Текст книги "Тэпсиллибит сибэкки"
Автор книги: Хотойук Айгыына
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 6 (всего у книги 6 страниц)
– Ийээ, кэпсэтиэххэ эрэ. Хайдах хаһааҥҥы диэри маннык саҥарбакка сылдьыахпытый, мантан бара охсуохха, маннык олоҕу эн бэйэҕэр да, биһиэхэ да баҕарбатах буолуохтааххын… – диэн Катя ийэтин аттыгар ороҥҥо кэлэн олордо. – Ийээ, кэпсэтиэххэ, тугу эрэ быһаарыныахха.
Ийэтэ эмискэ өрө көрө түстэ уонна хаһыытаата:
– Оскуолаҕар сүгүн үөрэммэт үһүгүн, туохха да кыттыбат үһүгүн, улахамсык курдук тутта-тутта, тахсан барар үһүгүн… бүгүн төрөппүт мунньаҕар эйигин эрэ кэпсээн таҕыстылар, ол үчүгэй да мин истэрбэр?..
– Ийээ, мин төрүт да улаатымсыйбаппын, хайдах буоллуҥ, мин хаһан оннук буолбуппун билэҕин? Чахчы, оскуолаҕа уруокка туохха да кыттыбаппын, миигин хаһан да ыҥырбаттар, ыйыппаттар, ийээ… наһаа дьиибэтик миигин наар көрөллөр, хайыамый мин ону… – Катя ытаары гынна.
– Эн, тупо үөрэниэхтээххин, бүтэр онон. Ханна бараары гынаҕын, кэллибит да кэллибит, бүттэ. Дьон саҥатыгар миигин уган биэрээри гынаҕын да… Мин хас киһиэхэ быһаарар санаам суох. Дьон туох диэхтэрэй, төнүннэхпитинэ, онно ким үлэҕэ ыларый, ханнааҕы үлэҕэ? Эһигини тугунан иитэбиний оччоҕо? Ону санаабытыҥ да? – ийэтэ, Катяҕа ынан кэлэ-кэлэ, бардьыгынаата.
– Ийээ, оттон учууталлар уонна оҕолор тоҕо наһаа дьиибэтик көрөллөрүй, ону эппэтилэр да. Сиргэммит дуу, туох эрэ буруйу оҥорбут киһини курдук көрөллөр, мин тулуйар кыаҕым суох ээ, ону… Экзаменнарым бу кэллилэр, ийээ, миигин оччоҕо ыыт дойдубар төттөрү, мин барыам этэ, баһаалыста. – Катя ийэтиттэн, ытыы-ытыы, көрдөһө сатаата.
Ийэ кыыһын көрдөһүүтүн истибэтэҕэ. Кини таас дьүлэй буолбут курдуга. Катя туһа суох диэн ийэтиттэн кэлэйэн-хомойон, хоһугар киирэн саптан кэбиспитэ. Таһырдьа сытыы сааскы тыал улуйар саҥата, оту-маһы лүҥсүйэр тыас, хайдах эрэ киһи кута-сүрэ өрүкүйүөх ураты сибикини айылҕа таһаара турбута.
Лидия Ивановна Катя туһунан санаата син биир ааспатаҕа. Катя Саҥа дьылга кэлбэтэҕэ барыларын долгуппута. Кыыс доҕотторун, Сандалы кытта сибээһэ сүппүтэ. Омос көрдөххө уонна тугунан кинилэр Катяҕа болҕомтолорун ууруо этилэрий? Сандал сыыйа аһарынан, эксээмэннэрэ да кэлэннэр, үөрэҕэр умса түспүтэ, Катя кылааһын оҕолоро эмиэ бары үөрэхтэрин эрэ саныыр үгэҥҥэ түспүттэрэ. Лидия Николаевна Сандал ийэтиттэн ол курдук эппиэт кыайан туппатаҕа, инньэ гынан урукку үөрэнээччитин кытта сибээс кыайан олохтоммотоҕо.
Любовь Ивановна күнү күннүктээн үлэтигэр хойуккааҥҥа диэри сылдьар идэлэммитэ. Киһитэ сууккаланан кэлэн да баран уларыйбатаҕа, ол курдук иһэр-аһыыр, атаҕастыыр олох саҕаламмыта. Биирдэ Катя оскуолатыттан күнүс кэлбитэ дьиэҕэ эр киһи дьахтар саҥалара бөҕө буолан оргуйан олорор эбит. Таһырдьа чалбах тахсан, ыам ыйын маҥнайгы күннэрэ. Катя киирэбин дуу, суох дуу дии турдаҕына быраата кэнниттэн тиийэн кэллэ. Хайыай, быраатын аһатыан, киэһэ балтын дьыссааттан аҕалыан наада. Быраатын сиэппитинэн дьиэҕэ киирбиттэрэ, ыыс-быдаан табах буруотугар үс эр киһи, биир дьахтар арыгылыы олороллор.
– Хайаа, бу кимнээҕий? Болуодьа, иитимньилэриҥ кэллилэр дуу, эдэр көссүүҥ дуу? – диэн итирик дьахтар саҥата умайыктана түстэ.
Катя көрбүтэ: дьиэлээх киһи үөһээ өттө сыгынньах, түөһүгэр «век свободу не видать» диэн татуировка көһүннэ. Катя да, быраата да олус соһуйдулар. Кыайан тахсыбакка да, дьиэҕэ хосторугар да киирбэккэ кутталларыттан хам сыстан туран хаалаахтаатылар. Дьиэлээх эр киһи туран орҕостон кэллэ уонна: «Кэлиҥ эрэ манна, иитимньилэр…» – диэн ордоотообутунан оҕолорго ынан кэлэн, Катя баттаҕар түстэ. Онно эрэ бэлэмэ суох оҕолор, хаһыытаспытынан көмүскэнэ сатаатылар. Катя итирик киһи кытаанах илиититтэн баттаҕын нэһиилэ босхолоото, быраатын таһырдьа бар куот диэтэ, бэйэтэ боруоктан иҥнэн охтон түстэ. Быраата, кыра киһи, таһырдьа сарылаабытынан ойон таҕыста уонна иннин хоту тэбиннэ. Катя тура сатыы сыттаҕына, хат күүстээх илии баттаҕыттан соһон ылла уонна дьиэҕэ состо. Катя, хаһыытыы-хаһыытыы, өрөлөһө сатаата да, итирик эр киһи күүһэ оҕону баһыйара бэрт буолан, ыарахан сутурук кыыс сирэйигэр саалынна. Катя дөйөн хаалла… Итирик дьон ампаалыктаһан, былдьаһа-тараһа арыгыларын кураанахтаан, тарҕаһаары аан диэки сыылаҥхайдастылар. Арай утуйар хостон ыстаанын нэһиилэ тардына-тардына, дьиэлээх эр киһи сыыгынаан тахсан кэллэ.
– Дьиккэрдэр, арыгыбын бүтэрэн баран, ханна хайыһардаатыгыт? Арыгыта көрдүү бардыбыт… – диэн туох да кыһалҕата суох таҥнан, таһырдьа алтахтаата.
Сандал саас чаҕылыйа тыга турбут күнэ, ыар дьыала буолбутун билбиттии, сааскы көп былыттар быыстарыгар киирэн саста. Ыллаан сааһы уруйдуур чыычаахтар кытта иһийэннэр, бу ыал тэлгэһэтигэр чуумпу сатыылаата. Иэйэхсит бэйэтинэн кэлэйэн, бары кэрэтин тэйитэрдии сиккиэр тыалынан суугунаан тыа диэки күрэннэ…
Катя өйдөнөн кэлбитэ, төбөтө ыалдьан дьалкыҥныыр, сирэйэ көҕөрбүт буолан таарыйтарбат гына испит, арай атаҕын икки ардыгар инчэҕэй биллибитин дьиктиргээн эргийиэх буолбута, иһин түгэҕэ уот аһыс гынна… кыыс оҕо дьылҕата хурустаал таастыы үлтү ыстанна. Ити кэннэ ыас хараҥа хаппахчылыы бүрүйдэ. Катя ханна да барбытын билбэккэ, уҥа-таала сытта. Арай түүл, дуу илэ дуу, сүрдээх кэрэ дьахтар кэлэн ыҥырар: «…Хаарыан оҕобун, биир мааны ыал буолар төлкөнү сидьиҥ быһыы үлтүрүттэ… Абам-сатам, туох иэстэһиэ буоллаҕай… Тукаам, айманыма, быстах санааны киллэримэ, ол эрээри кутуҥ-сүрүҥ, уйулҕаҥ бу дойдуттан хомойдо…»
Лидия Николаевна ыарахан түүлтэн өрүкүйэ соһуйан уһуктан кэллэ. Арай түүлүгэр Катята «быраһаайдарыҥ» дии-дии, хараҥа аппаҕа түһэн сүтэн хаалар. Тыый, туох куһаҕан түүлэй диэн чаһыны көрбүтэ: түүн үс чаас эбит. Тыый, туох битэ билиннэҕэй, оҕолор сарсын бастакы эксээмэннэрэ саҕаланар, онтон долгуйда ини диэн бэйэтин уҕарыта сатаата. Оскуолаҕа бары да Катяны суохтаабыттара – олимпиада буоллун, дуобакка, саахымакка буоллун – үөрэн мичилийэ сылдьар көрсүө кыыһы бары таптыыллара. Кини атын оскуолаҕа баран, аны ол оскуоланы ааттата сырыттаҕа диэн ордугургуур да санаалаахтар бааллара…
Катя үрэллибит баттаҕын арыый кэннигэр тарыйда, хомуот иһиттэн бырастыына таҥаһа баарын соһон таһаарда, онно да сэниэтэ барда. Онтон аргыый тыын ылан суотабайа суумкатыгар баарын өйдүү биэрэн, суумкатын көрдөөн аан айаҕыттан быата быста сытарын булан ылан, нэһиилэ илиитин иминэн төлөпүөнүн суумкатын иһиттэн таһаарда уонна хоһугар төттөрү киирэн ийэтигэр эрийдэ. Кулгааҕар даҕайбыт төлөпүөнүттэн ийэтин саҥата иһилиннэ. Катя үөрдэҕиэн, бу дойдуга баар биир билэр сылаас куолаһын истэн.
– Ийээ, дьиэҕэ кэлиэҥ да, түргэнник… – диэн Катя нэһиилэ иһэн хаалбыт уостарын хамсатан, ийэтин куттаамаары саҥара сатаата.
– Туохха, Катя? Үлэлии сылдьабын киэһэ тиийдэхпинэ, – диэн баран, арахсан хаалла.
Кыыс баҕыаран хаалбыт тарбахтарынан ийэтин нүөмэригэр хат эрийдэ:
– Аллоо, ийээ, баһаалыста кэл, көрдөһөбүн!
– Катя, хайдах кыра оҕо курдук буоллуҥ, ыарыйдыҥ дуо? Эмтэ ис уонна сыт, үлэ чааһа бүттэҕинэ тиийиэм буоллаҕа… – төлөпүөн эмиэ арахсан хаалла.
Ити кэннэ Катя хаста да ийэтигэр эрийэ сатаата да, «недоступен» диэнтэн атыны истибэтэ. Катя бу түгэҥҥэ, Айыы сиригэр улаханнык атаҕастанан, киһи диэн сидьиҥ да буоларын ыалдьар этэ-сиинэ бүтүннүү хаһыытаан, кырачаан сүрэҕэ хаайыыттан тахса сатыыр күөрэгэй чыычаахтыы өрө мөхсөн, көҥүлгэ көтүөн, куйаарга барыан баҕарбыт кута-сүрэ, уйулҕата барыта тостон айманна… Кыыс илиитигэр эриллибит маҕан таҥаһы ылан моонньугар кэттэ…
Эмискэ тиэргэн иһигэр үүт кэрэ биэ сүүрэн киирэн, хаһыҥырыы-хаһыҥырыы, сири тиҥилэхтээтэ, өрө тура-тура, кистээн дьырылатта уонна үс төгүл тоҥхоҥноон илин диэки туос бөтөрөҥүнэн ойута турда. Биэ туйаҕын анныттан сиргэммиттии хаппыт буор тооромоһо тиэргэн диэки ыһылынна. Эмискэ күүстээх силлиэ түстэ, хап-хара былыттар уһулута ойон таҕыстылар, айылҕа бүтүннүү абаран-сатаран чаҕылҕанынан куустаран, киһи кутун-сүрүн хайытыах тыаһаан, сирилэс тыал тугу барытын тоҕо көтүөх далбаатаан сир-халлаан биирдэ силбэһэ түстэ. Сырдык тыын быстан, куйаар диэки үрүҥ чыычаах буолан тырыбыныы чырыптаан хара быллыттар быыстарынан үөһээ халлааҥҥа тахсан сүтэн хаалла.
* * *
Аннушка сарсыарда көнньүөрэ уһуктан, кофе иһэ олорон эмискэ дьүөгэтин Любовь Михайловнаны саныы биэрдэ. Үлэтигэр эрдэ бараары чаһытын көрбүтэ: сарсыарда сэттэ чаас ааһан эрэ. Саҥа санаан эрэ эрдэҕинэ, суотабайа тыаһыы түстэ. Бай, бачча эрдэ ким эрийдэҕэй, көрбүтэ: умнуллан эрэр дьүөгэтэ Любовь Ивановна эбит.
– Алоо, Люба, олох санаппаккын даҕаны дии, кыыс, хайа ханна сүттүҥ, туох сонуннааххын, кэпсээ, – Аннушка үөрэ-көтө тылыбыраата.
– Дьүөгэм, бөрүкүтэ суох сонуннаахпын…
– Бай, туох буоллуҥ? – Аннушка соһуйан, үөрбүтэ сүтэн хаалла.
– Дьүөгэм, – ытаабыт куоластаах Любовь Ивановна, саҥата быста-быста, иһилиннэ. – Катям куһаҕан буолла.
– Тыый, хайдах, хаһан? – Аннушка олоппоско «лах» гына олоро биэрдэ.
– Бэҕэһээ экспертизаҕа ылбыттара, ону сарсын моргтан кэлэн ылыҥ диэтилэр, биир да ылсар киһим суох, соҕотох эрэнэр дьүөгэбэр эйиэхэ тиийдим, кэлэн доҕор буол эрэ, кыыспын моргтан ыларбар…
Аннушка туох хайдах буолбутун сураґа турбата, «тиийиэм» диэн такси тутан айаннаата. Тиийбитигэр Любовь Ивановна кэлэн турар. Морга киирдилэр. Тыбыс-тымныы булуус курдук хостору ааһан: «Кыыскыт манна сытар бэлэм, ылыаххытын сөп», – диэбиттэрин кытта биир хоско киирбиттэрэ, тыылыы тэбэн Катя сытара. Аннушка көрөөт, уйадыйда, сүрэҕэ мөҕүл гынна – кыыс сирэйэ-хараҕа күөх баламах…
Аттыгар кэлэн икки эдэрчи дьахталлар быыстала суох харахтарын уута сарт түстэ. Катя туораттан бэйэтэ сытарын биллэ, ийэтин кытта бастыҥ дьүөгэтэ турарын көрөн, үөрэ санаата. Арай наһаа чэпчээбит, туга да ыалдьыбат, туохха да хомойбот курдук уонна сүрдээх чэпчэкитик үөһэ да үөһэ тахсан сири-дойдуну көрбүтэ, саас кэлбит эбит. От-мас көҕөрө тыллан үчүгэйи-ин, сибэкки, мутукча сыта эриэккэһи-ин… Кыыс кута дуоһуйа тыа үрдүнэн, онтон салгыы төрөөбүт төрүт сирин диэки салгыҥҥа суураллан көтө турда…
Хаарыан эдэр оҕо суорума суолламмытын истэн бөһүөлэк барыта аймаммыта. Арай кыыс ийэтэ эрэ, мас курдук туттан, ытаабат да, аймаммат да буолбут этэ. Сидьиҥ быһыыны оҥорбут дьиэлээх киһи туох да буолбатаҕын курдук, Любовь Ивановнаны массыына булан түргэн үлүгэрдик дойдутугар атаарбыта, кыыһы эмиэ хоруопка уган дойдутугар илдьэн көмпүттэрэ… Бу хараҥа дьыала буруйа-сэмэтэ суох сабыллан хаалбыта хомолтолоох, тоҕо оннук буолбутугар дьон ийэни буруйдуу санаабыттара.
Олох диэн үлтүркэй, киһи хомойор, санаа түһэр… Оннук түгэннэргэ билэр киһигэр хайаан да болҕомто ууруох тустааххыт. Киһи уйулҕата мээнэҕэ аймаммат, ытаабат, соҥуорбат. Олоҕу уларытыахха сөп, ол эрээри сэрэнэн, бары сибикини билэн, дьон этэригэр болҕомто ууран. Олох диэн биирдэ бэриллэр бэлэх. Ону хайдах олороруҥ бэйэҥ көҥүлүҥ. Киһи чыычаах курдук көҥүл ээ, санаатыгар, баҕатыгар, дьайыытыгар, ол эрээри ыраас дьайыыларга көҥүл. Бэйэ-бэйэни истиһэ үөрэниэххэ, харыстаһа сатыахха. Олох диэн үлтүркэй таас эбээт…
Кыраһа
Бу ааспыт күһүн биир хоһоонньут кыыһым Орто дойдуттан күрэннэ. Соһуйан эрэ хааллыбыт. Орто дойду олоҕор эҥин дьикти көстүүлэр, дьон олорон ааһаллар.
Биир оннук дьикти киһинэн Кыраһа этэ. Ийэлээх аҕата сүрэхтээбиттэринэн аата Күннэй диэн, ол эрээри бэйэтэ Кыраһабын диэн миэхэ батсаабынан хоһоон бөлөҕөр киллэр диэн суруйан билсиспитэ.
Бу олоххо хайдаҕый? Олохпут сайдан, тэтимэ сүрдээх түргэн, барытын кэмигэр ситэн, сатаан кыттыһан испэтэххинэ хаалаҕын, оннук тэтимнээх. Ол иһин олох тэтимиттэн хаалар киһи туох эрэ итэҕэстээх курдук сананан, сорох уйан дьон кыайан тэҥҥэ олорсон, хаамсан испэттэр. Кыраһа отой дьикти киһи этэ. Хоһоонноро да хайдах эрэ дириҥ, кутурҕаннаах, киһи аахтаҕына этин сааһа аһыллар дьикти этилэр. Ол иһин оннооҕор биирдэ ыксааммын хоһоонум бөлөҕүттэн таһаара сылдьыбыттааҕым. Хоһоонньут кыргыттарым «ити Кыраһа хайдах буолбутуй» диэн дьиксинэн ыйыппыттарыгар, оччолорго бэйэм да билбэт буоламмын, улаханнык быһаарбатаҕым… Онтон ыла Кыраһа суруйууларын кэтээн көрөр буолбутум. Сыныйан аахтахха, кутуруу курдук тыллардаах, ыарахан уобарастардаах, ылбычча киһи өйдөөбөт суруйуулара этэ. Арай биирдэ оннук суруйса олорон, Кыраһа аватын көрдүм: үс кыыс кафеҕа олороллор, үөрбүттэр. Мин тоҕо эрэ ол хаартысканы чугаһатан көрдүм, арай, доҕоор, Кыраһа уҥа өттүгэр арбаллыбыт баттахтаах, уолан хаалбыт харахтардаах удаҕан дьахтар сыстан олорор эбит. Мин Кыраһаҕа эрийдим уонна аргыый ыйыттым: «Кыраһа, ити хаһан, ханна түспүт хаартыскаҥ аваҕа турарый?» Онуоха кыыһым: «… Аа, ити икки сыллааҕыта дьүөгэлэрбин кытта кафелыы сылдьан», – диэтэ. Онтон син биир этэргэ сананным: «Өйдөөн көр эрэ, итиннэ төрдүс ким эрэ баар…» – диэбиппэр, кыыһым соһуйда. Ол кэнниттэн Кыраһам наһаа өр сүтэн хаалбыта. Биирдэ эмит миэхэ суруйара, онно ыйыттахпына ыалдьабын диирэ элбээбитэ. Дьиксиммитим диэн: Кыраһа бастакы хоһоонноро чахчы кыраһа курдук чэпчэки, наһаа сырдык тыыннаах этилэр, онтон сыыйа суруйуулара ыараан, суланыы, айманыы аҥаардаах хоһооннор тиһиллэн барбыттарыттан Кыраһа тоҕо итинник суруйар буолла диэн санааҕа ылларбытым. Ити хаартыскаттан элбэҕи өйдөөбүтүм.
Хоһоон суруллар түүн, үксүн сулустаах түүн, ый суһумун сырдыгар, чүмэчи уотугар. Кыраһа хоһоон кэрэ эйгэтигэр саҥа киирэн эрэр эдэр ийэ. Хоһоон тоҕо түүн суруллара буолуой? Кыраһа санаатыгар түүн туох эрэ атын эйгэ арыллар курдук, айылҕалаахтар этэллэринэн, чараас эйгэ диэн баар, үһүс харах арыллыыта диэн баар… Ити барыта Кыраһаҕа дьикти. Хоһоон суруллуута эмиэ дьикти. Кыраһаҕа дьикти эриэккэс тыллар түүн киирэллэр. Кыыс онно наһаа үөрэр, астына суруйар. Үгүс суруйааччылар хоһоону тапталтан суруйбуттара, ол аата таптал эмиэ чараас эйгэни кытта ситимнээх буоллаҕа дуу… Айар үлэ диэн кэрэ, ким да билбэт кэрэтэ. Ол кэрэ Кыраһаҕа уһуктан эрэриттэн кини наһаа үөрэрэ.
Айар үлэ диэн Айыы тыыннаах. Айар үлэни сэрэнэн, иһиллэнэн, сэмээр ылсыахха наада. Ыл да суруй – тастан көрдөххө, чэпчэки курдук, ол эрээри бу Тылы кытта үлэ. Тыл иччилээх, Тыл күүһэ ураты, Тыл суолтата өссө күүстээх. Онон, Тылынан оонньуур сатаммат.
…Бүгүн Кыраһа кыргыттарын кытта кафеҕа көрсө бараары, санаата сырдаан, көнньүөрэн уһугунна. Кэргэнэ тыаҕа дьонугар айаннаабыта, нэдиэлэ курдугунан кэлиэхтээх, Кыраһа үлэтигэр больничнай кэнниттэн, саҥа тахсан үлэлээн эрэр. Оҕо саадыгар иитээччинэн үлэлиир, күнү быһа оҕолору кытта бодьуустаһар үлэлээх, сылаалаах, бүгүн дьэ кыргыттарын кытта баран сынньаныа да буоллаҕа. Үлэспит чаастарыгар Кыраһа кыргыттарын кытта көрсөн, үөрдэ-көттө, сонунун кэпсии олордо: «… Бу аҕыйах хонуктааҕыта биир литературнай бөлөххө киирэн, саҥа суруйан эрэр хоһооннорбун билиһиннэрэн эрэбин. Ол бөлөх саҥа холонооччуларга көмөлөһөр сыаллаах, бэртээхэй… Аата да этэрин курдук «Уйулҕа хочото», манна киирэн уйулҕалыын сынньанабын, элбэххэ үөрэнним, элбэҕи билэн эрэбин. Ол гынан баран, кэнники кэмҥэ хайдах эрэ ыар тыллардаах, курус хоһооннор суруллар буоллулар…» – Кыраһа санаатын арыйда.
– Даа, хоһоон суруйар үчүгэй да, наһаа айыкка буолбатах да? – Кыраһа дьүөгэтэ кэпсэтиигэ кыттыста.
– Ээ, инньэ диэмэриий, Лена, хоһоону мээнэ дьон суруйбаттар. Мин эбээм наар инник диэччи, тыл илбистээх, ону кыайан тутар киһи тутар диир буолара.
– Суруйуу сылаалаах… Биирдэ наһаа ыар хоһоон киирбитэ, ол кэнниттэн бэйэм да саллан тохтуу сылдьыбытым, тоҕо оннук киирэрин билбэтэҕим, арай ол бөлөҕүм салайааччыта эппитэ: «Кыраһа, бу эн тылларыҥ буолбатах…» Ону мин наһаа дьиктиргээбитим, мин суруйуум дии сатаабытым.
– Уой, ол аата хайдах эн тылыҥ буолбатах диэн, оччоҕо ким тылларай… наһаа ынырык дии… – кыргыттар салгыы арааһы, ирэ-хоро оҕо саастарын санаһан кэпсэтэн баран, тарҕаспыттара.
Кыраһа ол түүн кыайан утуйбатаҕа, санаатыгар аттыгар ким эрэ баар, кинини кэтиир-маныыр курдуга. Ол түүн хоһоон да киирбэтэҕэ. Сарсыныгар сарсыарда Кыраһа этэ-сиинэ барыта ыалдьыбыт этэ. Кыраһа оҕо эрдэҕинэ ыалдьан өлө сыспытын эбэтэ Морууса эмээхсин илбийэн эмтээбит диэн кэпсээбиттэрин өйдүүр, ол эрээри ол эмтээһин дьиктилээх дииллэрэ үһү…
Кыраһа барахсан бастакы уонна биир соҕотох «Күн уонна Ый иэйигэ» диэн ааттаах кинигэтин таһаартарбыта уонна наһаа үөрэн, долгуйа-долгуйа, миэхэ бэлэхтээбитин өйдүүбүн. Мин командировкаттан айаннаан кэлэрбин наһаа кэтэспит этэ. Кэллим диэн эрийэн, Кыраһалыын «Бэчээт дьиэтин» кафетыгар көрсүөххэ диэтим. Арай дьэ үөрэн-көтөн, батсаабынан эрэ кэпсэтэ сылдьыбыт дьон көрсөрбүт бэйэбитигэр да сонун этэ. Арай кафеҕа киирэн кофе уонна пирожнай сакаастаан ылан, кыыспын кµµтэн олордум. Арай кыыһым кэллэр кэлбэт, ыксааммын көрүдүөргэ муна сылдьара дуу диэн тахсыбытым, кырдьык, биир хап-хатыҥыр кыыс ааннары өҥөйтөлүүр. Мин урут тиийэн кэпсэттим: «Кыраһаҕын да?» – диэбиппэр кыыһым үөрдэ: «Аһа, мин», – диэтэ. Дьэ, бэйэ-бэйэбитин булсубут дьон кафеҕа киирэн кэпсэтэн олоро түстүбүт. Онно Кыраһа диэн аатыгар барсыбат дэлби хараарбыт, хап-хатыҥыр кыыс нэһиилэ иһиллэр-иһиллибэт саҥарар. «Төрүкү маннык ырыгаҥҥын дуо, Кыраһа?» – диэн ыйыттым, кыыһым: «Ээ, балыыһаҕа эмтэнэ сылдьабын…» – диэтэ. Ити көрсүһүү кэнниттэн биирдэ эрийэн эттэ: «… Эмтэнэ сатыыбын да, быраастар тугум ыалдьарын кыайан быһаарбаттар…» – диэн хомойбут саҥата иһиллибитэ. Онуоха мин хайдах-туох ыалдьарын сураспыппын: «Олох утуйбаппын», – диэтэ. Мин Кыраһаны наһаа аһынным уонна хайдах эрэ сахалыы ыалдьыбыт дуу дии санааммын: «Сахалыы эмчиттэргэ сылдьыбытыҥ дуо?» – диэтим. Кыраһа «суох» диэхтээбитэ. Онтон бэйэм үчүгэйдик билэр эмчиппэр илдьэ сырыттым, ол күн төлөпүөнүнэн кэпсэппиппэр Кыраһам: «Олох сэниэм суох…» – диэтэ. Мин оптуобуска тоһуйуом диэммин, Кыраһаны утары баран көрүстүм, кыыһым чахчы нэһиилэ байааттаҥнаан хаамар: «Мэйиим эргийэр», – диир. Эмчиппитигэр киирбиппитигэр, эмчит Кыраһаны кытта кэпсэтэн көрөн баран: «…Сахалыы ыалдьыбыккын, утуйбат эбиккин, аттыгар сылдьааччы тыына ыарахан…» – диэтэ. «Үтэйэ сатыам да, олох итэҕэйбэт эбиккин ыалдьыбыккын, эмтэтэргин… уонна ыалдьыбытыҥ ырааппыт эбит, тута кэлбитиҥ буоллар, саатар ый анараа өттүгэр… дойдулаа», – диэтэ. Инньэ гынан, хайыамый, Кыраһам хойутаабытын уонна тоҕо сэниэтэ суоҕун бэйэм да сэрэйэрим, эмчитим да сэрэйэрбин оруобуна уот харахха эттэ. «Атын салгыннаах тыын олорсубут…» – диэтэ. Итинник көрсүһүү кэнниттэн, мин үлэм элбээн хаалан кыайан хоһоонньуттарбар киирбэтим, барыы-кэлии айан буолла. Онтон арай кулун тутар киэһэтигэр хойукка диэри үлэлии олордохпуна, суотабайым тыаһаата, көрдөхпүнэ: билбэт нүөмэрим курдук. Ылабын арахса турар, ылабын арахса турар, онтон үһүстээн эрийбитигэр дьэ тутан ыллым. Арай билбэт дьахтарым эрийэр, саҥатын бастаан билбэккэ гынан баран нэһиилэ билэммин: «Кыраһа, эн дуо?» – диэн хаһыытаатым. Кыыһым саҥата ыраата-ыраата чугаһыыр курдук. Онтон эмискэ чуолкайдык иһилиннэ, онуоха Кыраһа ыксаабыт саҥата: «…Миигин псих-балыыһаҕа ыытаары гыналлар, хайыыбыный…» – диэн ыйыта сатыыр эбит, ити түүн 12 ч саҕана этэ. Онтон эмискэ эмиэ быстан хаалла. Мин эрийдэхпинэ аны олох тиийбэт, «номер недоступен» дии турар. Онтон Кыраһа эмиэ эрийдэ, тута ыллым: «Кыраһа, ханна бааргыный?..» – дии сатыыбын. Онно саҥата иһиллибэт, туох эрэ дьиибэ баҕайытык хардьыгыныыр тыас иһиллэр, онтон эмискэ Кыраһа саҥата чугаһаан кэлэр: «Көмөлөс, хайдах гынабыный?» – диир. «Дьоммор этэ сатыыбын да, итэҕэйбэттэр…» – диэтэ. Мин уолуйан, соһуйан туох диэхпин билбэккэ олорон, эмискэ дойдугар тыаҕа, айылҕаҕа таҕыс диэтим… Онтон төлөпүөн хардьыгынаан ылла уонна эмиэ мэлийэн арахсан хаалла. Ол түүҥҥү дьикти кэпсэтии кэнниттэн хоһоонньуттарбар арай Кыраһа баар буолбут этэ. Наһаа үөрэн, соһуйан: «Кыраһа, эҕэрдэ, хайа, ханна бааргыный, хайдаххыный?..» – диэн тус бэйэтигэр суруйбуппун, арай: «Кыраһа буолбатахпын, кини кэргэнэ Михаил диэммин», – диэн сурук кэллэ. «Күннэйбин кыайан быыһаабатыбыт, бэҕэһээ куоракка айаннаан иһэн аара суолга быһынна, бэйэбит да эрдэ истибэккэбит, этэ сатаабыта ээ, таах айаннатан», – диэн кэмсиниилээх сурук сурулунна.
Билигин олорон, анаара санаан ыллахпына, Кыраһа барахсан түүннэри хоһоон суруйан, атын салгыҥҥа таарыйтарбыт, ол олорсон тыыннаах буолар кутун, туох баар сүрүн супту эмпит диэн толкуйдуубун. Эмчиттэр, айылҕалаахтар «кута көппүт» дииллэр, быһыыта. Онон, Тыл иччилээх, суруллар Тылга болҕомто ууран, айар үлэҕэ боччумнаахтык сыһыаннаһар оруннаах. Кыраһа бастакы уонна тиһэх кинигэтигэр маннык тыллар бааллар:
…Тыл – добун дорҕоон уора!
Тыл – кырыыс дьай аргыара!
Тыл – сарыал кыыһар уота!
Тыл – кылыһах кыл тыына!
Тыл – уот хатат кылаана! —
дьэ, ити да уонна атын хоһоонноругар киһи аахтаҕына этин сааһа аһыллар тыллардаах суруйуу баар… Айар үлэ илбиһэ диэн этиини истибит буолуохтааххыт.
Илбис диэн тыл суолтата тугуй? Тылдьыкка сурулларынан, саха итэҕэлинэн, сэрии, охсуһуу, хаан тохтуутун иччитэ, таҥарата диэн быһаарыллар.
Айар Тыл илбиһэ – ол аата тугу да умнан туран күүстээхтик, дириҥник сурук үлэтигэр киирии диэн өйдүөххэ сөп буолуо… Ол аата ааптар Тыл күүһүн кытта иллэһэр, Тыл эриэккэс кэрэтин, умсугутар оһуорун-ойуутун түүннэри-күнүстэри сонордоһор сыралаах үлэ, айар Тыл илбиһэ… Төрөөбүт Тыл барахсан киһи ис кыаҕын арыйарыгар, олоххо тирэхтээх буоларыгар улахан көмөлөөх күүс буолар.
Ол күүһү таба тайаныы, бастатан туран, айар илбискэ ылсар киһи бэйэтин ис кыаҕын арынарыгар туһуланар үлэ. Ону таба өйдөөн, айар аартыгы дабайар оруннаах…
Правообладателям!
Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.