Электронная библиотека » Василий Яковлев » » онлайн чтение - страница 9

Текст книги "Тулаайах оҕо"


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 10:21


Автор книги: Василий Яковлев


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 9 (всего у книги 27 страниц) [доступный отрывок для чтения: 9 страниц]

Шрифт:
- 100% +
Хааннаах дапсы

Туоҕа Баатыр тумна, куота сатаабыт кыргыһыыта, ыҥыртарыыта суох тиийэн кэлэн, ыар сутуругунан балаҕанын халҕанын лүҥсүйбүтэ. Чоргул Тиэргэн барарын кытта өлөрсүү-өһөрсүү тумнуллубат буолбутун бары билбиттэрэ. Ыксал тирээбитигэр Туоҕа Баатыр саҥата дорҕоонноммута – утары этиппэт куолаһынан дьонун дьаһайан барбыта.

– Чэйиҥ эрэ, бөтөстөөр, өрөгөйдөөх күн үүннэ! Өрө көрөн биэриҥ! Муос чапчыырдары булаттааҥ, дьөлөккөй күпсүүрү охсуҥ! Кэлтэгэй табыгы таһыйыҥ! Иирэр дьаҕааны тыаһатыҥ! Хааннаах дапсы алгыһын алгыыр, дьаҥхалаах түһүлгэ тойугун туойар кэм кэллэ.

Ол кэнниттэн наар өлүү-сүтүү тыыннаах, сиэмэх абааһы ойуунун Миикээни соруйбута.

– Чэй эрэ, кырдьаҕас, хайдах-туох этиҥиний, суостаах кыргыс алгыһын алҕаан, сэттээх сэп хааннааһынын дьалбыйан көр эрэ! Барыҥ, бөтөстөөр, туох баар кыргыһыыга туттар кылаан биилээххитин манна аҕалан илбис тартарыҥ, хааннаах өһөгөй иҥэттэриҥ!

Бэрт сотору төбөлөрүгэр тимир дуулаҕа ууруммут тимир куйаҕы тилэри кэппит дьэбин уоһуйбут дьон сэптэрин-сэбиргэллэрин хаанната, илбис тартара аҕалбыттара – манна бааллара иэн иҥиирэ иҥэрчэлээх илбистээх охтор, ньирили муос саалар, кыырыктаах үҥүүлэр, бөтөҕөлөөх батастар, сытыы кылыстар, мас уктаах батыйалар.

Кыһыл чуоҕур сүөһү өлөрөн кини сүрэҕин элиэ чупчурҕан ох төбөтүгэр хатаан, хаанынан үс сиринэн буоҕуралыы сотон, хааннаах дапсы бэлэмнээбиттэрэ, Дагдаҕар Баатыр кыргыска туттар муос кураахтаах саатынан ону үөһэ халлаан диэки ытаары оҥостон тусаһа ортотугар тобуктаан турбута. Миикээн ойуун, кылырҕас бытырыыстаах таҥаһын таҥнан, тоҕус боҕуруолаах түөлбэ хаан дүҥүрүн ылан охсон бурдьүгүнэтэн кэбиһэ-кэбиһэ, алгыс алҕаабыта:

 
Мэҥэ дьулурҕа төлкөтө
Соллоҥноох сулумах ох дьолуота буолла.
Дьаҥхалаах түһүлгэ тардылынна,
Хааннаах дапсы өрөгөйө,
Эрбэх далаҕай төлкөтө,
Элиэ чупчурҕан ох тэлэйиитэ,
Хааннаах хайгыа эркээриитэ,
Алдьархайдаах аартык аһыллыыта буолла!
Чэйиҥ, көрүҥ эрэ,
Кыларыттар халлаан дойдулаах,
Кыһыл былыт дугуйдаах
Кыыра хаан тойон,
Кырдаҕаччы хаан хотун
Кылааннаах кыыһа буолбут
Кыыра Кыстай хотун эдьиий обургу,
Быһыйа быһаххын аргыстаһан,
Чохороон сүгэҕин доҕордоһон,
Кылааннаах батаскын кымньыыланан,
Өһөхтөөх үҥүүгүн тайахтанан,
Кыа хааны үктэллэнэн,
Хара хааны моойторуктанан
Бэттэх көрөн мичиҥнээн көр!
Соллоҥноох суолга
Нохтолоох сүрэҕинэн
Дьоһуннуур күммүт буолла,
Алдьархайдаах аартыккар
Хааннаах хайгыаны
Эркээйилиир күммүт буолла.
Өһөх хаанынан
Үктэллээн кулу!!!
Өрөгөй талааны үксэтэн кулу!!!
Хааннаах ньилбэги ньилбэктээн кулу!!!
 

Дапсы тыаһа хабылла түспүтэ – Дагдаҕар Баатыр кураахтаах саатын кулгаах тааһыгар диэри иэмэх курдук төгүрүччү тардан баран ыһыктан кэбиспитэ: хааннаах дапсы халлааҥҥа көппүтэ. Онтон кубарыччы куурбут, сүрэҕэ суох ох кэлэн түһүлгэ ортотугар тубус-туруору батары түспүтэ. Ол көрдөспүт көрдөһүү туоллаҕа – бары сүргэлэрэ көтөҕүллэн: «Уруй!!! Туску!!!» – диэн хаһыытаспыттара.

Ол кэнниттэн Миикээн ойуун кыргыс сэбигэр илбис иҥэрбитэ: сиэллээх хамыйаҕынан дүҥүрүттэн хаан баһан ылан биир сиргэ чохчоломмут кыргыс сэбигэр таммалаппыта.

 
Сүллүүрбүн ини сүллүүрбүн!
Сүллүүрбүн ини сүллүүрбүн!
Нохтолоох тойон сүрэҕи тобулу сүүрүҥ!
Хайҕахтаах хара быары хайыта көтүҥ!
Сөлөгөй хааҥҥа сөтүөлээҥ!
Уу субайга умсаахтааҥ!
Сүллүүрбүн ини сүллүүрбүн!
Сүллүүрбүн ини сүллүүрбүн!
Онтон ойуун сиэллээх хамыйаҕынан сөһүргэстээн олорор дьоҥҥо субай хааны ыһыахтаабыта.
Сүллүүрбүн ини сүллүүрбүн!
Сүллүүрбүн ини сүллүүрбүн!
Уҥа өттүгэ Оһол Уола Обот Соллоҥ ойоҕостостун!
Илин өттүгэ Илбис кыыһа Иҥсэ Мэнэгэй эҥээрдэстин!
Кыа хааны тобуккутугар диэри тоҕо кэһиҥ!
Иэдьэгэй эти иэччэххитигэр диэри илдьи кэһиҥ!
Сүллүүрбүн ини сүллүүрбүн!
Сүллүүрбүн ини сүллүүрбүн!
Саалаахтан самнымаҥ!
Охтоохтон охтумаҥ!
Өстөөххүтүн өһөрүҥ!
Саастааххытын самнарыҥ!
Соргу дьолу тосхойдун!
 
* * *

Болдьообут күннэригэр сарсыарда эрдэ туран Туоҕа Баатырдаах, кураахтаах сааларын көхсүлэригэр сүгэн, сытыы батастарын өттүктэригэр иилинэн, кыырыктаах үҥүүлэрин өрө тутан, тимир куйахтарын дыгдаччы кэтэн – ох курдук оҥостон, кустук курдук куоһанан, Быракаан оломугар барбыттара. Өлөрсүүгэ үөрүйэх Дагдаҕар Баатыр, кыргыһыыга-сэриигэ ким бастаабыт ол кыайыылаах тахсар диэн, халлаан сырдыан быдан иннинэ эрэ тиийэн өстөөхтөрүн Чоргул Тиэргэннээҕи тоһуйа сыппыттара. Күн тахсыыта олом кыйыатын үрдүттэн көрдөхтөрүнэ, нөҥүө намыһах кыйыаны таҥнары илин диэкиттэн түөрт уонча аттаах дьон киирэн кэлбиттэрэ. Чоргул Тиэргэн бастаан, бар дьаҕыл акка олорон, Быракаан оломун кэстэрэн бырылаппыта. Дагдаҕар Баатыр ону тыа быыһыттан көрө сытан ытааччы уолугар Быыгынас Бэргэҥҥэ эппитэ:

– Нокоо, дүлүҥ үрдүгэр олорор хабдьыны хараҕын тэһэ ытарыҥ бэрдэ дии. Чоргул Тиэргэн бэйэлээх көмөгөйө күндээрэн истэҕэ тугун бэрдэй! Дьэ, туттан көр эрэ!

Инньэ диэбитигэр Быыгынас Бэргэн саадаҕыттан саамай бастыҥ уостаах сэлэмэ кустугун талан ылбыта, муос кураахтаах саатын кирсигэр ууран баран, кыҥаат, ыһыктан кэбиспитэ. Лыаба тыаһа өрө хабылла түһэрин кытта, Чоргул Тиэргэн балтараа илии холобурдаах халыҥнаах моонньун куйаҕа күн уотугар килбэйэн иһэригэр тиийэн сэлэмэ кустук сааллыбыта. Онуоха аттаах киһи, «һук!» диэн саҥа аллайбытынан, атыттан хойуостана түспүтэ. Туоҕа Баатырдаах, ох сааларын ытыһарга бэлэмнэммитинэн:

– Дьоллоох табаҕайдаах эбиппит! Өрөгөйбүт үрдээтэ! – диэн хаһыытаспытынан, саһан сыппыт сирдэриттэн сулбурута ойуталаан тахсыбыттара. Ол эрээри Чоргул Тиэргэн тиийэн тура түспүтэ уонна атын тэһиинин туппутунан туран, туох да буолбатах хатан чуор куолаһынан барыларыгар бу баардык иһиллэр гына хаһыытаан бытарыппыта:

– Бэйи, тохтооҥ! Кэпсэтиэҕиҥ!

Туоҕа Баатырдаах, өллө диэбит киһилэрин хаһыытыттан соһуйан, тохтуу түспүттэрэ.

– Мин бэйэлээх олохпун хоҥнорбут бэртээхэй да бэргэн илиилээх ытааччылаах эбиккит! Ол гынан баран илиитэ бэргэнин иһин, киһигит олус уһун-киэҥ өйө суох быһыылаах: мин бэт кэскиллээх санааны саныы иһэр этим, ону баара быһан кэбистэҕэ үһү.

Чоргул Тиэргэн ити тылларыгар Дагдаҕар Баатыр дьонугар хаһыытаабыта:

– Тугу көрөн тураҕыт?! Толонноспутунан барыаҕыҥ! – уонна кураахтаах саатын көтөхпүтүнэн барбыта.

– Бэйэ, тохтоо! Истиэҕиҥ тугу этэрин, – Туоҕа Баатыр ыар илиитин Дагдаҕар саатын кирсигэр уурбута. – Кыргыһыы куотуо суоҕа.

– Туоҕа Баатыр! Мин ол кэскиллээх санаабын эйиэхэ этиэхпин, кыргыс сэбин-сэбиргэлин мутукка ыйаан баран, дүлүҥҥэ кэккэлэһэ олорон кэпсэтиэх эрэ.

Туоҕа онуоха сөбүлэммитэ: дьонугар сэргэхтик туттан турарга этэн баран, аллараа сыыр анныгар киирбитэ.

Быракаан үрэх икки өттүгэр, кыйыа үрдүгэр тохтообут сэриилэрин ортотугар аллараа үрэх кытыытыгар киирэн, икки баһылык, сааларын-саадахтарын маска ыйаан баран, дүлүҥҥэ сэргэстэһэ олорбуттара.

– Мин ити атым үрдүгэр олорон иһэн бэт кэскиллээх санааны – ыкса ыаллыы, чугас доҕордуу буолуоҕуҥ диэн саныы, иннибитин түстүү испитим баара, – Чоргул Тиэргэн кэпсэтиини саҕалаабыта.

– Олус үтүө санааны санаабыт эбиккин, – диэбитэ Туоҕа Баатыр. – Икки үөс сир дьоно уот аан бастааҥҥыттан да оннук кэпсэтиэх этибит буоллаҕа дии.

– Бу үс хонук устатыгар мин бэт үгүс ыллыктааҕы, инникини эргитэ санаатым. – Чоргул Тиэргэн Туоҕа Баатыр саҥатыгар баар хомуруйууга кыһалла барбатаҕа. – Бу Бүтэй Бүлүү, Сыа Бүлүү эбэ хотуҥҥа дьол көрдөһө, саргы талаһа кэлбиттэр биһиги эрэ буолбатахтар. Уонтан тахса сыллааҕыта мантан үөһэ диэки хаҥалас дьоно Сиикэй Сэлбээһин уонна Быйантай ойуун диэннэр кэлэн олохсуйбуттара. Ол гынан баран сир былдьаһан, кыргыһан, Быйантай ойууну Сиикэй Сэлбээһиннээх өлөрөн кэбиспиттэрэ. Ол өлөрөн кыайан-хотон да үчүгэйгэ, үтүөҕэ тиийбэтэхтэрэ, кинилэр бэйэбэйэлэрин кытта кыргыһан мөлтөөбүттэрин кэннэ, бу дойду төрүт олохтоохторо киирэн сүөһүлэрин хара сискэ үүрэн таһааран, кыылы бултуур курдук, үҥүүнэн-батаһынан хайыта-тырыта сынньан сиэн кэбиспиттэрэ. Дьон буоллаҕына, тыыннаах ордубуттара, сүөһүлэриттэн-астарыттан мэлийэн, улуу күөллэр арыыларыгар киирэн, быданан, саһан олохсуйдулар, күөл үөнэ аһылыктаннылар, буор балыксыт буоллулар. Биһиги эмиэ бэйэ-бэйэбитин өлөрсөн бардахпытына эмиэ кинилэр кэптэрин кэтиэхпит, сэрииһит туматтартан, хоролортон, тоҥ биистэртэн, дьирикинэйдэртэн өлүөхпүт. Онон кыыһырсыбакка, иирсибэккэ, ити тохтообут Улуу Сыһыыгытын дойду оҥостон олоруҥ – биһигини кытта ыкса ыаллыы, чугас доҕордуу буолуҥ. Туспа сиртэн кэлэн атаҕастыыр, баттыыр дьон баар буоллахтарына, бэйэ-бэйэбитигэр көмөлөсүһүөҕүҥ. Оччоҕо эрэ бу дойдуга дьон-сэргэ, киһи-хара буолуохпут, төрөтөр оҕону төлкөлүөхпүт, иитэр сүөһүнү күрүөлүөхпүт.

– Хор, дьэ, ити үтүө, ыллыктаах тыл буолла, – Туоҕа Баатыр үөрэ түспүтэ. – Таллан таас оройбор таба түһэр гына сөрү-сөпкө да эттиҥ.

– Чэ, оччоҕо бииргэ эйэлээхтик олорор гына, былыргылар үгэстэринэн, хааннаах андаҕарынан андаҕайсыах.

– Мин онно сөбүлэнэбин.

Ити кэнниттэн икки аҕа ууһун баһылыга уот оттон, аттарын сиэлиттэн уокка биэрэн, харыларын быһаҕынан хайыта анньан хаан таһааран аал уокка таммалатан, хааннаах андаҕар бэрсибиттэрэ. Иккиэн сөһүргэстээн туран аал уот иннигэр былыргылыы сүдү ыарахан тылларынан андаҕайбыттара:

 
Аһыныылаах-харыһыктаах
Аал уоппут иннигэр
Сүһүөхпүт үрдүгэр
Сөһүргэстээн олорон,
Амырыыннаах андаҕарынан
Андаҕайдахпыт буоллун!
Саҥарбыт саҥабытын,
Эппит этиибитин
Үөһэттэн-алларааттан
Бары иһиттиннэр.
Бу аал уот иннигэр
Биэрбит бигэ тылбытын
Булгурутар буоллахпытына,
Эппит эҥин тылбытын
Энчирэтэр буоллахпытына,
Аан дойду иччитэ
Аан Алахчын хотун
Антах хайыстын!
Ахтар Айыыһыт
Алгыһа хадьырыйдын!
Эдьэн Иэйэхсит
Эйэтэ тэйдин!
Кэнчээри ыччаппыт кэҕиннин,
Төрөтөр оҕобут төнүннүн,
Иитэр сүөһүбүт эһиннин!
Уоппут умулуннун,
Сурпут суулуннун,
Өтөхпүт сүттүн!
Буор куппутун сир ийэ туппатын,
Салгын куппут салгын үөрэ буоллун,
Ийэ куппутун Иэйэхсит айыы илдьибэтин!
Ааппытын-суолбутун
Кэнэҕэски дьон кэпсээн гынан кэнийдиннэр,
Хойукку дьон хоһоон гынан хомуруйдуннар,
Ыччат дьон ырыа гынан кыраатыннар!
 

Икки аҕа ууһун баһылыктара аал уот иннигэр сөһүргэстээн олорон хааннаах андаҕар биэрэллэрин икки бөлөх кыргыс дьоно үрэх хааһыттан, үҥүүлэрин-батастарын таҥнары тайахтанан, утарыта сөҥүдүһэн туран истибиттэрэ, ким да саҥа таһаарбатаҕа.

Иккис түһүмэх
Көҥүл боотурдар
Табаһыт уол

Туматтар тоҥ биистэри эспиттэрэ. Ол эрээри кинилэр бэрт ыар төлөбүрүнэн кыайбыттара: үгүс хоһууннарын өстөөхтөрө анныларыгар баттаан өлбүттэрэ. Олортон барыларыттан улахан сүтүк Дьэрбэ этэ. Куттанар диэни билбэт тумат хоһууна кыргыһыы былаһын тухары инники сылдьара, саха ууһа охсубут Чымпа ыарахан батаһа, кини хаппыт тайах тириитэ куйаҕыттан иҥнибэккэ, саннын эмиийин кэрэтигэр тиийэ хайа дайбаабыта: Дьэрбэ үс ортоку тордохтор анныларыгар охтубута уонна тута өлбүтэ. Кыргыһыы-өлөрсүү миҥэтин мииммит туматтар, атын биистэрдии, аһынар диэни билбэттэрэ: үгүстүк ытыы-соҥуу, аһыйа барбатахтара – тыаҕа тахсан куруҥах маһы булгунньах курдук мунньан, ол үрдүгэр кыһыл соһо таҥастаах өлбүт хоһууннарын уурталаан баран уматан кэбиспиттэрэ. Өһөх буруо халлааҥҥа харбаспыта, өлбүттэр дууһаларын ыраах өбүгэлэрин дойдуларыгар көтүппүтэ. Оттон тоҥ биистэр өлүктэрин үөн-көйүүр аһылыга буолар гына ууга симпиттэрэ.

Туматтар кыргыһыыга эмсэҕэлээбит дьонноругар табаларын мииннэртээн, халаабыт малларын-баайдарын таба сиһэ кэдэйэринэн ыҥыырдан, кыайтарбат тоҥ биистэр оҕолорун, дьахталларын, табаларын иннилэригэр үүрэн Бэрдьигэстээх Дэбэҥдэҕэ кэлбиттэрэ. Отучча холомо ортотугар турар улахан холомо таһыгар тохтоон, халаан аҕалбыт булумньуларын биир сиргэ чохчолообуттара. Тоҥ биистэртэн үүрэн аҕалбыт оҕолорун, дьахталларын иччитэх холомоҕо хаайталаан кэбиспиттэрэ. Дьонноро булумньулаах кэлэллэрин кэтэһэн кэлтэгэй буолбут холомолорго хаалбыттар тула өттүттэн сырсан кэлбиттэрэ уонна дэлэй босхо баайтан үөрэн саҥа аллайбыттара. Кырдьыга даҕаны, үөрүөхтэрин үөрбүттэрэ – манна туох барыта баара: туос тордуйатыттан саха урааҥхайдар охсор буор көһүйэлэригэр тиийэ аһыыр иһит арааһа, балык ойоҕоһун уҥуоҕа иннэтиттэн муос сүгэҕэ тиийэ туттар сэп-сэбиргэл барыта, саҕынньах, сон, этэрбэс, имиллибит, ыыстаммыт сарыы, түнэ таҥас талбыта, эһэ, тайах, киис, саһыл тириитин эгэлгэлэрэ манна баара.

Тусаһа ортотугар тоҕо сүөкэммит баайга-дуолга саба сырсан кэлбит урдустар кыргыс сэбин-сэбиргэлин – алаҥааны, оноҕоһу, үҥүүнү-батаһы сөбүлүү көрөн, олор үрдүлэригэр түспүттэрэ. Дьахталлар таҥаһы-сабы, иһити-хомуоһу туппахтаабыттара, оҕолор аска-үөлгэ тарбачыһаллара. Ким тугу сөбүлүү көрбүтүн бэйэтин диэки тардыммыта. Бастаан туппут ол миэнэ диирэ. Эмискэ кутуллубут босхону былдьасыһан итиннэ-манна суоһар хапсыһыылар буолуталыыллара: үгүс үөхсүүтэ суох үҥүүнэн түсүһэллэрэ, батаһынан саайсаллара. Ол эрээри ортоку холомолортон Мэлмэнэй, Илээҥки, Кэнгэдэ, Күнэгэ тахсыбыттарыгар бары тохтуу түспүттэрэ уонна силэллэн биэрбиттэрэ. Хоһууннар үҥүүлэрин угун туора тутан дьону тусаһа ортотугар чохчоломмут баайтан тэйитэ аспыттара. Мэлмэнэй соҕотоҕун ортоку киирэн баай-дуол үрдүгэр саба ахчайан баадаллан турбута. Сибилигин аҕай үлүмнэһэ-былдьаһа турбут дьон, уоска бэрдэрбиттии, ах баран, Мэлмэнэй тугу этэрин иһиллээбиттэрэ. Даҕанча эмиэ иһиллэспитэ.

– Урдустар! Мин тылбын болҕойон истиҥ эрэ! Күрүөтэ-хаһаата суох баай былдьаһыыны-охсуһууну үөскэтэр. Бу баайы ким эрэ биир киһи түҥэтиэх тустаах. Мин сөпкө этэбин дуо?

– Сөп-сөп, – сытыы батаһы былдьаһан ытыһын быһа тартарбыт эдэр тумат хаһыытаабыта.

– Оннук-оннук, – дэспиттэрэ саастаах өттүлэрэ.

– Мэлмэнэй түҥэттин, кини онно үөрүйэх, – диэбитэ Илээҥки, Мэлмэнэй түөһүн өссө мөтөппүтэ, салгыны күүскэ эҕирийэн ылбыта:

– Оччоҕо ким да миигин утары чыып даҕаны диэбэтин.

Мэлмэнэй түҥэппитинэн барбыта. Тугунан ким санаатын табарын, кимиэхэ тугу биэрэрин билэр, түҥэтэ үөрүйэх оҕонньор илиитэ түргэн-түргэнник элэҥнээбитэ, утаакы буолбатаҕа, дьон булумньуларын илдьэ холомолоругар тарҕаспыттара.

Даҕанча көрдөҕүнэ булумньу үгүс өттө Мэлмэнэйгэ хаалбыта, ону Кэнгэдэ уонна Күнэгэ мараччы көтөҕөн оҕонньоттор холомолоругар киллэрбиттэрэ. Арай Даҕанча булумньуттан тугу да ылбакка тэйэ хааман биэрбитэ. Сотору холомолор тастарыгар кутаалар оттуллубуттара. Тоҥ биистэртэн үүрэн аҕалбыт табаларыттан саамай улаханнарын, эмистэрин талан өлөртөөн, үтэн-саллан аһаансиэн салбаныспыттара. Ол кэнниттэн топпут-хаммыт эдэр өттө кутаа тула мустан ыллаан, эккирээн барбыттара.

 
Тииттэр көрү саҕалаатылар,
Бэстэр кинилэри батыстылар,
Харыйалары ыҥырдылар.
Харыйалар да хаалсыбатылар,
Хатыҥнары харбаатылар,
Хатыҥнар сыалаахтартан тутустулар,
Сыалаахтар тирэхтэртэн тэбиннилэр,
Тирэхтэр ырыа таһаардылар,
Бары илиилэриттэн ылыстылар,
Бары ыллаан бардылар.
 

Баай үллэстии, ас-үөл, оонньуу-көр кыргыһыыга өлбүттээхтэр аһыыларын үтүрүйбүттэрэ.

Даҕанча итини барытын көрбүтэ.

Кини бу Бэрдьигэстээх Дэбэҥдэҕэ кэлиэҕиттэн ыла бэйэтин ыт үөрүн ортотугар алҕаска түбэспит бөрө курдук санаммыта. Ол курдук туматтар бары туттуулара-хаптыылара киниэхэ букатын сөп түбэспэт этэ.

Кыргыһа барар күн Даҕанча төбөтө ыалдьан, сүрэҕэ өлөхсүйэн нэһиилэ иэҕэҥниир эрэ киһи турбута. Кини бэҕэһээҥҥитин – киһи тыыныгар турбутун үдүк-бадык өйдүүрэ, Илээҥки тэллэйтэн оҥорор утаҕа хайа баҕарар киһини ууга-уокка киллэриэх быһыылааҕа. Туматтар киниэхэ кыһыл таҥаһы таҥыннарбыттара, кыргыс сэбэ туттарбыттара. Уол уһун күнү быһа дьонун кэнниттэн батыһан саллаҥнаабыта. Онтон айаннаан, хамсаан-имсээн улам сэргэхсийэн, иирдэр утах дьайыыта улам тарҕанан, этэ-сиинэ чөлүгэр түһэн испитэ.

Сарсыардааҥҥы үөл-дьүөлгэ тоҥ биистэр түөлбэлэригэр саба түһүүгэ уонна суостаах хапсыһыыга Даҕанча Дьэрбэ кэнниттэн сылдьыбыта. Дьэрбэ тоҥ биис хоһууна Чымпалыын сирэй-сирэйгэ киирсиилэригэр кини онно баара. Үс тордох турар тумулугар буолбута ол хапсыһыы. Охсуһуу-кыргыһыы тыыннаах, өстөһөр биистэр хоһууннара уҥуохтарынан араа-бараа этилэр. Үгүс өстөөҕүн тыыныгар турбут буспут-хаппыт үөрүйэх тоҥ биис хоһууна Чымпа баһыттан атаҕар диэри хара таҥастааҕа, оттон тумат хоһууна Дьэрбэ баһыттан атаҕар диэри соһо кырааскалаах уот кыһыл таҥастааҕа. Тоҥ биис хоһууна синньигэс бииллээх, сула да буоллар иҥнигэһэ-толлугаһа суох сытыы, сымса этэ.

Өлөр-тиллэр хапсыһыы – хаһан да бэйэ-бэйэлэрин көрсүбэтэх, биир тылы айах атан кэпсэппэтэх дьон имэҥирэн, илбиһирэн туран өлөрсүбүттэрэ. Тоҥ биис хоһууна саха ууһа охсубут кэтит, улахан батастааҕа, ону икки илиитигэр тута сылдьан харса суох эттээн ньиллиргэтэрэ. Дьэрбэ олус сымсатык аһаран биэрэн сыыһа-халты оҕустара сылдьан үҥүүтүнэн түһэрэ. Тула хаһыы-ыһыы, хааннаах кыргыһыы өрө оргуйара. Ол икки ардыгар тоҥ биис хоһууна Дьэрбэ үҥүүтүн мас угун ортотунан булгу дайбаабыта, онтон тумат хоһуунун санныга саайбыта. Дьэрбэ өлөрдүү бааһыран охтон түспүтэ.

Чымпаҕа кыайыытынан өрөгөйдүүр түгэн биэрбэккэ, кини иннигэр соҕотохто Кэндэгэ баар буолбута. Тумат хоһууна да мэнээк тыынын биэрбэтэх – Чымпа эмиэ бааһырбыт этэ. Үҥүүтүн утары туппут атын хоһуун кини иннигэр баар буолбутугар тоҥ биис хоһууна толло-чаҕыйа барбатаҕа, тугу эрэ саҥара түһээт, Кэндэгэни батаһынан хотуурдуу дайбаабыта. Онуоха биирдэстэрэ хаптас гынан аһаран биэрээт, охсуутун күүһүттэн эргичис гынан ойоҕоһунан буолбут киһини үҥүүнэн өтөрү түспүтэ. Тоҥ биис хоһууна охтубута. Суостаах өстөөҕү боҕутуннарбыт хоһуун үҥүүтүн өрө тутан алакыы хаһыытаабыта. Ол кэмҥэ тордохтор кэннилэриттэн атын тоҥ биис хоһууна тахсан кэлбитэ. Кини саннын байаатыгар диэри саба түспүт ыас хара баттахтааҕа, бас сыгынньах этэ, уһун тайах тириитэ сонун нэлэкэйдэммит, илиитигэр килбэчигэс котокоону тута сылдьара.

Даҕанча иннигэр баар буолбут киһи кини саастыыта быһыылааҕа. Бу тоҥ биистэр баһылыктара кини аҕатын өлөрбүт Маҥан Мэкчэ уола Өрөгөчөй буоларын билбэт этэ.

Икки эдэр хоһууннар тула мустубут туматтарга иккиэн да чахчы хол дойдуттан холоонноох, тэгил дойдуттан тэҥнээх дьон буолалларын көрдөрбүттэрэ. Тоҥ биис эдэр хоһуунун хас хамсаныытын барытын кыраҕытык кэтэһэ сылдьан, Даҕанча кини котокоонуттан сымсатык аһаран биэрэрэ. Тоҥ биис кини үҥүүтүттэн эмиэ чэпчэкитик туора ойоро.

Ол икки ардыгар тула кыргыһыы айдаана намырыйан барбыта. Тоҥ биистэр саҥалара-иҥэлэрэ сүппүтэ. Сэргэх, сытыы эдэр тоҥ биис хоһуунун болҕомтотуттан ол мүччү түспэтэҕэ – кини кыргыһыы хонуутугар соҕотоҕун хаалбытын, кыайтарбыттарын билбитэ. Ити кэнниттэн кини туттара-хаптара бытаарбыта, санаата түспүтэ: биир түгэҥҥэ хоһуун түөһэ арыллан ылбыта, онно Даҕанча үҥүүтүнэн хараҕалыы саайбыта… Тула алакыы ньиргийбитэ – туматтар эдэр саҥа хоһуун дьолуолаах туттуутун айхаллаан хаһыытаспыттара.

Даҕанча иннигэр буоллаҕына ыас хара баттахтаах, торум курдук бытыктаах ыыс араҕас эрдээх сирэйдээх, таба хараҕын санатар, илбистээх хапсыһыы да кэмигэр умайан-уордайан барбатах, санаарҕабыл дириҥник саспыт хара харахтаах уол илиитин быластаан сытара…

Таһырдьа хараҥарбыта, кутаалар эбии улааппыттара, суостара сүрдэммитэ. Дьон кинилэртэн тэйэн биэрбиттэрэ, өссө сытайан туран үҥкүүлээн испиттэрэ.

Даҕанча мунчаарбыт санаатын аралдьыта, кутаалартан тэйэн, хараҥаҕа киирбитэ. Эмискэ кини ыарҕалар быыстарыгар туох эрэ ыҥыргыырын истибитэ. Хараҥаҕа хараҕа үөрэнэн, Даҕанча соҕотоҕун ытыы турар кыракый кыысчааны көрө түспүтэ. Сиэдэрэй ойуулаах таҥаһыттан сэрэйдэххэ, кини тоҥ биистэртэн быһыылааҕа. Уол бу кимэ да суох тулаайах хаалбыт оҕону көрөн хайдах эрэ дууһатын түгэҕэр эмиэ урут билбэтэх атын санаа уһуктубута. Кини ытыы турар оҕоҕо аргыый кэнниттэн кэлэн төбөтүн таарыйбыта. Кыыс соһуйан дьигиһис гыммыта, ытыырын тохтоппута, онтон сирэйин саба туттубут синньигэс тарбахтарын быыһынан кыһыл таҥастаах киһи кэлэн турарын көрөөт, сарылыы түһэн баран, иннин хоту ыстаммыта. Даҕанча кинини уллуҥах устата уларыппатаҕа, ситэ баттаан илиититтэн хабан ылбыта. Кини тугу эрэ уоскутары кыыска этиэн баҕарбыта да, күөмэйиттэн саҥата кыайан тахсыбатаҕа, арай улахан, ыарахан илиитинэн оҕону төбөтүттэн имэрийэн ылбыта. Ол судургу хамсаныыттан кыыс мөхсөрө тохтообута. Даҕанча кинини сиэтэн чугастааҕы холомоҕо киллэрбитэ.

Холомо иһин толору оттуллубут араан уота сандаарыччы сырдаппыт этэ. Даҕанча, киирээт, тоҥ биистэртэн үүрүллэн кэлбит оҕолору-дьахталлары манна симпиттэрин билбитэ. Өлөр куттал иҥмит харахтара хараҥаттан чаҕылыһаллара. Даҕанча тулаайах оҕолор ортолоругар Акаананы көрө түспүтэ: буспут таба этин өрөһөлүү хоторуллубут улахан мас кытаҕы көтөҕөн турара.

Даҕанча таһыттан киллэрбит кыыһыгар кыыс бэйэтин саҕа, улахан төбөлөөх уол, кыһыл сонноох киһиттэн куттанан чугуруҥнуу-чугуруҥнуу, тиийэн кэлэн сиэтэн илдьибитэ уонна кыыска кырбас эт туттарбыта. Кыыс ытыырын тохтотон, уол биэрбит этигэр бөрө оҕотун курдук, тииһинэн түспүтэ. Ити кыргыһыыттан ордон туматтар илиилэригэр киирбит Ньырбачаан доҕотторо Ниччалаах Ньөөкү буолалларын Даҕанча билбэт этэ. Кини, тоҥ биистэргэ кыһаммакка, Акаананы көрөн турбута. Кыыс сып-сытыы харахтарынан уолу көрөн ылбыта уонна мичээрдээн тэбис-тэҥ тиистэрэ кэчигирэспиттэрэ. Акаана ол мичээриттэн уол сүрэҕэр туох эрэ дьикти сылаас сүүрээн тарҕаммыта, кини бэйэтэ да билбэтинэн тыастаахтык өрө тыыммыта.

Ол икки ардыгар таһыттан Күнэгэ киирэн кэлбитэ, сөбүлээбэтэх харахтарынан Даҕанчаны көрөн ылбыта, кыыска тиийэн дьахтар ойуулаах симэҕин туттарбыта. Даҕанча дууһатыгар тарҕаммыт сылаас сүүрээн эмискэ мэлис гыммыта, уол холомоттон тахсан барбыта. Тахсан иһэн кыыһы эмиэ көрөн аһарбыта, ол эрээри Акаана Күнэгэ аҕалбыт симэҕин көрөрө, кинини көрбөтөҕө.

Ол кэмҥэ аана тэлэччи аһыллыбыт ортоку улахан холомоҕо кырдьаҕастар мустубуттара.

– Тоҥ биистэр киэнэ Кырамда сахаларын баайыгар тиийбэт эбит, – убаҕас күрэҥсийбит бытыктаах төрөл Мэлмэнэй араан уҥа өттүттэн мыыммыттыы саҥарбыта. – Саха урааҥхайдар астара-үөллэрэ да ордук этэ.

– Эн хараҕыҥ туохха да туолбат идэлээх, – араан хаҥас өттүгэр атаҕын үрдүгэр чөкөллөн олорон Илээҥки ичээн кини тылларын сөбүлээбэтэҕин биллэрбитэ. – Бүгүн даҕаны булумньу үгүс өттүн эн апчарыйдыҥ буолбат дуо? Билэҕин дуо, иҥсэлээх сиэмэх көтөр – кыырт мохсоҕол эрдэ өлөрүн? Күн сириттэн эрдэ сүтэрин? Оттон биһигини араҥаччылыыр Суор үс сүүс сыл олорорун?

– Ичээммин диэн олус киэбиримэ, тылга тииһимэ, – суон оҕонньор кыыһырбыта. – Иҥсэ туһунан этэр буоллахха, иккиэммит да киэнэ тэҥ ини: бүгүн аҕыйаҕы ыллым диэн мыына олороҕун буолан баран, Кырамда сахаларын астарын-үөллэрин эн мэҥиэстибитиҥ буолбат дуо?

– Ээ, арба, онтон эн маппытыҥ…

Арчикаан оҕонньор Илээҥкилээх Мэлмэнэй этиһиилэригэр кыттыбакка, бэйэтин куруутун сытар сиригэр, араан улаҕатыгар, тыстаах баттахтаах эһэ тириитигэр кэтэҕиттэн тардыстан тиэрэ түһэн сытара. Кини оҕонньоттор кэпсэтэллэригэр кыһаммакка, өбүгэлэр дойдуларыгар барбыт соҕотох уолун Дьэрбэни саныыра; охсор илиитэ сарбылыннаҕа, тэбэр туйаҕа тулуннаҕа. Кини уолун Дьэрбэни уонна саҥа кэлбит Даҕанчаны бу икки иҥсэлээх, туматтарга саһа сылдьар хара дьайы оргутан, Киэҥ Кэллээмэ эбэ биистэрин аймаабыт оҕонньоттору утары туруоран, охсуһуу-этиһии дьалхааннаах аартыгыттан дьонун таһаарыан баҕарбыта хааллаҕа… Кыргыһыынан тыынан туматтар чэчирээтилэр дуо? Улам уостан, улам аҕыйаан иһэллэр… Оттон бу оҕонньоттор иҥсэлэрэ-оботторо харахтарын хаппахтаан, муннуларын анныттан ырааҕы кыайан көрбөттөр… Дьэрбэ аны суох. Дьоҥҥо саҥа үөрэнэн, дьон быһыытын-майгытын саҥа билэн эрэр соҕотох Даҕанча диэхтээн… Тоҥ биистэри кытта кыргыһыыга кини дьолуолаах илиилээҕин, иҥнигэһэ-толлугаһа суоҕун көрдөрбүт. Ол эрээри оҕонньоттору кытта киирсэргэ ол тутах…

– Күүкэй тоҥ биис кэпсээн ааспыт: соҕурууттан эмиэ көс саха урааҥхайдар бөҕө Кэллээмэ эбэ хотуҥҥа олохсуйа кэлбиттэр үһү, – Илээҥки Арчикааҥҥа кэпсээбитэ. – Ол сахалар ураа муостаах, төгүрүк, бүтэй туйахтаах сүөһү бөҕөнү үүрэн аҕалбыттар.

– Саха урааҥхайдар биир сиргэ олороллор, тоҥ биистэр дуу, биһиги дуу курдук, сиртэн сиргэ көспөттөр. Ол иһин үгүс малы-салы мунньуналлар, – диэн эбэн эппитэ Мэлмэнэй. – Ол иһин кинилэр баайдара үгүс.

Арчикаан, кэпсээни болҕойдоҕуна буоларын курдук, туран эһэ тэллэҕэр олоро түспүтэ.

– Ханна тохтообуттар?

– Күүкэй тоҥ биис кинилэргэ Улуу Сыһыыны ыйан биэрбит.

– Хас тордох дьон үһү? – Мэлмэнэй ыйыппыта.

– Саха урааҥхайдарга тордохторо суох, кинилэр кыһынын түөрт кырыылаах, лаппаҕар үрүттээх дьиэлэргэ кыстааччылар, – Илээҥки быһаарбыта. – Күүкэй тоҥ биис үгүстэр курдук эппитэ.

– Саха урааҥхайдар, төһө да үгүстэрин иһин, дьахталлар буоллаҕа дии, куттаҕастар, – Мэлмэнэй Арчикаан диэки көрөн ылбыта. – Хата, бэккэ кэлэн биэрбиттэр ээ, кыһыны сыл тахсарга бэт булумньу эбит.

Арчикаан тугу да саҥарбатаҕа. Ол көһөн кэлбит саха урааҥхайдары кытта кыргыстахха, эмиэ туматтар үгүс хоһууннара өлүөхтэрэ турдаҕа. Эдэр да эрдэҕиттэн кыргыһыыга сылдьыбат Мэлмэнэй кимтэн да ордук эр сүрэхтээхтик тыллаһааччы, хорсуннук туттааччы. Кырыйдар да Мэлмэнэй онтукатын ыһыктыбат, өйдөммөт, уруккутун курдук, атын дьон тыыннарынан толуктанан кэлэр булумньу иһин суудайар…

Арчикаан санаабыт санаатын таһыгар таһаарбыта:

– Саха урааҥхайдар тимир куйахтаахтар, кыргыһар сэптэрэ эмиэ тимир, кинилэри кытта киирсиигэ тумат хоһууннара эмиэ өлүөхтэрэ…

– Оччоҕо кыһыны туоруур иһин, тоҥ биистэртэн үүрэн аҕалбыт айах адаҕаларын өлөртөөн кэбиһиэҕиҥ, – диэбитэ Мэлмэнэй.

– Иҥсэҥ таһынан олус да хаанымсаххын, – Илээҥки Мэлмэнэйи саҥарпатаҕа.

– Чэ, оччоҕо итиччэ үгүс киһини хайдах сыл таһаараргытын көрүөхпүт, – Мэлмэнэй кыыһырбыта.

– Кыырыктаах кыргыһыылар тумат хоһууннарын өбүгэ дойдутугар илдьэ бараллар, туматтар сылтан сыл аайы аҕыйаан, өлөн-өһөн эрэллэрин көрбөккүн дуо?! – Арчикаан оҕонньоттору эр-биир көрүтэлээн ылбыта. – Кэнники хоһууннара суох хайдах кыайан олоруохпут дии саныыгыт? Суох, биһиги үүрэн аҕалбыт тоҥ биистэрин өлөрбөппүт: дьахталларыттан туматтары төрөтүөхпүт, оҕолоруттан хоһууннары иитиэхпит. Туматтар эстиэ, сүтүө суохтаахтар, үллэр туман курдук үгүс дьонноох-хоһууннаах, күүстээх-уохтаах буолуохтаахтар.

– Арчикаан олус сөпкө этэр, үгүс дьонноох-хоһууннардаах эрэ омук күүстээх, – Илээҥки Арчикаан тылыгар сөбүлэспитэ.

– Оччоҕо саха урааҥхайдартан дьон үүрэн аҕалыаҕыҥ: бэйэлэрэ олус саталлаахтар, дьахталлара төрүөхтээхтэр.

Оҕонньоттор Мэлмэнэй этиитигэр тугу да хардарбатахтара, үһүөн балачча саҥата суох олорбохтообуттара.

– Ким биһиэхэ аны тумус киһи буолуой? Ким сирдээн сылдьыай? – Арчикаан ыйыппыта.

– Туматтар бары бэртээхэй хоһууннар, – диэбитэ Мэлмэнэй.

– Кинилэр туохтан да куттамматтар, – кинини Илээҥки бигэргэппитэ.

– Туматтар бары үтүө хоһууннарын бэйэм да бэркэ билэбин, ол гынан баран кинилэргэ Үс Бэлиэлээх хоһуун наада, – Арчикаан кэнники тылларын чиҥэтэн эппитэ. – Кыргыһыыларга, булка бастаан сылдьар тумус киһи.

Хоһууннар баран тоҕо тардан аҕалар баайдарын үчүгэй өттүн апчарыйа үөрэммит бу икки оҕонньор хардара охсубатахтара, кинилэр хайдаҕа барыстааҕын ыараҥнатан көрөллөрө. Сөҥүөрэн олорбохтоон баран:

– Кэнгэдэ буоллаҕа дии, – диэбитэ Илээҥки.

– Күнэгэ буолара сөп, – диэбитэ Мэлмэнэй.

Арчикаан бу икки хоһуун куруутун кинилэргэ илииатах буолан иннилэригэр-кэннилэригэр түһэллэрин билэрэ, ол иһин утары этиттэрбэттик Үс Бэлиэлээх хоһуунун киллэрэн быһаччы саҥарбыта.

– Туматтар үгэстэринэн, үс суолу толорор бастыҥ хоһуун буолуохтаах.

Туматтар ол үгэстэрин Мэлмэнэйдээх Илээҥки да бэркэ билэллэрэ: Үс Бэлиэлээх хоһуун буолуохтаах киһи уон биэс былас маамыктаны баанан баран, төбөтө сиргэ соһуллубакка салгыҥҥа хоройон иһэр гына түргэнник сүүрүөхтээҕэ. Тордох нөҥүө үҥүүнэн түстэххэ аһаран биэриэхтээҕэ; ытыллыбыт оҕу тарбаҕын быыһыгар лып гына кыбытан ылыахтааҕа. Ол эрээри ити үс суолу толорор хоһуун бэрт дэҥҥэ көстөрө – айылҕаттан чахчы кыахтаах эрэ киһи итилэри толороро. Кини туматтар түөлбэлэрин баһылыахтааҕа.

Ол икки ардыгар ыччаттар аллараа кытылга оонньуукөр тардыбыттара: сырсыбыттара, үҥүүнэн оонньообуттара, «табаны» ытыалаабыттара. Үөһэттэн, улахан холомо таһыттан, ол ытыска уурбут курдук көстөрө. Даҕанча көрдөҕүнэ, бары оонньууларга барыларыгар хохто буолбут кылгас таба сонноох кыракый уол бастаан тахсыбыта: кини курдук аһарыык, түргэнник сүүрэр, бэргэнник ытар киһи суох буолбута. Кэпсэтэ олорор оҕонньоттор харахтарын эмиэ киниэхэ хатаабыттара.

– Ити хайаларай? – Арчикаан ыйыппыта. – Мин итинник уолу урут көрө илигим ээ.

– Ити мин табаһыт уолум, – киниэхэ Мэлмэнэй хардарбыта. – Соторутааҕыта кэлбитэ.

– Ыл, ыҥыр эрэ манна, сирэйин-хараҕын көрүөҕү, – Арчикаан Мэлмэнэйи соруйбута.

Сотору холомоҕо, Арчикаан иннигэр, түүтэ соролообут кылгас таба сонноох уолчааны аҕалан туруорбуттара.

– Оонньуургун көрөн олус сөбүлээтим, дьэ, бэт эрэт эбиккин, – Арчикаан бастаан уолу хайҕаабыта, онтон ыйыппыта. – Аатыҥ ким диэний? Хантан сылдьар оҕоҕунуй?

Уол оҕонньору үс өргөстөөҕүнэн өтөрү көрөн туран:

– Мантан илин диэки олохтоох этим. Улахан аат-билэ диэн суох киһитэбин, дьоҥҥо таба маныыбын, Табаһыт уол диэтэххитинэ да сөп буолуо. Табаларбын сүтэрэн, кинилэри көрдүү сылдьаммын мунан манна тиийэн кэлбитим, – диэн хардарбыта.

– Ким эйигин итиччэ үчүгэйдик үҥүүнэн-батаһынан туттарга үөрэппитэй?

– Бэйэм. Атын киһиттэн атаҕастатары сөбүлээбэппин.

Уол тыла-өһө дьорҕоото, сирэйэ-хараҕа сытыыта оҕонньоттору салытыннарбыта, Мэлмэнэйдээх Илээҥки саҥата суох олорбуттара.

– Табаһыт уол, бу алаҥааны аҥаабыллаан көр эрэ, кыайар эбиккин дуо? – Арчикаан уолга Дьэрбэ ох саатын ууммута.

Уол алаҥааны ылан бэрт үөрүйэхтик кулгаах тааһыгар диэри иэмэх курдук тардыбыта.

– Дьэрбэ хоһуун саатын кирсэ тугун сымнаҕаһай? – диэбитэ уол, ох сааны эргим-ургум тутан көрө-көрө. – Хайдах маннык бэйэлээҕинэн кырамдалары кырпытай?

Оҕонньоттор уол ити саҥатыттан дьигиһис гынан ылбыттара. Табаһыт уол ити кэннэ тугу да саҥарбакка, алаҥааны сатанахха ыйаат, холомоттон тахсан ыччаттар оонньуу сылдьар сирдэрин диэки бара турбута. Уол дьорҕоот, өтөрү-батары саҥатын истэн, тутулуга суох туттунуутун көрөн Даҕанча сөбүлүү санаабыта.

Уол барбытын кэннэ Арчикаан кыыһырбатаҕын кыыһырбыта:

– Иҥсэҕит-обоккут икки хараххыт үүтүн бүөлээн, сотору киһини табаттан араарбаккыт буолуо! Көрбөккүт дуо, уораҕайбытыгар кими киллэрбиккитин?! Сирэйинхараҕын үчүгэйдик көрдүгүт, тылын-өһүн иһиттигит дии, табаһыкка маарынныыр дуо?! Ити табаһыт уол буолбатах. Табаһыттааҕар хоһууҥҥа ордук маарынныыр.

Оҕонньоттор ах баран, истибэтэхтэрин истэн, соһуйан айахтарын эрэ атан олорбуттара. Арчикаан дьонуттан кэлэйбиттии киэр хайыспыта.

– Мин урут тоҥ биистэрдии хааннаах, майгылаах-сигилилээх саха хоһууна Түөрэчээн баар диэн истэн аһарбыттаахпын. Ол хоһуун туһунан кэпсиир буолаллара: кини нимчикатын кэттэҕинэ сиринэн тарыллар, оннук кыра, уончалаах оҕо курдук уҥуохтаах диэн. Ол кини ити табаһыт уол буолан кубулунан кэлэ сырыттаҕа.

– Түөрэчээн хоһуун буоллаҕына үтүөнү санаан кэлбэтэҕэ буолуо, – Илээҥки саҥарбыта. – Саха урааҥхайдар да, тоҥ биистэр да биһигиттэн өс-саас иэстэһэ эрэ кэлиэхтээхтэр. Бу оҕонньор иҥсэтэ биһигини туохха-туохха тириэрдэн иһэр, барыта кини табата үксэ бэрт буолан, ол кыайтарымына, кини табаһыт гына охсон.

– Аҕыйах хонуктаахха дылы миигин ордук саныырыҥ, ити табаһыт уолга ымсыырарыҥ бэрдэ дии, – Мэлмэнэй хардарсыбыта. – Мин табаһыт оҥостубатаҕым буоллар эн оҥостуоҥ этэ.

Внимание! Это не конец книги.

Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!

Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации