диэки түһэн бара турара. Даҕанча тоҥ биис хоһуунун илкээнитэ ыйбытын батыһан өрүс төбөтүнээҕи таас куолларааҥҥа киирбитэ.
Хойуу тыаны бүрүнэ үүммүт бүгүллэх систэр мөгүөннээх арҕастара дириҥ хапчаан эркинин кэннигэр саһаллара, аллараа хапчаан түгэҕэр сүүрүгүрэр уу таастан тааска ыстанар күрүлгэн буолан күүгэннирэ устара. Күүстээх сүүрүк сүргэлэрин көтөҕөн эбитэ дуу, эбэтэр кини тугу эмэни аҕаларын кэтэһэллэрэ дуу, чугастааҕы тыа көтөрдөрө манна мустубут этилэр; күрүлгэн тыаһын баһыйаары, куоластарын муҥунан хааҕырҕаһан кэпсэтэргэ дылылара.
Даҕанча айаннаабытын төрдүс күнүгэр хайатын хапчаана кэҥээн, сыҕаллан бастаан киэҥ, нэлэккэй аппаҕа кубулуйбута, онтон айанньыт намыһах хочоҕо тахсыбыта. Үрэҕэ эмиэ кэҥээбитэ, сүүрүгэ уоскуйбута, обургу өрүскэ кубулуйан күн аннын диэки долгуйа устубута. Уол өссө соҕуруу барбытыгар кини хас да салааламмыта, бэрт үгүс арыыламмыта.
Симилэҕинэн, араас талахтарынан сиҥнэри үүммүт кытылларга кус арааһа дэлэй этэ, ыраас хордоҕойдорго улардар охсоллоро, талахтар быыстарынан саҥа түүлээн эрэр элэмэс куобахтар элэҥнэһэллэрэ.
Саас уу тахсарын кытта көтөр кынаттаах үөрэ ким да кинилэри тыыппат, үргүппэт, дэлэй аһылыктаах хоту сиргэ тардыспытынан барбыттара. Оттон Улуу Маҥан Дуол, уйаара-кэйээрэ суох күөх торҕону тэнитэ тарпыт курдук, күөх дуолга кубулуйуута, үтүмэн үгүс күөллэрэ ууллан күлүмүрдэһиитэ көтөр кынаттаах бииһэ төрүү-ууһуу Айгыр Силик Айылҕа барахсан төрдө-төбөтө көстүбэт, уһуга-уҥуоргута биллибэт өлбөт-сүппэт Улуу Эргиирин толоро ол онно көҥү түспүттэрэ. Көтөр кэлиитэ өрүс эстэн күрүлүүр-барылыыр кэмигэр аҕыйах хонук устата буолара. Түүннэри-күнүстэри өй мэйдээҕи тулуппат кус-хаас саҥата улам намыраан, билигин, Даҕанча устар кэмигэр, букатын чуумпурбут этэ. Ол да буоллар Түҥкэтэх өрүс тардыытыгар, кини элгээннэригэр, ууларыгар хаалбыт кус дэлэйэ, тыаһа-ууһа суох соҕотоҕун иһэр киһини бөрүкү улахан куттал дии санаабаттара, киниттэн букатын да үргүбэттэрэ. Даҕанча өйүөтэ бүппүтэ быданнаабыта, ол иһин кинилэртэн эмистэрин тааһынан быраҕан, маһынан эпчиргэлээн ылан үөлэн сиирэ. Ол гынан баран өрүс кытыытынан айанныыр олус ыарахан этэ: талаҕа олус хойуута, сылбаҕа олус үксэ. Онуоха эбии кини хаста да халаан уутун баһыгар тахсыбыт балыгы бултаһа сылдьар эһэлэри көрөн аһартаабыта. Даҕанча ыран, сылайан иһэн арҕахтан аччыктаан тахсыбыт кыыллары ырааҕынан тумнан ааһыталаабыта.
Өрүс мунньубут сылбахтарын таһыгар биирдэ кураанах маһы хомуйан кутаа оттон, кус үөлэн сии олорон уол олус бытаанын, ити курдук айаннаан сири үөтэлэппэтин туһунан санаабыта. Ол олорон эһэтин сүбэтин өйдөөн ылбыта. Кини таһыгар баар сылбахха өрүс сүүрүгэ уонунан, сүүһүнэн да буолуо, сылларга муспут эгэлгэ үгүс маһа кыстанан сытара. Сааскы кыдьымах үлтү солоон, ньылбы кыһыл этин эрэ хааллартаабыт, булгурута сынньыталаабыт этэ.
Даҕанча аһаан бүтэ охсон, ойон туран аттыгар кыстана сытар сылбахтан сөп буолуо диэбит тиитин талан ылбыта уонна үҥкүрүтэн ууга киллэрбитэ. Дүлүҥ кинини уйбута буолан баран эргичиҥнии сылдьара. Даҕанча, эһэтэ сүбэлээбитин курдук, иккис дүлүҥү киллэрэн бастакытыгар талах сигэнэн эпсэри баайбыта. Дүлүҥнэр кинини уйбуттара уонна мөхсүбэт буолбуттара. Даҕанча уһун ураҕас ылан үөс диэки анньыммыта. Кини бастаан бытаан сүүрүктээх өрүс салаатынан устубута. Барбахтыы түһэн баран уол, эр ылан, улам иһирдьэ сүрүн үөскэ киирэн барбыта.
Сүрүн үөскэ сүүрүк күүстээх этэ, уол олорон иһэр дүлүҥнэрин хабан ылан түргэн-түргэнник элэгэлдьиппитэ. Кытыыга, сылбах кыстаммыт арыыларыгар, чычаас кумах чаардарга сыбаан кэбиһээри гыннаҕына, Даҕанча уһун ураҕас маһынан анньынара. Ол эрээри ураҕас тиийбэт сиригэр кэллэҕинэ, дүлүҥнэри сүүрүк хайа талбытынан тутара, араастаан түҥ-таҥ эргичиҥнэтэрэ. Эрэй киһини үөрэтэр, уол сылбахтан сааскы көмүөл мууһа тырыыҥкалаабыт маһыттан хайа тардан ылан эрдии оҥостубута. Билигин онон салайан, дириҥ да сиргэ талбытынан устар буолбута.
Даҕанча өрүс устун устарга үөрэнэн, кини майгытынсигилитин билсэн истэҕин аайы симилэҕи, аабылааны кэтэн сатыы айанныырдааҕар ордугун өйдөөбүтэ. Биллэн турар, түргэн сүүрүккэ түөрэккэй дүлүҥ үрдүгэр айанныыр кутталлааҕа. Даҕанча, эдэр хорсун киһи, кутталлаах да буоллар түргэнин ордорбута.
Күүстээх сүүрүк бурууларга эриллэ-бурулла, мастар саҕаларыгар охсулла, күүгэннирэ устара. Даҕанча бастаан утаа ону бэркэ чаҕыйа-дьулайа көрбүтэ, онтон улам үөрэнэн, ахсым өрүс бары кубулҕаттарын-дьибилгэттэрин эрдэттэн таайан иһэр этэ. Кини аччыктаатаҕына, сылайдаҕына, тохтоон аһаан, сынньанан ааһыан баҕардаҕына арыылары тумнан ааһар салаалартан биирдэстэрин эмэ тутуһара. Онно, сааскы чуумпу уу баһыгар, балык дэлэйдик тахсара. Балыктар эмиэ, ыар муус сүгэһэр хаайыыларыттан босхолонон, өрүс сылбархай саҥа уутун устун хонууга тахсыбыт халаан төбөлөрүн былдьаспыттара. Онно бууттаах бил балык кыра балыгы эккирэтэн чычаас уу ньуурун түүрэн бүгүллэҥнэтэн ылара, сытыы, сымса сиэмэх быйыттар, ойуу дьэрэкээн алыһардар элэҥнэһэллэрэ, сордоҥнор сундулуһаллара. Ол аайы сыыс балык, бытархай тааһы таммалаппыттыы, сүүһүнэн хайысханан куотан ирбинньиктэһэ дьирибинэһэллэрэ.
Даҕанча улахан балыгы бултаспат этэ. Бууттаах били дуу, сордоҥу дуу сыгынньах илиигинэн тутуоҥ суоҕа. Даҕанча ол иһин һэлии муоһуттан кыһыны быһа эһэтэ чочуйан оҥорбут күөгүтүнэн кыра балыгы хаптаран ылан тута үөлэн сиир этэ. «Ама, күөххэ киһи аччыктыы сылдьыа дуо?!» диэн ийэтин дьоно дьирикинэйдэр этэллэригэр дылы, булчут киһиэхэ ас бастыҥа Күөх Далайга, Баай Хара тыаҕа тардыллан турара. Даҕанча, айаҕар кыһаллыбакка, айаннаан испитэ.
Күндэлэс күн, сырдык түүннэр, тула уһуктубут, уйгуурбут тыа-хонуу суугуна, көтөр-сүүрэр саҥата, өрүс дохсун сүүрүгэ уйулҕатын көтүтэн, Даҕанча били куттал туһунан эһэтин сэрэтиитин таһы умнан кэбиспитэ. Алдьархайга эмискэ ыы муннунан кэтиллэн эрэ баран, дьэ, өйдөөбүтэ.
Уол дүлүҥүнэн устубута төрдүс хонугар барбыта. Намыһах хаптаҕай кытыылардаах сөкү бадылҕах сирдэр ааспыттара быданнаабыта, сороҕор арҕаа, сороҕор илин өттүттэн үрдүк мырааннар өрүскэ ыган кэлитэлиир буолбуттара. Кинилэр анныларынан өрүс дириҥ, туруору кыһамнары тоҕо суурайан ааһыталаабыта субу аҕай быстан киһи үрдүгэр түһүөх айылаах таҥнары өҥөйөн барыһан турар буолаллара. Оннук сирдэргэ айана олус түргэтиирэ, туруору эркин тааска үлтү түһүөхтүк дьэргэйэ устара.
Биирдэ күнүс оннук өрүс хайа сүүрбүт кэлтэгэй хайатын мүччү көтөөт, Даҕанча сылбах кыстаммыт харыйалаах үрдүк арыыны көрө түспүтэ. Өрүһэ кини икки өттүнэн икки салаа буолан түһэрэ. Уол күнүс аһыы илигэ, инньэ гынан, кытыыга тахсан кумахха таалалаан сытыан уонна уот оттунан аһыан баҕарбыта, сыгынаҕын бытаан сүүрүктээх уҥа салаа диэки салайбыта.
Уҥа салаа киэҥ уонна чычаас этэ, онон-манан харгылар эрилкэй долгуннарынан кэрэлэнэ сыталлара. Даҕанча кумах кытыыга чугаһыах буолан иһэн уһун уктаах атараны туппут дьэрэкээннээх таҥастаах киһини көрө биэрбитэ. Соһуччута бэрдиттэн уол, анньынан иһэр ураҕаһын ыһыктан, олоро түспүтэ. Дьэрэкээннээх таҥастаах киһи эмиэ соһуйбута, тугу эрэ улаханнык хаһыытаан сатарыппыта. Даҕанча, киһи хаһыытыттан ходьох гынаат, ойон турбута уонна ураҕаһынан харса суох үөс диэки анньынан барбыта. Кытыытааҕы киһи кини хаһыытыгар хардарбакка, туох да саҥата суох, куотан эрэр киһини эккирэтэрдии туттубута. Оччотооҕу кэмҥэ куруутун да оннук буолара: куотан эрэри эккирэт, эккирэтэртэн куот. Куотан эрэр киһи хайаатар да туох эрэ куһаҕаны оҥорбутун дуу, оҥороору сылдьарын дуу курдук.
Уһун атаралаах киһи өссө улаханнык хаһыытаабыта, сонно тута тыаттан биэс-алта киһи сулбу ыстанан тахсан кытыынан төттөрү-таары сүүрэкэлэспиттэрэ. Даҕанча сыгынаҕын хаҥас арыы диэки салайан харса суох анньынан испитэ. Күүстээх сүүрүк чугаһаабыта буолан баран, иннигэр кэтит баҕайы харгы кэрэлэнэ сытара. Онно сүүрүк үллэ-үллэ түһэрэ, кумаҕы ытыйан будулутара. Даҕанча кытыыга сырсыакалаһар дьон уу сэптээхтэрэ буолуо диэн куттаммыта, оччоҕо дүлүҥэ кумахха олордор эрэ ситэн ылаллара чуолкай этэ. Ол эрээри кытыы дьон кинини уунан эккирэппэтэхтэрэ, сыгынаҕа чаарга олорботоҕо, харгыны мүччү түһэн, үөс сүүрүккэ оҕустаран түргэн-түргэнник элэгэлдьийбитэ. Кытыытааҕы дьон кыһыыларыгар ыраатан эрэр уолу оҕунан ытыалаабыттара – биэс-алта ох кэлэн Даҕанчаны сыыһа-халты түспүттэрэ. Ох саа далыттан тахсаат, Даҕанча сыгынахха хатаммыт түүлээх оноҕоһу ылан кытыы дьоҥҥо көрдөрөөрү үөһэ ууммута, ортотунан тосту туппута уонна ууга киэр илгибитэ. Ол кэнниттэн бэйэтин үҥүүтүн ылан, үөһэ ууна-ууна, күөмэйин муҥунан үөгүлээбитэ:
– Муҥур илиилэр! Тумат хоһуунун эһиги кыайан тутуоххут дуо? Алакыы! Алакыы! Алакыы!
Тумат уолун өрөгөйдөөх хаһыыта ой дуораана буолан кытылтан кытылга охсуллан бара турбута.
Даҕанча дьирикинэйдэри көрсүөҕүттэн бэттэх бэркэ сэрэнэн, тула өттүн кыраҕытык кэтэнэ испитэ, эһэтин сэрэтиитин, дьэ, өйдөөн, сыгынаҕар абырҕалынан, отунан-маһынан хахха оҥостон саһан айаннаабыта. Күнүһүн кини ол хаххаттан тахсыбат этэ, онно сытан бэркэ болҕойон икки кытыыны кэтэһэрэ.
Өрүс уҥа өттүнэн сотору-сотору үрдүк мырааннар ыга үтэн кэлэллэрэ. Кинилэр утарыта киэҥ нэлэмэн хонуулар көстүтэлиир буолбуттара, онно, хаҥас кытылга, Даҕанча хаста да ыраах буруону көрүтэлээн аһартаабыта. Киэһээҥҥи чуумпуну аймаан, ол диэкиттэн туох эрэ кини билбэт сүдү улахан кыылын хаһыыта иһиллитэлээбитэ. Ол хаһыы дуораана мыраантан мырааҥҥа охсуллан ынырыга сүрэ бэрдэ, Даҕанча куйахата түрүтэ тардан ылбыта. Кини тайах-таба, эһэ-бөрө хаһыыларын эндэппэккэ билэрэ. Оттон бу хайаларын да хаһыытыгар маарыннаабат, өссө улахан, суостаах этэ. Баай Хара тыаҕа эҥин дьикти кыыллар баар буоллахтара дии санаабыта уол.
Халааннаан турар сааскы өрүс мэндээрэн киэҥ этэ, сорох сирдэринэн наһаа кэҥээн, уҥуоргу тииттэр ырыыхыраах кыччаан-аччаан көстөллөрө. Уол ааһан иһэр кытыл тыатын бэркэ сиһилии одуулаһара. Ол курдук айаннаан иһэн биирдэ, күн ортотун саҕана, өрүс эргийиитигэр инники ыраах туох эрэ хараарыҥныырын көрбүтэ. Бастаан тайах өрүһү туораан истэҕэ дуу диэх курдук санаан иһэн, дьирикинэйдэр сэрэх хааннара имнэнэн, хайдах эрэ этэ тардан, сыгынаҕын тоҕой кэннигэр таһаарбыта. Тоҕой хойуу үөттэринэн күлүктэнэн көрдөҕүнэ, хамныыр харата тайахтан букатын атын буолан биэрбитэ; уһуктаах тумустаах улахан мас тыы сүүрүктэн иҥнибэккэ, түргэн үлүгэрдик өрүһү туораан эрэрэ. Кэтит мас тыыга муостаах бэргэһэлээх икки киһи олорон иһэллэрэ. Бастакыта, торум курдук бытыктаах киһи, алаҥааны туппут этэ. Кинини утары олорор эдэр киһи кэтит салбахтардаах эрдиинэн эрдинэн элэҥнэтэрэ, ол аайы тыы олус түргэнник дьулуруйара. Эрдэ сэрэнэн тохтообутуттан уол олус үөрбүтэ: кини бытаан, нэс сыгынаҕын тыы адьас тэһиппэккэ ситэ баттыах эбит этэ. Оччоҕо Даҕанча сыгынаҕын кытыыга тарпыта уонна бэйэтэ тахсан талах быыһыгар саспыта. Кини кимнэрэ-туохтара биллибэт, хайдах быһыылаахтарын-майгылаахтарын удумаҕалаан да көрбөт дьонугар көстүөн чаҕыйбыта. Уол бу дьон үгүс буолалларын, өлөр кутталлаахтарын этинэн-хаанынан сэрэйбитэ, күнү быһа хойуу талах быыһыгар саһан сыппыта.
Киэһэрэн барыыта били кини уйулҕатын көтүппүт, алардар тииттэрин бастарынан дуораһыйбыт, ханнык да кыыл саҥатыгар маарыннаабат дуолан хаһыы эмиэ сатараабыта, уол кирийиэҕинэн кирийбитэ. Күн киириитэ сөрүүн буолбута, сиик түспүтэ. Чуумпурбут, уоскуйбут хотоол устун аһыы сыттаах буруо тарҕаммыта, бэрт хойуутук үрэх үрдүн үллүйбүтэ, саһан сытар уол муннун кычыгылаппыта.
Даҕанча, сытар сириттэн чуҥнаан, ханна туох баарын балачча удумаҕалаппыта. Уҥа диэки алаҥа сиһин курдук токуруйа иилии сытар күөл өрүһү кытта силбэһэр төрдүгэр холомолорго маарынныыр үгүс дьиэ көстөрө. Били тыылаах дьон онтон сылдьар быһыылаахтара. Чаачар курдук күөл олус киэҥ көнө хонууну иилии түһэн сытара, онно күөл үрдүгэр дьиэлээх омуктар иитэр бэрт үгүс кыыллара мэччийэ сылдьаллар этэ. Даҕанча үрүҥ, хара ойуулаах, эриэн дьүһүннээх икки муостаах кыыллары аан бастаан көрбүтэ. Кини тайахтартан намыһах, ол эрээри табалардааҕар улахан этилэр. Таба, тайах курдук, тыаҕа тахсыбакка, наар сыһыыга сылдьан хонууга үүнэр оту кирэллэрэ. Тас көрүҥнэриттэн көрдөххө, сымнаҕас, нэс быһыылаахтара, таба-тайах курдук, тэһии буолбатах этилэр, эһэ курдук, киҥнэрэ да суоҕа. Даҕанча били эһэтэ киниэхэ кэпсиир, саталлаах саха урааҥхайдар сүөһүлэрэ – ынах диэн буоллаҕа, оччоҕо тумулга олохсуйан олорооччулар кинилэр буоллахтара диэн таайбыта. Кини олус сонурҕаан өссө сыныйан көрөөрү, ынахтарга сыыллан ыкса киирбитэ. Чугаһаан баран арааран көрбүтэ манна улахан ынахтар, кыракый оҕолоро да бииргэ сылдьаллара. Тэйиччи олус күүстээх көрүҥнээх кыыл күлтэйэн турара. Ол күтүр баһын ньолбоччу туттан баран иһин түгэҕиттэн мэҥийэн алардарга, мырааннарга ыраах дуораһыйан охсуллуор диэри айаатаан лаҥкынаппыта. Даҕанча соһуйан, икки кулгааҕын саба туттан, хараҕын быһа симэн сиргэ умса түспүтэ. Кэмниэ-кэнэҕэс хараҕын аспыта кыыла кини диэки, туох буола сылдьар киһиний диэбиттии, кынчарыйбыттыы көрөн баран тэйэ хаампыта. Даҕанча онтон уоскуйуох курдук буолан, бу дьикти кыыллары эмиэ көрө-истэ сыппыта. Даҕанча манна, дьэ, билбитэ били кини уйулҕатын көтүппүт хаһыы бу саха урааҥхайдар иитэр кыылларын хаһыыта буоларын.
Сонурҕаабыт уол ол курдук сыттаҕына, сип-синньигэс атахтардаах, чаҕылыччы көрбүт эп-эриэн ынах оҕото тиийэн кэлбитэ, кинини ыкса чугастан көрөөрү Даҕанча онно сыыллыбыта. Кини бары туттунуута барыта ынахтаах саха урааҥхайдар киэннэриттэн букатын атынын, сүөһүнү сиргэтиэхтээҕин хантан билээхтиэй? Ынах, киһи курдук хаампат, сиринэн сыыллар харамайы көрөөт, сиргэнэн өлөрүнэн орулаабыта уонна оҕотун быыһыы ыстаммыта. Ынах орулуурун кытта сүөһүлэр бары чөрбөс гына түспүттэрэ, ордук сэргэхтэрэ, сымсалара – борооскулар, тиҥэһэлэр саба сырсан кэлбиттэрэ, сиргэ хаптайан сытар Даҕанчаны төгүрүйбүттэрэ. Даҕанча ыксаабыта, кэннинэн сыылаҥхайдаабыта. Ол икки ардыгар ыарахан-ыараханнык сүүрэн, ынахтар ыадалыһан кэлбиттэрэ, сиргэ сытар киһини муостарынан үөлээри дугдуҥнаспыттара. Били эйэ нэмнээх чуумпу кытылы эмискэ сүөһүлэр орулаһыылара, сиргэнэн сырсан тигинэһиилэрэ толорбута.
Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?