Электронная библиотека » Хотойук Айгыына » » онлайн чтение - страница 5

Текст книги "Тэпсиллибит сибэкки"


  • Текст добавлен: 22 октября 2023, 07:50


Автор книги: Хотойук Айгыына


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 5 (всего у книги 6 страниц)

Шрифт:
- 100% +

Мин быраатым кэриэһэ сырдык. Кини оннук ыраас киһи этэ. Содур дьахтар хайдах кинини албыннаабытын кини билэн, олус диэн онтон кэлэйбитэ эрээри, биир куһаҕан тылынан үөхпэккэ, хомойон барбыта.

Оҕом, быраатым, бырастыы быдан дьылларга! Мин эйи– гин кыайан бу дойдуга туппатым, эн бу киртийбит Орто дойдуга хаалар аналыҥ да суох эбит. Ыраас дууһалаах буолан, эрдэ бу олохтон күрэммитиҥ, күрэппиттэрэ, эйигин ылбыттара бу олохтон. Бу Орто дойду олоҕо кирдээх эбит, ол иһин эйигин аанньаллар ылан бардылар… Мин билигин сүүрбэ биирис үйэ сүүрбэ биирис сылыгар үктэнэн баран, эн бу олохтон туораабытыҥ сүүрбэ биир сыл ааспытын кэннэ, эн тускунан суруйдум. Бу сыллар тухары ааҕыллыбыт хонуктаргын умнубатаҕым, умнубаппын даҕаны. Быраатым Мэхээчэ, бырастыы, быдан дьылларга!!!»

 
Айманабын ааҕыллыбыт хонуктар бүппүттэриттэн,
Айманабын барытын ситэн аахсыбатахпар,
Айманабын киһи кэрээнэ суох дьиикэйиттэн,
Айманабын Орто дойду хараҥатыттан!
Эн билигин баарыҥ буоллар,
Эн билигин миэхэ кэлэриҥ буоллар,
Мин эйиэхэ атыны үөрэтиэм этэ,
Мин эйиэхэ атыны көрдөрүөм этэ.
Киһи олоҕо диэн ырааһы эрэ кытта,
Киһи олоҕор үтүө эрэ дьону кытта,
Киһи олоҕор кэрэни эрэ айан,
Киһи уйулҕа ырааһын билиэхтээх эбит!
Бу Орто дойду олоҕо тоҕо ыараханый?
Кир-хох, албын, ымсыы – бу барыта ыар буруйдар,
Тапталы бэлэхтиир, киһини дьоллуур бу чэпчэки…
Орто дойду олоҕо киргэ-хахха булкулунна,
Ол онтон тахса сатыыбыт албынынан,
Ол иһин кыайан өрүттүбэппит,
Ол иһин хонуктарбыт ааҕыллан тураллар…
 
Тэпсиллибит сибэкки

Кылааска оҕолор айманаллара тохтообокко, учууталлар уруокка ыксаатылар. Үһүс уруок саҕаламмыта да, тоҕо эрэ тохсус кылаас уоскуйбат. Лидия Николаевна ыытыахтаах уруогар киирдэ эрээри, кылаас иһэ тигээйи уйатын тоҕо тардыбыттыы куугунаан олорор… Кыргыттар Лидия Николаевнаҕа сүүрэн кэллилэр уонна бүгүҥҥү күннээххэ бастакы кыһалҕаларын ыһа-тоҕо кэпсээн бардылар.

– Катя баран эрэр биһиги оскуолабытыттан. Лидия Николаевна, тоҕо барарый Катя биһигиттэн?

– Катя баран эрэр да? Ханна? – Лидия Николаевна соһуйан ыйыталаста.

– Көһөн эрэллэр… – биир чобуо кыыс хардарда.

Лидия Николаевна кылааһы эргиччи көрдө.

– Кылаас, чуумпуруҥ эрэ, туох айылаах айдаанай? – диэн учуутал баарын биллэрдэ.

Кылаас чуумпура түстэ. Оҕолор түмсүбүт сирдэриттэн үрэллэ биэрдилэр, арай онно Катя кыыс умса түһэн баран олорор эбит. Лидия Николаевна Катяҕа чугаһаата.

– Катя, туох буоллуҥ? Чахчы көһөн эрэҕит дуо? – диэн учуутал кыыстан ыйыта сатаата да, кыыс биир ситим тылы холбоон эппэккэ, ытыы олордо.

Кылаас чуумпура түстэ, оннооҕор учуутал кыайбатаҕыттан бары хомойо санаатылар.

Оттон дьиҥинэн хайдах этэй?.. 9-с кылааһы бүтэрээри сылдьар кыыска көһүү диэн тыл өлүүгэ тэҥнээх буолуоҕун ким сэрэйбитэ баарай?.. Ким да билбэт эбит. Ол эрээри бу билигин буола турар түгэн элбэҕи быһаарыахтааҕын кыыс сүрэҕэ эрэ сэрэйэрэ… Катя кыһалҕатын ким бу түгэҥҥэ өйдүө баарай? Кыыс санаатыгар, арай сир-халлаан кытта кини кыһалҕатын кыайбат курдук буолбуттар. Катя паартаҕа умса түһэн олороро кылаас оҕолорун барыларын дьиксиннэрбитэ. Лидия Николаевна бу түгэҥҥэ тугу, хайдах гынарын уопуттаах учуутал билэр аҕай буоллаҕа, ол эрээри олох, оскуола, оҕо диэн төрүт туспа сыһыаны, эппиэтинэһи ирдиир, ону учуутал эрэ барыта сатыыр буолбатаҕа чахчы. Лидия Николаевна оскуолаҕа үлэлээбитэ үйэ аҥаара чугаһаата эрээри, бу государственнай эксээмэн саҕана оҕону көһөрүү кини үлэлээбит кэмигэр бастакы түбэлтэ буоллаҕа. Хайдах гынан бүтүн кылааһы уонна бу кыыһы уоскутан быһаарыан билбэт курдуга…

Лидия Николаевна уруогун ыытарын курдук ыытта эрээри, бу тухары Катя туһугар санаата ыалдьара мэһэй буолла. Бу уруокка Эллэй хоһооннорун нөҥүө хорсун буоларга уһуйда эрээри, дууһатыгар бу оҕо дьылҕата тоҕо маннык эмискэ токурутуулаах буолбутун билиэн олус баҕарда. Сордоох-муҥнаах уруок бүппүт курдук буолла. Лидия Николаевна уруок кэнниттэн Катяны булан биир– бииргэ туох буолбутун кэпсэтэргэ сананна. Ол эрээри кыыс онно бэлэм дуо, учуутал бэйэтин өттүттэн оннук бырааптаах дуо диэн ыйытыктар уопуттаах педагогы мунаахсыттылар… Ол иһин учуутал сүрэҕэ сэрэйэринэн уонна уопута этэринэн, бастаан кыыһы кытта кэпсэтэн көрөн баран, төрөппүтү кытта кэпсэтэргэ сананна. Уруок кэнниттэн Лидия Николаевна Катяны бибилэтиэкэҕэ ыҥыран ылла.

– Катенька, туох буолла? Кэпсээриий?.. – учуутала ааттаһардыы ыйыталаста.

– Лидия Николаевна, ийэм мантан атын сиргэ көһөбүт диир. Мин ханна да барыахпын, көһүөхпүн баҕарбаппын… – оҕо эмиэ ытаан барда.

– Катя, уоскуй, уоскуй… Оттон ийэҥ быһаарда да тоҕо көһөргүтүн?

– Ийэм… ыал буолан эрэр… – кыыс бибилэтиэкэттэн сүүрэн таҕыста.

Лидия Николаевна олус соһуйан туран хаалла. Ыал буолар да… Кини бу дьиэ кэргэн олоҕун кылаас салайааччыта буолан син билэрэ, ол гынан баран быйыл күһүн эмискэ маннык уларыйыы буолуохтааҕын хайдах билбэккэ хаалбыппыный диэх курдук бэйэтин буруйдана турда…

Лидия Николаевна сарсыныгар Катя ийэтин кытта көрсөргө болдьосто. Хата ийэ учууталлыын көрсөргө бэлэм буолла, сарсын 4 чааска Катя ийэтэ Любовь Ивановна кыыһын учууталыгар барытын кэпсиэхтээх этэ…

Үөрэх дьыла саҥа саҕаланан, биллэн турар, оҕолор ыһыллан-тоҕуллан кэлэн, оскуола бэрээдэгэр саҥа киирэ сатыыр кэмнэригэр өссө маннык олоххо уларыйыы эксээмэннээх оҕолору дьалкытара чуолкай. Оҕо онно буруйа да суох, оҕо онно бэлэмэ да суоҕа чахчы. Оттон төрөппүт итинник быһаарыныы ыларыгар ама оҕотун туругун билбэтэ буолуо дуу?..

Любовь Ивановна бүгүн үлэтиттэн эрдэ барарга көҥүллэттэ. Тойоно көҥүллээтэ, сотору үлэһитэ бүтэн барарын билэр буолар туорайдаспата, көһүүгэ эмиэ үгүс дьыала, докумуон, оскуола оҕолоох буоллаххына өссө элбэх буоларын өйдүүр курдук тутунна. Этиллибит бириэмэҕэ туһааннаах дьон көрүстүлэр. Учуутал уонна төрөппүт, оҕото быйыл эксээмэннээх төрөппүтү уонна кылааһы салайар учуутал тугу кэпсэтэллэрин истиэҕиҥ, анаарыаҕыҥ…

– Лидия Николаевна, мин кэллим. Тугу кэпсэтээри гыммыккытый? – Любовь Ивановна учууталлар хосторун аанын тоҥсуйан киирэн кэллэ.

– Любовь Ивановна, үтүө күнүнэн. Баһаалыста, киирэн олоруҥ, кэпсэтэрбит уһун соҕус буолара буолуо… – учуутал Любовь Ивановнаны аргыый ыҥырда уонна буолуохтаах кэпсэтиигэ бэлэмин тургутардыы көрдө. – Любовь Ивановна, бүгүҥҥү кэпсэтиибит кыыһыҥ Катя тула буоларын сэрэйдэххит буолуо… – диэн учуутал төрөппүтү аргыый бэлэмнии олордо.

– Аа, оттон сүнньүнэн оннук буолуо дии саныыбын.

– Любовь Ивановна, ити хайдах атын сиргэ эмискэ көһөр буолан хааллыгытый? Эн биһикки, бастатан туран, иккиэн ийэлэрбит буоллаҕа, ол да сиэринэн хайдах эрэ өйдөһөбүт дуу дии саныыр курдук этим да, ити сонуну истэммин оннооҕор мин соһуйдум дии…

– Ээ, ол туһунан да? Катя туох диэбитэй? – төрөппүт мух-мах барда.

– Бүгүн оскуолаҕа Катя уруоктарга үөрэммэтэ. Бииргэ үөрэнэр оҕолоро эмиэ, кинини үчүгэйдик билэр буолан, долгуйан үөрэммэтилэр ээ… – Лидия Николаевна үөскээбит балаһыанньаҕа кими да буруйдаабат курдук кэпсэтиини саҕалаата.

– Ээ, оттон олохпор уларыйыы тахсан эрэр… ыал буолан эрэбин… ол иһин көһөөрү… – Любовь Ивановна симиктик саҥара олордо.

– Ээ, – Лидия Николаевна көһүү чахчы буоларын истэн сонньуйда. – Любовь Ивановна, биллэн турар, тус олоххутун оҥосторгут үчүгэй, ол гынан баран, эн түөрт оҕолооххун, ол оҕолору барыларын көһөрөр элбэх толкуйу, быһаарыныыны ирдиир ээ, үчүгэйдик толкуйданныІ дуо?

– Аа, оттон оннук балаһыанньа буолла.

– Любовь Николаевна, олох үчүгэйдик толкуйданыаххын наада: түөрт киһини ыл да көһөрөр мээнэ буолбат, кэккэ ыарахаттардаах. Аҥаардас Катяҕын ылан көрдөххө… Кини улааппыт кыыс. Быйыл бастакы экзаменнаах уонна бу оскуолаҕа кыратыттан үөрэнэр, манна бары билэр, таптыыр табаарыстара, доҕотторо – кини олоҕо буоллаҕа дии, ону ыл да илдьэ барар, оҕоҕо сир уларытара ыарахан. Катя олох сөбүлээбэт эбит көһүүнү, ону бары көрдүбүт, бары туоһу буоллубут. Оҕо аймалҕанын мээнэ таһаарбат, көрдөрбөт: ыксаан, көмө көрдөөн Катя курдук киһи бэҕэһээ аймаммыт буолуохтаах диэн учуутала буолан тураммын эйиэхэ сүбэ быһыытынан этэбин, тиэрдэбин. Кыаллар буоллаҕына, көһүмэҥ эбэтэр Катяны маннааҕы дьоҥҥутугар хаалларыа эбиккин.

– Ээ, Лидия Николаевна, оҕолорбун барыларын илдьэ барардыы быһаарынан олоробун. Катя өйдөөх кыыс өйдүөҕэ, үөрэҕэр үчүгэй, онон атын да оскуолаҕа баран ситиһиэҕэ дии саныыбын. Уонна оттон кыра оҕо буолбатах, ийэтэ олоҕун оҥосто сатыырын өйдүүр ини…

– Оо, Любовь Ивановна, олох сыыстараары гыммыккын, мин көрдөхпүнэ. Бастатан туран, кинилэри саныахтаах этиҥ: оҕолор сөбүлүүллэр дуу, суох дуу, тоҕо сөбүлээбэттэрин кытта. Хас биирдиилэрин кытта кэпсэтиэххэ наада, кыраларгын кыралар диэмэ – оҕо ыт, куоска буолбатах, кинилэр хас биирдиилэрэ саныыр санаалаах, сөбүлүүр-сөбүлээбэт баҕалаах буоллахтара, ону барытын, бастатан туран, төрөппүт билиэхтээх.

– Лидия Николаевна, эн миигин туохха ыҥырбыккыный, нотация ааҕаары дуу, тугуй? Бэйэм олохпун, бэйэм оҕолорбун бэйэм быһаарар инибин, тоҕо дьон санаатынан олоруохтаахпыный, тус санаам суох дуу, тугуй?.. – Любовь Ивановна ойон турда уонна учуутал хоһуттан ааны хайа быраҕан тахсан барда.

Лидия Николаевна олус соһуйан олорбут сиригэр олорон хаалла. Кини өссө эксээмэн туһунан кэпсэппэккэ хаалбытыттан хомойдо.

Таһырдьа оскуола аттыгар үүнэн турар аарыма хатыҥ, күһүҥҥү хахсаат тыал хаарыан кыра сэбирдэхтэрин тоноон тыалга көтүтэрин аймана, сэбирдэхтэрин сайыһа, харбаан ылыахтыы лабааларынан далбаатаан ууналыы турда. Лидия Николаевна күһүҥҥү халлаантан боруоран эрэр таһырдьаны учуутал хоһуттан курустук одуулуу турда. Төһөлөөх элбэх ыччаты бу оскуола олбуоруттан хас биирдиилэрин таптыы, үөрэппит оҕолорун дьылҕаларыгар долгуйа саас ахсын атаарбыта буолуой?.. Сылын ахсын учуутал сүрэҕэ эмиэ да үөрэ, эмиэ да харааста айманара. Билигин бастыҥ үөрэнээччитин дьылҕата толоостук уларыйан эрэриттэн хомойон, сүрэҕэ ытырбахтаата. Хайдах гынан Катяны хаалларыахха сөбө буолла?..

Катя оскуолатыттан айманан, кини олоҕор буолаары турар уларыйыы соччото суоҕун сэрэйбиттии, дьиэтигэр кэлээт, оронугар сытынан кэбистэ. Бырааттаах балта арай туохха да наадыйбакка оонньуу сылдьаллар. Быраата саҥа оскуолаҕа киирбитэ, балта дьыссаат, онон, сир уларытыы хата кинилэргэ үөрүү. Улахан эдьиийэ куоракка устудьуоннуур. Катя, оҕо диэтэххэ, олоххо санаалара улахан киһилии оруннаах, ыйааһыннаах буоларын учуутала бэлиэтии көрөрө, оттон ийэтэ ону тоҕо бэлиэтии көрбөтүн кыыс соһуйар эрэ. Дьиҥэр, ийэтэ олоҕун уларытарын кини туох да диэбэт, ол эрээри тоҕо ол уларыйыы кини тус олоҕор дьайан эрэрин билиҥҥитэ билбэт. Катя быйыл эмиэ уларыйыылардаах, былааннардаах – ону тоҕо ким да билиэн баҕарбатый, ахсааҥҥа ылбатый?

Таһырдьа Катя түннүгүн анныгар саһарбыт сэбирдэх туллан көтүөхтүү, тымныы кэлэн эрэриттэн куттаммыттыы тэлибириирэ кыыс дьылҕатын инникитин ойуулуурдуу көһүннэ. Ити курдук Катя санаата күн-түүн хараҥаран, атын сиргэ барарыттан хараастан, кинини туох да үөрдүбэт буола сылдьар. Эмискэ суотабай төлөпүөн тыаһыы түстэ, Катя санаарҕыы олорбут санаата үрэл гынна, ылан көрбүтэ: оскуолатааҕы доҕоро Сандал эрийэр.

– Алло, Катя привет!

– Привет, Сандал…

– Хайа, чыычаах, тоҕо настарыанньаҥ суоҕуй, туох буоллуҥ? Көрсүөххэ, били биһиги бэспитигэр площадкаҕа кэлээр, онно күүтүөм эйигин… – төлөпүөн быстан хаалла.

Катя доҕорун саҥатын истэн өссө ордук айманна. Ол да буоллар туран куоптатын кэтэн, былаһааккаҕа таҕыста, кинилэр дьиэлэриттэн чугас этэ. Күһүҥҥү халлаан ардаҕы эрэ билинэрдии, хараҥа халыҥ былыттары үүрэн аҕалан истэ. Кыыс хаампыт суолун кэнниттэн, сиргэ түспүт саһарбыт сэбирдэхтэр атаҕын анныттан тахсан, тыал күүһүттэн эргийэ-эргийэ, эккирэттилэр…

Сандал кыыһын саҥатын хомойбутун тута билэн, куруук көрсөр сирдэригэр баар бэскэ сүүрдэ. Сандал оскуола биир тутаах спортсмена, туйгун үөрэнээччи, Катялыын кыра кылаастан доҕордоһоллорун оҕолор уонна учууталлар бары билэллэр. Кинилэр доҕордоһуулара ыраас уонна истиҥ буоларын бары көрө сылдьар буолан, ким да күлбэт, тыыппат, учууталлар холобур оҥостоллоро. Катялаах Сандал иккиэн да оскуола саамай киэн туттар үөрэнээччилэрэ буолан, учууталлар бары бу оҕолору билиилэрин, бэрээдэктэрин уонна улахан киһилии оттомноохторун иһин биһирииллэр.

– Катя-я… – Сандал ыраахтан Катятын көрөн ыҥырда.

Кыыс эргиллэн көрбүтэ: Сандала барахсан наһаа үөрбүт, ып-ыраас мичээрдээх бу утары киниэхэ сүүрэн кэллэ. Кыыстаах уол куустуһа түстүлэр. Катя уйа-хайа суох ытаан барда. Сандал соһуйда.

– Катя, туох буоллуҥ, ким атаҕастаата дуу, тугуй? Дьиэҕэр туох эрэ кыһалҕаланныҥ дуу?..

Уол наһаа соһуйан кыыһын сирэйин өҥөйдө. Катя туох диэн истиҥ доҕоругар быктарыан, кинини хомотуом диэн эппэккэ сылдьыбыт кыһалҕатын этэригэр тиийэр…

– Сандал, биһиги көһөн эрэбит… атын сиргэ… – кыыс ытыырын быыһыгар быктарда.

– Ханна… хайдах? – Сандал күһүҥҥү кросска кыттан кэлбитэ, тугу да истибэккэ сылдьара.

– Сандал, ийэм ыал буолан эрэр. Барыбытын илдьэ барар үһү. Сандал, хайыыбыный, мин мантан көһүөхпүн баҕарбаппын. Эйигиттэн, доҕотторбуттан, кылааһым оҕолоруттан, таптыыр учууталларбыттан. Санааҥ көр, хаһан да билбэтэх дьоҥҥор, сиргэр барыы бу миэхэ өлүүгэ тэҥнээх. Эйигиттэн тэйэрим, арахсарым – барыта миэхэ өлүүгэ тэҥнээх, ону өйдүүгүн?.. – Катя олус айманна.

– Катя, уоскуй, чыычаах. Хайдах оннук, быйыл экзаменнаахпыт дии уонна эн биһикки былааннаах этибит дии, ону этиий ийэҕэр? Оччоҕо хаалларыа манна… – уол олус өрүкүйдэ.

– Сандал, ийэбэр этэн көрбүтүм, санаабын барытын, быйылгы былааммын кэпсээбитим да, ийэм тоҕо эрэ олох миигин истибэт да, өйдөөбөт даҕаны. Мин саамай айманарым, тоҕо ийэм миигин истиэнэ эрэ курдук көрөрүй…

– Катя, уоскуй, бука диэн. Хайдах да туох эрэ быыс– хайаҕас баар буолуохтаах. Мин дьоммун кытта кэпсэ– тиэм, дьонум сүбэлиэхтэрэ. Ээ, биһиэхэ хаал. Мин дьоммор этиэм, ийэбэр этиэм: дьонум миигин өйдүөхтэрэ…

– Ээ, хайдах эрэ дии, хайдах эһиэхэ олоруохпунуй? – кыыс толору уулаах харахтарынан Сандалын көрдө, уол сирэйэ-хараҕа барыта кэрэ доҕорун хаалларар суолу– ииһи тобулуу буола түстэ.

Кыыстаах уол тапталлаах бэстэрин модьу лабаатын анныгар өөр да өр куустуһан турдулар. Бу түгэҥҥэ модун бэс лабааларын анныгар кинилэри кистээн, саһыаран, бу олоххо буолаары турар уларыйыы кинилэри тыыппакка аттыларынан ааһыа диэх курдук көһүннэ… Ол эрээри биир киһи олоҕо уларыйыытыттан, тоҕо үгүс киһи таарыллан айманара дьикти… Олох диэн дьиктигин даҕаны. Хас биирдии киһи олоҕун бэйэтэ оҥостор, бэйэтиттэн туох баар инникитэ тутулуктанар эрээри, тоҕо эрэ Катя олоҕо бу түгэҥҥэ киниттэн тутулуктаммат курдук…

Любовь Ивановна оскуолаттан санаата кыынньан дьиэтигэр киирэн кэллэ.

– Өссө кини миэхэ нотация ааҕаары гыммыт! Бэйэм олохпун бэйэм быһаарар инибин, – дии-дии, хоһугар киирэн суумкатын олоппоско кыыратта…

Кыра оҕолор ийэлэрэ кэлбититтэн үөрэн, саба сүүрэн тиийбиттэрин, кыыһырбыт омунугар садьыйталаан кэбистэ. Оҕолор хомойбуттуу ийэлэрин көрдүлэр, туох буруйу оҥороммут ийэбит кыыһырда диэн өйдөөбөккө туран хааллылар. Любовь Ивановна киэһээ күөһүн бэлэмнээн тилир-халыр туттан оһоҕун отто сатаата, уота эмиэ кини халыан туттуутун сөбүлээбэккэ сүгүн умайбакка сыыгыныы сытта.

– Эдьиийгит Катя ханнаный? Баччааҥҥа диэри ханна сылдьар кыыһый? Кэлэн оҕолорун да көрбөккө, күөһү да бэлэмнээбэккэ сылдьар оҕонуй? – кыыһырбыт ийэ татыаккаланна.

Сотору күүлэ аана тыаһаан, дьиэ аана арыллыбытыгар Катя арыый сэргэхсийбит сирэйдээх киирэн кэллэ. Кыыс киирээтин кытта, өйдөнөр бокуой биэрбэккэ кыыһырбыт, уордайбыт ийэ мөҕүттэ түстэ:

– Туох айылааҕын бу ханна сылдьаҕын, Катя?

– Оскуолаттан дьарыктанан кэллим, – Катя ийэтэ кыыһырбытын билэн Сандал туһунан эппэтэх ордук дии санаата.

– Ол тугуй, сотору оскуолаҕа хоно сытан дьарыктыыллара буолуо, оҕолоргун да көрбөккүн, киэһээ күөскэ да наадыйбаккын, тугуй мин наар барытыгар соҕотоҕун сүүрэбин да? Мин эмиэ сылайар, инчэҕэй эттээх киһибин ээ, эһиги эрэ бааргыт дуу… – ийэлэрэ абалаах саҥата Катяны хомотто.

Бу баччааҥҥа диэри Катя балыстарын бэйэтэ оҕолоон, дьиэҕэ өрүү көмөлөһө сылдьааччы, ол тухары ийэтэ биирдэ үөрбүтэ көстүбэт, биирдэ оҕотугар махтаммыта суох, өрүү Катя буруйдаах, куһаҕан буолан иһэр курдук. Катя ылла да, хоһугар киирэн саҥата суох сытынан кэбистэ.

– Кэлэр нэдиэлэҕэ көһүөхпүт. Онно мал-сал хомунуута, иһит-хомуос бэрийиитэ.

– Мин барбаппын, бэйэҕит барыҥ, көһүҥ… – диэн хостон Катя хаһыытаата.

Олох уларыйыыта үчүгэй буоллаҕына, ийэтэ тоҕо кыыһырарый, Катя сатаан өйдөөбөтө.

– Өссө! Тоҕо ол барбаккын? Манна ханна хаалаҕын? – Любовь Ивановна соһуйан кэннин хайыһа түстэ.

– Ийээ, эн хайдах өйдөөбөккүн, мин быйыл экзаменнаахпын. Атын сиргэ барбаппын, атын сиргэ саҥа дьон, саҥа оскуола, билигин миэхэ ол наадата суох, мин экзамеммар киһилии бэлэмнэниэм этэ буоллаҕа дии. Ол оннугар тугуй ол адаптациялана сатыы сылдьабын дуо?.. Адаптация диэн кимиэхэ эрэ хас эмэ ый, кимиэхэ эрэ сыл ааһар. Санаан көрүүй, мин хайдах буолабын оччоҕо…

– Ничего подобного, үөрэххэр күүстээххин, кыайыаҕыҥ. Ийэҥ олоҕо тупсуон баҕарбаккын да? Эбэтэр наар өрүү маннык соҕотох сылдьарым үчүгэй дуу… мин эмиэ киһи киһи курдук олох амтанын, уоскулаҥы билиэхпин баҕарабын. Таптатыахпын, таптыахпын баҕарарым сатаммат да, тоҕо ол туһунан санаабаккытый?

– Ийээ, ол киһи оннук үлүгэр эйигин таптыыр буоллаҕына, кэлбэт да манна? – Катя ыйыппытыттан соһуйда.

– Суох, антах үлэлээх. Миэхэ манна үлэ суох бииринэн, кини антах дьиэлээх, миэхэ үлэ булбут, ыҥырар, онон барабыт и точка.

– Суох, мин барбаппын и все… – Катя өсөһөргө бэлэмнэннэ.

– Катя, аны билигин оҕо төрөппүтүттэн ханна да хаалбат. Так что не спорь, бары барабыт и все, – диэн Любовь Ивановна мас таас курдук этэн, кыыһырбыт уоҕа кытта уоскуйбут курдук буолла.

Кыыстаах ийэ инники олох туһунан мөккүөрдэрэ итинэн бүппүтэ. Ити күнтэн Катя синэ биир диэбит курдук сылдьыбыта. Таһырдьа хараҥа былыттар ааспаттыы лүҥкүрэн устан кэлэн, хаһан да күнү көрдөрбөппүт диэбиттии, сабардаан кэбиспиттэрэ. Катя да санаата, Лидия Николаевна да санаата Любовь Ивановнаны тохтотор кыахтара суох курдуга.

Арай айанныыллара биир нэдиэлэ хаалбытын кэннэ Любовь Ивановна биир бастыҥ чугас дьүөгэтэ эрийдэ:

– Хайа, Люба кыыс привет, туох сонун? – диэн сэргэх куоластаах дьүөгэтин Аннушка саҥата иһилиннэ.

– Хайыа, привет, Аннушка. Хата эйиэхэ сонун буоллаҕа, ханна бааргыный? Куоракка да?

– Аһа, куоракка, жизнь бьёт ключом, редакциябар баарбын, суругум үлэтэ үгүс, үлэбин туохха да биэрбэппин… Молодая, интересная сылдьабын. Уолум устудьуон, кыыс сэттис кылаас буолла. Эн, туох сонуннааххын?

– Оо, дьүөгэ, мин эмиэ соһутар сонуннаахпын ээ…

– Тыый, дьэ, кэпсии оҕус.

– Да, мин кэргэн тахсаары, атын сиргэ көһөн эрэбин… – Любовь Ивановна киэн туттубуттуу эттэ.

– Уой да, оҕолоргун барыларын илдьэ да? – дьүөгэтэ олус соһуйда.

– Барыларын буолбакка, туох диэн ыйыттаххыный?

– Оҕолоруҥ сөбүлэһэллэр да? Кыргыттарыҥ улааттылар буолуо дии, чахчы сөбүлэстилэр дуо, улааппыт оҕону атын сиргэ илдьэр ыарахаттардаах буолуо дии саныыбын…

– Ээ, бары сөбүлэһэллэр… – Любовь Ивановна аны бу дьүөгэм нотациялаары гынна дуу диэбиттии, аччыгый кыыһын кытта кэпсэтиини кистээн эппэтэ.

– Да? Мин саныахпар, Катя кыыс, арааһа, сөбүлээбэт буолуохтаах диэн сэрэйэбин, подруга. Тоҕо диэтэргин, она у тебя большая умница. Ну, с одной стороны это хорошо, но, мин биири сүбэлиибин Люба: отой оҕолоргуттан ыйыт. Им это нравится или нет. Если биир эмэ оҕо против, олох барыма. Ни при каких условиях, тоҕо диэтэргин, оҕо диэн бу бүтүн олохпут буоллаҕа, онон, оҕобут санаатын олохпут уларыйарыгар хайаан да болҕойуохтаахпыт. Ты знаешь, почему я одна?.. Такая красивая, деловая, умная женщина, тем более в городе. Оҕолорум мнениеларыттан тутулуктанабын, им не понравился мужчина, тогда не надо… но придет времечко, оҕолор сөбүлүүр киһилэрэ көһүннэҕинэ и я не откажусь… (күлэр)

– Сүбэҕэр махтал, дьүөгэ…

– Дьэ, давай, үчүгэйдик толкуйдан, онтон көһөөр, көһөргө олох ыксаама. Пока, – диэн кэпсэтии бүттэ.

Любовь Ивановна номнуо быһаарынан олорор буолан, дьүөгэтин сүбэтин наадалааҕынан аахпата даҕаны. Күһүҥҥү хахсаат күн-дьыл сири тоҥорон истэ, бастакы хаар кыыдамнаан барда. Биир күн Любовь Ивановна дойдутуттан арахсан, саҥа олоҕун саҥалыы саҕалыыр үөрүүтүгэр уйдаран, түөрт оҕотун илдьэ айаннаан истилэр, киэһэлик тиийиэхтээх сирдэригэр чугаһаатылар…

Лидия Николаевна киэһээ аһылыгын кэнниттэн, тэтэрээттэрин бэрэбиэркэлии олорон, тоҕо эрэ эмиэ Катятын санаан кэллэ. Оҕо олох барыан баҕарбата биллэрин үрдүнэн, ийэтэ күүһүнэн илдьэ барда. Ыарахан… Катя доҕоро Сандал кыыс барбытын кэннэ эмиэ унньу-санньы буолан, арыый үөрэҕэр мөлтөөтө диэн учуутал истэрэ элбээн иһэр. Катя барбыта үс ый буолла. Бээ, сарсын Сандалы көрсөн сураспыт киһи Катяны, билсэр буолуохтаахтар, саҥа сирэ хайдаҕа буолла… Учуутал сүрэҕэ диэн иккис ийэ кэриэтэ, хас биирдии оҕотугар ыалдьар, кинилэр тустарыгар долгуйар киһи буоллаҕа.

Массыына тигинээн кэлэн, кэҥэс олбуордаах дьиэҕэ тохтоон хорус гынна. «Кэллигит…» – диэн суоппар эппитигэр, Любовь Ивановна оҕолорунуун утуу-субуу массыынаттан түстүлэр. Малларын-салларын улахан кыыһыныын бэйэлэрэ сүөкээтилэр, суоппар уол көмөлөстө. Катя иһигэр санаата: «…ийэбин таптаан ыҥырбыт киһи тоҕо көрсүбэтэ?..» Кыралар үөрэ-көтө билбэт дьиэлэрин диэки киирэ сүүрэ турдулар, Катя эдьиийиниин эмиэ суумка туппутунан кирилиэскэ тиийдилэр. Арай Катя эрэ бу тэлгэһэҕэ, дьиэҕэ киириэн баҕарбата. Билигин ити кэлбит массыыната төннөр, кыахтааҕа буоллар онон төннөрө эбитэ буоллар, кини саҕа дьоллоох киһи суох буолуо этэ. Кэмниэ-кэнэҕэс күүлэ уота умайда. Көрбүттэрэ: табаҕын уоба сылдьар киһи дьиэттэн тахсан кэллэ, дорооболосто, суумкалары ылан дьиэҕэ киллэристэ. Любовь Ивановна оҕолорунуун, биэс киһи, дьиэ ортотугар биирдэ буоллулар. Дьиэ кэҥэс соҕус, хас да хостордоох эбит. Бүтэһик мал-сал дьэ киирэн бүппүтүн кэннэ, аан «хап» гына тыаһаабытыгар, Катя соһуйан хайдах эрэ хапкаан дьиэҕэ киирбиттии сананна.


…Саҥа сиргэ кэлбиттэрэ син ыраатта да, Катя олох тэһийбэт, атыҥыраан иэдэйдэ. Эдьиийэ көһөрсөн баран куораттаабыта, кыра балта дьыссаакка, быраата оскуолаҕа саҥа кылааска киирэн, номнуо доҕоттордонон оскуоланы, учууталларын астына сылдьар. Любовь Ивановна үүт астыыр сыах маҕаһыыныгар уборщицанан үлэлээн эрэр. Омос көрдөххө, барыта орун-оннун булбут курдук эрээри, Катяҕа тиийбэтэ элбэх. Саҥа оскуолатыгар бары атыҥыраабыт харахтарынан тоҥуйдук көрүстүлэр, учууталлар эмиэ. Эксээмэннээх кылаас диэтэххэ, учууталлар болҕомто уурбат кылаастара буолан биэрдэ. Кылаас салайааччыта хара маҥнайгыттан тоҕо эрэ Катяны тоҥуйдук ылынна. Тоҕотун Катя кыайан өйдөөбөтө, тулатыгар буола турары өйдүү да сатыырга кыһаллыбата. Биир да куруһуокка, биир да консультацияҕа суруйтарбата, бастакы чиэппэрэ бүтүөр диэри биир да саҥа дьүөгэлэммэтэ даҕаны. Били кэлбит күн сарсыҥҥытыгар өрөбүл буолан көрсүһүү, саҥа сиргэ кэлиини бэлиэтээһин бырааһынньыга буолбута. Онно Любовь Ивановна саҥа кэргэнин аймахтара кэлэн билсэн барбыттара. Катя ол киэһэ олох көстүбэккэ, биллибэккэ буола сатаабыта. Үчүгэйэ диэн Катя туспа хостонно, кыралар иккиэн биир хоско уонна ийэлэрэ аах бэйэлэрэ эмиэ биир хоско бары туспа-туспа бас билэрдээх курдук буоллулар. Саҥа «аҕалара» оҕолору кытта улаханнык билсиһэ сатаабат, арай ийэлэрин эрэ кытта үөрэр-көтөр, ол бырааһынньык күн итирбитэ.

… Катя кэлиэҕиттэн аһыыра да аччаата, үөрэҕин да санаабат буолла, наар урукку оскуолатын, доҕотторун, Сандалы санаан уһун күнү барыыр буолла. Биир да кэпсэтэр киһитэ, доҕоро суох эмискэ соҕотох буолан хаалбыт кыыс диниэбинньик доҕордонно, ол илииһигэр күннээҕи санааларын бичийэр, кистэлэҥ санааларын тиһэр буолла.

Бүгүн киэһэ эмиэ бичийэр, сэкириэттэһэр блокнотун ылан санаа суруйаары оҥосто олордоҕуна, хоһугар ийэтэ киирэн кэллэ.

– Катя, манна кэлиэххиттэн тугу да саҥарбаккын дии, туох буоллуҥ?

– Бэйэҥ туох дии саныыгыный, ийээ? – Катя ып– ыраас оҕолуу харахтарынан ийэтин утары көрдө.

– Хайдах, оттон барыта үчүгэй дии, детсад, оскуола, дьиэ барыта табыгас дии, мин үлэлээхпин, оскуолаҕа да наһаа сирбэттэр эйигин. Ити саҥа аҕаҕыт үлэлиир, сыыйа үөрэнсиэххит буоллаҕа, бырааттаах балтыҥ сөбүлээтилэр…

– Ийээ, эн миигин туох диэн дуогабарга аҕалбыккын умнума, мин Саҥа дьылга эрэ диэри манна, эһиги адаптацияланыаххытыгар диэри. Бэйэҥ итинник тылгын биэрбиккин олох умнума.

– Оттон эдьиийиҥ эмиэ үчүгэй диэн барда, кэлэн көрөн-истэн, Саҥа дьылга каникулугар кэлиэ дии.

– Һа, кини тэйиччи сылдьар буоллаҕа дии. Бииргэ олорсубат киһи билбэт буоллаҕа… бырааттаах балтым кыралар, акаарылар, кинилэргэ сонун бөҕө буоллаҕа… Тоҕо ити киһи кэлбиппитигэр тахсан көмөлөспөтө даҕаны, тоҕо дьиэҕэ табахтыырый, итириэр диэри иһэрий, иһэр киһи дуу, тугуй? Тоҕо итинник киһини булуннуҥ, итинник киһи хайдах эн олоххун уларытыа диэн санаалааххыный, ийээ?

– Хайа, бу кыыс аны ийэтин осуждайдаары гынна дии, – Любовь Ивановна кыыһыран турда. – Хайдах киһини таларым бэйэм дьыалам, эһигини иитээри үлэлии сатыыбын, Москва биирдэ тутуллубатаҕа, сыыйа барыта баар буолуо буоллаҕа дии, бастаан бэйэҕин саҥа сиргэ арыый уларыт. Кыра оҕо буолбатаххын. Үөрэн… – диэн, ийэтэ кыыс хоһун аанын хайа быраҕан тахсан барда.

Хос иһигэр тымныы чуумпу сатыылаата. Катя хараҕыттан сырдык, аһыы таммах иэдэһинэн таҥнары сүүрэн түстэ. Катя барахсан сыттыгар умса түһэн, аан дойдуттан барытыттан кэлэйбиттии уйа-хайа суох ытаан барда. Таһырдьа хараҥаран, тымныы тыал улуйда. Ый соҕотохтуу халлааны баһылаан, тоҥ сырдыга Катя хоһун быыс быыһынан өҥөйө сатаата…

Сарсыарда бастакы уруок кэнниттэн Лидия Николаевна 11-с кылаас оҕолоруттан Сандалы сураста. Оҕолор Сандал бүгүн үөрэнэ кэлбэтэҕин эттилэр. Сандал тоҕо кэлбэтэҕин оҕолоро билбэппит диэтилэр. Лидия Николаевна олус муодарҕаан, Сандал ийэтин киэһэ төрөппүт уопсай мунньаҕар көрсөн сураһыам диэн санаатын уоскутунна. Оҕолор үһүс уруокка киирдилэр. Лидия Николаевна Катя кылааһыгар уруогун ыыта киирдэ. Өйдөөн көрбүтэ: кылаас оҕолоро кытта хайдах эрэ уку-сакы буолбуттар, ким паартаҕа сытар, ким мээнэ олорор. Катя баарына оҕолор бэһиэлэй бөҕө, уруокка бары кэриэтэ көхтөөхтүк кыттар бэйэлэрэ, туохтарын эрэ сүтэрбит оҕолуу боччумурбуттар. Лидия Николаевна бүгүн хатылааһын уруогун оннугар, истиҥ кэпсэтии тэрийэн оҕолорун санааларын билэргэ толкуйданна.

– Үтүө күнүнэн, оҕолоор!

– Үтүө күнүнэн! – оҕолор аат харата эппиэттээтилэр.

– Оҕолор, бүгүн хатылааһын уруок оннугар кыратык сэһэргэһэ түһүөҕүҥ дуу…

– Ол тугу, Лидия Николаевна, Катябыт суоҕа наһаа куһаҕан дии, – староста чобуо Наташа, Катя дьүөгэтэ, бастакынан саҥарда.

– Оҕолоор, оттон Саҥа дьыл чугаһаата дии. Тугу былаанныы сылдьаҕытый?

– Ээ, Саҥа дьыл син биир былырыыҥҥы курдук буолуоҕа, только былырыын Катя баара үчүгэй да этэ-э…

– Оҕолоор, Катяҕытын наһаа аҕынныгыт да? – Лидия Николаевна оҕолор санааларын табар ыйытыы биэрдэ.

– Аһа, Катябытын бары аҕынныбыт ээ…

– Оттон төлөпүөнүнэн кэпсэппэккит дуо? – учууталлара лаппыйан сураста.

– Ааспыкка Наташа кэнники кэпсэтэ сылдьыбытыгар дэлби ытаан кыайан кэпсэппэтэх үһү, уопсайынан, манна сөбүлээбэтим диэбит, – дэстилэр оҕолор.

– Наташа, эн саамай чугас дьүөгэтэ сиһилии сырдата түһүүй, туох диэтэ Катя, тоҕо сөбүлээбэтэҕий?

– Лидия Николаевна, Катялыын биирдэ-иккитэ эрэ кэпсэппитим, бүтэһик кэпсэтиибэр олох саҥата суох, биир эрэ этиини эппитэ «манна олох сөбүлээбэтим» диэн. Оскуолаҕа эмиэ хайдах эрэ үһү, ханна да сылдьыбат, саҥа аҕалара иһэр дуу, хайдах дуу курдук эппитэ. Онтон бүгүн сарсыарда эрийэ сатаатым, олох ылбат ээ төлөпүөнүн.

– Оо, барахсан… – Лидия Николаевна кыыһы аһынна. – Ол аата соччото буоллаҕа. Оҕолор, эһиги арай итинник тµгэІІэ хайдах гыныа этигитий? – учууталлара кылаас оҕолоруттан ыйыппытыгар оҕолор, «билбэтибит ээ» дэстилэр.

– Оҕолор, олох диэн дьэ уустук, эн хайдах киһи буоларгын олох күн ахсын кэриэтэ тургутар. Катябыт этэҥҥэ саҥа сиргэ үөрэнэн, Саҥа дьылга сынньана кэлиэ диэн эрэниэҕиҥ дии, – диэн Лидия Николаевна оҕолорун санааларын көтөҕө сатаата.

Киэһэ оскуолаҕа төрөппүт бастакы уопсай мунньаҕа буолла. Лидия Николаевна Сандал ийэтин булан, кэпсэтиэххэ эрэ диэн ыҥырда. Онуоха кини мунньах кэнниттэн көрсөргө сөбүлэстэ.

– Хайа, Мария Михайловна, туох сонун? Сандал үөрэҕэр хайдаҕый? – диэн мунньах кэнниттэн Лидия Николаевна кэпсэтиини саҕалаата.

– Ээ, ити эһиги Катяҕыт барыаҕыттан Сандал үөрэҕэр мөлтөөн эрэр ээ, ону ити учууталын кытта көрсөн ыйыталастым. Учуутал эмиэ соһуйар.

– Оттон Катялыын кэпсэтэллэр үһү дуо?

– Суох, эрийдэхпинэ тугу да саҥарбат, ытаан тахсар диир Сандал. Инньэ гынан, эмиэ санаа бөҕөҕө түстэ. Ити Катяны ийэтэ тоҕо да хаалларбакка барбыта буолла, улаатан эрэр кыыһы, экзаменнаах оҕону.

– Оо, дьэ мин төһөлөөх сүбэлии сатаабыппыный Любовь Ивановнаҕа… Суох, олох истэ барбатаҕа, хата өһүргэнэн кэнники кэпсэппэт да буолбута.

– Оо, дьэ… Лидия Николаевна, мин билэр дьоммунан сэмээр сураспытым ээ ол киһитин. Бөрүкүтэ суох киһи дииллэр, кыыс ону билбитэ буолуо…

– Оо, дьэ, аны билигин барбытын кэннэ ыал олоҕор туох диэн орооһуохпутуй, суох буоллаҕа дии… Саатар, биир эмэ учууталы онно билбэппит ээ…

– Ээ, мин биир дьүөгэм ырааҕынан балта ол оскуолаҕа үлэлиир, ол кининэн сураһыахха баара, хайдах эрэ гынан кыыска адаптацияланарыгар көмөлөһүҥ диэххэ баара, – Сандал ийэтэ санаа укта.

– Ээ, хата Мария Михайловна, инньэ гын эрэ уонна миэхэ биллэрээр дии. Мин сарсын Катяҕа эрийэ сылдьыам, барыаҕыттан эрийэр быыс да көстүбэт, оскуолаҕа үлэбит олус элбэх. Кэпсэтэн, сүбэлээн көрбүт киһи. Экзаменын саныахтаах, онно бэлэмнэниэхтээх оҕо күннээҕи кыһалҕаны саныы сырыттаҕа… – Лидия Николаевна үөһэ тыынна.

Ити курдук, син тугу эрэ тобулбуттуу сананан, Катя дьылҕатын туһугар долгуйар дьон дьиэлээбиттэрэ.

Күн-дьыл син бэйэтин тэтиминэн да буоллар, аргыый ааһан испитэ. Саҥа дьыл буолан ааспыта да, Катя олоҕо да тупсубатаҕа, дойдутун, доҕотторун ахтара да ааспатаҕа. Оттон ийэтин олоҕо тупсуохтааҕар, мөкү өрүтэ элбээбитэ. Биир күн киирии аҕалара итирик кэлэн, ийэлэрин охсон араллаан бөҕө буолла. Оҕолор айманыылара, милииссийэ ыҥыран ол киһини туттаран, ол түүн оҕолор да, ийэлэрэ да аанньа утуйбатахтара. Сарсыныгар сарсыарда Катя уһуктан кэлбитэ, дьиэ иһэ уу чуумпу, тыбыс-тымныы. Тыый, аан аһаҕас дуу диэн Катя куукунаҕа хоһуттан ойон таҕыста. Көрбүтэ: ийэтэ итирик, сирэй-харах көҕөрөн муостаҕа сытара, аан чахчы аппайан турар, таһырдьа сааскы кулун тутар ый ортото этэ. Катя сүрэҕэ аһый гынан, уҥуоҕа халыр босхо баран, уолуйан хаалан тугу гыныан билбэккэ турда. Эмискэ хостон кыра балта тахсан кэллэ. Катя өй ылан, балтын төттөрү хоско киллэрдэ, суулаан ороҥҥо сытыарда. Уонна ийэбит «йа-йа» буолбут диэн кыра киһиэхэ быһаарда. Онтон быраатын уһугуннаран иккиэн көмөлөөн ийэлэрин хоһугар киллэрэн сытыардылар уонна дьиэни хайдах сатыылларынан өрө тарда сатаатылар. Ол күн оҕолор – оскуолаҕа да, дьыссаакка да – ким да барбата. Катя, ыал улахана киһи, оҕолорун аһатаары ас буһаран, дьиэни сууйан, ийэтин ыарыылаан, аһатан ол күн бүттэ. Аҕыйах хонугунан ийэлэрэ больничнайтан таҕыста, үлэтигэр барда. Дьиэлээх киһини уон биэс суукка улуус киинигэр ыыппыттар диэн буолла. Катя ийэтэ бу күннэргэ оҕолоро баалларыгар-суохтарыгар наадыйбат курдук, ууну омурдан баран сырытта. Катя кэпсэтэ сатаатаҕына да, саҥарбат. Бүгүн Катя ийэтин кытта хайаан да кэпсэтэн, мантан төттөрү дойдулуохха диэн кэпсэтээри оҥоһунна. Оскуолаҕа нуучча тылын учууталын кытта кыыһырсан кэлэн, Катя салгыы маннык олоххо олорор сатаммат диэн санааны ылынан, ийэтин кытта улахан киһилии кэпсэтэргэ бэлэмнэннэ. Киэһэ ийэтэ оскуола мунньаҕыттан кэллэ. Катя бастакынан кэпсэтээри ыҥыран көрдө да, ийэтэ истибэтэхтии хоһугар киирэн хаалла. Катя эккирэтэн хоско киирдэ.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации