Электронная библиотека » Хотойук Айгыына » » онлайн чтение - страница 2

Текст книги "Тэпсиллибит сибэкки"


  • Текст добавлен: 22 октября 2023, 07:50


Автор книги: Хотойук Айгыына


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 2 (всего у книги 6 страниц)

Шрифт:
- 100% +
Тулуур

Күннэр-дьыллар ааһар былыттыы ардыгар ыксалынан, ардыгар бытааран испиттэрэ. Ыал буолуу – бу олох сэргэтэ. Икки киһи өйүн-санаатын холбоон, күүстэрин, сүбэлэрин түмэн бу туллубат үйэлээх олох сэргэтин туруораллар. Хайа баҕарар саха дьахтарын анала итиннэ сытар. Ыал буолуу, оҕо төрөтүү ол туһугар күүһү-санааны ууруу. Ол эрээри ити барыта тапталынан саҕыллыахтаах, тапталга сууланыахтаах, тапталынан салҕаныахтаах… Мин туспар, бэйэм оҥосто сатыыр олоҕум таптала суох, тымныы сыһыан эйгэттэн саҕаламмыта, ол да буоллар оҕо төрөтөн, мин да син ньээкэ уйабын дьиэ-уот туттубутум. Ол эрээри диирбэр тиийэбин. Сылаас, сырдык таптала суох олох син биир огдолуйар. Кэргэннии сыһыаҥҥа эр киһи кир-хох, таҥнарыы, арыгы содуллаах суолу батыһыытын түмүгэр, дьахтар ол баттыыр ыар олоххо хаайыллар, дьиэ ис эйгэтэ алдьанар, оҕо-уруу тулаайахсыйан иитииттэн туора турар буолар эбит.

Аан дойдуга икки атахтаах айбыт аһыы утаҕа – бу абааһы аһа. Ыал диэн Айыыһыт түһүлгэтэ, бу ыалга арыгы абааһыта олохсуйда да, Айыыһыт тэйэр, күрэнэр. Бу кэргэнниилэр оҕолоро бэйэлэрэ эрэ хаалан хаалаллар. Дьэ, оччотугар арыгы абааһыта күөнэхтээн, күннээн араас албаһынан бу ыалы сиэбитинэн, кэбирэппитинэн барар. Арыгыґыт кэргэннээх буолуу – бу утуйар-утуйбат түүннэр, оҕолоруҥ тустарыгар долгуйуу, дьахтар толкуйдуур өйүн-санаатын ычата кыараатар-кыараан, муҥур уһугар күннээҕинэн эрэ олох тула хаалан хаалар. Бу түгэҥҥэ аймах-билэ дьон суоҕа киһи тирэнэр тирэҕэ суох буолууга тэҥнээх. Күнүс түүнүнэн солбуллан, түүн уһаан– тэнийэн бүтүн олоҕум барыта күнэ суох абааһы дойдутугар, бүдүө-бадыа олоххо кубулуйар. Дьэ, ол да буоллар, кыым саҕа ыраастан тутуһан, ийэ буолан оҕолорбун эрэ таптыыр күүспүнэн тирэнэн, араас быһылааннаах ынырык түүннэри ааспытым, билигин санаатахпына, аанньалларым аттыбар баар буолан өйөөн, ардыгар үтүө санаа кыыма саҕан кэллэҕим диибин. Соҕотох биир дьахтар дьылҕатыгар таҥнарыы диэни билэммин, санаам хараҥаран, олоҕум инникитин кыайан көрбөт буолан ылбыттаах түгэним баара. Таҥнарыы да араастаах. Эр киһи дьахтарга ымсыырара да араас: сорох эр дьон таптаан дьиэлэриттэн, оҕолоруттан тэйэллэр; сорох мээнэ көлдьүн күүлэйгэ умсар. Мин дьылҕабар кэргэн киһим көлдьүн күүлэйгэ умсубута. Дьахтарымсах эр киһи диэн баар буолар эбит. Оннук эрдэнэн, эрим хоонньубуттан туран көссүүлэһэр, суохпуна барар уонна дьэ бэйэтинэн охсон, ол кирдээх санаатын бу хараҕын далыгар көрөр киһитигэр кутар, буруйдуур. Саамай ыарахана баар: ол буруйдааһыны илэ-бааччы буолбуттуу кэпсиир уустаах. Күнүү – бу ыарыы, ону ааһан уйулҕа ыарыытыгар тэҥнэһэр. Бу маны барытын тус бэйэм уйан, төһөлөөх сүрэҕим-быарым айманан, кутум атаҕастанан, ама да ааспытын кэннэ санаатахпына, билигин да айманабын… Өссө итини барытын оҕоҥ көрө-истэ сылдьар, оттон ийэ киһи уйулҕата чарааһаан, оҕо куттанарын бу эйгэттэн быыһыыр кыах суох. Быыһанар суол биир эрэ – маннык киһиттэн арахсыы. Ол эрээри арахсарым да уустук. Биир күн таптыыр, биир күн уорбалыыр, инньэ гынан хайата сымыйатын, кырдьыгын кыайан араарбат турукка киирии барбыта… Ол эрээри арыгы уонна күнүү туох баар утуйар уубун аймаан, хайдар аҥаарым хаалыар диэри ырбытым, олохпор туох да инникини, ыралыыры көрбөт, билбэт буолбутум. Арай оҕолорум, чыычаахтарым, үөрдэллэрэ. Оннук олоро сатаан баран, дойдубар көспүтүм, арахсарга санаммытым. Арахсыы диэн миэхэ тыын боппуруос буолбута, ол эрээри чэпчэкитэ суох быһаарыныы этэ. Наһаа элбэх санаа тырыта тыытара, баҕар оннук сатаныа дуо, баҕар, маннык, оҕолоргун туппутунан соҕотоҕун хаалыы ыарахан этэ. Хаста да оҕолорбун ылан сиэппитинэн эдьиийбэр бара сатаабытым да, киһим син биир эккирэтэн, ааттаһан төнүннэрэрэ. Бырастыы гыннарара, ону итэҕэйээхтиирим, биир нэдиэлэ нус-хас олох курдук буолара, онтон эмиэ иһэн кэлэн оҕолору куттаан, ыһыытаан, бэйэбин күнүүлээбитэ буолан охсуолаан, ытатан-хомотон астыныы, дуоһуйуу ылар курдуга. Күнүүһүт киһи хараҕар эн, дьиэҕэ олорор дьахтар, син биир кимниин эрэ көссүүлэспит аатырарыҥ ыарахан буолара, билигин санаатахпына, күнүү диэн бу шизофрения курдук ыарыы эбит чахчы. Бүтэһик оннук айдаан кэннэ мин такси сакаастаан, оҕолорбун суулуу тутан олох арахсардыы дойдулаабытым. Киһим онно тиийбитэ уонна көнөтүк олоруох буолан эмиэ тылын биэрэн, мин нэһилиэкпэр көспүппүт. Онно да олохпут сатамматаҕа: иккиэн үлэ булбуппут, оҕолору дьыссаакка, оскуолаҕа биэрбиппит, ол эрээри арыгы син биир батыһа сылдьара. Онтон, мин тулуйа сатаан баран, бу киһиттэн тугу да күүппэппин, олохпун хайдах эрэ бэйэм эрэ уларыттахпына сатанар эбит диэн быһаарыныы ылыммытым. Уонна күүспүнэн куоракка үөрэх туттарсан киирэммин, таптыыр идэбэр үөрэнэр буолбутум. Үөрүүм улахан этэ: тоҕо диэтэргит, идэлээх үлэһит буолуом уонна хамнастаах үлэ булунуом, оҕолорбун иитэр кыахтаныам диэн. Ол эрээри үөрүүбүн ким да үллэстибэтэҕэ: аймахтарым даҕаны, эрим даҕаны. Ол да буоллар, балыыһаҕа санитаркалааммын харчыбын мунньунан, сэтинньигэ сессиябар барбытым, оннук үс сыл үөрэнэн бараммын, билииттэн өйүм арыллан, хайдах эрэ дьэ бэйэбэр бэйэм эрэнэр буолан баран, арахсарга санаммытым, ол сыл арахсыбыппыт. Онно өссө биир төрүөт үөскээбитэ…

Бэйэм талан киирбит баҕалаах үөрэхпэр үөрэммитим үһүс сыла. Үөрэнэр диэн, кэтэхтэн да буоллун, үчүгэй кэм. Бэйэм саастыыта ыал ийэлэрэ кыргыттар көрсөн, бары атын-атын улуустартан булсан доҕордоспуппут. Үөрэхпитигэр миигин старостанан талбыттара, барыта 60 этибит. Оннук син бастакы сессиябытын бүтэрбиппит. Онтон сыыйа көҕүрээн – ким үөрэҕин кыайбакка бырахпыта, ким сыыһа талбытын билбитэ, ким дьиэтэ-уота сатаммакка – үөрэхпитин 30 эрэ буолан син бүтэрбиппит. Мин онно олохпор биир улахан µктэли дабайбыппын сэрэйбитим, кыра оҕолордоох ийэҕэ бу улахан ситиһии этэ. Ол эрээри биири булаары, атыны сүтэрэҕин дииллэрэ чахчы. Биэс сыл кэтэхтэн үөрэнэр кэммэр оҕолорум барахсаттар аймахтарбытын кытта хаалаллара. Биллэн туран, ахталлара, мин өрүү оҕолорбор кэһии аҕаларым: кинигэ эбэтэр оонньуур, онно үөрээхтииллэрэ. Ол гынан, арыгыһыт эр суох буолбута, чуумпу олох кэлбитэ. Син оҕолорбунаан бэйэбит буккуруһан олорбуппут. Ол арахсар санааны бүтэһиктээхтик ылынарбар, улахан оҕобуттан, хайдах эрэ кини сүбэтэ күүс-көмө буолуо дии санааммын, ыйытан көрбүтүм. Оччолорго оҕом барахсан 16-лаах этэ. Биирдэ сарсыарда мин үлэбэр, кини оскуолаҕа аргыстаһан бардыбыт, ол баран иһэн этэбин: «… Алгыс, мин аҕаҕытын кытта кыайан олорор кыахпыттан таҕыстым, наһаа иһэн сордуур, сылайдым, хайдах гынабыный, арахсыахпын баҕарабын…» – диэтим. Онуоха оҕом, боччумнаах баҕайытык: «Араҕыс. Маһы, мууһу бэйэбит да кыстыахпыт, бэйэбит да олоруохпут, биһиги баарбыт дии…» – диэтэ. Мин соһуйдум даҕаны, үөрдүм даҕаны уонна оҕом улааппыт эбит, киһи эрэнэр, санаатын этэр киһитэ буолбут диэммин наһаа үөрдүм. Ол кэпсэтии түмүгүнэн мин быһаарыныы ылбытым, оҕом эппитин курдук, ыал улахана буолан, балыстарын көрсөрө, барытын үлэлиирэ.

Онон, дьиэ кэргэҥҥэ үөскээбит быһыыны-майгыны улахан оҕоҕун кытта кэпсэтэр, сүбэлэһэр наада, оҕо буола турар балаһыанньаны эмиэ билиэхтээх дии саныыбын. Оттон оҕолор кыра буоллахтарына, биллэн турар, ийэ бэйэтэ быһаарыныы ылынан, эппиэтинэһи сүгэр.

Арахсыы тирээн кэлэр, өскөтүн дьиэ кэргэҥҥэ таптал сылааһа сойбут буоллаҕына, оҕоҕо чуумпу олох тосхойбот буоллаҕына, арыгы баар буоллаҕына. Инники кэскил туһугар оннук олоҕу тохтотуохха наада. Оҕо охсуу ылбатын наадатыгар арыгыһыттан тэйиччи буолар ордук. Бэйэни да, оҕону да арыгыһыт буорту буолбут тылыгар киллэрбэккэ, оҕо кутун алдьаппакка эрэ, эрдэтинэ…

Тулуур диэн эр киһиэхэ эрэ буолбакка, дьахтар, ийэ киһиэхэ эмиэ олус наада. Эт-хаан тулуйара өй-санаа туругуттан, кыаҕыттан буолара дуу… Тулуур диэн бэйэҥ уонна оҕолоруҥ тустарыгар дьайыы, хардыы оҥоруута буолар. Ытыы-соҥуу, аймана олордоххо, туох да туһа тахсыбат. Ким да кэлэн өрүһүйбэт, туох барыта бу олоххо киһи тус бэйэтиттэн эрэ саҕыллар, арыллар, тутуллар.

Сүбэлиэм этэ, туохха барытыгар тулуурдаах буолуҥ, өйдөһүүгэ, өйөһүүгэ, алаһа дьиэҕитин тэриммит буолларгыт харыстааҥ, оттон олох кыаллыбат, кыайтарбат буоллаҕына, аһыы утахха эрэ түһүмэҥ, ол кэриэтэ эрдэ-сылла арахсыҥ, арыгы оборчото дьахтар киһини бүтүннүү оборон ылыан сөп. Биһиги ханныгын да иһин олоҕу тыынныыр, олоххо кэрэни саҕар дьон буоллахпыт. Онон, эр киһи мөлтөөтөҕүнэ кытаатан биэриҥ, оҕолоргут, инникилэрин тустарыгар.

Тоҕо?

Таня үлэтиттэн икки суумкалаах, дэлби сылайан кэлэн дьиэтигэр нэһиилэ киирдэ. Бүгүн күнү быһа ыарыһахтар таҥастарын сууйан, өтүүктээн сиһэ бүттэ. Дьиэтигэр кэлбитэ киһитэ көрсүө баара дуу, оҕолор оонньуу бардахтара буолуо, кыра кыыһа баара буоллар… Эрэ арыгылаабыта хас да хонно, Таня аанньа утуйбатаҕа хараҕыттан биллэрэ.

Уота-күөһэ суоҕунан көрбүт эдэрчи дьахтар дьиэҕэ киирбитигэр, сэрбэллибит кыра кыысчаан суумкаларга саба түстэ.

– Хайа, чыычаах, дьонуҥ?.. – ийэтэ ыйытан көрдө.

Кыыһа суумканы сосуһа-сосуһа, «билбэппин» эрэ диэтэ.

Эмискэ күүлэҕэ киһи атаҕын тыаһа иһилиннэ, аан арылла биэрдэ да, ыаллыы олорор Настаа көтөн түстэ:

– Таанньа, милииссийэттэн эрийдилэр… Улахан уолуҥ баар дуо?

– Туох дииллэр? – Таанньа, уолуйан, утары ыйытта.

– Хотуой, иэдээн буолбут, оҕо сааҕа дэҥнэммит дииллэр дии…

– Тыый!!! Алдьархайы-ы… – Таанньа соһуйан сүрэҕин тутунна, санаатыгар кини оҕото дэҥнэммит курдук…

– Милииссийэҕэ тиийиэ үһүгүт, – Настаа илдьитин этэ турда.

Ол икки ардыгар аан арыллан Таанньа кэргэнэ киирэн кэллэ. Таанньа кини үрдүгэр түстэ:

– Ханнаный улахан уолбут?! Оҕолоргор кыһаммаккын, өрүү арыгылаан айбардыыгын, дьиэҕэ тохтообот да буоллулар, туох ааттаах олоҕой… – диэн ытамньыйан эрдэҕинэ, Настаа этэрбин эттим диэбиттии, таһырдьаны былдьаста.

– Оҕо дэҥнэммит үһү, ити Настаа эттэ, милииссийэлэр ыҥырбыттар отделга… Эн онно эрэ наадыйбаккын, баҕар, биһиги оҕобут буолуо, иэдээни! – Таанньа ытаан санна ибигирии турда, кыра кыыс куттанан оҥой-соҥой көрөн ийэтин аттыгар буолла.

– Оттон мааҕыын ити ыаллар уолаттарын кытта саалыы диэн барбыттара дии, ыйыппытын көҥүллээбитим… Барыахха отделга, онно биллиэ буоллаҕа, тоҕо эрдэттэн ытаан бардыҥ… – Соппуруон кэргэнигэр бардырҕаата.

Хайыахтарай, кыыстарын ыалларыгар хаалларан, милииссийэҕэ бардылар.

– Хайдах?! Ол улахан киһитэ суох барбыттара дуо? Барсыаххын, оо, дьэ иэдээн да эбит. Тоҕо ыытаҕын? Саа тутар сааһа илик буолбат дуо, оскуолаҕа биир да мунньахха сылдьыбаккын, тугу да билбэккин. Сааһы быһа ол айдаана, илии баттааһына, хантан тугу билиэххиний, наар арыгылаан быһа сытыйаҕын… Уолаттарыҥ улаатан эрэллэр, болҕомтоҕун уур, арыгылаан бүт диэн этэ сатаа, тарбанан да көрбөккүн… – Таанньа хааман иһэр эрин мөҕүттэ истэ, куттаммычча, кыыһырбыт санаатыгар эрин охсуолаата.

– Ээ, наһаа биһиэннэрэ буолбатылар ини… – диэн Соппуруон көмүскэннэ, – баран билиэхпит буоллаҕа дии, эрдэ биллэ илигинэ айманныҥ, – диэн эр киһи дуома буолан быһаара истэ.

Күһүҥҥү күн сарсыардаттан чаҕылыйа туран, бөһүөлэккэ буолбут иэдээни билбиттии, сыыйа сундулуспут боруҥуй былыттар мустан, күн былыттар кэтэхтэригэр саһан, тыал биллэ күүһүрэн таһырдьа сөрүµкээтэ. Соппуруоннаах Таанньа дэриэбинэ киэҥ суолунан тиэтэйэ-саарайа отдел диэки харбыаластылар. Таанньа сүрэҕэ өрө мөхсөн, араас санаалар кинини үүйэ туттулар. «Арай уолбут буоллун, оо, иэдээн дии, хайдах буолабыт? Барыта арыгы содула, баҕар, уолбут бэйэтэ бэйэтин… аҕата арыгылыырын иһин… Кэби-ис, суох, суох, аньыы, ону-маны санааммын…» – ол курдук суолу билбэккэ, сүүрэр-хаамар былаастаан отделга олус аҕылаабыт, дэлби долгуйбут дьон киирэн кэллилэр.

Учаскуобайдара ааттарын-суолларын барытын сурунан ылла. Төрөппүт бөҕө ыҥырыллан номнуо кэлбиттэр эбит. Ким да, тугу да саҥарбат, Таанньа тугу да кыайан өйдөөбөккө дөйбүт курдук турда. Арай Соппуруон, эр киһи дуома, хайа оҕо дэҥнэммитин ыйыталаһан көрбүтүн кимиэнэ да буолара биллэ илик, онон күүтэбит диэн хата быһаарда… Ким да буолара биллибэтэ хас биирдии төрөппүт сүрэҕэр суоһар сурах буолан иһилиннэ. Сотору учаскуобай эттэ:

– Төрөппүттэр, бары болҕойон истэргитигэр. Бары кэлбиккитинэн сибээстээн этэбин. Бүгүн 3 чаас ааһыыта тыллабыр киирэн, аллара өрүс кытылыгар оҕо сааҕа дэҥнэнэн, оройуон кииниттэн силиэстийэлиир биригээдэ, Суһал көмө уонна прокуратураттан кэлэннэр, иэдээн тахсыбыт миэстэтигэр үлэлии сылдьаллар. Ким оҕото буолара биллэ илик, ол дэҥнэммит оҕону, быһылаан хайдах тахсыбытын миэстэтигэр быһааран баран аҕалыахтара. Онно баар оҕолору эмиэ бииргэ аҕалаллар, оҕолоргутун мантан ылан барыаххыт. Кэлэн манна быһаарыы суруйбуттарын кэнниттэн.

Ким оҕото дэҥнэммитэ биллэ илигиттэн төрөппүттэр бары да ыар санааҕа ыллардылар. Бириэмэ бу баран испэтин! Кэтэстэххэ, тохтообут курдук соһуллар, ол курдук киэһэ 10 чаас буолла. Күһүҥҥү халлаан хараҥарбытынан барда, киэһэ биллэ сөрүүкээтэ, ол тухары туох да сибики биллибэтэ… Дэриэбинэ кытта иһийбиттии чуумпурбута, дьөрү ыт да үрбэтэ өссө нүһэр, ыар санааны үөскэтэр…

Арай кэмниэ кэнэҕэс түүн 1 чаас саҕана отдел үлэһиттэрэ киирии-тахсыы буолбуттарыгар, арааһа, оҕолорбут кэллилэр диэн төрөппүттэр суугунаһа түстүлэр. Таһырдьа күһүҥҥү хараҥа буолан туох да түннүгүнэн көстүбэт, арай кэлбит массыына фарата түннүккэ тыган ааста. Эмискэ отдел аана арылла түстэ да, чараас суорҕаҥҥа сууламмыт оҕону түөрт киһи көтөҕөн отдел түгэх хоһугар киллэрдилэр. Таанньа сүрэҕэ тохтуурга дылы гынна, мэйиитэ эргийтэлээтэ, салгын тиийбэт курдук буолла, истиэнэҕэ өйөнө түстэ. Таанньа тулуйан кыайан көрбөтө, хараҕын уута бычалыс гынна, хараҕар илэ-чахчы Алгыһа көстөн ааста… Ол эрээри Айыылар Таанньа оҕотун бу ынырык дьулаан түгэнтэн быыһаабыттара… Сотору буолаат, уку-сакы туттан, куттаммыт сирэйдээх-харахтаах, дэлби тоҥмут оҕолор киирэн кэлбиттэрэ. Ийэлэр барахсаттар оҕолоругар саба түспүттэрэ, отдел иһэ ытаһыы, аймалҕан буолан биирдэ куугунуу түспүтэ. Киһи эрэ сүрэҕин, санаатын баттыыр чуумпу биирдэ суох буолбута. Хас эмэ чааһы быһа оҕоҥ тыыннааҕын кэтэһии ийэ дьоҥҥо ыарахан этэ. Төрөппүттэр бары да уйулҕалара хамсаан, бу дьулаан дьыала быһаарылла охсуон, ким оҕото суорума суолламмытын уонна быһылаан хайдах төрүөттэнэн тахсыбытын билиэхтэрин саныыллара… Дьону, оҕолору куттаамаары, дэҥнэммит уолу сирэйэ көстүбэт гына суулаан киллэрбиттэрэ. Оҕо ийэтэ бу түгэҥҥэ манна суоҕа эмиэ да үчүгэйэ дуу дии саныыгын, ол эрээри амырыын сурах ийэ барахсаны аһымматтыы күүтэн турара өссө дьулаан… Онтон дьон сибигинэһэн бардылар, ким оҕото буоларын бары биллилэр. Таанньа уолун кууспутунан саҥа аллайда, ол уолун табаарыһа, эт саастыыта, бииргэ үөрэнэр доҕоро этэ. Уоллара ытаан, түбэспит да алдьархайыттан, доҕорун да сүтэрэн буолуо, кыайан уоскуйан биэрбэтэ. Сотору олохтоох балыыһа оҕо бырааһа тахсан төрөппүттэргэ сүбэ биэрдэ:

– Төрөппүттэр, бука диэн болҕойуҥ! Билигин оҕолоргутун дьиэлэригэр илдьэ бараҕыт, оҕолор бары шок ылбыттар, онон, сарсын кэлэн быһаарыы суруйуохтара, онно тэҥҥэ кэлсэҕит. Аны оҕолоргутун мантан киэһэ олох мөхпөккүт, ону-маны ыйыппаккыт, онно сылдьыбыт оҕолор бары шоковай травма ылбыттар, уоскутар эмтэ иһэрдэн баран утутуҥ.

Төрөппүттэр ким да тугу да саҥарбат. Дэҥнэммит оҕо ийэтин бары билэр буоланнар, ийэлэр барахсаттар бары аһыннылар да, хайыахтарай… Хайдахтаах ыар сурах ол ийэни кэтэһэрин ким билиэ баарай, аһыммыт иннигэр туох кэлэн аны бу оҕону төннөрүөй… Иэдээн хантан уураахтанан кэлбитин эмиэ ким билиэй, тустаахха ыарахан, дьулаан. Таанньа бу олорон иһигэр Таҥараҕа махтанна. Хайдах да буолбутун иһин, кинини хайдах да ыар санаалар үүйэ тутталлар, кини оҕото бу билигин иннигэр тыыннаах турара туохха да тэҥнэммэт ийэ дьоло буоллаҕа. Биирдэ санаан көрдөххө, ким баҕарар оҕото итинник сытар буолуон сөбө. Оо, төһөлөөх ыар санаа аҕыйах сөкүүндэ иһигэр киирэн, киһи кутун-сүрүн баттаан, тыынын да хаайан, сүрэҕиҥ тохтуох үлүгэрэ буолар эбит. Ханныгын да иһин, ийэ сүрэҕэ олус чараас: кыра да хомойууттан, өйдөспөт сыһыантан төрөппүт оҕоҥ эйигин сирэй-харах анньар түгэнигэр, ону барытын ийэ барахсан өйдүүр, тулуйар буоллаҕа. Ийэ сүрэҕэ хайдах курдук чараас эрээри, элбэҕи тулуйарый, кыайарый?.. Ол кэннэ ийэ сүрэҕэ чарааһыа, туруга сатарыйыа да буоллар, тулуктаһыа, ону кэргэн ыраас тапталынан, оҕо ийэтин сыаналыыр күүһүнэн, Таҥара улуу күүһэ Таптал көмөтүнэн өйдүүллэрэ дуу…

Сааҕа дэҥнэммит оҕону, Алгыс доҕорун, үс хоннороот, кистээбиттэрэ. Биллэн турар, ийэ сүрдээҕин аймаммыт диэбиттэрэ. Таанньа бу санаан көрдөҕүнэ, ити оҕо дьылҕата эрдэттэн сарбыллыбыт эбит…

…Саша бэйэтэ сүрдээх ис киирбэх, өрүү мичээрдии сылдьар, ыраас хааннаах оҕо этэ. Алгыһы кытта оҕо эрдэхтэриттэн кыра кылаастан тута бодоруспуттара. Сайынын сөтүөлүү, балыктыы өрүү бииргэ сылдьаллара. Алгыс, аҕата арыгылаатаҕына, наар доҕоругар баран хоноро. Саша аҕата суох буолан тэһийбэт этэ, оннук күннэргэ доҕоругар Алгыска хоно кэлээхтиирэ. Дьэ, оннук киэһэлэргэ уолаттар дьоллоноллоро, түүнү быґа ону-маны, ыра санааларын кэпсэтэ дуоһуйаллара. Онтон биир дьыл күһүн Сашаны ийэтэ эмискэ Покровскайга аймахтарыгар ыытан кэбиспитэ. Ол сыл Алгыс доҕорун суохтаан, аанньа үөрэммэт, аһаабат, оонньообот буолбута. Оттон Саша үөрэх бүтэрин кытта, төннөн кэлэн, уолаттар хаттаан булсан, үөрэ-көтө 9-с кылааска үөрэнэр буолбуттара. Онтукалара бу иэдээн буо– лан, кинилэр үгүс былааннара, олоххо сыаллара алдьаммыта. Оҕо баҕарбатын үрдүнэн билбэт сиригэр көһөрүү, аҕата суох аҥаардас улаатыыта уол оҕоҕо төһөлөөх охсуу буолуой, арыгыһыт да буоллар, аҕа дуома баара ордуга дуу, хайдаҕа дуу?.. Итиннэ Таанньа мөккүөрдээх, буккуллар ыйытыга буолан хоруйу кыайан хантан да булбата. Таанньа уолуг чугас доҕоро Орто дойдуга оло±ун суола быстыбытыттан хараастан, курутуйан, аһыйан, дьиэтигэр кэлэн уйа– хайа суох ытаата… Эр киһи, ыал аҕата ону эрэ күүппүттүү, арыгытын үрдүгэр түстэ. Алгыс бу маннык аймалҕаны тулуйбакка, дьиэ аанын тыастаахтык быраҕан күһүҥҥү хараҥаҕа сүүрэ турбута. Ыал олоҕун биир үлтүркэйэ ити буоллаҕа. Оҕо уйан дууһата бу маны барытын уйуохтааҕа – доҕорун сүтэриитин, ийэтин аймалҕанын, аҕатын арыгыга ылларыытын. Хороччу улаатан эрэр уол доҕорун аһыйбыта, доҕор кыыһыныын арахсыбыттара, ийэлээх аҕата арахсыы туругар киирбиттэрин эппэтэллэр да, барытын көрө сылдьар оҕо сүрэҕинэн сэрэйэрэ, кыаҕа кыратыттан, кыайбатыттан абатыйарыттан атын туга да суоҕа.

Күһүҥҥү халлааҥҥа тахсыбыт чаҕыл сулустар уолчааны үөһэттэн көрөн турар курдуктара. Киниэхэ арыалдьытынан туолан эрэр күһүҥҥү ый буолбута. Уолчаан сүрэҕэр түспүт олох үлтүркэйин тааһын ый сытыытык чаҕылыта тыган ылбыта.

* * *

Бу алдьархайдаах быһылаан туохтан таҕыста?..

Саша төннөн кэлиитэ Алгыс олоҕор биир үөрүүлээх түгэнэ буолбута. Биирдэ Таанньа үлэтиттэн кэлбитигэр Алгыс Сашатын дьиэтигэр аҕалбыт этэ. Уонна табаарыһа кэлбититтэн үөрэн, саха тэҥэ суох дьолломмут сирэйэ элбэҕи этэрэ.

– Ийээ, Саша кэлбит, көр… биһиги аны күһүн эмиэ бииргэ үөрэнэбит, – диэн сүппүт дьолун булбуттуу кэпсээбитэ истэргэ үчүгэй этэ.

– Ээ, дьэ, бэрт дии, Алгыс. Доҕордоох киһи бу сиргэ дьоллоох, кытаатыҥ, эйэлээхтик сылдьыҥ… – Таанньа уолун сыллаан ылла.

Оҕотун үөрүүтүттэн тэҥҥэ үөрсэн дьол кыыма кини сүрэҕэр эмиэ күлүм гынна.

– Ийээ, биһиги кулууп анныгар күөгүлүү барабыт? – уол ийэтиттэн көҥүллэттэ.

– Барыҥ, барыҥ, балыктааҥ, ахтыспыт дьон. Ууга сэрэнээриҥ, – ийэ идэтинэн сэрэтэн ыыталаата.

Уолаттар сып-сап тэринэн, күөгүлэрин ылан, тэп гыннылар.

Ол курдук дьоллоох күннэр ааһан испиттэрэ. Биирдэ Алгыс ийэтиттэн манныгы ыйытта:

– Ийээ, аҕам миигин таптаабат да?

Ийэтэ наһаа соһуйда.

– Алгыс, тоҕо инник диэтиҥ, тоойуом?

– Оттон Саша этэр дии, эн аҕаҥ тоҕо наар арыгылыырый? Эйигин таптаабат быһыылаах диир. Кини аҕата тыыннааҕа эбитэ буоллар, ити мин аҕам курдук сылдьыа суоҕа этэ… Саша этэр: «Аҕам тыыннааҕа буоллар, итинник быһыыланыа суоҕа этэ, мин да маннык сылдьыам суоҕа этэ диир…»

Алгыс ол күнтэн олус толкуйга түспүт көрүҥнэммитэ ийэтин күн аайы долгутар буолбута. Таанньа уолаттары аһынан үөһэ тыынара. Онно кини туох диэн уолаттары алы гыныан булбатаҕа, арай маннык кэпсээн турардаах:

– Дьэ, этимэ даҕаны. Алгыс, эн улаатан эрэр киһи, кырдьык, билэриҥ ордук буолуо. Саша аҕата дьоллоох, олох эдэригэр суорума суолламмыта, ийэтэ барахсан ону тулуйбакка ити оҕотун онно-манна кыра эрдэҕиттэн аймахтарыгар соһор, ону Саша барахсан сөбүлээбэт буоллаҕа. Кырдьык, аҕата баара буоллар, ити оҕо итинник сылдьыа суоҕа этэ: аҕата булчут, спортсмен, үлэһит бөҕө киһи этэ.

– Ийээ, Саша аҕата хайдах өлбүтэй, эн билэҕин? Кини билбэт эбит, ол иһин билиэн наһаа баҕарар да, ийэтэ кэпсээбэт үһү…

– Оо, ийэтиттэн билэрэ ордук буоллаҕа… Дьиҥэр, үкчү аҕатын курдук дьүһүннээх эбит Саша. Биирдэ эмит кэпсиэм. Билигин иллэҥим суох, үлэбэр сүүрдүм, оҕоҕун киллэрэн аһаарыҥ, киэһэ кэлиэм, сөп. Бүгүн эмиэ үлэм үгүс… Ити киэһээҥҥи аскытын буһаран бэлэмнээтим. Аҕаҕыт, баҕар, иһэн кэллэҕинэ, эдьиийгитигэр тахсаарыҥ… – Таанньа этэрин этэн, балыыһатын сууйа барда.

Ити курдук ол дьоллоох доҕордуулар сырдык күннэрэ аастар ааһан испиттэрэ: ардыгар оонньууллар, ардыгар балыктыыллар, ардыгар түөлбэ оҕолорун кытта мэниктээн кэлэллэр. Биир күн Алгыстаах Саша куобахтыы барарга сүбэлэстилэр. Саша убайын саатын, оттон Алгыс ыаллыы табаарыс уолуттан ылыах буоллулар. Арай болдьоспут күннэригэр Саша Алгыска тоҕо эрэ кэлбэтэ. Алгыс кэтэһэ сатаан баран, чугастыы олорор уолаттарыгар саа уларсаары таҕыста.

– Хайа, Алгыс, дорообо! – Айтаал быраатыныын үөрэ көрүстүлэр.

– Приветтэриҥ, уолаттар, – Алгыс үөрэ түстэ.

– Хайа, тугу гына сылдьаҕын? – улахан уол ыйытта.

– Ээ, ити табаарыспыныын Сашалыын кытылга куобах көрө киирээри, саа уларсаары… – диэтэ Алгыс.

– Ээ, хата диэ, миигин илдьэ барыҥ, хата баран кэлиэххэ, – диэн Айтаал үөрэ түстэ.

– Аа, хата барыс, бириэмэлээх буоллаххына, эгэ эрэ буоллаҕа, оттон Сашам кэлэ илик дии… күүтэбит да?.. – Алгыс ыйытта.

– Оттон быраатым этэринэн, мааҕыын кыра уолаттар саа сүгүүлээх киирэн иһэллэр үһү.

– Ээ да, тоҕо миэхэ кэлбэтэх буоллаҕай? Чэ, оччоҕо барыах… – Алгыс дьиибэргии санаата.

Уолаттар аргыый хомунан, кытыл диэки соҕуруунан хаама турдулар. Айтаал уол сµµрбэ тµірдэ, быйыл саҥа үлэ булан үлэлээн билигин уоппускаҕа сылдьар. Алгыс доҕоро Саша тоҕо кэлбэтэҕиттэн олус дьиктиргии истэ да буоллар, хата Айтаал бэйэтинэн барсан иһэриттэн ол санаатын умна быһыытыйда. Уолаттар, күө-дьаа кэпсэтэ-кэпсэтэ, кытылга киирдилэр уонна куобах баар буолуон сөптөөх талах бөлкөйдөрүн диэки хаамтылар.

Ити кэмҥэ бөһүөлэк биир өттүн уолаттара, эмиэ хомунан, Саша баһылаан-көһүлээн, кытылга киирэн истилэр. Саша убайын саатын кыайан ылбатаҕа, ол иһин табаарыһыгар Алгыска саата суох тиийиэм дуо диэн барбатаҕа. Ол оннугар үс сыл балыс ыаллыы олорор уола, аҕатын саатын дьиэттэн көҥүлэ суох таһааран, бардыбыт диэбитигэр, дьэ бары мустан хаамсан истилэр. Дэриэбинэттэн тахсаат, кыра уолаттар, омуннура-омуннура, ким хас куһу ыппытын, ким аҕатын кытта куска сылдьыбытын, аҕалара ытарга үөрэппитин былдьаһа-тараһа кэпсэтэн бардылар. Оттон Саша барахсан аҕа туһунан кэпсэтии буолла эрэ, чуумпуран иһийэн хаалар идэлээх этэ. Хайдах гыныай, кини, аҕата суох киһи, итинник кэпсэтиилэргэ кыттыһар да, билэр да кыа±а суоҕуттан оҕолуу олус хомойоро. Арай ол баран иһэн саалаах уол сыалла ытыахха диэтэ. Омуннаах дьон күө-дьаа буола түстүлэр, үөрдүлэр. Баран иһэн улахан талах аттыгар сытар маска биир бааҥканы булан ууран, ону ытыалыа±ыҥ диэн буолла. Ким бастаан ытарый? Уолаттартан ким эрэ, улахаттар бастаатыннар диэтэ. Саша мин бастаан ытыым диэн истэҕинэ, саалаах уол:

– Бастаан сатыыр киһи ытар, эн сатыыгын дуо? – диэн Сашаны көрө түстэ. – Эн аҕаҥ суох, онон, эйигин ким үөрэтиэй? Саалаах киһи уонна сатыыр киһи мин ытабын, аҕам үөрэппитэ… – диэн, киэн туттубуттуу, эттэ.

Саша нэһиилэ бэйэтин туттунна, чэ, саалаах быраап буоллаҕа, саҕалаатылар, бары ытыалаатылар, Саша ытар уочарата кэлбитигэр, саалаах уол эмиэ биэрбэтэ. Бу сырыыга Саша ойон турда уонна:

– Оттон мин, саамай бүтэһик киһи, уочаратым кэллэ дии. Ыппаппын да? – диэн аргыый ыйытан көрдө.

Саалаах уол күллэ уонна эттэ:

– Эн ыппаккын, аҕалаахтар эрэ ытар бырааптаахпыт… – диэн киэбирбиттии, үөһэ-аллара көрдө.

– Туох диэтиҥ? – диэн баран, Саша саалаах уолга ынан кэллэ.

Анараа уол, уҥуоҕунан да, сааһынан да кыра буоллар, бэрт чобуо тыллаах буолан биэрдэ.

– Туох ааттааҕын мааҕыттан саалааххынан киһиргээн таҕыстыҥ… уларыс, мин эмиэ ытыым ээ… – диэтэ Саша бу сырыыга кытаанахтык.

Саалаах уол күүһүнэн хотторорун сэрэйдэ быһыылаах, эмискэ саатын Сашаҕа утары тутта.

– Дьэ, кэл эрэ, ытыам… – диэтэ.

Аттыларыгар мэниктии сылдьыбыт 12—13 саастаах эмдэй-сэмдэй уолаттар туох буолла диэн тохтуу түстүлэр, көрбүттэрэ: табаарыстарыттан биирдэстэрэ саатынан Сашаны тирээн турар. Оҕолор соһуйан харахтарын муҥунан көрдүлэр. Бу түгэҥҥэ саастарынан улахан Саша эрэ, атыттар киниттэн икки-үс сыл кыралар этэ, инньэ гынан, тохтотор ким да суох курдук буолан таҕыста.

– Ыт, хайаан ытыаххыный, сопляк… – диэтин кытта, саа тыаһа хабылла түстэ да, тула уу чуумпу буолла.

Кыл түгэнэ сир-халлаан тэҥнэһэн түөрэ барда, барыта кыһыл өҥүнэн ыһылла түстэ да, сааҕа табыллыбыт уол хараҕар ийэтин сэбэрэтэ көстөн ааста, онтон ыраах доҕорун Алгыс хаһыыта иһиллэргэ дылы гынна да, уол түгэҕэ биллибэт хараҥаҕа куугунуу турда…

Күһүҥҥү сиппэрэҥтэн хагдарыйбыт хатыҥ сэбирдэхтэрэ, санньыардык туттан тыалга тэлибирии, үөһэ көтө сатаан баран, аллара сиргэ саккырыы тоҕуннулар. Бу хатыҥ хараҕын уутунан суунан ытыы турар ийэни санатта…

* * *

Алгыстаах Айтаал кытылга киирбит суолларыттан туораан, өрүс диэки иһирдьэ турар бөлкөй талахтарынан салайтаран кытылынан хааман истилэр. Эмискэ кэннилэригэр ким эрэ сүүрэн иһэр атаҕын тыаһа иһилиннэ. Эргиллэ түспүттэрэ: Кэскил, Саша чугас ыалын уоллара, дэлби куттаммыт, кыайан саҥарбат буолуор диэри салыбыраабыт оҕо, кэллэ.

– Туох буоллугут?.. – Айтаал ыйытта.

Алгыс уолуйан туран хаалла.

– Онно… – уоллара ытаан барда, – онно, Саша… – эрэ диэмэхтээтэ.

Уолаттар Кэскил ыйбыт сирин диэки сүүрдүлэр. Айтаал аҕыйахта бырдааттаан, оһол буолбут сиригэр урут сүүрэн тиийдэ. Алгыс кэнниттэн сүүрэн кэллэ, хаан-сиин буолбут доҕорун көрөн, кэннинэн чинэрис гынна. Кыра уолаттар уолуйан хаалан, кус оҕолорун курдук бары чөмөхтөһөн тураахтаатылар. Саша түөһэ барыта хаан билик буолан, тиэрэ түһэн сытар, будьурхай баттаҕа тыалга хамсыыра, хараҕын аһан халлааны көрө сытар курдуга… аттыгар эстибит саа сытара… Бу барыта дьулаан хартыына этэ. Эмискэ Алгыс сарылаабытынан доҕорун үрдүгэр саба түстэ.

– Саша-а, тур, туох буоллуҥ… – ынырыктаах хаһыы өрүс кытылын аймаата.

Айтаал, улахан киһи, оннооҕор кини саллан куйахата күүрэн, бу түгэҥҥэ тугу, хайдах гыныан билбэккэ чочумча дөйөн турда. Онтон Алгыс хаһыыта бу түүл буолбатаҕын, бу барыта илэ чахчы олоххо буола турарын биллэрэн, тугу эрэ гыныахха диэн санаа киирдэ. Алгыс доҕорун аһыйан сылайыар диэри ыһыытаан-хаһыытаан айманна. Айтаал дьэ, өй ылан Алгыһы өлө сытар уолтан нэһиилэ туора соһон, уоскутта. Онтон, кыралартан биир арыый улаханнара диэбит уолларын «баран бөһүөлэккэ тыллаа…» диэн дьаһайан ыытта. Бэйэтэ манна, көмө кэлиэр диэри, кыра уолаттарын уоскута туран хаалла.

Халлааҥҥа дуораһыйан иһиллибит саа тыаһыттан дуу, доҕорун өлүүтүн көрбүт Алгыс хаһыытыттан дуу, айылҕа чуумпура сөҥүөрэн турда. Бу маннык иэдээн быһыы тахсыа эрэ диэбэтэх оҕолор, мэниктии, сип-сибилигин күө-дьаа кэпсэтэ испит доҕордоро эмискэ өлө сытарын харахтарын муҥунан кірі-көрө, сорох-сорохторо итэҕэйбэккэ, ылыммакка турбуттара. Саша наар дьээбэлэнэр идэтин санаан, хайдах эрэ эмиэ кубулунан сытар диэҕи хаан– сиин буолбут таҥаһа иэдээн тахсыбытын туоһулуура. Сотору буолаат, милииссийэ, Суґал кімі массыыналара тиийэн кэллилэр.

– Оҕолор, туох буолла? – массыынаттан ойон түспүт, өрүкүйбүт милииссийэ өлө сытар оҕону көрөн, хоруйу кэтэспэккэ, уол аттыгар баар буола түстэ.

Кэнниттэн быраас Сардаана Павловна сүүрэн кэлэн, соһуйан айаҕын саба тутунна…

Курас күһүҥҥү тыал, саһарбыт сэбирдэхтэри төннүбэттии көтүтэн, тымныы тыалынан өрүс долгунун сүүрдэн, дьыл сылаас кэмэ бүппүтүн, ону тэҥэ ким эрэ олоҕо быстыбытын туоһулуурдуу, уйулуура иһилиннэ. Маннык курас тымныыга таһырдьа турдахха, тымныы тыал силиигэр тиийэ тоҥорор буоллаҕа…

Туох барыта бу олоххо бүтэр уһуктаах, ол эрээри оҕо дьылҕата быстыыта тугунан да кэмнэммэт алдьархай…

Манна ким буруйдааҕый, оҕо дуу, кини төрөппүттэрэ дуу, бардам санаа дуу, бэйэ итэҕэһин көмүскэнэ сатаабыт оҕо дуу?..


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации