Электронная библиотека » Хотойук Айгыына » » онлайн чтение - страница 4

Текст книги "Тэпсиллибит сибэкки"


  • Текст добавлен: 22 октября 2023, 07:50


Автор книги: Хотойук Айгыына


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 4 (всего у книги 6 страниц)

Шрифт:
- 100% +

– Мэхээчэ, чаанньыкта оргута уур эрэ, чэйдиэхпит. Эн, наһаа ыксаабат инигин, киэһэлик да барыаҥ буоллаҕа дии?.. – диэн Лира быраатын кытта кэпсэтэ олордо.

– Аа, оннук киэһэлик барыам. Сынньаныам, – диэн Мэхээчэ симик саҥата иһилиннэ.

Туохтан сынньаныам диирий ити? Хотонуттан эбитэ дуу, бэлиэр кэргэннии олоҕуттан эбитэ дуу…

Лира оҕотун аһатан хостон тахсан, суунан-тараанан, остуол тарта. Иһигэр быраатын кытта аргыый кэпсэтэн, ис дьиҥэ хайдах олорон эрэллэрин билиэн баҕата күүстээх.

– Мэхээчэ, чэ кэл, чэйдиэххэ, бу эйиэхэ анаан бисквит астаабытым, сөбүлүүр этиҥ дии, кэргэниҥ Маша астыыр дуо? Төһө асчытый, ыал улахан оҕото астыыра буолуо, – диэн Лира эдьиий киһи быһаара олордо.

– Ээ, суох, оннук астыырын билиҥҥитэ билэ иликпин.

– Мэхээчэ, саҥа ыал буолбут киһиэхэ хайдах эрэ уота-күөһэ суох кэпсиигин дии, оҕолоннугут, үөрүөххүн, – Лира быраатын санаатын билээри аһаҕастык эттэ.

– Ээ, оттон хайдах эрэ барыта. Мин ыал буолуу итинник буолуо дии санаабатаҕым ээ…

– Ол аата хайдах?.. – Лира соһуйда.

– Санааҥ көр, пааспарбын уоран ылан саахсалаталлар, Маша кыыһырда да дьонугар сүүрэр, ийэтигэр кэпсиир, ийэтэ кэлэн миигин мөҕөр, мин хотоммуттан сылайан кэлэбин, аны оҕо көрө сатыыбын, Маша дьонугар баран хаалар. Түүн биирдэ кэлэр…

– Бай, Маша оннук да? – Лира олус соһуйда.

– Дьэ, оннук эбит. Саахсаланан баран уларыйан хаалбыта, хаста да пиибэ сыттаах кэлбитэ. Ону эттэхпинэ, кыыһырбыта буолар, ийэтэ кыыһын көмүскэґэр… Чэ, итинник курдук.

– Тыый, хайдах оннугуй, баран аахсыам мин, тоҕо Маша оннук буолуохтааҕый?

– Ээ, эдьиий, аахсыма, этиһэ эҥин сылдьыма… Мин бэйэм быһаарсыам.

– Оо, дьоллооҕум сыыһа, оттон быһаарсан көр, ол эрээри если что, этээр миэхэ, мин тиийиэм кинилэргэ, ол паспоргын уорбуттарын тоҕо эппэтиҥ, ити дьыала дии. Хайдах оннук буолуохтааҕый, мин өссө эйэнэн-сүбэнэн пока саахсата суох олороллор дии санаабытым, олох да атын эбит дии. Ол аата, туох эрэ баар эбит… – Лира саҥаран иһэн бэйэтин бэйэтэ тохтотто.

Ити курдук чэйдээтилэр дуу, суох дуу, Лира кыыһа уһугунна, быраата уку-сакы буолан аргыый хомунан, дьиэлээтим диэн тахсан барда. Лира оҕотун хат утутан сытыарда, дьиэни биир гына оонньуур ыспыт уолаттарын дьарыйан ыспыттарын хомуйтарда уонна санаа бөҕөҕө түстэ. Кэргэнэ кэллэҕинэ сүбэлэһэн көрөрө дуу, ол эрээри киһитэ сүбэлиирэ биллибэт, хата, орооһума диэҕэ…

Олох, төһө да баҕарбытыҥ иһин, санаа хоту буолбат эбит. Тоҕо оннугун ким билиэ баарай?

Мэхээчэ сэтинньи биир тымныы киэһэтигэр хотонуттан саамай бүтэһик бүтэн, саҥа чигдийэн эрэр хаар суолугар халтарыйа-халтарыйа нэһиилэ уйуттан, чараас куурканан дэлби тоҥон, уопсай дьиэ диэки сукуҥнаан истэ. Кэнникинэн наар ийэтин ахтар буолаахтаата: кини сылаас үүттээх чэйин, бэйэтэ буһарбыт минньигэс сыттаах килиэбин, дьоллоох оҕо сааһа номнуо ааспытын, эдэр сааһа хобдохтук салаллан ыал аҕата оруолу сүктэ эрээри, тоҕо киниэхэ сылаас үөрүү биллибэтий… Ийэтэ суох буолбута сыл буолла…

Күүлэҕэ киһи киирэр тыаһа, эргэ мас аан хаахынаан аһыллара иһилиннэ. Сотору буолаат, Мэхээчэ ыгдаччы тоҥон, бөҕүөрбүт илиилэринэн кирдээх чараас кууркатын уста сатыы турдаҕына, хостон Маша тахсан кэллэ.

– Хайа, бу туох айылааҕын хотоҥҥор дьөлө түһэҕин? Дьахталлары кытта эрийсэ сылдьаҕын дуу, тугуй? – диэн кыыһыра көрүстэ.

– Наһаа да эрийсэ сылдьар буолбакка, хотоҥҥо үлэ элбэх буоллаҕа… – диэн Мэхээчэ көмүскэнэ, баары баарынан этэ турда.

– Оннук, эн үлэҥ куруук бүппэт аатырар, оттон дьиэҕэр ыксыыр диэн санаа киирбэт да? Мин соҕотоҕун барытын гынабын дии – оҕо көрүүтэ, ас астааһына, биэдэрэ тоҕуута. Үчүгэйдик сэлээннэммиккин дии…

– Маша, хайдах буолаҕыный? Мин кэнникинэн эйигин олох кыайан өйдөөбөппүн, билсэргэр ама кыыс курдук этиҥ. Хайдах маннык буолан хааллыҥ? Наар ийэҥ этэрин истэҕин, хаһан да миигин өйдүү сатаабаккын дии, хайдах маннык ыал буолабыт? Кыыһыра түстүҥ да, дьоҥҥор сүүрэҕин. Эн эмиэ ыал ийэтэҕин дии. Киһилии чэй өрөн, таҥаспын-саппын абырахтаан, халыҥатан бэрийэн биэрэҕин да? Мин да эйигиттэн ирдиирим үгүс ээ.

– Јссө! Эн миигиттэн тугу ирдээри гынаҕыный?! Көр эрэ маны, эн миэхэ турар бэйэҥ кэлбитиҥ буолбатах да, туох да үөрэҕэ суох, хотон көрөөччүгүн дии. Өссө мин ийэбиттэн иҥнибит буола-буола… Оччотугар кыыһы көр, оһоххун отун, айка, мин дьоммор бардым, эйиэхэ хамначчыт буолбатахпын мин… – диэн ыһыытаат, Маша сонун кэттэ уонна таһырдьа ыстанна.

Мэхээчэ тоҥ хаһаа аҥаардаах, оттулла илик оһохтоох эргэ уопсай дьиэтигэр соһуйбутунан туран хаалла. Эмискэ утуйа сыппыт оҕо уһугунна, ас көрдөөн, ийэтэ барбытын билбит курдук, ытаан барда. Мэхээчэ, хайаахтыай, илиитин сууна охсон, үүт сылытан, оҕону аһатан бодьуустаста, онтон оҕо уоскуйан оонньуурга аралдьыйбытын манежка олордон, оһоҕун оттон барда. Оһох оттуллан күө-дьаа буолардыы, күлүмнэс уоттара оонньоон, бу дьиэҕэ сылаас илгийэр тыына тиийбэтин билэрдии, оттуллубут мас «тыс-тыс» тыаһаан сылаас салгын ил гынан дьиэ иһигэр аргыый тарҕанан барда. Мэхээчэ түргэн-тарҕан соҕустук туттан куһаҕан уу биэдэрэтин тоҕон киллэрэн, оһоҕор киэһээҥҥи күөс миин өрөөрү, эдьиийэ аах бэрсибит эттэрин буһарыам диэбитэ: арай морозильник кубус-кураанах, биир да тоорохой эт суох. Бай, үнүр биир пакеты толору эт аҕалбыта дии, хайдах барыта бүтэ оҕуста, дьиктитин? Хайыай, кураанах арыылаах килиэбинэн аһаан, хонор буоллаҕа. Мантан түүн кэлэрэ дуу, Машата… Түүн кэтэһэн хойукка диэри олорон көрдө да, ким да кэлиэх быһыыта биллибэтэ. Сарсыарда 5 чааска хотонугар хайдах барар, оҕону кимиэхэ хаалларар? Түүн түлүк-балык түүлүгэр Мэхээчэ суола-ииһэ суох тыаҕа киирэн мунан турар курдук, ыраах сырдыкка эдьиийэ көстөр, онно бара сатыыр да тиийдэ дуу, тиийбэтэ дуу – эмискэ аан тыаһыттан уһугунна. Чаһыны көрбүтэ: түүн үс чаас эбит, оҕото хата утуйа сытар. Арай ааны тэбиэлиир тыас уонна дьахтар сарылыыр саҥата иһиллэр.

– Ааны арый, дьиикэй, Маша, утуйан аппайа сытаҕын да өссө… – диэн итирик дьахтар ыһыыта сүрдэннэ.

Мэхээчэ, хайаахтыай, туран таҥнан быһаарсарга сананна.

– Түксү эрэ, туох ааттаах ааны дибдийдиҥ? Оҕо утуйа сытар дии… – диэн дьарыйан көрдө да, итирик дьахтар уоскуйар санаата суох өссө үөхсэн барда.

– Арый ааны диибин… Маша-аа… аа, – дии-дии, сарылаата.

– Арыйбаппын, кыыһыҥ суох дьиэтигэр, бэйэтэ кэллин, дьиэтигэр хоммокко, оҕотун да көрбөккө эһиэхэ ханна саһа сытарый? Наар куттуу-куттуу, эйиэхэ сүүрэр. Бүгүн оннооҕор оҕотун да аһаппакка ыстаммыта дии, ийэбэр бардым диэн.

– Маша суох биһиэхэ, тоҕо сымыйалыыгын, дьиикэй? – дии-дии, суоһурҕанна итирик дьахтар.

– Эйиэхэ мааҕыын 7 чааска барбыта дии, – Мэхээчэ мунаахсыйда. – Бар дьиэлээ, киллэрбэппин, оҕом утуйа сытар.

Мэхээчэ ааны аспаттыы быһаарынан дьиэҕэ киирэн хатанан кэбистэ. Таһырдьа итирик дьахтар хаһыытыы сатаан баран, ааны дэлби тэбиэлээн барда. Сотору уу чуумпу сатыылаата. Мэхээчэ дөйбµттµµ олордо. Ити аата, Маша ханна барбытый, ама дьиэтигэр тиийбэтэх да, аны киниэхэ кыыһыран ол-бу буолбата ини, баҕар, хайа эрэ дьүөгэтигэр барбыта буолуо… Мэхээчэ уута салгыы кыайан кэлбэккэ, ый тыгар сырдыгар түүҥҥү тыаһы иһиллии олордо. Хайа эрэ дьоллоохтор билигин сылаас, сымнаҕас ороҥҥо, сылаас тыллары истэн утуйа сыттахтара. Мэхээчэ олоҕо тоҕо маннык хараҥа эҥээрдээх буолла, туох буруйугар, аньыытыгар-харатыгар… Уол хараҕыттан сырдык ып– ыраас таммах иэдэһин устун сүүрүгүрдэ. Түүҥҥү ый сырдыгар ол таммах чаҕылыс гынаат, умуллан сүтэн, симэлийэн хаалла. Мэхээчэ уһукта биэрбитэ, ааны ким эрэ тоҥсуйар. Маша кэллэ диэн ойон таҕыста. Ааны арыйа баттаабыта: Машата кэлэн турар, Мэхээчэ үөрэн Машаны кууһаары гыммыта, ойоҕо кыыһырбыт курдук туттан дьиэҕэ ааһа турда. Мэхээчэ батыһан киирэн, тугу да сураспакка, чэй оргутар мучумааныгар түстэ. Хата, кэллэ… Мэхээчэ бэйэтин буруйдана санаата.

– Маша, чэй оргуттум, итии чэйдэ иһиэххэ эрэ, тоҥмутуҥ буолуо, аны кыыһырсымыах дуу… – диэн аргыый ыҥырда.

Хос түгэҕиттэн куттаабыт дьахтар саҥата: «Бэйэҥ ис чэйгин, акаары… бар уонна үлэҕэр онон-манан майаачылаама!..» Мэхээчэ хомойдоҕуон, маннык түгэҥҥэ эр дьон тугу гыналларын хантан билээхтиэй, үйэтигэр кыыс диэҥҥэ куттанан да чугаһаабакка сылдьыбыт уол, ама мордьойуо дуо утары… кыыс диэни оннук кэрэтик саныыр буоллаҕа. Уонна бу оло±ор бастакы көрсүбүт тапталым диэбит киһититтэн ахсынньытааҕар тымныы халыан сыһыаны сатаан хайдах да өйдөөбөтө. Чаһыны көрбүтэ: алта чаас буолан эрэр эбит. Хайаахтыай, чэйин иһэн баран, чараас кууркатын кэтэн, эргэ халтаҥ эрэһиинэ саппыкыны биир наскынан анньынан тахсан, улахан үлэлээх ыал аҕата илин диэки тымныы хараҥа сарсыарда соҕотоҕун хаама турда.

Түүнү быһа ханна сылдьыбыта биллибэт дьахтар бэрт бэйэлээхтик сылаас дьиэҕэ, сылаас ороҥҥо киирэн туох да буолбатаҕын курдук утуйан мунна хаһыҥырыы хаалла. Кини ханна сылдьыбытын Мэхээчэ билээхтиирэ буоллар, хаһан да кинини кытта билсэн, кинини кэрэ сибэккигэ холоон таптыа да, аһыныа да суоҕа этэ уонна бэйэтин хаһан да буруйданыа суоҕа этэ. Бу түгэҥҥэ сырдаан эрэр халлааҥҥа бүтэһик тыган турар сулус, кэлэйбиттии чыпчыҥнаан суһуктуйа сырдыыр куйаартан симэлийэн хаалла.

Күн-дьыл солбуллан, бииртэн биир хонуктар устан ааһан симэлийэ сүтэн истилэр. Лира бүгүн дьиэтин үлэтин бүтэрэн-оһорон, бастыҥ дьүөгэтин ыалдьыттата ыҥырбыта. Биллэн турар, дьиэҕэ олорор эдэр ийэ кэпсэтиигэ туох эмэ сонуну истиэн баҕарара олус буоллаҕа. Инньэ гынан, үүттээх чэй уонна минньигэс бурдук ас астаан дьүөгэтин көрүстэ. Аҕалара үлэтигэр таһаҕаска барбыта, аны түүн биирдэ кэлэрэ буолуо.

– Хайы-ы, кыыс тугу астаатыҥ бу? Наһаа минньигэс сыт кэлэр дии… – диэн Туйаара айманан куолутунан оҕолору биир-биир таптаан, ымманыйан кэһиитин түҥэтэлээтэ.

Кыра да кэһиигэ үөрэр барахсаттар үөрэ-көтө хосторугар дьылыс гынан хааллылар. Баардара-суохтара биллибэт үс оҕо, дьүөгэлэргэ мэһэйдээбэккэ оонньууллар.

– Да, Лира эн оҕолоргун наһаа бэрээдэккэ үөрэппиккин дии, ити хайдах үөрэтэҕин?

– Ээ, оҕо улахан дьон кэпсэтиитигэр кыттыһара, тэҥҥэ мэһэй буолара сыыһа. Эн кэлиэҥ эрэ иннинэ чэйдэппитим уонна режимы олох тутуһуннарабын. Билигин бу сотору үс чааска утуталыыбын тірдµіннэрин. Уонна дьэ, бэйэм эмиэ сынньаныам этэ буоллаҕа, ол иһин оннук бэрээдэккэ үөрэппитим.

– Наһаа маладьыаскын ээ, чахчы сөпкө этэҕин, сорох ыалга киирдэххэ, оҕолоро эриллэн баран сылдьаллар, сүгүн кэпсэтиннэрбэттэр дии.

– Дьэ, хата, эн сонунна кэпсээ, ханна сырыттыҥ?

– Ээ, улуус киинигэр баран кэллим, эдьиийим уолугар таҥас ылаары, ыал буола илик соҕотох киһи, дьоммор көмөлөһөбүн буоллаҕа. Арба, наһаа дьиибэ сонуну истэ сылдьабын ээ.

– Тыый, ол тугу?

– Оо, дьэ, этэрим дуу, дьүөгэм барахсан, эйигин аһынабын, ол иһин бу истээт да ону сэрэтээри кэллим.

– Тыый, этэ оҕус туох сонунай? Киһим күүлэйдээбит дуо? Ол сонун буолбатах, бэйэм да билэбин эрээри, хайыамый, акаары киһиттэн тугу да булбаккын. Оҕолорум аҕалара, ханныгын да иһин. Айылҕата наһаа бэрсээхтээбит, онтукатын кыаммат быһыылаах.

– Ама дуу, кийииккин эмиэ итинник диириҥ дуу? – Туйаара кып гына кыбытан биэрдэ.

– Ханнык кийииппин? – Лира соһуйда.

– Оттон хас кийииттээххиний, быраатыҥ Мэхээчэ ойоҕун туһунан соччо бөрүкүтэ суох сонуннар бааллар.

– Тыый, хайаабытый ол Маша? – Лира соһуйда. – Эс, сымыйа баһааҕырдыы буолуо… Маша оннук гыммат.

– Ээ, диэ, бэрт киһи көмүскээ. Дьүөгэбэр хараххын арыйан, олохтоох киһи кэпсиим. Эрдэ, урут кэпсиэм иннинэ, ити кыыһы сыһыара охсон, хайҕаан, аһынан аҕай биэрээхтиириҥ, ону көрө-көрө, баҕар, көнүө дуу дии санаабытым. Пахыый, отой оннук буолбатах эбит, уолгун аһынабын, Лира. Дьэ, иһит. Ол дьахтарбыт историята маннык…

Туйаара кэпсээн бүппүтүн кэнниттэн, Лира дөйөн олорон хаалла. Хайдах-хайдах дьаабыный, айабын да, быраап– пын туохха-туохха анньан биэрбиппиний, «Киһи эриэнэ иһигэр, ынах эриэнэ таһыгар» дииллэрэ ити буоллаҕа…

– Лира, онон төһө кыалларынан уолгун араара оҕус уонна дойдутугар ыыт.

Лира быраатын аһынан уонна оҥоһуллубут быһыы– майгы көннөрүллүбэтиттэн бөтө бэрдэрдэ. Итини эрдэ истибитим буоллар даа, ким эмит тоҕо кэлэн кэпсээбэтэхтэрэ буолуой даа, дьон бары билэ-көрө сылдьан эппэтэхтэрэ абатын диэн санаа кыынньан, холорук буолан уйулҕатын бары муннугун өрө ытыйа олордо. Бэйэтин да киһитин майгытын, быһыытын дьон бары билэллэр, Лира саҥата суох тулуйар эрэ, оннук хас сыл тулуйуон туох билиэ баарай?..

Самаан сайын сай ортото үгэннээн турар. Лира быраата биллибэтэҕэ ыраатта. Кэргэнэ хат арыгытын иһэн кэбиһэн, Лира оҕолоруттан, дьиэтиттэн быыс булбакка түбүгүрэр. Оннук биир күн дьиэтин сууйа сырыттаҕына, Маша киирэн кэллэ.

– Дорооболоруҥ, – диэн симиктик саҥарда.

Лира Машаны көрөөт, хаана хойунна, туох эрэ буолбутун сэрэйэн сүрэҕэ аһыйбахтаата.

– Дорообо, хайа, туохха кэллиҥ?

– Мэхээчэ суох да эһиэхэ?

– Суох, миэхэ кэлбэтэҕэ ыраатта. Ол ханна барбытай?

– Оҕотун докумуонун толорторо диэн улуус киинигэр барбыта уонна кэлбэтэҕэ үс хонно…

– Үс хонно да? Ол үс хонон баран биирдэ эриҥ суоҕун өйдөөтүҥ да, сиргидэх? Ханна тиэртиҥ бырааппын? Испэт да, табахтаабат да киһи сүтэрэ диэн тугуй ол? – Лира дэлби кыыһырда. – Бар, киэр бар, икки харахпар көстүмэ… Өссө кэлэн үҥсэргии турар, дьэ, быраатым ол-бу буолбут буолуо да сэрэн, эппиэттэтиэм.

Маша нэһиилэ таһырдьаны былдьаста. Лира ол күнтэн быраатын билэр дьонуттан сураһан көрдө да, ким да билбэт аатырда. Ол курдук үһүс күнүгэр олох ыксаан балыыһаларга, морга тиийэ эрийтэлээтэ. Арай хирургияҕа оннук ааттаах киһи баар диэтилэр. Киирбитэ нэдиэлэ буолан эрэр диэтилэр. Лира киэһэлик да буоллар, балыыһаҕа ыстанна. Тиийэн быраатын сураһан эр дьон палаататыттан булан ылла уонна олус соһуйда: Мэхээчэ дэлби ыран, харааран хаалбыт.

– Мэхээчэ, тоойуом, тугуҥ ыарыйда? Нэһиилэ буллум дии. Сүрэҕим хайда сыста, сүттэ диэбиттэригэр… – Лира быраатын кууһа түстэ уонна ытаан айманна.

Мэхээчэ нэһиилэ эдьиийин уоскутта, саҥата да кыайан тахсыбат буола ырбыт.

– Эдьиий, уоскуй, барыта үчүгэй.

– Мэхээчэ, «үчүгэй» буолан… Бу айылаах буолбуккун дии, балыыһаҕа бэйэҥ кэлбитиҥ да, миэхэ тоҕо тугу да биллэрбэтиҥ? Сураһа сылдьыбытым, ону сайылыкка көспүтэ диэбиттэрэ.

– Сайылыкка үлэлии сылдьан, суолга охтон хаалбыппын, ону аара айан дьоно булан, балыыһаҕа аҕалбыттар… Бу саҥа өйбөр кэллим.

– Тыый, аата ынырыгын, оттон ойоҕуҥ докумуон эккирэтэ барбыта диэн миэхэ тиийэн кэпсиир дии…

– Сымыйалаабатын, мин дьиэбиттэн барбытым ыраатта… – Мэхээчэ нэһиилэ саҥара сатыы сытта.

– Тоҕо, хайдах буоллугут ол?

– Итирик ийэтиниин биир күн дэлби сордообуттара. Ону арахсыахха диэн баран сайылыкка уолаттарга баран олорбутум. Онно икки эрэ хоммутум, онтон үһүс күммэр сиһим олох тулуппатаҕа, ол иһин улуус киинигэр көрдөрө диэн сатыы баран иһэн охтубуппун… ол аата…

– Оо, бу дьиикэйдэри! Уонна кэлэн кубулунан тугу да билбэтэҕэ буолар эбит дии. Дьэ, бэйиккэй, мин бүгүн тиийэн бэйэлэрин ыһыталыаҕым. Дьэ, бээ… – дии-дии, Лира суоһурҕанна.

– Эдьиий, аахсыма, наадата суох. Итинник дьону кыттан аахсан да диэн, таах ньиэрбэҕин эрэ барыаҥ, – Мэхээчэ хараҕын симэн ынчыктаан барда.

– Мэхээчэ, тугуҥ ыалдьарый, аһыаҥ да? Бу эт буһаран мииннээн аҕалбытым дии.

– Ээ, суох, тугу да аһыахпын баҕарбаппын. Сэниэм суох, наар утуйуохпун эрэ баҕарабын. Эн, дьиэлээ, оҕолоруҥ күүттэхтэрэ, – Мэхээчэ тыын быһаҕаһынан тыына сатыы сытта.

– Тохтоо, эн чэ кыратык нуктаан ыл, мин эмтиир бырааскын көрсөн тугуҥ ыалдьыбытын быһаартаран бараммын барабын. Главнайга киирэ сылдьыам билигин, онтон эйигин кэлэн аһатыам, сөп? – Лира ойон туран кылаабынай бырааска барда.

Кылаабынай быраас ханна баарын сураһан биллэ. Хата, Лира дьолугар, быраас баар эбит. Кэбиниэтин аанын тоҥсуйан киирдэ.

– Егор Дмитриевич, дорообо! Мин Михаил Барахсаанап диагноһын билиэм этэ, туга ыалдьыбытый? – Лира холкутуйа сатаан ыйытта.

– Дорообо! Эн Михаилга кимэ-туга буолаҕыный? – быраас кытаанахтык ыйытта.

– Мин Лира Михайловна диэн бииргэ төрөөбүт эдьиийэ буолабын, – Лира да чиҥ-чаҥ эппиэттэстэ.

– Бээ, эрэ, эдьиийэ буоллаххына, бырааккыт бачча буолуор диэри хайдах эмтэппэккэ, болҕомтоҕо ылбакка сырыттыгыт?

– Хайдах ол аата? Мин туспа ыал киһибин, быраатым эмиэ. Миэхэ үс хонуктааҕыта кэргэнэ кэлэн, быраатыҥ сүттэ диэн тыллаабытыгар бу бүгүн нэһиилэ эһиги отделениеҕытыттан буллум дии. Туга ыалдьан, хайдах буолбутун ситэ өйдөөбөккө олоробун, ээ, – Лира ыгылыйда.

– Чэ, уоскуй, Лира Михайловна! Бырааккыт бүөрэ искэн буолбут. Метостаз барбыт номнуо, наһаа хойутаан балыыһаны булларбыттар. Арыый ый анараа өттүгэр эбитэ буоллар, быыһыахха сөп этэ, билигин балаһыанньа олус ыарахан, кыайар буоллаххытына, күн сарсын-өйүүн куораттатыаххытын наада.

– Хайдах?!! – Лира саҥата кыайан тахсыбакка, тугу– тугу истибитин өйдөөбөккө «искэн», «метостаз», «куораттатыҥ» диэн тыллар сүр улаханнык иһиллэргэ дылы гыннылар уонна хараҥаҕа тимирэн сүтэн хаалла.

Өйдөнөн кэлбитэ кушеткаҕа сытар эбит, төбөтүн уйбат курдук, туох буолбутун сиэстэрэ кыыс быһааран биэрдэ. Онно олорон быраас хоһугар өйүн сүтэрбит. Хайыаҕай, хараҕын уута сүүрэ турарын тохтотор, уоскуйар кыаҕа суох олордо, сиэстэрэ кыыс уоскутар эмп иһэртэ. Онтон дьэ, нэһиилэ кэҥээн, бырааһын кытта кэпсэттэ.

– Оттон быраатым өссө оҕолоноору сылдьар дии, кэргэнэ хат…

– Маннык диагнозтаах киһи оҕо оҥорбот, бу ыарыы бэҕэһээ эмискэ баар буолбут буолбатах, бу сыл устата сылдьыбыт ыарыы, ол иһин маннык искэн буолар, искэннээх эр киһи хайдах да оҕо оҥорор кыаҕа суох… – Лира дөйөн олордо, дьүөгэтэ кэпсээбитин санаан кэллэ: Маша күүлэйдиирэ чахчы биллэн таҕыста.

Лира саҥата суох быраас хоһуттан таҕыста, истиэнэҕэ өйөнөн туран хаалла. Уоскуйа түһэн баран, быраатын аһата палаатаҕа барда. Хараҕын уутун соттон, туох да буолбатаҕын курдук тутта сатаан киирдэ да, ол да ыарахан этэ. Мэхээчэ уһуктан, сыттыгар өйөтөн олороохтуур эбит. Быраатын хараара ырбыт сирэйин, уҥуох-тирии буолбут илиитин-атаҕын көрөн, хараҕын уутун нэһиилэ тутунна. Мэхээчэ эдьиийин сирэйин кыраҕытык бэлиэтии көрбүтүн, дьыалата соччото суоҕун сэрэйдэ да, эдьиийин куттаамаары биллэрбэт буола сатаата.

– Хайа, быраас туох диэтэ? Хаһан тахсар үһүбүнүй? – Мэхээчэ симик куолаһын Лира истибэт буола сатаата.

Улаханнык ыалдьыбыт быраатын оронун таҥаһын көннөрө сатаата.

– Ээ, бырааһы кытта кэпсэттим, тымныйбыт диэтэ, сытан эмтэннин үчүгэйдик, үчүгэй буолуо диэтэ, – диэн Лира кытаанах кэпсэтиини кистииргэ быһаарынна.

– Ээ, сотору үчүгэй буолабын буоллаҕа, – Мэхээчэ син көнньүөрбүт курдук тутта сатаан саҥарда.

– Оннук бачча эдэр киһи, үтүөрүөҥ буоллаҕа. Кытаатан аһаан ис, тугу аһаталларын. Сарсын тугу астаан аҕалабын, тугу сиэххин баҕараҕын?

– Тоҥ чохоон сиэбит киһии… – диэхтээтэ Мэхээчэ.

– Ээ, ону баҕас аҕалан буоллаҕа. Сарсын аҕалыам уонна куурусса миинэ аҕалыам, сөп? – диэн Лира быраатын көнньүөрдэ сатаан көх-нэм буолла.

Таһырдьа самаан сайын саатыыр күннэрэ түмүктэнэн, халлаан боруҥуй былыттары сүүрдэн, күһүҥҥү силбик майгы биллэн испитэ. Бу балыыһаҕа сытар дьон уол хонуга ааҕыллан сытарын бэйэлэрэ да сэрэйэр курдуктара.

Лира балыыһаттан тахсан, хайа диэки баран уоскуйуон билбэккэ, хараҕын уута толору ардахтаах былыттыы халыйа уһунна. Хайдах, хаһан быраата ыалдьыбытай… Тоҕо кини ону билбэккэ хаалла? Тоҕо? Ама, быраата сотору бу күн сириттэн күрэниэ дуо? Суох, сымыйа, сымыйа… сымыйа… Мэхээчэ баара-суоҕа 23 саастаах ээ. Эдэр киһи буоллаҕа. Үтүөрүөм диэхтиир, үтүөрүөҕэ. Массыына булан куоракка илдьэн көрдөрө охсуохпун наада эбит. Лира сүүрэ-хаама былаастаан дьиэтин диэки хаамта, киэһэ чаас ыраатан биир да массыына суолга көстүбэт, арай халлаан барыта хараҥа былыттарынан сабардаан, Лира тоҥмут, куттаммыт сүрэҕин өссө ыардык баттаата.

Ааҕыллыбыт хонуктар кимтэн да ыйыппакка бииртэн биир көҕүрээн истилэр. Лира быраатын куоракка илдьээри массыына ыйыта сатаабытын, биир да киһи сытар ыарыһаҕы ылбаппыт диэн буолумматылар. Ити ыккардыгар ый ааста, Мэхээчэни быраастар аккаастаан балыыһаттан дьиэтигэр таһаардылар.

– Эдьиий, сэниэм олох суох дии, эмтэнэн бүттүм да? Ээ, эһиэхэ таҕыстахпына үтүөрүөм дии, эдьиий… – дии– дии, Мэхээчэ үөрбүтэ буолла…

– Мэхээчэ, эйигин дьиэтигэр таһааран сынньатыҥ диэтилэр. Дьоҥҥор бараҕын дуу, миэхэ бараҕын дуу? – Лира аргыый кыатана сатаан ыйытта.

Мэхээчэ саҥата суох сытта.

– Ханнык дьиэлээхпиний, эдьиий? Ийэбит өлбүтэ дии, онно хайдах баран соҕотоҕун сытыамый?.. – ити тыллар Лира сүрэҕин сытыы быһаҕынан быһыта сотордуу аһыттылар.

Лира быраатын санаатын өйдөөтө.

– Миэхэ, эдьиийгэр, бырааттаргар, балтыларгар тахсаҕын сөп? – диэн эмиэ ыар санааны уҕарыта сатаан Лира быһаарда.

Тахсалларыгар быраас улахан искэннээх ыарыһахтарга бэриллэр, ыарыылара киирдэҕинэ уоскутар, утутар норкуостаах эмп анаата.

– Бу ампула аҕыйах, ол эрээри кини олус күүстээх норкуостаах. Маны ыарыыта наһаа күүскэ киирдэҕинэ биэрэр буолуҥ. Ордук түүн киирэр искэн ыарыыта, – диэн быраас Егор Дмитриевич быһаара олордо.

Ол тухары Лира хараҕын уута быыстала суох сүүрүгүрэр, күндү киһитэ аҕыйах хонугунан суох буоларын истии хайа да инчэҕэй эттээх сүрэҕинэн, өйүнэн-санаатынан ылыммат балаһыанньата. Өлүү диэн кытаахтаата да, ыыппат сокуоннаах. Ону эдэркээн быраата, баҕар, сүрэҕинэн сэрэйэн сытара буолуо, баҕар, оҕотук санаатыгар билиммэккэ, итэҕэйбэккэ сытара буолуо, ким билиэй…

Балыыһаттан быраатын Лира дьиэтигэр аҕалла. Кэргэнэ сөбүлээбэтэҕэ буолан буугунаабытын үйэтигэр биир– дэ Лира кэргэнин саба саҥарда: «Хонук аахса сытар киһини таһырдьа быраҕаары гынныҥ дуо?!» – диэн суобаһын таарыйда. Кэргэнэ онтон ыла аахсыбатаҕа, оҕолорун көрсөр буолбута. Лира быраатын биэбэйдээн, кыра оҕолуу ньуоскаттан аһатан, өйөөн туруоран хаамтара сатаан, таһырдьа кыратык таһааран санаатын көнньүөрдэн ол курдук өссө биир ый ааспыта. Бу күннэр тухары сокуоннай ойохпут ааттаах дьахтар биирдэ да балыыһаҕа да, дьиэҕэ да ыарыыласпатаҕа. Машаттан Лира кэлэйиэн кэлэйбитэ. Ол оннугар Машаны онно күүлэйдии, манна пиибэлии сылдьарын көрбүттэр-истибиттэр сурахтара Лира да кулгааҕар иһиллэн ааспыттара.

Биир сарсыарда Лира туох эрэ чурулуур тыастан уһуктан кэлбитэ. Мэхээчэ бэйэтэ туран сууна сатыы турар эбит. Лира куттаммата, саһан туран көрдө. Мэхээчэ салыбыраан-илибирээн, уҥуох да тирии буолбут илиилэринэн тайанан, умывальниктан тэйэн куукуна диэки кэлэн истэ. Сүүһүттэн тыбыс-тымныы көлөһүнэ сарт түһэн, сэниэтэ төһө да эстибитин биллэр, өсөһөн хааман истэ. Лира ону көрөн тулуйбата, быраата барахсан саатар онон, эдьиийигэр көмө буолаары хара күүһүнэн, ити үлүгэр искэн ыарыытын тулуйа сатаан турдаҕа. Мэхээчэ нэһиилэ кэлэн оронугар сытынан налыс гынна. Лира хараҕын уутун кистээн улаҕа хайыһан билбэтэх буола сатыы сытта. Онтон сотору Мэхээчэ эдьиийин ыҥырда.

– Эдьиий, иһим уотунан умайар, укуоллаа эрэ, – диэн нэһиилэ саҥа таһаарбытын Лира истэ охсон ойон туран, быраатын норкуоһун оҥоро ыстанна.

Ыарахан ыарыыны кытта хабыр хапсыһыыга да сытан, киһи чаҕылыйа тыгар күн сырдыгар тардыһар… Саатар айылҕа күһүҥҥү халлаана хараҥа былыттарынан сабардаан, Мэхээчэ хаһан күн тыгарый диэн эдьиийиттэн сураһар буолла. Лира төһө да тоҥ күһүҥҥү былыттары халбарыта анньыан баҕардар да, киниэхэ оннук аптаах күүһэ суох буоллаҕа. Арай, билэр-билбэт Айыыларыттан көрдөһөн, бүгүн алаадьы астаан оһоҕун, тиэргэнин иччилэрин аһатан көрдөһөргө сананна. Лира оһоҕун тигинэччи отуннуран, киэһэ эт миинин бидиличчи буһаран, алаадьытын саһарчы сырылатан сыт таһаара турда.

Алаадьы барахсан сыта-сымара минньигэһин, алаадьы да эмтиир, киһи ыгыллыбыт өйүн-санаатын холкутатар диэн өбүгэбит барахсан ыксаллаах эбэтэр махталлаах үөрүүлээх түгэҥҥэ, алаадьы астаан дьиэҕэ сыт таһааран өбүгэлэриттэн көрдөһөрө. Лира ол сиэри-туому тутуһан, тапталлаах күндү киһитин туһугар, үтүөрэрин уонна күнү чаҕылыта сырдаталларын көрдөһөн дьиэтин оһоҕун уонна тиэргэнин алаадьынан күндүлээтэ. Ол киэһэ быраата арыый буолбуттуу, дьыбааҥҥа хааман кэлэн олордо, оҕолору кытта үөрдэ-көттө, икки тэриэлкэ сыалаах миин истэ, эдьиийэ астаабыт алаадьытын хаһы да астына сиэтэ. Лира санаатыгар, быраатым үтүөрүө диэн эрэл кыыма чаҕылыйда. Дьэ, ол курдук ньир-бааччы саха ыала буолан үөрэ-көтө кэпсэтэн, оонньоон, отой хойутуу утуйдулар. Лира арай түүлүгэр үс хатыҥы, икки тиит маһы көрөр. Биир улахан тиит дэлби саһаран көмнөҕө саккырыыр курдук, биир арыый намыһах тиит, эмэҕирбит уонна сууллумаары өйөммүт моһуоннаах эрээри, Лира ол маһы суулунна дии саныыр. Онтон үс хатыҥтан саамай уһун хатыҥ сэбирдэҕэ сиргэ тохтон, ол хатыҥ эмиэ бөкчөччү нөрүйбүтүн көрөр. Арай ол кыра тиит уонна улахан хатыҥ тула дьон үөмэхтэһэллэр уонна салама ыйыыллар. Ол турдаҕына эмискэ ким эрэ саҥата «Тулуй!» диэн иһиллибититтэн Лира оронугар олоро биэрдэ. Арай уһуктубута, Мэхээчэ наһаа минньигэстик утуйан, муннун тыаһа биир тэҥник сыыгыныыр. Лира быраата утуйа сытарын көрөн манньыйда: төһө да ыар ыарыыга ыллардар, кини кырасыабай сэбэрэтин – хойуу хаастарын, үрдүк, кырыылаах муннун көрөн, сааһырдаҕына кырасыабай эр киһи буолсу диэн сыаналыы туран, арай өйдөөн көрбүтэ: халлаан халлыбыт, күн чаҕылыйа тыган, чыычаах ырыата бөҕө эбит. Тыый, тугун үчүгэйэй, Мэхээчэ күн уотун көрүөн, сылааһыгар угуттаныан баҕарбыта ыраатта дии, тыый, иччилэр көрдөһүүтүн истибиттэр. «Иэхэйбиин», – диэбитинэн Лира тэлгэһэтигэр ойон тахсыбыта, арай тэлгэһэ сайыҥҥылыы көҕөрбүт, ньээм от саһаран онон-манан көстөр. «Махтал! Махтал! Махтал!» – диэн Лира иһигэр ботугураабытыгар, арай Мэхээчэ эдьиийин ыҥырда:

– Эдьиий, көр, көр, күн тыкпыт дии, тугун үчүгэйэй. Миигин таһырдьа таһаарыый…

Лира дьиэҕэ ойон киирдэ. Быраатын сыллаан-уураан таҥыннаран, аргыый куустуһан тэлгэһэҕэ таҕыстылар. Лира быраатыгар эрдэ сымнаҕас олбохтоох олоппоһу уонна түүлээх сылаас суорҕаны бэлэмнээн, күн саамай сылаас, сырдык сиригэр илдьэн олорто.

– Мэхээчэ, дьэ күммүт эйиэхэ анаан, Айыыһыттарыҥ көрдөһүүтүнэн, тыкпыт, хонуу кытта киэргэммит дии, көрүүй… – диэн Лира үөрэн чаҕаарыйда.

– Эдьиий, кэрэтиин… – диэн Мэхээчэ дьолломмут мичээрэ эдьиийин сүрэҕин сылаанньытта, хас эмэ түүннээх– күннээх ыарахан күннэр кэннилэриттэн куһаҕан ыарыы халбарыйбыт курдук буолла.

– Мэхээчэ, эн манна олорон сибиэһэй салгынна тыын, күҥҥүн кытта кэпсэт, чыычаахтарыҥ саҥатын иһит. Мин эйиэхэ сөбүлүүр хааһыгын буһарыам, чэйдэтиэм, сөп? – диэн Лира быраатын сүүһүттэн кыра оҕотун курдук нарыннык, ийэлии сыллаан, кууһан ылла.

Бу түгэҥҥэ хайдах эрэ, буола турар түгэн атын кээмэйгэ барбыттыы, Мэхээчэ туран сүүрэрэ көһүннэ, тиэргэн иһэ лыахтарынан, сибэккилэринэн толору буола түстэ. Лира хараҕым иирэр дуу, диэн олус соһуйда, быраатын диэки хайыһан көрбүтэ: кини тула кустук курдук улахан чаҕылыйан көстөр ситим эргийэн турар эбит. Лира «Тыый, бу тугуй? Бырааппын үтүөрдэ төрүттэрэ кэлбиттэр дуу» диэх курдук санаа киирэн истэҕинэ, барыта сүтэн хаалла. Мэхээчэ олорорун курдук мичээрдии олороро, Лира дьиэтигэр киирэн чэй өрө сырытта. Мэхээчэ тэлгэһэҕэ күн диэки хайыһан, наһаа үөрэн, үрүҥ күн сылаас утахтарыгар сылаанньыйа олороохтуура. Олох диэн ыарыһах киһиэхэ өссө ордук күндү, кэрэ буолан уратытык көстөрүн бу түгэҥҥэ Айыылар, иччилэр эрэ билэн турдахтара…

Лира, ыллыы-ыллыы, чэйин өрөн, хааһытын буһаран быраатыгар тахсан истэ. Арай Мэхээчэ олоппоһугар суох, Лира хаһыытаабытынан сүүрэн тиийбитэ, Мэхээчэ былаат курдук буолан сытар эбит. Лира айманан кэргэнин ыҥырда. Аан аһаҕас турар буолан, кэргэнэ истэн, тута сүүрэн кэлэн, Мэхээһи сиртэн көтөҕөн ылан, дьиэҕэ оронугар киллэрэн сытыардылар. Лира ытаабытынан быраатын ыҥырда:

– Мэхээчэ, Мэхээчэ, хайдаххыный?

Лира куттаммыт хаһыытыттан оҕолор уһугуннулар. Уол хараҕын аргыый арыйда, сүтэ илик мичээрдээх уоһунан эдьиийин ыҥырда:

– Эдьиий, көр эрэ лыахтар бөҕө кэлбиттэр, итиннэ үрүҥ таҥастаах дьон кэлэн эрэллэр, наһаа үөрбүттэр. Мин тугум да ыалдьыбат буолбут дии. Эдьиий, мин куоракка барыам дии, эдьиий, миэхэ кыһыл бейсболка ылыахпыт дии… – диэн Мэхээчэ эмиэ да илэ, эмиэ да тугу саҥарарын өйдөөбөттүү мээнэ дьиэ үрдүн одуулаһа сытта…

Лира оҕолору хостон таһаартаан, кэргэнигэр таҥыннартаан, дьоҥҥор илт диэн соруйда. Оҕолор уку-сакы буолан хостон тахсалларын кытта, чаҕылыйа тыган турбут күнү хап-хара былыт сабардаан, айылҕа чаас аҥаара кэрэтийэн турбутун мэлдьэһэн, тыалыран-кууһуран барда. Лира бу буола турары өссө да итэҕэйбэтэхтии, быраатын көлөһүнүн сото-сото ботугураата:

– Мэхээчэ, барыта үчүгэй буолуо, Мэхээчэ… үтүөрүөҥ, куоракка барыахпыт, арбуз сиэҕиҥ, бейсболкаҕын кэтиэҕиҥ дии… – диэн сэниэтэ эстэн эрэр уолу илиититтэн тутан олордо.

– Эдьиий, мин үтүөрүөм этэ дии, эдьиэй, арбуз сиэбит киһи-и… – дии сытан, Мэхээчэ эмискэ эдьиийин илиитин сүр күүскэ харбаан ылла.

– Эдьиий, хайдах эрэ буоллум, эдьиий, иһим уот аһыйар, абытай да, абытай, эдьиий, эдьиий… – Мэхээчэ эдьиийин илиититтэн тардыһан тураары, эмискэ налыс гынна.

Лира сытыы хаһыыта таһырдьа дуораһыйан иһилиннэ.

– Мэхээчэ, Мэхээчэ, барыма… Мэхээчэ, быраатым барахса-аан!!!

Ааҕыллыбыт хонуктар тиһэх күннэрэ, чаастара, мүнүүтэлэрэ, сөкүүндэлэрэ бүтэн, үрүҥ кут кыл түгэнэ ыарыһах эт-сиин хаатыттан төлө көтөн тахсан, уол үрдүнэн үстэ эргийэн ылаат, куйаарга үөһэ талаһа турбута. Мэхээчэ олус үөрэн, чэпчээн, киниэхэ анаммыт үрүҥ ырбаахытын кэтэн, ийэтин кытта сиэттиһэн, куйаар туманнаах сырдык суолунан киирэн бара турбуттара. Аллара Лира айманан ытыыра, күһүҥҥү хахсаат тыал дьиэ кырыыһатыгар охсуллара уонна мичээрдии сатаабыт эдэр уол ыарахан ыарыыттан эрэйдэммит этэ-сиинэ хаалбыттара…

* * *

– Тулуй! Ханнык да ыар түгэҥҥэ барытын олох туһугар, таптыыр киһиҥ туһугар, төрөппүт оҕоҥ туһугар, тулуй! Тулуй! Тулуй!..

Мэхээчэни тиһэх суолугар атаарар күнүн быдан инниттэн, кини эдэр сүрэҕэ тэппэт буолбут чааһыттан ардах курулаччы тоҕо түспүтэ. Лира түннүккэ өйөнөн туран, быраатын тиһэх күнүн сөкүүндэтигэр тиийэ, киинэ курдук хат-хат эргитэн, хараҕын уута тохтоло суох саккырыырыгар кыһаммакка, сүрэҕэр бырастыы гыммат аба-сата аһыыта кини уйулҕатын уотунан салыыра. Былыр кырдьаҕастар этэллэрэ эбитэ үһү: аанньал курдук ыраас, туох да аньыыны бу Орто дойдуга оҥорботох киһи өллөҕүнэ, айылҕа ардаҕынан ытыыр диэн. Мэхээчэ өлбүтэ бүгүн үһүс күнэ. Ол тухары сир-дойду уунан чаалыйда, суол-иис барыта бадараан чалбахха тимирдэ. Халлаан, бу үлүгэр нэлэмэн киэҥ халлаан, саба барыйан турар ийэлии, ардаҕынан ытыыр.

«Мин быраатым барахсан биирдэ да кимниин да этиспэтэх, хадаардаспатах, охсуспатах буруйдаах, биирдэ арыгыны, табаҕы боруобалаабатах буруйдаах, биирдэ кыыһы хомоппотох, содур тылы дьахтарга бырахпатах буруйдаах, биирдэ мин диэн киһиргээн, киэбирэн өттөйбөтөх буруйдаах… уонна эдэркээн сааһыгар оттомо, солуута суох дьахтар албыныттан, ийэлии сыһыаннаспатах кийиит ийэтиттэн дьарыллан, атаҕастанан, үөҕүллэн ииҥҥэ киирэн сытар. Көссүүлэспит дьахтар, кийиит арыгыһыт ийэтэ – кинини кэнниттэн күлүү оҥосто оонньообуттар – тоҕо эрэ тыыннаахтар. Кини бу кирдээх олоххо оҕолуу ыраас олоҕу олорон анараа дойдуга барда. Кини бу Орто дойду киригэр-хоҕугар ончу сыстыбата, кини саҥата суох эрээри, олус элбэҕи бэйэтин быһыытынан көрдөрөн барда. Ол эрээри ол кэрэни биһиги, бу Орто дойду кирин-хоҕун сыыла сылдьан батыһар дьон, ол ырааһы, кэрэни, чуумпуну кыайан көрбөтүбүт. Малга-салга иҥсэрэммит, туһата суох бырааһынньыктарга сылдьаммыт, бэрпитин былдьаһаммыт, кыаҕа суоҕу кыам үктээммит, куһаҕаммытынан киэн тутта киэбирэ сылдьан хантан көрүөхпүтүй?!


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации