Текст книги "Тулаайах оҕо"
Автор книги: Василий Яковлев
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 1 (всего у книги 27 страниц) [доступный отрывок для чтения: 9 страниц]
Яковлев -Далан Василий Семенович
Тулаайах оҕо
Ааспыт араллааннаах арахсыбыт сахтар
Адырҕаннаах анараа арҕастарын
Алтан чуораан айахпынан
Айдаарбахтаан ааһыам дуу?
Былыргы былдьаһыктаах
быдаммыт дьыллар
Быыппастар быдан мындааларын
Быыра бэргэн тылынан
Быһыы хоһуйуом буолуо дуо?
Урукку охсуһуулаах уостубут хонуктар
Уораҕайдаах уҥуоргу улаҕаларын
Уораан дорҕоон уоспунан
Уустаан-ураннаан туойуом дуо?
Өрөөбүт уоһу
Өһүлэн көрүөххэ!
Хоммут уоһу
Хоҥнорон көрүөххэ!
Тумулук
Тумулук
Туманнаах түбэҕэ
Аан ийэ дойду араҥаччыта буолбут аҕыс сардаҥалаах аламай маҥан күн алаарыйа тахсан кэлбитэ, аан бастаан чурбука төбөтүн уонна онно, чөҥөчөк курдук, хамсаабакка үҥүүтүгэр өйөнөн олорор тайах саҕынн…ахтаах хоһууну сырдаппыта. Бэрбээкэйигэр диэри охсуллар уһун саҕынньаҕын сөрөнө тардынан, өрүүлээх хара астаах сыгынньах төбөтүн көнөтүк туттан, кыараҕас сытыы харахтарынан хоһуун кый ырааҕы одуулуура. Улук ууга унаарыйа туймаарбыт айылҕа барахсан, күн күлүмүрдэс күүһүттэн күүһүрэн, тырымнас тыыныттан тыыннанан, улам уһуктан испитэ. Киҥкиниир киэҥ халлаан кэтит киэлитэ кэҥээбитэ, киэркэйбитэ, унаар-тунаар орто дойду уһуурга, тэнийэргэ дылы буолбута.
Очуос таас хайа аннынан таба сулуктатыныы араастаан эриллэн-буруллан ааһар Өксүөннээх Өлөөн өрүс, өлгөм хаары өрүтэ көтүппүттүү, билигин даҕаны үрүҥ туманынан үллүнэн сытара. Өрүс бу тоҕойо сайыҥҥы саамал ардахтарга, күһүҥҥү сиппэрэҥ кэмнэргэ куруутун халыҥ туманынан, куобах суорҕаныныы, бүрүллэн турарын иһин Туманнаах Түбэ диэн ааттаабыттара.
Киэҥ налыы сыһыылаах төгүрүк түбэни эргийэн турар үрдүк таас дьайыҥнар итии тыыннааҕы эрэйдиир иэдээннээх хотугу тымныы тыаллартан хаххалыыллара. Тыал түспэт сылаас уулаах чычаас, чуумпу дьара кытылга балык тахсара, көтөр-сүүрэр мустара. Ол да иһин буоллаҕа, икки атах манна эмиэ былыр-былыргыттан бэркэ саараан, тохтоон ааһара, сөбүлээн олохсуйара.
Оо, баттаатар маталдьыйбат, үктээтэр өҕүллүбэт Орто Аан Ийэ дойду барахсан киэҥ-куоҥ, кэтит-дэлэй да буоллаҕыҥ эбээт!
Туманнаах Түбэттэн хоту ирбэт чэҥ-хаар сиксиктээх Муус Кудулу Далайга диэри уйаара-кэйээрэ биллибэт, устата-туората кэмнэммэт Улуу Маҥан Дуол нэлэһийэн сытара. Улуу Маҥан Дуол сайын, күөх торҕону тэнитэ тарпыттыы, чээл күөҕүнэн тэлгэнэрэ, күөх халлаан күндэлэс ньуурун тардан ылан күлүмүрдүү оонньуур үгүс күөллэригэр аата-ахсаана биллибэт көтөр-сүүрэр мустара. Кыһынын, маҥан хаарынан сабыллан, Улуу Маҥан Дуол букатын иччитэхсийэрэ, кини кэтит-киэҥ иэнинэн арай силлиэ-тыал улуйауһуура уһаты-туора сүүрэрэ. Онно, Улуу Маҥан Дуолга, Өксүөннээх Өлөөн төрдүгэр маҥан таба түүтэ ахсааннаах майаат омуктар бааллара. Кинилэртэн арҕаа, Анысханнаах Анаабыр өрүскэ, Кыыдааннаах Кыатаа өрүскэ уонна Баай Түбэҕэ ыт сүөһүлээх саамай, дьураак, мандаадыр омуктар олороллоро.
Туманнаах Түбэттэн тус соҕуруу сайыҥҥы күн оройун сирэйдэнэн бардахха, бараммат-хороммот Баай Хара тыа Киэҥ Кэллээмэ эбэ хотуҥҥа диэри тэниччи тардыллан сытара. Онно хоролор, тоҥ биистэр, тигиилээх сирэйдээх дьирикинэй омуктар бааллара. Өксүөннээх Өлөөн уонна Кэллээмэ эбэ хотун бастарынан арҕаа түстэххэ, аатаахса биллибэт үгүс күөллээх Күөл Сүүрүндэҕэ олохтоох, таба көлөлөөх, сиртэн сиргэ көһө сылдьар күндээгир, чаабыгыр, ньуолдьаҕар, хампаагыр диэн омуктарга тиийиэххэ сөбө. Илин бардахха, үөһээ халлаан, аллараа халлаан буолан соҕурууттан хоту устан долгуйа сытар, сахалар улуу өрүстэригэр киирэллэрэ. Ону туораатахха, Чачыгыр Таас Дьааҥыларга олохтоох үрүҥэй омуктар бааллара. Оттон улуу өрүһү өксөйдөххө, сир киэнэ сиэдэрэйигэр, дойду киэнэ туйгунугар – Улуу Туймаадаҕа, Киэҥ Эҥсиэлигэ, Эркээни эбэҕэ ууһаан тэнийэн олорор, саталлаах саха урааҥхайдарга тиийиллэрэ. Аллараа, хоту түстэххэ, муос хотуурдаах, муос сүгэлээх куодумалар, түннүгэ-үөлэһэ суох балаҕан дьиэлээх сартыаллар олороллоро.
Туматтар бу дойдуга бэрт өрдөөҕүтэ олохсуйбуттара. Кинилэр манна олохтоох тигиилээх сирэйдээх дьирикинэй омуктары кыайбыттара: сирдэрин ылан сир, дьахталларын ылан ойох, табаларын ылан көлө гыммыттара. Туматтар былыргы төрүт-уус үөскээбит-төрөөбүт түөлбэлэриттэн арахсыбыттара быданнаабыт быһыылааҕа: кинилэртэн хайалара да кимтэн кииннээҕин, хантан хааннааҕын билбэтэ. Охсуһуулаах үйэ миҥэтин дьалхааннаах арҕаһыгар олордон, кинилэри ханна илдьэн иһэрин саныыр, өйдүүр да кыаҕа суох, күннээҕи кыһалҕаҕа кыпчыйтаран күн-дьыл аастар ааһан иһэрэ.
Кыайтаран-хотторон үүрүллүбүт дьирикинэй омуктар Харбахта төрдүгэр Хараҥа Тэҥкэҕэ саспыттара, онно кинилэр ылы-чып ньим бааччы олорбуттара. Ол оннугар Туманнаах Түбэ олохтоохторугар атын куттал суоһаабыта – ол маҥан таба түүтэ ахсааннаах майаат омуктар этилэр.
Майааттар бастаан Улуу Маҥан Дуолунан арҕааттан, саамайдар диэкиттэн кэлэн Өксүөннээх Өлөөҥҥө тохтообуттара. Бу бэрт кылгас өйдөөх, бардам, дохсун майгылаах дьон буолан биэрбиттэрэ. Бүгүн аһыырдаах буоллахтарына сарсыҥҥыларыгар кыһамматтара, өйүүҥҥүлэрин өйдөөн да көрбөттөрө. Тайаҕы, табаны дуулалаан оҕунан бултаан бараабыттара, дойдуну сытыппыттара. Кыһынын тоҥуулаан ол дойду кэмчи маһын бараабыттара. Хоргуйан өлүү суоһаабыта. Ол иһин туматтар диэки соҕуруу сыҕарыйар санааламмыттара.
Тайах саҕынньахтаах хоһуун төрөөбүт-үөскээбит уйатыгар – Туманнаах Түбэтигэр – туман быыһыттан уһуктаах төбөлөрө саҥа быган чочоруһан эрэр отут тордох кини дьонугар, туматтарга, чугаһынан туох да куттал суоһаабатын билэн, өрүс уҥуор ырыых-ыраах аччаан-кыччаан көстөр тииттэр төбөлөрүттэн өрө ойбут күн көхсүн сылытыыта, сөрөнөн олорор саҕынньаҕын эҥээрин арыый ыһыктан, төбөтүн хоҥкутан, сыыйа нуктаан барбыта, илиитигэр тутан олорор кылгас уктаах муос үҥүүтүн улам санньыттар-санньытан испитэ.
Таас чомчоҕой хоһуун көрөр хараҕа, истэр кулгааҕа этэ. Маннык үрдүк таас чурбука түөһүттэн туох барыта бэрт ыраахха диэри ытыска уурбуттуу ырылыччы көстөрө, өстөөх санаалаах хара саҥнаахтар хантан да кэлэр күннээх буоллахтарына, кини маҥнай билэн дьонун сэрэтиэхтээҕэ.
Күн лаппа уоттаныыта хоһуун, тутан олорор үҥүүтүн тааска анньаат, ходьох гынан уһукта биэрбитэ.
Онно-манна быраҕыллыбыт маҥан куобах тириитинии быһытталаммыт туман-былыттар быыстарынан өрүс, үрүҥ көмүһү уулларан куппуттуу, кылабачыйбыта, күп-күөх халлаан, чээл күөх от-мас, Айгыр Силик Айылҕа эбэ хотун эҥин-эгэлгэ өҥүн-дьүһүнүн бэйэтигэр тыктаран ойуулуу-оһуордуу сыппыта.
Эмискэ хоһуун үрэх оломун көрө түспүтэ. Ол онно ыраах кимнээх эрэ олому туораан адаарыҥнаспыттара. Хоһуун, хараҕын сотто-сотто, чарапчыланан одуулаһа сатаабыта. Ол эрээри тахсан эрэр күн уотун чаҕыла ууга түһэн мэһэйдээн, кимин-тугун кини лаппа быһааран билбэтэҕэ. Кини көрдөҕүнэ бэрт үгүс муостаах кыыллар өрүһү туора харбаан адаарыҥнаһарга дылы этилэр.
– Куйархааттар муостара адаарыҥнаһаллар ээ, быһыыта, – диэн хоһуун саҥа аллайбыта. – Тордохторго киирэн биллэриэххэ дуу?
Ол эрээри кыыл табалар кыараҕас өрүһү төһө өр гынан туоруохтарай, хаһан дьон мустуохтарыгар диэри күүтэн туруохтара суоҕа диэн, кини ол санааттан төлөрүйбүтэ.
Куйархааттар адаарыҥнаспахтаан баран, кини сэрэйбитин курдук, бэрт сотору таас күлүгэр киирэн мэлис гыммыттара. Кураанахсыйбыт үрэх төрдө күн уотуттан дьирибинии сыппыта.
Хоһуун көхсүн күн уота угуттаан, этигэр-хааныгар итии нуһараҥ тарҕанан, эмиэ утуктуох курдук буолбута. Суох, кини утуктаабатаҕына сатанар, хоһуун санаатын күүһүн түмэн, хонос гына түспүтэ. Кини кэнники диэкинэн чурбукатыгар тахсан олордор эрэ наар утуктуур буолан хаалла. Бастаан утаа утуктаатаҕына, тутан олорор үҥүүтүн тааска тирии сыһан уһуктар буолара. Оттон билигин тирээн кэбиһэр, ол аата кыайтара утуктуур буолбут. Арааһа кинини саас баттаан эрэр дуу, хайдах дуу? Оттон ити билигин чахчы куйархааттары билбитэ дуо? Хараҕын уота эмиэ бэлиэр мөлтөөбүтэ буолуо дуо? Тоҕо киирэн дьонугар тыллаабата? Ол уҥуох-иҥиэх ыараабытын бэлиэтэ буолара дуу? Уонча сыллааҕыта эбитэ буоллар итиччэ булду кини быһа аһарыа суоҕа этэ.
Хоһуун таба олбоҕуттан ойон турбута, бэрбээкэйигэр тиийэр уһун тайах тириитэ саҕынньаҕын устан тиэрэ бырахпыта, көһүйбүт этин-сиинин көннөрө тыыллаҥнаталаабыта.
– Били баҕайы уол тоҕо кэлбэтий?! – диэн ас таһар уолун суохтаан обургутук иһиллэр гына саҥарбыта.
Хоһуун ол турдаҕына эмискэ тулатааҕы иһийэн турар сарсыардааҥҥы чуумпуга дапсылар тыастара лабырҕаспыттара, тула өттүттэн ох сыыгынас буола түспүтэ. Алаҥаалаах дьон кинини хайыы үйэҕэ төгүрүйбүттэр этэ уонна туох да харса суох ытыалаан кыырайдаан барбыттара. Хоһуун үҥүүтүнэн хаҥас өттүттэн кинини ытаары аҥаабыллаан эрэр уһун хара бэкир киһини быраҕан саайбыта, тиийэн киһи алаҥаатын кирсин лас гына быһа түспүтэ. Ол кэнниттэн, суптурута түһэр чупчурҕан охтортон аһартаан сиирэ-халты түһэртэрэ-түһэртэрэ, туох да сэп-сэбиргэл ылар кыаҕа суох, чурбука үрдүттэн аллара ыстаммыта, таас кэнниттэн быга түспүт кылгас маҥан таба сонноох киһини үрдүнэн ойбута. Киһи соһуйан хаптас гынаат, сыыһа тутан салгыны харбаан хаалбыта.
Үгүстүк киирэ-тахса үөрэммит сиринэн аллараа сарыы тордохторго киирэн кини дьонун сэрэтэр санаалааҕа. Ол эрээри өстөөхтөр кыргыһыыга үөрүйэх быһыылаахтара, кини суолун ол өттүн хайыы үйэҕэ быспыт этилэр. Ол иһин кини чурбука нөҥүө өттүнэн эрэ аһаҕас сир баарынан аллара түһэн, суордуу кылана-кылана, өрүс кытылынан сүүрбүтэ. Хоһуун кэнниттэн кылгас маҥан таба мэкчэкэлээх уонна уһун хара бэкир киһи тилэх баттаһа эккирэтэн тэбиммиттэрэ. Эккирэтэн иһээччилэр кыырт мохсоҕоллуу саҥаран чаҥырҕаһаллара, уҥа-хаҥас диэки бургуйар кыах биэрбэккэ, өрүһү таҥнартаран түһэ турбуттара…
Тугу да билбэккэ, сэрэммэккэ олорбут тордохтор кыайан утарыласпатахтара, саба түһээччилэр тулуппатахтара…
Ыкса киэһэ, барыта бүппүтүн кэннэ, соҕотох хаалбыт тиһэх тордоххо маҥан таба таҥастаах уонна хара бэкир киһи көтөн түспүттэрэ. Аан икки чанчыгар бэриһэн туран аастыйбыт баттахтаах кырдьаҕас оҕонньорго туһаайан:
– Оҕонньоор, бу сиргэ кэлэммит улаханнык бултуйдубут, улуу хоройкоону охтордубут, – диэбитэ маҥан таба таҥастааҕа туматтардыы бэрт ылбаҕайдык. – Үрүйэни үрдүнэн ойон эрдэҕинэ борбуйун иҥиирин быһа ытан боҕутуннардыбыт. Онон бу эһэбитигэр, кыра да буоллар, кэһиилээхпит.
Инньэ диэн баран киһи оҕонньор иннигэр этэрбэстээх даҕынньаны бырахпыта.
Оҕонньор, ол ынырык кэһиини көрөн, өр саҥата суох таалан олорбохтообута, онтон аргыый ыган таһаарбыта:
– Оо, ол иһин оҕом эрэйдээҕи маннык кэбилээбиккитин сүрэҕим сэрэйээхтээбитэ. Маҥан таба түүтэ ахсааннаах майаат омуктар тутайан өлөр улуу сут дьылларыгар оҕом отут ураһа киһини биир оҕунан иитэн кыстаппыта. Ол онно силиитэ быстан эһиэхэ ситтэрдэҕэ.
– Кырдьаҕаспыт, кэпсээ эрэ, Үрэн хоһуун ыччата-төрүөҕэ төһө баарый? – диэбитэ бастакы киһи.
– Туох оҕолоох-уруулаах буолуой, ойоҕо маангаан дьахтар, – оҕонньор төбөтүн санньытан олорон хоруйдаабыта.
Маҥан таҥастаах киһи, көхсүн этитэн күөмэйин оҥостон баран, умнубаттык өйүгэр хатаатын диэбиттии бытааннык, дьэбирдик саҥарбыта:
– Дьэ, оччоҕо, оҕонньоор, тыыннааҕыҥ тухары кэпсээн биэрэ олор: Үрэн хоһуун иһин хаан өһү иэстэһээччи баар буоллаҕына, үөһээ тумулга бэлиэ хааллардыбыт, куттамматаҕына, дьулайбатаҕына онон көрөн биһигини, биһиги суолбутун батыстын. Ким ааттаах киһи өлөрөн-өһөрөн, кыайан-хотон барда диэтэргин, тоҥ биистэр хоһууннара ааттаах Маҥан Мэкчэ диэммин.
Онуоха оҕонньор:
– Эһиги уһун суолгутун суоллуур кимим кэлиэй, онон көҥүлгүтүнэн көччүйэн бардаххыт, – диэбитэ уонна уота өссө да өһө илик харахтарынан тордох дьиэлэ аһыллыбытын курдук тыаһа суох сабыллыбытын эрэ көрөн хаалбыта.
Дьэ ити курдук тоҥ биистэр хоһууннара Маҥан Мэкчэ обургу тумат омуктар хоһууннарын Үрэни өлөрөн, албан аатын ылан бардаҕа…
Өс-саас хааннаах аартыга аһылыннаҕа.
Бастакы олук
Хааннаах илкээни
Монголлар улаханнык кыргыһан тумат диэн биис уустарын бэриннэрбиттэрэ. Туматтар иирсээннээх уонна куһаҕан санаалаах биис уустара буолалларын иһин, монголлар үгүстэрин кыдыйбыттара.
Рашид-ад-дин
Саха төрдө буолбут Омоҕой Өлүөнэ өрүскэ кэлиэн инниттэн ыла тумат омук диэн бэрт элбэх ахсааннаах, кыргыһыылаах (өлөрсүүлээх, охсуһуулаах) туспа омук дьон олорбуттар эбит.
Саха былыргы сэһэнэ
Мастаах былыргыта тоҥус уонна тумат сирэ эбит. Тоҥус уонна тумат өстөөхтөр, кыргыһаллар эбит.
Саха былыргы сэһэнэ
Маҥнайгы түһүмэх
Өс-саас
Түргэн атахтаах кыылУстата-туората биллибэт Улуу Маҥан Дуолга саас кэлбитэ.
Аан туманынан аҥылыйар Муус Кудулу Далай тымныы тыына мөлтөөтөр-мөлтөөн испитэ. Бастаан күн олус уһаабыта, саһар икки саспат икки ардынан саҕаҕы кырыйа көппүтэ, харах саатар чаҕылхай сырдык ылааҥы күннэр буолбуттара. Ол кэлин өттүттэн соҕурууттан, күн аннын диэкиттэн, илгэлээх ичигэс тыаллар сирилэччи үрбүттэрэ; чэҥ-муус тымныы тыынын хоту үтүрүйбүттэрэ. Ханнык да бэйэлээх хамыйахтаах баһан-сомсон барыа суох айылаах, сыһыылары-хонуулары барытын өрөһөлүү толорбут үрүҥ хаар уостан, кута-сүрэ көтөн, иҥэр-сүтэр аатыгар барбыта.
Саас буолан күн уһаан, сырдаан, сылыйан, сэргэхчэбдик кэмнэр кэлбиттэрэ. Халыҥ хаарга хам баттаммыт мастар-оттор өр кэмҥэ сүгэн сыппыт үллүктэрин киэр илгэн, көнө түһэн, һуу гыммыттыы өрө тыынан тыыллаҥнаспыттара, үгүс салаалаах мутукча, сэбирдэх илиилэрин күн уотугар, күлүм-чаҕыл сырдыкка, көй салгыҥҥа тыраадыччы ууммуттара.
Ол эрээри кыыдааннаах кыһын дэбигис арахса охсор санаата суоҕа. Саас, дьэ, кэллэ диэбит кэннэ итии күннэр эмиэ тымныынан солбуллубуттара, силлиэ-буурҕа ытыллыбыта: мөлдьөгөйдөртөн хаары хастаан куула сирдэргэ, аппаларга-хотооллорго халыҥнык тибэн дьаптайбыта. Ирэ-ирэ тоҥмут хаар анна көмүрүө буолбута, оттон үрдэ киһи атаҕа тобулу үктээбэт муус килиэ гына килэриччи тоҥмута. Муус Тоҥот кэмэ тиийэн кэлбитэ.
Муус маҥан модун долгуттардыы дьаарыс-дьаарыс тоҥмут халыҥ хомурахтар үрдүлэринэн Даҕанча чэпчэки туут хайыһара, батары түспэккэ, олус аллаахтык халыһыйара: таҥнары киириилэргэ харса суох анньынан иһэрэ, оттон үрдүк эниэлэргэ, хайыһарын таба тыһынан оҥоһуллубут хадьааһына бигэ тирэх буолан, өрө сүүрэн тахсара. Харах саатар чаҕыл сырдыктан, иннигэр тэнийэ тардыллар киэҥ дуолтан, халыһыйар хайыһарын халысхан сырыытыттан санаата көтөҕүллэн, уол иннин хоту кыдьыгырбыттыы түргэнник тэбэн элэстэнэн испитэ. Кини, тоҥ биистэр курдук, илиитигэр биир эрэ эмпэрэлээх айаннаабат этэ, алаҥаалаах нимчикатын, сүүрэрбин мэһэйдээбэтиннэр диэн, көхсүгэр сүгэн баран, икки илиитигэр уһун тайах мас ылынан, онно чиэстэнэн, муус буола тоҥмут хаар үрдүнэн харса суох анньынан айанныыра. Ол иһин сырыыта олус сыыдам, олус түргэн буолара.
Даҕанча хас да үрэҕи быһыта көтүтэлээн ааһыталаабыта, хас да дьопколорго кииртэлээн тахсыталаабыта. Ол тухары били бэбигирэһэр муус маҥан ыалыкылара да, эмискэ хомурах анныттан бурҕаллан тахсар ыас хара куртуйахтара да мэлийбиттэр этэ. Уол онтон мунчааран санаатын түһэрбэккэ, айаннаабытын курдук айаннаан испитэ, кини бүгүн бултуйуохтааҕар ис-иһиттэн эрэнэрэ. Эдэр булчут дьолуолаах, ол иһэн халыҥ сис ортотугар биир сүүнэ буур тайах соторутааҕыта аҕай ааспыт суолун көрө биэрбитэ. Даҕанча бастаан тохтоон, эмпэрэтин төбөтүнэн тайах хомураҕы тобулута үктэнитэлээбит суолун хайбыта, онтон төҥкөйөн, сөмүйэтинэн оймоон көрбүтэ: кыыл суола ириэнэх буолбута, бу сарсыарда ааспыт этэ. Даҕанча ону билэн, нимчикатыттан оноҕосторун ылан бэрийтэлээбитэ, хайыһарын быатын чиҥэтиммитэ, сүгэһэрин маһын көннөрүммүтэ, өрө уһуутаталаан, тыыллаҥнаталаан ылбыта уонна буур тайах кэнниттэн түһүммүтүнэн барбыта.
Буур тайах Баай Хара тыа бастыҥ маанылааҕа, сүдү булда – күүстээх, быһый уонна сэрэх кыыл буоллаҕа эбээт! Кинини кэнниттэн эккирэтэн күдэн күүһүн көлбөнүтэн, модун уоҕун солбонутан, быһыйынан быһыйын баһыйан, ситэн тиийэн өлөрөр оччоттон баччаҕа диэри улуу булчуттарга эрэ кыаллар суол. Ол да буоллар Даҕанча, эдэр булчут, үгүһү-элбэҕи эргитэ санаабакка, булчут киһи куруутун эрэнэр-итэҕэйэр соргутугар бэриммитэ.
Эһэтэ Бакамда кэпсээниттэн кини бу маннык муус тоҥоттор кэмнэригэр сааскы торҕон бөрөлөр тайаҕы арахпакка эккирэтэн бултуулларын истэр буолара. Ханнык да бэйэлээх буур бэрдин арахсыбакка сонордоотохторуна, киэһээҥҥи уонна сарсыардааҥҥы хатаҥаттарга үрдэ тоҥон мууһунан бүрүллүбүт хаарга эҥээнин хайа үктээн кэбиһэр, оччоҕо кыайан уһуннук сүүрбэккэ тохтуу-тохтуу барар, уһугар тиийэн бөрөлөргө туран биэрэр диэн эһэтэ кыһыҥҥы уһун киэһэлэргэ сиэнигэр кэпсиир буолара. Сааскы торҕон бөрөлөр хомурахха уйдаран тайаҕы ситэр буоллахтарына, туут хайыһарынан хомурах үрдүнэн чэпчэкитик элээрэр булчут кинилэртэн туох итэҕэстээх буолуон сөбүй?
Даҕанча хайыһарын тайах киирбит үрүйэтин уһун сырыынньа аппатын диэки салайбыта уонна харса суох аллараа диэки анньынан кэбиспитэ. Аттынан титириктэр, хатыҥнар умнастара элэҥнэспиттэрэ, сыгынньах лабаалар сирэйин быһыта сыспыттара, таҥаһыттан тардыаласпыттара. Тайах синньигэс от үрүйэни уһаты сыыйбыт этэ. Даҕанча кини суолун батыһан тэбэн сырылатан испитэ. Аллаах хайыһар үрдүгэр туран кини маннык айаннаатаҕына күнү да быһа мөлтөөбөккө барыан сөп, оттон тайах төһө уһуннук барар эбитэй? Кини ону билбэт.
Үрүйэнэн хаампахтыы түһэн баран лөкөй, куулаҕа туораан тахсан, эмиэ сиһи быһа түспүт этэ. Уол үрүйэ куулатын эниэтин тэһиппэккэ дабайбыта. Суолуттан көрдөҕүнэ буур, кинини эккирэтэн иһэллэрин букатын да билбэккэ, аргыый, дьаалатынан айаннаан иһэр быһыылааҕа. Даҕанча киниэхэ биллэрбэккэ эрэ сир ылан чугаһаамахтаан хаалар санааламмыта, туттуута-хаптыыта өссө сыыдамсыйбыта.
Биир балачча киэҥ толооҥҥо киириигэ эниэни таҥнары анньынан иһэн Даҕанча булдун, дьэ, көрбүтэ: буур бэрдэ тарайа сэлиинэн куула сискэ тахсан эрэрэ. Кини эккирэтэн иһэллэрин хайыы үйэҕэ билэ охсубут этэ, төбөтүн хантаччы туттан, тыаһа суох күлүк курдук, куула харыйалар быыстарынан аҕыйахтык элэҥнээн хаалбыта. Даҕанча алаас куулатыгар кэлэн, лөкөй талахтар төбөлөрүн сии туран кинини билбитин – сытын ылбытын дуу, тыаһын истибитин дуу – суолуттан көрбүтэ: нам бааччы аһыы туран, эмискэ үргэн, куула тыаҕа ыстаммыт этэ.
Эдэр булчут тайаҕы көрөөт, сибилигин ситэ баттаан, тутан ылыах курдук, харса суох кэнниттэн түһүспүтүнэн барбыта. Кини урут тайаҕы бултаабатах буолан, үөрүйэх булчуттар Баай Хара тыа быһый атахтаах кыылын күнүс хаар ирбит кэмигэр, сылбыйаҕа, эккирэппэттэрин, түүнүн, хаар тоҥноҕуна, эккирэтэллэрин билбэт этэ.
Тайах дириҥ хомурахха ыараханнык сүүрэрэ, оттон уол буоллаҕына, тоҥуу хаары букатын да бааһырпат кэриэтэ үрдүнэн халтарыйан элээрэрэ. Ол да буоллар лөкөй атахтара уһун, күүстээх этилэр, хаары тоҕута тардан, сиэлэн атаралаан, олус түргэнник, ырааҕынан атан куотан бара турбута. Уоллаах тайах, ол курдук, көс кэриҥэ сири барбыттара. Даҕанча бастакы омуна ааспыта, уоҕа хараабыта. Тайах тохтоон, кини тыаһын иһиллээн турбахтаабыт суолун көрбүтэ. Уурайбакка кэнниттэн эккирэтэн иһэллэрин билэн, буур, дьэ, аны тохтообот барыытын барбыт этэ.
Даҕанча, тыын ыла, тохтуу түспүтэ. Аны кинини тайах биллэ, ол иһин мантан инньэ хайдах сонордуохтааҕын, дьэ, санаан ылбыта. Эһэтэ Бакамда этэр буолара, булка аҥаардас быһый быччыҥ, сытыы харах, бэргэн илии быһаарбат, олорго мындыр өй холбоһон булчуту улуу булчут оҥорор диэн. Даҕанча сылыктаан көрдөҕүнэ, тайах күүһэ-күдэҕэ сүрдээх, күнү да быһа сүүрэр кыахтаах быһыылаах. Оттон тайаҕы ыгылыппатахха, ыксаппатахха, тыа кыыла буоллаҕа, хаһан да ситэн өлөрүөҥ суоҕа. Кини, арай, эһэтэ үөрэппитин курдук, кэнниттэн эккирэппэккэ, таарыйан ааһыа диэбит сирдэригэр, тоҕойдоругар быһыта түстэҕинэ сатаныыһы. Инньэ дии санаан баран эмиэ тайаҕын кэнниттэн анньынан кэбиспитэ. Сотору буолаат, тайах уҥа диэки халыйбытын көрбүтэ. Кини адьас көнөтүк, иннин хоту барбакка, араастаан бургуйан куота сатыырга санаммыт быһыылааҕа. Даҕанча ону сэрэйэн буур иннин күөйэ уҥа диэки быһалыы ыстаммыта. Кырдьык, тайах үрэх тоҕойугар баар мөндөл сиринэн киирэн, кини иннинэ эрэ аҕай ааспыт этэ. Эдэр булчут тайах баран иһэр тосхолун таба таайбытыттан олус үөрбүтэ, санаата көтөҕүллүбүтэ. Мантан ыла уол уонна кыыл икки ардыларыгар харах симсиигэ маарынныыр унньуктаах уһун эрийсии саҕаламмыта: тайах түҥкэтэх симилэхтэринэн, ыт мунна баппат ыккыйдарынан араастаан эрийэн-буруйан, эккирэтээччититтэн куотарга дьулуһара, булчут уол кыыл ханна тахсыахтаах, быһа охсуохтаах сирдэрин сэрэйэн быһыта түһэттээн иһэрэ. Даҕанча ийэтиттэн утумнаабыт булчут дьирикинэйдэр хааннара уһуктубута: ол тоҕойдору, тумуллары, ханна баалларын кимтэн да ыйыппатаҕын, урут хаһан да көрбөтөҕүн иһин, этинэн-хаанынан сэрэйэн билэрэ уонна кэбэҕэстик булара. Бардар бараммат Баай Хара тыа барахсан устататуората биллибэт Улуу Маҥан Дуолга киирэн симэлийэр сирэ киэҥэ – икки чэгиэн иҥиирдээхтэр, сылайбат сындааһыннаахтар күрэс былдьаһалларыгар, күрэхтэһэллэригэр сөптөөх дойду буолан биэрбитэ.
Күн арҕаалаабыта, саҕахха санньыйбыта. Хоту дойду сааскы күнэ киирбэккэ саҕаҕы эргиччи тула көтөрө, түүнүн да күнүскүлүү сырдык буолара. Ол эрээри тымныйбыта, күнүскү сылбыйа ааһан, ирбит хаар үрдэ тортуйбута. Икки улахан тумулаттар икки ардыларынан ааһар кыбычыын аартыкка, Даҕанча көрдөҕүнэ, тайах суола хааннаммыт этэ: кини үрдэ тоҥон муустуйбут хаарга эҥээнин ыыра үктээбит быһыылааҕа. Ити аата сотору мөлтүөхтээх диэн Даҕанча үөрэ санаабыта уонна охто сытар мас хаарын хаһыйан баран, олоро түһэн нимчикатыттан уҥуох көмүрүөтэ ылан үлтү ыстаабыта. Ити эһэтэ Бакамда сиэнэ мөлтүүр-ахсыыр күнүгэр анаан укпут ыһыга этэ. Туматтар уһун сындалҕаннаах сырыыларга нимчикаларын түгэҕэр куруутун силиилээх уҥуох көмүрүөтүн уктан илдьэ сылдьар буолаллара. Ол сылайарсындалыйар күннэригэр күүс-уох киллэрэрэ. Онтон уол хаары хаһыйан, түгэҕиттэн ылан ытыһа-ытыһа ыйыстымахтаабыта. Эдэр дьон туһунан кырдьаҕастар этэллэрин курдук, иһэ тоторун кытта сылаата киэр кыйдаммыта, туран эмиэ хайыһарын тэбэн сырылаппытынан барбыта. Аһаабыт аһыттан тымыр-тымырдарынан этин-сиинин устун саҥа күүс-уох кутуллубута.
Сотору тайах суолугар хаан улааппыта, кини бастааҥҥытын курдук, сулбуччу сиэлбэккэ, тохтуу-тохтуу барар буолбут этэ. Буур эҥээнин тоҥокко ыыра үктээн ыарыыламмыта чахчы биллибитэ. Даҕанча кинини бастаан биир алыы нөҥүө көрбүтэ. Уолу көрөөт, кыыл тыаҕа тахсыбыта. Онтон сотору-сотору көстүтэлиир буолуталаабыта. Уһугар тиийэн биир үрүйэ төбөтүгэр Даҕанча кинини ситэ баттаабыта: тайах иннинэн да, кэннинэн да кыайан барбат буолбут этэ. Булчут чугаһаан кэлбитигэр, куотар кыаҕа суох буолан, суоһурҕанан, кулгааҕын ньылаччы туттан, куттаабыта буолан дьохсооттуу көрсүбүтэ. Даҕанча тайахха ыкса кэлэн баран саамай сууһарыылаах сулумах кустугун ылан, сүрэҕин туһа манан буолаарай диэн баран ыппыта. Тайах дьигис гынаат, иннин диэки ойбута, онтон сууллан түспүтэ. Туматтар үгэстэринэн, Даҕанча алаҥаатын өрүтэ анньа-анньа үс төгүл алакыылаабыта – бу Баай Хара тыа түргэн атахтаах кыыла кини аан бастакы улахан булда этэ.
Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?