Текст книги "Эн онно хайаан да тиий"
Автор книги: Николай Босиков
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 10 (всего у книги 12 страниц) [доступный отрывок для чтения: 3 страниц]
2
Соловей туһунан аҕыйах тылы суруйан турабын. Бу – ураты киһи. Баҕар «ураты» диэн тыл наһаа дарбааһыннаах буолуон сөп. Билигин киһиттэн ураты киһини көрдөөн булар уустугурда. Баҕардаҕына, ким баҕарар ураты буолуон сөп. Ол эрээри Мииккэ-Соловей биһиги дьоннорбутуттан көстөр-биллэр уратылаах.
Кини – фабрика суос-соҕотох художнига. Саҥаны, үчүгэйи, үйэлээҕи айар киһи – кини. Быһаччы эттэххэ, кыраҕы харах, чуор кулгаах. Сарсыарда үлэтигэр ким-хайа иннинэ кэлэр. Өрүү ыраас, өрүү өтүүктээх көҕөччөрдүҥү сырдык көстүүмү, килбэҥнээн көстөр лаахтаах бачыыҥканы кэппит буолар. Үлэтин телефонтан саҕалыыр. Үлэ чааһа саҕаланыан уон биэс мүнүүтэ иннинэ, 2-31-32 нүөмэргэ эрийэн, кими да ааттаабакка эрэ үтүө сарсыарданан эҕэрдэлиир. Ити кэмҥэ сирэйэ сырдаан, уоһа ыпсыбат буолан ылар. Олус көтөҕүллэн олорон, таайтарыылаах, тустаах сүрэх эрэ ылынар дьикти бэлиэ тыллары этитэлиир. Ол тыллар хас сарсыарда аайы хатыланаллар. Тоҕуһу биэс мүнүүтэ ааһыыта Мииккэҕэ чыбыгыраабыт түргэн саҥалаах, ханнык эрэ тэрилтэ улахан салайааччытын сирэй секретара телефоннуур. Өрүү киинэ, кафе туһунан кэпсэтэллэр. Кыһыл өҥнөөх «Москвич» үгүстүк ахтыллар. Мииккэ бастакытааҕар тоҥуйдук, судургутук кэпсэтэр эрээри, ону барытын ис сүрэҕиттэн таһаарар. Хаһан, ханна төһөҕө көрсөрү болдьоһор. Күн атын өттүгэр туохха да аралдьыйбакка, иккилии чааска биирдэ тахсан «Пегас» сигаретаны тардан киирэ-киирэ олорор.
Соловей бастакы табахтааһыныгар, ол аата уон биир диэки, экономическэй отдел сэбиэдиссэйэ киэҥ арылхай харахтаах, хойуу бураллыгас хара куударалаах Орфей Михеич Ильин кэлэр. Орфей Михеич Соловейга – уун-утары киһи. Кини таҥаһа хаһан да өтүүктэммэт, бэл бырааһынньыктарга көнө, бэрээдэгирэ түспэт. Өрүү кими эрэ үтүктэ сылдьардыы мып-мынньыстыгас. Кини наар телефону кытта «тустан» тахсар. Куорат ол-бу өттүгэр олорор араас идэлээх дьону кытта телефоннаһан үөрэр, көтөр. Сороҕор хаҕыс да соҕустук кэпсэтиһэн ылар. Быһаччы эттэххэ, үгүс билсиилээх-көрсүүлээх, киэҥ дэлэгэй киһи.
– Мииккээ, хаһан кэргэн ылан эрэбит? Сыбаайба арыгытын иһэр, ама сөп буолбата дуо? – диэн күн аайы Соловейтан биир боппуруоһу ыйытар. Хас күн аайы хоруй ылбат. Онно кыһаллыбат, олоруохтааҕар эрэ ыйыппыт курдук туттар. Телефоннаһан, киирэн-тахсан баран, «үрдүкү тэрилтэлэргэ» хааһах курдук улахан бартыбыалын санньыччы туппутунан ааһар. Үлэ бүтүүтэ кэлэ сылдьыах буолан үөрдэр. Мин кинилиин биир дьиэҕэ, биир фабрикаҕа үлэлиир буоламмын, аламаҕайдык көрсөбүт, дорооболоһобут. Ол биһиги күннээҕи үлэбит таһынан эбии эбээһинэспит курдук буолан хаалбыт. Кини миэхэ сыһыана суох. Миигин Артур Семенович быһаччы салайар. Билигин Тит Иванович Павлов салалтатыгар киирдэҕим.
Сэрии кэннинээҕи аҕай сыллар мин өйбүттэн сүппэттик иҥэн хаалбыттар. Куоракка таас дьиэ суоҕун курдук этэ. Үгүс уулуссаларга туох да сылдьыбат, этэргэ дылы ооҕуй оҕус дьэбэлгэлиир бадарааннара сылы быһа баһылла сытааччылар. Тоҕо сылы быһа диибин? Кыһын тоҥо-тоҥо, сайын ирэн иһэр этилэр. Ол саҕана мин, тыа уола, эргиэн техникумугар үөрэнэ киирбитим. Олорор дьиэ суоҕа.
Киирбит күһүммүтүгэр, оччо аһа-таҥаһа суох уолаттар, Балбаара эмээхсин кыракый самнархай дьиэтин хоруобуйатын иһигэр хаар түһүөр диэри олорбуппут. Сарсыарда бабыгырыы тоҥон уһуктарбыт.
Ол күһүн эдэр чэгиэн Артур Семеновиһы көрсүбүтүм. Кини оччолорго саҥа тэриллэн эрэр фабрикаҕа директорынан кэлбит этэ. Миигин фабрикаҕа араас үлэҕэ ылбыта. Кыракый хоско үһүө буолан олорбуппут. Кырдьаҕаспытын быһаччы Дьөгүөр оҕонньор диэн ааттыырбыт. Кини сэттэ уонуттан тахсыбыт эрээри, хоп курдук сэбэрэлээх киһи этэ. Олбуору көрөрө-истэрэ. Эмээхсинэ өлүөҕүттэн уопсайга кэлэн олохсуйбута. Оччо уһаппакка-кэҥэппэккэ, уон сыл бииргэ олорбут, аҕа туттубут оҕонньорум кимин-тугун билиһиннэрэ түһүүм. Эдэр-сэнэх эрдэҕинэ кыанар киһи эбит, атаҕар да, илиитигэр да үчүгэй эбитэ үһү.
Сэриигэ 1941 сыл сайыныгар, атырдьах ыйыгар иккис хомуур диэн аатырар хомуурга барбыт. Барарыгар кыыһа, күҥҥэ көрбүт суос-соҕотох кыыһа, биэс ыйдааҕа үһү. Ол көмүс бэйэлээҕи кэргэнинээн тоҕус сыл көрдөөн булбуттар. Ол иһин Дьөгүөр биэс ыйдаах кыыһын аҥаар тэрэпиискэ этэрбэһин, сүрэҕин туһунан, гимнастеркатын сиэбигэр уктан илдьэ барбыт. Кыракый этэрбэс Дьөгүөрү кытта сэрии түөрт эрэйдээх сылын туораһан, дойдутугар этэҥҥэ эргийбит.
Оҕонньор аҕыс уонун туолла-туолумуна сылдьан өлбүтэ. Артур Семенович оҕонньору олус үчүгэйдик тутан-хабан, бочуоттаан хараттарбыта. Өлбүтүн кэннэ билбитим, уон сыл бииргэ олорбут киһим бойобуой ордена, мэтээлэ элбэҕин. Кини олох кэппэт даҕаны, кэпсээбэт даҕаны этэ. Дьон аҕыннахтарына «ааспыт суол, тугу баран» диэн кэбиһээччи. Барахсаным оннук сэмэй, оннук биллэ-көстө сатаабат киһи этэ. Үһүспүт, кэлбит-барбыт, сулдьуруйбут экспедитор Максим Ильич. Кини биһиги кыараҕас хоспутугар ахсааннаахтык хоноро. Хонноҕуна да холуочук, эбэтэр өлөр итирик буолара. Онон биһиги Дьөгүөр оҕонньордуун бииргэ аһыырбыт-сиирбит. Үтүө майгыннаах, саҥата-иҥэтэ суох оҕонньор өлөр өстөөҕө – табах, арыгы.
Максим Ильич арыгылаан баран, хотуотугар харан дуу, умайан дуу, туруору кырдьыгынан эттэххэ, оччо үчүгэйэ суохтук өлбүтэ.
Максим Ильич өлбүтүн кэннэ аҕыйах хонон баран, күнүс үлэлии сырыттахпына, Артур Семенович ыҥыттаран ылбыта.
– Төһө бэркэ үлэлиибит, – диэн баран кини миигин билгэлиирдии супту көрбүтэ.
– Үчүгэй, – диэн бараммын, эппиппин бэйэм эрэммэтэхтии, симиттэн турбутум. «Үчүгэйэ ханан килбэйэ сылдьарын этэ оҕустум ити» диэн мунаара быһыытыйдым.
– Үчүгэй буоллаҕына, үчүгэй. Көр эрэ, Виктор, эйигин толоругас, биир тыллаах, чиэһинэй киһинэн ааҕан, Максим Ильич оннугар, биһиги бэйэбит да кинини уларытаары сылдьар этибит, ону эрдэлээтэ, экспедиторынан анаары гынабыт.
– Кыайыам суоҕа.
– Кырдьык, маҥнай утаа ыарахан буолуо. Ону өйөһөн, сүбэлэһэн көрүөхпүт. «Сүгэ кыайбатаҕын сүбэ кыайар» диэн бэртээхэй этии баар дии. Ылын. Атын киһибит суох. Туох наада буоларын барытын оҥоруохпут, көмөлөһүөхпүт.
Ити курдук көмөлөһөллөрүн истэн баран, Артур Семеновичка аккаастыы үөрэммэтэх буоламмын, мин экспедитор буолбутум. Саҥа үлэбин, сотору буолаат, ис испиттэн сөбүлээбитим. Хамнаһа кыратын иһин кэлиитэ-барыыта мин айылгым иһинэн буолбута. Онтон икки сыл хоту баран кэлбиппин аахсыбатахха, отучча сыл ааһа оҕуста. Үрдээбэккэ да намтаабакка да үлэлии сылдьабын. Артур Семенович көмөтүнэн баҕалаах үөрэхпин бүтэрбитим да, ылбыт идэбинээҕэр экспедитордыырбын ордоробун.
Биһиги фабрикабыт – куорат биир үчүгэй үлэлээх тэрилтэтэ. Ол да буоллар, иһигэр араас иирсээннэр, тутатына көннөрүллүбэт куһаҕан да быһыылар күөдьүйэ тураллар.
Орфей Михеич – ылбычча киһи өйдөөбөт киһитэ. Оннук сытыы, олус элбэх билсэр-көрсөр дьонноох. Биир сарсыарда, аан бастаан ибир-сибир, онтон ботугураһан «Артур Семеновиһы утары дьыала тэриллибит, үҥсүбүттэр» диэн буолла. Ботугураһыы уһаабата, киэҥник, аһаҕастык кэпсэтиигэ кубулуйда.
– Артур Семенович тэрилтэни хоро сиэн олорорун, тэрилтэ матырыйаалынан даачатын киэргэппитин, Мииккэ-Соловейы сүгүн үлэлэппэккэ үлэһит оҥосторун, былаан туолуутугар хараҕы баайарын туһунан уонна да үксү мунньан Орфей Михеич үҥсүбүт, – диэтэ Клим Владимирович Оюков. Кини партийнай тэрилтэ секретара буолан дьыаланы дьиҥнээхтик билэр.
– Орфей Михеич иһэ тоттоҕо дии. Аҕыйах сыллааҕыта, үлэҕэ көрдөһө кэлиитигэр, холоон киһи этэ, – диэн Мииккэ-Соловей сапсыйан кэбистэ.
– Тэрилтэ эрэ аатын алдьатан, – диэтэ быһаарыыта суохтук Фекла Ивановна диэн бухгалтер.
– Көрөн иһиэхпит. Аналлаах комиссия үлэлиэҕэ, – диэтэ партком.
Орфей Михеич үлэтигэр ордук таба олорбот буолла. Кэлэрэ-барара үксээтэ. Арай Артур Семенович уолуйбат. Холкутун курдук холку. Орфейы кини үҥпүт курдук. Үҥсүллүбүт көрүҥ суох.
Комиссия үлэлээн, ревизия буолан үбү-сабы ыскайдааһын, сиэһин тахсыбатаҕын чуолкайдаата. Хараҕы баайыы, атыннык эттэххэ, государствоны албыннааһын оҥоһуллубатаҕа, үҥсүү олоҕо суоҕа дакаастанна. Орфей Михеич бэлэмнээбит этиҥэ бэйэтин үрдүгэр дэлбэритэ барара тирээн кэллэ. Ол икки ардыгар «Кыым» хаһыакка, хаһыат бэйэтин аналлаах корреспонденын Соколовы кытта холбоһон Антон Нестеров диэн университет преподавателэ «Кута хараҕа» диэн ыстатыйата таҕыста. Ыстатыйаҕа Орфей Михеич киһи быһыытынан сытыйыытын, холобурдарга олоҕуран саралыы тардан баран, тиһэҕэр кута хараҕар түһэн, өрүһүнэр соломо көрдүү сылдьар гына бэрт кыһыылаахтык суруйбуттар.
Орфей Михеич хаһыаты ыллаҕын күн кэлиэх-барыах сирин булбатах. Хаста да редакцияҕа киирэ сылдьыбыт да туһамматах. Ордук Антон Нестеровка, дьон «Антошка, Тустуук Антошка» диэн ааттыыр ньыкыҥнаабыт кыра киһилэригэр өстүйэр үһү диэн буолла. Антон сааһыгар тустубатах киһи уонна кинини тоҕо «тустуук» диэн дьаралыктаабыттарын киһи билбэт. Көрүҥмүт да онно сөбө суох.
Комиссия үлэтин дьүүллэһэн баран, Орфей Михеич персональнай дьыалатын көрөр буоллулар. Коммунистар Орфей Михеиһы үчүгэйдик өтүүктээн биэрэ-биэрэ, «партияҕа, биһиги кэккэбитигэр сөбө суох киһи» диэн түмүктээн испиттэрин, Артур Семенович тыл ылан Орфей Михеич алҕастарыгар бэрт уһуннук тохтоон, бу алҕастар инникитин көннөрүллэр кыахтаахтарын, Орфей Михеич оннук көлөөх үлэһит, бүппүт киһи буолбатаҕын бэлиэтээн, үөҕүллэн-үөҕүллэн баран, киртитиллэн, сиргэ тэпсиллэн баран, аны көмүскээччи бэрдэ буолан турда. Сэрэтиилээх кытаанах быыгабары биэрдилэр. Түһэн испит кутатын хараҕын соломотунан Артур Семенович бэйэтэ буолбутуттан Орфей Михеич соһуйан эрэ хаалла. Дьон Артур Семенович киэҥин-холкутун бэри диэн бэркиһээн, сөрү диэн сөҕөн кэбистилэр. Маҥнай утаа Орфей Михеич Артур Семеновичка «төлөрүйбэт иэскэ кииртин, кини баҕарбыт баҕатын үлтүрүтүмэ» диэн туттарбыт сүдү итэҕэлин аахайбатах дуу, өйдөөбөтөх дуу курдук этэ. «Мүччү көттүм, Антон Нестеровы охторботохпуна мин буолуом, бэрт үчүгэйэ суохтук кандидат буолбут сурахтааҕа. Бэйэтэ хаспыт кутатын хараҕар бэйэтин тимирдэн көрүөм буоллаҕа» диэн, били олонхоҕо абааһы уола кыайтаран бүтэн баран чабыланарыныы санаабыта.
– Артур Семенович олус сөпкө гыммыт. Баҕайыны туох ааттаах киһитэ илиитэ-атаҕа баран эбии охсо-тэбэ туруой. Онто суох бүппүт киһи буоллаҕа. Оҕус тириитэ иккитэ сүлүллүбэт, – диэн Мииккэ-Соловей доҕорун үтүө быһыытын айхаллыыр. «Алыс көнөмсүйүү. Барытын бары былдьаан ылан баран, туос сатыы үүрэн кэбиһиэххэ баара» да диэччилэр үгүстэр. Орфей Михеич туһунан кэпсэтии сүтүөхтээҕэр күөдьүйэн истэ. Бастаан мах бэрдэрбит, сибигинэһэн кэпсэппит дьон дьыала ырааһыран, тэрилтэттэн уоран сиэхтээҕэр, бэйэтин гиэнин тэрилтэҕэ аҕалбатаҕына баһыыбалаах үтүө киһини быдьардык үөҕүү, өрүү инники айаннаан иһэр тэрилтэни холуннарыы, үлэһиттэри хараҕы баайааччыларынан, государствоны албыннааччыларынан ааттааһын хайаан биирдэ киһи саба үрэн дуу, тутан дуу кэбиспит чүмэчитин курдук умулла охсуой. Онуоха эбии кинилэри үөхпүт, баһааҕырдыбыт киһи туох да буолбатаҕыныы туттан, харах ортотугар сылдьар.
Үчүгэйдик олордоххо күн-дьыл олус суһал, кэлбитэ-барбыта биллибэт. Туох эмэ туорайдаһар баар буоллаҕына кини нэһирэр, нэһиилэ сыылларга дылы гынар. Фабрика күнэ-дьыла нэһирдэ, дьон тыла-өһө Орфейга хонно. Киһи тыла ханнык да сүлүһүннээх дьааттааҕар күүстээх. Турар да тиити быһа сиэн охторор, сымара таас хайаны көҥүрүтэр, көһөрөр уодаһыннаах. Ол обургу инчэҕэй эттээҕи тулутуо дуо?! Маҥнай утаа кыбыллан сылдьа түһүөм дии санаабыт Орфейга уйатыгар түргэнник ууну киллэрдэ, хонноҕун анныгар уоту кыбытта. Дьон сирэйин-хараҕын кыайан утары көрбөт буолаахтаата. Туохтааҕар да норуот дьүүлэ күүстээҕин, ыараханын, хаһан да умнубат гына биллэ. Туту эмэни оҥордоҕуна даҕаны табыллыбат, илиититтэн төлө, мүччү туттара сылдьарга дылы. Уһугулаан, сатаан сылдьыа суох буолан, уоппуска ылла. Онон үргүлдьү профсоюзтарга, оччо куһаҕана суох миэстэҕэ, көһөр сураҕа иһилиннэ.
– Тэрилтэбит аатын-суолун алдьатан бардыҥ. Туохха наадалаах суолунан дьарыктанаҕын? Бу куһаҕан идэҕин бырах, көспүт сиргэр үчүгэйдик үлэлээ, – диэн тимир-тамыр курдук кэпсэтиһэн, хаһан да киһиэхэ куһаҕаны баҕарбат, наар үчүгэйи санаан көмөлөһө сылдьар Артур Семенович Орфейы атаарбыта. Атаарыы да буолуо дуо, ким да истибэтигэр, Артур Семенович кабинетыгар тиһэх кэпсэтии итиннигэ.
Артур Семенович үйэтигэр киһини кытта быһаччы, бэйэтин былааһын биллэрэр гына аҕыйахта кэпсэттэҕэ буолуо! Ол курдук кэпсэттэҕинэ даҕаны, ол туһааннаах киһитээҕэр, бэйэтэ ордук эрэйдэнээччи. Орфей Михеичкэ эппит кытаанах, быһаччы тылларын өргө диэри умнубакка илдьэ сылдьыбыта. «Бостуой да хомуруйдум ээ» диэн санаа-оноо оҥостубута.
Ити кэмҥэ Артур Семеновиһы кытта кэпсэтиини Орфей умнубута ырааппыт этэ.
«Дьэбин – тимири, санаа киһини сиир» диэн этиллэр өс хоһоонун эрэ умнубаттык санаан кэбиһэҕин. Муударай өс хоһоонуттан сулбу ыстанан тахсар сүлүһүннээх ох ким сүрэҕин таба сүүрбүтүн ааҕааччы бэйэҥ санаан кэбис.
3
Нерюнгрига кыайан көппөтүм. Чульман сабыылаах буолан биэрдэ. Авиапорт дьиэтин киэҥ-куоҥ уораҕайын устун хаама сылдьан Артур Семенович Денисов туһунан баҕарбатарбын даҕаны санаан таҕыстым. Билэр, таптыыр киһим икки аһыныгас, эйэҕэс, көнө харахтарын сабан өлө сытарын көрүөхпүн саллабын, хайдах эрэ ол курдук өлбүт киһиттэн этим тардар. Ол иһин бокуонньуктан тумна, тэйэ туттабын, аҕыйах сыллааҕыта, төһө да баҕарбатарбын, кыһалҕа да кыһайан, иэс да төлөнөрүн сиэринэн, ийэлээх оҕо тапталларын көстүбэт күүһүнэн салайтаран, көтөҕүөхтээх киһибин – ийэбин көтөҕөн, уҥуох туппутум. Ол ыарахан этэ. Хоруопка сытар олох кыччаан, аччаан хаалаахтаабыт ийэм эрэйдээх уҥуохтаах тириитэ харахпар өрүү баар. Кини хаһан да өлбөөдүйбэт истиҥ сэбэрэтэ тыыннаах. Көмөөрү туран «маннык кыра, маннык дьарамай барахсан, хайаан миигин сүгэ, көтөҕө сылдьыбыта буолла», дии санаан баран, саҥата суох, эр киһилии ыараханнык ытаабытым. Ийэм тыыннаах эрдэҕинээҕи татым соҕус олох умнуллубат түгэннэрэ утуу-субуу, үтүрүһэ-үтүрүһэ киирдэр-киирэн испиттэрэ. Сэрии саҕанааҕы сут, кураан сыллар ыарахан илиилэрэ ийэм муҥнаах санныгар хаһан да сүппэттик, бэлиэтик тайаммыттара. Кини сут эриирин-мускуурун, сэрии кини дьиэтин үрдүгэр тоҕо тутан кэбиспит сорун-муҥун барытын тулуйбута. Биһигини, ньуолдьаҕай эттээх-сииннээх кыракый дьону, уҥуохпутун кытаатыннарбыта, дайарбытыгар, кус оҕотунуу эттэххэ, дабыдал, куорсун анньан биэрэн, уйадыйбыт дууһабын «тулуй, эрдий, мантан куоппут суох» диир күүстээх санааны этэр саҥалар уоскуппуттара. Ол да буоллар, оҕо сылдьан олоҥхоҕо, остуоруйаҕа истибит, өлбүт киһини тилиннэрэр «өлбөт мэҥэ уутун» өрүү санаан тахсар идэлэммитим. Бүгүн эмиэ ону саныыбын. «Арай мин илиибэр «өлбөт мэҥэ уута» баар буоллун кими-кими тириэриэ этимий» диэн кэнэнник саныыбын. Ол санаабыттан кыбыстарга дылыбын. Тоҕо? Бэйэм да билбэппин. Дьиҥэр, үтүө, сырдык санаа, баҕа эбээт. Баҕар кэлин өлбөт мэҥэ уутун да булуохтара…
Үлэҕэ ылбыт, киһи-хара буоларбар улаханнык көмөлөспүт, аан маҥнайгы олоҕум саҕаланыытыгар суол үктэнэрбэр кыаҕы, күүһү биэрбит аҕа киһибин тиһэх суолугар атаарсыбатым ханан да сатаныа суоҕун санаан, түктэри соҕус буолуоҕун өйдөөн, самолет көппөт буолбутунан туһанан, билиэппин төттөрү туттаран бараммын дьиэбэр таҕыстым.
Төннөн кэлбиппин Сонордьут үөрэ көрүстэ. Кинини мин суохпар көрүөх буолбут ыалым Яша хомойбут курдук тутунна. Кини Сонордьуту кытта сылдьарын, сүүрэрин-көтөрүн олус таптыыр. Яша мин өр буола, ыраах барарбар баҕарар. Сороҕор баарбына, көҥүллэтэн, куорат таһыгар хонууга илдьэ барар. Олус үөрэн-көтөн, сүргэтэ көтөҕүллэн төннөр. Кутуйаҕы хайдах туппутун, дьабарааскыны эккирэтэн хороонугар куоттарбытын эбэ-эбэ, омуннура-омуннура кэпсиир. Оҕо-оҕо курдук туох баар үөрүүтэ-көтүүтэ, ис санаатын, дууһатын арыллыыта олорчута мин Сонордьуппар түмүллэр. Ыппын Яшаҕа бэлэхтээн кэбиһиэхпин саныы-саныыбын соҕотохпуттан тардыстабын. Сонордьут – бэйэтэ да өйдөөх, киһини кытта кэпсэппэт эрэ ыт.
Үлэ бүтүүтэ Тит Иванович Павлов кэллэ. Урут сылдьыбат буолар этэ. Биир тэрилтэҕэ уһуннук үлэлээбит буоламмын, төһө да дуоһунаһым кыратын иһин, бииргэ үлэлиир дьонум кыратыттан улаханыгар тиийэ миигин оччо туоратааччылара суох, хайа уонна араас кыһалҕаларыгар ону-маны булааччы, сүүрдээччи-көтүтээччи мин буоллаҕым дии. Аныгы киһи, бэйэтэ төһө да баҕарбытын иһин, кыра эмит балаһыанньалаах буоллаҕына, ону харыстаан, оҥоһуллуох да курдугу оҥоро охсубат. Биһиги курдук атын дьоннорунан оҥотторор. Сорохтор онно үөрэнэн хаалтар, сорохтор кырдьык даҕаны сололоро суох.
– Барбатаххын дуу?! Киһибитин, Артур Семеновичпытын, көмүүгэ төһө да комиссия баарын иһин, биһиги сүүрдэхпитинэ-көттөхпүтүнэ сатанар. Буоругар эн тыл этиэҥ этэ. Киниэхэ эн курдук уһуннук үлэлээбит киһи биһиги ортобутугар суох, – диэтэ кини, аа-дьуо олоппоско олоро-олоро.
– Буолар да эбит… Мин, Тит Иванович, маннык түгэннэргэ сатаан саҥарааччым суох. Олох санаабатах өттүбүттэн киирдиҥ. Төһө да куттамматаҕым иһин, тардыас, кэлэҕэй, ордугун салҕалас буолабын. Өлбүт киһи ол курдук сүрбүн-куппун баттыыр. «Бокуонньуктан куттанар киһи эрдэ суорума суолланар» диэччилэр да, ама, мин билигин өлүөм дуо, ону итэҕэйбэппин, ол гынан баран саллабын. Атын дьон эттиннэр.
– Мин, эн уонна партийнай тэрилтэ секретара этиэхпит. Атын кими этитээри гынаҕын.
– Мииккэ-Соловей.
– Кини тыла да суох сүүрэрэ-көтөрө элбэх. Олус соһуйан, бэйэтэ даҕаны… – диэн баран туту эрэ толкуйдаабыттыы, этиитин түмүктээбэккэ тохтоото уонна быһа бааччы: – Кини эппэт, – диэтэ.
Саҥата суох тохтуу түстүбүт. Дьиэ иһэ уу чуумпу буолла. Кыра да тыас улаатта. Холодильник олоҥхолоон эрэр куоска курдук курдьугунаамахтаан баран тохтууругар өрө бабыгырыы түстэ. Баччааҥҥа диэри баара-суоҕа биллибэккэ турбут остуол чаһытын тыаһа улаатан, биир кэм чыллырҕаан иһилиннэ.
Тит Иванович – кыра уҥуохтаах, куоскалыы ыраас, уурбут-туппут курдук киһи. Мин кинини көрдөрбүн эрэ, тоҕотун бэйэм да билбэппин, саланан моччоорута олорор дьикти ыраас кот-васьканы санаан кэлэбин. Харахтара да онно маарынныыр. Лоппоҕор таастаах ачыкыны араарбакка кэтэр. Биһигини хам кууһан ылан баран, ыга баттыы сатыы турар чуумпуну аймаан, биллэ-биллибэттик өрө тыынан кэбиһэн баран, олорбут олоппоһуттан тыастаахтык туран кэллэ.
– Кими директор оҥостобут? – диэн баран мин диэки хайыспакка, түннүккэ тиийэн кэтэҕин көрдөрөн, чоноччу соҕус туттан турунан кэбистэ.
Мин кини соһуччу ыйытыытын истибэтэх курдук туттан, холбоммокко турбут радиоприемнигы холбоотум. Олус чэпчэки музыка тобуллаҕас дорҕооно Тит Иванович биһигини кууһан ылла. Музыка хас биирдии иэйэн-куойан кэлэр дьикти, киһи этин-хаанын толору сайан үрүһүйэ-дьүрүһүйэ тохтор. Миэхэ маннык музыка улаҕата-көһө суох киэҥ да киэҥ тайҕаны, ол тайҕа күөх төбөтүн суугунатар чэпчэкиттэн чэпчэки сиккиэри, ылбаҕайтан ылбаҕай тыалы аҕаларга дылы. Ол тыал ити аарыгырар киэҥ тайҕалары хайа тыыран түһэр тэбиэс, түргэн өрүстэр сүүрүктэригэр киирэн симэлийэр. Тит Иванович тура түһэн баран тэһийбэтэхтии эмиэ тыастаахтык өрө тыынна.
– Үөһээ дьон – салалталар билэн олордохторо, – диэтим оччо ахсарбатахтыы, саныы турбут санаабыттан арахсыбакка эрэ.
– Билиитин билэллэр да, тэрилтэҕэ коллектив диэн баар, – диэн баран кини төттөрү-таары хаамта.
Артур Семенович миэстэтэ көмүллэ да, харалла да илигиттэн былдьаһыктаах, киэҥ кэпсэтиилээх буолан эрэрин мин бу туран аан бастаан өйдөөтүм. Дьон олох ис сирэйинээҕэр, олох нөҥүө өттүн түргэнник уонна түгэхтээхтик көрө охсоллорун сөхтүм. Бу төттөрү-таары хаама сылдьар киһи, Артур Семеновичка сирэй солбуйааччы буоларын быһыытынан, аан бастаан ол иччитэ охтубут үрдүк кириэһилэ диэки көрөр бырааптаах даҕаны, баҕалаах даҕаны быһыылаах. Кини миигиттэн тугу ситиһээри, тугу истээри гынар. «Эн буолаҕын, эйигиттэн атын киһибит суох» диэн өрө салыыры истэ охсон, онон бэйэтин санаатын үтүө гынаары гынар дуо, оннук буоллаҕына, мин ону сатаабат, онно дьоҕура суох киһибин. Кырдьыгы баран эттэххэ, мин түстээһиним, көрүүлэниим туохха наадалаах, туохха туһалаах буолуой?! Көннөрү кулгааҕы сылытыы, сүрэҕи сылаанньытыы билиҥҥи киһи балаһыанньатын эппэт даҕаны, көҕүрэппэт даҕаны. Ол эрээри биири биллим. Тит Иванович бокуонньук миэстэтигэр уруккуттан, Артур Семенович өлүөн быдан инниттэн, сананар эбит. Онтукатын ити кыайан туттуммата, таһыгар таһааран кэбистэ…
Тит Иванович төттөрү-таары хаампахтаан, мин дьиэбин иҥэн-тоҥон, уһаты-туора көрдө.
– Дьиэ да бөҕөҕө олорбут эбиккин. Маны Артур Семенович билбэт этэ дуо? – диэн мин саамай ыалдьар, тыын боппуруоспунан киирдэ. Бу дьиэҕэ олорбутум сүүрбэччэ сыл буолла. Туох диэн эппиэттиэхпин билбэккэ, тохтуу түстүм. Дьиэм, син «дьиэ» диэн олорор уонна олоруохтаах арҕаҕым, субу аҕай сууллан түһүөххэ, баттаан кэбиһиэххэ айылаах кыараата, аччаата. Мин дьиэм эргэрбитин, куһаҕанын, дьүдьэйбитин, Артур Семеновичтааҕар буолуох, бүтүн куорат, ол иһигэр Тит Иванович кытта истибит буолуохтаах.
– Ити – биллэр суол, – диэтим күттүөннээҕи тугу да булан этиэ суох курдук буоламмын. Ол курдук, уоска бэрдэрбиттии, саҥарар саҥам уостан, симэлийэн хаалла.
– Тэрилтэ биир баар-суох кырдьаҕас үлэһитэ маннык дьиэлээҕэ, маннык усулуобуйаҕа олороро үөрүүтэ суох суол. Бука, Артур Семенович дьиэ боппуруоһун туруорсан турдаҕа буолуо. Салгыы кэпсэтиэххэ, бэрт түргэнник түрүбүөгэтэ охсуохха наада. Дьиэ тутуллубат буолбат, тутуллар. Сорох саталлаах киһи дьиэни үстэ-түөртэ уларытар, сорох олорбутун курдук олорор. Туох аатай?! Боппуруоһу сытыытык уонна таба туруоруохха, – диэн Тит Иванович мин харахпар кыра, намчы бэйэтэ улаатан, күүһүрэн көһүннэ. Кыра киһи иннигэр сахсырҕаттан сулуоҥҥа кубулуйуу диэн манныгы этэн эрдэхтэрэ. Ол эрээри мин туту да саҥарбатым. «Кыай-хот, абыраа, Артур Семенович «түрүбүөгэлээбэтэҕэ», кыһамматаҕа» диэхпин, кылбайан турар кырдьыгы тэпсии, сымыйалааһын буолан хаалсы. Мин дьиэм боппуруоһугар Артур Семенович курдук сүүрбүт-көппүт, туруорсубут, үөһэнэн-алларанан кэпсэтиспит киһи ахсааннаах буолуо. Кини үтүөтүнэн-өҥөтүнэн быйыл, этэҥҥэ олордохпутуна, саас дьиэ ылан көһүөхтээхпин. Онно тиийбитэ буоллар, иккиэн тэҥҥэ үөрүөх-көтүөх этибит. Кини оннук киһи, кыра дьону кытта бииргэ үөрэриттэн кыбыстыбат этэ. «Тиитэ охтубутун кэннэ, тииҥин ичигэстээри» сананар оччо олоҕо суох, түөрэккэй дьону урут даҕаны, билигин даҕаны сөбүлээбэт буоллаҕым. Олорор дьиэм ити санаабын чиҥэтэрдии үрдээн, сырдаан тиийэн кэллэ.
Туох барыта, киһи санаатын хоту үрдээн, намтаан биэрэр буоллаҕа үһү. Үйэбит оннук быһыылаах. Арай Тит Иванович дьиппиэн, хайдах эрэ тобус-толору кутуллубут астаах иһити санатар, оннук нүөл.
Дьолго ааны тоҥсуйдулар. Киһи кэлбэтэҕэ буоллар, кэпсэтии ханна-ханна тиийиэ эбитэ буолла. Миэхэ өр буола-буола сылдьар, ардыгар хонор, олус үтүө киһи, бэйэм курдук сулумах сордоох, Боруонньа киирэн кэллэ. Кини кэллэҕинэ биһиги бүтүн куораты тиэрэ тардан, бэйэбит билэрбитинэн бастаан-атахтаан, оннооҕуну онно, маннааҕыны манна оҥорон, таптаабыппытынан сааһылаан сэһэргэһээччибит. Чаанньык үрдүгэр чаанньык оргутан, бэйэбит да билбэккэ олорооччубут, Боруонньа миэхэ үгүстүк сылдьан салгыппат. Онон – күндү киһи. Кини кэллэҕинэ ис испиттэн үөрэбин, көтөҕүллэбин. Кини ааны аһаат даҕаны бастакы тыла «тыыннаах эбиккин дуу» диэн буолара. Бүгүн киһи баарын көрө охсон:
– Дьиэлээхтэр, дорооболоруҥ! – диэтэ.
– Дьиэтэ суох киһини кытта дорооболоспоккун дуу, дорообо! – диэтэ Тит Иванович.
– Дорооболоһон бөҕө буоллаҕа дии, тоҕо дорооболоспот буолуохпунуй, – диэн сыбыгыр гыннарда Боруонньа.
Ону-маны кэпсэппэхтээн, дьиэ тусаһатыттан дойду ол-бу өттүгэр тиийтэлии түһэн баран, Боруонньа өр буола оҥостон кэлбитин, наҕылын көрөн Тит Иванович миэхэ биирдэ тыл этэрбин санатан баран барда.
– Хата, тиийэн кэлэн абыраатыҥ. Тит Иванович үтэн-анньан көрө олордоҕуна быыһаатыҥ. Бэйэм ардахпар бэйэм оччо бэрдэ суох балаһыанньаҕа түбэһэн эрэрим, – диэн үөрүүбүн доҕорбор тоҕо сүөкээтим.
– Ити кини эбит дуу?
– Кини.
– Туту кэпсэтэ, оҥоро, быһаара сылдьарый?
– Оччолооҕу оҥорбутун, быһаарбытын билбэтим. Арай Артур Семенович бохуруонатыгар тылла эт диэн соруйда.
– Хомолтолоохтук өлбүт киһи. Кимҥит директор буолан эрэр үһү?
– Тит Иванович эмиэ онно кыһаллар быһыылаах.
– Кириэһилэтигэр эбии үрдэтинии уурунаары сырыттаҕа.
Биһиги Боруонньалыын чэй оргутунан, ону иһэ-иһэ, бэркэ эрийсэн, бэйэбит холбутугар маастардартан итэҕэһэ суох киирсэн-тахсан саахыматтаатыбыт. Кини олус холкутук, биир тэҥник оонньуур. Оонньуу олорон айаҕа хам буолбат, хайдах эрэ сатаан, хайдах эрэ ыпсаран быыс-бокуой биэрбэккэ, бэйэтин сүһүөҕэ суох тылынан ыпсаран-хопсорон кэпсии олорор. Ол кэпсээнигэр киһи үөрүөҕэ, сүргэтэ көтөҕүллүөҕэ, дуоһуйа күлүөҕэ барыта баар буолааччы. Боруонньа киһини баттыыр, санаарҕатар кэпсээни кэпсээччитэ суох. Айылҕаттан оннук дьон, өрүү киһиэхэ үчүгэйи эрэ түстүүр дьон баар буолаллар. Боруонньа оннук киһи. Олох кыраһыабай өттүн сатаан көрүү – ураты доҕур. Ол киһиэхэ эрэ бэриллибэт. Ону, мин санаабар, кыраһыабай эрэ дууһалаах киһи сатаан көрөр уонна бэйэтин олоҕор дьүөрэлии тутар. Саахыматы сэргэ кини хоккейы олус сөбүлүүр. Бүгүн эмиэ саахыматтыы олорон, чаһыытын көрө охсоот, мин быыкайкаан телевизорбын холбонно. Оонньуубут хаалла. Хоккей абылаҥнаах оонньуута мин доҕорбун билиэн ылан, шайба кэнниттэн сүүрдэ турда. Ханна эрэ тиийэн оҕунна, ханна эрэ охтордо…
Тит Иванович, ама бэйэтин кириэһилэтин үрдэтинээри, өлбүт доҕоро, начаалынньыга харалла да илигинэ ыалы ыалынан тилийэ сүүрүө дуо? Ити уодаһыннаах боппуруос мин өйбүттэн тахсан биэрбэт. Оннук буолуон сатаммакка дылы. Тыыннаах эрдэҕинэ, кини Денисовы олус сөбүлүүрэ. Истигэн кыра оҕо курдук, эппит тылыттан хаһан да тахсыбат этэ. Миэстэ былдьаһан буолбакка, көннөрү ороһуйбучча, туох-ханнык киһи кэлэн түүрэ-хаайа тутар диэбиччэ тыллаһара буолаарай?! Биирдэ санаатахха, киһи эрэ толкуйдуон, киһи эрэ иннин-кэннин кэтэнэн көрүөн курдук. Аһаҕас хаалбыт миэстэттэн, хайдах эрэ тымныы тыал аргыйарга дылы. Өр олорон баран көһөн хаалбыт киһи, утуйа сылдьыбыт ороно, таҥаһа ылылыннаҕына киһи тэһийиэ суоҕун курдук буолааччы. Баҕар, Тит Иванович оннук балаһыанньаҕа түбэспитэ буолуо.
Кинини Артур Семенович элбэхтэ быыһаабыта. Этэргэ дылы, олох атаҕыттан ылларбыт, аллара диэки дьаакырдаммытынан курулуу турбут түбэлтэтиттэн, быһаччы эттэххэ, ууга түспүтүн кэннэ, ол ууттан кубус-кураанахтык хостоон ылбыта. Дьон иннигэр, туох да буолбатаҕыныы, туруору анньан кэбиспитэ. Ити – уонча сыллааҕыта буолбут арыгы дьыалата. Онтон бэттэх Тит Иванович киһи билэр-көрөр гына испэт.
Телевизорга ыһыы-хаһыы сүрдээх. Боруонньа да онтон хаалсыбат, «гол!» диэбитинэн ойон туруталыыр. Мин хоккейы оччо сөбүлээбэппин. Ол иһин саныы олорбут, таайылла охсубат таабырыннаах, ииччэх-бааччах курдук элбэх түмүктэрдээх боппуруоска төннөҕүн. Саҥа туох киһи кэлиэҕэ биллибэт. Хайдах үлэлээн-хамсаан иһэбит? Аны, олордо олорбучча, мин мунааран бардым. Саҥа киһи аата саҥа киһи. Тэрилтэни саҥалыы салайыа, саҥалыы тутуо. Бэйэтин кытта сөбүлүүр дьонун илдьэ кэлиэ. Саастарын-үйэлэрин тухары бииргэ үлэлээбит, бииргэ сылдьыбыт, өйдөрүн-санааларын тыл аҥаарыттан өйдөһөр буолбут дьон баар буолааччылар. Кинилэри тугунан да аҥаардаабаккын. Хайа, оччоҕо Тит Иванович ити санныгар сүгэ сылдьар билиитинэн-көрүүтүнэн, ол букатын туспа дьоҥҥо сөбүлэтиэ дуо, кыайан солбуйааччы буолуо дуо? Хайа, ол иһин сэрэхэччийэрэ буолаарай?! Артур Семенович барытын бэйэтэ оҥороро. Күннээҕи, нэдиэлэтээҕи, ыйдааҕы, сыллааҕы былаан торумун ылан баран, онтон сыыйан, онтон аттаран бүтүн пятилетканы суоттаан, ааҕан таһаарар. Ол кини күөнүн анныгар сылдьар, кини аатынан үлэлиир үгэстээҕэ Тит Иванович. Бэйэтэ оҥорбута, дьаһайбыта, ыйааһын хараҕар уурдахха, чыычаах тумсун эрэ саҕа буолуо.
Тит Иванович уонна партком секретара Клим Владимирович хаһан да тыл тылларыгар киирсибэттэр. Ким Владимирович – бэрт оҕуруктаах киһи. Кини Артур Семеновиһы сөбүлээбэтин, сороҕор, сылгы күрүөнү намыһаҕынан көтөр диэбиккэ дылы, Тит Ивановиһынан таһаарааччы. Устар ууну сомоҕолуур уус тыллаах. Быһаччы эттэххэ, «этэн баран төннөөр» диэбит киһилэрэ. Араас мунньахтарга, биэчэрдэргэ, бырааһынньыктарга тыл эппэтэҕинэ, арааппардаабатаҕына сатаммат. Ол иһин Артур Семенович тугу эрэ булан, үүт-хайаҕас таһааран, киниэхэ тыл эттэрэн тэйээччи. Клим Владимирович ону сөбүлүүр. Биирдэ эмэтэ тыл эппэтэҕинэ, эбэтэр көһүүгэ хааллаҕына кыыһырааччы. Куһаҕанын талан эттэххэ, арай кини тойон буоллун, оччоҕо Тит Иванович муҥнаах уһун уотун оттубат. Туох эмэ сылтаҕы булан атын үлэҕэ ыытара чахчы. Хайа, баҕар, ол иһин Тит Иванович эрдэттэн кыһалла-мүһэллэ, парткому уруттуу сылдьара буолаарай? Ол иһин «коллектив баар» диэн өйдөтөрө дуу? Туох да диэбит иһин, улаханыттан аччыгыйыгар тиийэ, былаас былдьаһыыта, дьүһүн кубулуйа-кубулуйа былыр-былыргыттан бара турар, барыа да турдаҕа. Арай аһаҕастык, бардамнык, толоостук киирсии төһө хонук хонобут да соччонон көстүбэт буолан иһэр. Ким да аллара хаалыан баҕарбат. Бэл, мин үлэм, бэйэм холбор, эмиэ добуоччу курдук. Ону кэлэн былдьастахтарына, кутурукка үктэппит кутуйах «чыып» дииринии, мордьойон, үүт-аан, хороон көрдөһөн туруом. Ким даҕаны олорор мутугун быһа кэрдиммэт. Бэйэ киэнэ бэйэҕэ күндү.
Туох да халлаантан түспэт. Тылы-өһү, араас санааны дьон үөскэтэллэр, дьон тарҕаталлар. Үөскээбит тыл-өс өрөлөһөр, утарылаһар тылын кыайдаҕына, киһини кырдьыктаннарар, итэҕэтэр күүһэ баһылаатаҕына тарҕыыр, тэнийэр. Ону ситиспэтэҕинэ охсуһууттан туоруур, сүтэр, симэлийэр. Онон эрдэттэн бэлэмнээн, чахчы кыайыылаах буолуо диэн оҥорон, тылы-өһү тарҕатыы – кыайыы төрдө. Бу да сырыыга, мин төһө да сапсыйан кэбиспитим иһин, салайааччылар дьон тылын-өһүн истиэхтэрэ, ыйан-хайан, күөйэн-хаайан көрүөхтэрэ. «Норуот төһө сөбүлүүр киһитэй, бу үлэни кыайыа дуо?» диэн боппуруоһу бастатан туруоруохтара. Миэхэ Артур Семенович холку, номоҕон бэйэтэ бу көстөн кэллэ. Олус истиҥник мичээрдээн баран:
«Дьэ, доҕоор, эн бэйэҕэр эрэн. Ханнык баҕарар киһи бэйэтин күүһүн эрэниэх тустаах. Оччоко эрэ санаабыккын оҥоруоҥ, тиһэҕэр тиэрдэр кыахтаныаҥ. Холобура, эйиэхэ ким да оҥорон биэриэ суоҕа» диэн баран, сөбүлэһиннэрэн төбөтүн биллэр-биллибэттик хамсатан кэбистэ. Кини киһини кэтэспэт үгэстээҕэ. Тугу санаабытын, төһө кыалларынан, бэйэтэ оҥороро, бэйэтэ сүһүөҕэр туруорара.
Боруонньа хоккейга биһиги хамаандабыт кыайбытыттан, тус бэйэтэ кыайбыт киһилии өрөгөйдөөн, өрүтэ охсуммахтаан, үөгүлээмэхтээн ылла. Наҕылыйан олорон чэйдээтибит.
– Олорон, көрөн иһиэхпит, – диэтэ Боруонньа бүгүҥҥү күннээҕи кэпсэтиибитин түмүктүүрдүү. Дьиэ көй бараанын оҥорор фабрика директорынан түбэһиэх киһини олордуохтара суоҕа. Билигин туох баҕарар үлэҕэ анал үөрэхтээх, үлэлиир уобалаһын биэс тарбах курдук үчүгэйдик билэр специалиһы аныыр буоллулар. Спөциалистар дьонтон ураты, көстөр-биллэр миэстэҕэ таҕыстылар. Дьиэ тэрилэ олоҕу кытта тэҥҥэ сайдар. Киһи санаатын хоту уустугурда. Уруккулуу оҥоһуулаах боростуой остуол, олоппос үйэлэрэ ааста. Бириэмэ ис хоһоонун толору кэпсиир, кыраһыабай, ону сэргэ киһи наадатын олорчутун толуйар оҥоһуктар наадалар.
Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?