Текст книги "Тэпсиллибит сибэкки"
Автор книги: Хотойук Айгыына
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 3 (всего у книги 6 страниц)
Күндү таммах
«Орто дойду омуннаах олоҕо диэн тыллаах, былыргы олоҥхоһуттар олоҥхолоон онолуйалларын саҕана, Сир ийэ барахсан үүнэн-силигилээн, ото-маһа, сиппит кыыс уһун мааны суһуоҕун санатан уурбут-туппут курдук суугунуу күөгэлдьийэрин саҕана, киһи барахсан аарыма айылҕатын атарыхсыппакка олорорун, сайдарын саҕаттан кини баара. Тыыннаах эйгэлээх, уус-уран тыллаах, ураннык уһанар норуот кутугар», – диэн эбэлэрэ Ааныс кырачаан сиэннэрин төбүрүөннүү мунньан, бу аарыма саастанан да баран оҕоһуттуу, дьиэ көрөн, чэй өрөн киһи туһалааҕа бу дьиэҕэ кини буоллаҕа… Ааныс, аҕыс уон хаарын толору ааһан эрэр кырдьаҕас, бу олоҕор арааһы бары көрөн-истэн кэллэ ини… Кини уран уйулҕатын арыйан көрөр киһи, кини сиэдэрэй мэйиитин уларсар киһи бу дойдуга уһулуччу өйдөөх бэрэпиэссэр курдук буолуо эбитэ буолуо. Дэлэҕэ, өбүгэлэрбит кырдьаҕастарын сир түннүгэ диэн ааттыахтара дуо…
Арҕаа саҕаттан хара былыт быһыта ойон тахсан, айылҕа ото-маһа тымныы сүүрээннээх хахсаат күн буолуоҕун билгэлиирдии, суугунуу турда. Ааныс сай сарсыарда эрдэ туран, урут туох-хайа иннинэ, сааһын туоһулуур мырчыстыбыт сирэйин сууна охсон, аргыый аанын боруогун атыллаан күүлэҕэ таҕыста. Күүлэтин аанын тэлэйэ арыйан, онно анаан олорор олбохтоох олоппоһугар аргыый үөһэ тыыммытынан олорунан кэбистэ. Хайдах эрэ ыраахтан киһи аргыый сирийэ көрдөҕүнэ, Ааныс барахсан санаата үрүҥ холууп буолан көтөн тахсан, кылыыҥкайдыы оонньообут тумулун күөх ньаассын отугар, кыыс куо буолан бастакы тапталын билбит кытылыгар көтө турда. Бастакы барыта хаһан да күндү дииллэр… Оо, ол кэмнэри төннөрөр киһи, Ааныс өссө дьоллоох буолуо этэ дуо… Ол эрээри, хайдаҕын да иһин, билигин да тутан олорор дьолун Ааныс туохха да биэрбэтэ буолуо… Аарыма кырдьаҕас бу олорон тугу саныырын ким билиэ баарай, ол эрээри ырааҕы одуулуур симириктээн ылар көрүүтүттэн, мичээрдээн сырдаан ылар иэдэһиттэн, чох хара хараҕыттан күндү таммах бу кэмҥэ өрүү таҥнары суккуруур… Чараас уйулҕа уонна сүрэх оспот бааһа кыайан умнубат түгэниттэн эбитэ дуу эбэтэр олох-дьаһах ытыллар күөрчэхтии уларыйыытыттан эбитэ дуу… эбэтэр сир ийэ ынчыгын истэриттэн эбитэ дуу, – ааҕааччы, эн бэйэҥ сыаналаа…
Киһи диэн кимий, кини хаһан киһитийэрий дуу, кини хаһан киһи диэн ааты ыларый дуу… Ол эрээри киһи диэн киһи диэххит, кини айылҕаттан быстыбат ситимнээх айылҕа сорҕото диэххит, хайа эрэ омук биир сирэйэ диэххит.Киһи диэн бу сиргэ тоҕо күндүнүй?
«Хотуой, ыл ньирэйдэргин хотонтон таһааран ыыталаа, тэлгэһэҕэ мэччийэ түстүннэр», «ол оҕоҕун көр», «ити ынаххын ыа, оккун киллэр» – ити курдук бииртэн биир үөгүлүүр аҥаардаах сорук сэттэлээх Ааныска нарын хачаайы санныттан түспэт. Ол аайы кырабын диэбэккэ, кыра көмөлөһөөччү үрүҥ лыах оттон окко, сибэккиттэн сибэккигэ тэлээрэ көтөрүн курдук кыысчаан сүүрэн иһээхтиир. Оннук биир күһүөрү сайын кинилэргэ бартыбыал тутуурдаах, хортуустаах, кылбачыгас саппыкылаах киһи киирэн кэлбитэ.
– Ыаллар, үтүө буолуҥ… хайа ким баарый?
Кэтэх хос сабыы быыһыттан лэппэллибит баттахтаах кыра кыыс ойон таҕыста, хап-хара хараҕынан киирбит киһини соһуйа көрөн турда.
– Хайа, тоойуом, дьиэҕэ ким баарый, дьонуҥ?
– Мин баарбын, ийэм хонууга оттуу, аҕам ыраах барбыта… – диэн хоруйдаах буолла.
– Ээ, оттон бу кимий? – кыра киһи ытаан бэбээрбитин истибитинэн киирбит киһи сабыыны өҥөс гынна.
– Ити балтым, кинини ийэбит кэлиэр диэри көрөбүн.
– Ээ, ийэҥ ол төһөҕө кэлиэй?
– Ийэм балтыбын аһата сотору кэлиэ… – диэтин кытта, ыксаан, аҕылаан Ааныска ийэтэ киирэн кэллэ.
– Бай, Доропуун дорообо, хайа бу ханна баран иһэҕин? – кыыс ийэтэ аҕылыырын быыһыгар сураһар.
– Ээ, бу үөрэх чааһынан эһиэхэ кэллим. Кыыскын Ааҕар балаҕаҥҥа үөрэттэрэ биэриэҥ этэ диэн кэпсэтээри, – Доропуун аргыый кэлбит сыалын этэ олордо.
– …Иэхэйбиин, мин үөрэниэм этэ, – кыыс истэ туран, үөрэн ытыһын таһынна.
– Ээ, эмиэ туохпут ол үөрэҕэй-тайматай. Манна үлэбит-хамнаспыт үмүрүйбэт, от кыайтарымаары ол ыксала дии…
– Ээ, инник диэмэ, бу кыыскын үөрэхтээх киһи оҥордоххуна, бэйэҥ абыраныаҥ дии..
– Ээ, ол абыранаммын байа түһэбин дуу, үлэм аҕыйыыр дуу… чэ, онон-манан мээрилээмэ. Суох, онон суох… – кыысчаан ийэтэ татыаккаланна.
Улахан дьон кэпсэтиилэрин истэ турбут Ааныска кыысчаан, үөрүүтэ симэлийэн, кырачаан иэдэһинэн дьэп-дьэҥкир харах уута сүүрдэ. Ити аата, кини баҕарар баҕатыттан, ол билбэт эрээри олус кэрэттэн, көрө маппытын сүрэҕин оҕото биллэ, уйулҕата ытаата… Таһырдьа күлэн мичилийэ турбут күнү ыар былыт кэлэн сабардаатын кытта, тымныы бөдөҥ таммахтар хаппыт буор сабараанньа үрдүгэр тобугуруу түстүлэр. Ити итинэн бүппүтэ, үөрэх туһунан кэпсэтии хатыламматаҕа, ол бастакы бааһа Ааныска сүрэҕэр оһор-оспот хаалбыта. Дьиэ дьиэлээн, оҕо-уруу көрөн, ийэтигэр илии-атах буола сүүрэр кыысчаан сотору кэминэн ситэн, киһи таптыы көрөр нарын кыыһа буолан, чараас үрүҥ субалаах мааны хатыҥныы сириэдийэ улааппыта. Кыыс ыллыы-туойа сарсыардатын көрсөрө, ыаҕайа тутан таптыыр алааһын халдьаайытыгар дьэдьэннии, отоннуу, кырылас кумахтаах күөлүгэр сөтүөлээн, сылаас кумаҕар таалалаан, айылҕа бэйэтэ чочуйбутун курдук тупсан, киэркэйэн испитэ. Олох, айылҕа ирдэбилинэн сүрэҕэ барахсан биир эр бэрдин таба көрөн, ону сэмээр кистии таптаан, онтон күнэ тыган, онтон киэһэтэ ырыалана сылдьыбыта. Уоллаах кыыс бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэ таптаһан, сүрэхтэрин тэҥҥэ ыллатан, буор куттарынан тапсан дьоллоох дьон бу сиргэ кинилэр эрэ курдук санаһа сылдьар үтүө кэмнэрэ этэ.
Ааныс бүгүн туохтааҕар да дьоллонон турда, бөлүүн түһээтэҕинэ көмүс ардахха сөтүөлээн, кэрэ да кэрэ хатыҥнардаах алааска, биир үрдүк да үрдүк томторго ыттан тахсыбыт түүлэ мэйиитигэр хатаммытын, хайдах эрэ ким эрэ олоҕун туһунан киинэ курдук көрбүтүн саныы-саныы, ол көстүү ала-чуо киниэхэ тосхойорун баҕалаах сырытта. Бүгүн киэһэ ыам кэнниттэн кинилиин көрсүөхтээх, буоларын курдук, кини кэлэн сэмээр көхсүттэн имэрийэн, нарын тарбахтарыттан тутан хаамсыахтара, түүҥҥү алаас чуумпутун иһиллиэхтэрэ, сииктээх от сибиэһэй сыта дыргыйыа, түүҥҥү күөх туман кинилэри саһыарыа… Арай ханна эрэ ыраах кинилэр дьоллорун үллэстэн кэҕэ кыыл кэҕийиэ, онтон сайыҥҥы күн бастакы сардаҥалара чаҕылыйа тыган эрдэхтэринэ, уол кыыһы нарыннык уураан, күндү малы тутардыы кууһан, эмиэ көрсүөх буолан сипсиһэн атаарсыахтара… Бастакы таптал кэрэ утахтара, саҥа тыллан эрэр ньургуһуннуу нарын, сымнаҕас буолан, халыан сыһыан манна кыттыспат. Ааныска таптыыр уоллааҕын ийэтигэр хайдах этиэҕин күн аайы толкуйдуур буолла, киниттэн атын уолу билбэт даҕаны. Биир күн туох баар хорсунун киллэрэн, ийэтин кытта кэпсэтэргэ быһаарынна.
– Ийээ, мин кэпсэтиэм этэ… – Ааныска ийэтин диэки хап-хара харахтарынан чоҕулуччу көрдө.
– Ол тугу кэпсэтээри гынаҕын? Үүккүн омуһахха түһэрдиҥ да, оҕолорун таҥаһын сууйдуҥ да, бүгүн таайыҥ аахха киэһэ арыы илдьиэҥ этэ… таһынааҕы Балбаара үүт үлэспитэ, ону таһааран биэрээр эрэ… – Ааныска ийэтэ буоларын курдук өрүү үлэнэн, соругунан симэ олордо.
– Ийээ, эн аҕабытын кытта хайдах билсибиккитий… – симиттэ-симиттэ, кыыс сураста.
– Ээ, оттон дьон курдук билистэхпит дии… ону… – ийэтэ кыыһын көрө түстэ. – Хайаабытый…
– Ийээ, мин… биир… доҕор уоллаахпын, кинини наһаа таптыыбын, өскөтүн… – диэн истэҕинэ, ийэтэ саба хаһыытаата:
– Билиҥҥэттэн дуо, хотуой, ол-бу уолланан-кыыстанан көр эрэ, оҕолоргун, дьиэҕин-уоккун көрбөккө, өссө, – диэн сотторунан сабаата.
Кыыс сылбырҕатык ойон турда, аһаҕас аанынан таһырдьа ойон, аттынааҕы хатыҥ чараҥ диэки сүүрэ турда. Хойуу лабаалаах хатыҥҥа сүүрэн тиийэн, хатыҥы кууспутунан, уйа-хайа суох хомойон ытаан, кыыс нарын иэдэһинэн дьэҥкир бөдөҥ таммахтар сурулуу сүүрдүлэр. Бу таммахтар хайдах эрэ олус ыксаабыттыы уонна тохтоло суох сүүрдүлэр… Кууһан турбут хатыҥа баараҕай лабааларынан сапсыммахтаан, хайдах эрэ кыыһы кууһардыы кыра күөх сэбирдэхтэр, кыыс синньигэс кэрэ таһаатыгар билиннилэр, ханна эрэ этиҥ этэн ньириһийдэ. Тыа чуумпура иһийдэ да, ыаҕастаах уунан ардах кэлэн курулаччы түһэн, харах уутун далааһынын курдук кутан курулатта. Таптыыр нарын сүрэх хомойоро дохсун… Ааныска сүрэҕэр иккис улахан баас абытай ыарыынан биллэн, кыыс чараас санна ардахха илибирии турда…
Сыллар ыксаабыт күһүҥҥү былыттыы үтүрүһэ аастар ааһан истилэр, Ааныска суорумньунан ыал буолан, Бүөтүрү кытта олорон, оҕо-уруу тэлгэһэтэ толору этэ. Ийэтэ суорумньуһуту булан, онон кэпсэтии ыытан, Ааныска таптыыр уоллааҕын ийэтэ истэ барбакка, кыыһын сүөһүлээх-астаах киһиэхэ кэргэн, былыргы кэһиллибэт сокуон баарын курдук, кыыһын олохтообута. Ааныска хайыай, ийэтин тылыттан үйэтигэр тахсыбатах кыысчаан, сүрэҕэ умайбат киһитигэр кэргэн буолан, дьахтар аналын толорон, билигин бэйэтэ ыал ийэтэ. Кырачааннарын, сүөһүтүн кытта бодьуустаһар.
Бүгүн окко киирии бастакы күнэ. Кэргэнин окко тэрийэн, ас-өйүө бэлэмнээн, улахан уончалаах уолун аҕатын кытта көмөлөһүннэрэ ыытаары түбүгүрэ сырытта.
– Дьахта-ар, хайа ханна дьөлө түстүҥ, аспыт-үөлбүт ханна баарый?..
– Баар, баар, бу бэлэмнээн бүтэрдим. Ити уолгар киэһэ кумаар түһэрэ буолуо, хомуһуолун кэтэрдээр эрэ… – Ааныс, ийэ барахсан, оҕотун хараанныы турда.
– Ээ, кумаар сиэбитэ диэн, эр киһи тулуйдун! – эрэ сөҥ куолаһынан дьаһайда.
Ааныс уолун ыҥыран, эрэ көрбөтүгэр оҕотун сыллаан, сылаас тыллары этэн, кууһан атаарда.
– Оҕом кытаат, күүскэ көмөлөс аҕаҕар, аҕаҥ этэрин толорон иһээр, мин оҕом туһа киһитэ… – диэн кууһа-кууһа, сыллаата.
Оҕо эгди буолан, үөрэн өрө эккирээн аҕатын кэнниттэн өйүө тутуурдаах сүүрэн тэлэмээттэннэ. Таптала суох кураанах олох киһини кэбирэтэр, олох амтанын биллэрбэт, толору үөрүүнү бэлэхтээбэт. Ааныска оннук олохтон хачаайы бэйэтэ өссө иинэн-хатан, уута тиийбэт хатыҥныы от илии-атах буола сылдьаахтаабыта. Ийэ да буолбут дьоло үөрдүбэт. Эрэ биирдэ эмит эрэ кууһан сыллаатаҕа баара дуу, бэйэтэ да, таптал сылаас буолуохтааҕын умнубут киһи курдук буолан, бастакы тапталын сэмээр сүрэҕин түгэ±эр кистээн-саһыаран илдьэ сылдьар. Арай, ол тапталлааҕын кытта холбоспут буоллуннар, арай ийэтэ кинини өйдөөбүт, өйөөбүт буоллун даа, оччоҕо кини маннык быһаҕас дьолунан буолбакка, толору дьоллоох ийэ буолан, билигин төһөлөөх айымньылаах олоҕу олоруох этэй… Ээ, аны кэлэн санаан да диэбиттии, көҥүлэ суох сүүрэр дьэҥкир хараҕын уутун туора сотунна, сүрэҕин бааһын уҕарыта сатыыр. Ол эрээри умнуллубатах таптал суоһа диэн баар эбит, ыарыыта, абытайа. Туолбатах ыра санаа чүөмпэтэ…
Сэрии уоттаах сыллара тураннар, алаастан кыахтаах эр дьону, эдэр уолаттары сэрии хомууругар ылан барбыттара. Алаас барахсан, ийэ айылҕа тыҥаан туран иһийбитэ. От үлэтэ кыайтарбакка, сүөһү өлүүтэ элбэҕэ, сайын хаһааҥҥытааҕар да аһыҥа кураана түһэн, сүөһү кыстыыр отун былаана кыаллыбат этэ, оннук ыар харах уулаах биэс сыл ааспыта, Ааныска аҕыс оҕотуттан үһүн эрэ тутан хаалан, аччык аас-туор олохтон син сыккырыыр тыына да хааллар, Кыайыыга тыыннаах тиийбиттэрэ. Окко кыратыгар имиллибит уолчаана сэрии сылыгар сукка өлөөхтөөбүтэ, икки улахан кыыһын кытта биир уол оҕотун тутан хаалан син холкуоска кыттыһан уонна киһитэ сэрии кыттыылааҕа буолан, сэрииттэн кэлээт бааһырыыта уһаппатаҕа. Сэрии огдообото буолан, холкуос дьиэ тутан биэрэн, хаалбыт оҕолор син сэбиэскэй былаас кэмигэр судаарыстыба өҥөтүнэн улааппыттара.
Ааныска кэргэнэ өлбүтүн кэннэ кимҥэ да чугаһаабатаҕа, син сыбааттаһа сатыыр дьон баара да, бэйэтэ буолумматаҕа. Ол курдук оҕолорун иитэн, бэйэтэ ыал оҥортоон син бу аарыма сааһыгар үктэннэ. Кыргыттар оччотооҕу кэмҥэ буоларыныы, улахан кыыс учуутал, аччыгый кыыс быраас идэтин ылбыттара. Арай кыралара – уол хайдах эрэ иҥнэри үүммүт тиит мастыы, өрүү кини табыллан испэтэ… Оскуоланы бүтэрэн, сопхуоска үлэлээн иһэн тохтуур, сылгыһыттаан иһэн арыгылыыр, чэ итинник сылдьан хаһан өйдөнөрө буолла…
Биирдэ уол хас да күн арыгылаан баран, дьиэтигэр кэллэ, сыт-сымар, таҥас-сап, сирэй-харах дьаабыта. Ийэ барахсан мөҕөр-өйдөтөр аҥаардаах көрүстэ:
– Дьэ, хайа муҥун иһэн тохтообоккун, дьонтон да кыбыстан бардым дии. Хаһан бу өйдөнөҕүн, арыгыны ойох оҥосторуҥ буолла, сааһыҥ да ыраатта буолбаат… Толкуйданыый даа, – ийэ барахсан элэ-была тылын этэ олордо.
– Ээ, дьэ булан эттиҥ дии, аны мин бу буор иһээччи буоллум, ким кэлэн иннинэн буолан ойох тахсар үһү… Арыгыта баран аҕал, хата, ону-маны лахсыйа олорума… түөһэйбит дуу, бу эмээхсин… – ордоотоото уола.
– Тукаам, бээ, сөп буолуо, киирэн утуйан хаал, саатар бүгүн, онтон өйдөннөххүнэ кэпсэтиэхпит этэ буоллаҕа… – диэн Ааныска туран, сиппит эр киһини соһо сатаата.
– Ээ, суох… утуйбаппын, хайаабаппын… – итирик уол эмискэ ойон туран илиитинэн ийэтин садьыйбыта, ийэтэ хачаайы барахсан, кэннинэн тэмтээкэйдээн, кэннигэр турар олоппостон иҥнэн охтон төбөтүнэн оһох холумтаныгар кµµскэ саалынна.
Тура сатаата, кыайан турбакка өйүн сүтэрдэ…
Итирик уола өҥөйөн көрдө: итиригэр буолан быһаарса барбакка бадарааннаах саппыкытынан ийэтин атыллаан, тыыннааҕар-өлбүтүгэр наадыйбакка тахсан абырыыр арыгытын көрдүү барда… Ыас хараҥа түүн, бу буола турар айдааны мэлдьэспиттии, эмиэ да туоһу буолбутуттан уонна көмөлөһөр кыаҕа суоҕуттан чуумпурда, кыбыстыбыт сулустар эрэ чыпчыҥнаһан ыллылар.
Аанысканы сарсыарда эрдэ ыаллыы олорор дьүөгэтэ булан тыллаан, ыал буолбут кыргыттара оройуон балыыһатыгар киллэрдилэр. Төбөтүгэр эчэйии ылан, Ааныска нэһиилэ өйдөммүтэ, уһуктан кэлэн баран ханна-ханна баарын билбэтэҕэ, түүннэри хоммут кыыһын билбэттии мэндээриччи көрөн кэбиспитин кыыһа куттанан бырааһы ыҥыра сүүрдэ… Ааныска арай, хараҕын симэн сытан, туох-туох буолбутун өйдөөн кэллэ уонна олус дириҥник иһин түгэҕиттэн тыынан ылла, икки иэдэһинэн субуруйан, ыраас күндү таммахтар хараҕын устун тоҕуннулар… Туох баар эрэлин ууран, ииппит уолчаана арыгыһыт аатын ылан, дэриэбинэҕэ «Ааныска уола дуо?» диэн дьон тылыгар сылдьарын санаан, бачча сааһыгар орулуур отутутугар диэри ыал буолбакка, ол дьолтон киэр хайыһа сатыы сылдьарыттан, эр киһи диэн кинини бу Орто дойдуга бэриллибит соҕотох олоҕор дьоллообот аналлаах эбит дуу диир санаатыттан олус дириҥник курутуйа хомойон ытаата…
Күһүн силбик күннэрэ ыксаабыттыы ааһан, кырыа кыһын кыыдамнаан, томороон тымныытынан тоҥорон, сандал саас чуккуруу тохтон, таммалаан, самаан сайын салаллан, сандаарыйа тыган, саха дьонун мааны күннэрэ самаан сайыны үтүө үгэһинэн ыһыахтаан, биир төгүрүк сыл ааспытын, саҥа сылларын үөрэ көрсөр күннэрэ үүнэн турар. Аааныска бүгүн кыргыттарын, сиэннэрин кытта ыһыахтыыр түһүлгэҕэ, Кыыс Хатыҥа диэн сиргэ бараары тэринэ сырытта. Саха самаан сайынын көрсөр алаадьытын сырылаччы буһаран, кыынньар кымыстарын кутуталаан, иһит-хомуос бэлэмнээн түбүгүрэ, быыһыгар-ардыгар аттыгар чыычаах курдук ойуоккалыыр сиэннэрин сыллаан ыла-ыла, эбэ буолбутун билигин да итэҕэйбэт курдук мичээрэ сырытта. Арай тэлгэһэҕэ массыына кэлэн тохтуур тыаһа иһилиннэ, сиэннэр таһырдьа ойдулар. Ааныска иһиттэҕинэ, эр киһи сөҥ саҥата, кыыс күлэр саҥата иһиллэн ааста, Ааныска хайдах эрэ сүрэҕэ мөҕүл гынан, бэйэтин бастакы тапталын санаан ылан, ыһыахха көрсүбүт күннэрэ бу бэҕэһээ курдук хараҕар көстөн ааста, ол икки ардыгар, дьиэҕэ: «Ыаллар, ыһыаҕынан!» – диэн уолун куолаһыгар майгынныыр саҥа иһилиннэ. Ааныска кэннин хайыһа түспүтэ: бэйэтин уола Өлүөскэтэ киирэн турар.
– Ийээ, мин кэллим, – диэбитинэн чугаһаан ийэтин кууһан, сыллаан ылла.
– Чээн, оҕом Өлүөсүгүм кэлбит дии… – ийэ сылаас мичээрин кытта, үөрүү таммаҕа кылабачыйда уонна уолун сүрдээх сылаастык кууһан сыста түстэ.
– Ийээ, мин соҕотох кэлбэтим, кийиит аҕаллым, Аанчыкпын… – диэн уол симиктик эттэ уонна кыыһын ыҥыран киллэрдэ.
Арай күн чаҕылыйбыт сырдыгар, аргыый устан, уп-уһун суһуохтаах саһарчы көрбүт, хатыҥыр уһун уҥуохтаах кыыс аргыый долгулдьуйа устан киирэн кэлэн, уолун кытта сэргэстэһэ турунан кэбистэ. Бу түгэҥҥэ, ийэ барахсан сүрэҕэ сүр күүскэ тэбиэлээн, өр күүппүт оҕотун дьолун көрбүт үөрүүтүттэн, Орто дойду дьолун иэйиитин сыралыттан, этэ-сиинэ барыта сылаанньыйан, хайдах эрэ устан эрэрдии, олоҥхоттон түһэн кэлбит уоллаах кыыс туралларын курдук көрөн ылла… Ааныска үөрүүтүттэн, саҥарар тыл да маннык түгэҥҥэ сымса курдук, саҥата суох кыыска чугаһаан, бу дьолбун үргүтэн кэбиһиэм диэбиттии аргыый кууһан, ийэлии сылаастык сырылаччы сыллаан ылла. Кини саҥарыахтаах тылларын оннугар айылҕалаах, үөрүүнү-хомолтону барытын арыаллаһан кэлбит күндү таммахтара, сүрэҕин ньүөлсүтэр утахтара, икки иэдэһинэн дьол сардаҥатын чаҕылытан аргыый уруйдуу сүүрдүлэр. Ийэ барахсан уостара «дьоллоох, буолуҥ, оҕолорум» диэн эппитин дьиэ, тэлгэһэ, айылҕа барыта истэн, үөрэн, күн күүскэ тыкта, чыычаахтар чоргуйа түстүлэр, аттар кистээн, ынах маҥыраан, оҕо аймах үөрүүлээх күлүүтэ уонна саҥа ыал түстэммит дьоллорун Үөһээ Айыыһыттара доҕуһуоллуу түстүлэр…
Күндү таммах тыынар тыыннаахха барытыгар бэриллэр, кыыл-сүөл уйулҕатын, айманыытын, тапталын бэлиэтэ. Бу ып-ыраас таммахтар туоһулууллар киһи уйулҕата чарааһын, ырааһын. Бу күндү таммахтар дьолу, ардыгар сору арыаллыыллар. Орто дойдуга хас биирдии киһиэхэ бу баар. Эн баай, дьадаҥы буоларгыттан иҥнибэт, ол эрээри бу Айыыһыттарбыт анаан биэрбит бэлиэлэрэ. Эр киһиэхэ кинилэр атыннык таммалыахтара, дьахтар, кыыс аймахха суруллуохтара, ол эрээри кинилэр киһи олоҕор сыыһатын, таппытын, кэмсиниитин, үөрүүтүн, дьоллонуутун бэлиэтин көрдөрөр күндү таммахтар буолаллар.
Бу Айыыһыт бэлэҕэ…
Албыннатыы
Мэхээчэ тэлгэһэҕэ ойон тахсан, саҥа күн сылааһыгар сыламнаан, хараҕын симириктэтэн, бүгүҥҥү күн киниэхэ туох уратылаах буолуоҕун билбэккэ эдэр киһи эрчиминэн, сүүрэн-көтөн оонньуу, олбуоругар баар мээчиги тэбиэлии сырытта. Сотору табаарыс уолаттара тиийэн кэллилэр, бүгүн туох былааннаахтарын сэһэргэстилэр, ким-ханна тоҕо барарын-кэлэрин сонун курдук ырытыстылар. Мэхээчэ табаарыс уолаттарын саҥата суох иһиттэ… Оттон киниэхэ бүгүҥҥү күн тугу тосхойоруй, кини бүгүн тугу гынарый? Убайын аахха оттоһо барыахтаах, киэһэ кэлэн күөгүлүү барыа, онтон кэлэн тэлэбиисэри көрөн баран утуйуо…
– Уолаттаар, мин кыыстанным. Сайаана диэн аата, балтым дьүөгэтин билэр кыыһа билиһиннэрбитэ. Мощнай кыыс да, куораттан кэлэ сылдьар манна аймахтарыгар…
– Хайыы, кэһэппиккин дии… кытаат, баҕар, сыа сиэхпит дии…
– Аа, оттон бэйэҥ эрэ бүдүрүйэн биэрбэтэргин…
– Маладьыас, уол кытаат… – уолаттар табаарыстарын өйөөтүлэр, кини туһугар үөрбүттэрин биллэрэн, күө-дьаа буоллулар.
Арай Мэхээчэ соччо үөрбүтэ да, хомойбута да көстүбэккэ тус санаатыгар киирэн олордо. Табаарыстара ону бэлиэтии көрдүлэр.
– Хайа, нокоо, эн эмиэ сүрэх ыарыытыгар ыллардыҥ да? – диэн күлүстүлэр.
– Ээ, билиҥҥитэ илик, доҕор, баара буоллар… мин да таптыам этэ… – диэхтээтэ.
Сотору кэминэн уолаттар тарҕастылар: ким оттуу, ким сылгыларын көрө, ким отун-маһын дьаһайа. Тыа сирин түбүгэ бүппэт, ол эрээри самаан сайын салаллан, туох барыта уһуктан, тыллыбыт кэмигэр, эдэр киһи уолан сүрэҕэ ама баҕарбат буолуо дуо, нарын сүрэх таптал кутаатыгар умсуон…
Хонуктар ааһан истилэр, Мэхээчэ дьэ уһуктубут киһилии кыыс аймаҕы көрөр-истэр буолла да, кини санаатын таба таайыах хараҕар иҥнэ илик. Арай биир үтүө күн ийэтэ ыҥырда:
– Мэхээчэ, кэл эрэ, бу эдьиийиҥ ыалдьыттата ыҥырар, сурук ыыппыт. Баран аҕыйах хонук сэргэхсийэн кэлиий, атын сири-дойдуну көрө-истэ, баҕар, олоххун да оҥостон кэбиһиэІ дуу… От үлэтэ үмүрүйдэ, баран сынньана таарыйа эдьиийгэр ыалдьыттаа, атаахтаа… – ийэтэ уолун сымнаҕастык көрөн ылла.
– Оттон, эн, ийээ, соҕотоҕун хаалаҕын да?
– Хайа, хаалымына, дьиэбин-уоппун бэрийиэм, оҕуруоппут, сибиинньэлэрбит, олорон буоллаҕа… Ии, оҕом барахсан, ол эн сааһырбыт ийэҕин ким кэлэн уоран барыа буоллаҕай, – ийэтэ күллэ. – Дьэ, сэмээр хомунаар малгын, илдьэ бараргын, таарыччы эдьиийгэр арыы, сүөгэй кэһиилээх барыаҥ.
Мэхээчэ табаарыһа уол кыыстаммытын истэн иһигэр олус ымсыырбыта, кини эмиэ нарын доҕордооҕо буоллар, төһө эрэ үчүгэй буолуо этэ. Ыал буолуон баҕарар эбит дии, бэйэтэ бэйэтиттэн соһуйда, оттон сааһа да ситтэҕэ: быйыл кыһын 22-тин туолар. Аҕыйах хонугунан Мэхээчэ эдьиийигэр кэһиилэнэн, сонун сиргэ ыалдьыттыы айаннаабыта. Айаннаан иһэн сир-дойду киэркэйбитин, күөҕүнэн симэммитин хайдах эрэ барыта киниэхэ анаммытын курдук ылыммыта, дууһата олус көтөҕүллэн, киэһэлик бөһүөлэгэр тиийэн, эдьиийин үөрдэн, соһутан киирбитэ. Эдьиийэ кыра быраатын кэтэспит киһи быһыытынан үөрэ көрсүбүтэ. Саҥа дьиэ туттан, аны күһүн киирээри былааннаналлар, ол иһин онно көмө илии-атах буолар киһи олус наада этэ. Ол быыһыгар Лира ийэтинээн уолларын ыал оҥорор туһунан кэпсэппиттэрэ, баҕар, итиннэ биир эмэ үтүө кыыс баар буоллаҕына сыбааттаа диэн ийэтэ аччыгый кыыһыгар үлэспитэ. Манна олорон хаалаары гынна диэн ийэ кыра уолун дьылҕатыгар долгуйара.
Мэхээчэ кэлбитэ нэдиэлэ буолан баран, күтүөтүн кытта балыктаһа барсар буолла. Аҕам саастаах эр дьон, мустан күө-дьаа дэриэбинэ сонунуттан саҕалаан аан дойдуну барытын ыатарар буолар эбиттэр, ол быыһыгар кэрэ аҥаардары да умнубатылар. Биир орто саастаах киһи кэпсиир:
– Бэҕэһээ кэргэммиттэн хобордоохтоно сыстым…
– Тоҕо, доҕоор? – аргыс дьоно сэргээтилэр.
– Сарсыарда уһуктубутум эмээхсиним абааһы кыыһын курдук арбаллан олорон: «Ити кимҥин Лана, Ланочка диэн түүнү быһа үлүгүнэйдиҥ?» – диир. «Билбэтим», – эрэ диэхтээтэҕим.
Эр дьон күлсэн тоҕо бардылар. Мэхээчэ итинник кэпсэтиилэри сэҥээрбэт буолан, туора талахтар диэки баран, сымнаҕас-сымнаҕастык сүүрдэр долгуннаах, балыктаах күөлү көрө олордо. Кини кэргэннэннэҕинэ хаһан да кэргэнин хомотуо, кыыһырдыа суох этэ, өрүү кыайарынан таптыа этэ… Эдэр уол сүрэҕэ, көрсө илик тапталыттан нүөлүйэн ылбахтаата. Бүгүн куйаас күн буолан, туох барыта куйаастан сылайбыттыы чуумпуга куустарда… Мэхээчэ таптала хайдах буолуоҕун, хайдах кинини таптыаҕын хайдах сатыырынан санаатыгар оҥорон көрөр буолла. Ыралаах санаата туоллар ханнык, сөбүлүүр кыыһа ханна баара буолла, кинилэр көрсүөхтээхтэрин ким билэрэ буолла…
Киэһэ хойутуу күө-дьаа буолан, балыксыттар дьиэлэригэр куул аҥаардыыта сибиэһэй балыктаах кэлэннэр, чугастааҕы ыалларын күндүлээтилэр, бэйэлэрэ амсайдылар. Эдьиийэ олус балыгымсах эбит, инньэ гынан, үөрэ-көтө мииннээн, соркуойдаан сибиэһэйдии сырылатан сиэн кэбистилэр. Мэхээчэ күтүөтүн кытта дьэ өр алтыһан эрэр буолан, үчүгэйдик саҥа билэн эрэр, ардыгар солуута суох саҥалаах, эдьиийигэр тойомсуйарын бэлиэтии көрдө, эдьиийэ биир тылы быһа гыммакка истэн эрэ кэбиһээхтиир эбит. Эдьиийэ дэлби ырбыт… Кэмиттэн кэмигэр күтүөтэ иһэр эбит. Билигин Мэхээчэ баар буолан туттуна сылдьар үһү, эдьиийэ кистээн кэпсиир. Үс кыра оҕолоохтор. Икки уол уонна кыыс…
Лира сарсыарда эрдэ уһуктан ону-маны санаан, олоҕун да ыараҥнатан, быраатын хайдах ыал оҥорор туһунан санаа арааһа киирэн, уута көтөн сытта. Аттыгар кэргэнэ хаһыҥырыы тыынар муннун тыаһа, киһи эрэ уутун уйгуурдуох бирилиир… Лира аргыый кэргэнин ойоҕоско аста. Киһитэ ыык диэх курдук саҥа таһааран, биир ойоҕоһугар эргиллэн салгыы утуйан муннун тыаһа тохтоото. Сотору буолаат, кыра кыыһа ытаары ыІаахтаабытыгар, Лира туран эмиийдэттэ. Кыысчаана ийэтин үүттээх эмиийин кырачаан уоһунан оборон ылаат, омуннаахтык соппойон, сылаас ийэ үүтүн минньигэс амтанын билэн манньыйа утуйан хаалла… Икки уолаттара эмдэй-сэмдэй – үґµн ааспыт уонна икки аҥаардаах эмиэ маахай дьон. Лира ыал буолбута уонтан тахса сыл буолла, син ыал-ыал курдук олороллор эрээри, киһитэ күнүүһүтэ, арыгылыыра бэрт. Ол да буоллар, Лира бу дьиэ туттубут, үс оҕону төрөппүт сиригэр олохтоохтук олорор баҕалаах, кэргэнигэр сыһыана ол да буоллар сымнаҕас, хаһан да утары эппэт, «ээҕи» эрэ кытта сылдьар буолан олордохторо. Кэргэнэ Лира быраата кэлбитин сөбүлээбэккэ буола сылдьар. Лира онон саамай кыра быраатын баҕас көмүскэһэн, хаһан да тыл аахсыбат киһи бу сырыыга кытаанахтык ааҕыста. Киһитэ соһуйа сылдьар. Аахсымына, сырыы аайы киниттэн куттана сылдьыай, быраата кэлэн син дурдалаах-хаххалаах курдук сананна±а.
Күн-дьыл аастар ааһан испитэ, сайын итии салгына, көччүтэр күннэрэ бүтэн эрэрэ биллибитэ. Мэхээчэ эдьиийин дьиэтин түннүктэрин олордуһан, хатырык бөҕү тасыһан, дьиэ үрдүн кырыыһалаан баһаамы көмөлөстө. Күтүөтэ көмөлөһөөччүлэнэн эмиэ да үөрдэ-көттө. Уол да син ыаллаһан, эдьиийин түһэн биэрбэт курдук иннигэр-кэннигэр түсүһэн, барытыгар тэҥҥэ сылдьыста. Мэхээчэ күтүөт дойдутун сөбүлээтэ быһыылаах. Ийэтигэр айанныыра кэлбитигэр, аны кыһын кэлэ сылдьабын дуо диэн ыйытта, эдьиийэ үөрэ сөбүлэстэ. Ийэтин эмиэ ыҥырда да, ийэлэрэ айаны тулуйбат буолан кыайан кэлбэт. Аны сайын Лира оҕолорун илдьэ эбэлэригэр бара сылдьар былааннаах…
Ити курдук ыалдьыттаан Мэхээчэ ийэтигэр кэлбитэ. Кэлэн хотонугар ыанньыксыттыыр, ынахтарын ахтыбыттыы үлэлээбитинэн барбыта. Олорор олоҕун ким да тымтыктанан билбэт. Эн уу нуурал олоҕун хаһан үрэллиэн, хаһан ханан хайдыан билбэккин. Олох барыта бэйэҕиттэн тутулуктаах дииллэр эрээри, ардыгар эйигиттэн ыйыппат…
Лира эмискэ туохтан эрэ соһуйан уһуктан кэллэ. Дьиэ иһэ чуумпу, оҕолорун өйдүү биэрдэ: арай кыра уола оронугар суох, чаһыны көрбүтэ, сарсыарда сэттэ чаас буолан эрэр. Лира ойон турда, куукуна хоско ойон таҕыста, уола онно оонньуу олорор… Киһитэ эрдэ туран, тыраахтарын оҥосто барбыт.
Быраата кэлэн барбытын кэннэ, биир дьүөгэ кыыһа сыбыытыыр, быраатын сураһар, хаһан кэлэр диэн мээрилиир буолла. Бу кыыс дьүөгэлэґэр эрээри, Лираттан быдан оҕо буоллаҕа. Ол курдук кыыс сураһар буолбута ый ааспытын кэннэ, Мэхээчэ сурук ыытта, онно аахпыта: уол эмиэ бу кыыһы сураспыт, ол аата бэйэ-бэйэлэрин уоран сөбүлээбиттэр дуу, хайдаҕый диэн Лира мунаара сырытта…
Көмүс күһүн сэбирдэхтэрин көтүтэн, күһүҥҥү хахсаат халлаан хаары сыыйа аҕалан, кырыа кыһын тиийэн кэллэ. Аҕыйах хонугунан Саҥа дьыл бырааһынньык үөрүүлээх түбүгэ саҕаланна. Лира Саҥа дьылга быраатын уонна дьүөгэтин бииргэ бырааһынньыктыырга ыҥырда. Дьоно хоп курдук тиийэн кэллилэр, сирэйдэриттэн-харахтарыттан көрдөххө иккиэн бэйэ-бэйэлэрин көрсөн үөрдүлэр. Саҥа дьыл үүнэр күнүн көрсө, бырааһынньыктааҕы мааны остуолга кыыстаах уолу сэргэстэһиннэрэ олортулар. Лира быраата үөрбүт сирэйин көрөн өссө ордук үөрдэ. Ол киэһэни быһа кэпсэттилэр. Кыыстаах уол ирэ-хоро билистилэр. Мэхээчэ эдьиийигэр кэлэн уонча хонон, кыыһын кытта билсэн, үөрэ-көтө үтүө сонуннаах дойдулаата. Этэҥҥэ буоллахтарына, уол ыал буоларын ийэтэ да, Лира да сирбэттэр. Арай ол курдук үөрэ олордохторуна, биир күн Лира дьүөгэтэ Маша киирэн кэллэ, дэлби ытаабыт.
– Хайа, Маша туох буоллуҥ? Тоҕо ытаатыҥ?
– Ээ, дьонум эмиэ итириктэр, дьиэттэн кыйдаатылар… Аҕам дьаабы, ийэбин кырбыыр, тохтото сатаан баран милииссийэлэри ыҥырдым, туттардым, аҕам саанар, ыһыытыы хаалла. Дьиҥинэн, Лира, эн манна кийиит буоллаҕыҥ, билбэккин мин олохпун, төрөппүт аҕам буолбатах ээ, ити киирии аҕа миэхэ, оттон ити кыралар бары киниттэн, мин эрэ туспа оҕобун. Ийэм устудьуоннуу сылдьан хат буолан кэлбит. Ийэм да миигин оҕо эрдэхпиттэн атарахсытар… – диэн кыыс хобдох сэһэнин Лира саҥа истэн олус соһуйда.
– Ээ, да?.. – эрэ диэн хаалла.
– Уонна Лира. Мин биири эйиэхэ этиэхпин баҕарабын. Биир ыар санаа оҥостор кистэлэҥнээхпин, баҕар, эн да иһиттэххинэ итэҕэйбэтиҥ буолуо, ол эрээри мин билигин эттэхпинэ сатанар… Хайдах эрэ эн миигин өйдүөҥ диэн эрэнэбин, онтон туох буолар буоллун. Мин олус сылайдым.
– Ол, тугу Маша? Эт, болҕойон истэбин…
– Лира, мин оҕо күүтэбин… – Маша ытаан барда.
Лира истибитин итэҕэйбэтэхтии дөйөн олордо, төбөтүгэр араас санаа киирдэ, «бырааппыттан номнуо дуо?» диэн эмиэ да соһуйда…
– Лира, киирии аҕам миигин күүһүлээн турар. Ону ийэбэр этэ сатаабыппын ийэм хата бэйэбин буруйдаабыта, бэйэҥ сытан биэрбиккин диэн туох иһин истэ барбат… – Маша уйа-хайа суох ытаан барда.
Лира истибититтэн олус соһуйда, хайдах ол аата, Маша саҥардыы эрэ оскуоланы бүтэрбитэ дии, аата сүрүн. Кыыс дьоно иһэллэрин истэр этэ эрээри, наһаа оннук ыарахан буолуо дии санаабат этэ. Оо, өссө да оҕо дии, аата сүрүн дии санаан Лира Машаны олус аһынна. Хайдах кыайарынан уоскута сатаата.
– Лира, мин эн бырааккын сөбүлээтим. Кини мин олохпун билбэт, миигиттэн сааґынан аҕата туох буолуой, кини эмиэ миигин сөбүлээтим, таптаатым диир…
– Мин быраатым наһаа үөрэн дьоллоно сылдьар, мин онтон үөрэбин эрэ, ол эрээри бу кэпсээбит балаһыанньаҕын хайдах?.. Чэ, уоскуй, бүгүн миэхэ хон, онтон тугу эмэ тобулуохпут, дьиэҕэр барыма. Миэхэ доҕор буол, аҕабыт от тиэйсэ Кэбээйилээбитэ, бу нэдиэлэ бүтүүтэ кэлэр.
Лира эмиэ да үөрүөн, эмиэ да хомойуон – икки туруктан хайатын таларын билбэккэ, өйө-санаата булкуллан олордо… Хайдах гынан быһаарыан толкуйдаан түүн аанньа утуйбакка мучумааннанна.
Олох диэн түөрэҥнии турар далаһа кэриэтэ буоллаҕа: тирэххин сүтэрэн түстүҥ да, ууга түһүөххүн дуу, таас хайаттан сууллуоххун дуу сөп курдук… Ол эрээри киһи диэн уратыта – олох туһугар туруулаһыыта.
Күн-дьыл устан истэ, кыһын сааһынан солбулунна. Мэхээчэ уолга дьол кэлбит сибикитэ – күн кытта атыннык чаҕылыйа тыгар курдук. Кини Маша кыыһы кэргэн ылан, бу сотору оҕо күүтэллэр. Эдэр ыалга сопхуос уопсай биэрдэ, онно эдэр дьон туспа бэйэлэрэ олороллор. Лира кыра оҕолоох буолан, онтон быыс булбакка, кэнники быраатын олох билсэ илик. Ол курдук саас бүтэһик ыйдара үүннүлэр. Лира кырата саҥа түөрт эрэ ыйа буолла. Кыыһын эмиийдэтэр буолан, ханна да сылдьыбат, дэриэбинэ сонунун, ким тугунан тыынарын да билбэт курдук. Арай дөрүн-дөрүн дьүөгэтэ Туйаара ыксалынан кэпсээн ааһар. Быраата Мэхээчэ эдьиийин аттыгар буолаары Чараҥҥа олохсуйар буолла. Арай биир күн улуус киинигэр докумуон эккирэтиһэ бараары, Лира быраатын ыҥырда. Мэхээчэ тиийэн кэллэ. Лира көрдөҕүнэ, быраатын сирэйэ-хараҕа хайдах эрэ саппаҕырбыт көрүҥнээх.
– Хайа, Мэхээчэ, эдэр ыаллар олоххут-дьаһаххыт хайдаҕый? – тугу да билбэтэх буола сатаан таҥна туран Лира сураһар.
– Улахан суох, олоробут, мин үлэлиибин, бүгүн сиһим ыалдьан солбуйтардым. Оттон уонна таарыччы эйиэхэ кэлээри.
– Оо, сиһиҥ ыалдьар да, ол хайдах, ханан? Ыалдьыбыта ыраатта да? Эһээхэйгит хайдаҕый? Эҕэрдэ кыыстаммыккытынан! – диэт, Лира хайдах эрэ умса тутунна.
– Аа, кэминэн. Ийэтин үүтэ киирбэккэ хаппырыыстанар, түүн аанньа утуйбат. Маша ийэтэ биһиэхэ баар, барытын кини дьаһайар… – Мэхээчэ хайдах эрэ уота-күөһэ суохтук кэпсээтэ.
Лира сүрэҕэр ыттарда. Хайдах баҕайыный, Маша кэргэнигэр сыһыана тоҥкуруун дуу тугуй… Ээ, ама, хайаан, ону-маны санааммын… диэн Лира бэйэтин бэйэтэ мөҕүттэ санаата.
– Чэ, кытаат, балтыгын үчүгэйдик көр, үс чааска эмиийин үүтүн биэрээр, салгыы утуйуоҕа. Бэйэҥ эмиэ утуйан ылаар, ити улахаттары эмиэ хаптатаар. Мин бүттүм да, сүүрүүнэн кэлиэм.
Лира айанныыр суолга сатыы тахсан тэлээрэ турда. Сылаас да күн буолбут, сааскы сылаас күн хайдах эрэ, барыта үөрэр-көтөр курдук да, Лира дууһата тоҕо эрэ үөрбэт… Күнү быһа наадаларыгар сүүрэ сырытта да, өйө-санаата быраатын олоҕо буолла. Арай тугу эрэ сыыһа гынна дуу? Киһиэхэ үтүөнү баҕарбыта сыыһа буолан хааллаҕына, хайдах ону көннөрүөй, оо, дьэ этэҥҥэ буоллар ханнык. Итинник араас санаа Лира өйүн-санаатын бобута тутта… Ол икки ардыгар үүтэ киирэн ыксатта, син докумуоннарын хомуйда, дьиэтигэр бараары суолга таҕыста, хата, биир уазик массыына аараттан ылан олорто. Дьиэтигэр тиийбитэ, хата дьонноро бэрт бэйэлээхтик ытаспакка олорбуттар. Лира киирэн таҥаһын уларытта охсон, кыратын аһатаары хоско киирдэ. Мэхээчэ саала±а киинэ көрө олордо. Лира оҕотун эмиийдэтэ олорон, хайдах эрэ быраатын кытта кэпсэтэн олоҕун балаһыанньатын билиэн баҕарда.
Правообладателям!
Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.