Текст книги "Сүрэххэ сөҥмүт сулустар"
Автор книги: Анна Андросова
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 3 (всего у книги 10 страниц) [доступный отрывок для чтения: 3 страниц]
Бу дойдуга уруһуйдьут ытыс үрдүгэр сылдьар.
Онон Бүөккэ күннээтэ. Остуолга олорон күнү-күннүктээн уруһуйдуур. Уопсай балаһыанньалаахтардыын булкуһан хаалла. Чэйдээччилэри кытта чэйдээн, табахтааччылары кытта табахтаан хаамыратыгар биллэр-көстөр киһи буолла. Уруһуйдаппыт дьоннор чэйинэн, табаҕынан төлүүллэр, сорохтор чэй оргутан аҕалаллар.
Саха сириттэн кэлбит этап бары биир сүбэнэн сылдьаллар. Бүөккэ булбут табаҕын хаһаанан иһэллэр, ханна тиийэллэрэ-түгэнэллэрэ биллибэт. Клык, төһө да дойдутугар кэллэр, кинилэри земляктартан атыннык ыҥырбат.
Бүөккэ, остуолга олорон, маҥан таҥаска кыыһы уруһуйдуур. Төһө да нуучча кыргыттарын уруһуйдаатар, өйө-санаата Катяҕа. Ол аайы билбэт кыыһын мөссүөнэ өссө кэрэтик тахсар. Кини утары үөһэ өттө сыгынньах, түөһүгэр үс куполлаах таҥара дьиэтэ ойуулаах, ол аата бу киһи үһүс түбэһиитэ, остуолу таһыйа-таһыйа, бэрт эҥсилгэннээхтик ыллыыр:
Голуби летят над нашей зоной,
Голубям нигде преграды нет,
Как же мне хотелось с голубями
На родную землю улететь.
Но забор высокий не пускает,
И колючек несколько рядов,
Часовые с вышек наблюдают
И собаки рвутся с поводков.
Даже в дальних камерах девчата
Проклинали молодость свою,
Где-то и когда-то говорили,
Говорили ласково «люблю»…
Манна ким кэлэрэ-барара сонун буолбатах. Хааһы курдук. Биир күн Красноярскайтан этап кэллэ. Бүөккэ идэтинэн уруһуйдуу олорбута. Бу дьон ортотугар биир сахалыы хаптаҕай дьүһүннээх, бэрт сытыы-хотуу сирэйдээх-харахтаах, чолбоодуччу көрбүт саас ортолоох киһи кэлистэ. Киирээт, уруурҕуу көрдөҕө буолуо, хараҕа Бүөккэҕэ хатанна. Чугаһаан хайа омук буоларын ыйыталаста. Тувинец эбит, дойдутуттан уонча сыллааҕыта хаайыы эҥээрдэнэн барбыт. Болдьоҕун бүтэрэн иһэн, биир сүөһүнү быһахтаан, эбии биэс сылы ылан, кытаанах режимнээх зонаҕа баран иһэрин блатнойдар идэлэринэн төттөрү-таары хаама сылдьан кэпсээн дьон болҕомтотун тарта. Ол эрээри… Ол эрээри кинилэри кытта кэлсибит, тартаран саҥарар киһи тувинец сабыс-саҥа механическай бириитибэлээҕин каптёркаҕа туттарбытын Амеляҕа сибис гыммытын Бүөккэ уруһуйдуу олорон иһиттэ. Уопсай балаһыанньаҕа олорооччулар төбөлөрүн холбоон бэрт өр сүбэлэстилэр. Онтон тувинеһы ыҥыран, бэрт ыраахтан саҕалаан кэпсэтиини бириитибэҕэ эргитэн аҕаллылар. Бириитибэ манна наадатын, онон ыларга модьуйдулар. Тувинец «биэрбэппин» диэн турда. «Бэйэбэр наада, хаайыы суруллубатах сокуонунан эһиги ыччаттан күүскүтүнэн күһэйэн ылар быраапкыт суох», – диэн бэйэлэригэр понятие толкайдаата.
Дьон ымсыы санаата көптөҕүнэ, сүрдээх суол буолар эбит. Арахсар аат диэн суох. Бары түүрэйдээн түһэриэх да курдук буоллулар. Тувинец ыксаата, соҕотоҕо да бэрт. Көмө эрэйэрдии, Бүөккэ диэки көрүтэлээтэ. Бүөккэ, хайыыр да кыаҕа суох буолан, хараҕын кистээтэ. Тувинец муҥур уһукка тиийэн сөбүлэстэ. Санаата түспүт.
Обургулар сайабылыанньа суруйтара охсон ылан надзирательга биэрдилэр. Дьыала үчүгэйдик түмүктэммитин чифиринэн бэлиэтээтилэр.
Эбиэккэ диэри туох да биллибэтэ. Амеляҕа илин-кэлин түһээччилэр ааны тоҥсуйан лигийдилэр. Надзиратель кэлэн ас биэрэр чуолҕаны арыйда.
– Бритву давай, начальник!
– Не положено! – чуолҕаны сабан кэбистэ.
Дьэ, доҕоор, маны эрэ күүппүт курдук, буолан аҕай турдулар ээ. Аан алдьанарыгар тиийдэ. Эппиэттээх дьуһуурунай кэллэ. Киһи өйдүүр гына быһааран биэрбитин, истэр кэлиэ дуо… Түрмэ тойонун модьуйдулар.
– Тойон суох, – эппиэт судургу.
Бүөккэ, дьэ, уоскуйаллар ини дии санаабыта… Ыҥырыа уйата тоҕо тардылынна. «Голодовка» биллэрэбит диэн турдулар.
– Пожалуйста, ваше право, – баҕар, эн өл даҕаны, онно эрэ кыһамматтыы, надзиратель бэрт холкутук эппиэттиир. Хата, кумааҕы биэрэн, аччыктааһыны биллэрбиттэрин туһунан сайабылыанньа ылан барда.
Үөхсүү кытаанаҕа. Хаамыра бириитибэнэн итэҕэстийэн олорбутун курдук буолла.
Эбиэти, киэһээҥҥи аһылыгы ылбатылар. Куртах сыыйа курулуйан барда, бары сууланан эрдэ сытынан кэбистилэр.
Тувинец санаата көнньүөрбүт. Хаан тардыһан сахаларга кэлэн тумустары дэлби үөҕэр. Сотору-сотору «дойдубар эбитим буоллар» диэмэхтиир.
Биир хонук ааста. Прогулкаҕа тахсыбатылар. Этап кэлэрэ-барара бобулунна. Эбиэккэ кэлэн, суолтатыгар «аһыыгыт дуо?» диэн ыйытан көрдүлэр. Түрмэ тойоно биллибэтэ. Туран хаамсыы аччаата. Бары лип сыталлар. Куртах курулуйар, өй-санаа наар аска оҕунна. Ол да буоллар бары тулуйаллар, ким мөлтөҕүн көрдөрүөй.
Бүөккэ биир дойдулаахтарыныын – аҥаар харахтаах Кэбээйи Адамыныын, Амматтан сылдьар Киргиэлэйдиин төһө да аччыктааталлар, сэһэн-сэппэн бөҕө. Адам – булчут. Күһүн тайах тутуһар кэмигэр көҥүлэ суох үс бууру биир сиргэ охторбут, онтукайа биллэн хаалан, үс сылга түбэспит. Хас тайаҕын ахсын биирдии сыл. Адам биир сылын олорбут, онон зона олоҕун амсайбыт. Адамтан «эн тоҕо оччо элбэх тайаҕы өлөрө сатаатыҥ» диэтэххэ, киһиҥ эппиэтэ бэлэм – «инньэ диэн баай барыылаах Байанайы хомотуом дуо?» диэн тыллаах. Киргиэлэй Адамтан ыйытар:
– Өскө биири өлөрбүтүҥ буоллар, түбэһиэҥ этэ дуо?
– Эс, түбэстэхпиний. Сааһым тухары бултаабыт кыылларым буоллаҕа. Ааспыт сыл булт соноругар сэбиэт киис тириитэ үлэспитэ. Урут да үлэһэр буолар этэ. Кыһайбыт курдук ол сыл тииҥ маска олорботоҕо. Киис бу биһиги курдук тоҕо аччык сылдьыай, бардаҕа эбээт. Онон сыллааҕы былааммын толорбокко сылдьан киниэхэ өлүүлүөм дуо? Сатахха, холуочук сылдьан, сэбиэппэр дэлби сүүлэ киирэн үрүҥ күүгэн буолбут эти биэрэн кэбиһэн, тэбилинним.
Адам кэпсээнэ наар булт туһунан. Киһи иҥсэтин көбүтэр. Оттон Киргиэлэй үөрэҕэ суох, сопхуос оробуочайа, биэс уонуттан тахсыбыт. Көрдөөх кэпсээннээх бэһиэлэй кырдьаҕас. Күнүүһүт эбит. Бэйэтэ этэринэн, туран эрэ ииктиир дьоҥҥо барыларыгар күнүүлүүр эбит. Сааһын тухары кэргэнин маныырыттан ордубатах, наһаа эрэйдээхтик олорбуттар. Дьахтар арахсыа эбит да, сэттэ оҕотуттан тардыстан, кырбана-кырбана олороохтообут. Күнүүһүтүн билэн дьоннор хаадьылыыллар эбит. Сылбырҕа, кытыгырас соҕус киһини үлэтигэр баран истэҕинэ утары ыыталлар. Ол киһи Киргиэлэйдиин дорооболоһор уонна: «Мааппаҥ дьиэтигэр баар дуо?» – диэт, ааһа турар. Дьэ доҕоор, Киргиэлэй тымыра эрэ быстыбат, кэннин хаана сирэйигэр ыгыллан тахсар, ыһыы-хаһыы доҕуһуоллаах киһитин эккирэтэр. Күнүүһүт кэмэлдьитин Адам Киргиэлэй биир дойдулааҕыттан истибит. Ол иһин дьахталлар кыыбаҕаларын араастаан оҥорон кэпсээн Киргиэлэй уутун аймыыр.
Онтон бу түбэлтэҕэ аһара туттан, кэргэнин икки ойоҕоһун тоһуппут. Инньэ гынан икки сыл көҥүлүн быстарбыт. Арай биирдэ Киргиэлэй өһүөнү одуулуу сытан ыйытта:
– Былыр Манчаары манна сыттаҕа?
– Александровскай централга дииллэр, ол аата манна буоллаҕа, – Адам истиэнэни имэрийэн көрөр.
– Оһуобай тутуу, ама да Манчаарытын иһин, хайдах мантан күрүөй. Түннүгэр илиим нэһиилэ батар, – Киргиэлэй сөҕөр.
– Омун. Сахаҥ омуннаах. Өссө былыргы хаайыылаахтарын хандалылаах буолаллар.
* * *
Үһүс күннэригэр уонча эписиэр арыаллаах полковник званиелаах, наһаа уойбутуттан нэһиилэ сыыгынаан тыынар түрмэ тойоно бэйэтинэн ыадастан кэллэ. Бүөккэ кинини хапыталыыстар карикатураларыгар майгынната көрдө.
Хаайыылаахтар бары атахтарыгар турдулар.
– Ким бириитибэ көрдөөн сайабылыанньа суруйда! – бэйэтин көрүҥэр сөп түбэспэт ньааҕынас куоластаах эбит.
– Мин, – тувинец инники тахсар.
Тойон киһи сэнээбиттии, сиргэммиттии үөһэттэн аллара көрдө уонна:
– Эн, эбисийээнэ, туоххун хорунаары бириитибэлэнниҥ? Эбисийээнэлэр хорумматтар! Биэс суукка карцер! Өссө кимиэхэ туох нааданый? – диэн хаһыытаата.
Ким да тугу да саҥарбата. Тойон киһи барыларын кэриччи көрдө. Бэйэтин уурааҕыттан бэйэтэ астыммыттыы көхсүн этиттэ уонна түөһүллэн тахсан барда. Атыттар тувинеһы илдьэ кэнниттэн батыстылар. Аан сабылынна.
Аччыктааһын туһата суох түмүктэннэ. Нууччалар маатыралара сүрдэннэ. Арай сахалар тувинец бириитибэтэ бэйэтигэр хаалбытыгар үөрэн эгди буоллулар.
Үс күннээх нуорма килиэптэрин барытын биирдэ олордон кэбистилэр. Бары килиэпкэ саба түстүлэр. Нуучча өр аччыктааһыны тулуйбат эбит. Билигин былдьаан ылыахтара диэбиттии, тырыта-хайыта тыытыы, дьүккүччү көрө-көрө, ыстаабакка да ыйыстыы. Сахалар төһө да аччыктааталлар, кинилэр курдук түһүммэтилэр. Ыксаабакка тууһаан сииллэр. Аны миин, торуой кэллэ. Харса суох ыга симиннилэр. Маҥкырдааһын буолла.
Хаамыра иһэ сыыйа тиллэн кэллэ.
* * *
Катялаах сайылыкка тахсыбыттара нэдиэлэ буолла. Бу Эһэлээх сайылык Сааскылаахтан хоту диэки биэс биэрэстэлээх сиргэ баар эбит. Түҥ былыр манна эһэлэр бааллара эбитэ буолуо, ол да буоллар аҥаардас аатыттан киһи этэ бүтэйдии тардар. Эһэлээх киэҥ нэлэмэн мэччирэҥ алаас, ортотугар хомустаах күөллээх. Балыга суох, ол эрээри тыыраахылар арахсыбакка дайаҥнаһаллар.
Алаас куула өттүгэр сайылык фермата тайаан сытар. Былыр-былыргыттан манна сайылыктанар буоланнар, иҥнэри түспүт сэргэлэр, быраҕыллыбыт өтөхтөр ааспыт кэм кэрэһитэ буолан тураллар. Титиигэ эргэ, ол эрээри дьон олорор дьиэлэрэ сэнэхтэр.
Сайылык дэриэбинэттэн уратыта ордук киэһэ биллэр. Түптэ буруота, оҕо саҥата, ынах маҥырааһына, кэҕэ чоргуйара барыта холбоһон дьикти-кэрэ хаһан да хатыламмат хартыына. Киһи дууһалыын сынньанар.
Оҕолор, сайылыкка кэлэн, үлэлэрэ чэпчээтэ. Күҥҥэ үстэ аппараатынан ынах ыыллар уонна ньирэйдэрин суосканан аһаталлар. Киэһэтин дэлби мээчиктээн, хойут баҕайы утуйан, сарсыарда кыайан турбакка эрэйдэнэллэр. Бостуук Баһылай оҕонньор, ынахтарын хааччахха хаайталаан баран, кэлэн уһугуннартыыр. Күн ахсын биир өрөбүлэ суох үлэлиир сылаалаах.
Билиҥҥитэ ким да үөрэххэ барар санаата суох. Арааһа, бу кыстыкка бары этэҥҥэ хаалар буоллулар быһыылаах. Уолаттарын хайыталаан кэбистилэр: манна Алёшалаах эрэ Вася ньирэй көрөөччүнэн сылдьаллар, атыттар учаастакка хаалан арыыга көмөлөһөллөр, сайын окко бараллар.
Катя ньирэйдэрин, иһиттэн аһыырга үөрэтэлээн, уолаттарга туттарбыта. Билигин икки эрэ ньирэйи кытта бодьуустаһар.
Ынахтар, күөххэ үктэнэн, үүттэрэ эбилиннэ. Оҕолор санаалара кэлэн социалистическай куоталаһыыга туруннулар. Графиктан наһаа хааланнар, ааспыттааҕыларын ситиһэр кыахтара суох.
Сэмэнэп сайылыкка кэлэ-бара сылдьар. Ыһыытыгар да үтүрүттэрдэҕэ, кэлбэтин. Катя кинини абааһы көрөр. Бүөккэттэн туох да сурах-садьык иһиллибэт, ууга тааһы бырахпыттыы сүттэ. «Баҕар, суруйуо» диэн ээр-сэмээр кэтэһэр.
Катя, Сэмэнэптэн куттанан, олохтоох уоллуун Гришалыын сылдьар. Уол кинини кырдьыктыы сөбүлүүр быһыылаах, онтон Катя сүрэҕэ ылыммат. Хайдах эрэ киниэхэ тоҥуйдук сыһыаннаһар. Бүөккэҕэ холоотоххо, уҥуоҕа «лашхайан» кырата, сүһүөҕэ суох сэлибирээбит саҥалыын олох атын. Онно холоотоххо, Бүөккэ ортону үрдүнэн көнө уҥуохтаах, сүүһүн аннынан өһөстүк сургуччу көрбүт харахтардаах, оттомноох тыллаах-өстөөх уол. Соҕотохсуйдаҕына, туох эрэ дириҥ санааҕа ылларбыттыы, биир сири тобулу көрөн олорон табахтыыр идэлээх. Арыгы испэтэ буоллар, киһи кэрэмэһэ буолуо этэ. Арыгылаан да түбэстэҕэ.
* * *
Саха сириттэн кэлбит бөлөҕү, ый аҥаара олорбуттарын кэннэ, дьэ, ыҥырдылар. Уон алта киһилээх этаптан уон түөрдэ барар буолла. Клык биир киһилиин дойдутугар хаалла. Истиҥ баҕайытык быраһаайдаста. Бүөккэ Клык хаалбытыттан үөрдэ, ол эрээри кини бу дойдуга суол тыырааччынан, кэпсэтээччинэн сылдьара үчүгэй этэ. Чэ, өлөн-охтон биэрбэттэр ини, билигин да сытыы-хотуу нууччалар бааллар.
Эмиэ хат-хат ааттарын-суолларын бэрэбиэркэлээн, дэлби мэтэкэйдэнэн, массыыналарга олордон тимир суол станциятыгар аҕаллылар. Хаайыылаахтары тиэйэр столыпинскай богуоннарга симитэлээтилэр. Хас да богуоҥҥа сүүһүнэн киһини уктулар быһыылаах. Дьэ, уонна туустаах балыгынан, хара килиэбинэн үссэнэ-үссэнэ, суукканы быһа айаннаан тигинэтии буолла. Хаайыылаахтары таһа үөрүйэх саллааттар быһыылаах, хас эмэ бүк сыанаҕа чэй, табах атыылыыллар, кистии-саба анаша да биэрэллэр. Ол эрээри чифир оргуталларын боболлор, «богуону уоттуохтара» диэн куттаналлар.
Ханан да таһырдьаны көрөр хайаҕас суох. Хаайыылаахтар хантан истэллэрэ буолла, Бурятияҕа баран иһэллэрэ билиннэ.
Саха дьоно поезка бастаан олорсуулара буолан, сонун. Поезд айаныгар бигэтэн үксүн утуйан тахсаллар. Сууккаттан ордук айаннаан, Улан-Удэ куоракка кэллилэр. Кинилэр киэнэ хайдах барыта бэлэм буолан иһэрэ буолла? Богуоннарга ыкса астарыллыбыт массыыналарга «сып» гыннылар. Онон сахалар поеһы көрбөккө да хааллылар.
Улан-Удэ түрмэтэ эмиэ былыргы баҕайы тутуу эбит. Хайдах эрэ таҥара дьиэтэ моһуоннаах. Саха сириттэн кэлбит этап, түрмэҕэ киирэн иһэн, холууп элбэҕин сөҕө көрдүлэр. Адам булчут хаана оонньоон:
– Сиэбит киһи, төһө эрэ эмистэр, – диэбитигэр, Киргиэлэйдээх Бүөккэ силлэрин быһа ыйыһыннылар. Олох киһи тутан ылыан курдук аттыгар хаамсаллар. Сымнаҕас көтөрдөр эбит.
Манна эмиэ транзит хатаҕа түһэрдилэр. Иркутскай хаамыратыттан быдан дьоҕус, киһитин да ахсаана аҕыйах. Олохтоохтор, хантан кэлбиттэрин истэн баран, «значит, охотники» дэстилэр. Ханна баҕарар буоларын курдук, «уопсайга» диэн харчы биэрдилэр. Уруһуйдьукка эмиэ наадыйан олороллор эбит, онон Бүөккэ эмиэ уруһуйдаабытынан барда.
Холууптарга анаан түннүк подоконнигар килиэп бытарытан куталлар эбит. Анарааҥҥылар ону сиэрилэр хаамсан доодоҥноһоллор. Адам кэпсэтэ олорон соҕотох хараҕа холууптарга. Бултаһыан баҕарар быһыылаах…
Буряттар, ааттара, араспаанньалара төһө да бурятттыы буоллар, бэйэлэрин тылларын олох билбэттэр эбит. Арай биир чабаан баарыныын Киргиэлэй, иллэҥэ дэлэ дуо, күнү быһа ыаһахтаста. «Сорох тылларбыт сөп түбэһэллэр эбит» диэн күлсэллэр.
Манна атын түрмэлэрдээҕэр астара тотоойу, минньигэс эбит. Надзирателлэрэ да хайдах эрэ сымнаҕас курдук көһүннүлэр.
Сарсыҥҥытыгар олохтоохтору барыларын илдьэ бардылар. Саха сириттэн эрэ кэлбиттэр хааллылар. Бэйэлэрин нууччаларыттан, кэргэнниһэн хаалан, куттамматтар. Адам түннүккэ ыстанан тахсан, биллэҕэ түһэн сытан, холууптары кэтээн көрөн үөрэттэ. Солко сап хата охсоот, оҕуурунан бултаспытынан барда. Өр-өтөр буолбата, биир холуубу төбөтүттэн иилэ соһон тирилэтэн киллэрдэ. Бары хайыһа түстүлэр. Адам үөрэн, соҕотох хараҕа олох да сүтэн хаалла. Холуубун төбөтүн булгу эрийэн кэбистэ. Дьон күлсэн тоҕо бардылар. Кырдьык даҕаны, ойоҕоһуттан көрөргө күлүүлээх баҕайытык көһүннэ. Олох хааһы өлөрбүттэн атыннык туттубата. Бөх кутар баахха үргээн бурҕаҥнатан кэбистэ. Сууйан-сотон биир лиитэрэлээх куруускаҕа, баккы таҥаһын тырыта-хайыта тыытан уматаат, оргуппутунан барда. Туустаан-тумалаан, уостарынан үллэстэн, бэрт минньигэстик сиэн кэбистилэр. Адам дэлби хайҕанна, бэйэтэ да булчут хаана көбөн, кыыла турда. Бары биһирээтилэр. Аны Адам бултуур эрэ, Киргиэлэйдээх көмөлөөн үргүүллэр. Сотору умайар таҥас, кумааҕы бүтэн барда, чифир оргутарга таҥас эмиэ наада. Серёга Серый надзиратели кытта кэпсэтэн, биэстии солкуобайга плиткаҕа оргуттарар буоллулар. Тот, кыһалҕата суох олох саҕаланна.
Туораттан көрдөххө, туох да эҥкилэ суох олох курдук көһүннэр, киһи өйө-санаата көҥүлгэ.
Кытаанах наараҕа сытаммын,
Доҕорбун, эйигин, саныыбын.
Ыар буруйу оҥороммун,
Өр сыллаах хаайыыга түбэстим…
Бүөккэ, халлаан хараҥардар эрэ, түннүккэ ыттан сулустары кыҥастаһар. Ол эрээри туора сиргэ, атын дойдуга тапталлаах сулустарын таба көрбөт. «Баҕар, атын хайысхаҕа бааллара буолуо» диэн бэйэтэ бэйэтин уоскутунар. Киһи, бүтэй дьиэҕэ хаайтаран олорон, дьөрү илинин-арҕаатын да быһаарбат.
Түрмэҕэ үлэлиир буряткалар саха кыргыттарыгар майгынныыллар. Ол эрээри быһыылара томороон, сирэйдэрэ улахан буолан көстөллөр.
Оттон Катя… Бүөккэ сырдык ыра санаата, сүрэхтэн сүппэт күндү сулустары бэлэхтээбит киһитэ. Хайдаҕый? Уһун, хойуу хара суһуоҕа, арылыччы көрбүт хап-хара харахтара, саҥа эт тутан эрэр кыыстыы кэрэ быһыыта, сырдык-ыраас мөссүөнэ барыта наһаа чугас, истиҥ.
Былырыын наар бииргэ сылдьалларыгар таптыырын эппэтэҕиттэн билигин хомойор. «Билигин көрсөрүм буоллар, төһө эрэ таптыам, сыллыам-ууруом этэй» диэн бэрт судургутук санаатар даҕаны, көрүстэҕинэ тылыттан матыа, хой баһын туойуо.
Ааспыты ырыта санаан көрдөҕүнэ, Катяҕа наһаа тоҥкурууннук сыһыаннаспыт эбит. Катя да кинини сөбүлүүр быһыылааҕа, сөбүлүүр да буолан бииргэ сырыттаҕа. Саатар, илиититтэн сиэтиэххэ баар этэ, оччоҕуна, баҕар, устунан чугасаһан барыах этилэр. Ол эрээри… Ол эрээри кинилэр аҥаардас бииргэ да буолалларыттан дуоһуйаллара.
«Оо дьэ, хаһан олохтоох сирбэр тиийэн суруйабын». Катя эппиэттиэ диэн эрэх-турах саныыр.
* * *
Биригэдьиир үлэтэ сүрдээх түбүктээх. Элбэхтик кэлиэххэ-барыахха, сүүрүөххэ-көтүөххэ наада.
Биир үлэни саба туттахха, атын күөрэс гынар. Дьэ, итинник биир кэм өрө холоруктана сылдьаҕын. Биригэдьиир атын тойоттортон биир уратыта үлэһиттэргин албыннаатаххына, сымыйалаатаххына табыллар. Инньэ гымматаххына, үлэ тохторугар тиийэр. Харса суох «бу бардым, ити аҕаллым» дии-дии күлүккүн харбата сырыттахха, үлэ сыҕарыйар. «Ол суох, бу суох» диэтэххэ, кэтэһэн олоруохтара. Сэмэнэп өр сыл биригэдьиирдээн билбит суола.
Бу сопхуос кииниттэн кыстык боппуруоһун быһаарсан иһэр. Быһаарсыа дуо, дириэктэри албыннаата:
– Хотоннор кыстыкка бэлэмнэр, сыбахтара эрэ хаалла, – диэн айахтатта, онтон ууга түһээри гыммыт киһи оттон тардыһарыныы, быйыл үчүгэйдик оттообуттарын кэпсээн истэҕинэ, дириэктэр:
– Оту билэбит, бэйэҥ бэрээдэккин кэпсээ, – диэт, хаһааҥҥы эрэ өстөөҕүн курдук батарыта көрдөҕө үһү. Сүгүн үлэлэтэллэрин аастылар, һм. Хайалара эрэ миигин донуостуур, билбит киһи. Ким буолуой?
Хотонноро эргэрдилэр, саҥа тутууга харчы көрүллүбэт аатырар. Сыл ахсын өрөмүөҥҥэ хотон аҥаара саҥа маһынан уларыйар. Ситэри олох саҥа хотон туппакка… Кыһын бу ыган кэллэ. Оттон кини ыанньык хотонун муостата ситэ тэлгэммэккэ сытар. Маһа баара буоллар, бүтэриэхтэр эбит. Ону баара Нэппээһэй баҕайы тыраахтарын алдьатан кэбиһэн сиэтэ. Өйдөөх этим диир да, хайа өйдөөх киһи күрүлүүр күнүс маска баран түһүөй? Радиаторын олох тоҕо астаран кэбиспит. Ону куттанан салалтаҕа эппэтэ. Сатахха, рабочкомнаах партком урут илии тутуһан дорооболоһор бэйэлэрэ нэһиилэ тоҥхох гыннахтара үһү. Уопсайынан кини утары тугу эрэ тэрийэ сылдьаллар.
– Бээрэ, Куола, аартыкпытын аһата таарыйа сынньаныахха эрэ.
Саас ортолоох, тор курдук бытыктаах, сааһын тухары барааҥка эрийэртэн атыны билбэтэх, тойонун күндүтүгэр өрүү тэҥҥэ олорсор Куола газигын туормастаан хачыгыратта.
Төрүт даҕаны бу аартык таһыгар турар бэскэ тохтоон, аарыгыран ааһар сирдэрэ. Хаһан да быһа ааспаттар, ол да буоллар Куола, бүгүн эрэ тохтообуттуу, саҥа аллайа түстэ:
– Оо дьэ, бэрт! Хабаҕырыы да буолла, сис да ыарыйда.
Кэлбит-барбыт тохтоон бэлэх уурар, салама ыйыыр ытык мастарыгар биһиги дьоммут бытархай харчы, табах уурдулар уонна арҕаа хайыһан туран чэпчэтиннилэр.
– Куола, аһы-үөлү хостоо, аччыктааһын да буолла. Уот оттуммат инибит, – Сэмэнэп, ким тугу уурар эбит диэбиттии, бэһи кыҥастаһар.
– Эмиэ тугун уотай, наһаа хойутуохпут, – Куола бэйэтэ ыксаллаах, омуннаах киһи. Өтөрдөөҕүтэ Сэмэнэбинэн бааһына күрүөтүн астаран баран, киһитин ылбакка элээрэ турбуттаах.
– Хата бүгүн былыттаах бэрт хараҥа түүн буолсу. Алаастары кэрийэн барыахха баар эбит, сааҥ баар ини.
– Отчут уолаттар быйыл куобах мээнэ төрөөбүт дииллэр. Саа баар, боруобалаан да көрүөххэ сөп, – Куола, бытыылканы сахсыйа-сахсыйа, эппиэттиир. Үрүҥ хабахтар тахсалларын ымсыырбыттыы көрдө, силин ыйыстан кылк гыннарда.
Сэмэнэп идэтинэн сирин аһатта уонна, «этэҥҥэ айанныырбыт, бултуйарбыт туһугар» диэт, охсуһуннараат, хантас гыннардылар.
– Аам, дьэ, арыый ама буолар инибин. Бүгүн өлөттөрөн нэһиилэ сырыттым, тойоҥҥо арыгы сыттаах киириэм дуо?
– Бэҕэһээ мин да сөп буолбутум. Массыынам уутун сүөкээбэтэх этим. Хата, былыттаах буолан… – Куола килиэпкэ халыҥнык балык кэнсиэрбэтин ууран сиэн мотуйар.
– Сэрэн эрэ, аны, кырдьык, массыынаны тоҥороойоххунуй, – Сэмэнэп эбии кутуталыыр. – Чэ, – киһитин күүппэккэ түһэрэн кэбистэ.
– Бу эһи, хомуньуустар, абааһыны, иччини итэҕэйбэт эрээри, Николай Петрович, тоҕо өрүү сири аһатаҕын? – Куола ытык маһы толлубуттуу көрөн олорон ыйытта.
– Бу да киһи доҕор! Хантан абааһыны, иччини аҕаллыҥ? Ити былыргы хаалынньаҥ олох биир көрүҥэ буолар, һм. Дьэ, ити таҥара дии-дии хас үйэ үҥпүттэрэ буолуой, дьоннор? Онтон олохторо тупсан кэлбитэ дуо? Хата, биһиги, хомуньуустар, таҥара итэҕэлин үрэйэн үөрэхтэннибит, сайынныбыт! Таҥара диэн баартыйа. Дьоннор билигин баартыйаҕа үҥэллэр, һм, – Сэмэнэп мэктиэтигэр олорор сириттэн өгдөҥөлөөн ылла.
– Чэ, баҕар, таҥара суох буоллун даҕаны. Оттон бу, – ытык маһы арыгылаах куруускатынан ыйар, – маска былыр-былыргыттан төһөлөөх элбэх киһи сүгүрүйэн, бэлэх биэрэн ааспыта буолуой?
– Былыргылар буоллун даҕаны. Аҕабыттар албыннаан дьону таҥараҕа үҥтэрэн, туох баардарын соролоон ылаллара. Оттон нууччалар кэлиэхтэрин иннинэ сахаҥ ол-бу иччигэ, үөһэ-аллара дойду биллибэт күүстэригэр сүгүрүйэрэ, һм. Онтукайыҥ итэҕэл дэнэр. Итэҕэл киһиэхэ хайаан да наада. Холобур, билигин баартыйаҕа итэҕэл курдук, һм.
– Дьэ, ол да буоллар айылҕа кистэлэҥэ элбэх быһыылаах, – Куола, тойонунуун бииргэ аһыыр-сиир буолан, толлооччута суох.
– Айылҕаҕа туох кистэлэҥэ кэлиэй… Дэлэҕэ да хомуньуустар «өрүһү таҥнары уһуннарыахпыт» диэхтэрэ дуо?! Былыр киһини аһатан олорбута, оттон билигин хайдаҕый? Айылҕаны икки атах иилээн-саҕалаан олорор. Эн, көр, өйбүт сиргэ баппакка, халлаан куйаарын баһылаатыбыт.
Куола көрдөҕүнэ, Сэмэнэп төһө да халлаанынан дайбаан кэпсии олордор, ытык мас хойуу лабааларын анныгар хайдах эрэ кыччаан, солуута суох буолан көһүннэ.
Биир буокка түгэҕэ түргэнник көһүннэ. Дьоммут тыллара өһүлүннэ. Барытын саба тутуохтуу «мин да мин» дэһэ олордулар. Суумкаттан иккис хостонно. Кэпсээннэрэ хотонтон саҕаланан сопхуоска тиийдэ, ону аһара түһэн бүтүн оройуону кинилэр Сааскылаахтара тутан олорор аатырда. Аны өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр тахсан барда.
Хомсомуол, хомсомуол,
Эн ыстаал кэккэҕэр киирэбин…
Тыа баһа сатарыар дылы ыллаан ыыра бардылар. Сэмэнэп хааһы курдук итирдэ. Массыынаттан сааны сулбу тардан ылла, иитэн хачыгыратта:
– Биһиги, хомуньуустар, абааһыны, иччини итэҕэйбэт дьоммут! Көр бу! – ытык маһы туһулуу тутаат, ытан саайда.
Куола төһө да итирдэр, итини сөбүлүү көрбөтө. Сааны былдьаста. Иккиэн сууласпытынан охтон түстүлэр. Саа бүтэҥитик тыаһаата. Туох эрэ куһаҕан буолбутун биттэммиттии, айылҕа иһийэ чуумпурда.
Сотору Сэмэнэп ат буолан үнүөхтээн туран кэллэ. Киһитин саҥата суох чочумча көрөн турда, хаан буолбут ытыһын одуулаата. Онтон туох буолбутун өйдөөтө. Хаан буолбут ытыһынан сирэйин саба тутунна, бэрт эҥсилгэннээхтик, хайа да кыылга маарыннаабаттыы, улуйан онолутта. Өйүттэн тахса куттанна.
Арай, кини көрдөҕүнэ, ытык мас илэ бааччы хаар маҥан баттахтаах, үп-үрүҥ таҥастаах аарыма кырдьаҕас эмээхсиҥҥэ кубулуйда. Үөһэттэн Сэмэнэби уоттаах, сытыы харахтарынан тэһэ көрдө уонна маннык саҥалаах буолла:
– Үс саха үөскүөҕүттэн,
Түөрт саха төрүөҕүттэн
Кэлэ-бара сынньанан,
Сүгүрүйэн ааһар
Ытык маска
Бэлэх биэрэриҥ оннугар
Киһиттэн кэрэгэйдик кэбилэнниҥ,
Дьонтон туоратык тутуннуҥ!
Үрүҥ кыл дэйбииринэн сапсыйан кэбиспитигэр, ханна да барбытын билбэккэ хаалла. Арай биирдэ өйдөммүтэ, аарыма кырдьаҕас атаҕын кууһа сылдьан: «Ытык кырдьаҕас, кыыһырбыккын кыйдаа, уордайбыккын уҕарыт. Аны эн бэйэлээх хара күлүккүн быһа хаамыам суоҕа диэн сиртэн халлааҥҥа диэри андаҕайабын! Оҥорбут аньыыбын олоччу билинэбин. Сир сирэйдээмэ, буор дьүһүннээмэ!» – дии-дии, сыылла сылдьар эбит.
Арай, бу араллааҥҥа мин кыттыгаһым суох диэбиттии, түүҥҥү көтөр кулгаахтаах тыаһа суох көтөн кэлэн, Сэмэнэп үрдүгэр «һуу» диэтэ. Киһи этэ да тардан көрбөтө.
Сарсыҥҥытыгар уу чуумпутук, бэйэтин күннээҕи олоҕунан олорбут Сааскылаах силлиэ түспүтүнүү өрө ытылла түстэ. Хаптаҕай кулгаахтаах өтөр-наар истибэтэх, хара харахтаах көрбөтөх түбэлтэтэ дьону аймаабыта.
Ааһан иһэр айан дьоно Сэмэнэп Туруйалаах алаас аартыгар турар ытык маһы кууспутунан, умса түһэн өлө сытарын булбуттар. Туохтан өлбүтэ биллибэт. Суоппар Куола массыынатын таһыгар сааҕа дэҥнэнэн, өйө суох сыттаҕына түбэһэ кэлэн оройуоннаппыттар. Хомурҕана тоҕо ытыллыбыт, хаана наһаа баран туруга мөлтөх үһү.
Ол күн оройуонтан милииссийэлэр кэллилэр.
Сопхуос кииниттэн тойоттор бары тиэллэн таҕыстылар. Үлэ тохтоото. Бу кыстыкка киирии боппуруоһа кыайан быһаарыллыбакка турдаҕына, үлэ атахтанара, бүтүн биир күн сүтэрэ иэдээн.
Сааскылаах олохтоохторун, кими да ордорбокко, милииссийэҕэ состулар. Дьон аймаммыта сүр. Кэпсэтии наар Сэмэнэптээх тула барда.
Киһи өллөҕүнэ үчүгэйэ тахсар эбит буоллаҕына, силиэстийэҕэ төһөнөн элбэх киһи ыйытыллар да, Сэмэнэп куһаҕана ыраас мууска ууруллан истэ. Сопхуос тойотторо Сааскылаах учаастагар үлэ сатарыйбытын, бэрээдэк ыһыллыбытын илэ бааччы көрдүлэр, сиргэ силлээтилэр.
Кыһын бу кэллэ. Хотоннор аһаҕас тураллар. Ыанньык сүөһү турар хотонун муостатын аҥаара олох да тэлгэммэтэх. Сопхуос тойотторо миэстэтигэр мунньахтаан, түргэнник дьону үмүрү тардан, сопхуос кииниттэн эбии көмө күүс аҕалан бу күннэри көтүппэккэ барытын саба тутарга, алдьаммыт-кээһэммит тиэхиникэлэри өрөмүөннэтэргэ, саҥа биригэдьиири буларга уураахтаатылар.
Милииссийэлэр Туруйалаахха тиийэн, миэстэтигэр көрдүлэр-иһиттилэр. Сэмэнэптээх итириэхтэригэр диэри арыгылаабыттарын быһаардылар. Олохтоохтук остуол тэринэн, өр олорон аһаабыттар. Икки бытыылка буокка иһиллибит, элбэх табах тардыллыбыт, ас тобоҕун кыыл-сүөл сиэбит.
Аҕыйах хонугунан Сэмэнэп туохтан эрэ «улаханнык куттанан сүрэҕэ хайдан өлбүт» диэн экспертиза быһаарбыта иһилиннэ. Дьон үксэ «киһини өлөрдүм» диэн куттанан өлбүтэ буолуо диэн быһаардылар. Арай кырдьаҕастар «ытык маһы саанан ыппытыгар, сир иччитэ моһуоктаабыта буолуо» диэн таайтарыылаахтык этэллэр.
Суоппар Куола хомурҕана илдьи ытыллан инбэлиит буолбута. Тыыннаах хаалбытыгар махтал. Өскө чаас аҥаарынан хойутаабыттара буоллар, хаана тоҕо баран өлүөхтээҕэ хаалбыт. Тута сөптөөх хааны кутан, бааһын сууйан-сотон, ыраастаан, тигэн кэбиспиттэр. Онон өрүттэр аакка барбыт.
Сэмэнэби тыаһа-ууһа суох, улаханнык чиэстээбэккэ-бочуоттаабакка кистээтилэр. Хата иһээччи өттө «дьон буолан син тойоммут остуолугар олорсор күннээх эбиппит» диэн күлүктэригэр имнэннилэр. Өлбүт киһи үс күн аһыылаах диэбиккэ дылы, Сэмэнэп аата сотору умнулунна. Арай туох эмит сиэри таһынан оҥоһулуннаҕына, «били Сэмэнэпкэ дылы» диэн тыл тамаҕа үөскээтэ.
Сопхуос кииниттэн икки сылллааҕыта зоотехник үөрэҕин бүтэрбит кыыс биригэдьииринэн ананан таҕыста. Олох эмиэ бэйэтин дьаалатынан уһунна. Сир-дойду кыһыҥҥы саҕынньаҕын кэтэн чуумпура иһийдэ.
Катялаах иккис бүтэһик сылларын Сааскылаахха үлэлии хаалллылар. Арай Маша кыыс кыайбатынан, доруобуйата мөлтөҕүнэн уурайда уонна Бүлүүтээҕи педучилищеҕэ үөрэнэ барбыт сураҕа эрэ иһиллэн хаалла. Быйылгы онуһу бүтэрбиттэртэн түөрт оҕо эбии көмөҕө кэллэ. Оҕолор бары урукку дьиэлэригэр кыстыыр буоллулар.
Саҥа биригэдьииринэн ананан кэлбит Муся кыыс үлэтигэр кыһамньылаах, дьоҥҥо сыһыана үчүгэй, нэрээти да баттаабакка сабар. Олорор дьиэ көстүбэккэ, Маайа эмээхсиннээххэ дьукаах киирдэ. Маайа «кийиит бэйэтинэн кэллэ» диэн үөрэр сураҕа иһилиннэ.
Катя Машаттан ылбыт сүөһүлэригэр ыанньыксыттыыр. Үлэтигэр ылларда, ынахтара да кинини иччи оҥостон, кэллэ да, ыҥырана-маҥыраһа түһэллэр. Сүөһүлэр туруктара үчүгэй. Сайына ардахтаах буолан, от бэркэ үүммүтэ, хаачыстыбата үчүгэй. Дьогдьоот күһүн буолан, оттоммут алаастар кэнчээрилэрэ сайыҥҥылыы өрө анньан кэбиспиттэрэ. Онон ыанньык ынахтар үүттэрэ тарпакка, билиҥҥэ диэри сайыҥҥылыы ыата сылдьаллар. Үүт былаанын төһө да сиппэтэллэр, оҕолор санаалара кэлэн үлэлииллэр. Хайа уонна үлэлэрин баһылаан буһан-хатан эрдэхтэрэ.
Бүөккэ сүттэ. Саатар, сурук суруйбат. Катя сороҕор төһө да «сылдьыаҥ эбээт» дии санаатар, сулустарын көрдөҕүнэ, ол ааспыт кэрэ кэмнэрэ бу илэ көстөн кэлэллэр. Оччоҕуна сүрэҕэ айманар, санаата туорхаһыйар.
Бүөккэ ийэтин Сүөкүччэни сэбиэт, «соҕотоҕун сатаан олорор кыаҕа суох» диэн туруорсан, кырдьаҕастар дьиэлэригэр Капитоновкаҕа ыыппыт. Сүөкүччэ эрэйдээх барымаары дьиэтигэр кими да киллэрбэккэ хатанан олорбут. «Көмүс уҥуоҕум төрөөбүт дойдубар хаалыаҕын баҕарабын», – диэхтиир үһү. Ону: «Эҥин-дьүһүн буоллаххына, манна төрөөбүт дойдугар аҕалан кистиэхпит», – диэн нэһиилэ алы гынан илдьибиттэр. Бүөккэлээх дьиэлэрэ буруота сабыллан, өтөхсүйэн турдаҕа. Наһаа ынырык.
Бу орто дойдуга туохтан да куттаммакка, кэтэммэккэ сылдьартан саҕа үчүгэй суох эбит. Былырыын баччаҕа Катя «Сэмэнэп эрэ хараҕар көстүбэтэрбин» диэн сылдьара. Ол сүрдээх куһаҕан этэ. Олохтоох уол Гриша билигин да иҥээҥниир, ол эрээри наһаа уруккутун курдук илэ-сала көппөт. Катя киниэхэ тымныытын сэрэйдэҕэ.
Билигин оҕолор Өктөөп бырааһынньыгар бэлэмнэнэллэр, онон хас киэһэ аайы кулуупка түмсэллэр. Барыта эдэр ыччат буолан, көхтөөх. Катя кыргыттар ансаамбылларыгар ыллаһар уонна соҕотоҕун «Чороонноох» үҥкүүнү толорор. Кини оскуолаҕа сылдьыаҕыттан үҥкүүлүүр. Урут бу үҥкүүнү элбэх буолан толороллор этэ. Биирдэ бэлэмнэнии кэнниттэн Гриша Катяны дьиэтигэр атаарда. Кыыс тэбэнэттэниэх санаата киирэн ыйытта:
– Гриша, эн тоҕо наар атаҕыҥ тумсун көрөҕүн? Үөһэ көрүүй, наһаа да үчүгэй сулустар бааллар дии.
Гриша кырдьык-хордьук халлааны кыҥастаста уонна хобдох баҕайытык:
– Хаһан халлаан сулуһун ситэн ааҕаары, – диэтэ.
Катя курус гына түстэ. Гриша Бүөккэттэн сиртэн халлаан ырааҕыныы ыраах, ити атаҕын эрэ тумсун көрөрүнүү, олоҕу көрүүтэ наһаа кыараҕас. Кини кэпсээнин киһи сатаан сэҥээрэн истибэт. Наар солуута суоҕу сүһүөҕэ суох кэпсээн сэлибирэтэр, киһи тугу да иилэн ылбат. Билигин хайдах эрэ Гришаҕа кыыһырыах санаата киирдэ:
– Гриша, эн тоҕо наар миигин батыһа сылдьаҕын? – хайдах эрэ оруо маһы ортотунан ыйытта.
Уол сөбүлүү истибэтэ, хаста да субуруччу өрө сыҥта.
– Катя, мин эйигин сөбүлүүбүн, ол иһин… – ситэ эппэккэ эмиэ атаҕын тумсун одуулаата.
– Гриша, эн биһикки туруору быһаарсыах.
Хаһааҥҥа диэри маннык сылдьыахпытый, – Катя тохтоон уолу утары көрдө.
– Ол тугу быһаарсабыт, – Гриша хайдах эрэ көмүскэлэ суох кыра оҕону санатта, эмиэ умса тутунна.
– Эн биһикки сыһыаммытын этэбин. Гриша, аны эн миэхэ кэлимэ, аны атаарыма, сөп? Мин атын таптыыр уоллаахпын, – Катя кэнники тылларыгар куолаһа биллэрдик титирэстээн ылла уонна оргууй суол устун бара турда. Уол туран хаалла, хомойдо быһыылаах. Сотору ыксаабыт атах тыаһа бу тилигирээн кэллэ.
– Катя, эн, эн ити Шаманов Бүөккэни этэҕин дуо? – Гриша атын баҕайы куолаһынан ыйытта.
– Кинини. Ону эн хантан билэҕин? – Катя кырдьык да дьиибэргээтэ.
– Шура эппитэ.
– Ол Шуралыын хаһааҥҥыттан мин олохпор орооһор буолбуккутуй? Эбэтэр киһи кистэлэҥин ырытар оччо истиҥ сыһыаннааххыт дуу? – Катя хараҕар дьүөгэтэ Шура көстөн кэллэ. – Өссө тугу кэпсэтэр буолаҕыт Шуралыын?
– Өссө дуо? Өссө эн миигин сөбүлүүр үһүгүн дии, – уол мух-мах барда.
Катя, дьэ, өйдөөтө. «Миигин Бүөккэттэн араараары, Гришаны соруйан сыһыара сатыыр. Дьэ бээ, дьиэҕэ тиийдэхпинэ кэпсэтэрим буолуо. Ол иһин Шура наар Гриша үчүгэйин кэпсээн тахсар эбит дии уонна тугу кэпсэппиппитин ыйыталаһан тахсааччы». «Бүөккэни умун, ол оҕо саас таптала үйэтэ суох, сотору умнуллуо. Көр, ити Гриша эйигин таптыыр да таптыыр дии. Уолу тоҕо аһыммаккын? Сүрэххэр муус укта сылдьаҕын быһыылаах», – диэн Шура умайыктанара. Катя биллэрдик кыйаханан барда. Хантайан сулустарын ааҕан көрдө, уоскуйа быһыытыйда.
Внимание! Это не конец книги.
Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?