Электронная библиотека » Василий Яковлев » » онлайн чтение - страница 7

Текст книги "Тулаайах оҕо"


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 10:21


Автор книги: Василий Яковлев


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 7 (всего у книги 27 страниц) [доступный отрывок для чтения: 9 страниц]

Шрифт:
- 100% +

Ортоку олук
Бүтэй Бүлүү, Сыа Бүлүү

Орхон Болодой: «Бу үрэх диэкиттэн бэрт сылаас салгын билиннэ, онон кэнэҕэс бэрт баай-тот, киһи-сүөһү үөскүүр, бэрт дьоллоох олохсуйар үрэҕэ буолуо. Бэрт бүтэй дойду эбит, онон бу сир аата Бүтэй Бүлүү, Сыа Бүлүү диэн буоллун».

Саха былыргы сэһэнэ

Арҕаа тыа, Бүлүү сахалара туой тумат омугу кытта былыр бэркэ кыргыспыттара үһү.

Сэһэн Боло
Маҥнайгы түһүмэх
Хара тҮмэн суолунан
«Маҥан хайаахтыыр мөхсөр дуу?»

Урааннаах уһун күнү быһа айаннаабыт суол-иис диэн омооно да мэлигир, таба аһылыга, лабыкта саба үүммүт иҥкэл-таҥхал куобах уоһа симилэхтэрэ улам сыыйа өрө тахсан, үрдээн барбыта. Тииттэр бөдөҥөөн, сэдэхсийэн, ону кытта хаамар сир эмиэ кытаатан, көнөн испитэ. Бэрт уһун сиринэн эриэн ситиилии субуллубут үгүс ынах, сылгы сүөһү үүрүүлээх, оҕус, ат көлө сэтиилээх айанньыттар сис хайа үрдүгэр тахсыбыттарын билбиттэрэ, сэргэхсийэ түспүттэрэ. Сотору иннилэригэр түҥ тыа арыллан, тараҕай сир көстүбүтэ. Аһаҕас сиргэ тахсыбыттарыгар, тыыннарын-быардарын ыкпыт бобо бааллыбыт бүүрпэх иһин курдук, хамсаабакка турар сииктээх итии салгын чэлгиэрийэн, арыый сөрүүкүүргэ дылы гыммыта – күнү быһа ааспакка-арахпакка саба түһэн супту уулуур бырдах, күлүмэн да сэдэхсийбит курдук буолбута. Дьоннор тиритэн эттэригэр хам сыстыбыт таҥастарын хоҥнорон тыыллаҥнаһан ылбыттара, оттон күнү быһа от диэни салбаммакка, кураанах хара тыаны кэппит сүөһү убаҕас халтаҥ оттоох хонууга дьулуспута, онно бытарыһан киирэннэр иҥсэлээхтик тиниктэспитинэн барбыттара.

Ыыс-араҕас түнэ сонун нэлэкэйдэммит, тугут тириитэ бүүрүктээх үрдүк бэргэһэтин сэгэччи ууруммут бөдөҥ-садаҥ киһи, өһөх тураҕас атыттан ыараханнык ыстанан түһэн баран, кыл дэйбииринэн сапсына-сапсына, нүһэрдик дьаһайбыта.

– Нохоо, Чорбоох, сүөһү үүрээччилэргэ сүүрдэн тиийэн ыл эт эрэ: аллараа, оол көстөр күлүккэ сүөһүлэрин бөрүөрэн өл хаптардыннар. Бөтөстөр уу бастыннар, уот отуннуннар, дьахталлар ас астаатыннар. Манна тохтоон, аттарбытын уоскутан барыахпыт. Аттаах уол, соноҕоһун быһа биэрэн, сүөһү үүрээччилэргэ ыстаннарбыта, онон сүөһүлээхтэр тохтообокко, мэччирэҥнээх сиргэ – хайа тэллэҕинэн сүүрэр үрэх кытыытыгар, аллараа ааһа турбуттара. Сотору ол диэки дьон күүгүнэ, сүөһү маҥырааһына элбээбитэ, уот оттунан, күөс күөстэнэн, онно-манна күөх буруолар тыргыллыбыттара. Хайа үрдүгэр хаалбыттар, аттарыттан түһэн, сиэтэ сылдьан тула көрүммүттэрэ.

– Лүксүрээни кырдьаҕас, били эн түһээн көрбүт, эн этэр хайаҥ үрдүк арҕаһыгар арааһа чугуулаатыбыт эбээт, – диэбитэ кыл дэйбиирдээх тойон киһи, аргыһыгар маҥан баттахтаах, маҥан бытыктаах лэҥкэллибит улахан оҕонньорго. Оҕонньор, сарыы чомпойун устан, сүүһүн көлөһүнүн соттубута, онуоха саннын байаатыгар диэри түспүт маҥан баттаҕа бураллан ылбыта.

– Ытык сиргэ кэллибит. Бу аар-саарга аатырбыт Тараҕай Хайа диэн буолар. Туоҕа Баатыр, айдааннаах айан хааны айаннаан, дорҕоонноох суол хаан ийэни тобулан этэҥҥэ тиийэн кэллэхпит. Этэҥҥэ тиийэн кэлбит ааппытыгар, эһэбит иччитигэр аал уотунан айахта тутуохха, күөх уотунан күөмэйдэ күндүлүөххэ.

Кыл дэйбиирдээх тойон киһи Туоҕа Баатыр күрэҥ маҥаас атын тэһииниттэн тутан баран саҥата суох дьэбин уоһуйан турар суор хара үһүс киһиэхэ эргиллибитэ.

– Оттон эн, Миикээн кырдьаҕас, бу дойдуну көрөн туран киэҥ, дириҥ көхсүгэр туох-ханнык санаалар киирэллэр? Туох диэн санаан тураҕын?

Онуоха Миикээн ойуун иҥиэттэн кэбиспитэ, чэлкэхтээҕинэн көрбүт сүүрэлэс хараҕын түҥ-таҥ көрүтэлээн ылбыта.

– Мин үөрүөххэ-көтүөххэ эрдэ диибин: айдааннаах айан суолуттан өссө да арахса иликпит, дорҕоонноох айан суолун өссө да ситэ тобула иликпит.

Туоҕа Баатыр икки ойууннарыттан ыйыталаһан баран, дэйбиирдээх илиитинэн чарапчыланан балачча өр иннин хоту одуулаан турбута, онтон кэннигэр арыый тэйиччи турар, бытыга саҥа торумтуйан эрэр эдэр киһиэхэ туһаайан эппитэ:

– Оол, күөх унаар быыһынан, тыһы томуйах туоһахтатын курдук, хоту туох тунааран көстөрө буолуой? Эдэр сытыы харах Тымпыалыкы Сүүрүк, бу баай тииккэ ыттан тахсан анаар эрэ, туох эбитий?

Саҥа ситэн-хотон эрэр этигэр-сиинигэр маҥан түнэ сону тиирэ кэппит эдэр киһи, атын тэһиинин мутукка иилэ быраҕаат, бэдэр кыыл курдук, бэрт сымсатык үөһэ ыттыбытынан барбыта. Онтон өр буолбатаҕа, үөһэттэн, хойуу мутукча быыһыттан кини үөрбүт саҥата иһиллибитэ.

– Дьэ, доҕоттоор, дойду киэнэ чулуута, сир киэнэ килбиэнэ арылынна. Уҥа диэки сүдү улахан арыылаах күөл нэлэһийэ сытар. Онно күөл бэрэтиттэн буруо тахсар. Оттон хоту диэки өрүс иэнэ килбэҥниир.

– Ол аата Бүтэй Бүлүү буоллаҕа, – диэбитэ Туоҕа Баатыр. – Оттон хаҥас диэки туох көстөрүй?

– Хаҥас диэки ыт мунна баппат түҥ ойуура. Өрүскэ, маҥан хайаахтыыр мөхсөрүн курдук, туох эрэ хамсыыр, кылбаҥныыр баар.

Тымпыалыкы Сүүрүк тииттэн түспүтүн кэннэ дьоно таайа сатаабыттара.

– Күөл бэрэтиттэн буруо тахсар эбит буоллаҕына дьон баар эбиттэр, – Туоҕа Баатыр сэрэйбитэ. – Оттон маҥан хайаахтыыр курдук, өрүскэ мөхсөөччү туос тыылаах киһи буолуон сөп.

– Биһигиттэн урутаан кэлэн эрдэ олохсуйбут буоллахтара, ол дьон хайдах биһигини көрсүөхтэрэ эбитэй? – Лүксүрээни саарбахтыы санаабыта.

– Мин эппэтэҕим дуо, суол хаан бүтүө эрдэ диэн, – Миикээн ойуун түгэх түһэн сөҥөдүйбүтэ. – Туоҕа Баатыар, эн олус эрдэ үөрүмэ: эн билэҕин дуо биһигини өлөр-тиллэр охсуһуулар күүтэллэр. Түүл-бит инньэ диир.

Ойуун ити тылларын истэн, толуу киһи эдэр бөтөс тылларыттан сырдаабыт сирэйэ дэбидис гынан ылбыта. Ол эрээри кини тугу эмэни этиэн иннинэ атын кытта бодьуустаһа сылдьыбыт тимир дуулаҕа бэргэһэлээх, дарайбыт кэтит сарыннаах улахан киһи тиийэн кэлэн саҥаран дабдыгыраппыта:

– Бачча тэгил дойдуттан тэлэһийэн, быдан дойдуттан быралыйан, оннубутуттан огдолуйан, бачча эрэй бөҕөнү эҥээрбитинэн, муҥ хааны муннубутунан тэлэн баран, ол аҕыйах дьон бааллар диэн толлон туруохпут дуо?! Утарсар баар буоллаҕына умсарсыахпыт, өһүөннүүр баар буоллаҕына өлөрсүөхпүт, наахара хаанын хааннаныахпыт, өһүк сирэйин сирэйдэниэхпит, хамсык хараҕын харахтаныахпыт буоллаҕа дии.

– Дагдаҕар Баатыр, бэйэ тохтоо, мэнээк-мэнээк харса-хабыра суох тыллаһыма, – Лүксүрээни ойуун буойбута. – Хара маҥнайгыттан кыргыһыынан кырыстанан, өлөрсүүнэн өҥнөн бардахпытына өр барыахпыт үһү дуо?! Эйэлээх олох кыаллар сиригэр кыргыһыынан кынаттаныы табыллыа суоҕа. Мэччирэҥнээх сири була охсон, кыс хаар иннинэ от оттоон, дьиэ туттан олохсуйдахпытына эрэ киһи-хара буолабыт. Оттон кыргыһа, өлөрсө сырыттахпытына улаханнык тэптэриэхпит.

Туоҕа Баатыр турбахтаан баран эппитэ:

– Чэ, ол олохтоохтор хайдах сыһыаннаһалларыттан көстөн иһиэҕэ, мөккүһэр эрдэ. Хата, эһиги этиҥ эрэ: хайа диэки хайыһабыт? Тус хоту өрүс диэки дуу? Илиҥҥи ол арыылаах күөл диэки дуу?

Кырдьаҕас ойуун Лүксүрээни бастаан бэйэтин санаатын биллэрбитэ:

– Өрүс олус чэлгиэннээх буолуо, кэлэр-барар дьон атаҕын анна. Саҥа сиргэ ону-маны билиэххэ, тирэҕириэххэ, сүһүөххэ туруохха диэри, үгүс дьон хараҕа быраҕыллыбат сиргэ олохсуйар ордук буолуох этэ.

Миикээн ойуун киниэхэ эмиэ сөпсөспүтэ.

– Ол Арыылаах эбэ диэки тиийэн олохсуйар ордук, – диэбитэ кини, сэлэммэтэх атыыр сиэлин курдук, хараҕар саба түһэр баттаҕын кэннин диэки илгистэн кэбиһэн баран. – Таарыйар дьон аҕыйах буолуоҕа. Сүөһүбүт айаҕар оттуохпут, бэйэбит айахпытыгар балыктыахпыт.

Туоҕа Баатыр, ойууннарын санааларын истэн баран ыарахан, улахан төбөтүн санньытан, чочумча тура түспүтэ, ол кэнниттэн биир сөптөөх быһаарыыны ылбыттыы саҥарбыта:

– Бултаан, балыктаан аһыырга, сүөһүгэ от оттуурга даҕаны өрүскэ олоруохха эмиэ сөп эбитэ буолуо. Ол гынан баран өрүс, кырдьык, киһи атаҕын суола, онуоха эбии кини быһыытын-майгытын билбэппит. Ити сөпкө эттигит, киһи атаҕыттан тэйиччи күөлгэ олохсуйуохха. Аттарбытын, сүөһүлэрбитин сынньатан, өл хаптаран баран тус илин ол көстөр арыылаах күөлгэ салаллабыт. Ыл эрэ, Дагдаҕар Баатыр, кураахтаах сааҕын ылаҥҥын эккэ элиэтиир, хааҥҥа халаахтыыр элиэ чупчурҕан оххун, суос биэрэн, арыылаах күөлү туһаайан ыһыктан көр эрэ!

Онуоха Дагдаҕар Баатыр, иһиттиэм-истибэтиэм диэбит курдук, бэрт улугумнук сүгэн испит кураахтаах саатын сулбу тардан ылан, кулгаах тааһыгар диэри иэмэх курдук төгүрүччү тардан баран ыраах тунаарар күөл диэки ыһыктан кэбиспитэ.

Биэс киһи бүгүйэхтээн кэҕиҥнэһэр, сиэллэринэн-кутуруктарынан далбаатанар аттарын сиэтэн аллараа хайа тэллэҕэр түспүттэрэ. Сэниэтэ суох сүүрдэн чылыгырыы сытар үрүйэ кытыытыгар намылыччы үүммүт хатыҥнар быыстарыгар дьонноро, хайыы үйэҕэ уот оттон, отуу туруоран, хонорго тэриммиттэр этэ.

Туоҕа Баатыр дьонугар тиийэн туох быһаарыыны ылыммыттарын кэпсээн биэрбитэ: аһаан сынньанан баран сөрүүн түһүүтэ, үөн хаптайыыта тус илин көстөр арыылаах күөл диэки айанныырга эппитэ. Сылайан кэлбит дьон ситэ сынньаммакка-хоммокко эрэ айанныыллара ыарахан этэ, ол эрээри сындалҕаннаах уһун айан бүтэр уһуга көстүбүтэ айан дьонун үөрүүнэн кынаттаабыта. Саҥа сиргэ бэйэлэрин бастарын бэйэлэрэ билинэн, бэйэлэрэ тойон-хотун буолан, кимтэн да тутулуга суох буруо таһаараллара хайдахтаах үчүгэй буолуой?! Баҕар, үүт-сүөгэй олбохтоох сир буолан – көрдөөбүт дьоллорун, дьэ, таба тайаммыттара буолуо – ону билэ охсорго баҕарыы олус улахан этэ. Туоҕа Баатыр дьонун санаатын таба таайбытыттан астына санаабыта.

Туоҕа Баатыр ортоку улахан кутаа таһыгар тэлгэтиллибит аас тэллэххэ олоро түспүтэ. Кинини эрэ кэтэһэн олорбут курдук, кутаалар тастарыгар аһаан-сиэн кимирийбитинэн барбыттара: үтэһэҕэ үөлүллүбүт сылгы этин сиэбиттэрэ, көөнньүбүт кымыс, үүт, сүөгэй испиттэрэ.

– Аҕаа, хаһан тиийэбит? – чорос курдук улаатан эрэр кыыс оҕо, иһэ олорор чороонун антах ууран баран, Туоҕа Баатыртан ыйыппыта. Кини сылаарҕаабыт синньигэс куолаһыгар кыҥкыйдааһын бэлиэтэ биллэн ааспыта.

Аҕата, тиниктээн хадьырыйа олорор уҥуоҕуттан арахсан, илиитигэр тутан олорон кыыһыгар боччумнаахтык хардарбыта:

– Адьас чугаһаатыбыт, бэрт сотору тиийиэхпит, – онтон кыыс бырдахха дэлби сиэппит, от-мас хайыта-тырыта тыыппыт илиитин-атаҕын, сирэйин-хараҕын көрөн баран эбэн эппитэ. – Тулуйа түс, Эбиэттимэ, эн улахан киһигин дии. Эйигиннээҕэр буолуох кыра оҕолор тулуйан иһэллэр дии.

– Хара Түмэн суола ыраах да эбит, – диэбитэ кыысчаан салгыбыттыы.

– Тукаам, ол кинилэр диэн киэҥ хардыылаах, уһун чүөмчүлээх, дьон киэнэ чулуулара, киһи киэнэ килбиэннээхтэрэ эбитэ буоллаҕа дии, – диэбитэ Лүксүрээни кыыска, кинини кытта кэпсэтэ үөрүйэх киһи быһыытынан.

– Үс Бүлүү түгэҕэр, Тыгын тойон, дьэ, сиппэт сиригэр, ама тиийдибит ини, – диэбитэ Дагдаҕар Баатыр арыылаах кымыһы кэтэрдэ-кэтэрдэ. – Бэт киһи, атын иэстии, манна кэлэр ини.

– Кэбис, доҕор, дьыбардаахха тыыныма, саталаахха саҥарыма, Тыгыны билбэт киһиэхэ дылы, – Миикээн ойуун Дагдаҕар Баатыры саба саҥарбыта. – Кини саҕа өһүөннээх киһи урааҥхай сахаларга төрүү илик.

– Эс, биһиги суолга элиэ чупчурҕан оҕунан батарыта ытыалаан баран төҥүргэскэ ыйаабыт тимир иҥэһэбитин көрдө ини. Ол кини да буоллар, тимир куйаҕа иҥэһэ тилэҕиттэн ордук халыҥ буолуо дуо? Биһиги охторбут суптурута көтүөхтэрэ турдаҕа дии, хайа, чаҕыйар ини.

Дагдаҕар Баатырдаах кэпсэтиилэрин истэн, чугастааҕы кутаа таһыгар кэргэттэринээн аһыы олорор, түнэ сону дыгдаччы кэппит киппэ, бөҕө-таҕа көрүҥнээх киһи кэпсэтиигэ кыттыспыта.

– Мин уруккуттан Тыгын иҥсэтин бэккиһиибин эбээт: биир ат иһин, чэ, баҕар, төһө да үтүө ат, Өдүөһүт, олох ата да буоллун, түөрт уон сылгы диэн! Олус сирэйэ-хараҕа суох, олус кэрээнэ суох быһыы буолбат дуо?!

– Ол барыта бу уол оттомо суоҕуттан, – Туоҕа Баатыр уҥа өттүгэр олорор эдэр уолу кынчарыйан ылбыта.

Эбиэттимэ убайын көмүскэспитэ:

– Аҕаа, ону кини соруйан өлөрбөтөҕө ээ: үөнтэн-көйүүртэн буорга үҥкүрүйэн баран мас күлүгэр турбута үкчү кыылга маарынныыра.

Лүксүрээни ойуун эмиэ Туоҕа уолун Такымы Сүүрүгү көмүскэспитэ:

– Ити оҕо олус буруйа да суох ини. Түмэрэй Бөҕө сөпкө этэр – Тыгын, өһүөмньүтүн таһынан, кини саҕа иҥсэлээх, икки хараҕа туохха да туолбат икки атах суох буолуо. Өссө, Түмэрэй Бөҕө, эн билбэккин, атын уҥуоҕун барытын сүһээн баран, хас уҥуоҕун ахсыытынан сылгы көрдөөбүтэ. Ону биһиги ити Миикээн кырдьаҕастыын баран нэһиилэ түөрт уон сүөһүгэ тиийэ түһэрсибиппит. Дьиҥин ыллахха, ити барыта сылтах эрэ – биһиги аҕа ууһун кырыылата көрбүтэ өр буолла. Ол барыта сирбитин-уоппутун ылаары.

Кыыһырбыта ааспакка олорор Туоҕа Баатыр өс саҕа буолбуттуу саҥарбыта:

– Миигин ону билбэтэ-сэрэйбэтэ эбитэ буолуо дии саныыгыт дуо? Бу уол онно киирэн биэрдэҕэ.

Дагдаҕар Баатыр аһаан бүтэн, туран тыыллаҥнаабыта.

– Чэ, доҕоттоор, кыһаллымаҥ, ааспыт аастаҕа – аны төннүбэппит. Тыгын ыраах, биһиги буоллаҕына ким да суох үтүө дойдутугар кэллибит. Оттон дьэ, көҥүлбүтүнэн көрүлүөхпүт буоллаҕа дии: талбыт сирбитин ылыахпыт, таптаабыт сирбитигэр олохсуйуохпут.

Эбиэттимэ Лүксүрээниттэн ыйыппыта:

– Хара Түмэн тоҕо бачча ыраах кэлбитэй?

Лүксүрээни, оҕолорго арааһы кэпсии үөрэммит киһи быһыытынан, сиһилии кэпсээн биэрбитэ:

– Былыыр-былыр Хара Түмэн, эмиэ биһиги курдук, сир көрө, сир көрдүү кэлэ сылдьыбыта эбитэ үһү. Ол Хара Түмэн дьонугар Орхон Болодой диэн улахан түүллээх-биттээх ойууннааҕа. Кинилэр Бүлүүнү баһынан быһан, Бүлүүгэ түһэн үс Бүлүү төрдүгэр тохтоон хоммуттар. Хонон турбуттарыгар Орхон Болодой этэр: «Бу кэлбит үрэхпитигэр бэт сылаас салгын билиннэ. Онон кэнэҕэс бэт баай-тот, киһи-сүөһү үөскүүр, бэрт дьоллоох дойду буолсу», – диэн. Ол гынан баран кини Сыа Бүлүү, Бүтэй Бүлүү диэн аат биэрбитэ эбитэ үһү.

– Ол Хара Түмэн онтон ханна барбыт? – Такымы Сүүрүк ыйыппыта.

– Хара Түмэн Бүлүүттэн сахалар өрүстэригэр түһэн, ону өрө өксөйөн Саргылаах Сайсары эбэ хотуҥҥа Омоҕой Баай диэни булан, хонук хонон, күн өрөөн, сынньанан баран соҕуруу бэйэтин дойдутугар төннүбүт.

Лүксүрээни оҕолорго Хара Түмэн дьоло суох түмүктэммит айанын – Муҥку үрэх утарыта кумах хайаҕа кинини аргыстара уоран өлөрбүттэрин, ону көрүүлэнэн эрдэттэн билэн, Орхон Болодой кинилэртэн арахсыбытын, тойоннорун өлөрбүттэр хара дьылҕаларын эҥин туһунан оҕолорго ситэ кэпсээбэтэҕэ. Туоҕа Баатыр ол сордоох, сатамматах айаны тоҕо барытын оҕолорго кэпсээбэтэҕин сэрэйбитэ уонна Лүксүрээни ойууну куруутун үтүөҕэ талаһар дэлэй-былас санаатын, киэҥ-куоҥ көхсүн иһин эмиэ хайгыы санаабыта.

Туоҕа Баатырдаах нөҥүө киэһэ хонуктарыгар эрэ били бэҕэһээ көрбүт, ортотугар арыылаах сүдү улахан күөллэригэр тиийбиттэрэ – күн киириитэ эмискэ, туох баар сылгылыын-ынахтыын, аттыын-оҕустуун, ыттыын-кустуун, толоон туолар дьоно биирдэ кутулла түспүттэрэ. Туоҕа Баатыр уонча бөтөс дьонноох аттарын миинэн, сэптэрин-сэбиргэллэрин субу киирсэн барарга бэлэмнии тутан, күөл арҕаа бэрэтигэр Тараҕай Хайа үрдүттэн көрбүт буруоларыгар барбыттара. Онно туос бөтөрөҥүнэн битигирэтэн тиийбиттэрэ, собус-соҕотох сарыы тордох чоройон турара. Үйэлээх саастарыгар көрбөтөхтөрүн көрбүт көрүҥнээх үс киһи сирэйэ, тордох дьиэлин сэгэтэн кинилэри көрөөт, төттөрү түспүттэрэ. Айаны арыйбыт, сырыыны сылдьыбыт күөн киһи Дагдаҕар Баатыр атынан тордоххо тиийэн ыга астарбыта, батыйатынан тордох ураатын тоҥсуйбута.

– Ким ааттаах, туох дьоно манна олороҕут? – диэн тоҥ биистэрдии хаһыытаан ыйыппыта.

Тордох иһиттэн бэрт симик саҥа иһиллибитэ:

– Мин Күүкэй диэн тоҥ бииспин.

– Итиннэ хаһыаҕытый? – Дагдаҕар Баатыр баргыйбыта.

– Кэргэним уонна оҕом бааллар.

Дагдаҕар Баатыр дьонугар тылбаастаан биэрбитэ.

– Бу эбэҕэ тохтоон хонобут. Баран этиҥ сүөһүлээхтэргэ – манна тохтуур гына тэринниннэр. Чэйиҥ, иһирдьэ киириэҕиҥ, аттаргытын илдьэн тыа саҕатыгар баайталааҥ, – диэн Туоҕа Баатыр дьаһайбыта.

Бөтөстөр, үөрүйэх дьон быһыытынан, үгүстүк этиттэрэ барбакка, сорохтор хонук сир көрдүү тэптэрбиттэрэ, сорохтор, тойон дьаһалын тиэрдэ, сүөһүлээхтэргэ ыстаннарбыттара. Туоҕа Баатыр бэһиэ буолан тоҥ биис тордоҕор киирбиттэрэ.

Күүкэй тоҥ биис, бэрт муҥкук сирэйдээх-харахтаах эдэр киһи, кини кэргэнэ, көлөһүннээх сарыы таҥастаах хатыҥыр кыра дьахтар, ыалдьыттарын куттаммыттыы көрсүбүттэрэ. Кыракый уоллара хаҥас диэки таба тириитэ мэҥкэрэ кэнниттэн кутталыттан олус кэҥээбит харахтара эрэ чаҕылыһаллара.

Туоҕа Баатырдаах дьиэлээхтэри кытта кэпсэтэн билбиттэрэ – Күүкэй тоҥ биис үс ини-биилэр эбит. Убайдара табаларын илдьэ тыаҕа бултуу тахсыбыттар. Оттон кини кэргэнинээн балыктыыр эбит. Ити курдук кэпсэтэн-ипсэтэн, билсэн баран дьиэлээхтэр ыалдьыттар иннилэригэр, биэс атыйахха толору кутуталаан, хоргуннаах барчаны аҕалан ууран биэрбиттэрэ. Оттон онтон ылан аһыырга хамыйах да, туох да биэрбэтэхтэрэ. Ону көрөн Туоҕа Баатыр сэрэйэ охсубута уонна дьиэлээхтэргэ эппитэ:

– Дьэ, бу эһиги, тарбахтара сыаланан-арыыланан, охторун кирсин тардыбатыннар, ол аата кыргыһар туһунан санаабатыннар диэн маннык туох да баһара суох аҕаллаххыт. Биһиги да көрбүппүтүн эрэ кырган иһэр дьон буолбатахпыт. Ыл, итини барытын этэн биэр, – диэт, Дагдаҕар Баатырга соруйбута. Дагдаҕар Баатыр тута тылбаастыы охсубута. Күүкэй, саха хоһуунун ыллыктаах тылын истэн, сирэйэ-хараҕа сэргэхсийэ түспүтэ.

– Бэт сөп, бэрт сөп, – дии-дии хаҥас диэкиттэн мас хамыйах аҕалтаан ыалдьыттарын иннилэригэр уурталаабыта. Ыалдьыттар аһаан барбыттара.

– Биһиги үтүө дьону кытта үөрдүстэрбит, эйэҕэс дьону кытта эҥээрдэстэрбит, дьоһун дьону кытта доҕордосторбут диэн иһэр дьоммут. Эн бу баар-суох аскынан маанылаабыккар биһиги эмиэ хардарабыт, биһиги эмиэ эйигин күндүлүүбүт. Чэй эрэ, Тымпыалыкы, эттэ-аста, арыыта-сүөгэйдэ бу дьоҥҥо биэр эрэ. Саха аһын амсайдыннар.

Тымпыалыкы Туоҕа этэрин кытта элэс гыммыта.

Аһаан-сиэн, тотон-ханан, тииһин-уоһун соттон баран:

– Эн бэт эдэр, сырыыны-айаны кыайар буолуоххун сөп эбит, онон бу чугас эргин ханнык сир-дойду баарын билэриҥ буолуо, биһиэхэ сүөһү-ас үөскүүр үчүгэй сиринэ ыйан кулу, – диэн Туоҕа Баатыр Күүкэйтэн көрдөспүтэ.

Күүкэй онуоха ыйбыта:

– Манна биһиэхэ бултаах-астаах күөллэр даҕаны, от үүнэр сыһыылара, үрэхтэрэ даҕаны бааллар. Биһиги, таба көлөлөөх буолан, окко бэрики наадыйбаппыт. Маннааҕы чугас эргин сирдэртэн бастыҥнара олорор оҕо саҕа соболоох Улуу Лүксүкүн диэн күөл баар. Ону көрдүгүт дуо?

– Ол күөлү көрө кэллибит даҕаны, ынах сүөһү үөскүө суох сирэ эбит, тыатын саҕатыттан уулаах, оттонор ходуһа диэн букатын суох сирэ.

– Оччоҕо мантан салгыы баран иһэр сиргит диэки маҥан таба быһа сиэлэн туораатаҕына күөх бороҥ буолар күүгэннээх оттоох Улуу Сыһыы диэн сир баар, онно баран олохсуйдаргыт.

Лүксүрээни, хоргун буолбут тарбахтарын салыы-салыы, тоҥ биистэн ыйыппыта.

– Ол сириҥ чугаһыгар, таһыгар туох дьон-сэргэ баарый?

– Суох, чугаһынан суох, – Күүкэй хап-сабар хардарбыта.

Тоҥ биис өрүһүспүттүү хардарыыта Миикээн ойуун сытыы харахтарыттан халты түспэтэҕэ, ол гынан баран тугу да саҥарбатаҕа – таһыттан Тымпыалыкы ас-үөл бөҕөнү кыбыммытынан киирбитэ.

Ойдуо

Улуу Туймаадаҕа, Киэҥ Эҥсиэли, Эркээни эбэ хотуттарга уутуйан, ууһаан-тэнийэн олорор саһыл курдук ньуолбар, саталлаах саха урааҥхайдар улуу уустарыгар кинилэр үс үөстээх Өлүөнэ өрүстэрин хаҥас салаата Бүтэй Бүлүүгэ тыалыы тахсыбыт саха булчуттара санаалара астынан, харахтара туолан киирэллэрэ, таба-тайах, эһэ-бөрө, күндү түүлээх бултарын үрдүнэн киһи кэрэхсиир сөҕүмэр бултаах-астаах дойду диэн кэпсээн-ипсээн кэлэллэрэ.

«Бүтэй Бүлүүгэ бултуу тахса сылдьан Үс Көлүйэ диэн үтүө сиргэ хоно сыппыттааҕым. Булт эккирэтиһиитигэр ыкса түүҥҥэ диэри сылдьан хабыс-хараҥаҕа кэлэн икки адаар сыгынах хоонньугар уот оттон утуйбутум. Сарсыарда сырдаабытын кэннэ туран онтукаларбын көрбүтүм, икки аарыма буур тайахтар буолан хаалбыттара – харсыһан баран муос-муостарыттан хатыйсан, өлө сыталлар эбит этэ».

Эбэтэр: «Бүлүү эбэ хотуҥҥа тыалыы сылдьан биир синньигэс үрэх кэлбитигэр, этэрбэспин устуохпун сүрэҕэлдьээн, быһа кэһэн тахсыбытым, этэрбэһим айаҕар биир күөс холобурдаах күөнэх баһыллан тахсыбыта».

Биитэр: «Ыкса киэһэ, хараҥаҕа, кэлэн аппын титирик диэн өттөөбүтүм, арай, сарсыарда туран көрбүтүм, атым биир бэртээхэй диэн баҕайы туруйаны соһо сылдьара – куолахтаан олорор туруйа моонньугар, билбэккэ, титирик буоллаҕа диэн, баайбыппын».

Үскэм бултаах-астаах үтүө дойду баар Бүтэй Бүлүү, Сыа Бүлүү диэн бэйэ-бэйэлэриттэн истиһэ-истиһэ, онно тиийэн дойдуланаары, олохсуйан көҥүл байаары-тайаары дьон мондоҕойдоохторо, түөрт кырыылаахтара, үс уһуктаахтара, дьулаакыр сулумах даҕаны, үгүс да буолан көһүтэлииллэр этэ. Халыҥ хаардар, уу суттар, уот курааннар буоллахтарына, саҥа сиргэ талаһааччы ахсаана ордук хойдоро. Көһөн кэлээччилэр бастаан күөллэр, маардар, үрэхтэр, бэстэр кытыыларынан хатырык, буор балаҕаннары туттан олохсуйан испиттэрэ. Сүдү күөллэр кытылларын ходуйан сүөһүлэригэр от оттууллара, бэйэлэрэ балыктаан, бултаан аһыыллара. Бүлүү төрүт олохтоохторо, атын сиртэн кэлбит дьону сөбүлээбэккэ, утарсаллара. Ити кыргыс, быһылаан кэмэ этэ.

Ити ойдуо кэмэ этэ. Бастаан сири булбут, ханнык эмэ сиргэ кэлбит киһи ойдуолуохтаах: үрдүк тумулга, эбэтэр тииккэ тахсан туран, кэлбитин биллэрэн хаһыытыахтаах этэ. Оччотооҕу киһи үөгүүтэ чуумпуга, киэһээҥҥи-сарсыардааҥҥы дьыбардарга тула үс көскө диэри иһиллэрэ. Кини иннинэ кэлбит киһи баар буоллаҕына, бэйэтин хайаатар да биллэриэхтээҕэ. Оттон ким да суох буоллаҕына, ойдуолаабыт киһи ол сиргэ тиити суоран бэлиэ – хойгуо туруоран олохсуйара. Кини кэнниттэн хойутаан кэлбит дьон оннук хойгуону көрдөхтөрүнэ, тохтообокко атын, ким да ылбатах иллэҥ сири көрдүү ааһа бараллара.

Тоҥ биистэр ыйан биэрбит сирдэригэр Туоҕа Баатырдаах икки хонон үһүс хонуктарыгар тиийбиттэрэ. Тыа саҕатын бүөлүү саба үүммүт хойуу талахтары силэйэн, эмискэ киэҥ алааска көтөн түспүттэрэ.

Күүкэй тоҥ биис сымыйалаабатах этэ: айанньыттар иннилэригэр кинилэр күүппүт, санааларын ырата гыммыт кэрэ көстүүлэрэ арыллан нэлэс гыммыта. Кип-киэҥ алаас ортотугар төп-төгүрүк бүлтэйбит олус улахан күөл киирэн эрэр күн уотуттан күлүмүрдүү сытара, күөл тула ыга үүммүт оттоох хонуу долгулдьуйа хамсыыра. Алаас тула араас мас, талах олус өлгөмнүк үмүрүччү үүнэн турара. Арҕаа диэки алааска киирэр үрэх тамаҕа эҥэлдьийэрэ. Икки атахтаах, иннинэн сирэйдээх дьиэ-уот туттан олохсуйбут быһыыта биллибэт этэ.

Бастаан суол тэлэйэн иһэр Туоҕа Баатырдаах тыа саҕатыгар, халдьаайы үрдүгэр аттарын тохтоппуттара уонна түспэккэ, кэлбит сирдэрин чинчийэн көрбүттэрэ.

– Үтүө сир буолла, – диэбитэ Лүксүрээни ойуун, чарапчыланан тула өттүн көрөн баран, бэркэ астыммыттыы. – Манна тохтуохха, манан бэт бүтэй төбөлөөх мастаах-оттоох, киһи кута-сүрэ тохтуур.

Миикээн ойуун салгыны тыастаахтык сытырҕалаан ылбыта, кыыраары гыммыттыы, сыҥааҕырдаан аппаҥнаабыта:

– Аам-аам! Хаан, хаан сыта кэлэр! Арах, арах да! – диэтэлээбитэ.

Туоҕа Баатыр Миикээн ойуун тылын букатын сөбүлээбэтэҕэ, кынчарыйан баран киэр хайыспыта.

– Мин да көрдөхпүнэ, үтүө сир, – кини тэмтэрийэ сыспыт атыттан сиргэ ыстанан түспүтэ. – Чэ, түһүҥ, манна тохтуубут. Бөтөстөр, сылгылары, ынахтары үрүйэҕэ үүрэн илдьэн аһатыҥ, алааска киллэримэҥ. Оту тэбистэримэҥ. Сотору киирэн оттообутунан барыахпыт, – ситэн кэлэн тула үмүөрүспүт дьонугар дьаһайбыта.

– Үрүйэҕэ барымньы күрүө тутуохпут, ону баҕас тулуппат дьоммут, – Тымпыалыкы Сүүрүк, уһун, сылаалаах айан бүтэрэ, дьэ, кэлэн, үөрбүт куолаһынан хардарбыта. – Чэйиҥ, бөтөстөр, барыаҕыҥ.

Сындалҕаннаах ыарахан айан түмүктэнэн, саҥа сиргэ кэлбит дьон быһыытынан, бары да өрө көтөҕүллэн күөдьаа буолбуттара. Оҕо-дьахтар саҥата-иҥэтэ, күлсүүтэүөрүүтэ, оҕус айаатааһына, ынах маҥырааһына – саҥа көс дьон айдаана толоон иһин толорбута.

– Эһиги баран чугастааҕы сирдэри көрүтэлээҥ уонна ойдуолааҥ, көҥдөй аҥылыны охсуҥ! – Туоҕа Баатыр Дагдаҕарга уонна Чогдоон Бөҕөҕө соруйбута. – Дьон баар сибикитин биллэргит эрэ кэлэн биллэрэ охсооруҥ. Биһиги сыһыыга киирэн сир көрөн тахсыахпыт. Оттон атын уолаттар-кыргыттар маста мастааҥ, уотта оттуҥ, отуута тутуҥ.

Ити курдук дьаһайан баран Туоҕа Баатыр, ойууннарын илдьэ, сыһыыга киирбитэ. Кинилэр алаас ортотугар баар күөл диэки барбыттара. Күөл кытыытыттан ыла дириҥ, өтөрүнэн уолар-быстар чинчитэ суох толору уулаах этэ, киниэхэ сүүрдэр үрэхтээх буолан суту-курааны уйуох быһыылааҕа. Киэһээҥҥи чуумпуга уу килбэйэн турар ньуурун быыстала суох балык сэмсиирэ – баайынан да баай бадахтааҕа. Күүкэй тоҥ биис эппитин курдук, түнэ этэрбэстэрэ, соннорун тэллэҕэ от уутуттан күп-күөх буолбутун бэркиһии да, үөрэ да көрбүттэрэ. Инньэ гынан, кинилэр олус сөбүлээн, астынан, манна олохсуйуохха үтүө сир эбит диэн быһаарынан, дьонноругар тахсыбыттара.

Ити кэмҥэ халдьаайы тыа диэкиттэн Дагдаҕар Баатырдаах, тыа баһа сатарыйыар диэри көҥдөй тиити охсон хобурҕата-хобурҕата, хаһыытыыр саҥалара иһиллибитэ:

– Ойдуо! Ойдуо! Ойдуо!

Кинилэр харда күүтэн чочумча иһиллээн тохтуу түһэллэрэ, онтон эмиэ хаһыытаан, көҥдөй тиити кырбаан хобурҕатан бараллара.

– Ойдуо! Ойдуо! Биһиги кэллибит! Ким баарый! Хаһыытааҥ! Ойдуо! Ойдуо! Бу сири биһиги ыллыбыт! Ойдуо! Ойдуо! Дьон баар буоллаххытына хардарыҥ! Ким да суох буоллаҕына биһиги олохсуйабыт! Ойдуо! Ойдуо!

Дагдаҕар Баатырдаах Чогдоон Бөҕө хаһыылара, көҥдөй маһы охсон күбүргэтэллэрэ тыа баһынан эҥсиллэн, ырааттар-ыраатан бара турбута. Туоҕа Баатыр дьоно, барыта кулгаах иччитэ буолан, ким тугу гынан испитин быраҕан, хантан харда кэлэрин күүтэн, иһиллээн чөрбөһөн турбуттара. Ол онтон, харда кэлэриттэн-кэлбэтиттэн, бу көһөн иһэр бүтүн түөлбэ дьон – түөрт уонча ыал дьылҕата тутулуктанара. Балачча өр иһиллээбиттэрэ, ол эрээри хантан да харда иһиллибэтэҕэ, ким да хаһыытаабатаҕа. Солко-нуолур сэбирдэх-мутукча сиэдэрэйинэн силигилии симэммит Баай Хара Тыаҕа киэһээҥҥи нуһараҥ налыйан турбута. Көс дьон үөрбүт, сэргэхсийбит сирэй-сирэйдэрин көрсөн кэбиспиттэрэ, күлүктэригэр имнэммиттэрэ: «Бу дьолу-соргуну! Өрөгөй-талааны! Ол аата ким да бу бэйэлээх дойдуну таба тайамматах эбит буоллаҕа! Дьэ, биһиги олохсуйдахпыт!» – диэн хайыы үйэҕэ бэйэлэрин сирдэринэн ааҕынан, тута оҥостуммутунан барбыттара. Мындыр, кырдьаҕас өттө ханан дьиэ оннун түһэрэр, ханан олохсуйар сири көрдөөбүтэ, эдэр, омуннаах өттө балаҕан маһа көрө тыаҕа тахсыбыта. Дьахталлар-оҕолор эрэ хааланнар, үөрэ-көтө кэпсэтэ-ипсэтэ, уоттарын тастарыгар киэһээҥҥи аһылыктарын бэлэмнээбиттэрэ. Сайыҥҥы чуумпу киэһэ сыһыы үрдүнэн халыйа түптэ буруота тарҕаммыта.

Күөс-ас буһуута эр дьон тиийэн кэлбиттэрэ. Кинилэр отууларын туруора, таһаҕастарын онно дьапсаныйа охсубуттара. Күннээҕи түбүк, үлэ-хамнас бүтэн, бары даҕаны аччыктаан, сылайан, ол эрээри саҥа дойдуламмыт, сирдэммит-уоттаммыт дьон быһыытынан, олус эгди буолан үөрэн-көтөн кутаалар тула мустаннар, төбүрүөннээн олорон аһыырга оҥостуммуттара.

– Кыраһын, үөһэ тахсан мас көрө сырыттыҥ дуу? Хайдах эбитий, чугас мас баар дуо? – Түмэрэй Бөҕө кутаа аттыгар кэккэлэһэ олорор эдэр доҕоруттан ыйыппыта.

– Үөһэ мас дэлэй, – диэбитэ анарааҥҥыта, толунньаҥ уҥуоҕун тиниктии олорон.

– Мин бэртээхэй сири бэлиэтии көрдүм, балаҕаммын онно туттуом. Кыраһын, эһиги биһигини кытта дьукаахтаспаккыт дуо?

Эдэр киһи кэргэнэ, турбут-олорбут сытыы дьахтар, эрин аһатан илин-кэлин түһэ сылдьара, эрин диэки көрүтэлээн кэбиспитэ: кини саҥа сиргэ бастарын бэйэлэрэ бас билинэн, туһунан ыал буолан эрэллэриттэн үөрэр этэ.

Эдэр киһи хоруйдуу охсубатаҕыттан Түмэрэй салгыы саҥарбыта:

– Бука, быйыл тус-туһунан, бэйэбит таптыырбытынан олорорбут сатаммата буолуо. Ыл, истиэҕиҥ эрэ Туоҕа Баатыр туох диирин.

Оттон ортоку кутаа таһыттан Туоҕа Баатыр чиҥ-чаҥ куолаһа иһиллибитэ:

– Доҕоттоор! Быйыл кыһын бары бииргэ, биир сиргэ кыстыахпыт. Туох-ханнык сирин-уотун, чугастааҕы дьону билиэхпитигэр-көрүөхпүтүгэр диэри бары бииргэ тутуһан сылдьыахпыт. Ол кэриэтин барыта уу чуумпу, үүт тураан буоллаҕына, чугастааҕы алаастарынан тус-туспа ыал буолан тарҕаһан иһиэхпит.

Мин тугу эппиппиний диэбиттии, Түмэрэй Бөҕө Кыраһыҥҥа имнэммитэ.

– Онон быйыл чугас-чугас балаҕан туттан, бары бииргэ кыстыахпыт. Биэс-алта улахан балаҕан сөп буолуо. Кырдьаҕастарбыт түүл түһээн, бит биттэнэн утуйан туран, сарсын дойду иччитин аһатан алҕаабыттарын кэнниттэн балаҕан туттубутунан барыахпыт.

– Оттон мин саҥа сиргэ саҥалыы, туһунан бэйэм баспын бэйэм билинэн олоруом дии санаабытым, – эдэр киһи, Туоҕа Баатыр ити тылларыттан хомойбут көрүҥнээх, кэргэнин диэки көрбүтэ.

Аҕа табаарыһа кини санаатын көтөхпүтэ:

– Кэбис, Кыраһын, санааҕын түһэримэ, Туоҕа Баатыр этэрэ саамай сөп. Ол да иһин бачча үгүс киһи кини тылын ылынан, кинини истэн батыстахпыт дии. Эһиилгэ дылы, баҕар, сир бастыҥар олохсуйуохпут.

– Чугаһынан ким да суох буолбат дуо? – Кыраһын кэргэнэ эдэр дьахтар саҥарбыта.

– Чыкыам, инньэ диэмэ, Туоҕа сэрэх киһи, билэн эппитэ буолуо, – кинини Түмэрэй ойоҕо Доҕуйа саба саҥарбыта.

Кутаалар тула үөрэ-көтө ортолуу аһаан эрдэхтэринэ, сылгыларын, ынахтарын бөрүөртэрэ ыыппыт бөтөстөрө Тымпыалыкылаах, тыын быһаҕаһа тыынан, бөтүөхтэһэн тиийэн кэлбиттэрэ:

– Дьон, дьону көрдүбүт! Табалаах дьону! – дэспиттэрэ кинилэр. Ити олус соһумар сонун этэ: саҥа күөдьүйэн эрэр уокка ууну саба куппуттуу, саҥа-иҥэ соҕотохто ньим барбыта. Сибилигин аҕай ким да суох дии санаан олорор сирдэригэр атын дьон баар буолан хаалбыта кинилэри олус соһуппута. Өрүкүйбүт уолаттары өрө көрөн олорон:

– Бэйэ эрэ, бөтөстөөр, саас-сааһынан, киһи чөмчөкөтүгэр таба түһэр гына кэпсээҥ эрэ, – Туоҕа Баатыр уолаттары соруйбута. – Хаһыаларый? Тугу гына сылдьар быһыылаахтарый? Туох сэптээхтэрий-сэбиргэллээхтэрий?

Кини уолаттар кэпсээннэриттэн улаханнык сээбэҥнээбит быһыылаах этэ: күн уота харааччы сиэбит эрдээх сирэйэ дьэбидийэн ылбыта.

Бөтөстөртөн бас-көс киһилэрэ Тымпыалыкы Сүүрүк, Туоҕа Баатырдаах иннилэригэр туран, тугу көрбүтүн кэпсээбитинэн барбыта:

– Эн ыйбыт Арҕаа үрүйэҥ синньигэс гынан баран бэт хойуу оттоох эбит, биһиги, сүөһүлэрбитин онно мэччитэргэ сананан, үрүйэ икки өттүнэн барымньы күрүө оҥоро сылдьыбыппыт. Ол сырыттахпытына, арай, үрүйэ төбөтүн диэки тыа быыһынан туохтар эрэ элэҥнэстилэр. Биһиги, Көрүгэстиин иккиэ буолан, кыыл табалар дии санаан бултаһаары үөмэн тиийдибит. Балачча чугаһаан иһэн көрбүппүт, табалаах биэс-алта киһи буолан хаалла. Биһигини эрдэ көрбүттэр эбит, күүппэккэ сискэ тахсан бардылар. Биһиги: «Тохтооҥ! Кимнээххитий?!» – диэн хаһыытыы сатаан кэбистибит да хардарбатылар даҕаны, тохтооботулар даҕаны. Ханнык дьонун, туох сэптээхтэрин-сэбиргэллээхтэрин көрбөккө хааллыбыт.

– Оттомо суоххут бэрт буоллаҕа, – Миикээн ойуун уолаттары сэмэлээбитэ.

– Ойуур быыһа, ыраах этэ, элэҥнэһэн эрэ көстөллөрө, – Көрүгэс буруйа суоҕун таһаарынан көрбүтэ.

– Оттон эккирэттэххэ? – Такымы Сүүрүк ойон турбута.

– Хата инньэ гыныахха сөп этэ!

– Аттарынан табалары баҕас сотору умса баттаан ылыа этибит!

Туоҕа Баатыр уолун уонна өрүкүйэ түспүт бөтөстөрү буойбута:

– Бэйэ тохтооҥ, үргүүк тыһаҕастарга дылы, туох буолан бардыгыт?! Табалаахтар диэтигит дуу?

– Чахчы, чахчы, таба көлөлөөхтөр этэ.

– Таба көлөлөөх – олохтоохтор буоллахтара. Оччоҕо ол кинилэри, бу дойду дьонун, хантан баран тутан ылабыт? Эһиэхэ туран биэриэхтэрэ үһү дуо?! Олохтоох дьон дойдуларын биһигиннээҕэр быдан ордуктук билэллэрэ чахчы.

– Оннук, оннук, – Лүксүрээни Туоҕа Баатыр этиитин бигэргэппитэ. – Уонна ол кэпсэтимээри кэпсэппэттэр, билсимээри билсибэттэр. Ону тиийэн күүс өттүнэн өттөйөн, күһэйэн туран билсиһэриҥ өскө-сааска эрэ тириэрдиэн сөп.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации