Текст книги "Тулаайах оҕо"
Автор книги: Василий Яковлев
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 8 (всего у книги 27 страниц) [доступный отрывок для чтения: 9 страниц]
– Чуҥнуу сырыттахтара. Тоҕо биһигини чуҥнуулларый?
– Оттон биһиги ойдуобутугар тоҕо хардарбатахтарай? Дагдаҕар Баатырдаах саҥалара бу баар курдук иһиллэр этэ.
– Кимнээх эбиттэрэй?
Бөтөстөр бэркэ мунааран, аҕа саастаах дьонноруттан ыйыппыттара.
– Тоҕо хардарыахтарай! – уолаттарга Лүксүрээни быһаарбыта. – Манна кэлии дьон эрэ ойдуолууллар, оттон олохтоохтор бу дойдуну барытын бэйэлэрин сирдэринэн ааҕаллар. Кэпсэтэ сорумматахтара, билсии таһаарбатахтара – куһаҕан, ол аата биһиэхэ үтүөнү санаабаттар, үчүгэйи санаабакка чуҥнууллар.
– Лүксүрээни кырдьаҕас сөптөөҕү этэр, – Туоҕа Баатыр уолаттарга туһаайан саҥарбыта. – Тымпыалыкы, аһаан баран бөтөс уолаттаргыттан уута суохтарын ылаҥҥын, бу түүн утуйбакка, хардарыта кэтэнэн хонооруҥ. Бары да сэргэхтик туттуҥ, кыргыһыыгыт сэбин-сэбиргэлин көрүнүҥ, илиигит далыттан араарымаҥ – билбэт сирбит, билбэт дьоммут.
Миикээн ойуун, көрүүлэнээри гыммыттыы, эмиэ дьааһыйан ыллаҥнаабыта:
– Аам! Аам! Куһаҕан битим умсарыта тыытар буоллаҕа! Ычча-ычча! Тымныы күлүктээх дьон биллэллэр!
Ойуун тылларыттан уолаттар ойон турбуттара, астарын тута-тута, үҥүүлэрин-батастарын ылан тарҕаһан сус гыммыттара.
Аһаан ситэ бүтэ иликтэринэ, ойдуолуу барбыт Дагдаҕар Баатыр уонна Чогдоон Бөҕө тыаттан киирэн кэлбиттэрэ. Дагдаҕар Баатыр кутаалар тула аһаан бүтэн, күөх окко тиэрэ түһэн сынньана сытар дьону эргиччи көрүтэлээн кэбиспитэ, хатырбыт уоһун салбанан баран, Туоҕа Баатырдаахха кэлэн сэргэстэһэ олорбута. Чогдоон Бөҕө кинини батыспыта.
– Тахсан ойдуолаатыбыт, – Дагдаҕар ситэ кэпсиир да бокуойа суох, аччыктаабыт киһи быһыытынан, күөстэн сыалаах кырбас эти сулбу тардан ылан, харыстаах быһаҕынан быһан тэллэҥнэппитинэн барбыта. – Онтон, эн эппитиҥ курдук, чугас эргиннээҕи сирдэри көрө бардыбыт…
– Инньэ гыммыппыт да үчүгэй эбит, – Чогдоон Бөҕө көхсүн чөллөрүппүт кымыстаах чороонун киэр уурбута.
Тула дьон чөрбөҥнөһө түспүттэрэ, сыҕарыҥнаһан, Туоҕалаах кутааларын таһыгар мустубуттара.
– Ол баран хойгуо буллубут, – диэбитэ Дагдаҕар Баатыр. – Хойгуо бадаҕа былырыын сайын охсуллубут, сүрдээх сытыы сүгэнэн…
– Оо! – дэһэ түспүттэрэ бары биирдик, истэн олорооччулар олус хомойон. Үрүллүбүт хабаҕы бүргэһинэн тэһэ аспыттыы, дьон үөрэн өрүкүйбүттэрэ биирдэ ити тылы кытта хоос гына уоста түспүтэ, кинилэр саҥаларыттан матан, бас-көс буола үөрэммит дьон Туоҕа Баатырдаах сирэйдэрин-харахтарын, туох дииллэрин кэтэспиттэрэ. Кырдьыга даҕаны, бачча ыраах сиргэ ыйы быһа айаннаан кэлэн үтүө сири, дьэ, буллахпыт, абыраннахпыт диэбиттэрэ, кинилэр иннилэринэ хайыы үйэҕэ дьон ылан кэбиспит сирдэрэ буолан хаалбыта чахчы улахан хомолто этэ. Айантан эчи салгыбыттара да бэрт, ырыы-сылайыы да улааппыта, оҕо-уруу да эрэйи тулуйбакка ыалдьыталаан эрэрэ.
Ити хомолтолоох сурахтан Туоҕа Баатыр сирэйэ ордук дьэбин уоспута, оттон Лүксүрээни ойуун сирэйин мырчыстаҕаһа өссө дириҥээбитэ.
– Хайа, доҕоттоор, били ким да суох сиригэр биһиги маҥнай кэллибит диэн үөрсүбүппүт, киһи эймэҥнэс дойдута буолла дии, – барыларын саныыр санаатын Түмэрэй Бөҕө таһыгар таһаарбыта.
– Өссө уонна кимнээх баалларый? – Дагдаҕар соһуйбуттуу ыйыппыта.
Киниэхэ бөтөс уолаттар көрбүт табалаах дьоннорун туһунан кэпсээн биэрбиттэрэ.
– Ол табалаах маннааҕы омуктар буолуохтара, оттон хойгуону маннааҕы дьон туруорбаттар, – диэбитэ кэпсээни истэн баран Дагдаҕар Баатыр. – Үөстэн сылдьар эрэ дьон туруораллар, сүгэлэрэ эчи сытыыта бэрт. Хаҥыл хаҥаластар эбиттэрэ дуу?
– Оттон бэйэлэрэ ханна бааллара эбитэй? – Кыраһын ыйыппыта.
– Үөс сиртэн ханнык эмэ баатыры сир көрдөтө ыыппыт эбит буоллахтара, – Лүксүрээни ойуун сэрэйбитэ. – Ол аата быйыл сайын эбэтэр эһиил бары көһөн кэлиэхтэрэ.
– Ити туһунан биһиэхэ сир ыйбыт тоҥ биистэр тоҕо эппэтилэр? – Дагдаҕар ыйыппыта. – Кинилэринэн кэлэн ааспыт буолуохтаахтар, кинилэр хайаатар да билиэхтээхтэр.
– Ону ким билиэ баарай, – диэбитэ Лүксүрээни ойуун. – Туора дьон манна кэлэллэрин сөбүлээбэккэ, соруйан кистээннэр, бэйэ-бэйэбитин утарыта да туруорар буоллахтарына көҥүллэрэ.
– Мин кинини эрдэттэн сэрэйбитим, киһи хараҕын утары көрбөт этэ, – Миикээн ойуун сөҥөдүйбүтэ.
Дагдаҕар Баатыр чиккэс гына тура эккирээбитэ.
– Дьэ оттон, бэйиккэй! Маҥайкаан аллаахтар, аны көрсүөм суоҕа: бастарын быспатахпына мин буолуом!
– Бастарын эйиэхэ тоһуйан биэрбэт дьон буолуо ээ, – Чогдоон Бөҕө доҕорун күлүү гыммыта. – Уохпут-кылыммыт сүрэ бэрт.
– Атын көс дьоно кэллэхтэринэ хайдах буолабыт? Ханна барабыт? – дэспиттэрэ дьон онтон-мантан. Эр дьон – бастаах өттө барыта Туоҕалаах тастарыгар мустубуттар этэ.
– Бу үтүө дойдуга олохсуйуох буолбуппут биһиги иннибитигэр хайыы үйэҕэ бу алааһы дьон көрөн барбыттар, «биһиэнэ, манна кэлэн олохсуйуохпут» диэн хойгуо охсубуттар. Дьэ, хайдах-туох буолабыт. Сүбэлэһиэҕиҥ.
Ким да саҥарыан иннинэ Дагдаҕар Баатыр саҥарбытынан барбыта, сыа-арыы буолбут тарбахтарын өттүгэр сууралаамахтаан ылбыта.
– Мин мантан ханна да барбаппын, – кини көбүөлээбитэ. – Дьэ, кэлэн көрдүннэр эрэ! Үөс сиртэн буолуохтааҕар, Өлүү Ньүкэн Үөдэн түгэҕиттэн да күөрэйдиннэр! Бэргэн ох, сытыы батас, кыырыктаах үҥүү быһаарыа!
Дагдаҕар ити тылыттан эдэр өттүн хараҕа уоттана түспүтэ, ол эрээри дьон сааһырбыт өттө баатыр ити харса-хабыра суох саҥатын сөбүлээбэтэҕэ.
Көхсүн этитэн баран бүтэҥи куолаһынан Лүксүрээни ойуун аргыый намыыннык саҥарбыта:
– Улуу Туймаада эбэ хотунтан, Саргылаах Сайсарыттан Улуу Тунах саҕана турбуппут, ол кырдьык, быданнаата. Ол тухары куйааска бустубут, үөҥҥэ-көйүүргэ сиэттибит… Ол барыта, ити хойгуо охсубут дьон курдук, эрдэ киһи ыытан сир көрдөөбөккөбүт… Тыгын тойон биһиги Иичим аҕатын ууһугар хонук хоннорор, күн өрөтөр кыах биэрбэтэҕэ, ону эһиги барыгыт бэркэ билэҕит. Хойутаабыппыт буоллар ол тойон убайбыт сиргэ да, баайга-дуолга да наадыйбат оҥортуо этэ… Хойгуо туруоруу диэн былыр-былыргыттан өбүгэ үгэһэ, сиэр быһыыта. Ону кэһии айдааны тардыа, өһү-сааһы үөскэтиэ. Бу Бүтэй Бүлүүгэ, Сыа Бүлүүгэ истэр тухары эргиччи үтүө сирдэр баар буолуохтара. Биһиги сынньанан, күүс ылан баран ол диэки сыҕарыйан көрүөҕүҥ. Өлөрсөр диэн өлүүтэ бэрт буолуоҕа. Атахпыт тумсун бу дойдуга быктарбакка сылдьан кыргыһыынан кырыстаннахпытына ханна тиийиэхпитий?!
Ойууну утараары Дагдаҕар өрөһөлөнөн турбутун Туоҕа Баатыр саҥардыбатаҕа, түмүк быһаарыылаах тылы эппитэ:
– Уһун айантан дьон сылайда, оҕо-уруу буорайда, сүөһү даҕаны илиһиннэ, онон сибилигин салгыы айанныыр кыаллыбат, бу дойдуга тохтуубут. Хойгуо охсубут дьон кэллэхтэринэ даҕаны ыллыктаан кэпсэтиэхпит буоллаҕа дии, туохтарын-ханныктарын көрүөхпүт. Сынньанар кэммитигэр үөһэ диэки сир көрдөрө дьон ыытыахпыт. Мин төбөбүттэн таба көлөлөөх мааҥыын кэлэн барбыт дьон тахсыбаттар тоҕо эрэ. Сэрэнэн-сэрбэнэн сылдьыҥ. Кыргыс сэбин чугас тутуҥ.
– Ок-сиэ! Илбис Кыыһа Иҥсэ Мэнэгэй икки Оһол Уола Обот Соллоҥ икки тоҥ былыт тоһуутугар тахсан, сэттэ дьэгээх омук үҥкүүтүн үҥкүүлээн ахан эрэллэр! Арах даа, арах! Алдьархай тахсар эрэ хайдах! – Миикээн ойуун чарапчыланан баран үөһээ диэки көрөн кынчыатаабыта.
Дьон ибир-сибир отуу отууларыгар тарҕаспыттара, оонньуу-күлүү суох буолбута. Инники кинилэри туох күүтэрин, хайдах-туох буолар туһунан ыар санаалар ыга баттааннар, саҥа-иҥэ уостубута.
Хойгуо– Бу дойдуга олус тардыллаары гынныбыт дуу? – диэбитэ Туоҕа Баатыр Лүксүрээни ойууннуун дэлэй-былас отууга күн ортотунааҕы куйааска сөрүүкүү иккиэн хаалбыттарыгар. – Кэлбиппит син хас да хонно, ол тухары туох да биллибэт. Оттон сайын буоллаҕына номнуо ыраатан эрэр – олохтоох сири була охсон оҥостуммутунан барыа этибит. Дьон да сынньанна, тэһийбэт-тулуйбат буолла…
Икки бөтөс уолаттары ытарҕа оҥорон, Дагдаҕар Баатыры сир көрдөрө ыыппыттара. Кини барымаары гынан баран, саҥа, сонун сирдэри көрөр баҕата кыайан, Туоҕа Баатыр этиитин ылыммыта. Ол эрээри киһилэрэ өр буолбатаҕа, төннөн кэлбитэ: «Чугаһынан бу дойдуттан ордук үтүө сир суох эбит», – диэн буолбута. Уолаттарын тылларыттан иһиттэххэ, кини, бадаҕа, олус ыраата көрдөөн түбүгүрбэтэх этэ. Туоҕа Баатыр, Дагдаҕар үҥүү-батас күүһүнэн кыргыһарын-өлөрсөрүн кэрэйбэккэ, бу дойдуга хаалар баҕалааҕын сэрэйдэр даҕаны, тугу да гынар кыаҕа суоҕа. Кини бэйэтэ даҕаны манна, Улуу Сыһыыга, хаалыан олус баҕарара, ол гынан баран өбүгэлэр үгэстэрин кэһэн, бэйэтэ бэйэтигэр куһаҕаны, өһү-сааһы оҥостунарыттан тардынара. Ойууннар, былыргы үгэһи тутуһан, Туоҕа Баатыры ол кутталлаах суолтан туталлара. Ону-маны ырыҥалаан саныыр, ыллыктаах Лүксүрээнини манна хааларга сөбүлэһиннэрбит киһи дии саныыра Туоҕа Баатыр. Миикээн, хара ньүкэн муҥутаан, кини тылын истэрэ биллибэт этэ. Ойууннартан биирдэстэрэ кини диэки буоллаҕына дьон даҕаны санаата кэлиэ, кини тылын истиэхтэр этэ. Ол иһин бүгүн Лүксүрээнини кытта иккиэйэҕин кэпсэтэргэ санаммыта.
Лүксүрээни, отууга киирбит бырдахтары үүрээри, дэйбииринэн сапсыммахтаабыта.
– Кырдьык, сайын хайыы үйэҕэ ыраатан эрэр, уруккунан эбитэ буоллар, дойдуга-сиргэ эрдэххэ окко киирэр ааспыта быданнаата: олохсуйар сири булар уолдьаста, – ойуун Туоҕа этиитигэр сөбүлэспитэ.
Туоҕа Баатыр чороон айахтан кымыс иһэн киллиргэппитэ, кини билигин аҕай сылгыларын көрөн чугастааҕы алаастан кэлбитэ. Чороонун киэр уураат, этэн испитин салҕаабыта:
– Билэн-көрөн истэх аайы бэт дэлэй мэччирэҥнээх, баай бултаах-астаах дойду буолан иһэр бу эбэ хотун. Кырдьыга, баран да диэн, мантан ордук сири булабыт эрэ булбаппыт, мантан барыаҕы баҕарыллыбат. Бачча ыраах кэлэн баран, ким охсубута биллибэт ханнык эрэ хойгуоттан куттанан, атахха биллэрэр диэн сүрүкэтэ бэркэ дылы.
Лүксүрээни кинилэр түөлбэлэрин дьонун баһылаанкөһүлээн сылдьар киһи ис санаатын таайа охсубута уонна төһө да өстөн-саастан, кыргыһыыттан-охсуһууттан куттаннар, кини этиитэ оруннааҕын билбитэ: бу сир улаҕатыгар көччүйэ-көрүлүү кэлбэтэхтэрэ, кинилэри тыын харбас тыыннаах буолар иһин охсуһуу аҕалбыта. Өлөртиллэр охсуһуу тумнуллубат буоллаҕына, эрдээхтик күөн көрсөргө тиийиллэр. Онуоха тус-туһунан санааттан атарахсыйыахтааҕар, бобо тутуллубут биир сутурук буолбут ордук.
– Оччоҕо манна хаалан оҥостуммутунан барыаҕыҥ, дьоҥҥор инньэ диэн сүгэ-балта курдук этэн кэбис. – Туоҕа Баатыр сэрэҥкэдийбитин курдук буолбатаҕа, Лүксүрээни кини санаатын сайа эппитэ. – Сотору тымныы түһүө, дьиэ-уот, ас-үөл, от-мас наада буолуо.
Ойуун кини этиитин өйдөөбүтүттэн Туоҕа Баатыр үөрбүтэ уонна онно тута отууттан тахсан дьаһайбытынан барбыта.
Айаннарын сылаата ааһан, тугу да гынара суох буолан өрө чиччигинэһэ сылдьар бөтөстөр ону сөбүлүү истибиттэрэ.
Туоҕа Баатыр дьонун үс гына хайыппыта: бастакы бөлөх Түмэрэй Бөҕө баһылыктаах аллараа киирэн сүөһү кыстыыр отун оттуохтааҕа, иккистэр Чогдоон Бөҕө дьаһабылынан дьиэ-уот оҥостуохтаахтара. Оттон үһүстэр – Дагдаҕар Баатыр икки уоллаах – чугастааҕы сирдэринэн атын дьону, өстөөхтөрү чуҥнуу сылдьыахтаах этэ.
Түмэрэй Бөҕө уонна Чогдоон Бөҕө халдьаайыттан тахсан кэрдэн киллэрбит баай хара тииттэриттэн сэргэ туруорбуттара, аар баҕах аспыттара.
Айыы ойууна Лүксүрээни, уҥа өттүгэр уолаттар, хаҥас өттүгэр кыргыттар арыалдьыттаах киирэн, саамай улахан аар хатыҥҥа тиийэн эриэн ситиинэн дэлбиргэ ыйаабыта. Ыһыах хамыйаҕынан хатыҥ сэбирдэҕэр арыылаах кымыс ыспыта, онтон уокка ас биэрэн дойду иччитин аһаппыта, алгыс алҕаабыта:
Аҕыс салаалаах
Ача от таманнаах,
Арылы нэлбэй
Алтан от дьайыҥнаах
Алааһым иччитэ
Аан Чаалай хотун эбэбит!
Иэримэ дьиэни
Тэринээри сананныбыт,
Тойон сэргэни
Туруораары оҥоһуннубут,
Алтан сэргэни анньаары гынабыт.
Атыҥырыы санаан
Атааргыыр буолаайаҕын.
Буркун түспэт
Муксакалаах булуҥҥар,
Салгын түспэт
Таһаалаах дьаптаҕар,
Той тобулу охсубат
Дьоллоох толооҥҥор
Биһигини хорҕотууй!
Халыҥ хайыҥҥар хаххалаа!
Киэҥ киэлигэр кистээ!
Итии тыыннааҕы иһирдьэнэн,
Тымныы тыыннааҕы таһырдьанан атаар!
Үчүгэйи санаан кэлбэтэх
Өһүөннээх бииһигэр
Суон сүллүгэскин төлөрүтүмэ,
Халыҥ халҕаҥҥын аһыма!
Алааһым иччитэ
Аан Чаалай хотун эбэбит!
Төрөтөр оҕону уйалаа,
Иитэр сүөһүнү күрүөлээ!
Кэнчээри ыччаты ыралаа!
Ороһуну тускуй,
Маҕааһы барҕарт,
Элэмэһи элбэт,
Саадьаҕайы салай!
Түү тиэргэни дьүөрэлээ,
Сиэл тиэргэни силигилээ,
Тойон тиэргэни туругурт!
Аас сэргэни анньар айылгы!
Тойон сэргэни туруорар туску!
Аал уоту оттор айылгы!
Аан алаһаны тэрийэр туску!
Алааһым иччитэ
Аан Чаалай хотун эбэбит!
Ааттаһар ахсааннаах,
Көрдөһөр күттүөннээх,
Хоолдьуктаах бэйэбит
Хоҥкуйан туран,
Сүһүөхтээх бэйэбит
Сүгүрүйэн туран
Сиэл баайабыт, дэлбиргэ ыйыыбыт.
Аҕам ынах ахтаах арыытынан
Айах тутан эрэбит,
Тордохтоох туматынан
Күөмэй көтөҕөн эрэбит!
Аллар алааһым иччитэ
Аан Чаалай хотун эбэбит!
Ойуулаах отум иччитэ
Обугунаспыт уолаттар!
Чэмэлкэй чэчик иччитэ
Чэмэлиспит кыргыттар!
Аҕыс уон адаар аабылаан,
Сэттэ уон силлэр силээн,
Түөрт уон түллэр түбэ иччилэрэ —
Бука барыгыт
Аһаан, сырҕаан туруҥ!
Алталаах ат баһын саҕа
Алтан дьаралык
Төлкөлөөх түөрэхпитин
Түөскэ көтөҕөр курдук
Олордон кулу!
Урууй-уруй!
Лүксүрээни ойуун бырахпыт түөрэҕэ олоро түспүтэ, бары уруй-туску хаһыытаспыттара.
Ити кэнниттэн Туора Баатырдаах дьолу-соргуну биэриэхтээх саҥа сиргэ күргүөмнээх үлэҕэ туруммуттара. Көҕөрө унаара, сиккиэр тыалтан аргыый долгуйа турар үүнүүлээх хонууну көрө-көрө, Туймаада быйаҥнаах хонуутугар от охсоллорун суохтаан, ахтан эттэрэ-хааннара кыдьыгырбыт, буһугуйбут Түмэрэй Бөҕө бөтөс уолаттара саха хотуурунан киирэн охсон тэлэкэлээн барбыттара. Кыргыттар, дьахталлар от мунньаллара, оҕолор оҕус сиэтэллэрэ, оҕонньоттор от сэбэ оҥороллоро. Сотору үүнүүлээх хочоҕо бугуллар бачыгыраспыттара, кэбиһиилээх оттор лагларыспыттара.
Ол кэмҥэ Чогдоон бөҕөлөөх чугастааҕы тыаттан тиит суулларан, хатырык хастаан тыа саҕатыгар таһаллара. Улахан дүлүҥнэри хастыы эмэ оҕуһунан суксуруһуннаран состороллоро.
Чуҥкуйан турбут чуумпу алааһы көхтөөх үлэ үөрүүлээх сүпсүгэ тиргиччи киэптээбитэ.
Туох эмэ сибикитин билиэхтээх Дагдаҕар Баатыр уонна куруутун кинини кытта бииргэ сылдьар икки ытарҕа бөтөстөрө Быыгынас Бэргэн уонна Көрүгэс Эрдьигэн аан бастаан Арыылаах эбэҕэ Күүкэй тоҥ биискэ тэптэрбиттэрэ.
Дэлэй мэччирэҥҥэ ыытыллан аһаабыт аттар, аҕыйах хонукка да буоллар, эрчимирбит этилэр. Дагдаҕар Баатырдаах өр-өтөр гыммакка Күүкэй күөлүгэр өрө дибдитэн тиийбиттэрэ. Киэһээҥҥи уу чуумпуга күөл тугу эрэ иһиллээбиттии, күүппүттүү дуу мэндээрэ килбэйэн турара, кини кэтит иэнин туох да аймаабат этэ. Аттаахтар саҥата-иҥэтэ суох сулбуччу, түргэн сэлиинэн Күүкэй тоҥ биис тордоҕор биирдэ астарбыттара. Ол эрээри күөл бэрэтэ кураанахсыйбыт этэ, ким да суоҕа. Тордох турбут суолун онно эрэ оҥойон хаалбыт: тэллэх буолбут сэтир лабаалара хагдарыйан кубарыһа сыталлара. Дагдаҕар Баатыр ону көрөн атыттан ыстанан түспүтэ, кыыһыран кыбдьыгыраабыта, батыйатын сулбу тардан ылан тордох оннун таһыйбыта.
– Маҕайкаан аллаах! Албыннаатаҕа абатын көр эрэ! Оттон бэйи, көрсүөм суоҕа – сымыйаччы.
Ол гынан баран урааҥхай саха боотура төһө да суоһурҕаммытын иһин туһа суоҕа – тоҥ биис суола сойбут этэ, бардар бараммат Баай Хара тыаттан тоҥ бииһи көрдөөн буларга сананан да көрөргө сатаммата, Дагдаҕар Баатырдаах төннөллөрүгэр тиийбиттэрэ.
Киҥэ-наара алдьаммыт Дагдаҕар аттарын да, уолаттарын да сынньаппакка, ол түүнү быһа атын үрдүттэн түспэккэ айаннаабыта. Үс туман көппүтэ, сииктээх уонна сөрүүн этэ. Күнү быһа аттары, бэйэлэри сордообут үөн-көйүүр хаптайан, уолаттар ыҥыырдарын үрдүгэр утуктаан тоҥхоҥноспуттара. Арай бастаан баран кумах ардайдаах бэс чагда быыһынан хаамтаран дьигиһитэн иһэр Дагдаҕар Баатыр уута кэлбэтэ – кини кыһыытаабата өссө да ааһа илигэ. Ол курдук субуруһан истэхтэринэ, маҥан куобах тириитин тэниччи туппут курдук, иннилэригэр туох эрэ тунааран көстүбүтэ. Инники иһэр ат эмискэ тохтообутугар кэнникилэр кэлэн күөннэринэн үтүрүспүттэрэ, утуктаабыт уолаттар, ыҥыырдарыттан охто сыһан, уһукта биэрбиттэрэ. Дагдаҕар Баатыр кинилэри кынчарыйан кэбиспитэ, хатырбыт уоһун салбаммыта.
– Көрүҥ эрэ, сытыы харахтар, иннибитигэр туох көстөр? – диэбитэ кини кэһиэхтээх куолаһынан.
– Туох буруотай? – Быыгынас Бэргэн хараҕын сотто-сотто одууласпыта.
– Доҕоттоор, күөл чаана дии, – Көрүгэс тута билбитэ. – Олус улахан күөлгэ кэлбиппит.
Дагдаҕар Баатыр сиргэ силлээбитэ – кырдьык даҕаны, күөл туманын билбэккэ турар буолбат дуо? – уута кэллэҕэ, утуктаатаҕа, атын быһа биэрэн инники ойуппута.
Сибикиһиттэр иннилэригэр тыатын саҕатыттан билгийэн турар толору уулаах күтүр улахан күөл нэлэс гыммыта, тымныынан аҥылыйбыта. Күөл туох да көстүбэт аан туманынан бүрүллэн турара. Дагдаҕар Баатыр атыттан түспүтэ. Кини туман көтөрүн күүтэн, хайдах быһыылаах-таһаалаах дойдутун билээри-көрөөрү тохтоон сынньанан, аттарын уоскутан барарга быһаарыммыта.
Өл хаптара, бөтөстөр аттарын атах тардан ыыппыттара.
– Уолаттар, аскытын бэлэмнээҥ, – диэн баран Дагдаҕар Баатыр кэтэх тардыстан тиэрэ түһэн сытан нуктуу түспүтэ. Көрүгэс күөлгэ киирбитэ, Быыгынас кураахтаах саатын ылан, кус ыта барбыта. Көрүгэс күөгүлүү олорон Быыгынас дапсыта үстэ лабырҕаабытын истибитэ. Сотору кини, үс көҕөнү моонньуттан туппутунан, туман быыһыттан тахсан кэлбитэ. Көрүгэс үөлбүт мундутун илдьэн уот таһыгар аспыта. Астара буһуута Дагдаҕар Баатыры туруорбуттара. Саҥата-иҥэтэ суох аһаабытынан барбыттара.
Дагдаҕардаах күөл кытыытыгар аһыы олордохторуна, туман көппүтэ, күн кылбайа тахсан кэлбитэ. Кинилэр күөл ортотугар улахан арыы баарын көрбүттэрэ. Ол арыыттан тыылаах киһи тахсыбыта уонна кинилэртэн арҕаалыы хадьы халдьаайы кытыы диэки устубута. Дагдаҕардаах, тыылаах киһини көрөөт, хаптас гыммыттара, сааларын-саадахтарын үрдүгэр түспүттэрэ.
Тугут бэргэһэлээх, арбаҕар сонноох аҕамсыйбыт киһи, кинилэр саһан сыталларын букатын да билбэккэ, кытыы диэки устан иһэрэ. Дагдаҕар Баатыр иннин диэки сыылбыта, онтон илиитинэн далбаатаан бөтөстөрүн ыҥырбыта. Үһүөн үрдүк, хойуу сөкү быыһыгар киирэн мэлис гыммыттара. Сотору буолаат, кэтит мас тыы, уу отун сыыгыначчы силэйэн, бу быган кэлбитэ. Көрүгэстээх Быыгынас ойон киирэн тыыны икки биттэҕиттэн тутаат, туох да бокуойа суох кытыы диэки соһон дьулуруппуттара. Тыылаах киһи онтон олус соһуйан, туруох курдук буолан иһэн, эрдиитин туппутунан ууга тас иэнинэн барбыта. Кинини Дагдаҕар Баатыр кыбыс-кытаанах илиитэ саҕатыттан ылан туруору тарпыта, сип-синньигэс уһун моонньун субу аҕай быһа охсуох курдук, күн уотугар килбэчийбит батыйатын биитинэн тирээбитэ. Арбаҕастаах киһи моонньун лыкыппыта, өлөрдүү куттанан, Дагдаҕар Баатыр иннигэр тобуктуу түспүтэ.
– Аһыныгас санаалаах Айыҥат хаан аймаҕын баатыра, аһын, харыһый! – диэн киһи сыҥааҕа ибирдээбитэ. – Үрүҥ күнтэн сүтэримэ!
Дагдаҕар Баатыр сахалыы саҥаны истэн уонна тугут бэргэһэлээх киһи уолуйа куттаммытын көрөн, батыйатын аллараа түһэрбитэ.
– Ким диэн дьуортугунуй? Аман өскүн амалый! – Дагдаҕар суостаахтык күргүйдээбитэ.
Киһи силин быһа ыйыстан куолайын бүөттүгэ дьүккүҥнээбитэ.
– Куоҕай Моҕус диэммин, Сиикэй Сэлбээһин диэн Хаҥаластан төрүттээх баатыр дьонуттан этим, – диэн киһи өрүһүспүттүү саҥарбыта.
– Тугу гына сылдьаҕын?
– Балыктыы сылдьабын, сарсыарда эрдэ киһи атаҕын быыһыгар буолаарай диэн, илимнэрбин көрө кэллим, түөрт эрэ буруо дьон ордон бу эбэ арыытыгар киирэн хорҕойон олорбуппут ыраатта…
Тыын харбас – тугут бэргэһэлээх киһи бокуойа суох саҥарара. Дагдаҕар ону быһыта түһэн ыйытан барбыта:
– Кус сүрэх, ол туохтан саһан кутуйах ороҕун кэҥэттигит?
– Туматтартан, ол көрбүт сахаларын өлөрөр аатыгар сылдьар дьон, үрүҥ сүүрүгү үүрэн илдьэн үөлэн сииллэр, хара сүүрүгү хаайан илдьэн хайыта сынньан сиир идэлээх дьон, кинилэри кытта кыргыһыыга дьоммут үтүөтэ охтубута. Хаҥаластан кэлэрбитигэр күүстээх-уохтаах, халыҥ аҕа ууһа этибит…
– Билигин хаһыаҕытый, уу салахайаа? Хас эр киһилээххитий?
– Биэс эр киһилээхпит, онтон иккитэ оҕонньоттор, үһүс Кэлтэгэй Тобук, доҕолоҥ, мин Куллуйдуун эрэ бултаан-алтаан дьоммутун аһатабыт…
– Ол Куллуй диэн кимий?
– Куллуй диэн мин сиэним уол, быйыл уон алтатын туолла, биһиги кинилиин туулуубут, илимниибит, тиргэлиибит, онон айахпытын ииттэн олоробут…
– Түксү, тохтоо, күөх ньамах! Мин ыйытыыларбар эрэ хоруйдаа: сүөһүлээххит дуо? Туох баайдааххытый?
– Сүөһүбүт суох, бастакы кэлбит сылбытыгар кыргыһа сылдьан кыайан от оттообокко, сүөһүбүтүн үксүн сиргэ охторбуппут, онтон туматтартан ыксаан тыыммытын тэскилэппиппит кэннэ өстөөхтөрбүт сүөһүбүт тобоҕун үүрэн илдьэн өлөрөн сиэбиттэрэ. Оо, улуу баатыр! Биһиги да, эһиги курдук, тоҥтон толлубат, ириэнэхтэн иҥнибэт эр модун санаалаах этибит, ону баара кыайар бөҕө кыайан, өлөр куттал үтүрүйэн бу күөл арыыта дойдулаата, күөл үөнэ аһылыктаата…
– Бэйэ, түксү, үгүһү лабаҥхалаама, күөл салахайа! Тур! – Дагдаҕар Баатыр Куоҕай Моҕуһу саҕатыттан ылан туруору тарпыта. – Үчүгэйдик сиһилии кэпсээ эрэ, чугаһынан бу дойдуга кимнээх диэн дьон баалларый?
– Мантан чугас Чоргул Тиэргэн диэн мэҥэ киһитэ олохсуйан олорор, түөрт уонча киһилээх…
– Улуу Сыһыыга кини хойгуо охсубута дуо?
– Бука, ол киһи, Чоргул Тиэргэн буолуо. Чугастааҕы сирдэри барытын кини бэйэтин дойдутунан ааҕар…
– Көр эрэ маны! Эһигинньиктэргэ киэбирбитэ аны тохтуо эбээт!
– Ол киһи сүрдээх киһи быһыылаах, тимир куйахтаах, эһиги Улуу Сыһыыга тохтообут буоллаххытына, хойгуотун биэрбэт киһи буолуо… Эһиги үөһэ ааһыҥ ээ, онно сир үгүс буолуо…
– Суох, ол кэриэтин күүспүтүнэн кыайтардахпытына барыахпыт.
Куоҕай Моҕус, бу суостаах баатыр эмиэ кыынньан эрэрин көрөн, саҥата суох барбыта.
– Билэҕин дуо, Күүкэй тоҥ бииһи?
– Билэн, билэн, Күүкэй күөлүгэр…
– Билигин кини онно суох, ханна эрэ дьүгэлийбит. Ханна барбыта буолуой?
– Ону, дьэ, билбэтим, маннааҕы омуктар бүгүн манна, сарсын онно баар буолааччылар. Таба көлөлөөх буолан, хара тыаҕа талбыттарынан сылдьааччылар. Манна уруккуттан олохтоох омуктар кэлиэхситтэри абааһы көрөллөр, ол иһин күрэнээччилэр.
Маныаха диэри саҥата суох турбут уолаттартан кэпсэтиигэ Быыгынас кыттыбыта:
– Тоҕо абааһы көрөллөр? Биһиги кинилэр табаларын аһылыгын тыыппаппыт, биһиги сүөһүбүт тыаҕа тахсыбат, оттон кинилэр табалара ходуһаҕа киирэн мэччийбэттэр эбээт.
– Инньэ диэбэттэр…
– Мин да эбитим буоллар ким да ыҥырбатах дьонун сөбүлүөм суоҕа эбитэ буолуо, – Көрүгэс утарбыта.
Дагдаҕар Баатыр сөбүлээбэтэхтик уолаттар диэки көрүтэлээн кэбиспитигэр ах барбыттара. Кини улахан, кытаанах баппаҕайынан Куоҕай Моҕуһу уолугуттан ыбылы харбаан ылбыта, аҕамсыйбыт көтөх киһи синньигэс моонньо быһа ыстаныахха айылаах буолбута. Дагдаҕар Баатыр ону ситэри быһа охсон кэбиһиэхтик батыйатын биитинэн тирэтэлээбитэ.
– Иһит эрэ, уу ньамаҕа, мин тугу этэрбин: биһиги билигин барабыт уонна эйигин тыыннаах хаалларабыт. Эн иэгэйэр икки атахтаахха, иннинэн сирэйдээххэ биһигини көрбүккүн кэпсээмэ. Кэпсиэҥ да, бэйэҕиттэн бэйэҥ хоргутаар. Мин Дагдаҕар Баатыр диэммин, истибитиҥ дуо? Истибэтэх буоллаххына истэн иһиэҥ! Кэпсиир күннээх буоллаххына күлэ-күлэ күлгүн таптайыам, оонньуу-оонньуу уоккун умуруоруом! Бэйэҥ баскын быһа сотон ылан ыҥыырбар төргүүлэниэм. Оройдоотуҥ дуо?
Сыҥааҕа ыпсыбат буола куттаммыт Куоҕай Моҕус:
– Сөп, сөп, үрүҥ тыыммар өһүм суох, туох гынаары кэпсээтэхпиний, – диэн баллыгыраахтаабыта.
* * *
Куоҕас Моҕус сэрэппит Чоргул Тиэргэн өр күүттэрбэтэҕэ, тиийэн кэлбитэ.
Биир күн күнүскү омурҕан саҕана, үһүө буолан Улуу Сыһыыга көтүтэн киирбиттэрэ, алаас халдьаайытыгар ыһылла сытар, таҥастаммыт, ситэ таҥастана илик дүлүҥнэри кыыһырбыттыы бурулуччу көрбүттэрэ уонна аттарын тэһиинин сатанахха иилэ быраҕаат, субу аҕай туруоруллубут Туоҕа Баатыр балаҕаныгар киирэн кэлбиттэрэ. Сааһыра барбыт буолан баран бэрт сытыы сирэйдээх-харахтаах бастаан киирбит Чоргул Тиэргэн, кыл дэйбиирин эйэҥэлэтэ-эйэҥэлэтэ, бэрт чуор, чөллөркөй куолаһынан ордоотообутунан барбыта:
– Хантан хааннаах, кимтэн кииннээх хараҕа суох чолоҕордор кэлэн мин анаммыт алааспар сатыылаатыгыт? Былыр-былыргыттан баар өбүгэлэр үгэстэрин кэстигит? Соргулаах суон хойгуобун тэбистигит? Ким баарый манна баһылыккыт? Хардара тардыҥ?
Күнүскү омурҕаннарыгар аһаары оҥостон олорор дьиэлээхтэр олус соһуйан өрө көрө түспүттэрэ, ойон турбуттара. Дагдаҕар Баатыр батыйатын харбаабыта. Туоҕа Баатыр киирбит дьону уоскуппута:
– Баһылык бу мин баарбын, Туоҕа Баатыр диэммин. Туймаада эбэ хотунтан, Саргылаах Сайсарыттан кэлбиппит. Эһиги бу хантан сылдьар туох дьоҥҥутуй? Ким-хайа этигитий? Олорон кэбиһиҥ, биһигини кытта асаһыҥ: утаппыт буоллаххытына уохтаах кымыс утахта иһиҥ, көймөстүбүт буоллаххытына көйүү кымыһынан көхсүгүтүн анньыҥ. Киһи кэпсэтэн, ынах маҥыраһан билсэр. Олоруҥ, мааны ыалдьыт буолуҥ.
Таһыттан киирбит дьон олоро барбатахтара, турбуттарын курдук, дьиэ ортотугар тура тэбиммиттэрэ.
– Суох, суох! – Чоргул Тиэргэн өрө дибдигирээбитэ. – Эһиги ахтаах аскытын аһаары кэлбэтэхпит, эһиги албын-түөкэй тылгытын истэ кэлбэтэхпит. Бу мин алааһым, мин алааспыттан барыҥ, киэр буолуҥ диэн муус ураҕаһынан үүрээри кэлэн турабын.
Хаар маҥан баттахтаах Лүксүрээни ойуун таһыттан киирбит киһиэхэ чугаһаабыта:
– Сирэйгиттэн-хараххыттан көрдөххө, бэрт ыллыктаах өйдөөх-санаалаах буоларгар сөптөөх үтүө ыччакка дылы эбиккин ээ, – диэбитэ кини намыыннык. – Ол гынан баран саҥардаҕыҥ-иҥэрдэҕиҥ тоҕо баҕас толооһой, холуһай. Санаан көр, биһиги бачча ыраах, бачча үгүс киһи оонньуу оҥостон манна кэлбэтэхпит. Үрүҥ тыыммытын үктэл оҥостон кэлэн олоробут. Ону эн улаханнык саҥаран ордоотоон, күүскэ этэн көбүөлээн куттаан, үүрэн ыытыам дии саныыгын дуо? Хайа, күүс өттүнэн күрэстэһэн бардахпытына икки өттүгэр эмсэҕэлээх буолаарай? Хата, олорон эрэн уһуну-киэҥи санаан кэпсэтиэҕиҥ, сүбэлэһиэҕиҥ. Сүгэ кыайбатаҕын сүбэ хотор диэччилэр былыргы кырдьаҕастар.
– Суох, суох! Өбүгэлэр ытык үгэстэрин кэспит ыттыы сигилилээх кэрэдэктэри кытта атын кэпсэтии баар буолуон да сатаммат: мин сирбиттэн, мин алааспыттан барыҥ, киэр буолуҥ.
Ити кэпсэтиини истэн нэһиилэ кыатанан турбут Дагдаҕар Баатыр ыалдьыт кэнники тылларыттан кыбдьыгырыы түспүтэ:
– Көр эрэ бу маҥай аллаах суоһурҕанан эрдэҕэ абаккатын! Ыттаабыт-кустаабыт буола-буола! Дьэ, эн биһигини хайдах мантан үүрэр эбиккин, көрүөхпүт. Биһиэхэ да хатарыылаах ох баар! Биһиэхэ да кыырыктаах үҥүү баар! Биһиэхэ да сытыы батас баар! Кыргыһыыга баҕарар буоллаххытына кыргыһан да көрүөҕүҥ – үгүстэн үгүс охтуо, аҕыйахтан аҕыйах охтуо! Бу туохха да хараҕа туолбат соллоҥноох буор маҥалайы ылан таһырдьа быраҕыахха баар, – диэн сүгүллэҥнээбитин атаһа Чогдоон Бөҕө, саҥата суох кэнниттэн хам кууһан ылан, хаҥас диэки илпитэ.
Чоргул Тиэргэн Дагдаҕар Баатыр тылларыттан арыый уоҕа-кылына намырыырга дылы буолбута, ол эрээри хас биирдии тылын чиҥэтэн кытаанахтык саҥарталаабыта:
– Тиһэҕин этэбин, Туоҕа Баатыр, хаан тахса, өс-саас дириҥии илигинэ, эһиги мантан үчүгэйинэн дьүгэлийиҥ! Сэрэппэтэҕэ диэйэххитий. Мин мэҥэ халлаантан төрүттээх мэҥэ ууһа Чоргул Тиэргэн диэммин! Биһиги мэҥэлэр тылбыт ыарахан үгэстээх: мантан барыҥ!
Туоҕа Баатыр даҕаны барыҥ да барыҥ диэнтэн атыны, ыллыктаах тыл диэни билбэт ньүдьү балайдык холдьоҕор эрэ киһиттэн кыһыйан, кыыһыран турара да, туттунан номоҕоннук, өйдөтөрдүк саҥарбыта:
– Бачча оҥостон, олорорго тэринэн баран мантан ханна да кыайан барар кыахпыт суох. Бэйэҥ да санаан көр, кыһын бу ыган иһэр, сиртэн сир аайы көһө сырыттахпытына, тымныыга бэлэмэ суох, сүөһүбүт да, бэйэбит да тоҥон өлүөхпүт дии.
– Ити эһиги тиһэх тылгыт дуо?
– Тиһэх тылбыт! – Дагдаҕар Баатыр хаһыытаабыта.
– Ити биһиги тиһэх тылбыт, – Туоҕа Баатыр холкутук, тыйыстык хардарбыта.
Чоргул Тиэргэн дьиэ иһин эргиччи көрөн чолбоодуппута.
– Чэ оччоҕо аны үс хонугунан күн кылбайа тахсыыта Быракаан оломугар тиийээриҥ! Соллоҥноох ох дьолуота биллин!
– Тиийиэхпит, буор маҥалай! Эһигинньиктэртэн куттаныахпыт дуо?! – Дагдаҕар хаһыытаан хаалбыта.
Чоргул Тиэргэн икки өттүгэр тугу даҕаны саҥарбакка турбут икки аргыстарын ортотугар киирэн чиҥ-чиҥник үктэнитэлээн, ааны хайа быраҕан тахсан барбыта.
Ыалдьыттар тахсыбыттарыгар дьиэлээхтэр сирэй-сирэйдэрин көрсөн кэбиспиттэрэ.
– Буор маҕалайы батыйанан сирэйин кэрдиистээн таһаарыахха баар этэ, – Дагдаҕар Баатыр хабырыммыта. – Дьэ, оттон кииристэхпит! Дьолуолаах табаҕай билиэ буоллаҕа!
Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?